Текст книги "Аҕа"
Автор книги: Семен Маисов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 5 (всего у книги 14 страниц) [доступный отрывок для чтения: 5 страниц]
* * *
Саас Бэрэ бааһынатыгар туруйалар арахпакка түһэллэрэ. Эһэм Сэргиэй тоҥуу оҥорон, икки бууттаах чааркаан иитэн бултаһара эбитэ. Сарсыарда дьиэтигэр сүүнэ көтөрдөрү даллатан киирэрэ үһү.
Эһэм Сэргиэй улахан булчут этэ. Саха АССР чөмпүйүөн булчута буолан бүтүн өрөспүүбүлүкэ бочуотун дуоскатыгар кытта тахсыбыта. Кырдьыгынан эттэххэ, кини ол-бу ааты-суолу улаханнык баардылаабат киһи этэ. Бултаабыт түүлээҕин биири да энчирэппэккэ, быыс бычыгыраппакка сыа-сым курдук тутан, таҥастаан түөрэтин туттарара. Аны туран оҕонньор – кэпсэлгэ киирбит саһылдьыт. Күөлгэ, көлүйэҕэ, сылгы хаһыытыгар, олукка чааркаан иитэн баран, дьиэтигэр киирэн чаай иһэ-иһэ, түннүгүнэн көрөн олорон ылара үһү. «Кэллэ-кэллэ, билигин үктүөҕэ, көрүҥ-көрүҥ… Оок, үктээтэ!» – диэт, ыксаабакка тахсан субу иҥнибит көп саһылы мөлбөччү тутан киирэрэ эбитэ.
Эһэм уола Эриэбэни кытары бултууллара. Тииҥ оччолорго өнүйэн да үөскүүр эбит. «Биир дьыл куруҥҥа, уу-у, сутуйан да олорбут этэ. Туоһапканан тииҥи ытаары, уһун күнү быһа мас чыпчаалын кыҥастаһартан, биир кэм хантаарыҥныыртан киэһэ киһи сүнньэ көһүйэн хаалара», – диэн убайым Эриэбэ кэпсиир. Хас да буолан тыһыынчанан тииҥи бултууллара үһү.
Эһэм Сэргиэй үрүҥ тииҥи уонна ала бэлиэлээҕи бултаан турар. Онтутун холбукаҕа уган хойукка диэри илдьэ сылдьыбыта үһү.
Эриэбэ оскуолаҕа үөрэммэтэҕэ. Аҕата акка мэҥэстэн Иккис Күүлэккэ үөрэттэрэ илдьэ барбыт. Онтон аһынан төттөрү аҕалбыт. «Үү-ү-ү… үү-ү-ү…» – диэн ытыы-ытыы барбыт уол төннөрүгэр ыллыы-ыллыы кэлбит. Киһи-киһи бу Орто дойдуга араас дьылҕалаах, айылгылаах, аналлаах айыллан кэлэр. Эриэбэ бэйэтин идэтин чахчы муҥутуурдук баһылаабыт чулуу булчут.
Сааба эмиэ үөрэммэтэх. Дэлэҕэ үөрэнэ баран баран, куртуйах тутуурдаах кэлиэ дуо. Аҕам убайа Сааба уонна инитэ Уйбаан аарымыйаҕа баран үстүү сыл сулууспалаан кэлбиттэрэ.
Эриэбэ сааһын тухары сопхуос идэтийбит булчута. Убайым үтүмэн үгүс булду бултаатаҕа. Аҥаардас андаатарын да ылан көрдөххө киһи сөҕөр. Эриэбэ биир кыһын Иккис Күүлэт киһитэ Сөдүөтэп Дьаакыбы (Кинээс Уола) кытары икки тыһыынча алта сүүс андаатары бултаан тураллар. Ол аата биирдии бэйэлэрэ тыһыынча үс сүүстүүнү бултаабыттар. Ол айылаах булт таҥастанара төһөлөөх үлэ буолуой. Аны бултара, түүлээхтэрэ ол эрэ буолуо дуо.
Эриэбэ биир тууттан биир көрүүгэ, муҥутаан, сүүрбэ аҕыс андаатары ылбыта үһү.
Аҕам оҕо эрдэҕинэ буолбут араас түбэлтэлэри кэпсээччи. Сороҕо сонньуйуулаах, сороҕо кэчэһиилээх. Эмискэ-эмискэ олору тэһэ санаан кэлэбин… Былыр туос тыынан балыктыыллара үһү. Убайым Эриэбэ: «Тыытыйыҥда диэн күөлгэ уруут-урут, өрдөөҕүтэ туос тыылаах киһи ууга түһэн өлбүтэ үһү», – диэччи. Кэлин эрбии үөдүйэн хаптаһын тыы оҥостор буолбуттар. Уу иҥмит бүтүннүү хаптаһын тыы сүгэргэ ыарахана диибин диэн. Хаптаһын тыыны ыаһыыллара. Аҕам: «Оҕо сылдьан тыы ыаһын хоҥнорон ылан ыас гынан ыстаан мөҕүллэрбит», – диэн кэпсиирэ…
Аҕам биирдэ аҕатын саатын ылан тыаҕа тахсан баран, булдун ытаары харыаран кэбиспит. Ол курдук дьиэтигэр төннөн кэлбит. Устунан аралдьыйан умнубут…
Аҕата саата харбытын билбэккэ, уоһугар ботуруон уган баран ыппытыгар, саа кэннинэн эстэн, тииҥ бэргэһэтин аҥаар кулгааҕын быһа көтөн кэбиспитэ үһү. «Оҕонньор онно дьэ улаханнык кыыһыран, бабыгыраан кэлбитэ доҕор», – диэн аҕам сонньуйа-сонньуйа кэпсээччи.
Аҕам Бүлүүттэн ыраах ханна да барбатах киһи. Дьокуускайы ханныы-ы эрэ ыраах да ыраах баар куорат курдук саныыра. Оннук да буоллаҕа…
Аҕыйах сыллаахха диэри хас Саҥа дьыл аайы, уон икки чаас оҕуста да, аҕабын кытта таска тахсан, дэриэбинэ дьоно оҕолуун-улаханныын сөлүүт ыталларын көрөрбүт. Сөлүүттэн үргэн аппыт далы кыйа сүүрэрэ. Ыппыт Кэрэмэс куттанан уйатын иһигэр киирэн хаалара эбэтэр, тоҕо эбитэ буолла, өрө чолойон олорон улуйан онолуйара. Мин кэбиһиилээх от үөһэ ыттан, аҕам чигди үөһэ наҥналлан туран – күн араас уотунан күлүмүрдүүр, күлүмнүүр, сандаарар сөлүүтү кэрэхсээн көрөрбүт букатын бу баар курдук… Аҕам барахсан…
Аҕам аах хаһа-ан эрэ оҕо буолан аастахтара… Оҕо-оҕо курдук эмиэ да ытаан-соҥоон, эмиэ да үөрэн-көтөн сырыттахтара… Аҕам барахсан оҕо сааһын өйбөр оҥорон көрдөхпүнэ – наһаа уран, дьикти иэйии саба кууһар… Киһи хайдах да уйадыйбакка буолбат…
* * *
Эбэм сурдьа Дьөгүөр сэриигэ баран кыргыһыы саамай оргуйар ортотугар сылдьыбыт. Куурускайдааҕы амырыын силиктэһииттэн тыыннаах ордубут, кырдьыга да толору оҥоһуулаах саллаат. Албан Аат III уонна II истиэпэннээх уордьаннарынан наҕараадаламмыт. Биир да кылаас үөрэҕэ суох, нууччалыы төрүт билбэт киһи чахчы ураты хорсун быһыытын иһин итинник үрдүк наҕараадаларга тигистэҕэ. Сэриигэ сылдьыбытын туһунан ончу, туура тугу да кэпсээбэтэ. Улаханнык холуочуйдаҕына, сээкэйи ыйыттахтарына, баһын быһа илгистэ-илгистэ, саҥата суох ытыыра эрэ үһү. Уордьаннарын, мэтээллэрин букатын баардылаабата. Кэлин оҕолоро оонньуур гына сылдьан, сороҕун сүтэрэн-оһорон кэбиспиттэр. Дастыбырыанньалара эрэ бааллар.
Дьөгүөр хаста да ыараханнык бааһырбыт. Сэрииттэн тыҥатыгар өстөөх сэнэрээтин үлтүркэйин илдьэ кэлбит. Бэйэтэ кэпсииринэн, хаана барыа диэн быраастар ылбатахтар. Ол курдук сэнэрээтин үлтүркэйин тыҥатыгар анараа дойдуга илдьэ барбыт.
Дьөгүөр соҕуруу эмтэнэ сылдьыбыт. Онно сөмөлүөккэ аһардалларыгар, тимири билэр ааннарынан киллэрдэхтэринэ – тыас тыаһа чуугунуу түһэрэ үһү. «Этэ сатыырым үрдүнэн хат-хат аһардан эрэйдииллэрэ», – диэн кэпсиирэ эбитэ. Ол иһин быраастартан тыҥатыгар оскуолактааҕын туоһулуур ыспыраапка ылбыта үһү.
Эһэм инитэ Сомсуон үлэ боруонугар сылдьыбыт. Эмиэ биир да кылаас үөрэҕэ суох, нууччалыы эни-мини да билбэт. Сомсуон дэлэҕэ күлэ-күлэ кэпсиэ дуо: «Куһаҕаны саҥардахтарына, куулбун тоһуйарым», – диэн.
Аҕам үөлээннээҕэ, атаһа, эмиэ букатын үөрэҕэ суох, Атааһап Ньукулай диэн холкуос төһүү үлэһитэ киһи баара. Сурахха киирбит от охсооччу. Сэриигэ сылдьыбыт. Ньукулай Атааһап маннык кэпсээннээҕэ үһү: «Арай, соҕуруу тиийбиппитигэр таҥас түҥэттилэр. Бөлүөккэ диэн ааттаах бэргэһэ биэрдилэр. Бэргэһэм да буолаахтыа дуо. Ылан көрбүтүм үүт-үкчү биэ а… курдук бэргэһэ эбит. Туох да итиини туппат, дьоҕойон күн уотуттан хаххаланан төбөҕө уурунарга эрэ сөп таҥас. Нуучча уолаттара оройдоругар кыҥначчы уурунан баран кынтаҥнаһаллара, мин солуурчах курдук ньаппаччы кэтэрбин сөбүлүүрүм», – диэн аҕам ааҕы күллэрэрэ үһү.
Дьөгүөр сэрииттэн эргиллэн баран, балыллан, хас да сыл хаайыыга олорон кэлбит. Билигин санаатахха, туох да суота-солуута суохха түбэһиннэрэллэр эбит. Хаайыыга сылдьан, уҥа илиитин бэгэччэгин үөһээ өттүнэн малатыылкаҕа быһа оҕустаран, мултугур илиилээх төннүбүт. Саатын элбэрээгин тардарыгар анаан тимир чааркаан буутунан тордуох оҥостон илиитигэр баана сылдьара үһү.
Төһө да туттар уҥа илиитэ бэгэччэгинэн суох буоллар, хотуурун угун бэйэтигэр сөп гына уктаан, сатаан хонноҕор кыбытан, тэһииннээн – оту сүрдээҕин охсоро үһү. Хаартыскатыгар көрдөххө, Дьөгүөр түөһүн быччыҥа эҥинэ сүрдээх, ол курдук биирэ суох буолан атына сайдыбыт быһыылаах.
Дьөгүөр дьонтон уһулуччу ураты дьоҕура – сааһыта. Ордук туоһапканан сүрдээх бэргэнник ытарын сөҕөллөр. Дьөгүөр санныттан араарбакка сүгэ сылдьар лобур туоһапкалааҕа. Туоһапканан ытарыгар миэтэрэтин сатаан табан туруорары чахчы баһылаабыт киһи. Хараҕынан холуура бэрдэ үһү. Бачча ыраах сиргэ олорор диэт, кээмэйин сыҕарыҥнатан баран, булдун биирдэ эрэ ытан кэбиһэрэ эбитэ. Өссө ол олорору, сүүрэ сылдьары табара сонун буолбатах. Аҥаар илиитэ суох киһи аата, көтөн иһэр кустары лоп бааччы, чөрү-чөкөччү батыһыннара кыҥыы-кыҥыы күөрэтэлээн түһэртиирэ үһү. Сорох биир буулдьалаах туоһапканан буолуохтааҕар, ытыс дарабыыналаах ботуруоннаах доруоп саанан да кыайан күөрэппэт, бэл, олорору таппат. 250 миэтэрэҕэ (туоһапка сыалын муҥутуур ыраах кээмэйэ) булдун бэрт үгүстүк таппытын туһунан сөҕөн кэпсэтэллэрэ.
Биирдэ, аҕам аах эбэҕэ оттуу сырыттахтарына, түөлбэ үрэҕин бата таллан куоҕас көтөн кэлбит. Дьөгүөр кыҥаан-кыҥаан баран, оол курдук, лаппа тэйэн эрэр куоҕаһы кэнниттэн ытан чос гыннарбыт. Көтөр хоҥкус гынан хаалбыт. Дьөгүөр баран от быыһыгар түспүт булдун аҕалбыт. Арай куоҕастара ханан да бааһа-үүтэ суоҕа үһү, хаан да кэлбэтэх. Дьиктиргээн үргээбиттэр, салгыы эттээбиттэр. Онтулара – туоһапка буулдьата чопчу көтөр эмэһэтин үүтүнэн түспүт уонна курдары тахсыбакка туох да суолу-ииһи хаалларбатах. Төһө да уолдьах, сэдэх, алҕас түбэлтэ буолбутун иһин, чахчы бэргэн ытыы…
Дьөгүөрдээх наар тайах этинэн олорбуттара. Бэрэ ампаарын иһигэр билиҥҥэ диэри түөрэтэ саа айа. Араас оҥоһуулаах айа маһа барыта баар. Сэрэхтээх булт ньымата. Айа булда үксэ эргэрэн, холоҥдоорон хаалар. Бөлтөөкөптөөх холоҥдоону сүрдээҕин оҕорҕоон сииллэрэ үһү. Дьиҥинэн эмис холоҥдоо туох да куһаҕана суох минньигэс ас.
«Сүөгэй оту» сиэн өлбүт сүөһүнү аныгы дьон таах быраҕан кэбиһэллэр. Урут тугун да хаалларбаттара үһү. «Саас Бэрэҕэ маҥнай кэллэҕим утаата, Сэмэн Иккис Күүлэккэ тутууга барбытын кэннэ, Арҕаа Күөл бааһыналарыгар бурдук ыһа сырыттахпытына, дьоммут икки ынахтара «сүөгэй оту» сиэн өлбүттэрэ. Дьөгүөр холкуоска биригэдьиирдиирэ. Ол сүөһүлэри астаан, эттэрин кыра-кыра гына кырбастаан, тэлэн түөрэтин өлүктэлээн кэбиспиппит», – диэн ийэм кэпсиир.
Дьонум Бэрэттэн Арҕаа Күөлгэ, Арҕаа Күөлтэн Сыаҥда үрэххэ киирэллэрэ. Сыаҥда Түҥ өрүскэ түһэр үрэх. Салгыы табанан Хорхоччумалар таас үрэхтэринэн, бэрт киэҥ сиринэн тайаан бултууллара. Тайах төрүүрүгэр-ууһууругар, үөскүүрүгэр бэрт тоҕоостоох, тыалаах дойду. Үрэх диэтэххэ үрэх, алыы диэтэххэ алыы. Аны хаар халыҥаатаҕына улар сөбүлээн тохтуур түөрэтэ тапара мастаах мэндэрэлэр…
Дьөгүөрдээх тайахсыт ыттардаахтара. Олортон Уоллара, Түөстэрэй диэннэри эрэ истэрим. Мин төрүөм иннинэ дьонум Кыыстара диэн булчут ыттана сылдьыбыттара үһү. Кэһиилээх ыттар эмиэ үөскүүллэрэ. Ордук убайым Майыһыай ыта Чолбон куобаҕы, мас көтөрүн элбэхтик кэһиилэнэн турар. Булдун дьиэ айаҕар аҕалан быраҕар, эбэтэр ыксатыгар уурунан баран, киһи таҕыстаҕына эккэлээн биллэрэр эбит. Биирдэ, күһүөрү сайын, дьоммут окко сырыттахтарына, Чолбон маҥхайан эрэр эмис баҕайы куобаҕы тутан аҕалбытын ийэм халадьыынньыкка ууран кэбиспитэ. Ол куобаҕы дьоммут кэлбиттэригэр буһаран сиэбиппитин өйдүүбүн.
Мин алын кылааска үөрэниэхпэр диэри, кырдьаан-кырдьан букатын сабыстыар диэри сылдьыбыт, эһэм Сэргиэй Чуорук диэн хара өҥнөөх ыта баара. Ат ыт эбитэ үһү. Онон да сааһын моҥоотоҕо. Кыра сылдьан элбэхтик үлбүрүйбүт, оонньообут ытым. Моонньугар оҕо сутуругун саҕа килэрийэ сылдьар урдааҕа. Эдэригэр, чааркааҥҥа иҥнэн олорор бэдэргэ сүүрэн тиийбитигэр, тыа адьырҕата туппута үһү. Чуорук түөһэйиэр диэри кырдьан баран, биир күн ууга тааһы бырахпыттыы сүппүтэ.
Убайым Дьөгүөр мин түөртээхпэр өлбүтэ. Күөлү эргийэ уҥуортан уҥуорга, дэриэбинэттэн дэриэбинэ ыккардыгар кэлэригэр-барарыгар сүнньүгэр сүгэ сылдьарын өйдүүбүн. Биирдэ оҕурдук сүгэн иһэн, аҥаар илиилээх, оҕо сүгүүлээх киһи хантан өрүһүнүөй, дулҕаттан иҥнэн охтон иһэн улахан баҕайытык: «Һоок!» – диэн турар. Дьиэбэр кэлэн баран ийэбиттэн: «Ийээ-э, Дьөгүөр «һоок!» диэтэ, ити миэхэ кыыһырбыта буолуо дуо?» – диэн ыйыппыппын өйдөөн хаалбыппын. Дьөгүөр кыыһырыылаах иктэлээх киһи буолуо баара дуо…
Дьөгүөр, дэрсиик да буолбатар, хаартыһыт бэрдэ этэ. Миэхэ илииттэн-илиигэ сылдьан көлөһүн иҥмит, сороҕо сүппүт, эргэрбит холуода хаартытын биэрэр үгэстээҕэ. Мунньуллан-мунньуллан лаппа элбээбитэ, ботуччу тутуллар курдук халыҥаабыта.
Бырааһынньыктарга, эбэтэр киһи өллөҕүнэ түүнү эргитэн хаартылыыр үгэс тыа сиригэр былыргыттан баар.
Аҕам дэҥ-дуҥ хаартылыыра. Сарсыарда туран дьиэ иһинээҕилэр: «Хайа, оҕонньор бөлүүн хайаспыт?» – диэн бэйэ-бэйэлэриттэн ыйыталаһаллара хайдах эрэ наһаа үчүгэйдик иһиллэрэ. Биһиги аҕабыт хаартылыы бардаҕына үөрэрбит. Ол үөрүүтэ кини сүүйүүтүгэр буолбатах. Ити айылаах утуйар уутун умнан туран үлэҕэ-хамнаска хачыгырайа сылдьар киһи саатар биирдэ эмэ сынньаннын, сэргэхсийдин диэн. Аҕам – өйдөөх оонньооччу. Улаханнык сүүйтэрбитин билбэппин. Сиэбигэр сөп соҕус харчыны уктан барара. Сүүйтэрдэ да салгыы оонньообото. Аны сүүйдэҕинэ сотору тохтуура. Мин өйдүүрбүнэн, бытырдаан, наар сүүйэр эрэ этэ.
Кыра сылдьан, Үһүс Күүлэккэ олорор эрдэхпитинэ, Дьөгүөр кэргэнэ саҥаһым Бөлтөөкөп Маарыйаны кытары сүрдээҕин тапсан оонньуурум. Маарыйа муостаҕа баллаччы олорон миигин кытта букатын кыра оҕо курдук оонньуура. Атаах уолу сааратан эрдэҕэ.
Тардан ылыллар хаппахтаах, халлаан күөҕэ анал дьааһыгын иһигэр хаалана сылдьар, суол-суол дьэрэкээн кырааскалаах, араас кээмэйдээх (үс муннук, түөрт муннук) мас оонньуурдардааҕым. Ийэм Үһүс Күүлэт маҕаһыыныгар кэлбитин ылбыт. Ол мас оонньуурдар сыттара наһаа астыга, муннубар билиҥҥэ диэри биллэргэ, кэлэргэ дылы…
Бөлтөөкөп Маарыйа кэлбэтэҕинэ суохтуурум, кэтэһэрим: «Бөлтөөкөп-Баттаабат тоҕо кэлбэтий?» – диэн атаахтаан кыҥкыйдыырым. Бөлтөөкөп Маарыйа оҕо сылдьан икки атаҕын тарбахтарын үлүтэн кэбиспит. Онон Маарыйа барахсан тирэнэр тарбахтара суох буолан, чугас-чугас үктэнитэлээн бытыгыратан хаамара. Бөлтөөкөп Маарыйа дьүһүнэ үүт-үкчү «Дело было в Пенькове» диэн киинэҕэ Алевтина оруолун оонньообут Валентина Телегина диэн артыыс дьахтар курдуга. Киһи киһини батар да буоларын сөҕөбүн эрэ.
* * *
Аҕам убайын абаҕабын Саабаны үдүк-бадык өйдүүбүн. Сааба миэхэ сүрдээҕэ үһү.
Оҕо кыратыгар «ырааһа» бэрдиттэн, этэ-сиинэ наһаа аһаҕас буолан, барыны-бары көрөр-истэр дииллэр. Оннук да буолуо.
Абаҕам Сааба күөгэйэр күнүгэр сылдьан ууга түһэн өлөн турар. Өлөр сайыныгар уҥуор Ойоҕостон атынан кэлэн иһэн биһиэхэ туораан тохтообут: атыттан түһэн, миҥэтин баайан баран, миигин көтөҕөн ылан сыллаары гыммытыгар куотан хаалбыппын. Оччолорго үспүн ааһан сылдьар оҕобун. Биир кэм ытыы-ытыы, сарылыы-сарылыы дьиэни эргийэ куота сылдьыбытым үһү. Сааба: «Эһиги туох эрэ диэн дьээбэлээбиккит, куттаабыккыт быһыылаах, уонна хайдах да итинник буолуох туһа суох», – диэн, бэл, кыыһырбыта эбитэ. Дьонум тугу дьээбэлэниэхтэрэй, суох буоллаҕа. Инньэ гынан, абаҕам миигин көтөхпөккө, сыллаабакка барбыт… Ол баран, Үһүс Күүлэттэн биэс көс кэриҥэ ыраах сиргэ, Быччардаан Хорхоччуматыгар, үрэххэ ууга түһэн өлбүт…
Сааба барбытын, мин уоскуйбутум кэннэ ийэм: «Саабаттан, абаҕаҕыттан тоҕо ити айылаах куоттуҥ, тоом?» – диэн ыйыппыт. Онуоха мин: «Һаабаны… кэнниттэн… кэнниттэн… улахан баҕайы дьирики батыһа сылдьара…» – диэбитим үһү. Дьикти…
Сааба аргыһа Балҕаанай Баһылай кэлэн дьоҥҥо тыллаабыт. Бэйэтэ биһиэхэ да, эмээхсиннээххэ да тоҕо эрэ сылдьыбатах. Ийэм киэһээ ыамыттан хотонуттан киирбитэ аҕам барахсан ууну омурдубут киһи курдук олороро үһү. «Сааба сордоммут…» – диэбит ийэбэр. Субу аҕай эбэттэн оттон тахсыбыт киһи, аны убайын Саабаны көрдүү бараары, Көлүйэттэн ат туттаары саппыкытын кэтэ олороро үһү. Үгүлээттэн Муоһааныга оттуу сибэниэ дьоно кэлэн түһэн сыталлара эбитэ. Аҕам Үгүлээт киһитэ Сабардаахап Оппуонньа (Кыҥкаа) диэнниин уолдьах ыһык ыла тахсыбыттар. Хонон баран эбэҕэ сарсыарда киирэрдии…
Биир кэпсэлинэн, абаҕам үрэҕи атынан харбатан тахсан иһэн, сыыһа туттан ууга былдьаммыт. Атын кэпсэлинэн, Сааба өлүүтүгэр аргыһа сыһыаннаах курдук… Балҕаанай Баһылайы кытары иккиэн сылгыһыттар. Ол Амыһаахха тахсыахтарын иннинэ «аһаан» бараннар улаханнык охсуспуттара үһү. Сааба Баһылайы сирэйэ матаҕа курдук дарбаччы иһиэр диэри үлтү сынньан кэбиспитэ эбитэ. Мин Балҕаанайы үчүгэйдик өйдүүбүн. Баһылай сүрдээх суус тыллааҕа. Хаһан да үөрбэт-көппөт, биир кэм дьэбирсийэн, бөһөрөн хаалбыт дьүһүннээх, бөкүнүк, киппэ эттээх-сииннээх, харса-хабыра суох киһи этэ. Балҕаанай охсуһан хотторон баран: «Дьэ иккиттэн биирбит буолуоҕа», – диэн сааммыта эбитэ. Син аргыстаһан бииргэ барбыттар. Куораттан милииссийэ тахса сылдьыбыт да, туох да дьиэги булбатаҕа үһү…
* * *
Кытта төрөөбүт үһүс убайым Майыһыай кыра сылдьан эҥин-эҥини бары өтө көрөн тыллаһара үһү. Эмиэ бэрт дьикти айылгылаах оҕо эбит. Аҕам балта Маарыйа (Маайыстыыр) хат сырыттаҕына, саас бэйэтэ-бэйэтигэр бүгэн сүрдээх көрсүөтүк оонньуу олорбут оҕо эмискэ чолос гынаат: «Маайыстыырбыт икки кыыс оҕону төрөөн кылбатта!» – диэбит. Онуоха: «Бу уол эһэтэ Сомсуон курдук эмиэ ичээнимсийэн барда дуу…» – диэбиттэр. Ити итинэн ааспыт. Сайыныгар туран, Маайыстыыр Маарыйа Үгүлээккэ Ампаардаах балыыһатыгар игирэ кыргыттарданан соһуппут.
Үгүлээккэ Өлөксүөйэп Микиитэ Көстөкүүнэбис диэн сопхуос бэрэбэлээссэйэ киһи баара. Микиитэ Көстөкүүнэбис – ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх, дьону сатаан үлэлэтэр сатабыллаах салайааччы. Оҕо сылдьан бытарҕан тымныыга балаҕанын муус чомпой буолбут халҕанын аһан тахсан баран, кыайан төттөрү киирбэккэ, икки илиитин тарбахтарын үлүтэн кэбиспит. Ытыыр саҥатын истэн дьон өрүһүйбүт. Онон Микиитэ Өлөксүөйэп уон тарбаҕа суох. Тойон эрбэхтэрин төрдүлэрэ эрэ хаалбыттар. Ити иһин Микиитэ Көстөкүүнэбиһи Лаппаакы Микиитэ диэн ааттаабыттар.
Биирдэ саас Микиитэ Көстөкүүнэбис Үһүс Күүлэккэ кэлэ сылдьан, үгэһинэн биһиэхэ түспүт. Майыһыай онно оскуолаҕа киирэ илик оҕо эбит. Арай туран, Микиитэ Көстөкүүнэбис аһыы олордоҕуна, Майыһыай ыксатыгар кэлэн остуолга өйөнөн туран: «Эн тарбахтаргын итирэ сылдьан үлүппүтүҥ дуо?» – диэн ыйыппыт. Ийэм уолун тылын истэн сүрдээҕин кэчэспит. Микиитэ Көстөкүүнэбис буоллаҕына күлбүт. Майыһыайы төбөтүттэн имэрийбит уонна туох, хайдах буолан тарбахтара суох хаалбытын лоп бааччы, оҕо өйдүүрүн курдук быһааран сиһилии кэпсээбит.
Биир сайын аҕам аах окко киирбиттэрин кэннэ, күрүлүүр күнүс, ийэм дьиэтин иһигэр сээкэйи түбүгүрэ сырыттаҕына, арай, күүлэ аана лип гына тыаһаатын кытта, Майыһыай айманар саҥата иһиллибит. Тыас-уус бөҕөтө буолбут. Кытаанах буруһууналаах күүлэ аанын тыаһа лип-либиргэс үһү. Ийэм дьиктиргээн күүлэҕэ тахсыбыта – уола хаҥас илиитинэн күүлэ аанын тутааҕыттан чыначчы түһэн тарда-тарда: «Кииримэ! Кииримэ!» – дии-дии, хантан ылбыта биллибэт адаархай салаалаах кыһыл талаҕынан халҕаны таһыйа ахан турара эбитэ. Тастан ким эрэ тардар курдуга үһү. «Кэлимэ! Кэлимэ!» – диэн Майыһыай ийэтин бэйэтигэр букатын чугаһаппатах. Ийэм өй ылан күүлэ хаҥас түннүгүнэн өҥөс гыммыта, дьиктиргиэн иһин, аан үктэлин үөһэ сүүнэ улахан холорук ытылла, куоҕаҥныы, сүүгүнүү ахан турара үһү. Этиэх түгэнэ эбит. Холорук буор-сыыс бөҕөнү өрүкүппүтүнэн, көтүппүтүнэн, иэҕэҥнии-иэҕэҥнии Ойоҕос диэки түһэ, эриллэ турбут. Ол тиийэн, эһэм аах дьиэлэрин тиэргэнигэр киирэн, күтүөппүт Куруступуорап Уйбаан түөрт уон миэтэрэ кыытта маҥан бээс таҥаһы балаакка гынаары маҕаһыынтан ылан таба туркутун үөһэ түрдьэлээн уурбутун кыырай халлааҥҥа өрө ытыйан таһаарбыт. Онтута үөһэ-э да үөһэ тахсан, эҥин араастаан эриллэҥнии-эриллэҥнии, лиэнтэ курдук тэлээрэ сылдьыбыта үһү. Холорук икки аҥыы быһа тардыбыт бээһэ ырааппакка сиргэ төттөрү түспүт. Сууллан баран быаҕа ыйанан турбут оҕолор таҥастарын эмиэ соччо ыраатыннарбакка тэлгэһэ иһигэр ыспытын хомуйбуттар. Уйбаан бээһин хомунан балаакка тиктэрбит.
Күтүөппүт Куруступуорап Уйбаан дьүһүнэ нуучча улуу суруйааччыта Анатолий Иванов айымньытынан уһуллубут «Вечный зов» диэн киинэҕэ Панкрат Назаров оруолун оонньообут Иван Лапиков диэн артыыска сүрдээҕин майгынныыра.
Айылҕаҕа киһи силигин ситэри сыныйан билбэт, биир тылынан кыайан быһаарбат дьиктилэрэ баар буолаллар. Аҕам инитэ Эриэбэ манныгы кэпсээн турар. Сэрии кэннэ дьонум аах хас да сыл Дьөгүөссэҕэ олорбуттар. Биир күһүн Эриэбэ эдьиийэ Маарыйаны кытары өтөхтөрүн кэриитигэр оонньуу сылдьан, куопчахаан анныгар эриэн үөн түүрүллэ сытарын көрбүттэр. Соччо улахана суох, дьоҕус эбитэ үһү. Ону убайым Эриэбэ: «Хантан кэлэн хаалбыт үөн буолуой?» – диэн күн бүгүҥҥэ диэри дьиктиргиир. Кырдьыга да дьикти. Эриэн үөн Саха сирин соҕуруу эҥээригэр эрэ үөскүүр, Кыһыл кинигэҕэ киирбит сэдэх харамай. Ол бэйэтэ хантан, хайдах биһиги дойдуга кэлэн хаалбыта биллибэт…
Мин төрүөм иннинэ. Алта уонус сыллар бүтүүлэрэ. Ийэм биир күн дьиэбит кэтэҕинээҕи ээйтэн сиппиир гынаары ыарҕа быстан сүгэн аҕалбыт. Балаҕан ыйын ортото, бүдүк-бадык былыттаах киэһэ үһү. Сиппиир буоларыгар холоон сөп соҕус ыарҕаны ботуччу тутан дьиэтигэр киллэрэн баран, оһох иннигэр сыыйа, наардыы олорон көрбүтэ, арай, талах быыһыгар хаһан да харахтаабатах харамайа сылдьара эбитэ. Чооруос саҕа. Кутуйах курдук түүлээх. Талах иһиттэн көтөн талыбыраан тахсан, түннүккэ тиийэн тос гына түспүтүн аҕам туппут. Илиигэ ылан сирийэн көрүү-истии буолбут. Улахан баҕайы таллаҕар кулгаахтаах, ыкка дылы аһыылаах уонна киһи ордук дьиктиргиирэ диэн, чараас баҕайы сарыы кынаттаах эбит. Буспут кус этинэн, балыгынан, бэл, сүөгэйинэн хатаҕалыы сатаабыттар да, айаҕын атан аһаабатах.
Сэргиэйдээх, кыра кылааска үөрэнэр оҕолор, хайыы-сахха Үгүлээккэ барбыт кэмнэрэ үһү. Махаар, обургу оҕо, холкуоска быраактыкаҕа сылдьаары хаалбыт. Кинигэ ойуутунан сарыы кынат, көтөр кутуйах диэн быһаарбыттар. Сарыы кынат биһиги дойдуга хаһан да төрөөбөт-үөскээбэт харамай. Хантан кэлэн хаалбыта биллибэт. Бу эҥээр сиргэ-уокка ити түбэлтэ кэннэ көтөр кутуйаҕы көрбүттэрэ диэн суох.
Сарыы кынаты, таас кырыыҥкаҕа уган, тыына хаайтарыа диэн тимир хаппаҕын тэһэн эҥиннээн баран, Махаарынан Үгүлээт оскуолатыгар ыыппыттар. Онтулара икки-үс хонон баран өлөн хаалбыт…
* * *
«Аҕаа, абааһыны көрбүтүҥ дуо?» – диэн кыра сылдьан аҕабыттан ыйыттахпына, аҕам барахсан: «Ээ, һуох, хаһан да көрбөтөҕүм…» – диэччи.
Аҕам бу курдук биир түбэлтэни кэпсээбитэ мин өйбөр олорон хаалбыт. «…Арҕаа Күөлгэ этэ. Кыһын. Тымныы оройо. Хараҥа. Халлаан халлан турара. Сулустар бир кэм хатат кыымыныы саҕыллан тырымнаһаллара. Ыйдаҥа этэ. Уу чуумпу. Арай, от тиэйэн оҕуһунан кыыкырдатан иһэн көрбүтүм – иннибэр, халыҥ көмнөхтөөх тыа үрдүнэн улаха-ан баҕайы, бэлтэйбит, кып-кыһыл туолбут ый тахсан турара. «Бай» диэн сүрдээҕин дьиктиргээбитим. Илэ, чахчы… Дьиҥинэн ый кэннибэр баара. Эргиллэ түспүтүм – ый симиктик иһийэн турара. Хайдах-хайдах икки ый тахсыбытай диэн төттөрү хайыспытым, били, көп тыа үрдүнэн тэйгэйэн турбут ыйым суоҕа…» Олус судургу эрээри, аҕам барахсан ити кэпсээбит көстүүтэ мин харахпар отой субу баардыы ойууланар, өйбөр букатын умнуллубаттыы олорон хаалбыт. Сөп-сөп түүлбэр кытта көстөр. Тоҕо эбитэ буолла, ордук Саҥа дьыл чугаһаатаҕына…
Былыр Арҕаа Күөлгэ муҥхалыы сырыттахтарына, чардааттан уот сандааран тахсан Хоту Күөл (Хондокуут) диэки төкүнүйэ турбута үһү. Арҕаа Күөл икки Хоту Күөл икки ыккардыларыгар, сүрдээх бырыынчык оҥоһуулаах элбэх киһи уҥуохтаах Кыалаах Өтөх диэн кырдал баар. Кырдалы быһа, киһи уҥуохтарын быыһынан ыллык суол ааһар. Хоту эҥээрэ ыт мунна баппат таас ычыкыннаах. Уот быһыттаах. Эһэм Сэргиэй инитэ Сомсуон киһи уҥуохтарын быыһыгар талах чааркаан атытан бэлиэлээҕи бултаһара үһү. Сомсуон Кыалаах Өтөххө хаас хаама сылдьарын эҥин көрөрө үһү дииллэрэ. Букатын куттаммат эбит. Эмиэ да сөп ээ, үтүө санаалаах киһи тоҕо дьаарханыай, төрүттэрин көмүс уҥуохтара көтөҕүллүбүт сирэ буоллаҕа.
Аҕам инитэ Эриэбэ: «Сэрии кэннэ, Дьөгүөссэҕэ олордохпутуна, Мартыын диэн иним ыалдьан өлбүтэ. Дьонум сүгэн илдьибиттэрин чуолкай өйдүүбүн. Арҕаа Күөлгэ илтэхтэрэ…» – диэн кэпсээччи.
* * *
Аҕам элбэх оҕолоох ыаллары сүрдээҕин сэҥээрээччи. «Барахсаттар дьэ баай дьон», – диэн тыллаах буолааччы.
Төһө да кистээбиттэрин, биллибэтинэн-көстүбэтинэн тутта, дьаһана сатаабыттарын үрдүнэн сир-буор аннынан син биир иһиллэр – оҕо түһэртэрбит дьахталлары олох абааһы көрөрө. «Үөскээбит оҕону түһэртэрэллэрэ туохтара эбитэ буолла…» – диэн улаханнык сөбүлээбэтэҕин биллэрэрэ. Баҕар ол иһин буолуо, онтон сиэттэрэн биир бэрт дьикти кэпсээни кэпсээн турар. Ол иһэ-истээх кэпсээн маннык…
* * *
Сэттэ уонус сыллар саҥалара этэ. Сайыҥҥы от үлэтэ бүтэн, эбэлэр ходуһалара кэбиһиилээх отторунан томтоһон, от-мас сар кутуругунуу саһарчы баран таммалыы турара. Тохтоло суох хас эмэ хонуктаах, киһи этин-сиинин курдары охсон дьагдьатыах айылаах тыаллаах-куустаах, иэппэт ынах курдук сүрэҕэлдьээбиттии кэлэ-кэлэ түспүт Сэмэнэп таҥара саҕанааҕы ардахтар, туох барыта бүтэр уһуктаах буоларыныы, дьэ, тохтоон, муҥура биллибэт күөх халлаан үрдүк нэлэмэн иэниттэн күн барахсан сарпа-сарадах сырдык сардаҥаларынан киэҥ тайҕаны саба кууһан саатырда оонньуура. Сир ийэ барахсан мутукчата, сэбирдэҕэ суйдаммыт хара тыата күннээх-хонуктаах күрүс ардахтар ууларын тото иһэн намылыйан-наскыйан, субу аҕай суунан-тараанан бүппүт хотун дьахтар кэрэ сэбэрэтинэн киэмсийбиттии киэн туттан сүүһүн аннынан сүргүччү көрөн турарын санатара. Оттуун-мастыын, көтөрдүүн-сүүрэрдиин, тыаһы иһиллээбиттии иһийэ чуумпуран, туох эрэ, биллибэт сүдү дьикти кэлиэхтээҕин күүппүттүү, уратытык оттомурбукка, көрсүөрбүккэ дылылара.
Сайыны быһа от үлэтин кытта тустан баран, кэлиҥҥи уонча хонукка бүтэй тутуутугар сылдьыбыт дьон биһиги түөрт буолан Үһүс Күүлэттэн икки көс кэриҥэ ыраах сытар Батаахап Харыйалааҕа диэн күөлгэ ыҥыыр атынан субан сүөһү үүрэн барбыппыт. Биригэдьиирбит – Өлөксүөйэп Бүөтүр Уйбаанабыс, бостууктар – ийэм сурдьулара: Өлөксүөйэп Дьөгүөр уонна Луукун Кириилэ (Һуу Кириилэ). Биригэдьиир биһикки, дьоммутун олохтоон баран, сарсын төттөрү төннүөхтээхпит. Сүүстэн тахса субан сүөһү Маайыс Аһыктаатын сайылыгар турбуттарын сайын оттоммотох сиргэ отордото илдьибиппит.
Харыйалаах күөлүгэр күн лаппа арҕаалаабытын кэннэ тиийбиппит. Харыйалаахтар диэн үс күөл баар, бэйэ-бэйэлэрин кытта от үрэҕинэн силбэһэллэр (Хобуучаан, Орто, Батаахап Харыйалаахтара диэннэр). Эбэлэр төһө да от үрэҕинэн ситимнэстэллэр, киһи дьиктиргиэх, соболоро тус-туспа көрүҥнээхтэр, бэл, амтанныын кытта атын-атыннар.
Күөлбүт бүтэйэ суоҕа. Батаахап Харыйалааҕа улахан өтөхтөөх: моойторук олуктаах ампаар сирэй оһоҕо сууллан баран, титирик ураата эрэ кыҥнайан турара. Өссө ньэмиэскэй муннуктаах, түннүгэ-үөлэһэ суох дьиэ баара. Киэҥэ бэрдин иһин, дьиэҕэ ким да түһүүлэммэтэ, хоммото. Хайа сахтааҕы хотон дуомун эркинин кэлээччи-барааччы уот гынан бүтэрбиттэр этэ. Өтөҕү урут өрдөөҕүтэ, сэрии саҕана олохсуйан олорбут ыал биир да бүттэтэ суох сууллубут боотулуу бүтэйдэрин сэмнэҕэ эргийэрэ.
Эбэбититтэн уу бастан таска кулуһуҥҥа чаай өрүнэн, күө-дьаа буолан аһаабыппыт. Аара кэлэн иһэн Үһүс Күүлэт дэриэбинэтиттэн биир бытыылка буокка ылбыппытын сирбитин-уоппутун аһата таарыйа испиппит. Түөрт эр бэрдэ ол биир иһит арыгыга туох буолуохпутуй, этэргэ дылы «бытыкпытын эрэ сиигирпиппит».
Тириппит аттарбытын, сойбуттарын кэннэ, сыбыдахтаан, өртөөн аһаталаан кэбиспиппит.
Күһүҥҥү кылгас күн арҕаа саҕах кэтэҕэр кытара кыыһан киирээтин кытта, сонно тута боруорсуйа охсубута.
Сиик көтөн, онон-манан оҥолох-чоҥолох сытар көрдүгэттэр, көлүйэлэр үрдүлэринэн халлаан былытын хайыта тыытан ылан ыһан кэбиспит курдук хойуу бүркүк туманнар тараадыйа сыыйыллан тахсыбыттара. Ыраах ыырга айаннаары уойан нэмэнирбит халыҥ үөрдээх кустар күөлтэн күөл ыккардыгар, сытыы кынаттарынан салгыны тыастаахтык хайытан, төттөрү-таары сулукуччуһа, сирдьигинэһэ көтөллөрө. Халлыбыт халлаан үүт тураан иэнигэр хайыы-сах сырдык сулустар араастаан дьэргэлдьиһэн, дьирибинэһэн барбыттара.
Ампаар дьиэҕэ, төргүүгэ баанан кэлбит утуйар таҥастарбытын титирик ороннорго тэлгэтэлээн, утуйардыы оҥостубуппут. Урут дьон хонор сирэ эбит этэ, ороннор кур оттоохторо. Өрдөөҕүтэ кусчуттар тимир оһох туруора сылдьан баран илдьэ барбыттар быһыылааҕа. Аан хаҥас өттүгэр төгүрүччү туойунан сыбаммыт тимир оһох турбатын таһаарбыт дьөлөҕөстөрө чөҥөрүйэрэ. Халлаан лаппа боруорсуйбута эрээри, ампаар иһэ бүтэй сир буолан, ордук ыаһыран, таска барбатах балык миинин курдук ыйдаҥа сырдыга түһэн, кэм үүт тураан тунаҕырара.
Ону-маны кэпсэтэн баллыгыраһа-баллыгыраһа, бары оннубутун булан сыппыппыт. Өлөксүөйэп Дьөгүөр аан уҥа өттүгэр биир эрэ киһи сытарыгар сөптөөх адарай ороҥҥо, соҕотох илиитинэн кэтэх тардыстан сытан, сээкэйи кэпсиирэ. Дьөгүөр, били этэргэ дылы, «кыраҕа кыһаммат, оччугуйга уолуйбат» холку майгылааҕа. Сэриигэ сылдьан Албан Аат III уонна II истиэпэннээх уордьаннарынан наҕараадаламмыт киһи этэ. Хаҥас илиитин окумалын сэнэрээт бытархайа ньиччи көтөн ааспыта бэрт хойукка диэри оспокко симэһин сүүрэ сылдьыбытын өйдүүбүн. Этэ-сиинэ улаханнык эрэмсэрбит киһи, дойдутугар эргиллэн кэлэн баран, холкуос ыскылаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээн иһэн, «итэҕэстэнэн», балыырга түбэһэн, үс сыл хаайыыга олорбута (оччолорго аҕыйах да солкуобай итэҕэстэммит киһи хас эмэ сылга түбэһэр кэмэ этэ). Аны ол бара сылдьан, талах быһар малатыылкаҕа уҥа илиитин харытын үөһээ өттүнэн быһа оҕустаран мүлтүйбүт илиилээх төннүбүтэ.
Биһиги утуйуохча-утуйбакка сыта түһэн баран, сотору сылаабыт таайан, саҥабыт-иҥэбит сэллээн, ньим баран, дьэ утуйуох курдук буолан эрдэхпитинэ, эмискэ Дьөгүөрбүт сибигинэйэ соҕус, саҥа аллайа түспүтэ:
– Уолаттар, көрүҥҥүтүүй… Көрүҥҥүтүүй…
Маҥнай Бүөтүр, онтон мин Дьөгүөр саҥатын хоту хайыспыппыт… Дьэ, доҕоор! Мин бачча сааспар диэри син арааһы, дьиибэни, дьээбэни көрдүм ини, көрбөтүм ини, ол эрэн бу курдугу харахтыы илигим. Били, аан хаҥас өттүнээҕи тимир оһох турбата тахсар, тула өттө буорунан сыбаммыт дьөлөҕөс устун киһи сутуругунааҕар эрэ улахан уу кыһыл оҕо, устан эрэр курдук, сыыйылла тараадыйан киирбэт дуо…
– Эһиги көрөҕүт дуо? Мин хараҕым иирэр дуу? – Дьөгүөр кэтэх тардыстан сыппытын курдук сытара.
– Көрөн-көрөн… – Бүөтүр биһикки тэҥҥэ хоруйдуу охсубуппут.
– Ити… көрүҥ… иккис киириитэ, – Дьөгүөр бэркэ дьиктиргээн одуулаһара.
Көрбөтөхпүтүн көрөн, итэҕэйбэккэ, сирэй-сирэйбитин көрсөн ылбыппыт…
– Тыый, доҕор, тугуй ити? – диэбитэ Бүөтүр.
– Өтөх иччитэ дуу, туох дуу… Барыбыт харахпытыгар көстөр буоллаҕына, отой да илэ сылдьар сатана эбит дии, – диэбитим мин.
Ити кэмҥэ оҕо, хайдах киирбитэй да оннук, төттөрү дьөлөҕөс устун таска тахсан хаалбыта…
Арай өйдөөбүппүт, Кириилэбит, муннун тыаһа сыыгынаан, сурда суох утуйа сытара.
– Ноо, Кириилэ… Кириилэ, уһугун… – Бүөтүр киһитин, санныттан тардыалаан, нэһиилэ уһугуннарбыта.
– Тугуй? – Кириилэ өссө да уутугар аҥаарыйан, мээнэнэн мэндээриччи көрө-көрө ыйытан иһэн, биһиги сирэйбит-харахпыт турбутун дьиктиргээн, дьэ, уута көппүтэ. – Туох буолла? – дии-дии, тула-мала мэлээриҥнээбитэ.
Бу кэмҥэ, маны эрэ кэтэһэн турбуттуу, бары көрдүннэр диэбиттии, оһох турбата тахсар хайаҕаһынан, оҕо эмиэ ээр-сэмээр устан нуоҕайан киирбитэ. Мин көрдөхпүнэ: баттаҕа төрүт суоҕа, хааһа эмиэ, үөл тириини ойо быспыттыы иччитэ суох кыараҕас харахтардааҕа, кус атаҕыныы силбэспит тарбахтарын кумутуоҕунан-кумуппут, аны уп-уһун, субулла сылдьар кииннээҕэ, уоһун дуомун ньимиччи туттубукка дылыта. Өссө муннулааҕын, мунна суоҕун өйдөөбөтөҕүм даҕаны. Оҕо түү мээчик курдук салгыҥҥа уйдаран, төбөтүнэн умса хойуостанан биир сиргэ эргийээт, түөрт намаатын сараччы быраҕан кэдэрийээт, биһиги диэки улаханнык сылаарҕаабыт дуу, хоргуппут дуу киһилии көрөөт, эмиэ таска тахсан, сүтэн, симэлийэн хаалбыта.
– Һуу! Тугуй ити? – Кириилэ оронугар олоро түспүтэ, куттаммыта диэн сүр этэ.
– Ээ, бу да киһини, доҕор, өтөх иччитэ буоллаҕа… – Дьөгүөр, хата, холкута. – Хантан кэлэн киирэрий… – диэт, туран ааны арыйан таска тахсыбыта.
Аан аһыллыбытыгар, үүт тураан ыйдаҥа сырдыга ампаар иһин эбии сырдаппыта. Халлыбыт халлааҥҥа ахсаана биллибэт бачымах сулустар өссө ордук сытыырхайан, биир кэм дьирибинэһэ, тырыбынаһа оонньууллара көстөрө. Ыраах хараҥа тыа иһигэр тыһы модьугу хатан аҕайдык «күлэн» саһыгырыыра, күөлгэ кустар мээтиргэһэллэрэ, атыыр тыйаах хайаахтыыра иһиллэрэ…
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?