Текст книги "Атыыһыт Кырбаһааҥкын"
Автор книги: Василий Дарбасов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 5 (всего у книги 14 страниц) [доступный отрывок для чтения: 5 страниц]
… Хотуоһаптар дьиэлэриттэн чугас турар сылгы хааччаҕар быһыылааҕа. Аймах кырдьаҕас дьон, оҕо-дьахтар бааллара сылгы айааһыыры чугастан көрөөрү өҥөҥнөһөллөрө, ону хайалара эрэ:
– Доҕоттор, чугаһаамаҥ-чугаһаамаҥ, хаҥыл ат быатын быһан дэҥ-оһол тахсыа. Киэр буолуҥ, – дии-дии тыс үтүлүктээх илиитинэн далбаатанар.
Күрүөҕэ бааллан турар айаас ат көнтөһүн быһа түһээри чинэккэлиир, мэктиэтигэр суон баҕананы хамнатарга дылы гынар. Тыбыыран, табыйан түһэн, субу тиэрэ да тэбинэн кэбистэҕинэ көҥүлэ курдук. Онтон Өлөксөй Хотуоһап илиитигэр киирбит ханнык баҕарар хаҥыл сылгы сотору кэминэн сыһыйааччытын дьон өрүү сөҕөр. Ити ыккардыгар сылгыһыт быаны төлө тардарын кытта хаҥыл сылгы эниэни таҥнары буута быстарынан ойон кэбистэ. Сыарҕаҕа олорсо түспүт киһи тэһиини кытаанахтык тутан, айаас сылгыны уҥа-хаҥас ойуолаппакка киэҥ хочо сыа хаарынан сыыйылыннарар. Онтон арыый намыраабытын кэннэ халдьаайы сыырын өрө хайыһыннарда, ол кэннэ эмиэ налыынан сиэллэрэн иһэн төттөрү салайан дьиэтигэр анныларынан тэптэрэн ааста. Дьон ону барытын көрө туран:
– Оо, хаар өрµкүйэн туох да көстүбэт… Арааһа, Өлөксөй сыарҕаттан түһэн хаалла дуу? … Суох-суох, олорсо сылдьар… хата муоһатынан салайа олорор… төттөрү эргилиннэрдэ… иһээр-иһэр… – диэн ыһыытаһаллар.
Кэмниэ-кэнэҕэс бүтүннүү хаар буолбут аттаах киһи дьэ налыйбыт курдук сиэллэрэн иһэрэ көһүннэ, онтон били баҕанатын диэки салайан иһэн «тыр-тырр-тыр» диэбитигэр балайда тиритэ мууһурбут ат кэлэн хорус гына тохтоото, ону Өлөксөй ойон түһээт, өтүүтүн баҕанаҕа үөрүйэхтик кэтэрдэ бырахта уонна хаар буолбут таҥаһын тэбэнэ турда.
Ньукулай бэйэтэ да онно сөхпүтэ, аты айааһааһын ньымаларын туһунан сылгыһытыттан туоһуласпыта аҕай. Онуоха киһитэ:
– Мин төрөппүттэрим былыр-былыргыттан аты айааһыыры сөбүлүүллэрэ, бука ону утумнаатаҕым буолуо. Оҕуһу, аты айааһаан миинэр миҥэ оҥостуу сахалар төрүт дьарыкпыт буоллаҕа дии. Үчүгэй, күүстээх-уохтаах атыыр соноҕоһу айааһаан көлүнэ сылдьыы хайдахтаах курдук үчүгэйий! Мин бу эйиэхэ да, бэйэм кэтэхпэр да сылгыны сыһыттахпына улахан дуоһуйууну, астыныыны ылабын ээ. Ол курдук киһи чэбдигирэр, этэ-хаана тэнийэр.
Хотуоһаптар дьиэлэрин таһыгар өрүү көлөһүннэммит соноҕостор турааччылар, кинилэр аҕыйах хонугунан сыһытыллан көтөл аттара буоланнар ыраах сиринэн ындыы, таһаҕас тиэнэн, хааман-сиимэн сэгэлдьиһиэхтэрэ. Баҕар Дьокуускайынан, Охуотскайынан айанныахтара, ол барыта ити айааһааччыттан тутулуктаах…
Ньукулайга өр сылларга сылгыһытынан Төрүттэн төрүттээх Суума Мэхээлэ – Атылааһап Мэхээлэ үлэлээбитэ. Олус үчүгэй сыһыаннаахтара. Аны Быйыттаах диэн сиргэ Лэппиэскэлэр диэн ыаллар хамнаска үлэлииллэрэ. Кинилэр уонча ынаҕы көрөр-харайар этилэр. Сөптөөх нуорманан кээмэйдээн арыыларын Ньукулайга биэрэллэр. Биирдэ тиийиммэккэ ыксаан көрдөспүттэригэр: «Биир үчүгэй ынахтарын идэһэ оҥоһуннуннар», – диэн илдьиттээн быыһыыр-абырыыр. Итинник амарах сүрэхтээх буолуутун туһунан сурах кырдьаҕас Өймөкөөн ыалларынан дьиэттэн дьиэҕэ кэпсэл буолан түргэнник тэнийэр. Онон олохтоохтор атыыһыттарыгар эрэллэрэ, итэҕэллэрэ өссө күүһүрэр.
Биир кэмҥэ Ньукулайга ат баайааччынан, айааһааччынан Болтуос оҕонньор үлэлии сылдьыбыта. Аны эмиэ ол кэмнэргэ быһыылааҕа, Мэхээлэ Кондаков диэн акка бэрт сыстаҕас сымса уолу ат баайааччынан үлэлэппитэ. Ол уол ат сүүрдэргэ эмиэ дьоҕурдааҕа, ону бэлиэтии көрөн, арааһа, уончалаах тулаайах уолу Элгистэн аҕалан, кэлин ыал оҥорбута киһи-хара буолбута. «Кытай оҕонньоро» диэн дьоннор таптаан хос ааттыыллара, элбэх оҕолоох-уруулаах ыал бэрдэ аатырбыта. Аны ат тутааччылар барахсаттар эмиэ киһи киэнэ кэрэмэстэрэ буоллахтара: Бөҕө Ньукулааскы, Аахыма, Тиэхээн, Бүөтүр Мөлөкүүрэптэр, Тумат Уйбаан, Тииҥнэй көлө гынар, ыраах айанныыр көтөллөрµ көрөллөр-истэллэр. Кинилэри кытта биир тылы булан, көлөһүннэрин сөбүгэр төлөөн олорбутугар махтал улахан. Ити эмиэ сыраны-сылбаны, туспа мындыр, үөрүйэх буолууну эрэйэр үлэ… Оҕонньор үлэһиттэрин сүүмэрдээһиҥҥэ өрүү болҕомтотун уурар. Ньукулай таһаҕаска, ындыыга, ыраах айаҥҥа сылдьарга бэйэтин кыанар, күүстээх дьону талан ылар. Ол эбэтэр дьону үлэҕэ ылыан иннинэ дьиэтигэр-уотугар дэлэччи ас астаан баран сэһэргэспитэ буолан, төһө бэркэ аһыырын-сиирин кэтээн көрөр. Онуоха сытыы быһаҕынан туттан эмис сыалаах эти кимириччи сиир-аһыыр киһини ордорор, онтон сыппах быһахтаах, эти нэһииччэ мүлүктээн сиир киһини өһүргэтимээри: «Чэ, эн дьиэҕэр баран үчүгэйдик оҥоһун, сынньан, кэлин билсиэхпит», – диэн төттөрү ыытар…
Ньукулай санааттан аралдьыйан дьэ өйдөөн-төйдөөн көрбүтэ, халлаан лаппа хараҥарбыт, дьиэтигэр тиийэрэ чугаһаабыт этэ. Кырдьаҕас ат мунна мууһуран, сотору-сотору тыбыырбахтаан ыла-ыла хааман кутулдьутан истэ. Хаһан эрэ кини эмиэ күндүл-хаҥыл, быа түспэтэх, кими да чугаһатыа суох курдук дьэргэлдьийбит айаас соноҕос эбитэ буолуо ээ, ол бу сыһыйан, сымнаан, хаһаайынын курдук бииргэ сааһыран, түспэтийэн истэҕэ. Барахсаны…
Бороҕон буолаһын мунньаҕа
1891 сыл. Оруобуна бэс ыйын 29 күнүгэр буолас быраабатын дьиэтигэр нэһилиэктэртэн кэлбит бэрэстэбиитэллэр уонна дэлэгээттэр сыллааҕы уопсай мунньахха мустубуттар. Кинилэр ортолоругар нэһилиэктэр 15 улахан баайдара, олор истэригэр Бөлөлµµскэй С.И. уонна Кырбаһааҥкын Н.О. 700-чэкэлии ынах сүөһµлээхтэр, 200-түү сыспай сиэллээхтэри сыһыталлара, онтон атыттар 500-чэкэ ынах, 200-чэкэлии сылгылаах буоланнар, сэниэ эрэ ыалларга киирсэллэр. Бу баайдар наймыга туора дьону үлэлэтэр буолан маннык мунньахха ырытыллан ылыныахтаах түһээннэргэ, иэстэрин-күүстэрин төлөһүүгэ, сүөһүнү-сылгыны уостааһыҥҥа, дьону µлэлэтии төлөбүрүгэр быһаччы интэриэстээхтэрэ.
Бырааба улахан балаҕанын маннык түмсүүлэргэ, мунньахтарга анаан киэҥ-куоҥ гына оҥостоору нэһилиэктэртэн түһээн харчытын туһаммыттара, үлэлиир дьон-сэргэ тутуу маһынан, бэрэбинэлэринэн, сорохтор харыларын күүһүнэн µлэлээн, онтон сэниэ баайдар Кырбаһааҥкыннаах Бөлөлүүскэй уу харчынан уонна сүөһүнэн көмөлөспүттэрэ. Балаҕан халҕанын арыйан киирдэххэ, хаҥас иҥнэри истиэнэ кыйа наара ороннор субуһаллар, уҥа диэки үгэх ааныгар тиийэллэр. Уҥа диэки балаҕан ортотугар көмүлүөк оһох турар, киниттэн истиэнэ ыккардыгар уокка оттор хардаҕас мастар, оһоҕу булкуйар үөттүрэх, чоҕу ытыттарар сыпсы, түөрт атахтаах көһүйэ уурар лахаан, о.д.а субурхай остуоллар, талах олоппостор кэккэлээбиттэр. Быһата, бырааба дьиэтэ улахан уопсай мунньаҕы ыытарга бэлэмнэниллибит курдук.
Таһырдьа тэлгэһэ ото чэлгийэ үүммүт, онон-манан араас өҥнөөх сиэдэрэй сибэккилэр үрдүлэринэн маҥан лыахтар көтөн тэлээриҥнэһэллэрин кэрэхсии көрө, кэпсэтэ-ипсэтэ суугунаһа турбут мунньах кыттыылаахтара сотору сөрүүн балаҕаҥҥа киирэн онон-манан тарҕанан олордулар. Онтон утары остуолга олорор кулуба Доропуун Ностуруойап туран мунньаҕы саҕалаата:
– Табаарыстар, бүгүҥҥү тэрээһин мунньахпытын саҕалыырбытын көҥүллээҥ. Билиҥҥи туругунан Өймөкөөн—Бороҕон нэһилиэктэригэр уопсайа 1600 киһи олорор, онтон бэрэстэбиитэллэринэн 60 киһини ыҥырбыппытыттан 56 киһи кэллэ, онон сөп киһи баар. Саамай үчүгэйэ 400 биэрэстэлээх Оротуктан, 700 биэрэстэлээх Сэйимчээнтэн, 1 тыһыынча биэрэстэлээх Балыгычаан курдук сирдэртэн 4-түү, 5-тии киһилээх бэрэстэбиитэллэр хас эмэ хонук табанан айаннаан, сылайан-элэйэн кэллилэр. Кинилэр ааттарыгар баһыыба, махтал тылларын этэбит. Дьэ, онон утары этии суох буоллаҕына күннээҕи бэбиэскэҕэ киирэбит, – киппэ көрүҥнээх кулуба үөрүйэхтик кутан-симэн барда:
– Бастакы боппуруоһунан – дьылы туорааһын сүрүн түмүктэрэ. Наймыга үлэни-хамнаһы тэрийиигэ төлөбүрдэр сүрүн кээмэйдэрэ.
Иккис боппуруоһунан – бэдэрээттэһэн үлэлээһин.
Үһүс боппуруос – арааһынай кэпсэтиилэр.
Ким итинник боппуруостары дьүүллэһэргэ диэччилэр илиигитин көтөҕүҥ эрэ: 56 киһи, утары – суох, туттуммут – суох. Бигэргэтилиннэ.
Мунньах саҕаланан маҥнайгы боппуруоһу кулуба бэйэтинэн туруорда. Онуоха кини күһүнүн кэнчээрилээн быйыл хаар сөбүгэр чараас, сылгы хаһыытыгар бэртээхэй кыстык ааста, µгүс сылгылаахтар биэлэрэ бары кэриэтэ төрүөҕү биэрдилэр, билигин мэччирэҥнээх үрэхтэринэн сылдьан туруктара быдан тубуста, ааспыт сайын ынах сүөһүгэ сөптөөх от бэлэмнэнэн дьылы эмиэ бэркэ атаардыбыт, көнньүнэн өлүү-сүтүү аҕыйах, онон уопсай түмүк куһаҕана суох, – диэтэ.
– Аны туран элбэх сүөһүлээх-астаах сэниэ ыаллар дьону наймылаһан үлэлэтэллэригэр тохтоотоххо: биир сыл устатыгар үлэһити хамнастаан үлэлэтэллэрэ икки өттүттэн табыгастааҕа бэлиэтэнэр. Ол иһиттэн күһүҥҥү Бокуруоптан эһиилги Бокуруопка диэри эр киһиэхэ 30–40 солкуобайы, дьахтарга 5–8-ка диэри солкуобайы төлүүллэрэ сөбүгэр сыаналанар эбит диэн түмүккэ кэллибит. Аны элбэх сүөһүлээхтэр алтынньыттан ыам ыйыгар диэри наймыга 10 солкуобайы хамнастаан эр киһини сүөсүһүт быһыытынан тутуохтарын сөп. Маныаха ньирэйи хаһаайын отун суотугар биир тиэйии окко сыл таһаардаҕына 3-түү солкуобайы төлөнүллэр. Салгыы икки саастаах борооскуга – 2 тиэйии от, үс саастаахха – 3 тиэйии от, түөрт саастаахха – 4 тиэйии от, онтон көлө оҕуска – 5–7 тиэйии от көрүллэр… Дьэ итигирдик, кылгастык билиһиннэрдэххэ, – кулуба дакылаата бүппүтүн биллэрэн, мунньах дьонун диэки кыараҕас харахтарынан кэриччи көрөр.
– Кимиэхэ туох ыйытыы баарый? Эбэтэр өйдөммөтөх өрүттэр бааллар дуу?
– Миэхэ баар. Бээрэ, ити сайыҥҥы кэмҥэ, ыам ыйыттан күһүн алтынньыга диэри, баайдарбыт уон ыанар ынаҕы көрдөрө биэрэн баран манньатыгар күһүн уон буут (160 кг) ууллубут арыыны кытта 100 буут тары ирдииллэрэ сөп дуо? Мин санаабар ити балайда ыарахан курдук? – маҥан былааттаах сааһырбыт дьахтар агдатыттан ыган таһаарар курдук нэһииччэ көбүөхтээтэ.
– Ээ, интигит соччо ыарахана суох ирдэбил ээ, – диир үскэл көрүҥнээх Бөлөлүүскэй баай, – үүттээх ынахтартан итиччэ төлөбүрү кыһаннахха түргэнник ыан ылыахха сөп. Онон сыананы уларытар табыллыбата буолуо…
– Кырдьыга, элбэх оҕолоох, дьадаҥы ыалга балайда ночооттоох курдук? – Мэхээлэ оҕонньор кулуба диэки «өйөө» диэбиттии ааттаһардыы ыйытар.
– Ээ, дьиҥинэн сөп быһыы, уонча сыл итини тутуһан кэлбиппит, туох да куһаҕана суохха дылы. Онон урукку кээмэйинэн хаалларабыт, – кулуба мунньаҕы кудуххайдык ыытан истэ.
– Доҕоттор, аны иккис боппуруоһу билиһиннэрэригэр тыл барар буолас суруксутугар Хабырыыл Хотуоһапка.
Онуоха кулуба аттыгар тугу эрэ өрүү бэлиэтэнэ, букунаһа олорор ачыкылаах хатыҥыр киһи туран кэллэ.
– Табаарыстар, инники этиллибит кулуба иһитиннэриититтэн уопсай балаһыанньаны кытта билистигит. Быйылгы ааҕыынан Өймөкөөн—Бороҕон нэһилиэгэр барыта 242 хаһаайыстыба, 1649 киһи, ол иһиттэн 743 эр киһи, 729 дьахтар баар, омугунан бары сахалар, аҕыйах эбээн, нууччалар – таҥара үлэһиттэрэ бааллар. Үөһэттэн кэлэр түһээннэри төлөөһүҥҥэ нэһилиэнньэни дууһаларынан уонна кылаастарынан түөрт бөлөххө араарабыт. Түһээни төлөөһүҥҥэ үһүс бөлөх биир киһинэн ааҕыллар, онтон түһээн сыаната аччаан иһэр уонна бастакы бөлөххө киирээччилэр дьадаҥыларын учуоттаан, түһээҥҥэ хабыллыбаттар. Онон бу оҥоһуллубут испиэһэги бүгүн биһиги бигэргэтэр соруктаахпыт.
Иккиһинэн, эт, арыы сыаналарын эмиэ быһыахтаахпыт. Ол курдук ынах арыытын сыанатын быйыл биир буутугар (16 кг) 7 солк. быһарга этиилээхпит. Тоҕо диэтэххэ куоракка атыылыыр сыана үрдээн 8–10 солк. тиийдэ. Аны оту бэдэрээттээһиҥҥэ былырыын биир тиэйиини 50 кэпиэйкэнэн быспыт эбит буоллахпытына, быйыл 1 солк. тиэртибит. Аны биир ынах атыыланар сыанатын ортотунан 15–20 солк., көлүүр оҕуһа – 30–40 солк., от – 30–40 солк. буолара сөп диэн суоттаатыбыт.
Түүлээх сыаната эмиэ кыра уларыйыылардаах буолла. Ол курдук: кыһыл саһыл – 15 солк., кырымахтаах саһыл – 15–20 солк., кырынаас – 1 солк., кутуруктаах тииҥ – 25 харчы, тииҥ кутуруга суоҕа – 20 харчы, лааскай – 50 харчы, таарбаҕан тириитэ – 35–50 харчы буолара сөптөөх диэн этиилээхпит, – суруксут бүппүтүн биллэрэн лиис кумааҕыларын дьаарыстыы турда, ачыкытын өрө аста.
Онуоха Ностуруойап кулуба сөҥ куолаһынан:
– Хайа, кимиэхэ туох-ханнык ыйытыы баарый? – дьонун диэки тула көрүтэлиир.
– Миэхэ баар, ыйытык, Шэйимчээнтэн Дьэкиимэп дьиэммин, ити түүлээххэ кырша уонна таарбаган шыаналара тоҕо чэпчэкиний? Интэриэш шуох буолшу. Улаатыннарыакка шөп дуо? – тэйиччи түннүк анныгар олорор булчут туоһулаһар.
– Ким эппиэттиирий? – кулуба Кырбаһааҥкын диэки хайыһар, – эн дьонноруҥ, Ньукулай Уоһукабыс, итиннэ туох этэрдээххиний?
– Кырдьык, сыананы быйыл улаатыннарыахха син курдук, Магадаан эргин олорор аймахтарбыт да аҕыйахтар, үксүлэрэ булдунан олороллор, – атыыһыт олохтоохтук быһаарар, – онон кырса уонна таарбаҕан тириилэрин туһааннааҕынан 5 солкуобай уонна 30 харчынан ыаратарга сөбүлэһэбин. Дьон харчыланарыгар, өссө эбии бултарын кэҥэтэллэригэр көдьүүһү эрэ биэриэҕэ. Онон саамай сөптөөх этии.
– Оо, дьэ хата шөпкө эттиҥ. Бултана шатыа этибит уонна эйиэхэ батара шатыахпыт этэ, – булчут үөрэн сэргэхсийэ түһэр, доҕотторун кытта тугу эрэ сипсиһэн бардылар.
– Чэ, доҕоттор, аны ыйытык уонна этии суох буоллаҕына мунньахпыт бастакы түһүмэҕин түмүктүүрбүтүн көҥүллээҥ! – кулуба дьаһайсан барда, – манна быраабаҕа чэйдиэхпит, эһиэхэҕэ анаан Ньукулай Уоһукабыс бэйэтинэн аһылык бэлэмнэттэрбитэ. Ол кэнниттэн үһүс түһүмэхпитигэр киириэхпит.
– Көр эрэ, убайбыт кэм да аһата-сиэтэ сылдьара истиэххэ үчүгэй, бэрт-бэрт… – мунньах дьоно сыыйа-баайа таһырдьа сынньана таҕыстылар. Бороҥуй хараҥаттан эмискэ таһырдьа таҕыстахха күн уотуттан киһи хараҕа саатар, арай өҥүрүк куйааска итии салгын илгийэн тыынарга ыарахан курдуга.
Томтортон Тарыҥ Үрэххэ айан
Ньукулай атыыһыт бүгүн суотчутунаан Ньукулай Силэпсиэптиин Томторго дьонун мунньан мунньахтаан баран дьиэлэригэр Тарыҥ Үрэххэ сыарҕалаах атынан айаннатан иһэллэр. Саас кулун тутар бүтэһик күннэрэ да буоллар, киэһэнэн халлаан дьыбарсыйар. Оҕонньор сылаас кибииккэҕэ да олордор, айаҕа хам буолбат, наар сылгы кыстыга хайдах баран иһэрин туоһулаһар, сорох сылгыһыттар иэстэрин-күүстэрин чопчулаһар. Ол иһигэр төһө көлө ата ындыыга анаан айааһаммытын, ыраах айаҥҥа сылдьарга төһө тулуһуохтара сөбүн иҥэн-тоҥон билиэн баҕарар. «Дьиҥэ, кини сааһа да ыраатта ээ, быйыл 80 хаарын санныгар түһэрдэҕэ, ол тухары уоскуйар, тохтуур, аҕырымныыр суох», – диэн саныы истэ суруксута. Ону сэрэйбиттии оҕонньоро:
– Доҕоор, биэни төрөтүүгэ быйыл болҕомтону күүскэ уурарбыт наада. Кулун тутартан, муус устартан ылата төрүүр биэлэри анал хааччахтарга хойутаабакка киллэрэн аһатыыны саҕалыыр наада!
– Кырдьык, сөпкө этэҕин, Ньукулаай, ордук сааһырбыт кырдьаҕас биэлэргэ болҕомтону уурар сөп. Ити туһунан бүгүн сөптөөх кэпсэтии таҕыста дии саныыбын. Дьоммут да өйдөөтүлэр ини.
– Аны саас сэрэнэн өртөөһүнү ыытар олус наадалаах. Маныаха саас сир хараарыытын кэтии сылдьан өртүүр үчүгэй. Сорох сир хаара эрдэ ууллар, атына хойутуур, ону кэмин таба тутуохха наада.
– Сөп-сөп, – суруксута муоһатын хамнатан атын тиэтэтэр.
Айанньыттар суоллара Индигиир өрүстэн тосту өҕүллэн, салаа үрэҕи батан сыыйылыннарар. Икки өттүлэринэн көстөр кэрискэ мырааннар быста-быста салҕанан, сороҕор силбэһэн бардар-баран иһэллэрэ. Ити кэрэ көстүүнү Ньукулай өрүү сэргээн көрөр. Ньукулай оҕонньор араас сирдэринэн айаннаата, киэҥ киэлилэринэн кэрийдэ да Тарыҥ Үрэхтэн ордук сир-уот ханна да суоҕун кэриэтэ. Ол курдук үрдүк үүнүүлээх, өҥ быйаҥнаах хочо диэн манна баар. Дьон чулуута, үлэһит үтүөтэ, сүөһү төрөлкөйө манна баар курдук. Улаҕата биллибэт уорҕалаах улуу хочолор, халлааҥҥа харбаспыт, эмдэй-сэмдэй кэккэлэспит чымаадыспыт таас хайалар, үтүктүспүт курдук хойуу сэкир лабаалардаах будьуруспут күөх бөлкөй үөттэр, араас бөдөҥ көмүс хатырыктааҕынан аатырбыт өрүстэр, үрэхтэр, күөллэр – бука барылара манна кэлэн холбоспуттар. Ол да иһин бу сири-дойдуну ис дууһатыттан ылларан таптаабытын оҕонньор өрүү астына кэпсээччи.
Куола бу тус хоту Өймөкөөн сиригэр-буоругар букатын оҕо эрдэҕинэ үктэннэҕэ, дьиҥ төрдө-ууһа Таатта улууһун Уолбата, II Байаҕантай нэґилиэгэ, ол иһин да буолуо, бу дойду сирин-уотун, дьонун-сэргэтин сөбүлээн олохсуйбута. Айаннарын былаһын тухары дьөрү ыал да суох сирэ. Аара хам-хаадьаа кэбиһиилээх оттор иччитэх оччугуй балаҕан курдук чочоруһан хаалаллар. Арыт үрэх үрдүк сыырдарынан намыһах үс мастаах күрүөлэр, хаһан эрэ дьон олорбут эргэ өтөхтөрө, иҥнэри барбыт сэргэлэр самнарыһан тураахтыыллар.
– Доҕоор, ити букатын былыргы биһиги төрүттэрбит кэлэн дьиэ-уот туттан, оҕо-уруу төрөтөн олорбут өтөхтөрө. Кэлин кинилэр Томторунан, Өймөкөөнүнэн көһөн, кэлэн-баран хаалаахтаабыттар, – оҕонньор кибииккэтин инники сабыытын аһан олорон сэһэргиир.
– Оо, оччоҕуна хаарыаннаах оттоох-мастаах дойду кураанах турдаҕа…
– Дьэ, Куолаа, маны иһит, кыратык кэпсии түһүүм, дьиҥинэн биһиги төрүттэрбит Бордуулаах удаҕантан силистэнэн-мутуктанан кэлэн Кырбаһааҥкыннар аҕа уустарын тэнитэн, бу Тарыҥ Үрэх киэҥ-куоҥ сирдэрин үксүн кэриэтэ баһылаан олорбуттара. Онтон биһиги адьас чугас аймахтарбыт Силэпсиэптэр Килэгэс ойуунтан хаан тардаллар. Килэгэс аҕыс уолуттан элбэх оҕо төрөөн, ити Төрүт сиригэр Оторго олохсуйаллар. Ол аҕыс уолтан биирдэрэ Таҥас, онтон Ньукулай, ол кэнниттэн Дьаакып, киниттэн Бүөтүр Силэпсиэп диэн ааттаах олоҥхоһут төрүүр. Силэпсиэптэр эппитим курдук Индигиир уонна Элги өрүстэр силбэһиилэрин киэҥ-куоҥ хочолоругар сүөһү, сылгы ииттэн, бултаан, балыктаан бэрт сэниэтик олорбуттар. Бу сирдэр ааттара да кэпсииллэрин курдук Отор, Сиэр Биэ, Икки Ампаар, Тыаллаах, Дулҕа, Эһэлээх, Хоболоох, Дириҥ Үрэх эҥин араас устуоруйалаахтар.
– Кырдьык даҕаҥы! Оччоҕо Кырбаһааҥкын аҕа ууһа Тарыҥ Үрэх сиригэр-уотугар сөбүлээн олохсуйдахтара, тэнийдэхтэрэ. Бу кэрэ айылҕалаах сири-уоту көрбүт эрэ киһи, этэргэ дылы, дууһалыын сырдыыр, сүрэхтиин сэргэхсийэргэ дылы. Ону таба көрдөхтөрө – төрүттэргит барахсаттар, Һай-һат, – Куола бытаараары гынар атын тиэтэтэн муоһатын сэниэлээхтик илигирэтэр.
– Оннук-оннук, сураҕа, Орто Алыыттан саҕалаан Индигиир уҥуор Оҕонньор Хайатын анныгар сытар үүнүүлээх ходуһаларга от оттоон, мас мастаан байан-тайан бараллар. Оттон ити хайалар быттыктарыгар, хаспахтарыгар ханнык да кураан сыллары билиммэккэ эмтээх үүнээйи, араас эгэлгэ иҥэмтэлээх отон, сиэдэрэй сибэкки дэлэйдик үүнэн олохтоохтору араас ыарыылартан, дэҥтэн-оһолтон харыстыыллар, араҥаччылыыллар. Ити кэрискэ сис хайалар ааттара да дьикти дии: Эмээхсин Хайата, Элиэ Хайа, Сэттэ Сирэй Хайа, Тулаайах Хайа, Орто Алыы Хайата. Аны ити хайалар үрдүлэринэн хойуу мастаах сис тыаларга араас кыыл-сүөл, ол иһигэр саарба, тииҥ, солоҥдо, лааскай, саһыл, эһэ, бөрө кэмэ суох үөскүүр. Сылгы, таба да мэччирэҥэ дэлэччи баар, – оҕонньор айаҕа хам буолбат.
Куола бэйэтэ да аралдьыйаары оҕонньору тэптэрэн биэрэр:
– Онтон бу үлүгэрдээх киэҥ-куоҥ сыһыылардаах ходуһаларга от бөҕө оттонноҕо, сүөһү бөҕө иитилиннэҕэ, сири эмиэ оҥостон эрдэхтэрэ. Эн туох дии саныыгын, кырдьаҕаас?
– Ити сүрдээх уустук ыйытыы. Ону кылгастык быһаарыым. Бу биһиэхэ сахаларга, ордук Өймөкөөн курдук хоту улуустарга, тус-туһунан бэйэ эрэ кыаҕын туһанан олоруу кинилэр уопсай сайдыыларын атахтыыр эбит. Ол курдук сирдэрин-уоттарын тупсарар туһугар бииргэ түмсэн үлэлиир барыстааҕын өйдөөбөттөр. Холобур, элбэх ыал түмсэн, көлүүр сүөһүлэрин бииргэ мунньан, тыаттан тутуу маһын охторон, тиэйэн-таһан киллэрэн балайда улахан тутуулары, сылгы–сүөһү хааччахтарын, бүтэйдээһини күүскэ ыыппаттара хомолтолоох. Аны тыаны солоон, талах кэрдэн, дулҕаны ыраастаан, уу ыытан сири ньүөлсүтүүнү биирдии ыалынан кыайан оҥостубаккын. Дьиҥэр ити күөллэри тупсарыы, эбэтэр сороҕор түһэрэн ходуһа иэнин кэҥэтии, балыгы аҕалан үөскэтии үлэлэрэ күүһү-кыаҕы холбоон ыытыыны эрэйэр. Оннук өй-санаа саха дьонугар тус-туһунан олорон байа-тайа сатааһын, эбэтэр кыаҕыраары гыныы майгыта-сигилитэ хас эмэ үйэлэринэн иҥэн хаалбыта мэһэйдиир.
– Дьэ, буолуо. Бэйэмсэх буолуу сахаларга баар быһыылаах…
– Ол гынан баран туһаныыга нэһилиэктэр аҕа ууһунан көрөн, сүөһүтүн-сылгытын ааҕан туран өлбүгэ сирин үллэрэллэр. Онон маннык үгэс киирэн аҕата тутта сылдьыбыт сирэ уолугар тиксэрэ кытаанахтык тутуһуллара, сир мэлдьи үчүгэй көрүүлээх-харайыылаах, күрүөлээх-хаһаалаах буолар эбит. Ол иһин «бу мин өбүгэлэрим сирдэрэ» диэн өйдөбүллээх буолан, ыал ити сирин мэлдьи тупсарынар, кэҥэтинэр, талах эбэтэр тыа саба үүнэрин кытта өртөөн охсуһар, дулҕаҕа, сэтиэнэххэ былдьаппат. Хата ол оннугар былыргы сахалар биир үтүө үгэстэринэн бэйэлэрин түөлбэ сирдэрин балыгын, булдун хото туһаналлар. Ол эбэтэр үксүгэр дьиэҕиттэн-уоккуттан тэйиччитэ суох сиртэн, тыа булдуттан, баайыттан туһаналлар. Аны онуоха бэйэлэрин киэнэ буоларынан харыстабыллаахтык сыһыаннаһаллар, атыттартан көҥөнөллөр, бултуур сирдэригэр анал үүтээн туттан, сохсо оҥостон, быһыттаан ылаллара сиэр-туом курдук олохсуйан хаалбыт. Онон бэйэлэрин күөллэригэр сайын-күһүн илимнээн, муҥхалаан аһаан-сиэн олороллор. Хата аймахтара кэллэхтэринэ бииргэ бултуур-алтыыр, үөрэ-көтө барыга-бары күүс-көмө буолаллара баар суол – үтүө үгэскэ, сиэргэ кубулуйбут.
– Дьэ, Ньукулаай, бэрт дьиктини кэпсээтиҥ. Ол аата сахалар айылҕаҕа адьас чугастарын көрдөрөр сиэр-туом эбит дии?!
– Ити үгэстэр аныгы да үйэҕэ тутуһуллаллара наада эбит, оччоҕо эрэ айылҕабытын харыстыахпыт… – Ньукулай тымныы салгынтан чачайан сөтөллөн хахсыйан ылар.
– Оттон бу сир-уот быраҕыллыбат ини? – Куола чопчулаһар.
– Суох-суох, адьас быраҕыллыбатах сир-уот, чугас сылгыһыттар, булчуттар ордууланаллар. Онон дьон-сэргэ кэлэ-бара турар, оттоон-мастаан, бултаан-алтаан бараллар.
– Ээ, оччоҕо, син бэрт эбит.
– Дьэ, доҕоор, дьон сүрдээх мындырдык толкуйдааччылар. Ол курдук бу биһиги Байаҕантайбытыгар, чуолаан II Байаҕантайга олохтоохтор күөлү оҥороннор балыгы үөскэтэллэр ээ. Холобур, ити Тааттаҕа Наммара үрэҕэр Сөхпүт диэн дьикти ааттаах сир баарыгар баай Силэпсиэптэр сыдьааннара үрэх халдьаайытыгар тыа иһигэр уу хонор ырааһыйатын булбуттар. Бу мындыр бэйэлээхтэр ити быллаардарга ирбэт муус сытарын билэн, ону уулларарга анаан тиит сүллүгэстэрин дьөлүтэ анньан киллэрбиттэр. Хас да сыл буолан баран көрбүттэрэ, аллара намыһах сиргэ дүөдэ үөскээбит, – Ньукулай айанныы сылдьан көрбүтүн сэһэргиир.
– Оо, онтон? – Куола чуолкайдаһар.
– Онтон ол дүөдэ кэҥээн, улаатан, дириҥээн күөл буолан килэйбит-халайбыт. Аны дьонун онно атын күөлтэн мунду уонна собо аҕалан ыыппыттара, дьэ хата балык бөҕөлөөх эбэ күөл буола аатырбыт. Дьэ, былыргылар итигирдик кэскиллээхтик дьаһаналлар. Айылҕаларын араҥаччылыыллар.
Халлаан дьыбара күүһүрбүтүн дьиэтигэр айаннаан иһэр кырдьаҕас ат билэрдии айанын түргэтэтэр. Атаҕын иһэҕэ сотору-сотору сыарҕаҕа тиийэ ыһыллар. Ый тунаархай сырдыгын үрэх хаарыгар тохтообокко кутар. Тула бөлкөй үөттэр, хаары бүрүммүт үллэҕэр хатыҥнар, баараҕай тиит мастар элэҥнэһэн ааһаллар. Сороҕор харыйалар күөх киистэлэрин халыҥ хаарга баттатан сөҥүөрбүттүү барыйаллар. Арай хантан да кэлбитэ биллибэккэ куобах ойуоккалаан тахсан бу үрэх, сыһыы иччитэх буолбатаҕын, тыынар тыыннаах эмиэ баарын санатар. Сэргэхситэр.
– Оо, Ньукулай, уҥа өттүбүтүнэн куобах сүүрэн ааста. Көрбөтүҥ дуо? – киһитигэр хайыһан туоһулаһар, бэргэһэтин кырыатын үтүлүгүнэн соттунар.
– Ээ, суох. Ити ыккардыгар кыратык нуктаан ыллым ээ. Манна куобах эрэ буолбатах, кырынаас, солоІдо быһа ааспат буолааччы. Баҕар кыһыл саһыл да сыбдыйа үөмэн сылдьарын хантан билиэҥий? Былыр олус бултаах, байанайдаах сирдэр этилэрэ: Чыычаах, Харах, Оттоох, Хаһаарына диэннэр. Ол эрэн сирэ-уота үксэ куобах уоһаҕа буолааччы, баараҕай үрдүк дулҕалар, үрүйэлэр, сис тыалар мантан саҕаланаллар. Оо, көр-көр, ол тыа саҕатыгар дьөһөгөй оҕолоро тураллар дии! Бука Скырыбыыкын аймах баайдара-дуоллара тураахтаатаҕа. Манна сиибиктэ наһаа сөбүлээн үүнэр дойдута, ону булан хаһа сырыттахтара, барахсаттар, – Ньукулай аһыммыттыы сэрэнэ, харыһыйа саҥара олордо. Куола көрдөҕүнэ, сылгылар төбөлөрµн умса туттан утуктаабыт курдук хамсаабакка тураллар. Арааһа түүн эмиэ утуйа, сынньана түһэр баҕалаахтар, ол эрээри кулгаахтара биир кэм чөрбөҥнүү, хамсыы тураллар. Сэрэнэллэр быһыылаах. Сураҕа манан сур бөрөлөр кэлэн ааһаллар үһү.
Киһиэхэ байанайдаах булчут удьуора төрүккүттэн эрэ бэриллэр быһыылаах. Оннук дьоннор Нохуодкуннар, Дьөгүөрэптэр, КырбаһааІкыннар сыдьааннарыгар баара. Биир оннук булчутунан дьоһун Бүөтүр диэн буолара. Кини адьас кыра эрдэҕиттэн сааланара, этэргэ дылы, «санныгар иилиммит эргэрэн элбэхтэ үүйүүлээх саата сиргэ соһулла сылдьар» дииллэрэ оруннаах. Адьас оҕо эрдэҕиттэн уута суоҕунан аатырара, саас кус кэллэҕинэ, кини олорор олоҕо, хонор сирэ дугда буолара. Күнүс кэлэн дьиэтиттэн ыһыгын туомун ылаат, эмиэ кус кэрийэ ыраах сирдэринэн эргийэрэ. Кэлин улаатан, сааһыран баран ынах этэрбэһинэн, эргэ баҕайы нэк сонунан тайах эккирэтэн хас да күнүн тыаҕа барыыр, ол сылдьан түүҥҥэ ыллардаҕына хаары, самыыры билиммэккэ сыгынах анныгар хонон хорҕойон сылдьааччы. Ол тухары адьас тумуу да киирбэт. Аны мумматын оҕотун көр, хайдахтаах да былыттаах, силбик, дьүүлэ-дьаабыта биллибэт халлааҥҥа кини муммат. Үксүн сатыы, кэлин аттаах төһөлөөх сири бу Тарыҥ Үрэҕи өрө-таҥнары сыыйталаабытын ким да билбэт. Дьиҥэ да өбүгэлэрбит барахсаттар бука бары булчут буолаахтаатахтара. Ол иһин кинилэр тыа кыылын барытын элбэх эти, тириини, муоһу, туйаҕы, иҥиири, уҥуоҕу «бэлэхтииллэрин» иһин байанайбыт диэн ааттаан ордук ытыктыыллара. Ордук кыыл тириитэ дьиэҕэ-уокка элбэх матырыйаалы биэрэринэн биһирэнэр, ол эбэтэр саха киһитин кыһыҥҥы-сайыҥҥы таҥастара чомпойуттан чоочой этэрбэһигэр тиийэ бука барыта имиллибит тирии этэ. Маны сэргэ оччотооҕу аас-туор дьылларга суос сатыы, сүгэһэринэн сылдьар муҥнаахтарга төһөлөөх быа-туһах, тирбэҕэ наада буоларын сэрэйиэххэ эрэ сөп. Ити быа барыта кыыл-сүөл тириититтэн оҥоһуллара. Онтон тирии үксэ ураһа сабыытыгар, ол-бу таҥас-сап, олбох, дьиэ, хотон ааннарын сабыыларыгар баран эрдэҕэ. Аны бултарын тэрилэ үксэ айа, ох саа, сохсо, үҥүү, сүгэ, быһах буолаахтаатаҕа. Оччотугар төһөлөөх сатабыл, мындыр өй тулуур, харса суох буолуу, дьулуур наадатын сэрэйиэххэ эрэ сөп.
Тула өттө уу чуумпу, арай сыарҕа тимир ылаҕын тыаһа салгыбакка кыыкыныыр, ону сэргэ түөрт түөрэм туйахтар тэбис-тэҥҥэ олбу-солбу чыбыргыы оонньууллар, үҥкүүлээн битийэллэр. Сотору халлаан оройуттан аата суох элбэх сулустар имнэнсэ чыпчыҥнаһан, чаҕылыһа сырдаан саҥата суох хараҥа халлааны бүтүннүү сабардаатылар. Адьас үрдүлэригэр хамыйах сулус уруккутун курдук хамсаабакка ыйанна. Тэйиччи Чолбон сулус чоҕулуйа сырдаата. Туһугар дьэ эмиэ дьикти хартыына.
Хойутаабыт айанньыттар сотору Тарыҥ Үрэх сыырын өрө дабайан, ыҥырар уоттарынан чоҕулуспут түннүктэрдээх дьиэлэригэр чугаһаатар-чугаһаан истилэр. Атыыһыт Ньукулай биир түбүктээх-садьыктаах күнэ итинник түмүктэннэ, сарсын кинини эмиэ атынтан атын кыһалҕалар кэтэһэллэр.
Черскэй экспэдииссийэтэ
1891 сыл. Дьокуускайга Саха сирин хоту улуустарын дириҥник чинчийээри, дьоно-сэргэтэ хайдах-туох кыһалҕаланан үлэлээн-хамсаан, аhаан-таҥнан олороллорун µірэтэр сыаллаах Иван Дементьевич Черскэй кэлбитэ. Кини иннинэ сылдьыбыт нуучча айанньыттара: Михаил Стадухин, Иван Москвитин, Василий Поярков, Ерофей Хабаров, Семен Дежнев, Витус Беринг, Василий Прончищев уо.д.а. үс сүүс сыл усталаах-туоратыгар Саха сирин хаартатыгар дуоннаах миэстэни ордорботохторо. Кинилэр үгүс сирдэри аан бастаан арыйбыттара, Арассыыйа эбэ-хотун бас билэр сиринэн ааттаабыттара. Онон наука Арассыыйатааҕы Императорскай Академията Черскэйи Халымаҕа, Дьааҥыга уонна Индигииргэ сылдьан кэлэригэр үс сыл болдьохтоон ыыппыта. Онуоха кини Санкт-Петербургтан Дьокуускайга да кэлэригэр өр да өр сылаалаахтык айаннаабыта. Сатаатар ити кэмҥэ улаханнык тыҥатынан ыарытыйара, онон ыраах айаҥҥа сылдьара доруобуйатыгар буортулаах буолуон сөбө. Бу айаныгар кини аҥаардас Үөhээ Халымаҕа тиийэригэр икки тыhыынча биэрэстэни куhаҕан суолунан-ииһинэн, оборчолоох бадарааннарынан, хас эмэ сис хайаларынан, сыбардаах ойуурдарынан атынан, сороҕор табанан айаннаан тиийиэхтээҕэ. Аны маныаха түҥкэтэх тыаҕа эhэ, бөрө, араас адьырҕа эмиэ моhуоктуон сөбө, үгүс сирдэргэ айанньыт хонон ааhар дьиэтэ-уота суоҕун туhунан олохтоохтор сэрэппиттэрэ. Күбүрүнээтэр да саарбаҕалыы-саарбаҕалыы төhө кыалларынан сүбэлии сатаабыта, ол гынан баран Черскэй урут бэлитиичэскэй бүрүстүүпүнньүк аатыран сүүрбэ сыл устата Сибииргэ олоро сылдьыбытын истибит буолан улаханнык айхаллаабатаҕа, арай сүбэ курдук Үөhээ Халымаҕа айанныыр суолу Степан Расторгуев диэн олохтоох хаhаах үчүгэйдик билэринэн кинини сирдьитинэн ыларыгар сүбэлээбитэ. Көмөтө онон бүппүтэ.
Нөҥүө күнүгэр Черскэй Расторгуевы булбута да, киhитэ маҥнай: «Айана накааhа бэрт, олус ыраах, кутталлаах эҥин» – диэн аккаастаан баран кэлин өр көрдөhүннэрэн баран сөбүлэспитэ. Иhигэр: «Сылдьа үөрүйэхпин, онон Өймөкөөҥҥө диэри сирдээн баран, сылайдым диэн аккаастанан Дьокуускайбар төннүөм», – диэн санаабыта. Улахан аhа-таҥаhа, элбэх харчыта суох айанньыт-учуонайга хамначчыт буолуон баҕарбатаҕа. Кини киэҥ уораҕайдаах Дьокуускай куорат хабаахтарыгар арыгылаан, хаартылаан, көр-нар аргыстанан көҥүл сылдьар баҕата баhаам этэ. Этэргэ дылы, кинини куорат олохтоохторо эрэ буолбакка, хас биирдии күлүгээн кытта билэрэ. Оннук киэҥник тэнийбит суон сурахтааҕа. Арай Степан улахан киhитэ учуонайын, наhаа киэҥ билиилээҕин-көрүүлээҕин, Халымаҕа тиийэ да илигиттэн ол дойдуга ханнык көс омуктар олороллорун, араас сэдэх кыыллар, үүнээйилэр, көтөрдөр үөскүүллэрин анал кинигэлэртэн ааҕан эрдэттэн үөрэппитин билэн сөхпүтэ, сүгүрүйэрэ, ытыктыыра тута күүhүрбүтэ.
Дьэ, ити курдук балайда саамыланан, бэс ыйын 14 күнүгэр экспэдииссийэ ыраах айаҥҥа аттанарга бэлэм буолбута, элбэх таhаҕастарын бэрэмэдэйгэ хаалаан, сороҕун Бережнев диэн саха атыыhытынан Үөhээ Халымаҕа тиэрдэргэ бэдэрээттэhэн баран Черскэй Санкт-Петербурга Наукалар академияларыгар Зоология институтун дириэктэригэр, академик Плескэҕэ сурук суруйбута:
«Күндү тойонум! Үйэлэр тухары тутуллубут дьиэлэрэ, сокуонунан бобуллубут курдук, хаhан да өрөмүөннэнэн көрбөтөх бу быыкаайык куораты санаатаххына, Россия соҕуруу өттүттэн кэлбит киhи Якутскайы хайдах көрүөхтээ±ин үчүгэйдик өйдүөҥ. Дьиэлэр эркиннэрин тас өттө, хараара эмэхтийэ сатаан баран, араҕас муоҕунан саба үүммүт, кырыысалара сиҥнэн түспүттэр, оннооҕор Улахан Уулуссаҕа араамата суох аҥаспыт түннүктээх иччитэх дьиэлэр, сууллан хаалбыт олбуордар бааллар… Оттон бу быыкаайык эмэхтийбит куораттан оҥостон, тэринэн барыахпын санаатахпына, ити солуута суох толкуй мин өйбүттэн көтө охсон хаалар. Онон – барыахха наада!»
– Дьэ итинник суругу тойонугар суруйаат, Черскэй туран таҥныбытынан барда. Бу экспэдииссийэ састааба да дьикти этэ. Баара-суоҕа түөрт киhилээҕэ:
Мавра Павловна – кэргэнэ, Сибииргэ уонна хоту сирдэринэн бииргэ айаннаабыт, эркин курдук эрэнэр доҕоро, иккис көмөлөhөөччү – сиэнэ Генрих, үhүстэрэ – уон икки саастаах уола Саша – дойдуларыгар хаалларар киhилэрэ суоҕунан илдьэ кэлбиттэрэ. Онтон сирдьиттэрэ, Степан Расторгуев, сытыы-хотуу, элбэх сиринэн – Халыманан, Камчатканан, Охуотскайынан сылдьыталаабыт, саха тылын бэркэ билэр, үөрэҕэ суох да буоллар, айылҕаҕа сылдьа үөрүйэх эр санаалаах бэрдэ. Киниэхэ эрэллэрэ улахан.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?