Электронная библиотека » Валерий Луковцев » » онлайн чтение - страница 7

Текст книги "Кэм кэрэһиттэрэ"


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 17:40


Автор книги: Валерий Луковцев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 7 (всего у книги 22 страниц) [доступный отрывок для чтения: 7 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Айылҕаттан дэгиттэр талааннаах, нэһилиэккэ салайар үлэҕэ, актыыпка сааһын тухары үлэлээбит Ньурба хоһуунун типичнэй бэрэстэбиитэлэ Алексей Николаевич Ивановтуун олус тапсарбыт. Үгүстэ кинилэргэ сылдьан, хонон, сэһэргэһэн, киһи үтүөтүн сырдык өйдөбүлүнэн ахтабын.

Онтон Авгуһу дьылҕата саха кинигэтин киэҥ эйгэҕэ таһаарыытыгар тиксиһиннэрбитэ эмиэ мээнэҕэ буолбатах эбит. «Туох барыта тардыылаах, ситимнээх дииллэр. Кинигэ таһаарыыга олоххун анааһыныҥ туох эмэ төрүөттээх, сибикилээх этэ дуо?» – диэн ыйытыыга кини маннык кэпсээччи: «Ийэм учуутал, аҕам маҕаһыыҥҥа үлэлиир буолан, дьиэбитигэр добуоччу улахан библиотекалаах этибит уонна элбэх хаһыаттары, сурунааллары суруттарарбыт, ол иһигэр «Хотугу Сулус», «Юность» сурунааллары, «Подвиг» альманаҕы. Онон төрөппүттэрбит кинигэ ааҕарга үөрэппиттэрэ. Ийэбит уһун, кыһыҥҥы киэһэлэргэ үс оҕоҕо кыра эрдэхпититтэн араас остуоруйалары, кэпсээннэри ааҕан биэрэрэ. Ону билиҥээҥҥэ диэри наһаа сылаастык ахтан-санаан ааһабыт. 5—6-с кылаастарга үөрэнэр кэммэр быһыылааҕа, кинигэни ааҕа сылдьан, «ким маннык суруйбута, уруһуйдаабыта буолуой, суруллубуту хайдах кинигэ оҥорон таһаараллара, кумааҕыга тексин, ойуутун түһэрэллэрэ, таһын хайдах оҥороллоро буолуой» диэн толкуйга түспүтүм. Инньэ гынан, оҕо эрэ наадыйбат, кинигэ кэннигэр баар кинигэ тахсыытыгар редактор, корректор, техническэй редактор, худуоһунньук дэнэр дьон үлэлииллэрин билбитим. Кинигэни хайдах оҥорбуттарын билиэх санаам батарбакка, биирдэ, халыҥ тастаах кинигэни иһин, таһын алдьатан, килиэйдээн, тигэн оҥороллорун быһааран турардаахпын. Быһыыта, инники олоҕум суолун ыраланан, кинигэ оҥоруутун эйгэтигэр үлэлиэх битим-билгэм оччоттон тардыбыт эбит.

СГУ саха салаатын бүтэрэн баран, биир сыл «Кыым» хаһыакка корреспонденнаабытым. Онтон 1993 сыллаахха суруйааччы П.Н. Федоров-Хоро Бүөтүр ыҥырыытынан кини чааһынай «Ситим» диэн кинигэтин кыһатыгар саҥа үөлүйбүт компьюьтерга таҥыыга биир бастакынан үлэлээбитим. 1995 с. «Бичик» кинигэ кыһатыгар Егор Федотов диэн табаарыспытын кытары кэлбиппит. Оттон кинилиин бэйэбит туспа «буруо» таһааран, эмиэ кинигэ таһаарыытыгар үлэлээбит кэмнэрдээх этибит. 1997 с. «Бичик» салайааччытынан анаммытым. Онон уопсайа кинигэ эйгэтигэр «буспутум-хаппытым» 30-ча сыл буола оҕуста».

Күн бэҕэһээ курдук өйдүүбүн эдэркээн киһи кытаанах тургутууну, сүүмэрдээһини ааһан, Саха сирин биир саамай кырдьаҕас бэчээтин тэрилтэтигэр салайааччынан анаммытын. Оччолорго улуу Ойуунускай төрүттээбит ааттаах-суоллаах улахан тэрилтэтин салайар муоһатын сүүрбэ тоҕустаах эдэр киһи эрэллээх илиитигэр ылбытын өрөспүүбүлүкэ салалтатын, бэчээт эйгэтин дьоно-сэргэтэ, суруйааччылар, ааҕааччылар даҕаны сөҕө-соһуйа көрсүбүттэрэ. Ол эрээри төрөөбүт тыл, литература, үөрэх, национальнай култуура сайдыытыгар тыын суолталаах суон модьоҕолоох, дириҥ силистээх тэрилтэ холумтана тардан, саха омук баата таайан, кинини дириэктэринэн анаабыт салалта сыыстарбатах этэ. Дьылҕа хаан ыйааҕынан быһыылаах диэххэ сөп, дьиикэй капитализм айбардыыр 90-ус дьалхааннаах, экономика өрө-таҥнары түһэр уустук кыһалҕалаах кэмигэр, тэрилтэ моҥкурууттуур кутталга киирбит бириэмэтигэр дьиҥ сахалыы куттаах-сүрдээх, уран урааҥхайдыы дьоҕурдаах, ийэ дойду, төрөөбүт тыл, литература, бар дьон туһа диэн ытык өйдөбүллэри өрө тутар, ол туһугар сүрэхтиин, өйдүүн-санаалыын долгуйан кыһаллар салайааччы олохтоохтук, дьоһуннаахтык үлэлии кэлбитин ааспыт сүүрбэттэн тахса сыл илэ-чахчы көрдөрдө. Саха саарыннара, патриот дууһалаах муударай кырдьаҕастара Нина Протопопова, Ксенофонт Уткин, Моисей Ефимов, Баһылай Бырдьахаанап, Егор Алексеев, Баһылай Кириллин, Мария Данилова, Дмитрий Кустуурап, Тумарча, Гаврил Филиппов, Эдьиий Дора, Мандар, Екатерина Васильева, Наталья Харлампьева, Андрей Кривошапкин уо.д.а. өрөспүүбүлүкэ ытык дьоно киниэхэ эрэллэрин уурбуттара мээнэҕэ буолбатаҕын Август Егоров үтүмэн үгүс үлэтин үтүө баһырхай түмүктэринэн, ситиһиилээх салайыытынан чаҕылхайдык бигэргэттэ.

90-с сыллар бүтүүлэригэр 4 млрд. солкуобай иэстэнэн моҥкурууттуур балаһыанньаҕа киирбит тэрилтэҕэ чаҕыйбакка, салайааччынан үлэлии киирбитэ. Сотору кэминэн Саха сиригэр биир бастакынан «От книги к духовности в ХХI веке. 1998–2001 гг.» судаарыстыбаннай тус сыаллаах бырагыраамманы СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Е.С. Васильева өйөбүлүнэн көмүскээн, дьоҕус да буоллар, туруктаах үбүлээһин саҕаламмыта.

2015 сыл, дойду тэбэр сүрэҕэ Москва куорат ырыаҕа ылламмыт, номоххо киирбит Кыһыл болуоссата. Литература сыла биллэриллибитинэн аан маҥнай тэриллибит кинигэ фестивалын кыттыылаахтара болуоссаты тилэри тардыллыбыт кинигэ экспозицияларын таһыгар дойду салайааччыта кэрийэн көрөрүн кэтэһэн түбүгүрэ сылдьаллар. Эмискэ суугунаһыы, сүпсүлгэн саҕаланна. «Иһэллэр!» – диэн биллэрэллэр. Саха сирин истиэндэтэ баар павильонун утарытынан соҕус Кремль эркиниттэн мавзолей таһынан бөлөх дьон кэлэн иһэллэрэ көстө түстэ. Дойду салайааччыта эрчимнээхтик дьулуруччу хааман, биһиги, саха кинигэтин тардан турар миэстэбитигэр чуо бааччы хааман кэллэ. Роспечать, АСКИ тойотторо, сүбэһитэ А.Толстой арыаллыы сылдьаллар. Суруналыыс, аппарааттаах, камералаах бөҕө саба сырсан кэлэн төгүрүйэн кэбистилэр. Владимир Владимирович ыкса кэлээт, били Арассыыйа бастыҥ кинигэлэрин кыһатын быыстапкатыгар бастакынан аҕалбыт экспозицияларыгар түөрт сахалыы таҥастаах азиат барыта кэриэтэ бэйэлэрин тылларынан кинигэни килэччи тардан туралларыттан арыычча атыҥыраабыттыы, аҕыйах сөкүүндэ устата кинигэни көрүтэлээн, саҥата суох туран ылла. Август Васильевич эрдэттэн сэрэтиллибит киһи быһыытынан кутан-симэн кэпсээн киирэн барда. Мин дойду бэрэсидьиэнэ субу кэлэн, илии тутуһан кэпсэтэн барбытыгар, салайааччым сүөм түспэккэ, харыс хаалбакка, тэбис-тэҥҥэ кэпсэтэн барбытыттан эгди буолан турабын. Владимир Владимирович ордук оҕо электроннай модуллаах кинигэлэрин сэҥээрэн: «Бу эһи бэйэҕит таһаардыгыт дуо?» – диэн хос-хос лаппыйан ыйытта. Онтон Кыайыы 70 сылыгар анаммыт альбому көрдөрө тураммыт, сэриигэ сахалар сүтүктэрин, снайпердар эҥин тустарынан быһыта-орута билиһиннэрдибит. Дойду салайааччыта бу тиэмэҕэ чахчы интэриэстэннэ, хаартыскалары болҕойон көрдө-иһиттэ. Дьэ ирэн-хорон күлүм аллайда, чахчы бэйэ дьоно эбит диэбиттии: «Молодцы!» – диэн баран, Август Васильевиһы аҥаар илиитинэн санныттан өйүү кууһан ылла.

Ол умнуллубат өрөгөйдөөх түгэни доҕорум кэлин бу курдук ахтар: «Владимир Владимирович илии тутуһаатын кытары НВК корресподена хойутаан кэлэн, тас охранаҕа иҥнэн, эрийдэ. Бу табыгаһа суох түгэҥҥэ тыаһыыр телефону араараары курбар иилинэ сылдьар хаалаах телефоммун туппуппар, арыаллыы сылдьар харабыллар сирэйдэрэ тыҥыы түстэ, бэрэсидьиэн кытары хараҕын быраҕан ылла. Дьэ аҕыйах мүнүүтэлээх көрсүһүү ити курдук тыҥааһыннаахтык саҕаламмыта. Инньэ гынан долгуйан, санныбыттан кууспутун билбэккэ да хаалбытым…»

Үгүс-элбэх үрдүк таһымҥа тэрээһиннэртэн, көрсүһүүлэртэн, дьыалабыай кэпсэтиилэртэн, быыстапка-дьаарбаҥкалартан ити биир эрэ саха кинигэтин өрөгөйүн түгэниттэн аҕынным.

Кинигэ кыһатын салайааччы ситиһиитин төрдө – уопсай дьыала, кинигэ тахсыытын туһугар ис сүрэхтэн кыһаллар, бэйэлэрин идэлэригэр муҥутуур бэриниилээх, төрөөбүт норуот, өрөспүүбүлүкэ иннигэр эппиэтинэһи бигэтик өйдүүр, билиилээх-көрүүлээх, биир сомоҕо хамаанданы сүүмэрдээн түмэн, инники сайдыыны эрдэ өтө көрөн былааннаан, саҥаны олоххо дьулурҕатык киллэрэри сатаан тэрийэр, дьаһайар дьоҕуругар. Ону тэҥэ тус бэйэ чиккэ холобуругар батыһыннарар кыахтаах дьиҥнээх лиидэр хаачыстыбатыгар, үтүө хаһаайынныы барытын ааҕан-суоттаан аттаран, саҥа технологияны урутаан киллэрэн, салалтаҕа, киэҥ эйгэҕэ тылын ылыннаран, сатаан боппуруоһу туруоран, харытын ньыппарынан үлэлиир дьүккүөрдээх үлэһит хаачыстыбатыгар. Ол да иһин идэтийбит профессионал кинигэ таһаарааччы быһыытынан бэйэтин көрдөрөн, урукку үтүө үгэстэргэ тирэҕирэн тэрилтэтин уустук балаһыанньаттан сатаан таһааран сайыннаран, Арассыыйа регионнарын биир бастыҥ кинигэ кыһатын таһымыгар таһааран, саха кинигэтин киэҥ эйгэҕэ, бүтүн дойду үрдүнэн дорҕоонноохтук ааттатта. Кэлэктиип чилиэннэрин айымньылаах үлэлэрэ кэмигэр сөптөөхтүк сыаналанан бэлиэтэнэригэр, үлэтигэр эппиэттиир хамнаһы ылар кыахтанарыгар, сынньалаҥы эмиэ сөптөөхтүк тэрийэргэ кыһаллыы – бу национальнай кинигэ кыһатын салайааччытын «үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах» диэн өс хоһоонугар сөп түбэһэр үтүө өрүтэ. Саамай үчүгэйэ – кини ситиһиллибитинэн хаһан даҕаны уоскуйан хаалбакка, сайдыы саҥа саҕахтарын, үлэ сонун хайысхаларын арыйарга, баһылыырга уостубат дьулуура, күүстээх санаата, бигэ эрэлэ кэлэктииби кынаттыыр. Август Егоров саҥаны-сонуну иилэ хабан, чугуҥнаабакка олоххо киллэрэн иһэр уратылаах. Ол курдук сакааһынан тахсыыны сайыннаран уонна бэйэ үбүн суотугар тахсар олоххо-дьаһахха туһалаах, саҥа суруйар ааптардары өйүүр урут кыһаҕа суох хайысханы киллэрэн, тэрилтэ туруктаах балаһыанньаланарын уонна нэһилиэнньэҕэ наадалаах кинигэнэн эбии хааччыйарын ситиспитэ. Ким хайа иннинэ маҥнайгы мультимедийнай электроннай тыастаах-уустаах, саҥалаах модуллаах уонна 3D кинигэни маассабай таһаарыыны олоххо киллэрбитэ. Электроннай, аудио кинигэлэри «Playmarket» нөҥүө атыылааһыны саҕалаабыта. Новатор, инноватор талаана кыһа үгүс хайысхаҕа урутаан суол тэлэригэр аан аспыта. Билигин саҥа целевой аудиторияҕа анаан үлэни тэнитэр, атын киэҥ ырыынакка эмиэ тахсар хайысханы үгүс сыранан-түбүгүнэн, араас мэһэйи, утарсыыны көрсөн туран, кыһаҕа ребрендинг ыытан, Арассыыйа ырыынагар саха кинигэтин таһааран, аны омук дойдуларыгар Саха сирин кэрэтин, дьиктитин, уратытын биллэрэр, имиджин өрө көтөҕөр үлэни далааһыннаахтык саҕалаата. Өбүгэлэрин утумнаан, хара ньуура суох үлэһит, мындыр, саҥаны-сонуну саҕалыыртан дьулайбат, эбии тэптэн умсугуйан туран ылсар хаачыстыбатынан ылсыбыт хайысхатыгар ситиһии кэлэригэр дьаныардаахтык ылыста.

Бэчээт эйгэтигэр үйэ чиэппэрэ устата хорутуулаахтык, тахсыылаахтык үлэлээһин – бу биир киһи олоҕор балачча улахан кэрдиис кэм. Ол уһун бириэмэттэн 24 сылын Август Васильевич Егоров кинигэ кыһатын дириэктэрин эппиэттээх дуоһунаһыгар күн бүгүҥҥэ диэри айымньылаахтык тиҥинэччи үлэлээн, кыайыы-хотуу аргыстанан тиийэн кэллэ. Күн-дьыл айана, сыл – хонук дииллэринии, күлүмэх. Күннэтэ күүрээннээх үлэ түбүгэр уонунан сыллар элэҥнэһэн ааһа охсубуттар. Ол эрээри үтүмэннэр, үйэлэр күөннэригэр бу эмиэ даҕаны кылгас кэрчик кэм иһигэр саха бэчээтин, кинигэ кыһатын устуоруйатын чээл хонуутугар элбэх даҕаны саҥа саҕалааһын, кэскиллээх былаан олоххо киирэн, үтүө түмүктэрэ чөмчөтүллэн көстөр-биллэр буолбут эбит – ньурбалыы дьулурҕа, эдэрдии эрчимнээх, өбүгэлэрин удьуордаан, дьиҥ сахалыы мындыр өйдөөх, бастыҥ хаһаайынныы дьаһаллаах-тэрээһиннээх олоҕу кытары тэҥҥэ хаамсар Август Васильевич курдук саҥаны-сонуну иилэ хабан ылан үлэҕэ-хамнаска сатаан туһанар салайааччы кыһамньытынан, хамаанданы сатаан түмэр, үрдүк сыалга-сорукка туһаайар дьоҕурунан!

Саха кинигэтэ саҥа таһымҥа тахсыытын бу кэнники сыллардааҕы наҕараадалар даҕаны туоһулууллар. Урукку өттүгэр 1975 с. «Ньургун Боотур» олоҥхо саха бастыҥ худуоһунньуктарынан ойууланан, лачыгырас кумааҕынан, улахан форматынан сиэдэрэйдик тахсан, Москватааҕы аан дойдутааҕы кинигэ быыстапка-дьаарбаҥкатыгар көмүс мэтээли уонна М.К. Аммосов чугас аймаҕа М.А. Охлопковалаах оҥорбут «Букубаардара» биһирэм ылан тураллар. 30–40 сыл ааспытын кэннэ «Бичик» (Айар) «Кинигэлээх киһи» диэн статуэткалаах ММКВЯ саамай үрдүк наҕараадатын түөрт төгүл, «Ревизор» идэтийбит кинигэ таһаарааччылар куонкурустарын лауреатын аатын ылары ситистэ. Бу барыта тэрилтэ салайааччытын сыралаах кыһамньытын, кини салайар кэлэктиибин айымньылаах үлэтин түмүгэр ситиһилиннэ. Эрэнэбит, итэҕэйэбит – кириисис хаҕыс ытарчатын билиммэккэ, хамсык дьаҥын моһолун ааһан, сайдыы аартыгынан ыарахаттары туораан, саха кинигэтин кынаттаан көтүтэр аналлаах тэрилтэ алгыстаах айана 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө салҕана, өссө даҕаны айымньылаах үлэтинэн Сахатын сирин киэн туттуутун үрдэтэ туруо диэн!

САХА САНААТА СЫРДЫК

Бүгүн сэһэргэһэр киһибит «Бичик» национальнай кинигэ кыһатын генеральнай дириэктэрин солбуйааччы, Таатта улууһун, Баайаҕа нэһилиэгин уонна Ньурба улууһун Мэҥэдьэк нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, Россия суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, тылбаасчыт, биллэр уопсастыбаннай диэйэтэл, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бэчээтин туйгуна Валерий Николаевич Луковцев-Дьурустаан.

Сахалыы турук…

– Бу күннэргэ Эн, саха киһитэ сааһын сабаҕалыырынан, бэһис мөһүлгэҕин этэҥҥэ түмүктээн орто омурҕаҥҥар үктэнниҥ, 60-ҥун туоллуҥ. Оччотугар сааһыламмыт санааҕынан, көрбүккүнэн-билбиккинэн, эдэргиттэн сиппит сааскар диэри, бука элбэҕи тэҥнээн-ыараҥнатан анаарар кыахтаах кэмиҥ тосхойдоҕо…

– Киһи олоҕун хаамыыта бэлиэр сааһырыы кирбиитигэр аҕаллаҕына чахчы, уруккуну-хойуккуну, инникини анааран, ыатаран саныырыҥ элбиир эбит. Эрдэ наар үөрэх, билии эккирэтиһиитигэр олохпут уһун дии саныыгын эбээт. Ол – эдэр саас уратыта. Онтон үлэ-хамнас, уопсастыбаннай дьарык ухханыгар эмиэ күн-дьыл элэҥнээн, сылтан сыл биллибэккэ аастаҕа. Мэлдьи үлэҕэ-хамнаска өрө мөхсөн, ол быыһыгар араас тэрээһиннэргэ кыттыһан, сүүрэн-көтөн, илин-арҕаа айаннарга мискиллэн, эҥин таһымнаах, дьарыктаах дьоннуун сэһэргэһэн-билсиһэн, ардыгар мөккүөр хонуутугар да киирэн, олох үөһүгэр ааспыт кэмнэрим – барыта сотуллан-сууйуллан хаалбат баайым кэриэтэ буоллаҕа.

– Эн биһикки биир кэмҥэ үөрэммиппит, уруккуттан билэбин эрээри, ити араспаанньаҥ Луукапсабын өрүү дьиктиргиибин ээ. Саха тыла үөрэхтээххин, саха итэҕэлин, төрүт үгэһи тутуһа сатыыгын, истэр тухары омук тыла, уратыта чөл хааларын туруорсаҕын, оттон бэйэҥ тоҕо сахалыы уларыттарбатыҥ?

– Омун-төлөн эдэр сааска оннук баҕа баара аҕай. Ол эрээри мин аҕам төрдүн-ууһун ыллахха, итинник араспаанньалаах хаан-уруу аймах Аҕа дойду Улуу сэриитин сут-кураан сылларыгар олус аҕыйаабыттарын санаан уларыппатаҕым. Аны Дьурустаан диэн ааты ылыныым эмиэ аҕам барахсан үтүө аатыгар сүгүрүйүүм бэлиэтэ. Кини «Күөрэгэйи» айбыт Игнатий Слепцовтуун аймахтыы этэ. Оччолорго ити ырыаны, киһи бары, ол иһигэр аҕам уоһуттан түһэрбэт кэмигэр, бииргэ үөскээбит дьоно кини мэлдьи кэпсии-ипсии, ыллыы сылдьарын иһин, үтүө майгылааҕын таптаан Дьуру, Дьурустаан диэн ааттаабыттара иҥэн хаалбыт. Мин ону иһирэхтик санааммын, ылыммыт псевдонимым. Сахалыы айар ааппынан аймах хааммын ааттатабын диэн киэн туттабын.

Хаарыан учуутал хааллаҕа…

Эдэр уол үөрэҕин бүтэрээт, Өлүөхүмэ Дабааныгар учууталлыы тиийбитэ. Биллэн турар, саҥа киһини тургута таарыйа даҕаны, илииттэн илиигэ сылдьыбыт ыһыллаҕас 11 оҕолоох ахсыс кылааһы туттарбыттара. Үрэх баһыттан 8 кылаас кэнниттэн үөрэнэ барары ыарырҕатар, саха-нуучча тылын икки ардыгар бутуллан хаалбыт, үөрэҕи салгыырга соччо санаммат да оҕолору кини сыл иһигэр уларыта туппута. Үөрэх дьылын кэнниттэн, Намнааҕы педучилищеҕа, Дьокуускайга медучилищеҕа, кооперативнай техникумҥа уонна хас да оҕо ПТУ-га киирэн олохтоохтору соһуппуттара, учууталга улахан эрэл үөскээбитэ. Партияҕа киллэрэн, салгыы дириэктэргэ тиийэ үүннэрэр былааннаахтара.

– Эн оччо үчүгэйдик үлэлээн, аптарытыаттанан иһэн оскуолаҕыттан тоҕо барбыккыный?

– Үлэттэн сынтарыйан буолбатах. Мин дипломнайбын СГУ-ну бүтэрэрбэр Далан «Тулаайах оҕо» айымньытыгар суруйбутум. Василий Семенович ааҕан баран наһаа долгуйбута, итиэннэ «литератураҕа үлэлэһиэххин наада эбит» диэбитэ өйбөр хатанан хаалбыта. Оскуолаҕа үлэлии хааллахха, олохпун оҕо инники дьылҕатыгар эрэ анаан, төрүт атын хайысхаланыахтааҕым. Оттон мин уруккуттан кинигэни сыттыктана сытан аахпыт, уус-уран суруйууну умсугуйбут, онуоха баҕалаах киһи буоллаҕым. Ол иһин уоппускаттан төннөрбөр, Даланы даачатыгар көрсөн сүбэлэтэн, урукку «Хотугу Сулус» сурунаалга тиийэн, эрэдээктэр Павел Никитини, эппиэт сэкирэтээр Иван Федосеев-Доосону кытта кэпсэппитим. Үлэҕэ ылыах, ыҥырыгы ыытыах буолбуттара. Онон Павел Павлович кыһамньытынан ыкса күһүн Дьокуускайга төннөн, сурунаалга корректорынан киирбитим. Ити чахчы дьылҕам ыйбыт суолугар үктэниим, салгыы буһуу-хатыы тургутуутугар киириим эбит диэн сыаналыыбын.

Олох, үлэ киэҥ аартыга арыллыыта

– Оттон «Бичиккэ» хайдах кэлэн хааллыҥ?

– «Чолбон» сурунаалга киирэн, араас мунньахтарга сылдьабын. Үлэбит ирдэбилинэн даҕаны элбэх ырытыһыыга кыттабын, санаабын этинэбин. Ону кинигэ кыһатыттан Татьяна Ивановна Румянцева бэлиэтии көрөн, кини суруйааччыларынан кэпсэтиннэрэн, 1991 сыл саҥатыгар кинигэ кыһатыгар көспүтүм.

– «Бичиккэ» ааттаах-суоллаах суруйааччылар элбэх айымньыларын таһааралларыгар эрэдээктэрдээбиккин дии. Уран тыл уустарын көннөрөргө Эн, эдэр киһи, саллыбатаҕыҥ, сүр баттата санаабатаҕыҥ?

– Бастаан утаа оннук баара, ол эрээри сурунаалтан ыла ити эйгэҕэ алтыһан, үлэлэһэн үксүлэрин билэрим уонна үлэм буоллаҕа дии. Барыларын кытта рукопиһы көннөрөрбөр сүбэлэһэн оҥорорум. Мин утаппыттыы ааҕабын, саҥа айымньылары наһаа сэҥээрэбин, онон таһаҕас оҥостубат этим. Суруйааччылар, айар үлэнэн үлүһүйбүт, уустук айылгылаах, түргэнник үөрэр-хомойор дьон, кинилэри кытары биир сүбэнэн үлэлиирбин сөбүлүүллэрэ. Онон норуот күөн туттар дьонунуун эрэдээктэр быһыытынан бииргэ үлэлэспитим: Софрон Данилов, Далан, Болот Боотур, Иван Гоголев, Суорун Омоллоон, Моисей Ефимов, Сэмэн Руфов, Сардаана Ойуунускайа, Гаврил Колесов, Савва Тарасов, Егор Неймохов, Эдуард Соколов, Багдарыын Сүлбэ, Эрнст Алексеев, Мандар, Дабаччыма, Иван Бурцев, Ульяна Винокурова, Егор Алексеев, о.д.а. курдук ытык дьоннуун, билиҥҥи улахан суруйааччылардыын Тумарчаны, Ньукулай Ууһу, Ойукуну, Иван Мигалкины, Наталья Харлампьеваны, Николай Лугинову, Сайаны уо.д.а. кытта ыкса алтыһыым – олохпор улахан табыллыым.

– Быйыл Эн, 1997 сылтан сүрүннүүр эрэдээктэринэн үлэлээбит киһи, атын дуоһунаска көстүҥ.

– Хас биирдии киһи аһыллан үлэлиир кэмнээх, бэйэтэ эйгэлээх. Онтун билиэхтээх. Мин балачча сырабын-кыахпын ити үлэҕэ биэрдим диибин. Билигин саҥа технология күүскэ киирэр, кинигэни таһаарыы, бэчээт эйгэтэ тосту уларыйар, литератураҕа, кинигэ оҥоруутугар атын ирдэбиллэр киирэр кэмнэрэ. Онуоха билиҥҥи тэтимҥэ сөп түбэһэр эдэр, эрчимнээх дьон наадалар. Кэлэктиипкэ инники олох, бэчээт, кинигэ таһаарыы сайдыытын урутаан билэн, эрдэттэн былааннаан үлэлиир истииллээх, саҥаны-сонуну түргэнник хаба тардан туһанар дьоҕурдаах салайааччыбыт А.В. Егоров араас куурустарга үөрэтэн-такайан, солбуйар кэскиллээх үлэһиттэр үүннүлэр, тэрилтэ иннибит диэки эбии эрчимнээхтик салгыы сайдан иһиэҕэр эрэл улахан. Онон куппар-сүрбэр чугас соҕуһунан үлэлиир, суруйар, тылбаастыыр, салгыы дьарыгырар санаа эмиэ баар.

Баар баара батарбат

– «Балыырдаах 1986 сыл», «Кэм-кэрдии уонна киһи», «Көлүөнэ ситимэ быстыбатын, үгэс салҕанарын туһугар» диэн кинигэлэриҥ ааҕааччыга биллэллэр. Кэнники туох саҥа суруйуулааххын?

– 2014 сылга «Норуот кыаҕа – көмүөл күүһэ» диэн тахсыбыта. Уус-уран эсселэргэ, уочаркаларга билиҥҥи, соторутааҕыта ааспыт кэм уустук, уратылаах тыынын, дьон-сэргэ олоххо, түһүүлээх-тахсыылаах үөһээттэн ыытыллар бэлиитикэҕэ сыһыанын, кэм ирдэбилигэр хардатын сырдатарга холонобун. Тоҕо диэтэххэ, өссө тосту уларыйыылар, соһуччу хамсааһыннар кэлэн иһиэх чинчилээхтэринэн, хас биирдии көлүөнэ дойдутун, бар дьонун туһугар эппиэтинэһи хайдах ылынарыттан, олорон биэрбэтиттэн инники кэскилбит тутулуктаах. Дьоҕус саха омуга, ахсааныгар баппат ис кыахтаах буолан, баччааҥҥа диэри тулуктаһан, судаарыстыбаланан кэллэҕэ. Ол иһин ааспыт аҕа көлүөнэлэргэ махтаныах, кинилэртэн холобур ылыах кэриҥнээхпит. Онуоха ыччат, орто саастаах дьоҥҥо уонна кэнэҕэс чинчийээччилэргэ ханнык эмэ көмө, матырыйаал буоллун диэн бириэмэ биһирэмнээх дьонун, кинилэр дьулуурдарын, билиҥҥи дьон санаатын-кыһалҕатын кэм кэрэһитэ гынан сурукка тиһэргэ дьулуһабын. Эмиэ инникитин үөрэх буоллун диэн «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат» диэн сэрии сылларынааҕы Саха сирин тыылын балаһыанньатын көрдөрөр хомуурунньуктары бэлэмнээбитим. Ааспыт сылга үһүс чааһа электроннай көрүҥүнэн таҕыста. Тылбааска Владислав Авдеев «Эллэй уонна Омоҕой» Чингиз Айтматов «Кыһыл былааттаах тирэхчээним» айымньылара бэчээттэннилэр.

Виктория Габышева «Карина. 12 дней в тайге» кинигэтин Дьурустаан «Кыракый кыысчаан уонна аар тайҕа» диэн тылбаастаабытын саха тыллаахтар кырачааны аһынан-хараастан олорон аахпыттара. Ааптар бэйэтэ кэпсииринэн, тылбааһы аҕатыгар билиһиннэрэ биэрбитин нууччалыытын аахпытым диэн буолумматах эрээри, устунан тартаран тиһэҕэр тиийэ бүтэрэн баран: «Бай, доҕоор, оригиналыттан ордуктук ааҕыллар», – диэн хаадьылыы былаан саҥа аллайбытын, кыыһа астынан кэпсиир эбит… Оттон суруйааччы Сомоҕо «Омоҕой уонна Эллэй» диэни ааҕан баран тылбаас буолбатах, бэйэҥ суруйбуккун дии диэн өр кэмҥэ итэҕэйбэтэх күлүүлээх түгэнэ эмиэ баар.

– Итинник баарын истэн. Ийэ тылын дириҥник тута сылдьар бэртээхэй ааҕааччы эбит диэн Виктория аҕатын хайгыах эбиппин. Кини кыыһыгар иэс баайан, ирдэбилин үрдэтэн эппитэ буолуо диэн сабаҕалыыбын. Ол эрээри үлүһүйэн аахпытыттан үөрэбин эрэ. Тылбаас диэн туспа дьикти үлэ. Бэйэ суруйарыттан уратылаах. Амма Аччыгыйа Лев Толстой «Сэрии уонна эйэ» айымньытын сахалыы саҥардарыгар төһөлөөх сыратын, сылын биэрбитэ буолуой… Ол түмүгэр литературабыт төһө эмэ байдаҕа, дьиҥнээх саха айымньытын курдук ылынар ааҕааччы араҥата үөскээтэҕэ. Ол буолар дьиҥ тыл маастарын үлэтин түмүгэ. Биһиги холобур ылар аҕа дьоммут, классик суруйааччыларбыт баһаам буоллаҕа. Урукку суруйааччылартан тылбаастаабатах киһи суоҕун кэриэтэ ээ. Онон араас омук бастыҥ айымньыларын сахалыы саҥардар, сүрдээх интэриэһинэй, ийэ тыл эгэлгэ баайын кустук өҥүнүү оонньотор, байытар даҕаны дьикти дьарык дии саныыбын.

– Ханнык айымньылары тылбаастыаххын баҕараҕыный?

– Уруулуу тыллаах омуктар айымньылара кэрэхсэбили тардар. Илиҥҥи муудараһы көрдөрөр Мавляна Руми үөрэтэр-иитэр суолталаах айымньыларыгар холоннум. Биир дойдулаахпыт Андрей Геласимов кэпсээннэриттэн тылбааһы саҥа саҕалаатым. Баҕа баһаам, кыах, бириэмэ төһө тиийэрэ ол туһунан боппуруос.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации