Электронная библиотека » Валерий Луковцев » » онлайн чтение - страница 6

Текст книги "Кэм кэрэһиттэрэ"


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 17:40


Автор книги: Валерий Луковцев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 6 (всего у книги 22 страниц) [доступный отрывок для чтения: 7 страниц]

Шрифт:
- 100% +
Ситиһиллибитинэн уоскуйбат, кэскили туруулаһар айыы бухатыыра

Мантан салгыы И.С. Буурсап үлэтин биир сүрүн хайысхатын, инники сүрүн соруктарын сырдатар ыйытыкка хоруйун улуу Арассыыйа биэс гыммыттан биирин ылар баһырхай сир баайдаах Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр, саха уонна хотугу төрүт омуктар, олохтоох нуучча нэһилиэнньэтин дьылҕатыгар олус актуальнайын уонна кини көтөхпүт проблемалара өссө да аһаҕас туралларын учуоттаан, ааҕааччы болҕомтотугар туһаайабыт:

– Иван Семенович, эн олоҕуҥ үгүс сылларын Сахаҥ сирин айылҕатын көмүскэлигэр анаатыҥ. Кэлин сылларга радиация – сир аннынааҕы ядернай эһиилэр уонна урут хостоммут аһаҕас халлаан анныгар хаалларан кэбиспиттэрэ тулалыыр эйгэҕэ, киһиэхэ-сүөһүгэ, кыылга-сүөлгэ олус кутталлааҕын, куһаҕан содулларын үөрэттиҥ. Олор тулалыыр эйгэҕэ буортулаах дьайыыларын аччатарга бэйэҕин харыстаммакка үлэлээтиҥ. Итини барытын соторутааҕыта суруйбут «Якутия радиоактивная» диэн дьоһун кинигэҕиттэн да билэбит. Кинигэҕэр радиация дьайыытын суох оҥорууга үлэ ситэ ыытыллыбата, бу олус уустук проблема өссө да кыайан быһаарыллыбата диэбиккин. Радиация дьайыытын туоратар управлениены Арассыыйаҕа аан бастаан Саха сиригэр тэриллибитин туох да төрүөтэ суох тохтотон кэбиспиттэрин эмиэ билэбит. Арай управлениеҕын иккистээн тилиннэрэр буоллар, аан бастаан туох үлэни ыытыаҥ этэй?

– Мин управлениены салайарбар анал лицензиялаах, үлэ ыытарга көҥүллээх киин научнай институттары, үгүс биллиилээх, ааттаах-суоллаах учонайдары кытта сибээс олохтообутум, үлэлэппитим. Олор «Росатом» үлэһиттэрин мөккүһүннэрбэт гына түмүктэри ылан испиттэрэ. Кинилэр үлэлэригэр олоҕуран, Саха сиригэр оҥоһуллубут 12 сир аннынааҕы ядернай дэлби тэптэрииттэн «Кратон-3» (1978 с.) уонна «Кристалл» (1974 с.) саахаллаах эһиилэр сирдэрин чөлүгэр түһэриигэ (реабилитация) бырайыак оҥотторбуппут. Хомойуох иһин, «АЛРОСА» АХ ити бырайыак ирдэбилин ситэ толорбото, тулалыыр эйгэҕэ куттал суоһуура тохтотуллубата. Мин кэннибиттэн радиация боппуруоһунан дьарыктаммыт Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ хонтуруолун кыайбата. Иэдээннээх саахалы таһаарбыт «Росатом» институтун (ВНИПИпромтехнология) итэҕэйэн ити үлэни толотторо сатаабыттарын, киниэхэ бас бэринэн кэбиспиттэрин түмүгэр итинник буолла.

Холобур, кэнники докумуоннар көрдөрөллөрүнэн, «Кристалл» эһиигэ «чөлүгэр түһэрии» кэнниттэн (12 сыл буолан баран) эһии сириттэн радионуклид тахсарын, алмааһы хостуур шахтаҕа кытта киирэрин, оттон күрүөлээбит остуолбалара сууллан эрэллэрин министиэристибэ бэйэтин сыллааҕы дакылаатыгар уонна атын учуонайдар үлэлэригэр суруллар. Кэтээн көрөргө аналлаах скважиналары бырайыак ирдэбилин тутуспакка ситэ үүттээбэтэхтэрин, радионуклиды аһарбат цеолиттаах ханаабаны оҥоро сорумматтарын туһунан үгүстүк сурулунна.

«Кратон-3» саахаллаах эһиигэ балаһыанньа өссө уустук. Ону Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин сыл аайы таһаарар дакылаата толору туоһулуур. Ол курдук, 2015 с. (чөлүгэр түһэрии кэнниттэн 8 сыл буолан баран) ити объекка үүнээйи (мас, муох, о.д.а.) уодаһыннаах радионуклид арааһын нуорматтан 5000 төгүл элбэҕи бэйэтигэр иҥэриммитэ суруллар. Оттон эһии буолаатын кытары радионуклидтаах былыт Марха сүнньүн барытын сабардаан, Бүлүүнү ааһа барбытын өрөспүүбүлүкэ синоптиктара архыып докумуоннарыгар олоҕуран сабаҕалаабыттара. Ол былыт суола үөрэтиллибэтэҕэ.

Ити аҕалыллыбыт холобурдар бу икки саахаллаах сиргэ чөлүгэр түһэрэр үлэ ситэ ыытыллыбатаҕын, тулалыыр эйгэҕэ, тыынар тыыннаахха куттал туоратыллыбатаҕын көрдөрөллөр. Бу сирдэргэ хаачыстыбалаах үлэ хайаан да бастакы уочарат ыытыллара эрэйиллэр.

Оттон Орто Ботуобуйатааҕы ньиэп, гаас сөҕүмэр баайдаах сиргэ 7 төгүл ядернай эһии оҥоһуллубута, онно радионуклидынан киртийии баара биллэр эрээри, ситэ чуолкайдаммата. Манна чинчийэр үлэ ситэ-хото ыытыллыбата, онон биһиги былааннаабыт, программаҕа киллэрбит үлэбит салҕаныахтаах.

Уран рудалаах сирдэр. Алдаҥҥа 1 мөл. тонна ураннаах рудалары үрэхтэр хочолоругар таһааран сытыараллар. Олор үрэхтэр ууларыгар, тулалыыр эйгэҕэ суураллан киирэллэр. Учуонайдар итини барытын киһи итэҕэйэр гына дакаастаабыттара да маныаха дьаһал ылыллыбат, үлэ ыытыллыбат. Билигин «Луннай» диэн учаастакка уран рудатыттан кыһыл көмүһүн уонна үрүҥ көмүһүн арааран, ылҕаан ылан баран, руданы эмиэ үрэх кытылыгар ыскылааттыыллара, онон сири дойдуну радиациянан киртитии салҕанара иһиллэр. «Луннайга» маны тохтотор дьаһаллар уонна атын кирдээх сирдэри ыраастыыр үлэлэр хайаан да ыытыллыахтаахтар. Аан дойдуга сири-дойдуну радиациянан маннык киртитии атын холобура суох, киртийии далааһына, куттала сөҕүмэр. Улахан, сыралаах, уустук, тэрээһиннээх, уһун кэми эрэйэр үлэ ыытыллыахтаах. Бу кыалла илик боппуруос Арассыыйа таһымыгар быһаарыллыахтаах.

Өлөөн сиригэр Томтор Таас диэн сэдэх элимиэннэринэн баай сир баар. Маннык баай аан дойдуга суох дииллэр. Бу баайы барытын өрөспүүбүлүкэттан былдьаабыттара, чааһынай илиигэ биэрбиттэрэ. Сотору хостуур, таһар үлэни саҕалыахтара. Сөҕүмэр сыаналаах сэдэх элимиэннэри кытта уран, торий уонна дьааттаах таллий баара биллэр. Олор төһөлөрүн-хаччаларын ааҕар үлэ хостооччулар түөрэ сүргэйиэхтэрин иннинэ ыытыллыахтаах этэ. Оннук үлэ баччааҥҥа диэри ситэ оҥоһулла илик. Бу баай Анаабыр өрүс тардыыларын баһыгар баар. Сири-уоту харыстаабакка тоҕо сүргэйэн бардахтарына, баай балыктаах маанылаах Анаабыр эбэ киртийэр, Томтор Таас тулатынааҕы таба мэччирэҥэ сүһүрэр куттала баар. Итини сэрэтэр, туоратар үлэ радиациятын, дьааттаах таллийын аан бастаан быһаардахха, хостооччуларга эттэххэ, туруорустахха эрэ кыаллар. Ити үлэ манна ыытыллара булгуччулаах.

Ураннаах, атын да үрдүк радиациялаах сирдэри разведкалаан, хостоон баран ситэ харайбакка хаалларбыттара – Муомаҕа («Сугун»), Өлүөхүмэҕэ («Торҕо»), Алдан-Нерюнгри трассатыгар («Васильевка») бааллар. Баларга харайар, радиациятын аччатар, сирин чөлүгэр түһэрэр үлэлэр хайаан да ыытыллыахтаахтар.

Халбаҥнаабат дакаастабылы уопуттаах, аптарытыаттаах научнай институттары, кинилэр ааттаах-суоллаах учуонайдарын ыҥыран үлэлэтэн ситиһиэххэ сөп. Ол кэнниттэн тулалыыр эйгэҕэ, киһиэхэ тахсыбыт хоромньуну (компенсация) төлөттөрөр төрүөт үөскүүр. Бу олус уустук проблема, ол да буоллар, маны ситиһэргэ тустаах үлэ хайаан да барыахтаах.

Көстөрүн курдук, радиацияттан ыраастанар, сири-дойдуну харыстыыр, чөлүгэр түһэрэр үлэ ырааҕынан кыалла илик. Ити туһунан быйылгы «Радиоактивная Якутия» кинигэбэр балачча киэҥник сырдата сатаатым. Биһиги тэрийбит управлениебыт курдук чинчийэр, үөрэтэр уонна ол кэнниттэн ыраастыыр, чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытар анал тэрилтэ структура наадата көстөн турар. Маны салайар киһи проблеманы дириҥник өйдүүр, үлэни тэрийэр дьоҕурдаах буолуохтаах, хайаан да физик-ядерщик буолара ирдэммэт. Кини үлэһиттэрин табан талыахтаах, киин сир институттарын, учуонайдарын кытта бигэ сибээһи олохтуохтаах. Ити структура наадатын өрөспүүбүлүкэ билиҥҥи үрдүкү салалтата бастакы бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев курдук кэмигэр таба өйдүүрэ наада. Оттон структураны салайааччы да, туһааннаах специалистар да көстөллөрүгэр саарбахтаабаппын. Эдэрдэргэ эрэниэххэ уонна кинилэргэ итэҕэйиэххэ, көмөлөһүөххэ эрэ наада.

Саха саарына, урааҥхай буура Иван Семенович Бурцев былырыын үбүлүөйүн да бэлиэтээһинин айылҕа харыстабылыгар анаабыта. Ааспыт сылга былыргы ыһыы дьон чээрэлэрэ ытыктыыр дьоһун киһибит 80 сааһын Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар уопсастыбаннас бэлиэтээһинэ өрөспүүбүлүкэ култууратын эйгэтигэр, уопсастыбаннай олоххо бэлиэ түгэнинэн буолбута. Экологическай драма диэн жанрынан суруйбут «Быраһаай, Туой Хайа!» драматическай айымньытын Бүлүү народнай тыйаатыра СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Маргарита Соколова режиссердаан туруоруутунан олус талааннаахтык оонньоон көрдөрбүттэрэ. Олоҥхо бухатыырыгар холоонноох дьоһун киһибит, туруу үлэһит убайбыт барахсан ылбыт тэтимин ыһыктыбакка ити курдук бар дьонун, төрөөбүт дойдутун туһугар өссө да өр үлэлээтин-үлүрүйдүн. Ийэ айылҕа көмүскэлигэр ананан кэлбит хоһуун киһибитигэр Үрдүк Айыылар уһун үйэни, уостубат уоҕу биэрдиннэр![4]4
  И.С. Бурцев экологияны харыстааһыҥҥа сүрүн үлэтин сырдатар «Марханы туруулаһыы» ахтыы-ыстатыйатын кинигэ толору көрүҥэр QR-куодунан киирэн ааҕыҥ. – Ааптар.


[Закрыть]

ҮРДҮККЭ УГУЙАР «ДАБАЙАЛАР»

Ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Киэҥ Ньурба бүтүн Саха сирин үрдүнэн биллибит-көстүбүт «Дабайа» түмсүүтүн аатын иһиттэххэ, өйгө-сүрэххэ иҥмит үтүөкэн түгэн санааҕа субу баардыы тиллэн кэлэр. Ханна, туох түгэҥҥэ кинилэри маҥнай көрсүбүппүтүн сэһэргиэх иннинэ, хайдах бииргэ тоҕооһон дойду киин куоратыгар тиийэн-түгэнэн хаалбыппытын саас-сааһынан ахтан-санаан билиһиннэрдэххэ сатанар курдук.

2015 сыл Арассыыйа аҕа баһылыгын анал ыйааҕынан Литератуура сылынан биллэриллибитэ. Онон сибээстээн, Кыһыл болуоссакка кинигэ фестивала тэриллибитэ. Биһиги кыһабыт биир бастыҥ регионнааҕы кинигэ таһаарааччы быһыытынан кыттыыны ылар буолбута. Дьэ онно этэ дии РФ бэрэсидьиэнэ В. Путин быыстапка көрүүтүн саха кинигэтин экспозициятыттан саҕалаан билсибит тустаахтарга бочуоттаах түбэлтэтэ! Итинник улахан болҕомто, чиэс тиксиитэ, биллэн турар, мээнэҕэ саха кинигэтин кыһатыгар туһаайыллыбатаҕа. Бу сүҥкэн тэрээһини ыытааччылар – РФ бэчээтин, иһитиннэрэр-көрдөрөр тэрилтэлэрин салайааччылара уонна Арассыыйа кинигэ таһаарааччыларын ассоциацията – С.А. Новгородов аатынан СӨ «Бичик» национальнай кинигэ кыһатын үлэтин-хамнаһын билиниилэрин, үгүс дойду, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах куонкурустарга ситиһиилэрин үрдүктүк сыаналааһыннарын көстүүтэ этэ.

Оо, онно улуу дойду салайааччыта В.В. Путин, бэйэтинэн кэлэн, саха кинигэлэрин көрө-истэ турара долгутуулаах, эппиэттээх да түгэнинэн буолбута! Ньурба ааттаах-суоллаах туспа саха боруодата дьөһөгөйүн оҕотунан биллибит Мэҥэдьэк нэһилиэгиттэн төрүттээх кыһа дириэктэрэ доҕорум Август Егоров сүр баттатан сабыстыбакка, симиттибэккэ, бэрт сэргэхтик үлэ-хамнас туһунан кылгастык билиһиннэрэн кэпсиир. Владимир Владимирович, бастаан тыҥааһыннаах үлэтиттэн-түбүгүттэн өссө даҕаны аралдьыйа, болҕомтотун быыстапкаҕа толору көһөрө иликкэ дылыта. Тоҥуй, ымыттыбат, онуоха эбии хайдах эрэ санаабытыгар, азиат көрүҥнээх кинигэ таһаарааччылары арыый атыҥырыы көрбүт курдуга ааһан, улам ирэн-хорон, Кыайыы үбүлүөйүн альбомун, саҥарар электроннай модуллаах оҕо кинигэлэрин сэҥээрэн көрдө– иһиттэ. Ыйыталаста, биһирээн-хайҕаан, Август Васильевиһы кытары илии тутуста, аҥаар илиитинэн санныттан кууһан: «Молодцы!» – диэтэ. Саха кинигэтин урут хаһан да ситиһиллибэтэх чыпчаал үрдүк таһымҥа сатабыллаах салайыытынан таһаарбыт доҕорум ити өрөгөйдөөх түгэнигэр кининэн киэн туттан, долгуйан бөтө бэрдэрэн турбутум бу баар курдук…

Онтон нөҥүө сылыгар «Дабайа» ансаамбыл кыттыылаахтарын кытары эмиэ Кыһыл болуоссакка сүрдээх дьиктитик тоҕооһон билсэн турабыт. 2016 сыл бэс ыйын 3 күнэ. Москва куорат. Биһиги, кинигэ кыһатын үлэһиттэрэ, ааспыт сылтан саҕаланан үгэскэ кубулуйан эрэр Кыһыл болуоссакка ыытыллар кинигэ фестивалын аһыллыытыгар бэлэмнэнэн, бэйэбит экспозициябытыгар түбүгүрэ сылдьабыт. Киһи бөҕө мустан халҕаһалыы анньар, ол иһигэр араас омук туристара кэрийэ хааман, быыстапка көрөллөр. Биирдиилээн эмэ сахалар тыл бырахсан, кинигэ ылан ааһаллар. Онтон арай бөлөҕүнэн сылдьар номоҕон көрүҥнээх саха далбар хотуттара тиийэн кэллилэр: «Хайа, сахалар эмиэ кытталлар эбит дии! Бай, бэйэбит уолбут Август Егоров баар, «бичиктэр»!» – диэн үөрэ соһуйдулар. Август Васильевичтыын күө-дьаа кэпсэппитинэн бардылар. Онно билбиппит Ньурбаттан «Дабайа» ырыа-үҥкүү ансаамбыла Санкт-Петербурга ыһыахха кытта баран иһэллэр эбит. Киэһэ көтүөхтээхтэр. Биһиги «сотору дойду салалтатыттан Д. Медведев быыстапка көрө кэлиэхтээх, СМИ бөҕө мустуо» диэн сонун гынан үллэһиннибит. «Дабайаларбыт»: «Оо, бачча түбэспиччэ, хаарыаны көрбүт киһи! Сахабыт таҥаһын таҥнан кэлбэккэбит…» – дэһэн хомойдулар. Биһиги, иилэ хабан ылан, ханна түспүттэрин ыйыттыбыт. Дьоммут, дьолго, болуоссаттан олох чугас бааллар эбит. «Баттаһыыһыгыт, баран кэлиҥ ээ», – дэһэбит. «Чэ, кырдьык даҕаны, кыргыттар, бара охсон кэлиэҕиҥ!» – диэт, саастаах дьоҥҥо холооно суох суһаллык элэс гынан хааллылар. Биһиги, «арааһа, таах түбүгүртүбүт быһыылаах, аны хойутаан кэлэн хомойоллоро дуу» диэн сээбэҥнии саныыбыт.

Түбүк-садьык быыһыгар чааһы эрэ кыайбат кэм ааһа оҕуста. Арай, ол икки ардыгар, «дабайаларбыт» саха мааны таҥаһын таҥнан-симэнэн, үөрэн-көтөн аймалаһан, бу тиийэн кэллилэр! Сүрдээх кэрэ көстүүлээх национальнай таҥастаах, үрүҥ көмүстүү килэбэчийэр илин кэбиһэр, бөҕөх симэхтээх, үп-үрүҥ кыл дэйбиирдээх, ыраас-сырдык хааннаах, толуу көрүҥнээх биһиги сахабыт үтүө-мааны дьахталларын араас регионтан кэлбит чугас турар кэллиэгэлэрбит, кэлэр-барар дьон-сэргэ олус сэргээн, сонурҕаан көрдүлэр-иһиттилэр.

Наһаа үөрдүбүт-долгуйдубут. Ол икки ардыгар «Дмитрий Медведев кэллэ» диэн сахсаан буолла. Биһиги эрээппитинэн кэлэн истэҕинэ, ханна эрэ туора халытан илтилэр. Биһиги былырыын дойду бэрисидьиэнигэр экспозициябытын көрдөрбүт, киниттэн хайҕаммыт дьон, онно наадыйбатыбыт. Сүрүн тэрээһиннэр саҥа саҕаланан эрэллэр. Анал миэстэҕэ эрдэттэн программаҕа киирбит Москваҕа олорор ааптарбыт Владимир Федоров саҥа кинигэтин билиһиннэриини ситиһиилээхтик ыытан бүппүччэ, арыый иллэҥсийдибит. Сүргэбит көтөҕүллэн, кинигэ быыстапката тардыллан турар павильоннарын эрээттэрин быыһыгар болуоссат ортотугар кэҥэс чүөччэр түһүлгэ баарыгар киирэн, ыалдьыттарбытын кытары хаартыскаҕа түһэн баран, устунан «оһуохайдыаҕыҥ» диэн өрүкүһэн турдубут. Ньурба далбар хотуттара барахсаттар, кэтэмэҕэйдии барбакка, биһигини өйөөн, киирэн сэлэлии турдулар.

Галина Васильевна Гурьева кэрэ чуор, чөллөркөй күөмэйинэн тута хоһуйан, дьуохар тылын таһааран саҕалаата. Сахалыы таҥастаах Август Васильевич биһикки ортолоругар туран, тэҥҥэ түһэрсэн иһэбит. Дабайаларбыт, куоластара эрчиллиилээх, бииргэ ыллыы-туойа үөрүйэх буоланнар, дьэҥкэ, дорҕоонноох баҕайытык хатылаан дьиэрэһитэллэр. Инньэ гынан, тула аалыҥнаһа сылдьар көй дьон болҕомтотун үмүрү тардан ыллылар. Суруналыыстар, тэлэбиисэргэ устааччылар саба сүүрэн кэлэн устан бардылар. Онтон ханнык эрэ ханаалтан репортер бөлөх салайааччытыттан Светлана Серафимовна Алексееваттан сонно тута интервью ылла. Репертуардарыттан эбии толорорго көрдөстүлэр. Болҕомто киинигэр түбэспит дьоммут барахсаттар, иҥнэн-толлон турбакка, бастыҥ ырыаларыттан попурри ыллаатылар. Ону Арассыыйа киин 1, 5, ОРТ уонна «Культура» ханааллара уһулбуттарын кэлин билбиппит.

Оо, онно дьоллонон, үөрэн-көтөн турарбыт уратылаах дьикти түгэн этэ! Түөрт үйэ кэриҥэ кэм устата Саха сирэ улуу нуучча норуотун кытары бииргэ холбоһон олоруоҕуттан, арааһа, аан маҥнай дойду тэбэр сүрэҕэр муҥутуур Москуба куорат Кыһыл болуоссатын хабыллар хаба ортотугар национальнай таҥастаах ансаамбыл толоруутугар сахалыы оһуохай сатараабыта, ырыа-тойук дьиэрэйбитэ, чахчы даҕаны, умнуллубат кэрэ түгэнинэн буолбута. Кинигэ бырааһынньыгар Ньурба «Дабайа» ырыатын-үҥкүүтүн бөлөҕө анаабыт, болдьообут курдук түбэһэ кэлэннэр, саха омук соргутун көтөҕөн ыллаан-туойан, оһуохайдаан киэргэппиттэрин Үрдүк Айыыларбыт күндү бэлэхтэрин курдук ылыммыппыт. Өр сыл алтыһан үлэлэһэр биир идэлээх нуучча, татаар, башкир, удмурт, чуваш, чечен доҕотторбут саха омук ураты туспа, баай духуобунай, материальнай култууралаах, олус талааннаах патриоттуу дьулуурдаах эбит, ол да иһин дойду бастыҥ таһаарыыларын иһигэр киирсэр кинигэлэри оҥорор эбиттэр диэн илэ харахтарынан көрөн, эт кулгаахтарынан истэн итэҕэйбиттэрэ. Кэллиэгэлэрбит ортотугар «Август Васильевич биир дойдулаахтарын, бүтүн бөлөҕү анаан-минээн ыҥыран аҕалан бэстибээлгэ кытыннарбыт үһү» диэн сурах-садьык тарҕаммытын бары буолуохтааҕын курдук ылыммыттар, сөхпүттэр этэ. «Дабайа» түмсүү кыттыылаахтарыгар, Ньурба айар куттаах эдэрдии эрчимнээх, сайаҕас санаалаах дьоһун-мааны дьахталларыгар, сүрүн соруктаах ыраах айаннарын быыһыгар, дойду улахан кинигэтин быыстапкатын тэрээһинигэр соргулаахтык кыттан, киэҥ эйгэҕэ саха норуотун дьоҕурун-талаанын көрдөрбүттэригэр барҕа махталбыт ааспат.

Хайа баҕарар норуот литературата, искусствота, омук быһыытынан ураты култуурата кини тылынан уус-уран айымньытыттан, норуотун ырыатыттан-тойугуттан силистэнэн сайдар-сириэдийэр. Саха түҥ былыргыттан олоҥхолоох, оһуохайдаах, ыһыах ыһар кэһиллибэт үтүө үгэстэрдээх, төрүт култууралаах буолан, омук быһыытынан туспатын сүтэрбэккэ, билиҥҥэ диэри өрө тутар. Ол чаҕылхай холобурун «Дабайалар» бэйэлэрин өр сыллаах айымньылаах үлэлэринэн көрдөрө сылдьаллар. Сир-сир аайы маннык таһымнаах, үтүө дьулуурдаах түмсүүлэр баар буоллахтарына, саха ырыата-тойуга, үҥкүүтэ-дьуохара, төрүт таҥаһа көлүөнэттэн көлүөнэҕэ утумнанан сүтүө суоҕа этэ.

Ол да иһин, норуот ырыатын-тойугун, үгэһин өрө тутар баҕанан, аан бастаан, Ил Түмэн депутаата А.А. Григорьева көҕүлээһининэн уонна Ньурба норуотун маастара Л.Н. Михайлова, уопсастыбаннай үлэни улууска иилээбит-саҕалаабыт В.В. Сартаева-Васильева, талба талааннаах С.С. Алексеева «Күбэй» түмсүүнү 2008 сыллаахха тэрийэн саҕалаабыттар эбит. 2010 сылтан түмсүү иһинэн дьахталлар вокальнай бөлөхтөрө, онтон 2013 сылтан «Дабайа» ырыа-үҥкүү ансаамбыла тэриллэр. Дьэ онтон ыла Людмила Николаевна Михайлова кыһамньытынан сахалыы кэрэ бэйэлээх таҥастанан, ырыаҕа, музыкаҕа дьоҕурдаах дьон В.В. Наумова, Д.В. Гуляев, Т. Шестаков, Д.К. Потапов, П.Е. Григорьев, суруйааччы Г.Е. Томская-Айыына, үҥкүүгэ уһуйааччы М.Н. Скрябина, М.М. Семенов курдук Ньурба эгэлгэ талааннаах, тэрийэр дьоҕурдаах дьоннорун көмөтүнэн сайдан-тупсан, кинилэр киэҥ эйгэҕэ биллибиттэрин сөҕө-хайгыы истэбит. Кэрэ куоластаах Светлана Алексеева, Галина Гурьева, Людмила Яковлева, Екатерина Герасимова, о.д.а. сахалыы матыыптаах ырыаларын үтүө түгэҥҥэ умсугуйан истибиппитин умнубаппыт.

Тыа сиригэр, дьиҥ саха эйгэтигэр чөл олоҕу, дьиэ тэлгэһэтиттэн ыла ыраас-чэбэр туттууну, ийэ айылҕаны харыстааһыны, төрүт култуураны сөргүтүүнү пропагандалаан, кыамматтарга, кырдьаҕастарга, элбэх оҕолоохторго көмөнү-өйөбүлү оҥорууттан саҕалаан, сүүрбэ сыл тухары норуот самодеятельноһын өрө тута сылдьар аҕа көлүөнэ далбар хотуттарбытыгар сиргэ тиийэ сүгүрүйэбит. Валентина Васильевна Васильева, Людмила Николаевна Михайлова, Светлана Серафимовна Алексеева, улуус култууратын департаменын энтузиаст салайааччыта, Саха сирин Дархан дьуохардьыта Розалия Михайловна Тихонова курдук уонна да атын дьоһун дьоннорбут, уопсастыбаннай үлэни көҕүлээччилэрбит, култуура үлэтин тэрийээччилэрбит, Ньурбаҕа эрэ буолбакка, улуус аайы баар буола турдуннар! «Дабайалар», саҥаттан саҥа ситиһиигэ дабайа, ыччаты, дьону-сэргэни кэрэҕэ, үрдүккэ угуйа, үтүө холобур көрдөрө туруҥ диэн үүннээх-тэһииннээх үтүө баҕабытын тириэртэхпит буоллун!

2020 с.

САХА КИНИГЭТИН СААРЫНА

Уҥуора-маҥаара көстүбэт, уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ Саха сирэ кэпсээҥҥэ киирбит кэрэ айылҕалаах, үтүө-мааны үлэһит дьонноох суон сурахтаах улуустарынан, төрүт түөлбэлэринэн, ааттаах алаастарынан киэркэйэр. Күөх Ньурба, Киэҥ Ньурба диэн саха тыллаахха дорҕоонноохтук иһиллэр үтүө дойду сэргэх, хоһуун, ыалдьытымсах дьонун-сэргэтин кытары доҕорум, салайааччым Август Егоров нөҥүө ситимнэһэн билсибиппиттэн дьылҕабар махтанабын.

Биһиги орто саастаах көлүөнэлэр, билигин 50—60-чабытыгар сылдьааччылар, оскуолаҕа үөрэнэр кэммитигэр диэри, ол аата 70—80-с сыллар ыпсыыларыгар тиийэ саха дьоно, сүрүннээн, былыргылыы биһиктэрин ыйаабыт ыырдарыттан-алаастарыттан ыраата тэлэһийбэккэ, бэйэлэрин төрөөбүт нэһилиэктэрин, бэркэ гыннар, оройуоннарын чэрчитинэн бүгэн, нууччалыы эттэххэ, компактнайдык олорбуттара.

Дьиҥинэн, урукку өбүгэлэрбит хаан уларытаары, удьуору тупсараары, сурах сураан сүүһүнэн көстөөх сиртэн кытары, ырааҕыттан чаҕыйбакка, айан кытаанаҕын, кутталлааҕын аахсыбакка, кэргэн кэпсэтэр үгэстээхтэрэ. Дэлэҕэ даҕаны «уу чугаһа, уруу ырааҕа ордук» диэн өс номохтоммотохторо. Холобурга ыллахха, ырыаһыт Герман Хатылаев хос-хос түгэх эһэтэ, мин ыраах өбүгэм, XVIII үйэ бастакы аҥаарыгар Баайаҕаҕа олорбут Сиэллээх Хохой, Үс Бүлүү түгэҕиттэн биир сайыны быһа төттөрү-таары айаннаан, Араҥкы диэн сөҕүмэр бөдөҥ, улахан уҥуохтаах булчут дьахтары тэгил дойдуттан тэҥнээҕэ оҥостон сүгүннэрэн аҕалбыта үһү. Оччо уһуннук айаннаабытыттан сабаҕалаатахха, Ньурба эбэтэр Сунтаар кырыы нэһилиэктэриттэн кэргэн кэпсэтэн кэлбит быһыылаах.

Оттон 80-с сыллардааҕы быһыы-майгы, бука, урут холкуостаах тыа дьонугар пааспар биэрбэт, кэлэллэрин-баралларын, көһөллөрүн хааччахтыыр урукку систиэмэ сокуонун содулуттан олоҕурбута эбитэ дуу? Ол да иһин, холобурга ыллахха, мин оскуоланы бүтэриэхпэр диэри төрөөбүт нэһилиэкпэр Таатта Баайаҕатыгар атын сиртэн, буолаары буолан, кый ыраах Бүлүү умнаһыттан, кэлэн олохсуйбут дьон олус аҕыйах этэ. Биир эмэ күтүөт-кийиит, үксүгэр учуутал, эмп, култуура үлэһитэ эҥин баара. Ол курдук өр сылларга сопхуос отделениетын салайааччытынан, баһылыгынан үтүө суобастаахтык үлэлээбит Е.И. Луковцев (РФ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Иннокентий Луковцев аҕата) кэргэнэ Зоя Сергеевна Санникова уонна 60-с сыллартан маҕаһыыҥҥа солбуллубат атыыһытынан үлэлээбит Василий Капитонович Яроев Үөһээ Бүлүүттэн (худуоһунньук, уус, «Уран» тэрилтэлээх Вячеслав Яроев аҕата); ССРС Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата Д.Д. Тимофееваны кэргэн ылан Бүлүүттэн күүстээх-уохтаах, саҥалаах-иҥэлээх уола хаан Сэмэн Сэмэнэбис Иванов; Ньурба Маалыкайыттан уһун курбуу учуутал кыыс, Хабыычалар кийииттэрэ Галина Иннокентьевна Петрова-Неустроева Арҕаа Дэриэбинэ түөлбэтигэр 70-с сыллар бүтүүлэригэр кэлэннэр олохсуйбуттара. Онон оччолорго илин эҥээр кырыы нэһилиэгэр атын ыраах оройуоннартан кэлээччитээҕэр хата соҕурууттан разнарядканан ананан кэлбит исписэлиис эбэтэр ол-бу тутууга быстах үлэлиир холтуурсук оробуочай нуучча дьоно элбэхтэрэ.

Кэлин биллэххэ, арҕаа эҥээр эбэтэр хоту сорох улуустарга эмиэ син биир оннук балаһыанньа эбит. Инньэ гынан, оччотооҕу ыччат үөрэх туттарса долгуйар дьоллоох Дьокуускай куоракка киирдэҕинэ эрэ атын оройуоннартан биир саастаах үөлээннээхтэрин кытары көрсүһэр-билсиһэр кыахтанара. Оннук маҥнай билсэн-көрсөн кэпсэтии таһаарар түгэҥҥэ хас биирдиибит саҥатыгар-иҥэтигэр бэйэтин түөлбэтин ураты тылларын туттара соччо өйдөммөккө, соһутар, сонурҕатар уонна күлүүнү-оонньууну күөдьүтэр тоҕооһунан буолара. Дьэ ити курдук мин эмиэ Ньурба эҥээртэн дьону-сэргэни билиим университекка үөрэнэр сылларбыттан эрэ саҕаламмыта. Ол саҕана саха салаатыгар киирбит Ньурба оҕолоруттан Маалыкайтан Валентина Иванова-Кривошапкина, Максим Ксенофонтов, атын нэһилиэктэртэн Людмила Тартакынова-Молукова, Анатолий Егинов, Татьяна Сергеева бааллара. Уонна сүүрүүгэ дьарыктыырга тренерим эмиэ Маалыкайтан төрүттээх соҕурууттан саҥа үөрэҕин бүтэрэн кэлбит эдэр преподаватель Александр Иларьевич Иванов аҕа табаарыспынан буолбута.

Онтон үөрэхпитин бүтэрэн үлэлии сылдьан, кэлин Эдэр интэлигиэнсийэ түмсүүтүгэр Ньурба чулуу ыччаттарын Август Егоровы, Эльвира Мярикянованы, Надя Борисованы уонна атын ыччат түмсүүлэрин лиидэрдэрин, Эльвира сиэн быраата куоракка улааппыт Миша Мярикяновы, Лена Иванованы, Саша Жураковскайы, Женя Макаровы, о.д.а. билсибиппититтэн билигин даҕаны астынабын. Тоҕо диэтэххэ, биһиэхэ – кыараҕас алаас, үрэх баһын оҕолоругар холуйдахха, кинилэр иҥнигэһэ-толлугаһа суохтара, сытыылара-хотуулара, туохха барытыгар инники сылдьар дьулурҕа майгылара, олоххо, үлэҕэ дьүккүөрдэрэ-дьаныардара биһирэтэрэ, сөхтөрөрө даҕаны. Кинилэр бары билигин олохторугар ситиһиилээх биллэр-көстөр үлэһиттэр буоланнар, тахсыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан үөрэбин, киэн туттабын.

Оттон мэҥэдьэктэртэн аан маҥнай билбит киһибинэн үрдүк үөрэх сылларыгар үөрэппит учууталбыт улахан учуонай Егор Егорович Алексеев этэ. Оччолорго кинини Ньурбаттан төрүттээх диэн эрэ истэр-билэр буоллахпыт. Учууталбытын кытары 90-с сыллар саҥаларыгар «Саха омук» холбоһукка Владимир Тимофеевич Николаевтыын ыччаттар, эдэр дьон үлэлэһэр кэммитигэр уопсастыбаннай үлэнэн алтыһар буолбуппут. Манна даҕатан аҕыннахха, Ньурба Хорулатыттан төрүттээх биллиилээх хапсаҕайдьыт, спортсмен, Ил Түмэн дьокутаата Владимир Николаев уопсастыбаннай көҕү иилэспит-саҕаласпыт, судаарыстыбаннас саҥа таһымҥа тахсыытыгар, саха омук барҕарыыта төхтүрүйэн өрө түллэригэр дьоһун кылаатын киллэрбит, хотуулаахтык үлэлээбит уопсастыба лиидэрдэриттэн биирдэстэрэ этэ. Дьөгүөр Дьөгүөрэбис обургу, сорохтор ааттыылларынан Өргөстөөх Өлөксүөйэп, саҥаран-иҥэрэн, киирэн-тахсан хорсуна, бэйэтигэр тулхадыйбат бигэ эрэллээҕэ, билиитэ-көрүүтэ киэҥэ уонна кырдьыктаах дьыала туһугар охсуһууга кэннинэн кэхтэри билбэт олоҥхо боотурунуу булгуруйбат модун санаата биһиэхэ, эдэрдэргэ, эмиэ Ньурба бэрдиниин, доҕоро Даланныын эдэр саастарыттан ыла норуоттарын туһугар туруулаһыыга, оҕону-ыччаты иитиигэ, бар дьоҥҥо устуоруйа кырдьыгын арыйыыга, сырдатыыга, умнууга хаалбыт эрэпириэссийэлэммит саха ньургуннарын ааттарын тилиннэриигэ бииргэ эрэйи-кыһалҕаны, үтүргэни көрбүт Багдарыын Сүлбэлиин саха инники иһэр патриот санаалаах бастыҥ интэлигиэнсийэтин чулуу холобурдарынан буолаллара.

Ааҕааччыга тоҕо ити ааттаммыт дьон туһунан ахтыбыппын быһаарар буоллахха – атын эҥээр улуус киһитин хараҕынан көрдөххө, ньурбалар, мэҥэдьэктэр туораттан хайдах көстөллөр, ылыныллар эбиттэрий диэн тустаахтарга интэриэһинэй, кэрэхсэбиллээх буолуон сөп диэн санааттан.

Уонна дьэ онтон 1993 сылтан ыла алтыспыт, уопсастыбаннай үлэ оскуолатын бииргэ буһан-хатан, мүккүллэн ааһан кэлбит, кэлин күн бүгүнүгэр диэри «Бичик» кинигэ кыһатыгар 1994 сылтан саҕалаан, бастаан атын-атын салааҕа, онтон 1997 сылтан кини дириэктэринэн, мин сүрүннүүр эрэдээктэринэн үлэлии сылдьар истиҥ доҕорум, ытыктыыр салайааччым холобуругар Ньурба, Мэҥэдьэк бастыҥнарын, ытыктыыр убайдарым киһи, үлэһит быһыытынан үтүө уратыларын ханыылыы көрөбүн. Ол курдук Август Васильевич Егоров, эдэр да эрдэҕиттэн, киһи киниттэн элбэххэ үөрэнэр уратыта – пунктуальнайа, чуолкайа, үлэҕэ муҥутуур эппиэтинэһэ, сүрэҕэ-бэлэһэ, дьаһала-тэрээһинэ, инникини эрдэттэн былааннаан, ааҕан-суоттаан үлэлиирэ, ирдэбиллээҕэ, хайа баҕарар таһымнаах салайааччылары, исписэлиистэри кытары баһыйтарбакка тэҥҥэ быһаарсара, бэйэтин туруорсар боппуруостарын сатаан ситиһэрэ барыта – Дьөгүөр Өлөксүөйэп, Уйбаан Таҥхаарап курдук биир дойдулаах мэҥэдьэктэрин утумнаабытын бигэргэтэр. Аны киһи быһыытынан түс-бас эрээри сайаҕас-сайдам, дьоҥҥо-сэргэҕэ, биир дойдулаахтарыгар истиҥ, эйэҕэс сыһыанын, олох араас түгэннэригэр мунан-мунчааран, нэһирэн хаалбат тобуллаҕас өйүн-санаатын, дьүккүөрдээх-дьаныардаах, быһаарыылаах быһыытын-майгытын, эппит тылыгар туругас биир тыллааҕын барытын үүт-маас оруобуна Уйбаан Таҥхаарап тус хаачыстыбаларыгар майгыннатабын. Дьэ ити буоллаҕа киһи киһиттэн үөрэнэрэ, аҕа көлүөнэ дьонун үтүө үгэстэрин, аҕа, ийэ ууһун удьуорун утумнааһына диэн. Август Тигиилээхтэринэн төрүттэригэр сэрии иннинэ бастыҥ үлэтинэн Москваҕа ВДНХ барар делегацияҕа киллэриллибит «Бочуот Знага» уордьаннаах холкуос бэрэссэдээтэлэ Ион Семенович Егоров-Уһун Дьуона диэн абаҕата баарын, аҕата Василий Иванович Егоров-Буулдьа Баһылай өрөспүүбүлүкэҕэ хаста да бастаабыт кус быһый киһи буоларын эмиэ ахтыахха сөп…

Нэһилиэк түөлбэ дьонун ураты үгэстэрэ, бэлиэ өрүттэрэ былыр-былыргыттан халбаҥнаабакка тутуһуллан, киһиттэн киһиэхэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, бүөбэйдэнэн-иитиэхтэнэн, эбии байытыллан, күн бүгүнүгэр диэри кэлэн, бүгүҥҥү уустук, ыарахан олоххо бөҕө тирэх, суон модьоҕо буолан туһалыы, көмөлөһө сырыттаҕа. Үтүөттэн үтүө үөдүйэр, баардаахтан кыахтаах тахсар. Төрүт-уус удьуор оруола улахан, кэлбит төрүөхтээх сир-дойду уйгулаах өҥ кырыһын кэнчээритэ нүөл, байым…

Туруу үлэһит, сатабыллаах салайааччы Август Васильевич Егоров кимтэн кииннээх, хантан хааннаах эбитин ити курдук уһуннук-киэҥник быһаардым. Төрдүн-ууһун, төрөппүттэрин, төрүт дойдутун туһунан доҕорум бу курдук билиһиннэрээччи:

«Төрөөбүт-үөскээбит, борбуйбун көтөхпүт сирим Ньурба улууһун биир саамай кытыы, этэргэ дылы, үрэх баһын дойдута, Мэҥэдьэк нэһилиэгэ. Мэҥэдьэктэр киэҥник биллибит олоҥхоһут, оһуохайдьыт, булчут, сылгыһыт уонна учуонай дьоммутунан киэн туттабыт. Саха сылгытыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэҕа соҕотох «Дьөһөгөй оҕото» түмэллээхпит.

Аҕабынан хос эһэм Тигиилээх Дьөгүөссэтэ кэргэнэ Хаҥаластан көһөн барбыт Тыгын күтүөтэ Түүлээх Дүҥүрдээх Түлүөн ойуунтан хаан-сыдьаан тардыылаах. Оттон Тигиилээх Дьөгүөссэтэ бэйэтэ, аата да этэрин курдук, мастан маска ойон олус түргэнник үөһээнэн барар, кытыгырас, сымса, тигиилээх сирэйдээх дьирикинэй омуктартан төрүттээх. Ол иһин да буолуо, Аҕа дойду улуу сэриитигэр баран өлбүт эһэм Иван Егорович Тигиляхов олус кыанара үһү. Кини 15–16 саастааҕыттан сэриигэ барыар дылы араас ыһыахтарга сүүрэн уонна атах оонньуутугар иннин кимиэхэ да биэрбэтэх. Уонна киһи сөҕөрө диэн сэрии саҕаланнаҕын иккис сылыгар армияҕа ыҥырыллан, Дьокуускай куоракка тиийэн кэлбитин кэннэ доруобуйатынан сыыйан «дойдугар төнүн, аны нэдиэлэ курдугунан борохуот Ньурбаҕа барар, онон бараҕын», – диэн босхо барар докумуонун биэрэн, ыытан кэбиспиттэр. Ону киһилэрэ куоракка тахсан биир хонон баран, туох да аһа-таҥаһа суох ынах этэрбэһинэн, урут кыһын бэдэрээккэ сылдьар суолунан дойдутун диэки (100 көс) туос сатыы түһүнэн кэбиспит. Аара ыалтан ыалга хонон айаннаан иһэн, Бүлүүгэ этэрбэһин уллуҥа алдьанан биир эмээхсини көрдөһөн (күнүн аҥаарын сүтэрбит) тиктэрэ охсон дойдутугар Ньурбаҕа, сорохтор этэллэринэн нэдиэлэ устата, сорохтор этэллэринэн уонча хонон, Хатыытыгар тиийбит. Эһэм инитэ, абаҕам И.С. Егоров-Уһун Дьуона «Хатыы» холкуос бэрэссэдээтэлэ, бастыҥ үлэтин иһин «Бочуот Знага» уордьанынан наҕараадаламмыт. Сэрии кэмигэр нэһилиэгэр биир да киһини хоргутан өлөрбөтөх сатабыллаах салайааччы, кичэллээх хаһаайын эбит. Аҕам Василий Иванович маҕаһыыҥҥа атыыһытынан үлэлээбитэ. Дьонугар-сэргэтигэр биллэринэн, сүүрүк Буулдьа Баһылай диэн этэ. Өрөспүүбүлүкэ сүүрүүгэ алта төгүллээх, многоборьеҕа икки уонна Манчаары Баһылай аатынан спартакиада икки төгүллээх чемпионнара.

Ийэм өттүнэн аймахтарбын, хомойуох иһин, билбэппин. Ийэбинэн эһэм Чой диэн араспаанньалаах кэриэй киһитэ. Аата, хаһан, хантан кэлбитэ чуолкай биллибэт, туох да докумуон хаалбатах. Дьон-сэргэ кинини Чой Өлөксөй диэн ааттыыллар эбит, 30-c сылларга Ньурбаҕа кэлбит. Кэриэй төрүттэрбит үөрэхтээх, суруксут, улахан библиотекалаах дьон үһү. Ийэм Сыному Алексеевна 40-ча сыл учууталлаабыт, оҕо бөҕөтүн ииппит-үөрэппит, үөрэнээччилэрэ билиҥээҥҥэ диэри сибээстэрин быспат киһилэрэ. Бииргэ төрөөбүттэриттэн Чой Ксения Алексеевна нуучча тылын учуутала этэ. Кини уолаттара А.И. Григорьев-Афанасий Чой уонна А.И. Степанов-Куорат Уола (олохтон эрдэ барбыта) талааннаах суруналыыс идэлээхтэр».

Удьуор утума күүстээх. Август ахтан аһарбытын курдук, дьоһун дьонтон, үтүө төрүттэн үөскээбит киһи буолара чахчы биллэр. Ньурбаҕа Мэҥэдьэк нэһилиэгэр кини төрөппүттэригэр, аймах билэ дьонугар элбэхтэ ыалдьыттаан, хонон-өрөөн, күндүлэтэн-маанылатан сылдьыбыппын сүрдээх истиҥник, барҕа махталынан ахтабын. Аҕата Василий Ивановиһы кытары бииргэ үлэлээн, дьиэтигэр-уотугар алтыһан, киһи быһыытынан олус ытыктыырым. Көнө-сэмэй майгыта, сыыһа-таба диэбититтэн хаһан даҕаны туораабат чиккэ биир сүрүнэ, кыайыгас-хотугас үлэһитэ, сытыы өйө билсибит киһини чахчы убаастатара. Айылҕаттан бэриллибит кыанар-хотунар, сыыдам, кытыгырас киһи эрээри, хаһан даҕаны онон өҥнүбэт, кэпсэммэт буолара. Оттон Сыному Алексеевна оҕо сааһыгар тулаайах, кыһалҕаны этинэн-хаанынан билэн үөскээбитинэн уонна учуутал идэлээҕинэн, наһаа сиэрдээх, бэйэтигэр уонна дьиэ кэргэнигэр олус ирдэбиллээх дьоһун-мааны далбар хотун. Инньэ гынан, оҕолорун дьоҥҥо ытыктабыллаах сыһыаннаах, үтүө сиэрдээх, олус кырдьыксыт гына иитэлээбит эбит. Август убайа Иван Васильевич барыга бары дьоҕурдаах, салайар үлэһит быһыытынан бэйэтин төрөөбүт нэһилиэгэр итэҕэтиилээхтик көрдөрбүт, билигин улуус дьаһалтатыгар таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар киһи. Эдьиийэ Мария Васильевна эмиэ сүрэхтээх-бэлэстээх, кыһамньылаах үлэһит. Август аҕатын инитигэр Уйбаан Уйбаанабыс уонна саҥаһа Зоя Ивановна Егоровтарга, эмиэ үгүстэ хонон-өрөөн, маанылатан аҕай ааспыппын күндүтүк саныыбын. Саха үтүө-мааны, ыалдьытымсах ыала этилэр. Уйбаан былыргыны олус билэрэ, элбэх кэпсээннээҕэ-сэһэннээҕэ. Бэлиитикэни, олох-дьаһах боппуруостарын ырытарын олус сөбүлүүрэ. Оҕолоро эмиэ төрөппүттэрин курдук үтүөкэн дьоннор.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации