Электронная библиотека » Сардаана Корякина » » онлайн чтение - страница 1

Текст книги "Күтүөккэ хомолто"


  • Текст добавлен: 2 мая 2024, 21:20


Автор книги: Сардаана Корякина


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 1 (всего у книги 8 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Сардаана Александровна Корякина
Күтүөккэ хомолто

Күтүөккэ хомолто
(Дьиҥ олоххо буолбукка олоҕуран сэһэн)

Самаан сайыны ама хайа саха киһитэ күүппэтэ буолуой? Уһун, хабараан тымныы кыһыны этэҥҥэ туораан, күөх окко үктэнии диэн өйдөбүл былыргыттан баар эбээт. Бу саха норуотугар олох салҕаныытын бэлиэтэ. Эчикийэ, үйэ уларыйан, сылаас, бэлэм оттуллар дьиэҕэ кыс устата сыгынньах сырсыакалаһар оҕо былыргы курдук тымныы кыһарҕанын билбэт. Онон бэрт холкутук халыҥ хаардаах кыһыммыт барахсаны таптыыбын диэтэҕинэ ким омнуолуой? Урут, оһоҕунан оттон сылааскын дьаһанар эрдэххэ, туһааннаах үлэттэн быыс булан мас мастыыр да эрэйдээх буолара. Тыа киһитэ кураанах маска тигистэҕинэ үөрүүкэтэ үрдээччи, тоҕо диэтэр кэбэҕэс бэйэлээхтик сырдырҕаччы умайа охсон сылааһын биэрэрэ түргэн буолааччы. Оттон инчэҕэй маһыҥ барахсан умайан иһиэ баарай? Сырдьыгыныы-сырдьыгыныы, аат эрэ харата умайар эрэ, умайбат эрэ… Ону санаатахха, бэйи, кыстыгы тахсарга оһоххун да оттунарыҥ уустуктардаах буолааччы. Иллэҥ соҕус оҕонньоттор күнү күннүктээн бодьуустаһар дьарыктара кэпсэлгэ да ахтыллыбакка, өрүү буолуохтааҕын курдук ааһан иһэрэ.

Саас чугаһаан, күн уһаан, киһи уҥуохтуун үлтү оҕустарбыт курдук сылааргыыр кэмэ дэлэлээх үчүгэйэ дуо? Тыа сиригэр 1950–70-с сылларга хаҥкы, хайыһар диэн дьарык, билиҥҥилии эттэххэ, олус муодунай этэ. Көлүччэ аҥаарын таах күрдьээт, салааскаҕа баах муҥунан ууну ойбонтон баһан таһааран, били күрдьүллүбүт былаһаакканы саба кутан тоҥорон, каток бэрдэ буолааччы. Онно кытаанах халытыы, оскуоланан, нэһилиэгинэн, оройуонунан күрэхтэһии эгэлгэтэ буолааччы эбээт. Бу санаатахха, оччотооҕу оҕо-ыччат көҕө, киһи хайгыах дьоно, күнү-күннүктээн оонньуур сирдэрин бэйэлэрэ дьаһаналлара эбээт. Хаҥкынан сырсыыга өссө анал бэлиэлэргэ диэн итиннэ-манна кыһыл икки, саһархай икки тэрэпиискэлэри иилэттээн, бэрт бөдөҥ гына кыһыл болотунаҕа маҥан кыраасканан «старт», «финиш» диэн суруйталаан баран, хаарга батары анньан, эргииргэ төһө миэтэрэ баарын суоттаан-мээрэйдээн, лоп курдук ыйан суруйталаан, көрөөччү да, «ыалдьааччы» да муммакка-тэммэккэ, тугунан да баайсар кыаҕа суох, күрэхтэһиини көрөн үөрэрин курдук бэлэмниир буолаллара. Оччолорго итиннэ ким да харчы тыырбат, анаан биэрбэт, бары сүбэнэн, кыах баарынан, илии тиийэринэн дьаһаналлара. Арай ити 70-с сылларга эрэ уу кутар массыына саҥа үөдүйэн, ону көрдөһөн күөл аҥаарыгар даҕаны сылаанганан куттарар астык буолара, оччоҕо каток туох да дьикти тэҥ уонна курдары көстүөх айылаах дьэҥкир да буолара… Барыта ааспыт кэмҥэ кэпсиирбин билиҥҥи ыччат өйдүөххүт эрэ, суох эрэ. Ол да буоллар, сэһэним киириитэ итинник буоллун, салгыы истиэх буоллаххына, мин кэпсиим.

Сааскы кэм кэрэтиттэн тыа сиригэр ити билигин умнуллан хаалбыт хаҥкыны эрэ аҕынным. Ол эрээри былыргы өтөхсүйээри гыммыт ампаардары өҥөйөр киһи биир эмэ тоһоҕоҕо оччотооҕу хаҥкы ыйанан туруон сөбө курдуга, хайдах эрэ харахпар көстөргө дылы. Хайыһар туһунан элбэҕи эппэппин. Ити көрүҥ куруук да баара, билигин да балачча дьарыгыраллар. Оттон ити ыччат дьон, оҕо оонньуута эрэ буолбатах да буоллар, сүрдээх кылгас кэмҥэ кэлэн ааһар күрэхтэһиилэр этэ. Биһиги сааспыт оннук сэниэлээх уонна сыыдамнык сылыйан барааччы. Баара эрэ икки ыйга төһөлөөх хаары ууллара охсон, уутун хоту-соҕуруу сүүрдэн, хочо бөҕөнү угуттаан ааһыталаан баран оннубутун булларара буолуой? Оо, айылҕа диэн ити. Кини күүһүн кытта ким мөккүһүө баарай?

