Электронная библиотека » Николай Винокуров » » онлайн чтение - страница 1

Текст книги "Хараҥа сискэ"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:00


Автор книги: Николай Винокуров


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 1 (всего у книги 8 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Урсун
Хараҥа сискэ

БАСТАКЫ КӨҔӨН

Киэҥ Күөл эбэ Сыһыытын соҕуруу өттө. Хаар ууллубут, кус кэлбит кэмэ. Тараҕайдар өтөхтөрө. Балаҕан, ампаар, тэйиччи хотон бааллар. Тараҕайдар урут сэниэ ыал эбиттэр. Ампаарга араас мал-сал: ыһыах иһитэ, улахан олгуй, үрүҥ көмүс сирэйдээх ыҥыыр уонна, муодарҕыам иһин, сиэдэрэй куормалаах, куорсуннаах үрдүк бэргэһэлээх, үрүҥ ыстааннаах ыраахтааҕы саллааттара эрчиллэ сылдьар ыспалыардара (билиҥҥинэн обуой) – элбэх этэ. Ол быыһыгар аҕыйах тимир хапкаан баарын мин сааһыары туллукка туттубутум. Аны аллара аппа уутугар саҥа кэлбит чөкчөҥөлөрү бултаһаары уура сытыарарым. Быйыл үһүс кылааһы бүтэрбит бөтөс этим.

Дьэ, биир күн, садырыын уутун атах сыгынньах кэһэн, хапкааннарбын иитэргэ сананным. Чөкчөҥө элбэхтик түһэр дулҕатын төбөтүгэр соруйан оҥорбут курдук куоһахха бастыҥ хапкааммын отунан сабан кичэйэн ииттим. Атыттарын ууга быраҕыллыбыт маска, бадараан боллоҕор уурталаатым. Отунан, ньамаҕынан саптым. Барыларын бэрээдьинэ быаларынан мастарга, чороохторго баайталаатым. Олору бадарааҥҥа батары астым.

Нөҥүө күн эрдэ туран аппабар сүүрдүм. Арай көрбүтүм: уу ортотугар саһархайдыҥы тумустаах, кыһыллыҥы атахтаах, көҕөрүмтүйэр баттахтаах, чөкчөҥөҕө холооно суох улахан көтөр тиэрэ мөтөйөн сытар. Мин, харса суох ууну кэһэн күрүлэтэн тиийэн, үрүҥ биһилэхтээх уһун моонньуттан харбаатым, били мин дулҕа төбөтүгэр ииппит хапкааммын быалары-мастары соһо сылдьыбыт. Итиччэ улахан эрээри, хапкааным чороох маһын сулбу тардан баран, хайдах көтүтэн илдьибэккэ өлбүтүн муодарҕаатым. Уу уҥуор сонос тииккэ уйалаах сымыыт баттыы сытар тураах була охсон, иһин орообут, очоҕоһун субуйбут. Арыый хойутаабытым буоллар, адьас да мэлитиэ эбит.

Бастакы бөдөҥ сиэдэрэйкээн булпун хапкааннары-майырдары соспутунан ууттан тахсан, балаҕаҥҥа тэбинним.

Халҕаны аһа баттаат:

– Ийээ, хаас-хаас! – диэбитинэн көтөн түстүм.

Ийэм, хаҥас диэки тугу эрэ гына сылдьан, соһуйан:

– Оо, оҕом булдун көрбөккүөт?! Атыыр көҕөн бэрийэр бэрдин бултаабыт дии! – диэтэ үөрбүт-көппүт быһыынан. Оттон таайым кэргэнэ Боккуойа:

– Пыы! Мантыккын сиэҥ сиэбит. Очоҕоһо субулла сылдьар… Аньыы! – диэн сөбүлээбэтэҕин биллэрдэ.

Таайым дьиэҕэ суоҕа. Мин курус гынным быһыылаах. Ону алы гынардыы ийэм:

– Оҕом бастакы дьоһун булдун, кэбис, киэһэ бэйэм сууйан-сотон буһарыам. Иһэ ороммута туох буолуой?.. – диэбитинэн, куспун хапкаантан арааран, хаҥас диэки илдьэн кэбистэ.

– Хата, күөс бастыҥа буолуо, – диэтэ миигин уоскутардыы. – Бар, ыстааҥҥын ыган күрүөҕэ ыйаа, эргэҕин ампаартан булан кэт, – ийэм илийбиппин, тоҥмуппун аһына көрөн, эбэн эттэ:

– Таайыҥ Устар Атахха дугда тутта барбыта. Сотору кус айах буолуохпут. Ирэ таарыйа онно сүүр. Бу лэппиэскэтэ илт. Өйүөтэ суох барбыта. Сэрэн, Нэгэргэ үрэҕин муостатынан туораа. Ууга түһээйэххиний. Үрэх уутун киллэрэн эрдэҕэ…

Таһырдьа ойдум. Ыстааммын ыган күрүөҕэ биллэҕэ бырахтым. Эргэ ыстааммын булан кэттим. Ийэм таһааран биэрбит саппыйалаах лэппиэскэтин ыллым да, Устар Атахха, балачча тэйиччи көлүччэҕэ, ыстанным.

Таайым дугдатын бүтэрэн, отунан бүрүйэ сырыттаҕына, аҕылаан-мэҥилээн тиийдим. Соһуйда:

– Бээрэ, соҕотоҕун кэллиҥ дуо? – диэтэ.

– Соҕотоҕун… Таай, мин бултуйдум…

– Тугу?

– Көҕөн, атыыр көҕөн үһү! – омуннура эттим.

– Бай! Дьэ, Куолахсын да Куолахсын! Миигин баһыйбыккын дии! – таайым үөрэн, от күөҕэ харахтара уратытык мичилийдилэр. Оттон мин булчут киһи үгэһинэн боччумнук тутта сатыыбын.

Көр, итинник, бастакы көҕөммүн чөкчөҥөҕө ииппит хапкааммыттан ылан, соһуччу бултуйан турабын.

ҮС ХАПКААН

Аҕата, убайа суох буолан, Костя атын оҕолор курдук кус оҕотугар тиргэлээбэт этэ. Сылгы кутуругун кылын хатан туһах оҥорор киһитэ киниэхэ суоҕа. Арай тиргэлээх оҕолорго ымсыырара эрэ. Хам-түм кинилэр тиргэлэрин кэрийэллэригэр сылдьыһан, биир эмэ куска тиксэн, дьиэтигэр бэйэтэ бултуйбут курдук үөрэн төннөрө.

Арай биирдэ суолга кини туу оҥорооччу Тоҥсуук оҕонньору утары көрсө түспүтэ. Оҕонньор мас сүгэһэргэ балыктаах тымтайы сүгэн иһэрэ. Сылайбыт быһыылааҕа. Аллара маһыгар кылырдаһар аҕыйах хапкааннаах сүгэһэрин түһэрэн, дэйбииринэн охсуна-охсуна, суулла сытар маска олоро-олоро оҕонньор эгэ-дьаҕа эппитэ:

– Хайа, тукаам, бу хантан иһэҕин? Ханна олороҕун? Кэл, олор, кэпсэтиэх.

Костя, саба түһэр бырдахтартан сапсына-сапсына, кэккэлэһэ олорбута.

– Хаһаарыматтан. Онно ийэбиниин сайылаан олоробут.

– Бэйэҕит эрэ дуо?

– Бэйэбит эрэ…

– Арба аҕаҕыт куоракка буоллаҕа дии?

– Куоракка.

– Тахса сылдьар дуо?

– Тахсыбатаҕа ыраатта…

– Ынахтааххыт дии, бадаҕа?

– Биир ынахтаахпыт.

– Ыатар дуо?

– Ыатар. Сааһыары төрөөбүтэ.

– Өссө ким баарый?

– Ыалдьар эдьиийим Дааса. Эдьиийим Суура холкуоска үлэлиир. Билигин окко сылдьар… Балтым Марыйаана – дьиэ киһитэ. Хараҕынан мөлтөх…

– Оччоҕо уоллара эн эрэ эбиккин дии?

– Оннук.

Оҕонньор балачча саҥата суох олорбохтообута, табаҕын соппойбохтоон баран:

– Хата мин оҕобор хапкаанна биэриим. Моҕотойдо, маттаҕата11
  Маттаҕа – күтэр.


[Закрыть]
бултаа, – диэбитэ, сүгэһэрин маһыттан сүөрэн үс хапкааны Куостаҕа ууммута. Уонна эбэн эппитэ:

– Соруйан биэрэбин. Бэркэ харыстаан тутуннаххына, өр барыаҕа…

Костя, үс саҥатык хапкааны оҕонньор илиититтэн сэрэнэн ылаат, тугу хардарыаҕын билбэтэҕэ, кырдьыга, бэйэтэ бас билэр тэриллэнэрэ киниэхэ улахан үөрүүлээҕэ, долгуйбута. Оҕонньор ону өйдүүр киһи быһыытынан уол дьарамай саннытын таптайбыта:

– Чэ, этэҥҥэ сырыт! Бултаа-алтаа!

Үөрбүччэ уонна хапкааннарын да уураары Костя Хаһаарыматыгар төннүбүтэ. Оттон Тоҥсуук оҕонньор, айаккалаан туран, сүгэһэрин кэтэн, чугас турар Чууп диэки алтахтаабыта.

Костя, дьиэтигэр баран иһэн, санаабыта:

– Бу үс хапкааны хайдах туһанабын? Ийэбиттэн ыйытыам. Ийэм туох диир?

Охонооһой Хаһаарыматын ааһаат, Күл сонуоҕун ортотунан тиэтэллээхтик хааман-сиимэн испитэ. Сотору олорор ырааһыйата ыйдаҥаран көстүбүтэ. Уол сүрэҕэ битигирэччи тэбэ-тэбэ, тэйиччи турар балаҕан салҕааһыннаах дьиэтигэр сүүрэн тибигирэйэн тиийбитэ. Балаҕан халҕанын тэлэйэ көтөн түспүтүгэр, ийэтэ, хаҥас диэки сүөгэй иирдэ олорон, соһуйан саҥа аллайа түспүтэ:

– Хайа бу туох буолан кэллиҥ?

– Ээ, ийээ, Тоҥсуук оҕонньору көрүстүм. Хапкаан бэлэхтээтэ. «Моҕотойдо, маттаҕата бултаа, соруйан биэрэбин» диир…

Костя үс хапкааны хоонньуттан хостообута.

– Бу, бу… Үстэр!..

– Тыый! Оҕом, оттон тугу эмэ бултаатаҕыҥ дии?.. Хара да сиэбэтэхпит ыраатта… Кус оҕолоон көрөрүҥ дуу? Даасаҕа миинниэ этибит…

Ити кэмҥэ ыалдьан суорҕаҥҥа-тэллэххэ сытар эдьиийэ эргийээри ынчыктаабыта.

Уол иһигэр: «Кырдьык даҕаны. Бачча тэриллэнэн баран кустуохха… Арай ол хайдах? Баччааҥҥа диэри ким да куһу хапкааннаан эрэрэ иһиллибэт ээ… Оҕолор үрэххэ быһыттаан тиргэлииллэр, кустууллар буолбат дуо? Хапкаанынан да, бука, бултаһыахха сөп ини?..» дии санаата.

– Ийээ, боробулуоха баар дуо? – Костя ыйыппыта.

– Дьиэ таһыгар көрүтэлээ эрэ. Баар буолуохтаах, – ийэтэ, арыыта тахсан, сүөгэй уутун уолугар чохооҕо кутан биэрбитэ.

Уол, ону иһэн тиҥиргэтэн баран, таһырдьа ойбута.

Сотору хапкаан быата буолуох боробулуоханы булбута. Үс хапкаанын быалаабыта. Ол кэмҥэ иһирдьэ нуучча дьиэтигэр тугу эрэ оонньуу олорбут балта Марыйаана:

– Убаай, ханна бараҕын? Барсыам, – диэбитэ.

Онуоха Костя:

– Кэбис, Марыйаана, мин билигин үрэххэ киирэбин. Куска хапкаан иитиэм. Өр сылдьыам. Бырдахтаах, уута дириҥ. Эн кыайан кэһиэҥ суоҕа… Сарсын көрөрбөр барсаар. Баҕар, бултуйуохпут…

– Чэ, убаай, оччоҕо сарсын хайаан да илдьээр, – Марыйаана ону ылыммыта.

– Илдьиэм, – диэт, Костя, аҕатын бэлэҕэ бүлгү тутар быһаҕын ылан, үрэххэ киирбитэ.

Хаҥалас үрэҕин сүнньэ адьас Хаһаарыма аннынан ааһара. Кус оҕото улаатан от быыһынан ороҕурбута тараанньыктанан көстөр. Нөрүйэн турар окко орҕочуйбут сүрүн суолларын булан, ону талаҕынан быһыттаан, айахтаан, хапкаанын ииттэҕинэ, бултуйуо дуо?

Итинник санаат, уол үрэх кытыытын үөттэриттэн үөл, от күөҕэ субалаах, дьылыгыр, уһун өттө лабаалардаах талаҕы быспыта. Олорун уһуктаан, суон өттүн бадарааҥҥа батары анньыбыта, тобугун аллараа өттүнэн холоон тосту туппута. Ороҕун утарыта атын талаҕы эмиэ итинник оҥорбута. Онто быһытын аана буолбута. Хапкаанын уурарыгар уута балачча дириҥ эбит. Тэйиччиттэн биир эргэ уу испит дулҕатын булан аҕалан, уһуктаах мастарынан хараҕалаан, аанын анныгар көстөр-көстүбэт тимирдибитэ. Хапкаанын иитэн, онно ууран, боробулуохатын аан эҥээригэр уу иһинэн баайбыта. Бэркэ сэрэнэн хапкаанын тылыгар муоҕу быһа тыытан, таппаны табыгыраппыта.

Икки хапкааны эмиэ итиниэхэ майгынныырдык тэйиччи-тэйиччи ииппитэ. Сыгынньах атаҕа, былыык анна муустаах буолан, тоҥо быһыытыйбыта, ыстаанын дуома илийэн ыараан хаалбыта. Үрэх кытылыгар тахсан ыктан көрүө этэ да, бырдаҕа бэрт, ол үөннэр сүгүннүүллэрэ биллибэт. Онон ыктыбакка эрэ ырааһыйаҕа ыстаммыта.

Марыйаана дьиэтин таһыгар турара. Кини хараҕынан барытара эрэ. Кыра сырыттаҕына, оронтон мүччү түһэрбиттэр. Хараҕын олоҕо хамсаабыт үһү. Убайа чугаһаан кэлбитигэр:

– Убаай, хайа бултаатыҥ дуо? – диэн ыйыппыта.

– Акаары, иитэри кытта хайдах иҥниэҕэй? Түүн аһыылларыгар, баҕар, иҥниэхтэрэ, – диэбитэ Костя үс сыл балыс балтытыгар.

Сарсыарда Костя эрдэ турбута. Сэргэх балтыта, уһукта охсоот, таҥнан хачыгырайбыта.

– Убаай, куотума, – Марыйаана көрдөспүтэ.

– Түргэнник хомуна оҕус, киирдибит, – Костя, булчут киһи буоллаҕым буолан, балтытын тиэтэппитэ. Ийэлэрэ ынаҕын ыы барбыт быһыылааҕа.

Ыалдьар эдьиийдэрэ Дааса сыттыгыттан өндөйөн Костялааҕы көрбүтэ:

– Сэрэнэн сылдьыҥ. Дириҥҥэ кииримэҥ, – диэбитэ.

Костя, үрэххэ тиийбэккэ эрэ, балтытыгар бырдахтаннын диэн хахыйаҕы тоһутан дэйбиир оҥорон биэрбитэ.

– Марыйаана! Эн ууга киирбэккин. Кураанах сиргэ хаал. Мин хапкааннарбын көрүөм. Эргэ күрүө сэмнэҕэр олор, бырдахтан. Миигин сотору-сотору ыҥырыма. Кус куттаныа… Чэ, бардым, – диэт, уол үрэҕи кэһэн маҥнайгы хапкааныгар киирбитэ.

Чугаһаан истэҕинэ, арай быһытыгар кус сапсынар тыаһа иһиллибитэ. Биир кус, атаҕыттан ылларан, киһи чугаһаабытын билэн, куота сатыыр дьүһүнэ эбит.

Тыыннаах куһу моонньун быһа эрийэллэрин Костя билэр. Куһун балачча бодьуустаһан син өлөрбүтэ. Түү, хаан буолбут илиитин өттүгэр соттоот, хапкаанын хат иитээт, быһытын, оту-маһы көннөрө түһээт, балтын үөрдээри төннүбүтэ.

Марыйаана, тэйиччиттэн кус сапсыммытын, уу тыаһын чуордук истэн, чөрбөйбүтэ ырааппыт:

– Убаай, кус ыллыҥ дуо? – дии тоһуйбута. Онуоха Костя киниэхэ өссө да сылаас саҥа өлбүт куһу куду анньыбыта. Кыыс:

– Аата, үөрдэхпиэн! Бултуйбуппут дии, убаай? – диэбитэ, булдун имэрийэ туран.

Уол аны атын хапкааннарын көрөн, биирдэриттэн мэлийэн, иккиһиттэн кус ылан, үөрэн-көтөн тахсыбыта. Балта эбии үөрбүтэ. Онон икки кустаах тахсан иһэллэрин ийэлэрэ көрөн:

– Хор, оҕолорум, Байанайдаах эбиккит! Бүгүн миин иһэр дьон буолбуппут, – диэбитэ сымнаабыт куолаһынан. Кини урут саас туспа дугдаланар, сааланар буолара.

– Бэйи, мин сарсын эргэ чаанньыкка түптэлээн биэриэм. Ону илдьэ сылдьаарыҥ. Били хаптаҕаска лэппэрдиир тыатааҕы кырдьаҕас чугас сылдьарын биллэххитинэ, маһынан чаанньыккытын таһыйаарыҥ. Оччоҕо күрэнэр аакка барыаҕа, чугаһыа суоҕа, – ийэлэрэ булчуттарыгар сүбэ биэрбитэ. Оҕолор, ону ылынан, эргэ чаанньык иһигэр сылгы сааҕынан түптэлээн, өрүү бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьар буолбуттара. Ону үрэх кытыытыгар хаалааччы Марыйаана кыыс хото туһанара. Оттон Костя, бырдахха сиэттэр даҕаны, булчут киһи сиэринэн тулуйарыгар тиийэрэ.

Итинтэн ыла уол кус оҕото от үрэҕинэн устарын тухары күннэтэ кус таһааран, оронтон турбат уһугулаан эрэр эдьиийдэригэр мииннээн, бэйэлэрэ да үссэнэн, бэркэ абыраммыттара. Кэлин үрэххэ кус аҕыйаабыта, хапкааҥҥа киирбэт буолбута. Ол иһин Костя биирдэ соҕотоҕун баран, үрэх чугаһыгар тыа иһигэр бүгэн сытар таппалаах көрдүгэни булан, онно бултаһан көрөргө быһаарыммыта. Ол эрээри көрдүгэн от үрэх буолбатах, хапкаан ууруллуох, быһыт оҥоһуллуох айылаах чычаас уонна билии сирэ суоҕа. Көрдүгэн ортотунан абына-табына дулҕалаах сиринэн быһан, быһыттаан, үс ааннаан ииттэҕинэ, баҕар, туһаныаҕа. Үлэтэ элбэҕиттэн, ууну наар кэһэ сылдьарыттан дьулайбакка, Костя уһуннук үлэлэһэн, элбэх эрэйинэн быһан, талаҕынан дулҕалар ыккардыларын бүөлээн, син быһыт хабаанын оҥордо, үс ааннаата. Хапкааннарын уурар сирин уруккутугар майгыннатан, уу дириҥин аахсан, анныгар сылбах уган, үрдүнэн эмиэ дулҕа ууран бэрт өр бодьуустаста. Ыстаанын элээмэтин харыстаан кытылга устан уонна ким да көрбөтүн туһанан, сыгынньаҕын ууну кэһэн, тоҥо быһыытыйбыта. Ол кэмҥэ арыый күһүҥҥүтүйэн бырдах аҕыйаабыт этэ. Хаста да кытылга тахсан, дулҕа сиэлигэр олорон, тоҥмут уонна хатырбыт атахтарын дулҕаҕа тэбэн, куурда түһэ-түһэ, хас да төгүл кырынан, хапкааннарын иитэн, дьэ, «һуу» гыммыта. Тиэтэлинэн таҥнан, тоҥмутун аһараары дьиэтигэр сүүрбүтэ. Ийэтэ кэтэспит этэ.

– Тоҕо өр буоллуҥ?

– Ыллык уҥа өттүгэр обургу көрдүгэни булан, дулҕалаах сиринэн быһан, өр биликтэһэн хапкааннарбын көһөрдүм. Үрэххэ иҥнибэт буолан хаалла, – диэбитэ Костя.

– Ити көрдүгэни тоҕо эрэ Тоҥсуук көрдүгэнэ диэн ааттыыллар. Арааһа, кини, уута дириҥ уонна ыраас эрдэҕинэ, балыктаатаҕа буолуо, – ийэтэ кэпсээбитэ.

«Тоҥсуук оҕонньор, таппата суоҕар, баҕар, балыктааҕа эбитэ дуу, туулаабыта буолуо дуо? Дьон мээнэҕэ ааттаабатах буолуохтаахтар», – дии санаабыта Костя.

Сарсыныгар эрдэ туран, балтытынаан биир кустаах кэлбиттэрэ. Ити тухары үс хапкааны бэлэхтээбит, ас кырыымчык кэмигэр эр киһитэ суох ыалы мииннээбит, тыыннааҕар үйэтийбит анал көрдүгэннээх Тоҥсуук барахсаҥҥа уол махтана саныыра.

ХОНУУ БАРААХТАРА

Таатта сиригэр эмис соботунан, ааллаан ааһар андытынан, булдунан-алдынан, сирин аһынан, өлгөм отунан, кэрэ айылҕатынан аатырбыт Киэҥ Күөл барахсан кындыа кырдалларыгар күөх от саҥа бытыгыраан эрдэҕинэ, сүрдээх ыраас сааскы күн Костя урут көрбөтөх халыҥ үөрдээх дьоҕустуҥу көтөрдөрө чугас хонууга түстүлэр. Түһээт, догдоҥолоһо сылдьаннар, тугу эрэ булан тоҥсуйбахтыыллар, тоҕо эрэ саҥарсыбаттар. Костя дьиктиргээн хаптас гынна, аһыы сылдьар көтөрдөргө чугаһыы сыылынна. Хата уһуулара суох буолан, балачча чугаһаттылар. Томтор сиртэн көрөн сыппахтаата.

Кини хапкаанынан бултаһар чөкчөҥөлөрүгэр холоотоххо, быдан обургулар, элбэхтэрэ да сүрдээх.

«Бээрэ, итиччэтигэр уһун мас булунан, итиччэ чугаһаталларын туһанан, бултастахха сатаныыһы», – дии санаата Костя, булчут төрдө тардан. Кини эһэтин, Манастыыр оҕонньору, улахан байанайдаах булчутунан ааҕаллара. Аргыый кэннинэн сыылаҥхайдаата. Тэйбэхтээн иһэн, эргиллэн көрбүтэ: көтөрдөрө тэһииргээбэтэхтэр, ымсыытыгар эбии бөлүөхсүбүт курдуктар.

Костя ат буолан барбахтаата, онтон бөкчөйөн туран кэллэ. Чөкчөҥөлүүр аппатын аттыгар үүммүт, дьылыгыраспыт талахтартан биир уһуннарын төрдүн диэкинэн өҕүлүннэрэн, бэркэ мадьыктаһан тоһутта. Онто сүгүн арахсыбакка сордоото. Төттөрү-таары халкыҥнатан, эрийтэлээн, арыычча туура тарта. Салааларын илиитинэн ылҕаата, күөгү маһын курдук ураҕаһын соспутунан булдугар төнүннэ.

Көтөрдөрүгэр чугаһаан кэлээт, ураҕаһын үөһэттэн куһуурдан түһэрдэ да, олоро үрэл гынан холкутук аһаран биэрдилэр. Биир да таптарбата. Талаҕа хонууга кураанаҕынан бүтэҥитик саалынна. Көтөрдөрө дайан тахсаннар, соччо ырааппакка сирилэһэн хат түстүлэр. Костя ураҕаһын кистии соспутунан ол диэки сыҕарыйда.

Эмиэ талаҕын күөрэтэн баран, түһэрбэккэ, көтөрдөрүн, дьэ, сыныйан кыҥастаста. Дьэ, доҕоор! Арай өйдөөн көрбүтэ: бу көтөрдөрө бары тус-туспа, олус чаҕылхай өҥнөөх-дьүһүннээх буолан биэрдилэр. Ол курдук төбөлөрө, моойдоро мороду кус курдук сиэдэрэй ойуулардаахтар. Аны онтулара бэйэ-бэйэлэригэр адьас маарыннаспат эбиттэр. Бу дьэрэлиһэн эчи кэрэлэрин!

Эмиэ эгэлгэ дьүһүннээх, сахсархай түүлээх моонньулаах эһэ бараахтарын көрөрө да, балар оннооҕор быдан үчүгэйдэр.

Итини көрөөт, Костя бу кэрэ көтөрдөрү бултаһар санаата эмискэ уоһунна. Туруорбут ураҕаһын бэркэ сэрэнэн, куттаабатарбын ханнык диэн, кэннин диэки аргыый аҕайдык сыыйа түһэрдэ. Бэйэтэ сөхпүтүттэн сүрэҕэ тэбэн, харахтара дьиримнээн, онто сыыйа ааһан, аны харах иччитэ буолан, хас биирдиилэрин хамсаныытын кэрэхсии одуулаһа өр сытта. Көтөрдөрө да, аны кини биһиэхэ суудайбат диэбиттии, холкуларыгар түһэн, кэтэммэккэ, аһаан-сиэн кэтэхтэрэ чоноҕолуу сырыттылар.

«Маннык элбэх үөрдээх, олус чычаас, киһи эрэ таптыы көрүөх дьүһүннээх туох көтөрдөрө эбиттэрэй?!» – диэн Костя улахан дьоннуу дьоһуннана санаата уонна, быһа охсон ылыах, бултуох-алтыах буолан, айаҕаланан, талах быстан кэлбититтэн, биирдэ, дьолго, хата, сыыһа кулаан кэбиспититтэн иэдэһэ итий-итий гыныар диэри кыбыһынна. Маннык барахсаттары, ама, хайа тоҥ сүрэхтээх киһи бу чаҕыл сааскы күөх кырдалга өлөрө-өһөрө турдаҕай?!

Итинник санаат, Костя ойон турбутун бэйэтэ да өйдөөмүнэ хаалла. Онуоха көтөрдөрө соһуйаннар көтөн таҕыстылар. Ыраата түһээт, күөл сыһыытын диэки, арааһа, түһээри быһыылаах, элиэтээтилэр.

Костя салгыы эккирэтиһэ барбакка, ураҕаһын киэр элитэн, буор-сыыс буолбут таҥаһын тэбэнээт, балаҕанын диэки аргыый хаама турда.

Кус-хаас кэлэн бүтүүтэ айылҕа анаабыт кэрэ сирдэригэр ити көтөрдөр дэҥ кэриэтэ түһэн ааһар түгэннэрин көрбүт икки атахтаахха бэрт аҕыйах үһү.

Итинник, оҕо сылдьан, Костя төрөөбүт дойдутугар, Киэҥ Күөл кырдалыгар, сэдэх көтөрдөрү – хонуу бараахтарын – олоҕор биирдэ көрөн турардаах.

ЭҺЭ

Куоракка үөрэнэр Костя, үөрэх аһыллара чугаһаан, хатыҥ сэбирдэҕэ тэлээрэн түһэр хаһыҥнаах сарсыардатыгар эрдэ туран, Таатта Төрдүгэр тохтоон ааһар теплоходка олорсоору айан суолун тутта. Кини Көтөт Сайылыгар таайын аахха сайылаата, оттосто, бэркэ сынньанна. Быйыл 7-с кылааска үөрэниэхтээх.

Лиҥкир тиит мастаах Эмис сиһин быһа түһэн, Сайыы күөлүн ойоҕолуу хааман иһэр. Күөлтэн туман көтөр. Нус-хас. Сыһыыга ынахтар кэбинэ сыталлар. Айылҕа кэрэтиттэн, чэбдигиттэн тэбиэһирэн ыллаан барда:

 
Манна ойуур иһигэр
Чыычаах ыллыыр, күн көрөр.
Сэбирдэхтэр үрэллэн
Үрдүбүнэн көтөллөр.
 

Арай уҥа өттүттэн талах быыһыттан туох эрэ түөһүллэн турда. Костя, онно болҕомтотун соччо уурбакка эрэ, хараҕын кырыытынан көрбүтэ: сүөһү буолбатах, хара тыа хаһаайына – хагдаҥ эһэ – эбит! Түөрт атаҕын тус-туһунан түһэртээн, тэйэ сүүрэн бүгүллэҥнээн эрэр. Айаҕын аллаччы аппыт, чугаһа бэрт буолан, бэл сыраана сынньылыйара кытта көстөр. Көхсүн иһэ күрдүргүүр. Аҕыйахтык күөһэкэччийэн иһэн, мастар күлүктэригэр түстэ.

Уол, киниэхэ утары кэлбэтэх уонна суоһурҕамматах буолан, куттаммакка да хаалла. Итинник адьырҕаны кини сүүрбэччэ хаамыылаах сиртэн аан бастаан көрдө. Урут моонньоҕоннуу, хаптаҕастыы сылдьан, тыатааҕы оту-маһы хамсатарын, бэрт соторутааҕыта барыанньа курдугунан хойуулаабыта буруолуу сытарын син көрөрө. Оттон бүгүн Эмис балаҕана адьас чугаһаабытын кэннэ кэбинэ сытар ынахтар чугастарыттан эһэ туруо диэн ончу санаабатаҕа. Дьэ, айаннаан иһэр уолга айылҕата, арааһа, анаан-минээн көрдөрдө.

Манна, Эмискэ, убайдара Бүөтүр уонна Ньыыка сүөһү көрөн олороллор. Куттамматым дии санаабыта да, сүһүөхтэрэ кыратык хамсаабыт эбит.

Эргиллэн көрүөн дьулайар, баҕар, батыһан иһэрэ буолуо…

Уол уора-көстө хардыытын кэҥэттэ. Күрүө аана кэлбитин кэннэ алын сүллүгэс быыһынан иһирдьэ төкүнүс гынна. Эргиллэн көрбүтэ: бэттэх туох да көстүбэт. Ол да буоллар, тэлгэһэҕэ үктэнээт, балаҕаҥҥа диэри сүүрэн тиийдэ. Халҕаны тэлэйэ баттаабыта: убайа Бүөтүр утары, кэргэнэ Маайа кэннинэн чэй иһэн сыймаарда олороллор эбит. Оттон чэйдээн бүппүт Ньыыка хаҥас диэки батарантааһы курдана турар.

– Тыатааҕы адьас тэлгэһэҕитигэр киирбит дии! – диэн Костя омуннаахтык эппитигэр соһуйдулар.

– Бэй, ол ханна? – диэтэ Бүөтүр.

– Сайыы ойоҕоһугар көрдүм! – диэтэ уол бөтүөхтүү-бөтүөхтүү.

– Ээ, икки хонуктааҕыта Пятилетка диэн ньирэйбит сүппүтэ. Арааһа, кини мэҥиэһиннэҕэ буолуо, – Ньыыка аргыый сыыбырҕаата уонна үөһээ ардьаахха аспыт саатын ылла.

– Симиэрди, хата, мин сирэйгэ ытыам ээ! – Ньыыка чахчы ытыах киһи курдук сымарынна. Халҕаны аһан таһырдьа тэп гынна.

Саҥаһа Маайа уолга чэй кутта. Костя суолтатыгар сыпсырыйан истэ, айаннаары ыксаата. Муҥ саатар, чэйэ итиитэ да бэрт. Дьиҥэр, дьиэтиттэн ыраата да илик.

Тахсыбыта: Ньыыка ханна да суох. Уол кини эһэни хаһан сирэйгэ ытарын кэтэһэн хараҕа – кэннигэр, кулгааҕа саа тыаһын истээри чөрөйөр. Бэйэтэ суол устун сүүрэр-хаамар ыккардынан кудулутан иһэр.

Кини көс курдук Кырамдаҕа тиийиэр диэри саа тыаһаабата. Онон Костя Ньыыка эһэни хайаабытын билбэккэ куораттаата.

Эһиилигэр кэлбитэ, Бүөтүрдээх Ньыыка эмиэ Эмистэригэр олороллор эбит. Бүөтүрдээх Маайа бааллар. Чэйдэттилэр. Ону-маны кэпсэппэхтээн иһэннэр, Костя ыйытта:

– Бээрэ, Бүөтүр, били былырыын Ньыыка эһэтин хайаабытай?

– Ол киһи доруоп саанан тыатааҕыны хайаан ытыай? Тыл тамаҕар эрэ эттэ ини… – диэтэ Бүөтүр күлэ-күлэ. – Кустаан кэлбитэ. Кырдьаҕас киниэхэ сирэйгэ ыттара туруо дуо? Бардаҕа эбээт! – Бүөтүр эбэн биэрдэ.

«Ол иһин даҕаны! Саа тыаһаабатах эбит», – дии санаата Костя уонна Ньыыка кинини хаадьылаан тылласпытын билигин эрэ таайда.

Ол эһэ ынахтары кытта эҥээрдэһэн сайыны быһа сылдьыбыт үһү. Ынахтар да киниэхэ кыһаммат, адьас куттаммат буолбуттар. Оттон сүппүт ньирэйи чахчы кини моһуоктаабыта биллибэт. Ол эмиэ дэбдэтэр идэлээх, күлүүлээх-оонньуулаах Ньыыка «сэрэйиитэ» быһыылаах. Костя дойдутугар эһэ киһиэхэ-сүөһүгэ суоһаабытын туһунан кэпсэл суох. Ол оннугар Томпоҕо оннук түгэн кэмиттэн кэмигэр тахсара иһиллэр.

Бу дойдуттан тахсыбыт суруйааччы Баһылай Тарабыыкын эһэ ынахтары кытта булкуһа сайылаабытын туһунан «Маныыһыт уонна эһэ» диэн бүтүн кинигэни таһаартарбыта. Ол, арааһа, Костя көрбүт эһэтин ойуулаабытыгар сөп.


Страницы книги >> 1 2 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации