Текст книги "Хараҥа сискэ"
Автор книги: Николай Винокуров
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 8 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]
«СЭМЭТЭЭНИН… БАРБЫТА!»
Сайылыкка нуучча киһитэ өтөр-наар таарыйбыта иһиллибэт этэ. Манан айан суола ааспат, эбэттэн тэйиччи. Арай муммут киһи эбэтэр устугас22
Аллан кытылыгар олорооччулар өрүһүнэн сылбаҕы миинэн, түбэһиэх тыынан хаайыыттан куоппут ыар буруйдаах күрүөйэхтэри итинник ааттыыллар.
[Закрыть] эрэ охсуллуон сөп. Эр дьон бары оттуу баран, күнүһүн наар оҕо-дьахтар бэйэлэрэ эрэ хаалаллар. Ол иһин нуучча кэлиитэ өрүү дьиксиниини үөскэтэр. Онуоха Сайылык дьахталлара, үөрэҕэ суох буоланнар, сатаан да быһаарсыбаттара, онтон сылтаан арыт түҥ-таҥ өйдөһүү да тахсара ханна барыай?!
Сайылык оҕолоро, биһиги, оскуолаҕа киирэ илик кырачааннар, сорохтор кыра кылаастарга үөрэнээччилэр – үксүн тыа саҕатыгар, тэлгэһэҕэ оонньооччулар, ону-маны урут көрөбүт-истэбит.
Биирдэ илин диэкиттэн карабин сүгэһэрдээх, атын мала-таймата суох, кугас бар түүнэн саба үүммүт сирэйдээх, ыраас халлаан күөҕэ харахтаах, сэнэх таҥастаах, саппыкылаах нуучча киһитэ Сайылык саҕатыгар киирэн кэллэ.
Кинини көрөөт, биһиги дьиэбит диэки ыстанныбыт. Ол кэмҥэ дьиэҕэ саҥаспыт Боккуойа эрэ баара. Халҕаны сэгэтээт:
– Нуучча иһэр! – диэн төтөлө суох эппиппититтэн Боккуойа соһуйда. Онтон эттэ:
– Оҕолоор, эһиги саһыҥ, көстүмэҥ! Бэйэм кэпсэтэн көрүөм. Туох киһи эбитэ буолла?.. Соччо ыраатымаҥ, баҕар, наада буолуоххут…
Биһиги дьиэ таһыгар, тэлгэһэҕэ эрбэһин быыһыгар хаптайан саспыта буоллубут. Ол сытан, уора-көстө киһибитин кэтиибит. Киһибит кэлэн, карабинын дьиэ аанын таһыгар холкутук өйөннөрө ууран баран, «дыраастый!» дии-дии, иһирдьэ киирдэ.
Боккуойа туох диэн хардарбыта биһиэхэ иһиллибэккэ хаалла. Балачча буолан баран, биһигиттэн хорсуммут тиийэн халҕан хайаҕаһынан көрбүтэ: киирбит нуучча уҥа диэки хоноллон олорор үһү. Быһыта-орута иһиттэҕинэ, дьиэҕэ киһи соччо өйдөөбөт соҕус сахалыы-нууччалыы кэпсэтиитэ саҕаламмыт.
– Баабыскаа, миниэ сэмэтээнэ, молокуо наада, – диир үһү нуучча.
Боккуойа ону атыннык өйдөөн хардарсар:
– Балыыҥка ниэ наада! Сэмэтээнин суох… Оттуу барбыта!
Онуоха нууччата:
– Миниэ пиит, пить надо! Молокуо, – диэн хатылыыр уонна тугу эрэ иһэр киһи курдук илиитинэн көрдөрөр.
– Баҕайы, туох диирэ буолла? Саатар били оҕолор ханна дьөлө түстүлэр? Сатаан өйдөһүө суохпут, – Боккуойа аан диэки хаамар. Аан таһыгар турар уол төттөрү ойон истэҕинэ, хаһыытыыр: – Нокоо, тохтоо, кэл, кэл! Киһибит туох эрэ диир, өйдөспөтүбүт… Молокуо диир. Ол тугуй?
Төттөрү куотан испит уол тохтуу биэрэн:
– Ол аата – үүт, үүт! – диир.
– Ээ, – диэт, Боккуойа төттөрү түһэр. – Үүт көрдүүр эбит дии… – хаҥас диэкиттэн сарсыардааҥҥы ыамтан чааскыга үүт кутан аҕалар. Нуучча үөрэ түһэр, утаппыт киһилии тиҥиргэччи иһэр, уоһун соттор:
– Пасыыба, баабыскаа! – диир. Онтон салгыы ыйытар: – Усть-Татта кайдак бардаа? Доруога?
Боккуойа, эмиэ халҕанын сэгэтэн, биһигини ыҥырар:
– Оҕолоор, кэлиҥ, кэлиҥ! Арааһа, суолу ыйдарар быһыылаах. Эмис суолун булларан биэриҥ!
Биһигиттэн сорохпут дьиэ ааныгар сырсан кэлэн истэхпитинэ, нуучча утары тахсар.
– Дети, где дорога в Усть-Татту? – диир, мичээрдиир, саатын ылан сүгэр.
Онуоха Боккуойа тахсан эттэ:
– Куһаҕана суох киһи быһыылаах… Үүт истэ. Аартыкка тиэрдиҥ.
Үһүс кылааска үөрэнээччи, мин, «Усть-Татта», «дорога» диэн тыллары син ыйдаҥардар буолан, Эмис аартыгар тиэрдээт:
– Буот доруога, Уус Таатта далекуо! – диэн быһаардым.
Киһибит суол төрдүн булан, үөрбүт-көппүт курдук баһыыбалаан, арҕаа диэки кудулуччу хаама турда.
Төннөн кэлбиппитигэр Боккуойа:
– Ити сэмэтээнэ диэн тугу этэрий? – диэн ыйытта.
– Ол аата сүөгэй, чөчөгөй! – дэстибит.
Боккуойа күллэ:
– Оо, өлүү эбит, оҕолоор! Мин Сэмэтээнини ыйытар дии санааммын, оттуу барбыта диэтэҕим үһү!
Бары күлүстүбүт. Бастакы сэрэхэдийии ааһан, тыҥааһын сөллөн, биһиги туохтан да сэрэммэккэ тэлгэһэ күөх отугар төкүнүстүбүт. Соччо өйдөөбөтөллөр да, бэл кыра оҕолор кытта күлүстүлэр. Сайылыкка күн ортото чугаһаан эрэрэ.
Итинник биһиги экспедиция нууччатын, геологы, көрсүбүт уонна сирдээбит үһүбүт. Киэһэ отчуттар кэлэн оннук чопчулаабыттара.
АЙБЫТ АҔА
Костя киһини өйдүүр буолуоҕуттан Уйбаан диэн аҕалааҕа. Уһуктаах төбөлөөҕө, хара бараан дьүһүннээҕэ, аҕыйах саҥалааҕа, оҕолоругар барыларыгар биир тэҥ сыһыаннааҕа, учуутал идэлээҕэ. Костя өйдүүрүнэн, кыһыҥҥы өттүгэр Таас Томпоҕо баран учууталлыыра. Дойдутугар сайынын кэлэрэ. Ол оннугар кыра Костяны булчут, балыксыт эһэтэ, Ньукулай оҕонньор, көрөрө, арыый улаатыыта батыһыннара сылдьара. Костя да эһэтин олус таптыыра. Ол эрээри кинини тоҕо эрэ дьон-сэргэ аҕатын аатынан буолбакка, Уйбаныап Өксүү уола диэн ааттыыллара. Ол кистэлэҥэ уол балачча улааппытын кэннэ биллибитэ.
Биирдэ саастыы уола, туохтан эрэ бочооттоһон баран, Костяны:
– Тэмэйэр, Тэмэйэр уола! – диэн үөхпүтэ. Ити хайаларын аатынан сирэй-харах аспытын биэстээх Костя өйдөөбөтөҕө. Ол гынан баран, арыт улахан да дьон хаадьыларын быыһыгар:
– Бээрэ, бу уол үкчү Тэмэйэр курдук хаамар буолбат дуо? – дииллэрэ. Оттон холкуостаах дьахталлар Тэмэйэр диэн киһини хоһуйан ыллыыллара:
Ыйдаҥалаах түүннэргэ
Ыттар үрэн аймыыллар.
Тиэргэн иһэ тигинэс —
Тиҥэһэлэр үргэллэр.
Ампаардарга киирээри
Ардьаахтары алдьаппыт.
Үөлэһинэн түһээри
Өттүктэрин кыбыппыт.
Ити хоһуйуллар киһини Костя, биир алааска да олордор, харахтыы илигэ, билбэтэ. Уонна, кырдьыга, бэйэтигэр сыһыана да суох курдук саныыра. Ити кэмҥэ аҕата Учур оройуонугар Бэлгэчи оскуолатыгар учууталынан ананан, онно айанныыр буолбуттара.
Аллар сүүрүктээх Аллан эбэ таастаах тумулуттан борохуот аалга олорон хоҥнуохтарын аҕай иннинэ, кинилэр салдьыр муостаах кырдьаҕас ынахтарын трап устун нуучча мотуруостарыттан биирдэһэ инниттэн соһон, иккиһэ кэнниттэн үтэн (ынах, үйэтигэр үктэммэтэх трап диэн кэрдиистэрдээх соччо кэтитэ суох далаһаларынан тахсыан баҕарбакка, муҥурунан көрөн, өчөһөн турара) ынах аҕыйах хаамыыны оҥордор да, кэдэҥниир далаһаттан саллан, арааһа, иннинэн барар санаата суоҕа. Ол түгэҥҥэ борохуот хатан үлүгэрдик хаһыытаан дэлби барбытыгар, ынах эрэйдээх, трабы мүччү үктээн, ууга охтубута. Инники мотуруос, хата быатын ыһыктыбакка, эмиэ өрүскэ «бар» гыммыта. Айдаан буолбута. Муҥар, ынах ойоҕоһунан охтон, ууга чачайан, үрүҥүнэн-харанан көрөн, тыын харбаһан булумахтаммыта. Онуоха борохуоттан эбии быа быраҕаттаан, хас да киһи ууга ыстанан, сорохтор кытылтан сосуһан, ынаҕы тааска ньылбы соһон ылбыттара. Быыһаммыт ынах туруох курдук өндөҥнөөн эрдэҕинэ, биир мотуруос, тугу эрэ үөхсэ түһээт, ынаҕы сүгэ өнчөҕүнэн сүүскэ сырбаппыта. Атына ынах хабарҕатын быһаҕынан туора сотон, хара хаанын халыппыта. Ити кэмҥэ хапытаан дьонун тиэтэтэн тэллэгэр туруупканан үөһэттэн хамаандалыы турбута.
Костялаах ынахтарын аһыйан ытаспыттара. Ийэлэрэ оҕолорун, ити ынырык көстүүттэн күрэтэн, борохуот биир өттүн диэки дэллэриппитэ. Кэлин дьоно кэпсээбиттэрэ: борохуокка айанныыр үптэрэ суох буолан, кырдьаҕас ынахтарын туттубут үһүлэр. Уонна эппиттэрэ:
– Ынахпыт төбөтүн, тылын быһан ылан баран, сүүрүккэ бырахпыттара, маҥаас сүүһэ биирдэ-иккитэ көстөн хаалаахтаата… Саатар бэйэбитигэр биэрбэтилэр. Бэл иһин тааска ороон, көтөр-сүүрэр аһылыга оҥордулар быһыылаах. Нууччалар биһиги курдук ынах иһин ырыыпайдыы туруохтара дуо?!
Дьэ, итинник ынахтарын борогуоннанан, ыраах Учурга хас да хонук өрүһү өксөйөн, бэркэ сындалыйан тиийбиттэрэ.
Бэлгэчи диэн бэрт кыра дэриэбинэ эбит да, оскуолалааҕа уонна интэринээттээҕэ.
Икки эдьиийдээх, биир саҥа төрөөбүт балыстаах, Кыра Маайа диэн оҕо көрөөччүнэн барсыбыт 17-лээх тастыҥ эдьиийдээх Костяны, ийэтэ Өксүүнү, аҕата Уйбааны – бэрт ньыдьыры дьону, кытыл үрдүгэр турар быычыкаа баанньык дьиэтигэр түһэрбиттэрэ.
Итиннэ аҕалара лоп курдук биир сыл үлэлээн, учууталлаан, доруобуйатын туругунан үлэтиттэн тохтоон, эмкэ барар буолан, оҥочонон устан, үксүн сүүрүккэ оҕустаран, ыйы быһа айаннаан, дойдуларын кытылын булбуттара. Кинилэр кэлэн истэхтэринэ, ыар буруйдаах хаайыылаахтар күрээн иһэн, эһэлэрин Ньукулай оҕонньору, Аллан кытылыгар илимнии киирбит киһини, кыыллыы өлөрөн, төрөөбүт өрүһүгэр дьаакырдаан тимирдибит этилэр. Уҥуоҕа көстүбэтэҕэ. Ол сайын оҕолуун-уруулуун Хоспох диэн сиргэ сайылаан баран, күһүнүгэр бары аны Дьокуускайдыыр буолбуттара.
Костя алта саастааҕар куоракка, Сайсары күөл үрдүгэр, олорбуттарын үчүгэйдик өйдүүр. Аҕалара «Ыстахаанабыс» артыал диэн кирпииччэ оҥорор сиргэ үлэҕэ киирбитэ. Ийэлэрэ оҕолорун көрөн дьиэтигэр олороро. Икки эдьиийдэрэ оскуолаҕа барбыттара. Күнүс үчүгэйдик оттуллубат тымныы хаптаһын бараахтарыгар Костя уонна үс саастаах балта Тамара хаалаллара. Сэрии кэннинээҕи сыллар буолан, олох ситэ көнө илик быһыылааҕа. Дьэҥкир арыы, хара килиэп бэрт эрэйинэн көстөрө. Үлэһиттэрэ диэн аҕалара эрэ этэ. Костя оччолорго аччыктыырын умнубат. Балта Тамара сүүрэн иһэн, охтон, тиэрэ сытар кыра олоппос атаҕар айаҕынан атыллан, Аппа Уҥуор балыыһаҕа сытан, сүһүрэн, өрүттүбэккэ өлбүтэ. Аҕалара кыыһын куорат кылабыыһатыгар илдьэн көмтүм диэбитэ. Костялаах Даша иккиэн куордаан оҕо балыыһатыгар уһуннук сыппыттара. Күһүн муус ылыыга аны Костя Сайсары күөлгэ ууга түспүтүн аҕата быыһаабыта. Онон биир сыллаах куорат олоҕо ыараханнык ааспыта. Дойдуларыгар кыыстара Марианна уонна ыалга сүөһүлэрэ хаалбыта. Хара үлэҕэ сылдьар аҕаларын ыарыыта бэргээбитэ. Дьонноро сүбэлэһэн, ийэлэрин кытта оҕолор дойдулуур, аҕалара балыыһаҕа киирэн эмтэнэр буолбуттара, үтүөрдэҕинэ үлэлиэх, кинилэргэ харчы ыытыах буолан, тус-туспа барбыттара. Ийэлэрэ оҕолорун илдьэ дойдуларыгар эмиэ борохуотунан айаннаабыттара. Костя, кинилэри атаара бириистэҥҥэ киирбит аҕатын сайыһан, борохуот тэйэн эрдэҕинэ ууга түһүөхчэ буолбутун саха дьоно тутан ийэтигэр илдьибиттэрэ. Аҕалара дьонуттан хаалан уонна, арааһа, ыарыытыттан харааран, соҕотоҕун туран хаалбытын Костя уол ытаабыт хараҕын кыламанын быыһынан көрөрө. Тутан истэхтэринэ, киһи аһыныах:
– Аҕаа, аҕаа!.. Мин эйигинниин хаалабын! – диэн хаһыытаабыта. Көр, аҕатын таптыырын кини онно аан бастаан сытыытык билбитэ…
Кинилэри, биллэн турар, ким да каютанан хатаҕалаабатаҕа. «Пус-пас» тыаһыыр, паар күүһүнэн тоҥонох курдук хамсыыр ыстаал шатун, билигин санаатахха, борохуот эрдинэр көлөһөтүн эргитэр эбит, аттыгар тыастаах да буоллар, кэм сылаас сиргэ оҕолоох ийэлэрэ түбэспитэ – табыллыылара эбит.
Итинник кинилэр эһэлэрэ, аҕалара суох, чугас аймахтарын, таайдарын Сөдүөт көмөтүнэн, ыал муннугун кэрийэн, Өрүөстээх диэн ынахтарын үүтүгэр өйөнөн, аҕыс сыл туспа олорбуттара. Куоракка хаалбыт аҕалара эмтэнэн, доруобуйата көнө быһыытыйан, урукку үлэтигэр төннөн, биригэдьиирдээн, маастардаан, арыый хамнас өлөрөр буолан, харчынан уонна баһыылканан быспакка хааччыйара. Хам-түм уоппускатыгар кэлэн барара. Ол эрээри аҕалаах эрээри, аҕата суох буолар кыһалҕатын соҕотох уол, Костя, ити сылларга толору билбитэ. Онуоха эбии тыа дьоно оҕолордуун, улаханныын, эмиэ уруккуларын курдук, ханнык эрэ Тэмэйэринэн хаадьылыыллара күүһүрбүтэ.
Билигин аҕата суох буолар кыһалҕатын билэ сылдьар Костя уол, дьон этэринэн, дьиҥэр, аны икки аҕалаах аатырбыта. Биирэ – бэйэтин киэнэ, куоракка хаалбыт аҕата Уйбаан, биирэ – били хаадьы гынар Тэмэйэр Миитэрэйдэрэ – айбыт аҕата.
Быһата, кини бу күн сирин көрбүтүгэр ол айбыт аҕата Тэмэйэр өссө үтүөлээх үһү!
Миитэрэй сэрииттэн бааһыран эрдэ кэлбит. Холкуоска биригэдьииринэн, бэл бэрэссэдээтэли солбуйааччынан үлэлии сылдьыбыт. Хаста да кэргэннэммит. Барыта уон үс оҕоломмут. Ону таһынан, дьон кэпсээнинэн, Костя курдук дьылҕаламмыт хас да оҕо баар үһү. Дьон ону билэн тойуктарыгар туойар, ырыаларыгар ыпсарар эбиттэр. Этэргэ дылы, Тэмэйэр тыыннааҕар атыыр сылгы курдук аатырбыт, элбэх сокуоннай уонна ону таһынан да оҕоломмут эрдьигэн эбит.
Оттон аҕата Уйбаан Арҕаа сэриигэ үс сыл сылдьан, Дьоппуон сэриитигэр эмиэ кыттан, дойдутугар икки кыыстаах кэргэнигэр 1946 сыллаахха эргиллэн кэлбит. Онно кыһыл хааннаах, кугастыҥы баттахтаах, сырдык харахтаах биирдээх бэдик бэрт диэн бэйэлээхтик оонньуу олороро үһү. Онуоха Уйбаан, холку муҥутаан:
– Хайа, бу хантан кэлбит киһиний? – диэбэтэх. Кэлин даҕаны атыҥырыы, атарахсыта көрбөтөх, кэргэнин кыһарыйбатах. Хата, быһыыта, холбостохторун утаа төрөөбүт, үс саастааҕар куордаан өлбүт Коля диэн уолун оннугар кэлиэхтээҕин кэлбит киһи курдук ылыммыт. Костя, аҕыс сыл ата сылдьан баран, куоракка аҕаларыгар иккистээн киирбиттэригэр, маҥнай утаа туора баҕайытык иһиллэр «Уйбаан» диэн аатынан ааттыы түһэн баран, сыыйа үөрэнэн, оҕо эрдэҕинээҕитин курдук, «аҕаа» диир буолбута. Аҕатын таптыыр, оннооҕор атаахтыыр этэ. Оскуоланы, университеты, аспирантураны, кэлин партийнай оскуоланы, аҕалаах буолан, кыһалҕаны көрсүбэккэ бүтэртээбитэ. Кэргэннэммитэ, оҕоломмута.
Биирдэ сааһыары, иккис кууруска үөрэнэ сылдьан, дьиэтигэр тиийбитэ, ийэтэ хара бэкир киһини чэйдэтэ олорор эбит. Уол көрөөт, били Тэмэйэр Миитэрэй диир киһилэрэ кэлэн олорорун тута билбитэ. «Дорообо!» – диэт, хоһугар ааспыта. Таҥаһын уларыттан тахсан, суунан остуолга тиийбитигэр ийэтэ:
– Бу аҕаҥ Миитэрэй кэлэн олорор, дорооболос! – диэбитэ. Костя иккиһин дорооболоһордуу илиитин ууммута. Миитэрэй хара үлэттэн чэрдэммит баппаҕайын ыга тутаат:
– Хайдах олордуҥ? Бу туохха киирдиҥ? – устудьуон киһи чобуотук ыйыппыта.
– Үчүгэй… – диэбитэ Миитэрэй.
Онуоха ийэтэ:
– Аҕаҥ оҕолор миитэрэпкэлэрин көрдүү архыыпка киирбит. Аһаан баран, хата, сирдээн биэр эрэ, – диэбитэ.
– Ыһы! – диэн Миитэрэй соругун таба эттэрэн сөбүлэспитэ.
Ити кэмҥэ аны аҕалара Уйбаан үлэтиттэн кэлбитэ.
– Хайа бу, дойду киһитэ, Миитэрэй, кэлэн олорор эбиккин дуу? – диэбитэ Уйбаан.
Костя, кинилэр кэпсэтиилэригэр кыттыспакка, хардары-таары аҕатын Уйбааны уонна айбыт аҕатынан ааттанар Миитэрэйи одуулаһа олорбута. Миитэрэй үрдүктүҥү уҥуохтаах, хара бараан, эгдэгэр имнэрдээх киһи эбит. Хайдах эрэ бэллигирээн саҥарар. Аймахтыы буолбаталлар даҕаны, араспаанньалара адьас биир.
Костя хоһугар киирэн мааны таҥаһын таҥнан тахсыбыта. Ону көрөн, ийэтэ:
– Миитэрэй, бука, тиэтэйэриҥ буолуо… Уол сирдээн биэриэ… – диэбитэ.
Костя, айбыт аҕатыныын автобус тохтобулугар баран иһэн, улааппыт киһи быһыытынан туох да кыбыстыыта суох ыйыппыта:
– Миитэрээй, мин аны улахан киһибин, устудьуоммун. Онон… Дьон ити тугу этэрий? Мин эйигиттэн, бэйэҕиттэн, истиэхпин баҕарабын.
Миитэрэй тоҕо эрэ мэлдьэһэрдии эппитэ:
– Ээ, ити дьон балыыҥката…
Ити хоруйтан Костя астымматаҕа уонна түгэҕин билэн тэйэр баҕаттан өссө чуолкайдаспыта:
– Суох, эн миэхэ быһаччы этиэхтээххин…
Итиннэ, быһыыта, Миитэрэй ыктарбыта уонна ырааҕынан ханалытан хардарбыта:
– Костя, мин эн дойдугар кэлэргин-бараргын истэбин… Тоҕо биирдэ да биһиэхэ сылдьыбаккын? Бырааттаргын, балыстаргын кытта билсибэккин?
Ити аата айбыт аҕата уолун Костяны бэйэтинэн билиммитэ! Кырдьыга да, Костя оҕо сырыттаҕына, киниэхэ тугунан да көмөлөспөтөҕө, иитиспэтэҕэ. Ону ааһан, өссө билиммэт да быһыылааҕа… Бу сырыыга улааппыт уолуттан ыктаран, аан бастаан тыл ыһыгыннаҕа, мантан инньэ ыкса билсэргэ ыҥырбыта.
Ол эрээри Костя дойдутугар барар-кэлэр этэ даҕаны, Миитэрэйдээххэ тоҕо эрэ сылдьыбатаҕа. Оҕонньор оҕолоруттан улахан уолу, Миисэни, улахан кыыһы, Маасаны, куоракка билсибитэ. Көрүстэҕинэ, убай киһи быһыытынан кэпсэтэ түһэн ааһара. Анаан-минээн дьиэлэригэр сылдьыбатаҕа.
Костя, 40-тан тахсан баран, биирдэ доҕоро (композитор) Аркадий Самойловтыын сайыары күһүн дойдутугар «Ракетанан» тахсыбыта. Аркадийдаах Новосибирскай куоракка билсибиттэрэ. Костя онно Үрдүкү партийнай оскуолаҕа, оттон Аркадий консерваторияҕа үөрэммиттэрэ. Икки сыл устата Костяҕа Аркадий элбэхтик кэлэн, бэрт уһуннук сэһэргэһэр этилэр, бэркэ сөбүлэспиттэрэ. Аркадий консерваторияны бүтэрэригэр Костяҕа этэн биэрэн түөрт чаастаах «Биһик ырыата» диэн хоһоону суруйтарбыта. Ону кини пианиноҕа, виолончельга уонна куоласка анаан уустук музыкальнай композиция оҥорбута. Ол дипломнай үлэтин «туйгун» сыанаҕа көмүскээбитэ. Кинини үөрэппит профессора Петр Николаевич Иванов Костяҕа Аркадий туһунан үрдүк сыанабылын эппитэ: «У него абсолютный музыкальный слух… Он станет гордостью не только якутского народа», – диэн. Үөрэҕин үчүгэйдик бүтэрэн кэлэн, айар үлэнэн бэркэ дьарыктанан, икки төгүл композитордар сойуустарын бэрэссэдээтэлинэн талыллан баран, доруобуйата эмискэ мөлтөөн, ыалдьан, күн сириттэн күрэммитэ. Костя доҕорун олус аһыйбыта, суохтаабыта. Кинилэр бииргэ үлэлэһэн, опера суруйан испиттэрэ… Костя Аркадий дойдутугар, Сунтаар Элгээйитигэр, хаста да сылдьыбыта, ийэтин, балтын кытта билсибитэ. Оттон бу сырыыга төрөөбүт дойдутун көрдөрө диэн аҕалбыта.
Доҕордуулар ыалга түһэн баран, Костя урут олорбут сирдэрин көрө сатыы барбыттара.
– Бу Элэмэс диэн сиргэ уҥа диэки Николай Денисович Неустроев аҕатын дьиэтэ балыыһа буолан турбута. Оттон хаҥас турар Николай Иннокентьевич Голиков диэн хорсун сэрииһит, хас да уордьаннаах убайым балаҕаныгар мин олоро сылдьыбытым. Билиҥҥэ диэри турар учууталлар уопсайдарыгар суруйааччы Афанасий Федоров олорбута. Үс оҕото барыта манна төрөөбүтэ. Бу дьиэҕэ олорон, «Айан аартыга» диэн бастакы, «Хагдарыйбат лабаалар» диэн иккис кинигэтин таһаартарбыта. Бу үрдүк сир – оскуола томторо. Манна мин бэһис кылааһы бүтэрбитим, 6 кылаастан Дьокуускай 2-с №-дээх оскуолатыгар үөрэммитим. Олус эргэрбиттэрин иһин, сэбиэттээн олорбут киһи уоттаан турар… – Костя кэпсии-ипсии, көрдөрө испитэ.
Кинилэр оскуола томторун уһугар чөкөллөн турар кыра дьиэҕэ чугаһаабыттара. Тэйиччиттэн тиэрбэс иһигэр биир кырдьаҕас от охсо сылдьарын көрбүттэрэ. Иккиэн сиэх быһаҕас үрүҥ ырбаахылаах балачча толуу дьон оргууй чугаһаан кэлбиттэрэ.
– Аркадий, ол тиэрбэс иһин охсо сылдьар оҕонньор – мин айбыт аҕам… Түөрт уон сааспын ааһыахпар диэри саһа сылдьыам дуо? Баран кэпсэтиэххэ, – диэт, Костя тиэрбэскэ чугаһаан кэлбитэ. Аркадий соһуйан: «Кырдьык дуо?» – диэбитэ. Онтон доҕоро оонньуу оҥостубатын, бэркэ туруммутун көрөн, салгыы туоһуласпатаҕа. Куорат дьоно күрүө таһыгар кэлбиттэрэ. Оҕонньор, ойоҕолуу турар буолан, ону өйдөөн көрбөтөх быһыылааҕа.
– Миитэрэй, дорообо! Хайа, бу оккун охсо сылдьар эбиккин дуу?
Оҕонньор билбэт дьоно кэлбиттэрин көрөн тохтообута. Хотуурун отунан сотон баран, чугаһаан кэлбитэ. Ыалдьыттар күрүө таһыгар, оҕонньор күрүө иһигэр туран кэпсэтэн киирэн барбыттара. Миитэрэй Аркадийы саҥа көрөрө, оттон Костяны маҥнай эмиэ билбэтэҕэ. Хардары-таары көрүөлүү түһэн баран, Миитэрэй дьэ билэн, Костяҕа туһаайан эппитэ:
– Киһи сылгыттан төрөөбөт. Айбыт аҕаҥ бу турабын! Көр!
Ити таба этииттэн, билинииттэн ыалдьыттар күлсүбүттэрэ.
– Оттон оннук буолбатах дуо?! Хайа, бу хаһан таҕыстыҥ? – Миитэрэй туоһуласпыта.
– Субу бүгүн «Ракетанан» тахсан, олорбут сирбин бу табаарыспар көрдөрө сылдьабын, – Костя хоруйдаабыта.
Күрүө нөҥүө-маҥаа туран кэпсэтэрин дьэ өйдөөн, оҕонньор кыбылла-кыбылла бэттэх тахсыбыта.
– Бэйи, биһиги саатар дьиэ күлүгэр олорон сэһэргэһэ түһүөҕүҥ, – диэбитэ уонна чугас турар дьиэтин диэки хардыылаабыта. Кырдьаҕас киһи диэтэххэ, бачча куйааска көлөһүнэ соччо бычыгыраабатах, төбөтүгэр дьахтар былааттааҕа, сырдык ырбаахылааҕа. Хара бараан сирэйэ сонурҕаабыт көрүҥнэнэн, дьиэ күлүгэр олорбута.
– Чэ, эһиги эмиэ олоруҥ, – диэбитэ. Уонна хас да сыллааҕыта дьиэтэ умайбытын, малын-салын барытын былдьаппытын, бу быраҕыллан турбут дьиэни сөргүтэн олохсуйбутун, Дэбдиргэттэн баран соторутааҕыта кэргэн аҕалбытын сэһэргээбитэ.
Кэргэнэ, кэпсэтиигэ кыттыбакка, дьиэ таһыгар уот отто, ас астыы сылдьыбыта.
Ити кэмҥэ Миитэрэй, быһыыта, уолун, куорат киһитин, холоон көрөн, эппитэ:
– Бээрэ, Костя, бу хатыырынан дьиэ таһын далайан көр эрэ, – уонна хотуурун ууммута. Костя дьиэ таһын кырпай отун биирдэ-иккитэ кыстаран кырылаппыта. Хотуурун отунан сотон, оҕонньорго төттөрү ууммута. Миитэрэй туох да диэбэтэҕэ. Эбии ибир-сибир кэпсэтэ олорбуттара.
Ити кэмҥэ ыалдьыттары хатыҥыр эмээхсин дьиэҕэ, аска ыҥырбыта. Киирэн кэлбиттэрэ, дьиэ тэрилэ: остуол, ыскамыайка – бэрт судургу эбит. Оҕонньор эппитэ:
– Бу ыскамыайканы сирэн бырахпыттарын ылбытым. Уорбатаҕым…
Оҕонньор Таатта үрэҕэр туулуур эбит. Эмис баҕайы күстэҕи ыһаарылаабыттарын ыалдьыттар сиэмэхтээбиттэрэ. Сайыҥҥылыы сөрүүн чэй испиттэрэ. Дьэ, бу олорон, оҕонньор, уолуттан хайдах олорорун, кэргэнин, оҕолорун, үөрэҕин-тойун да ыйыталаспакка (ону дьонтон истибит буоллаҕа), бэйэтэ аҥаар уһугуттан кэпсии, сэһэргии олорбута. Балачча уһуннук олорбуттара. Кэлин уһугар ыалдьыттар тотон, махтанан остуолтан турбуттара. Айбыт аҕатын ис сэбэрэтин сэгэтэн көрдөрөрүн иһин, оҕонньор балачча уһун кэпсээниттэн сороҕун аҕаллахха маннык:
– Элбэх оҕолоох буолан, бөһүөлэккэ симиллибэккэ, субан сүөһү көрөн, наар тэйиччи баар Балаакканан, Ынахсытынан олохсуйбутум. Оҕолору аһатаары тайахтыырым. Хата, Байанайым кэмиттэн кэмигэр син өлүүлүүрэ. Оттон балыгы, күстэҕи, мундуну туулуурум, быспат этим. Ону таһынан кэм ынахтаах, үрүҥ астаах буоллахпыт.
– Эрдэ кэргэннэнэр үчүгэй эбит – оҕолоруҥ сотору улааталлар, туһа дьоно буолаллар. Эн курдук үөрэҕи батыспаталлар да, бары иннилэрин көрүнэр үлэһиттэр, уолаттар сылгыһыттар, тиэхиньикэҕэ да сыстаҕастар. Оту-маһы кыайа-хото булунар дьон. Инньэ гынан кырдьар сааспар көмөлөрө элбэх.
– Эн, Костя, кэллиҥ да, илин дойдугар тута кэриэтэ ааһаргын истэбин. Наһаа дойдумсах киһи үйэтэ кылгас буолар… Уонна онно киһи олорботоҕо ырааппыт, өтөхсүйбүт сиргэ тоҕо бара тураҕын? Тугу көрөөрү? Мин дойдубуттан тэйбитим түөрт уонча сыл буолла да, бара сылдьар санаам суох (Итини Миитэрэй, арааһа, бэйэтин уонна Костяны харыстаан этэр быһыылаах).
– Эн тоҕо элбэҕи суруйан, бэчээттэтэн испэккин? Мин көрүүбэр, эн ситэ үлэлээбэккэ сылдьаҕын. Ону-маны түбэстэхпинэ ааҕабын… Алта кылаас үөрэхтээх буоллаҕым (Ити аата оҕонньор уолун туһунан син билэ, ааҕа сылдьар эбит).
– Айылҕа хамсыырын-харамайын кэтээн көрдөххө, бэл үрэх балыга өйдөөх курдук. Бараайыны туора биир сиринэн наар илимниир буоллахха, төннүү балыга илимҥэ киирбэт. Чүөмпэтигэр төннөн, кыстаан хаалар. Оттон ол сиргиттэн арыый аллара үттэххинэ, эмиэ туппутунан барар.
– Сэриигэ бастакы ыҥырыыга барбытым. Онно да хас да оҕолооҕум. Онон өлөр баҕам суоҕа, байыаннай үөрэххэ, фроҥҥа барбакка, балачча уһуннук сылдьыбытым. Өйдөөн көрбүтүм, кэнники турбуттары элэниэйкэ курдук маһынан быһа анньан, «инникилэр фроҥҥа аттанаҕыт, кэнникилэр хаала түһэҕит» дииллэр эбит. Мин, ону өйдөөн, үксүгэр кэнники өттүгэр туран иһэбин. Ол иһин кыайтарыы, чугуйуу кэмигэр тута барбаккабын, арыый уһаан, арааһа, ордон кэллэҕим буолуо… Атаакаҕа киирэн иһэн, уҥа илиим тарбахтарын быһа ыттаран госпитальга сыппытым. Ону буоллаҕына, хамандыырым: «Эн, наака, бэйэҥ ытыммыккын, бэрэдиитэлистибэ оҥостубуккун», – диэн баайсыбыта. Ама, бэйэм бэйэбин хайдах ытына туруомуй? Көр, кыра үөрэхтээх, нууччалыы аанньа билбэт киһини итинник атаҕастыыр этилэр. Ол иһин туох да мэтээлгэ, наҕараадаҕа түһэрбэтэхтэрэ, бэл бэтэрээн аатын ылбытым да аҕыйах сыл буолла… Биһиги, бастакылар, чугуйуу кэмигэр түбэһэммит, өлбөтөхпүтүгэр баһыыба, наҕараада туһунан оччолорго өйгө да суоҕа. Балыйдаллар да, хайыахтарай, бааһырбытым быһыытынан дойдубар ыыппыттара… Уот сэрииттэн тыыннаах кэллэҕим дии уонна туох наада? Кэлин оҕолор туруорсан бэтэрээн оҥорбуттара…
Ити курдук уһуннук кэпсэтэн, тахсан быраһаайдаһан, Аркадийдаах Костя баран иһэр сирдэригэр ааспыттара. Балачча тэйэн иһэн, Аркадий эппитэ:
– Дьэ, Костя, хайдах да мэлдьэһиннэрбэт биир түгэн баар – ол куоласкыт тембрэ. Адьас үүт-үкчү! Онон, чахчы, айбыт аҕаҥ эбит!
Дорҕоону чинчийэр композитор идэлээх Аркадий Самойлов ити этиитэ Костяҕа Миитэрэй айбыт аҕата буоларын чиҥник ытаһалаабыта.
Кэлин Миитэрэй, куоракка киирэ сылдьан, Костяҕа эппитэ:
– Эн мин ааппын ылыммаккын дуо?
Онуоха Костя быһаччы хардарбыта:
– Миитэрэй, бырастыы гын, эн миигин ииппэтэҕиҥ. Эн ааккын ылар кыаҕым суох. Оннооҕор биир сааспыттан бачча буолуохпар диэри ииппит-аһаппыт аҕам Уйбаан аатын да ылыммакка сылдьабын. Ылыннарбын киниэнин ылыныам этэ… Төрүүрүм саҕана аҕам аатын халлаантан түһэрэннэр, «Дьөгүөрэбис» буола сылдьабын. Уларыппаппын… Хайдах ааттаабыттарынан хааллын!
Миитэрэй «һы!» эрэ диэн хаалбыта, салгыы саҥарбатаҕа.
Кини «сүүс сааспар адьас тиийэбин» дии сылдьан, тоҕус уон тоҕус сааһыгар эмискэ нукус гынан хаалбыт. Оҕолоро, сиэннэрэ уҥуоҕун туппуттар. Костя иһиттэр да, көмсө барбатаҕа…
Өлүөн иннинэ оҕонньор олоҕун түмүктүүрдүү оҕолоругар эппит сурахтааҕа: «Эһигини киһи гынаары элбэхтик түбүгүрдүм. Харым күүһүнэн улаатыннардым. Үп-харчы кырыымчык буолан, эһигини үрдүк үөрэхтээбэтим. Ону баалаамаҥ… Арай биир уол оҕону түбэлтэҕэ үөскэппитим үс үрдүк үөрэҕи бүтэрбит дииллэр. Убайгытын кытта билсэр буолуҥ. Онон син биир үөрэхтээх уоллаахпын диэн бу орто дойдуттан барыам буоллаҕа…»
Костя да, кырдьык, сылгыттан төрөөбөтөҕө, кини да атыттар курдук айбыт аҕалаах эбит.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?