Электронная библиотека » Сборник » » онлайн чтение - страница 5


  • Текст добавлен: 18 апреля 2024, 16:41


Автор книги: Сборник


Жанр: Документальная литература, Публицистика


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 5 (всего у книги 30 страниц) [доступный отрывок для чтения: 10 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Ахсыс түбэлтэ (П.С. Колтовской). Кычкин Тимофей Егорович-Буоккалаах ойоҕо маҥнайгы оҕотун оҕолоноору дьонугар Мукучуга Байымчыга олохтоох Потап Жирковтаахха-Ботуоҥкаҕа тахсыбыт. Талыыта күүскэ киирэн аара былдьанан, Өкүчүгэ олохтоох ыалга тохтообут. Кыайан төрөөбөккө муҥнана сыттаҕына, арай Аана эмээхсин киирэн кэлбит. «Оҕом манна кэлэн оҕолоноору муҥнана сытарын хойутаан билэн кэллим», – диэт, үтүлүгүн суол ааныгар элитээт, тас таҥаһын устубакка да эрэ, кыайан төрөөбөккө муҥнана сытар Мотуруона таһыгар кэлбит. «Бу обургу кэлэн, оҕо кэлэр аартыгын бүөлүү саба ахчайан олорор эбит», – диэт, абыр-табыр алҕаммыт. Хайдах курдук эмээхсин илиитэ Мотуруона этигэр тиийээтин кытта, дьахтар төрүүргэ барбыт.

Тохсус түбэлтэ (Аана чугас аймаҕа Владимир Алексеевич Кондаков суруйуутуттан биир түбэлтэни аҕалбыт). Аана Дьокуускай куорат улахан баай киһитигэр ыҥырыллан ыалдьыттаабыт. Күндү иһиттээх, хотойорунан астаах остуолга олордубуттар. Кини утары мааны таҥастаах, ыраахтан сылдьар баай киһи эдэр уолун олордубуттар. Уол Улуу Удаҕаны көрөн баран: «Ама бачча үчүгэй кыыс дьахтар удаҕан үһү дуо? Хайдах маннык ыраас кырасаабысса сиргэммэккэ дьону сүллэрдиирэ буолуой?» – диэн саныы олорбут. Онуоха Аана сирэйэ кытара түспүт, көмүс биилкэтин остуолга тыастаахтык уурбут уонна: «Биир остуолга олороммут сиилэһэ олоробут дуу?!» – диэбит. Дьон чуумпура түспүттэр, мааны уол куйахата күүрбүт, баттаҕа турбут. Аананы бырастыы гынарыгар көрдөспүт.

Бу уол түөрт уончатыгар тиийэн, түспэтийэн баран, Дьокуускайга улахан наадаҕа айаннаабыт. Бүлүү сиринэн ааһан иһэн биир улахан дьиэҕэ атын тохтотон, хонордуу киирбит. Киирэн дорооболоһон баран, өйдөөн көрбүтэ – дьиэ хаһаайката били, кини Дьокуускайга иирсэ сыспыт кыыһа өссө толуутуйан, хотун-хаан дьүһүннэнэн олорор эбит. Дьиэҕэ аҕыйах чаҕар дьон баалларын көрбүт. Хотун кинилэри дьаһайан, ас астаан мааны остуол тэриттэрбит, күндү арыгы туруортаран хоннорбут. Айанньыт сарсыарда эрдэ туран, суолун ыйдаран айаннаабыт. Киэһэлик эрдэ биир киэҥ дьиэлээх ыалга кэлбит. Атын сэргэҕэ баайан баран, дьиэҕэ киирбитэ – бөлүүн хоммут ыалыгар киирэн турар үһү. Дьиэлээх хаһаайка кыратык мүчүк гынан баран остуолун тартарбыт. Ыалдьыт саҥата суох тото-хана аһаан утуйбут. Сарсыныгар айаннаан киэһэлик эмиэ Ааналаахха кэлбит. Дьэ улаханнык ыксаабыт. Киэһэ аһыы олорон Аанаттан улаханнык көрдөспүт. Онуоха биирдэрэ эппит: «Тоҕо урут ыалга сиилии олорбуккун кэпсэппэккэ, уруккуну ахтыспакка ааһаары соруммуккунуй? Миигин умнубута буолуо дии санаабытыҥ дуо? Мин барытын үчүгэйдик өйдүүбүн ээ. Ол урукку түбэлтэҕэр эдэриҥ, үчүгэйиҥ бэрдин иһин тыыппатаҕым». Уруккуну-хойуккуну ахтыһан уһуннук кэпсэппиттэр, улахан эйэлээх доҕордуу буолбуттар. «Дьэ мантан антах үчүгэйдик айанныаҕыҥ. Дьокуускайга баран иһэр соругуҥ ситиһиилээх буолуоҕа. Аны бу диэкинэн аастаххына кэһиилээх таарыйан ааһар буолаар», – диэбит. Хоноһо салгыы айана-сырыыта барыта табыллыбыт. Ааналаахха куруук кэлэр, сүбэлэтэр буолбут (В.А. Кондаков).

Онус түбэлтэ. Буоккалаах Түмэпий эмээхсинэ Мотуруона ытык буолан ыалдьан, сор хаанын көрөн, ыксаан, үрэх уҥуор Кырыкыйга Аана эмээхсиҥҥэ тахсыбыт. Халлаан сааскытыйан эрэр кэмэ эбит. Эмээхсин ыалдьан, суорҕаннаах-тэллэххэ сытар үһү. Ол гынан баран өйө чоҥ курдуга үһү.

– Оҕом, кэлээхтээбит эбиккин дуу? Мин өлөр охтуубун охто сытабын. Бу күн сириттэн арахсан абааһы эрбэр барарым бу ыган кэллэ. Оҕолор, өйөөн олордуҥ эрэ. Көмөлөһөбүн дуу, суох дуу? Кыах бүтэн сытабын.

Икки киһи икки өттүттэн өйөөн олордубуттарын кэннэ, Мотуруона илиитин ылан көрөн баран:

– Манна абааһы аҥаара да, чиэппэрэ да суох эбит. Илииҥ ытык буолбут, – диэбит. – Курууска ортотунан ыраас уута кутан аҕалыҥ эрэ.

Куруускаҕа уу аҕалан тутан турдахтарына, туттар малын – бөдөҥ көтөр уҥуоҕун киһинэн ыллартаран хаста да төхтүрүйэн ыраас хаан кэлиэр диэри оборбут.

– Айыы-айа. Ити куруускалаах ууну түннүккэ илдьэн күн уотугар көрөн баран, уокка кутан кэбиһиҥ. Илин Өлөксөй оҕонньор эмиэ өлөр охтуутун охто сытар. Мин инникилиир буоллум, ол гынан баран аргыстаһан анараа дойдуга барар буоллубут. Мин кэннибиттэн бу дойдуга дүҥүр тутан дүрбүйэр киһи үөскүө суоҕа. Мин ааппын ааттаан кыырар киһи баар буоллаҕына, ыт аһыыр иһитигэр аһатаарыҥ. Чэ, тоҕойум, аны бу дойдуга көрсөр суох. Сайбарыыннаһыах, – диэбит.

Били эмээхсин туттубут куруускалаах уутун күн уотугар илдьэн көрбүттэрэ – кылы кырбаабыт курдук үөн бөҕө кыймаҥныы сылдьар үһү.

Бу түһүмэҕи Буоккалаах улахан уола Прокопий Тимофеевич Прокопьев кэпсээбитэ. Ийэтин кини атынан таһаара сылдьыбыт.

Ити бириэмэҕэ илин Лүүчүҥҥэ Мөлөкө ойуун, Алексей Андреев, өлөр охтуутун охто сыппыт. Үөлээннэхтэрэ кэлэн көрсөн бараллар эбит. Онно биир бэркэ тапсар, эн-мин дэһиспит киһитэ ыйыппыт:

– Аана эмээхсин эмиэ өлөр охтуутун охто сытар дииллэр, хайаҕыт инникилиэх курдугуй? – диэн.

Өлөксөй оҕонньор дьээбэлээх киһи эбитэ үһү. Ол сытан дьээбэтийбит:

– Һы, бу да киһи. Мин эр киһи буоллаҕым дии. Үөһэ сытыам буоллаҕа дии, – диэбит.

Кырдьык, Өлөксөй оҕонньор Аана эмээхсинтэн үс хонук хойутаан барбыта үһү.

Оҕо тартарыыта

Былыр илин Мукучуга бырааттыы Мэккэ Дьөгүөр, Арыы Аппанаас диэн дьон олорбуттар. Кинилэр сайынын Чэмэгээйи, кыһынын Сэлэ Таппыт, Малдьаҕар диэн өрүс арыыларыгар оттообут отторун сиэн кыстыыллар эбит. Иккиэн кэргэннээхтэр, ол эрээри хас да сыл олорон баран оҕоломмотохтор. Ол иһин бырааттыылар: «Алыһардаахха оҕо кутун тартарыахха, оҕото суох буолаары гынныбыт, аны кэлэн ойохторбут төрөөбөттөрүгэр тиийдилэр», – диэн сүбэлэһэллэр. Иккиэн сэниэ ыал эбиттэр. Биир киһини аттаан-атыырдаан Алыһардаахха ыыталлар. Кинилэр ыҥырыыларыгар Аана сөбүлэһэн кэлэр. Бу саҕана Аана эдэр, күүһүн-уоҕун, абын-хомуһунун саҥа билинэн эрэр кэмэ. Киэһэ ыалдьыттарыгар ас эгэлгэтин тардаллар, арыгы туруоран маанылыыллар. Аһаан-сиэн баран оҕолоро суоҕун, ойохторо төрүүр-ууһуур саастара ааһаары гыммытын, онон оҕо кутун тардарыгар көрдөһөллөр. Онуоха Аана: «Ээ, бу да кэллэрбин, хонугум кылгас, ыксыыбын, ол да буоллар кыыран көрүөм», – диэбит.

Таҥаһын-сабын (дүҥүрүн) киллэрэн ириэрэллэр, түннүгү-үөлэһи бүөлүүллэр. Аана олоҕор олорон кыырар, ол кэнниттэн тугу көрүүлэммитин кэпсиир: «Мин да көрүүтэ суох Бараскыабыйаҕа (Мэккэ Дьөгүөр ойоҕун аата) эһиил биир уол оҕо төрүүһү, ол уол хаҥас эмиийин анныгар күөх мэҥнээх буолуо. Ол оҕо төрөөтөҕүнэ, ити билигин иккилээх, үрүҥ өрөҕөлөөх, үрүҥ атахтардаах, туоһахталаах сүүстээх хара кунан баар эбит, ону өлөрөн оҕоҕутун малааһыннаарыҥ. Оттон бу, Арыы Аппанаас ойоҕо, аны икки сылынан бадахтаах, биир кыыс оҕону төрөтүө, онтон ордук оҕолонуо суоҕа. Бу кыыс бэрт ыарыһах, иринньэх оҕо буолуо», – диэбит.

Дьэ ити курдук кыыран, туох буолуохтааҕын кэпсээн баран сарсыныгар дьиэлиир. Сулуу, манньа туһунан билбэтим. Өлүү болдьохтоох диэбиккэ дылы, ол сайын били малааһыҥҥа туттуллуохтаах кунаны атыыр оҕус кэйэн өлөрөн кэбиһэр. Аана эппитин курдук, эһиилигэр Мэккэ Дьөгүөрдээххэ биир уол оҕо төрүүр. Хаҥас эмиийин анныгар күөх мэҥнээҕэ үһү. Оҕо биир сааһын туолуутун саҕана, биир түүн соһуйан уһуктар, чачайа-чачайа ытаан муҥнанар, ол кэнниттэн өр буолбакка өлөн хаалар.

Дьөгүөр ыксаан быраатын Алыһардаахха ыытар. Аппанаас тиийбитигэр Алыһардаах: «Оо дьэ, эрэйдээхтэргэ хара тыаттан көрдөһөн ылбыт оҕом этэ, ону кыайан туппатахтар, ити Дьөгүөр бэйэтэ да муокас идэлээх эбит. Ити икки улуу булду бултаан баран малааһыннаабата», – диэбит. Кырдьык, ойоҕо оһоҕостоох сырыттаҕына биир бэлиэ саһылы өлөрбүт, ол саһыл түөһүгэр бэчээти уурбут курдук үрүҥнээх, баһырҕастаах атахтаах, чахчы бэлиэ көстүүлээх саһыл эбит. Дьөгүөр бултуйдаҕына уокка ас куппат, байанайдаабат идэлээҕэ үһү. Ол дьонтон кэлин биир да оҕо төрөөбөтөх.

Аана салгыы Аппанааска этэр: «Оттон эйиэхэ эһиил биир кыыс оҕо төрүөҕэ. Билигин эйигин кытта барсан, кинилэргэ оҕо аҕалар кыаҕым суох», – диэн кыккыраччы аккаастаан кэбиһэр. Эһиилигэр Аппанаастаахха биир кыыс оҕо төрүүр. Ол оҕо төһө да ыарыһаҕын-иринньэҕин иһин өлбөтөх. Улаатан ыал ийэтэ буолта үһү (С.В. Сметанин).

Өтө көрүүлэрэ

Алыһардаах удаҕантан «иккистээн эргиллиэҥ дуо» диэн ыйыппыттарыгар эмээхсин эппит: «Ол дойдуттан киһи иккистээн эргиллэн төрүүрүн билбэппин. Кэлэр өттүгэр ойуун оруола намтыаҕа, ол эрээри олохтон сүтүө суоҕа. Лүүчүнтэн барбыт дьахталлартан, баҕар, үөскүөхтэрэ» – диэбит.

В.А. Кондаков Аананы өтө көрөөччү быһыытынан билинэр. «Саха дьоно кэскилбит хайдах буолуой?» диэн ыйыттахтарына Улуу Удаҕан долгуйара, ыксыыра үһү. «Оо! Дьэ кытаанах, кытаанах! Алдьархайдаах сэрии буолуо. Элбэх ыччаппыт сэриигэ баран өлүө. Манна хаалбыттартан кытаанах үлэттэн, ас-үөл суоҕуттан баһаам киһи хоргуйан өлүө. Биһиги дьоммут кыайыахтара. Онтон олох тупсан барыа. Дьон элбэхтик үлэлиэхтэрэ да, хамнастара кыра буолуо. Ол гынан баран эйэлээхтик олоруохтара. Иҥсэ-обот элбиэҕэ. Сири үлтү сүргэйдилэр. Умайар убаҕаһы хаһан таһаараннар, онно улахан эргиэн буолла. Ол убаҕаскыт кыайан дьаһаллыбакка, сири-дойдуну тунуйда. Иһэр уу хаалбата, барыта киртийдэ, салгын бүттэ. Биир испиискэ маһын уматан баран бырахтыҥ да – уулуун, ойуурдуун, салгынныын умайар кутталланна. Дьэ итини билбэтим туох кыайан тохтотуон? Ол барыта куһаҕаны аҕалыа. Оттон тимир тиһилик ыллыгынан уһун субурҕа сыарҕалаах улуу дьаалы оҕустарынан соҕурууттан-арҕааттан от-мас ахсаанынааҕар элбэх киһи кэлиэҕэ, онно түмсүүлээх эрэ буоллахпытына ордуохпут!» – диэн эппиэттээбит. Бу өтө көрүүтэ – киһи буруйунан айылҕабыт алдьаныыта улуу Ванга көрүүтүн кытта сөп түбэһэр.

Аана ийэ айылҕатын олус таптыыра, ис сүрэҕиттэн иэйэн, Ийэ кутунан таптаан, Буор Кутунан сөбүлээн, Салгын кутунан ылынан, Сүдү Сүрүнэн билэн, харыстыыра, көмүскүүрэ. Кини намчы иэйиилээх кута-сүрэ, үрдүк өйө, уһулуччу талаана, үөһэттэн анала барыта Ийэ Айылҕатын кытта ситимнээҕин үчүгэйдик өйдүүрэ. Ол-бу араас ойууннар алҕаан, аптаан этэн дархаһыйдахтарына: «Күтүрдэр! Сыыһа саҥарымаҥ! Ол эһиги суолгутун араас абааһыларынан арынаргыт, кээлээнигитин ыҥыраргыт, бэйэҕитин киһиргэнэн туонаргыт, турукка киирэргит алҕаныы уонна алгыс үһү дуо? Куккут иччитигэр, түөлбэлэргит да иччилэригэр сатаан алҕаабаккыт. Ол-бу баһыы кэптээх тыллары кыбытаҕыт. Абааһыта суох сатаммаккыт. Өбүгэбит Луоҕа Боотур алгыстара дьиҥнээх алгыстар буолаллар. Билигин ити Тумус Мэхээлэ син үчүгэйдик алгыыр. Алгыыр диэн үрдүкү таҥаралартан көрдөһүү, үҥүү, сүгүрүйүү, дьоҥҥо, айылҕаҕа үтүөнү ыҥырыы, айыы тыыннаах сиэр-туом ааттанар буолуохтаах».

Аана көрүүлэрэ атын өтө көрүүлэртэн улахан атына суох. Сорох этиилэрин норуот билиҥҥэ диэри уура сылдьан биһиэхэ аҕалбыт. Өссө революция иннинэ: «Ыраахтааҕыны устуохтара, өлөрүөхтэрэ. Саҥа кытаанах бэрээдэги олохтуохтара. Элбэх киһини сууттуохтара. Саҥа тойоттор олус суостаах-суодаллаах буолуохтара, тугу да харыстыахтара суоҕа», – диэбит.

«Туох дьиктитэ буолла?! Киһи барыта эмчит буолан турбут, бары көтөөрү гыммыт көтөр оҕотун курдук сапсыахайдаһаллар. Эмтиир быһыылара дуу, ити?! Дьиҥнээх эмчиттэр олус аҕыйахтар. Кинилэр ордуктара үөһэ тахсыахтара, сахалыы эмтээһин баар буолуоҕа», – диэбиттээх.

Сэрии алдьархайа буолуоҕун сэрэйбит. «Ол гынан баран сэрии иэдээннэрэ, чэгиэн эккэ кыра оһол бааһа түргэнник оһорун курдук, сотору ааһыахтара. Дьон-сэргэ олоҕо тупсуо. Оттон айылҕа алдьаныытын, уу, салгын сүһүрүүтүн иэдээнин туох кыайыа-хотуо эбитэ буолла?! Арааһа алдьархай, уопсай өлүү-сүтүү итинтэн тахсара буолуо», – диэн өтө көрүүтэ киһини элбэх курус санааҕа салайар.

Алыһардаах Аана сүппүт дьону булар дьоҕурдаах этэ. Онтон биир түбэлтэни холобур быһыытынан аҕалабыт. Бу үһүйээни Мукучуттан төрүттээх Семен Сидорович Ноговицын суруйбут, ону кыыһа Ефросиния Семеновна Багдарыын Сүлбэҕэ биэрбит.

«…Оччолорго мин биэстээх уол этим. Атырдьах ыйын ортотун эргин кэм эбитэ буолуо. Төрөппүттэрим оттуу сылдьаллара. Ийэм сарсыарда отугар барарыгар: «Тоойуом, тэлгэһэҕиттэн ыраах бараайаҥый. Мин сотору кэлиэм», – диэбитин өйдүүбүн.

Ол оонньуу сырыттахпына миэхэ бэйэм саҕа, туох да таҥаһа суох сыбыс-сыгынньах, ып-ыраас үчүгэй баҕайы уол тиийэн кэлбитэ. Кини: «Ойуурга отон наһаа элбэх, онно бараммыт отоннуох», – диэбитэ.

Мин оонньуурдарбын сүөкээн баран, туос ыаҕайабын илдьэ, уолу кытта барсыбытым. Ойуурга, кырдьык, отон элбэх этэ да, уолум тохтоон хомуйбакка баран испитэ. Мин кураанах ыаҕайабын туппутунан кинини батыһан испитим. Олус өр барбыппыт.

Онтон эмискэ уолум мэлис гынан хаалбыта. Маҥнай уолбун ыҥыра сатаабытым да, киһим суоҕа. Онтон ыксаан, куттанан, ийэбин ыҥыра-ыҥыра ытаабытым – ким да кэлбэтэҕэ. Ыаҕайабын туппутунан бара сатаан баран, сэниэм эстэн, хараҥарбытын кэннэ сыгынах хоонньугар киирэн саспытым. Ол сытан утуйан хаалбыт этим. Нөҥүө күнүгэр, ичигэс буолбутугар уһуктан, иһим тотуор диэри отонноон сиэбитим. Ытаабат этим. Күнү быһа дьиэбин көрдөөн хаампытым да, булбатаҕым. Итинник үс хонукка муна сылдьыбытым.

Үһүс күнүм сарсыардатыгар, эрдэ быһыылааҕа, тымныы баҕайы этэ. Суор хаһыытыттан уһуктубутум. Аттыбар сүрдээх чугас баҕайы сүүнэ улахан хара суор олороро. Бастаан куттана санаан баран, тоҕо эрэ кинини тутуохпун баҕаран кэлбитим. Батыспытым. Суор миигиттэн нэһиилэ куотар этэ. Эккирэтиһии буолбута. Иккитэ хаста ыаҕайабынан охсубутум да, таппатаҕым. Саамай итийэн-кутуйан эккирэтиһэн истэхпинэ, суорум «хоох» диэт, көтөн хаалла. Сонно тута дьон саҥатын иһиттим. Көрбүтүм – хас да киһи миэхэ сырсан иһэр. Куота сатаан көрдүм да, тараччы тутан ыллылар. Ыаҕайабын былдьаары гыммыттарыгар күүһүм баарынан кииристим. Онон былдьаабатылар. Бэрт түргэнник ат ыҥыырдааннар, биир киһи миигин көтөҕөн илдьэ барда. Аара утуйан хаалбыт этим. Ийэм айманар саҥатыттан уһуктубутум. Ийэм ытыы-ытыы миигин сыллыы турара.

Мин сүппүтүм кэннэ маннык буолбут. Сүттэҕим түүнүгэр дьону-сэргэни, чугас эргиннээҕи отчуттары барыларын хомуйан, көрдөөһүнү тэрийбиттэр. Икки түүннээх күн көрдөөн булбатахтар. Ыксаан олордохторуна ким эрэ Аана эмээхсиҥҥэ биллэрэр туһунан тыл быктарбыт. Дьэ онно өйдөнөн, аҕам эрэйдээх ааттаах ат үөһэ түһэн, сэттэ көстөөх сиргэ, Мастаахха (Кучаҥҥа. – М.П.), олорор Аана эмээхсиҥҥэ ыстаннарбыт. Эмээхсиннээх дьиэлэригэр түүн тиийбит уонна эмээхсинтэн көмөлөс диэн ытыы-ытыы көрдөспүт. Аана эмээхсин оҕо сүппүтэ бу түүн үһүс түүнэ буоларын истэн баран, ыксыы түспүт. «Үс хонукка диэри тоҕо биллэрээхтээбэтэх бэйэккэҕитий? Уу диэн эмиэ баар. Кыыл диэн эмиэ баар. Ону тэҥэ түүн тымныыга тоҥон иэдэйиэ буоллаҕа», – диэн аҕабын сэмэлээбит. Ол кэннэ: «Бэйи, мин билигин билэ сатыам», – диэт, хаппахчытыгар киирбит. Онно хамсалаах табах устата сүтэ түһэн баран, үөрэн-көтөн тахсан кэлбит уонна аҕабар: «Тоойуом, оҕоҥ этэҥҥэ сылдьар эбит. Эрэйдээҕим сыыһа охтубут тиит сыгынаҕын хоонньугар утуйан буккуруу сытар», – диэбит. Ол кэннэ аҕабын: «Уоскуй. Оҕоҥ сарсыарда түөртүүр саҕана дьиэтигэр кэлиэҕэ. Хата аһаан-сиэн, сынньанан манна утуйан хаал», – диэбитин истибэккэ, дьиэтигэр тэбиннэрэ турбут.

Инньэ гынан сарсыҥҥы күнүгэр миигин саҥа аҕалан турдахтарына, дьигиһитэн кэлбит.

Ойууну-удаҕаны төһө да арбаабатах иһин, Аана эмээхсин барахсан миигин оҕо эрдэхпинэ өлөр өлүүттэн итинник быыһаабыта. Ити барыта кырдьыктаах суол. Ону бэйэҕит сыаналыаххыт. Оттон мин бэйэм чааһым Аана эмээхсин үрдүк аатыгар сүгүрүйэбин», – диэн Тоһугуруур Уйбаан уола үрдүк үөрэхтээх комсомольскай-партийнай үлэһит И.И. Иванов суругун түмүктээбит.

Айылҕаны кытта сибээһэ

Ытык кырдьаҕас Осип Мальцев өссө биир кэпсээнин аҕалабыт. Сайын уот кураан туран, дьон ыксаабыт. Күн да, күөл да, суол да көстүбэт үлүгэрэ буолбут. Ыксаан Аанаҕа аттаах киһини ыыппыттар. Илдьити истэн баран, Улуу Удаҕан эппит: «Чэ, сарсыҥҥыттан күүппүт ардаххыт түһүөҕэ. Хата үчүгэйдик бэлэмнэниҥ». Кырдьык, сарсыҥҥытыгар ыаҕайалаах уунан кутар курдук уһун ардах түспүт. Уот умулларын таһынан сир-дойду ууга барбыт. Кыһын Мальцевтаах махталларын кытта хатыыс, чыыр аҕалан биэрбиттэр.

Көтүтэр дьоҕура

Ыалга сырыттаҕына туох эмит сүтүктээхтэр ол кэмҥэ, баччаҕа оннугум сүппүтэ, онтум көстүбэтэ, көрө түһэн биэрбэккин ээ диэн көрдөһөллөрө. Ылыннаҕына, толоруута судургу уонна түргэн буолара үһү. Аҕыйах тылы этэн баран, сүүрэр атахтаахтарын, көтөр кынаттаахтарын ыҥырара уонна былаайаҕынан дүҥүрүн аҕыйахтык тобурҕаччы охсон баран, оһох ураатын үүтүгэр тоһуйара. Туох сүппүтүн сонно дүҥүрүгэр түһэрэн ылан, туһааннаах сүтүктээххэ биэрэр эбит. Дьиэлээхтэр ол иһин олуһун махтаналлара. Онуоха Аана эмиэ оҕолуу үөрэрэ үһү. Ол эрээри кини көтүтэн аҕалар ити сэдэх аба-хомуһуна эрдэ соҕус сүппүт. Аана курдук кырдьыксыт, ыраас киһи «аньыылаах таҥас» диэн көтүтэн аҕалыан баҕарбатаҕын үрдүнэн, ханнык эрэ хотун «аньыыта суох ыраас көрдөһүүбүн ылын» диэн наһаа көрдөспүтүн тулуйумуна, көтүтэргэ сөбүлэспит. Ол сүппүт таҥаспыт үөһээ билэтин бүүрүгэ кыһыл көмүстэн тапталлан оҥоһуллубут, ыарахан ыйааһыннаах сыалдьа эбит. Аана: «Урууга-мааныга кэтиллибит таҥас буолан баран, бу кэтиллэ сылдьан атын киһини кытары көрсүүлэһиигэ кэтиллибит, быртахтаммыт таҥас», – диэн сүтүктээх дьахтарга этэ сатаабыт да, анарааҥҥыта истибэтэх. Улахан тойон ойоҕо буолан, Аана аккаастыырын ылымматах. Онон Аана баҕарбатар да, көтүтэргэ тиийбит. Көтүтэр абын туттан саҥалыы тэринэн эрдэҕинэ кыһыл көмүстээх сыалдьа ураа үүтүнэн түспүт. Онуоха Аана ыһыытыы, кылана түспүт: «Ол иһин этэ сатаабытым, ылымматаҕыҥ. Мин аҕалар уолум, кыыһым сиргэннилэр. Онон аны мин үйэбэр ким да көтүтэр киһи үөскүө суоҕа», – диэбит. Ол эппитин курдук кэлин хаста да төхтүрүйэн холонон көрбүт да, албаһа төннүбэтэх.

Аны биир дьиктини эмиэ оҥорбута дииллэрэ. Ити хайа сылын билбэтим буолан баран, Аана эмээхсин эдэр сааһыгар буолуо. Арай биирдэ туох наадалааҕа биллибэт, кыра соҕустук атыыһыттыыр идэлээх киһи Ааналаахха киэһэ буолуута киирэн кэлэр. Саха киһитин сиэринэн ону-маны кэпсэтэн баран утуйаллар. Сарсыарда туран хоноһо барардыы тэринэр уонна Аана күтүөтэ Прокопий Прокопьевка (Кылаан уолугар) суолун ыйдараат, баран хаалар. Арай киэһэ хараҥарыыта били бөлүүн түүн ыалдьыттаабыт хоноһо төттөрү тиийэн кэлэр. «Хайа, бу хайдах буоллуҥ?» – диэн буолар, онуоха били киһи: «Дьэ билбэтим, оттон мааҕын барарбар ыйдарбыт суолбун тутуһан айаннаабытым да, бу төттөрү кэллим дии», – диэбит.

Онуоха Аана хап-сабар эппит: «Киһи буолан атыыһыттааҥҥын, кэлэ-бара сылдьан, биир аһыылаах малгын сүтэрбит эбиккин. Ол, баҕар, манна көстөөрү эйигин төттөрү угуйта буолаарай?» Хоноһо: «Дьэ билбэтим, туох да оннук улахан аһыылааҕы сүтэрбиппин өйдөөбөппүн. Баҕар, баара буолуо», – диэн саарбахтаабыт. Онуоха Аана: «Чэ, тугун таайа сатаатахпытый, киэһэ, кыаллар буоллаҕына, көрүөхпүт туох сүппүтүн», – диэбит. Дьэ хоноһо манна эрэ билбит били Аллараа Бүлүү ааттаах удаҕана Аанаҕа кэлэн олорорун. Ууга түспүт сылгы курдук куттаммыт, титирэстээбит, буордаах көлөһүнэ аллыбыт. Куттаммытын билэн, Аана: «Аккын сынньатан, аһата түһэн баран бар. Биир ааһар ыалдьыт, хонор хоноһо аһыыр астаах, көлүнэр көлөтүгэр аһатар оттоох ыалбыт», – диэн хоноһотун эйэ-дэмнээхтик, сылаас тылларынан уоскуппут. Киэһэ, боруҥуй буолтун кэннэ, Аана улахан дүҥүрүн ылан, үс төгүл суордуу кыланан баран былаайаҕын төбөтүнэн дүҥүрүн ортотугар тобугураччы охсубутугар, дьэбин быһа сиэбит былыргы саха уустара охсубут быһахтара дүҥүр ортотугар бадараана, хаппыт буора тохтубутунан кэлэн түспүт. Дьэ онно били хоноһото – куорат ааттаах баай атыыһыта – эдэр эрдэҕинэ бэлэх туппут быһаҕын дойдулаан иһэн сүтэрбитин өйдөөбүт уонна Аанаҕа махтал улаханын этэн, ол быһаҕын ыраастаан, онно баар дьоҥҥо көрдөрбүтэ үһү. Быһах бэйэтигэр сөп удьурҕай уктаах, икки өттүнэн үөстээх, кыратык төбөтүн диэкинэн дьэбиннирбит, буорга хам хата сыппытын хоҥнору тардыбыт суоллара тирии кыыныгар көстө сылдьара. Ол айан киһитэ хас да хонон, атын аһатан, сэниэ киллэрэн, таптаан-таптатан, сылаастык утуйан муммакка сөптөөх суолунан барбыта. Дьэ, ол курдук Мэҥэ Хаҥалас курдук ыраах сиргэ сүппүт, буорга тэпсиллибит быһаҕы буоруттан (хаар анныттан) хоҥнору тардан, көтүтэн аҕалан, дүҥүр үрдүгэр түһэриини киһи сөҕөр быһыытынан өйдүөххэ сөп. Дьэ оннук күүстээх көтүтэр албас биир куһаҕан киһи буорту буолбут таҥаһын көтүттэрбититтэн ханнан-сүтэн турар диэн кэпсииллэрэ (И.С. Иванов).

Улуу Удаҕаны үтэн-анньан көрүү хара өлүөр диэри тохтооботоҕо. Биир буолбут түбэлтэни ааҕааччыга тиэрдэбит. Биллэр хомунньуус учуутал Илья Семенов урут өрөбөлүүссүйэ иннинэ Аана Куокуй кинээһин кыыннаах быһаҕа сүппүтүн көтүтэн аҕалан биэрбитин истибит. Балачча уһуннук толкуйдаан баран: «Ити эмээхсини туох ааттаах арбыылларый, бэйи абын-хомуһунун хайдах эмэ тургутан көрбүт киһи», – диэн саныыр буолбут. Дьэ оҥостон, Анна Дмитриевна кыстыыр өтөҕөр Нээтийэҕэ айанныыр. Бу иһэн хамсатын суол кытыытыгар быраҕар, сэрэххэ, маһынан бэлиэ анньар.

Эмээхсиҥҥэ тиийбитигэр дьиэлээхтэр эйэҕэстик көрсүбүттэр, оһоххо чаанньык уурбуттар. Учуутал киһи быһыытынан дьоһумсуйан кэпсэтэн иһэн: «Дьэ эрэйдэнэр киһи буоллум. Өйдүү-саныы сылдьарбар диэн ааттаах ууска чочуттарбыт хаарыаннаах хамсабын сүтэрэн, ытыспын соттон баран сылдьабын. Эбэм көрдөһөбүн, көмөлөһүүй, көтүтэн көрүүй», – диэн көрдөһөр. Онуоха эмээхсин: «Бу оҕо даҕаны аны кэлэн миигиттэн ону-маны эрэйээхтиигин ээ, аныгы үйэ киһитэ кырдьаҕас түөһээҥкини күлүү гынарыҥ буолуо», – диир. «Хамсам сүппүтэ наһаа хомолтолоох, эрэйгин төлүөм, үйэлээх сааспар үтүөҕүн-өҥөҕүн өйдүү-саныы сылдьыаҕым, эрэйдэнэн көрүүй», – диэн Семенов көрдөһөр.

Эмээхсин: «Дьэ, муҥнаах да арахпат киһигин доҕор, ыл эрэ, тоҕойум, ити сэби ылан кулу эрэ», – диэн оһох иннинээҕи чиэс мастан дүҥүрүн ылларан, кыра-кыратык охсон тобугуратан, симик соҕустук кыратык мэнэрийэр былаастаан энэлийэн барбыт. Сотору буолаат, Семенов илэ-бодо көрөн олордоҕуна, кини хамсата хаардары баҕастары дүҥүргэ «топ» гына түспүт.

Эмээхсин билигин да уота-күөһэ мөлтүү илик харахтарынан Семеновы тобулута көрбөхтүү олорон: «Дьэ, үөрэхтээх эдэр оҕо барахсан, хаарыаннаах малым этэ диэн, хайа хаппыт хамсаҕын суол таһыгар элиппиккин, хайҕаабыта буолан, чохчойо кырдьыбыт эмээхсинниин бэрт былдьаһар, миигин күлүү-элэк оҥостоохтуур эбиккин. Итинник элэктиир оҕо аны туохха надыйаргын, тугу көрдөһөргүн этэ тарт», – диэн учууталы ууга-уокка түһэрбит. Семенов нэһиилэ өй ылан: «Эдьийим эмээхсин, мин билиҥҥи кэми, кини суутун-сокуонун эппинэн-хааммынан ылыммыт киһибин, аньыыбын этэбин, Эйигин маннык күүстээҕэ буолуо дии санаабатаҕым, алҕаһаабыппын, бырастыы гынаргар көрдөһөбүн», – диэн сүгүрүйэн туран көрдөспүт.

Илья Семенов учуутал кэлин кырдьан олорон: «Дьэ, муокас этэ! Мин итинтэн ордук туохтан да куттамматаҕым. Кырдьык даҕаны, бу аан дойдуга дьикти да киһи төрөөн-үөскээн олорон ааспыт эбит», – сөҕөн-махтайан сэһэргиирэ үһү (Сэмэн Дьуонап-Сэсэ).


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации