Электронная библиотека » Николай Мординов » » онлайн чтение - страница 6

Текст книги "Сааскы кэм"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 12:41


Автор книги: Николай Мординов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 6 (всего у книги 26 страниц) [доступный отрывок для чтения: 9 страниц]

Шрифт:
- 100% +
Оҕус

Сааскытыйан барда, хаар үрдэ ууллан, суол кэлтэйдэ. Хаар барана илигинэ Дьөгүөрдээн отун тобоҕун тиэйэн ылаары, икки күн үлэлээн биэрэргэ Байбал Сэмэнэп диэн баай киһиттэн икки оҕуһу уларыста.

Кыһыҥҥы тымныыга тумнастан-тууйуллан сыппыт сир-дойду холкутук үөһэ тыыммыт, уоскуйбут, кэҥээбит. Алаас-хочо сиксиктэригэр дьэргэлгэн дьиримнии үҥкүүлүүр, күрүөлэргэ илим курдук иилистэр. Саҥа кэлбит тураах хааман маталдьыйар. Үөр туллук быыгыныы көтөн эриэн ирбинньик буолан ааһар халлаан түгэҕэр үрүҥ көмүс кыырпаҕынан ыһыллан сүтэр.

Сүөһүлэр күн диэки өттүлэрин түүтэ сып-сылаас.

Күн сылааһар сыламнаан нэһиргээбит оҕуһу мииммэккин, кымньыылаабаккын.

Оҕустары суолга киллэрэн үүрэн кэбиһэн баран, сыарҕалаах оттор кэннилэриттэн аргыый хаамсан иһэн Дьөгүөрдээн уолунуун арааһы сэһэргэһэр. Кини бултуур туһунан ордук таптаан кэпсиир.

– Утары ыстанан эрэр эһэни эр бэрдэ киһи ытан бытарытан арҕаһын сиирэ көтүппүт. Ол кыыла саба түһэн эрдэҕинэ, киһи туора ойбут да, саа тимириттэн тутан баран эһэ хоҥоруутун мииннэри охсон чаҕылыннарбыт. Эһэ умса хоруйа түспүт, саа маһа тосту баран ыраах эһиллэн хаалбыт, тимирэ өҕүллүбүт. Умса хоруйа түспүт эһэ, чыпчылыйыах бэтэрээ өттүнэ «өйдөнөн», үрдүгэр түһэн эрдэҕинэ, киһи хаҥас харытын эһэ аппаччы аппыт айаҕар батары биэрбит да тылын төрдүттэн харбаабыт. Эһэ хам ытыран кэбиһэр кыаҕа суох буолан, туора илгиэлэнэн, аһыыларын төбөлөрүнэн киһи харытын тоҕута сиэлийтэлээбит. Киһи ыыппатах. Ыыттар эрэ, өлүө буоллаҕа. Ол курдук киһи уонна эһэ үрэх халдьаайытын тэлгэҕэр күөдүлгэхтэһэ-күрэстэһэ сылдьыбыттар. Онтон киһи мөлтөөн барбыт. Олоро түспүт. Эһэ тиэрэ аттаан эрдэҕинэ, киһи өлөр мүччүргэннээх кэмигэр уҥа сототун таһыттан быһаҕын сулбу тардан ылан, эһэ хонноҕун аннынан батары саайбыт. Ынырык кыылы киһи ол курдук кыайбыт. Харытын быччыҥнарын эһэ аһыылара быһыта соппуттара бүччүрүтэ оспут этилэр.

Оннук эрдээх дьону хайгыыллар, умсугуйаллар.

– Көҕүллээх кус дьэҥкэ ууга түһэр, бэйэтэ наһаа нэс кус, үөмпэккэ эрэ киирэн саба тэптэрэн ылыахха сөп. Арамаан Дьөгүөрэп сайылыгын аннынааҕы көлүйэҕэ түөрт көҕүллээх кус түспүт. Үс-түөрт ааттаах сааһыттар умуһах хаһа туралларын үрдүнэн, бэрдимсийэн киирэн, Арамаан тыйдаах биэ сыаналаах икки уостаах сынтарааккатынан тоҥ күөс быстыҥа кыҥаан кынчыатаан олорбут эбээт.

Кэтэһэн турбут дьон тулуйбатахтар.

– Доҕоор, ытыаҥ буоллар ыт, муҥнаама! – диэбит биир киһи.

Саа тыаһа өрө хабылла түспүт. Түөрт көҕүллээх этэҥҥэ көтөн барбыттар. Арамаан саатын илгэн кэбиспит, этэрбэстэрин сулбурута тэппит уонна көлүйэтигэр көтөн түспүт да, манчаары оту арыйа-арыйа, көрдүү сылдьыбыт.

– Доҕоор, тугу көрдүүгүн? – диэн хаһыытаспыттар.

– Кус-кус! Табыллыбыта-табыллыбыта! – дии-дии, Арамаан эргичиҥнии сылдьыбыт.

Сыгынньах атаҕын балыктар, баҕалар араастар таарыйан аастахтарын аайы «һок, бу кэллэ!» диэн хаһыытаабытынан уу түгэҕин харбыалаһа түһэр үһү.

Оннук «быстыбыт» булчуттары күлэллэр, кинилэртэн кэлэйэллэр.

Микиитэ хаһан үөрэҕин салгыырын туһунан уонна хаһан сынтараалка саа булунарын туһунан кэпсэтиэҕин олус баҕарар. Аҕата ол туһунан кэпсэтиини тумна сатыыр. «Чэ бэйи, от-бурдук үүннүн, сир-дойду көннүн», – диэн кэбиһэр.

Ыспатах бурдук хантан үүнүөй, дулҕанан бүрүммүт отуттуу бугул арычча кэлэр хочо хаһан көнүөҕэй? Ол туһунан эрэммэтин Микиитэ эттэҕинэ, аҕата саҥата суох испэхтээн баран, аргыый этэр: «Бар дьон киэнин этэбин. Бар дьоҥҥо баар буоллаҕына, тииһиниллиэ буоллаҕа дии… Чэ, тыл буолбаты тыллаһымыах, кэпсээн буолбаты кэпсэтимиэх… Көр, кыталыктар уураһаллар, куустуһаллар уонна үҥкүүлээн дыабахаччыһаллар ээ…»

Сыарҕалаах от кэннигэр иһэн, үөрэнэн хаалбычча кини сотору-сотору «һай-һай!» диэн муннун анныгар саҥарар, харыстан эрэ ордук иирэ төбөтө кымньыытын өрүтэ ууммахтыыр уонна кыталыктар үҥкүүлүүллэрин кэпсиир.

Сир-дойду «быыһаммытынан» дьахтар курдук наҕылыйбыт, налыйбыт. Өссө да күүс-уох суох, сэниэ эстибит, ол эрээри бүтүннүү сырдыы мичээрдээбит… Ууллан эрэр хаар ыылаах, уоскутуулаах сыта охсуллар. Суйдаммыт тамалҕаннар быыстарыгар кыһыҥҥы курупааскылар таарбайа хаампыттара сиритэ ууллан эрэр…

Киэҥ, холку.

Отторун тобоҕун бүтүннүү тиэйэн аҕалан, үөрэн-көтөн, оҕустары булгутан окко баайдылар.

– Маннык оҕустаах буолбут киһи! – Салдьыр муостаах сүүнэ улахан хара оҕус ойоҕоһугар Микиитэ иэдэһинэн сигэнэр.

– Дьэ, кырдьык, биир маннык оҕонньордоох киһи, дьэ кырдьык… – диэмэхтиир аҕата, баһаам улахан сылгы тыһа үтүлүктэрин өттүктэригэр сууралаамахтыыр.

Балаҕаннарыгар киирэн чэйдээн тахсыбыттара, салдьыр муостаах хара оҕус илин уҥа атаҕынан дугуммат доҕолоҥ буолан тоһуйда…

Аһыы туран туохха эрэ тиҥилэҕин илдьи үктээбитэ дуу, сытан баран, тураары халты үктээн, иҥиирэ хоҥнубута дуу, эргэ дьарҕата көппүтэ дуу – тугун билиэхтэрэй?

Оҕус атаҕа салҕалыыр, туйаҕын төбөтүнэн эрэ сири таарыйар, дугуммат. Оҕус күөҕүнэн күлтэччи көрөн баран, буугунуу-буугунуу, илгистэр. Туора ыал оҕуһа…

Саадьаҕай оҕуһу соҕотохтуу илдьэн биэрэртэн Микиитэ дьулайда. Аккаастаата. Мөҕүлүннэ. Барда.

Амма мууһунан нэлэһийбит суол устун саадьаҕай оҕус дьиэтигэр тиэтэйэн кындыаланан истэ. Уол кини үрдүгэр ытыы истэ. Харах кыаҕа ылбат маҥан тумарыкка, Амма иэнигэр ырыых-ыраах туох эрэ хара көстөр: кини оҕустаах киһи да, суол ыта да, суор да буолуон барыта сөп. Улахан-кыра холобурдара сүтэллэр. Ону көрө сатаан аралдьыйан, уол арыый уоскуйан тиийдэ. Сүрэҕин ханнык эрэ уобуруччу бобута туппахтыыр. Ыал оҕуһа эбээт. Салдьыр муостаах сүрдээх улахан хара оҕус… Оҕуһу кыбыыга баайан баран дьиэҕэ киирдэ. Чэй иһэллэр. Ыалдьыттар бааллар.

Дьиэлээх тойон үрдүк сүүстээх, торум курдук хара бытыктаах, улахан муруннаах, лааһарыйбыт намыһах Байбал Сэмэнэп түргэн саҥатынан тугу эрэ кэпсэтэн чалыгырыыр. Кини ойоҕо Настааччыйа, хоп-хойуу ыас хара хаастарынан оонньуур, түөһүн түгэҕиттэн таһаарар кэрэ саҥатынан дөрүн-дөрүн тыл кыбытан чаҕаарыйталыыр.

Дьиэ айаҕар балачча өр тэпсэҥнии турбутун кэннэ, Байбал кыһыл тымырдардаах киэҥ харахтарынан уол диэки дьэргэлдьитэн кэбистэ уонна ойоҕор эттэ:

– Ыл, ити уолга чэйдэ кут. Оҕустары аҕаллаҕа буолуо.

Мүччүргэннээх кэм кэллэ, Микиитэ нэк бэргэһэтин түөһүгэр ыга баттанна, таһырдьа диэки сыҕарыҥнаата.

– Но, Сэргэх сиэнэ эрээри туох буолан чугуруҥнаатыҥ? Хайа, нохоо, бу сирэйиҥ-хараҕыҥ туох буолан салбаҕыра сытыйда?

Сэргэх Мэхээлэ диэн Микиитэ ийэтин аҕата, сүрдээх сытыы үгүс тыллаах уонна күүстээх киһи эбитэ үһү. Ол сиэнэ «салбаҕырыа» суоҕа эбитэ үһү.

– Оҕустары аҕаллыҥ дуо, нохоо?

– Ээ, оттон оҕустары аҕалбакка, кини бэйэлээх туох улахан наадаҕа кэлбит үһүө! – диэн Настааччыйа лыҥкыныы чаҕаарыйда. – Кэл, нохоо, чэйдэ ис…

– Биир оҕуһу аҕаллым… – Микиитэ кэннинэн сыҕарыс гынна.

– Но, биирдэрин аара сиэн кэбистиҥ дуо?

– Биирдэрэ хаалла… Атаҕа ыарыйда…

– Но!

Оҕус хайдах доҕолоҥ буолан соһуппутун сатыырынан кэпсээтэ. Байбал күлэ-үөрэ олорбута уурайда, ол-бу диэки көрүөлээтэ, саҥата улам кытаата-кытаата ыйытта:

– Дьиэҕитигэр тиийиэххитигэр диэри үчүгэй этэ?

– Үчүгэй этэ.

– Дьиэҕититтэн тахсыбыккыт атаҕа суох буолбут?

– Атаҕа суох буолбут.

– Ким итэҕэйиэн сымыйанан кэпсии тураҕын, нохоо! Сааппаккын даҕаны! Хайа сүөһү туран эрэ атаҕа суох буолар баҕайытай? Өрүсүһэн олус тиэйэн баран сыырга халтарыттаххыт дии…

– Суох, бэйэтэ…

Микиитэни балыйдахтарына эбэтэр кырдьыгын итэҕэйбэтэхтэринэ, кыайан саҥарбат муҥнаах.

Саас тухары көлө уларсыһан, үлэ үлэлэһэн «эпсибэтэх» туһунан, туох эрэ куһаҕан төрүөккэ, тэһэ астарбыт курдук быйыл кэлэн кинилэри «булбут» туһунан, итинник үтүө оҕуһу туохтарынан да төлүүр кыахтара суоҕун туһунан бэрт наҕыллык, бэрт өйдөөхтүк, саас-сааһынан уурталаан Настааччыйа саҥара олордо.

