Электронная библиотека » Николай Мординов » » онлайн чтение - страница 3

Текст книги "Сааскы кэм"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 12:41


Автор книги: Николай Мординов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 3 (всего у книги 26 страниц) [доступный отрывок для чтения: 9 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Эрдэлиирдэр саас бэйэлэрин балаҕаннарыгар көстүлэр. Остуолларын, саҥа төрөөбүт томуйахтарын уонна бары «сэптэрин-сэбиргэллэрин» биир сыарҕаҕа тиэйэн бардылар. Эмээхсиннэрин уонна утуйар таҥастарын эргийэн кэлэн ылаары, хааллардылар. Кинилэри аһыйан Өлөксөй ытыы турда. Микиитэ хомолтотугар харан, ыгылыйан олорон хабылык хабан ыһыахтанна. Онтон Даарыйа эмээхсин тэйээриҥнээн кэлэн Өлөксөйү кэтэҕиттэн сыллаан баран, Микиитэҕэ чугаһаан эрдэҕинэ, Микиитэ туох да хоһооно суох чардырҕаабытынан ойон туран, үөттүрэҕи сулбу тардан ылан эмээхсин төбөтүн сиигинэн туһаайан өрө күөрэппитинэн барда. Сөдүөччүйэ ыстанан кэлэн үөттүрэҕи мүччү тардан ылла:

– Нохоо, туох буоллуҥ? Эмээхсиҥҥин таптыыр аххан этиҥ дии! Өлөрөөрү гынныҥ дуу?!

– Өллүн! Барар буолбат дуо!.. – тыына хаайтаран салгыны арыычча эҕирийэн ыла-ыла, Микиитэ улуйа турда.

Саха тылын саллар сааһын тухары умсугуйарга уһуйбут кырдьаҕыыс-кырдьаҕас доҕорун ол курдук атаарар киһи буолла. Сатаан быһаарыллыбат быһыы таҕыста. Ол эрээри ол сээркээн сэһэн эмээхсин судургутук уонна дириҥник быһааран эттэ:

– Итинтэн ордук хайдах таптыай? Оҕом таптыырын күүһүттэн өлөрөөрү гынар ээ ити… Оо, күндү да киһи буолар эбиппин… Тоойуом, ытаама. Көрсүөхпүт буоллаҕа дии. Тапталлаах Таатталыыр…

Мөөсүйүөн

Биир киэһэ сыппыт кэннэ, Дьөгүөрдээн Микиитэҕэ эргиллэн, төбөтүн имэрийэ-имэрийэ, эттэ:

– Сарсын оскуолаҕа барабыт ээ, доҕоор.

– Барбаппын…

– Ээ, кэбис, доҕор, үөрэҕэ суох, сааһыҥ тухары биһиги курдук, ыал хамначчыта буолуоҥ дуо?

– Барбаппын…

– Кырата бэрт, эһиил да биэриэх баара. Оҕолор кырбыахтара, – диэтэ Сөдүөччүйэ атахтарыгар сытан.

– Лахсыйыма. Эрдэ үөрэннэҕинэ, биһигини иитиэҕэ.

– Кырата бэрт ээ…

Ийэтэ «кырата бэрт» диэбититтэн Микиитэ өһүргэнэ санаата. Барыах буолла.

Сарсыарда уолу суорҕаҥҥа суулаан баран сыарҕаҕа олордон, хам кэлгийэн кэбистилэр. Аҕата аара хаста да оҕуһуттан түһэн, оҕотун суорҕанынан хайан, кэлгиэтин көннөрөн биэрдэ. Алта биэрэстэлээх Кыымнаайы оскуолатыгар тиийдилэр.

Килбэлдьигэс бирээскэлээх кэтит бириһиэн курдаах, ыас хара хойуу баттаҕын төбөтүн оройунан хайа тарааммыт мааны киһи биир хостон тахсан кэллэ.

– Дьэкиэм, киһибин бу аҕаллым ээ.

– Бу дуо? – мааны киһи төҥкөйөн Микиитэ сирэйин одууласта. – Хайа, доҕоор, кыракката бэрт буолбат дуо?

– Сэттэтигэр барда эбээт…

– Чэ, киллэрэн олордон көрүөххэ, туох тахсар. Олус хойутатан кэбистиҥ… Чэ, доҕор, киирэн үөрэнэн көрүөххэ эрэ, – диэн баран, мааны киһи Микиитэни харытыттан харбаата.

Уол барымаары чыраахтаста да, анараа киһи тохтоппокко дьулурутар киһи буолла.

– Аҕаа!

– Мин манна олоруом, – диэтэ Дьөгүөрдээн.

Үгүс оҕолордоох хос иһигэр буолан хааллылар. Утары муннукка оҕо көтөҕүүлээх дьахтар таҥара олорор. Уҥа эркин ортотугар – кыһыл бытыктаах киһи мэтириэтэ олорор, кини сарыннарыгар өрүү быалар төбөлөрө намылыспыттар уонна түөһүгэр манньыат харчылар кэккэлэспиттэр.

Микиитэ чугурус гынна. Киһи лэглэритэн илдьэн биир таһа суох нэк сонноох уол аттыгар олордон кэбистэ уонна ыйытта:

– Эн кимҥиний?

Сибилигин аҕатын кытта кэпсэтэн, манна бэйэтэ киллэрэн баран саҥа көрбүккэ дылы ыйыппытыгар Микиитэ саҥарбата.

– Ааккын билбэккин дуо?

– Оттон Микиитэбин…

– Мин кимминий?

– Эн дуо?.. Учуутал буолуоҥ.

– Сөп, учууталбын. Араспаанньаҥ кимий?

– Билбэппин… Эһэм Молоох Миитэрэй…

Оҕолор бары күлсэн ньиргистилэр.

– Эн араспаанньаҥ Лэглээрин диэн буолар, эн – Микиитэ Лэглээриҥҥин, Молоох диэн куһаҕан аат. – Учуутал Микиитэни төбөтүттэн имэрийдэ уонна атын оҕолорго барда.

Микиитэ араспаанньалааҕын саҥа билэн, дьиибэргии олордо. Кини эһэтин туора дьон бары «Молоох!» диэн ыҥыраллар, куһаҕан аата эбитэ буоллар кыыһырыа этэ.

Кинилэр, саамай кыралар, аан диэки олороллор. Түгэххэ Микиитэ билэр икки-үс улахан уолаттара бааллар. Хос ортотугар кыракый остуол, олох мас. Остуолга сүрдээх халыҥ кинигэ сытар. Үрүҥүнэн суруллуталаабыт хара кырааскалаах түөрт муннуктаах хаптаһын өйөнөн турар. Микиитэ «Туоһу сыһыаран баран мас саанан ытыалаабыт киһи» диэн санаан эрдэҕинэ, аттыгар олорор нэк сонноох уол тоҕонохтоото. Ол уол одууласпыта өр буолбут быһыылаах, лору-лоппоҕор сүүһүн аннынан бүлтээриччи көрөн олорор эбит. Микиитэ утары одуулаһан олорбохтоон баран уолтан тэйэ сыҕарыйда. Уола ыкса халбарыс гынна. Ол курдук сыҕарыҥнаан Микиитэ олорор сирэ баранна, онтон учуутал тугу эрэ саҥарарын кытта хос иһэ соҕотохто өрө тигинии түстэ, оҕолор бары аан диэки сырыстылар. Микиитэ эмиэ ойон тахсыбыта, аҕата баар эбит. Аҕатын бадьыр курдук чэрдээх тарбахтарын туппахтыы-туппахтыы, Микиитэ көрбүт сонунун кэпсии турда.

Оҕолор тустан муостаҕа үҥкүрүйэллэр, бэргэһэни өрүтэ тэбиэлииллэр, күдэн куоппас көтөр, айдаан-күлүү күүгүнүүр.

Микиитэ кэпсээнэ ситэ илигинэ учуутал тахсан ханнык эрэ биир тылы ордоотоото. Оҕолор үөрэнэр хоско киирэн тигинэстилэр.

– Чэ, эн эмиэ киир, – диэтэ аҕата Микиитэҕэ. – Кэнники кэпсээр.

– Эн барыма, миигин көһүт.

– Сөп.

Хоско киирээт бии тоҕонохтоһор уолуттан Микиитэ туспа олорор толкуйданна. Атын сиргэ олорон эрдэҕинэ, урут олорор уол бүөлүү халбарыс гынна: «Эйиэнэ буолбатах!» – диэтэ, кэнниттэн биир уол кэлэн: «Миэнэ, миэнэ» – диэт, Микиитэни халбарыччы анньан кэбистэ уонна бэйэтэ олордо. Микиитэ эргичиҥнии турда. Нэк сонноох уол, кини кураанахтыйбыт оннун таптайа-таптайа: «Кэл, манна кэл», – дии олордо. Учуутал тиийэн кэллэ: «Оннуҥ бу баар», – диэн баран, илиититтэн харбаан, нэк сонноох уол аттыгар олордоот, ааһа турда. Бу сырыыга күөтэһээри Микиитэ дьукааҕар тоҥоноҕун бэлэмнээн эрдэҕинэ, анарааҥҥыта эйэлээх куолаһынан ыйытта:

– Эн ким уолунаҕын?

– Молоох уолун уолунабын…

Анарааҥҥыта хардары ыйытыыны көһүтэ барбакка, улгумнук кэпсэтэр киһи түбэстэ:

– Оттон мин Чоху уолун уолунабын… Бүөтүр Сүөдэрэппин. Эн миигин кытта атастыы буолуоҥ дуо?

– Буолуом этэ.

Ол курдук Бүөтүр Сүөдэрэп диэн маҥнайгы доҕор көһүннэ. Бу уруокка Микиитэ маҥнайгы тэтэрээтин ылла, уруучуканы аан маҥнай илиитигэр тутта. Тэтэрээт сурааһынын батыһыннара көнөтүк тардар сорудахтаах да, илиитэ салҕалас, бөрүөтэ сурааһын икки өттүнэн халыйталаан тахсар. Өттүктээн тардар оҕуһу сиэтэр курдук муҥнаах үлэ эбит.

Бу тахсыытыгар Микиитэ өссө үгүс сонуннаах буолла, тиэтэйэн омуннуран бөтүөхтүү-бөтүөхтүү, ортолуу кэпсээн эрдэҕинэ, учуутал тахсан эмиэ саҥарда, эмиэ үөрэнэр хоско тигинэһии буолла.

– Эн олор, барыма! – диэн аҕатыгар хаһыытаабытынан Микиитэ кылааска киирдэ.

Бэрт элбэх сонуннаах буолан тиэтэйэн үсүһүн тахсарыгар аҕата суох буолан хаалбыт. Күннээҕи үөрэх бүтэн дьиэлэриттэн сылдьар сҕолор таҥнан булумахтаһан баран хааллылар. Микиитэ аҕатын кэтэһэн турбахтаата. Онтон таһырдьа таҕыста. Мааҥыан оҕустарын баайбыт сирдэригэр от тобоҕо ордон хаалбыт. Төттөрү сүүрэн киирэн, таба баттаҕа эргэ бэргэһэтэ, илбиркэй нэк соно сиргэ сыталларын харбаата да, таһырдьа ыстанан таҕыста уонна кэлбит суолун устун дьиэтин диэки сүүрэн маҕыйбытынан барда.

Сотору кэннигэр дьон хаһыытастылар. Эргиллэн көрбүтэ: уонча оҕо, икки улахан киһи, биир эмээхсин кинини эккирэтэн иһэллэр эбит. Сарылыы түһээт, уол түһэн кэбистэ. Саба баттаан ыллылар, соҥҥо суулуу туппутунан дьиэҕэ киллэрэн баран, төгүрүйэн кэбистилэр.

– Тоҥон хаалыыһы. Сүүрэр ээ, бу таҥаһынан! Абааһы киһи, – дэһэллэр.

Микиитэ, чохчойо-чохчойо, сарылыыр.

Учуутал тахсыбытыгар силэллэн биэрдилэр.

– Бу уол күрээтэ… Туттубут… Тоҥон өлө сыста… Ытыыр… – дэһэн аймалаһа түстүлэр.

Учуутал биир кыра уолу аҕалан Микиитэ аттыгар туруоран кэбистэ уонна эттэ:

– Бу уол эйигиннээҕэр кыра да ытаабат. Пахыый, бачча улахан эрээри… «Мээх!»

Тэллэҕэр уостаах, чачархай баттахтаах, сып-сырдык саһархайынан турулуччу көрбүт уол, харытынан муннун туора соттуммахтыыр, ыстаанын өрүтэ тардыммахтыыр. Киһиргиир быһыылаах, ытаабат киһи буолан.

Уолтан кыһыйан Микиитэ тохтоон хаалла.

– Манна бэлэмҥэ олорон үөрэниэҥ буоллаҕа дии, – диэтэ учуутал уонна обургу уолаттарга тугу эрэ сибигинэйэн баран хоһугар киирэн хаалла.

Тарҕастылар. Онтон бии кыра уол кэлэн:

– Доҕоор, мин мааска тириитэ бэргэһэлээхпин ээ. Көрүөҥ дуо? Мин ийэм Сөөнө эмээхсин дьэ сүрдээх эмээхсин, мааскабытын өлөрөн хачыгыратан кэбистэ уонна миэхэ бэргэһэ тигэн бытарытта… Мин Арамаан Соппуруонап диэн киһибин…

Бэргэһэни көрдүлэр, хайҕаатылар. Киэһэтигэр Буута Болтоойоп диэн Микиитэ билэр уола кэллэ. Бэҕэһээ өрөбүл буолан кини дьиэтигэр баран, бүгүн үөрэҕи куоттаран кэлбит.

– Эйигин мин көрөр буоллум, – диэтэ Буута.

– Хайдах?

– Эн аҕаҥ «оҕобун оҕолор атаҕастыахтара, көрө-истэ сылдьаар», – диэтэ.

Аҕатын туһунан истээт, Микиитэ ытаары, уоһа мэрбэҥнээтэ.

Хоонньоһон баран, сибигинэһэн кэпсэтэ сыттылар.

– Эйигин мөссүйүөҥҥэ олорор дииллэр ээ, ол хайдаҕый? – диэтэ Микиитэ.

– Оттон буоллаҕа бу дии. Билигин эн да олордоҕуҥ.

– Бу мөссүйүөн дуо?

– Уонна?

– Тыый! – Микиитэ олоро түстэ, кини мөссүйүөҥҥэ олорорун дьэ өйдөөтө.

Мөссүйүөн диэн олус ынырык дойду сурахтааҕа.

Былырыын Микиитэ ийэтиниин Болтоойопторго сылдьыбыттара. Болтоойоптор уонча оҕолоохтор, биир ынахтаахтар. Икки улахан уоллара, иккиэн хос ааттарынан ыҥырыллар уолаттар, быыкаайык балаҕаннарын чигдитигэр оонньуу сылдьаллара. Микиитэлээх балаҕаҥҥа киирбиттэрэ, Болтоойоптор ийэлэрэ кырдьыбыт дьахтар Сарахыс Маайа ытаан ньирилии олорор эбит. Сыгынньах уол-кыыс хаҥас диэки муннукка бөлүөхсэн оҥой-саҥай көрө-истэ тураллар. Хотунунааҕар быдан эдэр киһи, сүһүөхтээх хоппоҕор муруннаах, кыласпыт кыараҕас харахтардаах, бэрт аҕыйах саҥалаах Өлөксөй бэрт холкутук сылбаххай чэйи иһэ олорор. Сарахыс Маайа ытаабыта өр буолбут, күөмэйэ кыыкыначчы бүппүт, харахтара дьолточчу испиттэр, баттаҕа сарымта арбайбыт, ырбаахытын уолуга нэлэккэйдэнэн, ырыган хомурҕанын уҥуоҕа хоппойбут. Ытыырын быыһыгар кими эрэ үөҕэн ыҥырҕайдыыр.

– Ырҕайа сытыйбыт, үллэ сытыйбыт, дыгдайа сытыйбыт! Соруйан сиэри буллаҕыҥ буолуо. Хаһан эрэ син умса түһүөҥ эн даҕаны.

Дьахтар саҥатыттан буоллаҕына, буруйдаах киһи саманна баар буолуон сөпкө дылы. Ол эрээри «ырҕайа сытыйбыт киһи» көстүбэт: эр киһи, оҕолор бары көтөхтөрө сүрдээх.

Балачча саҥата суох олорбохтоон баран, Сөдүөччүйэ ыйытта:

– Бу туох үлүгэрэ буолла, Өлөксөөй?

Киһи чэйин иһэрин тохтотто, хайдах эрэ көрдөөхтүк уоһун чорботон баран ойоҕун одуулаһан олорбохтоото, онтон Сөдүөччүйэни, Микиитэни, бэйэтин оҕолорун одууласта уонна наһаа холкутук эттэ:

– Бэйэтиттэн ыйыт…

– Сарахыас, бу туох айылаах буоллуҥ?

Маайа тохтуу түстэ, бөтө-бөтө, ордоотоон кэбистэ:

– Үтүө дьахтар, өйдөөх дьахтар, эн үөрээр-көтөөр. Мин, акаары киһи, аһыйабын, ытыыбын…

Эмиэ ытаан ньиккирээбитинэн барда.

Муннукка бөлүөхсэн турар оҕолору Сөдүөччүйэ ааҕан көрдө быһыылаах.

– Күтүөр, оҕолоруҥ бары бааллар буолбат дуо? Икки улахан оҕоҥ таһырдьа.

– Баар буолбакка ханна барыахтарай?! Арай өллөхтөрүнэ астынаары гынаҕын дуо эн, – диэтэ, Маайа ытаан улуйарын быыһыгар.

– Сүөһүгүт хайдах турар? – диэн Сөдүөччүйэ дьиэлээх тойонтон ыйытта.

Өлөксөй эмиэ чэйин тохтотон хотонун диэки хайыһан иһиллээн олордо. Баарын биллэрбит курдук, хотоҥҥо ынахтара тыаһаата…

– Соҕотох ынахпыт баар.

– Хайа-хайа үөдэн буолтуй бу күтүр… – диэн Сөдүөччүйэ мунаарда.

Сарахыс Маайа сүүстэри, сэҥийэлэри барытын биирдэ ытыһан эргитэ сотон баран, туора садьыйан кэбистэ:

– Кинээспит, ырҕайа сытыйбыт, дыгдайа сытыйбыт баара, улахан уолбун Буутаны оскуолаҕа уган кээспит…

– Дьэ онно?..

– Мөссүйүөҥҥэ киллэрбит үһү. Хааһына аһыгар…

– Дьэ онно?

– «Дьэ онно» диэбит буола-буолаҕын. Ону билэҕин дуо, кисиэ! Ол аата саллаат буолар буоллаҕа дии. Хайа дойду баһыгар-атаҕар тиийэн оҕом умса түһэрин ким билиэй!..

Маайа эмиэ ытаан бөтүөхтээн барда.

Сөдүөччүйэ күлэ түһээт, эттэ:

– Күтүр, аньыы даҕаны – тыыннаах киһиэхэ…

Эр киһи чаанньыгын толорон уокка уурда уонна үлэтигэр таҕыста.

– Күлүмэ, эн да оҕолордооххун, онтукаларыҥ мөссүйүөҥҥэ бардахтарына үөрүөҥ дуо? Көр, киһи эрэ барыта оннук, – диэтэ Маайа, өрүтэ бөтүөхтүү олорон.

– Күтүр, уурай, киһи өлбүтүгэр дылы сүрүн баҕаһын!

– Эн үөрээр…

– Үөрүөм.

– Эн уолаттарыҥ учуутал буолуохтара.

– Буолуохтара даҕаны.

– Эн уолаттарыҥ аҕабыыт буолуохтара.

– Буолуохтара даҕаны.

– Эн уолаттарыҥ хородобуой буолуохтара.

– Ээ, лахсыйыма! Хаһан көрбүт тойоммутун баран… Хата чэйгин кут. Итиилээн баран дьиэбитигэр барыахпыт этэ.

– Чэйбэр тугум да суох. Сылбаххайдыы кутан көрөр инибин… – Маайа туран оһоҕор мас уурда, чаанньыгар чох тарта. – Оҕолорум улааттахтарына киһилии олоруом диэбитим. Ханна баар? Ырҕайа сытыйбыт, өссө бардьыгыныыр: «Акаары», – диир. Биһиги нэһилиэктэн биир оҕону мөссүйүөҥҥэ көрдөөбүттэр. Оҕолоох элбэх. Атаҕастабыллыы мин оҕобун биэрэр буоллаҕа, ырҕайа сытыйбыт…

Микиитэ оннук ынырык дойдуга түбэһэн хаалбыт эбит.

Оскуола эргэ «нуучча дьиэтэ». Дьиэ ортотунан кылгас, хараҥа көрүдүөр. Көрүдүөр аҥаар өттүгэр мөссүйүөн оҕолоро уонна кинилэр астарын бэлэмниир эмээхсин икки оҕотунуун олороллор, аҥаарыгар кылаас уонна учуутал хоһо.

Оҕолор хосторугар остуол, олох мас эҥин диэн суох сирэ, орон туһунан этиллибэт даҕаны. Бары бэйэ-бэйэлэригэр ыгыта түсүһэн муостаҕа кэккэлэһэн утуйаллар. Арай биир Уйбаан Ханаайап диэн уол уопсай куучаттан тэйэ сытар. Уйбаан сүүрбэччэлээх киһи. Кини тыҥа курдук дыгдайбыт сирэйигэр сөбө суох суптугур сүүстээх, хомурдуостары батарыта баттаабыт курдук сүүрэлэҥнэс харахтардаах, лаһарыйбыт намыһах уҥуохтаах суон киһи. Оҕолору Уйбаан араастаан муҥнуур, эттэрин суоһугар сылытыһан саҥардыы нухарыйан эрдэхтэринэ саптан сытар таҥастарын хастыы тардар, сирэйдэригэр тымныы ууну ыһар, кымаахтыыр, баттахтарын тардар. Утуйбут оҕо «саатар сириттэн» атаҕын эрбэҕэр быанан баайан кэбиһэр. Ол эрэйдээх тыыллаҥнаан улаханнык ыалдьар уонна уһуктан баран кыбыстан муҥнанар.

Уйбаан дьиибэлиириттэн куттанан киэһэ хойукка диэри утуйбаттар, сарсыарда эрдэ, кини иннинэ уһукталлар. Утары көрөөрү гыммыт оҕо муннугар томороон сутуругунан дугдуруйар эбэтэр суон быччыҥын күүрдэн баран, харбатан чаҕытар. Оҕолор элбэхтэрэ киниэхэ «балабыына буорсуйа» биэрэр иэстэн хаһан да тахсыбаттар. Ол аата, өлүү астарын аҥаардаан баран киниэхэ таллараллар.

Сотору Уйбаан Ханаайапка Микиитэ улахан буруйу оҥордо. Ханнык эрэ улахан бэчээттээх халыҥ кумааҕынан сиэртимэ хомуллан Буута Болтоойоп уол үөрэнэригэр көмөлтө харчы киирэр. Биирдэ остуорас эмээхсин уола уонна Ханаайап киниттэн харчы албынныырга сүбэлэстилэр. «Өрөбүлгэ дьиэтигэр бардаҕына аара ситэн ылан, «Эйигиттэн учуутал харчы иэс көрдөтөр» диэххэ. Кини эрэбил биэриэҕэ уонна учууталтан иэстиэ суоҕа» диэн ньыманы эттэ Уйбаан. Биирдэрэ сөбүлээтэ. Ол сүбэлэһиини Микиитэ соҕотоҕун иһиттэ уонна кистээн Болтоойопко эттэ.

Онтон ыла Ханаайап Микиитэни наһаа атаҕастыыр, араастаан муҥнуур буолла.

Онуоха эбии Микиитэ бэйэтэ да көнтөрүгэ олус. Тэтэрээтигэр чэрэниилэни тоҕон баран, ыга куттанан уруучука ньаалбаанын көҥдөйүн учууталга көрдөрө-көрдөрө: «Мантыата… мантыахатыттан тоҕунна» диэн ааспат, умнуллубат элэккэ барда.

Оҕолор күн аайы охсуһаллар-этиһэллэр. Этиһэн баран охсуспакка хаалыллыбат. Этиспэккэ эрэ охсуспутунан барыы элбэх. Уйбаан Ханаайап уонна кини саастыыта остуорас уола: «Мин киһим бу» дэһэн оҕолору ананан баран, охсуһуннаран көрүлүүллэр. Бөрүө оонньуута, хаарты оонньуута, эрэлээҥки, сакылааттаһыы кинилэргэ кэмэ суох. Саамай дэлэгэйдик туттар үптэрэ – «балабыына буорсуйа». Микиитэ өлүүтүн аҥаарын мэлдьи сүүйтэрэр.

Дьиэлэриттэн сылдьааччылар үөрэх кэмигэр эрэ оҥорбуттарын туһугар буруйданаллар. Мөссүйүөҥҥэ олорооччулар ону таһынан бэйэлэрин олохторугар буруйданаллара үгүс. Киэһэ хараҥа муннукка турар баар – ынырык суол! Уйбаан Ханаайап уоттаах чоҕу ытыран, уотунан тыынан кэлэн, эбэтэр куһаҕан сону бүрүнэн кэлэн араастаан куттуур. Оҕолор кэпсэтиилэрэ бүтүннүү абааһы туһунан буолар.

Буруйданыы олус үгүс. Сорҕотугар буруйа да суохха.

Биир хараҥа киэһэ дьиэттэн тахсар ааҥҥа Бүөтүр Сүөдэрэп уонна Микиитэ Лэглээрин сүүстэриттэн иҥниһэ түстүлэр. Иккиэн ыарыйдылар. Ким ордук буруйдааҕа кыайан быһаарыллыбата, онон… таһырдьа үтүрүһэн тахсан охсуһуу буолла. Тымныы сырылас кулгаахтарын саба харбаммытынан иккиэн ытаһан киирдилэр да учууталга түбэстилэр, тэҥҥэ «Кини!» диэн хардарыта ыйса түстүлэр. Учуутал уолаттары окумалларыттан харбаталаан ылан, хараҥа кылааска анньыталаан кэбистэ. Кини тахсарын кытта, уолаттар ыгыта куустустулар уонна күүскэ таптаһалларын, чахчы доҕордууларын туһунан сибигинэһэ турдулар.

Биирдэ учуутал суоҕуна эргэ холуоһатын хас да оҕо кэтэ оонньоотулар. Учуутал уруута Соня кыыс Микиитэни соҕотохтуу үҥпүт. Ситэ хараҥатыйа илигинэ, Микиитэ боруҥуй муннукка турда. Муннугуттан босхолонон тахсан иһэн Соняны көрсө түһэн: «Суонньай-куонньай, хобуоччуо!» – диэн ботугураан ааста. Энньэрэҥнии титирээн тахсан, уокка көхсүн ититэн эрдэҕинэ, учуутал хаачырҕаччы үктэнэн кэлэн Микиитэни окумалыттан бобо харбаан тэлэкэччитэн илдьэн, кылаас түгэх муннугар анньан кэбистэ.

Сотору түҥ хараҥа буолла. Микиитэ икки илиитин түөһүгэр ыга туттубутунан, тоҥон, куттанан салҕаластыы турда. Муус сыбах дэлбэритэ тоҥор, дьиэ үрдүттэн буор тохтон сурулуур, кумааҕы бытархайын кутуйах соһон чаччыгынатар. Чигдитийбит хаарга сыарҕалаах ат курдурҕаччы үктэммэхтээн ааһар. Учуутал хоһугар атах эти сүгэнэн эттээн биллиргэтэллэр.

Күлүүнэн мөгүл гынан кэбиһэ-кэбиһэ, оҕолор айдааннара быыстала суох ньамаалаһар.

Бүөтүр Сүөдэрэп уонна Арамаан Соппуруонап уолаттар «доҕор буоллахтара» аатыран дөрүн аан кэннигэр кэлэн тугу эмэ саҥаран, халҕаны охсон ааһаллар. Микиитэ оччоҕо сэргэхсийэ түһэр, соруйан сөтөллөн, баарын биллэрэр…

Сүрдээх өр турда.

Айдаан, күйгүөн улам намырайан барда. Микиитэ турар. «Алдьархайдаах» араас санаалар кини өйүгэр кииртэлииллэр. Оскуолаттан күрээн Манчаары Баһылай курдук сырыттахха… Хобуоччу Суонньайы-куонньайы кэтэҕин аһыттан ылан илби таһыйан куотуллуо. Араас Сыҕаайаптар, Кириилиннэр баайдарын үлтү үүрэн суохха-дьадаҥыга түҥэтэн бэриллиэ. Манчаары Баһылай… Ээ, суох, Лэглээрин Микиитэ албан аата, суон сураҕа уон улууска тарҕаныаҕа.

 
«Сүһүөхпүт сүүрээнин, харахпыт ууларын
Уулааннар уойаллар.
Баай үбэ барыта – бар дьоммут сүмэтэ…
Микиитэ аатыгар
Туһаныҥ, доҕоттоор!» – диир үһү дэһэллэр…
 

Ити курдук ыллыахтара ээ, кини, Микиитэ Лэглээрин, туһунан… Уу, Даарыйа эмээхсин бу күһүн өлөн хаалаахтаабыта дии. Биэбэккэм ооккотун даа, өлөн токуйан сыттаҕа дии… Мин бу муҥнана турабын…» – дии санаат, Микиитэ ытаан сыыгынаабытынан барда.

Кини өр ытаата.

Арай хатааһыннаах ааны тардыалаан лигиргэттилэр, остуорас эмээхсин саҥата чаҕаарыйан иһилиннэ:

– Дьэкиэм, хайа бии уолгун умуннуҥ дуу?

Хаста да эппитин кэннэ, учуутал мас ороно тыаһаата.

– Ханнык уолу?

– Тыый, оттон Молоохтор уолларын, муннукка туруорбут уолгун.

– Оо, таһаар-таһаар! Сор эбит дии!..

Улахан кинээс Уйбаан Сыҕаайап сиэнэ Вася учууталга олорор. Кини эмиэ быйыл оскуолаҕа киирбитэ. Кини бастыҥ мааны таҥастаах, килбэлдьигэс саппыкылаах. Даллаҕар кулгаахтаах, кыһыл сирэйин тириитин түрдэҥнэтэн, тиэрэ-маары үүммүт бөдөҥ тиистэрэ көстө-көстө, икки илиитин сиэптэригэр уктан баран, оҕолору ортолорунан чоноҥноон ааһар, оҕолор силэллэн биэрэллэр. Кини олоҕо суох мэник харахтарынан сиргэммиттии, мэлдьи сэнээбиттии көрөн чалаппаччыта сылдьар. Вася охсуһарга төрүөт көрдөөн, саннынан анньан ааһар, хатыйан хаалар, киһи бэргэһэтин туура тардан ылан өрүтэ тэбиэлиир. Бары дьулайаллар киниттэн, дьиҥэ, кини эһэтиттэн, дэлэй хара бытыктаах кинээс оҕонньортон. Вася куһаҕаннык үөрэнэр, талбытынан сылдьар. Оҕолор кинини, кистээн, «Буҕаатай» диэн ааттыыллар, ол ааттан кини өлөрдүү өһүргэнэр.

Биирдэ оҕолор уот кытыытыгар чөмөхтөһөн олордохторуна, ыкса киэһэ Вася таҕыста. Киниэхэ көхсүнэн олорор доҕоругар Арамааҥҥа Микиитэ: «Буҕаатай таҕыста», – диэн сибигинэйдэ. Истибитэ дуу, сэрэйбитэ дуу, икки илиитин сиэптэригэр уктан баран, кырыытынан соҕус туттан Вася чугаһаан тааталдьыйан кэллэ, сирэйэ улам кытара-кытара, тонолуппакка одуулаһан турда. Оҕолор бары ах баран кэтэһэн олордулар. Турбахтаан баран, тииһин быыһынан сыыйан нүһүөр куолаһынан ыйытта:

– Туох диигин, доҕоор?

– Туох да диэбэтэ… Саҥарбата, – дэһэн оҕолор аймаластылар.

Вася ааһыах курдук гынан эрдэҕинэ, Уйбаан Ханаайап кинигэ ааҕа олорон өндөс гынан эттэ:

– «Буҕаатай» диэтэ, мин иһиттим.

Вася далас гынна да, Микиитэни кулгаахха охсон саайда. «Көр!» диэн айхаллыы түстэ Ханаайап. Микиитэ кулгааҕын саба туттубутунан ойон турда. Вася саппыкылаах атаҕынан искэ тэптэ. Ханаайап: «Баар!» диэн уруйдаата. Сүрдээх холкутук, дьоһуннаахтык туттан, соругун толорбут киһи быһыытынан, ыараханнык үктэнэн Вася хоһугар киирдэ. Микиитэ ытыы хаалла. Икки-үс оҕо аһынан төбөтүн имэрийэ турдулар. Ханаайап соруйан хабарҕатынан күлэн кырдыргыы олордо.

Аҕыйах хонон баран Вася сөмүйэтин төбөтүн тугунан эрэ дьөлө аспыта таммах хаан быкпытын түннүк сырдыгар тутан Микиитэҕэ көрдөрдө.

Баайдары «ыраас хааннаахтар, үтүө хааннаахтар» дииллэрин Микиитэ истэр этэ.

– Тыый, тоҕо үчүгэйэй? Көр, эн баай буолаҥҥын хааныҥ бу курдук сырдык ээ, – диэн биһирээн өҥөлдьүйдэ.

– Эйиэнэ хайдаҕый?

– Миэнэ хап-хара, хоп-хойуу… Мин кыра киһи оҕото буоллаҕым дии…

– Мэ, сиэ! – Вася сөмүйэтин хаанын Микиитэ уоһугар сотон кэбистэ.

Тибиирбэхтии түһээт, Микиитэ кыыһыран, хоргутан туора хаамта. Вася ойон кэлэн кинини моонньуттан кууһан ылла уонна эргилиннэри тардаат: «Уураһыахха эрэ!» – диэтэ. Доҕордуу мичээрдээбит. Микиитэ кыыһырбыта ханна да суох буолан хаалта, сүрдээх улгумнук: «Чэ!» – диэт уураһаары уунаҥнаата. Онуоха Вася ньүрүс гына түһээт, Микиитэ сирэйигэр силлээн «чалк» гыннарда. Микиитэ барыны умнан кэбистэ, өрө көтө түстэ да, Вася күлэн өрө иэҕиллибит кылгас муннун хаба ортотунан туһаайан сутурҕалаан саайда. Илиитэ тиийдэ да, иирбит курдук буолла, быыстала суох сабаабытынан барда.

Онтон-мантан бэйэтин курдук илбириспит эрэттэр аймалаһан кэлэннэр Микиитэни тараччы тутан ыллылар. Тутуллан турдаҕына, Вася тула көтө сылдьан уол муннун тоҕо охсон кэбистэ, саппыкынан тэбиэлээтэ.

Учуутал хантан эрэ киэһэ кэлбитигэр Микиитэ уол «Васяны кырбаабыт» буруйдааҕынан тоһуйда. Эмиэ хараҥа муннугунан боруостанна уонна бэрт өргө дылы «Оннооҕор Васяны кырбаабыт күтүр» аатыра сырытта.

Бүөтүр Сүөдэрэп, Арамаан Соппуруонап, Микиитэ Лэглээрин оҕолортон саамай кыралара. Муннукка турдахтарына, «эбиэтэ суох хааллахтарына» босхо сылдьааччылара килиэп аҕалан биэрэр уонна «доҕор буолан» аан аттыгар сылдьар. Оһох сырдыгар чохчойон олорон баттахтарыгар бултууллар. Онно булт дэлэй… Ханна эмэ хараҥа муннукка муостаҕа суулаһа сытан эбэтэр сыстыһа олорон остуоруйалаһаллар, сэһэргэһэллэр, ийэлэрин-аҕаларын бэртэрин аахсаллар.

Сарсыарда ампаалыктаһан тимир куруусканан итии ууну сомсон иһэллэр, биирдии кырбас хара килиэби сииллэр. «Бэйэлэрин куосталарыттан» үөрэнэр оҕолор кэлэллэр, «кылаас» буолар.

Күннээҕи үөрэх устатыгар сахалыы саҥарыллыбат. Нууччалыы билбэттэр. Биир эмэ тылы нууччалаабыта буола-буола үксүн тарбахтарынан кэпсэтэллэр. Алҕаһаан, сахалыы саҥаран кэбиһии бэрт элбэх. Ол иэстэбилэ судургу. Буруйдаах киһи төҥкөйөн биэрэр… Күннээҕи дьуһуурунай оройго охсор. Өстөһүү, ситиһии онно баар. Доҕору тыаһа улахан эрээри ыарыыта суохтук охсуу, өстөөҕү тыаһа кыра эрээри ньүөлүтүүлээхтик охсуу араас элбэх ньымалара онно бааллар.

Түөрт бөлөххө отучча оҕо үөрэнэр. Соҕотох Дьэким Суостап учуутал. Сорох бөлөҕү суруйтаран, сороҕу аахтаран хайдах эрэ сатаан үөрэтэр, ким да мээлэ олорон хаалбат.

Тобуктуу, муннукка туруу, кылааска олорон хаалыы («бэсэбиэдэ хаалыы» диэн буолар) бэрт элбэх. Үс уруок кэнниттэн төрдүһүн «таҥара үөрэҕэ» буолан, аҕабыыт кэлэр. Кини бу дойдуга бэрт өр олорбут. Ойоҕун уонна кырдьаҕас ийэтин кытта туоҕа да суох тахсыбыт эдэр аҕабыыт уонча оҕоломмут, бэрт үгүс ынахтаммыт-сылгыламмыт, хара дьиэҕэ хамначчыттаммыт. «Уу саха» буолан хаалбыт, үксүн үгэнэн кэпсэтэр киһи. Төбөтүн оройугар ыстакаан айаҕын саҕа чүөччэрдии төгүрүк тараҕайдаах чэбдик аҕабыыт кылааска нэлэс гына түһэр. Оҕолор ойон туран таҥараҕа үҥэн сапсыммытынан бараллар. Дьуһуурунай малыыппа ааҕар. Эрээсэлээх аҕабыыт нэлэстэнэн кэлэн остуол кэннигэр олоро түһэн, кылаас сурунаалын хаһыйа тардан ылан арыйа баттыыр да, балачча өр саҥата суох ааҕа олорор. Ол олорон, төбөтүн өндөппөккө эрэ, ханнык эмэ оҕо араспаанньатын аргыый этэр. Оҕо өйдөөн истибэтэх буоллаҕына, аҕабыыт хаһыытаан бытарыппытынан олох маска тиэрэ түһэр. Дьэ онтон уруога бүтүөр диэри «Пошел, муннукка! На колени. Без обеда хаалларабын! Негодяй! Мерзавец!» диэн тылларынан төлүтэ биэртэлии олорор. Уруогу билбэтэх буруйдабыл таһынан, таҥара дьиэтигэр сылдьыбатах, таҥара дьиэтигэр күлбүт, таһырдьа кинини көрсөн баран бэргэһэни устубатах буруйдабыллара кэлэллэр. Ыган-түрдэрэн, кутаа уотунан сабаан баран, истиэнэ оппуохата хоҥноруттуор диэри ааны илгэн аҕабыыт тахсар. Кэнниттэн оҕолор тылларын таһаара, сутуруктарынан дугдуруйа хаалаллар.

Учуутал көмүскэстэ быһыылаах. Иккис сылыгар учууталлаах аҕабыыт кырылас өстөөх дьон буоллулар. Кылаас сурунаалыгар кыһытыһыылаах суруктары суруйсаллар. Хардарыта араас моһуоктары оҥорсоллор. «Таҥара уруогар» соҕотох оҕо малыыппа ааҕарын ууратан, аҕабыыт кылааһы бүтүннүү ыллатан күйгүөнү таһаарар, учууталы «тарбаан» араас кыһыылаах тыллары этэр. Учуутал буоллаҕына, аҕабыыт уруогун кэмигэр бэйэтин хоһугар дьону мунньан гитаралыыр, хомустуур, ыллыыр, айдаарар. «Учуутал соруйан айдааран уруогум куһаҕаннык барда» диэн аҕабыыт сурунаалга бэлиэтиир. Биир буукуба алҕас суруллубутун булан сарсыҥҥытыгар учуутал сүүнэ улахан «я» буукубанан көннөрөн баран, ойоҕоһугар: «Кылаас сурунаалын алҕас суруйуунан марайдыыр сатаммат», – диэн суруйар. Учуутал суругун аҕабыыт тырыта сотон кэбиһэр. Аҕабыт суругун учуутал эмиэ сотор. Куораттааҕы тойотторугар үҥсэн дьыала ыраатта. Хардарыта: «Мин хотон эрэбин», – диэн оҕолорго кэпсииллэр.

Үҥсүүгэ биирдэ учуутал хотто. Аҕабыыт «таҥара үҥүүтүгэр түбэспит» аатырда. «Киһиэхэ иини хаһыма, онно бэйэҥ түһүөҥ» дии-дии, таҥара дьиэтигэр кини «бүрүкүөт» аахта. «Учууталбытын кыраата» диэн дьон аҕабыыкка өстөннүлэр. Буруйун толуйа куоракка биир ый буолан баран, аҕабыыт былҕаччы уойан таҕыста. Эмиэ моһуоктаспытынан барда.

Күрэстэһии үтэһэтэ биир сарсыарда туолла.

Ол сарсыарда учуутал тоҕо эрэ өргө дылы утуйда. Оҕолор сааскы дьиэ таһыгар оонньуу сырыттылар. Аҕабыыт нэлэстэнэн кэллэ да, «Кылаас!» диэн хаһыытаата. Учуутал төһө да хойутаатар «таҥара уруога» буолара ыраах этэ, оҕолор, саараан, тэпсэҥнэһэ турдулар. «Кла-асс!» диэн хаһыытаан бытарытта ыксаабыт аҕабыыт. Тигинэһэн киирбиттэрэ, көрүдүөртэн кылааска киирэр аан иһиттэн хатааһыннаах эбит. Аҕабыыт икки ытыһынан баттаҕын имэриммэхтии түһээт, күлүүһү көтүрү тардан кэбистэ. Малыыппалара бүтэн, саҥардыы үөрэнэн эрдэхтэринэ учуутал хоһун диэки аан тэлэллэ түстэ, бөлтөрүттэҕэс алтан тимэхтэрдээх «куорма» таҥаһын таҥныбьгг учуутал аҕабыыкка сүүрэн кэлэн, остуолу сутурҕалаата да, бардьыгынаан тоҕо барда:

– Эн аҕабыыккын дуо?

Аҕабыыт ойон туран утары хаһыытыы тоһуйда:

– Аҕабыыппын! Эн туоххунуй?

– Мин учууталбын! А ты разбойник!

Оҕолор уолуйан өрүтэ көбүөхтэһэ түстүлэр.

– Оҕолор, барымаҥ, учууталгытын көрүҥ! – диэн ордоотоото аҕабыыт.

– Тахсыҥ! – диэн кыланна учуутал.

Охто-охто, түҥнэритэ көтүһэ-көтүһэ, оҕолор таһырдьа ыстаннылар. Кинилэр кириэтэһэ хааллылар.

Онтон учуутал тахсан: «Класс!» – диэн хаһыытаата.

Онтон ыла аҕабыыт дьулаана оҕолорго мөлтөөтө. «Учууталбыт амырыын киһи эбит» диэн буолла. Таҥара дьиэтигэр сылдьыбат, аҕабыыт уруогар бэлэмнэммэт, аҕабыыты көрсөн баран бэргэһэлэрин устубат буолан хааллылар.

Бу сырыыга үҥсэн аҕабыыт хоппут аатырда.

Саас үөрэх бүппүт күнүгэр оҕолору кытта учуутал уураһан бырастыыласта. Ол туран кини эмискэччи сыҥааҕа титирээтэ, аллараа уоһун хам ытырбахтаата уонна: «Барыгытын таптыыбын… Бука барыгытын!» – диэн баран, киэр хайыста. Сиэбиттэн маҥан былааты сулбу тардан таһаарда да, хоһугар ыстанна.

Атын ыраах оскуолаҕа уларыппыттар. Түөрт нэһилиэккэ соҕотох оскуола баара учуутала суох хаалла.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации