Электронная библиотека » Валентина Гаврильева » » онлайн чтение - страница 1


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 12:40


Автор книги: Валентина Гаврильева


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 1 (всего у книги 7 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Гаврильева Валентина Николаевна
Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн

 
Бу сиргэ олох олоруу
Ханныга да – дьол диэн буолар…
 
С. Данилов


Акаары дьахтар төрөөбүт күнэ

Муокас да түүл, муокас да түүл! Эмиэ ити түүл… Тоҕо көһүннэ эмиэ ити түүл Даайаҕа? Кэбис, чэ бээ, түүл аата – түүл, улахан эбит… Ол эрээри… туох «ол эрээри»? Туох да буолбатах!

Бүгүн бу дьиэ олус да тымныйбыт, остуорас эмээхсин хаһан үлэтигэр тахсар? Даайа хаһан оттуллубут сылаас библиотекаҕа кэлэр буолар, дьэ? Кэлэн бэйэтэ отуннаҕына оттор, суох буоллаҕына – суох.

Муокас да түүл, муокас да түүл. Туй-сиэ, эмиэ түүл туһунан.

О, бу долбуурдар быылларыан! Эмиэ бэйэтэ сууйарыгар, соторугар тиийдэҕэ, остуорас эмээхсин ыалдьыбыта ыраатта. Чэ, сууйан-сууйан баччаҕа кэлбитэ, сууйуоҕа, хаһан ол киниэхэ эбии киһи көрүөхтэрин, айдаарсан да диэн… Кулууп биир муннугар баҕас – муҥур ыраахтааҕы, бэйэтэ-бэйэтигэр – хотун.

Хайа, баччааҥҥа диэри ким да кэлимээри гынна дуу? Кинигэлэрин туттарбатахтара быданнаабыт дьоно баһаам этилэр эбээт, көрүөҕүҥ даҕаны. Маппыров Уйбаан үс кинигэ иэстээх, оо, аҕалбатаҕа ырааппыт дии. Бэйэ, бу ханнык Маппырабый? Аа, били тракторист уол, дьаабал, аахпат эбит буоллаҕа, дьэ бээ, сэрэн…

Чээн, ол оҕолор ньургуһун бөҕөтүн үргээбиттэр. Хата, хатаан кэбиһээт, ньургуһуннуу бардаҕына? Эх, Даайа, Даайа – акаары дьахтар… Акаары? Бээ эрэ, ити тоҕо кинини акаары дьахтар дииллэрий, ээ? Ордук оҕонньоро өрүү этэр, дьиибэтэ дуу?

– Акаарыны саҥарыма… акаары дьахтар баара…

Тугу эппитигэр инньэ диэтэ этэй? Аа, арба, «дьиэбит былаанын уларытыах, ыскаабы сыҕарытыс эрэ» диэбитэ, онуоха кини сити курдук эппитэ. Чэ, син биир уларыппыта ээ, дьиэтин баҕас Даайа, сөп буола-буола, түҥнэри-таҥнары уларытар.

– Эмиэ дьиэтин ыһан кэбиспит… бу ыскаабы тоҕо дьиэ ортотугар туруордуҥ? Киһи кэтиллэ сылдьыыһы буолбат дуо? Били мин кумааҕыларбын ханна гынныҥ? Ыскаап үрдүгэр уурбутум дии…

– Ханнык кумааҕылар?

– Тыый, оттон бухгалтертан ылбыт учуотум, маннык бланкалаах…

– Билбэти-им.

Көрдөөн-көрдөөн, оһох инниттэн булан ылбыта, дьэ уонна эппитэ:

– Акаары дьахтар диэн… Дьахтар өйө аһынааҕар кылгас диэн маны этэллэр ини…

Хайыай, управляющай тойон кумааҕыларын сүтэрэн ыксаатаҕа дии, учуот буола-буола, кинигэ буолбут, иккиһин суруйбаттар үһү дуо?

Эх, Даайа, Даайа, хата, аах, ким да кэлимээри гынна. Бүгүн бибилиотекаҕа быкпат күннэрэ үүммүт быһыылаах. «Дама с собачкой». Антон Павлович Чехов. Курус да кэпсээн. «Дама с собачкой…»

Кини кыыһа, Бэлата (бэйэтэ соруйан итинник ааты биэрбитэ – Лермонтовтан), бу кэмнэргэ, саас, төрөөбүтэ буоллар, баҕар, киниэхэ, Даайаҕа, оҕонньоро ньургуһун тута-тута көрсүһэ кэлбит буолуох этэ. Көрдөһөн да туран, биирдэ эмэтэ аҕалтарыа этэ эбээт! Ону кини балыыһа тумбочкатыгар туруорбут буолуох этэ. Хата, ол кини оҕонньоро этиттэриитэ суох аҕалбатах баҕайыта ини.

– Бу соло суоҕар, ханна ону көрдүү сылдьыллыай…

Кэбис, сүрэ бэрт, көрдөстөр, син аҕалаахтыа этэ эбээт.

Бэйи, эрэ ити Бэла диэн улааттаҕына ким диэн буолара буолла? Кинилэр таах Бэла диэн ааттаабыттара. Аҕата Даайыска диэри гыммыта.

– Эн ааккынан буоллун ээ, уол эбитэ буоллар, мин ааппынан барыа этэ, Федя диэн. Сүөдэр диэн.

Даайа… Пахай даа, Даайа буола-буола. Бэйэтэ да Даайа буолта сөп, кыыһа эмиэ Даайа буоллаҕай?!

– Эбэтэр Бэла, эбэтэр адьас да аата суох сыттын, – диэн буолта.

– Ээ, чэ, ким да диэ, баҕар, адьас да ыт-кус аатын биэр…

– Бэла диэн ыт-кус аата буолбатах, кыыс аата. Лермонтовтан.

– Хантан да-а?

– Лер-мон-тов-тан!

Кыыһа ити курдук Бэла диэн ааттаммыта. Оттон Даайаҕа бэйэтигэр ийэтэ адьаһын даҕаны уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка эппит үһү:

– Эбэтэ Даайа диэн этэ. Эбэтин аатын биэриэҕиҥ. Тыыннааҕа буоллар үөрээхтиэ этэ.

Бүттэҕэ ол! Ити кыһын эбитэ үһү. Саас да төрөөбүт буолбат ээ, оччоҕуна, баҕар, киниэхэ Даайаҕа… Ээ, суох, кини ийэтигэр аҕата ньургуһун бэлэхтээбит буолуох этэ. Даайа төрөөбүт күнэ саас эбитэ буоллар…

Ону баара кини төрөөбүт күнэ…

– Кэпсээниҥ? Үөрэхтээх, хамыһаар хотун, тойон ойоҕо, тугу кэпсии-ипсии олороҕун? Биһигинньиктэри долуо-уой да билбэт буоллуҥ дуу? Билиэххин даҕаны баҕарбаккын быһыылаах, сырдата түһэ, иитэ-үөрэтэ, хотоммутун өҥөйбөтөҕүҥ үс үйэ буолла. Эчикийэ, эн бэйэлээҕи, оҕонньоруҥ хотону өҥөйүмэ диэн буойар дуу?

Үгэргээн-хоһурҕаан, дьэ кыыс оҕо – Кыыс Кыскыйдаан диэтэҕиҥ! Ити да буоллар, кини Даайа баар-суох дьүөгэтэ эбээт. Матаһыйар Маайа диэн аата. Матайан-хотойон кыыс оҕо, эмиэ да туох эрэ үчүгэйдээх ээ, хайдах эрэ сахалыы үчүгэй, баттаҕа намылдьыйан уһуна-эҥинэ…

– Мин кэпсиирбин истэр да бокуойа суох, бэйэҥ кутан-симэн түһэҥҥин. Солуҥҥун батарбакка кэллиҥ дуо?

– Тыый, ама, саҥарымнабын. Саҥаран баран төннөөр диэбит киһилэрэ мин буоллаҕым дии. Кинигэҕин аҕалбатым, ааҕа сытар бокуой суох, ынахтарым төрүүллэр, түүн да аанньа утуйбакка сылдьабыт. Настаа биир ынаҕа тамыйахтаан кэбистэ ээ…

– Маайаа, эн баттаххын көрдөрбүн эрэ, уһун баттахтаныахпын баҕаран кэлэбин.

– Тоҕо сэлэммиккиний, кэһэй…

– Суунарга эрэйэ бэрт этэ.

– Сүрэҕэ суох хотууска, күнү быһа хайдах эн манна тулуйан-тэһийэн олороҕун, бу?

– Уу, дьэ манна эрэ тулуйабын-тэһийэбин.

– Даайа, солуннаахпын!

– Туох?

– Ээ, суох, кэлин этиэм. Бу тугу ааҕан сордоннуҥ? «Дама с собачкой», Чехов. Көрүөхтээҕэр, истибэтэх да кинигэм. Эҥин арааһынай эчи элбэҕэ дэ бэрт.

– Туох солуннааххын? Чэ, кистээ-кистээ, син биир истиллиэҕэ.

– Тоҕо бу былыргыны ааҕаҕын? Туохха наадалааҕый? Мин билбэппин да, тугум да көҕүрүү илик. Үнүр миэхэ биэрбит кинигэҥ эмиэ эчи халыҥын, эчи былыргытын. Тоҕо атыны суруйбаттарый? Кимиэхэ наадалааҕый, бу? Норуот син биир аахпат.

– Ол эн үһү дуо, норуот, ээ?

– Мин!

– Эн билэр үһүгүн дуо, норуокка туох наадатын, туох наадата суоҕун?

– Мин билэбин, миэхэ наадата суох, ол иһин этэбин!

– Сэгэриэм, киһи барыта эн курдук…

– Эн курдук акаары диэ, ыл!

– Акаары диэбэппин, эн билбэккин!

– Оттон мин билбэтим ол – биллэр, мөккүспэппин ээ. Билэбин диэтим дуо? Ону эн үөрэт, сайыннар ээ!

– Ээ, чэ, түксү! Туой этиһии төрүөтүн көрдүү сатыыгын, бүгүн эйигин кытары мөккүһэр баҕам суох. Хата, ыл ол солуҥҥун кэпсээ.

– Иһит эрэ, бэттэх төҥкөй, кулгааххар этиим: Настаа Арамааны кытары көссүүлэһэр! Ол иһин биир ынаҕын көрбөккө тамыйахтатан кэбистэ.

– Туох… туохтаһар даа?

– Көссүүлэһэр.

– Пахай даа, бу кыыс тыла-өһө баламатын!

– Эчикийээ, аны мин тылбын тутуста дии.

– Оттон… таптыыр эҥин диэххин, сөбүлэһэллэр.

– Сө-бү-лэ-һэл-лэр буолумуна! Барахсаны-ы, аанньал оҕото дии.

– Оттон доҕордуу буоллахтара дии.

– Доҕордуу даа? Аа-һа-һа-хо-хо!..

– Һы, онтон тоҕо күллүҥ?

– Иһит эрэ, аанньал оҕото-оо, эн сааһыҥ оруобуна отутуҥ буолла, оҕолооххун, оҕонньордооххун уонна бачча сааскар диэри акаарыгын, бырастыы гын, чахчы акаары эн бааргын. Көссүүтэ диэбэккэ, ама! Кэнэниҥ да бэрт ээ. Таптал даа? Ха-ха-хо-хо! Кыбыстыбакка эрэ, эн тугу баары-баарынан ааттыыр-суоллуур сааһыҥ буолла ини. Эн билбэккин, олоҕу билбэккин, дьону билбэккин. Эн диэхтээн… Оо, эн тугу да билбэккин. Манна олорон тугу билээхтиэххиний? Олоҕу билбэккин! Оннооҕор бэйэҥ оҕонньоргун, Сүөдэргин, да билбэккин буолбат дуо? Киһи эрэ барыта билэр кини… Сэрэн эрэ, бу долбуурдаргын кытта олорон хаалаайаҕын, эппэтэҕэ диэн миигин буруйдаамаар, оннук!

– Чэ ээх, билэр буоллаҕыҥ! Бээ, ону-маны онно суоҕу лабаҥхалаама, хата, ыл, дьиҥнээҕин кэпсэтиэх. Наташа Ростованы сөбүлээтиҥ дуо?

– Онно суох ааттаах… Оруна суоҕу мин этээччим суох. Настаа Арамааны кытта көссүүлэһэрэ чахчы! Кими ыйыттыҥ?

– Наташа Ростованы сөбүлээтиҥ дуо диибин.

– Ол эмиэ киммитий? Хантан күөрэйдэ? Эн билэр кыыһыҥ дуо? Ханна олорор?

– Эх, Маайа, Маайа… Оттон үнүр биэрбит кинигэбин арыйбатыҥ да дуу?

– Өлөр да солом суох диибин буолбат дуо? Хайдах өйдөөбөккүн, бу күннэргэ ынахтарбыт… уонна халыҥа бэрт дии…

– Аҕалаар…

– Аҕалыам-аҕалыам. Даайа, эн кыыһырыма, эн миэхэ чарааста уонна сахалыыта булаар, сөп дуо?

– Сөп. Туох туһунан?

– Ээ, ити… тапталлааҕы. «Төлкө» курдугу. Мин ону наһаа сөбүлээбитим ээ. Маайалаах Сүөдэр эрэйдэнэллэр даҕаны, ол гынан баран эмиэ халыҥа бэрт.

– Сөп-сөп, өйдөнөр.

– Даайаа, эн кыыһырыма, ааҕыам этэ да, долуой солом суох. Хата, ыл, биһи кыһыл муннукпутун оҥосторбутугар көмөлөһөөр эрэ. Онтубут адьас кубус-кураанах, соҕотох телевизор эрэ килээрийэн турар.

– Эх, Маайа-Маайа, Матаһыйар Маайа, телевизордаах ыанньыксыт…

– Чэ, мин ыстанным.

– Ыстан-ыстан!

Дьэ Маайа диэтэҕиҥ, биир тылынан Матаһыйар Маайа… Кини – норуот үһү, һы… Ити хантан эрэ истибит тылларын эттэ, ити – кини тыллара буолбатахтар. Норуокка туох наадатын, туох наадата суоҕун кинилэр ол хаһан, хайдах дьаарыстаталаабыттарай? Ону барытын кинилэр билэллэр үһү дуо, итинник тыллаһар дьон? Маайа диэхтээн, хантан эрэ истэн баран, хатылыыр эрэ буоллаҕа дии. Матаһыйар Маайа – норуот буоллаҕына, тоҕо кини норуот буолуо суохтааҕый? Бу сытар картотеката олоччута. Бу, бу! Ким тугу таптаан ааҕарын кини, ама, билбэт үһү дуо? Киһи киһи – тус-туспа. Биир маны сөбүлүө, атын – атыны. Матаһыйар Маайа «Төлкөнү» сөбүлүүр, Арамаан Хемингуэйы ааҕар. Арба, Арамаан туһунан тугу-тугу туойда, ити кыыс? Арамаан уонна Настаа, һы… Сымыйа ини, киһи өйө кыайан хоппот: Арамаан – учуутал уонна Настаа кэргэннээх эдэр кыыс, бүрэ баҕайы, арба, кэргэнэ куоракка үөрэнэ барбыт сурахтааҕа. Арамааҥҥа Настаа наадата суох. Ол ону кини быһаарар үһү дуо? Кини хантан билиэй? Баҕар, кырдьык буолуо…

Кини, Даайа, кырдьык даҕаны кэнэн, акаары быһыылаах. Матаһыйар Маайа сөпкө этэр, сөпкө этэр. Сөрү-сөпкө этэр! Маайаҕа Толстойу биэрэ турбута да баар ээ… Кини син биир хаһан ааҕыаҕын… уонна Маайа Толстойа да суох олоруо, бэйэтэ этэригэр дылы «туга да көҕүрүө суоҕа». Киниэхэ – ол наадата суох, олорбутун курдук олордун. Олорбутун курдук олорбута ордук! Ону Даайа буоллаҕына киниэхэ, «наадата суох» кинигэлэринэн долгута, сахсыйа сатыыр эбит. Киһи киһи тус-туспа олохтоох эбээт. «Каждому – свое!»

Арамаан ол да иһин көстүбэтэҕэ ырааппыт эбит дии. Буоллаҕа…

Кини, библиотекарь Даайа, Маайаттан элбэҕи аахпытынан киэн туттар, оттон олохторо биир буолбатах дуо? Кини да, Маайа да биирдик олороллор, Маайаҥ малынан-салынан өссө ордук да быһыылаах.

Арамаан ол да иһин көстүбэтэҕэ ырааппыт эбит. Маайа кини туһунан сөпкө этэр: кэнэн, акаары диэн. Оннук-оннук! Маайа барытын сөпкө этэр, норуот туһунан эмиэ. Барыта сөп.

Хатаан кэбиһэн баран, хата, бар, садтан оҕоҕун ыл, илдьэн аһат-сиэт, оҕонньоргун аһат.

– Дария Павловна, кинигэбин аҕаллым.

– Туох даа-а?

– Бу. Кинигэбин аҕаллым.

– Аа! Талаҕын дуо? Түргэнник тал, мин бараары олоробун. Хаһыс кылаас этигиний?

– Бэһис «А», Егорова.

Кыысчаан ийэтигэр «библиотекаҕа бардым» диэн баран ньургуһуннуу тэлээрэ сылдьыбыт. Сыалай биир көтөҕү үргээбит, онтон илдьириһэн түһэн мөкүлэрин ньии, таҥасчыт тамыйах кэбийбитигэр дылы буоланнар… Ньургуһуннар, ньургуһуннар диибит даҕаны да, онтубут адьас даҕаны бөрүкүтэ суох сибэкки эбит ээ. Сибэкки да буолан – от! Өссө сүлүһүннээх үһү. Хапчыһан-ипчиһэн, өҥтөн-дьүһүнтэн матан түһэннэр…

– Хайа, таллыҥ дуо?

– Талан.

– Аҕал.

Маны ааҕар үһү дуо?! Булан-булан ылбыта да баар. Ээ, чэ…

– Доспидаанньа.

– Пока.

Түксү, дьиэлиэххэ. Чэ, биирдэ эрдэ хатаан көрүөххэ, кини даҕаны харабыл курдук олорон биэрэр…

Акаары дьахтар олоҕун саҕаланыыта

Уой, эмиэ аһары туустаан кэбистэ быһыылаах, миинин туой аһары туустаан кэбиһэр үгэстээх буоллаҕа… Сирэн испэттэрэ буолуо.

– Бэла, хааһы буһарабын дуо?

– Суох. Детсадка – хааһы, дьиэҕэ – хааһы. Өрүү хааһы да хааһы…

Кырдьык даҕаны! Тойтойо сытыйан, адьас улахан киһи курдук саҥарар ээ, бэлэс – мааны.

Тууһа биллэр-биллэр, чэ, аны кэлэн хайаабат даҕаны, арай уу кутан биэрииһи. Тугу саныы туран туттан кэбистэ? Аа, төгүрүк оонньуур туһунан.

…Кини оронун үрдүгэр аҥаар өттө күөх, аҥаара кыһыл төгүрүк туох эрэ ыйанан турар. Ол төгүрүк эргичиҥниир: арыт кыһыл өттө түннүк диэки хайыһар, оччоҕуна кыһыла кылбачыйан ылар, арыт күөх өттө эргийэ түһээт, чээлэй күөҕүнэн чаҕылыйар. Кини ону тута сатыыр, төгүрүк буоллаҕына – кэлбэт. Онуоха кини ойон турар быһыылаах да, төбөтүнэн туохха эрэ ыарыылаах баҕайытык охсулла түһэр. Илиитин ууммутунан өссө өндөйөр – эмиэ сүүһүн тыаһа «лос» гына түһэр. Төгүрүк буоллаҕына, күлүү гынардыы, эргичийэрэ өссө түргэтиир: кыһыл, күөх, күөх, кыһыл, кыһыл, күөх… Кини эмиэ өндөйөн көрөр – эмиэ сүүһүнэн маска кэтиллэ түһэр. Кини онтон кыыһыран хаһыытыыр быһыылаах, ытыыр дуу? Аттыгар буоллаҕына тоҕо эрэ ким да суох, киниэхэ ким да көмөлөспөт. Кини хаһыытын ким да истибэт.

Хайдах оннук орон эбитэ буолла? Төбөтүн оройунан түспэтин диэн оронун үрдүнэн эбии туорай мастаах эбит буоллаҕа дуу? Муокас орон эбит дии. Уонна ити хастааҕар эбитэ буолла? Бэланы билигин оннук ороҥҥо күүскүнэн да хаайбатах бэйэҥ ини, көтүрэн да туран тахсыа этэ эбээт, онон буоллаҕына кыыһынааҕар кыра эбитэ буолуо. Эбэтэр адьас да орон буолбатах, туох эрэ атын эбитэ дуу?.. Илиитин кыбытан дуу, эбэтэр атыннык хайдах эмэ дьээбэлээн ылар диэни билбэт эбит, ойон тура-тура туой «лос» гына сүүһүнэн эрэ анньылларын билэр эбит…

Чэ, буста быһыылаах. Аныаха дылы буспатаҕай?

– Аһыаҕы-ыыҥ!

Даа, табыллыбатах миин буолбут: тууһа да аһыы, хойуута да бэрт, олоччу лапса.

– Маамаа, мин топпун.

Ити баар! Детсадка аһаабыт буоллаҕа дуу?

– Мииммит тууһа аһыы буолбатах дуо?

– Суох, үчүгэй дии. Хойуу, тотоойу…

Сүөдэр кини туһунан туох дии саныыра буолла?

Саныыра дуу, суоҕа дуу? Куһаҕан хаһаайка, асчыта суох, умнуган-тэмнигэн, онтон да араас диэн… Саҥарбат.

– Эн мин туспунан туох дии саныыгын?

– ?!

– Кырдьык ыйытабын.

– Туох дии саныамый?

– Туох да дии санаабаккын дуо?

– Суох.

– Тоҕо? Оччоҕо тугу саныыгын?

– Һы-һы…

– Күлэҕин, ээ?

– Эйигин эрэ саныыр бокуой суох. Ыһыыбыт хампаанньата тохтоору гынна, парторг кэлэ сырытта.

Мөҕүллүбүт быһыылаах.

– Тохтон-ыһыллан биэрэҕит…

– Үлэ-үлэ! Үлэ баһаам, Даайаа.

– Оттон… оттон мин туспунан туох да дии санаабаккын дуо?

– Билигин иһитин сууйдар дии саныыбын. Мин хонтуорабар таҕыстым. Кылаабынай агроном кэлиэхтээх. Сө-өп?

– Сөп.

Бэйи эрэ, остуолун бу манан, түннүк аннын диэки сыҕарыттаҕына? Бэрт буолсу ээ, быһыыта, арыый кэҥиир. Быдан кэҥииһи дии. Сыҕарытыахха!

– Хайа, Настаа иһэр дуу? Бу диэки иһэр, биһиэхэ туораата.

– Даайаа, эйиэхэ кэллим.

– Олор-олор, кэпсээ!

– Хонон турдаҕыҥ аайы адьас тупсан иһэҕин дии. Сирэйиҥ төгүрүйэн хаалбыт, илииҥ-атаҕыҥ мыс курдук буолбут. Букатын кыыскар түһэн хаалбыккын.

– Дуо?

– Кырдьык. Чэпчэки, үчүгэй үлэлээх диэн ити ээ. Биһи сордоохтор бу сылдьабыт дии, илиим, бэл, чэрэ баттаан, ыалдьар буолан эрэр! Быһайын Болгарияҕа били туристыы бара сылдьан, перчатка атыыласпытым баппат да буолла. Итальянскай үһү. Мэ, атыылыыбын, ылаҕын дуо?

– Тыый, үчүгэй баҕайы дии. Билигин оруобуна кэмэ.

– Оттон ол иһин ити эйиэхэ өссө үтүө оҥорон аҕаллым ээ. Итальянскай! Көрбөккүн дуо, хап-хара, кып-кылабачыгас.

– Хаһый, бу?

– Ээ, адьас ыарахан баҕайы этэ. Чэ, эйиэхэ тугу ыарата сатыамый? Уон диибин.

– Уон солкуобай дуо?

– Уон.

– Чэ, ылабын.

– Эн хара соннооххун билэбин, ол иһин аҕаллым.

– Кырдьык даҕаны, оруобуна сөп түбэһэр. Кэпсээ, олоро түс!

– Эн кэпсээ, солуннаах эн буоллаҕыҥ дии. Биһи хотоммутугар туох солуна кэлэн хааланнаҕай. Эчикийэ, эн буолбут киһи: маннык сылаас уйаны хайдах булуммуккунуй, ээ? Сүөдэргин хайдах доҕуурдаан ылбыккыный, ээ?

– Билбэтим… Библиотекаҕа тоҕо сылдьыбаккын?

– Соло суох, сэгэриэм. Ааҕа сытар солом суох. Арай киэһэ эҥин ааҕыллыа эбитэ буолуо да, дьиэм ырааҕа бэрт, кулууп диэки кэлэн иһиэхпин сүрэҕэлдьиибин даҕаны.

– Миэхэ манна да баһаам кинигэ баар. Илдьэ бараҕын дуо? Ыл ээ.

– Тугу?

– Чэ, холобур, маны даҕаны. Чехов. Быыкаайык сэһэн, начаас бүтэриэҥ. Ыл-ыл, аах! Бу, көр эрэ.

– Үчүгэй дуо?

– Оо, ыйытар ээ! Чэ, бэйэҥ ааҕыаҥ. Кыратык кэпсии түһэбин дуу?

– Суох-суох!

– Чэ, бэйэҥ ааҕыаҥ. Чехов бэйэтин туһунан кыратык кэпсиим.

– Суох-суох! Бардым. Ыксыыбын, ыксаан иһэбин. Өлөр да солом суох. Бу киэһэ икки ынаҕым төрүүрэ буолуо. Ыксаан турар буолуохтаахтар. Бардым-бардым.

– Кыратык эрэ…

– Суох-суох! Бардым!

– Кинигэҕи-ин?!

– Аа, чэ, аҕал даҕаны, баҕар, ааҕыллыаҕа… Пока!

Бары ыстаҥалаһан түһэннэр, баһаар буолбутугар ыксаан иһэр курдуктар. Ким ыһыыта тохтон эрэр, ким ынаҕа төрөөн эрэр… Кырдьык, арай кини эрэ туохха да ыксаабат курдук. Бары үлэлэрэ-хамнастара эппиэттээҕэ-дьоһуннааҕа сүрдээх. Саас буоллаҕа дии. Тыа сиригэр саас үлэ үксүүр. Онон, Даайаа, «Ыттаах дамаҕынан» дьону аралдьытыма. Хата, сарсын кырдьык даҕаны ол ферма кыһыл муннугун киирэн оҥорон биэр, «тып» курдук гына. Брошюраларда, сурунаалларда булан киллэр. Хаһыат, кинигэ уонна… уонна, уонна… Уонна бу сибэккини киллэриэххэ. Туох да сиэрэ суох улаатан хаалла, онно, баҕар, ким эмэ быһан ылан бэйэтигэр олордунуо. Манна кыараҕас даҕаны, түннүгү олоччу сабарайдаан турар. Биир эмэ массыынаны тутан ылан бырахтарыа.

– Маамаа, аһыам этэ. Наһаа өр уруһуйдаатым.

– Оо, кырдьык даҕаны, оҕом сыыһа, кэл эрэ. Оҕом үүт иһиэ-иэ. Оҕобун аһатыа-ыам.

– Онтон сытан эрэ кэпсэтиэхпит дуо?

– Кэпсэтэн бөҕө буоллаҕа дии.

– Эн кэпсиэҥ дуу, мин дуу?

– Уочаратынан.

– Эс, эн кэпсээр.

– Сөп-сөп.

– Остуоруйа дуо?

– Остуоруйа.

– Уонна өссө арааһы.

– Сөп. Чэ, аһаа, үчүгэйдик аһаан баран. Оччоҕо улаатыаҥ.

– Улаатыам дуо?

– Улаатыаҥ.

– Оччоҕуна хайыахпыный?

– Улааттаххына, үөрэниэҥ, бэйэҥ ааҕар буолуоҥ, бэйэҥ кэпсиир буолуоҥ.

– Ол аата, элбэҕи билэр буолабын ээ?

– Ы-һы. Чэ, аһаа. Мэ, килиэптэ.

– Ээ, бүттүм. Барыах.

– Бэла, мааманы таптыыгын буолбат дуо?

– Таптыыбын.

– Кэл, бэттэх, чугас сыт. Атаҕыҥ тыбыс-тымныы дии. Бэла улааттаҕына-аа, улахан киһи буоллаҕына, мааматын син биир таптыа. Бэйэтэ үлэлээх, дьиэлээх, оҕолордоох да буоллар, син биир… оччоҕо эн биһи арааһы барытын кэпсэтиэхпит. Чэ, билигин остуоруйалаһыах.

– Чэ!

Бэланы оронугар көһөрүөххэ, ситэ да истибэккэ эрэ утуйан хаалаахтаата. Күнү быһа сахсыллан сылайаахтыыр быһыылаах. Утуй, утуйаахтаа, илиигин баттаама, маннык уур, буо-уот. Утуй!

– Хайа, Даайаа, утуйа оҕустугут дуу?

– Аргыый… Чэй иһэҕин дуо?

– Кут эрэ. Утаттым. Бу тугуй?

– Перчатка дии, көрбөккүн дуо? Итальянскай үһү. Настаа быһайын Болгарияттан аҕалыммытын атыылаата.

– Хаска?

– Уон.

– Бу дуо? Һы… Ха-ха-һа-һа…

– Аргыый. Оҕону уһугуннараайаҕын. Күлүөх сириҥ баппатаҕын…

– Дьэ, Настаа да Настаа! Һы… Ха-ха-һа-һа… Итальянскай… һы-һы-һы! Уон солкуобай, ээ?

– Уон, онно тугуй?

– Маҕаһыыҥҥа сарсын бара сылдьаар эрэ. Маннык перчатка, мин көрдөхпүнэ, маарыын үс солкуобай этэ. Дьэ, Настаа эбит дии!

– Туох да-а?

– Оннук! Хата, сарсын Настааҕар мантыкатын төннөрөөр, эбэтэр харчытын…

– Сымыйалаама…

– Кырдьык-кырдьык. Сарсын маҕаһыыҥҥа сылдьан бэйэҥ көрүөҥ. Настааны кытта кэпсэтиллиэ.

– Ээ, айдаараайаҕын! Киһини саакка ыытан… Хас да буоллун, сах сиэтин… бэйэм ыллаҕым дии. Кимиэхэ да этимэ, саакка ыытыаҥ.

– Ох, Даайа, Даайа…

Акаары дьахтар маҥнайгы таптала

Кини тоҕо итини өйдөөн кэллэ? Аа, арба, сурунаалтан, сурунаал ойуутуттан. Ханнаный, ол сурунаал? Тыый, хаалларан кэбиспит дуу? Суох, ылбыта ээ, ылан эрэргэ дылыта дии. Аа, бу сытар. Бээ, манна сыттын, көстөр сиргэ.

– Даайаа, привет! Бүттэхпинэ, кэлэн көмөлөһүөм.

– Привет, Маайаа! Кэлээр-кэлээр.

– Оо, кыргыттаар, көрүҥ эрэ, өссө сибэккилэммиппит. Телевизорбыт диэн, сибэккибит диэн, дьэ сиппиппит буолбат дуо, аа?

– Сибэкки даа? Ой, ха-ха-ха! Ох-хо-хо! Биһи да сибэккилэммиппит диэн…

– Турдун ээ, баҕар, миигин, Матаһыйар Маайаны, сибэккилээх хотон хотунун, уолаттар эккирэтэ сылдьар буолуохтара…

– Сүүстэ да сибэккилэн, эйигин хайа уол ылар үһү – бэлэһиҥ бэрт. Ынаҕыҥ кутуругун кудараабайдаа, оччоҕуна түргэнник ылыахтара!

– Татыйаас, эрбин былдьатыам диэн куттанаҕын ээ, быһыыта…

– Уу, сатана кыыһа, тыла диэн… Чэ-чэ, бардыбыт, хаадьылаһа туруоҥ дуо?! Мотуорбут таах үлэлии турар!

Бээ, кинигэлэри манан чөмөхтүөххэ, хаһыаттары, брошюралары – остуолга, оттон сурунааллары – манан. Били таһыгар ойуулаах сурунаал ханнаный? Бу сытар. Бу!

Ол эмиэ – оруобуна маннык этэ. Оҕолор сырсан иһэллэр, уоллаах кыыс. Түргэнник, наһаа түргэнник сырсан иһэр курдуктар, ол иһин дуу, эбэтэр туохтан эрэ атынтан дуу, кинилэри кытары сир эмиэ эргийэр курдук. Сир эргийэр, күн эргийэр, дьиэлэр эргийэллэр, мастар эмиэ, туох баар барыта холорук сөрөөбүтүнүү эргийэргэ дылы.

…Кинини кытары паартаҕа биир уол олорор, уол тоҕо эрэ задачаны өрүү киниттэн устар. Бэйэтэ сатаабат дуу, сүрэҕэлдьиир дуу, өрүү Даайаттан устар. Даайа үөрүүнэн уһултарар, тэтэрээтин соруйан уол диэки сыҕарытан биэрэр. Уол устар уонна, этимэ диэн, хараҕынан имнэнэр. Даайа төбөтүн кэҕиҥнэтэр уонна эмиэ хараҕынан имнэнэр. Переменаҕа кинилэр таһырдьа тахсан сырсаллар. Даайа санаатыгар наһаа түргэнник сүүрэр курдуктар, төттөрү-таары сүүрэллэр. Түргэнник, түргэнник, өссө түргэнник, өссө, өссө… Туох барыта, холорук сөрөөбүтүнүү, эргичийэ олорорго дылы, дьиэлэр эргийэллэр, мастар сырсаллар, сир, күн эмиэ эргийэр курдуктар… Онтон кинилэр соруйан, кэлэн кэтиллэ түһэллэр, охтоот, күлсэ-күлсэ сиргэ олороллор.

Даайа оҕолору барыларын тохтото-тохтото ол үчүгэйин туһунан дуу, муокаһын туһунан дуу кэпсиэн баҕарар да, ол үчүгэйин дуу, муокаһын дуу кини бэйэтэ да билбэт. Кинилэр утарыта көрсөн олорон күлэллэр эрэ, күл да күл буолаллар. Онтон Даайа оҕолорго кэпсии сүүрэр. Кини ол ураты үчүгэйи, муокаһы сатаан кэпсээбэт быһыылаах, ким да кинини истиэн баҕарбат.

– Наһаа да үчүгэй, – эрэ диир кини. – Наһаа үчүгэй. Сир эмиэ эргийдэ, күн эмиэ…

Ити тыллары ким да өйдөөбөт, ол иһин Даайа кэпсээнин истиэхтэрин баҕарбаттар. Ким да сэҥээрбэт, бары туспа кыһалҕалаахтар, бары атыны кэпсэтэллэр, кинини ким да истибэт…

– Халлаан эмиэ күлэр… – диэн ботугуруур кини. Оннооҕор ити даҕаны кими да долгуппута көстүбэт, ол иһин кини өссө төгүл этэр:

– Муокас дуо? Ээ?

Киниэхэ ким да хардарбат. Дьикти, муокас, үчүгэй күннэр кимиэхэ да дьикти муокас буолбатах быһыылаахтара.

Хас да хонук ааспыта, арай биир күн Даайа өйдөөн көрбүтэ – ол уола тарбаҕынан муннун хаста олорор эбит. Даайа ол онтон соһуйан дуу, кэлэйэн дуу хараҕын муҥунан көрбүтүн субу баардыы өйдүүр. Соһуйбута эбитэ дуу, кэлэйбитэ эбитэ дуу – ол биллибэт, кини маҥнай түҥнэри хайыспыта, онтон эмиэ да эргиллибитэ, онтон эмиэ түҥнэри хайыһа охсубута. «Эрэйдээх… арааһа, платога суох буолуо», – дии санаат, кини тоҕо эрэ чэпчээбиттии өрө тыынан ылбыта уонна… уолга бэйэтин платогун ууммута. Ууммут илиитэ эмискэ аһый гына түспүтүгэр, кини эргиллибитэ – уол синньигэс эрэһиинэни тутан олороро.

– Кэһэйдиҥ дуо?! – диэбитэ кини, күлэ-күлэ. – Тэрээпкэҕин киэр гын, пах-хыый… Тэтэрээккин эмиэ мин аттыбыттан киэр гын! Ылыаҥ суоҕа да – өссө кэһэтиэм, маннык… Кэһэй-кэһэй! Эһиэ, кэһэйдиҥ дуо?!

Даайа соһуйан хаалан тугу да гыныан булбакка олордоҕуна, хата, звонок тырылыы түспүтэ. Бары турбуттара. Дөйбүт курдук, өссө да олорон хаалбыт Даайа кулгааҕын үрдүгэр уол хаһыыта иһиллибитэ:

– Миигин эккирэтэн көр эрэ, хотуой, кэһэтиэм! Мин аны эйигин кытта сырсыбаппын. Акаары…

Итинтэн ыла Даайаҕа сир даҕаны, күн даҕаны, мастар уонна дьиэлэр эргийбэт буолан хаалбыттара. Кини боруобалаан бэйэтэ соҕотоҕун сүүрэн көрөрө да – туох даҕаны эргийбэт этэ, ол иһин кини тохтоон хаалара.

Ити бэһис кылааска этэ.

Хайдаҕын да иһин, ол үчүгэй күннэр этилэр, оннук дуо, Даайа? Хайа, кыргыттар ити туох үлүгэр айдаардылар? Туох айдаанын тартахтарай? Бээ, баран көрүөххэ-истиэххэ.

– Даайаа, кэл эрэ, кэл!

– Туох үлүгэр буолла?

Маайалаах Настаа киирсэллэр дуу, тугуй?

– Чэ-чэ, айдаарымаҥ! Улахан эбит…

– Истэн абыран, өссө «улахан эбит» диир эбээт! Кыһыыта – ол баар!

– Матаһыйар Маайа, эн да холооҥҥун… элбэх үүтү ыыбын эрэ диэҥҥин, киһини таах ыт курдук үөҕүөҥ суоҕа! Үчүгэй ынахтар түбэһэннэр…

– Айдаарымаҥ диэбит буола-буола! Мин эн курдук үүппэр уу кута иликпин. Эн кута сыстыҥ буолбат дуо? Ээ? Чэ, дабаай, билин! Мин көрөн хаһыытаабатаҕым буоллар кутуоҥ этэ. Оннук дуо?

– Чэ-чэ, ээх, айдаарыма, улахан эбит… кыратык… биллиэ суоҕа этэ…

– Истэн абыраныҥ, Даайа, Татыйаас, истэн абыраныҥ! Өссө «улахан эбит, кыра биллиэ суоҕа этэ». Эриҥ суоҕар күүлэйдиириҥ «улахан эбит…»

– Ону баҕас Матаһыйар Маайаттан ыйыппатарбын абыраныам этэ! Күнүүлүүгүн дуо?

– Аргыыйыҥ, чэ! Аһары бараары гынныгыт. Настааны аны кэтиэхпит. Бэйэм кэтиэм, ыстаарсайбын буолбат дуо, аны тутулуннаҕына сэбиэдиссэйгэ, управляющайга тиийэ бэйэм этиэм. Настаа, эн, эдэр киһи, иһит, өйдөө – мин сааһым тухары хара илиибинэн үлэлээн айахпын ииттибит киһибин, көнөтүнэн сылдьыахха наада. Туохха барытыгар чиэһинэй эрэ буоллаххына, дьон хараҕын сааппакка утары көрүөҥ. Ону өйдөө!

– Кини өйдүө, сүүстэ өйдүө…

– Маайа да тылгын кыатан.

– Ыы-ыы… ыы… бырастыы гыныҥ, алҕас… ыы-ыы… Даайаа, этээйэҕин, көрдөһөбүн, ыы-ыы… оҕонньоргор этээйэҕин…

– Суох-суох! Тоҕо этиэмий?

– Ытаа-ытаа, ытыыр арыт эмп буолар! Даайа этиэ суоҕа, куттаныма! Онтон эрэ куттанар… Барыах, Даайаа, долбуургун саайсыам.

– Чэ!

Настаа сүрдээх кыыс эбит буолбаат?! Хайдах ол кини санаатыгар батаран…

– Хайыа, көрбөккүөн?!

– Уой, хайыта баран түһэҥҥин, киһини соһуттуҥ!

– Көрбөккүөн? Ол-ол! Түннүккүн көр! һа-ай! Һай-һай! Сиэн бүтэрбит буолбат дуо? һа-ай! һай– һай! Түннүгү аһаҕас быраҕан кэбиспиккин дии…

– Хайыа… һай-һай!

– Туох айылаах минньигэс сибэккитин аҕалан ууран биэркиний? Саадьаҕай борооску сиэн бүтэрбит… һай? Киэр буол, бар! һай-һай!

– Уой, дьиикэй… сиэн бүтэрбит.

– Кэһэй, тоҕо түннүгү аһаҕас бырахпыккыный?!

– Салгылаатын диэммин.

– «Салгылатар» ээ… Биһи хотоммутун салгылатан сытын суох гыныаҥ суоҕа. Сордоох борооску эбит дии, төбөтүн уган туран, сиэн мээтиргэтэн кэбиспит.

– Хаарыан сибэкким! Сатана борооскута…

– Ох, Даайа-Даайа… Ох-хо-хо! Ах-ха-ха! Һа-һа-һа! Сибэккигиттэн силиһэ да хаалбатах. Аа-һа-һа!

– Күлүөх сириҥ баппатаҕын… Хаарыан сибэкким!

– Ой-ой! Ха-ха! Ой-ой…

– Хайа, Маайаа, туох айылаахтан быара суох бардыҥ?

– Татыйаас, көр эрэ. Ох-хо-хо! Ах-ха-ха! Сибэкки… сибэккини… Даайа сибэккитин саадьаҕай борооску сиэн кэбиспит.

– Сиэн кэбиспит даа? Оо! һы-һы… һа-һа… Сиэмнэ! һы-һы-һы-һа-а… Суох, баҕар, сиэтээри соруйан аҕалан биэртэ буолуо, ээ? Даайаа, оннук дуо?

– Хаарыан сибэкким…

– Ха-Ха-ха!.. Сибэккилэнэн бүттэхпит, ха-ха-ха!

– Һы… һы-һа-һа…


Страницы книги >> 1 2 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации