Электронная библиотека » Валерий Луковцев » » онлайн чтение - страница 5

Текст книги "Кэм кэрэһиттэрэ"


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 17:40


Автор книги: Валерий Луковцев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 5 (всего у книги 22 страниц) [доступный отрывок для чтения: 7 страниц]

Шрифт:
- 100% +
АЙЫЛҔАНЫ АРАҤАЧЧЫЛААЧЧЫ
Саха ньургуннарын, дьон түөрт кырыылаахтарын кытары бииргэ үлэлээһин

Уйбаан Буурсап биир бастакынан айылҕа харыстабылын, экология боппуруоһун сытыытык көтөхпүт, дьиҥ дьыаланан утумнаахтык үлэлэспит уонна бэчээт нөҥүө баар балаһыанньаны аһаҕастык, кырдьыгынан дьоҥҥо-сэргэҕэ арыйан тириэрдибит киһи буолар. Дьэ онтон ыла кини доҕотторо суруйааччы Василий Титов, суруналыыстар Иннокентий Захаров, Уйбаан Уххан, кэлин соҕус Дмитрий Бубякин, Александр Бурцев-Салҕааһын, о.д.а. ити тиэмэҕэ элбэхтэ суруйбуттара. Аан маҥнай И.С. Бурцевы «Чолбон» сурунаалга көрөр-билэр буолбут эбиппин. Кини саха норуотун, үөрэхтээхтэрин чиэһин, үтүө аатын көмүскээн турууласпыт патриот суруйааччы И.Е. Федосеевы кытары билсэрэ, сурунаалга кэлэ сылдьара. Мин оччолорго норуот суруйааччыта Далан сүбэтинэн «Хотугу Сулустан» («Чолбонтон») саҕалаан, бэчээт эйгэтигэр – кинигэ кыһатыгар үлэлии киирбитим дьылҕа хаан бэлэҕэ эбит.

80—90-с сыллар саҥаларыгар көҥүл санаа, омук кыһалҕата буолар тыын боппуруостары көтөҕөр, сымыйа буруйдааһыннартан көмүскэнэр, ааспыт устуоруйа «үрүҥ бээтинэлэрин» тириэрии, эрэпириэссийэлэнэн умнууга хаалбыт норуот чулуу дьонун сырдык ааттарын төнүннэрии киинэ буолбут Суруйааччы союһун уоргана «Чолбон» сурунаал этэ. Онно үлэлиир умнуллубат сылларбар саха бастыҥ суруйааччыларын, интэлигиэнсийэ, араас эйгэ чулуу бэрэстэбиитэллэрин билбитим, ыкса алтыһан барбытым. Ол дьиктилээх кэмнэртэн ыла Далан, Тумарча, Доосо, Эрчимэн, Бүөтүр Аввакумов, Сэмэн Руфов, Харысхал курдук биллиилээх суруйааччылардыын биир тэрилтэҕэ үлэлээн билсибитим. Софрон Данилов, Савва Тарасов, Моисей Ефимов, Гаврил Колесов, Багдарыын Сүлбэ, Дьөгүөр Алексеев, Баһылай Дарбааһап, Тэрис, Уххан, Дабыл, Уйбаан Ушницкай, Уйбаан Бурцев, о.д.а. саха саарыннарын кытары алтыһар дьолломмутум.

Оччолорго И. Бурцев, Д. Бубякин, о.д.а. экология боппуруоһун күүскэ көтөҕөн дьон-сэргэ ити кыһалҕаҕа болҕомтотун хатаабыт кэмэ этэ. Миигинниин биэс хааһах диэбиккэ дылы, «Кыым» хаһыакка (21.10.1989) В.Н. Егоров-Тумарча «Северные просторы» киин сурунаал 3 №-гэр «Дом под угрозой» диэн уопсай төбөнөн «Спроси у хозяина» экология проблемаларын сытыытык сырдатар суруйуутун сэҥээриини («Дьиҥ баарынан, кырдьыгынан») бэчээттэппитим. Эмиэ ити сылга Чурапчы Арыылааҕын Көмньө сайылыгар буолбут быһылаан туһунан суруйбуттааҕым. Ону бииргэ үлэлиир дьоммор көрдөрбүппэр, Доосо обургу: «Доруобуйа харыстабылын миниистирин аатыгар ыстатыйаҕын «Аһаҕас сурук» быһыытынан төбөлөө», – диэн өй укпута.

Уйбаан Бурцевтаах суруйууларыттан тэптэн, Саха АССР доруобуйатын харыстабылын миниистиригэр И.И. Местниковка аһаҕас сурукпар маннык эппит эбиппин: «Ытыктабыллаах Иван Иванович! Уларыта тутуу, иһитиннэрэн-биллэрэн иһии илгэлээх кэмэ буолан, «Кыым», «Молодежь Якутии», «Социалистическая Якутия» хаһыаттарбыт биллиилээх суруналыыстара, народнай депутаттарбыт өрөспүүбүлүкэҕа кутталлаах экологическай балаһыанньа үөскээбитин, кистэлэҥинэн ядернай дэлби тэптэриилэр ыытыллыбыттара ырааппытын, Бүлүү иэдээнин аахсыбакка, ГЭС-тэри уонна АЭС-тары тутарга былаанныылларын, өссө радиоактивнай тобохтору көмөр, кистиир миэстэни бэлэмниир курдуктарын туһунан суруйдулар, аһаҕастык кэпсээтилэр.

Саха сирин олохтоохторун үйэтэ ортотунан 48–55 сылга диэри кылгаата диэн олохтоох уонна киин бэчээккэ суруйар буоллулар. Тоҕо норуот доруобуйата алларыйда, үйэтэ кылгаата, ахсаана өнүйбэт буолла? Оттон соторутааҕыга диэри уһун үйэлээхтэрбит элбэҕинэн Союз үрдүнэн сураҕырар этибит эбээт! 1977 сыллаахха сайын Чурапчы оройуонун Арыылаах дэриэбинэтигэр ынырыктаах трагедия буолбута…

………………………………………………………………………..

Онон, ытыктабыллаах Иван Иванович, эһиги, норуот доруобуйатын харыстабылыгар турар эмп үлэһиттэрэ, киһиэхэ кутталлаахтык дьайар экологияны кэһии содулларын, өрөспүүбүлүкэҕа радиация туругун хонтуруоллуур, бэрэбиэркэлиир ханнык миэрэлэри ыллыгыт, туох үлэни ыытаҕытый? Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун доруобуйалара, дьылҕалара, инники кэскиллэрэ эһиэхэ итэҕэйиллэр, эһиги илиигитигэр баар. Мин ыйытар, ыалдьар боппуруостарбар, мунчаарар, дьиксинэр санааларбар дьон-сэргэ бары да таарыйтарар буолуохтаахтарын билэбин. Түмүкпэр бар дьоҥҥут, норуоккут туһугар кыһамньыгытыгар туохтан даҕаны толлубакка турунаргытыгар эрэлбин биллэрэбин («Саха сирэ». 1989 с.)».

Инньэ гынан, оччотооҕу бэрээдэк быһыытынан миниистир бэчээт нөҥүө эппиэттииргэ күһэллибитэ. Онуоха маннык эридьиэстээх түгэн баара. Биир дойдулааҕым, обком лектора, наука дуоктара, профессор Валентин Степанович Луковцев төлөпүөнүнэн: «Доҕоор, миниистир миэхэ эрийэн “эйиэхэ эппиэт суруйа олоробун” диэтэ. Онон эн биһикки бу курдук кэпсэтэн кэбиһиэх. Эн, аны буккуур тахсыбатын курдук Валерий Луковцев диэн ааккын толору суруйар буол», – диэн сиэрдээхтик эппитэ. Онтон ыла «Дэли» эҥин дэнэ сылдьыбыттааҕым.

«Кыымҥа» үлэлиир Уйбаан Сэмиэнэбис мин бастакы публикацияларбын ааҕан уонна арааһа Доосоттон истэн, миигин бэлиэтии көрөр, кэпсэтэр буолбута. Онтон ыла экология боппуруостарынан алтыһан саҕалаан, ордук ыкса И.И. Шамаев, Н.Д. Кириллин тэрийбит «Ил» гражданскай сомоҕолоһуу партиятыгар (1998 сылтан), 2002 с. кэлин Саха уопсастыбаннай Киин диэн ааттаммыт уопсастыба тэрилтэтигэр бииргэ кыттан чугаһаспыппыт. Ити түмсүүгэ геолог Николай Дмитрьевич баарынан биир идэлээхтэрэ Уйбаан Бурцев, Тумарча, Аркадий Андреев, Руслан Протопопов, горняк Владимир Титов уопсастыбаннай туруулаһар үлэҕэ күүскэ кыттыбыттара. 2001–2002 сыллартан саҕаламмыт пикеттэргэ, миитиннэргэ оччолорго даҕаны сааһырбыт дьон, кинилэр уонна М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ, А.И. Эверстов, И.А. Егоров-Оһуохай Уйбаан, кэлин сорох түгэҥҥэ учуонайдар Дария Антипина, Михаил Слепцов, о.д.а. аҕыйах киһи сүрдээх бөҕө тирэх, өйөбүл буолбуттарыгар махталбыт ааспат. Ол саҕана салалтаҕа нэһилиэнньэттэн илии баттааһыннаах суруктары киллэриилээх, уулуссаҕа миитиҥҥэ, пикеккэ тахсыылаах хамсааһыҥҥа адьас аҕыйах киһи кыттара. Бэрээдэги көрөр аатыран, бэлииссийэ өттүттэн соруйан, дьону дьулатаары, наһаалыыр көкөт эмиэ элбэҕэ. Оннук күчүмэҕэй түгэннэргэ аҕа көлүөнэ бастыҥ дьоммут биһиэхэ дурда-хахха, сүрүн тирэх буолбуттара.

Дьухха, аҕыйах саҥалаах, элбэх дьайыылаах И.С. Бурцевы кытары биир улуустан, Лөгөй нэһилиэгиттэн төрүттээх Владимир Борисов ытыктаан, киниэхэ Хоро Хоһуун диэн таптал аат кэриэтэ иҥэрбитэ. Ириэнэхтэн иҥнибэт, тоҥтон толлубат Уйбааҥҥа онто олус сөп түбэһэрэ.

Оччолорго даачата эҥин суох эдэрчи дьон, биһиги, Уйбааммыт сайылыгар, Тумарча Өктөмҥө баар дьиэтигэр саас, сайын аайы тахса сылдьарбыт, аны санаатахха, хатыламмат үтүө да кэмнэр эбит! Биирдэ күһүн муус ылса тахсыбыппыт. Халыҥаан эрэр күөл мууһугар кыраһалаабыт чараас хаарга 70 саастаах Уйбаан Сэмиэнэбис чэпчэки баҕайытык кылыйбахтаан ылбытыгар амыдайа Уйбаан Шамаев олус сөхпүтэ, үөрбүтэ бу баарга дылы. Атын түгэҥҥэ эмиэ кини даачатыгар күһүн Майаттан кыраайы үөрэтээччи Ылдьаа Куолаһап киирбитигэр тахса сырыттыбыт. Баар балаһыанньа, бэлиитикэ боппуруостарыгар санаа атастаһаары, сүбэлэһээри, Борисов Володябыт этиитинэн кырдьык-хордьук төлөпүөммүтүн былыргы ыскаап түөһүн тардарыгар уктубут. Сатаатар, дьиэлээх киһибит кэккэлэһэ уһаайба нөҥүө уоргаҥҥа үлэлээбит ыаллаах этэ. Онтукатын кытары Уйбаан атастыы аҥаардаах. Онтон сонно кэпсэтии, мөккүһүү саҕаламмытыгар, ууга-хаарга киирэн омуннуран, онуоха эбии Ылдьаабыт төрүкү улахан саҥатыттан үтүктүспүттүү, бары саҥабыт лаппа улаатан маргыар бөҕө буолан бардыбыт. Онно хайа эрэ дьээбэлээх: «Ыскаапка сытар төлөпүөнтэн «мойуор» иһиттин диэн ордоотуу-ордоотуу кэпсэтэр быһыыбыт дуо, бу?!» – диэбититтэн күлэн быара суох бардыбыт. «Мойуор, кассетаҕын уларыт эрэ!» – эҥин диэн, эбии туустаан-тумалаан, күлсүү бөҕө. Уйбааммыт: «Иһиттиннэр ээ, туохтаах үһүнүй?! Дьон-норуот, судаарыстыба интэриэһигэр үлэлиибит буолбатах дуо?!» – диэн көбдьүөрбүтүгэр, бары биир тыла суох сөбүлэстибит. Дьэ итинник көрдөөх даҕаны, ыгым да түгэннэргэ Хоро Хоһуун ымыттыбат дьиппиэнэ, хорсуна барыбытыгар холобур буолааччы. Сэрии оҕолоро, сорохторо тулаайахтара саха саарыннарын, убайдарбыт барахсаттары кытары «эн-мин» дэһэн уопсастыбаннай дьыалаҕа бииргэ үлэлээбиппитинэн, күн бүгүнүгэр диэри Буурсап Уйбаанныын, Тумарчалыын чугастык алтыһа турарбытынан чахчы даҕаны дьоллоох эбиппит.

Мантан салгыы ытыктыыр, саха барыта тумус туттар киһитэ аҕа доҕорум Иван Семенович олоҕун, үлэтин туһунан кылгастык билиһиннэрэ, эбии сырдата түһүөҕү баҕарыллар.

Айыы бухатыырыгар холоонноох

Охтон баранар мастаах, уолан бүтэр уулаах орто дойдуга ийэ айылҕатын харыстыырга-хараанныырга үрдүк аналланан кэлбит Уйбаан Буурсап булгуруйбат модун дьулуурунан, өҕүллүбэт өһөс, кэннинэн кэхтибэт дьүккүөрүнэн олоҥхо бухатыырыгар холоонноох хоһуун киһи. Туруулаһан үлэлээбитэ, дьаныһан ситиспитэ, суруйбута-айбыта оҕордук биир киһи холугар кыайтарбат таһыччы. Дэгиттэр дьоҕура, ылсыбыт үлэтин хайысхалара киэҥэ эмиэ сөхтөрөр. Ол да иһин, дэлэҕэ уос номоҕор, уус-уран айымньыга киириэ дуо! Бүлүү өрүс тардыытын айылҕатын көмүскэлигэр бииргэ үлэлэспит доҕоро, талааннаах суруйааччы Эдуард Соколов-Тулусхан «Хампа» улахан айымньытыгар кини уобараһын дьүһүйбүттээх. Оттон биир идэлээх аҕа табаарыһа норуот суруйааччыта Тумарча «Биһиги Аан Дархаммыт» романыгар эмиэ кинини бар дьон интэриэһин көмүскүүр үлэ инники күөнүгэр сылдьар уопсастыбанньык быһыытынан ойуулаан көрдөрбүтэ. Киһи бэйэтэ баарыгар сити курдук айымньы дьоруойа буолуута балачча сэдэх түбэлтэ диэххэ сөп.

Хантан, хайдах олоҥхо бухатыырыныы маннык хатан хатарыылаах киһи үс кырыылааҕа, ураты уһаарыылаах урааҥхай уһуктааҕа баар буолбутай диэн ыйытыкка бэйэ санаатын аҕыйах тылынан быһыта-орута суруйан билиһиннэриэҕи баҕарыллар.

Төрүт сир төрүөҕэ, ытык ыал ыччата

«Уол оҕо барахсан бу охсуһуулаах орто туруу бараан дойдуга оройунан түһэн кэлиэҕиттэн муҥу муннунан тыыран, эрэйи эҥээринэн тэлэн уйана-хатана биллэр, буһууну-хатыыны, тургутууну ааһан, киһи-хара буолар». Бу – өбүгэлэр олоҥхоҕо хоһуйуллар сахтартан ыла үөрэтиилэрэ-такайыылара. Уйбаан төрүкү тыйыс-хаҕыс айылҕалаах Саха сиригэр уһун уот кураан сатыылаабыт, олохтоох саха нэһилиэнньэтин үс гыммыттан биирин имири эспит, аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт алдьархайдаах сэрии сылларын кирбиитэ бүрүүкээн, ыган кэлэрин саҕана – 1940 сыл олунньу 17 күнүгэр күнү көрбүт эбит.

Буурсап аймах биһигин ыйаабыт төрүт сирэ Уус Алдан Хоро нэһилиэгин уруккута дириҥ силистээх-мутуктаах. Бороҕон Мүрү Эбэтигэр сай-һат диэбит хоролору төрүттээбит өбүгэ киһи – норуот номоҕор Алдан, Амма өрүстэри ааттаталаан ааспытынан бэркэ биллэр сүүрүк оҕустаах Улуу Хоро. Кини Омоҕой Баайы, Эллэй Боотуру кытта бүтүн омугу ууһаппыт-тэниппит биир ытык өбүгэбит. Хоролор Бороҕон улууһугар Мүрүнү сэргэ Туймаадаҕа Хатас сиригэр-уотугар тойон ууһа хаҥаластары кытары ыаллаһан олорбуттара үһү. Нуучча кэлиитин саҕана уйаара-кэйээрэ биллибэт Саха сирин былаһын тухары тарҕанан олохсуйбуттар. Ол да иһин, Үөһээ Бүлүүгэ, Сунтаарга, Өлүөхүмэҕэ эмиэ олохсуйаннар, күн бүгүнүгэр диэри Хоро нэһилиэктэрэ сириэдийэн олороллор. Бэл, инньэ Дьааҥыга, Абыйга, Усуйаанаҕа, Булуҥҥа хоролор тиийбиттэрэ үһүйээннэргэ сэһэргэнэр. Бука, иҥнигэһэ-толлугаһа суох, атаҕастанары-үтүрүллэри сөбүлээбэт буоланнар, оччолорго, кыргыс үйэтин саҕана, ынах-сылгы сүөһүлээх үс саха аҕатын уустара хотон олохсуйа иликтэринэ «кыйаар дойдута» дэнэр Бүтэй Бүлүүгэ, таас дьааҥы, тумара туундара хотугу сирдэргэ аартыгы арыйдахтара. Иннилэрин биэримтиэтэ суох бурулҕа, боотур майгыларынан сэһэҥҥэ-номоххо киирбиттэр. Уйбаан Сэмиэнэбис төрүттэрэ дьэ ол хоролор Мүрүтээҕи аҕа баһылыктарын, Тыгын Дархан доҕоро-атаһа Тарбыах Тиис Эгий диэн уолуттан тымыр-сыдьаан тардыбыттар.

Хос эһэтэ Ыстапаан тимир, мас ууһа. Кини Байаҕантай, Таатта дьонун айанын аартыгар, Тандалыыр суол ааһар Илин Үрэххэ (харыс аатынан, былыргыта, сурукка киирбитинэн Дьэҥкиидэ) Кыймаласпыт диэн сиргэ олохсуйбут. Кини уола, Бороҕон улууһун кулубатынан талыллыбыт аймаҕа Миитэрэпээни утумнаан, бэйэтин кэмигэр син биллэр-көстөр, атын нэһилиэктэргэ «били аатырбыт Отох Охонооһой» дэтэр сытыы-хотуу, тыллаах-өстөөх киһи эбит. Сэрии сылларыгар муҥха тэрийэн, чугастааҕы дьонун хоргуйууттан быыһаабыт. Тууһут, илимньит оҕонньор Макеевтар диэн түөрт оҕо дьоно өлөннөр тулаайах хаалбыттарыгар туутуттан биэрэн, хайдах угарын улахан уолга сүбэлээн биэрбитин, кэлин уол, милиция майора буолбут киһи: «Хоргуйан, эстэр суолга киирбиппитин эн аһыныгас, үтүө санаалаах эһэҥ быыһаан турар», – наһаа махтанан ахтыбыт. Уйбаан Сэмиэнэбис эһэтин өссө бу курдук ахтан суруйбут: «Күөллэр туоналарын биэс тарбах курдук билээччи, муҥха тардыытын дьаһайааччы, ыйанкэрдэн биэрээччи – кини этэ… Кэлин олох сааһырбытыгар тиэйэн киллэрэн, туона үктэтэллэрэ уонна төттөрү тиэйэн таһаараллара… Эһэбин Илин Үрэх дьоно бука бары ытыктыыллара… Кини этиитин, сүбэтин мөккүөрэ суох ылыналларын билигин саныы-саныы сөҕөбүн эрэ. «Охонооһой оҕонньор туох диирэ буолла» дэһэллэрин истэрим».

Оттон биһиги Уйбааммыт аатын ылбыт абаҕатын, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр үөрэх эйгэтин үлэһитэ буолан иһэн, эдэр сааһыгар кылгас үйэлэммит И.А. Бурцев туһунан «Уйбаан» диэн 2016 с. Илин Үрэх Бурцевтарын төрүттэрин-уустарын, аймах-билэ дьонун сырдатар бэрт иһирэх ис хоһоонноох кинигэни таһааттаран турар. Онно Макеевтаахха сыһыаннаах биир дьикти түгэни Уйбаан Сэмиэнэбис ахтар. Илин Үрэххэ кинилэр тыымпыттан былыргы саха боотурун куйаҕын – түөскэ кэтэр ылтаһынтан оҥоһуллубут хатырык куйаҕы уонна икки тимир дуулаҕа бэргэһэни булбуттар. Ону эһэтэ үөрэхтээх Уйбааннарыгар тиксэрбитэ Санкт-Петербург куорат музейыгар хараллыбытын чугас аймахтара талааннаах устуорук учуонай Федор Васильев «Военное дело якутов» кинигэтин бэлэмнииригэр туһаммыт, Х – ХIV үйэлэргэ сыһыаннааҕын бэлиэтээбит.

Уола үстээҕэр эрэ сэриилэһэ сылдьан былаҕайга былдьаммыт аҕатын Сэмэн ааспат аһыытын санатар «Саллаат дьылҕата», «Аҕам саата» суруйууларыгар ойууланар түгэннэр аахпыты эрэ долгуталлар: «Тастыҥ эдьиийдэрим кэлин кэпсииллэринэн, өлбүтэ дьиҥнээхтик чуолкайдана илигинэн буолуо, киһилэрин син биир күүппүттэр, сэмээр, таска таһаарбакка эрэ. Оннооҕор идэһэлэрин этиттэн хаһааналлара үһү… «Өлүүлээн биэрбит кустарыгар биир эмис баҕайы улахан сара көҕөн баарын эһэм тоҕо эрэ сиэппэтэҕэ… (аҕатын үөлээннээхтэрэ «кыттыгас» оҥостон куска илдьэ сылдьан баран, кыра уолга чаастаан биэрбиттэр. – Ааптар). Эһиилги сайыныгар эһэм тастыҥ быраата, сэрии кыттыылааҕа Н.Д. Бурцев Эбэттэн күүлэйдии тахсыбыта. Эһэм ааспыт сайын бултаабыт кустарбыттан, булууһуттан таһааран, буһаттарбыта… Бу 1952, эбэтэр 1953 сыл сайына бадахтаах. Кус аҕабар ананан булууска ууруллубут буолуохтаах дии саныыбын.

«Сыыһа биллэриилэр кэлэллэрэ үһү», «сураҕа суох сүппүттэр көстөллөр» эҥин диэн кэпсээннэр дэлэй эбиттэрэ буолуо. Дьонум дууһаларын түгэҕэр, сүрэхтэрин-быардарын хайа эрэ муннугар өр сылларга таска быктарбакка иитиэхтээн, саһыаран илдьэ сылдьыбыт эрэллэрин кыыма хаһан бүтэһиктээхтик өспүтүн этэр күчүмэҕэй. Биири билэбин – кинилэр өр да өр күүппүттэрэ. Ити биһиэхэ эмиэ бэриллибитэ диибин, ордук миэхэ уонна аҕам эдьиийигэр Прасковья Афанасьевнаҕа». Саллаат Сэмэн кэргэнэ, хоһуун үлэһит, сытыы тыллаах-өстөөх бүгүрү киһи, Фекла Васильевна Турантаева, 25 саастааҕар эрэ огдообо хаалан баран, хос кэргэн тахсыбакка, эрин дьонун кытары олорбут. Кырдьаҕастары көрөн-харайан үйэтин моҥообут.

Арай ол кылгас үйэлэммит саллаат Сэмэн аатын ааттатар уол оҕону сэриигэ барыан иннинэ кыл мүччү кэриэтэ хаалларбатаҕа буоллун диэн ыйытык үүйэ-хаайа тутар. Оччотугар Уйбаан Буурсаптан атын, кини курдук геофизик, геолог идэлээҕинэн, Мииринэйгэ 60-с сыллартан «Ботуобуйа» экспедициятыгар үлэлээн, Мииринэй тыатын барытын кэрийбит уонна үлэтин сүнньүнэн салалтаҕа туруорса, киирсэ сатаан баран суруналыыс талааннаах буолан, «уларыта тутуу», «гласность» диэн ааттаммыт демократия көҥүл салгына биллээтин кытары сытыы суруйуулары оччотооҕу обком уоргана «Кыым» хаһыакка бэчээттэтэн «айдааны таһаарбыт» киһи көстүө эбитэ дуу? Бороҕон улууһун олоҥхоһута Дмитрий Михайлович Говоров хоһуйбут Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕөтүн кэриэтэ тохтоон-чугуйан хаалбакка дьүккүйэн, Уйбаан Буурсап «судаарыстыба сэкириэтэ» аатыран кистэммит сир аннынааҕы саахаллаах ядернай дэлби тэптэриилэр, айылҕаҕа, кыылга көтөргө, олохтоох нэһилиэнньэҕэ суоһар кутталынан суоһуур, хостонон баран аһаҕас халлаан анныгар хараллыбакка хаалбыт уран рудатын дьапталҕаларын, кимиэхэ даҕаны биллэ илик Саха сиригэр баар кистэлэҥ ядернай полигон туһунан киэҥ билиигэ аһаҕастык таһааран, олор содулларын туоратыыны туруорсубута.

Бастакылартан биир бастыҥнара

Уйбаан Сэмиэнэбис сэрии тулаайаҕа, эһэҕэ-эбэҕэ иитиллэн, өбүгэ төрүт үгэстэрин, олоҥхо саҕаттан олоҕуран, тутуһуллан кэлбит айыы киһитин кодексын урукку сэбиэскэй иитиини кытары дьүөрэлээн ылыммыт аҕа көлүөнэ ыраас дууһалаах, көнө санаалаах, көмүскэс сүрэхтээх бэлиэ бэрэстэбиитэлэ. Удьуор утумунан аартыгы арыйааччы, саҥаны саҕалааччы буолбута үгүс. Ылсыбытын ыһыктыбат, мэһэйтэн-харгыстан харыастан хаалбакка, дьэ эбии тэптэн, өрө баран туох эрэ түмүгү хайаан даҕаны ылан, туруоруммут сыалын-соругун ситиһэн тэйэр дьүккүөрдээх.

Сахаттан биир бастакынан геофизик-геолог идэтигэр күргүөмүнэн киирэн үөрэммиттэртэн, үлэлээбиттэртэн кинини эмиэ ааттыахха сөп. Аармыйаҕа үс сыллаах сулууспа кэнниттэн 1962 сыллаахха геолог халыҥ хамаандатын үөрэтэн таһаарбыт, онтон ону тохтотон, саҥа геофизиктары бэлэмниир соруктаммыт Алдан техникумугар үөрэнэн идэ ылар. «Геофизик идэтэ соторутааҥҥы кэмҥэ диэри Саха сиригэр эрэ буолбакка, дойду бүттүүнүн үрдүнэн даҕаны бэрт сэдэх идэнэн биллэрэ. Геофизика биһиги дойдубутугар отутус сыллардаахха геология биир салаатын быһыытынан үөдүйэн баран, билиҥҥи кэмҥэ сайдан, кэҥээн, бэйэтэ туспа наукаҕа кубулуйда. Судургутук эттэххэ, минераллар уонна хайа боруодалара магниттарынан, өлүү ыйааһыннарынан, электричествоны аһарыыларынан, радиоактивностарынан уонна да атын өрүттэринэн бэйэ-бэйэлэриттэн уратылаахтарыгар бу наука олоҕурар. Геофизика гаас, ньиэп, таас чох, тимир рудата, хорҕолдьун, кыһыл көмүс, алмаастаах кимберлитовай туруупка уонна да атыттар ханна, төһө дириҥҥэ сыталларын көрдөөһүҥҥэ аналлаах» диэн кини идэтин туһунан бэрт дьэҥкэтик быһаарбыта.

Араас омук ааттаахтарын ортотугар сирдэриэхтээҕэр, сүрэҕинэн-бэлэһинэн, кыайыгас үлэһитинэн, билиитинэн-көрүүтүнэн, булугас сытыы өйүнэн инники күөҥҥэ сылдьан күүскэ үлэлиир. Тахсыылаахтык үлэлии сылдьан, ордук Мииринэйдээҕи кэмигэр, дьиҥ сахалыы мындыр өйүнэн, омсолооҕу, итэҕэһи-быһаҕаһы кытары эйэлэһимтиэтэ суоҕунан сир баайын хостооччулар үлэлиир истииллэрин, хотугу сир уйан айылҕатыгар көһүүн, бэл алдьатыылаах сыһыаннарын сөпсөөбөт буолан барар. Бырамыысыланнас сир баайын хостуур хампаанньаларын салалтата, кистэлэҥ сир аннынааҕы саахаллаах ядернай дэлби тэбиилэри оҥорбуттар, айылҕаҕа тахсар хоромньуну бохсор, содулун аччатар, туоратар, чөлүгэр түһэрэр туһугар миннэрин да тартаран көрбөттөрүн иһиттэн билэр, ону өйө-санаата ылыммат. Ордук урукку Садын оройуонун Бүлүү муоратын анныгар тимирдиллибит Туой Хайа бөһүөлэгин (Олимпиада призера Александр Иванов төрөөбүт-үөскээбит төрүт дойдута) олохтоохторун иэдээннээх дьылҕата уйулҕатын көтүппүтэ. Остуоруйаҕа кэпсэнэрдии сиэдэрэй оттоох-мастаах, эгэлгэ сэдэх үүнээйилэрдээх, өлгөм бултаах, сир астаах айылҕа маанылаах дьикти кэрэ миэстэтэ, сир үтүөтэ далай уу түгэҕэр хаалбытын өйө-сүрэҕэ ылыныан баҕарбата. Төрүт сирдэриттэн толору хааччыллыылаах бэлэм дьиэҕэ-уокка тиийиэххит диэн албыннаан, күһэлэҥ быһыытынан көһөрүллүбүт, олохторо огдолуйбут, Арыылааҕынан эҥин үтүөх-батаах сылдьар туой хайалар дириҥ кутурҕаннара, муор-туор дьылҕалара Уйбаан аһыныгас сүрэҕин аймыыра. Кинилэргэ сиэрдээх сыһыаны ирдэһэр баҕаламмыта. Систиэмэҕэ уларытыы киллэрэр кыаллыбатын, сир баайын хостооччулар үлүгэрдээх ыраас барыһы ылартан хаһан даҕаны аккаастанар баҕалара суоҕун өйдүүр. Таас эркиҥҥэ төбөнөн сааллар тэҥэ, туруорса-киирсэ сатаан баран, бэчээт, кырдьыктаах тыл күүһүнэн туруулаһар толкуйу булунар.

1967–1971 сылларга Саха сиринээҕи территориальнай геология салалтатын экспедицияларыгар үлэлиир. Ити сылларга СГУ-ҕа кэтэхтэн үөрэнэн, инженер-геолог идэтин ылар. 1973–1983 сс. «Якутскгеологияҕа» уонна «Якуталмазка» геофизик, геолог уонна научнай үлэһит быһыытынан ситиһиилээхтик үлэлиир. Онтон икки сыл «Вилюйгэсстройга», салгыы «Кыым» хаһыакка спецкорреспонденынан ыҥырыллар. Дьэ онтон ыла уу да ылбат, уот да сиэбэт курдук санаммыт «Якуталмазтар» уйаларыгар ууну киллэрэн барар. 1986 сылга Мииринэй уонна Бүлүү бөлөх оройуоннарыгар тулалыыр эйгэни харыстааһын, экология боппуруостарын аан бастаан утумнаахтык, сытыытык хаһыакка көтөҕөр. Кини дьаныардаах туруорсуутунан ССРС НА СС институтун, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ кыттыылаах хамыыһыйаны өрөспүүбүлүкэ салалтата тэрийэр, алмаасчыттар айылҕаҕа таһаарбыт хоромньуларын туоратар, ол кэннэ харыстабыл миэрэлэрин ыларга модьуйар. Муус дьэ хамсаан барар.

Бобууттан чаҕыйбакка, хаарчахтан хаайтарбакка тоҕо көтөн, кистэлэҥҥэ тутуллубут сэдэх докумуоннары сатаан ирдэһэн булан, киэҥ билиигэ таһааран, олохтоох исписэлиистэри түмүүнэн муҥурдаммакка, урукку Сэбиэскэй Союзка, Арассыыйаҕа биллэр А.В. Яблоков, о.д.а. курдук биллиилээх академиктары, учуонайдары кытыннаран, мөккүһүннэрбэт дакаастабыллары оҥорторон, радиация содулларын туоратыыга анал судаарыстыбаннай тэрилтэ тэриллэригэр кыах биэрбит, сүрүн оруолу толорбут И.С. Бурцев курдук ытык өбүгэлэрин, төрөппүтүн аатын дорҕоонноохтук ааттаппыт айыы аймаҕын араҥаччылааччы, күн улууһун көмүскээччи баарынан биһиги, сахалар, бука бары киэн туттабыт.

Бэлиэтэммитин курдук, И.С. Бурцев сүрүн идэтин, үлэтин таһынан суруналыыс, публицист, кыраайы үөрэтээччи, аҕа көлүөнэни, кэрэ-бэлиэ дьону, бэйэтин биир идэлээхтэрин, геология, геофизика, о.д.а. идэлэрин сырдатааччы быһыытынан эмиэ биллэр. Бэчээккэ элбэхтэ бэчээттэммитин таһынан таһааттарбыт кинигэлэрин ахсаана уоҥҥа тиийдэ. Үлэлээбит тэтимин ыһыктыбакка, аҥаардас кэлиҥҥи икки сылга «Бастакылар» (2020) уонна «Радиоактивная Якутия» (2021) кинигэлэри бэчээттэттэ. «Бастакыларга» кини аан маҥнай Саха сиригэр университет тэриллэн, сахаттан геолог идэтигэр күргүөмүнэн үөрэнэн, чулуу үлэһит буолбут аҕа табаарыстарын, үөлээннээхтэрин, дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэ илик геофизиктэр тустарынан сырдатта. Иккис кинигэтин тиэмэтин хомуурунньугун аата ыйа сылдьар. Ити курдук кини сылайары-салҕары билиммэккэ, үлэлии-хамсыы, суруйа-бичийэ сылдьар. Олоҥхо бухатыырыныы, кэннинэн кэхтибэккэ, сылайары-сындалыйары аахсыбат, сааһырыыны билиммэт эколог Уйбаан Бурцев эппит тылын энчирэппэт, туруоруммут соругуттан туораабат. Билигин даҕаны айылҕаны туруулаһар үлэтин-хамнаһын үгэнигэр сылдьар.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации