Электронная библиотека » Сборник » » онлайн чтение - страница 6


  • Текст добавлен: 18 апреля 2024, 16:41


Автор книги: Сборник


Жанр: Документальная литература, Публицистика


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 6 (всего у книги 30 страниц) [доступный отрывок для чтения: 10 страниц]

Шрифт:
- 100% +
Дьайар күүһэ билигин даҕаны аҕыраабат

Улуу Удаҕан уу чуумпутук, биллибэккэ, уһун уутугар утуйбут. Ону араас кыыбаҕалаах дьон көстөн, араастаан киирэн-тахсан, уһун уутугар утуйа сытар Улуу Удаҕаны кыыһырдыбыт түбэлтэлэрэ эмиэ баар. Сэрии бүтүүтэ Дьокуускайтан ханнык эрэ археологтар дэнэр дьон Улуу Удаҕаны хостуу диэн соруктанан кэлбиттэр. Ону олохтоохтор сөбүлээбэтэхтэр, ким да сирдииргэ, ыйан биэрэргэ сөбүлэммэтэхтэр. Арай Степанида Колесова диэн икки оҕолоох эдэр, балыыһаҕа санитаркалыыр дьахтар сирдииргэ сөбүлэммит. Улуу Удаҕан уҥуоҕар тиийбэккэ эрэ, аара, уот оттон уоту аһаппыттар. Степанида уокка, Аананы эдьиийим диэн ааттыы-ааттыы, ас биэрбит. Онтон тута өйүнэн ыалдьан, мэнэрийэн ыһыллан турбут. Археологтар төннөллөрүгэр тиийбиттэр. Киэһэтигэр биир эмээхсин мэнэрийбит уонна Улуу Удаҕан аатыттан Степанидаҕа туһаайан: «Өссө аймаҕырҕаабыт буола-буола, өссө эдьиийим диэбит буола-буола. Миигин хостото ол-бу дьону таспыт буола-буола. Дьэ, хотуой! Мин эйигин булбатаҕым. Эн миигин буллуҥ. Онон дьэ, хотуй, оҕобун кытта кэпсэтэрим буолуо. Ону, дьэ, өйдөөн кэбис!» – диэбит. С. Колесова иирэн улаханнык ыалдьан, үтүөрбэккэ өлбүт. Ону Кучаҥҥа көмпүттэр. Икки оҕото, дьон буолан иһэн, эмиэ өлбүттэр.

Эмээхсин өтөҕүнэн газ турбатын аһарда сатаабыттара. Элбэх бульдозер алдьаммыта, биир киһи сааҕа дэҥнэммитэ. Газ турбалара боруоба кэмигэр өтөх таһынан бары дэлби тэппиттэрэ.

Турбалары таһар Ми-6 бөртөлүөт лүөччүгэ биир сарсыарда салалтаҕа эппит: «Аны мин көппөппүн. Утары уотунан умайар харахтаах эмээхсин көтөн кэлэр. Баттаҕа тыалга ыһылла сылдьар уонна миэхэ сутуругун көрдөрөр». Ону иккис лүөччүк: «Бабу Ягу еще придумал», – дии-дии күлбүт. Тиһэҕэр күлбүт лүөччүк көппүт, оттон биирдэрин сынньата ыыппыттар. Ол киһи көтөн истэҕинэ, бөртөлүөтэ намтаабыт уонна, биинтэтэ туора ыстанан, сууллан түспүт.

Сытар сирин таһыгар мас кэрдэн тигинээбит дьон «киэһэ аайы биир эмээхсин киирэн мөҕөр» диэн сотору атахтарынан куоппуттара. Улуу Удаҕан ыраас эйгэлээх, Аллараа дойдуга кыырбат, Үөһээ дойдуттан эрэ туттарыылаах буолан, дьиҥэр, улаханнык кэһэппэтэх, үксүн сэрэппит эрэ.

Оттон бу кэпсээни П.С. Колтовскайга Билгэ-Николай Лукич Игнатьев кэпсээбит. Биирдэ Николай Лукичтаах тэриллэн, дьахтардыын-эр киһилиин сүүрбэччэ буолан, тыалары кэрийэ гастроллуу барбыттар. Көлөлөрө таһаҕас массыыната эбит. Мукучуга кэлэн икки күн тура тэбинэн, биир испэктээги дүҥүрдээх-таймалаах, ойууннаах оонньообуттар. Иккис күнүгэр кэнсиэр көрдөрбүттэр. Икки күн тухары дьон кулуупка «лыык» курдук үһү. Онтон санаалара көтөҕүллэн, Мастаахха барар суолу тутуспуттар. Суол Аана эмээхсин өтөҕүнэн эргийэ барыы үһү. Николай Лукичтаах икки дүҥүрдээхтэр эбит. Дүҥүрдэрин иккиэннэрин бэйэлэрэ оҥорбут дьааһыктарыгар уган испиттэр. Эмээхсин өтөҕүн уҥуор тахсыыларыгар дьааһыкка угуллан иһэр дүҥүр тыаһаан, доргуйан барбыт. Ол икки дүҥүрдэртэн биирдэстэрэ Аана эмээхсин дүҥүрэ эбитэ үһү.

Төрдө-ууһа

Аҕатын өттүнэн сурукка киирбит түгэх өбүгэтинэн Бекчонон Кулакыев (1689–1780 сс.) буолар. В.А. Кондаков бу киһи Туоҕа Боотурдааҕы кытта кэлбит, чугас уруулара дуу эбэтэр буойун киһи сиэнэ дуу буолуохтаах диэн сабаҕалыыр. Бекчонон кэргэнэ, Телиги Быкрина, (1702–1784 сс.) Микита Мологоров кинээстиир Тоҕус (Тааһаҕар) буолаһын киһитэ Быкыры Тулааһынап кыыһа. Кинилэр түөрт уолу: Лэкэттэ (1730 с.т.), Сертеня (1735 с.т.), Жуль (1752 с.т.), Мекерек (1753 с.т.) төрөппүттэр. Кыыс оҕолоохторо биллибэт, баар да буоллахтарына, буоласка 1782 с. ыытыллыбыт биэрэпис иннинэ кэргэн тахсан, ревизия кинигэтигэр ааттара кииримиэхтэрин сөп. Улахан уол Лэкэттэ сүрэхтэнэн Василий Колтовской диэн буолбут. Кэргэнэ Катерина Васильева киниттэн 17 сыл балыһа бэлиэтэммит, биир дойдулааҕа Кутики Быкрин кыыһа диэн ыйыллыбыт. Соҕотох Иван (1785 с.т.) диэн уоллаахтар, түөрт кыыстаахтар: Анна (1772 с.т.), Дарья (1775 с.т.), Федосья (1778 с.т.), Хотуннур (1781 с.т.). 1795 с. ревизия кинигэтигэр кыргыттар ааттара киирбэтэх, бука эрэ кэргэн тахсан атын аҕа ууһун хаҥаттахтара. Уоллара кэргэн ылар сааһын ситэн олоҕун оҥостубут. Кэргэнэ Авдотья Егорова (1792 с.т.) ким кыыһа буолара, хантан төрүттээҕэ биэрэпистэргэ ыйыллыбатах. Оттон олохтоох үһүйээҥҥэ Уйбаан аатыгар Тукун диэн самалыктаан кэпсэнэр.

Уйбааннаах Огдооччуйа үс уол оҕону төрөппүттэр – Осип (1809–1815 сс.), Иван (1814 с.т.) уонна Дмитрий (1815 с.т.). Нэһилиэккэ 1816 с. биэрэпискэ итинтэн атын оҕолордоохторо суруллубатах. Эдэр дьон кэлин оҕоломмут да буолуохтарын сөп. Кырдьык, 1850 с. биэрэпис кэрэһилииринэн, Кэрчээһин Уйбаан (1816 с.т.) диэн уолламмыттар. Тукун Уйбаан уола Миитэрэй Евдокия Тимофеева (1815 с.т.) диэн кыыһы кэргэн ылбыт. Евдокия Тимофей Гаврилов диэн киһи кыыһа этэ. Миитэрэйдээх Евдокия түөрт уол, икки кыыс оҕону төрөппүттэр – Алексей (1839 с.т.), Тимофей (1854 с.т.). Иван (1854 с.т.), Николай (1858 с. биэрэпис кэнниттэн төрөөбүт), Татьяна (1841 с.т.), Анна (1848 с.т.).

Алыһардаах Удаҕан, Анна Дмитриевна Иванова, 1848 с. урукку истиилинэн кулун тутар 19 күнүгэр төрөөбүтүн туоһулуур миэтирикэтэ архыыпка харалла сытара көһүннэ. Аҕата Миитэрэй Иванов, ийэтэ Евдокия Тимофеева (сорох докумуоннарга араспаанньатын Ильина да диэн суруйаллар) диэн ити докумуоҥҥа суруллубут. Аана биһигин ыйаабыт сирэ Сааһаабыт. Сааһаабыт 2-с Лүүчүн Аһахтааччы учаастагын сирэ. Онон биэрэпистэр уот харахха этэ сыталлар эбит.

Мантан аллара В.А. Кондаков ахтыытыттан быһа тутан киллэрэбит: «Аана сүрдээх оттомноох, бөдөҥ-садаҥ киһи буолара кыра эрдэҕиттэн биллэр этэ. Бэрт кэрэ дьүһүннээх кыыс оҕо буола улааппыта. Аанаттан оруобуна 60 сыл балыс Иосиф Тимофеевич кини тас дьүһүнүн ойуулаан суруйтарбыта. Иосиф оҕонньор Аанаттан чугас сиргэ үөскээбит, кинини элбэхтик көрбүт киһи этэ. Аана 87 саастааҕар өлбүтэ докумуон быһыытынан дакаастанар, ол аата Иосиф 27 саастаах туруу эр киһи буолбутун кэннэ. Иосиф Мальцев кырдьыбыт Аана тас дьүһүнүн маннык ойуулаан хаалларбыта: «Улахан толуу көрүҥнээх. Икки миэтэрэ дуу, арыый кыайбат дуу үрдүктээх, онно сөп суон уҥуохтаах, бөдөҥ мүһэлээх харылаах, сүрдээх улахан илиилэрдээх эмээхсин этэ. Кэтит үрдүк сүүстээҕэ, киэҥ арылхай харахтааҕа, үрдүк кырыылаах, биллэ-биллибэт сүһүөхтээх муруннааҕа. Дьүһүнүгэр киһи булар омсото диэн айаҕа киэҥ этэ уонна аллара уоһа тэллэҕэрдиҥи соҕуһа. Эдэригэр бэрт сырдык, ыраас, кэрэ сэбэрэлээх эбит быһыылааҕа. Элбэхтик удаҕаннаабыт буолан, хаана-сиинэ сүрдээҕин дьэбидийбит этэ. Эдэр дьон кыайан кэпсэппэт этибит, ыйыттаҕына эрэ эппиэттиирбит. Кырдьаҕас дьон да бэркэ дьулайа-дьулайа кэпсэтэллэрэ. Тугу эмэ сыыстара, омсолуу иһиттэҕинэ, хараҕын кырыытынан кынчарыйар курдук көрөр идэлээҕэ. Хараҕа киэҥэ да, сытыыта да дьулаана бэрдэ. Аргыый көллөҥнөөн хаамара (кырдьан буолуо. – В.К.), олус дуоспуруннаахтык туттара. Саҥардаҕына тыла-өһө киттиэннээх, саҥата-иҥэтэ наһаа ньиргиэрдээх этэ. Хайдах эрэ көхсүн иһиттэн кирдьигинээн тахсар бөдөҥ куоластааҕа».

Буоккалаах уола Прокопий Прокопьев эмиэ Аананы көрбүт, кэлин, Аана өлөрө үс хонук иннинэ, ийэтин илиитэ көрөр буолбутун эмтэппит киһи, Аана дьүһүнүн: «Кырдьыбытын кэннэ көрбүтүм. Үрдүк, көнө уҥуохтаах, толору эттээх-сииннээх дьахтар кырдьыбыта этэ. Дьэ, арылы дьэргэлгэн киэҥ уоттаах харахтааҕа. Хараҕа, кырдьыбытын да кэннэ, сытыы этэ. Сырдык, ыраас хааннаах, бэрт үчүгэй дьүһүннээх дьахтар кырдьыбыта көстө-биллэ сылдьара», – диэн ойуулаабыта.

Аана оҕо сааһа кыһалҕата суох ааһан, сүрдээх мааны, дьон барыта хараҕа иҥнэр кыыһа буола улааппыта. Сэһэҥҥэ кэпсэнэринэн, Миитэрэйдээх Огдооччуйа ыал улахан оҕолоро буолан атын сирдэринэн тарҕанан олохсуйбуттара. Аана улаатан эрдэҕинэ, быраата Холохоно Ньукулай кыратыгар аҕалара Миитэрэй өлөн, бу дьон тулаайах хаалбыттара. Сотору Аана биллибэт ыарыыга ыалдьан хаалбыт. Огдооччуйа аймаҕыттан Микииппэр кинээстэн, Никифор Николаевтан, көрдөспүт. Никифор Лүүчүҥҥэ 1865–1866, 1875–1876, 1879–1880 сс. кинээстээбитэ, 1851–1854, 1859–1861 сс. Орто Бүлүү улууһугар кулубалаабыта, оттон 1840–1844 сс. быыбарынай кулуба этэ. Дьэ, улахан үлэһит киһи диэтэҕиҥ! Микииппэр эдьиийигэр Огдооччуйаҕа, сиэн балтыгар Аанаҕа элбэхтик көмөлөспүтэ, бэйэтигэр олордубута. Аана удаҕан буолаары ыалдьарын билэн, Огдооччуйалыын сүбэлэһэн баран, Хаарпа ойууну уонна кутуруксутун Уллук Уйбааны кыырдарбыттара. Бастакы түүннэригэр Аллараа дойдуга түһэн кыыра сылдьыбыттар. Онтон бэрт түргэнник төттөрү ойон тахсан, бастакы уонна иккис түүннэригэр Үөһээ дойдуга тоҕус олох тухары кыырбыттар. Үс түүн кыыран баран, Хаарпа ойуун: «Үөһээттэн туттарыылаах удаҕан буолуоҕа. Орто дойдуга эмиэ хабааннаах. Оттон дьэ аллараа дойдуга суох эбит. Онно кыырар анала суох. Биир кыыс оҕо сырыытын сылдьыыһы. Билигин да суолу билэрэ буоллар, иннибитигэр түһэ сылдьыах эбит. Билигин Дохсурума удаҕан диэн ааттанар. Үөһээ дойдуга Иэйэхсиккэ, Айыыһыкка, Күрүө Дьөһөгөйгө, Ала Мылаҥсыҥҥа барыларыгар тиийэр алгыстаныа. Кэлин аата-суола аан дойдуга тарҕаныа, суон сураҕа иһиллиэ», – диэн баран Хаарпа ойуун Аана төбөтүгэр силлии-силлии имэрийбит. Аана ойуун алгыһын үүт түһэрэн иһэрэ эбитэ үһү. Хаарпа салгыы алҕаан-домноон баран: «Оҕом Аана, дьиҥнээх оҕо бэйэҕиттэн кэлэр тускута суох буолаахтыырыҥ буолуо диэн көрүүлэнним», – диэн эппит.

Аана бастакы кэргэнэ А.И. Эверстов суруйарынан, Лүксүгүнтэн Булҕаһа Дьаҕарах кыра уола Акыым Дьөгүөрэ Ньылбай Ыстапаан диэн убайдааҕа ыйыллыбыт. Тыайаҕа ыытыллыбыт биэрэпистэри кытта тэҥнээн көрдөххө, Булҕаһа Дьаҕарах – Булугас-Гаврило Яковлев (1783 с.т.) буолан таҕыста. Кэргэнэ Анна Егорова (1800 с.т.), Степан (1834—10.02.1908 сс.), Егор (1846 с.т.) диэн ааттаах уолаттардаах эбит. Кэлин араспаанньалара Докторовтар диэн буолбут. Архыып докумуона кэрэһилииринэн, Акыым Дьөгүөрэ өлбүтүн кэннэ, 1888 с. урукку истиилинэн тохсунньу 31 күнүгэр Аана Кырыкый киһитигэр Николай Павловка-Сыгынньах ойууҥҥа (1853 с.т.) кэргэн тахсыбыт. Эр киһи 35-тээҕин ыйбыттар, оттон Аананы 37-лээх огдообо диэн тоһоҕолоон бэлиэтээбиттэр. Кинилэри таҥара үлэһитэ Иван Винокуров сиэри-туому толорон бэргэһэлээбит, Иван уонна Спиридон Ивановтар туоһу буолтар. Сыгынньах ойуун иитиллибитинэн толору аата Николай Павлович Борисов. Онон да буолуо, 1927 с. Бороҕон нэһилиэгэр ыытыллыбыт демографическай биэрэпискэ (НА РС(Я). Ф.70. Оп.38. Д.500) Аана араспаанньатын Борисова диэбиттэр. Оччотугар кини толору аата Анна Дмитриевна Борисова диэн буолан тахсар. Ити араспаанньата киниэхэ сыстыбатах, кэлин Павлова диэн сурукка киллэрэр буолбуттар.

Алыһардаах Удаҕан бэйэтиттэн оҕото суох. Икки оҕону ыалтан ылан ииппитэ биллэр. Ииппит кыыһа Даарыйа Кучан олохтооҕор Кылаан Борокуоппайга-Прокопий Прокопьевич Михайловка (1884 с.т.) кэргэн тахсан, 1927 с. биэрэпис (НА РС(Я). Ф.70. Оп.38. Д.221) кэрэһилииринэн, үс оҕолоох: Петр (1914 с.т.), Прокопий (1925 с.т.), Евдокия (1921 с.т.). Кучантан төрүттээх Прокопий Иннокентьевич Саввинов кэпсээбитинэн, Кылаан Борокуоппай оҕолоро Прокопий уонна Евдокия Кэбээйигэ олохсуйбуттар. Ииппит уола Иван Михайлович Борисов аҕата Мэхээт (Мукучу), ийэтэ кимэ биллибэт. Араспаанньатын биэрэн бэйэтин үйэтиппит. И.М. Борисов оҕолоруттан Степан сылгыһыт этэ, кэргэнэ аатырбыт олоҥхоһут Куоҕас Уйбаан кыыһа Дуунньа, уон оҕолоохтор. Иккис уола Иван Иванович – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Үһүс уол Алексей биллиилээх механизатор этэ. Билигин Баҕадьанан, Мукучунан, Дьокуускайынан Борисовтар диэн аҕа ууһа, халыҥ аймах үүнэн-үөскээн, эдьиийбит Аана араспаанньатын халыҥата сылдьаллар. Өссө да үүнүөхтэрэ-сайдыахтара турдаҕа.

Алыһардаах Аана хаһан өлбүтэ чопчу биллибэт. С.С. Ионов суруйбутунан, Кучаҥҥа ииппит кыыһыгар Даарыйаҕа, күтүөтэ Кылаан Борокуоппайга олорон үтүмэн сылларга өлбөт-сүппэт үйэлээх өйдөбүлү хаалларан, 1933 с. саас кулун тутар ыйга өлбүт. Саха сирин киэҥ киэлитигэр аата-суола киэҥник тарҕаммыт, уос номоҕо буолбут Алыһардаах Аана көмүс уҥуоҕа кэргэнин өтөҕүттэн чугас сытар Дьэҥкэ күөл хоту өттүнээҕи тиит, харыйа былааһыктаах лиҥкир тиит тумуһахха оҕонньорун Сыгынньах ойуун, быраатын Холохоно ойуун аттыларыгар сэргэстэһэ хараллан сытар. Мэҥэ тааһыгар хараҥа халлаан күөхтүҥү хара кыраасканан «Здесь покоится инородка Вилюйского улуса Павлова Анна» диэн суруллубут.

Олохтоох үһүйээннэргэ Сыгынньах ойууну ааттаах-суоллаах Нээтийэ ойуунтан тымыр-сыдьаан тардан иһэр диэн кэпсэнэр. Ол төһө оруннаах эбитий? Ити боппуруоска эппиэттээри Нээтийэ Лүүчүҥҥэ олохсуйбут уолун Кюртя (Кортя), Павел Максимов (1758 с.т.) салаатын эридьиэстиибит. Ийэтэ Тыайаттан Сытыкыйа Илбянев кыыһа Татьяна Афанасьева (1713 с.т.) кинини 45 саастааҕар төрөппүт. Павел кэргэнэ Эркя Кысалгина-Агафья эриттэн 13 сыл аҕа, хантан төрүттээҕэ суруллубатах. Архыып докумуоннарын үөрэтии түмүгэр Эркя-Агафья Кэбээйи Левиннэрин ытык өбүгэтэ буолбут Кысалга Бархагаров кыыһа буолара чуолкайданна. Кини туһунан 2012 с. Дьокуускайга тахсыбыт «Лүүчүннэр. Аймахтары анаардахха, уруулары сурастахха» кинигэҕэ киирбит «Лиэбиннэр» диэн ыстатыйаттан билсиэххэ сөп.

Павел Максимовка төннөбүт. Биэс оҕолоохтор: Кэрэмэс Саппырыан (1789 с.т.), Петр (1795 с.т.), Сымнаҕас (1791 с.т.), Дария (1796 с.т.), Татьяна (1800 с.т.).

Кэрэмэс кэргэнэ Елена Павлова (1789 с.т.) биэрэпистэргэ киирбит биир уоллаахтар – Феофан (05.12.1822 с.т.). Иккис уоллара – Федор (05.12.1823 с.т.), миэтирикэтэ көһүннэ эрээри, 1850 с. ыытыллыбыт биэрэпискэ аата киирбэтэх, арааһа эдэр сааһыгар өлбүт бадахтаах. Феофан (Софрон) кэргэнэ Мария Егорова (1823 с.т.), оҕолоро: Иван (1852 с.т.), Иван (1854 с.т.) уонна Ульяна (1844 с.т.). Бу салааны манан муҥурдаан кэбистибит.

Иккис уоллара Петр Павлов Евдокия Павлованы (1801 с.т.) кэргэн ылан үс уолламмыттар: Михаил (09.12.1828 с.т.), Петр (1830 с.т.), Ефим (05.1836 с.т.) Михаил Петрович кэргэнэ Екатерина Григорьева (1830 с.т.), уолаттара – Иван (1852 с.т.), Иван (1853 с.т.).

Михаил Петрович иккис Уйбаанын (1854 с.т.) утумун үөрэтэбит. Кэргэнэ Матрена Николаева (1857 с.т.), оҕолоро: Прокопий (1876 с. т), Федот-Мутумаан (10.07.1892 с.т.), Феодор (15.01.1895 с.т.), Григорий-Мандарааскы (20.06.1899 с.т.). Бу оҕолоруттан Прокопий уонна Феодор оҕолоохторо биллибэт. Федот кэргэнэ Мария Ионова, оҕолоро: Василий (1920 с.т., ууга түһэн өлбүт), Степан (1927 с.т., ыалдьан өлбүт), Мария (Намнар кийииттэрэ, оҕолордоох). Мандарааскы Киргиэлэй кэргэнэ Даарыйа, соҕотох Афанасий диэн уоллаах.

Петр Павловтаах кыанар ыал буолан түөрт уолу: Бүөтүрү (1814–1856 сс.), Феофаны (1830 с.т.), Ньукулайы (1831 с.т.) уонна Дьөгүөрү (1832 с.т.) ииттибиттэр. Саастарынан сэдиптээтэххэ, үс кэнники уол биир ыал оҕолоро быһыылаахтар. Бу оҕолоруттан, нэһилиэккэ 1858 с. ыытыллыбыт биэрэпискэ суруллубутунан, Ньукулай эрэ олоҕун оҥостубут. Кэргэнэ Аана ким кыыһа, хантан төрүттээҕэ ыйыллыбатах. Ньукулай 1854 с. төрөөбүт сүрэхтэнэ илик диэн уоллаах. Бу уол Сыгынньах ойуун-Николай Николаевич Павлов буолара чуолкайданна диэххэ сөп. Аны кинилэр 1897 с. биэрэпискэ 2-с Лүүчүн Хайыҥдатыгар олороллоро ыйыллыбыт. Н.М. Спиридонов суруйарынан, өтөхтөрүн онно баар. Хайыҥдаттан Сыгынньах ойуун өлүөн иннинэ кинилэр Кырыкыйга Нээтийэ өтөҕөр көспүттэр. Туһугар эмиэ дьикти буолла: Николай Павловы Нээтийэ ойуунтан тымыр-сыдьаан тардан иһэр диэн кырдьаҕастар кэпсииллэрэ булкуурдаах буолан таҕыста. Иитиллибитинэн араспаанньата Павлов буолбутун өссө биирдэ тоһоҕолоон бэлиэтиибит.

Манна даҕатан Аана ийэтэ Огдооччуйа кимтэн тымыр-сыдьаан тардарын үөрэтэбит. Кини эһэтэ Беколтя Чокобутов (1720 с.т.) сааһыран баран олоҕун оҥостубут, Желак (Чалак) Омоносов кинээстиир Тыайа буолаһыттан Омонос Чачигын диэн дьикти ааттаах киһи кыыһын Хомолто Омоносованы (1740 с.т.) сүгүннэрэн аҕалбыт. Кинээс балта быһыылаах диэн сабаҕалыахха сөп. Сурукка киирбитинэн биэс оҕоломмуттар. Олортон иккитэ уол: Тортук-Тимофей Гаврилов (1776 с.т.), Неко-Афанасий Васильев (1787 с.т.) уонна үһэ кыыс – Кылчаҕар (1772 с.т., Тыайа Молжос Даилкин кэргэнэ), Оппогор (1774 с.т., Мукучу Күүстээх Көстөкүүн уолун Тигилээн-Василий Жирков кэргэнэ), Кыбчырах (1779 с.т.).

Беколтя Чокобутов оттуур ходуһата Дьөһүөнэҕэ баар эбит. Бу сир аатын билигин билэр киһи баара көстүбэтэ. Муоһай аҕатын ууһун сирэ эбитэ дуу, эбэтэр аата умнуллубута дуу? Тортук-Тимофей Гаврилов кэргэнэ Аана (1779 с.т.) ким кыыһа буоларын биэрэпискэ ыйбатахтар. Оҕолоро: Акулина (1806 с.т.), Авдотья (1807 с.т.), Николай (22.11.1810 с.т.), Авдотья (1811 с.т., Алыһардаах Аана ийэтэ), Федор (1813 с.т.), Анна (09.01.1814 с.т.), Дария (10.06.1821 с.т.), Иван (12.07.1824 с.т.). Кыра Огдооччуйа кэргэнэ Дмитрий Иванов (1815 с.т.), оҕолоро: Алексей (1839 с.т.), Татьяна (1841 с.т.), Тимофей (1842 с.т.), Анна (19.03.1848 с.т.) уонна Иван (1853 с.т.) диэн үөһэ суруйан турабыт.

Аана быраата Тимофей Дмитриевич Иванов Владимир Алексеевич Кондаков хос эһэтэ буолар. Кини Анна Алексеева диэн кыыһы кэргэн ылан, 1876 с. тохсунньу 1 күнүгэр (урукку истиилинэн) кини эбэтин Кэтириинэни төрөппүттэрэ (аҕатынан эбэтин) докумуоннарга сурулла сылдьар. Эһэтэ Иван Николаевич Кондаков-Андалбаһын Уйбаан (01.08.1862 с.т.) Кэтириинэлиин оҕолоро: Михаил-Тэллэмэй, Евдокия (ийэтинэн эбэтин аата), Парасковья (аҕатынан эбэтин аата), Екатерина, Алексей-Дар (09.01.1905 с.т.) – Владимир Алексеевич аҕата.

Эдьиий Аана кыра быраата Холохоно Ньукулай, нэһилиэккэ 1897 с. ыытыллыбыт биэрэпискэ суруллубутунан, Хайыҥдаҕа олороро бэлиэтэммит. Кэргэнэ Анна Никифорова киниттэн 20 сыл аҕата ыйыллыбыт, оҕолоро суох. Кыраайы үөрэтээччи, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Н.М. Спиридонов кэпсээбитинэн, Холохоно 1930 с. диэки кыһын өлбүтүн эдьиийэ Аана Дьэҥкэҕэ кэргэнин Сыгынньах ойуун таһыгар уҥуоҕун туттарбыт.

Аана ийэтинэн чугас аймахтара – Дыыдый удаҕан-Алексеева Мария Васильевна, кини уола Эллээһэп ойуун-Григорьев Григорий Афанасьевич, Аянитовтар, Каратаевтар, Макаровтар, онтон аҕатынан аймахтара – Сымаҕыйаан Аана удаҕан, норуот талааннаах эмчиттэрэ Е.С. Лиханова, Ф.И. Кобякова– Эдьиий Дора, Т.А. Никифорова-Тайаана, 2-с Лүүчүн Егоровтара, Михайловтара, Баҕадьа Афанасьевтара буолаллар.

А.А. Павлов, М.П. Григорьев
Айыы ойууна Тумус Мэхээлэ

Орто Бүлүүгэ тиийэн олохсуйбут, ытык хаҥаластарга үөскээбит, сэбиэскэй былаас кэминээҕи бүтэһик Айыы ойуунун Михаил Захарович Игнатьев-Тумус Мэхээлэ туһунан кэпсээн aahap хайаан да наада. Бастатан туран, Тумус Мэхээлэ кимтэн кииннээх, хантан хааннаах, туох-ханнык майгылаах-сигилилээх, хайдах тас көстүүлээх киһи этэй уонна төрөөбүт сиригэр-уотугар, дьонугар-сэргэтигэр туох үтүөлээҕий диэн боппуруостары кэпсэтэн ааһыаҕыҥ. Манна сыһыаран, кини ойуун быһыытынан туох уратылааҕай, тоҕо кинини Айыы ойууна диэн улаханнык ытыктаан ааттыылларай диэн өйдөбүллэри эмиэ быһаарарга кыһаллыаҕым.

Тумус хаан-уруу буолбакка, иитиллибитинэн төрүтэ Каракан Петриков диэн аатынан нуучча докумуоннарыгар киирбит, 1765 с. төрөөбүт киһи этэ. Сахалыы эттэххэ, Бэтирик уола Хара Хаан диэн буолан тахсар. Бу киһи христианскай сүрэхтэниини ааһан Яков Николаев диэн ааттанар. Оттон дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибит аата Дьаакып ойуун диэн. Бүлүүлэр уонна лүүчүттэр ойууну «ойун» дииллэр. Дьаакып улахан эмчит уонна инникини өтө көрөр ойуун этэ. Кини Куба Сиэбит диэн сиргэ Хоту Мундуҥдаҕа үйэтин тухары ыал буолан олорбута, икки уол уонна икки кыыс oҕону төрөппүтэ. Дьаакыптаах барыта сэттэ бииргэ төрөөбүттэр этилэр. Кинилэр бары үтүө-мааны ыал буолбуттара. Дьаакып кэргэнэ Анна Кононова Бастакы Toҕуc аатырбыт күүстээх киһитэ Куонаан Оконнеев кыыһа этэ.

Дьаакып ойуун бэрт сымнаҕас киһи эбит. Былыргы дьон бары кини сымнаҕаһын, кими да кытта иирсибэтэҕин, киһини, сүөһүнү сиэбэтэҕин, алдьаппатаҕын кэпсииллэрэ. Кэлин кини уҥуоҕун ортотуттан дьоһуннаах тиит үүнэн тахсыбыт. Дьаакып, apaaha, Айыы ойууна эбит диэн сабаҕалыахха сөп. Бу боппуруоска кэлин өссө төгүл төннүөхпүт.

Оҕонньор биир уола Сөҕөөмө Бөҕө диэн улахан күүстээх киһи үөскээбит. Apaaha, эһэтин Куонаан Оконеевы баттаҕа диэн буолуон сөп. Сөҕөөмө Бөҕө сүрэхтэнэригэр Игнатий диэн ааттаммыт. Кини 1789 с. төрүөх киһи, аатырбыт Бөҕө Байбалтан тоҕус сыл аҕа. Онон, apaaha, икки күүстээх киһи билсиһэр буолуохтарын сөп. Сөҕөөмө Бөҕө-Игнатий Катерина Васильева диэн кыыһы кэргэн ылбыта. Хомолтото диэн бу дьон оҕоломмотохтор. Дьэ, ол иһин кинилэр Сахаар (Захар) диэн 1825 с. төрөөбүт уол oҕону ииппиттэр. Дьон Захары Быыттыйы-Сэмэн Петров диэн киһини кытта уруулуулар дииллэр эбит. 1858 с. биэрэпискэ Сэмэн Петров, Петр Павлович Телеутов ииттэр уола диэн суруйбуттар. «Телеутов диэн нуучча киһитэ Лүүчүҥҥэ саха дьахтарын ойох ылан Захары уонна Семены төрөппүттэр. Олору үчүгэй ыалларга ииттэрэ биэрбит буолуохтаахтар. Өскөтүн кэргэнэ нуучча дьахтара эбитэ буоллар, оҕолорун ииттэрэ биэрбэт», – диэн чинчийээччи, наука кандидата Марк Петрович Григорьев сылыктааһынын киһи ылынар. Манна биир сүрүн, киһи ылынар бэлиэтинэн бу Захар уонна Семен ыччаттара букатын дьиҥнээх нууччалыы дьүһүннээх бaahынaйдap этилэр диэн кэпсэлгэ хаалбыт.

Игнатий-Сөҕөөмө Бөҕө бу Захары ииттэн оҕо оҥостор. Кэлин кинини Кыдаҥ Сахаар диэн ааттыыллар. Кыдаҥ Сахаар Мария Ивановна Максимова диэн кыыһы кэргэн ылан аҕыс оҕону төрөтөр. Олор ааттара уонна төрөөбүт кэмнэрэ маннык: Николай – төрөөбүт даатата көстүбэтэ, Семен – 1854 с., Егор – 1856 с., Варвара – төрөөбүт даатата көстүбэтэ, Мария – 14.12.1863 с., Михаил – 19.08.1861 с., Василий – 06.04.1864 с., Петр – 15.07.1867 с. Дьэ бу дьонтон атырдьах ыйын 19 күнүгэр 1861 с. төрөөбүт Михаил диэн оҕо кэлин аатырбыт Тумус Мэхээлэ диэн Айыы ойууна буолбута. Оттон муус устар 6 күнүгэр төрөөбүт Василий диэн оҕо эмиэ аатырбыт ойуун буолбута. Кини бэл Улуу Аананы төрөтөн, Суор уолун аҕатыгар, Хахсааттыыр Хара Суоруҥҥа, үтэйбитэ. Кини Сонтуорка ойуун диэн ааттааҕа. Омук төрүттээх буолан бука муруна үрдүк, сонтоҕор эбитэ буолуо. Сонтохо Ньукулай диэн ааттаах киһи Бүлүү Дьөккөнүгэр эмиэ үөскээн, олорон ааспыта.

Итинник чуолкайдаатахха, Тумус Дьаакып ойуунтан да, Сөҕөөмө Бөҕөттөн да утум хаана суох киһи. Кини ийэтэ Лүүчүн дьахтара. Оттон Сөҕөөмөҕө иитиэх oҕo буолар. Тумус Мэхээлэ Лүүчүн кэнники ойууннарыттан туспа ураты миэстэни ылар, анал дьикти Айыы суоллаах улахан ойуун этэ. Кини былыргы ытык өбүгэлэрин Улуу Айыы ойууннарын Лүксүрээни Ойууну, Дуоҕа Боотуру дьиҥнээх утумнааччы, кинилэр үтүө суолларын салҕааччы буолар. Эрдэ этиллибитин курдук, Дьаакып ойуун дьиҥнээх Айыы ойууна буолара саарбаҕа суох. Apaaha, кини идэтин салҕааччы оҕолорун истэригэр баар буолуон сөп. Дьэ ол киһи Тумус Мэхээлэни Айыы ойууна буоларга үөрэппит быһыылаах. Айыы ойууна үөрэнэр, кини уһуйуллубат. Уһуйуу диэн хара эйгэлээх тыл диэн этэ сатаан кэбистим. Ону баара, педагогтарбыт кытта оҕолору уһуйабыт дии сылдьаллар. Өйдөөн кэбиһиҥ: Айыы эйгэлээх барыта үөрэтэр. Холобура, хотой оҕотун үөрэтэр, мохсоҕол оҕолорун үөрэтэр, кус оҕолорун үөрэтэр. Уһуйар диэтэххитинэ ыар аньыылаах өйдөбүл тахсан кэлэр. Оттон абааһы эйгэлээх оҕотун уһуйар. Холобура, суор оҕотун yhyйap, бөрө оҕотун уһуйар уо.д.а.

Эбиитин Мэхээлэ айылҕаттан ураты дьоҕурдаах киһи буолан, Айыы ойууна буоларга бэрт түргэнник үөрэммитэ. Онуоха аптаах-хомуһуннаах, уус-уран тыллааҕа улахан көмө буолбута. Аны билигин хайдах дьүһүннээх-бодолоох киһи этэй диэн кэпсэтиэҕиҥ. Мэхээлэ бэрт улахан, көбүс-көнө уҥуохтаах, күүстээх-уохтаах көрүҥнээх, кэтит сарыннаах, куударалаах хара баттахтаах, сулардыы бытыктаах, киэҥ, дириҥ харахтаах, сырдык, ыраас сэбэрэлээх, эдэригэр бэрт кырасыабай киһи этэ. Кини тас көрүҥүн ойуулаан хаалларбыт сэһэнньиттэр элбэхтэр. Олортон сорохторун кэлин ахтан ааһыахпыт. Ол аата Тумус Мэхээлэ атын омуктан эбии хааннааҕа тас көрүҥэр көстө сылдьара. Кини дьон-сэргэ ытыктыыр киһитэ этэ. Бэрт өйдөөх-санаалаах, эйэҕэс, кыаммакка-кыраҕа, оҕоҕо-дьахтарга, кырдьаҕастарга бэрт үтүө сыһыаннааҕа.

Мэхээлэ Ирина Иванова диэн кыыһы кэргэн ылан, үс уол оҕону төрөппүтэ. Олору аҕыннахха маннык: Софрон – 01.03.1891 с.т., Алексей – 1892 с.т., Федот – 10.05.1894 с. төрөөбүттэр. Маны таһынан хас да атын дьахтарга оҕолоох диэн биир дойдулаахтара быһаараллара. Холобур, Сис Миитэрэйэ диэн киһи. Бу киһи Киччэҥинэн, Түөрт Уон Арыыларынан бултаан сылдьыбыт. Онон дойдутугар ыытыллар биэрэпистэргэ киирбэтэх. Кэлин дойдутугар кэлэн Тыымпынан, Мундуҥданан, Баҕадьанан олорбут. Николай, Бүөтүр Михайловтар диэн икки уоллааҕа. Тумус Мэхээлэ аатынан уолаттарыгар фамилия биэртэлээбит. Ол аата Миитэрэй аҕатынан Тумус Мэхээлэни билинэр эбит. Иккис, Тумуска күтүрэнэр киһинэн, Сынтаа Дьөгүөр-Егор Алексеевич Иванов эбит. Сынтаа Дьөгүөр Тумус Мэхээлэ Мария Васильеваттан уола эбит. Өссө «Мэхээлэ уола» дэнэр киһинэн Бүлүү Бороҕонугар төрөөн-үөскээн ааспыт Сулар Ойуун-Сулар Ыстапаан буолар. Ол туһунан сээркээн сэһэнньит Иосиф Тимофеевич Мальцев маннык кэпсээбит: «Хаппай кыыһа Ыстапаанньыйа кыыс дьахтар эрдэҕинэ, Бастакы Лүүчүн улахан ойууна Тумус Мэхээлэ оҕо оҥорон турар, ол оҕо кэлин улаатан Ыстапаан-Сулар Ойуун диэн ааттаммыта. Сулар көстөр дьүһүнүнэн Тумус ойуун курдуга дииллэрэ. Тумус Мэхээлэ көстөр дьүһүнүнэн олус улахана, күүстээҕинэн биллэр киһи эбитэ үhү. Баҕадьалар Сулар Ыстапааны «биһиги сиэммит» дииллэрэ. Ыстапаан кэнники кэргэнэ Дьапта Кыыһа диэн этэ, оттон манна Бороҕоҥҥо Биэрэ диэн кыыһа баар. Бастакы кэргэниттэн Ойуунускай-Дарбыдыанап Өлөксөй төрөөбүтэ». Иосиф Тимофеевич Мальцев 2-с Лүүчүнтэн Бүлүү Бороҕонугар көһөн олохсуйбута. Кини ити Сулар Ыстапаанныын саастара кыратык уратылаһар, биир көлүөнэ дьон буолуохтаахтар. Иосиф Тимофеевич Сулар Ыстапааны да, Тумус Мэхээлэни да көрбүт киһи буолуохтааҕын хараҕа суох хаалан, бу дьон тас дьүһүннэрэ майгылаһарын дьон этэринэн эрэ «дииллэрэ» диэн кэпсиир. Онон Айыы ойууна Тумус Мэхээлэ элбэх ыччаттардаах, дириҥ силистээх, Аан Дойдуттан айдарыылаах, Үөһээ Аар Айыылартан анатыылаах, Орто туруу бараан дойдутугар бигэ ыйаахтаах дьиҥнээх Айыы бухатыырын курдук киһи этэ. Ону инники кэпсэлбитигэр быhaapa сатыахпыт.

Мэхээлэ элбэхтик Үөһээ Аар Айыыларга үҥэрэ-сүгүрүйэрэ, Сирдээҕи Үтүө иччилэри, бэйэтин көмөлөһөр күүстэрин Аал уокка айах тутан ыҥырар уонна дьону-сэргэни, Ийэ Айылҕаны эмтиирэ, алгыыра. Ол аата кини былыргы Улуу Айыы ойууннарын курдук үс түһүмэхтээх Алгыһы уонна эмтээһини ыытара. Билигин Саха сиригэр манныгы, бу суруйа олорор киһи, мин эрэ ыытабын. Сотору үөрэнээччилэрим эмиэ ыытар буолуохтара.

Кини Орто Бүлүү улууһун улахан ыһыахтарын, урууларын, түмсүүлэрин, тутууларын алгыыра. Кини бириэмэтигэр киниэхэ тиийэр Алгысчыт cyoҕa. Үтүөкэннээх тас көстүүлээх, бөдөҥ-садаҥ, сүрдээх кырасыабай, дорҕоонноох, сөҥ кэрэ куоластаах, үтүөкэннээх тойуктаах Тумус Мэхээлэ үрүҥ таҥаһы кэтэн, элбэх чуорааннаах, хоболоох дьалбыырын өрө тутан, күннүү төгүрүк дүҥүрүн ылан, бар-дьонун иннигэр тахсан Үөһээ Аар Айыылары ааттаталаан Алгыс алҕаан бардаҕына, оччотооҕу дьон им-дьим баран иһийэн туран истэллэрэ, Ийэ Айылҕа, Аан Дойду барыта кини Алгыһын истэн дуоһуйаары гыммыттыы налыйаллара, Үрүҥ Күн үөһэ ойоро, Үруҥ Аар Тойон үөһэттэн, үрдүктэн көрөрө, уу чуумпу, улуу нуһараҥ Орто Дойдубар сатыылыыра, Айыы күүһэ арылы көмүс сарыал буолан Айыы дьонун бүрүйэрэ, араҥаччылыыр күүс арылыччы сырдыыра, Аламай маҥан Халлааммыттан Аар Айыылар айхаллара кэлэрэ, абырыыр күүстэрэ Алгыһынан кутуллара. Умнулла быһыытыйан эрэр Аар Айыы итэҕэлин үөһэ тардар, үрдүккэ сайыннарар, үтүө тылы этэр кэмигэр кыра, кыыбаҕа ойууннар кыбыччы туттан кылыылара хамсыыр, алгыыр кэмигэр үс хос туос анныгар киирэн cahap киһилэрэ этэ бу Тумус Мэхээлэ. Киниттэн атын ойууннар чаҕыйаллара, сорохторо ытыктыыллара. Дэлэҕэ Улуу Аана-Анна Иванова кини алгыһын истэн баран «үчүгэйдик да алгыыр эбит» диэ дуо?

Орто Бүлүү киинигэр Хампаҕа таҥара дьиэтэ тутуллар буолбута. Улууска Дьөккөн киһитэ Михаил Павлович Протопопов-Тооромос кулубалаан олорон, таҥара дьиэтэ тутуллар миэстэтин булан, ону сахалыы алҕатан туттарарга быһаарыммыта. Хас да ойууну ыҥыран миэстэтин талларан алҕатан көрбүтэ да, табыллыбатаҕа. Дьиэ тутаары, акылаатын түһэрээри хаспыттарыгар барытыгар киһи уҥуоҕа тахсан испитэ. М. Протопопов ыксаан 1-кы Лүүчүҥҥэ Мундуҥда диэн сиргэ олорор Айыы ойуунун Тумус Мэхээлэни-Михаил Захарович Игнатьевы алҕата ыҥырбыта. 1897 с. сайын, Лүүчүнтэн талыллыбыт быыбарынай кулуба Иван Егоров арыаллааһынынан Мэхээлэ таҥара дьиэтин тутуллар миэстэтин уонна акылаата түһүүтүн алгыы Xaмпаҕа кэлбитэ. Кэлэн сири-уоту үчүгэйдик чинчийэн көрбүтэ. Уу aahap кyohaaҕын apҕаа өттүгэр турар үрдүк дьогдьоот сири талбыта. Мэхээлэ 36 сааһыгар, күөгэйэр күнүгэр сылдьар кэмэ этэ.

Айыы ойууна хайдах алгыырын көрөөрү элбэх киһи мустубута, ол иһигэр улуус кулубата М. Протопопов, кыра кулубалар, чугас нэһилиэктэр кинээстэрэ, баайдара, Бүлүү куоратыттан тахсыбыт аҕабыыт. Мэхээлэ дьэ хайдах алгыыбын диэн улахан сулумаасыга түспүтэ. «Мин былыргы Аар Айыыларга үҥэн-сүгүрүйэн көрдөһөн, бу манна нууччалар таҥараларын дьиэтэ тутулуннун диибин дуо? Yҥэр таҥараларым Үрдүкү Аар Айыылар ону сөбүлүүллэр дуо? Хайа, аны ылынымаайаллар?» – диэн элбэх толкуйга түспүтэ. Онтон: «Чэ, оттон нуучча былааһыгар олоробут дии, онон оттон арыый уларытан сахаларга сырдык кэлэр, сүрэхтэнэр дьиэлэрэ тутулларын алгыыбын диэн эттэхпинэ Аар Айыылар кыыһырбат инилэр», – диэн түмүккэ кэлбитэ. Мустубут дьон сүүнэ улахан уҥуохтаах, маҥан таҥастаах, куударалаах баттахтаах, сулардыы бытыктаах, улахан дьалбыыр тутуурдаах, күн курдук төгүрүк дүҥүрдээх, бухатыырдыы киэптээх-таһаалаах Алгысчыты олус дьиктиргии, сөҕө-махтайа көрбүттэрэ. Алгысчыт мустубут дьону кылгастык эҕэрдэлээн баран, илин халлаан диэки хайыһан туран дуорааннаах, сөҥ, күүстээх куолаһынан Үрүҥ Аар Тойоҥҥо Алгыс алҕаабыта. Онтон салгыы бары Аар Айыылары ахтан уһуннук алгыс эппитэ, чороонноох кымыстан алгыс эбир хамыйаҕынан баһан ылан үөһэ диэки ыһан күдээритэлээбитэ. Үөһээ Халлааҥҥа күн саамай үөһэ ойбут кэмэ этэ. Аҕабыыт хараҕа маҥнай сөбүлээбэтэхтии күөх уоттанан кулуба уонна атын саха тойотторун диэки көрүтэлээбитэ. Ол эрээри кулуба, атын мустубут тойоттор сирэйдэрэ-харахтара дьиппиэниттэн толлон саҥата суох турбута, эбиитин саха ойуунун cөҕө-махтайа көрбүтэ, хайдах эрэ кинини аҕабыыт курдук санаабыта.

Тумус Аар Айыыларга алгыһын бүтэрэн, кэрэ күүстээх куолаһынан ырыа ыллаан дьүрүһүппүтэ. Онтон аал уоту алгыы кэлбитэ. Уотун алгыһын бүтэрэн, кэлбит тойоттору батыһыннара сылдьан, саҥа тутуу уһаайбата буолуохтаах сири барытын, тулатынааҕы ойуурдары эмиэ алгыы-алгыы кымыс ыһан күдээриппитэ. Кулуба көрдөһүүтүнэн Айыы ойууна аны мустубут дьону алҕаабыта-силээбитэ. Хаһан да манныгы көрбөтөх дьон олус сөҕөн-махтайан, улаханнык дуоһуйан туран алҕаммыттара.

Биирдэ биир ыалы илэ дэриэтинньик булар. Дьэ сүрдээх дэриэтинньик эбит. Сылы быha сиэтэлээри сордотолообут. Ыаллар элбэх ойууну ыҥыртаран кыырдаран көрбүттэр да, олор туһалаабатахтар. Дэриэтинньик барыларын атахтарынан куоттартаабыт. Элбэхтик Тумус Мэхээлэни көрдөспүттэр. Ону кини: «Айыы ойууна киһи дэриэтинньиги кытта oxcyhaн киртийиэм», – диэн сөбүлэспэтэх. Онтон дэриэтинньик олустаммытыгар, кыайар ойуун көстүбэтэҕэр сөбүлэһэригэр тиийбит. Тумус дьалбыырын, төгүрүк дүҥүрүн ылан ыалга сарсыарда түөртүүр ыам саҕана кэлбит. Кини маҥнай Үөһээ Аар Айыыларга үҥэн-сүгүрүйэн, көрдөһөн, дэриэтинньиги мөлтөтөн үүрэр-кыйдыыр санаалааҕа. Онтон уотун алгыһын ыытан дэриэтинньги букатыннаахтык симэлитэр-сүтэрэр былааннааҕа. Ону баара Мэхээлэ атыттан түһэн тиэргэҥҥэ киирээтин, били баҕайы дьиэҕэ киллэрбэккэ эрэ: «Ааттаах күүстээх Тумус ойуун кэлбиккин, дьэ эрэ, киирсэн көрүөххэ», – диэт үрдүгэр түспүт. Мэхээлэ саатар oxcyhap тэрилэ суох буолан, илэ дэриэтинньиги кытта кыһыл илиитинэн охсуспут. Өр соҕус тэҥ дуолан oxcyhyy буолбут. Aбaahы таҥнары тордуохтаах yhyн тыҥырахтаах тарбахтардаах буолан, Мэхээлэни элбэхтик эчэппит, этин-сиинин иҥиирин бата сыыйа тардыталаан ылан, улаханнык бааһырдар эбит. Дьон Мэхээлэ элбэхтик бааһырбытын көрөн, хотторор буолла диэн улахан санааҕа түспүттэр. Анараа баҕайы эмиэ хайдах эрэ мөлтүүр курдук буолбут. Эмискэ Тумус дэриэтинньиги хам кууһан ылан астыыр дьиэҕэ умайа турар көмүлүөк ohox иһигэр укпут уонна төбөтүн ohox ураатыгар уган баран, хоруоруор диэри тутан турбут. Сотору ohox ураатынан били баҕайы убаҕаһа уокка саккыраан түспүт. Дэриэтинньик ити түгэҥҥэ ураа үрдүнэн хара күдэрик буолан үөһээ субурус гыммыт уонна: «Кыыс уруугут кыптыыйданарын саҕана, уол уруугут ох саанан оонньуурун саҕана бу сиргэ иккиһин көрсүөхпүт», – диэн үөгүлээбит. Онуоха Тумус Мэхээлэ: «Хоппут онно да хотуоҕум, кыайбыт онно да кыайыаҕым! Хатыстаххына хаалдьыгыҥ уҥуоҕун хампы эрийиэҕим, хоолдьуккун хоруо курдук бытарытыаҕым!» – диэн хаһыытаан ньиргиппит.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации