Текст книги "Баҕар өлүөм, баҕар тиллиэм…"
Автор книги: Ульяна Семенова
Жанр: Биографии и Мемуары, Публицистика
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 8 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]
Дьонум эһиги саныаххыт миигин
Хоту сир омуга
Сахачаан ыччата —
Савелий мин кэлэн
Волгаҕа турабын.
Өҥөйөн көрдөххө
Харааран дириҥиэн!
Уҥуоргу эҥээрэ
Көҕөрөн кэрэтиэн!
Ийэ сир иннигэр
Сэриигэ кэлбитим.
Хотугу фроҥҥа
Сэриигэ киирбитим.
Сирилээн-ыйылаан
Буулдьалар ытыыллар.
Самолет эргийэр,
Бомбалар эстэллэр.
Миналар түһэллэр
Төлүтэ тэбэллэр.
Буускалар эстэллэр,
Снаряд бурҕайар.
Сөтөллө-сөтөллө
Танкалар сырсаллар.
Уотунан кытыастан
Уой! Сэрии да сэрии!
Немецтэр суоластар
Ыталлар… сүрүкэй!
Өстөөх биир буулдьата
Таппыта… абытай!!
Хаҥастыыр илиибин
Өйдөнөн көрбүтүм:
Баастара сүрдээҕиэн,
Хааннара сүүрэриэн.
Уҥаахтаан ылбытым,
Сүрэҕим тэбэриэн!
Сүһүөҕүм мөҕөннөр
Түҥнэри кээһэллэр!
Март ыйын уон аҕыс
Күнүгэр бу буолтум.
Госпиталь иһигэр
Мин эмкэ киирбитим.
Тапталлаах Рыбинск
Аҕыс уон алтатыгар
«Лазарет» эмтэрин
Астына испитим.
Үтүөрэн чөрөйөн
Бу кэлэн турабын.
Сарсын син барабын
Иккиһин фроҥҥа.
Дьэ, хайдах буоларын
Мин кыайан эппэппин:
Баҕар мин өлүөҕүм?!
Баҕар мин эргийиэм?!!
Оччоҕо Элиэнэ
Өрүһүм – эбэккэм
Үөрүүнэн көрсүһэн
Таҥнары уһаарыа.
Төрөөбүт куоратым
Якутскай иһигэр
Дьоллонон үөрүүнэн
Битийэ хаамыаҕым.
Тапталлаах ийэбэр,
Аҕабар киирэммин:
«Дорообо, мин ийэм.
Мин аҕам», – диэн этиэм.
«Өлбөккө эргийэн
Дьэ, кэллим», – диэхтиэҕим.
Дьэ хайдах буолбутун
Сиһилии кэпсиэҕим.
Өллөхпүнэ арай:
Мин ийэм, мин аҕам
Сэрии бүттэҕинэ
Оччоҕо билиэххит.
Суох аата суоҕунан
Суох буола туруоҕа.
Мин суохпун туоһулаан,
Ый тахсан кытарыа.
Оччоҕо саныаххыт
Бу ыытар ырыабын.
Нойосуус үөрэтэн
Ыллыаххыт куруутун.
Волгаҕа турабын,
Каналы көрөбүн,
Саныыбын өрүспүн,
Элиэнэ эбэбин.
Өҥөйөн көрдөххө
Харааран дириҥиэн!
Мин санаам кинилии
Ыаһыран харыастар!
Савва Иванович Тарасов 1918 сыллаахха Горнай оройуонун Солодок нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии иннинэ Мытаах нэһилиэгэр «Эргис» холкуоска суотчутунан үлэлээбитэ. 1941 сыллаахха фроҥҥа барбыта. 111 гвардейскай стрелковай пуолкаҕа 40 гвардейскай стрелковай дивизияҕа рядовой байыаһынан сылдьыбыта. 1942 сыллаахха сэтинньи 11 күнүгэр Волгоградскай уобаласка Перекопка таһыгар буолбут кыргыһыыга геройдуу охсуһан өлбүтэ.
НИКИФОР КИРИКОВИЧ СЕДАЛИЩЕВ-ДЬҮӨГЭ ААНЫСТЫЫРАП
Кэргэнигэр суруктара
1942 сыл ыам ыйын 2 күнэ
Бүгүн ыам ыйын 2 күнэ. Эйигин, доҕорбун ахтарым наһаа күүстээх. Ааспыт дьылларга 1 Маайы хайдах көрүнэн-нарынан, аһынан-үөлүнэн атаарарбытын саныыбын.
Быйыл оннук буолбатах. Армия усулуобуйатыгар бырааһынньыгы атаарыы бэрт боростуой. Эн бэйэҥ да билэриҥ буолуо быйылгы 1 Маай үлэ күнэ буолла. Ити барыта сэрии сабыдыала.
Мин фроҥҥа баран иһэн сурук суруйбутум. Ол сурукпун бу сурукпуттан эрдэ дуу, хойут дуу тутарыҥ буолуо. Бу да суругум сайын тиийэрэ буолуо. Бу суругум тиийэрин саҕана мин эбэтэр өлүөм, эбэтэр баас ылан госпиталга сытыам.
Биһиги аан маҥнай Ленинградтан уонча көс бэттэх тохтообуппут. Онно сэрии биһигиттэн 10–12 биэрэстэ сиргэ буола турара. Биһиги үрдүбүтүнэн самолеттар охсуһаллара, немец самолеттара халлаантан умайбытынан түһэллэрин хаста да көрдүм. Билиэн түбэспит немецтэри эмиэ көрөттөөтүм.
Маҥнай тохтообут сирбит дьэ быртах сир, барыта уу уонна бадараан. Онно отуу туттан биир нэдиэлэ буоллубут. Барбыт сыалбыт – Ленинграды босхолуурга көмөлөһөргө диэн этэ. Онон бүгүн дуу, сарсын дуу сэриини кэтэһэ олорбуппут. Ол олордохпутуна эмискэччи бирикээс кэллэ – атын сиргэ сыҕарыйарга. Тобукпутунан ууну, бадарааны икки суукка тухары кэһэн саҥа сиргэ кэлэн тохтоотубут. Тохтообут сыалбыт – уруккуттан төгүрүйүллэн турар немец 16-с армиятын үлтү охсорго кыттыыны ыларга. Биһигиттэн фронт 10 биэрэстэ. Хаһан бирикээс кэллэ да сэриигэ киирэбит. Ол бэрт чугас, сарсын дуу, өйүүн дуу.
Тохтообут сирбит үчүгэй, бэс ойуур, салгына доруобай. Саас барахсан кэллэ. Чыычаахтар ыллыыллар, үрэххэ балык сэмсиир, кустар саҥарсаллар, ойуурга улар охсор, ылааҥы күн үөһэттэн тыгар.
Мин маннык сааһы кытта Сахам сирин, саха ыаллардаах, үрүҥ астаах, үүттээх-суораттаах, түптэ буруолаах алааһы ахтабын. 1934 сыллаахха баччаҕа мин Харбалаахха баарбын. Үчүгэй да саас эбит. Онно мин, эн уонна оччотооҕу өҥ-тот олох барыта дьол этэ. Ону билигин ахта саныахха олус астык, үчүгэй. Сэрииттэн тыыннаах эргиллэр күннээх буоллахха, олох дьолуттан астыктык тииһинэргэ баҕа санаанан туолабын. Итинэн эрэ сүрэхпин-быарбын уоскутабын, көхсүбүн кэҥэтэбин.
Эн хайдах олороҕун, тугу үлэлиигин. Мин аны соторунан биллэр кыаҕым суох. Сэриигэ өлбөтөххө, тыыннаах көрсүһэр күннээх буоллахпытына сэһэргэһиэхпит.
Мотя! Чэ быраһаай, бу баҕар бэстилиэнэй суругум буолуо. Ол эрээри өлүөм диэн санаа миэхэ ончу суох, хайдах эрэ бэйэбин дьоллооҕунан, өлүө суоҕунан дойдубар эргийиэҕинэн сананабын. Маннык дьикти санаабын бэйэм сөҕө саныыбын. Доруобуйам үчүгэй, ыалдьыбаппын. Оттон уопсай этим-хааным туруга сылаабай мөлтөх, үрүҥ аһы суохтуубун.
Сыллыыбын, убуруубун – быраһаай, хааллым доҕоруҥ
Микииппэр
1942 сыл ыам ыйын 16 күнэ
Мотя! Доҕоруом, сыллыыбын-убуруубун. Киһи улаханнык да үөрэр, сүрэҕэ-быара дьэгдьийэр буолар эбит. Эн кулун тутар 23 күнүгэр суруйбут суруккун ыам ыйын 12 күнүгэр 1942 с. туттум. Бу суруктан ураты эн 2 суругу тутуохтааххын: 1) сэриигэ баран иһэн, 2) сэрии сиригэр – фроҥҥа тиийэн баран 1 Маайы хайдах атаарбыппыт туһунан.
Дьэ эн суруккун түһээн да көрбөтөх усулуобуйабар сылдьан туттум – уоттаах сэрии буола турдаҕына, окуопаҕа сытан. Суруккун тутан баран 4 хонукка суруйбакка сылдьан баран, дьэ бу бүгүн арыый иллэҥнэнэн суруйан эрэбин. Биһиги сэриилэспиппит 8 хонно. Сэрии олоҕо, усулуобуйата диэни киһи киһиэхэ сатаан кэпсиэх буолбатах. Мин туох да буолан көрө иликпин. Арай 2 төгүл снаряд-миинэ аттыбар түһэн көхсүм доргуйталаата – бу букатын кыра дьыала.
Мин сэргэстэһэ сытар эбэтэр бииргэ үлэлии сылдьар табаарыстарым мэйиилэрэ ыһыллар, быһар быһалар. Дьэ бу аата снаряд таптаҕына өллөҕүҥ, таппатаҕына тыыннаах ортоҕуҥ. Немецтэр самолеттан бомбалыыллар, пушкаттан уонна миинэттэн ыталлар. Сороҕор төһө эмэ киэҥ сиргэ биир да тыыннаах кырыс орпот буолар. Оттон биһиги немецтэргэ оннооҕор ордугунан хардарабыт, онон кыралаан иннибит диэки сыҕарыйан иһэбит.
Мин сибээс взводугар телеграфиһынан үлэлиибин. Сэрии буола турдаҕына командирдар приказтарын телефонунан биэрэбин. Үксүн сэрии уотун хаба ортотунан айаннаан штаб уонна роталар икки ардыларыгар сибээс-линия тардабын.
Итинник үлэни сүүрүүнэн, аттаан уонна быарбынан сынан толоробун, ууну, кутаны, бадарааны хаба ортотунан барабын.
Куттанар, өлүөм эбээт диэни киһи умнар буолар эбит. Снаряд аттыгар түһэн дэлби ыстаннаҕына хаптас эрэ гынаҕын, табаарыһыҥ бааһырдаҕына эбэтэр өллөҕүнэ бэлиэтии эрэ көрөн кээһэҕин. Оттон винтовка эбэтэр пулемет буулдьатыттан кумаардаан да көрбөккүн, таптаҕына биирдэ охтуоҥ буолуо.
Мин олоҕум диэн итинник. Ыам ыйын 7 күнүттэн 16 күнүгэр диэри буолбут сэриигэ мин тыыннаахпын, өлүөм эбээт диэн санаа ончу суох. Маннык будулҕан ортотугар аһы-үөлү бэркэ тэрийэллэр – аччыктаабаккын, арай сороҕор урут, сороҕор хойут эрэ аһаталлар.
Доҕоруом, эн суруккун тутаммын, дойдум олоҕун сонуннарын билэммин бэркэ диэн дуоһуйдум-астынным. Быраһаай, этэҥҥэ сырыттахпына суруйуом.
Куораттан, дьиэҕиттэн уонна үлэҕиттэн араҕыма. Дьиэлэр үчүгэй хаһаайыстыбанньык ыалы дьуккаах киллэр. Мин билэр дьоммор барыларыгар привет.
Сыллыыбын, убуруубун!
Микииппэр
1942 сыл ахсынньы 27 күнэ
Мотя! Киэһэ. Иллэҥ бириэмэм, керосиным баранара чугаһаан уот имик-самык умайар. Бу сурукпун суруйа-суруйа дойдубун, эйигин, билсэр дьоммун сытыы баҕайытык тэһэ ахта саныыбын. Дойдуну, кэргэни ахтартан ордук киһи сүрэҕин тыытар туох баарый? Өстүйэр, абарар санаа баар. Ийэттэн оҕотун, кэргэниттэн эрин арааран тыһыынчанан көстөөх сиргэ сэриигэ ким миигин ыыппытай? Чуумпу, дьоллоох, өҥ-тот олохпуттан арааран, кыһыҥҥы тымныыга тоҥорго, сайыҥҥы бадарааҥҥа булкулларга ким миигин кыһайбытай? Тапталлаах кэргэммин, төрөөбүт Сахам сирин ахтартан сүрэҕим ыалдьарыгар ким миигин тиэрпитэй? Советскай норуот дьоллоох олоҕун ким аймаата? Советскай норуот кыа хаанын ким тохто?
Мотя! Өйдөө барытыгар буруйдаах Гитлер, германскай фашизм. Дьэ ситиһэр чаас улам чугаһаан иһэр. Өлбөтөхпүнэ – мин эмиэ ситиһиэм. Өллөхпүнэ – мин табаарыстарым ситиһиэхтэрэ.
* * *
Суруйааччы буолар – төрөөбүт культураҕа, искусствоҕа уйманар эмиэ эрэйдээх буолар эбит. Дойдубун мин ити боппуруоһунан ситимнээн ахтабын. Сахалыы кэпсэппэтэҕим, саха саҥатын истибэтэҕим балтараа сыл буолла. Киһиргээн этэр буолбатахпын – сорох тыллары умнуталыах курдук буолан эрэбин. Сахалыы кэпсээни ылбычча суруйуо суох курдукпун. Нууччалыы билэр, нуучча саҥатын истэр эмиэ кэрэ буолар эбит. Мин аҕыйах бириэмэҕэ нууччалыы билбэт омуктары командалыы сылдьыбытым. Онно дьэ куһаҕан этэ.
* * *
Мотя! Дьэ тыыннаах, эргиллэн көрсүһэбит дуу, суох дуу?! Боппуруос!
Ол эрээри эрэнэ саныыбын – дойдубар тыыннаах эргиллиэм диэн.
Чэ быраһаай, сыллыыбын, убуруубун. Посылка ыыттыҥ дуо? Дьиэ эргиннээҕи сонунна элбэхтик суруй!
Ахтылҕаны кытта Микииппэр
Никифор Кирикович Седалищев 1913 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонун Кэнтик нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии иннигэр «Бэлэм буол» хаһыат эппиэттиир редакторынан үлэлээбитэ. Армияҕа 1941 сыллаахха ыҥырыллыбыта.
Үсүһүн бааһыран, госпитальга эмтэнэн, үтүөрэн, сэриигэ хат киирээри туран, бэс ыйын 10 күнүгэр 1943 сыллаахха Н.К. Седалищев кэргэнигэр бу курдук суруйар: «Ахтылҕан күүстээх буолар эбит. Тыыннаах эргиллэн дойдубун көрөбүн дуу, суох дуу?! Боппуруос…» диэн. Ити кэнниттэн киниттэн даҕаны, кини туһунан туох да биллибэтэҕэ. Кыргыһыы уотугар саха биир суруйааччыта, төлөннөөх патриота сураҕа суох сүппүтэ.
ПОПОВ НИКОЛАЙ ГАВРИЛЬЕВИЧ
Дьонугар суруктарыттан
1942 сыл ыам ыйын 2 күнэ
Фронтан иккис сурукпун ыытабын. Биһиги Бүлүүттэн элбэх кэлбиппит да, иккиэ, Костя кэргэнин уруута Макаровтыын эрэ бииргэ баарбыт. Мин Москваттан 300 км Смоленскай куорат диэки баарбын.
Коля
1942 сыл от ыйын 5 күнэ
Дорооболоруҥ күндү Аҕам, Ийэм уонна Валя
Туох ханнык иннинэ эһиэхэ бары үчүгэйи, доруобуйаны баҕарабын. Мин бакаа тыыннаахпын, доруобайбын, ханан да эмсэҕэлии иликпин. Инникитин эмиэ ол курдук сылдьарга уонна тыыннаах кыайыынан дьиэбэр эргиллэргэ баҕатыйабын. Мин фашистскай суолаһы аны хаһан да нуучча норуотугар сэриинэн саба түспэт гына үлтү сынньар санаалаахпын. Кини эйэлээх нэһилиэнньэни муҥнаабытын-сордообутун, дэриэбинэлэри уоттаабытын көрө-көрө куйахам күүрэр. Биир таммах хаан баарын тухары өстөөҕү кытары охсуһуом, хардыы да сири кэннибинэн чугуйуом суоҕа диэн кытаанахтык этинним.
Эһиэхэ туох сонуннар баалларый?
Хааллым эһиги уолгут Коля
1943 сыл от ыйын 12 күнэ
…Тыыннаахпын, доруобуйам соччо олуһа суоҕун иһин, син сылдьабын. Бу сурукпун артиллерийскай бэлэмнэнии кэмигэр суруйабын. Фашистары бөҕөргөтүммүт кирбиилэриттэн үүрэн иннибит диэки барабыт. Онон сотору фашистскай ыттары үлтүрүтүөхпүт уонна кыайыынан дьиэбитигэр тиийиэхпит.
Эһиги уолгут Коля
Буойун Николай Гаврильевич Попов 1941 сыллаахха балаҕан ыйын саҥатыгар Бүлүү куоратыттан армияҕа ыҥырыллыбыта. Кини Арҕааҥҥы фронт 33-с армиятын 110 дивизиятын 1291-с стрелковай пуолкатыгар сэриилэспитэ. 1943 сыл от ыйын 28 күнүгэр Орел куорат таһыгар өлбүтэ.
ЕВСЕЕВ МАРК ИННОКЕНТЬЕВИЧ
1942 сыл ыам ыйын 15 күнэ
Улаханнык убаастыыр дьонум Харлампьев Гаврил уонна Маарыйа, оҕолор бары ыраас салгын хоту сылдьар сурукта тутуҥ уонна дорообото сылаас илиини тутар курдук санаан туран тутуҥ!
Мин бу күҥҥэ диэри баарбыттан дьэ суруйуох иннигэр этэбин эһиэхэ 7-с суругум буолла. Араанньы буолан баран биир эмит тиийээрэй диэн, өскө барыта тиийэр эбит буоллаҕына, куруук биири суруйар иирбит дуу диэххит, дьэ эмиэ суруйабын. Мин олунньу ый 14 күнүгэр Москва куораттан 20 көстөөх арҕаа фроҥҥа түүн 12 чааска уҥа илиибин, атахпын миинэ кэлэн ойута көтөн кээспитэ. Москва куорат 26 1№-дээх балыыһатыгар 24 хонон баран уларыйан Муурам диэн куорат 13-тээх балыыһатыгар сытан баран үтүөрэн госпиталга сылдьабын, сынньана диэн, субу сэриигэ ыыталлар. Дьэ, өлөрүм буолуо, сэриигэ өлбүт киһинэн хаххаланан сылдьаҕын, оннук хойуу сэрии буолбут сирэ. От-мас, сир орпот, барыта алдьанар. Сэриигэ киирбит киһи ордуох буолбатах… Үксэ кыһын араанньы буолуу элбэх үһү, сайын араанньы буолуу суох да үһү, сайын ама үһү, дьон инньэ дииллэр. Миигин кытта биир оруотаҕа 35 саха этибит. Мин араанньы буолан тахсарбар биир эрэ хаалта, 3 араанньы буолбут, 31 өлтө. Алын Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Горнай дьоно этилэр. Манна хаар киһини моонньунан этэ. Маайга олох бүппүтэ, бу күн хатыҥ сэбирдэҕэ көҕөрөр, тыалырар, куорат сиргэ, атыны хантан билиэм баарай. Сылаас баҕайы киһи санаатын үтүө гынара диэн бөҕө, араанньы буолан сыттахха киинэ, араас оонньуу бөҕөнөн күнү биллэрбэт, да ис санаа обургу сүтүө баара дуо, тыыммат буоллахха сүтэр дуу, суох дуу, араас эгэлгэни көрөн өлүү буолла, эдэр дьон орпото, дьыала куһаҕан. Охонооһой эрэйдээх кэлэн сордонуо дии, сорох муҥнаахтар сэриигэ киирэн иһэн өлтөрө, буолан баран хата сотору сынньаммыттара. Мин хаһан өлөн сынньанабын. Бэйэм дьоннорбун кыайан билбэппин, урут суруйтум билэрбинэн. Мин араанньы буола иликпинэ киһи киэнэ уҥуохтаах тириитэ буолтум, билигин харах үүтэ көстүбэт буола уойдум, һы, оҕо үчүгэй ээ. Мин хаһан эһигиттэн сурук тутаары тугу ыйытыам баарай уонна хаһан ситэн суруйаары элбэҕи суруйуомуй. Тилигэрээмэ ыытыаҕы харчы суох. Дьэ, бука бары, бырастыыларыҥ.
М. Евсеев
1942 сыл бэс ыйын 17 күнэ
Күн сиригэр күндүтүк саныыр, ахтар дьонум Харлампьев Гаврил, Маарыйа, бука бары оҕолор миигиттэн сурукта тутуҥ!
Бэс ыйын 17 күнүгэр Калининскай диэн сиргэ киирдим. Мин араанньы буолан баран 19-с суругум буолла. Биир эмэ тиийэр дуу, суох дуу. Куһаҕан сиргэ киирдим, бука кэриэс сурук буолуо. Элбэҕи суруйар кыах суох, үчүгэйдик олоруҥ.
Олох хамнаабатын, өссө туругурдун. Дьэ, суругум тиий. Тиий кэриэс сурук. Бырастыыларыҥ.
Суруйдум М. Евсеев
Марк Иннокентьевич Евсеев 1910 сыллаахха Бүлүү оройуонугар Баппаҕаайы нэһилиэгэр төрөөбүтэ, кыра үөрэхтээх, сэрии иннинэ «Маай» холкуос бэрэссэдээтэлинэн, Андреев аатынан холкуоска пиэрмэ сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Армияҕа 1943 сыллаахха ыҥырыллыбыта, 1942 сыл алтынньы 1 күнүгэр сэриигэ өлбүтэ. Смоленскай уобалас Кармановскай оройуонугар Подберезки диэн дэриэбинэтигэр көмүллүбүтэ.
ВИНОКУРОВ МИХАИЛ ГАВРИЛОВИЧ
Быраатыгар Ильяҕа, балтыгар Пашаҕа суруктара
1942 сыл ыам ыйын 25 күнэ
Илья, Паша!
Дорооболоруҥ! Доруобуйам олус үчүгэй. Үөрэхпит бүттэ. Үөрэнии чааһа бэрт. Бүгүн Арҕаа фроҥҥа, Елец диэн сиргэ барабыт. Барар буолбуппунан олус үөрэбин. Бачча сылдьан баран сэриилэспэккэ хаалар хомолтолоох буолуох этэ. Баран биир эмэ үөн дууһатыгар турбут киһи үчүгэй буолуо этэ.
Эһиги убайгыт сэриигэ да баран куһаҕаннык сылдьыа суоҕа, саха аатын, норуот, партия эрэлин хайаан да толоруоҕа. Онуоха эрэнэн кэбиһиҥ. Уон биир сыл устатыгар партияҕа чилиэммин. Ол сыллар миэхэ мээлэҕэ ааспатахтара. Бассабыык партиятын үгэстэрэ, кини үрдүк аата мин эппэр-хааммар иҥмитэ мээлэҕэ хаалыа суоҕа. Өстөөҕү кыайар иһин өлөрбүн да харыстаныам суоҕа. Өллөхпүнэ даҕаны Ийэ дойдум иһин өлүөм. Өлөртөн куоппут диэн сир үрдүгэр суох. Паша кэлэрбэр ытаабыта. Өскөтүн өлөр-сүтэр да буоллахпына, ытыахха сатаммат. Хата маннык убайдаах этим диэн киэн туттуохха наада. Өссө биирдэ этэбин: Ийэ дойду иһин өлөрбүн да кэрэйиэм суоҕа.
Виля уол мэликтээбэтин, үчүгэйдик, көрсүөтүк сырыттын. Улааттаҕына, үчүгэй физкультурник буоллун. Көр, бу уол аҕатын эдэрин баппыт дэттин… Бэҕэһээ 600 солк. ыыттым. Квитанциятын маны кытта ыытабын. Өскөтүн тиийбэтэҕинэ, ирдэһээр. Кыах баар буоллаҕына, суругу, телеграмманы ыытыам. Телеграмманы аадырыспын биллэрдэрбин эрэ түргэнник ыытар буолуҥ.
Бу суругу кытта карточкабын ыытабын. Боростуой соҕус түһүү, баалаамаҥ.
Чэ, үчүгэйдик көрсүөххэ диэри.
Быраһаайдарыҥ.
М. Винокуров
1942 сыл атырдьах ыйын 4 күнэ
Паша! Эһиэхэ суруйбатаҕым ыраатта. Сылдьыы, доруобуйа чааһа олус үчүгэй. Сэриигэ киирэ иликпин. Ол гынан баран өтөр дуу, сотору дуу киирсэрим буолуо. Эрэнэн кэбис, эн убайыҥ сэрии уотуттан чугуйуо суоҕа, бэйэтин аатын, норуотун аатын түһэн биэриэ суоҕа. Бу сэриигэ эбэтэр өлүөм, эбэтэр тыыннаах кыайан-хотон тиийиэм.
Барыгытыгар коммунистическай привет.
Убайыҥ М. Винокуров
1942 сыл балаҕан ыйын 29 күнэ
Паша! Доруобуйа үчүгэй. Сэриилэһэ сылдьабын. Биир былыргы нуучча куоратын уһугар киирэн сүрдээх суолталаах сири ылан, ону тута сытабыт. Уон биэс хонно өстөөҕү утары быыстала суох сэриилэспиппит. Билигин биһигини тула сэнэрээттэр эстэллэр, буулдьалар ыйылаһаллар. Кинилэр биһиэхэ сонун буолбатахтар. Өстөөх сүтүгүн төннөрөөрү сорунан көрдө да, өссө улахан сүтүктээх төттөрү охсулунна. Кэнники төбөбөр чэпчэкитик баас ылбытым оһон эрэр. Оннубун бырахпакка оһордум. Үчүгэйдик олоруҥ, уолу үөрэттэр, бэйэҥ үөрэн дуу, үлэлээ дуу, мээлэ олорума. Малгын кичэйэн илдьэ олор. Кэлэр дьылга кыайыыны кытта тиийиэм. Бары дьоҥҥо привет. Окуопаҕа олорон суруйдум.
М. Винокуров
Михаил Гаврилович Винокуров Таатта оройуонугар Игидэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
Сэриигэ барыан иннинэ «Эдэр бассабыык» хаһыат редакторынан, оттон кэлин Саха сиринээҕи кинигэ кыһатыгар эппиэттиир редакторынан үлэлээбитэ. Армияҕа 1941 сыллаахха от ыйын 28 күнүгэр ыҥырыллыбыта. М.Г. Винокуров өстөөҕү кытта геройдуу охсуһа сылдьан, сэтинньи 22 күнүгэр 1942 сыллаахха өлбүтэ.
ТАТАРИНОВ ТИМОФЕЙ ТИМОФЕЕВИЧ
Кэргэнигэр суруктарыттан
1942 сыл ыам ыйын 25 күнэ
Мин бу соҕотохто кэлбит олохпор биирдэ булбут доҕорбун, эйигин, санаатахпына, эн биһиги сүрэхтээх быарбыт тапталыттан үөскээн хаалбыт оҕолорбут Володяны, Толяны уонна бэйэм уу харахпынан көрө илик кыһыл кыыһы санаатахпына сүрэҕим дьаралыйар. Ити санаам мин хайа да күммэр хаалыа суох быһыылаах.
Баскыа! Биһигини үөскээбит үйэбит биир бэлиэ кэмэ араара сылдьар. Доҕоор! Мин эн иннигэр этиим диэн буолар: Дойду иннигэр саа тутан сэриигэ, эйигин хайдах саныыбын да, ол курдук, чиэһинэйдик сылдьыам. Табылыннаҕына, чахчы да буолуо бука, бүтүн икки сүүс киһини бэйэм сэриигэ киллэрэр киһи буолуом, ылбыт аатым оннук.
Доҕоор! Дьэ адьас ис сүрэхпиттэн этэбин эйиэхэ. Эн мин туспунан сүрэххин хамнатыма, бука диэн санааргыы сылдьыма. Миигин өстөөх буулдьата былдьыа суоҕа. Мин бэйэм дьылҕам туһунан сүрэхтээх-быарым сүрдээх күүстээх. Куһаҕан буоларым буоллар баҕар билиниэм этэ. Сэрии аата сэрии, баҕар эҥин-дьүһүн буолан хааллахпына биллэриэхтэрэ. Оччоҕо эйиэхэ этэр бэстилиэнэй тылым диэн буолар: Володяны этэҥҥэ сырыттаҕына, хайаан да үөрэттэрээр. Мин кэриэспин киниэхэ кэнники өйдөммүтүн кэннэ этиэҥ. Кини уопсай үөрэххэ үөрэннин диэбитэ диэн. Оттон бэйэҥ олоҕун чааһын бэйэҥ билиниэҥ буоллаҕа, ол кэннэ туох да диэн этэрим суох.
Аны мин эһигини көрүөм дуо? Аны эйигин кытта олоруом дуо? Суох, көссүөм, тиийиэм. Эйиэхэ тиийдэрбин, оҕолорбун, эйигин бэйэм уу харахпынан көрдөрбүн иккиһин төрөөбүт курдук саныам этэ.
Эн доҕоруҥ Тимофей
1943 сыл олунньу 24 күнэ
Иккис бааһырыым кэнниттэн госпиталга эмтэнэ сытабын. Тохсунньу 26 күнүгэр наступлениеҕа киирэн иһэн уҥа атахпар таптардым. Билигин үчүгэй буолан эрэбин. Фроҥҥа үсүһүн барарга бэлэммин, немеһи ситэри үлтү сынньарга. Өстөөххө аба-сата күн аайы күүһүрэн иһэр. Төрөөбүт советскай сирбитигэр кинилэри ииннэрин булларыахпыт.
Эн Түмэппийиҥ
Тимофей Тимофеевич Татаринов Уус Алдан оройуонугар I Суотту нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэриигэ барыан иннинэ Суотту оскуолатыгар учууталлаабыта. Армияҕа 1941 сыллаахха ыҥырыллыбыта. Фроҥҥа лейтенант аатын ылбыта, политрук этэ. Бойобуой үтүөлэрин уонна хорсун быһыыларын иһин мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Өстөөҕү кытары харса суох кыргыһа сылдьан, 1943 сыллаахха атырдьах ыйын 13 күнүгэр, Киевскэй уобалас Кривая Гора сэлиэнньэтин таһыгар геройдуу охтубута.
ГОГОЛЕВ ФЕДОТ ИВАНОВИЧ
Дьонугар суруктара
1942 сыл бэс ыйын 13 күнэ
Григорий Петрович, Роман Давидович,
Николай Андреевич дорооболоруҥ!
Эһиги миигин эҥин-дьүһүн буолуо диэн санаарҕаамаҥ. Большевик өлөн-өһөн биэрбэт. Тыыннаах эргийиэҕим. Өстөөҕү сытыган эрбэһиннии кыдыйыаҕым. Охсуһуу толоонуттан түөспэр уордьаннаах төннүөм эбэтэр геройдуу өлүөм.
Эһиги нэһилиэккит, колхозкут үлэтин тупсарыҥ. Биһигини суохтаамаҥ. Оҕолору үчүгэйдик иитиҥ. Кинилэр эмиэ, биһиги курдук, норуот дьолун иһин охсуһар дьон буолуохтуннар. Кинилэр туохтааҕар да күндүлэр. Өстөөҕү кыайыахпыт, эһигинниин көрсүһүөхпүт. Онно үлэбитин түмүктүөхпүт. Норуот дьолун көмүскээһиҥҥэ ким тугу оҥорбута биллиэҕэ.
Взвод командирын көмөлөһөөччүтэ,сержант-кавалерист Ф. Гоголев
1943 сыл (ыйа-күнэ биллибэт)
Иван Иванович!
Эһиги миигин суохтаамаҥ, мунчаарымаҥ. Уол оҕо төрөөммүн норуот дьолун иһин сэриилэһэ сылдьабын. Норуот дьолун иһин өллөхпүнэ да, өллүм диэм суоҕа. Мин олохпунааҕар кэнэҕэски ыччат кэскилэ улахан.
Уолуҥ сержант Гоголев
Федот Иванович Гоголев Уус Алдан оройуонугар Найахы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Комсомолец этэ. Армияҕа 1941 сыллаахха ыҥырыллыбыта. Бастаан взвод хамандыырын көмөлөһөөччүтэ, онтон кэлин 23 отдельнай стрелковай биригээдэҕэ разведчигынан сылдьыбыта, старшай сержант аатын ылбыта. Өстөөҕү кытта кыргыһа сылдьан, 1943 сыллаахха бэс ыйын 19 күнүгэр Калининскай уобаласка Тимофеево сэлиэнньэҕэ, охсуһуу уотугар геройдуу охтубута.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?