Электронная библиотека » Василий Гоголев-Уйулҕан » » онлайн чтение - страница 1

Текст книги "Көһөрүллүү"


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 17:40


Автор книги: Василий Гоголев-Уйулҕан


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 1 (всего у книги 9 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Василий Гоголев-Уйулҕан
Көһөрүллүү

Күндү ааҕааччы!

Эн Василий Гоголев-Уйулҕан «Көһөрүллүү» диэн ааттаах айымньытын илиигэр тутан олороҕун.

Аҕа дойду Улуу сэриитэ аҕалбыт алдьархайдарыттан биирдэстэрэ, чопчу сахаларга эрэ, Чурапчы улууһун дьонугар ааҥнаабыта. Урукку кэмнэргэ бу туһунан аһаҕастык кэпсэтэр да бобуллар буолара, кэлин уларыта тутуу сылларыгар чурапчылары көһөрүү туһунан суруйуу элбээбитэ, ахтыылар бэчээттэммиттэрэ, Саха Республикатын Правительствота көһөрүллүү кыттыылаахтарыгар чэпчэтиилэри көрбүтэ. Бэтэрээннэр теплоходунан, анаан-минээн, сэрии саҕана олорбут, үлэлээбит эҥээрдэринэн, эрэйи тэлбит сирдэригэр хаста да баран кэллилэр.

Кэм-кэрдии ааһан истэҕин аайы бу төрдүттэн алҕас дьаһал содула дьиҥнээхтик көстөн иһэр. Ону кытта көһөрүллүүгэ түбэспит чурапчылар тулуурдара, кытаанахтара, үлэһиттэрэ, хорсун санаалаахтара эмиэ ырааһыран тахсан кэлэр. Онно эбии бу көһөрүү дьон дьылҕатыгар дьайыыта, хоту олохсуйуу, аймахтаһыы эмиэ ситимнэнэр. Ол аата история бу чахчытын уус-уран айымньыга киллэрэн бөлүһүөктүү анаарар кэм кэллэ. Бу уустук соҕус сыалы-соругу бэйэтин иннигэр Василий Гоголев-Уйулҕан туруорунна. Кини – саха литературатыгар саҥа биллэн эрэр сонун аат.

«Көһөрүллүү» жанрынан сэһэҥҥэ тардыһар. Сүрүн геройа Ньукуус олох ыарахаттарын санныгар сүгэн, эдэр сааһыгар дьиэ кэргэн туллар тутааҕа буолар. Кини олорор кэмин уустук тургутууларын өйдүү-ситэ сатыыр, сэһэн саҕаланыытыгар оҕотук бэйэтэ, түмүгэр сиппит-хоппут, өйүн туппут, олох аһыытын-ньулуунун билбит киһиэхэ кубулуйар… Бу барыта олус итэҕэтиилээхтик, киһини долгутар гына ойууламмыт.

«Көһөрүллүү» өссө биир ураты суолтата – бу айымньыны эдэр, ол кэмнэр тустарынан истэн, ааҕан эрэ билэр киһи суруйбута буолар. Ол, мин санаабар, көлүөнэлэр ситимнэрин, саха дьонун бэйэтин историятыгар болҕомтотун туоһулуур.

Мин «Көһөрүллүү» сэһэн чурапчылар эрэ ис туттууларыгар сылдьыбакка, саха литературатын эйгэтигэр бэлиэ, сонун көстүү быһыытынан сыаналанарыгар баҕарабын. Оннук да буолуо диэн эрэнэбин!

Наталья Харлампьева,

саха народнай поэта

Өлөр өлүүнү кыайбыттарга

Уйулҕан

Сир дойду иинэ хатан,

Уот кураантан умайан,

Хайыта баран харааран,

Ардах мэҥэ уутун сүтэрэн,

Көлүкэлэрим, күөллэрим

Биир таммах сиик баҕалаах

Харааччы уолан хаппыттара.

Сараһын үөнэ саранча

Сирдьигинии сириэдийэн,

Тимир тиистээх тэҥсигэ

Алаастарым халдьаайытын

Хайа салаан, хараардан,

Өтөхтөрүм өҥүн өлбөөрдөн,

Уолбаларым уйгутун

Уораҕастаан, уоһуннаран,

Ол сыллар уот сэрии,

Уот кураан «кугас кунана»

Хара буору хаһыйбахтаан,

Хааннааҕынан дьөлө көрөн,

Хаарыан дьоммун хаараан,

Улуу сирдьитинэн сирэйдэнэн,

Күүс өттүнэн күһэйэн,

Оччотооҕу салалта салаҥ

Ынчык ындыылаах ыйааҕынан,

Хаан олбохтоох дьаһалынан

Сор-муҥ субалаах уурааҕынан

Холоруктаах хара дьуоҕар

Хомуйа тардан, күүһүлээн,

Кыһыл оҕотуттан саҕалаан,

Иннилэрэ кылгаабыт аарымалары,

Иннилэрин сирдэтинэрдэрэ суох

Аар-архах буолбут кырдьаҕастары,

Кыанардыын, кыамматтыын

Үүрбэ сүөһүтүн курдук үүрэн,

Үөс-батааска биэрбэккэ

Иитэ сиэх иэдээҥҥэ,

Аана суох алдьархайга,

Күһэҥэй бөҕө күһэлэҥинэн

Күһүҥҥү хахсаат түһүүтэ,

Төлкө, түөрэх бырахпыт

Төрөөбүт төрүт түөлбэлэриттэн

Тэйитэн, ыраах араарбыттара.

Муҥ суолун муннуларынан,

Сор суолун сотолорунан солуу,

Хоту дойду чысхааныттан

Харыстаабат халтаҥ таҥастаах

Алаас оҕолоро барахсаттар,

Ол дойду уонунан көстөөх

Улуу уораҕайдарын улаҕатын,

Дойду сир бултуур тэрилэ

Долгуппакка, тургуйбакка,

Туос аччык, элэ-была сэниэлэрин

Тоҕус көлөһүнүн тобуктарыгар тоҕон,

Аҕыс көлөһүнүн сүүстэригэр аҕаан,

Хаарыаннаах алаас дойдуларын

Хатыҥ чараҥнарын ахтан,

Ол чэҥ муус кудулу байҕал

Уордаах кыыдааннаах тыынын

Ала холорук сиксийэ сиэлэр

Курдары үрэр тибиитигэр

Буор куттарын булбакка,

Салгын куттара сайҕанан,

Ийэ куттара иэнигийэн,

Туох буруйун-сэмэтин иһин

Хааннаах харах уутунан

Сууннаран, суорума суоллаан,

Боҕутарга санаммыккыт буолла…

Ити олох хабараан охсуутун

Харыларынан хайа силэйэн,

Сырдык тыыннарын солуок,

Үрүҥ тыыннарын толук ууран,

Чурапчы чулуу дьоно туруммута.

Өркөн өйүнэн өрүһүнэн,

Дохсун дьаныарынан тардынан,

Туруу дьулуурунан турунан,

Булгуруйбат буулаҕа санааларынан,

Энчирээбэт эрдээх эрчимнэринэн,

Өлөр өлүүнү кыайбыттара,

Өргөс-кылаан аспыттара!

Аан тыл

Убаастабыллаах ааҕааччым, тоҕо бу ыарахан ис хоһоонноох тиэмэни талан суруйарга холоннуҥ диир буоллаххына… Урут чурапчылары хоту балыкка көһөрбүттэрин туһунан дьон кэпсээниттэн истэр этим. 2000 сыллаахха доҕорум Николай Никитинниин устубут «Суор тиһэх кыланыыта» диэн, сахаттан бастакы видеодетективым презентациятын кэнниттэн, көһөрүү алдьархайдарын туһунан кэпсэтии буолбутугар, Вячеслав Попов диэн билэр киһим «биир оҕо хоргуйан өлөр тиһэх мүнүүтэтигэр Сталиҥҥа сурук суруйа олорон сырдык тыына быстаахтаабыт» диэн кэпсээбитэ. Ол мин, айар киһи, уйаҕас дууһабын сүрдээҕин долгуппута.

Онтон көһөрүллүүнү Агафья Птицына үчүгэйдик билэр диэбиттэригэр, ыйыталаһан, көрсүбүтүм. Кини миэхэ көһөрүүгэ сыһыаннаах кинигэлэри, сүбэ-ама биэрбитэ. Тыа хаһаайыстыбатын оччотооҕу миниистирэ Егор Афанасьевич Борисов эмиэ сэргээбитэ. «Чурапчы алдьархайа» диэн кинигэни ааҕан баран, киинэ сценарийын суруйарга холоммутум. Прокопий Петрович Флегонтов ахтыыларын олус долгуйа аахпытым уонна онно олоҕуран суруйбутум. Сүрүн геройум Ньукуус кини прототиба буолуон сөп.

Көһөрүллүү 60 сылын көрсө сценарий бэлэм буолбута. Учууталлыыр буоламмын, киинэнэн дьарыктанар кыаллыбат этэ. Онон тохтообутум. Кэлин Намнааҕы педучилищеҕа бииргэ үөрэммит, Чурапчыттан сылдьар доҕорум Дмитрий Новгородов «суруйар дьоҕурдаах эбиккин, аны онтуккун сайыннар» диэн сүбэлиирэ, көҕүлүүрэ. Онон сценарийбын уус-уран сэһэн гынарга санаммытым. Аны Чурапчы улууһун Хайахсыт нэһилиэгиттэн төрүттээх дьону сураһан, «Саха» НКИК араадьыйатын дириэктэрэ Тарас Лукич Тарасовы көрсөн, бу кэнники сылларга үлэм син иннин диэки хамсаабыта. Кини убайын Иван Лукич Тарасовы, көһөрүллүү тыыннаах кыттыылааҕын көрсөн, кэпсэтэн, кини ахтыыларын, кэпсээннэрин бэлиэтэммитим. Уонна дьэ бу холонон көрдүм. Араас ахтыыларга олоҕуран биир саха ыалын дьылҕатын суруйдум. Бэйэм ити кэпсиир сирбэр бииригэр да сылдьыбатаҕым, көрбөтөҕүм. Онон туох эмэ сыыһа баар буоллаҕына, өйдөөн, баалаабаккытыгар көрдөһөбүн.

Мин бу үлэҕэ саха норуотун сэрии сылларынааҕы алдьархайын ыарахаттарыттан булгуруйбакка, кырдьыктара кыайбыт Чурапчы чулуу дьонугар сүгүрүйэн туран ылыстым. Араас докумуоннары, ахтыылары, суруналыыс Т. Кардашевскай «Ыар сүтүктээх суолларынан», суруйааччы И.Е. Федосеев-Доосо хомуйан оҥорбут «Чурапчы алдьархайа» кинигэлэрин, ону тэҥэ «Литовцы у Ледовитого океана» диэн хомуурунньугу туһанным.

Дьон-сэргэ, ыччаттарбыт история ис дьиҥин билиэхтээхтэр, ааспыты сыаналыахтаахтар, харыстыахтаахтар диэн ыра санаалаах айымньым аан тылын түмүктүүбүн.

Ааптар

Бастакы чааһа

Мас ат

Каунас арҕаа сайдыылаах дойдулары кытары ыксалаһа сытар Литва биир улахан куората. Үөһэ халлааҥҥа харбаспыт очуостар үөрбэлэригэр майгынныыр килэйбит-халайбыт дьиэлэр быыстарынан, сыыйыта тардан кэбиспит курдук ыраас уулуссаларынан, араас дьэрэкээн өҥнөрүнэн оонньуу, быыстала суох массыыналар элэгэлдьиһэллэр. Уулусса икки өттүнэн аата-ахсаана биллибэт үгүс дьон халҕаһалыы анньан аалыҥнаһаллар. Улахан куорат биир кэм өрө ньиргийэн олорор.

Ньукуус алта уонун аастар да бэйэтин сааһыгар сэнэх көрүҥнээх. Дэлэҕэ да бачча ыраах дойдунан тэлэһийиэ дуо. Улахан уола Дьөгүөссэ, министиэристибэ салайааччыта, аҕатыгар «алта уон биэс сааскын туоларгынан» диэн путевка булан биэрбитэ. Онон, дьэ, төрөөбүт төрүт нэһилиэгиттэн Хайахсытыттан тэйэн, бу кый ыраах, хаһан да харахтаабатах дойдутугар туристическай бөлөҕү кытары үктэннэҕэ.

Хатыҥ чараҥынан симэммит алаастардаах Чурапчы чуумпу нэһилиэгиттэн кэлбит киһиэхэ, аарыма куорат биир күрүс куугунуур тыаһа, үөрүйэҕэ суох кырдьаҕас киһи төбөтүн куу-хаа гыныах курдук.

Хата, бүгүн куорат таһыгар бэрт чуумпу, аһаҕас халлаан аннынааҕы музей-пааркаҕа оптуобуһунан экскурсияҕа илтилэр. Биир хоройбут курбуу курдук уһун уолчаан нууччалыы олуттаҕастык Литва норуотун историятын кэпсии, көрдөрө истэ. Онтон Ньукууһу кытары кэлбит хас да саха дьонун диэки бэрт истиҥник көрөн ылаат: «Эһиэхэ, саха дьонугар, биир улахан сюрпризтаахпын», – диэт, биир кэҥэс ырааһыйаҕа сирдээн илтэ. Арай Ньукуустаах иннилэригэр күп-күөх сибэккилээх ырааһыйаҕа саха балаҕана, аана аhыллан, турар эбит. Ону көрөн, соһуйбут туристарга хайыһан, уол:

– Аҕа Дойдуну көмүскүүр улуу сэрии сылларыгар литовецтары, Рокшинскай, Каунасскай уонна да элбэх оройуоннартан депортациялаан, ыраах хоту балык булдугар көскө ыыппыттара. Онно кинилэри үлүйэр өлүүттэн саха дьоно, балаҕан туттарга үөрэтэн, көмөлөһөн быыһаабыттар. Ол махталын бэлиэтин, дьон-сэргэ көрдүн-иһиттин диэн, бу өйдөбүнньүк памятнигы туппуттара», – диэн кылгастык кэпсээтэ.

Ити тыллар Ньукуус дууһатын улаҕатыгар ырыых-ыраах бүгэн кистэммит бааһын саралыы тардарга дылы гыммыттара, сүрэҕэ өрө мөҕүл гына түспүтэ. Хайдах эрэ дөйүөрэн хаалбыта, хараҕа хараҥарталаабыта. Ону көрөн экскурсовод уол ыксаабыт сирэйдээх-харахтаах:

– Что с вами, дедушка? – диэт, өйөөн илдьэн, ыскамыайкаҕа олорто. – Успокойся, дедушка, подыши свежим воздухом.

Ити тыллар ханна эрэ ыраах иһиллэр курдуктар. Ньукуус салҕалас илиитинэн сиэбиттэн табаҕын таһааран уматтан, омуннаахтык эҕирийбэхтээтэ. «Тыый, бу бачча ыраах омук сиригэр кэлэн баран, бэйи кэбис», – диэн, бэйэтин уоскутуна сатаата. Өйө-санаата сыыйа дьэҥкэрэн, чочумча балаҕаны одуулаан олордо…

– Саха балаҕана, бу тыhыынчанан көһү уҥуордаан тоҕо манна кэлэн соҥуоран тураҕын? Туох кистэлэҥэ эн нүhэр көрүҥҥэр саhарый? Эбэтэр эн, оччотооҕу сэрии ыар сылларын, уонунан тыhыынча туох да буруйа суох дьон, хоту дойду муустаах, буурҕалаах киэҥ уораҕайын тымныы тыынын эҕирийэн, ыар-чымаан дьылҕаланан, хоргуйан, үлүйэн, өhөн эрэр санааларын, сап утаҕа буолан, төрөөбүт түөлбэлэригэр төннүбэттии түҥнэри төлкөлөнөн, оол дойду ирбэт, муус кудулу байҕалын тоҥ буоругар, үйэ-саас тухары кистэммит литовец, финн уонна саха дьонун кырамталарын туоhута буолан, оччотооҕу сыыhа ылыныллыбыт күлүмэх дьаhаллар, норуокка түhэрбит хара мэҥнэрин ыар илдьитэ буолан тураҕын дуу? – диэн уоһун иһигэр ботугураабыта.

Онтон оргууй балаҕаны сыныйан көрдө: бадарааннаах тоҥ кырыс түөрүллэн ылан, оччотооҕу курдук тымныыттан харыстыыр сыбах оннугар сабыта ууруллубут. Бу эрэйдээхтэр, бачча үлүгэр сылаас, өҥ, күп-күөх дойдуттан туох ааттаах улахан буруйун-сэмэтин оҥорон, ол тус хоту кыраман ыраах дойдуга умса анньылыннахтарай?

Ньукуус табаҕын умулуннаран, аа-дьуо туран, балаҕан диэки хардыылаата, аһаҕас аанынан иһирдьэ тимир буочука аҥаарынан оҥоһуллубут оһох, ыйанан турар илимнэр көһүннүлэр. Тыый, олох үкчү оҥорбуттар. Арай балаҕан боруогун атыллаан иһэн, биир күрэҥсийбит баттахтаах, санньыарбыт сирэйдээх кини бараллаата эмээхсин ботугуруу-ботугуруу илиитигэр тугу эрэ имэрийэ турарын хараҕын кырыытынан көрөн аһарда. Тыый, ити ханна эрэ көрбүт ата дии, мас ат оонньуур. Таһыттан киирбит сааһырбыт киһи кини тутан турар оҥоһугун одуулаһарыттан дьиктиргээн, эмээхсин төбөтүн өрө көтөхтө. Ньукуус онно эрэ наадыйбакка ат атаҕын одуулаата. Инники хаҥас атаҕа этэ. Били кини убайа Сүөдэр сэриигэ барыан аҕай иннинэ оҥорон, быраатыгар Туллукка бэлэхтээбит ата. Ньукуус бу аты истиҥник тутан турар киһи кимий диэбиттии өрө көрөн таһаарда. Хаһан эрэ көрбүт харахтара кинини истиҥник мичээрдии көрөллөр. Онтон олуттаҕастык, хаһааҥҥы эрэ финнэр дуу, литовецтар дуу саҥаларын санатан, сахалыы: «Ньикуус… Бу эн дуо? Ньикуус, билбэтиҥ дуу? Бу мин, Далябын…»

Ньукуус хараҕар Сталин мэтириэтин анныгар сурук суруйа олорор быраата Туллук, кырачаан сэрбэллибит балта Күннэй, таһынааҕы литовец ыалларын чачархай баттахтаах кыысчаана Даля көстөн аастылар.

Ити соһуччу буолбут көрсүһүү кэнниттэн Ньукуус санаторийга кэлэн киэһээҥҥи аhылыгын аһаан баран, уута кэлэн биэрбэккэ, өр утуйбакка эрэйдэммитэ. Ол оҕо туҥуй сааһыгар көрсүбүт амырыын сыллара, кэм-кэрдии чэрдиппэт, ааспат, арахпат дьарҕа баастара кини эмэҕирбит сүрэҕин бобута туппахтыыллара…

Атаарыы

Хаар ууллан, сир ийэ күүтүүлээх күөх кырыс ньээкэ ото бытыгырыырын кэтэспиттии, сааскы киэһэ нусхайа иһийбит. Алаас илин баһыгар дьиэлэр көстөллөр. Бу Чурапчы оройуонун соҕуруу өттүгэр Мэҥэни кытары ыксалаһа сытар Хайахсыт нэһилиэгин «Түмсүү», «Буденнай», «Крупская», «Пушкин» уонна «Социализм суола» холкуостар түөлбэлээн олорор сирдэрэ. Оһохтор үөлэстэриттэн күөх буруо оргууй үөһэ сыыйыллар. Тоҕо эрэ тиэргэҥҥэ оҕо-уруу саҥата чаҕаарыйбат, сандал сааһы уруйдуур күөрэгэй тойуга дьурулаабат. Туох эрэ көстүбэт ыарахан тыын бүрүүкээн, Хайахсыт үрдүнэн сабардаабыкка дылы. Ол саас ньиэмэс халабырдьыттара Сэбиэскэй Сойууска түөкүннүү саба түспүттэрин биир сыла туолара чугаһаан турара.

Ньукуус дьоно, «Түмсүү» диэн холкуоска холбоһон, Майыы Арыылааҕар олороллоро. Оччолорго Ньукуус уон үстээх-түөртээх, чороччу улаатан эрэр уол этэ. Быраата Туллук оскуолаҕа киириэхтээҕэ. Балта Күннэй үстээҕэ-түөртээҕэ, эдьиийэ Аанчык оскуоланы туйгуннук бүтэрэн, ол сайын үөрэххэ туттарса куораттыахтааҕа. Убайа Сүөдэр, сүүрбэтин ааспыт эр бэрдэ, сааскы түбүктээх үлэ кэннинээҕи киэһэлэргэ сытыы саха быһаҕынан мончуук төбөтүн кыһара. Сүөдэр кэргэнэ номоҕон, кэрэ сэбэрэлээх Күөрэгэй оҕо күүтэрэ, ол да буоллар хотуна Өрүүнэлиин холкуоска ыанньыксыттыыра. Аҕата Баһылай, биэс уонун ааспыт аҕамсыйа барбыт киһи, оһох кытыытыгар табахтыы олорон, уола сатабыллаахтык туттарын сэмээр көрөн олороро. Эһэтэ Лөгөнтөй кэтэҕэриин ороҥҥо ырааҕы тугу эрэ толкуйдуурдуу мунчаарбыт сирэйдээх кэтэх тардыстан сытара. Ийэтэ Өрүүнэ Күннэй этэрбэһин уллуҥун абырахтыыра. Бары саҥата суох, арбы-сарбы буолбут көрүҥнээхтэрэ. Арай сөп-сөп Күннэйдээх Туллук ону-маны ыйыталаһан чаҕаарыhаллара:

– Убаай, убаай, бу оҥорон испит ат оонньуургун ситэр эрэ, Ньукуус эйигин сотору ыраах ханна эрэ барар диэбитэ дии.

Туллук долбууртан ат оонньуурун ылан, Сүөдэргэ аҕалан уунна.

– Ок, бырааппар ситэрэн бөҕө буоллаҕа дии, Хата, Туллук, мэ, бу мончууктары илдьэн итиннэ оһох кэннигэр таһан, сааһылыы уурталаан кэбис, эһэҥ Лөгөнтөй кэлин ситэриэҕэ.

Инньэ диэт, аты ылан, кыһан кылбаҥнатан барда. Ньукуус бырааттаах балтын кытары, оһох уотугар килбэҥниир сытыы быһычча, хатыҥ мастан элийитэ быһар биититтэн оонньуур мас ат өссө тупсаҕай көрүҥнэнэн чочулларын астына көрөн турдулар. Туллук, ордук улахан дуоһуйууну ылан, астына кэтэстэ. Сүөдэр оҥоһугун бүтэрэн, кыра мааны быраатын сүүһүттэн сүр сымнаҕастык сыллаан ылаат :

– Туллук, мин барбытым кэннэ бу аккынан дьоҥҥор отто-маста тиэйсэн көмөлөһөөр эрэ, доҕоор, – дии-дии, аты кэтэһэн чөрөллөн турар быраатыгар Туллукка туттарда.

– Сөп, сөп. – Туллук үөрүүтүттэн өрүтэ ыстаҥалаан ылла. – Мин бу атынан Ыстаалыҥҥа ыалдыттыы ойутуом.

Дьиэлээхтэр Сүөдэр, күүстээх үлэ быыһыгар хаһан быыс булан, итиччэ сиэдэрэй ат оонньууру оҥорбутун сөҕө, хайгыы көрдүлэр.

Халлаан киэһэрэн, хараҥара быһыытыйда. Арҕаа кытара киирэн эрэр күн өһөх кыһыл кылдьыытын кырыйа үөһээнэн үөр туруйа турууктуу дайан эрэрин көрөн, Ньукуус Сүөдэрдээҕи таһырда ыҥырда. Сүөдэрдээх Күөрэгэй тахсан, дьиэ үктэлигэр куустуһан туран, саҥата суох туруйалары одууластылар. Ньукуус:

– Барахсаттар, ыраахтан ыран-быстан, хантан эрэ иһээхтээтилэр? Дьоҥкуудай эбэҕэ түһэн, сынньанан ааһаллара буолуо, намтаан эрэллэр.

– Арааһа арҕааттан тэргэн сэрии дүрбүөнүттэн, уот кутаа суоһуттан күрэнэн, дойдуларын ахтылҕанын туойа турууктаан эргилиннэхтэрэ, – Күөрэгэй оргууй ботугураата. Чочумча саҥата суох, борук-сорукка далбаатаһар үөр туруйалары харахтарын далыттан сүтүөр диэри одуулаан турдулар. Аанчык тахсан, дьонун киэһээҥҥи чэйгэ ыҥырда. Бары дьиэҕэ киирэн, миэстэлэрин булуталаан, ибири-сибири чэйдээтилэр, онтон оннуларын булунан, утуйардыы оҥоһуннулар. Арай ийэлэрэ Өрүүнэ эдэр кийиитин Күөрэгэйи кытары кыраһыын лаампа уотугар Сүөдэр сарсыҥҥы айаныгар өйүө бэлэмнээн таҥаһын-сабын бэрийдилэр. Сотору бүтэн, кыраһыын уота умуллан, дьиэ иһигэр түлэй түүн бүрүүкээбитэ.

Быыс кэннигэр Күөрэгэй Сүөдэрин, оо, хаһан да ыыппатарбын диэбиттии, ыксары кууһан сытар.

– Сүөдэр, биһиги хайдах буолабыт? Лөгөнтөй быйыл сайын өссө улахан кураан сатыылыа диир. Эн сарсын аармыйаҕа бараҕын, сэгэриэм, туох-туох буолар, – оргууй хараҕын уута халыйан кэлбитин Сүөдэр сэрэнэн сото-сото:

– Күөрэгэй, доҕоччуок, дойдубун, дьоммун көмүскүүр ытык иэһим буоллаҕа дии. Көрөөр, сотору эргиллэн кэлиэҕим, дьоллоохтук олоруохпут, оҕо бөҕөтүн төрөтүөхпүт. Биһиги да алааспытыгар өҥ дьыллар кэлиэхтэрэ, – Сүөдэр Күөрэгэйин сүр сымнаҕастык кууһан, уураан ылла. Күөрэгэй арыый уоскуйа быһыытыйан, сэгэрин кулгааҕар сыста түһэн:

– Доҕоор, ыл, бигээн көр эрэ, эн уураабыккар хайдах эрэ бэрт дьиктитик мөхсөн ылла, аҕатын саҥатын истээхтиир быһыылаах, – диэн сипсийдэ. Онуоха Сүөдэр күүстээх үлэттэн чэрдийбит модьу ытыһынан Күөрэгэйин иһин оргууй имэрийэн көрдө, онтон истиҥник мичээрдээт:

– Тыый, хамсыыр дии. Күөрэгэй, олох харыстана сырыт, тоҥоойоххунуй-хатаайаххыный. Этэҥҥэ буолар ини.

– Сэгэриэм, эн эрэ этэҥҥэ буол, сураҕа олус сүрдээх, суостаах сэрии дииллэр дии. Биһиги, манна тыылга хаалар дьон, этэҥҥэ буолуохпут…

Тапталлаахтар түлэй бараан, арахсар бүтэһик хараастыылаах түүннэрин аймаабакка, харыстаан, кэлэри, кэрэни эрэ ыралана, хойукка диэри ботур-ботур кэпсэтэ сыппыттара.

Оттон Туллук Сүөдэр бэлэхтээбит атын бобо кууһан сытан, тугу эрэ, оҕо саас дьоллоох түгэннэрин түүлүгэр көрөн, минньигэстик мичээрдээн, саҥа таһааран күлэн ылан баран, салгыы утуйан, муннун тыаһа буккураабытынан барбыта.

Ыам ыйын 15 күнэ үүммүтэ. Үөһэ күн уотуттан кубарыйбыт былаахтаах холкуос кэнсилээрийэтин дьиэтин иннигэр дьон-сэргэ атаарыы миитинигэр мустубуттара. Бүгүн Хайахсыт нэһилиэгин тоҕус чулуу ыччаттара иккис хомуурга бэбиэскэ тутан, арҕаа фроҥҥа аттанаары, ботуоҥкаларын сүгэн, стройдаан тураллар. Бары лиҥкинэһэн, талбыт курдук күөгэйэр күннэригэр сылдьар туруу эр бэртэрэ. Кинилэр дьиппиэрбит сирэйдэригэр булгуруйбат кытаанах санаа көстөрө. Нэһилиэк олохтоохторо саха дьонун сиэринэн ыччаттарын харыстаан, аһара аймаммакка, кыана туттан турбуттара. Оройуонтан тахсыбыт байыаннай таҥастаах киһи уонна нэһилиэк бэрэссэдээтэлэ Уйбаан Бөтүрүөбүс мустан турар дьоҥҥо сэрии тыҥааһыннаах сводкатыттан иһитиннэрии оҥордулар. Онтон байыаннай таҥастаах киһи эмискэ: «Равняйс! Смирно!» – диэн хамаандалаан сатарытта уонна полевой суумкатыттан испииһэги таһааран, биир-биир ааттаталаан субурутта:

– Илларионов Николай!

– Баарбын!

– Марков Илья!

– Баарбын!

– Софронов Дмитрий!

– Баарбын!

– Решетников Егор!

– Баарбын!

– Кондратьев Николай!

– Баарбын!

– Прокопьев Федот!

– Баарбын!

– Барашков Василий!

– Баарбын!

– Протодьяконов Федор!

– Баарбын!

– Флегонтов Игнат!

– Баарбын!

Итини барытын чуумпуран истэн турбут ийэлэр, эдэр кыргыттар, оҕолор долгуйан суугунаһа түстүлэр. Байыаннай таҥастаах киhи:

– Аттаргытыгар! – диэн хамаанда биэрээтин кытары атаарааччылар, тоҕо сууллан, уолаттар диэки былдьастылар.

Ньукуустаах Туллук Сүөдэргэ сүүрэн тиийдилэр. Сүө– дэр Ньукуус илиитин эрчимнээхтик ыга тутаат:

– Ньукуус, быраатым эрэ буолларгын, саҥаскын олох харыстаан, көрө-истэ сылдьаар, – диэт, Туллугу, Ньукууһу төбөлөрүттэн имэрийтэлээн ылаттаабыта.

Өрүүнэ уолун оргууй нөрүччү тардан сүүhүттэн сүр сахалыы сыллаан ылан баран, ытамньыйарын кыатана сатаата. Сүөдэр Күөрэгэйин, аргыый кууhан ылан, иэдэһиттэн сыллаата. Күөрэгэй оҕо күүтэ сылдьар буолан, уйарҕаабытын кыатаммакка саҥа таһааран ытаан, хараҕын уута сарт түстэ. Баһылай уолун кэтит дараҕар санныттан кууһан ылла, Лөгөнтөй кырдьаҕас сиэнин сүүһүттэн сыллаат: «Саалаахтан самныма, охтоохтон охтума», – диэн алгыы хаалла. Ити атаарыы аймалҕанын быһа баттаан, байыаннай таҥастаах киһи чөллөркөй куолаһынан өссө ордук саталаахтык:

– Аттаргытыга-ар! – диэн хаһыытаан бытарытта.

– Сүөдээр! Сүөдэриэм! – Күөрэгэй бу тапталлаах кэргэнин, сэгэрин сэрии уот-кутаа толоонугар, баҕар, бүтэһиктээхтик атааран эрэрин аччыгыйкаан күүтүүлээх киһичээниниин курдаттыы сэрэйэн, сүрэхтэрэ толугуруу мөхпүтэ. Аанчыктаах Өрүүнэ харааһынналлар да туттунан, кийииттэрин уоскута сатаабыттара. Ити аймалҕантан уйуһуйбут аттар кистээн дьириһитэллэрэ, киһи этин сааһын атытан, дьон-сэргэ уйулҕатын ордук долгуппута. Сэриигэ барааччылар аттарын миинитэлии охсон, уунан туолбут харахтарын кистии туттан, тус арҕаа сиэллэрэ турбуттара. Аттар туйахтарын анныттан тураҥ буор өрө күдээрийэн, үөһэ халлааҥҥа харбаспыта. Хаалааччылар бу ыарахан күннэргэ баар суох эрэнэр, инники күөҥҥэ сылдьар ыччат дьоннорун сайыһа, аймана, Дьоҥкуудай арыы тыа кэтэҕэр киирэн сүтүөхтэригэр диэри далбаатыы турбуттара.

Сэрии, оо, аан дойдуну атыйахтаах уулуу үлтү ытыйбыт уодаһыннаах, хара кырыыстаах сэрии, бу саха чулуу ыччаттарын уот-кутаа холоруккар үлтү ытыйан, төһөлөрүн-төһөлөрүн төрөөбүт төрүт түөлбэлэригэр төнүннэрэриҥ буолла…


Страницы книги >> 1 2 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации