Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 4

Текст книги "Аҕа"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:40


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 4 (всего у книги 14 страниц) [доступный отрывок для чтения: 5 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Кээтэккээн баран испит, баран испит. Кыһыҥҥы күн арҕаа саҕахха кытара кыыһыыта, Кээтэккээн киэҥ да киэҥ хочоҕо киирэн кэлбит. Им сырдыгар кыһайан өйдөөн көрбүтэ, хочо иһэ адаарыҥнас таба эбит. Кээтэккээн мыраан тэллэҕэр турар биир дьиэҕэ көтөн түспүт. Дьиэлээхтэр аһаары олороллоро үһү. Кээтэккээн аһаспыт уонна: «Мин тугут сиэтиилээхпин, ону ити бүтэйгэ хаайбыт табаларгытыгар холбуу ыытабын дуо?» – диэн ыйыппыт. «Ээ, ыыт ээ», – диэбиттэр дьиэлээхтэр. Кээтэккээн тугутун киэҥ бүтэй иһигэр аһыы сылдьар табаларга киллэрэн ыытан кэбиспит. Түүн ортото, дьиэлээхтэр түлүк ууларыгар үлүгүнэйэр кэмнэригэр, Кээтэккээн сэмээр сыбдыйан тахсан, бүтэй иһигэр ыыппыт тугутун тутан ылбыт уонна иһин хайа соппут. Тугутун очоҕоһун таба муоһун аайы иилбит. Ити кэннэ төттөрү киирэн туох да буолбатаҕын курдук утуйан хаалбыт. Кээтэккээн сарсыарда ааттаах эрдэ туран таска тахсан баран, бэркэ диэн айманан киирбит. «Түүн утуйа сыттахпына табаларгыт тугуппун кэйэн кэйгэллээн ый-күн ыһыаҕа оҥорбуттар! – диэн атын аҕай кыыһыран, тымтан турбут. Итинниги эрэ күүппэтэх дьиэлээхтэр ыксаабыттар, ыгылыйбыттар, итиэннэ Кээтэккээҥҥэ буур талыытын биэрэн ыыппыттар.

Кээтэккээн ханна барбыта, кэлиҥҥи дьылҕата хайдах-туох буолбута биллибэт…

* * *

Аҕам тугу эмэ үлэлиир, түбүгүрэр кэмигэр, үксүгэр ис хоһооно иһиллибэтэр да, наар муннун анныгар киҥинэйэн ыллыы сылдьар үгэстээҕэ. Ол истэргэ хайдах эрэ наһаа үчүгэйэ. Кулуупка сыанаҕа да тахсан ыллыыра эбитэ үһү. Сүрдээх үчүгэйдик. «Үрүмэччи маҥан ат» диэн ырыаны ыллаабытын убайым Майыһыай «Дельфин» диэн лиэнтэ моҕуньотопуоҥҥа устубутун, аҕам хоно-өрүү ыраах окко сылдьар кэмигэр олуһун ахтаммын, төттөрү эрийтэрэ-эрийтэрэ, хат-хат, үрүт-үөһэ холботторон истэрим. Майыһыай эмп кэриэтэ кэмнээн холбуура: үстэ иһиттим да, күннээҕи ирээтим онон бүтэрэ…

Аҕам өссө «Үөдүгэй киһитэ Микиитэ…» диэн ырыалааҕа. Ол ырыа тылыттан миэхэ маннык быстах-остох хаалбыт:

 
Үөдүгэй киһитэ Микиитэ
Үрүнэн-тэбэнэн сылдьардыын,
Үс араас дьураалаах хаалтыстыын,
Үргүлдьү биир өҥнөөх көстүүмнүүн
Ыа-а, үчүгэй да киһи э-э-этэ!..
 

Норуот хоһооно эрэ, ким киэнэ эрэ – туох да билбэт. Эриэ-дэхситик сааһыланан, этиллэн түһэн тыллара да астыга бэрт.

Аҕам өссө улаханнык иэйдэҕинэ оһуокай кытта этэрэ…

Биирдэ аҕам сүүрбэччэ хонукка дьиэтиттэн тэйэн оттоон кэлбит. Кэлбитигэр ийэм кус хоторбут. Оҕотун ахтан кэлбит аҕам миигин тобугар олордон көтөҕөн кэбиспит. Бииргэ аһаспыппын. Аҕам: «Оҕобун, арааһата, аһаппатахтар быһыылаах», – диэбит. Онуоха мин тута: «Эн барыаххыттан миигин отой аһата иликтэр!» – диэн үҥсүбүппүн. «Букатын дуо, тоом?» – аҕам ыйыппыт. «Букатын!» – тута хоруйдуу охсубуппун. «Сүүрбэччэ хонукка төрүт аһаабатах, дьэ иэдэйбит киһи диэн эн эбиккин», – диэн ийэлээх аҕам иккиэн улаханнык күлсүбүттэрэ үһү. Мин итини, төһө да бэрт кыра ыамай буолларбын, үдүк-бадык өйдүүр эбиппин.

Тарбаҕынан төгүлү миэхэ аҕам үөрэтэн турар. Алтаттан тоҕуска диэри төгүлү оҕо ити бэртээхэй ньыманан олус дөбөҥнүк суоттуур буолар эбит этэ.

Маҥнайгы кылааска үөрэнэ сырыттахпына, аҕам миигин биир дьикти булумньутунан наһаа сөхтөрөн турар. «Кэл эрэ», – диэн сэмээр ыҥырбытыгар тиийбитим, арай, икки илиитигэр букубаар кинигэтин тутан олороро. Лаахтаах, сабыс-саҥа, халыҥ тастаах кинигэ. Букубаар миигин ордук уруһуйдара тупсаҕайынан абылаабыта. Кэлэн ойоҕолуу турбутум. Аҕам букубаары икки илиитинэн ньилбэгин үрдүнэн тутан олорон «дьалкыҥнатара», оргууй илигирэтэрэ уонна: «Көр-көр, «ө» буукуба хамсыыр», – диэбитэ. Маҥнай утаа мин тугу-тугу этэр диэн өйдөөбөтөҕүм. Онтон «ө» буукубаны харахтарбын араарбакка одуулаабытым… Дьэ эбэтээ, арай туран буукубам, кинигэ таһыттан түһэн хаалыах айылаах, эмискэ халыҥнаан барбыта. Үүт-үкчү ууга дагдайа сылдьар сэбирдэх курдук. Ыртаччы мичээрдии-мичээрдии, наһаа да дьиктиргээбитим… Көр, мин аҕам барахсан, барыттан-бары, ол курдук көннөрү киһи көрбөтүн көрөр, булар ураты болҕомтолоох, булугас, мындыр киһи этэ.

Оҕо-оҕо курдук, кыра кылааска сылдьан, ардыгар уруок аахтарбыттан сылааргыырым. Араастаан сылтаҕыран куотуна да сатааһын ханна барыай. Оонньуу айдаана буоллаҕа. Букубаарга баар сүһүөхтэммит тыллар хайаан да быһаарыы ойуулаах буолаллара (мин итинник үчүгэй оҥоһуулаах тупсаҕай букубаары кэлин көрө иликпин). Ыскылааттаан саҥа ааҕа сатыы сылдьар кэммэр биирдэ убайым Сэргиэй үгэһинэн эмиэ уруок аахтарбыта. «Ы-т – ыт…», «а-т – ат…» – ити курдук бытааннык, ийэ-хара көлөһүнүм барыта тахса-тахса, сүрдээҕин дьоһумсуйан аахпытым. Сэргиэй: «Чэ эрэ, аны маны аах», – диэбитэ. «С-у-о-р…» – нэһиилэ ыҥыранан-ынчыктаан син дорҕооннору таһаарбытым. Аны туран тыл үрдүнэн быһаарыы ойуулаах. Төрүт кыайан аахпат киһи ол ойуутун да көрөн ааттаатаҕына бэриллибит тылы аахпыт курдук иһиллиэн сөп. Мин көрдөхпүнэ – тураах сохсоллон олороро. «Хайа, туох диэн тыл эбитий?» – Сэргиэй ыйыппыта. Мин туран киэҥ баҕайытык: «Тураах!» – диэн өрө чаҕаара түспүтүм. «Тууй-сиэ, сибилигин аҕай «суор» диэн ааҕан баран, «тураах» дии олорор дуу, дураак!» – диэт, убайым кэтэххэ тэс гыннарбыта. Дьэ көрүдьүөс киһи эбиппин…

Сэттис кылаастан саҕалаан, урут ортонон эрэ үөрэнэ сылдьыбыт оҕо, сыыйа-баайа үөрэхпэр кыһаллан, тардынан барбытым. Ол төрүөтэ – ийэлээх аҕам миигин күүс үлэтигэр сыһыаран улахан дьону кытары тэбис-тэҥҥэ сырытыннаран – олоҕу дириҥник хорутан ырыҥалыыр өйбүн-санаабын тобулбуттара буолар. Оҕо киһи, өҥүрүк куйааска, эймэҥнэс үөҥҥэ-көйүүргэ от охсо сылдьан, «оо, оскуолаҕа үөрэнэр диэн чэпчэки да эбит» дии саныырым.

Үрдүкү кылаастарга сөбүлүүр биридимиэттэрбэр чахчы баҕаран туран үөрэммитим. Сэттис кылааска диэри матымаатыкаҕа нэһиилэ токур үһүнэн сыһыллыбыт-соһуллубут оҕо, букатын улахан киһилии «бу мин, ама, киһи билэрин тоҕо билиэ суохтаахпыный» диэн олус абаран-сатаран, анаан-минээн дьаныһан туран дьарыктаммытым. Аны бэйэтинэн олус баҕалаах, дьаныардаах оҕону учуутал эмиэ үөрэн-көтөн, иэйэн-куойан туран үөрэтэр. Туохха эмэ мунаардахпына, тугу эмэ өйдөөбөтөхпүнэ – учууталбар дьиэтигэр кытта бара сылдьарым (оччолорго биһиэхэ төлөпүөн суоҕа). Уон биирис кылааска судаарыстыбаннай эксээмэҥҥэ аалгыбыраҕа алта сорудах кэлбитин барытын сонно тута суоттаан баран, аһыгар топпотох киһилии тула-мала көрүөлэнэ олорбуппун өйдүүбүн.

Борбуйун көтөҕүөҕүттэн үлэҕэ-хамнаска көлүллүбүт оҕо үп-харчы хантан кэлэрин өйдүү улаатар; дьон хара көлөһүнүнэн оҥорбутун-туппутун сыаналыы, сүрдээҕин харыстыы үөрэнэр. Тыла-өһө да лоп бааччы, оттомноох буолар. Дэлэҕэ оҕонньор курдук оҕо диэхтэрэ дуо. Итинник оҕолору кытары атах тэпсэн олорон сэһэргэһэр да астык.

Мин биир туохха да тэҥнэммэт улахан табыллыым, дьолум диэн – хомуньуус былааһын саҕанааҕы тыа сирин олоҕун, үлэтин-хамнаһын, кутуругун да буоллар, билэн хаалбытым буолар. Оҕо улахан дьону кытары тэбис-тэҥҥэ түсүһэн үлэлии сылдьан, олоҕу бары өттүттэн, ис-иһиттэн эргиччи, кыраҕытык сыныйан көрө үөрэнэр. Быстах-остох, араас мөкү дьайыыларга бэриммэт киэҥ, холку көҕүстэнэр. Барытын «бээ эрэ» диэн толкуйдуур, ырыҥалыыр майгыланар. Олох быртах, омсолоох көстүүлэрин тумна хаамар. Күүс үлэтигэр оҕо өйө-санаата, көр, оннук олус тобуллар…

Тохсус кылааска сылдьан, балаҕан ыйыгар оскуола киэһэтиттэн сүргэм наһаа көтөҕүллэн, өрүкүйэн ахан кэлэн иһэн, тэлгэһэбэр киирэн баран, далым иһигэр, хотонум ойоҕоһугар туран, бэйэбэр мэктиэ тыл бэриммиппин отой субу баар курдук өйдүүбүн: «Өскөтүн мин ийэлээх аҕабын чахчы, дьиҥнээхтик таптыыр буоллахпына – олоҕум устатын тухары хаһан даҕаны табаҕы тардыам, буокканы, сампааны да иһиэм суоҕа!» – диэн. Ол саҕана тыаҕа пиибэ диэн утах үөдүйэ илигэ. Мэктиэ тыл бэриниэм да иннинэ ити мөкү дьаллыктарга букатын сыстыбатах оҕо этим. Билигин түөрт уоммун аастым, ол усталаах-туоратыгар, ол оҕо сылдьан бэриммит мэктиэ тылбын тутуһаммын – сото табаҕы тардыбакка, үрүүмкэ буокканы, буокканы буолуо дуо, омурт пиибэни да испэккэ бачча сааспар диэри кэллим. Холуочуйар диэн тугун, туох туругун билбэппин уонна билиэхпин да баҕарбаппын! Туох миигин маннык өйгө-санааҕа аҕалта буолуой? Баара-суоҕа уон түөртээх-биэстээх эрэ оҕо этим ээ. Ол хоруйа олус судургу! Отой кыра саастан тыа сирин күүс үлэтигэр эриллэн буһуу-хатыы, онтон сиэттэрэн олоххо кыраҕы толкуй тобуллуута. Ийэлээх аҕам сатаан ииппиттэрин түмүгэ. «Сатаан» диэн тылга үтүмэн да санаа түмүллэн сырыттаҕа. Оҕо сэмээр сылдьан туораттан олох үтүөтүн да, мөкүтүн да сүрдээҕин кэтээн көрөр. Ол онтон кэрэтин, туһалааҕын эрэ сүүйэн, сомсон ыларыгар хара үлэ, күүс үлэтэ туохха да тэҥнэммэт, холобура суох төһүү күүс буолар. Үлэҕэ-хамнаска күн солото суох хачыгырайа сылдьар оҕо кута-сүрэ, этэ-сиинэ мэлдьи аһаҕас, наһаа ыллам буолар. Аны ол уһун күнү быһа үлэлээн букунайарын устатын тухары мэлдьи, наар, бүүс-бүтүннүү санаа кынатыгар уйдара сылдьар. Арааһы бары эридьиэстээн толкуйдуур, ырыҥалыыр санаа эйгэтигэр… Оҕо уоҕа-кылына барыта үлэҕэ уонна санаа алыбыгар харыыр. Итинтэн сиэттэрэн түс-бас, оттомноох майгыланар. Оттон сөптөөх дьарыга, үлэтэ суох туос иллэҥ оҕо омуннаах күүһэ-уоҕа, хомойуох иһин, ардыгар туһата суохха, быртахха былдьанан хаалыан сөп…

Мин ийэлээх аҕам иккиэн биир да кылаас үөрэҕэ суох дьон. Ол да иһин, үөрэх сатарыппакка, айыллыбыт айылгыларын алдьаппакка, төрүт тылларын сүөгэйин-сүмэтин энчирэппэккэ тутан кэллэхтэрэ. Мин саныыбын ээ: өскөтүн, арай, аныгы кэмҥэ, куорат сиргэ төрөөбүт буолуум, «мама», «папа» дэммит үөрэхтээх, эдэр дьоҥҥо. Төрөөбүт тылбын билиэм этэ дуо? Саарбахтыыбын. Уон тыллаах этиини саҥардахпына биэһин нуучча тылынан солбуйар буомурбут тыллаах «бааһынай» буолан бүппүтүм ыраатыа этэ. Тыа сирин, омугум барахсан төрүт олоҕун-дьаһаҕын, дьарыгын туһунан, олоххо билбит тус холобурдарбыттан туһанан, туттан уустаан-ураннаан суруйуом этэ дуо? Ончу суох. Суруйааччы буолбутум да иһин, норуотум туспа омук быһыытынан олус баай уратытын ойуулаан үйэтиппэт суруйааччы тахсыам этэ ээ…

Ийэлээх аҕам иккиэн сэрии кэмигэр эрэйи-кыһалҕаны эт эҥээрдэринэн тэлбит, холкуос күн эгэлгэ үлэтигэр утуйар ууларын умнан туран хачыгырайбыт дьон. Оччолорго олох кыһарҕаныттан оскуола модьоҕотун атыллаабатах үгүс ини. Сорохтор «үөрэхтэн маппыппыт» дииллэр эрээри, мин итини төттөрүтүн, олус кыраҕытык сыныйан көрдөххө, «төрүт айылгыбытын алдьатыыттан быыһаммыппыт» диэҥҥэ холуом этэ. Ол бүгүҥҥү күҥҥэ төрөөбүт ийэ тылбыт омук (нуучча) тылыгар олус түргэнник көһөн, суураллан эрэр кэмигэр өссө дьэҥкэтик көстөр. Үөрэх үөдүйүөн иннинэ, сүүһүнэн сыллар анараа өттүлэригэр, өбүгэлэрэ саҥара сылдьыбыттарын курдук айгыраабатах тыллаах-өстөөх аныгы саханы, бэл, биир да билим дуоктарын, бырапыассары – тымтыктанан да көрдөөҥҥүн булуоҥ суоҕа. Онон аһара сайдыы, сатаан дьаһамматахха, биһиги курдук аҕыйах ахсааннаах омук сир үрдүттэн букатыннаахтык симэлийэрбитигэр тиэрдэр амырыын алдьархай төрүөтэ да буолуон сөп…

Киһи элбэҕи да эридьиэстээн саныыр. Бэйэ үтүө өрүтүттэн холобурдуур, ама, киһиргээһин буоллаҕай. Өскөтүн мин, аныгы үөрэхтээх «мааматтан, паапаттан» төрөөбүтүм буоллар, баҕар, «буор иһээччи» даҕаны буолан хаалыахпын сөп этэ. Ону баара биир да кылаас үөрэҕэ суох ийэлээх аҕам ити амырыын дьаллыкка бачча сааспар диэри (бэйэбин харыстаныым) букатын чугаһаабат киһи гына айылгылаан ииппиттэрэ дьиктитин, астыгын. Оҕону үлэнэн иитии үтүө түмүгүн чэмэлкэй холобура ити буоллаҕа. Уһулуччулаах учуутал Көстөкүүн Испирдиэнэбис Чирээйэп ыччаты норуот төрүт дьарыгар, үгэстэригэр, сиэригэр-туомугар сыһыаран иитиэххэйиҥ диэн үөрэҕэ манна дьэҥкэтик да көстөр…

Аныгы киһи төһө да үөрэхтэннин, хайа да идэни баһылаатын, хас да омук тылын биллин, баҕар, хас да билим дуоктара да буоллун – чахчы үрдүк култууралаах, омук киэн, күөн туттар, холобур оҥостор киһитэ буоллаҕына – төрөөбүт ийэ тылынан түҥ былыр өбүгэлэрэ, төрүттэрэ хайдах саҥара сылдьыбыттарын курдук саҥарар киһи буолуохтаах. Дьэ оччоҕо кини буолуох этэ – норуотун өлбөт үйэлиир таһымнаах, дьиҥнээх саха киһитин чулуута диэн. Хомойуох иһин, билигин, бэйэлэрэ сааһырбыт сахалар эрээри, бэл кыдама, тордуох диэн тугун билбэт, араарбат түҥ хааһах дьон олус да үксээн эрэллэр. Ити – норуот төрүт дьарыгын аанньа ахсарбат, тыа сирин олоҕун баардылаабат буолбут өлүктүйэн эрэр өй-санаа көстүүтэ. Биир тылынан эттэххэ сыыйа-баайа омук быһыытынан симэлийиигэ, эстиигэ аттаныы…

Сэттэ уонус сылларга убайым Майыһыай, Үгүлээккэ интэринээккэ олорон оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, хонньокуулугар дьиэтигэр кэлэригэр, биир суолтан олус соһуйан кэлбитэ үһү. Кэлэн ийэтиттэн: «Ийээ-э, Үгүлээккэ сорох оҕолор ийэлэрин «маама» диэн ыҥыраллар, тоҕо итинник тыллаһаллара буолуой?» – диэн сүрдээҕин дьиктиргээн токкоолоспута үһү. Манан буоллаҕына, баара-суоҕа түөрт уонча сыллааҕыта, тыа сирин оҕото «мама» диэн тылы букатын билбэт, итинник тылы төрүт туттубат эбит…

* * *

1978 сылга Үһүс Күүлэти бүүс-бүтүннүү Үгүлээккэ көһөрбүттэрэ. Дьиҥэ, соччо ырааҕа суох сир, баара-суоҕа үс көс. Барыта биир сир-уот, дойду буоллаҕа…

Ойоҕоско Дьөгүөрдээх (эбэм сурдьа) түннүктэрэ сабыта сааллыбыт дьиэлэрин иһигэр көһөн баралларыгар хаалларбыт халандаардара, хайдах хаалларбыттарын курдук, лииһэ быһа тардыллыбытынан, иччилэрин суохтаан тыас иһиллэммиттии күн бүгүҥҥэ диэри иһийэн турар… Эһэм аах дьиэлэригэр эмиэ эркиҥҥэ тоһоҕонон сааллыбыт улахан халандаар турбута ыраатта. Ким да тыыппат. Онно хойуу хаар нуоҕайа түһэрэ, ыттаах оҕолор сиэттиспитинэн харыйаны эргийэ үҥкүүлүү сылдьаллара ойууламмыт. Мин төрөөбүт өтөхпөр бардахпына, ити халандаардары көрдөхпүнэ, мэлдьи, ытыах санаам кэлэр… Наһаа курус, санньыар санаа саба кууһар… 1978 сыллаахха, ити халандаар лииһэ быһа тардыллар кэмигэр, букатын атын да олох этэ… Ити көөрөттүбүт кирпииччэ оһох хаһан да умуллуо суохтуу күлэ-үөрэ тигинэччи умайара. Бу орто дойдуттан күрэммит ахтар-саныыр кырдьаҕастарбыт сорохторо өссө да бааллара. Олох, үлэ-хамнас күөстүү оргуйара. Айылҕа барахсан наһаа да ыраас, чөл этэ. Булт-алт олус да дэлэйэ (эмиэ көмүскэм ууланна…).

Үһүс Күүлэт дьоно сай үгэнэ мустан ыһыахтыыр сирдэрэ биһиги олорбут өтөхпүт илин өттүгэр баар. Бэйэтэ улахан тутуу. Үктэлинэн тахсар тырыбыыналаах, сэргэлэрдээх, баҕахтардаах – сүрдээх бырыынчык анал оҥоһуу.

Дэриэбинэни көһөрбүттэригэр дойду (өтөх) иччитэ дьонун-сэргэтин сайыһан ытаабыта үһү дэһэллэр. Уйбаныап Ыстапаан диэн оччолорго холкуос уопсай үлэтигэр биригэдьиир киһи, дэриэбинэ көспүтүн кэннэ, ол күһүнүгэр түүн ортото хараҥаҕа чэпчэтинэ таска тахса сылдьан оҕо ытыырын истибитэ үһү. «Бай, бу туох оҕото ытыыр, аны мунан хаалбыт ыамай сылдьара буолаарай» диэн саҥа хоту барбыт. Арай туран чугаһаатаҕын аайы, ытыыр саҥа тэйдэр тэйэн биэрэн иһэрэ эбитэ… Ыстапаан ыҥыра-ыҥыра баран иһэн, эмискэ эт-этэ аһыллан, куттанан төннөн хаалбыта үһү.

Дэриэбинэни көһөрөллөрүгэр бүрүсүлүөс ыарыы сыстыаҕа диэн балтараа сүүсчэ сүөһүнү өлөрбүттэрэ…

Аһаҕас харахтаахтар арааһы бары көрөллөр быһыылаах. Бэл, «бүтэй» кулгаахтаахтар күн бүгүҥҥэ диэри ыһыахтыыр сиргэ дьон оһуокайдаан эҥсэн дуораһытар саҥаларын илэ бааччы истэллэр.

Мин киинэ устар өрүһүссүөр эбитим буоллар, Үһүс Күүлэккэ баран, биһиги кылаассык суруйааччыларбыт айымньыларынан холкуос тутуутун саҕанааҕы уус-уран киинэни устуом этэ. Дьиэтэ-уота, күрүөтэ-хаһаата – барыта урут хайдах тутуллубутунан турар. Эргэрбитин кыратык сөргүтэ, сөхсүйэ эрэ түһүөххэ сөп. Михаил Шолохов «Тиэриллибит кырыс» айымньытынан уһуллубут киинэни көрдөхпүнэ, наар дойдубар тэҥнии, холуу саныыбын. Биллэн турар, мин дойдум айылҕата итиннээҕэр өссө ордук үчүгэй…

Билигин сайын Үһүс Күүлэт дэриэбинэтигэр баар биэс дьиэттэн бур-бур буруо бургучуйан үрдүк мэҥэ халлааҥҥа харбыалаһан өрүкүйэ ытыллар, унаарыйа сыыйыллар. Атыыр үөрдэрэ Муоһааны эбэ тумуһахтарынан арытыаласпыт киэҥ нэлэмэн үс түөлбэтин сүмэһиннээх оттоох ходуһаларыттан арахсыбакка мэччийэллэр. Кыһын хаһаллар. Үһүс Күүлэт утуму салгыыр ыччаттара өбүгэлэрин төрүт сирдэригэр-уоттарыгар тардыстан мэлдьи кэлэ, тиийэ тураллар: сылгы ииттэллэр, оттуулар, бултууллар…

* * *

Аҕабынан эбэм Маарпа сэттэ уонун ааһан баран орто дойдуттан барбыта. Киһи дьиктиргиирэ диэн баар, хара өлүөр диэри, букатын, биир да маҥан баттаҕа суох этэ. Мин эбэбин Маарпаны үчүгэйдик өйдүүбүн. Сэрии кэмигэр, аас-туор дьыллар саҕана, эрэй-муҥ бөҕөтүн көрбүт, билбит киһи буоллаҕа. Аны оҕолорун сүтэрбит аһыыта сыттаҕа… Итинэн буоллаҕына, «кыһалҕаны, сору көрсүбүт баттаҕа эрдэ маҥхайар» дииллэрэ сымыйа эбит.

Эбэм Маарпа эдэригэр собо уҥуоҕар харан өлө сыспыта үһү. Таба туркутугар олордон куоракка илпиттэр. Онтулара, айаннаан истэхтэринэ, өлүө суох быатыгар, нэксиэҕэ уҥуоҕа төлө баран, аараттан төннүбүттэрэ үһү.

* * *

Үһүс Күүлэттэн Бэрэ эбэ – түөрт биэрэстэ. Бэрэттэн Маайыс Аһыктаата (Арҕаа Күөл) – үс биэрэстэ.

Аҕам Арҕаа Күөлгэ төрөөбүтэ үһү. Үһүс Күүлэттэн айан суолунан тиийдэххэ хаҥас өттүгэр баар өтөххө. Тимир уонна мас ууһа хос эһэм Маайыс оҕонньор олорбут сирэ-дойдута. Ол иһин эбэ – Маайыс Аһыктаата диэн ааттаммыт. Ону харыстаан Арҕаа Күөл диэн ханалыталлар. Айылҕата хайдах айыллыбытынан чөл турар – сир диэтэххэ сир, дойду диэтэххэ дойду ахан дойду. Урут хатыйыы бүтэйинэн иилии-саҕалыы эргитиллибит, эргиччи оттонор ходуһалаах үс улахан түөлбэлээҕэ эбитэ. Кэлин, сыл-хонук ааһан истэҕин аайытын, сэмээр угутурдар-угутуран, түөлбэлэрэ холбоһоннор, билигин биир сүүнэ эбэ буолан туолан ахан турар. Кутаҥнас кута. Оҥолох-чоҥолох көрдүгэн, көлүйэ. Аҕам: «Анды сөбүлээн киллэрээччи. Сайын халыҥнык үөрдээн, хара тордох курдук халҕаһалыы анньан уста сылдьааччылар», – диэн кэпсээччи.

Үһүс Күүлэккэ олорор күөл (Илин Аһыктаа) уҥуор Ойоҕоско баар эһэм аах дьиэлэрин кэтэҕинээҕи бөдөҥ мастаах хойуу быыс тыа иһинэн орҕочуйар ыллык суолу бата түһээккин, өҥөс гынныҥ да – Өркүҥээ эбэ бу нэлэс гына түһэр. Нэлэйэн, хотойон түһэн эмиэ эбэ да эбэ. Чуумпу күн тыынан киирдэххэ, эбэ барахсан уҥуоргу тыата мэктиэтигэр томтойон көстөр. Дэриэбинэттэн киирээккин, Өркүҥээни хоонньоһо, Дэлбэни диэн көлүйэ күөл мэндээрэр. Кэлин угутурбутугар Дэлбэни Өркүҥээни кытары кутаҥныы сытар кутанан быысаһан баран, силбэһэн, холбоһон хаалбыттар.

Былыр Бэрэ уонна Өркүҥээ эбэлэргэ анды көтөр уутуйан үөскүүрэ, төрүүрэ-ууһуура эбитэ. Ол да иһин буолуо, Бэрэттэн Өркүҥээҕэ диэри «анды солооһуна» диэн ааттаан тыаны солообуттар. Анды күөлтэн күөл ыккардыгар, эҥэйэн көстөр сиргэ талаһан, бэрт намыһаҕынан, солооһуну бата көтөрө үһү. Төттөрү-таары аарыы, сулукуччуһа сылдьар андылары – солооһуну туора илим тардан онно иҥиннэрэн дьиктитик бултуур албастаахтар эбит.

Төрүттэрим, өбүгэлэрим олорбут эбэлэрэ Маайыс Аһыктаата элбэх тумуһахтардаах, булуҥнардаах, көлүйэлэрдээх. Олор бары анал ааттаахтар. Аҕам: «Сайылык өтөҕөр куочай баар», – диэччи. Ону тоҕо эрэ түбэһэн көрө иликпин. Баҕар, хайа сахтааҕы кэрэх маһа сууллубута буолуо. Мин куочайы аҕыйах сыллааҕыта тииҥнии сылдьан, Дэлбэни кэриитигэр алҕас түбэһэ түһэн көрбүтүм. Кэрэх билигин да бэрт сэнэх турар. Куочайы аакка-суолга киирбит Испирдиэн ойуун көтүтэн таһааран тиит өргөс уһугар кэтэрдибитэ үһү дэһэллэр. Биһиги эһэбит Сэргиэй Испирдиэн ойууну кытары ыкса билсэллэрэ эбитэ.

Дэлбэнигэ, хас үйэ силигилээбиттэрэ биллибэт, биир сиртэн үүнэн тахсан халлааҥҥа харбаспыт сүрдээх сөҕүмэр модьу, атын аҕайдык баараҕадыйбыт үс ытык харыйа баара.

Эбэм Маарпа улуу отоһут Ньыыкаҥҥа (Никон Алексеевич Васильевка) эмтэнэ сылдьыбыта. Ньыыкан эбэбэр киһинэн хаста да эмп оҥорон ыыппыта үһү. «Өтөххүт таһыгар үс сүдү мас үүнэн турар», – диэн ойуулаан биэрбитин сөҕөн кэпсээччилэр. Ини-бии харыйалар билигин суохтар, үйэлэрин моҥоон эмэҕирэн сууллубуттар. Аҕам кытта төрөөбүт балта аах: «Бу – Сааба харыйата, бу – Сэмэн харыйата, бу – Бүөтүр харыйата…» – диэн убайдарын ааттарынан ааттаталаан, ол ытык харыйалар анныларыгар сөбүлээн оонньууллара эбитэ үһү.

Арҕаа Күөл соҕуруу эҥээринээҕи тумуһаҕар сэттэ уонус сылларга «суокка» булдуоһарынан бырасыака астарааччылар мас быыска туруорбуттара билигин да дьэндэйэн турар. Быыска үөһээ сүһүөҕүн муостатыгар суор арбах уйа туттан хас сыл аайы сымыыттыыр.

Арҕаа Күөл эргиччи элбэх өтөхтөөх. Урут түөрэтэ барыта бааһына эбитэ. Бурдугу хото үүннэрэллэрэ үһү. Аҕам этэр буолара: «Оо, урут, былыр алаадьы амтана минньигэс да буолара… Оҕо эрдэхтээҕим саҕанааҕы курдук минньигэс алаадьыны кэлин сии иликпин. Ол, баҕар, бэйэ үүннэрбит уохтаах бурдуга буолан гынара эбитэ дуу?.. Бурдук – үгүс көлөһүн тохтубутун кэннэ биирдэ остуолга ас буолан ууруллар. Билигин аныгы дьон мэлии бурдугу күүлэттэн киллэрэн астыылларын ыарырҕаталлар. Һэ, соҕурууттан бэлэм кууллаах бурдук кэлбэтэ да, биһиги, сахалар муҥнаахтар баҕас хоос гына түһэр сордоохторбут. Хаарыан өҥ сирдэр таах, туһата суох сыттахтара…»

Хос эһэм Маайыс оҕонньор ичээн эбитэ үһү. Өлөрүгэр: «Мэкчиргэ буолан ыччаттарым олохторун көрө сылдьыаҕым», – диэбитэ эбитэ. Ол иһин эбэм аах мэкчиргэни ытыгылаан букатын тыыттарааччылара суох. Дьиэ таһыгар, тэлгэһэҕэ да сохсойон олордун, тыаҕа мас кылаан чыпчаалыгар да иһийдин – тумна хаамаллара. Маайыс оҕонньор: «Уол оҕо өттүттэн хойуу буруо тахсар, кыыс аймах эҥээриттэн дьоҕойон хатырык буруо оҕото эрэ бургучуйар», – диэбитэ үһү дэһэллэр. Көрүү көрүүлэммитин курдук, кырдьыга да, уолаттара ордук тэнийбиттэр, элбэх оҕоломмуттар, аатын ааттатар араас айылгыламмыттар. Олор ыччаттара ууһаан-тэнийэн сир-сир аайы тарҕаммыттар…

Ийэм 1956 сыллаахха Балаҕаччыттан Свердлов аатынан холкуостан Үһүс Күүлэккэ сылгы үүрэн иһэн, Хаҕыҥҥа Эгилиэп Арыылааҕар Тоһоҕо Бүөтүрэ аах диэн ыалга чаайдыы олорон, Үһүс Күүлэттэр кэлэн андаатардыы сылдьалларын туһунан сураҕы истибит. Булчуттар балаакканан сыталлара үһү. Ол мин эһэм Сэргиэйдээх эбиттэрэ. Ийэм оччолорго Сэргиэй уолугар Сэмэҥҥэ кэргэн тахсыам диэн түүлүгэр да түһээн көрбөтөх суола буоллаҕа. Андаатары билиҥҥи курдук туунан буолбакка, уйатын сүргэйэн баран, тимир чааркаан ууран бултууллара эбитэ. Чыбын кылгас гыннахха, атаҕын быһа кэрбэнэн кэбиһэр, оттон уһаттахха – умсан баран ууга тумнастан өлөр. Андаатар ол кэмҥэ саҥа хото үөдүйэн эрэр харамайа, сүрдээҕин күндүркэтэллэрэ. Ол да иһин итиччэ ыраах кэлэн сонордоһон эрдэхтэрэ.

Хойут, Үһүс Күүлэттэн Үгүлээккэ көһөн кэлбиппит кэннэ, аҕам ДТ тыраахтарынан икки сыл Балаҕаччыттан, Одуҥдаттан от таспыта. Уонтан тахса көс сири бэрт уһуннук сыннаран кэлэллэрэ. «Улахан от буолара да, ити айылаах уһун айаҥҥа остохобуостаах от, игии аалыытын курдук кээрэнэн-кээрэнэн, сыыйыллан-сыыйыллан, букатын боскуйа курдук эрэ ордон хаалара», – диэн кэпсиирэ. Аҕам Балаҕаччыга тиийэн, Саабынаба Өксөөннөөххө (ийэбин ииппит дьоҥҥо) чаайдыыра. Түүн тиийдин, күнүс тиийдин – аҕабын күтүөппүт диэн ханна олордуохтарын-туруоруохтарын булбаттара үһү.

* * *

Ийэлээх аҕам холбоһон, ыал буолан баран аан бастаан бииргэ олорбут сирдэрэ – Бэрэ. Ол иһин ийэм Бэрэни туох эрэ курдук күндүтүк саныыр, ахтар. Маайыс Аһыктаатыгар (Арҕаа Күөлгэ) барар суол аартыгар баар өтөххө икки ыал буолан олорбуттар. Иккис дьиэҕэ эбэм Маарпа аҕата Мэхээлэ (Көҥөс) оҕонньор уола Дьөгүөрдүүн, кийиитэ Бөлтөөкөп Маарыйалыын уонна кинилэр ыамайдарыныын эбиттэрэ үһү. Ыамайдара диэн: Миисэ, Дьарааһын, Өрүүнэ. Ийэм тиийэригэр кыра оҕолор. Дьөгүөр кэргэнэ Бөлтөөкөп Маарыйа Тылгыныттан төрүттээх. Дьөгүөр оҕолоро бары сүрдээх күлүүлээх-оонньуулаах, көрдөөх-нардаах баҕайы дьон. Сопхуос төһүү үлэһиттэрэ этилэр.

Дьарааһын сайын өҥүрүк куйааска от охсо сылдьан сөрүүкээри, ырбаахытын бүүрүгүн ыстааныгар симтэн, ыксары курданан баран, хадьымалга, ходуһаҕа ыстаҥалаһа сылдьар баҕалары хомуйан хоонньугар хааланан кэбиһэрэ үһү. Сылыйдахтарына сүөкээн баран уларытар эбит.

* * *

Букатын кырабар, саҥа хаама сатыы сылдьан, биир саас испин уокка сиэтэн улаханнык тэмтэрийэ сыһан турабын. Оһох иһигэр кумааҕы бөҕөнү хаалаан кэбиспиттэрэ эбитэ үһү. Сыыһын көҕүрэтээри гыннахтара, эдьиийим аах оһохторун умаппыттар. Аанын саппатах муҥнара буолуо, аттаан баран ааһан иһэр оҕо иһин анныгар оһохтон умайа сылдьар кумааҕы төкүнүйэн түспүт. Иһэ килэйэ сылдьар ыамай тараһатын салаабытынан, ырбаахытын сиэбитинэн барбыт… Эдьиийим аах аймаммыттарыгар ийэм кэлэн сабыта тутан, баттаан умуруорбут. Өссө испэр уу куппуттар эҥин. Тараһам сонно хас да сиринэн хабыллан балдыгыраан тахсыбыта үһү. Соччо улаханнык ытаабатахпын уонна өссө салгыы оонньоон барбыппын. Бааһа көрдүгэннээн сэтэрийиэ диэн Үгүлээккэ киһи ыытан эмп ылларбыттар. Эмпит диэн – балык сыата уонна үрүҥ өҥнөөх бороһуок. Убайым Дьөгүөр уола Дьарааһын миэхэ эмп аҕалаары үс көстөөх Үгүлээккэ суос сатыы баран кэлбит. Үһүс Күүлэккэ Марыына (Хаптаанньа) диэн биэлсэр баара да, куоракка (Бүлүүгэ) киирэн хаалбыт кэмэ эбитэ үһү. Ырбаахыбын уот сиэбит сирин ийэм кырыйан баран абырахтаан кэбиспитин салгыы кэппиппин.

Аны үстээхпэр, биир сайын, дьоммут үлэлэригэр сырыттахтарына, кыра эдьиийим Аанчыгы кытары дьиэбит иһигэр оонньуу сылдьан, кумааҕы куукуланы былдьаһан дьирээлэспиппит. Оҕо оҕоттон туох атыннаах буолуой. Эдьиийим Саргы эмиэ баара. Онно Аанчык түҥнэри анньыбытыгар, тимир орон кырыытыгар хааспын быһа түһэн кэбиспитим. Маҥнай утаа уҥуоҕум килэйэ сылдьара үһү. Ол эрээри, киһи дьиктиргиэх, хаан кэлбэтэҕэ эбитэ. Саргы үүт сиидэлиир маарыланан баайан баран, уоскутаары сыллыы-сыллыы көтөҕө сылдьарын үчүгэйдик өйдүүбүн. Бааспын тикпэтэхтэр. Субу-субу ыраастыыллара, ону букатын сөбүлээбэт этим, биллэн турар, ыалдьан эрдэҕэ. Быһа түспүт бааспын, тоҕо эбитэ буолла, Дьөгүөр кыыһыгар Өрүүнэҕэ эрэ эмтэтэрим. Өйдүүбүн ээ, оҕолору кытары күөл кытыытыгар оонньуу сырыттахпына ыһыытаан ыҥыран ылалларын. Өрүүнэ ньилбэгэр көтөҕөн олорон, хантатан баран, харахпынааҕар киэҥ ырдьайа сылдьар бааспар эмп кутара, онтута кыынньан, оргуйан бөҕө буолара. Кэлин санаатахпына, ол эмэ гидроперит эбит. Ити кэннэ маас биһэрэ.

* * *

Эһэм Сэргиэй сэриигэ сылдьан атаҕар уонна холугар бааһыран улаханнык эчэйэн, эрэмсэрэн кэлбитэ. Маҥнай баттыгынан сылдьара эбитэ. Сэрииттэн кэлээтин пиэримэ сэбиэдиссэйэ гыммыттар.

Ийэм тойонун Сэргиэйи наһаа истиҥник ахтар. Сиэннэригэр букатын кутун туттарбыт оҕонньор эбитэ үһү. Аны туран сүрдээх күлүүк эбит. Дэлэҕэ ыамайдары дьээбэлээн баран, хараҕын үүтэ көстүбэт буола күлэн, таска тахсаары аанын тутааҕын таба туппакка мээнэнэн харбыалыы туруо дуо…

Бэрэҕэ олордохторуна саас ийэм, дьиэтин иннигэр тахсан кулуһун оттон баран, үөрүйэх киһи бэрт кудуххайдык сыарҕа ылахтаан имиллэҥнэтэрин көрөн, аҕам эһэтэ Мэхээлэ: «Хайдахтаахтарга эрэ итинник түбэһэр…» – диэн кийиитин (мин ийэбин) хайгыыра ахан үһү. «Бэрэҕэ маҥнай кэллэҕим утаата Мэхээлэ оҕонньорго ырбаахы тикпиппэр олуһун үөрбүтэ», – диэн ийэм кэпсиир.

Ийэбинэн эбэм Ньууньаала Маарыйа бэйэтин лаппа кыанар, кыахтаах ахан дьахтар эбитэ үһү. Ол туһунан мин «Ийэм кэпсиир…» арамааммар сиһилии суруйан турабын. Биһиги ийэбит эмиэ төрүттэрин баппыт. Уолаттары кытары тустан көрөр дьээбэ майгылааҕа. Күҥҥэ хааттан ордуктууну охсоро. Эттэххэ дөбөҥ. Дьоҥҥо уу өппөт курумууларын тикпитэ күн бүгүҥҥэ диэри сылдьаллар. Ийэбит быаһыт, имииһит ааттааҕа.

Кытта төрөөбүт эдьиийдэрбиттэн улахан эдьиийим Биэрэ олоҕун иискэ анаабыт киһи. Эдьиийим Сомсуон кыыһа Сиинэ эмиэ биллэр-көстөр, улахан иистэнньэҥ. Норуот маастара.

Ийэм биир сайын сопхуос собуосунатын иһигэр сыппыт Муоһааны эбэҕэ киириэхтээх от мустарар массыыналарын – систэри, тиистэри бүүс-бүтүннүү – көтөҕөн ылан, тыраахтар сыарҕатыгар бырахпыта үһү. Ону көрбүт дьон сүрдээҕин сөхпүттэрэ эбитэ. Ыстапаан Ыкынаачабыс диэн Үһүс Күүлэккэ бэрэбэлээссэйдээбит, оскуолаҕа уһуннук учууталлаабыт киһи ийэм күүһүн, кыаҕын сөҕөн билиҥҥэ диэри мэлдьи кэпсэл оҥостор.

Ийэм Үһүс Күүлэккэ кэллэҕин күһүнүгэр Муоһааныга Кучаана өтөҕөр ыанньык сүөһү хотонун туппуттар. Ийэм онно Махаарын сэттэ ыйдаах хат сылдьара. Дьахталлардыын, эр дьоннуун элбэх буолан үлэлээбиттэр.

Үһүс Күүлэт төрүт олохтооҕо Борокуоппайап Хабырыыл-Күүстээх Хабырыыл диэн биир кэм мүчүк-мүчүк гына сылдьар, улахан саҥата-иҥэтэ суох, киппэ быһыылаах-таһаалаах, бөҕө-таҕа көрүҥнээх киһи баара. Хабырыылы өссө Ыарахан Хабырыыл, Дьээдьэ Хабырыыл диэн ааттыыллара.

Аҕам мас кэрдиитигэр сылдьыбыт. Дьахталлар хас да оҕуһунан кэрдиллибит маһы таспыттар. Ийэм үөстэн кэбиһиллибит оттон сыыйан оҕуһугар сэдимньигэ сиэтэригэр от сүгэн тахсыбыт. Арай туран Күүстээх Хабырыыл бэйэтин көлөтүн наар ийэм сүгэн тахсыбыт отуттан ылан хадаҕалыыр эбит. Ийэм маҥнай утаа өссө улаханнык аахайбатах, онтон кэлин киһитэ наһаалаан барбытыгар тиийэн, Хабырыыл түүтэхтээн баран хонноҕор кыбыммыт отун дьээбэлээн тардыаласпыта буолбут. Онуоха туран Хабырыыл, отун сиргэ ыһыктаат, ийэбин икки бүлгүнүттэн ылан уҥа-хаҥас илгиэлээн, атын аҕай хачымахтанан барбыт. Ийэм бу туох буолбут киһиний диэн Күүстээх Хабырыыл, кытаахтаабыт илиитин араарбыта буола сатаабыт. Киһитэ буоллаҕына арахсыах быһыыта суох эбит. Онуоха ийэм дьирээлэһэ сылдьар киһини уолугуттан ылбыт да, туора садьыйан кэбиспитэ түөрт лабаата адаарыйбытынан таралыс гына түспүт… Хабырыыл: «Ити баҕас алҕас, чоҥочохтон иҥнэммин бүдүрүйэн оҕуттум!» – диэт, иһэ дээдэйэн сылдьар хат дьахтар диэбэккэ, ийэм үрдүгэр иккистээн кэлэн түспүт. Ийэм, бэлэм турбут киһи, иккиһигэр баҕас харыстаабатах, Күүстээх Хабырыылы хонноҕун анныттан ылбыт да, үлтү тэпсиллибит чиҥ сиргэ ньылк гына түһүөр диэри быраҕан бурҕас гыннарбыт. Киһи эрэ буоллар, Күүстээх Хабырыыл үһүстээн чугаһаабатаҕа үһү. «Дьиэттэн тахсан тустарбытын көрбүт дьахталлар, оо, онно күлсүбүттэрин…» – диэн ийэм куруук сонньуйа-сонньуйа кэпсиир. Араартыыр да түгэн суоҕа эбитэ.

Ийэм күлүүлээх-оонньуулаах, наһаа эйэҕэс майгылаах буолан, Үһүс Күүлэт эҥээр биллибит Мастаах дьоно ийэбит аатын ааттаабытынан кэлэллэрэ. Били, «Свердлов» холкуоһугар эрдэҕинэ, сибидиэнньэ аҕалан Балаҕаччыга кэлэ сылдьан, тустан хачымахтаһыы кэмигэр оһох состуоҕар муннун тоҕу бырахпыт уола Мэкчэкиирэп Уйаан хойут Иккис Күүлэккэ холкуос бэрэссэдээтэлэ буолан турар.

Биирдэ кыһын аҕам Иккис Күүлэккэ тутууга бара сырыттаҕына, маҕаһыыҥҥа хаатыҥка тахсыбыт. Оччолорго, хаатыҥка маҥнай үөдүйэр кэмигэр, туох эрэ курдук күндүтүк көрүллэр таҥас эбитэ. Атыыга хаатыҥка тахсыбытын истэн аҕам: «Харчылаах киһи Аанаҕа хаатыҥка ылыахха баар эбит», – диэбит. Мэкчэкиирэп, ону истэн, сонно тута аҕабар хаатыҥка харчытын аҕалан биэрбит. Көннөрү, туох да иэһэ-күүһэ суох.

Ол хаатыҥка кэлбитигэр Дьэкиим ойоҕо Настаа диэн эмээхсин ымсыыран көрдөөн бөҕө буолбута үһү. Сороҕо хантаччы барбыт, сороҕо уллуҥа тэстэрэ чугаһаабыт этэрбэс бөҕөнү дьиэтиттэн кыбынан аҕалан: «Мантан таптаабыккын ыл», – дии-дии, икки-үс этэрбэскэ тиийэ атастаһа, мэнэйдэһэ сатаабыта диэн ийэм күлэ-күлэ кэпсиир. Хор, хаатыҥканы сонун таҥас диэн оннук күндүркэтэллэрэ эбитэ. Ийэм кэргэнин кэһиитин, биир дойдулааҕын бэлэҕин тоҕо атастаһыай…

Ийэм маҥнай Үһүс Күүлэккэ кэлбит сайыныгар, Бэрэттэн балтараа көс кэриҥэ ыраах сытар Күрүөйэх диэн эбэҕэ баран оттообуттарын сүрдээх үчүгэйдик ахтар. Эһэм Сэргиэй, аҕам, абаҕам Сааба уонна ийэм буолан оттообуттар. «Айылҕата астыга эҥинэ, дьонум барахсаттардыын ол сайын бэркэ да сылдьыбыппыт», – диэн ийэм мэлдьи ахтар.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации