Текст книги "Суостаах кэм өргөһүгэр"
Автор книги: Ульяна Босикова
Жанр: Книги о войне, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 6 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]
Чараас таҥастаах дьону ыбылы кымаахтыыр тостор тымныыта оргуйан олорор кыыдааннаах кыhын үгэннээн турар. Кыhыҥҥы кылгас күн сырдыгын баттаhа, үлэ-хамнас күөстүү оргуйар. Сэрии кэмин xaҕыc ыар тыына дьону нүксүччү баттаан эдэр, оннооҕор оҕо оҕонньор-эмээхсин курдук салбыҥнаhаллар. Сэниэ биэрбэт ымдаан сыыhа ас, күүстээх үлэ кими бaҕap бодутуох курдук. Үүйэ икки убайдарынаан, биирэ саастаах, иккиhэ ыарыhах буолан сэриигэ барбатахтара, төрөөбүт алаастарын күөлүгэр оччолоох балык кэлбэтэр да, куйуурдаан аhылык оҥостон абыраналлар. Куобахтыахтар эбит, баара буоллар, ол суох. Оннооҕор кутуйах да көстүбэт. Балык биригээдэтэ бултаабат кыра күөллэригэр дьон сэниэлээх өттө куйуурдаан айаҕар эбинэр. Үүйэлээх арыычча элбэҕи туттардахтарына, аччыктаан эрэр ыалларга түҥэтэллэр. Оҕолоро барахсаттар титирэстэhэ, харахтара чаҕылыҥнаhа түhээччилэр.
«Оо, хаhан ааhарый бу сордоох-муҥнаах күтүр кэмэ» дэhэн уолуйан-муҥатыйан ылааччы элбэҕэ. Үгүс эрэйи, кыhалҕаны уҥуох дьүдьэх санныларыгар сүкпүттэрэ. Эрэл бүтэhик өлөр дииллэринии, сэрии бүтүө, кыайыы кэлиэ диэн күүтэ сытан эрэллэрин сүтэрбэккэ өлбүт да элбэҕэ.
***
Үүйэ сүөhүтүн көрөн, ынахтарын уулатан баран сэки оттоох дулҕаны кырбаhан, олох хойутаан балаҕаныгар сыккыраан киирбитэ. Быйыл аҕата дэлби ыарытыйан, дьоно көhөн кэлэн бииргэ кыстаан олороллор. Ийэтэ чаанньыгын ohox уотугар аспыта. Кини куобах тириитин имитэ олорорун туора уурбута. Ол бэйэлээх быйыл аҕыйах, оҕонньор хойутуу күhүн бултаабыт булда этэ. Дьэки курус, хойукку киэhэҕэ хатыҥ чээрэтинэн оҥостон чэй иhэ олордоҕуна, дьүөгэтэ Эриппиэн аргыый тэлбиҥнээн киирбитэ.
– Үүйэ, бөөлүүн ыалым Сэмэн ынаҕын өлөрөн эт бэрсибитин буhаран олордохпутуна, биригэдьиир Торгуй милиция батыhыннарыылаах киирэн ордугун илдьэ барбыттара. Сэмэни тутан илдьибиттэр. Ынаҕын иhин, этин барытын ылбыттар үhү. Оҕолоро аччыктаан сытан барбыттарыттан ыксаан, кинилэри быыhаары дьаhаннаҕа.
– Оо, эрэйдээхтэри даа! Ийэлэрэ күhүн өлбүтэ. Сэмэн төрүт ыарыhах киhи өр барбатын билэн, кими эмит өрүhүйдэрбин диэн оҥороохтоотоҕо. Хаайыыттан тыыннаах эргийбэт, төрүт хаайыыга тиийбэккэ эрэ тыына быстар киhи, оннук мөлтөх көрүҥнээх сылдьара. Оҕолоро тулаайах хааллахтара. Бу үлүгэрдээх кыhыны хайдах-туох туораахтыыллар, – Үүйэ, Ылдьааттан сурук туппакка, санаата оонньуу сылдьар буолан кыайан туттуммакка, ытамньыйан саҥата бөлүөстэн, санна ыгдаҥнаан барда.
– Сэмэн биhиэхэ эмиэ биэрбитэ, уолунан балачча улахан кyhyoгy ыыппыта. Ону мин сэрэнэн ити Үүйэбэр да ситэ этэ иликпин. Онуоха-маныаха диэри кистээн туруоран баран, оттон Сэмэн оҕолоругар түүн буhарбыта буолан сиэтэн көрүөм.
– Ээ, эhиэхэ эт буhарбыт сыт cyoҕyн иhин сылдьыбатахтар. Өлөксөйдөөхтөн, Балбаарыстан эт буhарбыт сыттаах ыалтан барыларыттан кэрийэ сылдьан тутан барбыттар үhү.
– Дьэ, бэрт да үлүгэр эбит! Сэмэн саатар ынаҕын хаанын, ohoҕohyн ханна эмит кистээбэтэҕэ буолуо дуо? Оҕолоругар бука Торгуй үүт бэрдэрбэтэ буолуо. Дьэ, хайдах дьон буолар дьоммутуй бу? – диэн Үстүүнньэ муҥатыйа олордо.
Хараҥа түүн сабардаан кэлэн, бөhүөлэк кирийбиккэ диэри чуумпу курус балаҕаннарын, саба кууста. Ынырык сэрии дьэбир тыына ыраах түҥкэтэх тыылыгар аччык дьону аhыныгаhа суох тымныы, сыырас сыттаах хоонньугар угунна. Силлиэ илбиhирэ сирилээн-сиксиhитэн балаҕаттары хаарынан саба ыhан күөрчэхтэнэ ытыйда, бэйэтиттэн бэйэтэ тэптэн чыскыhыйа, улуйа сиэллэ.
***
Тото аhаабатаҕа ырааппыт Үүйэ хотонугар киирэн ынахтарын кэрийэ имэрийтэлээн ылла. Баҕана аттыттан күрдьэҕин ылан ынахтарын туруортуу-туруортуу күрдьэн барда. Кини миэстэтэ хотон үрдүк өртө буолан кураанах, үлэлииргэ чэнчис. Утары Балбаарыс эрдэ кэлэн сааҕын сыарҕаҕа тиэйэ туран:
– Үүйэ, мин ынахтарым хатыҥ лабаатын тиистэрэ кыайбат курдук кирэллэр. Эйиэннэрэ хайдах сииллэр? – диэн ыйыта тоhуйда.
– Оттон, эмиэ оннук. Хайыахтарай. Ысталлаах буолан дьоҕойон кэм аhаабыт курдук сананар буоллахтара. Симиэрт сэрии өрө туран халлаан кытта уларыйан, бу буола сырыттахпыт. Cүөhү ону өйдүүргэ дылы, дуостал маны сиэбэппин диэбит курдук чиккэччи тэбинэн турбат.
Ортоку эрээккэ элбэх oҕoлoox Настаа ынахтара лабаа сиэн кирдиргэтэр тыастара иhиллэр. Кини ынахтарын кытта эйэргэhэр, этиhэр саҥата тохтоло суох умайыктанан олорор. Хотон уҥа хонноҕор Баанньа уолчаан субай сүөhүнү көрөр. Ол диэкиттэн кини сөҥ куолаhа дөрүн-дөрүн hайдыыр саҥата иhиллэр. Аллараа уhукка Ааныс хайыы-сах ынахтарын уулата таhаартаан эрэр. Кини сүөhүлэрин соруйар айдаанын-куйдаанын кытары сүүрэн лаhырҕайдыыр тыаhа лиhиргиир. Хотон иhигэр субу кэмҥэ үлэ үөhэ үллэн олорор, сүөhүлэр тыыннара сылытан сииктээх салгын илгийэр. Үүйэ Балбаарыс кэнниттэн сыарҕалаах оҕyhy ылан ынахтарын сааҕын тиэйэн барда уонна Балбаарыска туhаайан:
– Бу Гитлер хара ыт дойдубутун үлтү тэпсэн, дьоммутун кыдыйтаан аҕай эрэр. Ньиэмэс сирэ биhиги сирбититтэн ончу кыра сир үhү. Туохтарын сиэн, ханнааҕы киэҥ сирдэригэр-уоттарыгар таалалаан ити айылаах үөскээбиттэрэ буолла.
– Оттон ол иhин, сир былдьаан ылаары сэриилээн эрэр күтүр өстөөхтөр ини.
– Кырдьык оннук. Өстөөх оннук санааттан дэриэбинэлэри, куораттары уматар, дьоннорун кыдыйтыыр. Киниэхэ сир эрэ наада. Ол эрэн биhиги дьоммут дойдуларын туран биэрбэт дьон. Манна биhиги эмиэ фронт туhатыгар, кыайыы иhин дэhэ-дэhэ иккилии киhи үлэтин кыайбатарбыт, аччыктаатарбыт да умса түhүөхпүтүгэр диэри үлэлиир санаалаахпыт буолбат дуо. Кыайыы иhин күнүстэри-түүннэри үлэлиэхпит. Син биир Гитлер хааннаах хара санаата хампарыйыа, – Үүйэ ис-иhиттэн кыhыйан өрө күүрэн саҥара сырытта.
– Сэриигэ барбыт дьоммутуттан ким эмит ордон кэлээ ини.
Үүйэ хаайыыга барбыт Кэтириис оҕолорун дьиэтигэр тиэйэн аҕалбыта ыраатта. Эрэйдээхтэр байааттаҥнас буола аччыктаабыттар, тоҥмуттар этэ. Бэҕэhээ Силип куйуурдаан балык оҕото аҕалан биэрбитэ. Үүйэлээх элбэхтэр. Ынахтара кинилэри аhынан эбитэ дуу, ыатар. Үнүр убайа Өндөрөй мунду аҕалбыта. Мундуларыгар икки ньуоска бурдук кутан мииннээн испиттэрэ. Кыыс балаҕаныттан тахсаары турдаҕына, Кэтириис оҕолорун оройуон интэринээтигэр ылар буолбуттарын кэлэн эппиттэрэ. Силип оҕонньор кинилэри онно киллэрээри бэлэм сылдьар. Оҕолор астаах сиргэ баралларыттан бары ahapa үөрбүттэрэ. Улаатан, баҕар, төрөппүттэрин ааттатар дьон буолан тахсыахтара. Силип санаатын баҕатынан олох мөлтөөбүт дьоҥҥо, оҕолорго тугунан эмит көмөлөспүтэ, салҕаабыта баар буолар. Арай, быраатын Акыым тулаайахтарыгар, билбэккэ хаалан, кыайан көмөлөспөтөҕөр кыhыйбытын иhин хайыай. Бэйэтин икки уола сэриигэ барбыттара. Үнүр аччыгый уолуттан сурук тутан атаҕа сири билбэт буолуор диэри үөрбүтэ. Киэhэ олох хойут xapaҥaҕa, оройуонтан төннөн кэлэн ohoҕyн саҥа оттон чэй оргутуна сырыттаҕына, почта таhааччы Натаа киирэн ааҥҥа өр саараан ону-маны кымаахтыы турда.
– Бай, Натаа, тоҕо итиннэ турдуҥ?
– Силип оҕонньоор, кытаатан бука диэн тулуйа, туттуна сатаахтаа, – ытамньыйан ыла аргыый хара суругу уунна.
– Тоойуом, хайаларай? Ыл, аах… – хараҕын уута хапсыйбыт иэдэhин устун субурус гынна, бөтөн хаалбыт куолаhынан кэлэҕэйдээн ыла-ыла көрдөстө.
– Аччыгый уолуҥ Москва таhыгар дьоруойдуу охтубут. Братскай могилаҕа көмүллүбүт, – кыыс нэhиилэ кыыкырдаан тылбаастаан, кэлэн Силиби төбөтүттэн сыллаан ылан, кууhан тура туhэн баран сыҥыргыы-сыҥыргыы тахсан барда.
– Хайдах-хайдаҕый? Оттон соторутааҕыта бэйэтин суругун туппутум дии-и… Оо, оҕом барахсаныы-ыым, – оҕонньор айманан улам умса түстэр-түhэн, санна титирэстээн барда. – Оо, хара кырыыстаах сиэмэх сэрии, маҕалайын хаhан туоларыы-ыый… Сиэхсит Гитлер, өлөр-быстар күнүҥ кэлээ ини, хара буору уобуоҥ, – Силип холумтаныттан тайанан, салҕаластаан нэhиилэ оронон турда уонна оронун диэки онтон-мантан иҥнэ-иҥнэ байааттаҥныы тураахтаата.
Натаа бүгүн хас да хара суруктаах. Элбэх oҕoлoox Hacтaaҕa барда. Балаҕан иhигэр тото-хана аhаабатах, өтөрүнэн күлэ-үөрэ оонньооботох oҕo саастаах, күүhэ-күдэҕэ суох, иҥнэн ыла-ыла салбыҥнаан нэhиилэ хаампыт, сэрии кэмин аччык oҕoлopo имик-симик олороохтууллар. Настаа Натаа курус сирэйин, ытаабыт-соҥообут хараҕын көрөөт, сүрэҕин туттаат бaҕaнaҕa өйөнө түстэ.
– Натаа-аа, Натаа…, – эрэ диэхтээн өрө уhуутуу турда.
Натаа Настааны кууhан ылла. Иккиэн оҕолорго көхсүлэринэн туран, саҥа таhаарбакка ытаhан бардылар. Натаа хара суругу ууммутун биирдэрэ, салҕалас илиитинэн кытарбыт тимири туппуттуу икки ытыhыгар хардары-таары үҥкүрүтэн ылаат, сиэбин туrэҕэр кистии аста. Oҕoлop эрэйдээхтэр, туох эрэ көннөрүллүбэт ураты кyhaҕaн кинилэр балаҕаннарын туомугар киирбитин сүрэхтэринэн сэрэйэн, ытаhан мэрбэҥнэhэн бардылар.
Maaны бэйэлээх чэлгийбит күөҕү үлтү тэпсибит, үтүөкэн сири-дойдуну күлгэ-көмөргө кубулуппут, дьонун-сэргэтин хараҕын уутугар муннарбыт адьырҕа кэм кутурҕан тоҥ тыына бу балаҕан дьиэ иhин хам кууста.
Почтальон Натаа бэйэтин кэргэнэ чэпчэкитик бааhыран госпитальга сытабын диэн суруйбут суругун туппута. Сэрии диэн сэрии. Бүгүн тыыннаах өлүөр, сарсыныгар кыырыктаах кыргыhыыга эдэркээн олоҕун кыайыы иhин толук ууран, орто дойдуттан букатыннаахтык аны хаhан да төннүбэттик сүппүт буолуо. Натаа үчүгэй сонуннаах суруктары үөрэ-көтө, сонно тута ким ханна баар сиригэр илдьэн биэрэр. Хара суругу төhө кыалларынан өр тута сатаан баран, хайыаҕай, илдьэригэр тиийээччи. Элбэх сүтүктээх, үгүс өлүүлээх сэрии түҥкэтэх тыылын олохтоохторун сүрэхтэрин ытатан, дууhаларын кутаа уот иҥсэлээх cyohyrap салаппыта ыраатта. «Гитлер фашист хаанымсах урдустара хара буору уобан үөрэҕэстэнэр күннэрэ син биир кэлиэ!» – диэн ботугураан ылаат, Натаа төбөтүн өрө көтөҕөн үөhэ тыынан кэбистэ. Кини бүтэhик хара суругу туппутунан Үүйэни күүтэн, Үстүүнньэ хончоҕорго чэй куппутун испэккэ, умса көрөн олордо. Сотору Үүйэ хотонуттан хоочугураан киирэн иhэн, Натаа туттан олорор көрүҥүттэн сэрэйэн, аан холуодатын сыыhа-халты харбаабытынан боруокка ыардык олоро түстэ. Хараҕын уута тохтоло суох иэдэhин устун субуруйда, уhуутаабытынан умса нөрүйдэ:
– Оо, Ылдьаа, Ылдьаа-аа, аны мин эйигин көрбөппүн, үтүөкэн бэйэҕин кууспаппын… Оо, абам да баар эбит! Ылдьаа, доҕорум сыыhа-аа… – Үүйэ соhуччу саба түспүт кутурҕан алдьархайыттан уҥа-хаҥас, умса-төннө хойуостан ыла-ыла айманан ытаан барда.
Үстүүнньэ кыыhыгар ыстанна, Натаа кини кэнниттэн харбыаласта. Таhырдьа тыал кытта дьоhун диэн бэйэлээх үтүөкэн уолу аhыйсардыы кутурар-улуйар тыаhа өссө күүhүрэн испитэ.
***
Сэрии иннинэ сандал саас барахсан сандааран, дьэргэйэ тырымнаан, сэргэхсийии үөрүү-көтүү үктэллэнэн кэлэрэ. Тула бары барыта чаҕылыйа түhэрэ. Ол бэйэтэ, быйыл күн-дьыл тохтообокко, сыккыстыы устар ыллыгын тутан кэлиэхтээх кэмигэр дьэки-курус кэлэн иhэрэ. Сыыйа ылааҥы күннэр үүнэннэр, күн улаханнык уhаан барбыта.
Модьу-таҕа көрүҥнээх Маайа сылбырҕа уонна кыайыгас Эриппиэнниин, арыый сылаас сымнаҕас уйуктаах күн үүнүөх чинчилээҕин сибикилээн, саамай ыраах сирдэриттэн от тиэйэ иккилии атынан баран иhэллэр. Кыргыттар эдэрдэрэ бэрт буолан, ханнык да күүстээх үлэттэн толлон турбаттар. Эр дьоно кураанахтаммыт холкуоска атын хайа кыыс кинилэр толорор үлэлэрин кыайыаҕай? Сардааналыы нап-нарын Үүйэчээн дуу, этэн көрө-көрө чыычаах курдук чыбыгыраабыт Балбаарыс дуу. Эбиитин сэриигэ барбыт доҕор уолаттарын солбуйар санаанан бэйэлэрэ өрүүтүн күүстээх үлэ үөhүгэр сылдьааччылар. Маайа үнүр доҕоруттан сэрии толоонуттан сурук туппута. Ол үөрүүтэ өйүн-санаатын өрө күүрдэн, онтон ыла наар ыллаан киҥинэйэ сылдьар. Суолларын лаппа ортолоон, кылгастык сынньана таарыйа тохтоон ылбыттара. Эриппиэн Маайа диэки хардыылаан иһэн, кыыһа ыллыыр саҥатын истэн тохтоон турбута. Кини Байбалыттан сурук күүтэр да сурук суох, күүтэригэр буолан аҥаара хаалла. Ол иhин бүгүн кини саатын доҕор оҥостон илдьэ кэлбитин сүгэ сылдьар. Үрэх баhа сир. Кураанах, чугаhынан тыынар тыыннаах баар сибикитэ көстүбэт. Кини:
– Кыратык сүhүөхтэри хамсатан тыыллаҥнаан ылыахха. Ыччаа-ычча, тoҕo тымныытай! – илиилэрин бэйэ-бэйэлэригэр охсуолуу ойуоккалаан барда.
Суол кытыытын ойуурун быыhынан туох эрэ элэс гыммытын, хараҕым иирдэ дуу дии санаан ылаат аhарынан кэбистэ. Кыыhа эмиэ ыллыы-ыллыы ойуоккалыы турар.
– Маайа, Маайа!
– Эриппиэн, Эриппиэн!
Утарыта көрсөн туран далбаатаhан эҕэрдэлэhэн ыллылар.
Бэҕэhээ киэhэ нэhилиэк парткома Василий Николаевич Иванов сэрии хайдах баран иhэрин туhуна иhитиннэрии оҥорбута. Кини сотору-сотору оҥорооччу, ол эрэн нэhилиэк дьоно-сэргэтэ күн аайы да, бириэмэлээхтэрэ буоллар, истиэ этилэр. Бүгүн отторун чуолкайдаары бэрэссэдээтэлгэ киирэ сылдьыбыттара. Онтон аны ат сэбин, өтүү туhуттан тардыллан хойутаан хаалбыттара. Үрэххэ киирэн баран от тиэйбит суол бүтэр, салгыы балачча тоҥуу хаарынан барыахтаахтар. Киэhэ олус хараҥаны харахтамматтара буоллар. Билигин, ардыгар, аттарын сиэллэрэн бидилитэн ылаллар, ол эрэн үгүс өртүн хаамтараллар. Суту эҥээрдэринэн тыырбыт дьөhөгөй оҕолоро барахсаттар ырыганнар.
Балачча өр айаннаан үрэх киэҥ хочотугар киирбиттэрэ. Эмискэ, үрэх тыатын саҕатыттан, кинилэри эрэ күүтэ сыппытын курдук, соллоҥноох сур бөрө уhуктаах аhыыларын ардьаппытынан субурус гына аттарыгар ыстаммыта. Сыыдам сылбырҕа Эриппиэн, соhумтаҕайа суох түргэн туттунуулаах буолан, саатын хаба тардан ылаат, туhаайаат ытан саайбыта. Байбал кинини сааны сөпкө тутарга, ытарга, ыраастыырга уонна хайдах уура сылдьарга, туттарга үөрэппитэ эчи үчүгэйин, туhалааҕын! Бөрө ойон испит бөдөҥ буур ыстаныытын ортотугар төбөтүнэн хойуостанан төкүнүс гына сууллан бурҕас гыммыта. Онно эрэ Эриппиэн: «hyy-yy», – диэн саҥа аллайаат нөрүс гына түспүтэ. Хаhан эбитэ буолла, аттыгар баар буолан хаалбыт Маайа суол кытыытын халыҥ хаарын ыhыахтыы, кинини тула өрө көтө сылдьара.
– Оо, Эриппиэн, Эриппиэн…
– Оо, Маайа-а, Маайа-а-а…
Тэҥҥэ хаhыытаhаат, соhуйбуттара-куттаммыттара аны үөрүүгэ солбуллан, куустуhан холоруктуу ытылла сылдьан күлэ-сала хаарга олоро түспүттэрэ. Онтон сыыйа уоскуйан, тиэйиэхтээх отторун күрүөтүгэр тиийэн, күрүө аанын сүллүгэhин түhэрэн, отторун түөрт түөрэм туйахтаах көлөлөрүгэр көмөлөөн тиэйэ, саха омук баабый кыргыттара күүс өрө күүрэр күүстээх үлэ үөhүгэр түспүттэрэ. Бүтээт, кыракый өйүөлэрин сыыhын сиэн тымныы ууну ыймахтаат, төннөр суолу туппуттара. Адьырҕа бөрөттөн кыыллара турбут аттарын кыайан таба сыhытар хоhуун кыргыттар барахсаттар, сэрии ыарын санныларыгар сүгэн, олохторугар тэлэр бэйэлэрин эрэ тустаах ыллыктарынан бара турбуттара.
***
Үүйэ убайа Өндөрөй өрүү үлэни эрэ өрө тута сылдьар. Түүнүн хас чаас утуйан сынньанан ылара буолла. Хараҥаҕа бүтэн кэлэр, халлаан сырдыы илигинэ туран барар. Хонтуора, балыыhа, оскуола, интэринээт, олорор дьиэлэр оhохторугар оттук мас тиэйэр. Бары сыарҕа үрдүттэн оттунан олороллор. Хара тыаны кэтэн, халыҥ хаарга батылла сылдьан мас суулларан тиэйэр ыарахан. Күүс, сэниэ да мэлигир, көлө да дьүдьэх. Кини бэйэтин кытта саатын илдьэ сылдьааччы. «Үнүр от тиэйэр кыргыттарга бөрө саба түспүт этэ, эн сэрэнэн сырыт», – диэн кэргэнэ сэрэппитэ. Үлэтин быыhыгар андаатардыыр, куобахтыыр. Аhылыга суох буолан булт ончу аҕыйах, суоҕун кэриэтэ. Байанайа биэрдэҕинэ, булт тосхойдоҕуна элбэх уос үллэстэр, оттон тириилэрэ фронт туhатыгар итии таҥас тигиитигэр барар. Мас таhыытыгар сирэй эппиэттээх иккиэ буолан үлэлииллэр. Кини илин, уон сэттэлээх Мэхээс уол apҕaa тыаттан таhаллар. Кыайымаары гыннахтарына көмөлөhөллөр. Өндөрөй бииргэ төрөөбүт, олох эдэр сааhыгар өлбүт быраатын уолун Миисэни үөрэҕин кэнниттэн илдьэ барааччы. Кини төрөппүттэрэ кыыстара Үүйэлиин Миисэни иитэ сылдьаллар. Уон иккилээх бэдик, сэниэлээҕэ буоллар мэник буолуох киhи, көмөтө элбэх. Уоллуун мас охтороллор, долгучуохтууллар, оттон сарсыарда coҕoтoҕop наар тиэйэр. Кинилэр ардыгар муус тиэйэллэр. Дьиҥинэн, учууталларын салайыыларынан оскуола улахан oҕoлopo үлэлиир үлэлэрэ. Oҕoлop ону таhынан дулҕа кырбыыллар, бурдук тардаллар, туох баар кыайар үлэлэригэр барытыгар кытталлар. Соторутааҕыта нуорма бурдук сыыhын биэрбиттэрэ. Ону бэркэ кэччэйэн yбaҕac хааhы оҥостоллор. «Тыыннаах буолаары, олох иhин oxcyhyy диэн бу эбээт», – Өндөрөй өйүгэр сааhыламматах араас санаа субуруhан элэҥнэстилэр.
Caнaaҕa ылларан, эбиитин хараҥаран эрэриттэн ыктаран, тиэтэлинэн бүтэhик сыарҕатыгар мас тиэйэ сылдьан мутуктан иҥнэн сууллубутугар, ону күүппэтэх ата соhуйан ойууру ортотунан, хантан итиччэ сэниэлэммитэ буолла, ойбута. Ата тута бэриммэккэ, Өндөрөй муоhатын ыhыктыбакка соhуллан, маска ыстаанын хайа тардан кэбиспитэ. Этэрбэhигэр, ыстаанын иhигэр дэлби хаар кутуллан мууhунан хаарыйбыта. Ата саастаах ат этэ. Тыаны ортотунан батыччахтаан иhэн сыыйа тохтообута. Кини нэhиилэ орҕостон туран этэрбэhин тэбэммитэ, ыстаанын иhигэр симиллибит хаары хостообута. Хата, тэлэ түhүүтэ ahapa улахана суох буолан абыраабыта, халыҥ моойторук былаатынан саба баайбыта. Үтүлүгүн булан тэбээн кэппитэ. Этэ онон-манан аhыйталаан ылбыта, ыксалынан аттарын суолга салайбыта. Ити айгыстыытыгар лаппа хараҥарбыта. Айыыhыта араҥаччылаабытын курдук бүгүн чугас тыаттан тиэйбитэ.
Дьиэтигэр быhа тиийбитигэр, Миисэ утары сүүрэн тахсан, тиэйэн кэлбит маhын, аттарын дьаhайбыта. Бэйэтэ нэhиилэ балаҕаныгар баадьайбыта. Ити сырыытыттан тэптэрэн хас да хонукка эмтэммитэ. Ол эрэн, киhи өр эмтэнэрэ сатаммат күнэ-дьыла түбүлээн турар буолан, сэрии дьыла кыпчыйбыт, тымныынан аҥылыйар балаҕаннары, дьиэлэри сылытаары оттук мас тиэйиитигэр төбөтүн оройунан түспүтэ.
Саас Өндөрөйдөөх Үүйэ aҕaларын cүөhү уулата күөлгэ киирэн ойбон кытыытыгар охтон хаалбытын булбуттара. Дириҥ иин xahap кыах сyoҕa. Оҕус сыарҕатыттан кинилэр аҕаларын нэhиилэ сор бөҕөнөн түhэрбиттэрэ. Аччык дьон күүстэрэ суоҕа.
– Туох ааттаах ыараатыҥ? Аҕаа, сутааҥҥын уҥуох да тирии этиҥ. Тапталлаах уоллаах кыыhыҥ кистээри олоробут. Күүс суох. Кыайар кыах быстыбыт. Аҕаа, түү курдук чэпчээ», – диэн Өндөрөй обургутук саҥа аллайбыта. Чочумча олоро түhээт, убай киhи бастаан туран аҕатын төбө өттүн көтөҕөрдуу турбута. Үүйэ атах өттүгэр түспүтэ. Кырдьык-хордьук чэпчээн хаалбыт хоруобу аргыый ииҥҥэ түhэрбиттэрэ.
III
Сор муҥа
Хаанымсах Адольф Гитлер халабырдьыттара дойдубутугар, киэҥ нэлэмэн Россия эбэ хотуҥҥа, тула өлөр өлүүнү ыhан, кимтэр кимэн иhирдьэ диэки өтөн, ыган иhэллэр. Урусхалламмыт сирдэртэн бартыhааннар этэрээттэрэ тэриллэн, Сэбиэскэй аармыйаҕа модун күүс буолан, өстөөххө тыылыгар сылдьан кэмнэммэт улахан утарсыыны, хоромньуну оҥортууллар. Өстөөх сэриитин базатын, сэрии сэптээх ыскылааттарын, киниэхэ поеhынан тиэйиллэн иhэр араас сэриитин сэбин, аhын-үөлүн дэлби тэптэрэллэр, уоттууллар.
Сэрии буолбута иккис сайына саҕаланыаҕыттан уот кураан турар. Ардыах курдук былыт мустан ыган иhэн ааhан хаалар. Ардаабакка сир-дойду буорунан көрөн, мааны бэйэлээх алаастар хайыта бардылар. Көтөр аhыҥа былыт курдук көтөн кэлэн аана суох алдьархайы оҥорон, көрөн турдаххына онон-манан бытыгыраан эрэр күөҕү кубарыччы сиэн, сири буорунан көрдөрөр.
«Сырдык суола» холкуос бырабылыанньата ыксаан оттонор алаастарын, бааhыналарын эргийэ ханааба хастарбыта. Дьон кыhыйан-абаран туран харса суох туруммута. Ол үлэ оччо туhалаабата. Ханаабалар быhаҕастарыгар диэри аhыҥа түhэн, уот куйаастан ууллан бэйэтин сыатыгар күп-күөҕүнэн дьалкыҥныы, дагдаҥныы көрсөн соhуппута. Ити үлэ туох да түмүгэ суох буолбута. Аhыҥа сир отун барытын сиэн төрдүгэстэрин эрэ хаалларан, аны тыа маhын сэбирдэҕин сии, ойуур маhыгар ыттыбыта. Эрэй соҕотоҕун сылдьыбат дииллэринии, иэдээннээх сут ааҥнаабыта. От диэн мэлигир, сиэмэ үүммэтэ. Бөдөҥ дойду үрдүнэн силлиэрбит сэриигэ эбии дьон төрүт ырыган санныгар сут сойуо аhыытын килэппитинэн сааллыбыта.
Партия обкомун, райкомнарын уталытыллыбат ыксаллаах дьаhалларынан сутаабыт оройуоннар холкуостарын от үүммүт хотугу оройуоннарыгар көhөрүү буолта. «Сырдык суола» холкуос сүөhүтүн барытын хас да сиргэ көhөрөн кыстатар буолбута, отчуттарын ыытан оттооhуну саҕалаабыта. Сэргэй Сиидэрэбис утуйар уутун умнан ол сирдэри булууга, оттооhуну тэрийиигэ, холкуос дьонугар нуорма бурдук, ас-үөл анатыытыгар үгүс сыратын-сылбатын анаан туран туруммута. Куоратынан, атын оройуоннарынан сүүрэн-көтөн, үгүс кэпсэтиини ыытан таҥас-сап, быа-туhах, туттар тэрил булбута. Хас көhөр сирдэрин ахсын олорор балаҕаннарын, хотоннорун өрөмүөннэппитэ, туттарбыта. Айаннаан иhэн атын үрдүгэр утуйан ыла-ыла, киэҥ сири айанныы сылдьан үлэ бөҕөтүн үлэлээбитэ. Дьон саамай күүтэр, эрэнэр киhитэ кини буолбута. Оттон сиэмэх майгылаах Торгуйтан дьиксинэр этилэр.
Тымныы түhэн өрүс турбутун кэннэ холкуостар сүөhүлэрин-сылгыларын былаан быhыытынан көhөртүүргэ туруммуттара. Миэстэҕэ хаалар дьону кытта суопсунас cүөhү барыта хаалар буолбута. Бэйэлэрин сүөhүлэрин кыстатар отторо суох, ол гынан баран аны өлөрөн сииллэрэ булгуччу бобуулааҕа дьон өйүн ытыйан тумаҥҥа муннарбыта. Фашист сиэмэх сиэхситтэрин сойуо аhыылара, кинилэргэ бэйэлэрин төрүт сирдэригэр, балаҕаннарыгар хас муннук аайыттан, саба түhээри ардьараҥнаhарга дылылара. Былата быстыбыт дьон Торгуй курдук саарбах салайааччылаах хаалта. Торгуй Варвара Михайловна хас хардыытын кыраҕытык кэтиирэ. Кыыс уйан нарын дyyhaлaaҕa, дьону кытта олороро, кинилэртэн ордук тооромос aйaҕap киирбэтэ.
Сутаабыт «Сырдык суола» холкуос сүөhүтүн-сылгытын бүүс-бүтүннүүтүн хас эмит сиринэн араллааннаах көhөрүүтэ саҕаламмыта. Дойдутуттан барымаары cүөhү да, сылгы да буугунаһан утарылаhа сатаан, куотуталаан маҥыраhыы-кистэhии бөҕөтүн түhэрэ ойууру, тыаны кэтэн үүрээччилэрин эрэйдэрин эрэйдээбиттэрэ. Онуоха эбии, холкуостаахтар инники олохторугар соччо эрэммэт аймалҕаннара кыттыhан, сындалҕаннаах уhун суол ыара тэлгэhэттэн тэйииттэн саҕалаан арыллыбыта.
Сүөдэр Тимирдиирэп салайааччылаах бөлөх, син эмиэ атыттар курдук, элбэх aт-оҕyc көлөнөн көhөн күккүрээн испитэ. Үс хардыыттан биирин кэнники оҥорторор хотуттан сирилии үрэр тыал мэhэйдээх көс дьон, санныларыгар түспүт ыары эрдээхтик тулуйан, иннилэрин диэки дьүккүhэ турбуттара. Үүйэ атын ыанньыксыт кыргыттары кытта сатыы ыыр ынахтарын үүрсэн ортоку испиттэрэ. Инники сылгыhыттар сылгыларын үөрүн атынан сиксиhитэн, кэнники субай сүөhүнү үүрэн Сүөдэр атынан уонна торбос көрөөччү уолаттар Өлөксөйдөөх Мэхээс испиттэрэ. Түмүккэ Исай баhылыктаах aт-oҕyc көлөнөн барыларын тahaҕacтapa тиэйиллибит сыарҕаларга олорсон Исай кэргэнэ Өкүлүүн, Сүөдэр кэргэнэ Сөдүөччүйэ бэйэлэрин оҕолорун кытта бииргэ көсүhэн иhэр дьон оҕолорун тиэйэн, субуhан сыhыллан иhэрдии бытааннык айаннаан сыннарбыттара. Кыргыттар сатыы буолан, эбиитин сүөhүлэрэ барымаары куруубайдаан, куотан тыа маhын кэтэрдэн, сүүрэн элээрдэр кыахтара мэлийэн сор бөҕөтүн көрбүттэрэ. Cүөhү киhи cөҕүөx дойдумсаҕын, соhуйуохтарын иhин, онно билбиттэрэ, аhына санаабыттара. Өөр-өр айаннаан өрүс биэрэгэр нэhиилэ салбыҥнаhан дьэ кэлбиттэрэ. Тыал курдары үрэн, онно эбии ардах былаастаах хаар тoҕo түhэн, мөлтөх таҥастара сабыгар тиийэ илийэн муус кыаhаан буолан сындалыйа сылайбыттара. Дьон тиистэрэ тиистэригэр бабыгыраhа охсулла олоруор диэри салыбыраhа тоҥмуттара.
– Сүөhүлэри бу тыа ырааhыйатыгар бөҕүөрүн. Бу сарай дуома баар эбит. Силип, ити сарай таhыгар уотта отун, мин сыарҕабар мөhөөччүк иhигэр туос баара буолуо, – диэн Сэргэй Сиидэрэбис дьаhайар саҥата тыал бөрөлүү улуйарын быыhыгар иhиллибитэ. – Уолаттаар, кураанах маста булуҥ.
Кыргыттар, дьахталлар, oҕoлop уокка саба түспүттэрэ. Tөhө да иттэ сатаабыттарын иhин, бары ирбит чинчилэрэ биллибэтэҕэ. Ити түүн сарай дуомугар ону-маны тэлгээн бэйэ-бэйэлэригэр ыга симсэн харахтарын симэн ылбыттара. Оттон айылҕа, кинилэри кыhайбыттыы, кыыла туран түүнү быhа иhиирэн илгистэн испитэ. Алдьархай– даах тымныы түүн турбута.
– Бу сытар, бу эмиэ сытаар, – дэhэр саҥаттан дьон, тоҥмута өтөр ааспат былааннаах бабыгыраhа-дьигиhийэ, таhырдьа тoҕo анньан тахсыбыта.
– Оо, икки өлбүт дуо? – дэhэ онно-манна аймаласпыттара.
Икки торбос тоҥон өлбүтүн сүлэ охсон, хайыахтара баарай, астаан этиттэн буhара уурбуттара.
– Исай, Сүөдэр, илиитэ баттаан, – Сэргэй аакта оҥоро охсубутун суумкатын иhигэр кичэллик укпута.
Алдьархайтан ас таҕыстар да, ahapa илистибит дьон итии аhы үссэнэн, тоҥмуттара aaha быhыытыйан, харахтара сырдаабыта. Торбостор эттэрин, истэрин тириилэригэр суулаан, төбөлөрүн уонна атахтарын куулга уган таhаҕастарыгар кэлгийэн барардыы тэриммиттэрэ.
– Өрүс мууhа чараас, онон-манан сиикэйдэрэ көстө дьэрэлийэ сытар. Сүөhүлэри-сылгылары чөмөхтөөбөккө биир-биир субуруччу үүрэн айанныыбыт. Силип, cыapҕaҕap от эбии тиэнэн, ханан муус уйуктаах буолуох чинчилээх сиринэн бастаа, – Сэргэй дьаhайар сэргэх саҥата дьыбары сыҕайа дуораhыйбыта.
Дьон эрэллэрэ – Сэргэй. Кини сырыы-айан бөҕөтүн сылдьыбыт, айанныы үөрүйэх киhи билэрэ-көрөрө үгүс. Киhи уйана-хатана биллэн тахсар элбэх ыарахан мэhэйдэрдээх-моhоллордоох айаны арыый аҕыйах хоромньулаах туоруурга, салайааччы сатабыла элбэҕи быhаарара чуолкай. Өрүс ситэ эрэллээхтик тура илигэ көс дьонун сүрэҕин ыарыылаахтык хаарыйбыта. Тыал тохтооботоҕо. Ол да буоллар, айаны тыыран иhэр дьон хаһан өрүс туруктаахтык туруон, киhини көтүтэн илдьэ барыах күүстээх тыал тохтуурун күүтэр кыахтара cyoҕa. Кинилэр, илин caҕax диэки көрөн ылаат, саарбах халтархай мууска үктэммиттэрэ. Чараас муус ханна эрэ тэйиччи хайыта баран тааҥнаан, киhилиин-сүөhүлүүн муустаах ууну кэhэн ибили сытыйан бүтүннүү бары кырыа буолан, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан туораабыттара. Өрүс мууhа уйумуох тыаhа-ууhа, чараас дууhалаах дьон уйатыгар ууну киллэрбитэ, ол эрээри син атахтара эрэллээх уҥа биэрэк сиригэр чиҥник үктэммиттэрэ. Эмиэ уот оттунан, абыраллаах сылааhыттан көҥөммөт, уоттарыгар саба түспүттэрэ. Дьыбарынан аҥыhыйар уhун, унньуктаах айан кинилэри аhыныах чинчитэ cyoҕa. Айаннаабыт суолларынааҕар өссө уhуннук айаннаан тиийиэхтээх сирдэригэр, сор бөҕөтун көрөн, тоҥуу бөҕөтүн тоҥон, кыл тыыннара эрэ тиийээхтээбитэ.
– Хайа, хайдах айаннаан кэллигит? Oҕoлop кыайан хаампат, таба тирэммэт буола дэлби тоҥмуттар. Чэ эрэ, oҕoлoop, кыргыттаар, кытаатыҥ, бары балаҕаннары була охсуҥ.
– Сылааска киирэ охсуҥ, – сайыны быhа манна оттообут, күhүнү быhа хотон, балаҕан өрөмүөннээн, тутан бэлэмнээн тоhуйбут бэйэлэрин дьоннорун куоластара тула өттүлэриттэн кутулла түспүтэ. Сүөhүлэрин эмиэ кинилэр чараас буор сыбахтаах киэҥ хотоннорго симпиттэрэ. Бырдылара быстыбыт сүөhүлэр xaxxaҕa, сылааска киирээт сытынан кэбиспиттэрэ. Сылгылары күрүөҕэ хаайбыттара. Барыларын сынньатан баран, кэлин аhатан хоннорбуттара. Сарсыныгар өлбүт торбостор истэрин, төбөлөрүн докумуоннаан үллэрэн баран, Сэргэй эттэрин туттарарга анаан тоҥорорго дьаhайбыта. Хомурдуоhу да сиэх айылаах кураанах куртахтаах дьон ол аска үөрбүтэ. Сиидэрэбискэ махтаныы дириҥэ, ол харахтарыгар көстөрө. Кини нуорма бурдук, кыра сиэмэ аҕалбытын эмиэ түҥэппитэ.
– Доҕоттоор, чэ үчүгэйдик тэринэн олоххутун-дьаhаххытын оҥостуҥ, аны Сүөдэр дьаhалыгар киирэҕит. Мин кэлэ-бара охсуллан aahap буолуом. Этэҥҥэ олоруҥ! – диэн Сэргэй сорох бурдугун, сиэмэтин тиэнэн, бу оройуоҥҥа кыстыы кэлбит иккис биригээдэ дьонун олоҕун олохтуу айанната турбута.
Сэргэй Сиидэрэбис онтон салгыы, бу оройуоҥҥа ыаллыы олорор, атын оройуоҥҥа кыстыы кэлэн хаалбыт биригээдэлэригэр ааhыахтаах. Кини ат үрдүттэн түспэт сындалҕаннаах ahapa элбэх түбүктээх, үгүс эрэйдээх үлэтин оройуттан тутан, норуотун биир бастыҥ салайааччыта буолан, олох тибиитин apҕahыrap сылдьара. Сэргэй бараатын кытта тулаайахсыйан хаалбыт курдук санаммыт дьон, олоруохтаах балаҕаннарын, кыстыахтаах хотоннорун орун оннугар түhэрэр түбүгэр түспүттэрэ.
От сии кэлбит бастакы кэмнэригэр икки балаҕаҥҥа олорбуттара. Сулумах эр дьон муостаҕа от тэлгээн сыталлара. Онтон сыыйа өссө биир балаҕаны өрөмүөннээн, сорохтор онно көспүттэрэ. Yhүc хотону улаатыннаран торбостору онно көhөрбүттэрэ. Торбос көрөөччүлэр Мэхээс уол, Өкөр Өлөксөй уонна субай көрөөччү Ааныс кыыс туhунан хотонноммуттара. Өлөксөй эбиитин көлүүр оҕустары, атыыр oҕyhy көрөрө. Улахан балаҕаҥҥа Үүйэ Эриппиэн биэстээх кыыhынаан уонна икки дьиэ кэргэни кытта олорор буолбута.
Хара тыаҕа куобах, күөллэргэ балык баара. Бултуур киhи айаҕын хамсатыан сөбө. Сүөдэрдээх, Исайдаах бастаан утаа туох астаахтарыттан кыргыттарга биэрэр этилэр. Биэс кыыс бэhиэн бултуур диэни билбэттэрэ. Мэхээс уол – oҕo, Өкөр Өлөксөй ыарыhах этилэр. Оттон Эриппиэн саанан сатаан ытара эрээри, ботуруон диэн киниэхэ cyoҕa уонна туhахтыыры, сохсолууру сатаабата. Силип оҕонньор от мээрэйдиэхтээх, оттук мас бэлэмнэhиэхтээх этэ да, кэлэн иhэн тымныйан, обургутук ыалдьан баччааҥҥа диэри үтүөрэ илигэ, өтөрүнэн үтүөрэр чинчитэ көстүбэтэ. Кыргыттар хас биирдиилэрэ көрөр сүөhүлэрэ элбэҕэ, урааннаах уhун күҥҥэ хотонтон быкпаттара.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?