– Ээ, чэ түксү! Соруйан өлөрбөтөхтөрө буолуо, – диэтэ кэмниэ кэнэҕэс Сэмэнэп.

– Оччоҕо оҕуһуҥ өллүн дуу?

– Ээ, чэ өллүн… – Кэпсэтэ олорор кэпсэтиини салҕаары биир ыалдьыкка хайыста: – Чэ, бэйи ол туох буолбут киһиний?

Микиитэҕэ анаан аспыт чааскылара остуолга угуйан, кыһыл көмүс сэбирдэх ойууларынан имнэнэ турда. Тэриэлкэҕэ аҕыйаан эрэр кырбаммыт баахыла баар.

Уол тыаһа суох ньылбыйан таһырдьа таҕыста уонна Амма мууһунан дьиэтин диэки сиэлэ турда.

Икки ыйтан ордук ыарыйда ол оҕус, үгүс кутталлаах хонугу аһарда, элбэх эрэйи таһаарда. Амма сыырын өрө дабайан элбэхтик кырынан уу баһан таһааран уулаталлар. От дулҕаны буһаран баран быһаҕынан хайа баттаан буруолаппытынан оҕус тобугар баайан угуттууллар. От саамай ньамчытынан, сэбирдэҕинэн аһаталлар. Оҕус атахтаммата.

Дөрүн-дөрүн Сэмэнэп кыбыыга сылдьан ааһар, балаҕаҥҥа киирбэт.

– Хайа, Байбаал, тугу иһиттиҥ? – диэн баран, Дьөгүөрдээн мичээрдээбитэ буолан, бэрт аҕыйах тиистээх айаҕын ньамньыччы туттар уонна килбигийэн, эрбэҕин көхсүнэн муннун туора сиэлийэн соттумахтаан өрүтэ сыҥсыйар.

Сэмэнэп «тугу истибитин» туһунан кэпсэппэт, кинилэр да «тугу истибиттэрин» кэрэхсээбэт, оҕуһун диэки супту хааман бааһарыйан иһэн ордоотоон ыйытар:

– Хайа, оҕуос?

– Оҕус арыычча буолуох курдукка дылы ээ, – диир Дьөгүөрдээн сүрдээх улгумнук.

– «Курдукка дылы!» – Байбал дьаҕырыйа үтүктэр.

Оҕуһун таһыгар сото кэбиһэн, быар куустан дьиппинийэн турар. Лэглээриннэр кини сирэйин-хараҕын одуулаһаллар, тугу этэрин кэтэһэллэр. Ол курдук балачча турбахтаан баран, эргичис гына түһэр да, Байбал кыбыы айаҕын диэки хаампытынан барар.

– Хайа, Байбаал, хайыахха баҕайыный? – диэн хаалар Дьөгүөрдээн.

Байбал кыбыы сүллүгэстэрин быыһынан тахсан махчарыс гынаат, сарыы биристээҥкилээх илиитинэн үөһээ сүллүгэһи харбыыр, аллараа сүллүгэскэ аҥаар атаҕын тумсунан үктэнэр уонна бардьыгыныыр:

– Хайаары гынаҕын?! Сиэ!

Ыҥыыр атын сүр чэпчэкитик миинэн баран быһа кымньыылыыр.

Кини оҕуһун төлөтөн хаамтарыах буоллар, үҥэн хаайыыга уктарыах буоллар, өлөрөн сиэри соруйан оҕус атаҕын дэҥнээбиккит диэн баайыллан ыктар-түүрдэр барыта «сиэр быһыыта» буолуо этэ. Ол суоҕа ордук суостаахха, ынырыкка, таайтарыылаахха дылы.

– Дьэ өлүү да буолар эбит… – диэн баран, Дьөгүөрдээн үөһэ тыынан кэбиһэр уонна оҕус кутуругар иилистибит салаа оту сыыйа тардан ылан быраҕар.

Сөдүөччүйэ уу баһан таһааран ыаҕаһын оҕус иннигэр уурар уонна этэр:

– Мэ, нохоо, чэ үтүөрбэхтээ, өлөрөөрү гынныҥ ээ…

Оҕус күөҕүнэн күлтээриччи көрөр: өйдүүргэ, аһынарга дылы гынар.

– Байбал кэлэн барда эбээт, – диир Микиитэ ийэтигэр.

– Тугу эмэ саҥарда дуо?

– Суох.

– Дьэ өлүү, доҕоор, тоҕо тугу эмэни саҥарбат киһи буоллаҕай…

Онтон оҕус улам-улам дугунар буолан истэ, Лэглээриннэр харахтара сырдаан истэ. Бэрт өр дьиэ кэргэнигэр бүтүннүүтүгэр ыарыылаппыт оҕус көөһөччү уойда. Кыратык да доҕолоҥнообот буолтун кэннэ тойоҥҥо көрдөрөн, көҥүллэтэн, күөх толооҥҥо сиэтэн илдьэн, имэрийэн-томоруйан ыытан кэбистилэр уонна үөрэнэн хаалан, оҕустарын өргө дылы суохтуу, ахта сырыттылар.

– Оҕуспун бүгүн арҕаа алааска көрдүм. Түөкүн баара, тохтуу түһэн таптаппата ээ, – диэтэ биирдэ Дьөгүөрдээн.

Киһиэхэ дылы кини эмиэ киһини аанньа ахтыбат буоллаҕа. Аҕаларын туһугар бары өһүргэннилэр. Ол эрээри, этэҥҥэ сылдьарын истэн бары үөрдүлэр.

Нөҥүө сааһыгар аҕалара улаханнык ыарытта. Байбал Сэмэнэп Микиитэни сир тиэриитигэр оҕус сиэтээччинэн кэпсэттэ. Байбал оҕуһу сулламмыт хахыйаҕынан быһыта биэрэр, өттүктээн тардарын иһин, суха ураҕаһыгар тимир тоһоҕолору саайталыыр. Микиитэ иһигэр көмүскүүр да, утарылаһар кыаҕа суох.

Биир киэһэ дьиэлээн истэхтэринэ, Сыллай – Луха Бэһиэлэйэп – баай соҕотох уола, дьаарбаҥ киһитэ, ыҥыыр атынан өрө көтүтэн ситэн ылла:

– Байбал, бу оҕуһуҥ өлбүтэ буоллар, бу дуусалар туохтарынан төлүөхтэрэ этэй? – диэтэ.

– Ээ, сатаналар, с…. төлүөхтэрэ дуо?!

– Бу уолу уон сыл хамначчыт гынан боруостатыаҥ суоҕа этэ дуо?

– Пыа! Бу сүөһү сиэбит лэппиэскэтин боруостаабат сүөһү! Кинини уон сылы мэлдьи иитэн-аһатан алдьаннаҕым ол дии!

Сыллай Луха ат үрдүттэн оҕуһу кымньыылаан «куус» гыннарда, оҕус сиэлэн, Байбал күөх сукуна сэлээппэтэ тэллэрэҥнээтэ. Кыһыл сирэйдээх, суон киһи былҕаччы олорбут көҕөччөр ата, бүдүрүйэ-бүдүрүйэ, айаннаан хойуу кутуругун сахсыйда. Микиитэ кэннилэриттэн сүүрэн кулупаайданан истэ.

– Бэйи, хата бу уолу мин оҕус сиэттэрииһикпин дуу… Кыайан сиэтэр дуо? – диэтэ Сыллай.

– Ээ, сымнаҕас оҕуһу сиэппэккэ бачча үөдэн. Хата өһүргэһэ-ордуоһа бэрт быһыылаах. Мантыкаҥ сылдьан иһэн кыыһыран үллэн хаалар.

– Кини ордуоһар мин сыыҥтыахпын не зелай гыммаппын. Посуол дураак кини, онон бүтэр.

– Чэ, сиэттэр. Мин үлэм сарсын бүтэр.

– Сукин сын, кини өссө өһүргэстээх! Туоҕар тирэнэр ытый!

Хамнас

Сыллай – Луха Бэһиэлэйэпкэ Микиитэ оҕус сиэтэ сылдьар. Бэһиэлэйэптэр иитиэх уоллара бэрт элбэх хос ааттаах, малаҕар сирэйдээх, халыҥ Өлөксөй; Бэһиэлэйэптэр бырааттарыгар иитиллибит уһун синньигэс хатыллаҥнаабыт Мииппээн; Бэһиэлэйэптэр тастыҥ бырааттара үгүс оҕолоох Сиидэркэ уола Сэмэн оҕонньор көйгө уола ньаллырҕай саҥалаах, улахан истээх Уйбаан уонна Микиитэ – түөрт урааҥхайдар үлэлииллэр.

Үс уол бииргэ үөскээбиттэр. Бары «куомуннара» биир. Бары Микиитэттэн быдан аҕалар.

Атаҕастыыллар.

Туойдаах диэн улуу Эргиттэ алаас биир үрүйэтэ. Сүдү тииттэр сиҥнэриттэн түспүт ньамахтаах күөллээх, талах быыһыгар бүкпүт кыараҕас үрүйэ. Онно түөрт ыал олороллор. Үс Бэһиэлэйэп уонна үрүйэ уҥуор Сахаар Масчыт – кинилэр тастыҥ убайдара, ытык кырдьаҕас бүгэн олорор.

Микиитэ тойонун аҕата Сүөдэр Бэһиэлэйэп хобдьугураабыт түргэн саҥалаах, кыра уҥуохтаах, сытыы-хотуу киһи, сааһын тухары айаҥҥа, эргиэҥҥэ сылдьыбыт. Саҥардыыҥҥыта кини хараҕа суох буолбут. Сүөдэр алталаах-сэттэлээх кыра кыыһын сирдьиттэнэн чугас эргин ыалларга дьаарбайан кэлэ-кэлэ, дьиэтигэр кими эмэ быртахтык элэктээн, үөҕэн хобдьоорор. Эдэр тойон Луха Бэһиэлэйэп быллаҕар уостаах, хотостугас кыһыл сирэйдээх, ыыс араҕаһынан чөрбөччү көрбүт, отутугар тиийэ илик киһи. Кини бэрт кыра үөрэхтээх, онон түҥ-таҥ нууччалаабыта буола-буола бастыҥ аты миинэн муҥунан көтүтэ сылдьан арыгылыыр-хаартылыыр, содурдуур, содуомнуур, ыллыыр-туойар. Быһата, баай соҕотох уол оҕото.

Элбэх ыалдьыт-хоноһо сылдьар.

Ыалдьыт-хоноһо мааны дьон буоллахтарына батараак Өлөксөйү уонна Микиитэни туспа остуолга хаҥас диэки аһаталлар. Орто соҕус дьон буоллахтарына биир остуолга гынан баран, аһылыктара туспа буолар. Ким да туора киһи суох кэмигэр бары бииргэ аһыыллар.

Киэһэ чэй кэнниттэн Сүөдэр оҥостон олорон удьурҕай холтуунтан боруоска табах тардан ытырдан баран, киһи кыайан үтүктүбэт тылларынан батараак Өлөксөйү ыстырыыстыыр. Уол сааһын тухары истэ үөрэммит тылларыттан кыһаммат, иһиллии да барбат быһыылаах. Онтон уолуттан салҕан оҕонньор Микиитэҕэ халбарыйар:

– Чэ, доҕоор, атаһым Микиитэ суруксут, кэпсээ эрэ.

– Тугу кэпсиэмий?

Микиитэ икки илиитин тобугунан хам кыпчыйар уонна остуол анныгар сытар сымыыт хаҕын тоҕо эрэ тонолуппакка одуулаһар.

Сүөдэр халтаһаларын хамнатан уолан хаалбыт харахтарын оннун аспахтыыр, кини көрө сатыырга дылы гынар, оронугар сыҕарыҥныыр. Кыракый уҥуох көхсө, синньигэс моонньо, ыараханнык түөрэҥнээбит улахан төбөтө, күөх мэҥнэр олортообут кубаҕай сирэйэ – барыта хайдах эрэ сымыыт иччитигэр маарынныырга дылы.

Микиитэ дьулайара да бэрт, аһынар даҕаны: «Тугу да саҥардын», – дии саныыр, тулуйарга оҥостор.

– Үөрэхтээх үтүө киһи эрээри хардары хатыллан ыйытаҕын дуу? Ити куһаҕан дьон идэлэрэ… Үөрэххинэн төһө туһанаҕын, доҕоор?

– Син туһанабын.

– Тугу? – Сүөдэр сирэйэ сырдыырга дылы гынар, онон-манан ойута тыытыллыбыт курдук хаастара үөһэ диэки түрдэҥнииллэр, уол диэки нөрүйэр, сүрдээхтик кэрэхсээбит быһыыланар. – Тугу туһанаргын иһитиннэр эрэ, атаас.

– Чэпчэки кинигэлэри ааҕабын.

– «Чэпчэки» да?.. – тарбахтарын төбөлөрүнэн остуолу тоҥсуйбахтыы олорон тугу эрэ толкуйдуур. Чэпчэки кинигэ диэни аҕыйах сыаналаах кинигэ диэн өйдөөбүтэ буолан кубулунаары гынан баран, уолу олус эрдэ «тыла суох ыытан» көрүн көҕүрэтэриттэн тардынар. – Чэ, ол чэпчэки кинигэлэргэр тугу кэпсииллэр? Эргинэргэ үөрэтэллэр дуо?

– Суох.

– Хаартынан сүүйэргэ үөрэтэллэр дуо?

– Суох.

– Уорарга?

– Суох.

– Баай ыал кыыһын иирдэн ойох ыларга?

– Суох.

– Чэ, оччоҕо туохха үөрэтэллэр ол кинигэлэр?

Микиитэ өйдүү сатыыр да аахпыт кинигэлэрэ туохха үөрэтэллэрин кыайан өйдөөбөт. Аахпыта син үгүскэ дылы. Таптал туһунан элбэх. Ону эттэххэ, ыстырыыһынан ыһаарара чахчы. Тыа ыраахтааҕыта, муора иччитэ эмиэ табыгаһа суохтар. Сүөдэр буоллаҕына хоруй эрэйэн нөрүйэн олорор, уоһун уһуктара ибирдииллэр, кыламаннара титирииллэр. Хараҕа суох, кырдьаҕас, мааны киһини кэтэһиннэрбититтэн уол кыбыстар, бэйэтиттэн кэлэнэр. Тиһэҕэр тиийэн, өйүгэр көтөн түспүччэ этэр:

– Чыычаах уйатын…

– Дьэ, дьэ ону?

– Алдьатымаҥ диэн сүбэлииллэр.

– Туох да? «Чыычаах» диигин дуу? – Сүөдэр чугаһыы сыҕарыс гынар, ол-бу диэки хайыспахтыыр.

– Ээ…

Кини бүтүннүү эндэрэҥнии-эндэрэҥнии күлэр, холтуунун сулбу тардан таһааран табаҕын сыҥсыйбахтыыр: «Чыычаах уйатын алдьатымаҥ!» диэн этэн көрө-көрө, күлэр.

– Оттон аһаамаҥ диэбэттэр дуу?

– Суох.

– Дьахтарга чугаһаамаҥ диэбэттэр дуу?

– Суох.

– Аһаабакка сылдьыаҥ даҕаны, үөн өлбөт. Оттон дьахтара суох хайдах киһи буолуоххунуй? Эн эт эрэ, хайдах киһи буолуоххунуй дьахтара суох?..

Бутуллан хаалан баран, тугу ыйытарын да өйдөөбөккө Микиитэ:

– Хайдах да буолбаппын, – диэн кэбиһэр.

Сүөдэр күлэн алларастыы түһэр: «Хайдах да киһи буолбаппын» диэтэ эбээт, бу ытыҥ баара!» – дии-дии, күлэр.

Күлээн-күлэн баран, өрүтэ уһуутаан уоскуйар, лабай курдук кирдээх былаатынан хараҕын оннун, моонньун, сирэйин соттумахтыыр уонна ханнык эмэ саамай бүдүгүрбүт эмээхсининэн араас ымпыктаахтык ыстырыыстаан киирэн барар. Уол сотору-сотору «Па!» диир, кини ол аайы ордук тэбиллэр. Суох, ыстырыыһа көрүттэн буолбатах, сүрэҕэр мунньуллубут сытыган ириҥэтин ыгынар, күрдьүк буолбут дууһатын түүнүк бөҕүн сахсынар. Чанчарыктык тутуллар куурусса оронуттан кэлэр сидьиҥ сыттар кини оҥоҥнообут айаҕыттан үргүйэргэ дылылар. Кини бэйэтэ да көрүлээбиттии туттубута уурайбыта өр буолан сабыстыбыт; күөх мэҥнэрэ силбэһэннэр сирэйэ бүтүннүү сытыйбыт уу түгэҕин курдук суһуктуйбут, халтаһаларын, уоһун хам ньимиппит, кулдьайбыт эргэ баас хаҕын хастыы сатыыр курдук туттубут. Ыстырыыстыыр эмээхсинин силигин ситэрэ олордоҕуна таһырдьа ыстанан хаалыах баара, төттөрү туттаран ылара биллибэт этэ. Ол эрээри, туох эрэ хараҥа күүс Микиитэни хам баттаан олорор, сидьиҥ тыл дьуоҕатыгар кини батыллыбыт курдук. Сүөдэр диэки хайыспат эрэ мөккүөннээх да хараҕын кырыытынан көрбөхтүү олорор.

Сүөдэр айаҕа ханньастан, мунна токуруйан барар, кулгаахтарын өҥүргэстэрэ бүүрүллэллэр, бэйэтэ олорон эрэ иннин диэки ыстаныах курдук өкчөччү туттар, олус абаламмыт быһыыланар:

– Дьэ бу акаары да сордоох ээ, Молоох уола ыт! Үөрэттэрбит буола-буола, дьиккэр оҕолор! Тугун эрэ санаан эрэр. Хайа… сабар ыстаана да суох ини. Кэнники дэлби байбыккыт дуу? Байбыккыт дуо, доҕоор!

– Суох…

– Кыһыл көмүс кылааты күрдьүккүтүттэн була иликкит дуо?

– Суох.

– Уола хата үөрэхтээҕимсийэн үлэлиэ суоҕа, сирэйин тэпсиэҕэ, бырадьааҕа барыаҕа. Нохоо, бу Микиитэ суруксут төһө бэрт үлэһитий?

Ыйытыллааччы уол, Микиитэни кытта үлэлиир батараак Өлөксөй, хам хаппыт этэрбэһин устаары оһох кэннигэр ынчыктаһа олорон дэбигис саҥарбат. Сүөдэр хоруй көһүтэн олорбохтоон баран, сирдьит кыра кыыһыттан аргыый ыйытар:

– Сыччыай, бии ырҕайа сытыйбыт суох дуу?

Алталаах-сэттэлээх сирдьит, бэйэтэ эмиэ хараҕынан буорайбыт киһи, халтаһалара дьолточчу испиттэр, кыламаннарын кыллара кэлимсэлэһэ силбэспиттэр. Кыыс икки өттүнэн кыҥнаҥнаан дьиэ иһин эргиччи көрүөлүүр.

– Ээ, кини оҕуһу кыайан сиэппэт. Хата кинини бэйэтин оҕус сиэтэр. Улахан оҕус көҥүл дэйбиир оҥостор. Быстыбыт киһи! – Оһох кэнниттэн кэтит сирэйэ малас гынан, Өлөксөй толору сыананы биэрэн кэбиһэр.

– С…! Баар эрээри саҥарбат эбит дуу? Оҕус муннун кыайбата диэн кэлиэ дуо? Үөрэхтээҕимсийэн соруйан гынар буоллаҕа. Эппэтэҕим дуо! – кырдьыга тута дакаастанан Сүөдэр үөрэ түһэр уонна эмиэ Микиитэҕэ эргиллэр. – Эн үөрэххиттэн туох туһа баарый? Туох да суох! Нууччалаан да халлырҕаа, аҕабыыттаан да онолуй, ким эйиэхэ кыһаныай? Ол кэриэтин таһырдьа ыт үрдэр, бии дээдэйэ сытыйбыты: «Нохоо, тахсан көр эрэ, ким кэллэ?» – диэм этэ. Эн үөрэхтэммиккинээҕэр ыт үрбүтэ быдан ордук. Оннук буолбат дуо, Микиитэ суруксуот? – көһүппэхтээн баран, эмиэ кыыһыттан ыйытар. – Бии уол суох дуу?

– Баар, баар, бу олорор, – диир кыыс.

– Эн үөрэхтэммиккинээҕэр ыт үрбүтэ ордук буолбат дуо?.. Ээ, саҥар эрэ, доҕор, киһи кэпсэттэҕинэ!

– Мин үөрэхтэннэхпинэ ыт үрбэт буолан хаалыа дуо?

– Но! Өһүргэнэр дуу?!

– Өһүргэниэ суоҕа дуо? Үөрэхтээҕимсийэн ити уол эйигин хайаата? Саҥаран баран уурайбаккын. «Ыт ордук да, ыт ордук!».

Ыалдьар хараҕын саба туттан баара-суоҕа биллибэккэ төҥкөйөн олорор Өлөксөөндөрө эмээхсин эригэр кыыһырар.

– Эй, үрүмэ! Эйигиттэн баҕас ыт ордуга чахчы!.. Сатана, эдэр, суруксут киһи диэки буолар ээ. Микиитэ суруксут, ойохпун хайыы үйэҕэ иирдээхтээбит эбиккин дии. Чэ, ити аата эн биһикки бу киэһэ… – кини дьэ сорунан үөҕээри оронугар сыҕарыҥнаамахтыыр.

Ол кэмҥэ таһырдьа ыт үрэн моргуйар. Сүөдэр хоноччу туттаат, хараҕа суохтар быһыыларынан, ордук түргэн-түргэнник ол-бу диэки эргичиҥнээмэхтээт, ордоотуу түһэр:

– Дэдэйэ сытыйбыт, тахсаҥҥын көр эрэ, ыт тугу үрэр? – уонна Микиитэни кыһытан, аргыый ботугуруур. – Эппэтэҕим дуо? Ыт үрэн туһалаатаҕа ити дии, эн курдук буолуо дуо?

Саҥардыы «иитиллэ» кэлбит сэттэлээх-аҕыстаах тулаайах Бүөтүччэ куруук сынньыллар-мөҕүллэр эрээри, куруук күлэн, кэтит бөдөҥ тиистэрэ бөлтөрүттэ сылдьар. Кини эмиэ Өлөксөй курдук мааһайбыт суон быһыылаах, малайбыт кэтит сирэйдээх, ол гынан баран Өлөксөй курдук утары көрбөт чой кулут буола илик киһи, кини үлэ көлөтүн курдук хаһыы улаханынан, охсуу күүһүнэн түргэтээбэт, бэйэтэ туох эрэ санаалаах, үөрүүлээх-хомолтолоох, онуоха эбии кырдьаҕас тойону соруйан кыйахыыра чахчы биллэр.

Тиэрэ мэтэрийбит төбөлөөх, дьалларыттыбыт айахтаах сүүнэ улахан этэрбэстэри хоруйа тэбиэлээн саллырҕайдаан хаҥас диэкиттэн кэлэн, Бүөтүччэ атах ороҥҥо ыттан тахсан түннүгүнэн одуулаһар уонна улахаҥҥа уурбатах куолаһынан, этэр:

– Луха кэллэ дии.

– Луха да? Итиригэ суох дуо?

– Суохха дылы… Бэрт кыра итирик дуу…

– Соҕотох дуо?

– Соҕотоххо дылы… Иккиэлэр дуу… Ээ, иккиэлэр быһыылаах.

– Бу кэрэдэк тылын истиҥ! Соруйан гынар ээ! Абам да баар эбит… доҕоро мааны киһи дуо?

– Оччо мааныта суох… Мааны соҕус диэххэ да син.

– О, дэриэтинньик, бэйэкэй! Ырҕайа сытыйбыат, ыл эн көр!

«Ырҕайа сытыйбыт» Өлөксөй түннүккэ ойон кэлээт:

– Ньукууһа Сыҕаайап, – диэн кэбиһэр.

«Дэдэйэ сытыйбыт» Бүөтүччэ наһаа холкутук хаҥас диэки саллырҕайдыыр.

– Хомуна охсуҥ! Бу Микиитэ суруксут, уҥа оронтон киэр бар, эйигиннээҕэр арыый ордук киһи кэлбит үһү дии.

Тиэтэллээхтик хомунан суугунаһыы буолар. Олох мастары хаҥас быыс кэннигэр симэллэр, үс ордуктарын уҥа быыс ойоҕоһугар кэккэлэтэллэр, дьиэни миинньиктээн элэстэтэллэр, остуолтан сылабаары сулбу тардан илдьэллэр, чааскылары, тэриэлкэлэри барытын холбуу биир ырбаахы тэллэҕэр суулаан бараллар.

Үөһэ-аллара тардынан бүтээт, тугу да билбэтэх-көрбөтөх дьон буолан кирийэн хаалаллар. Сүөдэр оронугар сытан улаҕа диэки хайыһаат, аргыый ынчыктаабытынан барар.

Мааны ыалдьыт кэллэҕинэ түҥ-таҥ түһэр идэни билэр буолан, Луха атын соруйан наҕыллык баайан, дьиэ таһыгар тардыллар.

Тиһэҕэр, эдэр тойон ыалдьыттыын киирэн кэлэллэр.

– Ким киирдиҥ, доҕоор? – диир Сүөдэр, ынчыгын тохтото түһэн.

– Лухабын.

– Соҕотоххун дуу?

– Иккиэбит.

– Доҕоруҥ кимий?

– Ньукууһа Сыҕаайап…

– «Ньукууһа» да? Көр эрэ! – Оҕонньор наһаа үөрбүтүнэн олоро түһэр.

Микиитэ үөрэҕин ырыттарар ынырык суолтан босхолонон таһырдьа тахсар.

Муҥур үрүйэни түгэҕэ биллибэт халыҥ тыа иилээн турар. Тыа дьалкыс гынаат, үрүйэни саба ыпсан кэбиһиэх курдук. Тайҕа тыа ортотугар киирэн эрэр күн сардаҥалара тииттэргэ, хахыйахтарга, дөлүһүөн уктарыгар тус-туспа толбоннонон бырдаҥалыы ыһыллыбыттар. Ханна эрэ, бэрт ыраах оҕус айаатыыра дуораһыйан иһиллэр. Ньамахтаах күөл үрдүнэн уу чөкчөҥөтө: «Күүс чыычаах! Күүс чыычаах!» диэн киһиргээн тыгыластыыр. Микиитэ тыа саҕатыгар баран дьэдьэн көрдөөн булбакка, күөх кырыска сытар. Кини үөрэҕинээҕэр ордук «идэлээх» моойторуктаах хара ыт көскөрүйэн кэлэн тула сытырҕалыыр уонна «Хоргутума, доҕор» диэбит курдук, кыҥнаҥныы-кыҥнаҥныы, одууласпахтаан баран, ааһа турар.

Сиидэркэ уола Сэмэн Бэһиэлэйэп кыһыннары-сайыннары олорор балаҕанын сыбаҕа аллара сыҕаллан, ыалдьар харах дьолточчу испит үөһээ халтаһатын курдук, түннүккэ таҥнары сабырыйбыт.

Сиидэркэ уола Сэмэн киһи арычча быһааран истэр гына кыгынайан саҥарар, намылыйбыт холку быһыылаах, уһун оҕонньор. Кини уһун көтөх моойдоох ньолбоҕор төбөтүн дьүккүччү уунан, тугу эрэ сытырҕалыыр курдук туттан сылдьар, сүһүөхтээх улахан муннун төбөтө уонна үөһээ уоһа, боруоска табах иҥэн күөхтүҥү өҥнөөхтөр, чэлкэхтээҕинэн сургуччу көрбүт киэҥ харахтардаах. Сааһыгар кими да кытта иирсибэт, үҥсүбэт, куруук көрдөөхтүк элэктэһэ, айхаллаһа сылдьар, үчүгэй майгыннаах оҕонньор. Бэрт үгүс оҕолоро кырдьан эрэллэр. Арай кини бэйэтэ кырдьыбат, кыры-кыпсыгыр уһун атахтарынан тэлбик-тэлбик хаамара уонна наһаа холкутук кыгынайан көрдөөхтүк саҥарара уларыйбат.

Сытан эрэ Микиитэ ол оҕонньору саныыр. Үс нэһилиэк дьоно оттуур Киэлимэ күөлүн онно ходуһаҕа от кэбиһиитэ. Дьон ордоотоһон кэпсэтэр гына чугас-чугас үлэлииллэр. Бэрт элбэх дьону кытта Микиитэ аҕатынаан бииргэ отууламмыттара. Өйдөөх сэһэннээх, көрдөөх тыллаах уонна ардах-кураан, сут-өҥ туһунан бэрт элбэх билгэлэрдээх Сэмэн Бэһиэлэйэп ордук кэрэхсэбиллээх киһи.

От кэбиһиитэ – ыгыл үлэ, онуоха эбии Сэмэн билгэтинэн сотору «атыыр ардах» буолуохтаах. Саамай улахан эрэй – табах бараммыта. Саппыйалар тэбэммиттэрэ, холтууннар кыһыйыллыбыттара ыраатта. Дьон муруннара кыһыйар, харахтара бүрүллэр, бэлэстэрэ хатар. Амма үрэх эргийэн ылбыт тоҕоноҕо, икки өттүттэн Амма туорааһыннаах, ким да ааспат дойдута.

– Ол биир дьахтар иһэр! – диэн от үрдүгэр турааччы дьон аймалаһаллар.

Чөрбөҥнөһүү буолар.

– Табахтаах бытааһах эбитэ дуу? Хайа барахсан эбитэ буолла… – диэн Сиидэркэ уола кыгынайар.

Сэмэн атырдьаҕын туруору анньар.

– О, Дьэбдьиэскэ эбит… Дьэбдьиэскэ-э, доҕоттоор! – дииллэр сотору соҕус буолаат, үөһэлэр.

– Э, ол киһи эбит буоллаҕына… Кэбис! – Сэмэн атырдьаҕын төттөрү сулбу тардан ылан үлэлээбитэ буолар да үлэтэ тахсыбат, дьахтар кэлиэхтээх сирин диэки көрбөхтүүр.

Нуучча кыыһа Дьэбдьиэскэ диэн сааһын тухары ыал хамначчыта, сулумах дьахтар. Кини ааттаах үлэһит, наһаа тыллаах. Биир ыалга наар олорон атаҕастаппат, кыһын-сайын саҥа ыалларга сыҕарыйталаан «талбытынан» сылдьар киһи. Онон, кини кимтэн да толлубат. Бу былдьаһыктаах кэмҥэ бука биир ыалтан уурайан баран, атыҥҥа кэпсэтэ илик буолан, иллэҥ сырыттаҕа буолуо.

Дьэбдьиэскэ ааттаах табахсыт, кыра эмэ табахтааҕа чахчы, хата биэрэрэ биллибэт, уот ыстанарын курдук киһи, бэстилиэнэй биир хамса табаҕын да кутан биэриэн сөп, төһөнү эмэни илдьэ сылдьан биэрбэккэ, эбиитин үөҕэн да ыыттаҕына көҥүлэ. Бачча үгүс киһиттэн көҥөнөрө чахчы.

Дьон: «Эн бар», «Эн көрдүө» дэсиһэн найылаһаллар да, барааччы көстүбэт.

– Арай Сэмэн оҕонньор бардар хайыа эбитэ буолла, – дэһэллэр.

– Ээ барбаппын, биир хонуохха наада… Миэхэ өстөнөн сылдьар, – диир Сиидэркэ уола.

Дьэбдьиэскэ кылгас маадьаҕар атахтарынан сүр түргэнник битийиктээн, чугаһаан иһэр.

Сэмэн көхсүн этиппэхтиир уонна, харса суоҕар киирбит киһи быһыытынан, холурдук атырдьаҕын сиргэ батары анньаат, Дьэбдьиэскэ диэки хайыспакка эрэ күөйэн, айан суолугар быһа хааман салбыҥныыр. Дьон үлэлээбитэ буола-буола, кэпсэтиини кэтэһэннэр уу чуумпу.

Сэмэн төһө да бытааҥҥа, холкуга дылы буоллар, ыраах-ыраах уурталаан, суолга урут тиийэн тохтоон туран, наһаа болҕомтолоохтук ытыһын чэрин дуу, ытыһыгар мас киирбитин дуу кытаахтаһан кыҥастаһа турар. Дьэбдьиэскэ өрө сабаан ыкса чугаһаан кэлбитигэр эрэ саҥа көрбүт курдук, Сэмэн бэрт наҕыллык төбөтүн өндөтөр уонна унаарыччы кыгынайан кэбиһэр:

– Хайа, Дьэбдьиэскээ, туох кэпсээннээххиэн?

– Суох, суох! Ол бу буолума!

Дьэбдьиэскэ өстөөхтүк өрө чаҕылла түһэр, дьэ эбии түргэтээн битийиктэнэр, суолтан туора хааман быһа түһэн Сэмэни арыылаан ааһарга оҥостор. Оҕонньор итинник тымныы кэпсэтииттэн кыратык да соһуйбат, хоргуппат. Саҥата дьэ ордук наҕылыйар:

– Дьэбдьиэ, табахтааххын дуо, тардыах эрэ.

Анарааҥҥыта ааһа көтөн мэтэстэнэн иһэн эһитэ охсор:

– Суох, суох! Эн миэхэ араас буолан бэлэстэтимэ!

Оҕонньор мэлийбитэ чахчы буолан, дьон имнэниһэн кэбиһэллэр.

– Дьэбдьиэ, уостааххын дуо, уураһыах эрэ.

– Суох, суох!..

Кэбиһиллэн эрэр оттор үрдүлэриттэн, тулаларыттан дьон соҕотохто күлэн ньиргиһэ түһэллэр. Дьэбдьиэ алҕас саҥарбытын сэрэйэн, эмискэччи эргиллэр:

– Туох, туох диир?!

Оҕонньор уҥуохтуун-сүһүөхтүүн накыйар, төбөтүн кыҥнатар, чахчы көрдөһө быһыытыйар:

– Табахтааххын дуо, тардыах диэтим, ыксаабычча…

– Суох диэтим!

– Уостааххын дуо, уураһыах диэтим, таптаабычча…

Дьэбдьиэ тугу этиэн, хайдах өһүргэниэн билбэккэ тэпсэҥэлии туран, күлэн чачыгырыы түһэр:

– Сатана уолун араас тыла диэн!..

Оҕонньор утары хардыылаамахтаан халбыҥнаталаан кэбиһэр да, хоппо күрдьэх курдук ытыһын утары уунар:

– Аҕал эрэ, үлэҕэ баттатан өллүбүт ээ. Үлэ киһитэ бэйэҥ билэҕин.

Дьэбдьиэ саппыйатын көтүтэн таһааран икки тарбаҕын төбөтүнэн кытаахтаан ылан кырбаммыт табаҕы оҕонньор ытыһын ортотутар уурар. Оҕонньор ытыһын муннугар сыһыары тутан сытырҕалыыр уонна этэр:

– Бэйэҕэр да суоҕа бэрт буолаахтаатаҕа…

– Миэхэ хантан дэлэйиэй?

– Оттон хайыай, оннук ээ… – Оҕонньор аны биир ытыһын тоһуйан куду анньар.

Дьэбдьиэ эмиэ икки тарбаҕын төбөтүнэн кытаахтаан оҕонньор ытыһын ортотугар уураат, өйдөнө охсон, өрө татынньахтыы түһэр:

– Хайа, иккиһин биэрдим дуу, аҕал бэттэх!

– Дьэбдьиэ, абыраатаҕыҥ бу дии…

Оҕонньор аргыый салбыҥнаан төннүбүтүн, оттор үрдүлэриттэн таҥнары сурулаан түһэ-түһэ, онтон-мантан сырсан кэлэн төгүрүйэ көтөллөр. Үөрүү-көтүү буолар, үлэ күүһүрэр…

Сэмэн оҕонньор үтүө майгыннаах, күлэ-оонньуу сылдьар киһи. Кини хараҥа дьиэтин, эйэлээх дьиэ кэргэнин аламаҕай майгына сырдатара буолуо.

Сэмэни Микиитэ хайаан да көрүөн баҕарар. Арай кинини көрдөҕүнэ көхсө кэҥиэх курдук. Ойон туран бэрт тиэтэлинэн дьулуруйан тиийэн сааһыгар сылдьыбатах балаҕаныгар көтөн түһэр.

Сэмэн оҕонньор эмээхсинэ бэрт үтүө майгыннаах, мэлдьи күлэн, табах дьаатыгар ыас хара буолбут туора-маары тиистэрэ ардьарыттан көстө сылдьар, хап-хара Балааҕыйа эмээхсин сүөгэй иирдэ олорор эбит. Өртөн көһүппүт ыалдьыта кэлбитин курдук эйэҕэстик көрүстэ. Микиитэни кытта бииргэ үлэлиир ньаллырҕай Уйбаан – киһи саккыраҥа, дьиэлээх тойон быһыытынан тэйгэҥниир, хаадьаҥныыр, көрдөөхтүк саҥара-саҥара күлэр. Оҕонньордоох саамай кыра, уон биэстээх-алталаах мааны кыыстара – мору-молтоҕор сирэйигэр бүлтэркэй харахтардаах кырасыабай Биэрэ түргэн-түргэнник саҥаран чубугуруурун быыһыгар эрчимнээхтик күлбэхтиир. Дьон киирэллэр-тахсаллар, күлэллэр-оонньууллар.

Микиитэ тута кэргэнниһэ оҕуста. Балаҕан иһинээҕи дьону барытын таптыы санаата. Барыта үчүгэй, барыта үөрүүлээх. Оҕонньор суоҕар хомойор, кини баарына өссө ордук буолуо.

– Оҕонньор кэллэ, – дэстилэр.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации