Текст книги "Үс Бүлүү айдарыылаахтара"
Автор книги: Сборник
Жанр: Документальная литература, Публицистика
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 4 (всего у книги 30 страниц) [доступный отрывок для чтения: 10 страниц]
Алыһардаах Аана
Архыып докумуоннарыттанАнна Дмитриевна Павлова (Иванова) ааспыт ХIХ үйэ ортотугар төрөөн, олорон ХХ үйэ 30-с сылларыгар өлбүт. Саха норуота сүгүрүйэр улуу киһитэ буолар. Билигин да кини аатын истибэтэх, билбэт киһи суох буолуо. Кини туһунан бастакы суруйууну 1910 с. Саха сиринээҕи православнай таҥаратын дьиэтин хаһыата «Якутские епархиальные ведомости» ааҕааччыларыгар билиһиннэрбитэ. Ыстатыйа ааптара «христианскай итэҕэл тарҕаммытын үрдүнэн «урукку итэҕэлгэ» сүгүрүйүү дьүөрэлэһэн бараллар» диэн суруйбут, ойууннааһыҥҥа итэҕэйии күүстээҕин ыйбыт, Улуу удаҕан эмтиир күүһүн, төһө да аччата сатаатар, син билиммит.
Хаһыакка «Анна Дмитриевна таҥараһыта, эмтииригэр таҥараттан көрдөһөрө бэлиэтэммит уонна таҥара көмөтүнэн эмтиирин көрдөрө сатаабыттара. Киниэхэ эмтэтээри Бүлүү бары улуустарыттан, Өлүөхүмэттэн, киин улуустартан, бэл Үөһээ Дьааҥыттан, Халыматтан ыалдьыбыт саха, нуучча дьоно кэлэн үгүстэрэ үтүөрэн бараллара бэлиэтэммит.
Анал кыырар таҥаһы кэппэт, дэҥҥэ дүҥүрүн охсо-охсо үҥкүүлээн, ханнык эрэ таҥара, сибэтиэй уобараһын иннигэр чүмэчи уматан, көрдөһөрүн ыйбыттар. Ойууннууругар үгүс көмөлөһөөччүлэрэ, кини тугу дьаһайбытын барытын толороллор. Көрөн олорооччулар саҥатын дүҥүр тыаһыгар баһыйтаран истибэттэр эбит. Балай эмэ кыыран баран эмтээһинигэр киирэр. Ыарыһах ыалдьар сирин анал быһаҕынан кыратык быһа сотон баран, хаас куорсунуттан оҥоһуллубут тэрилинэн ыарыытын оборон ылан, иһиккэ сүөкээн көрдөрөр эбит. Хаһыакка кыайан эмтээбэккэ, үс-түөрт ыарыһаҕа өлбүтэ бэлиэтэммит. Хаһыакка тоҕо эрэ Аана Илин Сибиир генерал-губернаторын граф Алексей Павлович Игнатьевы кытта көрсүбүтүн ахтыллыбатах (НА РС(Я). Ф.12-и. Оп.1. Д.10а. Л.56).
Эмтииригэр үгүс саҥата суох эмтиирэ. Арай чүмэчи туруоран, таҥараҕа үҥэн көрдөһөрө. Кини ыарыһах тоҕо ыалдьыбытын, туохтан сэрэниэхтээҕин этэрэ, сүбэлиирэ. Ыарыһаҕы үс-түөрт хоннорон, үөрэтэн көрөрө, онтон эмтиирин саҕалыыра.
Национальнай архыыпка биир интэриэһинэй докумуон хараллан сытар – Орто Бүлүү улууһун Иннокентьевскай таҥара дьиэтин аҕабыыта Иннокентий Синицин 1905 с. балаҕан ыйын 24 күнүгэр түһэрбит үҥсүүтэ. Сурукка этиллэринэн, Павлова Өлүөхүмэ, Сунтаар, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Хочо, Ньурба улуустарын дьонун эмтээн, сылга 1 тыһ. солкуобай суумалааҕы киллэринэр эбит. Элбэх сиринэн кэргэнинээн сылдьан дьону эмтиир буолан аата кэҥник биллибит. Таҥара дьиэтигэр аҕыйахтык сылдьан суолтатыгар кириэстэнэр, үҥэр диэн аҕабыыт үҥсүбүт. Кэргэнэ Сыгынньах Ойуун таҥара дьиэтигэр Сибэтиэй Пасха күнүгэр уҥан түспүт.
Аҕабыыт Анна Павлова кыырыытыгар олохтоохтор мустубуттарыгар таҥара дьиэтиттэн 55 биэрэстэлээх сиргэ бара сылдьыбыт. Ыалдьыт киирбитин Аана көрбөтөх. Кэлин өйдөөн көрбүтүгэр аҕабыыт ойууннуурун тохтоторугар көрдөспүт. Онуоха удаҕан эппит: «Мин кыыран харчы ыларбар абааһы кучуйар». Биирэ киниэхэ «буруйун таҥараҕа үҥэн бырастыы гыннарарыгар» сүбэлээбит. Удаҕан: «Тылбын биэрэбин, мин аны кыырыам суоҕа, эн малыыппаҕыттан куттанабын», – диэн малыыппаттан аккаастаммыт. Ити эмтээбит киһиҥ хараҕа үтүөрүө дуо диэн аҕабыыт ыйытыытыгар: «үтүөрүө суоҕун сөп, эн мэһэйдээтиҥ» диэбит. Онуоха таҥара үлэһитэ кыыһырбыт уонна «эн үтүөрүө суоҕа диэтиҥ, мин таҥара көмөтүнэн үтүөрүө диибин» диэбит уонна сарсыарда түспүт ыалыгар кэлэ сылдьарыгар көрдөспүт.
Сарсыҥҥытыгар Аана кэлбит. Аҕабыыт уонна удаҕан киирсиилэрин көрөөрү дьон бөҕөтө мустубут. Дьон ортотугар аҕабыыт ойууннуургуттан аккаастан диэн өссө төгүл эппит. Аккаастанарыҥ бэлиэтин мин малыыппа ааҕыам, ону үтүктэн ис диэбит. Онно кини аны кыырарбын тохтотуом, оттон малыыппаны ааҕартан аккаастанабын диэбит. Ол эрээри кэлин да кыырарынан дьарыктанарын улуус быыбарынай кулубата Иннокентий Андреев уонна Иван Жирков, Прокопий Кычкин, Кырыкыйтан Сидор Кычкин, Чочуттан Алексей Федоров туоһулуохтарын сөп диэн суруллубут. Аанаттан чугас олорор ойууннар бары куттаналлар, кинини утары саҥарбаттар, нэһилиэнньэ кинини убаастыыр эбит. Синицин аҕабыыт Павлованы ойууннуурун хайдах боборун туһунан сүбэ көрдүүр.
Үҥсүү Консистория суутунан көрүллэр. Резолюцияҕа этиллибитинэн, ойууннааһыны утары охсуһары күүһүрдэргэ уонна удаҕан ханнык ыарыылартан эмтиирин салгыы үөрэтэргэ уурбуттар (НА РС(Я). Ф. 226-и. Оп. 2. Д. 7211). Эбэн эттэххэ, сэбиэскэй былаас хабыр сокуоннара таҥара дьиэтин үлэһиттэрин уонна ойууннары гражданскай бырааптарын быспыта. Холобур, Синицин аҕабыыт саанын устан кылгас кэмҥэ сэбиэскэй тэрилтэҕэ үлэлээбит. Оттон Анна Дмитриевна ойууннуурбун тохтотобун диэн тылын биэртин кэннэ аны саҥа былаас эмтиирин улаханнык боппотоҕо.
1920 с. сэбиэскэй былаас ойууннааһыны, итэҕэли утары күүстээх охсуһууну саҕалаабыта. 1920 с. сэтинньи ыйга, Саха сиринээҕи Губревком бирикээһинэн ойууннааһын тохтотуллубута. Ойууннары сойуолааһын, тутуу, сымыйаларын саралааһын, гражданскай бырааптарын быһыы, ыгыы-түүрүү үлэтэ саҕаламмыт.
Олохтоммут былаас дьаһалын толоро, 1923–1924 сс. Бүлүү куоратыттан ГПУ начаалынньыга Петр Бубякин-Үс Курдаах баһылыктаах милииссийэ үлэһиттэрэ Михаил Унаров, Колодезников, Чомуохаан тахсаннар ойууннары кытта кэпсэтэн өйдөтүү ыыппыттар, сэбиэскэй былаас ойууннааһыны бобор политикатын билиһиннэрбиттэр. Хампаттан актыбыыс ыччаты Үрүҥэй уола Никифоровы, Кулуччуну илдьэ Тааһаҕарынан, Тоҕуһунан айаннаан, Лүүчүҥҥэ тиийэн Иннокентий Егорович Кычкиннаах диэн ыалга тохообуттар уонна Аананы ыҥыртарбыттар. Сарсыҥҥытыгар эмээхсин күтүөтэ Кылаан Борокуоппайдыын кэлбит. Ат сыарҕатыттан туран, тайахха тэптэрэн дьиэҕэ киирбит, дорооболоһон, тас таҥаһын устан баран биллэрик ороҥҥо олорбут. Көмүлүөк оһоххо кэлэн, көхсүнэн иттээри олох маска олорбут уонна эппит: «Тохсунньубут томороон тымныыта сүрдэммит. Хайа, бу ыраах сиртэн сылдьар оҕолор, туох кэпсээннээх-ипсээннээх дьоҥҥутуй? Хараҕым кыайан ылбат. Хампаттан икки киһи баар дуу?» Онуоха Кулуччу хардарбыт: «Хампаттан иккибит, Никифоров уонна мин, Кулуччу». Бары чэйдээбиттэр. Аһаан, итиилээн баран, эмээхсин эппит: «Бу куораттан сылдьар оҕолор, миигин аҕыс уоннаах, кырдьан буорайбыт хаараханы, туох туһугар ыҥыртардыгыт?» Онуоха ГПУ начаалынньыга, Бүлүү куоратын олохтоох бааһынайа: «Эйигин оҕо эрдэҕиттэн эмтиир, далбыйар дииллэр. Ону ыйыталаһаары тахса сылдьабыт. Сэбиэскэй былаас ойууну, удаҕаны, таҥара дьиэтин сокуонунан бопто. Биһиги Тааһаҕарга, Тоҕуска сырыттыбыт, кэпсээтибит, быһаардыбыт. Ону дьэ туох диигин, кэпсээ», – диэбит. Аана эмээхсин иҥиэттэн баран: «Мин эдэр эрдэхпиттэн эмэгэттээх, иннибэр-кэннибэр сүүрээччилэрдээх этим. Сүрдээх аһыныгас майгылааҕым. Ол иһин ыарыһахтары эмтиирим. Билигин онно-манна сылдьар кыаҕым суох. Киһиргээбэккэ эттэххэ, ити этэр кыылларым бары барбыттара. Кыайан алҕаммат-туоммат да буоллум. Дьон да ол кэнниттэн тэйдилэр, ыҥырбаттар», – диэн хоруйдаабыт. «Оччоҕо, Аана, тохтуур, идэҕин быраҕар да инигин?» – Петр Бубякин ыйытар. «Аны туга да суох буолан баран, сымыйанан тугу туһалаары дьону эмтиэхпиний?» – улуу удаҕан эппиэттээбит. Кэлбит дьон эмээхсини сиэрдээхтик атаарбыттар. Куораттан Бубякин туруорсуутунан дьону эмтииригэр көҥүл биэрбиттэр. Мантан көстөрүнэн, милииссийэлэр дьону-сэргэни кытта киһилии үчүгэйдик кэпсэппиттэр. ГПУ начаалынньыга П. Бубякин көнөтө, сиэрдээҕэ, тыла-өһө олохтооҕо тута көстөр. Уопсайынан, норуокка бу киһи туһунан үчүгэй өйдөбүл хаалбыт.
Эмээхсин бу тахса сылдьыбыт дьоҥҥо абын-хомуһунун көрдөрбөтөҕө. Бу туһунан үлүннэриилээх кэпсээни халы-мааргытык оҥоһуллубут отчуоттарга олоҕуран тарҕаппыттар быһыылаах. Урут милииссийэҕэ үлэлээбит И. Варвариков кэпсииринэн, Улуу удаҕан, көрдөспүттэрин үрдүнэн, тугу да көрдөрбөтөх эбит. Эдэр уолаттарга: «Тугум да суох. Иннибэр-кэннибэр сүүрэрдэрим барбыттара», – диэн аккаастаммыт. Биллэн турар, «дьиэни алыһар балыгынан толорбут, ол балыгы милииссийэ үлэһиттэрэ илиилэринэн тутаары сыраларын биэрбиттэр үһү», «тутан илпиттэрэ сыгынаҕы кэлгийэн аҕалбыттар үһү» диэн күүркэтэн кэпсээн хойукка диэри тарҕаннаҕа. Ити сымыйа үһүйээннэри бэл кэлин суруналыыстар, краеведтар тарҕата сатыылларын киһи өйдөөбөт. Алыһардаах удаҕан сэбиэскэй былаас уорганнарынан тутуллубута, хаайыллыбыта диир оруна суох. Олох кырдьан олордоҕуна, 1931 с. Бүлүү Бороҕонугар оҥоһуллубут испииһэккэ бырааба быһыллыбыт дьон испииһэгэр Борисова Анна диэн аатынан 90 саастаах удаҕан киллэриллибит (НА РС(Я). Ф. 87. Оп.1. Д.759). Оччолорго Кырыкый нэһилиэгин Нээтийэ аҕатын ууһа Бороҕон нэһилиэгэр сыһыарыллыбыта. Оттон Нээтийэ Ойуун уолаттарын араспаанньалара сурукка киирбитинэн Борисовтар. Кэргэнэ Николай Павлов Борисовтарга иитийэх. Онон Аана үс (Иванова, Павлова, Борисова) араспаанньанан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр.
Удаҕаҥҥа уһуйуллуутаАана олох кыһалҕатын билбэтэх буолан, дьон хараҕар быраҕыллар кыыс буола улааппыта. Аҕата эрдэ өлбүтэ. Кыыс 11 сааһын туолуута дьону кытта аһаспат, киһини кытта кэпсэппэт, кыраттан да киҥнэнэр, доҕордоспот, бэйэтин көрүммэт, сууммат-тарааммат буолбута. Дьүһүнэ-бодото, майгыта куһаҕан өттүгэр уларыйбыта (А.Е. Пахомова). Бэйэтэ биллибэт ыарыынан ыалдьан ийэтин улаханнык куттаабыта. Уһуйтараары Өөккөөччөөн ойуунтан көрдөспүттэригэр: «Ити мин кыайан уһуйбат удаҕаным буолар аналлаах, кини 23 мутугунан үрдүк олорор. Санааҕытыгар Басхырдаан эбэтэр Маҥаас кырдьаҕастарыттан көрдөһүҥ, баҕар, ол дьон кыайан уһуйуохтара буолуо», – диэбит. Ийэтэ Евдокия чугас аймаҕыттан, кинээһиттэн Никифор Николаевтан кыыһын эмтииригэр көмө көрдөөбүтэ. Тулаайах хаалбыт ыалга кинээс элбэх көмөнү оҥорон абыраабыта. Лүүчүҥҥэ олорор аймахтара Хаарпа ойуун үс түүннээх күн кыыран баран: «Үөһэттэн туттарыылаах удаҕан буолуоҕа. Орто дойдуга эмиэ хабааннаах. Аллараа дойдуга суох, онно кыырар анала суох. Биир кыыс оҕо сырыытын сылдьыаҕа. Билигин да суолу билэрэ буоллар, иннибитигэр түһэ сылдьыах эбит. Билигин Дохсурума удаҕан диэн ааттанар. Үөһээ дойдуга Иэйэхсиккэ, Айыыһыкка, Күрүө Дьөһөгөйгө, Ала Мылахсыҥҥа барыларыгар тиийэр алгыстаныа. Кэлин аата-суола аан дойдуга тарҕаныа, суон сураҕа иһиллиэ», – диэн баран, Хаарпа Аана төбөтүгэр силлии-силлии имэрийбитэ. Аана Хаарпа ойуун алгыһын үүт-маас түһэрэн иһэрэ. Хаарпа алҕаан-домноон баран: «Оҕом, Аана, дьиҥнээх оҕо бэйэҕиттэн кэлэр тускута суох буолаахтыыра буолуо диэн көрүүлэнним», – диэн эппит (В.А. Кондаков).
Никифор кинээс Хаарпа «атаҕын соболоҥун» үчүгэйдик төлөөбүт. Сотору Аана үтүөрэн, дьонун үөрдүбүт. Ыҥырыыларга сылдьан дьону, сүөһүнү эмтээн, аата киэҥник тарҕаммыт. Кыыс олус кэрэ дьүһүннээх буолан, ыраахтан-чугастан, кэргэн кэпсэтэр дьон үксээбит. Кыыс кимиэхэ да сөбүлэҥин биэрбэтэх. «Үчүгэйдик олорор ыал уолугар кэргэн тахсыбаккын» диэн ийэтиттэн мөҕүллэр буолбут. Анна Дмитриевна ийэтин кытта кыыһырсан баран, быраата Николай көмөтүнэн Бэстээх күөл соҕуруу өттүгэр Хайыҥда кытыытыгар дьиэ туттан, онно олохсуйбут.
КөмөлөһөөччүлэрэАана Сыгынньах ойууҥҥа кэргэн тахсан, балачча уһуннук олороллор да, оҕоломмоттор. Кэтэһэ сатаан баран Чохуу аҕатын ууһуттан кыыс оҕону ииттэ ылаллар. Бу кыыстара хороччу улаатан ынах хомуйар буолтун кэннэ, Аана дьэ ыарахан буолар. Төрүүр кэмэ кэлэн улаханнык ыалдьар, талыыланар да, кыайан оҕоломмот. Ол иһин Куба Сиэбиттэн ааттаах-суоллаах Хаарпа ойуун бииргэ төрөөбүт быраата Ньукуу баай уола Сонтуорка ойууну ыҥыртараллар. Ойуун кэлээт, көрүү көрүүлэнэр. Үс атахтаах төгүрүк сирэйдээх остуол оҥорторор уонна таҥаһынан муостаҕа тиийэ саба бүрүйтэрэр. Аана быыһанаатын кытта Сонтуорка ойуун туох эрэ суулааҕы тутан аҕалан бүрүөһүннээх остуол анныгар угарга дылы гыммыт. Ол укпут сиригэр кэмпиэт, саахар бытарытан таммалатан биэрбитигэр, туох эрэ тумсунан тоҥсуйарын курдук, тобугурас тыас иһиллибит. Ол тыаһы истэ сытан, Аана: «Ол да иһин миигиттэн туох киһилии оҕото төрүө буоллаҕай», – диэн муҥатыйбыт. Үс хонон баран, айыыһыт аттанар күнүгэр, Сонтуорка ойуун суор оҕотун кыбынан таһааран ортоку сэргэҕэ соҕуруу диэки хайыһыннаран олордубут. Дьон бары үтэйиини көрөөрү таһырдьа тоҕо сууллан тахсыбыттар, оттон Аана оронугар олорон хаалбыт. Ойуун дьиэ аанын нэлэччи астарар уонна: «Аана, бу Хахсааттыыр Хара Суорунтан оҕоҕун айбыт аҕатыгар үтэйэн эрэбин, ыл, көрөн хаал», – диир. Инньэ диэн баран Сонтуорка ойуун быыстала суох дүҥүрүн лүҥсүйбүт, алгыы-алгыы кутуран дьигиһиппит. Ити курдук үс тоҥ күөс быстыҥа тохтоло суох кыыран бүтүүтүн саҕана, суор оҕото туруору дайбаан, үөһээ халлаан диэки көтөн куһуйа турбут. Мустубут дьон суор оҕотун харахтарыттан сүтэриилэрин саҕана, былаайаҕынан чарапчыланан өрө хантайан туран: «Ийэҥ ыҥырдаҕына үөһэттэн кэлээр, сүллэрдииригэр көмөлөһөөр», – дии хаалар. Сонтуорка ойуун дьиэҕэ кыырбытынан киирбит уонна аал уоту аһата-аһата, Аананы имэрийэн-томоруйан домнообут. Түмүгэр: «Миигиттэн төһө да үрдүкү буолларгын, эйигин эмтиир дьылҕалаах-ыйаахтаах эбиппин», – диэбит.
Дьэ итинтэн ыла кини атын аналлааҕа, туспа дьылҕалааҕа дьонугар-сэргэтигэр өссө биллэн, ырааҕынан-чугаһынан сурах-садьык киэҥник тарҕаммыт. Эдэр удаҕаҥҥа сүөһүтэ турбатах, оҕоҕо өлүүлээх, араас ыарыылаах, быһата, олохторо огдолуйбуттар истиһэ-истиһэ элбэхтик сылдьар, көмө көрдөһөр буолбуттар. Сүллэрдииригэр Суор уола улаханнык көмөлөһөр эбит. Ол туһунан Аана эмээхсин кырдьан олорон этэрин эдэр сылдьан истибит олохтоох кырдьаҕастар бары биирдик кэпсииллэрэ. «Ыарыһаҕы чинчийэн көрөөт, тута манан сии сылдьар эбит диэн, кыталык сототун уҥуоҕунан курдаттыы оборон ылан ириҥэлээх, хааннаах чэлкэҕи мэһэмээҥҥэ силлээн-хаахтаан кэбиһэрэ», – диэн эдэригэр Аана эмээхсиҥҥэ элбэхтэ кутуруксуттаабыт Яковлев Петр Егорович-Токоро оҕонньор кэпсиирэ. Оттон уҥуохха харан моһуогурууну олох киһилээбэтэ үһү. Хааннаах-сииннээх кырамтаны курдаттыы оборон ылан, эмиэ мэһэмээҥҥэ түһэрэрэ дииллэр. Харыы төһө улаханыттан көрөн, тугу, хайдах аһыахтааҕын үчүгэйдик быһааран биэрэр эбит.
Суор Уолун кэнниттэн Аана үстүү сылынан быысаһан иккитэ ыарахан буолар. Иккиһин ыарахан сылдьан, биирдэ күнүс эмискэ сүтэн хаалар. Хас да күн көрдөөн булбаттар. Ааналаах олохторуттан арҕаа диэки үс биэрэстэлээх сиргэ сытар Идэр күөл илин атаҕар олорор Сүөкүлэ диэн дьахтар Аана ойуурга сылдьарын көрбүт. Онно көрдөҕүнэ, Аана алыһар балык курдугу чөҥөчөк көҥдөйүгэр көхсүнэн буолан уга турар үһү. Сүөкүлэ куттанан Ааналаах дьиэлэригэр сүүрүүнэн тиийбитэ – киһитэ хотон аанынан утары тахсан кэлбит уонна: «Сүгүн да сылдьыбаккын, тоҕо батыһаҕын?» – диэн мөхпүт. Кэлин Сүөкүлэ «онтон наһаа кыбыстыбытым» диэн кэпсиирэ үһү. Бу оҕотун Аана «Алыһар кыыһым» диэн ааттыыр уонна наадыйдаҕына: «Алыһар кыыһым, кэл эрэ», – диэн ыҥырар эбит.
Үсүһүн хат буолуутугар, дьэ, киһилии оҕолонордуу ыалдьар. Олохторуттан биэс биэрэстэлээх арҕаа Муҥур күөлүгэр олорор Хойбочох Маарыйа удаҕаны ыҥыртарар. Удаҕан көмөтүнэн Аана икки хонон баран төрүүр. Арай, онно баар дьон иһиттэҕинэ, төрөтүүгэ сылдьыбыт дьахталлар: «Чыычаах эбит», – диэн ботур-итир ботугураспыттар. «Миэхэ оҕолоппот төрүөх кэлбит эбиккин. Наадыйан ааккын ааттаан ыҥырдахпына кэлэр буолаар», – диэн баран, Аана оронугар олорон икки илиитинэн үөһэ диэки даллах гыммыт. Мустан олорооччулар иһиттэхтэринэ, ортоку өһүө баһын диэки чыычаах чырыптыыр саҥата иһиллибит. Аана бу көтөрүн «Көтүтэрим – Кэкэ-букам» диэн ааттаабыт. Аана кэлин: «Суор уолум, Кэкэм-букам улаханнык көмөлөһөллөр, Алыһар кыыһым туһата кыра», – диирэ үһү.
Аана эмээхсин Кэкэ-букатын уоруллубуту, сүппүтү буларга көмөлөһүннэрэр этэ дииллэр. Иннэ оччолорго олус күндү мал буолара биллэр. Иннэлэрин сүтэрбиттэр көрдүү сатаан баран, мэлийэн, кыһалҕаларын Аанаҕа этэллэр эбит. Онуоха Аана ол иннэ ханна сытарын эбэтэр уоруллубут буоллаҕына ханна кистэммитин Кэкэ-букатын ыҥыран, ыйан биэрэрэ үһү. Ону «көтөрө көтүтэн аҕалара» диэн көрбүт дьон кэпсииллэр эбит (С.С. Ионов-Сэсэ).
Эмтиир ньымалараУлуу Удаҕан эмтээн-томтоон, сүбэлээн-амалаан элбэх киһини абыраабыта, бэйэтин бириэмэтин улуу эмчитэ, удаҕана этэ. Дьон-сэргэ бары кини улуутун, сүдүтүн билинэллэрэ, ол иһин кини туһунан араас үһүйээннэр, номохтор күн бүгүнүгэр диэри биһиги норуокка тиийэн кэллэхтэрэ. Анна Дмитриевна эмтииригэр аргыстарын Суор уолун, Алыһары, Кэкэ-бука көтөрү көмөҕө туһанарын билинэрэ. Ойууннар ортолоругар итинник «кыыл оҕолоохтор» диэн Нам улууһуттан Мыччылла-Федор ойуун хаста да сордоҥу төрөппүтүн туһунан Серошевскай суруйбут. Кини этэринэн, балыктары, кыыллары бэл ойууннар «бэрт эрэйинэн да буоллар, төрүүллэрэ». Хараҥа, үөрэҕэ суох дьон итэҕэйэллэрэ.
Гипноһу сатаан туттар дьон ойуун буолаллар. Эдьиий Аана да гипноһунан элбэхтик туттара саарбаҕа суох. Үһүйээҥҥэ кэпсэнэр холобурдары аҕалабыт. Дьон ортотугар киэҥник Анна Дмитриевна суор, алыһар, көтөр оҕолордооҕун уонна улаханнык көрүүлэнэр кэмигэр кинилэри көмөҕө ыҥырара. Милииссийэлэр тутан илдьэ истэхтэринэ сыгынах, тыһаҕас, сур бөрө буоларын, дьиэ иһин алыһарынан толорорун туһунан кэпсэнэр. Сааһырбытын кэннэ гипноһа аччаан, эмтиир дьоҕурун сүтэрбитэ. Дьоҥҥо «оҕолорум миигиттэн бардылар» диирэ уонна эмтиир сүрүн күүстэрэ баранан, Улуу Удаҕан кыырбат буолбута. Чаҕар үлэһиттэрин тарҕаппыта. Ииппит кыыһын, күтүөтүн кытта сүөһүтүн бэйэтэ көрөр буолбута.
Улуу Эдьиийбит Анна Дмитриевна туһунан В.А. Кондаков, М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ, В.Ф. Федоров үлэлэригэр кини Үрдүк Айыылартан ураты билии ылбытын сырдаппыттара. Улуу Удаҕан үлэтин, бар дьоҥҥо оҥорбут үтүөтүн, өҥөтүн М.П. Григорьев, П.С. Максимов дьоҥҥо тиэрпиттэрэ. Үөһээ ааттаммыт чинчийээччилэр бары кэриэтэ Бүлүү Бороҕонун ытык кырдьаҕастара Осип Тимофеевич Мальцевтан, Трофим Петрович Гоголевтан истибиттэрин кэпсииллэр. Бу кырдьаҕастар Улуу Удаҕаны эдэр саастарыгар көрбүт, кэпсэппит буоланнар, биһиэхэ сыаналаах информатор буолаллар. Маны тэҥэ сыаналаах сибидиэнньэлэри хомуурунньуктартан, хаһыаттартан, сурунааллартан буллубут. Архыып матырыйаалларын туһанныбыт.
Алыһардаах Аана эмтиир дьоҕура, талаана эргиччи киэҥин туһунан элбэх үһүйээн, сэһэн, кэпсээн баар. Олортон сорохторун биирдиилээн мантан аллара киллэрэбит.
Бастакы түбэлтэ (А.И. Эверстов 1973 с. аҕатыттан Илья Иванович Эверстовтан (1888 с.т.) истибит кэпсээнэ). Аана Лүксүгүҥҥэ саҥа кийиит буолан сырыттаҕына, сүөһү ыарыыта (олохтоохтор «балыас ыарыы» диэн ааттыыллар эбит) турбут. Аана хотунугар биирдэ этэр: «Дьэ мин бу түүн харсан көрүөхтээхпин». Онуоха хотуна: «Тоҕойуом, бэйэҥ бил, сэрэн, хайа ол эн туох сэптээх-сэбиргэллээх буолуоххунуй? Хайа, дүҥүрүҥ эҥин? Күүһүҥ-уоҕуҥ?» – «Сөп, дүҥүрү биэриэхтэрэ, көстүөҕэ. Дьэ мин бу түүн кинини кытта харсан көрүөхтээхпин».
Эмээхсин оҕонньоругар дьэ кийииппит оннук буолбут, оннук эбит, инньэ диир диэбит. «Эн ойуун кыырарын эҥин абааһы көрөр буоллаххына, тахсаҥҥын туспа хоспоххо олор. Сээкэйи эҥин тэриниэх курдук саҥарар». – «Оо, хайдах баҕайыный? Кини ол баҕайыны кытта хайдах харсар баҕайытай?» – диир оҕонньоро.
Кэргэнэ Акыым Дьөгүөрэ истэн баран этэр: «Оттон кыаххын билинэн этэр инигин? Оттон инньэ гынан көр, баҕардар. Абата бэрт ээ. Оттон ол гынан баран, аны эйигин сиирэ буолуо…» – «Дьэ, оттон, хайдах буолар…»
Сарсыардаттан туран дьиэлэрин хаҥас илиилэринэн харбаан, ыраастаан-хайаан баран, дьахтар күнүс, былыргынан киэһээ түөртүүр саҕана, олоҕор олороору сөрүө тэлгэнэн эрдэҕинэ, арай тойоно киирэн кэлэр.
«Оок-сиэ, сөрүө тэлгэнэн эҥин, балыастаан сиэри олоробут дуу, бу? Хайа, сэрэниҥ эрэ!» Дьахтар саҥарбат. Эмээхсинэ этэр: «Чэ-чэ, саҥарба, бар, таҕыс». Оҕонньор тахсан барар.
Дьэ кыыран барар. Маҥнай ытыһынан кыырар. Онтон киэбин-киэлитин киллэрэригэр дүҥүрүн көрдөппүт. Дүҥүрэ уҥа өһүө баһынан кылыгыраан кэлэн түһэр, ону ытыһыгар түһэрэн ылар. Дүҥүрүн ылан, олоҕор олорон этэр: «Дьоннорум, мин сибилигин оҕус буолуоҕум. Ол оҕус буоллахпына, бу хотоҥҥо киириэҕим. Онно киирэммин мөҥүрүөҕүм, айаатыаҕым. Ону эһиги көрөөйөҕүт. Онтон таһырдьа тахсыаҕым. Онно тулутан харыһыннардаҕына, дьэ тыас-уус улахан, элбэх буолуоҕа. Тахсан көрөр аҕай буолаайаҕытый. Ким көрбүт – бэйэҕититтэн бэйэҕит хоргутуоххут. Олордугут да олоруҥ, биһиги тыаспыт-ууспут сүтүөр диэри».
Кийииттэрэ кыыран ньирилээн киирэн барар. Оһох кэннин диэки аттаан хааман иһэн арай соҕотох муостаах икки атахтаах күөх эбириэн оҕус буолан хаалар. Хотоҥҥо лиһирдэтэлээн киирэн мөҥүрүү-мөҥүрүү, айаатыы-айаатыы турар. Ону көрүмэҥ диэбит буолан көрбөттөр. Хотон иһигэр бачыгыр-кучугур гынар тыас баар. Тохтуу түһэн баран хотон түгэҕин диэки хоту муннугунан таһырдьа оҕус муоһун тыаһа мээнэ өрө лачыгырыы түһэр. Харсыһыы кытаанаҕа буолар, тыас-уус элбиир, хотону үтүрүйэллэр. Бу иһэн биир оҕус саҥата «өөх!» диэн орулуу түһэр. Тыас-уус мэлийэн хаалар. Дьэ тыас мэлийбитин кэннэ көрөөрүҥ диэн эппитин иһин хотуна өҥөйөн көрбүтэ – кийиитэ охто сытар. Тыыннаах. «Чэ, тахсаҥҥыт өрүһүйүҥ, мин акаары киһи акаары буоллум – кыаттардым. Бу күүспүн мунньаммын анньыһан истэхпинэ, туора халбарыйан баран бу уҥа буутум тас өттүнэн кыра соҕустук хайа анньан кэбистэ. Онон өлүүтүн өлбөппүн гынан баран, олох кыаттардым, дьэ көтөҕөн киллэриҥ». Көтөҕөн киллэрбиттэригэр дүҥүрүн көрдүөн ылан, дьэ кыыран икки-үс түүннээх күн лиҥкиниир. Онно сытан этэр:
– Бу улуу эбэ илин баһыгар ити биир ыал байан-тайан олороллор. Бу баҕайы бу Лүксүгүн ааттаах сиригэр үс үйэ тухары кэлиэ суоҕа. Соһуйан көттө, соһуйан ойдо. Бу баран иһэн, кыыһыран, Илин бас ыалын сүөһүтүн бүтүннүү эһэн ааста. Ол гынан баран, дьэ бу эрэ дайдыттан көттө, атын сиртэн көппөтө.
– Бу аата?
– Мин кыаттарыыбар бу илин бас ыала ороскуотурда, онон сити да гыннар, бу уонча баар сүөһүбүт ордуоҕа, аны манна кэлиэ суоҕа букатын. Миигин маннык буолла, маннык кыырда диэҥҥит туолка этимэҥ.
– Оо дьэ, оннук буоллаҕа. Дьэ кэлбэтэр сөп буолуох этэ.
– Дьэ ол төһө сүөһүлээх киһини эһэн кэбистэ ол илин баска? Дьабаһай Микииппэр диэн эдэр ыал баран олорор ээ. Ол киһини эстэҕэ дии?
– Чэ, биир да суох гына. Үс ньирэйи ордордо арай, – диэн кэбиһэр.
Иккис түбэлтэ (В.А. Кондаков). Дьөккөҥҥө Хапчаҕайга олорор Акулина Алексеевна Кондакова (Филипп Дмитриевич Гоголев кэргэнэ, Степан Филиппович Гоголев ийэтэ) биирдэ балык уҥуоҕар харан эрэйдэммит. Ыалдьан сыппыт, кыайан аһаабат, нэһиилэ тыынар буолбут. Ыксааннар Дьөккөнтөн аттаах киһини Унаардаахха ыыппыттар. Ол киһи тиийбитигэр, – Аана айанныырдыы бэлэм олорор үһү. «Чэ, бара охсуохха, киһигит ыксаата. Аккын манна хааллар. Биһиэхэ аттар ыҥыырданан бэлэм тураллар», – диэн Аана ыксаппыт. Түргэнник айаннаан Хапчаҕайга кэлээт, Улуу Удаҕан дьиэҕэ ойон киирбит уонна, тас таҥаһын устаат, Өкүлүүнэ хоһугар киирбит. Итиэннэ: «Оо! Балтым эрэйдээх иэдэйбиккин… Тута киһи ыытыаҥ этэ буоллаҕа дии», – диэбит уонна, дьиэлээхтэри көмөлөһүннэрэн барытын бэлэмнээт, эмтээн киирэн барбыт. Кыталык сототун уҥуоҕунан маҥнай көхсүттэн оборон көрбүт уонна эппит: «Олус да кытаанахтык олорбут эбит. Бэйи, түөскүнэн оборон көрүөххэ. Балтыбын көрөн туран өлөрүөм дуо?!» Суордуу хаһыытаат, түөһүттэн оборон хааннаах, ириҥэлээх уҥуоҕу сулбу тардан таһаарбыт. Салгыы түөһүттэн дэлби оборон ыраастаабыт уонна эппит: «Уҥуоҕуҥ өр сылдьыбыт, хараарбыт, көр бу. Дьэ, дьолуҥ билиэҕэ. Сэттэ хонукка кыра-кыратык ууллубут арыы ырааһын эрэ иһиэҕиҥ. Онтон бэргээбэтэххинэ, өссө сэттэ хонукка арыыны кытта сылаас үүтү иһиэҕиҥ. Биир сыл устата итии уонна тымныы аһы аһаайаҕын. Ириҥэрэн моһуоктаабатаҕына, өссө сэттэ хонон баран убаҕас хааһыта сиэр. Арыый кытаанах аһылыгы 99 хонон баран сэрэнэн сиэҕиҥ. Кэлин хааһыны кытта холбуллубутунан сүөгэйдэ сиир буолаар. Ити күүс киллэриэҕэ. Билигин сэттэ хонукка тохтоон ыарыылыам, эмтиэм. Кэлин бэргээтиҥ да, ыҥыраар. Тута кэлиэҕим. Соторунан ханна да барыам суоҕа». Сэттэ хонукка ыарыылаабыт, эмтээбит уонна барбыт. Өкүлүүнэ үтүөрэн, Аананы иккистээн ыҥырбатахтар. Кэлин Өкүлүүнэ үйэлээх сааһыгар Улуу Удаҕаҥҥа махтанара дииллэр.
Үһүс түбэлтэ (П.С. Колтовской). Дьөккөн Билэччи кэпсээнэ. Билэччи уолугар олорор эбит. Эмээхсинэ баарын-суоҕун туһунан сэһэҥҥэ ахтыллыбат. Кини сонунун сарсыарда аһыы олорон кэпсиир үһү. Биир сарсыарда аһыы олорон: «Бөлүүн Дьаам Силиибин аахха бара сырыттым. Дьаам Силиибин ойоҕо уҥуохха харан, ыалдьа сытар эбит. Онно Тааһаҕартан саҥа ойуун буолан, мөхсөн-тайанан эрэр эдэр киһини аҕалан кыырдардылар. Олох туга да суох киһи эбит, ыалга аһыам-сиэм диэн «тааҕы» дьаабыланар эбит», – диир.
Онтон биир сарсыарда эмиэ аһыы олорон кэпсээбит: «Бөлүүн Дьаам Силиибин аахха бара сырыттым, Үөһээ Бүлүүттэн ыарыһахтаах ыаллары кэрийэн кыыра сылдьар киһи кыырда. Кэм кыра туохтаах эмэлээх киһи эбит. Ол гынан баран, мин күөх истээх сахсырҕа буолан кэтэҕэр, баттаҕын иһигэр киирэн олоробун да, билбээт», – диэбит. Хас хонон баран эбитэ буолла, биир сарсыарда аһыы олорон дьонугар кэпсээбит: «Бөлүүн Дьаам Силиибин аахха бара сырыттым. Дьаам Силиибин эмээхсинэ улаханнык ыксаан сытар эбит. Кырыкыйтан Алыһардаах удаҕаны аҕалбыттар. Дьэ чахчы баардаах киһи эбит. Аатырыан аатырбыт. Маҥнай олорор олбох тэрийтэрэн, дьэ кыырардыы кыырда. Үөрүн-сүүрүгүн ыҥыртаан баран, дьиэ түөрт өттүн чарапчыланан көрдө уонна эттэ: «Дьэ, оҕолор, мин соҕотох буолбатах эбиппин. Улуу киһи убайым кэлэн күөх истээх сахсырҕа буолан, эркин маһа хайдыбытыгар киирэн олорор». Алҕанан-силэнэн баран, туран дьахтары тиэрэ сытыаран иһин сэлиэнэй чааскы айаҕын саҕаны көҥү үрэн кэбистэ. Бөдөҥ көтөр сототун уҥуоҕун ылан, хаста да төхтүрүйэн уҥуоҕу ыла сатаата да, уҥуох кэлбэтэ. Онтон дьахтары умса сытыараат, эмиэ сэлиэнэй чааскы айаҕын саҕаны көҥү үрээт, били уҥуоҕун ылан чупчуруйбутугар хааны-сиини, ириҥэни бүрүммүт сүөһү уҥуоҕун ылла. Дьэ, сүдү киһи эбит», – диэн Аана эмээхсинтэн дьулайбыта үһү.
Филипп Гоголев-Дьаам Силиибэ үс уоллаах: Ыстапаан биллиилээх партийнай, государственнай үлэһит, икки уол Сүөдэр уонна Ньыыкан церковнай-приходскай оскуоланы бүтэрбит оччотооҕуга додо курдук үөрэхтээх дьон.
Төрдүс түбэлтэ (П.С. Колтовской). Мальцев Тит Михайлович кэпсээнэ: «Мин, уоммуттан тахсыбыт уол, эт сии олорон сүөһү уҥуоҕар хардым. Ийэм ат сыарҕатыгар олордон, Кырыкыйга Аана эмээхсиҥҥэ таһаарда. Аана эмээхсиннээххэ тиийбиппитигэр, кини түптэ-түрүлүөн үрдүгэр түһэн, күөмэйбэр турбут уҥуоҕу ылла. Уонна эттэ: «Сөпкө дьаһанан, түргэнник киирэн, оҕоҕун өрүһүттэрдиҥ. Уһаабыта буоллар, оҕоҥ иэдэйиэ эбит», – диэтэ».
Бэһис түбэлтэ (Степан Сметанин). Тыайа олохтооҕо Никифор Степанов (Мэлтэр) эдэр сылдьан куртаҕынан улаханнык ыалдьыбыт. Бэйэтэ сүөһүлээх-астаах, кыанар ыаллар ахсааннарыгар сылдьар киһи эбит. Кини Мукучуга Алыһардаах диэн эмчит дьахтар сураҕын истэн, күһүөрү ыҥыыр атынан биир аты сэтиилэнэн айаннаан, билиҥҥи 1-кы Лүүчүҥҥэ тиийэр. Онно Алыһардаах удаҕаҥҥа хонор. Киэһэ аһыы олорон Аана этэр: «Тоойуом, бачча ыраах сиргэ эмтэнээйэбин диэн кэллэҕиҥ дии, бэрт ыараханнык ыалдьар оҕо эбиккин, ол кыайтарара-кыайтарбата биллибэт», – диир. Ол курдук хоммуттар. Сарсыарда чэйдии олорон Аана этэр: «Бачча дойдуга кэлбит киһини, хайдах мээнэ санааҕын боруостаабакка ыытыамый?! Онон хонон-өрөөн бар, киэһэ саҥаран-иҥэрэн көрүөм», – диэбит.
Күн ортотуттан ыла кыырарга бэлэмнэнэн барбыттар. Киэһэлик дьиэҕэ биир сытыы-хотуу сирэйдээх-харахтаах, турбут-олорбут эдэр киһи ойон киирэр. Ону көрөн Аана: «Тукаам, Борокуоппай, кутуруктаан көр», – диэбит. Бу Кылаан Борокуоппай эбит.
Кыырыан иннинэ Микииппэр ырба сылдьыахытын уһултарар уонна хаҥас диэки бэйэтин оронугар сытыарар, ыарыһах харахтарын былаатынан саба баайтарар. Ол эрэ кэнниттэн кэлэн ыалдьар сирин, иһин, имэрийэр. Ыалдьар сирэ бөлтөйө сылдьарын сөмүйэтигэр силлээн баран эргитэ тардыбыт. Ол кэнниттэн Микииппэри туруоран суол аанынааҕы ороҥҥо олордубут, атаҕын анныгар туос тордуйаны уурбут уонна олох хамнаабакка олор диэн сэрэппит. Бу эрэ кэнниттэн Аана кыырар. Кыыран иһэн тойон өһүө төрдүн диэки хантайан туран суордуур. Инньэ гынарын кытта, ыарыһах этин тымныы салгын охсор, онтон уһаабат били ыалдьар сирэ томтойо сылдьарын туһунан туох эрэ тымныы хаарыйар, ону кытта тэҥҥэ тордуйаҕа туох эрэ тохтор тыаһа иһиллэр. Аана ол кэнниттэн былаайаҕынан Микииппэри эргитэ тардар уонна уһаабат, кыыран бүтэр уонна этэр: «Дьэ аны утуй, ити ыалдьар миэстэҕин илиигинэн тутаайаҕын», – диир. Микииппэр утуйан хаалар, сарсыарда уһуктан били ыалдьар сирин имэринэн көрбүтэ – били бөлтөйө сылдьара суох буолбут, симэлийэн сүтэн хаалбыт.
Сарсыарда эмээхсин (Аана ити саҕана сааһырбыт этэ): «Тоойуом, дьэ баҕар, биир эмит сыл сылдьыаҥ, дьиэлээ», – диэбитэ үһү. Микииппэр баһыыбалаан, махтанан, манньатын сэтиилэнэн кэлбит атын хаалларан баран, дойдулуур. Дойдутугар Тыайаҕа кэлэн, били ыарыытыттан олох үтүөрэн, кырдьан баран өлбүтэ үһү.
Алтыс түбэлтэ (Лүүчүннэр биир бэркэ билэр киһилэрэ, Тыымпы олохтооҕо Дооско уола Уйбаан Еремеев 1954 с. Егор Никифоров диэн Бүлүү краеведыгар кэпсээбитин билиһиннэрэбит). Сурукка этиллэр: «Орто Бүлүү Кулуһуннааҕар олорор Еремеева диэн эдэр дьахтар (Дооско кыыһа) сөтөл өлүүгэ ыалдьыбыта. Оччолорго, сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар, эмтээһин суоҕа. Онон аҕабыыт оҕонньор Аана эмээхсини, Алыһардаах удаҕаны, ыҥырбыта. Кыыс бүтүн сылы быһа ыалдьыбыт буолан ырбыт, дьүдьэйбит көрүҥнээҕэ, сэниэтэ суоҕа, тугу да кыайан аһаабат этэ.
Алыһардаах ыҥырыыны ылынан кэлбитэ, ол эрээри кыырбатаҕа. Сэбиэскэй былаас ойууннааһыны кытаанахтык боппут кэмэ этэ. «Маннык ыарыыга абааһы суох буолааччы», – диэбитэ. Туох эрэ уһун туруупкалаах этэ. Ол туруупкатын кыыс көхсүгэр тирээн туран, хааннаах ириҥэни оборон ылан кыра чабычахха куппута. Мин санаабар кини итинник 4–5 төгүл оборо-оборо иһиккэ куппута уонна көрдөрөн баран ол туос иһитин уокка бырахпыта.
Хата кыыс итинтэн ыла үтүөрэргэ барбыта. Аана оборбут сиригэр кыра баас тахсыахтааҕар кытарбатах да этэ. Бу дьахтар 60 сааһын туолан, ыал ийэтэ, эбэтэ буолан баран өлбүт, кэнники хаһан да ыалдьыбатах.
Сэттис түбэлтэ (И. Мальцев). Уруккута батараак Тимофей Григорьев сэбиэскэй былаас сылларыгар урукку хаһаайыттарын үҥсэн, баайдарын былдьаан улаханнык байбыта. Былаастар «бассабыыктыы» санаалаах диэн кыра салайар үлэҕэ таһаараннар, удаҕаны, ойууну, бэйэтин да дьонун аанньа ахтыбат буолбута. Анна Дмитриевна саһылга сылдьар үөрэхтээх ыттааҕын ымсыыран былдьаан ылбыта, эмээхсини дэлби үөхпүтэ, суутунан куттаабыта. Кырдьаҕас киһи атаҕастатан улаханнык өһүргэммитэ.
Ол киэһэ Түмэппий хараҕынан ыалдьан олорор да, сытар да кыаҕа суох буолбута. Ыксаан Алыһардаахтан көрдөһүннэрэ инитин Сантайы ыыппыта. Кырдьаҕас удаҕан атаҕастаммыт киһитин эмтиирин аккаастаабыта. Түмэппий кэргэнэ Евдокия көрдөһө барбыта уонна эмээхсини тылын ылыннаран аҕалбыта. Ол түүн Иосиф Мальцев Түмэппийдээххэ хоно сытар этэ, онон кини барытын көрбүт. Аана киирээт: «Тоҕо ыҥырдыҥ?» – диэбит. Тимофей буруйун билинэн, бырастыы гынарыгар уонна эмтииригэр көрдөспүт. Ыты төннөрөрүн эппит. «Тоҕо саһыл булдугар барбатыҥ? Тоҕо хараххын баанныҥ?» – «Аана, булка барарга баҕалаах этим. Онтукам табыллыбата». Эмээхсин күүстээх куолаһынан: «Миигин кырыйда, хайдах баҕарар атаҕастыахха сөп дии санааҥҥын оҥордуҥ. Мин эдэрим буоллар итинник быһыыланыаҥ суох этэ. Акаары киһи байбыккын уйбаккаҕын, урут быстар дьадаҥыгын умнубуккун. Уруккута акаары дьадаҥы киһи байаҥҥын өссө акаарытыйбыккын, суобаскын, чиэскин барытын сүтэрбиккин. Оттон мин эдэр эрдэхпиттэн дьоҥҥо үчүгэйи оҥорорго кыһалларым. Бүгүн да ол санаабынан уонна кэргэниҥ көрдөһүүтүн ылынан кэллим. Эйигин аһынан буолбатах», – диэт, ытыһыгар силлээн баран, Тимофей чэчэгэйин үстэ охсубут. Евдокия эмээхсини чэйдэтиэн баҕаран остуолга ыҥырбытын аккаастаабыт. «Кыыһырбытым өссө да ааһа илик» диэбит уонна кыра манньа да ылбакка таҥнан тахсан барбыт. Тимофей өссө тоҕус күн ыалдьан баран үтүөрбүтэ.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?