Онтон аны симэхтээх кыыһы санатан, тойон ыҥырыа лоҥкунас ырыатынан арыалланан, уйаларыгар сымыыт баттыыр чыычаахтарга ананар чыры-чып бөҕөнү түһэрэн, бырдах-күлүмэн бөҕөтө буолан, онно-манна кии умайар түптэ сытынан дыргыйан, күөххэ-дуолга маҥаачыйалар маҥырыыр саҥаларынан туолан, куйаас күннэр тиийэн кэлэллэрэ чахчы күүтүүлээх да буолара… Мин эмиэ итинтэн ханна барыамый, оҕо буолан күүтэн, күөҕү үөрэн уруйдуу көрсөр кэмнэрдээҕим эбээт. Ол бэйэм турбут сааспар, сиһим этэ ситиитэ, олох обургу уот татакайыгар киирэн тахсыбыт биир сайыҥҥы түгэн мин мэйиим олоруутун төрдүттэн ыспыта, санаабын-онообун будулутан, сүрэхпин түөһүм иһигэр баппат гына ыган, толкуйбун сүргэйбитэ…

Сайыны таптаабат буолбутум түөрт уонча сыл буолла. Ити сибилигин инники эппит кэмим сыллата тосхойорун аанньа, аны дьыл кэлиитэ хаһан баҕарар бэйэ-бэйэтигэр маарынныыр эбээт. Саас күн сырдаатын, дьыл имийиитин саҕана кыһыҥҥы турукпуттан сыҕарыйан тахсан, күн аайы уларыйар халлааны син мээнэ тулуһар буоллахпына, сайын сыта-сымара биллэн истэҕин аайы, сылыйбыт салгыҥҥа сотору куйаас кэлиэхтээҕэ биллиитэ… мин сүрэҕим айахпынан тахсан ханна эрэ куотуох туруктанабын. Ыараханнык ыгыта тутуталаан ол сүрэҕим ыарыытын ардыгар тулуйбат да курдук буолабын. Ол төрүөтүн бүгүн арыйарга сананным. Тулуйан-тэһийэн истиэҥ дуо, миигин?

Оччолорго саҥа үөрэхпин бүтэрбит, Афанасий Степанович Егоров диэн эдэркээн уол хоту баар Булуустаах диэн кыра бөһүөлэккэ учууталынан ананан тиийбитим. Оҕо кэриэтэ буоллаҕым, санаам күүстээх, барыны билиэх баҕа баһаам. Хоту сир уратытын сэрэйэр инигит. Мин илин эҥээр улааппыт киһиэхэ ол дойду айылҕата, киһи тыйыс диэбэт кэрэ этэ. Халлаана эчикийэ ырааһын, күөҕүн, ойуура, маһа-ото өҥүн, отоно элбэҕин диэбит кэрэгэй буолуо ээ. Хоту сири ыраахтан тиийбит киһи хаһан да абааһы көрбөт, наһаа соһуйа, үөрэ, астына, тутатына таптыы көрөр. Ол да иһин дьон олохсуйар буоллаҕа! Миигин олохтоохтор үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ. Элэккэй, көнө майгылаах, ыалдьытымсах, судургу быһаарыылаах, туруу үлэһит дьон мааныта онно олорор диэн, бүгүн да ахта-саныы кэпсиибин.

Аан маҥнай үктэммит, түһэн хоммут ыалым маанылаан, ас күндүтүн бэлэмнээн, ийэлээх аҕам курдук сылаастык көрсүбүттэрэ. Миигин ким да атыҥыраабатаҕа, бары күүтэн олороллоро чахчы үөрдүбүтэ. Туспа-туора дойдуга кэллим, сатаныам дуу, сатанымыам дуу диэн кэтэмэҕэйдиир санаа төрдүттэн суоҕа. Барыта намыын, холку, үлэлиир сирэ бэлэм, үөрэх дьыла саҕаланыа арыый да эрдэ, аргыый наллаан бэлэмнэнэргэ төһө эмэ иллэҥнээх курдукпун. Күнү быһа сээкэйи кэпсэтиһэн, хардарыта билсиһэн, сааһым тухары аймахтаспыт дьонум курдук ити ыалларбын ылыммытым мин улахан лаппа табыллыым этэ.

Сарсыныгар, эрдэһитим бэрт буолан, чугас эргин үрэх кытылынан хааман, сири-уоту билсэ диэн тула өттүбүн көрө истим. Сып-сырдыктык чаҕылыйар күҥҥэ оргууй устар уу долгуннара дьикти баҕайытык көстөллөр эбит. Мин астына салгын сиэн, дуоһуйа дьаарбайа сырыттахпына, арай ханна эрэ тэйиччи кыыс ыллыыра иһиллибитэ.

Үчүгэйдик да ыллыыр: манна дьон баар диэн билбэт быһыылаах. Бэйэтэ иһиттэн иэйэн ыллыыр. Ким ыллыырын көрбүт киһи дии санаан, ол дьикти куолаһы батыһа күөх хонуу устун сүүрбүтүм.

Ыллыыр кыыһы үргүтүмээри тыаһа суох, үөмэр кэриэтэ атаҕым төбөтүнэн сэрэнэн үктэнэн, балай эмэ барбахтаабытым, лаппа чугаһаабытым. Ырыа хоту сирдэтэн кэлбит киһи, миигин угуйбут куолаһым кулгаахпар субу баардыы чугаһаабытыгар оргууй, сэрэнэн талахтары сэгэтэн көрбүтүм, арай, үрүҥ солко ырбаахылаах, илиитигэр солуур кууспут кыыс кытылга олороро, арааһа, уу баһа кэлбит этэ.

Мин, син куоракка үөрэнэн, элбэх оройуон ыччатыныын алтыһан, эн-мин дэсиһэн устудьуоннаабыт киһи, билбитим-көрбүтүм балачча ини эбитэ буолуо да, кырдьыга, бу маннык кэрэ көстүүлээх кыыһы хаһан да харахтаан көрө илигим. Сүрэҕим битигирэччи тэппитэ, бэйэбиттэн бэйэм да соһуйбутум, таалан туран хаалар диэн суох, талах быыһыттан соһуччу, утары тахсан кэлэммин билбэт кыысчааммын соһуттаҕым үһү! Барахсаным уу баһан таһааран солуурун аттыгар уурбутун өйдөөн көрбөккөбүн, сыыһа хардыылааччы буолан, били биэдэрэни түҥнэри тэбэн кэбиспитим. Кыыс бачча тухары куруук сылдьар аҕай ыырыгар маннык эрдэ, сарсыардааҥҥы сиик көтө да илигинэ, хантан туох киһитэ кэлбититтэн соһуйбаттаах буолуо дуо? Куттаммыттыы чох хара харахтарынан төгүрүччү көрбүтэ, саҥата суох ойон туран, кэннин диэки чугуруйбута, тэйэ үктэммитэ.

– Куттаатым быһыылаах, бырастыы гын. Уугун билигин баһыам. Мин Афоня диэммин, учууталынан ананан кэллим. Билсэн кэбиһиэх, эн аатыҥ кимий? Кыыһым кыбыстан уһун кыламана ибигирээн, умса көрөн ылбыта:

– Суох, куттамматым, – диэн симиктик хардарбыта, мичээрдээн ылбыта.

Мин үрэххэ киирэр ыллыгынан элээрэн түһэн солуурга уубун баһан таһаарбытым. Кыыһым күүтэн турара уонна оргууй аҕай, устан ааһар курдук чэпчэкитик аттыбынан дугуйан хаампыта. Ураннык оҥоһуллубут ытарҕатыгар хараҕым хатаммыта, онтуката күн уотугар күлүмнээн кини солко маҥан ырбаахытыгар олус дьүөрэлэһэн көстөрө. Ыраас да кыысчаан. Туох да диэ, хайдах эрэ бэйэтэ ити эйэҥэлиир үрүҥ көмүс ытарҕатыгар холоонноох, дьэп-дьэҥкир диэх айылаах. Кумуччу туттан, төбөтүн үөһэ быраҕан, кынталдьыйан хаамара үкчү таҥара табатын санатар. Туох да дьиэк суох, барыта уурбут-туппут курдук, үөрэ-дьүөрэ. Уһун кугастыҥы суһуоҕа хардыылаатаҕын аайы сиһигэр охсуллан, киэҥ былаачыйатын кытта тэҥҥэ долгуннуран көстүбүтэ.

Мин тоҕо эрэ кини кэнниттэн хаалан, тэйиччиттэн одуулуу, дьикти баҕайытык ис-испиттэн сайыһа хаалбытым. Унаарытан саҥарар дьикти куолаһын ситэн ылан өссө истиэхпин баҕарбытым. Ол биһиги аан маҥнайгы көрсүһүүбүт этэ. «Кэрэ да кыыс… Аатын билбэккэ да хааллым…», – диэн иһим түгэҕэр ботугураан баран, таалан туран хаалбытым. Хайдах эрэ өр көрдөөбүт дьолбун булбуттуу, ис-испиттэн үөрэн, өрө ойуолаан ылбытым. Онтон ырбаахыбын устан, күөх окко быраҕаат, ып-ыраас үрэххэ сүүрэн киирэн, умсан ылбытым. Дуоһуйа сөтүөлээммин, кытылга тахсан күн уотугар сыламнааммын харахпын симэн ылбыппар: билигин аҕай көрсүбүт, кэрэчээн кыыһым сэбэрэтэ көстөн кэлбитэ. Өйбөр-санаабар кини мөссүөнэ дириҥник хатанан хаалбыта. «Таптал диэннэрэ бу буоллаҕа» диэн бэйэм бэйэбэр мунаарбыппын ыйыта-ырыта сатаабытым. Кыысчаан кимин билиэхпин, дьонтон ыйыталаһыахпын кытта баҕарбытым. Хас да күн кинини көрсө түспүт кытылбытыгар киирэн кинини кэтээн балачча өр хаамыталаабытым. Оттон кэрэчээнэм суоҕун курдук суоҕа.

Түүл курдук биир күн кытылга көстөн ааспыт кэрэ кыыспын санаабытынан, күһүҥҥү күннэргэ үктэммитим. Маҥнайгы чуораан үөрэх дьылын чугдаарыта арыйбыта. Кыра бөһүөлэкпит иһэ сэргэхсийэ түспүтэ. Үөрэнээччилэрбин кытары билсиһэн, үлэлээн-хамсаан барбытым. Оскуолам дириэктэрэ биир кыра дьиэни кэпсэтэн, бэйэм бас билэр муннуктаммытым.

Биирдэ килиэп ыла маҕаһыыҥҥа киирбиппэр: били мин сүтүгүм, хара маҥнайгыттан сөбүлүү көрбүт кэрэчээн кыысчааным уочаракка турара. Миигин билэн ис киирбэхтик мичээрдээбитэ. Соһуччута бэрт курдуга. Тоҕо эрэ сүрэҕим мөҕүл гыммыта. Кыысчааным, көрдө көрөөт туох диэхтиэй, кэпсэтэ да сатаабакка кыракый тутуурдаах аттыбынан ааһан, тахсан барбыта. Санаабар кини хааман ааспыт салгына сирэйбэр ил гынан биллэргэ дылы гыммыта. Ону кытта бу түгэни мүччү туттахпына, аны кыысчааммын хаһан да көрбөт иэдээҥҥэ түбэһиэхтээхпин таайбыт курдук, этим барыта итий гына түспүтэ. Бу түгэҥҥэ мэйиим уонна илиим-атаҕым хамсыыра туох да сибээһэ суох курдуга. Арай сүрэҕим эрэ битигириирэ. Мин даллаҥныырбын да мэйиим салайбат быһыылааҕа. Онон, тугу атыылаһыахтаахпын умнубутум курдук, соннук быһааран тугу гынарбын да өйдөөбөккө, кини кэнниттэн аан диэки ойбутум. Ыксаабыт омуммар, боруоктан иҥнэн, субу тахсыбыт кыыһым иннигэр буору бурҕаппытынан тобуктуу түспүтүм. Сити эрэ кэмҥэ, тирэхтээх уола хаан бэйэм, киһи да сонньуйуох, модьоҕоттон иҥнибит аатыран, сүһүөхтүүн хамсаан, бэрт судургу кирилиэскэ охтубуппун өйдөөбүтүм эрээри, тобукпун таарыйбыт да ыарыыбын дьүүллээн-дьаабылаан аахайбатаҕым. Сиккиэр тыалтан өрө көтүппүт күһүҥҥү сэбирдэхтэр иккиэммит тула эргийэ тэлээрбиттэрэ.

Кыыһым миигиттэн өр да өр күлбүтэ, буор буолбут таҥаспын нарын тарбахтарынан тэбээбитэ. Кини миэхэ кыыһырбакка, эйэргиир харахтарынан имэрийэ көрөрүттэн симиттиэх эбитим буолуо да, дьылҕа оҥоһуута буолуо дуу, төттөрүтүн, угуйар уот диэн баар буоллаҕына, арааһа, мин мичээрэрбэр, таптаабыт харахтарбар ол сылаас төлөннөрө күүдэпчилэнэ оонньообут буолуохтаахтар. Мин итини барытын билигин, сааһыран эрэ баран, ахта санаан анаарабын. Оттон ол саҕана, эппитим дии, мэйиибин кытта күлэрим-үөрэрим, саҥарарым-иҥэрэрим ханан да ситимэ суох курдуга, туох эрэ дьикти күүс миигин талбытынан салайара. Ол буолуо ээ, таптал киһиэхэ олохсуйара…

Санаабар туох эрэ көстүбэт күүс биһигини ситимниирэ. Хайа-хайабыт дьылҕа итинник салайыытыгар быһалыы бас бэриммиппит, тугу да утарыласпакка, туохтан да ымыттыбакка, буолуохтаах буоларын курдук… Хас сарсыарда аайы хараххын арыйаат да истиҥник мичээрдээбитинэн туран кэлэр – улуу дьол. Күн киниттэн эрэ саҕылларын кэриэтэ чугастык саныыр киһилээхпин диэни билинэр турук олус да күндүтэ. Сүрэхтиин-быардыын курдаттыы тардыһан, таптыыр кыыһыҥ мичээрэ сылааһынан угуттуура диэн баар эбээт, киһи кимиэхэ да кистээн эппэт эриэккэс түгэнэ. Онон, мин эдэркээн олохпор, отой санаабакка да сырыттахпына, ол курдук эмискэ таптал диэн киирэн кэлбитэ. Дьиҥнээхтик, чахчы таарымта курдук. Кэрэчээн кыыһа суох сатаныа суохтаах быһыылааҕым, төбөм иһэ барыта кини эрэ. Туһааннаах үлэ, ас-таҥас боппуруоһа барыта быстахха курдук, устунан ааһан иһэр. Оттон Кини… суох, сүрэхпэр киирэн наһаа үчүгэйдик олохсуйбута.

Онон, биир тылынан, ол үлэлии тиийбит дьылым дьылҕам бэлэҕэ эбит этэ, дьикти араас өҥүнэн сууламмыт көмүс күһүн иккиэммитин истиҥ иэйиинэн ыга кууспута.

Кини мичээрэ, миигин долгута туймаардан, сүрэхпин сүүйбүтэ, сып-сылааһынан сылаанньыппыта. Аан дойду олоҕо бүтүннүү умнуллубута, тохтообута. Ол күн кини аатын билбитим, бөһүөлэк устун хойукка диэри хаамсыбыппыт. Онтон ыла биир да күнү көтүппэккэ көрсүһэн барбыппыт. Бэҕэһээ киэһэ, ыкса хойукка атаарсан арахсыбыт буоллахпытына, сарсыардааҥҥа диэри нэһиилэ тиийэр курдук этибит, бэйэ-бэйэбитин оннук күүскэ ахтыһарбыт.

Биир киэһэ кыысчааным, аара ыттаах киһи ааһан иһэриттэн да мэһэйдэппэтэҕэ, иэдэспиттэн сыллаан ылбыта. Биһиги субу биллибит тапталбыт туһунан бөһүөлэк иһэ туолбута. Ыал ыалтан истиһэн, учууталлыы кэлбит уол күтүөттүү хаалар туруктаммытын туһунан киэһэ аайы кэпсэтиигэ сүрүн сонун буолбут быһыылааҕа. Оттон мин олус таптыыр киһибин олбуорун айаҕар диэри атаарарбар, кини сылаас илиитин ыыппакка, ыга кууһан турарым. Обуйукаан уостарыттан уохтаахтык ууран ыларым, сарсыҥҥы күнү күүтэрим туһунан сибигинэйэрим.

Сыһыаммытын уһата-кэҥэтэ барбакка, сыһа-соһо сылдьыбакка, сотору кэминэн олохпут суолун устун өрүү бииргэ хардыылыыр инниттэн сүрэхпитин холбоон ыал буолбуппут. Уобарастаабакка да эттэххэ, икки өттүттэн сөбүлэҥинэн итини быһаарыммыт буоламмыт, биһиги саҕа дьоллоох дьон аан дойду үрдүнэн суоҕун кэриэтэ этэ. Оччотооҕу үгэһинэн, саамай маанытык ыытыллар уруу киэбинэн, толору кымыстаах чороону көтөҕөн, бэйэ-бэйэбитин хаһан да түһэн биэрбэт, таҥнарбат туһунан мэктиэ тылы эппиппит, кыһыл көмүс биһилэхтэммиппит.

Ол күнтэн ыла биһиги туспа ыал аатырбыппыт. Хайа-хайабытыгар бу маҥнайгы ыраас иэйиибит наһаа да чараас, уйан этэ. Кыраттан да үөрэ түһэрбит, аспыт да аҕыйах буоллаҕына, сылаас сыһыаммытынан тотор курдук буоларбыт. Оннооҕор кыра да харчылаах олорон, ону тиийиммэт-түгэммэт кэм үүннэ диэн хос санааҕа уурбат этибит.

Кэргэммин наһаа таптыыр буоламмын, Даайыс диэнтэн атыннык ааттаабат буоларым. «Даша, Дашенька» диир олуона, оҥоһуу баҕайы курдуга. Ол иһин били билсэр киэһэбитигэр бэйэтэ этэн кэбиспитинии, тапталлааҕым аата миэхэ сааһым тухары «Даайыс» диэн буолбута. Итинник уу сахалыы саҥа аллайар олус күндүтэ уонна чахчы чугас эрэ киһи итинник эйэргиирэ биллэр буоллаҕа эбээт. Сурукка киирэринэн Егорова буолбута миэхэ наһаа астык этэ, онон Дария Михайловна бэйэтэ да дойду сир араспаанньаламмытын истиҥник ылыммыта.

Инньэ гынан тапталбыт аатыгар сотору кыраланар турукка киирбиппит. Ыарахан буолбутун истэн, иккиэн олус да үөрбүппүт. Барыта дьикти курдуга: субу иккибит, оттон сотору, төһө эрэ кэм буолуута, кыып-кырачаан уол дуу, кыыс дуу биһигини ийэ-аҕа оҥоруохтааҕа төбөбүтүгэр баппат да курдуга. Ыал буолуохха диэри оҕолонор туһунан билбэт этибит дэттэримэҥ, билиминэ, урууга да кэлбиттэр эҕэрдэлиир тылларын аайы «элбэх оҕону баҕарбыттара» ол саҕана кыбыстыылаах курдуга эрээри, олох сокуонун эппиттэрэ баа буолуо дуо. Ол да үрдүнэн аан бастакы оҕо кэлээри, «ыарахан» буолуу диэн киһи мэйиитин биир сиргэ мунньар курдук ураты турук этэ. Даайыһым барахсан имэ тэтэрэн, үөрэн сэгэйэн иннибэр субу баарга дылы. Мин, эппэт кэлэҕэй буолан, тэпсэҥнии турбутум. Онтон иккиэн даҕаны дьэ үөрүүбүтүн холбоон, саҥа таһааран, кэпсэтэн, устунан ыраланан барбыппыт, өөр да өр куустуһан олорбуппут.

Оҕолоноору гыммыппытын дьонтон кистээбиппит, хойут этиэх буолбуппут. Онтубутун тутуспуппут. Болдьоммут кэмигэр уһаабакка кыыс оҕоҕо күн сирин көрдөрбүппүт. Тапталбыт оҕото Маайыспыт сыттыын дыргыйан биһиги быыкаа дьиэбитин үөрүүнэн толорбута, тула дьол кыымын ыспахтаабыта. Кыһыл оҕо бэбээрдэр эрэ иккиэн тэбис-тэҥҥэ ойон турарбыт. Даайыс суулуурун мин көрөн баран турар идэлээҕим. Кыттыспыт курдук сананарым. Үлэбиттэн кыргыттарбын ахтан аҕай кэлэрим. Сүүрэн киирээт, дьиэ түбүгэр оройбунан түһэрим. Оҕом суутун сууйар саамай дьоллоох да түгэннэрбин минньигэстик ахтабын. Даайыһым оҕотун көтөҕөн баран олорботоҕо, күөһэ-аһылыга, ииһэ-күүһэ, талыы дьахтар киэбигэр биллибэккэ киирэн хаалбыта. Миэхэ кичэйэн аҕай кээнчэ тигэрэ. Онтон табыллан, мин үөрбүппүттэн кини харахтара дьолунан туоларга дылы гыналлара.

Итинник олордохпут дии. Дэҥҥэ ыалдьыттаах буоламмыт, киирбит дьону үөрэ көрсөрбүт. Ол саҕана муста-муста чэйдээһин муодаҕа суоҕа. Киһи барыта бэйэтин тус кыаҕынан олороро, күннээҕи сонунун аара да көрүстэххэ аҕыйахтыы тылынан бырахсан өйдөһөр, ылсыһар-бэрсиһэр буоларбыт. Итиэннэ Даайыс биһикки эдэр ыччаты кытта бииргэ бодоруһан ыал буолбатах дьон, билэрбит эрэ бэйэбит этэ. Ону сэргэ кини аймахтара эмиэ наһаа буккуспаттара, эдэрдэр олордуннар диэтэхтэрэ дии. Онон ыал буолан ньыдьыраабыт дьон дьолбутун иккиэн тэҥҥэ үллэстэр ураты уйалаах этибит. Ситигирдик олорон, Маайыспыт «чууп-чаап» диирин саҕана, аны иккис кыыспыт күнү көрбүтэ. Оо, онно үөрбүппүтүөн! Оҕобутугар ханыы кэллэ, балтыланна диэн икки сибэккилэммит саҕа санаммыппыт. Маайыс балтын Татыйаас диэн ааттаабыппыт. Онон мин Даайыһым, Маайыһым уонна Татыйааһым диир олус нарын, чараас, бигэ, минньигэс эҥээрдээх киһи буолбутум. Эр дьон дьээбэлээн, «бракодел» диэн хаадьылыылларыгар төрүт кыһаммат этим. Мин кэрэчээн кыргыттарым саҕа дьол үгүс киһиэхэ суоҕун сүрэҕим таайара, онон тапталым үс төгүл улааппыта, мичээр мин сирэйбиттэн түспэт буолбута. Даайыспар наһаа махталлааҕым, кини баар буолан бу сиргэ хаама сылдьарбын бэркэ өйдүүрүм.

Маайыстаах Татыйаас күнтэн күн улаатан, тупсан испиттэрэ. Кыргыттар саҥаран-иҥэрэн чуопчааран олус да минньигэс дьон этилэр. Кып-кырачаан төбөлөрүгэр тобус-толору мэйии хааламмыта наһаа дьиктитэ. Барыны өйдүү-ылына охсоллоро, кэпсэтэр тыллара оруннааҕа… Сырыы ахсын истэн олорон наһаа дьиктиргиирим, бу хантан барытын итинник ылыналлара, өйдүүллэрэ буолуой диэн. Даайыһым да кыргыттарыныын бодьуустаһара оччо буоллаҕа, куруук кэпсэтэ сылдьан таарыччы сүбэлиирин оҕолоро отой лып гына төбөлөрүгэр хатаан умнубат буолаллара, ийэлэрэ эппитин хаһан эрэ булгуччу санаан ахтан ааһаллара, дьэ, чахчы дьикти этэ. Оонньуу олороллорун көрөн, «дьол диэн маны этэн эрдэхтэрэ» дэһэрбит. Олус иллээх, кэрэчээн кыргыттар биирдэ ый-хай буолан иирсибиттэрэ, адаарыспыттара, ону-маны былдьаспыттара диэн суоҕа…

Мин Даайыспыныын куруутун маннык дьоллоохтук олоруохпут дэһэрбит, эрэлбит да улахана. Итинтэн атын сыһыаны, туох эрэ мэһэйи отой түһээн да баттаппат этибит. Ону баара, чахчы наһаа барыта үчүгэйин иһин эбитэ эрэ, дьол ирээтэ омуннаах элбэхтик биһиэхэ тиксибитин, дьылҕабыт көҕүрэтэ сатаабыта дуу, билбэтим… Биир күүтүллүбэтэх түгэн, хаһан да санаабатах өттүбүтүттэн киирбит иэдээн барытын туора соппута. Кэргэним Даайыс барахсан үһүс кыыспытын төрөтөөт, хаана баран күн сириттэн күрэммитэ. Туох кистэлэй, үлэлии сырыттахпына, оскуолаҕа эрийэннэр биллэрбиттэригэр, мин итэҕэйбэтэҕим. Сонно тута дьиэбэр тиийбитим. Сүүрэн киирэн дьиэм иһин эргиччи көрбүтүм: туох да иэдээн буолбутун туоһулуур суохха дылыта. Даайыһым барахсан өрбүт салпыаккатынан сылабаарбыт сабыллан турара. Сыттыктарбыт кытыыларынан киэргэтэн тикпит курусубалара туох да буолбатаҕын курдук, көҕөрүмтүйэ көстөн, курустаал ырааһыныы көрөн турбуттара. Орон аттыгар эргэ өрбөхтөрү өрөн сөрүө курдугу бырахпыта эгэлгэ дьүһүнүнэн киһи болҕомтотун тардар күүстээхтэрэ. Онтон… ол сөрүөм ойуулара… ойуоккалаһан барбыттара, харахтарым ирим-дьирим барбыттара, тохтоло суох ыарыылаахтык ыгыллан тахсар хараҕым уута аан-быдаан туманынан бүрүйбүтэ… итинник төһө өр сыппытым буолла, билбэтим. Биирдэ өйдөммүтүм, дьиэбэр ханнык эрэ, сорохторун аанньа билбэт да дьахталларым кэлэн уу-хаар өрөн эрэллэрэ…

Итинник буолуо суохтааҕа эбээт! Даайыһым, чыычааҕым, доҕорум, кэрэчээнэм төрүү барарыгар балыыһаҕа илдьэрбэр даҕаны, иккиэн тугу да сэрэйбэтэхпит. Күннээҕинэн кыргыттарын дьаһалын күлэ-үөрэ сорудахтаабыта, барыта этэҥҥэ буолан тахсарыгар тугу аҕаларбын санаппыта, сып-сылаастык куустуһан, сып-сымнаҕастык сыллаһан арахпыппыт баара…

Ол кэннэ олоҕум түүл-бит курдук буолбута. Бу сымыйа, омун тыллар буолбатахтар. Чахчы итинник буолар эбит. Аһыырыҥ амтана суоҕа, саҥа таһааран кэпсэтэр кыаҕыҥ сүтэрэ, тугу да сэҥээрэриҥ барыта өһүллэн-сүтэн хаалара баар эбит этэ, иэдээн иккис өттө. Бэйэбин ыһыктынан кэбиһиэхпин, хайдах да сатаммат этэ. Санаабар Даайыһым киирэн кэлиэхтээх курдуга. Туох эрэ сыыһа-алҕас тахсыбыта көнүөхтээх дьылҕаланара суох буоллаҕа эбээт, кыһыыта. Тиһэх суолугар да атаарарбар, кэргэним барахсаны билиминэ сыспытым, кубарыйан, кумааҕы курдук сэбэрэтэ киһи атыҥырыах айылааҕа… Оттон мин Даайыһым сэгэйэ үөрбүт мөссүөнэ, чаҕылыһа оонньуур харахтара, чуораанныы лыҥкыныыр куолаһа… бу сытар барахсаҥҥа ырааҕынан маарыннаабата! Ол да гыннар иэдээни ылынарга тиийбитим, доҕорбун букатыннаахтык сүтэрбиппин, аны кэргэним диэн киэн тутта ааттыырбыттан маппыппын өйдөөбүтүм.

Оо, дьон диэн дьиктилэр даҕаны. Мин, эдэр киһи, ити ынырыктаах иэдээҥҥэ түбэһэн өйө-мэйэ суох сылдьар сордоох оннооҕор биир түгэни сөҕө да санаабытым. Киһи кыһалҕаҕа түбэстэҕинэ, билэр-билбэт дьонуҥ үс аҥы хайдаллар эбитин кытаанахтык өйдөөбүтүм: эн аһыыгын үллэстээччи, иэдээҥҥин тэҥҥэ уйааччы-өйөһөөччү уонна буруйдааччы булгуччу баар эбитин. Ханнык эрэ түгэҥҥэ миэхэ иһиллибитигэр соһуйбутум, хатыылаах да соҕустук саҥараллар, сэтэрииллэр эбит! «Сэрэйбит сэрэх, ити эрэ, дойду сир уола булгуччу уолла төрөт диэбит буолуохтаах, ол иһин Даайыс үһүс кыыһыгар сананааччы буолан суорума суолланна», «Дьэ, ол да иһин, эрдэ барыах эрдэ барыах курдук этэ, наар сиэттиһэ эрэ сылдьаахтыыллара, бэркэ диэн дьоллорун кистээбэт адьынаттаахтара, онтукалара ити»… Абаккардарбын да хайыам баарай? Хас киһи айаҕын саба тутуоҥуй, «оннук буолбатах» диэн кими уолуктуоҥуй?!

Мин ити саҕана атын кыһалҕалаах этим эбээт. Уу кыһыл оҕобун бэйэм баран балыыһаттан аҕалбытым. Оҕобун, ити дьон курдук, туохха да буруйдуур санаам суоҕа. Даайыһым барахсан миэхэ ыыппыт бэлэҕин курдук сүрэхпэр ыга тутан баран ыытыахпын баҕарбат турукка киирбитим. Онон олоҕу салгыы олоруохтаах дьон биһиги түөрт эрэ буолбуппут. Кыргыттарбыныын бэйэбит, дьиэбитигэр кутугунаһан олорбуппут. Бастакы сылларга кэргэним ийэтэ барахсан кыра кыыспын көрсөн көмөлөспүтэ. Онон туһанан мин үлэлээбитим, син хамнастанан олорбуппут.

Иэдээҥҥэ ыллардым диэн мин, кырдьыгы этэбин, кимиэхэ да ытана-соҥноно барбатаҕым. Аһыыбын наар үлэбинэн тумнарарым. Санаабар миигин үөһэттэн Даайыһым көрөн турарга дылыта. Утуйаары сытан күннэтэ киниэхэ – кэргэммэр эрэ туһаайан отчуоттуурум. Сылаалаах күн түмүгэр эһээхэйим ииктээбит-саахтаабыт бөлүөҥкэлэрин сууйарым. Ол туран наар инники кыргыттарбытыгар тэҥнээн ахтылҕаным кэлиилии эргийэ турара. Оччолорго, Маайыспыт төрөөтүн эргин, бөлүөҥкэни чараас быһаҕынан кыһыйа турарбын көрөн, сэгэрим барахсан оҕотун көтөхпүтүнэн аттыбар кэлэрэ уонна эһээхэй кыыстыын кэпсэтэрэ:

– Чыычаах, көрүүй, паапаҥ эн бөлүөҥкэҕин сууйар. Бу оҕобут туһалаабытын диир, ол аата аһаабытын барытын иҥэриммит уонна ордугун бу таһаарбыт диир!

– Оннук буолумуна! Маайыскабыт оҕолоро– очоҕосторо бэркэ үлэлээбиттэр, бу үчүгэйин! – диэн тэҥҥэ мин уопсарым…

Ситигирдик Татыйааспытын эмиэ улаатыннарбыппыт. Оттон билигин, мин хайдах да гынан саҥа таһааран оҕобун кытта кэпсэтэр кыаҕым суоҕа. Көннөрү, күүһүм муҥунан оҥоро сатаан:

– Чээн, оҕом туһалаабыта үчүгэйин, – эрэ диирим.

Онуоха хардарсар кэргэним суоҕа ыарахана оччо этэ. Тулам барыта курус, кэри-куру. Кыракый, эргэ дьиэбит түннүктэрэ сууйуллубут таҥас сиигиттэн, харах уутун тохпуттуу, таммахтарынан ытыыллара. Оҕолорум дьагдьайыахтара диэн күүскэ оттубут оһоҕум сойоро да түргэнэ. Амтаннаахтык астанартан тэйэн, чыычаахтарым хааһыларын, торуойдарын тобоҕун холбоон үссэнэр идэлэммитим. Ардыгар, аһынан буолуо, эмээхситтэр чэйгэ ыҥырдахтарына, «оҕолорбуттан ордон онно ойдомуй» диэн сөбүлээбэт, барбат этим. Арай барыбытын тэҥҥэ ыҥыраллара буоллар, хайыам эбитэй эрээри, биирдэ да, ким да оннук гымматаҕа. Түүҥҥү киэһэ уу чуумпу дьиэм иһэ курустук миигин кууһара. Соҕотохсуйуу хаһыыта куолайбар хаайтарбыта. Хараҥа сарсыарданан кырачааммар үүт сылытан иһэрдэрбэр наһаа да хараастарым:

– Оо, бу таас бытыылка оннугар барахсаным сыыһа ийэтин көмүскэ тэҥнээх иҥэмтэлээх үүтүн эмэн, соппойо олороро буоллаар… – диирим.

Ким да билбэт, көрбөт этэ, мин аһыы амтаннаах хараҕым уутун.

Саҥа дьыл чугаһаатаҕын аайы кыргыттарым Тымныы оҕонньортон кэһии ылаары ырыа-тойук бэлэмнээн чаҕаарыһаллара. Биир киэһэ дьыссааппытыттан дьиэлээн истэхпитинэ, билигин да көтөххө сылдьар кырачааным:

– Аҕаа, тохтоо эрэ, мин бу хаар устун хаамыахпын баҕарабын, – диэн чуопчаарбыта.

Богдоччу таҥныбыт оҕом барахсан, түөрэ-маары бадьаалаан хаампыт кып-кыракый хаатыҥкатын суола харахпар бу баардыы көстөр. Оччугуйкаан бэйэтэ үрүҥ туллук курдук сырдык хааннааҕа, чорбойбут уоһа куруутун кус-хаас саҥалааҕа. Көрбүт эрэ дьон үксэ:

– Улааттаҕына үчүгэй, кэпсээннээх кыыс буолсу. Ийэтигэр олус да маарынныыр, – дэһэллэрэ, харахтарынан таптаан ымманыйаллара.

Ол киэһэ тоҥуу хаар устун иһэн, халыҥ сонун курдаан кэбиспитим иннигэр мунньуллан, киһи күлүөх курдук ынайбыт истээх:

– Аҕаа, көр, мин чыычаах курдукпун, сотору көтүөҕүм… оол ыраах-ыраах сулуска… – дии-дии, субу көтүөхчэ курдук туттан, кып-кыра илиитин даллаппыта уонна:

– Аҕаа, көтө-өх… сылайды-ым… – диэбитэ.

Оччолорго ийэ, аҕа тапталын икки бүк сүкпүт эдэр киһи үс оҕобор баардара-суохтара мин эрэ этим. Эбэлээх эһэбитин, саастаах дьон диэн харыстааммыт, кинилэри түбүгүрдүбэт буола сатыырбыт. Биирдэ эмит охсуллан, ахтылҕаннарын таһааран, ыалдьыттаан ааһарбыт.

Кэргэним бараахтаабыта син хас эмэ сыл ааспыта. Үс чыычаах кыргыттарым чубугураһар күйгүөрдэригэр аһыыбын мүлүрүтэ, умна быһыытыйарым, хараастыбыт сирэйбин-харахпын киэр үтэрим. Кинилэр ньуу-ньаа саҥаларынан, оокколорум киэһэ-сарсыарда күлэ-оонньуу туллуктанар олохторунан олорорум. Биирдэ да онно-манна аралдьыйан, кэлбэт-барбат киһини соччо-бачча хаайсыбаттар да этэ. Ол быыһыгар бастаан утаа хам-түм быстах ыалдьыттар охсуллан ааһаллара ханна барыай.

– Хайа доо, ыл, арый! Кыратык кут, аһыы утаххыттан амсат. Биһиги эн аһыыгын үллэстэ, санааҕын уоскута кэллибит, ааҥҥын ас! – олохтоох уолаттар арыгы көрдөөн, ардыгар ааммытын дибдийэн чуумпу түүлбүтүм аймыыллара. Оччоҕо уһуктан ытаабыт кыһыл оҕобун оронуттан ылан, чүмэчим уотунан сырдатынан, бэйэбэр ыксары кууһарым, оҕобун уоскутаары киҥинэйэн ыллыырым.

– Утуйбакка сытаҕын дии, түннүгүнэн чүмэчиҥ уота кыламныыр, ааҥҥын ас! – диэн буокка көрдөөн боруоктаһан, тууйуллубут санаабар эбии таһаҕас кэриэтэ буолаллара.

Төһө да сүрэхпэр ыттарбытым иһин, аһыы утаҕынан иэдээммин мүччүрүтэр кыаҕа суохпун билэрим, ол иһин чугаһыыр санаам да суоҕа. Онон хаһан даҕаны арыгыны иһэн оҕолорбун куттаабатаҕым. Дьон ортотугар туттуна сатыырым эрээри, кыһалҕам миэнэ түүн кэлэрэ. Даайыһым барахсан суоҕа хайдах биллиэ суохтааҕай? Курус, кураанах дьиэ, иккиэн дьоллоохтук күлэ-үөрэ, күө-дьаа кэпсэтэ, эйэргэһэ олорор курдук этибит да… эмискэ сатыылаабыт уу чуумпу миигин наһаа баттыыра. Ахтарым, суохтуурум, туоххаһыйарым, сүтүкпүн итэҕэйиэх санаам кэлбэтэ, ити ыар дьылҕалыын иллэһиэх баҕам эмиэ суоҕа. Ол иһин санаам олус тууйуллан, күн аайы кэриэтэ кэргэним уҥуоҕар барарым. Төһө да саха киһитигэр «утуйбут» киһини уйгуурдар аньыытын биллэрбин, син биир тиийэ турарым. Ытыырым, саҥата суох араамалаах хаартыскатын көрөн баран олорорум. Биирдэ тоҥуу хаар устун кэргэммэр сүүрэн иһэн сыыһа үктэнэн умса баран түспүппэр, үрдүбүнэн суор хаһыытаабыта. Мин эмиэ хаһыытыах санаам киирбитэ, тыын ылан халлаан диэки хантайан тоҕо эрэ бөрөлүү улуйбутум, суордуу хаһыытаабытым. Итирбиттии мэйиим эргийбитэ, тыыным кыараабыта. Тапталлааҕым көмүс уҥуоҕун аттыгар бүк түһэн олорон, туох өйбөр кэлэринэн, үлүбээй кэпсэтэн барбытым. Санаабар кини миигин истэрэ. Ол кэннэ, син чэпчээбиккэ дылы сананан, эмиэ сирдээҕи олохпор төннөрүм.

* * *

Биир түүн, уум быыһынан иһиттэхпинэ, арай кыра кыыһым ынчыктыыр, миигин ыҥырар эбит. Хоһугар киирбитим: оҕом суорҕанын ытырбыт, хараҕын быһа симэн баран ытыы сытара:

– Хайа, сыллыыйыам, Сайыына, туох буоллуҥ?!

– Аҕаа, тугум эрэ ыалдьар, айакаа, абытай-татай, йаа-йаа! – оҕобун сүүһүттэн тутан көрбүтүм: сөрүүн этэ эрээри, туох эрэ быһыта тутара биллэр курдуга.

Киһи ыксаатаҕына кыра бөһүөлэкпитигэр быраас да, балыыһа да суоҕа. Бу түгэҥҥэ ханна, кимиэхэ сүүрүөхпүн билбэтэҕим. Биир да быраас үөрэхтээх киһи биһиги эҥээрбитигэр суоҕа, эгэ оҕо киэнэ хантан кэлээхтиэй.

Сарсыныгар, оскуолам суоппарын кэпсэтэн, кыргыттарбын илдьэ киин бөһүөлэккэ Аппалаахха айаннаабыппыт. Массыына сахсылларыгар оҕом ыарыыта бэргээн кэлэрэ, тугун эрэ тэһитэ баттатар курдук ынчыктаан ылара. Түүн утуйбатах буолан сэниэтэ суоҕа, хараҕын уута сүүрбүт суола сирэйигэр ойуу курдук хаалан хаалбыт этэ, тиһэҕэр сэниэтэ эстэн кырам муҥнаах көтөхтөрбүтүнэн илиибэр утуйан хаалаахтаабыта. Үрдүк хайаны дабайан, уһун-киэҥ айаны ааһан, балыыһабытын дьэ булбуппут. Санаабар быыһанар суолбут төрдө манна этэ. Үрүҥ халааттаах аанньаллар оҕобун тута көрөн, иһиллээн, ыарыытын быһаара сатаан, чинчийэ хаалбыттара. Икки хонугунан миигин ыҥыран ылан суһаллык Новосибирскай куоракка эпэрээссийэҕэ барыҥ диэн сүбэлээбиттэрэ. Оҕом сүрэҕэ олох мөлтөх үһү.

– Эрдэ биллэрбэт этэ дуо? – диэн ыйыппыттарыгар хардам суоҕа.

Саныы сатаабытым, хаһан тугу мүччү көрбүт буолуохпун сөбүн. Туох да дьиэги өйдөөн быстыбатаҕым.

– Муус доруобай курдуга, хаһан да үҥсэргээбэт этэ, – диэбитим кырдьыгынан.

Оччолоох ыар ыарыы буулаабытын билэн охтон түһэ сыспытым. Ол эрээри илиибэр тутан хаалбыт дьолбун эмиэ мүччү туттараары бу ыар дьылҕа тургутуутун булгу ааһыахтаахпын диэн санаммытым. Оҕом эрэйдээх эдьиийдэрэ, билигин да быыкаа барахсаттарым көрөн турдахтарына самнарым сүрүкэтэ бэрдэ этэ. Онон, хайдах-туох айаннаан Аппалаахтан куоракка кэлэн баҕалаах, өрүһүйтэриэхтээх балыыһалаах Новосибирскайдыыр аартыкка киирбиппитин сиһилии кэпсээмиим. Тиһэҕэр кумааҕыны-докумуону барытын илиибэр ылан, харчым сыыһын ботуччу уктаммын, испэр иэдээннээхтик да айманан, туох-баарбын барытын умнан, үс кыыспын туппутунан сөмөлүөккэ киирбитим. Быыһанар сир диэки күүһүм баарынан дьүккүйэ сатаабытым. Туох баар өйүм-санаам түмүллүүтүн ол эрэ диэки туһаайбытым. Былыт үрдүнэн көтөн истэхпитинэ, кырам барахсан, Сайыынам муҥнаах уһуктан, уу иһиэн баҕаран көрдөөбүтэ. Быыкааны ыйырдаат, түөспэр сыста сытан сэниэтэ суох тугу эрэ саҥара сатаабыта, үрүҥүнэн көрөн ылбыта. Улахаттарым барахсаттар да кыра оҕолор буоллахтара, мин ыар балаһыанньабын, балтылара улаханнык ыалдьыбытын хантан билээхтиэхтэрэй, мэниктээн дьонтон буойуллубуттара. Бачча тиэтэллик эпэрээссийэҕэ эрэ баран иһэрбитин өйдөөбөт буолаахтаатахтара.


Страницы книги >> 1 2 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации