Текст книги "Күтүөккэ хомолто"
Автор книги: Сардаана Корякина
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 8 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]
– Маайыс, Татыйаас, балтыгыт утуктаабыт, чуумпуруҥ эрэ, сотору тиийиэхпит, – диэбитим аа-дьуо оргууйдук.
Кырам утуйар-утуйбат икки ардынан илиибэр сыппыта:
– Аҕаа, уута… уута…
– Уу баар, мэ, ис, тоойуом… Тоойуом… Тоойуом?! Сайыына! Истэҕин дуо?! Истэҕин дуо, Сайыына! Тоҕо саҥарбаккын? Чыычаах, сыллыыйыам, көрүүй мин диэки! Хараххын ас! …
Ол күн олоҕум саамай хараҥа күнэ этэ. Чыычааҕым ооккото, кып-кыра киһичээним, аҥаар илиичээнинэн санныбын кууспутунан субу бип-битигирэс тэбиэлиир сүрэҕэ… сир-халлаан икки ардыгар тохтоон хаалбыта. Итэҕэйбэтэҕим. Бу аата тугуй? Оҕобун быыһыахтаах этим эбээт! Мин Сайыынам Новосибирскайтан саҥа сүрэхтэнэн, туллуктана көтөн төннүөхтээҕэ эбээт! Ама даҕаны?! Кып-кырачаан мин оҕом, туох аньыылаах буолан, бу Орто дойду олоҕуттан матыахтааҕый?!
Мин, Даайыһым аһыыта күннэтэ ыгыта кымаахтыырыттан бааһырбыта ырааппыт сүрэҕим бааһа аһый гыммыта, саҥа өттүнэн хайы ыстаммыта быһыылааҕа. Санаабар бу көтөн иһэр сөмөлүөттэн сууллан эрэрим… Кими ыҥырыахпын, хайа диэки сүүрүөхпүн билбэтэҕим. Аттыбар Маайыстаах Татыйааһым утуйан буккураһаллара. Тулабар уу чуумпу, дьон бөҕө утуйан нуктаабыт да, мин кими да билбэппин. Итэҕэйбэккэбин, оҕобун көтөхпүтүнэн сөмөлүөт үлэһиттэригэр барбытым, баҕар быраас үөрэхтээх ким эмэ баарай дуу диэн эрэммитим. Оҕом тыыннаах диэн өсөһүөх, мэлдьэһиэх санаам киирбитэ. Хомойуох иһин… чыычааҕым муус курдук тымныйан эрэрэ, кып-кыра мунна тыыммат буолбута. Ону билбитим эрээри, быыкаа эрэлим кыыма умуллан да эрдэр, көрдөһө-ааттаһа стюардессаларга тиийбитим. Сонно оҕобун илиилэригэр түһэрэн ылаат, кинилэр быыстарын саба тардыммыттара. Мин төттөрү олорор сирбэр барбакка, таалан турбутум. Үөһээ бааллартан барыларыттан «Сайыынабын быыһааҥ даа» диэн испэр көрдөһөр-ааттаһар тылларбын сааһылаан бүтэ иликпинэ:
– К сожалению, мы не в силах вам помочь… Наши соболезнования… – диэбиттэрэ.
Итинник курус тыллары истээри бу сордоох ыраах уустук айаҥҥа туруммут муҥмунуй… Сөмөлүөт түннүгүн нөҥүө халлаан көҕөрө мэндээрэр, чаҕылхай күн сардаҥата хараҕы саатырдар, көп баата курдук былыттар устубакка турарга дылылар. Сиргэ тирэнэн аллара турбутум буоллар мин: «Былыттар усталлар, усталлар», – диэх эбиппин. Оттон сөмөлүөт иһиттэн көрдөххө, биир да былыт устубат, баатаны ыйаабыт курдук биир кэм тэйгэһэллэр… Мин дьылҕам үкчү ити курдук сирим икки, халлааным икки ардыгар ыйанан хаалбыта сүрүкэтэ.
Аллара диэки өҥөйөр да буоллар, Сир көстүө биллибэт үрдүгүнэн көтөн иһэбит, илиибэр субу өлбүт оҕом аны хаһан да бу кэрэни көрбөт, аны хаһан да «аҕаа» диэн чуопчаарбат. Тугун ынырыгай, саныахха ыарахан, төбөм иһигэр баппат алдьархайа. Улахан кыргыттарым сарын-сарынтан өйөнсөн, төбөлөрүнэн бэйэ-бэйэлэригэр сыстыһан баран, тугу да билбэккэ, утуйа олордохторо.
– Оо, аптааҕым буоллар… Оҕом оннугар анараа дойдуга бэйэм барыам этэ… Тоҕо?! Туох буруйугар? – диэн санаа сүрэхпин аспыта, тыыным хаайтаран ылбыта. Былыр үйэҕэ «баран» хаалбыт барахсаммын быыкайкаан ытыһыттан сыллаан ылбытым, сүүһүгэр түспүт баттаҕын сыыһын көннөрөн, ыксары кууспутум. Хайдах гыныах муҥмунуй? Бу ким да билбэт сүүнэ куоратыгар миигин оҕолорбун кытта ким да күүппэт. Үүт-хайаҕас көрдүүрбэр хайалара тылбай-өспөй көмөлөһүө баарай? Турбутунан эр соҕотох диэн маны этэн эрдэхтэрэ дуу? Арай илиибэр көтөҕөн олорор көмүс чыычааҕым быыһанар суолга тиийбэккэ тыына быһыннаҕа. Аны кинини кытта икки кырбас кыргыттарым… Аана суох аймалҕан мин мэйиибин оргуппута, харахтарым уута икки иэдэспинэн тохтоло суох сүүрбүттэрэ…
Тиийбит куораппыт, мин эрэйбин-муҥмун эрдэттэн сэрэйбит курдук, хараҕым уутун кистэһээри, бөдөҥ таммахтарын ыспахтаан, ардыы тоһуйбута. Аэропорт иһигэр ыскамыайка булан, оҕолорбун олордубутум. Бэйэм төттөрү Дьокуускайдыыр билиэт атыылаһаары хаассаҕа сүүрбүтүм. Кыра оҕобун илиибиттэн арааран, сатаан ыскамыайкаҕа сытыаран хаалларбатаҕым, санаабар сайыһан ытыах курдуга. Ол иһин көтөхпүтүнэн барбытым…
– Здравствуйте! Пожалуйста, подскажите, когда самый ближайший рейс в Якутск?
– Только через два дня, – хатыҥыр нуучча кыыһа, тугу эрэ бэчээттии-бэчээттии, мин эрэ диэки хайыспакка, туора көрөн олорон хардарбыта.
Хайыахпыный, оҕолорбун туппутунан куорат устун хонор дьиэ көрдүү барбыппыт. Хата, биһиги дьолбутугар, аэропортан чугас икки этээстээх мас дьиэҕэ биир хостоох кыбартыыраны икки хонукка диэн болдьоһон, онно тохтообуппут. Нөҥүө күн улахан кыыһым Маайыс:
– Аҕаа, Сайыына тоҕо уһуктубатый? Киэһэ буолан эрэр дии, – диэн ыйыппыта.
Алталаах кыыс буолан син мэйиитэ хойуннаҕа, оҕобут туругун, эмискэ чуумпуран хаалбытын өйдөөн көрөр эбит этэ. Татыйаас тугу да сэрэйбэккэ, бэйэтэ бэйэтигэр оонньуу, ыллыы-туойа сылдьыбыта.
– Мин сотору кэлиэм. Балтыгыт сытар хоһугар киирээйэҕит, утуйдун, тыытымаҥ, айдаарымаҥ. Сөп дуо? – диэн баран улахан чымадаан атыылаһар баҕалаах онтубун көрдүү сүүрбүтүм.
Санаам барыта оҕобор этэ. Муҥнааҕым сыыһа, аҕата хайыыр да кыаҕа суоҕуттан буорайаахтыырга тиийдэҕэ… Бу куйааска онто суох этэ-сиинэ онон-манан көҕөрөн эрэрэ. Сарсын Дьокуускайга көтүөхтээхпит. Хоруоп оҥорторор дуу, атыылаһар дуу, өлбүт оҕону куруус быһыытынан оҥорторон, докумуоннатан ыытарга харчым да суох буолан, судургутук быыкаа барахсаммын улахан чымадааҥҥа угар эбиппин диэн бөлүүн түүн толкуйдаммытым. Тиһэҕэр биир улахан маҕаһыынтан көрдөөбүппүн булан баран, үөрүөхпүн да, хомойуохпун да билбэтэҕим. Сарсын бу манна мин оҕом барахсан сытыа, биһигиттэн туспа, ол-бу таһаҕас, араас суумкалар, чымадааннар быыстарыгар айанныа диэн санаатахпына ыарахан да этэ. Итинтэн атыннык дьаһаллар кыаҕа суоҕа, хайдах да гынан атын суолунан дойдутун буорун булларар кыаҕым суох этэ, ол иһин итинник бигэтик быһаарыммытым.
Айанныыр күнүм үүнүүтэ туох-баар эр санаабын мунньунан, оҕобун көтөҕөн ылан, таҥаска суулаабытым. Хаһан эрэ саҥа төрөөбүтүгэр быыкайкаан бэйэтин субу маннык суулуурум диэн санаан, уйадыйан ылбытым. Оннук харах уулаах хара чымадааным тимир хатыырын «тилир» гыннаран хатаан кэбиспитим. Улахан кыргыттарбар:
– Балтыгыт манна утуйа сытар, айдаарымаҥ, уһуктан хаалыа, – диэн албыннаабытым.
Кыргыттарым барахсаттар истигэннэрэ бөҕөтө. Биирдэ бардьыгынаан, мөҕүттэн кинилэри дьарыйбыт аньыым суоҕа. Көнөтүнэн быһаарса үөрэммит буоламмыт хаһан да утарсааччылара суох. Дьиҥэр, билэр-көрөр баҕалара баһыйан, барытын токкоолоһо сатыахтарын да сөбө эрээри, тоҕо эрэ дьылҕам дьикти оҥоһуута аһыннаҕа буолуо дии саныыбын, биирдэ да туспа-туора туттан, ордук-хос саҥаны таһаарбатахтара.
Ити урукку кэм буолан, айан аартыгар, баксаалга, пуорка билиҥҥи курдук малы-салы сардаҥардан көрөр аппараат суоҕа буоллаҕа. Ол иһин итинник сананаахтаатаҕым. Оччолорго араас сулууспа кыһалҕалаахха көмө буолаары кыттыһа, булкуһа түһэр үгэстээҕэ, соруктааҕа буоллар, туох барыта судургу да соҕустук быһаарыллыа эбитэ ини. Ону баара оччолорго атын этэ. Кыһалҕаҕа киирбит иннин күөнэригэр туһааннаах бэйэҥ эрэ хамсанарыҥ ирдэнэрэ буолаахтыа. Мин биир өлбүт, икки тыыннаах кырбас курдук кыра кыргыттарбын кыбынан ханна тиийээхтиэм эбитэй. Ол иһин билигин, элбэх сыл ааспытын кэннэ, син баччаҕа тиийээри, бэркэ быһаарыммыт эбиппин дии саныыбын…
Аэропорка кыргыттарбыныын батыаккалаһан, сиэттиһэн тиийбиппит. Барыахтаах кэммитигэр этэҥҥэ барыбытын аһардыбыттара. Хара чымадааҥҥа укпут оҕом дьэ илиибиттэн арахсан, туспа таһаҕаһы кытта иһирдьэ диэки устан, хараҕым далыттан тэйэн, сүтэн хаалбыта. Иһим түгэҕэр сайыһа, харахпынан батыһа хаалбытым. Быстах санаабар эмискэ «Оҕом тоҥмот ини?» диэх санаа охсуллан ылбыта. Барахсаным сыыһа баччалаах үлүгэр куйааска тулуктаһара уустуга бөҕө буоллаҕа, букатын атын сыттаммыта биллэр этэ. Мин оҕобун булгуччу бэйэм төрүт дойдум буоругар Чурапчыга көмүөм, онно харайыам диэн толкуйдаабытым.
Санаабар наһаа уһуннук көппүппүт. Сөмөлүөттэн тахса охсон оҕом сытар чымадаанын ыла охсубут киһи диэн өйбүнэн-санаабынан ыксаабыппын ким билиэ баарай? Көтөр аалбыт тохтоотун кытта, ыксаабыт санаабар сүрэҕим битиргэччи тэбэн кэбиспитэ. Ыгыллыбытым. Ытыах да туруктаммытым. Дьокуускайы булбуппуттан арыый аҕай чэпчээбит курдугум да, салгыы дойдубун быһар уустук суолум аартыга аһаҕаһа биллибэт этэ буоллаҕа. Онон санааларбар мунаммын, сүрэхпин эмэр саарбахтаталыыр ыарыыларым адьас кумуччу туппуттара… Икки кыыспын сиэппитинэн дьон быыһынан үтүрүһэ-үтүрүһэ, таһырдьаны былдьаспытым. Ол сырыттахпына иннибэр турар бэрт суон дьахтар, барахсан киниэхэ табыгаһа суох быһыыны таһаардаҕым ини, эргиллэн да көрбөккө туран быһа-хото саҥаран барбыта:
– Ханна бачча айылаах ыксыыгыт?! Ийэҕитигэр дуо? Күүтүө буоллаҕа, ханна барыай. Оҕолоруҥ аттыгар бааллар, бары тыыннааххыт, этэҥҥэ көтөн түстүгүт уонна туох нааданый? – диэн сөҥ куолаһынан лоп бааччы ууран, үөрэтэрдии, дьарыйардыы миэхэ туһаайан саҥарбыта.
Барахсан хантан тугу билээхтиэй, ыар кыһалҕалаах эдэр киһи таптыыр кэргэнигэр ыксыыр кыаҕа суоҕун… Ийэбит диэн тылы умна быһыытыйа улаатан эрэр чыычаахтарым, маамалара хаһан да биһигини көрсүбэтигэр үөрэммит бэйэккэлэрэ эбээт. Оттон биир оҕом муҥнаах, тыыннаах хаалаары ыраах сиргэ тиийэ сатаан кыаммакка, аара, буолаары буолан мэҥэ халлаан оройун анныгар аһаҕас сиргэ өлөн баран… аҕатын уоппускатын түөрт мөһөөгөр атыыласпыт хара чымадааныгар таҥаска сууланан сытарын…
Мин утары аахсан туох да диэбэккэ, икки кыыспын сиэппитинэн, саҥата суох тахсар ааҥҥа дьулуруйбутум. Сүрэҕим сорҕото хатанан сытар хара чымадааммын булан, илиибэр тутан, бэйэбэр ыксары кууспутум уонна дьэ уоскуйбут курдук буолбутум. Кыргыттарым ону көрөн:
– Аҕаа, Сайыына, уһуктуо, сибигинэйэн кэпсэтиэх, – дэспиттэрэ.
Оннук бары саҥата суох, сиэттиспитинэн Өлүөнэ өрүс нөҥүө баар дойдубар Чурапчыга айаннаары кытылга тиэрдэр массыынаҕа олорсубуппут. Куйаас да күн этэ. Чымадаантан аҥкылыйар олох атын, ап-аһыы сыт олорсубут массыынабыт иһин тунуйбута. Боруом сылдьар биэрэгэр тиийээппитин, чымадааммын туппутунан таһырдьаны былдьаспытым. Сай ортотун өҥүрүк куйааһа сүрдээҕэ. Ыксаан хайыахпын да булбакка талбааран турбутум. Тулам тохтор кумах, кыймаҥнас элбэх киһи, массыына арааһа, арай боруом эрэ суоҕа.
Сотору кэминэн кыргыттарым утатаннар уу көрдөөбүттэригэр, хата биир айанньыт эмээхсин уу бэрсэн абыраабыта. Онтон эрдийэммин, оҕолорбун киниэхэ хааллара түһэн баран, талахтар диэки сүүрбүтүм. Онно тиийэн чымадааны арыйа баттаабытым – оҕом сыыһа сууланан сытаахтыыра, сирэйэ-хараҕа туох аанньа буолаахтыай, күп-күөх, быыкаа бэйэтэ дарбайан хаалаахтаабыт, сыта-сымара да сүрдэммит этэ. Ыксаан, сытын намырата түһээри, хайыамый, аны салапааҥҥа суулаан, оҕобун төттөрү суумкабар уган, кыргыттарбар төттөрү ойбутум. Барыта да тула кыһалҕа этэ эбээт. Көрүөх буолбут баабыска наадата кэллэр барара чуолкай. Оччоҕо таах көрүүтэ суох хааллахтарына, чыычаахтарым аны уу кытыытыгар киирэн, билбэт сирдэригэр ууга былдьаныахтара диэн куттанан сүрэҕим мөхсөн ылбыта. Иэдээҥҥэ сылдьар киһи күн сирин кэрэтин көрбөт буолан хаалар эбит этэ. Тулаҕар булгуччу туох уустук, куттал, соччото суох быһыы-майгы, араас харгыс эрэ баарын болҕойор курдук буолаҕын. Ол курдук мин эмиэ наар дьаархана сылдьарым биллэрэ.
Кыралар эбээт, алталаах уонна биэстээх эрэ кыргыттар. Оттон Сайыынам үстээх эрэ этэ. Ийэтин курдук сырдык хааннаах, кэрэчээн-нарынчаан бэйэккэтэ ити буолан сытаахтаатаҕа…
Мин сити кэмҥэ биири эрэ толкуйдуурум – түргэнник дойдубар тиийэн, оҕобун кистии охсубут, киһилии харайбыт киһи диэн баҕабыттан туймааран, ыксаабытым даҕаны. Ол эрээри ол кэннэ оҕом эрэйдээҕи аны хаһан да илиибэр туппаппын, букатыннаахтыы сир анныгар угабын, көмөбүн дии санаатахпына сүрэҕим кымаахтыыра. Бэйэбин уоскутаары төбөм иһигэр арааһы толкуйдаабытым. «Чыычааҕым оҕото сир анныттан сибэкки буолан үүнэн тахсыа, күн диэки талаһыа, тыалга көҥүл тэлибириэ…» Оттон сордоох боруом суоҕун курдук суох этэ, инньэ гынан ол кытылга үс күн күүппүппүт, сир-халлаан икки ардыгар хаалбыппыт.
– Аҕаа, биһиги аччыктаатыбыт.
– Кыратык тулуйа түһүҥ, сотору аһыахпыт.
– Сайыына эмиэ аччыктаабыта буолуо. Чымадаантан тахсыбат дуо? Наһаа өр утуйда дии.
– Маарыын эһиги утуйа сыттаххытына тахсан сүүрэкэлээбитэ, оонньообута. Аһаан баран төттөрү утуйа киирбитэ, – диэн эмиэ сымыйалаан кэбиспитим.
Хайыамый. Кытаанах түгэн этэ, ама да ааспытын иһин. Кыргыттарым кыралара бэрт буолан итэҕэйэн иһээхтииллэрэ. Харчыбыт дуома баранан, түгэҕиттэн бүтэн эрэрэ. Хата үтүө санаалаах дьон көстөн, оҕолору аһынан, астарыттан бэрсэн, массыыналарыгар киллэрэн, кыргыттарым үөнэ-көйүүрэ суохха, бырдахха сиэппэккэ, сымнаҕаска хоммуттара. Бэйэм кыра кыыспыныын талахтар быыстарыгар саспыппыт. Сыта дьону үргүтүө диэн тэйиччи соҕус, чымадаан «дьиэлээх» оҕобун тэйиччи кистии уурбутум. Үгүс түүн кыһыл бэйэккэтин кэтээммин утуйар-утуйбат икки ардынан бу сылларга сырыттым ини, сылдьыбатым ини. Оҕом, чыычааҕым барахсан, аҕаккатын түһэҕэр көтөхтөрөн, илиитигэр сытан эрэн тыына быстыбыт абакката баара. Баччалаах лиҥ курдук, син киһи саҕа күүстээх киһи быыкаа чыычаахпын өлүү айаҕыттан былдьаан ылар кыаҕа суоҕум миигин өйбүттэн таһаара сыспыта. Оо, күн сирин киһитэ күүһэ-күдэҕэ кыра да буолан абыранарыан! Көмүскүүр аналлаах эр киһи туруулаһар күүһэ диэхтээн кэрэгэйиэн! Көрдөрбүтүнэн кэриэтэ Даайыһым анараа дойдуга аттаннаҕа, көмүһүм билбэккэ да хаалбыта буолуохтаах… Тапталбыт чээрэтэ Сайыынам барахсан, баара эрэ үс сыл орто дойдуга үктэнээт, күрэнэр аакка барбыта абаккатыан! Даайыһым оннугар кэллэ диэн күндүргэтэн муҥнаммыппын хара өлүү көрө матардаҕай! Тугу биттэнэн Сайыына диэн сүрэхтээбитим буолуой? Сайын саамай куйааһа, ыгыллар итиитэ мин оҕобун ылан бардаҕа сүрүкэтиэн! Ити түүн чымадаан ороннообут оокком барахсаны кууһан сытаммын уйа-хайа суох ытаабытым. Ыһыытыахпын, орулуохпун баҕарбытым иһин… атын дьон массыынатыгар утуйа сытар кырачаан икки көмүс кыраларбын, Маайыстаах Татыйааспын санаан, туттуммутум быһыылааҕа, түөрэ аһыыбын-кутуруубун испэр аһарбытым, сүрэхпин баастаабытым.
Бу мин туспар уһун-киэҥ, ыарахан айан хаһан да бүтүө суох курдуга. Түүн эрэ, күнүс эрэ миэхэ син биир буолбута. Кэлиэхтээх боруом, оо бу Өлүөнэ килэйэр уутун устун Дьокуускай туонатын диэки сэниэлээхтик устан кэлбэтэҕэ аба да этэ. Кытылга хас эмэ хонор диэн кыһыытыан. Ким да айдаарара, ыгылыйара көстүбэт курдуга. Кэлбэт-барбат уу тиэхиньикэтин дьалаҕай сырыытын урууллуур кыахтара суоҕун бары да билээхтииллэрэ оччото буолуо. Онон, барыта түүл-бит курдуга. Күнүс күүтэ таарыйа оҕолорбун кытта бодьуустаһыы, аһыыр-сиир да кытаанах, оонньото-сынньата да түһэр уустуга. Хата, амарах сүрэхтээхтэр биһиги туспутугар син кыралаан көстөн абырыыллара. Сибэкки курдук сэнэх, ийэлэрин курдук кэрэ сэбэрэлээх кыргыттарым барахсаттар дьон болҕомтолорун тардан булгуччу кинилэргэ ымманыйар идэлээхтэрэ. Аны кэпсэтэ сатааннар оҕолорум барахсаттар ону-маны сиирэ-халты тыллаһан ордук-хос ыйытыыларга тиксиһиннэриэхтэрэ диэн аны ол куттала этэ. Хата, таҥарабыт баара быһыылааҕа, биир да түгэҥҥэ чыычаахтарым тугу да ордугу чуопчаарбаккалар, этэҥҥэ эрэх-турах били баҕалаах боруом кэмниэ-кэнэҕэс кэлэригэр тиийбиппит, иһирдьэ киирбиппит.
Өрүс анараа биэрэгэр тиксээппитин кытта, наар аанньа ээ, аны этиҥнээх ардах курулаччы куппута. Чурапчылыыр массыына көрдөөн, кытыл устун сырсыакалаһыы, ыйыталаһыы кытаанаҕа этэ. Ааһар массыыналарга аҥаар кырыытыттан далбаатаһан, ханналаан иһэллэрин токкоолоһоору, ньылбы сытыйбыппыт. Турар бэйэбит бүүс-бүтүннүү илийэн, ханна да хахха сир суох буолан, ардах анныгар туран биэрбиппит. Кыргыттарым муҥнаахтар, аҕалара эрэйи көрөрүн таайбыт курдук, уу чуумпутук аттыбар иккиэн сукуллан тураахтыыллар. Маайыһым сынтаҕар муннуттан ардах уута чоккуруур. Татыйааһым барахсан айаҕар киирэр ууну таах ыйырбахтыы сатыыр, уһун кыламаннарынан сапсыммахтыыр. Мин… мин эрэйдээх-муҥнаах эр соҕотох сордоох, хайыамый, чымадааҥҥа сытар Сайыынабын кууркабынан саба тута сатаан, оҕобун диэн санаан, ыга кууһан тураахтыыбын…
Тустаахха дьулаан хартыына буолуо ээ. Ол эрээри мин итини ойоҕостон көстөрүн оччолорго ырыппаппын, өйүм-санаам Чурапчылыыр массыынаҕа олорсорго эрэ туһуланан турара. Саатар тыраахтар да кэлэрэ буоллар мин бу сылларга туоххаһыйбыт сүрэҕим өрүкүйэргэ, «бу дьолбун көр» диэн күлүкпэр имнэнэргэ бэлэм этэ…
Хата ону баара, биир саастаах киһи таба көрөн, кыра оҕолордоох диэн аһынна быһыылааҕа, тута тохтуу биэрэн, бэйэтэ тылланан олордуталаабыта. Абыралбытыгар мин тугу да баарынан кэпсиир кыаҕым суоҕа. Онон чуумпу айаннаах дьону дьиибэргээбит да буоллаҕына бырааптаах. Мин ону-маны ыйыталаһан, баастаах сүрэхпин таарыйыа диэн, тугу да кэпсиир санаам суоҕа. Ол иһин күрдьүччү биир сири көрөн айаннаабытым. Аара суолга үстэ, түөртэ батыллан, сороҕор тахса-тахса массыынабытын үтэн, ороон ыла-ыла, түүн ортото Чурапчыга тиийбиппит. Оҕонньор барахсан аадырыстаах сирбэр тиэрдэн улаханнык быыһаабыта. Онто суох бачча үлүгэргэ кыра оҕолору батыһыннаран сир өтүөм биллибэт этэ. Эдьиийим аах ыалдьыттар эрэ кэлиэхтэрэ диэбэт буоллахтара. Мин сай ортото дойдулуурум туһунан биллэрбэккэ, үргүлдьү оҕобун Новосибирскайга илдьэ сатаан баран, табыллыбакка, манна охсулуннаҕым. Оччолорго киһилии сибээс да суоҕа, ыал аайы буолбакка, биир эмит ыалга төлөпүөннээхтэрэ. Онон бэркэ билэр олбуорум таһыгар түһэн, аҕалбыт кырдьаҕаска дьэ саҥа таһааран баһыыбалаан баран, кэлииккэ аанын тоҥсуйабын.
– Ким кэллэ?
– Охонооһойбун, Маайа, ааҥҥын арый, – диибин.
– Хайа доҕоор, быраатым Охонооһой кэлбит дии, хайа, үөһэ-аллара туруҥ! Сарсыарда буолла! – диэн дьиэлээх хаһаайка миигин оҕолорбунуун үөрэ көрсүбүтэ, сонно тута кэргэнин, оҕолорун ыҥыртаабыта.
Хомойуох иһин, куһаҕан сонуннаах, иэдээннээх илии тутуурдаах ыалдьыттар буолан биэрбиппит. Эдьиийим барахсан, ытыы түһээт, кырачааннарым үрдүгэр түһэн халты хаамтаран илпитэ. Онно кинилэри бодьуустаһан, көрөр-истэр аймахтарбытыгар туттартаабыта. Оттон мин, уһаабакка-кэҥээбэккэ, кыра кыыспын, Сайыынам барахсаны сахалыы сууйан-тараан, кэппэккэ хаалбыт сабыс-саҥа күөх былаачыйатын кэтэрдэн, быыкаайык хоруоп иһигэр сытыаран, ийэлээх аҕам көмүллэн сытар буордарын аттыгар, бары сиэри тутуһан, уу чуумпутук кистээбиппит. Бүтэһикпин оҕобун сыллыырбар баттаҕын сүүмэҕэ тимэхпэр иилистибитэ. Санаабар оҕом сайыһан, миигиттэн арахсыан баҕарбат курдуга. Сып-сылаас күн итиннэ ытаан маккырыы, оҕокком буоругар төҥкөйөн олорон, ааспыты эргитэ санаабытым. Харахпар оччугуй илиилэр даллаҥнаан ылаллар, кулгаахпар оҕом саҥата, кэриэс тыл курдук эппитэ:
– Аҕаа, сотору мин чыычаах курдук көтүөм… Оол сулуска… – диэбитэ.
Этиттэхтэрэ. Эрдэттэн сэрэппит эбиттэр. Дьилэй киһи мин онно сэрэммэтэхпин, билбэккэ хаалбыппын. Чыычааҕым көтөн бардаҕа…
Оҕом бэйэтин курдук, сырдык, ыраас да күн этэ. Ол сайын кэнниттэн, эрэй бөҕөтүн көрбүт кэммин куруук санатар куйааһы абааһы көрөбүн, саас кэннэ чугаһыыр сайыны букатын күүппэппин. Мин, кыахтааҕым буоллар, саас кэнниттэн тутатына күһүнү аҕалыам этэ диэн төһөлөөхтүк ыраламмытым буолуой? Чэ, ити кыһалҕаны көрсүбүт киһи санаата буоллаҕа…
Сүрэҕим аҥаар өттө кыра кыыспын кытта барсыбыта чахчы этэ. Сүрэҕим иккис аҥаара икки кыыспар ананан, аат эрэ харата тэбиэлии, өрө мөхсө хаалбыта. Кинилэри салгыы иитэрбэр, атахтарыгар туруорарга туох баар сыра миигиттэн ирдэнэрэ эбээт. Онуоха булгуччу үрдүк үөрэх наада эбит. Эбит буолбатах, урут инникиттэн Даайыспыныын сүбэлэспиппит этэ ээ, кыргыттар кыратык улаатталлар булгуччу дойду сиргэ кэлэн олохсуйан, эбии үөрэнэн, оҕолорбутун үөрэхтээх дьон гыныахтаахпыт диэн. Онтубут олоххо киирэр дьылҕата быһыннаҕа. Аны билигин ол иккиэммит ырабытын толорорго бэйэм, соҕотох эрэ эбиппин.
* * *
Мин эбии үөрэххэ киирииһикпин диэн быһаарынан, нөҥүө сайыныгар Дьокуускай куоракка кэлэн кэтэхтэн үөрэххэ киирбитим. Оҕолорбун хааллар диэбиттэрин буолумматаҕым. Даайыһым уҥуоҕар баран өөр да өр олорбутум, саҥата суох кэпсэппитим. Итиэннэ иккиэн өйдөспүппүт курдук уоскуйбутум: кыргыттарбын хаһан да бэйэбиттэн арааран тулаайахсытыа суохтаахпын. Даайыһым үөһэттэн көрөн араҥаччылыа. Бачча үлэһит киһи кыанаа инибин диэн кытаанахтык санаммытым.
Онон куоратчыттар, былааммыт быһыытынан, киин сиргэ кэлбиппит. Хотугулуу тартаран саҥарар дьэрэкээн ырбаахылаах кэрэчээн кыргыттарбын киһи бары сонургуу көрөрө, туой ыйыталаһан, кэпсэтэ сатыыллара. Үөрэххэ кэлбиппин унивеситекка ким да атыҥыраабатаҕа, балаһыанньабын өйдөөн, кыах баарынан көмөлөһө сатаабыттара. Кыргыттарбыныын устудьуоннар олорор уопсайдарыгар үһүө бэйэбитигэр сөп буолар хоско ньыдьыраан олорбуппут. Көрүдүөргэ тахсан сүүрэкэлиир кэмнэригэр, онно олохтоох да кыргыттар араастар буоллаҕа, сорохтор үтэн-анньан күлүү курдук оҥостоору хаайаллара, саҥаларын үтүктэн күлэн кычыгыраһаллара. Ону мин оҕолорум өйдөөбөттөрө, өһүргэнэ, кыыһыра барбаттара.
Утары хоско чуумпу баҕайы үс эдэркээн кыыс олорбута. Маҕаһыынтан ас атыылаһа барарбар, быстах наадаларбар да буоллун, кинилэри көрдөһөн, кыргыттарбын хаалларар идэлэммитим. Икки кыыс сүрэҕэлдьииллэрэ, күнүстэри-түүннэри хосторуттан быкпакка, утуйан эрэ тахсаллара. Хайдах үөрэхтэрин ситиһэллэрэ буолла диэн төрүкү да дьиибэргиир этим да, билбэт дьоммор туох диэн утарсардаах буолуомуй? Биирдэ бэриллибит эдэр саастарыгар, мин көрдөхпүнэ, наар утуйан буккуруһан тахсаахтыыллара.
Арай үһүс кыыстара Гутя Ильина мин көрдөһүүбэр хаһан да аккаастаабат этэ, үөрэ-көтө көрүөм диэн улгум баҕайытык сөбүлэһэрэ. Онтон устунан оҕолорум да киниэхэ наһаа убаммыттара. Кэнники кыыс бэйэтэ ааммын тоҥсуйан:
– Оҕолоргун көрөбүн дуо, ханна эмэ барардааҕыҥ буолаарай? – диэн тылланар буолбута.
Итинтэн ыла билсэн, ыаллаһан, сээкэйи кэпсэтэр идэлэммиппит. Үөрэхпитигэр да хардары кэпсэтиһэн ситэрсэр наада курдук буолбута. Онон мин оҕолорбун хардары-таары көрөр буолан хаалбыппыт. Итинтэн сылтаан оргууй чугасыһан барбыппыт.
Биир киэһэ кыргыттарбын утутан баран, хорсуммун киллэрэн, Гутя аанын тоҥсуйан, киинэҕэ ыҥырбытым. Кыыһым тута сөбүлэспитэ. Кини, эдэркээн бэйэтин көрбүт эрэ бары, тутатына таптыах кэрэ көстүүлээҕэ. Быһыыта-таһаата уурбут-туппут курдуга, хайдах эрэ мин оҕолорум ийэлэрин курдук сырдык хааннааҕа. Уратыта диэн кугас суһуохтааҕа, саһарчы көрбүт, тэбэнэттээх харахтааҕа. Күллэҕинэ үп-үрүҥ тиистэрэ кэчигирии түһэллэрэ. Мин бу кини да иннинэ Даайыспын көрсөрбөр кини кэрэтиттэн ууллубут киһи буоламмын, дьиҥэр, алҕаһыам, албыннатыам диэн, куруук сэрэнэ, ырааҕынан тумна көтө сатыырым эбээт. Ол эрээри Гутя ис киирбэх майгыта, кыргыттарбар уһулуччу амарах, утарынан боростуой сыһыана мин тоҥмут сүрэхпин уулларан барбыта.
Кинини сөбүлүү көрөрбүн мин ол киэһэ биллэрбитим. Бастатан туран, оҕолорбор сыһыаныҥ наһаа үчүгэй, ис-искиттэн ийэлии сылаас хараххынан одуулууруҥ күндү диэбитим, хайдах баарынан. Ол быыһыгар испэр, биитэр аһынара дуу, диэн эмиэ кэтэмэҕэйдээн, мунааран ылбытым быһыылааҕа.
Онтон ыла доҕордуу буолбуппут. Кыһалҕабытын тэҥҥэ үллэстэр буолбуппут. Сити кэмҥэ туох улахан кыһалҕалаах буолуохпутуй, дьэ иһинэн буоллаҕа. Бэлэм уопсайга олоруу диэн абырал. Уу, оттор мас айдаана, оһоҕунан ититии түбүгэ суох буоллаҕа. Ол улахан абырал. Мин бастаан утаа кыргыттарбар ийэ наада эбитин манна кэлэн баран билбитим, сүрэхпэр ыттаран дьэ өйдөөбүтүм. Оҕолорум барахсаттар кыргыттарга убана сатыыллара. Ким эрэ аахайар, ким эрэ ахсарбат. Ону туораттан көрөргө уустук соҕуһа. Ол иһин мин ойоҕостон мээрэйдэнэн көрөрүм оруннааҕа. Итиниэхэ оруобуна Гутя сөп түбэһэрэ. Кыра кыргыттары хаһан да албыннаабакка, атаҕастаабакка, баарынан киирэ-тахса көрөрө сиэрдээҕэ. Ол иһин сыыйа кинини сөбүлээн, сүрэхтиин-быардыын ылларан барбытым. Эр киһим хаана өтөн, утуйа сыппыт сүрэхпин уулларан, олохпор иккистээн таптаабытым.
Таптал диэн араастаах буолар. Киһи үксэ тапталы эдэр оҕолору кытта ситимниир. Ситэр саас тапталын туһунан суруйааччылар да хото суруйбаттар быһыылаах. Дьиҥэр, ол оҕо сылдьан таптаабытынан олоҕун моҥообут аҕыйах. Тапталлара диэни омун-төлөн эрэ курдук көрдөрө сатыыллар, оннук буолбатах.
Мин туспар Даайыһым барахсан, чахчы эдэр саас дэнэр кэмим ыраас бэлэҕэ этэ буоллаҕа. Онтон огдообо хааламмын, олох эриирин-мускуурун соҕотоҕун өһүлэ сатаан, уҥа-хаҥас анньыллан, ууга-уокка түһэн, суос-соҕотоҕун булумахтана сатаабыт кэмим, билигин умнуллубутун аанньа, уустуктардаах этэ. Ол эрээри итини барытын өлбүт кэргэммин аһыйан, тапталым уота уоста илик буолан тулуйуохтаахпын дии санаан судургутук ылыннаҕым буолуо. Ханнык да түгэҥҥэ эр киһи дьахтара суох табыллыбат. Санаан көрүҥ, ол-бу имэҥ, түүҥҥү таптаһыы итээбитэ диэн эппэппин, иэдээҥҥэ сылдьар киһи ону эрэ санаабат эбээт. Күннээҕи олоххо дьахтар ыйыыта-кэрдиитэ суох, кини кэрэни үксэтэр айылгытын тыына суох тугуҥ да табыллыбата баар ээ, кыһалҕа атын өттө! Син кыһанан күннэтэ барыны бары тутта-хамсана сатыыгын эрээри, хороҥ оттуу соппоҥ, өҥө суох сибэккилии тутах, тууһа суох астыы амтана суох. Ордук кыыс оҕолоох аҕа киһиэхэ олох кустук өҥө болоорбута куһаҕан. Оҕо барахсан истиҥ сыһыаны, таптыыр мичээри, сибэккилээх былаачыйаны, мааны баанчыгы эрэйэр, кутугунатан соччо суолтата да суоҕу чуопчаарыан баҕарар. Оттон эр киһи ону тугунан толуйуой? Итини, мин курдук кыһалҕаны көрсүбүттэр, эттэринэн-хааннарынан билбиттэр эрэ итэҕэйиэхтэрэ, сөбүлэһэбит диэн этиэхтэрэ ини. Оттон саҥа туран, улаатан эрэр киһи, хата миигин, онно-манна ыстаҥхалаан, чэпчэки киһи диэн омнуолуон да сөбө буолуо эрээри, мин оччолооҕу көрбүт, тулуйбут киһи кинилэргэ өһүрэр, аахсар санаам суох.
Онон биири этэбин, атын киһини таптыыр эмиэ атын эбит. Мин билигин, оччотооҕу бэйэбин ырытан көрдөхпүнэ, атын кэрэ кыыска болҕомто ууруум сэлээрчэх майгыбыттан буолбатах. Төттөрүтүн, оҕолорбун чугаһатыах дьахтар миэхэ көһүннэҕинэ, кинини кытаанахтык чинчийэр, чугастык билсэн-көрсөн ыараҥнатар бигэ санаалааҕым. Ол аата бастаан кыргыттарым барахсаттар интэриэстэрин көрбүтүм. Ол эрэ кэнниттэн миэхэ сыһыана болҕомтоҕо ылыллыбыт буолуохтаах. Ол кырдьык. Устудьуоннаарыбын төбөм эргийэн түбэһиэх тапталга охтубатаҕым. Күнү-дьылы эрэ сэргэхтик атаараары улдьаарыы да буолбатаҕа. Мин, арааһа, олоххо тардыһыым күүһүттэн, дьиҥнээхтик орто дойду олоҕо өссө да бүтэ илигин өйдөөбүтүм уонна киһилии сиэринэн салгыы инним диэки дьүккүйүөхтээхпин өйдөөбүтүм. Ол айаммар миэхэ бэриниилээх аргыс наада этэ. Миигин ылынар, балаһыанньабын өйдүүр уонна өйүүр. Оннук киһинэн Гутя буолбута.
Барыны барытын умнаммыт, иккиэн эрэ бүгэр сирбит суоҕа бэрт буоллаҕа, уопсай дьиэ кыараҕас муннугар, үгүс түүн уубутун көтүтэн, арааһы сэһэргэһэн бэйэбит мииммитин билсибиппит. Өйбүт-санаабыт бииргэтин, олоххо көрүүбүт сөп түбэһэрин соһуйа да, долгуйа да бэлиэтээбиппитин өйдүүбүн. «Мин киһим эбит» диэммин төһөлөөх долгуйбуппун, утуйбакка сытан манньыйа толкуйдаабыппын куруук саныыбын ээ. Гутялыын таптал туругар тиийбиппит, иккиэн бэйэ-бэйэбитин күндүтүк саныырбыт, сыаналыырбыт туораттан даҕаны харахха быраҕыллара буолуохтаах.
Кыыс барахсан ырааһа өйүн-санаатын сиэркилэтэ этэ. Кини эдэркээн, оҕо киһи эрээри, билэрэ-көрөрө киэҥэ, барыны өйдүү сатыырга дьулуура уонна хайдахтаах да уустук түгэни күүркэппэккэ баарынан быһаара сатыыр дьоҕура айылҕаттан этэ. Мин олохпун киниэхэ түөрэ ууран кэпсээбитим. Кини аан маҥнайгы уонна өр сыллар усталарыгар соҕотох истибит киһи этэ. Гутя Даайыспын наһаа хараһыйбыта, долгуйан өөр да өр ытаабыта, миигин ыга кууспута.
– Афоня, эн… Даайыс курдук ыраас киһини таптаабыт, кыра да кэмҥэ дьол диэни билбит… дьоллоох киһигин ээ. Кини бэлэхтэрэ – кыргыттара. Ол иһин оҕолоруҥ итинник үчүгэйкээннэр, тапталтан төрөөбүт оҕолор буоллахтара, – диэн, үкчү элбэх саастаах эмээхсин курдук, быһааран кэбиспитэ, миигин долгуппута.
Онтон аны көҥөс бэйэм Сайыынам муҥнааҕы кэпсээбитим. Оҕобун олус аһыйбытым төннөн кэлбитэ, мин маккыраччы ытаабытым… Онуоха Гутя эмиэ наһаа уйадыйбыта, урут оҕо эрдэхпинэ ийэм курдук, икки ытыһынан сэҥийэлэрбин бобо тутаат, сылаас баҕайытык сүүспүттэн сыллаан ылбыта. Иккиэн куустуһан өөр да өр олорбуппут, нэһиилэ уоскуйбуппут.
– Афоня, биир киһиэхэ ирээттээтэххэ, кылгас кэм иһигэр олус да элбэх иэдээни ааспыккын. Кэнэҕэски олоҕуҥ санаа хоту буолуо ини? Таҥара да көрөн аныыра буолуо дии. Уонна… таскыттан көрдөххө оннук сүгэһэрдээҕиҥ буолуо диэн ким да таайбат ээ. Үгүстэр эйигин кэргэниттэн арахпыт дииллэр… – диэбитэ.
Итинтэн ыла хайа-хайабыт кистиир туга да суоҕа. Биһиги иккиэн судургутук, туох баарынан, аһаҕастык кэпсэппит буоламмыт, олохпут кистэлэҥ кэрдиистэрин туһунан ханна да атын сиргэ тарҕанар куттал суоҕа.
Оннук убаһаммыт биһиги имэҥнээх долгуҥҥа дайбыппыт. Сотору кэминэн Гутям ыарахан буолбута биллибитэ. Ис-испититтэн иэйэр дьон чуумпутук үөрбүппүт, санаабытыгар биһиги олохпутугар булкуһуох айылаах ким да суох буолуохтааҕа. Иккиэн сүбэнэн быһаарыныыбытын истибит эрэ бары ылыныахтааҕа, ытыктыаҕа диэх курдук саныырбыт. Ол да гыннар мин, сүрэҕэр баастаах киһи, хайдах эрэ ытырыктата саныырым. Мин олоҕу билбит, Гутябынааҕар аҕа саастаах киһи буоллаҕым. Оттон кини эдэркээн бэйэлээх кыыс оҕо. Эчи ырааһа, нарына, чарааһа, санаата сырдыга, ырата ырааҕа диэх айылаах. Ханнык эрэ түгэҥҥэ миэхэ тэҥэ суох кыыс оҕо. Онуоха холоотоххо мин, икки оҕолоох огдообо киһи, таһаҕастарым да туораттан салыннарар буолуохтаахтар. Оҕолорум барахсаттары таһаҕастарым диэтим эрээри, ити дьон эппит буолуон сөбүн аанньа этэбин. Дьиҥэр, миигин олоххо угуйбут, элбэх алҕастан, баҕар, ыар да турукка тиийиэх киһини быыһаабыт аанньалларым, күҥҥэ көрбүт чыычаахтарым буоллахтара эбээт. Оҕолорбун туспа тутар, кимиэхэ эрэ, ол-бу детдомҥа эҥин биэрэр туһунан төбөбөр да суоҕа. Ол гынан баран кэккэ кэмҥэ миэхэ этэ сылдьыбыттара баара. «Кыыс оҕону мээнэ киһи кыайан көрбөт, эн эр киһигин, онон кыргыттары анал дьиэҕэ туттартаа», – диэбит баара. Хата онно бэриммэтэҕим. Син үөрэхтээх киһи дуома буоллаҕым, сууту-сокуону ааҕан билэн утарсыбытым, этиини ылымматаҕым.
Оттон мин Гутябын утары хоһуттан көһөрөн киллэрбитим. Быыкаа да буоллар миэхэ бэриллибит хоспор бука бары наһаа иллээхтик олорон киирэн барбыппыт. Кыргыттарым үөрүүкэлэрэ үрдээбитэ. Эчикийэ, көрүдүөргэ да мээнэ сырсыакаласпат, атын кыргыттары да кытта сэлэспэт-алтыспат буолан барбыттара. Наһаа да үүт-тураан олох биһиэхэ саҕаламмыта. Дьолбут сыарҕата биһиги диэки салаллыбыта, ааммытын тоҥсуйан киирэн кэлбитэ диэн дуоһуйбут киһи киэбинэн кэпсиим.
Гутябыныын ыал буоларга быһаарынан, саахсаҕа сайабылыанньаны туттаран, кэргэннэһэр күммүтүн болдьотон олоробут. Ол сылдьан каникулга сөп түбэһиннэрэн, кини дьонуттан сөбүлэҥ ылан, сиэр быһыытынан холбоһоору Улахан Сыырга айаннаабыппыт. Кыргыттарбын Гутя көрдөһөн уопсайга хаалар кыргыттарга туттаран баран, икки күҥҥэ диэн барыллаан, кини ийэлээх аҕатыгар кэргэн кэпсэтэ тиийбитим. Испитигэр наһаа үөрэрбит, туох да аньыыны оҥорботох дьон, күө-дьаа кэһии тэринэн, суолбут төрдүгэр киирэн, массыынанан сырылатан барбыппыт.
Мин кими да куһаҕанныыр санаам төрүкү суох. Уруккуттан судургу, сымнаҕас майгынан миигин айылҕам хатаҕалаабытын билэбин. Ол иһин бу да сырыыга омнуолаабатаҕым. Тапталлаах Гутям дьонун, ама, куһаҕаттар диэм үһү? Суох. Ол эрээри сымнатан эттэххэ, дьоно миигин көрдө көрөөт истэригэр киллэрбэтэхтэрэ.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?