Текст книги "Таптал баар!"
Автор книги: Петр Самсонов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 6 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]
Ол ыһыахха Уолан Харалы үйэтигэр көрбөтөх үрүҥ-кыһыл көмүс манньыат диэннэрин дьэ көрбүтэ. Дьон, ордук Чөмөйө аҕата, Аадаҥ аҕатын ууһун муҥур баһылыга, олус ымсыыралларын, өйдөрүн да сүтэрэр тэҥэ буолалларын бэлиэтии көрбүтэ итиэннэ: «Чөмөйө аҕатыгар итинник көмүс манньыаттары аҕалан биэрэр киһи, кыыһын миэхэ эргэ биэриэ эбит», – дии санаабыта.
Инньэ гынан, уол ийэлээх аҕатын хаһыытаппытынан, сылбырҕа тыытыгар били муоһун тиэйэн, нуучча омук киэптээн олорор улуу Туймаада эбэ хотуну булларбын диэн, кырылас таастаах кытылыттан анньынан кэбиспит. Бу барахсан тапталлааҕын ахтан-санаан улуу эбэ модун сүүрүгүн, күөххэ сууламмыт кытылларын көрөн, хаана хамсаан, сүрэҕэ сылаанньыйан, ыллаан эҥсэлитэ испит. Ол иһэн уҥа кытылга, толору уулаах от үрэх эбэҕэ түһэр төрдүгэр ойуулаах-оһуордаах тирии сабыылаах тоҥус ураһата турарын көрбүт. Ураһа иннигэр оллоон буруота «айанньыт, кэл, сынньанан, сылааҕын таһааран аас» диэн ыҥырарга дылы унаарар. Биһиги киһибит тыытын кытыл диэки салайар. Кытылга тиксэн, тыытын бырылас таастарга өрө тардан кэбиһэн баран, сыыры өрө сүүрэн тахсар. Ураһа иһигэр уол хаһан да харахтаабатах таҥастаах-саптаах, сааһыра быһыытыйан эрэр дьахтардаах эр киһитэ утарыта көрсөн, уһун умнастаах хамсаларыгар табах тардан унаарда олороллор эбит. Түгэх диэки ыйаастыгас харахтаах, эмиэ кэрэчээн сэбэрэлээх, дьикти оһуордаах таҥастаах биир сиппит кыыс тугу эрэ тигэн күөгэтэ олорор.
Дьиэлээх киһи ыалдьыт диэки эргиллэ түһэн, көбүөлээн эрэрдии:
– Шака урааҥкай кэллиҥ дуу? – диэн ыйытар.
– Сахабын. Мантан чугас икки сыллааҕыта көһөн кэлбит аҕа ууһун киһитэбин. Эһиги кимнээх диэн этигит?
Иистэнэ олорор кыыс уолу сонурҕаабыт, бэл ымсыырбыт да хараҕынан сытыытык көрбөхтүүр. Уол эмиэ, эдэр киһи буоллаҕа, кыыс диэки кылап гына көрөн ылар. Кыыс хараҕын сытыы уота тоҕо эрэ уол түөһүн аһыппахтыыр, этин сааһын аһан «дьар» гыннарар.
Кэпсэтэн билсибиттэрэ, киэҥ сиринэн көһө сылдьар төрүт олохтоох ыал эбит. Ийэлэрэ – саха. Бу олорооччу тоҥус хоһууна эр бэрдэ буолан, ойоҕун сүүрбэ кыһыл саһыл тириитигэр сүгүннэрэн аҕалбыта сүүрбэччэ сыл буолбут эбит. Ити иннинээҕи ойоҕун чучунаа күрүлүүр күнүс кэлэн, уоран-талаан барбыт. Ол дьахтартан биир уоллааҕа доҕотторун кытта сир кэрийэ барбыт. Сарсын-өйүүн кэлиэхтээх үһү.
Ити икки ардыгар түлэй бараан түүн улуу өрүстэри, аар тайҕалары, арыы-сыа аллар алаастары, сыһыылары, тойон нүһэр хайалар сайыннары хаардаах төбөлөрүн көстүбэт түү суорҕанынан угуттуу сабан улугурдан, унаарытан кэбиспит. Кытыл кэрэ сибэккинэн киэргэммит көнө ньуура сылаас нуһараҥҥа бигэнэн нуурайбыт, оргууй, биллибэтинэн, кистээн өрүтэ тыыммахтаан наскыйан барбыт.
Уолан Харалы туох да хос санаата суох ыйан биэрбит сирдэригэр утуйардыы оҥостон, түүн хотун сымнаҕас биһигэр бигэнэн эмиэ орто туруу бараан дойду уустук эрээри умсулҕаннаах олоҕуттан тэйдэр тэйэн, күөгэлдьийэн барда.
Арай түһээтэҕинэ, Аадаҥ аҕатын ууһун ыһыаҕар сылдьар эбит. Үкчү былырыыҥҥы ыһыах курдук. Түүлүн түүл: «Арааһа былырыыҥҥы ыһыах быһыылаах», – дии саныыр. Барыта былырыыҥҥы курдук. Чоргул Доҕуй оһуохай тылын таһаарар. Мөдьөкө Бөҕө мас тардыһан мадьыктаһар, тустан биликтэһэр, Түөрэм Холорук, сылгы бэрдэ, түөрт түөрэм туйаҕа сир кырсын таарыйар – таарыйбат сүүрэн уунаҥнатар, Биэстээх Бэргэн далла мэндэйэр. Биһиги уолбут оһуохайга киирэн, бар дьону кытта тэҥҥэ күөгэлдьийэн эрэр. Аттыгар соһонон сотуллубут мааны этэрбэстээх, уһун хара сонноох кыыс кини илиититтэн тутар-туппат даҕайсан иһэр. «Ээ, Чөмөйө эбит дии», – сүрэҕэ өрүкүйбүтүнэн хаҥас диэки көрө биэрбитэ, аҕата киниэхэ ылан биэрэ сатыыр кыыһа, Намылы, уол чэрдээх модороон ытыһыттан тутуһуоҕунан тутуһан иһэр эбит.
«Бу кыыс эмиэ хантан кэлэн хаалла. Былырыыҥҥы ыһыахха сылдьыбатаҕа ээ», – дии саныыр уол. Онтон оһуохай түһүлгэтин ортотун көрө түспүтэ, тоҥус кыыһа өһөх кыһыл өҥнөөх бытырыыстаах сонун кэтэн, туолбут ый курдук сырдаан көстөр төгүрүк дү-ҥүрү өрө тутан, хап-хара былаайаҕынан охсо-охсо, кыыран эккирии сылдьар эбит. Дүҥүрүн хас оҕустаҕын аайы, хаанынан ыһыллыбыт иччилээх холоруктар ытыллан тахсаллар. Онтон соһуйан Уолан Харалы уһуутаабытынан тэллэҕэр олоро түстэ.
– Баттаттыҥ дуу? – били кыыс уһун баттаҕын намылытан, харахтарын уота өссө имэҥирэн, өссө сытыырхайан уолу утары көрөн олорор. Өйдөөн көрбүтэ, кыыһа ийэттэн төрүү сыгынньах эбит.
Дьэ, эбээт! Иирэ имэҥирбит омук кыыһа уол оҕону харыс сири хамсыах өйүн-төйүн булларбакка, суорҕанын арыйа тардан, кууһа түстэ. Итини эрэ күүппэтэх, кыабакалаахха кыттыһа илик ып-ыраас уол соһуйан, кыыс сыбыс-сыгынньах, тыбыс-тымныы этиттэн сиргэнэн эбитэ дуу, түүрүллэ түһээт, тиэрэ кимэн кэбиспитэ – имэҥин уйбатах, саатарын умнубут сыгынньах кыыс ураһа ортотугар тиэрэ эһиллэн хаалбыта. Утуйа сыппыт ийэлээх аҕа «һуу-һаа» буолан уһуктубуттара. Кыыс ойон туран, бэйэтин оннугар барбыта. Уолан Харалы олуһун саатан, устубут таҥаһын харбаан ылан кум-хам тутаат, таһырдьа ойбута. Тыытыгар олоро түһээт, үөс диэки анньыммыта, сүүрүк хоту эрдинэн булумахтаммыта. Балай эмэ эрдиммэхтээт, үөҥҥэ сиэтэн, дьагдьайа быһыытыйан таҥастааҕын өйдөөбүтэ.
Кэннигэр, итии хаанынан тыгыалыы тэппит эт сүрэхтээх эдэр уол эрчимин билбэтэх, эйэтин ылбатах удаҕан кыыс дүҥүрүн тыаһа дүрбүйбүтэ, эккирии-эккирии кыраан кыланар саҥата түүҥҥү дьыбарга кытылтан кытылга хардары-таары охсуллан, таныар ынырык ырыата буолан иһиллибитэ. Ол ынырык ырыаттан аан холорук таҥнары дапсыллан түспүтэ. Онуоха улуу эбэ уута өрүтэ түллэҥнээн, сибилигин аҕай көрдөөх таҥалайынан дьирибинии сыппыта суох буола охсон, модун сүүрүгэ уһуктан, долгуннуран тиҥиргэччи тэбиэлэнэн үллэҥнээн барбыта, сыыдам тыыны уҥуоргу кытыл диэки охсубута. Сүдү өрүс бу эдэр, ыраас уолу аан холоруктан хаххалыы, быыһыы сатыыр курдуга. Кырдьык, уолан киһи уҥуоргу кытылга тиксээт, кыра хомо оҕото баарыгар кирийэн хаалбыта.
Оттон удаҕан кыыс туох-баар кыһыытын-абатын, түөһүн иһигэр түллэрэҥнии мөхсөр сириллибит өһүн-сааһын Уолан Харалыга, кини дьонун-сэргэтин кэлэр көлүөнэ ыччаттарыгар кырыыс-таныар гынан, кус сыгынньах бэйэтэ эмиийэ эйэҥэлии, баттаҕа буралла, кыыран ыһылла, кыраан таныйа, өрүтэ ыстаҥалыы сылдьыбыта.
Уолан Харалы, онуоха-маныаха диэри ама бэйэлээхтик сылдьыах быатыгар, сүдү эбэ долгуурун этэҥҥэ аһаран, сүүрүккэ оҕустаран, эрдинэн дайааран нуучча омук уйа туттубут, уһуктаах төбөлөөх баҕананан эргитиллибит, мэҥэһик-мэҥэһик чуолҕаннардаах суртарынан бөҕөргөтүллүбүт киэҥ уораҕайдарыгар кэлбитэ. Уу оҕуһун аарыма муоһун сүгэ сылдьар киһи «дорогой гость» аатыра түспүтэ, остуруок суостаах тойонугар харыыта суох быһа аһарыллыбыта.
Санаа хоту үс-түөрт кыһыл көмүс, уонча үрүҥ көмүс манньыаты сиэбигэр уктан, аҕыйах чэй-табах, биир кыра суу торҕо таҥас, биир билээгэ испиир ылан, уу оҕуһун муоһун ыраас муус курдугунан килэччи көрбүт, сэбирийбит кыһыл бытыктаах суостаах тойоҥҥо хаалларан, остуруок күүлэттэн тахсан барбыта. Аны кыһалҕата диэн, удаҕан кыыс сыыры өҥөйө турар тирии ураһатын этэҥҥэ мүччү түспүт киһи диэн этэ.
Сүүрүгү утары син балай эмэ эрдэн, кутталлаах уҥуоргу кытылын түүн ааһарга суоттанан, били холоруктан саспыт хомотугар тиийэн кирийбитэ. Дьэ, кэтэһиннэриилээх түлүк түүн арҕаа эҥээри сабардаан, тыаһа суох халыйан, чуҥкунуур чуумпу кынаттанан, ырааҕы ырааҕынан, чугаһы чугаһынан бүрүүкээн кэбиспитэ. Уолан Харалы сытыы болотун уҥа өттүгэр уурунан, охтоох, кэһэхтээх саадаҕын көннөрүнэн, улаханнык тыаһаабатарбын ханнык диэн, бэрт сэрэхтээхтик эрдинэн, били тирии ураһа турбут сирин туһаайыытыгар чугаһаан иһэн көрбүтэ – ураһата суох. Арай, уһун ураҕаһы сиргэ батары аспыттар. Ураҕас төбөтүгэр муостары сылдьар таба кур төбөтүн уҥуоҕа ыйаммыта уолу кураанах харахтарын оннунан чыпчылыйбакка көрөргө дылыта. Онтон куйахата күүрбүтэ дуу, Аадаҥ аҕатын ууһун субу буолаары турар ыһыаҕар ыксаабыта дуу, икки өттүнэн иҥнэҥнээн, эрдиитин лаппаҕар салбахтарынан эбэ иэнин эрчимнээхтик кырбаталаан, модун сүүрүгү утары дьулуруйан барбыта. Ахсым тыы сыыдам атахтаах соноҕос көлө айанынан эбэ иэниттэн тэбинэн, сөрүүн салгыҥҥа дайан тахсыахтыы элээрэрэ.
Сотору аадаҥнар ыһыахха ыҥырар илдьиттэрэ кэлэн барбыта. Тутатына сүпсүгүрүү, сүүрүү-көтүү, ыһыахха бэлэмнэнэн аалыҥнаһыы саҕаламмыта. Ньилбэкэ Сүүрүк, Бабыа Бөҕө, Тимир Ытыстай эрдэттэн бэлэмнэнэ, куура-хата сылдьаллара. Кылыыһытынан, ыстаҥаһытынан Уолан Харалыны ааттаабыттара. Арай, далла мэндэйэр киһилэрэ суоҕа. Баар-суох ытааччылара Кыраҕы Күөндэ быйыл саас кыылга баттатан, киһи аҥаара буолан сылдьара. Сүүрүк ат эмиэ суоҕа. Арыы-сыа аллар үтүө сирдэрин омук урдустарыгар былдьатан, үүрүллэн-үтүрүллэн сылдьыахтарыттан сылгыларын ахсаана аҕыйаабыта, бэл диэтэр, көннөрү миинэр да миҥэлэрэ татым этэ.
Ол да буоллар болдьохтоох кэмҥэ ыалларыгар тиийэн, ыйыллыбыт сиргэ түһэн, туос ураһаларын туруорунан, от отууларын оҥостунан үөрэн-көтөн, ыһыаҕы ыһыспытынан, оонньууга-көргө кыттыбытынан барбыттара.
Ааттаах алгысчыт тоҕус туруйа уол доҕуһуолланан, сэттэ кыталык кыыс кынаттанан киирэн күнүстэри-түүннэри күөгэйэ эргийэ турар тоҕус томторҕолоох туналы маҥан халлаан тойотторун-хотуттарын, аҕыс иилээх-саҕалаах Аан ийэ дойду иччилэрин бэттэх көрдөрөн, мичик аллатан алгыс тартаран, арчы түһэртэрэн амалыйан, ытык ыһыаҕы аспыта. Ол кэннэ дьэ оонньуу диэн оонньууттан орпута, күрэх диэн күрэхтэн орпута. Дьон-сэргэ барахсан уорааннаах уһун кыһын устата улугурбут сүһүөхтэрин хамсатан, уһуктубут курдук буолбута. Оһуохайдаан ойбуттара, эһиэхэйдээн эҥээрбиттэрэ. Мүһэ былдьаһан мүлүктэһии, хары хапсан харбыалаһыы, тутум эргийэн туруулаһыы, көр-нар, ырыа-тойук буолбута. Эрчим күүстээх от сүмэһинэ булкаастаах кырылыы кыынньа сылдьар кымыһы алыс кыанан тэмтэкэлдьиһии-тэллэҥнэһии да ханна барыай.
Ити кэмҥэ Уолан Харалы аҕата, уолун дьолун төттөрү этэр кыаҕа суох буолан, оҕотун баар-суох баайын уонча кыһыл саһыл, бөрө, бэдэр тириитин Аадаҥ аҕатын ууһун баһылыгын иннигэр лөскөччү ууран биэрэн баран, оҕолор сүрэхтэрин холбуурга этэ олорбута. Аҕа ууһун баһылыга түүлээҕи сахсыйбахтаан, кылаанын, кырымаҕын көннөрө, тэбии-сахсыйа түһээт, кэннин диэки сыҕарыччы аспыта, итиэннэ өссө тугу эрэ эрэйэр быһыынан утары олорор киһини батары көрбүтэ. Онуоха аҕа барахсан бастаан уонча үрүҥ көмүс манньыаты хаппарыттан ылан сандалыга куппута. Онтон киһитин сирэйин тириитэ биирдэ «дьик» гына хамсаан көрбөтөҕүттэн, тарбаҕа ибир гынан ыла-ыла, үс кыһыл көмүһү оһуордаах-мандардаах сандалыга уурталаабыта.
Хаппахчытын аанын сэгэтэн итини барытын одуулуу, дьон хас хамсаныытын ааҕа турбут сууллар сулус бэйэтинэн түспүтүн курдук, сандаар кэрэ бэйэлээх Чөмөйө Куо котоку көмүс манньыаты мыынан, дьон истэр гына тыбыыра түһээт, хаппахчытын аанын тиэрэ быраҕан аҕатын аттыгар биирдэ баар буола түстэ:
– Мин дьадаҥы, киибэс киһиэхэ эргэ барбаппын! – диэн чаҕаара түһээт, таһырдьа ойдо. Оччотооҕу сахтарга киибэс диэн өлөр өһүргэниилээх ынырык үөҕүү этэ. Баарын-суоҕун барытын тэбээн туран, оҕотун дьолун оҥоро сатыы олорбут оҕонньор киһи бэрт чэпчэкитик ойон туран:
– Ама да субу күҥҥэ алларыйа сылдьыбыппыт иһин биһиги да урааҥхай удьуордара, күн улууһун дьоно этибит. Атаҕын үрдүгэр ииктиир атаах кыыс оҕо үөҕэр кэридэхтэрэ буолбатахпыт. Ити тылгыт-өскүт, бу туттуугут-хаптыыгыт иэстэбиллээх буолара буолуо, – диэт, таһырдьа тилир гынан хаалла.
Бу кэмҥэ дьон үмүөрүһэн төттөрү-таары аалыҥнаһа сылдьар орто түһүлгэлэригэр эмиэ соһуйуу-өмүрүү, айдаан буолла. Чөмөйө Куо кыһыл көмүс манньыаты мыыммыт омунугар саатын-суутун умнан, баттаҕа арбайан, хатааһын чолбонун курдугунан көрөн туран, Уолан Харалыны үөҕэн сатамматы саҥара, саһыл курдук үрэ турбута:
– Хара ыт! Хаһан миигин кытта тэҥнэһээри ыйыттарбыт буола-буолаҕын! Үс манньыат сыыһынан өйбүн сүүйээри гыммытыҥ дуо?! Эйиэхэ эргэ тахсыам кэриэтэ тоҥус ойуунугар тахсыам! Бар, киибэстээн аһаа! Эн хохтоох хоонньугун иччилиэм кэриэтэ, аллараттан атара тахсан, атыллан өлүөм, үөһэттэн үөрбэ түһэн, үөлүллэн өлүөм! Киэр бар! Киибэс! Кэридэх! Эбэтэр атын буоллар өл! – өрө ууммут илиитигэр быһах иҥсэлээх биитэ кылбас гыммыта. Чөмөйө уол соһуйан хаалан, муҥунан көрөн турар харахтарын батары көрбүтэ, хатан үлүгэрдик чачыгыраабыта, устунан мэнэрийэн ыһыллан барбыта.
Баар дьон орто дойду мааны түһүлгэтин киртиппит ынырык тыллартан куйахалара күүрэн, айманан барбыттара. Киэҥ мэндээр халлааҥҥа сааллар чаҕылҕан дапсыйбытын, сүллэр этиҥ ньиргийбитин курдук буолбута.
Эмискэ чугастааҕы титирик ойуур титирэстии, кылана түһэргэ дылы гыммыта. Чупчурҕан оноҕостор чыбырҕаспыттара, сиикэй эти булан «кип-хап» охсуллубуттара. Аймалаһа, айдаара турбут дьон өрө көрө түспүттэрэ. Хас да киһи элиэ куорсуннаах оноҕосторго табыллан, хаанынан уста-уста өрүтэ мэҥиһэ түспүттэрэ, өлөр мөхсүүлэрин мөхсөн хардыргыы сыппыттара. Титирик ойуур быыһыттан өһөх өҥнөөх соннорун тиирэ кэппит, сирэйдэрин илбис кыһыл өҥүнэн соттубут хоһууттар үҥүүлэнэн-батастанан сулбурута ойон тахсыбыттара.
Саха киһитэ барахсан ытык ыһыахха хаһан сааланан-саадахтанан кэлбитэ баарай? Хаһан аар айыыларын, ытык иччилэрин хомоппута баарай? Өлөр өлүүнү соһуйбут хараҕынан утары көрөн туран хаалбыта. Титирик ойуур быыһыттан, илбис ыҥыран, дүҥүрүн дүпсүтэн, өһөх хаан өҥүнэн ыһыллыбытынан удаҕан кыыс илгистэн тахсыбыта.
Бу өрүтэ ойуолуу, дүҥүрүнэн дирбийэ сылдьар кыыс сириллибитин, саакка киирбитин иэстэһэ убайын, биир уустаахтарын аҕалбыт этэ. Сахалар-тоҥустар утарыта көрсө түспүттэрэ. Хас да киһи моҕол ураһа диэки сырсыбыта.
Кэрэ сэбэрэлээх эрээри, өйдөрүттэн тахса ииримтийбит икки кыыс утарыта көрсүбүттэрэ, харахтарыттан, чабырҕайдарыттан төлөн оргуйан тахсарга дылыта. Биирдэрэ хараҕа көмүскэ туолбатах, биирдэрэ имэҥин-баҕатын кыаммакка кэрээниттэн тахсыбыт. Утарыта көрсө түһээт, аны туналҕан ньуурдарын күнүүлэһэн турбуттара. Сир уйбат сидьиҥин, быдьарын үөтэрэн барбыттара. Удаҕан кыыс чугас турар хоһуун кылгас уктаах хотохоонун сулбу тардан ылан, Чөмөйөҕө утары хардыылаабыта. Биирдэрэ даҕаны биилээҕи көрөн хаана хамсаабат, этэ тарпат кыыс аллаах буолан биэртэ. Илбис кыыһа Иҥсэ-мэнэгэй, Оһол уола Обот-соллоҥ иҥмит кылааннаах уһуктааҕын өтөрү туппутунан утары атыллаабыта.
Кэннилэригэр хоҥсуо саҥа:
– Кэрэни кэрэ баһыйыахтаах. Баһыйбатаҕына өлүөхтээх, – диэн хаһыҥайбыта. Икки кыыс кылана түһээт, бэйэ-бэйэлэригэр өтөрүтэ түһүспүттэрэ.
Көрбөтөхтөрүн көрбүт дьон бука бары куйахалара күүрбүтэ, эттэрэ саласпыта. Манныкка ким тугу булан этиэй? Түһүлгэ иһигэр имириир тыыннаах суоҕун курдук ыар чуумпу сатыылаабыта. Арай омук кыыһа Уолан Харалы диэки уота умуллан эрэр хараҕынан көрөн ылаат:
– Таптал суох. Сымыйа. Имэҥ эрэ баар. Ким таптаабыт өлүө, – диэбитэ уонна налыйан хаалбыта.
Уол аттыгар хайдах баар буолан хаалбыта биллибэт Намылы кыыс иһиллэр-иһиллибэттик: «Сымыйа. Таптал баар», – диэбитин Уолан Харалы эрэ истибитэ.
– Нохоо! Сүүс дойду кыйбаҥ үөнэ! Күҥҥэ көстүбүт көмүс күөрэгэйбин эн сиэтиҥ! Эн аан дайды абааһыларын мунньаҥҥын бу айылаах оҥордуҥ! – диэн ынырыктаах хаһыы иһиллибитэ. Онно көрө түспүттэрэ: Аадаҥ аҕатын ууһун муҥур тойоно нуучча омук уоттаах өлүүнэн үрэр, уоһун иһигэр чаҕылҕан дапсыырын, этиҥ ньиргиэрин ииттэ сылдьар көҥдөй тимир саатын өрө тутан эрэрэ. – Мин оҕом өллө! Аны эн өлөн көр!
Дьон тугу эмит өйдүөн икки ардыгар эмиэ этиҥ ньиргийбитэ, чаҕылҕан дапсыйбыта. Намылы барахсан тапталлааҕын быыһаары уолу хаххалыы түспүтэ, оргууй охтон барбыта. Сүрэҕин туһунан сып-сырдык хаан оҕуруолаах кэһиэччигин өтөн, халыйан барбыта, күөх кырыска, сир симэҕэ чэчиккэ таммалаабыта. Охтумаары Уолан сарыы сонуттан тутуһан, тобуктара бокуйан иһэн Намылы барахсан:
– Өлүмэ. Куот, – диэбитэ уонна соһуйан алаарыйан хаалбыт уол илиитигэр налыс гынан хаалбыта.
* * *
Айааллаах Нарыйа, эмээхсин ах барбытыгар эрэ, бу хоп курдук хомуллуулаах хоско олороллорун өйдөөбүттэрэ. Кинилэр токуруйа кырдьан хаалбыт эмээхсин кэпсээнин истэ буолбакка, үс үйэ анараа өттүгэр тиийэн, онно буолбуту уу харахтарынан көрө, аҕа уустарын дьонун быыһыгар илэ хаама сылдьыбыттара эбээт. Сирэй сирэйдэрин көрсөн ылбыттара.
– Онтон? – Айаал бүтэн хаалбыт куолаһынан ыйыппыта.
– Онтон диэ, – Балбаара саҥата суох олорбохтообута. – Онтон ыла бу дойдуга отучча сыл буола-буола ити күтүр эргийэр. Ис сүрэхтэриттэн күүскэ таптаһар ыраас, эдэр дьону араартаары кэлэр. Ыал буола илик барахсаттары илдьэ барар. Сороҕор иккиэ буолаллар үһү, ол холоруктар. Оччоҕо холорукка түбэспит киһи биирдэригэр бытархай харчы быраҕар. Онуоха сүтэн хаалар. Ол – иҥсэлээх Чөмөйө Куо хотун дииллэр.
– Оттон Уолан Харалы?
– Уолан Харылы өлбөтөх. Ыарахан кэмнэргэ дьонун-сэргэтин бултаан-алтаан аһаппыта үһү. Икки аҕа ууһа да өстүһэ барбатахтар. Арай, Аадаҥ аҕатын ууһун баһылыга кыыһын аһыытыгар сонно түһүлгэҕэ охтон хаалбыт уонна үс эрэ хонуктаах буолбут. Аҕатын ууһа быста мөлтөөбүт, сүөһүтэ-сылгыта, дьоно-сэргэтэ биллэ аччаабыт. Хайа, били күтүрбүт уоскуйбут дуу?
Өйдөөн истибиттэрэ, холоруктара барбыт быһыылаах, таһырдьа уу чуумпу буолбут этэ. Айаал эр киһи буолан, тылланан туран, таһырдьа тахсыбыта. Им балай хараҥа. Окко-маска иҥнэн охто сыһа-сыһа уулуссаҕа харбыалаһан таҕыста. Сири-буору туппахтаан, матасыыкылын булла. Онтуката, илии имигэр даҕаны, сүүрбэт буолбута биллэр этэ. Ол иһин туора соһон кэбистэ.
Дьиэҕэ киирбитэ, Балбааралаах Нарыйа остуол тарда сылдьаллар. Үүттээх хойуу чэй иһэн, ыһаары сиэн баран, тахсаары гыммыттарыгар эмээхсин тохтотон, Нарыйаҕа сүрэхтиҥи быһыылаах моойго кэтэр бэлиэни биэрдэ:
– Тоойуом, бу харысхал диэн буолар. Мантыката суох күннээх халлааҥҥа көстүмэ, былыттаах халлааҥҥа быгыма. Абыраатаҕына кини эрэ абырыа. Итиэннэ, миэхэ куруутун сылдьар буолуҥ. Чэ, аттаахтан алдьанымаҥ, сатыыттан тостумаҥ. Сылааскыт сойботун, эйэҕэскит энчирээбэтин, – эмээхсин уоллаах кыыһы сүүстэриттэн хардарыта сыллаталаан ылбыта.
Айааллаах тахсыбыттарын кэннэ сүрдээх дириҥник өрө тыыммыта уонна:
– Оо, Айыы Тойон Таҥара, ити сир симэҕин курдук барахсаттары тэхтиргэ тэбиллэртэн харыстаа, араҥаччылаа даа. Айыыһыт аҕас хотуммут, Иэйэхсит эдьиий хотуммут, күн сырдыгын курдук барахсаттаргытын араҥаччылыы, арыаллыы сылдьыҥ даа, Аан дойдум иччитэ, аһыныгас санаалаах Аан Алахчын хотун, ыраас барахсаттары күөйэ көтөн көмүскүү сырыт даа, – диэн дьиэ өһүөтүн диэки көрөн ылбыта.
Уоллаах кыыс уулуссаҕа тахсан сиэттистилэр. Айаал эмискэ тохтуу түстэ:
– Арба, атаҕыҥ?
– Бытааннык хаамтахпына олох ыалдьыбат ээ, – кыыс бэйэтэ да дьиктиргээбиттии унаарытта. – Дьикти дии, мин Балбаара эмээхсин кэпсиирин истэ олорор курдук буолбакка, кини кэпсээнин иһигэр баар курдук буолан хаалбытым дии.
– Мин эмиэ оннук буолан хааллым дии. Үчүгэй кинигэни аахтахпына, суругу көрөр курдук буолбакка, киинэ көрөр курдук буолааччыбын.
– Суох. Онтон букатын атын ээ. Ол кэмҥэ тиийэн хаалбыт ити Намылыны, Уоланы кытта бииргэ сылдьар, кинилэрдиин кэпсэтэр курдук этим. Онно эн эмиэ баарыҥ.
Айаал сэрэнэн кыыһын илиититтэн ыга тутта.
– Мин эйигин эмиэ көрбүтүм. Куруук сэргэстэһэ сылдьар курдук этибит.
– Уопсайынан дьикти баҕайы бабушка дии санаабатыҥ дуо?
– Урут, букатын эдэр эрдэҕинэ, өссө сэрии быдан иннинэ быһыылаах… Ээ, сөп. Букатын даҕаны, гражданскай сэрии бүппүтүн кэннэ эбит, хаайыыга олоро сылдьыбыт үһү.
– Хаайыыга даа?
– Аһаа, хаайыыга. Дьонум кистээн итинник диэн кэпсэтэллэр этэ. Эн эмиэ кимиэхэ да кэпсээмээр сөп?
– Сөп.
– Гражданскай сэрии кэмигэр аҕата уонна аҕатын бырааттара бандьыыттар үһү. Арай кыһыллар кыайан истэхтэринэ, биир дэриэбинэҕэ дуу, туохха дуу үрүҥнэр тоһуйан ытыалаабыттар. Хас да кыһыл киһитин өлөрбүттэр уонна куотан хаалбыттар. Оннук гына-гына, куотан иһэллэр эбит. Ол иһин биһиги дьоммут наһаа кыһыйаллар да, үрүҥнэри кыайан туппаттар эбит. Онтон, арай биирдэ кыһыллар үрүҥнэри ситэн ылбыттар уонна ытыалаһыы буолбут. Ити саҕана бандьыыттар бары бэриммит кэмнэрэ эбит. Соҕотох ол этэрээт эрэ бэриммэт үһү. Ол ытыалаһа сытан, арай, кыһыллар өйдөөбүттэрэ, кинилэри ким да ыппат үһү. Ол иһин эмиэ куоппуттар дии санаабыттар. Дьиэлэргэ сырсан тиийбиттэрэ, хайыы үйэ ким да суох. Үрүҥнэр эмиэ куотан хаалбыттар. Арай, биир саамай кыра дьиэҕэ атахха таптарбыт бандьыыт ынчыктыы сытар үһү. Ол киһини тутан ылбыттар уонна ыйыппыттар: «Манна ким этэрээтэ биһигини кытта ытыаласта?» Киһи командирдарын аатын, ханна олороругар тиийэ этэн биэрбит. Ол командирдара Балбаара аҕата эбит. Тиийэн Балбаараны тутан ылбыттар уонна: «Аҕаҥ биһиэхэ билиэн бэриннэҕинэ биирдэ хаайыыттан таһаарыахпыт», – диэбиттэр. Онон Балбаара икки сылы быһа хаайыыга сыппыт. Сотору-сотору аҕатыгар сурук суруйтараллар. Аҕата син биир бэриммэт үһү. Хаайыыга кинини кытта биир аптаах-хомуһуннаах чүөчэ сыппыт. Балбаара киниттэн дьону эмтииргэ үөрэммит, отунан эҥин. Уонна өссө иччилэри уонна абааһылары кытта кэпсэтэргэ үөрэммит.
– Абааһылары кытта даа?
– Аһа, абааһылары кытта. Олох куттаммат үһү.
– Ынырык баҕайы дии.
Балачча хаамсыбыттарын кэннэ, дьиэлэр түннүктэрин уоттара сандаарыс гына түстүлэр. Айаал Нарыйатын атааран баран, дьиэтигэр тиийбитэ.
– Хайа, нохоо, бу айылаахха ханна сырыттыҥ?
– Ээ, уолаттары кытта кулуупка олордубут.
– Бачча хараҥаҕа диэ, – ийэтэ итэҕэйбэтэхтии уолун көрбөхтөөтө. – Хараҥаҕа…
– Темнота – друг молодежи, мама, – балта уруогун ааҕан бүтэрэн, кумааҕыларын хомуна туран өйдөөҕүмсүйэр. «Барытын өйдүүбүн ээ» диэбиттии убайыгар имнэнэр. Убайа ийэтэ көрбөтүгэр Саргыга сутуругун көрдөрөр. Оскуолаҕа быйыл тохсус кылаас аһыллан, атын сиргэ үөрэнэ барбакка, Саргы хомойо сылдьар.
Аҕата таһырдьаттан киирэн, сонун уста туран: «Эмиэ кэлэн барда. Тугу көрдөөн арахсыбат баҕайытай?» – диирэ иһиллэн ааста.
– Бука бары илиигитин суунуҥ уонна кэлэн мииҥҥитин иһиҥ, – диэтилэр алтыс кылааска киирбит игирэчээннэр. Бу улахан боччумнаах дьон.
– Сиэрдээх тыл бэлиэ, – аҕалара остуолга бастакынан олордо.
Аһыы олорон, Кэтириис санаата буолбата, киһититтэн ыйытта:
– Били күтүр эмиэ кэлэ сырытта дии. Бу айылаахха ханна сырыттыҥ?
– Сылгыларбын көрдөөн, ыраах Ойуун Уҥуоҕун бэтэрээ эрэ өттүгэр тиийэ сырыттым.
– Манна уоппут баран диэн, мастар сууллан диэн. Сатахха бу уол суох.
– Ноо, ханна сырыттыҥ, доҕоор?
– Кулуупка уолаттары кытта олордум.
– Ыык.
– Балбаара эмээхсин дьиэтин өр баҕайы эргийдэ дииллэр.
– Аһа, биһиги баран көрө сылдьыбыппыт.
– Ол эмиэ туоххутуй, хотуой? – аҕалара кыыһын «хорсун быһыытын» олох сөбүлээбэтэ.
– Биһиги ыраахтан көрбүппүт ээ.
– Наадыйдаҕына, ыраахпын-чугаспын диэ суоҕа, начаас баар буола түһүөҕэ.
– Эс, фантастика ини. Ама, оннук буоллаҕай, – кыыстара итэҕэйбэт.
– Бу оҕолорго кэпсээр эрэ. Үчүгэйдик билэр киһи. Баҕар… – аҕалара тэриэлкэлээх миинигэр төҥкөйөр.
Ыаллар аһаан бүтэн, ийэлэрэ игирэчээннэрин кытта иһиттэрин сууйбуттарын кэнниттэн, Кэтириис тоҕо эрэ сибэкки ойуулаах хара былаатын баанна, онтон кириэһилэтигэр олоро түһээт, былаатын сүөрэн ылан түһэҕэр уурунна, көхсүн этиппэхтээтэ, баттаҕын көннөрбөхтөөтө. Долгуйдаҕына инньэ гынааччы.
– Былыр ити чараҥ кэтэҕэр баар сыһыы кырдалыгар улахан баай Баардаах Былатыан ньиргийэн-ньаргыйан, мин аҕай дэнэн, аҥаардастыы аатыран, соҕотохтуу сураҕыран олорбута үһү.
Кини бэйэлээх сүүһүнэн сүөһүтүн, биир оччо сылгытын уонтан тахса үлэһит хара дьиэтигэр хаайтаран олорон көрөллөр. Ону таһынан, чугастааҕы ыаллара көхсүлэрин көннөрбөккө үлэлииллэр. Кини сүөһүлэрэ эстэн, кумалааҥҥа барбыт ыаллар сирдэрин түүлэһэн диэн ааттаан ылан, босхону эрэ үрдүнэн, сороҕор туох да төлөбүрэ суох даҕаны туһанар.
Ити курдук соҕотоҕун «бөө» диэн, уоттаах харах утары көрбөккө, сата тыллаах таба эппэккэ олорбут.
Баардаах Былатыан икки уол, биир кыыс оҕолоох. Ону таһынан тулаайах хаалбыт уоллаах кыыһы, иитэр быһыынан, мааны хамначчыт гынан илдьэ сылдьар. Уолаттарыттан улахана сытыары сымнаҕас, хамначчыттары кытта тэҥҥэ оттоһон-мастаһан, сүөһү-сылгы көрсөн сүүрэ-көтө, үлэлии-хамсыы сылдьар киһи эбит. Ааттыын Күнү Көрсөр Көстөкүүн диэн. Эрдэһитин иһин ааттаабыттар. Кыра уол Мааны Махсыым диэн киһи, били кинигэҕэ сурулларын курдук, баай оҕото бардам, тот оҕото дохсун. Аллаах атынан көтүтэ сылдьан көрүлээн-нарылаан, баҕардаҕына кустаан, баҕардаҕына куоракка киирэн-тахсан, көрү-нары батыспыт киһи. Улаханнык хаартылаан-арыгылаан барыан, ийэлээх-аҕата бопсон-хаайсан, син сиэри-майгыны киһи сиэринэн кэспэккэ сылдьар курдук. Онтон оһоҕос түгэҕинээҕи оҕолорун, муннуларын бүөтүн, кыыстарын Илибиэтэни туох да омуна суох, олоҥхону үтүктүбүт курдук, киискэ кистээн, саһылга саһыаран, омук анала диэн, харахтарын харатынааҕар харыстаан ииппиттэр.
Ииппит оҕолоро эмиэ улаатан дьоройбуттар. Маарыйа көрүөхтэн кэрэ дьүһүннээх, эр дьон бары ымсыырар кыыстара буолан тахсыбыт. Хомусчут үтүөкэннээҕэ. Хомуска оонньоотоҕуна, сыһыы чыычааҕа бары ах баран иһиллиир курдук буолаллар эбит. Ыллаатаҕына, харсан силиктэһэ сылдьар оҕустар тохтоон, кини ырыатын истэн тураллара. Ону кырдьаҕастар соччо сөбүлээбэттэр үһү. «Олус иччилээхтик оонньуур, ыллыыр. Дьоло суох барахсан буолар буолбут», – дэһэллэрэ. Сорохтор ааһа баран: «Уһун үйэлэниэ суох муҥнаах», – диэн аһыммыта буолаллар. Букатын аһара түһээччилэр эмиэ бааллар: «Ийэтэ-аҕата биллибэт. Түппээгирдэргэ эмискэ баар эрэ буолан хаалбыта. Арааһа, дойду иччитин кыыһа быһыылаах. Баардаах ону билэн маанылаан эрдэҕэ дуу», – дэһэллэр. Кыыс, кырдьык, булумньу оҕо эбит. Түппээгирдэр диэн быстар дьадаҥы, биир ынахтаах, биир ат оҕустаах кырдьаҕас дьон дьиэлэрин тэлгэһэтигэр кимнээх эрэ саҥа төрөөбүт оҕону биһиктэри хаалларан кэбиспиттэр. Аттыгар биир матаҕа күндү түүлээх сытара үһү диэн буолар. Оҕонньордоох эмээхсин маҥнай куттаммыттар. Дьыалаҕа иҥниэхпит, сибииккэ дойдуланыахпыт, биитэр куһаҕан санаалаахтар ирдээн кэлэн, кырган баран, ынахтаах оҕуспутун сиэтэн барыахтара дии санаабыттар. Кыысчааны кистиир аакка сылдьыбыттар. Кэлин кэнэннэрин саныы-саныы күлсэр буолбуттар. Күннэрэ-ыйдара кыысчаантан тахсыбыт. Быһа холоон, балтараа сааһыгар таҥара дьиэтигэр илдьэн, аҕабыыкка сүрэхтэппиттэр. Аҕабыыт үчүгэйкээн баҕайы кыысчааны көрөн, бэригимсэх, арыгыһыт бэйэтэ сүрэҕэ ууллан, Кыыс таҥара аатынан Маарыйа диэн сүрэхтээбит, хадьыыланы хамсатан ыллаан лаҥкынаппыт. Кыыс сэттэ сааһын туолуута, Түппээгирдэр аҕыйах хонук быысаһан өлөн хаалаахтаабыттар. Маарыйаны Баардаах Былатыан иитэ ылбыт. Ол саҕана бэйэтин кыыһа эмиэ сэттэтэ эбитэ үһү. Онон, арааһа, кыыһыгар доҕор, ханыы гынаары ылбыта буолуо. Кэлин, улаатан иһэн, баай бэйэтин кыыһа Маарыйаны олох чугаһаппат, кыыһырар, оннооҕор дьиэтиттэн холдьоҕор буолбут. Онно буруйдааҕынан Маарыйа кэрэ сэбэрэтэ, Илибиэтэ барыга бары ымсыыта, киҥэ буолар эбит. Маарыйа барахсан кэрэтэ кэпсээҥҥэ киирбит, дьон-сэргэ кинини үтүө санаатын, кэрэ дьүһүнүн иһин Нарыйа диэн сүрэхтээбит.
Оттон уол буоллар – ынаҕа да суох Тымтыктар диэн ыаллар өлбүт кыыстарын оҕото. Ол Тымтыктар кыыстара сиртэн буолара биллибэт, халлаантан буолара биллибэт, сылдьан иһэн ыарахан буолан хаалбыт, итиэннэ оҕолоноору хаана тоҕо түһэн өлбүт. Оҕо хайдах тыыннаах хаалбыта биллибэт. Арай, уон сааһыгар тиийиитэ, эһэлээх эбэтэ туулуу сылдьан, холорук түһэн ууга былдьаммыттар. Уолу Баардаах «аһынан» иитэ ылбыт. Таҥараҕа сүрэхтэтэн, Охонооһой диэн ааттаппыт. Уол уон биэс сааһын туолуута уҥуоҕунан улахан дьонтон итэҕэһэ суох киһи буолбут. Мас ыанньыйыыта, сонос соҕус тиити кэрдэн түһэрэн баран, солообокко суолга соһон киллэрэрэ үһү. Ону Күүстээх Киппий диэн күөгэйэр күнүгэр сылдьар киһи нэһиилэ өндөтөр эрэ эбит. Оннук күүстээх-уохтаах оҕо үөскээбит. Уол күҥҥэ ахсааннаахтык саҥарар. Үөрбүтэ-хомойбута биллибэт бүтэй киһи. Ол иһин кинини Тоҥ Охонооһой диэн ааттаабыттар. Ол эрээри Баардаах Былатыан кинини күүс үлэҕэ көлүйбэт. Илдьиккэ сырытыннарар, биитэр чугас эргин айаҥҥа илдьэ сылдьар. Оҕуруктаах өйдөөх киһи Маарыйа-Нарыйаны сокуоннайа кэллэҕинэ, улахан сулууга эргэ биэрэн, баайын хаҥатынаары, уолу бөҕөс киһи гынан, бэйэтин албан аатын үрдэтээри оҥосторо үһү.
Дьэ, бу араа-бараа саастаах эмдэй-сэмдэй улааппыт дьон, оҕо саастара ааһан барыытыгар улахан уол Күнү Көрсөр Көстөкүүн утуйар уута уу буолбат, аһыыр аһа ас буолбат буолан барбыт. Кини Маарыйа кыыһы санаабытынан утуйар, түүн түһээн Маарыйаны көрөр, сарсыарда санаабытынан уһуктар, күнүһүн кыыс аатын иһигэр ааттыы сылдьар. Кыыс даҕаны Көстөкүүнү уһуннук көрбөтөҕүнэ биллэ санааргыыр, туттара-хаптара бытаарар, күлэ-үөрэ, кэпсии-ипсии сылдьар эдэркээн барахсаҥҥа курдары тартарар буолбут.
Мааны Махсыым ону таба көрбөт бэйэлээх буолуо дуо, көрө-көрө киҥэ-наара холлор, дьон истибэтигэр биитин өһөөн өлөрүөх буолар, дэлби саанар. Кини куһаҕан кэмэлдьитэ өтөн, оҕо сылдьан үөтүнэн хаххаланан тиийэн, кыргыттар сөтүөлүүллэрин уоран көрөр үгэстээҕэ. Улаатан иһэн, ону-маны саныы-саныы, Маарыйа-Нарыйа этигэр-сиинигэр умсугуйар буолан испит. Ол умсугуйара күн-түүн бэйэтин кытта тэҥҥэ улаатан, бара сатаан хамначчыт кыргыттарын дьээбэлиир, кычыгылатар буолбут да, Маарыйаҕа ордук баҕарар эбит.
Убайа Маарыйаны таптаабыта, Маарыйа-Нарыйа Күнү Көрсөр Көстөкүүн диэки сылаас-сылаастык көрбөхтүүрэ Илибиэтэ да сытыы хараҕыттан ханна саһыай? Төһө да дьон көрөрүгэр сиртэн-буортан тэйэн, кими да уу хараҕынан утары көрбөт курдук тутта сырыттар, иһигэр былас муостаах атар абааһыны иитиэхтээн сылдьар илэ бааччы олоҥхо Кыыс Кыскыйдаана диэн кини эбит. Иһигэр араастаан оҥорон көрө-көрө, туруох-олоруох сирин булбат буолара. Кини санаатыгар убайа Көстөкүүн, атаах оҕо, Маарыйа туһунан тыл аҥаарын быктарыах эрэ кэрэх, ийэлээх аҕата ити Түппээгирдэр күрдьүктэрин иһэҕин ойох ылан биэриэхтээхтэр. Оттон кини аҕыйах аҕай сүөһү-сылгы, ол-бу буолар-буолбат көмүс-алтан сыыһа энньэлээх, ханнык эрэ билбэт дойдутун ойоҕо өлбүт улахан истээх кулубатыгар дуу, ол кулуба сыыҥа-сыраана саккырыы сылдьар аар акаары уолугар дуу эргэ барыахтаах. Оттон Маарыйа Көстөкүүннүүн ыллыы-ыллыы, хомус тарда-тарда наһаа дьоллоохтук олоруохтаахтар. Маарыйа дьоллоохтук олоруохтааҕын саныы түстэр эрэ, бүтүн бэйэтэ дьигиһийэ түһэрэ, хаһыытыан, часкыйыан баҕарара.
Биирдэ, ким да суох дии санаан, Баардаах Былатыан ойоҕунуун маннык кэпсэппиттэрэ:
– Барыны бары саба тутар курдук сананаахтыыгын да, муннуҥ анныгар туох буолан эрэрин таба көрөөхтөөбөт буоллаҕыҥ дуу? – Лөкүөрүйэ кэлэйбит быһыынан иэдэс биэрэн олорон, кэпсэтиини саҕалаата.
– Ноо, туох буолла? Субайдар ньылбалаан эрэллэр дуо?
– Субайдар ньылбалаан буолан. Уолгун Көстөкүүнү көрбөккүн дуо? Ити иитэ сылдьар кыыскыттан хараҕын араарбат буолла.
– Араарбат даа? Дьэ, кырдьык, Маарыйаҥ эр киһи хараҕа туолар буолан эрэр, – Баардаах сүрэҕэр ыттара санаата.
– Бу күтүрү! Хараҕа эрэ туолары көрөр үһүө, утуйа сытан кытта кыыс аатын ааттыыр. Хаста да иһиттим. Ол эрэ буолбатах, кыыһы Махсыым эмиэ бэрт дьиктитик көрбөхтүүр. Аньыыныы… – Лөкүөрүйэ ситэ саҥарбакка уоһун иһигэр ботугуруу-ботугуруу, кириэстэнэн сапсынна. – Маарыйаны оннун буллара оҕустаххына сатанар буолбут.
– Сааһын ситэ илик ээ.
– Ситтин-сиппэтин. Оннун буллар да сабаас!
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?