Текст книги "Вануату – дьол уйата"
Автор книги: Сардана Сивцева
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 10 страниц) [доступный отрывок для чтения: 3 страниц]
– Дьикти эбит. Холобур, мин кимниин эрэ кыыһырыстахпына, ол кэнниттэн ити киһиэхэ иккистээн эргиллэрим саарбах. Эһигини өйдүүр уустук.
– Сөпкө эттиҥ, биһигини өйдүүр уустук. Ол эрээри биһиги Мишкалыын детсадтан быһа бииргэ сылдьабыт. Бэл, ороннорбут утарыта тураллара. Бэйэ-бэйэбитин көрсө сытан утуйарбыт. Өскөтүн хайабыт эмэ ыалдьан детсадка кэлбэтэҕинэ, ол күн иккиспит утуйбата. Оччо суохтаһарбыт. Убайдыы-бырааттыы курдукпут диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Көр, Миша биһиэхэ иһэр уонна тугу эрэ этиэн баҕарар.
– Эн кини санаатын ыраахтан таайаҕын быһыылаах.
– Үксүн таайабын.
– Оттон билигин туох диэҕэй?
– «Салгыы бардыбыт» диэҕэ.
– Ник табаарыстара салгыы күүлэйдии ыҥыраллар, – Миша санаатын таба таайар, истиэнэҕэ тоһоҕону саайбыт тэҥэ, судургу буолан биэрдэ.
– Бэйэлэрэ бардыннар ээ, тоҕо биһиги ымсыырбыт дьон курдук барыларын батыһан иһиэхтээхпитий? – Костя утарыласта эрээри, симиктик, Миша этиитэ быдан дохсун буолан биэрдэ:
– Эс, хаалан хааллахпытына, Гришаня иннигэр табыгаһа суох балаһыанньаҕа киирэбит, кини биһиги туспутуттан манна кэлбитэ дии! Хайдах утуйар кэммит кэллэ диэн баран, кыра оҕолор курдук, туораан хаалыахпытый?
– Туох да диэтиннэр! Биһиги манна күүлэйдээри кэлбэтэхпит! Ону умнума!
– Мила, саатар эн мин диэки буол!!! – уол бүтэһик абыраллаах арыытыгар үктэммитии, кыыс диэки көрдөһөр-ааттаһар харахтарынан көрдө. Анарааҥҥыта, арааһа, туох эрэ диэн утарылаһыан баҕарбыта буолуо эрээри, Миша ып-ырааһынан көрөрүн тулуйбакка, гипнозка киирбит киһилии саҥата суох турда. Уол обургута ама ити түгэни мүччү ыһыктыа баара дуо? Эчи, суох! Костяҕа туһаайан:
– Көрөҕүн, Мила утарбат, онон эн буугунаан бүт! Хата, оҕолору, ыраата иликтэринэ, эккирэтиэххэйиҥ! – диэт, саҥардар бокуой да биэрбэккэ, инники сүүрэ турда.
* * *
Музыка, бэл диэтэр, истиэнэ дьигиһийиэр диэри тыастаахтык иһиллэр. Онон дьон бэйэ-бэйэлэрин кытары хаһыытаһан кэпсэтэллэрин тэҥэ. Лолита ыллыыр: «Ориентация – север…»
– Пахай! Отстой баҕайы миэстэҕэ кэллибит дии! Да вы только посмотрите, одни старики здесь собрались! Ой, как угарно они танцуют! Өссө эрийсэллэр ээ! – муода сурунаалыттан түспүт курдук таҥныбыт уол сөбүлээбэтэҕин биллэрэн тыбыыра түстэ.
– Ничего, для разогрева и это сойдет. Сирдэхпитинэ сотору атын сиргэ көһүөхпүт, онон аһара долгуйумаҥ, – Ник ол аайы холку.
«Таах сибиэ манна кэлэн!», «мамбеттар точкалара эбит!», «көрөҕүт, ол киһи, хайдах курдук таҥна сылдьарын? В трениках, ха-ха-ха!» эдэрдэр, тугу гыныахтара баарай, «публиканы» ырытан бардылар.
Ник, сылайбыттыы, мас олоппоско лах гына олороот, тугу гыныа баарай, үҥкүүлүү сылдьар дьону үчүгэйдик сыныйан көрүтэлээтэ, онтон эмискэ сирэйдиин уларыйа түстэ:
– Акаарылар, мээнэ-мээнэ тыллаһымаҥ! Ити трениктээх киһигит Моисеев илэ бэйэтинэн! Телевизоры көрбөккүт дуо? Субу-субу көстөөччү дии!
– Оччо биллиилээх киһи эбит буоллаҕына, тоҕо тобуга тахса сылдьар ыстааны кэппитий? Позор! – сурунаалтан түспүт уол саҥата иһилиннэ.
– А ему на одежду, в отличие от тебя, глубоко начхать! – Ник саба саҥарда.
– Ну и хрен с ним! Мне то что?
– Бээ, тохтоо, ити киһи баллайбыт дьүһүнүн көрүмэҥ, ол оннугар көсүлүөгэ халыҥ уонна кыаҕа баһаам. Биһиги кини таһымыгар хаһан эмэ тиийэрбит да саарбах, – Ник Моисеевы көрүөҕүттэн уларыйан хаалла.
– Оттон эн кинини хантан билэҕин? – Миша дьиктиргээбиттии ыйытта.
– Билэбин дьэ. Аймаҕым кинилиин билсэр, мин дядям, биллэн турар, ити Моисеев курдук крутой буолбатах эрээри, син туох эрэ уопсайдаахтар. Бырааһынньыктарга бэйэ-бэйэлэрин ыҥырсааччылар. Аһаҕастык эттэххэ, бүгүн маннык видоннанан сылдьарыттан бэйэм да в шоке. Уруккута – ты что! Киниэхэ мээнэ чугаһаабаккын. Важнай бөҕө буолааччы. Чэ, уолаттар, кыргыттар, аһара сирбэккэ-талбакка, баран үҥкүүлээн иһиэххэ!
Миша арааһа ханнык баҕарар музыкаҕа табыллан үҥкүүлүүр кыахтаах быһыылаах, ким эрэ «пахай, бачча дьаабы музыкаҕа үҥкүүлээбэппин!» диэбитин истэ да барбата, хата, араастаан хамсана-хамсана «мамбеттарга» чугаһаата. Олор, эдэр ыччат элбээбититтэн үөрдүлэр быһыылаах, ытыстарын таһына-таһына, уһуутаһа түстүлэр. Онуоха эбии Ник:
«Дискотека 80-х»! – диэн хаһыытаабытыгар өссө эбии эрчимирдилэр. Ник үҥкүүлүү киирээт, олох саҥардыы көрбүттүү:
– Федор Иваныч!!! – диэн саҥа аллайда.
– Федор! Просто Федор! – эр киһи биллэрдик холуочуйбута харахха тута быраҕыллар.
Федор, сэрэйдэххэ, айаҕын сыта дьаабы быһыылаах (санаан да көрдөххө, хайа аанньа буолуой?)
Ник киниттэн биллибэтинэн тэйэ сатаата да, анарааҥҥыта уолу ыкса кууһан, адьас чугас киһитин көрсүбүттүү, үөрүү бөҕө. Ник, хайыай, тэбис-тэҥҥэ эймэҥнэстэ. Музыка тохтообутугар эдэрдэр миэстэлэригэр дьулустулар. Федор бэйэтин хампаанньатын умнан, эдэрдэри батыста. Аттыгар сылдьар икки эр киһи кинини күөйэ сатаабыттарын, төттөрү садьыйда, силэ бырдаҥалыы-бырдаҥалыы, уордайбыттыы тугу эрэ саҥарда. Остуолга олороот, пиибэ сакаастаата, эмиэ күлсүү-салсыы саҕаланна.
– Федор, мин эйигин манна эрэ көрсүөм дии санаабатаҕым, – Ник таах олоруохтааҕар саҥарда.
– Мин бэҕэһээҥҥиттэн уоппускаҕа бардым, онон кыратык расслабись гынан хааллым. Миигин көрөн соһуйдуҥ даа?
Ник кырдьык оннук диэбиттии тоҥхох гынна.
– Ха-ха-ха!!! Мин бэйэм да манна халыйан кэлбиппиттэн соһуйабын, но кэмсиммэппин. Манна үчүгэй дии! Төһө баҕар көрүлээ, ким да эйиэхэ наадыйбат уонна норуоту кытта бииргэ сылдьар туох куһаҕаннааҕый?
– Наһаа мамбеттар сирдэрэ дии, – Ник, тоҕо эбитэ буолла, аҕыйах мүнүүтэ анараа өттүгэр кимтэн эрэ истибит тылларын хатылаата.
– Мамбеттар диэн кимнээхтэрий? – Федор сымыйанан өйдөөбөтөҕө буолла.
– Оттон деребастар.
– Ол аата тыалар дуо?
– А-һа, тыалар.
– Һы, мин биир бэйэм тыаттан төрүттээхпин. Оттон эн ама куораккын дуо?
– Ну, тыабын.
– Ити баар дии, ол аата биһиги по адресу, сөпкө кэллэхпит дии. Онно туох кыбыстыыта баарый? – Федор хатыһан барда.
Арааһа, уол сыыһа тылласпытын бэйэтэ да кэмсиннэ быһыылаах, мух-мах барда, музыканы истибитэ буола олордо.
– Оттон эн, Ник, тоҕо каникулгар дойдулаабаккаҕын, манна тэйбэҥнии сылдьаҕын? Эбэтэр экзаменнаргын сатаан туттарбатыҥ дуу? – Федор адьас собуоттаммыт курдук буолла.
– Кырдьык, нэһиилэ сыһан-соһон туттардым. Онон хойутаан хааллым. Аһаҕастык эттэххэ, ити үөрэхтэн конкретно хал буоллум.
– Аһара күүлэйдиириҥ буолуо, ол иһин кыайбаккын.
– Сороҕор быраҕыахпын санаталыыбын. Туохха да наадата суох үөрэх. Только дядябар ити туһунан, баһаалыста, этээйэххиний!
– Һы, үөрэххин быраҕан баран ханна бараҕын? Олбуор сиппийэ дуо?
– Наһаа да оннук буолбатар! – Ник өһүргэммитэ буолла.
– Диплома суох ырааппатыҥ чуолкай, онон үчүгэйдик толкуйдан. Оттон бу аттыгар олорор уол кимий? – Федор аны били моднай уолга хараҕа хатанна.
– Дима Москваҕа үөрэнэр, каникулугар кэлэ сылдьар, – Ник билиһиннэрдэ.
– Мин эмиэ хаһан эрэ Москваҕа үөрэммитим, Плехановкаҕа, – Федор тута сэргэхсийэ түстэ.
– О-о, крутой вуз, – Дима убаастаабыттыы саҥа аллайда.
– Ол саҕана Москва үчүгэй да куорат этэ. Таах, көҥүллүк сылдьарбыт, билиҥҥи курдук буолбатах. Дима, оттон эн ханныкка үөрэнэҕин?
– «Менеджер в сфере индустрии досуга» диэҥҥэ.
– Ол аата тугуй?
– Ну, оттон организатор культурно-массовых мероприятий диэххэ сөп.
– Массовик-затейник дуо оччоҕуна? – Федор күлэ-күлэ ыйытта.
– Типа того, – Дима эмиэ күлэ-күлэ хоруйдаата.
– Пахай даҕаны! – Федор кэлэйбиттии саҥа аллайда. – Тоҕо атын, арыый да дьоһуннаах идэни талбатаххыный?
– Математикаҕа мөлтөх этим, ол иһин сирэр-талар кыах суоҕа. Манна даҕаны билсиинэн киирбитим.
– Билсиинэн! Ну, надо же! Ханнык эрэ туох да туһата суох культура үөрэҕэр! – Федор улахан баҕайытык күлэн күһүгүрээбитигэр силэ бырдаҥалаата, Ник саҥата суох салфетканы ылан иэдэһин сотунна.
– Культуралар бары дьап-дьадаҥылар, саамай тиийиммэт араҥалар. Миэхэ материальнай көмө көрдөөн паачыканан сурук ыыталлар, ханна кэлэрбин-барарбын адьас кэтии-маныы сылдьаллар.
– Ону эн хайыыгын? – Дима интэриэһиргээбиттии ыйытта.
– Сороҕор көмөлөһөбүн, сороҕор аккаас биэрэбин. Чиэһинэ эттэххэ, хал оҥордулар. Тоҕо мин кинилэр кыһалҕаларын быһаарыахтаахпыный? Дьэ онон, Дима, эрэйдэнэ түһэриҥ буолуо.
– Көрүллүө. Баҕар кимнээҕэр табыллыам. Билигин сынньалаҥ индустрията саамай барыстаах.
– Маладьыас! Хата, уолчаан санаатын төрүт түһэрбэт ээ! Дьэ, ити үчүгэй хаачыстыба.
– Москваҕа үөрэнэр баҕа санаам туолбутун кэннэ, тоҕо санаабын түһэриэхпиний? Дьокуускайга хаалыахпын туох иһин баҕарбатаҕым.
– Бай, ол тоҕо?
– А тут делать нечего. Город маленький и скучный.
– Скучный да-а? Оттон биһиги син сирбэккэ-талбакка олоробут дии!
Уол, ол бэйэҕит дьыалаҕыт диэбиттии, саннын ыгдах гыннарда. Ол эрээри Федор, сахсырҕа саахартан тэйбэтинии, арахсан бэрт.
– Ама билигин даҕаны тэһийбэккэ муҥнана олороҕун дуо? – диэн туоһуласта.
– Тоска! – Дима ис туругун сыччах биир тылынан эттэ.
– Оччоҕуна пиибэтэ ис. Сакаастыыбын дуо?
– О, нет! – уол илиитинэн сапсыйда, – алкогольга равнодушнайбын, – диэтэ.
– Ты, смотри! Буорту буолбатах ыччаты дьэ саҥардыы көрөбүн, оттон саатар табахтыыгын дуу? – Федор Диманы соһуйбут хараҕынан көрүтэлээтэ.
– Биирдэ эмэтэ, ону даҕаны үчүгэй эрэ сигареталары.
– Оттон биһиги народнай мааркаттан, «ЛМ»-тан атыны билбэппит дии!
Уол «ол бэйэҕит дьыалаҕыт» диэбиттии тутунна эрээри, утары хоруйдаата:
– Итэҕэйбэппин! Мин саныахпар, эн бэйэҕин сымыйанан «под дурачка» көрдөрө сатыыгын.
– Да? Тоҕо иннэ дии саныыгын? – Федор, төһө да холуочуйдар, харахтара эмискэ «өйдөнө» түспүккэ дылы буоллулар.
– Биллэр, – уол, арааһа бу кэпсэтииттэн хал буолла быһыылаах, тоҕотун быһаара да барбата.
– Ити диэн эппиэт буолбатах! – Федор арахсан бэрт.
– «Армани» ачыкылаах киһи хайдах даҕаны чэпчэки сыаналаах табаҕы тардыбат, – «билиэххин баҕардаххына мэ!» диэбиттии, Дима санаатын хайдах баарынан эттэ.
Федор саҥата суох уол кулгааҕар күлүмүрдүүр тааһы таарыйда.
– Бриллиант?
– О, мин Марадона курдук сыаналаах брюликтары кулгаахпар кэтэр кыаҕым суох.
– «Билиҥҥитэ суох» диэ, хаһан да бэйэҕин сабыма.
– Сөпкө этэҕин, «билиҥҥитэ суох».
Дима чаһытын көрөн ылла.
– Ханна эрэ ыксыыгын дуо? – Федор ыйытта.
– Суох.
– Тэһийбэт буоллаххына баран үҥкүүлүөххүн!
– Ха, под эту Валерию что ли? Ни за что!
– Хаппырыыс киһи быһыылааххын ээ.
Уол саҥарбата. Атаҕын атаҕар, илиитин илиитигэр кириэс ууран олордо.
– Төрөппүттэриҥ кимнэхтэрий?
– Хайдах ол аата кимнээхтэрий? – Дима боппуруоһу өйдөөбөтөх курдук тутунна.
– Оттон ханна үлэлииллэрий?
– Мамам учуутал, оттон папам «Сахателекомҥа» үлэлиир.
– Москваҕа ханна олороҕунуй?
– Уопсайга.
– Хал буолбатыҥ дуо?
– Ханна барыахпыный? Тулуйарга эрэ тиийэбин. Үчүгэйэ диэн, хоспутугар иккиэбит эрэ.
– Адьас да ырай олоҕо эбит дии? Биһиги хаһан эрэ биэстии-алталыы буолан биир хоско симиллэрбит.
– Да-а? Кошмар эбит дии! Хайдах тулуйбуккутуй?
– Наһаа үчүгэй курдуга.
– Туох үчүгэйдээҕэй?
– Бэһиэлэй этэ.
– О-о, нет, мин бэйэм бэйэбэр сылдьарбын сөбүлүүбүн. Мин ложкабын, кружкабын ким да тыытыа суохтаах диэбит курдук.
– Адьас собственник эбиккин дуу?
Ити кэмҥэ уол төлөпүөнэ тыаһаата. Дима Федорга туһаайан «извините» диэт, саалаттан тахсан барда. «Хаһан босхолоноҕунуй? Манна миигин биир киһи сорбун сордоон эрэр. Доппуруостаа да, доппуруостаа! Представляешь, «төрөппүттэриҥ ханна үлэлииллэрий?» диэн ыйытар!» – диэн кимиэхэ эрэ үҥсэргээтэ.
Федор таах олоруо дуо, аны Мишалаах Костя диэки көрүтэлээтэ, Никтэн кимнээхтэрий диэн ыйыталаста. Ник билиһиннэрдэ. Федор хараҕа Мишаҕа хатанна: хайдах баччааҥҥа диэри бу уолу бэлиэтии көрбөтөхпүнүй диэбиттии одуулаата.
– Мишка, бу киһи аны эйигин интервьюлууһук. Дьэ, хайдах тулуйаҕын? – Костя Миша кулгааҕар сибис гынна.
– Баллайа сытыйан, киһини, кырдьык, моорулууһук. Куотан үҥкүүлүү барыыһыкпын.
Ол эрээри, Миша туруон иннинэ, Федор саҥата иһилиннэ:
– Оттон эн студеҥҥын дуу, эбэтэр саҥа туттарса сатыы сылдьаҕын дуу?
– Саҥа.
– Ханныкка?
– Культураҕа, – Миша нэһиилэ хоруйдаата.
– Культураҕа? Арааһа мин олохтон бүтэһиктээхтик хаалбыппын дуу, хайдах дуу? Культура эйгэтэ итиччэ популярнайын туһунан сэрэйбэт да этим! Урут культураҕа наар кыргыттар талаһаллара, оттон билигин… Ник, эт эрэ эн миэхэ, баҕар мин тугу эрэ ситэ өйдөөбөтүм буолуо: культура үлэһитэ диэн билигин престижнэй идэ дуо?
Ник, кэпсээҥҥэ төрүт да орооспокко олорбут буолан, ити боппуруоска бэлэмэ суох буолан биэрдэ.
– Билбэтим, арааһа төһө дьоҕурдааххыттан тутулуктааҕа буолуо.
– Ол аата бу уолчаан дьоҕурдаахпын диэн сананар дуо? – Федор сэниирин кистии да барбата.
– Мишка үҥкүүһүт, ырыаһыт… – Ник Мишаны «быыһыы» сатаата да, ити балаһыанньаны көннөрбөтө.
– Ырыаһыт… Үҥкүүһүт… Эрэй да эбит, доҕор! Киһи тарбаҕар иилэн ылар биир да дуоспуруннаах ыччата суох! Бары мыыла курдуктаргыт! – Федор бугуллаах от курдук үллэн барда, аны туран төһөнөн пиибэни ыймахтыыра элбээтэҕин аайы, хатыһара үксээтэ. Миша, уолҕамчы бэйэтэ, ону өйдүө баара дуо, холуочугу кытары тэбис-тэҥҥэ аахсан барда:
– Һы, оччо крутой буоллаххына, тоҕо биһигини кытары бииргэ олороҕунуй? Бэйэҥ тэҥнээхтэргин кытары сырыттаҕыҥ дии! – диэн саайда.
– Көрүҥ эрэ, өһүргэннэ! Сыбыс-сымыйанан талааннаахпын диэн киэбирбит буола-буолаҕын! Төрөппүттэргит кимнээхтэрий? – диэн Федор туоһуласта – Кимнээх да буоллуннар, онно эн тугуҥ дьыалатай? – Миша өрө барда.
– Чэ, учуутал оҕото буолбатаҕыҥ тута биллэр. Ыраатыа суоххун! Иккис Андрей Борисов буолуом дии сананыма даҕаны.
Миша ити тыллары иһиттэ эрэ, истибэтэ эрэ, олоппоһуттан ойон тураат, «ч..!» диэн сарылаата. Сыччах биир тыл содула киһи үөйбэтэх-ахтыбатах өттүттэн буолан таҕыста. Эр киһи бастаан утаа дөйбүттүү биир миэстэҕэ олордо, онтон дьэ халыҥ этин олоппоһуттан араарбата дуо-о? Уонунан дьон көрөн турдахтарына, онто да суох модьу-таҕа бэйэтэ, сүүнэ адьырҕа курдук үллэн-баллан барда, киҥнээх харахтарынан уолу «тыыннаахтыы» сиэх айылаах. Бу сибилигин Мишаны кум-хам тутуоҕун, Костялаах Ник нэһиилэ тохтоттулар. Мишаны туалекка состулар.
– Бу акаары, таах сибиэ эйигин манна аҕалан! Бу кэнниттэн хайа сирэйбинэн Федорга чугаһыыбын? – Ник абаккатыттан уолу бэйэтэ «сиэхчэ».
– Наадалаах этэ, ол! – Миша Ниги сүүһүн аннынан көрдө.
– Биллэн турар, эйиэхэ туох буолуой? Оттон миэхэ Федор салгын курдук наадалаах киһи. Кэлин, баҕар, көмөлөһүө, үлэнэн хааччыйыа диэн испэр эрэммитим, ханна баарый, бүттэҕэ. Черт, барытын буорту гынныҥ! – Ник абаккатыттан ытыахча.
– Оттон тоҕо киһини сэниирий? Кимиэхэ да сэнэтиэм суоҕа! Өссө төрөппүттэрбинэн киирбит буола-буола! Улахан баҕайы тойон эбит! Наадалаах этэ!
– Тулуйуоххун! Тугу да лаабырҕаатын ээ!
– Гриша, наһаалаама! Миэхэ бэйэҥ интэриэскин сыбаама!
– Мин эйиэхэ Гриша буолбатахпын! Ити – бастакытынан. Иккиһинэн – земляктарым диэн сөбүн бодьуустастым, аны сүтэн хаалыҥ!
Костя ити тыллары истиэ эрэ кэрэх, эмиэ «бардыбыт» диэн этэн көрдө да, анарааҥҥыта таас курдук хамсаабакка турда. Айылҕаттан тэтэркэй им иҥмэтэх сирэйэ кумааҕытааҕар да кубарыйбыкка дылы. Ол эрээри майгыта кытаанаҕа ханна барыай?
– Суох, барбаппыт, – диэн мас-таас курдук хардарда.
– Һы, интэриэһинэй эбит! Оччотугар Федортан баран «бырастыы гын» диэн көрдөс, – Ник Мишаны сүүһүн аннынан батары көрдө: уол ама ити этиигэ сөбүлэһиэ дуо? Саарбах. 100 быраһыантан 99-һа «суох» диир. Онно Ник бигэ эрэллээх. Миша курдук бэйэтин билиммит, мин аҕай дэммит уол айылҕаттан бэриллибит майгытын саба баттыыра төһө эрэ ыарыылаах!
Миша абаккатыттан, бэл диэтэр, кафель истиэнэни сутуругунан саайда. Ол эрээри истиэнэ ол аайы туох буолуой? Миша сиэбиттэн паачыкалаах сигаретатын таһааран табаҕын уматынна. Кыраантан «кап-кап» уу түһэр. Бириэмэ эргиирэ тохтообот. Сигарета күлэ уһаан-уһаан баран, сэниэтэ суох тостор уонна сиргэ көтөр. Миша кэһиэҕирбит куолаһынан:
– Чэ, сөп, буоллун даҕаны, – диэт, атаҕынан ааны тэбэн, олох атын эйгэҕэ үктэннэ.
Киһи мыыныаҕын курдук аҕыйах лаампаларынан сырдатыллар борук-сорукка, табах буруотун хойуу туманын быыһыгар олорор дьон арааһа кинини халыҥ истиэнэ курдук хаҕыстык көрүстүлэр эрээри, Мишаҕа – синэ биир, кини улахан дьон кытаанах быраабылаларынан оонньуурга быһаарыммыт санаатын энчирэппэккэ, иннин хоту хардыылаан истэ. Кэнниттэн Костялаах Ник суксуруһан иһэллэрин бэлиэтии көрөн: «Тоҕо батыһаҕыт, хаалыҥ», – диэн тохтотто. Уолаттар, хайыахтарай, миэстэлэригэр төнүннүлэр уонна Мишаттан харахтарын араарбакка, арааһы барытын төбөлөрүгэр эргитэ, барытыгар бэлэм олордулар. Ол эрээри Миша кинилэри соһутта. Кини хас хардыытын аайы били дьиппиэн туругун ыһыктан, Федор остуолугар киһи билбэт гына уларыйан тиийдэ: икки атахтааҕы эрэ барытын тырыта-хайыта тыытыах курдук кыыһырбыта сүтэн хаалла, туох да буолбатаҕын курдук Федор аттыгар олордо. Атаҕын атаҕар бырахта, эбиитин мичээрдээтэ. Итини барытын кэтии олорбут Ник: «Ну, и актер же!» – диэн, тулуйбакка, саҥа аллайда. Дьиктитэ баар, Федор да уол кэлэн олорбутугар кыйдаабата, мичээрдээбитигэр мичээрдээтэ, кэпсэтэн барбытыгар кэпсэттэ, пиибэ кутан биэрдэ, чэ, ити курдук: бэҕэһээ – сэрии, бүгүн – эйэ диэбиккэ дылы, балаһыанньа уларыйан таҕыста.
– Итиччэ айылаах тугу ырыталлара буолуой? – Миша түргэнник төннөн биэрбэтиттэн, Ник аны ньиэрбинэйдээн барда.
– Аҕыйах мүнүүтэ анараа өттүгэр бурайсыбыттарын таһыччы умнан кэбиспит курдуктар, – Костя бэйэтэ да соһуйбут быһыылаах.
Кэтэһэр да сылаалаах. Ник, таах олоруохтааҕар, пиибэтин тобоҕун куллурҕаччы иһэн кэбистэ уонна, хайа аанньа буолуой, бэрт сотору туалекка сүүрдэ. Аҕыйах мүнүүтэнэн төннүбүтэ, Миша олорор эбит. Сирэйэ-хараҕа, туох да буолбатаҕын курдук, холку.
– Хайа? – Ник тулуйбакка ыйытта.
– Хайа-хайанан, – Миша кэпсэтэр санаата суоҕун кистии барбата.
– Чэ-чэ, наһаа киэбиримэ. Туох туһунан кэпсэттигит? – Ник да арахсар санаата суох: барытын кини билиэх тустаах үһү.
– Эн тускунан, – Миша Ник диэки эргиллэ биэрдэ.
– Эс, ама хайаан? – Ник ити тыллартан чачайа сыста.
– Ха-ха-ха! Куттанныҥ дуо? – Миша Никкэ өстүйбүккэ дылы.
Анарааҥҥыта, аһара долгуйбутуттан эбитэ дуу, саҥата суох ах барда.
– Уоскуй, эн эрэ тускунан кэпсэппэтэхпит, үчүгэйэ бэрт дии: эн тускунан кэпсэтэ олорууһукпут!
– Оттон Федор эйиэхэ кыыһырбатах дуо?
– Суох, «эдэр сааспын санаттыҥ, мин эмиэ аһара «горячай» этим» диэтэ. Онон, все о кэй!
– Ол аата бырастыы гынна дуо?
– Конечно!
Ити кэмҥэ, хантан эбитэ буолла, Дима көһүннэ.
– Эһиги манна пропискаланныгыт дуу, хайдах дуу? Ночной кулуупка барыаххайыҥ! – диэтэ. Бары кэриэтэ «бардыбыт-бардыбыт!» диэн суугунаһа түстүлэр. Миша эмиэ сөбүлэһэр саҥата иһилиннэ.
– Миша, ама, ити тухары эн сөп буолбатыҥ дуо? – Костя, биллэн турар, утарыласта.
– Дьэ барыта саҕаламмытын кэннэ, хайаан сөп буолуохпунуй? – Миша кэһэйбит көрүҥэ төрүт да суох, ама, Федор дьайыыта эбитэ дуу: харса суоҕа, дохсуна бэргээбиккэ дылы.
– Оттон мин санаабар, төһөнөн өр бу курдук сылдьабыт да, оччонон күүскэ бадарааҥҥа батыллан иһэбит, – Миша буугунуурун тохтоппото.
– Онно киһи соһуйара суох: эйиэхэ мэлдьи туох эрэ мэһэйдиир, туох эрэ атахтаһар. Өһүргэнимэ, ол эрээри «көтүөхпүн, кынатым тиийбэт» диэн эн тускунан тыллар. Бачча ыҥыран баран, саатар Милаҕын аралдьытыаххын? О-о, арай мин эн оннугар эбитим буоллар!.. – Миша Костя диэки кэлэйбиттии көрдө, онтон Ник диэки эргийдэ:
– Хайа, оттон эн тоҕо умуллан хааллыҥ? Эн баҕаҕын толорон, Федортан «бырастыы гын» диэн көрдөстүм дии!
– Итиччэ уһуннук туох туһунан кэпсэттигит? – ама Ник күнүүлээбитэ итиччэ буолуо дуо?
– Арааһы барытын, – Миша арыллан бэрт.
– Кырдьык мин туспунан буолбатах дуо? – Ник сэрэнэн ыйытта.
– Ха-ха-ха! Баччааҥҥа диэри ити туһунан саныы олороҕун дуо? Хорооҥҥор чахчы да уу киирбит быһыылаах! – Миша бэйэтин туттуна барбата, «мэ, абыран!» диэбиттии күл да күл буолла, онтон, нэһиилэ тыын ылан, – һуу, хата, чуут ытата сыстыҥ дии, ой, быарым дуу, тугум дуу ыарыйда, – дии-дии иһин тутунна.
– Туох туһунан кэпсэттигит? – Ник эппитин хатылыы турда.
– Ону эн тоҕо наһаа билэ сатаатыҥ?
– Кэпсээ!
– Пахай, күнүүлүүгүн дуу, хайдах дуу! – Миша, соһуйбута бэрдиттэн, ытыстарын таһынна.
– Кэпсээ диибин!
– Киһини хабарҕалаан түһэҥҥин, тугун сүрэй! Билиэххин баҕардаххына бэйэн баран ыйыт ээ. Короче, мин салгыы күүлэй тэбэ бардым, эһиги хайаан даҕаны! – диэт, Миша ойон турда уонна Федор диэки хаамта.
Туох диэн кэпсэппиттэрин сэрэйиэххэ эрэ сөп, ким ону билиэ баарай? Ол эрээри Федор остуолтан турда, ол аата кини эмиэ эдэрдэри кытары барсарга сананнаҕа. Остуол тула олорбут атын ыччат эмиэ, бары кэриэтэ, үөрүүнү кытары хомунан бардылар: буолумуна, күүлэй салҕанар, кинилэри өссө биир дьикти түүн күүтэр! Костя «хайыыбыт» диэбиттии Мила диэки көрдө. Кыыс, ити тухары биир тылы быктарбакка кэриэтэ, бэйэтэ бэйэтигэр бүгэн олорбут бэйэтэ, бу да сырыыга тугу да саҥарбата. Костя да анаан-минээн токкоолоһо барбата. Ардыгар оннук буолааччы, бириэмэ төһөнөн ааһар, оччонон төттөрү төннөрүҥ, эргиллэриҥ, тугу эрэ көннөрөрүҥ уустугуран иһэр.
Өрүскэ быраҕыллыбыт мас тэҥэ, долгун устун таах, сэниэтэ суох устуу.
Синэ биир буолуу.
Саҥа үүммүт дьайыыга толору бэринии.
Бу айан тугунан түмүктэнэрэ буолуой?
Ону ким да билбэт.
* * *
Дьокуускай куорат кыра, массыынанан айаннаатахха, аҕыйах мүнүүтэнэн иннин-кэннин мээрэйдиэххэ сөп, ордук сырыы биллэрдик аччаабыт киэһээ өттүгэр. Сыыдам сырыылаах таксилар түүҥҥү кулуупка начаас элээрдэн тиийдилэр. Ханнык баҕарар, оннооҕор кыра бюджеттээх, аҕыйах нэһилиэнньэлээх куоракка уоту-күөһү харыһыйбакка, ыраахтан дьэргэтэ тыктарар, ымсыырдар «кусочек Лас-Вегаса» диэн ааттыыр сирдэрэ бааллар. Ама, онтон Дьокуускай хаалсыа дуо? Эчикийэ, суох. Дьэргэлгэн олох тоорохойо биһиэхэ да баар. Түүҥҥү уолаттар, түүҥҥү кыргыттар – тоҕо эрэ кинилэр атыттар. Дьоллорун көрдүү кэлбит дьон быһыытынан, кинилэр киһи хараҕар быраҕыллар гына маанылар, сытыылар, харса суохтар. Олох диэн – биһиги түргэн үйэбитигэр биир үксүн күрэхтэһии. Ону умнубут эбэтэр ылымматах буоллаххына, этэргэ дылы, суол кытыытыгар хаалар кутталлааххын. Арай Федоры ити төрүт да долгуппат быһыылаах: кини күөлгэ сөтүөлүү баран иһэр киһини санатар. Күн кыһалҕата суох дайбаан ахан иһэр. Арааһа Ник итинтэн ньиэрбинэйдээтэ быһыылаах, иэстэһэрдии соҕус Федорга туһаайан: «Арай эйигин киллэрбэтиннэр?» – диэтэ.
– Бай, ол тоҕо? – Федор өйдөөбөтөҕө буолла.
– Оттон… фэйс-контролу хайдах ааһаҕын? Ханныгын да иһин общественнай сир буоллаҕа дии.
Федор атахтарыгар иилиммит шлепкаларын, тобуктара мөһөөччүк курдук үллэн тахсыбыт ыстаанын көрөн ылла, онтон тыһыынчата сууллан быһыыта-таһаата бүппүт, суруга-бичигэ сүппүт футболкатын өрө көтөҕөн, култаҕар иһин көрдөрдө.
– Ха-ха-ха!!! Төрүт долгуйума, миэхэ аан барыта аһаҕас, – диэн кини эрэллээхтик хоруйдаата. Ол эрээри Ник сэрэхэдийбитэ оруннаах буолан таҕыста: Федоры аһардыбатылар.
– Вы не подобающе одеты, – саҥа суунан тахсыбыт курдук ып-ыраас сирэйдээх уол ыытар аат диэн суох.
– Һы, как это не подобающе?! Одет, как одет! Главное: не голый! – Федор хойуу хаастарын түрдэһиннэрдэ.
– Если хотите попасть в наше заведение, идите, переоденьтесь! – диэн саайда уол.
– Эн билэҕин дуо, мин ким буоларбын?
– Извините, правила у нас для всех одинаковые, – уол чахчы инструкция быһыытынан үлэлиир буолан биэрдэ. Федор ити аайы уоскуйуохтааҕар, оргуйа түстэ:
– Акаары! Өскөтүн миигин киллэрбэтэххитинэ, эһиги күн сарсын сабыллыаххыт! Эппэтэҕэ диэйэҕин!
– Я же вам сказал, что правила для всех одинаковые, – эдэр киһи хатылаабытын хатылыы турда.
– Да ты знаешь…….! – Федор саҥата этиҥ сатараабытыныы суостаахтык иһилиннэ.
Кинилиин кэлсибит оҕолор бары аан айаҕар, истиэнэ тула сыстан турдулар. Сырдык көстүүмнээх, арыый саастаах киһи кэлбэтэҕэ буоллар, бу айдаан тугунан түмүктэнэрин, этэргэ дылы, таайыахха эрэ сөп. Бардьыгыныы турар Федоры көрөөт, ол киһи сирэйдиин уларыйа түстэ: тута биллэ. Биир-биэс тыла суох: «О, Федор Алексеевич! Баһаалыста, ааһыҥ», – диэн буруйдаах киһи курдук туттан эттэ. Федор таах саҥата суох ааһыа баара дуо, били, сибилигин түспүт сымыыты санатар, ып-ыраас уолга туһаайан: «А ты уволен! С завтрашнего дня на работу можешь не приходить. Уж я-то об этом позабочусь», – диэтэ.
Чэ, ити курдук айманан, нэһиилэ иһирдьэ киирдилэр. Кыайыылаах киһи быһыытынан Федор тута пиибэ сакаастаата.
– Гулять, так гулять! – диэтэ кини кылгастык. Буор босхоттон хаһан, ким аккаастаммыта баарай: бары да үөрэ-көтө түстүлэр. Арай Костялаах Мила уонна Дима эрэ минеральнай ууну сакаастаатылар. Дима аҕыйах мүнүүтэ анараа өттүгэр буолбут киирсииттэн, хата, сэргэхсийбиккэ дылы.
– Федор, айдаан бөҕөнү тартыҥ дии! Хаһыат балаһатыгар тахсыам диэн куттаммаккын дуо? – диэн интэриэһиргээтэ.
– Таһааран көрдүннэр эрэ, чанчыктарын чаачыгыратыллыа! – Федор рингэҕэ тахсаары турар боксер курдук сүүһүн аннынан көрүтэлээтэ, эбиитин сутуругун сутуругар саайталаата.
– Эчи кутталын! Ол эрээри бэйэҥ да бааргын дии, тоҕо мамбет курдук таҥынныҥ? Мин даже бөх тоҕо тахсарбар таҥаспын уларыттабын.
– Айуу-чэ, эн барахсан өссө одьукулуоннанарыҥ буолуо, ха-ха-ха… Ээ, кырдьыга да, даачаҕа тугу да гынарым суох буолан тэһийбэккэ сыттахпына, эмискэ биир атаһым көрсүөххэ диэн төлөпүөннээбитэ уонна, таҥас да уларыттарар бокуой биэрбэккэ, массыынанан кэлэн илдьэ барбыта. Нэһиилэ успейдаан сиэппэр кыра харчы уктубутум, – онтон чочумча уол сирэйин одуулуу-одуулуу, – ама, оччо кушаҕаммын дуо? – диэтэ.
– Бачча страшнай футболканы хантан булан кэттиҥ?
– О-о, бу футболка историялаах! Уонча сыллааҕыта аан маҥнай Америкаҕа сылдьарбар атыыласпытым. Көрөҕүн, Статуя Свободы ойуулаах, өссө туох эрэ диэн суруктаах.
– Көрдөр эрэ…
Уол ааҕа сатаата да, буукубалара кубарыйан хаалбыттар.
– М-да… өр да кэтэр эбиккин.
– Оттон эн хал буоллуҥ да, быраҕан иһэҕин дуо? – Федор Диматтан кэпсэтии баара-суоҕа таҥас туһунан буолбакка, олох атын ис хоһооннооҕун курдук эргитэн, таайтарыылаахтык ыйытта.
– Быраҕымына! Эргэни харыстаан туһа суох! – уол көнөтүнэн хоруйдаата.
– Оруобуна итинник этиэ диэн сэрэйбитим, – Федор куолаһа уруккутунааҕар курустук иһиллибитин, бука, бэйэтин да кулгаахтара мэлдьэспэтэхтэрэ буолуо.
Ол эрээри Дима, онно аахайыа баара дуо, илиитинэн «пока» диэн сапсыйаат, үҥкүүлүү сылдьар оҕолорго ыксаата. Федор кыһыйан да тугу гыныа баарай, турбут сириттэн харыс да сири хамсаабакка, пиибэтин, соҕотох хаалбыт дьолун курдук тутан, тобоҕолуу турда. Оттон Миша, сэрэйбит сэрэх, ити кэмҥэ түүҥҥү кулууп хатыламмат олоҕун бүүс-бүтүннүүтүн бэйэтигэр иҥэринэн, музыка абылаҥар ылларан, күннүү ахан сылдьар. Эбиитин аттыгар уһун баттахтаах, кылгас джинсы дьууппалаах, ыбылы тута сылдьар хара футболкалаах кыыс эриллэҥниир. Үрдүк хобулуктаах түүппүлэ кэппититтэн эбитэ дуу, эбэтэр холуочуйбута бэрдиттэн эбитэ дуу, сороҕор байааттаҥнаан ылар. Ол аайы кыыс күлэн саһыгырыыр, оттон Миша кинини кууһан ылар. Дьикти, Миша ханна да тиийдэр, түргэнник бэйэ киһитэ буола охсор! Арай Костя – чуҥкук.
– О-о, бу кэмҥэ төбөнү сымнаҕас сыттыкка ууран баран утуйан хаалбыт киһи баар ини. Саатар музыкалара да, киһи салҕыах, барыта биир курдук, – диэт, кини уһун айантан, бүгүҥҥү күн бүппэт түрүлүөнүттэн сылайбыта бэрдиттэн, дьааһыйан ылла.
– Оттон мин көрдөхпүнэ, Мишаҥ куорат маҥнайгы тусовщигын санатар, сылайбыт көрүҥэ суох.
– Кини диэн кини, – Костя тулуйбакка өссө төгүл дьааһыйда.
– Костя, мин биири сатаан өйдөөбөппүн: тоҕо эн Мишаны хонтуруоллуугун? Сырыттын ээ… Мин санаабар, кини эйиэхэ олох да наадыйбат.
– Быраҕар кыаҕым суох.
– Тоҕо?
– Биһиги Мишкалыын детсадтан бииргэ сылдьабыт. Онон бырааттыы убай курдук улааппыппыт. Биллэн турар арааска барытыгар түбэһэрбит. Ордук элбэхтэ кини: бэйэҥ көрөҕүн, хайдахтаах курдук кини сытыытын, биир сиргэ тулуйан-тэһийэн олорботун. Ол эрээри Мишка ис дьиҥэ атын. Олох атын.
– Хайдаҕый?
– Дьиҥнээх доҕор.
Мила итэҕэйбэтэ быһыылаах: өрө тыынан ылла.
Кырдьык, бу сибилигин Мишаны көрөн туран, ким дьиҥнээх доҕор диэй? Ол эрээри бу аймалҕаҥҥа, бу аалыҥнаһыыга киһи ис дьиҥэ хантан көстүө баарай? Музыка ньиргиэрдээх тыаһыгар сөп түбэһэн, эгэлгэ араас өҥнөөх уоттар дьиримнэһэллэр, ол аайы мустубут дьон сирэйдэрэ-харахтара, тутта-хапта сылдьаллара тыһыынчанан араас эттик буолан, күннээҕи олоххо көстүбэт хартыынаны үөскэтэллэр.
– Дьиҥнээх доҕор эбитэ буоллар, кини эн тылгын арыычча истиэ этэ… – Мила бэйэтин санаатын кистээбэтэ.
Ол эрээри Костя кинини ситэ да саҥардыбата, быһа түстэ:
– Арааһа, үһүс кылаас кэнниттэн этэ дуу, кырдьык, оннук эбит, биһиги начальнайы бүтэрбиппит кэннэ ол түбэлтэ буолбута. Өҥүрүк куйаас күн Мишкалыын өрүскэ сөтүөлүү барбыппыт. Биэрэккэ уу чуумпу этэ. Урукку курдук кытылга кырачааннар аамайдаспаттара, ким да ыһыыта-хаһыыта иһиллибэтэ. Күн сыралҕаныттан быһыылаах, тулалыыр эйгэ иһийиэҕинэн иһийбит этэ. Бэл, хатыҥнар сэбирдэхтэрэ, салгын «суй» гынан кыратык да тыынын биллэрэн ааспат буолан, хамсаабакка, театр декорациятын тэҥэ ыйанан тураллара. Ол түгэҥҥэ, биллэн турар, мин хатыҥнарга эрэ болҕомтобун уурбатаҕым: сөрүүн уу бэйэтин дуолугар оччо тардара. «Киир, киир, түргэнник киир» диэн ыҥырарга дылыта. Бу иннинэ тыһыынчата сөтүөлээбит өрүспүт уута күн уотугар күлүмүрдүү сытара хаһааҥҥытааҕар да күүскэ киһини угуйар курдуга. Онон биэрэккэ таҥастарбытын быраҕаттаат, ууга ыстаммыппыт. Өрүспүт биһигини бэйэтин сөрүүн киэлитигэр атыҥыраабакка, үөрүүнэн ылыммыта. Мишкалыын, бэйэ-бэйэбитин уунан ысыһа-ысыһа, сөтүөлүү сылдьыбыппыт. Умустахпытына кырачаан балыктар көстөллөрө, хаста-хаста кинилэри хабаары гыммыппыт буолуой, ол эрээри, эчикийэ суох, тарбахтарбыт быыстарынан мүччү туттаран куотан иһэллэрэ; оттон атахпытыгар турдахпытына, кытылбыт бу көстөрө, аҕыйах хардыыны төттөрү оҥор, тиийиэх курдугуҥ. Ол иһин туохха да санаабытын уурбакка, сөтүөлүү сылдьыбыппыт. Ити чуумпу албынын, тиэрэ эргиллиэн сөбүн, мэник бэйэбит, хантан билиэхпит баарай? Алдьархай сэрэппэккэ эрэ ааҥныыр дииллэринии, эмискэ атаҕым иҥиирэ тардыбыта, ону тэҥэ уот абытай ыарыы тилэхпин кэйбитэ. Төһө да илиилэрбинэн үөһэ талаһа сатаатарбын, туһа суоҕа – күүстээх сүүрүк (хантан эмискэ кэлбитэ буолла?) миигин биэрэктэн, Мишкаттан тэйитэн үөс диэки анньыбыта. Итинник, ууга быраҕыллыбыт ыт оҕотунуу, ууну таһыйа сырыттахпына, Мишка илиитэ миигин өрө тардан таһаарбыта. Ити билигин кини уһун, миигиннээҕэр быдан күүстээх көрүҥнээх, оттон ол саҕана мин Мишканы үөһэттэн аллара көрөрүм. Хайдах итиччэ кыра, эбиитин куһаҕаннык харбыыр бэйэтэ, миигин батыһан дириҥҥэ киирбитин сатаан санаабаппын. Бэйэтэ тимирэ сыһа-сыһа, нэһиилэ миигин биэрэккэ таһаарбыта. Өөр-өр иккиэн кумахха саҥата суох сыппыппыт. Кубулҕат күн, алдьархай буола сыспытын кыккыраччы мэлдьэһэн, чараас былыттарынан бүрүллүбүт этэ. Чуумпуга биһиги ыарахан-ыараханнык тыынан ыларбыт уонна тооппоор аһыыҥкалар сырдыргыыллара эрэ иһиллэрэ. Эмискэ Мишка мин диэки эргиллэ биэрбитэ уонна сибигинэйэн кэриэтэ эппитэ, ол эрээри кини саҥата күн бүгүнүгэр диэри мин кулгаахпар иһиллэргэ дылы: «Костик, бу буолбуту кимиэхэ да кэпсээмэ, КИМИЭХЭ ДА, ХАһАН ДА…»
Мин сөбүлэһэрбин биллэрэн, тоҥхох гыммытым. Атын эбитэ буоллар, Мишка, хорсун быһыыны оҥорбут оҕо аатыраары, дьоҥҥо барытыгар тарҕатыахтаах этэ. Ону баара ол от ыйыгар буолбут түгэн умнуллубута. Сарсыҥҥытыгар уһуктаат, бэҕэһээҥҥи быһылааны саныы да барбатаҕым. Нөҥүө күнүгэр, биир нэдиэлэнэн, ыйынан, сылынан эмиэ. Ким эрэ мин төбөбүттэн ити алдьархай тахса сыспыт күнүн сотон кэбиспитин курдуга. Оттон билигин, тоҕо эбитэ буолла, ити түгэн саас-сааһынан эргиллэн кэллэ…
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?