Электронная библиотека » Валентина Гаврильева » » онлайн чтение - страница 2


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 12:40


Автор книги: Валентина Гаврильева


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 7 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Акаары дьахтар иккис таптала

Киниэхэ иккис таптала эмиэ эмискэ кэлбитэ, эмиэ сол курдук эмискэ суох буолан хаалбыт эбит. Ол маннык этэ:

– Егоров, көнөтүк олор! Эргичиҥнээмэ, – диир учуутал.

Уол учууталын диэки эргийэр, ол эрээри сонно тута кэннин хайыһа охсор уонна салҕыы этэн барар:

– К. К. К. Ол аата тугуй?

– Капитан Кассий Колхаун. Сөп дуо?

– Эн хайдах барытын билэҕин?

– Билимнэ. Чэ, аны эн таай. К тире Т, кавычкалаах, тугуй?

– «Кон-Тики». Сөп дуо?

– Эн ону билэҕин?! Ой-ой…

– Егоров! Көнөтүк олор.

Даайа уруучукатынан уол көхсүн анньыалыыр, уол эмиэ эргиллэр:

– Аны – эн! Бу сырыыга адьас таайыаҥ суоҕа!

– Көрүллүө! Чэ, эт.

– Дьиикэй аттар.

– Пржевальскай аттара.

– Аһа-а! Суох, сыыстыҥ ээ! Өссө өйдөө. Прерия дьиикэй аттара.

– Ээ, эн киитэрэйдиир эбиккин: маҥнай этэргэр инньэ диэбэтэҕиҥ дии!

– Туох диэбэтэҕим?

– Прерия диэбэтэҕиҥ.

– Ок-сиэ! Этэн биэриэм этэ дуо? Билбэт эбиккин! Биир иэс!

– Егоров! Его-оров! Көнөтүк олор!

– Мустангалар…

– Сыыһа!

– Кырдьык! Эн киитэрэйдиир буоллаххына, аны эйигин кытары оонньуом суоҕа.

– Оонньоон абыраама! Син биир оонньуоҥ!

– Его-оров! Егоров! Көнөтүк олор!

– Суох диибин!

– Чэ, сөп-сөп! Оччоҕуна тэҥнэһии?

– Тэҥнэһии.

– Егоров, көнөтүк олор!

Ити дьикти оонньуу этэ. Кини итини санаатар эрэ, хайдах эрэ күлүөн баҕаран кэлээччи. Киһи бэйэтигэр майгынныыр, биирдик саныыр киһитин көрүстэҕинэ, ол киһи аттыгар баар буоллаҕына, туох барыта чэпчии, туох барыта үчүгэй буола түһэрин кини онно аан маҥнай билбитэ.

Уруоктар олус түргэнник ааһаллара, Даайа оскуолаҕа сүүрүүнэн тиийэрэ, барыта чэпчэки, туох да уустуга суох курдуга, кини күн аайы кэриэтэ бэйэтэ да билбэккэ «биэстэри» ылаттыыра.

Саас ол уол «Б»-лар ааннарын аттыттан арахпат буолбута, онуоха кыргыттар күлэ-күлэ сибигинэһэллэрэ:

– Егоров «Б»-лар Муочаларын дьиэтигэр атаарар…

Даайа ону ой дуораанын курдук истэрэ. Ол барыта кини билэр Егоровар туох сыһыаннаах буолуох тустааҕый? Кини билэр Егорова – атын. Ол Егоров тоҕо кими эрэ, ханна эрэ атаарыах тустааҕый? Даайа кими да, ханна да атаарбат буолбат дуо? Ол аата Егоров эмиэ оннук буолуохтаах. Оннук эрэ буолуохтаах.

Кыргыттар этэллэрэ кырдьык эбит этэ, Даайа ону илэ хараҕынан көрөн эрэ баран, дьэ итэҕэйбитэ. Кини билэр Егорова «Б»-лар Муочаларын дьиэтигэр диэри атаарара.

Хайдах? Тоҕо? Ол аата кини дьикти дии санаабыта барыта ол Егоровка дьиктитэ суох эбит буоллаҕа, ол аата кини үөрбүт, соһуйбут кэмигэр ол Егоров адьас да үөрбэтэх эбит буоллаҕа. Хайдах? Тоҕо? Тоҕо Даайа үөрбүтэй, соһуйбутай, оттон Егоров – суох? Тоҕо? Ол аата Даайа алҕас үөрбүт, алҕас соһуйбут эбит буоллаҕа.

Итинник санаабытыҥ дуо, Даайаа, эн ол күннэргэ? Итинник, эбэтэр итинник соҕус ини.

– Чэ, уруккубут курдук таайса оонньуубут дуо? – диэбитэ Егоров биирдэ.

– Суох.

– Тоҕо?

Тоҕо? Даайа тоҕотун бэйэтэ да билбэт этэ.

– Бэйэм, – диэбитэ кини.

– Акаары кыыс! Ол аата кыайтардаҕыҥ дии, ээ?..

– Хайа, Даайаа, туохтан күлэҕин?

– Ээ, таах, мээнэ. Биири өйдөөн…

– Өйдөөн-санаан биэрэҕин ээ! Бай, эн маннык перчатканы ыла охсубут эбиккин дуу? Кыыс оҕо ээ! Көрдөххө эрэ сыылба курдуккун да, иһиҥ буораахтаах ээ, быһыыта, син онно-манна тиксибит буолаҕын дии.

– Аа, ылан. Чэ, маны саайдыбыт да, бүтэбит. Дьиэлиэхпит. Үчүгэй буолла дуо?

– Ааттаах. Хотон муннуга буолбатах, бэйэтэ туох… ити туох хаппыт дииллэр, оҕолоор? Ээ, салон! Бэйэтэ салон буолла.

– Дуо?

– Оннук.

– Маайа, миэхэ баран чэйдэспэккин дуо?

– Астан аккаастанар – аньыы.

– Чэ, оччоҕуна, барыах.

Бээ, тэйиччиттэн көрдөххө хайдах эбитий? Кырдьык, үчүгэй эбит. Ыһан кэбиспэтэхтэринэ, үчүгэй буолсу. Олорон баллыгыраһа, ыыстаһа түһэр сирдэрэ буолуо этэ дии, бүгүҥҥү курдук, һы… Туох үлүгэрэй, күн аайы бүгүҥҥү курдук этиспэттэр ини. Бүгүн баҕас Маайа Настааны улаханнык хотто быһыылаах. Сөп, тута дьарыйбатахха, итинник дьон наһаалааччылар. Настаа уонна Арамаан тустарынан Маайа эбэн-сабан, омуннаан кэпсээбитэ буолуо ээ, эбэтэр адьас сымыйанан эппитэ дуу? Сымыйа буолуо. Ыйытыахха. Чэ, бээ кэлин.

– Эн бүгүн Настааны улаханнык хоттуҥ быһыылаах.

– Хотумуна! Мин бу да буолларбын кырдьыгы таптыыбын. Эн Толстойгун, Чеховкын билбэтим буолуо, ол эрээри ону баҕас араарабын.

– Ытаата дии сордоох…

– Ытаатын! Ытаабат, ытыыра буоллар… Сымыйа!

– Крокодиловы слезы дуо?

– Ол аата тугуй?

– Нууччалыы инньэ диэччилэр.

– Эһиэ-э.

– Хайдаҕын да иһин…

– Туох «хайдаҕын да иһин»?

– Хайдаҕын да иһин кини Арамааны таптыыра буолуо ээ. Эрэйдээх…

– Һы, эрэйдээх ааттаах… Уһуннук эрэйдэммэтэх оҕо буолуо, куттаныма… Ох, Даайа-Даайа, эн олоҕу билбэккин. Эн, арааһа, хаһан даҕаны таптал диэни билбэтэх хотууска буолуоҥ ээ.

– Мин дуо?!

– Эн!

– Буолуо, баҕар… Баҕар, оннук буолуо, билбэтим.

– Ити дии – бэйэҥ да билбэккин.

– Бэйэм да билбэппин…

– Эн олоҕу билбэккин.

– Буолуо, баҕар…

Олоҕу билбэт үһү… Бэйи эрэ, оччоҕуна кини тугу билэр, ээ? Тугу да билбэт, тугу да сатаабат, түүл курдук олорор. Барыта түүл курдук. Божья коровка. Ити, арааһа, хомурдуос аата.

– Божья коровка…

– Туох диигин?

– Ээ, таах…

Суох, кини тыыннаах киһи эбээт! Олорор, үлэлиир. Бу олоҕуҥ, субу да күнүҥ, бу да чааһыҥ, мүнүүтэҥ иккиһин эргиллиэ суоҕа эбээт, иккиһин туох да эргийиэ суоҕа. Түүл буолбатах, олох, тыыннаах олох. Түүл эрэ буолбатын! Түүл эрэ буолбатын…

– Кыыскын тахсан ылбаккын дуо?

– Эрдэ, сылдьа түстүн. Олор, чэйдээ. Маайаа, эн тоҕо салгыы үөрэммэккин? Киэһээҥҥигэ үөрэн. Мин көмөлөһүөм.

– Тоҕо-о?

– Хайдах «тоҕо»?

– Үөрэниэхпин баҕарбаппын.

– Хайдах баҕарбаккын? Үөрэниэн баҕарбат киһи баар үһү дуо?

– Мин баарбын. Баҕарбаппын, онон бүтэр.

– Тоҕо?

– Маннык да сылдьыам.

– Атыны, атын үлэни, атын олоҕу баҕарбаккын дуо?!

– Суо-уох!

– Оччоҕуна… оччоҕуна эһиги фермаҕытыгар ким үөрэниэн баҕарар – этээр, көмөлөһүөм. ВУЗ-ка да бэлэмнэнэллэригэр көмөлөһүөхпүн сөп.

– Баҕалаах кыргыттар, чэ, көстүөхтэрэ. Чэ, бээ, мин бардым, таҥас сууйардаахпын.

– Олоро түс. Билигин эйиэхэ кинигэ булуом.

– Ээ, чэ, кэнники. Үнүргүгүн да арыйа иликпин. Баҕар, ону ааҕыам.

– Сахалыыны биэриэм. Тохтоо!

– Ээ, суох. Эмиэ бандьыыттаах буолуо. Кэнники.

Акаары дьахтар үһүс таптала

«Эн олоҕу билбэккин». Олоҕу билбэт үһү… Олоҕу билии диэн тугуй? Билэр киһи хайдах буолуохтааҕый, билбэт киһи хайдаҕый? Кини, Даайа, билбэт киһи, билэр дьонтон туох атыннааҕый? Чэ, холобура, Маайаттан да буоллун. Бээ, Даайа аны Маайаны уонна Настааны кытары күн аайы фермаҕа сырыттаҕына табыллыыһы, эбэтэр адьас да батыһа сылдьара ордук буолара дуу?

– Сүөдээр, эн олоҕу билэҕин дуо?

– Туох даа?

– Олоҕу билэҕин дуо? Билэбин дии саныыгын дуо?

– Билимнэ. Билбэтим буоллар мин – мин буолуо суоҕа этим.

– Хайдах, ол аата? Ол аата тугуй? Дьону билии дуу, сарсын туох буолуохтааҕын, өйүүн, биир сылынан, уон сылынан туох буолуохтааҕын билии дуу? Эбэтэр ааспыты сатаан быһаарыы дуу, тоҕо, туохтан, кимтэн буолбутун? Эбэтэр баҕар…

– Барыта! «Агрономия» диэн кинигэни аҕал эрэ, долбууртан. Ол-ол, күөх тастаах.

– Агрономия… Мэ! Сүөдээр, сарсын ханна бараҕын?

– «Уолбукка», ыһааччыларга.

– Миигин илдьэ бар.

– Тоҕо-о?

– Таах, көрө.

– Һы… күүлэйдии сылдьар кэм буолбатах, мин өр буолуом, киэһэ, хойут кэлиэм.

– Буоллун!

– Акаарытыйыма! Кыыскын ким көрүөй?

– Мин библиотекарбын, сылдьыахтаахпын!

– Оо, дьэ, эйигин эрэ күүтэн олордохторо буолуо. Чэ, сөп-сөп, барсаар. Бу эн туох буоллуҥ, ээ?

– Туох да буола иликпин. Эн билэргин барытын билиэхтээхпин. Маайа билэрин, Настаа билэрин, бары билэргитин-сатыыргытын, барытын…

– Оһо! һа-һа-һа…

– Күлүмэ. Хайа, ытаайаҕын… Эн тоҕо аахпаккыный? Хемингуэйы булан биэрэбин дуо?

– Кэнники. Сололоннохпуна. Ээ, сөбүлүөм суоҕа.

– Кырдьык, сөбүлүөҥ суоҕа… Мин эйиэхэ кыһыл свитер атыылаһыам, сөп дуо?

– Кыһыл да-а?! Кыһылы баҕарбаппын.

– Кыһыл свитер үчүгэй. Эйиэхэ барыа.

– Суох-суох! Кыһыл эрэ буолбатын!

– Кыһыл свитер атыылаһыам… син биир…

– Чэ-чэ, бэйэҥ бил.

– Хата, инньэ диэ.

Ситинник! Итинник эрэ. Субу күнтэн ыла кини өйдөөхтүк эрэ олоруоҕа, оччоҕуна кинини ким да олоҕу билбэккин, эн диэхтээн, хантан кэлэн билиэххиний диэ суоҕа. Түүл баҕайы (суох, түүл эрэйдээх) куоттун, симэлийдин, адьаһын эһиннин, олох эрэ хааллын, хайдах да буоллун, хайдах да эргийдин, хайдах да көрдүн-иһиттин. Даайа эрэйдээх, быраһаай, быралыйар бырастыы, аны атын Даайа буолуоҕа. Атын!

– Күн сарсын эйиэхэ кыһыл свитер атыылаһыам! Син биир…

– Сөп сөп.

– Син биир!..

Ситинник! Итинник эрэ. Туох үлүгэрэй, төһө өр акаары буолуохха сөбүй?! Түксү! Били ол күнтэн ыла кини уларыйа илик быһыылаах, киһи саатыах… Хайдах этэй ол?

…Оскуоланы кытары быраһаайдаһар күнүгэр кини тэтэркэй өҥнөөх ырбаахылааҕа. Саманнык, сараҕар баҕайы этэ.

Даайаны наар биир уол үҥкүүгэ ыҥырара, Даайа ол уолу урут көрөн эрэ билэрэ, кини «Б»-лартан этэ.

Бал кэнниттэн оҕолор бары өр баҕайы күүлэйдээбиттэрэ. Ол уол тоҕо эрэ наар Даайа аттыгар баар буолан иһэрэ, онуоха Даайа иһигэр маннык быһаарбыта: «ити кини… таптал».

Тоҕо – бүгүн? Билигин? Хантан күөрэйдэ кини? Тоҕо бүгүн? Таптал соһуччу кэлэр дииллэр, ол кырдьык эбит буоллаҕа. Суох, тоҕо «хантан күөрэйдэ» диирий?! Кини таптаабыта ыраатта эбээт, быданнаата, ону бу бүгүн өйдөөтөҕө эрэ дии. Ити – кини, кини… дьылҕа.

Даайа, баҕар, алҕаһыыра буолаарай? Суох, туох үлүгэрэй, бу сырыыга баҕас – кырдьык. Көрүллүө даҕаны! Билигин кини Даайаны атаарыаҕа, оччоҕуна кырдьык буолуо. Ити дии, кэнниттэн иһэр, дьылҕа эбит буоллаҕа. Суох, бүгүн буолбатах, тоҕо бүгүн? Хантан күөрэйдэ кини? Маннык эбит дии, маннык кэлэр эбит дии киһиэхэ таптал диэн. Саманнык дуо? Маннык эбит. Бүттэҕэ. Хобдоҕуо-уон!

Билигин кини, арааһа, өссө ууруура буолуо. Ити дии! Ол аата бу – үйэ тухары буоллаҕа, өлүөхтэригэр диэри, куруутун-куруутун… Маннык эбит дии… «Тоҥмут быһыылаах, иэдэһэ тыбыс-тымныы, муокас баҕайы…»

– Куруутун-куруутун, өлүөхпүтүгэр диэри дуо? – диэбитэ Даайа.

– Ы-һы! Эн үлэлиэҥ дуу, үөрэниэҥ дуу?

– Үөрэниэм.

– Мин эмиэ. Ханныкка?

– Өссө билбэтим. Мин библиотеканы таптыыбын. Институкка барыам, баҕар, библиотечнайга.

– Мин – Ригаҕа, авиационнайга. Суруйсуохпут дуо? Суох, бииргэ барыахпыт.

– Сөп. Чэ, мин киирдим. Маамам түннүгүнэн көрөрө буолуо. Суох, тохтоо эрэ, кэл, бэттэх тур. Буо-уот!

Бүттэҕэ ити, аны Даайа бэйэтэ уураата, иэдэһиттэн, ол аата бүттэҕэ, үйэ тухары маннык буолуо. Аны туох да кистэлэҥ ордубата быһыылаах…

Даайа ол түүн утуйбатаҕа да быһыылаах, наар ону эрэ саныы сыппыта. Муокас дии, кини олоҕо аны үйэ-саас тухары быһаарылыннаҕа. Эмиэ да үчүгэй курдук, суох, ол эрээри олус-олус курус… Бүттэҕэ, аны олоххо туох да кистэлэҥ ордубата быһыылаах. Ама, оннук буолуо дуо? Оччоҕо ханнаный, кинигэҕэ суруйар тапталлара? Суох эбит буоллаҕа. Ол эрээри Даайа таптыыр эбээт кинини, ити – кини… атын буолбатах, атын буолуох туһа суох, барыта быһаарылынна дии. Чэ, ол – үчүгэй… Ол гынан баран эмиэ да курус. Чэ, кэлиэхтээх – кэллэҕэ, бу аата – олох диэн буоллаҕа. Олох диэн тугуй? Бу – күн аайы, чаас аайы, мүнүүтэ аайы саарбахтааһын, онтон эмиэ да быһаарыныы, эмиэ да саарбахтааһын – дууһа мучумаана…

Истэн абыран, оччотооҕу Даайа эмиэ да сөпкө санаабыт эбит буолбат дуо?! Олох диэн – күн аайы, чаас аайы, мүнүүтэ аайы саарбахтааһын, онтон эмиэ да быһаарыныы, эмиэ да саарбахтааһын – дууһа мучумаана… Ити кырдьык. Чахчы оннук быһыылаах.

Оччотооҕу Даайа эрэйдээх ол түүннээҕи санаалара, кини үһүс таптала, түүҥҥү түүл курдук, муокас түүл курдук, күн-дьыл аастаҕын ахсын симэлийдэр-симэлийэн, күн-дьыл ардаҕын-хаарын кытары хайдах суураллыбыттарын, сүүрүгүрдүбүттэрин туһунан аллара кэпсиэхпит.

Төрдүс уонна бэһис таптала

Дьэ туран, онтон киниэхэ төрдүс таптала кэлбитэ. Ээ, чэ, ол ону Даайа өйдүү сатыыр, ырыта сатыыр санаата суох. Сүөдэри кытары субу күҥҥэ диэри бииргэ олоруох быата тарпыта буолуо, туох да уустуга суох, барыта орун-оннугар, буолуохтаах буолуохтааҕын курдук, тахсан испитэ. Студенныы, судургутук. Чэ, ол кинилэр хаста-хаста хаамсыбыттарын барытын Тимирязевка эрэйдээх аллеяларын тииттэрэ эрэ арай аахтылар, көрдүлэр-иһиттилэр ини. Студеннар хаамсаллара кэмнээх буолуо дуо, ол да тииттэр аахайбатылар ини. Оттон Сүөдэр биэс сыл усталаах-туоратыгар бэйэтин Тимирязевкатын уопсайыттан кинилэр, Даайалаах, уопсайдарыгар диэри хаста-хаста таскайдаммытын арай, баҕар, эргэ трамвай халырҕас көлөһөлөрө эрэ көрдүлэр ини. Ол да – саарбах.

Даайа маҥнай Сүөдэри тута сэрэппитэ:

– Көрөҕүн дуо бу суруктары? Во-от! Эн миигин киинэҕэ эҥин барыах диэн ыҥырбытыҥ буоллар…

– Тоҕо?

– Мин атын киһи туһунан саныахтаахпын. Эн мэһэйдээмэ…

– Баһаалыста! Санаан көр, баран да иһэн санаа, киинэни көрө олорон да санаа, кэлэн да иһэн санаа. Киинэҕэ барсыбыккынан санаабат буолан хаалыаҥ дуо? Санаан көр, ол эрэн барсыахтааххын, билиэти таах хаалларыма.

Даайа онуоха «кырдьык даҕаны» дии санаабыта уонна куруутун-куруутун, үйэ тухары бииргэ сылдьыах буолан кэпсэппит табаарыһын туһунан эппитэ:

– Өлүөхпүтүгэр диэри… – диэн кини кэпсээнин түмүктээбитэ уонна, чэпчээбиттии үөһэ тыынан баран, өрө көрөн кэбиспитэ.

Сүөдэр ити күнтэн ыла наар ыйытар идэлэммитэ:

– Хайа, били «өлүөххэ диэри» табаарыс тугу суруйар?

Онуоха Даайа биирдэ иһиллэр-иһиллибэт хардарбыта:

– Суруйбатаҕа ыраатта. Билбэтим…

– Суруйуо-суруйуо. Хата, театрга барыах.

– Мин бэйэм өссө суруйуом. Үстэ суруйдум, эппиэттээбэт, өссө суруйуом. Тылбын биэртим… кини эмиэ уонна баран…

– Ничего-ничего… ыалдьыбыта буолуо.

– Ой, кырдьык даҕаны! Мин сибилигин суруйабын!

Атын куораттан сурук адьас кэлбэт буолбута, оттон Даайа суруйара уонна маннык саныыра: «Баҕар, мин санаабар эрэ буолуо, кини тугу да эппэтэҕэ буолаарай? Куруутун-куруутун, өлүөхпүтүгэр диэри диэн эппэтэҕэ буолуо. Суох, эппитэ дии уонна баран… Итинник гынар сөп үһү дуо? Сөп үһү дуо?!»

Даайа итиниэхэ тугу да булан хардарбатаҕа, оттон сурук кэлбэтэҕин курдук кэлбэтэҕэ, онуоха кини кыыһыран тиһэх, уһун суругун суруйбута уонна ыытаары кэнбиэрдээн иһэн, тоҕо эрэ эмискэ хайыта тыытан кэбиспитэ уонна дьэ үөһэ тыыммыта, өр баҕайы биир сири тобулу одуулаан олорбута. Иннигэр бып-бытархай гына хайыта тардыллыбыт кумааҕы чөмөхтөнөн тахсыбыта, кини ону өссө бытарыта олорбута….

Чэ, уоннааҕытын Даайа барытын бүгүн кэлэн ымпыгын-чымпыгын ырытар санаата суох. Сүөдэрдиин олордохторо – бу! Мотоциклынан ыһааччыларга элээрдэн иһэллэр. «Уолбуттара» диэн төһө ыраах сир эбитэ буолла?

– Сүөдэ-эр, «Уолбутуҥ» төһө ырааҕый?

– Ээ, кэллибит.

– Пахай, мин букатын ыраатар курдук санаммытым…

– Онтуҥ баара, кэллибит.

– Маппыров Уйбаан биригээдэтэ диигин дуу?

– Ы-ых.

– Мин ол киһиэхэ наадалаахпын.

– Туох?

– Кинигэлэрин туттара илик.

– Туттарыа буоллаҕа дии.

– Ылбыта быданнаата ээ.

– Солото суох буоллаҕа дии.

– Солото суох… Бээ эрэ, өссө «Уолбукка» быйыл оҕуруот олортугут дуу?

– Ы-һы. Оҕурсу.

– Үчүгэйдик тахсыа дуо?

– Тахсымна.

Хата, сотору оҕурсу сииһилэр дии. Саатар, дэриэбинэ иһигэр атыылыыллар ини. Манна урут хаһан да ыспаттара үһү, боруобалыыллар. Оҕурсу баҕас, уу эрэ баар буоллун, тахсыахтаах ээ.

– Кэллибит. Кирээдэлэр ол тураллар. Оттон ол – парник. Түһэн көрөҕүн дуо?

– Чэ, тохтот.

Оо, адьас саҥардыы быган эрэллэр эбит. Сорохторун, бадаҕа, бэҕэһээҥҥэ диэри олордор этилэр. Син үүнүүһүлэр быһыылаах.

Ити туохтара чөмөхтөһөн сытар буоллаҕай? Кумааҕы кууллар. Ээ, уоҕурдуулара эбит. Ханнык уоҕурдуунуй бу? Азоттара дуу, калийдара дуу? Уоҕурдаары аҕалан бырахтахтара, эбэтэр кутан бүппүттэрэ дуу? Уоҕурдуу кутулла сытара эмиэ да көстүбэккэ дылы. Кута иликтэр быһыылаах. Быыс буолбакка сырыттахтара дии, хата, көмөлөһүөххэ дуу? Ол тимир күрдьэх сытар эбит. Тимир күрдьэҕинэн баһа-баһа, маны баҕас Даайа начаас элээрдэр ини. Көрүөх бэтэрээ өттүнэн бүтэриэ. Даайа уоҕурдууну баҕас тоҕо харыстаатаҕай, кута түһэн биэриэҕэ…

Сиэн-аһаан, үүнэр буоллахтарына үүнэ оҕустуннар ээ, буо-уот, чэ, сөп да буолар ини, томточчу кута түһэн биэрдэҕинэ сөп буолуо. Итийдэр эрэ, хамсыы-хамсыы тахсыахтара.

Сүөдэр көрөн соһуйара буолуо – туох буолан аллааҕымсыйдаҕай диэҕэ. Бээ, Даайа өссө даҕаны ону-маны сатыырын көрдөрүөҕэ! Кини даҕаны үлэлиири баҕас сатыыр ини, доҕоор. Уонна баран, Даайа тугу да сатаабат, тугу да билбэт диэҥ, дьэ! Биир дьахтар билэрин-сатыырын билэр даҕаны, сатыыр даҕаны оҕо буолуо ээ…

Һэ, Сүөдэр сүүрэн аҕай иһэр. Туох буолбут буоллаҕай? Туохха итиччэ үлүгэр ыксаатаҕай, ээ?

– Туох буолан мэҥийэн кэллиҥ?

– Туй-сиэ, сэрэйбитим курдук…

– Туох даа?

– Һы… өссө «туох даа» диир! Биир кирээдэни олоччу буорту гына охсубут. Ыл, төттөрү кута оҕус!

– Тоҕо?

– Оннук! Күрдьэхтэнимэ, олоччу түөрэ баһыаҥ буоллаҕа дии, илиигинэн тарый. Көр, маннык.

– Тоҕо-о?

– Кэнники быһаарыам. Түргэнник, түргэнник! Бу, хайыы-сахха өлөртөөбүккүн, дьэ, бэйэҕэр хат олорторуом.

– Оттон… үүннүн диэн.

– Саҥа олордуллубукка тугун эмиэ уоҕурдуутай?

– Оттон… тоҕо манна аҕалан бырахтарбыккытый?

– Сыыһа сүөкээбиттэр. Атын сиргэ илдьиэхтээх этилэр. Үксүн саҥаттан олордууһубут, көр эрэ, бу!

– Оо, кырдьык даҕаны…

– Ох, Даайа-Даайа…

Ситэ саҥарбата, иһигэр «акаарыгын даҕаны» диэтэ быһыылаах уонна хайдах эрэ көрдө. Хомойбут курдук. Суох, кэлэйбит курдук уонна өссө үөһэ тыынан кэбистэ. «Ох, Даайа-Даайа, акаарыгын даҕаны…» Хомойор уонна кэлэйэр…

Үүт-үкчү ол онно, ол күн, курдук көрдө. Даайа ол күнү тоҕо өйдөөн кэллэ, тоҕо өйдөөн кэллэ ол ону?

Ол – холорук сөрөөбүт аҕыйах хонуга – туох этэй: эмиэ таптал дуо?

…Даайа биирдэ, ханнык эрэ бырааһынньык күн, биир уолу кытары билсибитэ уонна ол күнтэн ылата Тимирязевка аллеяларыгар көстүбэт буолбута, оттон Сүөдэр кинилэргэ кэллэҕинэ, саһан хаалара. Ол да буоллар, Сүөдэр кинини биир күн кэтэһэн-кэтэһэн, суолун күөйэ туран кэбиспитэ уонна ыйыппыта:

– Бу эн туох буоллуҥ, Даайа?

– Туох да буола иликпин. Ыыт. Бардым. Тоҕо өрүү эккирэтэ сылдьаҕыҥ? Надоело…

– Кимий – ол?..

– Онно эн тугуҥ кыһалҕатай? Миигин рестораҥҥа ыҥырдылар. Саҥа Арбатка. Эн хаһан да ыҥырбаккын.

– Аччыккын дуо, ол эн?

– Дьыала онуоха буолбатах…

– Кимий ол, көрдөөх атыыһыт?

– Атыыһыт буолбатах, художник. Аны манна кэлимэ даҕаны, ыйытыма даҕаны. Бүттэ. Ыыт, мин ыксаан иһэбин.

– Ох, Даайа-Даайа…

Сүөдэр хомойбут дуу, кэлэйбит дуу курдук көрөн кэбистэ.

Туохха ыксаабытай кини? Өтөрүнэн умнубат хомолтотугар уонна ааспат-арахпат кэлэйиитигэр дуо? Суох, ол мүнүүтэҕэ, сити түгэҥҥэ. Даайа кини эрэ туһунан саныыра, киниэхэ эрэ ыксыыра эбээт. Тиийээтин кытары, ол киһи эппитэ:

– Эн кыраҕын… билбэккин. Мин эйигин үөрэтиэм, барытыгар. Барытыгар…

Ити кэнниттэн Даайа ол киһиэхэ хаһан да барбатаҕа, кинини көрүөн да баҕарбат буолбута.

Хас да хонон баран Сүөдэр кэлбитигэр кини тоҕо эрэ эмискэ ытаабыта. Акаары эбит, ээ? Даайа өссө уонна эппитэ:

– Аны кэлимэ. Мин… мин куһаҕаммын. Саамай куһаҕан кыыспын…

– Мин эйигин таптыыбын.

– Мин… мин аны – атыммын.

– Буоллун, билэбин. Биһиги холбоһуохпут.

– Ээ, аны кэлэн…

– Ох, Даайа-Даайа… – диэт, кини үөһэ тыыммыта уонна эмиэ үкчү субу бүгүҥҥү курдук көрөн кэбиспитэ.

Бу сордоохтор, арааһа, өнүйүө суох көрүҥнэммиттэр. Иэдээн… кырдьык даҕаны, аата, итини баҕас өйдүөх да баар эбит: быыкаайыктар өссө уоҕурдуу көрдөөбөт буоллахтара дии. Саҥардыы быган иһэн, тоҕо эмиэ уоҕурдууга наадыйыахтарай? Дьэ, хоҥ мэйии эбит, кырдьык даҕаны.

– Рассада орпотоҕо дуо?

– Бэҕэһээ аҕыйах орпута. Бар, ол ампаар таһыгар, дьааһыктарга көр эрэ.

– Билигин аҕалыам.

– Ээ, суох, бэйэм! Аны тоҕута түһэртээн кэбиһиэҥ, оччоҕуна адьас да мэлийиэхпит. Маны тэрийээри төһөлөөх эрэйим-сырам барбытын билбэккин…

Таптал түүлэ

Муокас да түүл, муокас да түүл! Эмиэ – ити түүл… Тоҕо эмиэ көһүннэ, ити түүл, Даайаҕа? Кини уонна туохтан эрэ уһуктан кэллэ. Туохтан? Аа, музыка иһиллэрэ, ханнык эрэ музыка иһиллэрэ. Ол полонез этэ эбээт! Чахчы, чахчы, полонез, Огинскай полонеһа.

– Тоҕо – Полонез, ити полонез?

Аптаах дорҕооннор хантан эрэ, ыраахтан кутуллар курдуктар уонна эмиэ да хаар түһэргэ дылы уонна өссө ким эрэ баар. Кимий? Даайа кинини эмиэ да билэр курдук, эмиэ да билбэт курдук, ол иһин ыйытар:

– Эн кимҥиний? Тоҕо тураҕын, хаар түһэ турдаҕына? Олоччу хаар буолбуккун…

Киһи буоллаҕына саҥарбат, турар эрэ.

«А-һа, – дии саныыр онуоха Даайа, – хаар түһэ турдаҕына полонез иһиллэр, ол иһин турар. Тоҕо саҥарбат, тоҕо саҥарбат?..»

Хаар түһэрэ хойдон барар, музыка эмиэ улааттар-улаатан иһэр. Ол иһин Даайа: «Билигин, ама, киһи барыта истэр ини, – дии саныыр, – билигин ыраахха диэри иһиллэрэ буолуо».

Онтон эмискэ барыта суох буолан хаалар: хаар даҕаны, киһи даҕаны, арай музыка эрэ хаалар. Кини арыт ыраахтан да ыраахтан нэһииччэ иһиллэргэ дылы буолар, арыт адьас аттыгар, субу баардыы, иһиллэн кэлэр, ол эрээри Даайа ол полонез хантан кутулларын кыайан быһаарбат. Түүлүн түүл курдук, онно хайдах эрэ барыта – ураты: хаар даҕаны, дьиэлэр даҕаны, музыка эмиэ…

Онтон Даайа уһуктан кэлэр, уһуктан да кэллэр, музыка син биир иһиллэргэ дылы. Муокас да түүл, муокас да түүл! Тоҕо ситэ көрбөккө уһуктан кэллэ? Тоҕо түргэнник бүтэн хаалла ити түүл?

Иккиһин утуйуохха, иккиһин, салгыы, оччоҕуна саҥаттан көстүө, баҕар, салҕаныа даҕаны. Музыка хантан иһиллэрин Даайа быһаарбакка хаалла эбээт. Муокас да түүл!

– Даайаа, турбаккын дуо? Чаас ырааппыт ээ.

Ырааттын да хайаатын, кини син биир түүлүн ситэри көрүөхтээх, көрөн баран биирдэ туруо.

– Даайаа, уһугун эрэ. Чаас ыраатта дии.

– Ырааттын да хайаатын…

– Тур дии-бин!..

Дьэ накаас, турарыгар тиийдэҕэ. Чэ, киэһэ хайаан да ити эрэ туһунан саныы сытыа, оччоҕуна, арааһа, иккиһин, саҥаттан түһүүрэ буолуо, баҕар, өссө уһуннук көрүө, баҕар, салгыытын эмиэ.

Сүөдэр бүгүн ханна ыксыыр буоллаҕай, турбута ырааппыт быһыылаах.

– Бу ханна ыксаатыҥ?

– Бүгүн үлэбит баһаам.

– Мин бүгүн наһаа муокас түүлү түһээтим. Онно хаар түһэр уонна полонез, уонна…

– Ээ, кэнники кэпсээр, мин бардым.

– Һы… кэнники…

Чэ, туран көрөрө дуу. Муокас да түүл! Эмиэ түүл…

– Бэ-эла-аа! Тур, доҕоччуок, тур. Эмиэ саҥа күн үүммүт, эмиэ олоруохха наада. Тур! Маамаҥ наһаа үчүгэй түүлү түһээтэ, эн түһээтиҥ дуо?

– Түһээн.

– Тугу?

– Эйигин. Эн?

– Мин дуо? Мин – музыканы.

– Тугуй – ол?

– Ол дуо? Ол, Бэла, үчүгэй… Чэ, тур. Баран иһэн кэпсиэм. Детсадка баран иһэн кэпсиэм.

Муокас да түүл! Полонез пластинкатын буллаҕына сөп буолсу. Манна маҕаһыыҥҥа суоҕа биллэр. Сакаастаатаҕына, ыытыахтара дуо?

Хайа, ол Маайа бачча эрдэ ханна матаһыйдаҕай? Бээ, түннүгүнэн тоҥсуйуохха.

– Маайаа-аа!

Иһиттэ быһыылаах, иһэр.

– Тоҕо тоҥсуйдуҥ?

– Бачча эрдэ бу ханна ыксаатыҥ?

– Эрдэ ааттаах, өссө хойутаан иһэбин. Бүгүн маҕаһыыҥҥа туох эрэ тахсар үһү, дьахталлар бары ыстаммыттара ыраатта. Эн барбаккын дуо?

– Ээ, суох. Иһит эрэ, мин бүгүн наһаа муокас түүлү түһээтим…

– Чэ-чэ, кэпсиир буоллаххына түргэн соҕустук кэпсээ. Хойутаатахпына туох да ордуо суоҕа.

– Ордуо-ордуо. Ойуоккалаама, олор.

– Тугуй, дьэ?

– Иһит эрэ, наһаа муокас: хаар түһэ турар уонна полонез уонна…

– Туоххунуй ол?

– Оттон… Огинскай полонеһа!

– Тугуй ол?

– Туй-сиэ!

– Чэ-чэ, солуута суох эбит! Кэпсээмэ, таах сытыахтааҕар түһээтиҥ ини.

– Суо-уох. Суох! Адьас дьиҥнээх курдук этэ.

– Буолтун иһин… солуута суох. Чэ, мин ыстанным. Бэстилиэнэй уочарат буоллум быһыылаах.

– Солуута суох… Полонез – солуута суох?.. Даайа билэр эбит, ол киһини, билэр-билэр. Ити – эмиэ кини. Ол эрээри ону этимэ. Билбэт киһитэ буоллун. Билбэт… Билбэт! Ити диэн түүл эрэ, түүл эрэ буоллаҕа дии. Түүл эрэйдээх ааһыаҕа, түүл эрэйдээх умнуллуоҕа, музыка эрэ хаалыаҕа. Ол эрээри… ол эрээри музыка умнуллуо суоҕа. Полонез буоллаҕа дии. Бу орто дойдуга туох барыта ааһар-устар ыйаахтаах, оттон полонез – суох. Кини киһи аймах баарын тухары, олох баарын тухары баар буолуо.

– Ой, Бэла! Тоойуом, доҕоччуок, бардыбыт. Бардыбыт! Хойутаатыбыт дии.

Ок-сиэ, дьиэтэ эмиэ тымныйбыт аҕай. Маһы таах сиир оһох ээ, бу, быһыыта. Туспа саҥа библиотека да тутуо эбиттэр. Ээ, арба, Сүөдэр туттарыах буолбута. Дьэ, оччоҕуна Даайа күннүүр ээ, бу аата библиотека үһү дуо, – быыкаа хос оҕото, кыараҕаһын, хараҥатын…

Саҥа дьиэ туттахтарына, Даайа дьиҥнээх библиотека оҥоруо!

Бүгүн, бээ, кинигэлэрин ыраастаатаҕына, абырахтаатаҕына табыллыыһы. Кинигэни кэмигэр көрүмэ-харайыма да, буорту буолан бүттэҕэ ол!

– Дорообо!

– Хайа, Арамаан?! Хантан күөрэйдиҥ, бу?

– Хантан да күөрэйэ иликпин.

– Библиотекаҕа көстүбэтэҕиҥ ыраатта дии, ол иһин этэбин.

– Соло суох. Экзамен тутабыт.

– Аа, арба… Хаһыстар туттараллар?

– Ахсыстар, сотору онустар.

– Кинигэ талаҕын дуо?

– Бээ, көрүүм даҕаны. Бэрээдэктээбиккин аҕай дии, киһи тыытыан да куттанар буолбут.

– Төһө да бэрээдэктээ, син ыһылла турар.

– Буолуо.

Арамаан уойбут курдук: Настаа үчүгэйдик аһатар быһыылаах. Уонна өссө хайдах эрэ уларыйбыкка дылы, атын баҕайы буолбут, ол аата барыта кырдьык эбит буоллаҕа. Эбэтэр уруккуттан маннык, түс-бас көрүҥнээҕэ дуу? Баҕар, уруккуттан буолуо. Түүлгэ киһи ити тоҕо наһаа уларыйан көстөрө буолуой? Түүл диэн – түүл буоллаҕа-аа. Онно барыта – атын, бэл, бэркэ билэр киһиҥ киһи билбэт гына уларыйан көстөр. Ол да буоллар кимин син биир билэҕин ээ, муокаһа – ол баар.

– Хемингуэй саҥа тахсыбыт томнара кэллилэр. Ылаҕын дуо, Арамаан?

– Хемингуэй даа?

– А-һа.

– Ээ, суох. Мин кинини тиһэҕэр тиийэ кыайан аахпаппын, сөбүлээбэппин.

– Эн дуо?!

– Онтон тоҕо соһуйдуҥ?

– Мин тоҕо эрэ өрүүтүн эйигин Хемингуэйы сөбүлүүрэ буолуо дии саныырым. Кинини ылар этиҥ дии.

– Таах, көрөөрү эрэ ыларым да, биири да сөбүлээбэтэҕим.

– Муокас эбит… Эн миэхэ кэпсиир этиҥ дии, кини туһунан.

– Онно туох муокаһа баарый? Киһи киһини кытары кэпсэтиэ суоҕа дуо?

– Суох, ол муокас буолбатах. Мин сөбүлүүрэ буолуо дии саныырым – ол муокас.

– Ол эн саныырыҥ диэхтээн…

– Кырдьык даҕаны, хайа, тугу ыллыҥ?

– Бу. Детектив. Биир киһи көрдөспүтэ, кинини олоро түһэн кинигэ ааҕарга үөрэтиэхпин баҕарабын. Настаа манна карточкалаах дуо?

– Суох ээ…

– Чэ, пока.

– Пока.

Түүлгэ киһи ити тоҕо наһаа уларыйан көстөрө буолуой, аа? Түүл диэн түүл буоллаҕаа-аа. Арамаан ити Настааны кинигэ ааҕарга үөрэтэр эбит. Учуутал… Учуутал учуутал курдук. Олус уларыйбыт, адьас атын баҕайы буолбут, баҕар, өрүү итинник эбитэ буолуо. Түүлгэ киһи ити тоҕо наһаа уларыйан көстөрө буолуой, ээ? Суох, түүл диэхтээн… кини уон төгүл, сүүс төгүл, тыһыынча төгүл ордук эбит, үтүө санаалаах, амарах… Настааны, биллэн турар, биллэн турар, кинигэ ааҕарга үөрэтиэххэ наада, адьас аахпат дии. Даайа буоллаҕына киниэхэ Толстойу, Чеховы биэрэ сатыыра, ону кини хаһан ааҕыан, солото суох буоллаҕа дии, күнү быһа хотонтон тахсыбат, уонна өссө билигин ынахтара төрүүр буоллахтара дии. Арамаан өйдөөх эбит, аһары өйдөөх эбит. Биллэн турар, биллэн турар(!) Настааны маҥнай утаа детективынан эрэ ааҕарга угуйуохха сөп буоллаҕа дии. Даайа ону баччааҥҥа диэри хайдах өйдөөбөккө сылдьыбыта буолуой? Кырдьык даҕаны, акаары эбит… Настаа эрэйдээх олоҕо табыллыбатах буоллаҕа дии, ону Маайа мээнэ этиһэрин эрэ билэр, хата, кини обургу тыллаах эбит дии. Эмиэ – акаары ээ. Арамаан эрэ өйдөөх… Настаа эрэйдээх. Настаа эрэйдээх, олоҕо табыллыбатах…


– Хайа, Даайаа, тоҕо бачча эрдэ утуйдуҥ?

– Ээ, таах… Сүөдээр, эн бэйэҥ аһаа.

– Ыалдьыбатыҥ дуо?

– Суох.

– Оччоҕуна тоҕо?

– Таах… сылайдым.

Тоҕо хаар түһэ турарай? Түүлгэ туох баҕарар буолуон сөп эбээт. Оттон тоҕо – полонез? Хантан иһиллэрэй? Бу сырыыга түһээтэҕинэ, хайаан да ыйытыа уонна өссө… чэ, көрүллүө, көстөн иһиэ.

– Арба даҕаны, эн таах сордоноохтообуккун.

– Тугу этэҕин? Ээ, мэһэйдээмэ…

– Фермаҕа киирэн, таах-сибиэ библиотека эҥин тэрийэн сордоммуккун, кэпсээбиттэрэ.

– Хайдах таах-сибиэ?

– Көһөртөөрү сылдьабыт ээ.

– Буоллунууй!

– Сотору көһөллөр. Киһиттэн ыйытан-хайаан да баран ону-маны оҥоруо эбиккин. Саҥа хотонноругар дьэ онно кыһаллаар.

– Сотору даа?

– Ы-һы.

– Ээ, чэ буоллун! Киһи үлэтэ таах хаалыа суоҕа.

– Көтүрүллэр хотон…

– Буоллун!

– Эрэйдээх, биирдэ айаҕаланан сүрэхтэммитиҥ – ити баар! Эн туох буоллуҥ, ээ?

– Чэ-чэ, ээх! Мэһэйдээмэ! Хайыахпыный, оттон…

– Акаарычаан, барытын бэйэҥ уустугурдаҕын.

– Хайдах, ол аата?!

– Һа-һа-һа! Мин эйигин билэбин бачча сылы быһа, ама, билиэм суоҕа дуо? Суолтата да суоҕу бэйэҥ уустугурдаҕын, барытын төрдүн-түгэҕин түөһэн биэрэҕин. Таптаабыт дьахтар бөлүһүөктүү сыппат, эн курдук. Анна Каренинаны өйдөө, акаарычаан!

– Ол аата эн… ол аата, эн миигин таптаабат буоллаҕыҥ дии.

– Ох, Даайа-Даайа, өйгөр-санааҕар таптал эрэ, атын туох да суох. Чэ, мин бардым, хонтуорабар таҕыстым. Дууһаҕын түөһэ хаал, баҕар, өйдөнөөйөҕүн.

– Эн эрэ барытын билэҕин… эйиэхэ барыта чэпчэки…

– Билимнэ! Эйигин баҕас биэс тарбаҕым курдук билэбин. Уһугун, Даайаа, эн чахчыны көрбөккүн, түүлгэр олороҕун. Эбэтэр көрүөххүн да баҕарбаккын дуу? Ол иһин акаарычаан диибин ээ. Мин үлэ киһитэбин, дууһабар хасыһар бокуой суох, дьон да киэнигэр кыһаллыбаппын. Миэхэ үлэлээтиннэр эрэ, үчүгэйдик үлэлээтиннэр эрэ! Олох биэрэрин барытын ыллыннар, ону общество туһугар үлэлээн төлөөтүннэр – онон бүтэр! Дьон миигин ол да иһин ытыктыыр дии саныыбын. Биһиги бары эн уонна ханнык эрэ Маайа, ханнык эрэ Настаа дууһаҕыт дуомугар хасыһан эрэ тахсар буоллахпытына, хаһан өнүттүөхпүтүнүй? Хаһан бу совхоз киһилии совхоз буолуоҕай, ээ? Өйдөөтүҥ дуо? Олох сайда-үүнэ туруохтаах эбээт.

– Оттон киһи?.. Киһи хайдах буолара…

– Ерунда! Киһи… киһи үчүгэйдик үлэлиэх эрэ тустаах. Эн, бука баһаалыста, бэйэҥ-бэйэҕэр олор, бэйэҥ таптыыргынан олор, ол эрээри эн оннук-маннык хаппырыыһыҥ мин үлэбэр мэһэйдиэ суох тустаах. Өйдөөтүҥ?

– Оччоҕуна… оччоҕуна, ол аата эн миигин таптаабат буоллаҕыҥ…

– Туй-сиэ! Ох, Даайа-Даайа, эмиэ таптал…

– Тоҕо олороҕун оччоҕуна, миигин кытта?

– Эн үчүгэй дьахтаргын, үчүгэй кэргэҥҥин, миэхэ… Ону мин, эйигин көрөөт, сэрэйбитим. Уонна эйигин кытары киһи чуҥкуйуо суох быһыылаах. Чэ, мин бардым. Дууһаҕын түөһэ хаал, баҕар, өйдөнөөйөҕүн! Ол эрээри эн онтон ырааппаккын билэбин.

Маннык эбиккин дии эн, Сүөдэр! Эйигин, биллэн турар, ким да кэнэн, акаары диэ суоҕа, куттаныма, ол эрээри эн былааҥҥыттан, отчуоккуттан ураты тугу да көрбөт буолбуккун быһыылаах. «Ханнык эрэ Маайа, ханнык эрэ Настаа уонна эн дууһаҕыт дуомугар хасыһан тахсар буоллахпытына, хаһан өнүттүөхпүтүнүй?..» Дьону умнар табыллыбат ини. Маайа тугу саныыра, тугу ааҕара, тугу сирэрэ суолтата суох үһүө?!

– Маамаа, тоҕо сытаҕын? Тур! Тур диибин.

– Бэла, оҕом сыыһа, кэл, сыт. Маамаҕын кытта.

– Сөп. Тугу эмэ кэпсээ.

– Тугу? Тугу кэпсиэмий? Барытын кэпсээбитим дии. Саҥарбакка сыт.

– Ээ, суох. Музыканы кэпсиэх буолбутуҥ уонна кэпсээбэтэҕиҥ дии.

– Да-а? Эн ону өйдүү сылдьаҕыҥ дуо? Уо, оҕом сыыһа, эрэйдээҕим, чыычааҕым, кэл, бэттэх сыт. Мааманы таптыыгын дуо?

– Ы-һы.

– Кырдьык дуо?

– Кырдьык.

– Чэ, оччоҕуна… Оччоҕуна олордохпут, сө-өп?

– Сөп.

Ол эрээри түүл, муокас түүл, куотума, куотума.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации