Электронная библиотека » Ульяна Семенова » » онлайн чтение - страница 1


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 12:41


Автор книги: Ульяна Семенова


Жанр: Биографии и Мемуары, Публицистика


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 1 (всего у книги 8 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Баҕар өлүөм, баҕар эргиллиэм…

Күндү ааҕааччы!

Улуу Кыайыы 70 сылыгар анаан саллааттар фронтан ыыппыт суруктарын хомуурунньугун бэлэмнээтибит. Бу суруктар Саха сиринээҕи кинигэ издательствота 1967 сыллаахха таһаарбыт «Саллааттар суруктара» диэн уонна СӨ архыып дьыалатыгар Департамена уонна СӨ Национальнай архыыба 1995 сылтан саҕалаан Кыайыы үбүлүөйдэрин көрсө таһаарбыт түөрт кинигэлэриттэн таҥылынна.

1941 сыл. Бэс ыйын 22 күнэ. Бу күн күүтүллүбэтэх алдьархай дойду үрдүнэн ааҥнаабыта. Суостаах-суодаллаах «сэрии» диэн тылтан дьон олоҕо, дойдубут дьылҕата быһаарыллар ыарахан кэмнэрэ бүрүүкээбиттэрэ.

Саха ньургун уолаттара ийэ дойдуну көмүскүүр ытык иэстэрин, дойду дьылҕатын быһаарар булгуруйбат аналларын толоро, алаас-алаас аайыттан ыҥырыллан, ыҥыыр аттарын миинэн, кэргэннэрин, аймахтарын кытта быраһаайдаһан, кый ыраах, илин-арҕаа өлөр-тиллэр охсуһууга, хабыр хапсыһыыга аттаммыттара. Саха сиринээҕи Военкомат сибидиэнньэтинэн, 1941–1944 сылларга Саха сириттэн сэрии хонуутугар 55 873 киһи ыҥырыллыбыта. Саамай элбэх киһи (22 688) 1941 сылтан 1942 сыл ыам ыйын 15 күнүгэр диэри бастакы хомуурга ыҥырыллан, уот сэрии саамай хаан тохтуулаах ыарахан кыргыһыыларыгар кыттыбыта, үгүс саллаат сэрии толоонугар охтубута.

Сэрииттэн эргиллибэтэх уонунан тыһыынча эдэркээн уолаттар саха норуотугар ыар сүтүк буолаллар. Саамай күөгэйэр күннэригэр сылдьар, үгүстэрэ үөрэхтээх, эдэр-чэгиэн дьон, сорохтор дьиэ-уот тэринэн ыал буолан олохторун оҥостубакка, оҕо-уруу төрөппөккө, таптыыр уонна таптатар да диэни билбэккэ, дууһаларын толук уурбуттара, сэрии хонуутугар «сураҕа суох» сүппүттэрэ.

Бүгүҥҥү туругунан, архыып докумуоннара туоһулуулларынан, Саха сириттэн сылдьар 7566 саллаат сэрии толоонугар өлбүтүнэн уонна сураҕа суох сүппүтүнэн ааҕыллар. Ону таһынан Саха сириттэн сэриигэ ыҥырыллыбыт 649 саллаат госпиталларга уонна медсанбаттарга сытан, ыараханнык бааһыран өрүттүбэккэ өлбүтэ биллэр. Саха сириттэн сэриигэ ыҥырыллыбыт сүүс биэс уонтан тахса дьон немец концентрационнай лааҕырдарыгар өлбүтэ.

Бу барыта Саха сирин норуоттарын үйэлэргэ умнуллубат ыар баттыга, сүппэт-оспот бааһа, өлбөөдүйбэт өйдөбүнньүгэ буолар.

Тыыннаах эргиллэн кэлбит саллааттар уонна сэрии хонуутугар өлбүт буойуннар саһарбыт суруктара киһи дууһатын тус-туһунан аймыыллар. Сэрииттэн эргиллибэтэх дьон суругун ааҕар сүрдээх ыарахан. Кинилэр «төрөөбүт дойдубар хайаан да эргиллиэм», «дойду ахтылҕана баар эбит саамай күүстээх», «түүн түһээн дойдубар сылдьар буолабын, уһуктан баран хомойобун», «дойдубун ахтарым бэт буолла. Дойду төһө эрэ үчүгэйдик турда, хаарыаны төннөн тиийбит киһи баар ини?! Баҕарбыт иһин туох кэлиэй!» диэн суруйбут тыллара ким дууһатын таарыйбат буолуой!? Олоҕу олус таптыылларын, инникигэ эрэллээхтэрин маннык тыллартан ааҕыахха сөп: «баҕар, сайын от-мас көҕөрөн турдаҕына тиийиэм, күүтүҥ, үчүгэйдик олоруҥ», «мин хаһан эрэ төннүөҕүм. Дьоллоохтук олоруохпут», «мин хайаан да төннүөм дии саныыбын. Онон эһиги хайаан да күүтүҥ»…

Оттон өлөр-тиллэр охсуһууга сылдьан суруйбут дууһа кыланыылаах суруктара «тыыннаах тиийэр уурайда быһыылаах… Быдан дьылларга быраһаайдарыҥ», «соччо бу быстах өлүүгэ кэлэн өллөҕүм диэн өйбөр киллэрбэккэ сытабын, уҥуоҕум эрэ бу дойдуга хааллаҕа дии саныыбын. Кэлэрбэр өлбүт киһи курдук оҥостон кэлбит буоллаҕым…», «киһи эбэтэр кии буолар сирбэр кэллэҕим…», «санаа-бит куһаҕан… Быралыйар быстар кэриэс быраһаайдарыҥ» диэн курус тыллардаахтар. Дьылҕа-хаан ыйааҕынан кинилэр иэримэ дьиэлэригэр эргиллибэтэхтэрэ, хаһан да харахтаан көрбөтөх, түһээн да баттаппатах сирдэригэр үйэ-саас тухары уҥуохтарын кырамтата хааллаҕа…

Төрөөбүт дойдуларын иһин бэйэ эдэр олоҕун, инники кэскилин, эттээх хаанын харыстаабакка толук уурбут биир дойдулаахтарбыт ааттарын үйэтитии, эдэр ыччакка сырдатыы биһиги ытык иэспит буолар.

Саллааттар аймахтарыгар, кэргэннэригэр, табаарыстарыгар фронтан ыыппыт үс муннуктаах саһарбыт суруктарын хомуйуу 1995 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын иһинээҕи архыыбынай сулууспа көҕүлээһининэн саҕаламмыта. Билигин туспа пуонда оҥоһуллан, ити суруктар куоппуйалара эбэтэр дьиҥнээх бэйэлэрэ наарданан, харалтаҕа сыталлар.

Н.С. Степанова

АММОСОВ НИКОЛАЙ АЛЕКСЕЕВИЧ

1941 сыл атырдьах ыйын 9 күнэ

Юра! Ты не забыл меня? Это пишет тебе письмо твой папа. Ты, мой сын, молодец, не болел по дороге и приехал домой. Однако, ты уже играешь с Алешкой, да?

Юра, ты помнишь, как мы с тобой ходили в Сокольники, там видели ворону, там ты от меня убегал далеко и прибегал обратно. Ты помнишь, как мы лежали рядом и разговаривали про зверей зоопарка: медведя, тигра, слона, верблюда и др.

Юра, ты помнишь, мы с тобой читали книгу про красноармейца Колю Кузнецова. Теперь я тоже красноармеец. У меня есть фуражка со звездочкой. У меня есть длинная, серая шинель. У меня много товарищей красноармейцев. У нас есть винтовки, пушки, танки, самолеты.

Юра, сейчас идет война. Фашисты, как самураи, стреляют в нас. Мы пойдем тоже стрелять в них. Ты не забудь: твой папа остался в Москве бить фашистов. Они обстреливают Москву.

Юра, я приеду к тебе, когда кончится война, когда уничтожим фашистов, когда все советские дети будут праздновать радость своих отцов и матерей. Юра, не забудь меня.

Целую: твой папа Юра, люби маму, целуй ее за меня Папа
1944 сыл тохсунньу 12 күнэ

Юра! Любимый мой сын, тебе боевой красноармейский привет. Я писал тебе короткое письмо из г. Казани. Мама наверно читала, если, получили. Сейчас пишу с фронта. Фронт – это место, где идет война. Рядом разрываются вражеские снаряды, свистят пули. Мы к этому привыкли. Новый год справляли в д. Дубино, только что освобожденной от немцев.

Первого января, со своими друзьями собрались в блиндаже, пили водку, закусывали, пели песню боевую, походную… На другой день этот блиндаж взорвался, полетел в воздух. Немцы спрятали мину замедленного действия. Но нас не было. Враг устроил коварную ловушку, но не угадал. Так мы живем на фронте.

Недавно мы наступали на д. Новое, где оборонялся немец. Целый день гремела мощная артиллерия. Ползали советские танки. На небе бились самолеты. Шла беспрерывная пальба из орудий. Советская пехота шла вперед. Так мы воюем на фронте.

По дороге валяются убитые лошади, скот и трупы людей. Их очень много. Горят деревни. Так отступают немцы, в пути уничтожают скот и людей, сжигают деревни.

Сейчас Красная Армия наступает. Очищает родную землю от грабителей, немцев, фашистов.

Юра! Я скучаю о тебе. Часто достаю из кармана твою карточку, снятую с мамой в Москве, долго смотрю… Эта карточка больше, чем других мне нравится. Вижу черты твоего курносого лица, каким ты был на даче в Кусково. Читаю и перечитываю мамины рассказы о тебе, о твоем уголке с набором игрушек. Читаю один, читаю при всех вслух. Читаем и смеемся…

Юра, сыночек мой. Сегодня 12 января. Первый ясный день в Белоруссии. Пользуясь этим, я тебе пишу. Здешняя погода намного отличается от якутской. Зима теплая. Идут вперемежку снег и дождь. Не успеваешь сменить обувь.

Ты, Юра! Не забудь меня. Скоро дойдем до западной границы, выгоним немцев из нашей земли и я к тебе приеду. Расти крепким, выносливым!

Целую. Папа
(Күнэ-дьыла биллибэт)

Юра! В эти дни я много думал о тебе. Часто вижу во сне. Не так давно я видел тебя, стоящего на кровати, а Надюша играла на полу. Что-то хотел сказать Вале и проснулся. Долго лежал и думал.

Сынок! Помню я, помню все до самых мелких подробностей… Я занимался с тобой по гимнастике, ты нежно хохотал и все спрашивал одно и то же: еще как, еще как… Помню как ты бегал и давил бабочек, когда мы все: я, ты, Валя, дядя Миша отдыхали на поле около дачи Мамаева. Это был летний, жаркий якутский день.

Ты охотно слушал меня, когда я читал тебе книжки «Лисичка-сестричка», «Курочка-ряба» и др. Тогда я восхищался, что хотя ты маленький, 3 года тебе было, но ты хорошо знал их и читал наизусть по картинкам. Наверно ты и сейчас так читаешь, а?!

Да, сынок! Это были хорошие дни: мы все были вместе… Сейчас я далеко от тебя, от родного дома…

Сынок! Ты спрашиваешь когда кончится война, когда я приеду домой? Сейчас наша Красная Армия наступает. Истребляет фашистов, бьет их, как бешеных собак. Фашисты – это не люди, а звери, но звери двуногие. Они убивают детей, женщин и стариков. Фашисты не хотят отдать наши города и села без боя. Их надо уничтожать и истреблять – тогда кончится война.

Сынок! Сталин сказал, что предстоит еще тяжелая война, требуется время и жертвы. Я буду здесь до самого конца. Мы истребим и уничтожим фашистов, этих гадов. Ради этого нам с тобой стоит перенести любые трудности. Ради этого не жаль было бы и умереть, хоть я и не хочу умирать, я хочу снова быть вместе с тобой, с Валей, с Надюшей – хочу слышать запах праздника в нашем доме…

Папа

Капитан Николай Алексеевич Аммосов Уус Алдан оройуонугар II Курбуһах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини БСК(б)П Саха уобаластааҕы кэмитиэтин бырапагаандаҕа уонна агитацияҕа отделын сэбиэдиссэйин солбуйааччынан үлэлээбитэ. 1941 сыл олунньуга Москваҕа БСК(б)П Киин Кэмитиэтин иһинээҕи Ленинскэй кууруска үөрэнэ барбыта. Онтон сэриигэ ыҥырыллыбыта. 4-с стрелковай дивизияҕа политчааска батальон хамандыырын солбуйааччынан сылдьыбыта. Икки төгүл «Хорсунун иһин» мэтээлинэн уонна Аҕа дойду сэриитин иккис степеннээх уордьанынан наҕараадаламмыта. Брянскай, Белорусскай уонна 2-с Прибалтийскай фроннарга охсуспута. Кулун тутар 3 күнүгэр 1944 сыллаахха Гомельскай уобаласка Красновка дэриэбинэҕэ геройдуу өлбүтэ.

ПЕТРОВ ВАСИЛИЙ НИКОЛАЕВИЧ

Хонооhойго!

Убаастыыр быраатым Хонооhой дорообо! Сылдьабын үчүгэйдик, үөрэнэбин. Эн суруккун туппутум, махтанабын үтүө… суруксут буолтуҥ туhунан. Yөрэн үчүгэйдик, күнү көтүппэккэ, сүрэҕэлдьээбэккэ. Кыhан уhулуччу нуучча тылын уруогар, ону кытта нууччалыы кэпсэтэргэр. Тугу билэргинэн баhылыы сырыт, оччоҕо үөрэниэҥ. Эн эдэргин, аччыгыйгын, эйиэхэ дьону-сэргэни кытта сылдьыаҥ, Саха эрэ сирбитинэн бүтүө суоҕа, оччоҕо бэйэҕэр үчүгэй буолуо туох да мэhэйэ суох. Эрэнэбин, таптыыр быраатым, мин этэрбинэн буолуо диэн хааллым эн убайыҥ

Баhылай.
1941 сыл атырдьах ыйын 28 күнэ
Убаастыыр ийэбэр Мотуруоска, аҕабар Ньукулайга, бырааппар Хонооhойго!

Солун кэпсиир суох эhиэхэ кэрэхсэллээх. Yөрэнэбин үчүгэйдик, доруобайбын. Бардым бэрт ыраах сиргэ, онон эhиги мин саҥа аадырыспын өтөр кыайан билбэккит буолуо. Сирбэр-дойдубар бүттэхпинэ бириэмэ баар буоллаҕына суруйуоҕум, сөптөөх кэм көhүннэҕинэ. Суолга да хайдах айаннаан иhэрим туhунан суруйуом. Биhиги айаммыт атын дьон курдук оччо тиэтэлэ суох буолуо. Эргэ таҥаспын бука барытын суулаан чымыдааҥҥа уган бэчээттээн кэбистим, ону мин барбытым кэннэ эhиэхэ ыытыахтара. Онно бөппүрүөскэ иhитин (хаатын) иhигэр 210 солкуобай хаччыны уган кэбистим, ону булан ылаарыҥ. Төhө өр бириэмэнэн дойдубар эргийэрбин билбэппин. Онон күүтэ-ахта сатаамаҥ. Икки сыл туолуутугар дойдубар буолуом диэн эрэнэ саныыбын. Эhигини да эрэнэбин, олох билиҥҥи майгытын сыаналыахтара (өйдүөхтэрэ), онон итинэн мин эhи өттүгүтүнэн эрэллээхтик хоргутуохтара, хомойуохтара суоҕа диэн эрэх-турах барыах тустаахпын.

Хонооhойго!

Таптыыр быраатым Хонооhой, үөрэн үчүгэйдик, сүрэҕэлдьээмэ, күнү көтүтүмэ, кытаат нууччалыы билэргэ. Бу мин иккис суругум эйиэхэ, онон убайгын убаастыы саныыр буоллаххына мин тылбын истиэх тустааххын. Хааллым привети кытта бука барыгытын илиигитин тутан.

Суруйдум эhи улахан уолгут.

1941 сыл балаҕан ыйын 19 күнэ

Василий Николаевич Петров 1919 сыллаахха Нам улууһун Маймаҕа нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Армияҕа 1940 сыллаахха балаҕан ыйыгар, Дьокуускайдааҕы автодорожнай техникумҥа 3-с кууруска үөрэнэ сылдьан ыҥырыллыбыта. Забайкальскай байыаннай уокурукка сулууспалаабыта. 1942 сыллаахха Москваҕа орто хамандыырдары бэлэмниир оскуоланы бүтэрбитэ. 140-с минометнай дивизияҕа батарея, кэлин взвод хамандыырынан сэриилэспитэ. Гвардия младшай лейтенана. Олунньу 14 күнүгэр 1943 сыллаахха өлбүтэ. Белоруссия Витебскэй уобалаһын Лиозненскай оройуонун «Великое село» диэн дэриэбинэтигэр «братскай могилаҕа» көмүллэн сытар.

БУБЯКИН ЕВСЕЙ ГАВРИЛЬЕВИЧ

1941 сыл ахсынньы 25 күнэ
Уважаемые папа, мама, дяди, тети и братья, сестры!
Примите от меня пламенный горячий привет!

Дьэ, убаастыыр дьоннорум, төһө бэркэ олороҕут, доруобуйаҕыт хайдаҕый, дойдугут-сиргит өҥө-тото хайдаҕый, бырааттарым, сестэрэлэрим төһө бэркэ сылдьаллар, хайдах үөрэнэ сылдьаллар? Мэхээс төһө бэркэ олорор, доруобуйата хайдаҕый, төһө дохуоту быйыл колхозтан ааҕыста, баабыскалаах бэркэ олороллор дуо? Миша, Костя, Сергей Барабинск куоракка пулеметнай үөрэххэ үөрэнэ хаалтара, кинилэртэн мин арахпытым икки ыйтан орто, билигин ханна баалларын, хайдах сылдьалларын билбэппин.

Урут бэрт үчүгэйдик бииргэ сылдьыбыппыт. Оттон Софронеев стройбатальоҥҥа Новосибирскай куоракка эмиэ саха оҕолорун кытта үлэлии хаалта, мин киниттэн арахпытым балтараа ыйтан орто, Сталинскайга көспүппүт, онон кини ханнатын, Новосибирскайтан көһөртөрүн, баарын-суоҕун билбэппин. Араҕыахпыт иннигэр бииргэ бэрт үчүгэйдик сылдьыбыппыт. Стройбатальоҥҥа барбыт дьоннор уонна оҕолор фроҥҥа барбаппыт. Биһигини көрдөспүт да иһин ылбаттар. Сылаабай мөлтөх дьону миигинньиги үлэҕэ туталлар, оттон үчүгэй доруобай дьону күн-түүн мобилизациялаан хомуйан аҕалан баран бэрт дьоҕустук үөрэтэ түспүтэ буола-буола фроҥҥа атааран иһэллэр. Фронтан бааһыран кэлбит дьону биһигини кытта бииргэ үлэҕэ илдьэ сылдьаллар. Төһө да улахан баастаахтарын иһин дьиэлэригэр ханнык да киһини көҥүллээбэттэр. Улахан да кыра да куораттар аайы көҥүл үлэлии сылдьар эр киһи биир да суох. Барыта дьахталлар, кыра оҕолор эбэтэр кырдьаҕас оҕонньоттор. Сылдьарым былааныгар дьахтар эрэ өттө үгүс ордубут. Мин дьиэбиттэн арахсыахпыттан сүүрбэттэн тахса куоракка сырыттым, ол тухары биир да куорат өҥсүйэн олороро диэн олох суох, отой барыта быстыбыт, барытыгар килиэп нуорма. Үлэһит баһыгар 400 гр., кэргэнигэр 200 гр., баһаарга эти киилэтин 25 солк. булбаккын. Арыы 35 солк. көстүбэт. Таҥас чааһа олох суох, онтон-мантан олохтоох дьон эргэни-урбаны хомуһаллар. Байыаннайдары олус кытаанахтык туталлар. Биир хаамыы устатыгар ханна да олох көҥүллээбэттэр. Биһиги үлэбит сарсыарда 5 чаастан, киэһэ уоҥҥа диэри үлэлиибит. Аһылык чааһа олус куһаҕан. Сарсыарда 250 гр. килиэп сухой паек буолааччы, оттон обед биир тэриэлкэ сууп уонна 300 гр. килиэп, ужин 250 гр. килиэп суп баар күнүгэр биэрэллэр, суох күнүгэр килиэпкинэн бүтэр. Күҥҥэ 800 гр. килиэптэн олох топпоппут, атын да ас олох суох. Таҥаспыт сэтинньи 28 күнүгэр диэри сайыҥҥы таҥаһынан сылдьабыт. Чараас шинель уонна бачыыҥка тымныыта олус сүрдээх, онон тоҥобут да, аччыктыыбыт да бэрт, үлэ да элбэх, онон улахан эрэйгэ сылдьабыт. Хаатыргаҕа барбыт дьоннооҕор куһаҕаннык сылдьабыт. Эрэй диэн манныга баҕайы буолуо. Урут дьиэбэр сылдьан тотон, иһим туолан армияҕа барарга сананарым, ол санаабытым саҕаны амсайдым, эрэйдэнним, мөлтөөтүм. Дьоннорбун-сэргэлэрбин, дьиэбин-уоппун олус ахтабын. Капустины кытта урут бэркэ сылдьыбыппытын кэпсэтэ-кэпсэтэ харах уута тохтор, ытаһабыт кругом. Капустинныын биһиги тыыннаахпыт тухары арахсыахпыт суоҕа, биирбит туох эмэ буоллаҕына, иккиспит үтүктэр кэпсэтиилээхпит уонна тугу булбуту төбө тыырар идэлээхпит. Куораттан атын куоракка көһөрөллөрүгэр суолга аһаппат идэлээхтэр, табыллыбыт бириэмэтигэр түөртүү хонукка аһаппакка сылдьар түбэлтэбит үгүс буолар. Ол иһин суолга утуйан тахсабыт, сыппыт сирбититтэн турбаппыт, дьон аһыгар иҥсэрэрбит иһин. Кыайан саҥабыт тахсыбат түбэлтэтэ үгүс, ол биһиэхэ эрэ буолбатах, бары красноармеец үрдүнэн оннук. Биһиги харчыбыт суоҕуттан уонна точнай адреспыт суох, кругом көһө сылдьабыт, ол иһин телеграмма уонна сурук да ыыппаппыт, ону эһиги соруйан биллэрбэттэр дии саныыргыт буолуо. Биһиги сүрэхпит тугу да биллэрбэппит. Мин туох баар табаарыстарбар уонна барыларыгар приветта этиҥ. Эһиги дойдуга мобилизация барда дуо? Онно ким-кимнээх хабылыннылар? Ону адреспын биллэрдэхпинэ сурукта суруйаарыҥ. Уонна бука бары бэрт үчүгэйдик олоруҥ. Ытаһымаҥ-соҥоһумаҥ, биһигини аһыйан. Биһиги өтөр дьиэбитигэр тиийиэхпит. Бу буону хайдах эмэ тулуйуллуо. Онон санаарҕаамаҥ-муучурумаҥ. Үчүгэй баҕайытык олоруҥ, өтөр көрсүллүө. Бу суругу туттугут да Капустин дьонугар биллэрээриҥ, бииргэ сылдьарбыт туһунан. Бука бары туох баар билсээччилэрбитигэр, дьоннорбут, урууларбыт үчүгэй баҕайытык олоруҥ. Өтөр көрсүллүө.

Быраһаайдарыҥ, кытаанах баҕайытык убуруубут. Манан биһиги сурукпут бүтэр.

Суруйдубут Бубякин Евсей, Капустин Семен

Евсей Гаврильевич Бубякин 1922 сыллаахха Бүлүү куоратыгар төрөөбүтэ, омугунан нуучча. Ситэтэ суох орто үөрэхтээх, Бүлүүтээҕи оҕо дьиэтин баспытааталынан үлэлээбитэ. Бүлүүттэн 1941 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллан барбыта, рядовой этэ. 1942 сыллаахха сэтинньи ыйга өлбүтэ, көмүллүбүт сирэ биллибэт.

ПЕСТРЯКОВ НИКИФОР ЕГОРОВИЧ

Дьонугар суруга
1942 сыл олунньу 12 күнэ

Мин саамай таптыыр ийэм, аҕам, эбэм, Өрүүнэ буолаҥҥыт мин ааппыттан аныгылыы итии приветтэ тутуҥ!

Мин үчүгэйдик сылдьабын. Доруобуйа чааһа олус бэрт. Миэхэ туох да сонун-нуомас суох. Дьэ эһиги диэки төһө бэркэ олороҕут, доруобуйаҕыт чааһа төһө бэрдий? Сүөһүгүт төһө үчүгэйдик турарый? Быйыл кыһын колхозкутугар үлэлээн төһө күнү өлөрдүгүт? Атын чугастааҕы ыалларгыт төһө бэркэ олороллоруй? Уонна бурдуккут-оккут төһө бэркэ үүннэ? Мин эһиэхэ тохсунньу ый 1 күнэ буолуутугар сурук суруйан ыыппытым этэ, ол тиийдэ буолла, суох эбитэ дуу?

Мин Харьков куорат таһыгар баарбын, ыалдьан балыыһаҕа киирэн сытабын. Сэрииттэн тохсунньу 7 күнүгэр кээлтим, онтон комиссияҕа көрөн баран госпиталга ыыппыттара. Ыарыым диэн – уҥа атаҕым бүтүннүү иһэн хаалта. Билигин үтүөрэн эрэбин. Аны икки, үс хонон баран фроҥҥа ыыталлара буолуо. Миигин кытта бииргэ кэлбит саха уолаттара сэриигэ бааһыран эмиэ эмтэнэ сыталлар. Уус-Алдан оройуонун, Хоро нэһилиэгин уолун уҥа илиитин тарбаҕын үһүөннэрин буулдьа быһа көтөн ааспыт.

Туох да күнүн-түүнүн билбэккэ сэрии алдьархайдааҕа бара турар. Кэмэ суох элбэх дьиэ умайар. Самолетунан көтө сылдьан бомбаны быыстала суох быраҕаллар. Сир ийэ бүтүннүү өрө эккирии турар, киһи биирдэ даҕаны сынньаммат, утуйбат үлүгэрэ. Тохсунньу ыйын бүтүүтүгэр биһиги дьоммут түөрт куораты ылбыттара.

Эһиги дьэ үчүгэйдик олоруҥ. Уол оҕо дьоллоох буолар. Үчүгэйдик сылдьан баҕар дойдубар эргиллэн тиийэр буолуом. Онно тиийдэхпинэ сонуну кэпсиэм.

Өлбөккө-сүппэккэ үчүгэйдик олоруҥ.

Мин немец омук ылан олорор Чугуев уонна Харьков куораттарыттан 4 биэрэстэ сиргэ баарбын. Олорор сирим аата «Быласыалапка» диэн дэриэбинэ. Дьэ мин эһиэхэ хаартыскабын ыытабын. Баарым курдук көрө сылдьыҥ. Манан суруйарым бүттэ. Суруйдум эһиги уолгут

Пестряков Никифор Георгиевич

Никифор Георгиевич Пестряков Уус Алдан оройуонугар II Курбуһах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1941 сыллаахха Армияҕа ыҥырыллыбыта. Сэриигэ артиллериһынан сылдьыбыта. Командование бойобуой сорудахтарын уһулуччулаахтык толорбутун иһин «Аҕа дойду сэриитин I степеннээх» уордьанынан уонна «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Аҕа дойду көҥүлүн, чиэһин иһин охсуһа сылдьан, 1944 сыллаахха атырдьах ыйын 1 күнүгэр Польша сиригэр өлбүтэ.

ТАРАСОВ САВВА ИВАНОВИЧ

1942 сыл муус устар 8 күнэ
Ытыктабыллаах төрөппүттэрим аҕам Ваня, ийэм Шура, бырааттарым Савва II, Савва III, балтыларым Анисия, Анна дорооболоруҥ!!

Мин кулун тутар 18 күнүгэр «Чудово» диэн тимир суол станциятын ыларга кыттаммын хаҥас илиибэр араанньы буолтум. Бу «Чудово» станцияны ылар билигин да өтөрүнэн кыаллыа суох, аҥардас биир биэрэстэ хаалан турар да кыайтаран ылылла илик. Өскөтө ылар буоллар, Ленинград босхолонор. Ленинграды немецтэр эргийэн тураллар, ол тас өттүнэн биһиги немецтэри эргийэн турабыт. Биһиэхэ арай винтовка эрэ баар. Атын сэптэр суохтар. Оттон немецтэргэ хас биирдиилэригэр автомат, пулемет толору, салгынтан күүстэрэ сүрдээх – бомбанан ордук хотуталлар. Оттон биһиги самолеттарбыт биирдэ да көстүбэттэр. Наступлениеҕа киирбит киһиттэн тыыннаах ордубут суох, арай мин курдук араанньы буолбут ордор, ол да дьоллооҕо. Захаров Михаил Николаевич өлбүтэ, киһи ити өлөр, субу өлөр. Оттон бэйэҥ олох куттанан, кумаардаан да көрбөккүн. Сахаттан ордубут аҕыйах буолуоҕа.

Билигин мин госпиталга сытабын: Ярославскай уобалас, Рыбинскай куорат, 3 почта отделениета, полевой нүөмэрэ 313. Госпиталь усулуобуйата үчүгэй. Бу күннэргэ мин испинэн ыалдьан аһара хотторон эрэбин, үтүөрдэхпинэ иккиһин киирсэрим буолуо, дьэ хайдах буолуллар. Дьоллоох буоллахха тыыннаах ордуллуо. Хаара халыҥа бэрт, ол мэһэйдиир – 120 см буолар.

Эһиги дьоллоохтук олороргутугар баҕарабын. Ыалдьымаҥ, сүтүмэҥ.

Эһиги уолгут Савва
1942 сыл от ыйын 18 күнэ

Страницы книги >> 1 2 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации