Текст книги "Атыыһыт Кырбаһааҥкын"
Автор книги: Василий Дарбасов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 4 (всего у книги 14 страниц) [доступный отрывок для чтения: 5 страниц]
ӨймӨкөөҥҥө үрүҥ тунах ыһыах
1890 сыл бэс ыйын ортотугар Өймөкөөҥҥө нэhилиэктэр ыҥырыылаах Үрүҥ тунах ыhыллыбыта. Онуоха сүрүн тэрийээччилэринэн улуус кулубата Доропуун Ностуруойап, олохтоох I Бороҕон нэhилиэгин кинээhэ Уйбаан Хотуоhап уонна атыыhыт Ньукулай Кырбаhааҥкын этилэр. Ыhыах тэрээhин үлэтигэр балай да сыра барбыта, ону үксүн Ньукулай дьиэ ис-тас үлэhиттэрэ толорбуттара. Элбэх биэни анал хааччахтарга хаайан ыйтан ордук кэмІэ ыан уохтаах кымыс бөҕөнµ бэлэмнээбиттэрэ. Маныаха оҕонньор кымыс бэлэмниир дьахталлара күнүстэри-түүннэри түбүгүрбүттэрэ, кинилэр биэ үүтүн ыан киллэрээт, сылааhына симииргэ толору куталлара, онтулара көөнньөрүгэр сүөhү бэстээх иҥиирин бүтүннүүтүн уган баран тыын тахсыбат гына сабан, ичигэс сиргэ туруораллара. Онтукаларын сөп буола-буола биhиэйэҕинэн көөнньөн эрэр кымыhы күүскэ баттыалаан биэрэллэрэ. Оччотугар салгын киирэн, кымыс көөнньүүтүн күүhүрдэр, түргэтэтэр. Итинник ньыманан түөрт-биэс хонугунан бэлэм буолбут кымыhы таhааран сөрүүн умуhахтарга уурбуттара.
Хас да балайда уус дьоннор ыhыах сэргэлэрин бэлэмнээбиттэрэ. Уустар өйдөбүллэринэн ол сэргэлэр ыhыах кэмигэр Үрүҥ Айыылар халлаантан түhэн олороллоругар аналлаахтар уонна ыhыах сиэрэ-туома ыытылларын көрө, истэ-билэ олоруохтаахтар. Ити сэргэлэртэн саамай сиэдэрэй, киэргэллээх, оhуордаах оҥоhуулаах «Аар баҕах сэргэ» буолар. Бу сэргэттэн илин күн тахсар сирин диэки уот оттуллар холумтаны оҥорбуттара. Онно алгысчыт сиэр-туом оҥоруохтаах диэн буолбута. Ыhыах буолара үс хонук иннинэ Ньукулай Уоhукабыс ыhыахха бэлэмнэниини көрө-истэ кэлэ сылдьыбыта уонна сэргэлэри эрдэтинэ туруортарбыта. Били Аар баҕах сэргэни арҕаа өттүнэн эргийэ хаамыынан мээрэйдээн уон икки сэлэ сэргэлэри туруортарбыта уонна:
– Аны бу сэргэлэргитин холбооттоон саламалары баайталаарыҥ, ону ынах ситиитин хатан, туос томторуктаан араас оонньуурдарынан киэргэтэргитигэр дьахталларга сорудахтаабыппын бµтэрэн эрэр буолуохтаахтар. Дьэ, кытаатыҥ, – диэн уус уолаттарыгар дьаhал биэрэн барбыта.
Ыhыах күн ыраах СордоІноохтон, Үчүгэйтэн, Биэрэк Үрдүттэн аттаах, табалаах дьон тиийэн кэлбиттэрэ. Ньукулай оҕонньор бэйэтэ Тарын Үрэхтээҕи дьиэтиттэн кэргэнин Даарыйаны акка мэҥэhиннэрэн үрүҥ көмµс ыҥыыра ыраахтан кылбачыйан иhэрин көрөн чугас аймахтара утары хааман тиийэн көрсүбүттэрэ. Түhүлгэҕэ элбэх киhи мустубута, бука бары били саҥа туруоруллубут сэлэ сэргэлэр тастарыгар эргиччи олорбут этилэр. Арай былыргы өбүгэлэрин үгэстэрин тутуhан аймаҕа өлбүт киhи иккис саҥа ыйа үүнэ илигинэ уонна саҥа оҕоломмут дьахтар Үрүҥ Айыылартан кымньыылатыахпыт диэн кэлбэтэхтэр. Онтон төбүрүөннээн олорор дьон ыhыах оонньуута аhыллыар диэри ол-бу үлэ-хамнас, от-бурдук, олох-дьаhах, дьыл хаамыытын туhунан кэпсэтэ олорбуттара.
– Быйыл биhиэхэ іймөкөөннөргө кыhыммыт сымнаҕас буолла, онон сайын итии күннэри кытары, кэмигэр ардыаҕа, өҥ дьыл буолара билиннэ дии, от-мас үүнэн силигилээн эрэр, – диэтэ маҥан былаатынан төбөтүн тууна бааммыт, сирэйин күн уота быһыта сиэбит аарыма кырдьаҕас Түмэппий оҕонньор бырдахтан дэйбииринэн сапсына олорон.
– Ээ, буолуо, от үүнүүтэ ханна да куhаҕана суохха дылы. Онтон дьыл кэлиитэ хайдах буолуой?
– Хата ол оннугар күhүн саҕаланыыта ардаҕа суох буолуоҕа, эрдэ соҕус хаhыҥныан сөп, оччотугар от-мас эрдэ хагдарыйыа. Онтон балаҕан ыйын ортотугар хаардаан кэбиhиэн сөп, онтубут сыыйа урукку сыллар курдук ууллубакка салгыы кыстык хаарынан солбуллуон сөп, оччотугар кыстыкпытыгар эрдэ бэлэмнэниэхпитин наада.
Дьэ бары бэлэмнэнии үмүрµйбүтүн, дьон-сэргэ балачча кэлбитин кэннэ, СордоІноохтон сылдьар алгысчыт Атастыырап былыргы сиэри-туому толорон, үгэс быhыытынан аал уоту, дойду, от-мас иччилэрин аhатан, үөрµйэх тылынан алҕаан баран уhун уктаах удьаа хамыйаҕынан арыылаах кымыhы баhан ыла-ыла: «Улуу тунах, уруй-айхал!» – дии-дии халлааҥҥа кириэстии ыhан күндээриппитэ. Онтон ыhыах көрө-оонньуута саҕаланан, быhыйдар сырсан, бөҕөстөр тустан көр-нар бөҕөтө буолар. Этэргэ дылы, Айыы чалбараІ быстар сыа, бастар арыы түhүлгэлээх оонньуу көҕүтүhүүлээҕэ буолар.
Ити кэмҥэ оонньууну-көҕү тэрийээччи эрдэ бэлэмнээбит үс үөстээх доро кыл көнтөhү туппутунан түhүлгэни эргийэ хаамар.
– Хайа, доҕоттоор, быа тардыhыытын күрэхтэhиитин саҕалыыбыт, онон нэhилиэктэринэн кыахтаах, эрчимнээх бөҕөстөргүтүн сүүмэрдээҥҥит чугаhатыҥ. Билиҥҥитинэн алта быа тардыhааччы аата-суола билиннэ. Өссө эбии дьону сүүмэрдиибит. Бэлэхпит үчүгэй буолуоҕа.
– Оо, дьэ, биhиги µчүгэйдэртэн икки уолу эбии киллэрэбит, – Күүстээх Куруомап уонна Дайыыла Мөлөкүүрэп диэннэр, – ким эрэ үөгүлээн биллэрэр.
– Сөп-сөп, өссө Биэрэк Үрдүттэн саатар биир-икки киhи наада. Биэрэктэр урукку өттүгэр өрүү көхтөөх буолааччылар.
– Чэ, оччоҕо бырааттыы Сиипсэптэри суруйуҥ, киирсиэхтэрэ.
– Оттон іймөкөөннөртөн Өндөрөй Дьөгүөрэби киллэриҥ, – хайа эрэ торуоскалаах доҕолоҥ оҕонньор тэрийээччилэргэ чугаhыыр, сүбэлэhэр.
– Оо, дьэ бэрт, уопсайа уон икки киhи киирсэр буолла. Сөп буолуо. Сотору күрэхпитин саҕалыыбыт, билигин сэрэбиэй оонньотобут.
– Дьэ, доҕоттоор, чугаhааҥ эрэ. Бастакынан сэрэбиэй тардыытын быhыытынан Күүстээх Дьөгүөссэ уонна Хаамыска Бүөтүр хапсыhаллар.
Онуоха Күүстээх Дьөгүөссэ ыІыралларын кэтэспэккэ хааман түөhүллэҥнээн кэлэн лаглас гына олоро түhэр. Анараа киhи тутан олорор быатын хаба тардан ылан баран эрчимнээх илиитинэн эрийэ тутар уонна чинэрис гынан түллэн ылар. Утарылаhааччыта Хаамыска икки илиитин холбуурун кытта тэрийээччи киhи «чэ» диэн хамаанда биэрэр. Сонно тута икки өттүттэн кытаанах чиччигинэhии буолар, иҥиир тыаһа лаґыгырыыр. Көрөн турааччылар маҥнай суугунаhыах курдук буолан иhэн ах бараллар, ким эрэ «кытаат-кытаат», «тулуй-тулуй» диэн истэриттэн ыган таhаараллар. Тэбинэр мастара икки күүстээхтэр бүгүллэҥнээн хамсааhыннарыттан оннуттан сыҕарыйбытын тутан олорооччулар кыайбакка ынчыктаhаллар. Ол кэмҥэ Хаамыскалара кытарбыт сирэйэ ыгыллан, устунан муннун анныттан хаан быгыалаабытын дьон көрөн: «ТохтотуІ-тохтотуҥ, киhигит хаана барда», – диэн тохтотон, кыайыыны Күүстээх Дьөгүөссэҕэ быһа биэрэллэр. Салгыы Дьөгүөссэ барыларын кыайан бастаан тахсар.
Ити кэнниттэн атах оонньуута саҕаланар. Аан бастаан кылыйсыы, онтон ыстаҥа, куобах оонньуулара ыытыллар. Онно үксүгэр Томтор уолаттара күннээтилэр, үс аҥаардыы ыллар хаамыылаах уон биир туоска Куола Мөлөкүүрэп, Бэһэл Дьөгүөрэп уонна Уйбаан Ностуруойап утуу-субуу миэстэлэргэ тиксэн сыалаах мүһэ тутан үөрдүлэр-көттүлэр. Ити кэнниттэн хапсаҕайдаһан тустуу саҕаланар. Онуоха хотторбут бөҕөс туораан иһэр буолан, күрэхтэһии бэрт судургутук, улахан мөккүөрэ суох баран истэ. Уолаттар курданалларыгар диэри сыгынньах, сыалдьалаах сылдьан араас хамсаныыларын албастаһан охторсоллор. Арай Үчүгэй тустууга Куруомап Сордоҥноох уолун Халдьыа Хаабыһабы тарбахтарыттан ылан сыһыары тардаат, моонньун холуоккалаан ыксатар, онтон сыалдьатын бүүрүгүттэн харбаан бүдүрүтэн сири булларар. Кэмниэ-кэнэҕэс икки бөҕөс – Өймөкөөнтөн Көөскө, Тарыҥтан Сэмэнньэ хаалаллар. Дьэ, кырдьык да иккиэн быһыы-таһаа чахчы мааны уолаттара буолан ыһыах дьонун болҕомтотун тартылар. Арай Сордоҥноохтон сылдьар Миитэрэй Дээгилэп уонна Үчүгэйтэн кэлбит Дайыыла Баайыһап ким кыайыаҕар мөккүһэн сакалааттаһан турдулар.
– Чэ, мин Сэмэнньэни ылабын, дабаай уксуохха.
– Кырдьык этэҕин дуо? Мин Көөскө диэки буолабын, холоон кыайыаҥ, – диэн кыһытыһа турдулар.
– Сөп, чэ, оччоҕо ким кыайбыт үстүү тииҥ тириитигэр киирсиэххэ, – Дайыыла булчут киһи эрэмньилээхтик этинэр.
– Чэ, сөп, сөбүлэһэбит, – Миитэрэй киһитин илиитин ыга тутар уонна хайалара эрэ аттыгар турарыгар быстарар.
Сотору хапсыһыы саҕаланар да, уолаттар тэбис-тэҥҥэ эрийсэллэр, иҥиирдэрин тыаһа лаһырҕаан олорор. Ону көрөн Дайыыла:
– Оо, дьэ, тэгил сиртэн тэҥнээхтэр көрсүспүттэр да, мин Сэмэнньэм арыый күүһүнэн баһыйарга дылы. Кытаат-кытаат!
Итини истибиккэ дылы Сэмэнньэ харса суох кимэр, онтон аллараттан кууһан ылаат, түөһүнэн көтөҕөн таһаарар да, уола халбарыс гынан мүччү көтөр. Онуоха тарыҥнартан ким эрэ:
– Дьэ, хаарыан уолбутун кыайаары гынна-аа! Кытаат! Ити Көөскө бэйэ ыккардыгар биирдэ эмэ туһуннахпытына халбархайа бэрт буолан тулутааччыта суох. Дьиҥэ туруору күүһүнэн киһи киирсэр киһитэ, ол гынан баран сылбырҕата, түргэнэ бэрт буолан хайдах охтубуккун соһуйан эрэ хаалаҕын. Дьэ, дьикти тустуук! Арай букатын кыараҕас сиргэ-уокка киһи хам тутан охторуо эбитэ буолуо, – Өймөкөөнтөн сылдьааччы Өрөкүй Миисэ Көөскөнү хайгыы турда.
– Оннук курдук эбит, билигин даҕаны киһитигэр таба туттарбат, хаста да атахха тэбэн чуут охторо сыста. Дьэ, хайаһаллар эбит, көрүөхпүт, – аттыгар турар тайахтаах оҕонньор ньолос гына-гына сыыбырҕаата, – былыр баар этэ күүстээх бэйэлээхтэр, олор тустууларыгар тиийиэхтэрэ дуо?
– Бэйи, оҕонньоор, наар былыргыны эрэ кэлтэй хайгыы турума. Бу уолаттарыҥ да тэтиэнэх дьон, мээнэ киһи тэҥнэспэт бөтөстөрө, көрөөр дьэ. Кыратык тулуйа түс ээ.
Онтон Көөскө төһө да аҕылаатар, синим биир диэбиттии, киһитигэр кимэн киирэр уонна ньилбэгэр «тас» гына охсон баран умса садьыйбыта, киһитэ бүдүрүйэн хара буорга тайана түһэр.
– Ураа! – іймөкөөннөр уоллара кыайан уруйдуу турдулар. Бары эргийэ сылдьан эҕэрдэлээн илиитин көтөҕөллөр, саннын таптайаллар, кууһан ылаллар.
Ыкса киэһэ ат сүүрдүүтэ буолла. Манна эмиэ улахан хатыһыы суох буолла. Уруккуттан сүүрүк аттардаах Тарыҥ Үрэх сылгыһыттара кыайыы өрөгөйүн туттулар. Аҕыйах ат Орто Алыыттан бэркэ илин-кэлин түһүстүлэр. Тэрийээччилэр кыайбыттарга араас бириистэри туттартаатылар. Адьас ыраах сиргэ сүүрдүүгэ бастаабыттар ыҥыырга, ат иҥэһэтигэр, кымньыытыгар тиийэ бэлэх-туһах тутаннар үөрдүлэр-көттүлэр, сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ. Эһиил дьэ эмиэ киирсиэхпит онно көрсүһүөхпүт дэһэн араҕыстылар.
Дьэ, онон ыһыах түмүктээһинигэр элбэх үтүө тыллар этиллэннэр, ордук кыайыы көтөлүн билбиттэр үөрэ-көтө сыыйа-баайа тарҕаһан барбыттара. Ол кэннэ ким сөбүлүүр саха таптыыр оһуохайыгар киирэн үҥкүүлээн эргийбиттэрэ. Онно үксэ кыргыттар, уолаттар үҥкүү тылын этээччи таһыттан саҕалаан тоҕонох-тоҕонохторуттар ылсыһан элбээтэр элбээн, төгүрүччү туран, оргууй аҕай атахтарын иһирдьэ-таһырдьа үктүү-үктүү эргийэ баран испиттэрэ. Оттон үҥкүү тылын таһаарааччы Ырыаһыт Атылааһап кылгастык аҕыйахтыы тылынан ыллаан биэрэрин атыттар бары үтүктэн испиттэрэ:
Оһуо-оһуо оһуокай. Эһиэ-эһиэ эһиэкэй,
Чэйиҥ эрэ, кыргыттар,
Оонньуур-күлэр уолаттар,
Көбүөр күөххэ үктэнэн
Көрү-нары тардыаҕыҥ.
Илиилэртэн сиэттиһэн
Эгэй-тэгэй үктээммит,
Эллэй эһэбит саҕаттан
Этиллибит оһуохайы,
Эргийэ хаама сылдьаммыт
Этэн-тыынан биэриэҕиҥ,
Оһуо-оһуо оһуокай.
Эһиэ-эһиэ эһиэкэй!
Сотору киэһэрэн сайыҥҥы аламай күн сыыйа намтаатар-намтаан, арҕаа күөх хайалар кэтэхтэригэр саспыта. Ону кытта тута кэриэтэ сөрүүн салгыннаах нуурал киэһэ киэҥ тоҕойу иилии кууспута. Арай түүн хойукка диэри оһуокай ырыата тохтоон ыла-ыла өр да өр дьиэрэйбитэ. Индигиир эбэ хотун ону истибиттии сороҕор бытаарбыттыы, ардыгар тиэтэйбиттии тус хоту диэки туһулаан үйэлэргэ устан сүүрүгүрэ сыппыта.
Тарыҥ үрэххэ чочуобуна
Быйылгы дьыл Тарыҥ Үрэх олохтоохторугар син этэҥҥэ баран иһэр. Ахсынньы ыйга түптэлэс тымныы уонча хонук курдук туран баран, ый бүтэһигэр сис былыт кэлэн үлэ-хамнас дьонугар арыый сымнаһыар буолан от-мас тиэйиитигэр табыгастаах. Онтон бүгүн Бастакы Охонооһойоп таҥарата – тохсунньу 31 күнэ, аны сарсын олунньу 1-гар дьыл оройо. Ол күһүҥҥү Бокуруоптан 110 хонук, оттон сааскы НьукуолуІҥа диэри эмиэ 110 хонук. Онон дьыл оҕуһун аҥаар муоһа тостон сыыйа-баайа сааскы ылааҥы күннэр саҕаланаллар, ол төрүт да ыарахан олохтоох дьон өйүн-санаатын арыыйда өрө көтөҕөр.
Бүгүн Ньукулай оҕонньор уруккутунааҕар арыый эрдэ уһугунна уонна бөлүүн көрбүт дьикти түүлүн ырыта, ырыҥалыы сатыы сытта. Кини үксүгэр түүл түһээтэҕинэ да аанньа аахайбакка умнан кэбиһээччи, ол-бу мээнэ быһыылаах диэн тойоннообокко, санаа-оноо оҥостубакка аһардан кэбиһэрэ киниэхэ үчүгэйгэ дылы. Онтон бу сырыыга табыллыбат курдук буолла. Бэйи, тугу түһээтим этэй?» – диэн өйдүү-саныы сытта…
Арай түһээтэҕинэ, Сэлэрикээн үрэх кытыытынан сүрдээх элбэх көтөллөнөн, түүлээх бөҕөнү ындыылаан хаһыа да буолан куоракка айаннаан иһэр курдуктар. Хас да ындыыһыт дьону кытта аттыгар Массакы суруксут баарга дылы уонна киниэхэ туһаайан этэр:
– Ньукулаай, иннибитигэр бадараннаах дүөдэ баар, онон бэрэмэдэйбитин аттарбытыттан түһэрэн бэйэбит сүгэн туоратарбытыгар тиийэбит, – дии-дии ындыылары түһэртиир.
– Ээ, онтон хайыахпытый, таскайдыырбытыгар тиийэбит, – диэн баран ындыылары ылбыта, хайдах эрэр чэпчэки баҕайылар. Ону: «Хайдах маннык күүһүрдэхпиний?» – диэн сүүрэкэлии сылдьан уһуктан кэлэр. Уһуктубута сүрэҕэ сэлибирээбит, дэлби тириппит, тамаҕа хаппыт аҕай. Оронуттан туран таҥараҕа кириэстэнэн сапсынна.
Сотору эмээхсинэ Даарыйа сарсыардааҥІы чэйгэ ыҥырда. Хотон уонна дьиэ ис-тас үлэһиттэриниин суухаралаах, хайахтаах үүттээх чэйи иһэ олорон, Ньукулай дьикти түүлүн кэпсээтэ, дьонун диэки ыйытардыы тула көрдө. Онуоха Даарыйа күлэ-күлэ:
– Оо, онтон дьиэҕэр түптээн олорбоккун, өйүҥ-санааҥ наар айан эрэ эҥээрдээх буолааччы дии, мин санаабар, туох да дьикти, дьиибэ суохха дылы, һэ-һэ, онтун түүлгэр киирдэ ини.
Онуоха Ньикииппэр диэн көлө атын айааһааччы:
– Бэйи, итинтиҥ мин санаабар куһаҕана суох түүл курдук, ол таһаҕаһы сүгэ сылдьарыҥ уонна ыарырҕаппакка кыайа-хото тутарыҥ олус үчүгэй. Арааһа эн ханнык эрэ санааҕа баттата сылдьыбытыҥ мантан инньэ кыайтарыыһы. Ол туох баттыктаах санаа баарай?
– Хайа, нокоо, син сөпкө тойонноотуҥ дуу, хайдах… Кырдьык да испэр Тарыҥ Үрэххэ чочуобуна туттарбыт киһи диэн санааны иитийэхтээн сылдьыбытым. Баҕар онтум олоххо киирэрин сүрэ буолуо дуо? – оҕонньор хайах тоорохойун ылан минньигэстик ыстыы олордо.
– Оттон үбүлээһинэ кыайтарыа суоҕа диэн саарбахтыыр этиҥ дии. Бэйи, онтуІ боростуой балаҕаны тутуу курдук буолбатах. Сураҕа төгүрүк бэрэбинэлэринэн, хабарҕалаан, иккис этээстээн, куупаллаан оҥоһуллар үһү дииллэр. Аны үрдүгэр кириэс, иһигэр ол-бу таҥара мөссүөннэрэ, тэриллэрэ – барыта баар буолаллара ирдэнэр үһү диэн үнүр нэһилиэк кинээһэ Дьөгүөрэп кэпсээбитэ, – Даарыйа оҕонньорун уустук кыһалҕаларыгар өрүү орооһор буолан санаатын тиэрдэ олордо. Ол кэнниттэн кэпсэтии уһаары гыммытын билэн, дьахтар үөрэ оттоох суораты таһааран остуолга уурда.
Үтүө Даарыйа сайын үөрэ отун хатаран хаһаанар уонна суоракка, тарга кутан дьонун аһатар. Сороҕор үөрэ отун сүөһү иһин уонна эт миинигэр кутан үлэһиттэрин күндүлүүр. Өймөкөөҥҥө үүнэр үөрэ ото от ыйыгар ситэн сибэккилэнэр, саһархайдыҥы болчуоктардаах, онтон дьиҥнээх сиэмэтэ атырдьах-балаҕан ыйдарыгар ситэр. От үөрэтин оҥосторго Даарыйа ордук суораты, арыы уутун уонна мээккэ бурдугу булкуйан уу эбэн оргутар. Онто ыаммытынан үүт курдук буолуор диэри сойутар уонна эбии бурдугу кутан сэлиэйдээн ытыйар. Ол кэннэ сылаас ууран аһытан, сөп буоллаҕына умуһахха уган сойутан баран хаһан баҕарар ылан туһанар. От үөрэтин Кырбаһааҥкыннаах күнүскү эбэтэр түөртүүргү аһылыкка туһаналлар. Адьас былыр бурдук кэлэ илигинэ, үрүҥ аһы отону, оту-маһы эбэннэр тупсараллара. Ол курдук сиҥэҕэ, тарга от, талах сэбирдэҕин, үүнээйи силиһин, бэс сутукатын, бытархай хаппыт балыгы үлтүрүтэн кутан, хойуннаран олус «тотоойу» аһылыгы бэлэмнииллэрин кырдьаҕастар ахталлар, онон хотугу сахалар быыһаммыппыт диэн махтанан кэпсэтэллэр.
– Ээ, онтон кырдьык дьон бары саба түһэн ылыстаҕына эрэ кыаллар дьыала, толкуйдуохпут. Улуус кулубатын кытта сүбэлэһэр наада, – Ньукулай чэйдээн бүтэн чааскытын сыҕарыччы аста, – итэҕэлбит суоҕа куһаҕан, онтон сиэттэрэн дьон сороҕор арыгыга сысталлар. Аны уоруу, алдьатыы, түөкүннээһин, масыанньыктааһын, өлөрсүү-өһөрсүү курдук кэдэрги кэмэлдьилэр үксээн иһэллэрэ хомотор. Итинниктэри биһиги таҥара дьиэтин эрэ нөҥүө суох гыныахпытын сөп.
– Чэ, чэ, оҕонньор, бука санаабыккын ситиһэр курдук быһаарыммыккын быһыылаах. Дьон-сэргэ көмөлөстөҕүнэ кыаллыа буоллаҕа, оо, олорон хаалаары гынныбыт дии. Ынахтарбытын уулатар кэм буолла, халлааммыт да тымныыта сымнаабыт курдук, – диэн баран Даарыйа туран остуолтан иһитин-хомуоһун хомуйан барда.
Ньукулай Тарыҥ Үрэххэ чочуобунаны хайдах гынан туттарар туһунан хас да күн улахан толкуйга сырытта. Маҥнай улуус кулубатын кытта кэпсэтэргэ сананна. Ол гынан баран ити үлүгэр баараҕай тутууга төһө да баай буоллар кини харчыта-үбэ кырыымчык буолсу. Оттон сырдык, итэҕэл дьоҥҥо-сэргэҕэ хайаан да наада, бэйэбит аҕабыыттаах буолуо этибит, кыра оҕолору сүрэхтээһиҥҥэ, бэргэһэлэниигэ, ол-бу суругу-бичиги оҥорууга бэлэм дьонноох буоллахпытына бэйэбитигэр үчүгэй буолуох этэ. Аҥаардас тутуу маһын бэлэмнээһиҥҥэ, таһыыга, дьиэ көІдөйүн тутуутугар сүүһүнэн, тыһыынчанан үп-харчы наада. Сылга биһиги 3000 саһылы, 100 тыһыынча тииҥи, 100 саарбаны, 1500 кырынааһы бултуубут, онтон саатар үс гыммыттан биирин дьоҥҥо түһээн түһэрэр киһи? Арай ити түүлээҕи барытын хомуйан Дьокуускайга киллэрэн атыылаан харчы оҥордорбут туох эмэ тахсыан сөп этэ.
– Сорохтор табаларын сиэртибэлээннэр, кимнээх эрэ аттарын, атыттар ынах сүөһүлэрин, оччоҕо эмиэ добуочча үп киириэн сөп буолбат дуо? – Массакы тойонун диэки көрөр.
– Син да, ол эмиэ дуона суох. Арай ити таҥара дьиэлэрин үрдүк сууттарыттан көрдөһүөххэ сөп этэ. Сүрүн үбүн кинилэр толуннахтарына дьыала сыҕарыйыан сөп курдук ээ, – Ньукулай дьэ ыйытыгы хайыы үйэ быһаарбыт курдук сэргэхсийэ түстэ. Бу курдук гыныахха, бу күннэргэ таҥара дьиэтин тутуутун туһунан олохтоохтор мунньахтарын тэрийиэххэ. Онно дьон-сэргэ туох диирин истиэххэ, онтон быһаарыныахпыт.
Оҕонньор сотору арбаҕаһын кэтэн дьиэтин тэлгэһэтигэр тахсан кириэстэнэ-кириэстэнэ малыыппа аахта:
Айбыт Тойон Таҥарам!
Бырастыы гын миигин
Бэйэҥ уларыйбат тапталгынан,
Аһыныгас уйан сүрэххинэн
Буруйдарбын барытын суох гын,
Аньыыларбын ыраастаа миигиттэн.
Бары оҥорбут буруйдарым Эйигин
Утары буоларын билинэбин, кэлэнэбин,
Ол барыта Эн көрөргөр – аньыы-хара буоларын.
Көрдөһөбүн, Айбыт Таҥарам,
Ыраас сµрэхтээ миигин,
Саҥа тыынна, саҥа санаата
Үөскэт миэхэ дууһабар,
Бэйэҕиттэн тэйитимэ миигин.
Сибэтиэй Тыыҥҥыттан матарыма.
Эйиэхэ бэринэр баҕабын бөҕөргөт.
Оччоҕо ТарыІ Үрэхпэр чочуобуна тутуом.
Эн суолгунан барааччылары элбэтиэм!
Ис сүрэхпиттэн этэбин. Көрдөһөбүн, ааттаһабын. Аминь.
Массакы сарсыҥҥыттан Тарыҥ Үрэх бөһүөлэгэр чочуобуна тутуутун туһунан дьоІІо илдьит ыыталаата.
Ньукулай куолутунан эмиэ таҥараҕа кириэстэннэ, онуоха бырааттарын санаан туран: «Бүөтүр, Ньукуус, Байбал аньыыларын-хараларын бырастыы гын, Айыы Тойон Таҥарам! Эн иннигэр мин үтүөнү эрэ оҥоруохтаахпын», – диэн баран сүгүрүҥнээн ылла.
Аҕыйах хонугунан Ньукулайга Сэмэн Бөлөлүүскэй баай киирэн кэллэ.
– Чэ, доҕоччуок, мин улахан сонуннаах олоробун. Биһиги бу бөһүөлэкпитигэр таҥара дьиэтин тутар туһунан мунньах оҥороору олоробут, – Ньукулай, үтүө сонунун анараата хайдах истибитин билээри, тонолуппакка утары көрөн ылла.
– Дьэ, доҕоор, сөбүн сөп буолуо гынан баран, ол үбүн-харчытын хантан булаары сананныҥ? – киһитин сирэйэ-хараҕа дьэбин уоһуйбутуттан сэрэхэдийэ олордо.
– Онтон доҕоччуок, бары көмөлөөтөхпүтүнэ. Дьонтон барытыттан кыра соҕустук түһээн хомуйдахпытына, ким тугу биэрэринэн, кыайарынан.
Ньукулай ити санаатын өр иитийэхтээн сылдьыбыта. Дьиэтигэр таҥара күлүгэр өрүү кириэстэнэрэ, өйүгэр туох көтөн түспүтүн туһунан ботугуруура. Онно «Айыым-Таҥарам, абыраа», «үрдүк айыыларым суолбун-ииспин ыраастааҥ», «эһигиттэн көрдөһөбүн дьонум-сэргэм этэҥҥэ олордуннар…» эҥин диэн этинээччи, онто көмөлөһөргө дылы буолааччы. Өссө биирдэ эдэр эрдэҕинэ, Халымаҕа айаннаан иһэн, туундараҕа буурҕа түһэн, муна сыспыттааҕа. Ол Алаһыай киэҥ нэлэмэн иитэ-саҕата биллибэт куйаарыгар буолбуттааҕа…
…Хотугу халлаан диэн өрүү күҥҥэ хаста эмэ уларыйар аналлаах. Сарсыарда ыраас нуһараІ тыала суох буоллаҕына, күнүс тыалыран-кууһуран, тибиилэнэн, буурҕаланан да турдаҕына көҥүлэ, онон таҥаһыҥ-сабыҥ онуоха сөптөөх халыҥ, сылаас буолара наада. Хата ол айаныгар Ньукулай итиитик таҥныбыта абыраабыта.
Кини хас да уучаҕы көлүнэн уонтан тахса биэрэстэлээх балыксыттар олорор учаастактарыгар тиийиэхтээҕэ. Урут иккитэ-хаста бу суолунан сылдьыбыт буолан сирдьитэ суох айанныырга санаммыта, саатар ол кэмҥэ бөһүөлэктэн онуоха сөптөөх барсар да киһи суох быһыылааҕа. Аны айанныахтаах сирин уҥа өттүгэр өрүү намыһах соҕус хайалар, сис тыалаах үрдэллэр хаймыылыыллара, кини ону тутустаҕына чаастан ордук кэминэн балыксыттарыгар тиийиэхтээҕэ. Онон сүрүн соруга уҥа өттүн сүтэрбэккэ көрөн сирдэтии уонна хаҥас диэки халыйбакка айан буолуохтааҕа. Болдьох курдук эбиэттээн баран айаҥҥа туруммута, сааһыары буолан халлаан илин диэкинэн кыратык суһуктуйан баран им балайга тимирбитэ. Арай дьүкээбил уотун сардаҥалара айанын хайысхатынан тунал хаартан тэйэн уҥа хайалары барбах сырдаталлара. Балайда айаннаабытын кэннэ, били сирдэтинэр хайалара намтаан, сири кытта силбэһэн барыта биир күдьүс намтал буолан тулалыы эргийбитэ. «Эс, хайдах-хайдаҕый? Хайаларым ханна сүттүлэр?» – диэн санаа үүйэ-хаайа тутта. Ньукулай: «Бэйи, хайысхабын уларытарым табыллыбат, хайаларым сотору көстөллөр ини», – диэн бэйэтин бэйэтэ уоскутунан ньуоҕаларын уруккутун курдук холкутук тутан олордо. Табалар да айаннаабыттарын курдук кэннилэригэр сыа хаары ыһан такымнара биир кэм тэбис-тэҥҥэ битийэн истэ да, били сирдьит очуостаах хайалара кэлэн биэрбэтилэр. Ньукулай дьэ сүрэҕэр ыттарда: «Оо, оччоҕо хаҥас диэки түспүппүн быһыылаах, оччотугар дьэ, кырдьык, муннаҕым?!» – диэн ботугураан баран табаларын тохтотон, наартатыттан түһэн, бэргэһэтин кырыатын соттон, тулатын одуулаата. Баҕар чугас эргин дьон саҥата, эбэтэр ыт үрэрэ иһиллиэҕэ диэн бэргэһэтин устан иһиллии сатаата да, туох да биллибэтэ, уу чуумпу, арай табалар аҕылыылларын салгына тоһуттар тымныыга «сыыр-сыыр» диэн сырылыыр. Ол туран Ньукулай үрдүк айыылартан көрдөһөр элэ-была тылларын эттэ: «Оо, дьэ, Аар Айыым-таҥарам, абыраа, бу билбэт сирбэр-уоппар кэлэммин, иитэ-саҕата биллибэт туундараҕа мунан эрэбин быһыылаах, баар буоллаххына абыраа, өрүһүй, суолум хайа диэки салалларын ыйан кулу!» – дии-дии тыс үтүлүгүн кэтэн туран хаста да кириэс охсунна, иннин диэки сүгүрүҥнээн ылла. Ол кэннэ хайдах эрэ арыый чэпчээбит курдук сананан наартатыгар олорон ньуоҕатын хамсаппытыгар, табалара иннилэрин диэки дьулустулар. Сотору соҕус айанныырын кытта, халлааҥҥа бачымах сулустартан намыһаҕынан биир сулус сырдаан көһүннэ, онто хайдах эрэ банаар уотунан сырдатардыы табаларын иннилэринэн тунаарда. «Хайа, бу тугуй?» – диэн маҥнай дьиксинэ санаан баран Ньукулай ити сулус мээнэ кэлбэтэҕин иһигэр сэрэйэ быһыытыйда. Арай ол сулуһа уҥа диэки эргилиннэ уонна тунал хаары сырдатан ыҥырардыы чипчиҥнээтэю «Абааһы буолбатах, айыы бэлэҕэ быһыылаах», – дии санаан табаларын ол сырдык суһумун диэки салайда. Балайда айаннаан баран табалар тохтоон хорус гыннылар, Ньукулай көрбүтэ, били балыксыттарын буор дьиэлэрэ бу турар эбит. Ол ыккардыгар сирдьит буолбут сулуһа эмискэ сүтэн хаалбыта, үөһэ да көппүтэ, аллара да тимирбитэ биллибэккэ хаалбыта. Онтон ыла атыыһыт Таҥара итэҕэлин өссө күүскэ этигэр-хааныгар иҥэрбитэ, күн аайы сарсыарда, күнүс, киэһэ өрүү таҥараҕа үҥэргэ үөрэммитэ.
Кырбаһааҥкын алгыс тыла арчылааҕын, этэр тыла иччилээҕин билэрэ, ол иһин наада тирээтэҕинэ айыыһытын кытта алтыһааччы. Арай биирдэ оҕонньордоох Тарыҥтан Эбир Хайаҕа үһүө буолан баран истэхтэринэ суолларыгар эһэ хаайбыт. Ньукулай инники иһэр буолан эһэни көрөөт да, уолаттарын Ыстапаан Силэпсиэби, Артамаан Атылааһабы илиитинэн далбаатаан ыҥыртаабыт уонна уот отуннарбыт. Онтон көрдөһөн-ааттаһан барбыт: «Эһэкээммит барахсан суолбутун мэһэйдээмэ, эйигин хаһан да атаҕастаабатахпыт, эйиигиттэн ордук күүстээх ким да суох, эн кыахтааххын, хара тыа хаһаайынаҕын! Биһигини бука диэн тыытыма, эйиэхэ мэһэйдэспэппит, моһуоктаама, эн курдук көннөрү айан дьонобут…» – дии-дии кириэстэммит, хаста да бокулуон уурбут. Онуоха эһэлэрэ икки кэлин атаҕар турбут, кэҕэрдибит уонна кэлбит суолунан төннө турбут. Айанньыттар кинини батыспыттар, эһэлэрэ арыыйда куотан иһэн биир сиргэ тохтоон, кэннин хайыһан көрөн баран суолтан туора тахсан аар тайҕатыгар түһэ турбут. Ити курдук иччилээх тыл илбиһэ оннооҕор хара тыа хаһаайыныттан харыстаан турардаах.
Таҥара үөрэҕэ күүстээҕин-кыахтааҕын, сырдык аналлааҕын туһунан Ньукулай биирдэ Охуотскайга тиийэ сылдьан истибитэ уонна дууһатынан ылларбыта. Онно муора уҥуор Алеуттар арыыларыгар ханнык эрэ Лэгэнтэй Бэнэмиинэп диэн аҕабыыт туох да итэҕэли билбэт омуктарга таҥара үөрэҕин тарҕатан, харахтарын арыйан кэлбитэ үһү. Оччолорго ол дойду нуучча судаарыстыбатыгар киирэрэ уонна Иркутскай таҥаратын бас билиитигэр баар буолан ол Лэгэнтэй аҕабыыт оннук ыраах кутталаах айаҥҥа туруммута. Айан этэҥҥэ ааһан Лэгэнтэй сытыы тыаллаах, силбиктээх, тыйыс айылҕалаах дойдуга үктэммитэ. Маҥнай тиийээт, олорор да дьиэтэ суох буоллар, баачыка санаатын булгуруппакка, харытын ньыппарынан дьиэ-уот тэриммитэ. Илим баайан, оҥочонон муораҕа киирэн балыктаан, бултаан дьиэ кэргэнин аһаппыта, ону сэргэ таҥара дьиэтин эт илиитинэн тутан саҕалаабыт. Олохтоохтору кытта кэпсэтээри кинилэр тылларын-өстөрүн үөрэппитинэн барбыт, бодоруһан, доҕордоһон, маһынан, тимиринэн уһанарга, оһох оҥорорго үөрэппит. Ол сылдьан таҥара үөрэҕэ үтүөнү-кэрэни, ыраас санааны иҥэрэрин таһынан, оҕолору сүрэхтииргэ, таҥараҕа тиксэргэ, ыал буолааччылары бэргэһэлииргэ туһалааҕын итэҕэппит. Сотору таҥара дьиэтэ тутуллан бүппүтэ, сибэтиилэммитэ, Сибэтиэй Бүрүстүөлү оҥорон бүтэрбитэ, ханастааһы солотуу кыраасканан соппута, сиэркэби киэргэппитэ. Түмүгэр алеуттарга бастакы Таҥара дьиэтэ тутуллан дьон бары быһа ааспат буолбута, сиэр-майгы тупсубута, ол-бу бытархай буруйу оҥоруу, уоруу, арыгыны батыһыы курдук дьаллыктар аччаабыттара. Аҕабыыт аны таҥара үөрэҕин кинигэтин тылбаастаан тарҕаппыта, кыра оҕолорго таҥара үөрэҕэр аналлаах училищены арыйбыта, учуобунньуктары суруйан онон үөрэппитэ. Дьэ, итинник холобуру батыһан, Ньукулай Өймөкөөҥҥө киллэриэн баҕарбыта уонна онтун сыралаһан, дьирээлэһэн атаҕар туруорбута. Бастаан Тарыҥ Үрэххэ чочуобуна туттарбыта. Ол кэнниттэн аны аҕыйах сылынан Өймөкөөҥҥө таҥара дьиэтин тутуутун үбүлээбитэ. Онтун ситэрэн өссө ити таҥара дьиэтин тутуутугар маастардатаары, Дьокуускайга ханнык эрэ атыыһыкка тутууга үлэлии сылдьар Тихэмиирэп Баһылай диэн эдэр нуучча киһитин кэпсэтэн аҕалан үлэлэппитэ. Онтон сотору ол киһиэхэ бииргэ төрөөбүт балтын Мавраны кэргэн биэрбитэ, хас да оҕолонон быр-бааччы олорбуттара туспа устуоруйа.
Сыспай сиэллээхтэри сыһытан
Ньукулай төһө да алта уонча сыл хаарын санныгар ууллардар, хоп курдук сылдьар. Соторутааҕыта аҕай 40-ча көтөлүнэн Дьокуускайтан таһаҕас аҕалан дьонугар-сэргэтигэр тарҕаппыта, онон сотору аны булчуттарын мунньан түүлээхтэри атыылаһаары оҥостор. Дьэбдьэкиэйэ таҥараҕа халлаан балачча өр былытыран сымнаан туран баран эмиэ тымныйда. Ол да буоллар оҕонньор бүгүн сылгыһыттарын көрсөн кэпсэтэ таарыйа, сылгы туругун уонна хаһыы хайдах баран иһэрин билсиэхтээх, кини «бэйэ сылдьан көрөрө-истэрэ ордук» диэн өйдөбүллээх. Халлаан суһуктуйа сырдаан эрдэҕинэ, Ньукулай сылаас дьиэтиттэн тахсан, ыҥыыр атын миинэн, суол устун илин диэки туһаайыынан сиэллэрэн дьигиһитэн истэ. Ат тыына бурҕаҥнас. Сотору кини ыҥыырыттан түһэн, атын мууһурбут муннун-уоһун үтүлүгүнэн убахтаан ыраастаан биэрдэ. Онтон салгыы айаннатан үчүгэй суолтан туораан, эмиэ да ыллыгынан, эмиэ да тоҥуу хаарынан барыталаата. Онтон биир кыараҕас үрэҕи туораан Кээттэ сыһыытыгар киирбитэ, сылгылара бу хаһан аһыы тураллар эбит. Хаар балайда халыҥаабыт, «үлэлээн» хаһан аһыыр буоланнар, сылгылар соччо-бачча тоҥмуттара да, илистибиттэрэ да көстүбэт. Иччибит кэллэ быһыылаах диэн иҥэрсийэн ыллылар, хаһалларын тохтотон көрөн-истэн чөрбөҥнөстүлэр.
Дьиҥинэн быйыл хаһыы куһаҕана суох. Күһүн от күөхтүү хаппыта, сиибиктэ да баара, уонча сыллааҕыта буолбут курдук ууга хам тоҥмотоҕо. Ол да иһин быйыл сылгылар туруктара үчүгэй диэххэ сөп, аны көхсүлэрэ кырыалана, хаардана илик. Онон «аһылыкка киирэллэрэ эрдэ эбит» дии санаан баран, оҕонньор атын тэһиинин уҥа диэки тарта. Аны ааспыт сайын кураан, үөн-көйүүр соччо түспэтэх буолан, сылгы хаһыыга эмис туруктаах киирбитэ. Аллаах ат, тоҥуу хаары тоҕута кэһэн, күдээритэн сиэлэн бидилитэн истэ. Онтон Ньукулай санаата сылгыларыттан син биир арахпат:
«Бу сылгылары Мэхээлэ Силэпсиэпкэ көрдөрөбүн, уол арааһа бэйэтин сылгытын холбоон үс-түөрт үөрдэннэ быһыылаах. Үчүгэйэ диэн, кини кыһамньытын ууран туран үлэлиир, биир да сылгыны энчирэппэт. Аны онуоха эбии ыҥыыр уонна сыарҕа оҥоруутунан дьарыгырар. Ордук ыҥыыры сатаан оһуордаан-мандардаан оҥорор, мин көлө аттарым ыҥыырдара үксэ кини оҥоһуулара. Куоракка киирдэхпинэ айанньыттар атыылаһаары эккирэтэ сылдьааччылар, дьэ, уран тарбахтаах уус. Бээ, ыҥыыры ыллыҥ да сатаан оҥорбоккун, мээнэ киһи кыайан ылсыспат дьыалата, онтон ол-бу ылтаһынын-тойун куораттан булан аҕалааччыбын. Аны сүрэҕэ-бэлэһэ, күнтэн күн аайы тымныыны тымныы диэбэккэ, тыал, буурҕа түстэ диэн чаҕыйбакка, ардах-хаар диэн тохтообокко, наар сылгыларын бэрийэр айдаана. Онон быйыл кыһын куораттан үчүгэй саа атыылаһан таһаарбытым, онуоха үөрдэ-көттө да этэ. Оттон булчутун киэнэ байанайдааҕа буоллаҕа! Онон саас, күһүн бултуо да этэ, баҕар, туох эмэ кылааннаахха түбэстэҕинэ – тииҥ, саарба, саһыл курдуктары миэхэ да туттарыа буоллаҕа. Оччотугар иккиэммитигэр көдьүүстээх буолан тахсар…»
Ити курдук саныы-саныы хаамтаран истэҕинэ, уҥа диэки тыа саҕатыгар биир үөр сылгы турара көһүннэ. Туруктара эмиэ куһаҕана суоҕа ыраахтан да көстөр, көп түүлэрэ, көппөҕөр истэрэ, сэргэх көрүҥнэрэ. Аны хаары киэҥник тэлэһийэн, тугу да ордорбокко хаспыттара, ол эбэтэр күүскэ «үлэлээбиттэрэ» да элбэҕи кэпсиир. Ньукулай, мындыр обургу, ону кырдьаҕас сылгыһыттардааҕар итэҕэһэ суохтук билэр.
«Чэ, бу диэкинэн турар сылгылары көрдөхпүт. Аны дьиэбит хайысхатын тутуһуохха, – Ньукулай атын төттөрү хайыһыннаран биллэр соҕустук тиҥилэхтээн биэрдэ, – һат-һат». Кырдьаҕас ат дьиэтигэр төннөр буолбутун билэн сиэлиитин түргэтэттэ, киэһэрэ охсубут дьыбарга сытыы туйахтарын тыаһа хаарга чыбыргыыра иһиллэр буолла. «Ити аата бу Булуустаах, Кээттэ эргин дьыала үчүгэй буоллаҕына, Кыыллаах, Куоҕастаах диэки да син аҕай ини. Сүнньүнэн мин сылгыларым ити сыһыыларынан хаһаллар, олору Омуоһап Уйбаан бэрийэр. Ол гынан баран, Уйбаан оҕонньор кэлин сылларга кырдьан лаппа ыараата, кэлэрэ-барара да бытаарда, онон күрүөтэ-хаһаата эргэрэ быһыытыйда. Дьиҥинэн, бүтэйин сыл аайы саҥардан, ситэрэн-хоторон истэххэ, барыта кыаллыан сөп буоллаҕа. Бээ-бээ, бүтэй диэбэккэ дылы, аны көлө уонна миинэр аты бэлэмнээһин диэн баар биир улахан дьыала. Хата маныаха аймахтарым Хотуоһаптар көмөлөһөн абырыыллар. Баҕар, ол Массакы кинээс уола Хабырыыл Хотуоһап быдан инниттэн саҕаламмыт дьыала буолуон сөп. Ити Дуодайаайыстар диэн аймах букатын былыр-былыргыттан сылгыга, сүөһүгэ олус сыстаҕастар».
Кинилэр быһаччы үтүөлэринэн да диэххэ сөп, Ньукулай сүүстэн тахса көтөл атын кинилэргэ көрдөрөн-иһитиннэрэн, аһаттаран-сиэттэрэн турар, аны кинилэр эрэ аты айааһааһынынан анаан-минээн дьарыгыраллар. Онтон ону сөптөөхтүк төлөһөн, үбүнэн-харчынан өйөһөн сылдьаллар. Аты айааһаан көтөлгө бэлэмниир диэн эмиэ сыраны-сылбаны эрэйэр дьыала. Ньукулай санаатын утахтара аны ат айааһааһыҥҥа салалынна.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?