Электронная библиотека » Василий Гоголев-Уйулҕан » » онлайн чтение - страница 2

Текст книги "Көһөрүллүү"


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 17:40


Автор книги: Василий Гоголев-Уйулҕан


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 9 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +
Уот

Бэс ыйын саҥата үүммүтэ. Олох бэйэтин хаамыытынан салҕанан, устан испитэ. Кураан дьыл сатыылаан, сотору-сотору улахан уот турара. Инньэ гынан холкуостаахтар кыанар өттүлэрэ уонна улахан оҕолор ойуурга тахсан уоту умуруорууга сыралара-сылбалара баранара. Киэһэ хойут дэлби таҥастара хоруо, күл буолан, таныылара, бэлэстэрэ уот аһыйан төннөллөрө. Күн ыыс-быдаан буруо быыһынан кып-кыһыл төгүрүк тэриэлкэ курдук буолан көстөрө.

Биир оннук күн Ньукуустаах хас да буолан Улахан өтөх сиһигэр турбут уоту умуруорар сорудахтаах айаннарыгар туруннулар. Күнүскү омурҕан саҕана ыыс-быдаан буруо, уот суоһа күҥкүйэн онто да суох куйаас күнү өссө ититэн, суостаахтык куугунуу, таһыргыы көрүстэ. Уот, кыһыл моҕой үөн курдук, тииттэргэ өрө эриллэҥнээн, хара хоруоҕа кубулутан, чачыгырыы күлэргэ-үөрэргэ дылыта. Ньукуустаах уоту күөйэ, аҕыйах мастаах сирдэри талан, ханааба хаһан, титириктэри охтортоон, тиритэ-хорута сырыттылар. Yлэлэрин үгэнигэр аралдыйан, халлаан тыалырбытын өйдөөбөккө хааллылар. Уот, өлгөм аһылыктаах сис тыатын быыһыы сатыыр дьоҥҥо уордайбыттыы, умайа сылдьар мас лабааларынан кыыдамнаан, халлааҥҥа өрө куугунуу күүдэпчилэнэр итии суоһа Ньукуустааҕы сабыта биэртэлээтэ.

Баһылай онно эрэ өй ыла охсон, «барыаҕыҥ, куотуҥ» диэн хаһыытаан эрдэҕинэ, сүүнэ мас төбөтө уот түүтэх курдук куһуурбутунан Ньукуус аттыгар кэлэн түстэ. Уот итии төлөнө, ыһылла түспүт кыһыл кыымнара уол сирэйин салаамахтаан ылбыттара. Бары уоттан куотан, иннилэрин хоту түһүнэн кэбиспиттэрэ. Оттон уот үөһээнэн мастан маска ыстаҥалаан, кинилэри икки өттүлэриттэн күөйэрдии, аһыҥастаах көтөр кыыл курдук эккирэтэн, биир кэм күүдэпчилэнэн, өрө уһууран бу ситэн кэлбитэ.

«Тыый! Уокка тыыннаахтыы былдьанар буоллубут буолбаат!» диэн санаа барыларын үүйэ-хаайа туппута. Иэдээн! Уот иннилэрин күөйэ, быһа түспүтэ. Ньукуус ыыс быдаан буруо быыһыгар инники сүүрэн иһэн, ыксалыгар көрбөккө, силистэн иҥнэн умса баран, сирэйинэн тымныы ууга бар гына түспүтэ. Онтон өйдөнөн, буруоттан чачайан сөтөллө-сөтөллө, дьонун ыҥыртаан хаһыытаабыта. Дьоно бөтүөхтэһэн, буруолуу сылдьар таҥастаах сырсан кэлээттэрин кытта:

– Ууга! Ууга киириҥ! Сыта охсуҥ! – диэн хаһыытаталаан, сорохторун, уолуйан иннилэрин хоту уокка сүүрэн эрдэхтэринэ ууга түҥнэри тардыталаабыта. Оттон уот тилэх баттаһан, ойуур кыра ырааһыйатын сэтиэнэҕэр кэлэн буорах курдук күлүм гынан, көхсүлэрин салаамахтаталаабыта. Дьон, төбөлөрүн хам туттан баран, тымныы ууга умса түспүттэрэ. «Булдун» мүччү тутан абарбыт уот моҕой, үрдүлэринэн балайда умайа сылдьар мас лабааларын тамнааттаан, өрө куугунаан, улуйбахтыырга дылы гынан, ыыс быдаан буруо, күл-хоруо олбохтонон, салгыы бара турбута. Ньукуустаах уот суоһа ааһаатын кытары, тобуктарыгар диэри ууга олоро биэрэн, тыын ылан, сөтөллөн бөтүөхтэспиттэрэ, умайан буруолуу сылдьар көхсүлэрин уунан сабыта ыһыспыттара. Бу кинилэр дьоллоругар үрүҥ тыыннарын өллөйдөөбүт, ойуур хотоолугар уолбакка ордон хаалбыт, балаҕан оннун саҕа маар уутугар махтана санаатылар. Оттон мүччү туттаран, бэйэлэрин былдьыы сыспыт уот, аһыҥастаах кыыллыы кытыастан, алаас сыырын таҥнары салаан киирэн, уу кытыытынааҕы халыҥ хомуһу күүдэпчилэтэн, үөһэ халлааҥҥа өрө уһуурар ынырык көстүүтэ барыларын уйулҕаларын хамсаппыта.

Дьоҥкуудай эбэ

Баһаардар кэлин син хаптайыталаан, сотору окко киирии саҕаламмыта. Дьоҥкуудай эбэ үрдүнэн уот куйаас сатыылаабыта. Бугуллаах окко хап-хара гына аһыҥалар саба түhэн олороллоро. Киһи ходуһаҕа киирэн хаамтаҕына, икки өттө үп-үллэҥнэс аһыҥа. Хор, оннооҕор аһыҥа түстүн диэн алаастар саҕаларынан хаһыллыбыт миэтэрэнэн дириҥнээх уһун ханаабаларга толору симиллэн, бараныахтааҕар өссө сытайан элбиир курдуктара. Туох баар сэрбэйэри барытын тимир тиистэринэн тугу да ордорбокко тиниктээбиттэрэ. Алаастан алааска хара былыт буолан, сырдьыгыныы көтөллөрө. Аны онно эбиискэ буолан, кугас дьүһүннээх түүлээх үөн, тииттэр мутукчаларын сиэн, күөх ойуур эмиэ дьулаан көрүҥнэммитэ. Бу сир-ийэ үрдүнэн сатыылаабыт ыар күннэр кытаанах санааны, тулууру, олоххо дьулууру эрэйэллэрэ. Оттон Чурапчы дьоно-сэргэтэ ити иэдээни туоруурга, кыанардыын-кыамматтыын бары күүһүн түмэн, эрдээхтик охсуһара.

Дьоҥкуудай алааһын уолан эрэр уутун кытыытын отун аһыҥаттан былдьаһан, окко эрдэлээн киирбиттэрэ. Оттоон да диэн, курааннаабыт алаас уолбатын отун баһа-атаҕа биллэрэ. Лөгөнтөй, Баhылай, Ньукуус уонна хас да отчут, от харбааччы Аанчык уонна Даайыс оллоонноругар омурҕанныы тахсыбыттара. Күлүккэ сөрүүкээри, кэмчи үтэлэрин тэлгэтэн, чэйдии олорунан кэбистилэр. Лөгөнтөй кырдьаҕас, итии чэйин ыйырбахтыы олорон:

– Бу маннык кураан түөрт уон сыллааҕыта түhэн турар, көр, онно син быстан хаалбакка өрүhүммүппүт ээ. Оччолорго үлэни кыайар дьон баар бөҕө буоллаҕа дии, хата, бу билигин, ити аат сэриитэ буолан, төһүү күүһэ суох хаалан, бу саба бүрүүкээбит сараһын үөнэ саранча аһылыга буолаары гынныбыт дии.

Баhылай сылбархай чэйин сыпсырыйан ылаат:

– Уот сут, уот кураан диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ. Аны баhаар бөҕө турар, барыта наар аанньа бараары гынныбыт. Бу кыһын Алаҕарга дьон сутаан, хоргуйан өлбүттэригэр, куораттан хамыыһыйа тахса сылдыбыт сурахтааҕа.

– Бурдук лимиитин аһара аччаппыттара, арыый эбэллэрэ буоллар итинник иэдээн тахсыа суох этэ буоллаҕа дии, – диэн, Аанчык ол сордоохтору аһынан тыл кыбытта.

– Дьэ, туох-туох буолан иһэр, бу барыта сэрии сэтэ-сэлээнэ буоллаҕа буолуо, – диэн быһаарда Лөгөнтөй кырдьаҕас.

Ньукуус харытынан тириппит сүүһүн сотто-сотто:

– Сут буолла да наар кураан, от мас барыта кэхтэр. Оо, үчүгэй аҕайдык этиҥнээх ардах да түспэт ээ, уонча хонуктаах, оччоҕо барыта орун-оннугар түhүө этэ. От, бурдук да үүнүө этэ, дьон да хоргуйуо суоҕа этэ. Саатар ити кэлэн түһүөх, бу кэлэн түһүөх буолан, этиҥнээн лиһигирээн баран үрэллэн, симэлийэн хаалар ээ, тыал түһэн, уоту эрэ күөдьүтэн биэрэр. Кыһыыта диэн онно баар.

Лөгөнтөй сиэнин диэки көрөн ылла, көхсүн этитэн баран:

– Ааспыт үйэ алта уонус сылларыгар «халыҥ хаар», онтон «муус мотуок» дьылларын кэнниттэн, тоҕус сыллаах иэдээннээх «кучу сут» буолан турар. Ол тоҕус сыллаах кучу сут бүтэһик сылыгар мин төрөөбүтүм үһү. Онон кырдьаҕастар оҕо эрдэхпинэ, Куччугуй кучу диэн таптаан ааттыыллара. Онтон ыла сэттэ уонча хаарбын уулларан кэллэҕим.

Эдэрдэр Лөгөнтөй кэпсээнин сэргээн ону-маны ыйыталаһан эрдэхтэринэ, уот сиэн хараарбыт куула тыатыттан аттаах киhи кинилэр диэки хаамтаран иhэрэ көһүннэ. Баhылай табаҕын умуруоран баран:

– Бай, бачча үлэ үгэнигэр киммит атынан кэрийэ сырыттаҕай?

– Хонуу биригэдьиирэ Миитэрээс дии, – диэн кыраҕы харахтаах Ньукуус быһаара оҕуста.

– Туохха истэҕэй? – диэн, дьиктиргээбит сирэйдээх кэтэһэн олордулар.

Аттаах киhи сотору хаамтаран битигирэтэн кэлэн, атыттан түһэн, үүнүн күрүө тоһоҕотугар иилэ бырахта. Тымныы уу көрдөөн ылан ыйырбахтаат:

– Табаарыстар, өйүүн Нам оройуонун Арбын сиригэр, Нуотара үрэҕэр оттуу киирэр үһүгүт. Уон икки киhиттэн биригээдэ тэриллэр үhү. Онон Баhылай салайааччынан, Ньукулай, Лөгөнтөй, Ньукуус, Аанчык, Даайа, үлэни кыайар дьон тахсан тэринниннэр, тэйиччи сир диэн Уйбаан Бөтүрүөбүс дьаһал ыытта. Манна Сиидэркэ кырдьаҕас биригээдэтэ тахсан ситэри оттуур үһү, – диэн илдьитин биир тыынынан тоҕо тэбээн кэбистэ уонна, сорукпун толордум диэбиттии атын миинэн, салгыы битигирэтэ турбута.

Онон Ньукуустаах омурҕан кэнниттэн отторун түһүн чөкөтөн баран, отууларыгар тахсан хомунан, хотуурдарын, атырдьахтарын сүгэн дьиэлэригэр бардылар.

Дэриэбинэ иһигэр ыт охсор киһи суох. Билигин кыралыын-улаханныын бары от, хонуу үлэтигэр түбүгүрэ сырыттахтара. Арай хонтуора аһаҕас аанынан иһирдьэ сөп-сөп суот тыаһа таһыргыыра, кумааҕы хачыгырыыра иһиллэр. Хонтуора иһигэр холкуос бэрэссэдээтэлэ Уйбаан Бөтүрүөбүс уонна суотчут эрэ бааллара. Сотору таһырдьа ат туйаҕын тыаһа иһиллибитэ, чочумча буолан баран наарыһынай киирэн дорооболоһон баран, оройуонтан аҕалбыт бакыатын ууммута. Уйбаан Бөтүрүөбүс ылан, сэрэнэн соҕус туттан, сургуустаах бакыаты хачыгыратан аһан, ааҕа олорон:

– Бурдук лимиитин улаатыннарар туhунан сурукпутугар эмиэ аккаас кэлбит, – диэтэ.

– Ол туох диэн?

– Уобалас үрдүнэн сэрии ыарахан балаhыанньатыгар олоҕуран, бурдук саппааhа аҕыйаабытынан.

– Дьэ, буолар да эбит. – Бары ах баран сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр. – Сэрии, билигин ханна барытыгар ыарахан, тулуйарбытыгар эрэ тиийэбит.

– Хайдах эмит тулуспут киһи, дьон-сэргэ аччыктаан эрэр, – диэн Уйбаан Бөтүрүөбүс, санааҕа ылларан олорон, саҥа аллайда.

– Бу кыстык, манан буоллаҕына, ыарахан кыстык буолара буолуо.

– Бэйи, ол гынан баран Арбыҥҥа от үүнүүтэ үчүгэй дииллэр, билиҥҥи туругунан бардаҕына, кыстык оппутун булунар кыахтаахпыт, онон санааны наһаа түһэрэр сатаммат, – диэн Уйбаан Бөтүрүөбүс кытаанахтык кэпсэтиини түмүктээбитэ.

Тойон Арыы

Тойон Арыы, ааттыын да Тойон Арыы дэнэр, арыы талахтардаах, киэҥ нэлэһиспит хочолордоох, көмүстээх Алдан Элиэнэ эбэ хотуҥҥа түһэр Нам оройуонун Арбынын сирэ. Өрүс арыытын үүнүүлээх ходуһатыгар ыраах күөх буруо тунаарыйа сыыйыллар. Бу Хайахсыт Түмсүү холкуоһуттан Баһылай биригээдэтэ кэлэн, күүрээннээх үлэ үөһүгэр өлгөм үүнүүнү сомсон үлэлии сылдьар. Отууга Лөгөнтөй хотуур таптайан чапчыйар тыаһа ыраахтан иһиллэр. Отуу уота барахсан күлэн-үөрэн чачыгыраччы умайар, оллооҥҥо күнүскү омурҕан чэйэ оргуйаары сыыгыныыр. Отчуттар балайда киэҥ сири чэрчилээн, охсон тэлэкэлээбиттэр. Ыраах бугуллар бачыгыраабыттара көрүөххэ астык. Ньукуус көлөhүн буолбут сүүһүн соттоот, аҕата Баһылай кэнниттэн тэҥҥэ түсүhэн, дайбаан даллаахтаан истэ. Оо, бу курдук үүнүүлээх сиргэ киһи илиитэ-атаҕа тахсан, оттуурга үчүгэй да баҕайы. Оҥоһуулаах хотуур тыаһа биир кэм «куус»-«куус» гына тыаһаан, охсуллубут от бэйэтэ кыра субуу курдук буолан, Ньукуус хаҥас өттүгэр хаалан истэ. Оо, арай сэрии буолбатах буоллун, убайа Сүөдэрдиин төһө эрэ сири тэлэкэлээбит буолуохтара этэ. Ньукуус иннигэр үүммүт оту, ньиэмэс саллааттарын курдук саныы-саныы, эһэтэ Лөгөнтөй сатабыллаахтык таптайбыт буускап хотуурунан өлгөмнүк үүммүт хойуу оту төрдүттэн халбыйа дайбаан, биир кэмник хардыылаан, хотуулаахтык дьүккүйэн истэ. Арай эмискэ аттынааҕы көлүйэҕэ элиэ кынатын тыаһа сирилээн аллара түһэн эрэрин көрөн тохтуу биэрдэ. Элиэ дэгиэ тыҥырахтарын сарбатан, тугу эрэ ылаары көлүйэ үрдүгэр чугаһаан истэҕинэ, ийэ чыккымай мээтиргээбитинэн элиэҕэ кэтиллэрдии утары көтөн таҕыста. Элиэ соһуччу көрсүһүүттэн куйбах гынан аһаран биэрээт, төттөрү өрө ханарыйан, үөһэ көтөн таҕыста. Ийэ кус барахсан, кутталларыттан хомус быыһыгар үрэл гыммыт оҕолорун ыҥыртаан, мээтиргии-мээтиргии, көлүччэҕэ төттөрү түһүнэн кэбистэ. От ыйын ортото, кус оҕото балайда улааппыт кэмэ этэ. Бу уот кураан, сут көтөр аймаҕар эмиэ дьайан, ороһулаан, сутурук эрэ саҕа буолаахтаатахтара. Дэгиэ тыҥырах аһылыга буола сыспыт кус оҕолоро, үрүҥ тыыннарын өллөйдөөбүт ийэлэригэр махтаммыттыы, тула үмүөрүһэн, бары хомус быыһыгар киирэн сүтэн хааллылар. Куттаҕас киһини «кус сүрэх» дииллэр даҕаны, ийэ кус оҕотун көмүскэлигэр эрдээх быһыытын Ньукуус сөҕө санаата.

Оттон үөһэ туох да буолбатаҕын курдук тэлээрэ дайар элиэни өстөөх, ньиэмэс дьарапылааныгар холуу көрөн, убайа Сүөдэр улахан сэриилэһэр бууска диэн тэргэнинэн сууллары ытыан санаталаан, хотуурун дуускатын ыгыта туппахтаата.

Ити курдук Чурапчы холкуостара Нуотара, Куолума төрдүгэр Тойон арыыга, Хомустаах, Нөдүөттүнэ, Муҥур үрэхтэргэ сыл тахсар оттоноллоруттан санаалара бөҕөхсүйэн, сылайары аахсыбакка, ууларыгар-хаардарыгар киирэн, күүрээннээх үлэ үөһүгэр түбүгүрэ сылдыбыттара.

Уодаһыннаах 213 №-дээх уураах

Атырдьах ыйа үүммүтэ. Сайыҥҥы күн уотун кутааланар сыралҕана арыый сөҕүрүйэн, куорат лааппыларыгар, ларектарыгар бастакы оҕурсу, помидор атыыта саҕаламмыта. Быыллаах уулуссаларынан байыаннай таҥастаах дьон төттөрү-таары аалыҥнаһаллара, хам-хаадьаа массыыналар бирилэһэн ааһаллара. Куорат күндэлэс киэҥ түннүктэрдээх таас дьиэлэрин үрдүнэн сабардаан, сиэрэй күннэр устан испиттэрэ. Биир оннук күн Тулагы-Киллэмҥэ бурдук бааһынатын кытыытыгар буору бурҕатан кэлэн массыына хорус гыммыта. Массыынаттан хас да киһи түһэн, бурдуктаах бааһына диэки хаамсыбыттара. Инники испит киһи төҥкөс гынан курааннаабыт бурдук куолаһын ытыһыгар сыыйа тардан ылан, онтун одуулаһа турбута. Кэннинээҕи дьоно эмиэ, кинини үтүктэрдии бурдугу тоноон, төҥкөҥнөспүттэрэ. Онтон кэннигэр турааччылартан биирдэстэрэ инники турар киһиэхэ чугаһаан кэлбитэ уонна: «Иван Иванович, арай биир эмит улаханнык курааннаабыт оройуон холкуостарыттан үлэни кыайар дьону хомуйан, балыктыыр артыаллары тэрийэн, хоту ыыттахха хайдах буолуой?» – диэбитэ. Онуоха киһитэ хардарбакка, атыны тугу эрэ толкуйдаабыт сирэйдээх, ытыһыгар ылбыт ситэн эрэр бурдугун туорааҕын үөрэтэрдии бэрийэ турбута.

Нөҥүө күн сарсыардата үүнэн, куорат дьоно үлэлэригэр тиэтэйэн, сиэрэй уулуссаларынан аалыҥнаспыттара. Куорат киинигэр турар багдаллыбыт Обком дьиэтин үлэһиттэрэ эмиэ кэлитэлээн барбыттара. Килэрийбит муосталаах, холлороон курдук көрүдүөрдэр устун кумааҕы тутуурдаах дьон, кабинеттан кабинекка сыбыытаан, ааннарын тыаһа лабырҕаан олорбута.

Муннун анныгар тор курдук хара бытыктаах Совнарком биир тутаах үлэһитэ Егор Дмитриевич Бурҕааһайап, киҥинэйэн ыллыы-ыллыы, Сталин мэтириэтэ кичэллээхтик ыйаммыт кабинетыгар туох эрэ суолталааҕы, ырааҕы толкуйдуурдуу боччумура туттан олорбута. Ити кэмҥэ хос аанын тоҥсуйаат, кыырыктыйбыт баттахтаах аҕамсыйа барбыт Бастаахап киирэн кэлбитэ. Илии тутуһан дорооболоһоот, олорунан кэбиспитэ. Бурҕааһайап, бэрийэ олорор докумуоннарын туора ууран баран, киирбит киһиэхэ туһаайан:

– Бэҕэһээ Остапенконы кытары Киллэмҥэ тахса сырыттыбыт. Били Сибиир уонна Дальнай Восток өрүстэригэр балык артыалларын тэрийиэххэ диэн үөһэттэн кэлбит уурааҕы олоххо киллэриэххэ баара диэбиппэр Остапенко утарбата, – диэн эттэ.

– Туох диэтэ? – Бастаахап токкоолосто.

– Тугу да саҥарбата, ол аата сөбүлэстэҕэ дии, – диэн, боппуруоһу быһааран бүтэрбит саҕа сананан, Бурҕааһайап тор курдук хара бытыгын дуоспуруннаахтык имэринэн ылаат, ыарахан сутуругун остуолга лис гына уурда.

– Дьэ, оччоҕо, бу уурааҕы үчүгэйдик, тэрээһиннээхтик ылсан атаҕар туруордахпытына, улахан махталлаах дьыала буолара саарбахтаммат, – диэт, Бастаахап Бурҕааһайап саннын таптайда.

Онуоха Бурҕааһайап, Сталин мэтириэтин диэки көрөн ылаат, эттэ:

– Ити боппуруоһу ылсан хайыы-үйэ дьарыктана сылдьабын. Дьэ итинник сатабыллаах, толкуйдаах буолуохха наада.

Онуоха киһитэ мичик гынан баран:

– Бу дьыала табылыннаҕына, Сталинтан наҕараада ыларбыт буоллаҕа дии, – диэн ньылбаарытта.

Санаабыта табыллан эрэриттэн астыммыт сирэйдээх Бурҕааһайап төлөпүөн туруупкатын ылан сорунуулаахтык эрийэн барда.

Ити кэмҥэ аллараа этээс биир кабинетыгар сир исписэлииһэ докумуон бэрийэ олорбута. Кумааҕы хачыгырас тыаһын үргүтэн, эмискэ төлөпүөн тырылыы түспүтэ.

– Алло, – киһи, Бурҕааһайап куолаһын истээт, ойон турбута. – Истэбин, Егор Дмитриевич.

– Бюроҕа көрүллэр боппуруос бырайыагын бэлэмнээтигит дуо?! – диэн нүһэр куолас иһиллибитэ.

– Ээ, барыта бэлэм, бэлэм, отут холкуоска бэлэмнээтим, – диэн тардыалатта, чиккэччи тэбинэн турар киһи.

– Тоҕо отутуй эрэ, түөрт уон диэн көннөрөн биэр! Онтон тохтуу түһэн баран:

– Суох, түөрт уон биир диэ! – диэн көбүөлээтэ сөҥ куолас уонна кэпсэтии бүппүтүн туоһулаан туруупка тыаһа халыр гынаат, биир кэм «туук-туук» тыаһаата. Онно эрэ өйдөнөн, мүччү тутуом диэбиттии, ыга тутан турбут туруупкатын ылан төлөпүөн үрдүгэр талыр гына бырахта. Бөппүрүөскэтин ылан, айаҕар уобаат, испиискэтин көрдөөн сиэптэрин хасыһан хачыгырайда.

Истиэнэҕэ ыйаммыт төгүрүк хара араадьыйаҕа диктор куолаһа уоттаах сэрии хаамыытын туhунан сводканы билиһиннэрдэ. Маннык иһитиннэриилэр дөрүн-дөрүн оҥоһулла турар буоланнар, оччотооҕу кэм тыҥааһынын өссө кытаатыннаран биэрэллэрэ.

– Атырдах ыйын 11 күнэ үүммүтэ. Обком мунньахтыыр саалатыгар бюро чилиэннэрэ аа-дьуо мустан барбыттара. Сотору бары оннуларын булан олорбуттара. Мунньаҕы партия Обкомун холкуостары көһөрөр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ, Сир наркома Алешин арыйбыта. Кини көрүллүөхтээх боппуруостар бэбиэскэлэрин билиһиннэрбитэ. Мунньах сэкирэтээрин кичэйэн суруйар бөрүөтүн тыаһа ыраас кумааҕыга сурдурҕаабытынан барбыта.

«Протокол № 213. Заседание бюро Якутского Обкома ВКП(б).

От 11 августа 1942 года…»

Обком үрдүк өһүөлээх саалатын ыарахан аана лиһигир гына сабыллан, киэҥ уораҕайыгар туох эрэ сүдү содуллаах боппуруоһу кистиирдии ньим барбыта.

Көһөрүүнү тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Алешин, бюро чилиэннэрэ Бурҕааhайап, Бастаахап кэннэ уонча киhи уонна Чурапчы оройуонун салалтатыттан састааптаах делегация мунньахтарын саҕалаабыттара.

Бурҕааһайап кыһыл бүлүүс сабыылаах остуолга нүһэрдик сабыччы көрөн олорон, мунньаҕы салгыы ыытан испитэ. Биир аҕамсыйбыт киһи уоттаах сэрии сводкатын билиһиннэрбитэ. Кэнники үүммүт кэккэ кураан сылларга Чурапчы оройуонун холкуостарын туруктарын туһунан уонна ону туоратарга иһитиннэрии оҥоһуллубута.

Бурҕааһайап тор курдук хара бытыгын имэринэн, олоппоһуттан орҕостон туран кэлбитэ, Алешин диэки ньылбаархайдык тоҥхох гынаат, хоруомабай хаачыгырас саппыкытынан лиһиргэхтээн тиийэн, багдаллыбыт сүүнэ бэйэлээх трибунаттан ылыннарыылаах сөҥ куолаһынан саҥаран лиҥкинэтэн барбыта:

– Сибиир уонна Дальнай Восток өрүстэригэр балыгы бултааhыны сайыннарар туhунан Партия Киин Комитетын уонна Советскай Союз Правительствотын уурааҕа таҕыста. Партия уобаластааҕы комитета бу уурааҕы бүгүҥҥү бюроҕа дьүүллэһэн, олоххо киллэрэр дьаһаллары ылыныах кэриҥнээхпит. Фашистскай Германия халабырдьыттара сэриинэн саба түспүттэрэ иккис сыла. Бүтүн сэбиэскэй норуот үрдүнэн ыарахан тыын сабардаата. Арҕаа фроҥҥа биһиги биир дойдулаахтарбыт улуу нуучча норуотун кытта Ийэ дойдуларын көмүскэлигэр олохторун толук ууран туран хорсуннук кыргыһаллар. Сэбиэскэй норуот уонна уобалас үрдүнэн үөскээбит уустук балаһыанньаны сөптөөхтүк сыаналыах тустаахпыт, – диэн баран, чочумча тохтоон, Чурапчыттан кэлбит делегация диэки кытаанахтык көрөн баран, – Чурапчы оройуонун 41 холкуоhун хоту, Кэбээйи, Эдьигээн, Булуҥ оройуоннарыгар, балык булдугар трудовой фроҥҥа үлэ күүhүн быhыытынан туhанарга көhөрөбүт. Онон көһөрүүнү тэрийэргэ уталытыллыбат маннык соруктары туруорарга:

1. Холкуостар бүттүүн көһөллөр, ким да хаалара көҥүллэммэт. Балык бултааһыныгар көспүттэргэ судаарыстыбаннай чэпчэтиилэр олохтоноллор. Көспүттэр аармыйаҕа ыҥырыллыбаттар. Дьиссипилиинэни кэһии, буруйу оҥоруу байыаннай кэм сокуоннарынан көрүллэллэр.

2. Көһөн тиийбиттэргэ олорор, үлэлиир усулуобуйа толору тэриллэр. Дьиэ-уот туттарга матырыйаал толору бэриллэр, оҕолор интэринээтинэн толору хааччыллаллар, ыйга биир киһиэхэ 16 киилэ бурдук бэриллэр.

3. Көһөр үстүү ыалга биирдии көлө булуллуохтаах, ыал 16 киилэттэн ордук таһаҕаһы ылара көҥүллэммэт. Холкуостар сүөһүлэрин, сылгыларын заготхонтуораҕа туттараллар, көлөлөрүн барытын, ыанар ынахтарын сорҕотун илдьэ бараллара көҥүллэнэр.

4. Холкуостар сүөһүлэрин сорҕотун, сүрүн сириэстибэлэрин, инбэнтээрдэрин хаалар холкуостарга туттараллар. Бары хардарыта ылсыыга-бэрсиигэ ахсааны оҥорор, холкуостары эһэр хамыыһыйалар тэриллэллэр.

5. Балаҕан ыйын 5 күнүгэр оройуон үрдүнэн көһүү саҕаланар, ый маҥнайгы декадатыгар бары холкуостар Аллараа Бэстээххэ баар буолуохтаахтар. Онон көhүү буолар оройуоннарын экономическай туруктарын туhунан ыспыраапкалары бэлэмнээн үс хонугунан туттарарга сорудахтыыбын, – диэн Бурҕааһайап бэйэтин этиитин түмүктээбитэ.

Онуоха Бастаахап:

– Сөп, бэлэмниэхпит, – диэт, харандааһынан болокунуотугар ааттаммыт оройуоннары бэлиэтэнэн сурунан сырдырҕаппыта.

Чурапчыттан кэлбит делегация диэки суугунаһыы буолан ылбыта. Итинник сураҕы сир-буор аннынан истэн билэ да сырытталлар, этиллибит тыллар ыар сүллүгэстии, этиҥ тыаһыныы сааллан, дьон чочумча чуумпуран ыллылар.

Онтон өй ылбыттыы:

– Күhүн кэллэ, онон быйыл үлэни кыайар эр дьону, онтон эhиил оҕону, кырдьаҕаhы көhөрүөххэ, – диэн биир киhи этии киллэрдэ.

Бурҕааhайап, ону эрэ күүтэн олорбут курдук, өрө хабылла түстэ:

– Суох! Барыларын! 41 холкуоhу! Бука барыларын! Балаҕан ыйын 10 күнүгэр холкуостар бары анаммыт пууннарыгар тиийиэхтээхтэр. Байыаннай балаһыанньа ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн, биир да киhини энчирэппэккэ! Улуу Сталин уурааҕын утары бараары гынаҕыт дуо?! Ол аата, сэбиэскэй былааһы утары сабатаас быһыытынан көрүллэн, байыаннай балаһыанньанан трибунал иннигэр туруоххут! – диэн күргүйдээн кэбиспитэ.

Үрдүк өһүөлээх обком сабыылаах аанын нөҥүө туох-туох кэпсэтии буолбутун, испиэскэнэн кичэллик сотуллубут истиэнэ эрэ истэн тураахтаатаҕа…

Күн Сталин

Атырдьах ыйын ортотунааҕы түүҥҥү сөрүүннэр түһэннэр, сайыҥҥы уот-садаҕа баһаардар аҕыйаан, кураан тыына Хайахсыт үрдүнэн арыый намыраабыта. Быыстала суох турбут уот буруотун быыһынан, кытара кыыһара уурайан, күн, дьэ, бэйэ бодотун ылынан, чугастааҕы куруҥ үрдүнэн тэмтэйэ ойбута. Кураан сайыҥҥа торолуйбут аһыҥалар алаастар барахсаттар күөх ньаассын ньуурдарын кубарыччы салаабыттара көрүөхтэн түктэри, киһи кута-сүрэ тохтуо суох айылаах буолбута.

Күн арҕаалаан санньыйыыта, холкуос бурдугун аһыҥаттан өрүһүйүү күүрүүлээх түбүгүн кэнниттэн, үлэ дьоно дьиэлэригэр кэлитэлээбиттэрэ. Күөрэгэй кэлэн, кыратык тыын ылан, сытан ылла. Онтон туран, киэһээҥҥи кэмчи чэй кэннэ, Туллукка буукуба үөрэтэн барда. Туллук оскуолаҕа киирэр сааһа буолан эрэр, онон саҥаһыттан Күөрэгэйтэн көрдөспүтүн быһа гыммакка, киэһэтин дьарыктарын саҕалаабыттара син балайда буолла. Туллук Сүөдэртэн кэлбит эрилиннэри буукубалардаах суруктары ааҕар баҕата баһаам, өссө хардары сурук суруйар баҕата олус күүстээх буолан, кыһаллара диэн сүрдээх. Хата, ону убайын буочара араастаан эриллибит буолан, ардыгар эдьиийиниин Аанчыктыын ааҕаллара.

– Күн Ста-лин, Сүө-дэр, – диэни сүhүөхтээн ааҕарга син үөрэнэн эрэр.

Уҥа түннүк үрдүнэн хаһыаттан кырыллыбыт дьоҕус араамалаах Сталин хойуу хааһын аннынан кытаанахтык супту көрөн олорор мэтириэтэ ыйанан турар. Мэтириэт аттынааҕы долбуурга Сүөдэр сэриигэ барыан иннинэ кыһан Туллукка бэлэхтээбит мас ат оонньуура ууруллан турар. Туллук атын балтыгар тыыттарбакка бэйэтэ эрэ оонньуур. Күннэй сааһа кыра буолан, үлэтэ диэн үксүн оонньуу, билигин да күн кыһалҕата суох аан аттынааҕы ыскамыайкаҕа туос ынахтарынан оонньуу олорор.

Өрүүнэ хатарыллыбыт от силиhин кырбыы туран, кийиитин аһыммыт хараҕынан көрөн ылла. Оо дьэ, туох-туох буолар? Сүөдэртэн сурук кэлбэтэҕэ быданнаата. Оҕом хайдах эрэ сырытта буолла. Хара дьайдаах сэрии ыар тыына, хор, оннооҕор бу ыраах Хайахсыт нэһилиэгин тумнубата. Умайар уот кураан сатыылаан, дьонноро ыраах, Нам сиригэр Арбыҥҥа Нуотара үрэҕэр оттуу барбыттара ый кэриҥэ буолла. Күөрэгэйи хат буолан, хата, хаалларбыттара. Манна да күнү быһа бурдук түүтэхтииргэ сиһэ ыалдьаахтыыра буолуо. Күөрэгэй, хотунун санаатын таайбыттыы, иhин туттан көрдө. Онтон оронугар сытынан кэбистэ. Өрүүнэ үлэтин үмүрүтэн баран, кийиитигэр тиийэн, аттыгар олорунан кэбистэ.

– Хайа хайдаххыный, тукаам?

– Ээ, бэҕэhээ, түүтэх баайа сырыттахпына, дьиктитик мөхсөн ылбыта.

– Күөрэгэй, аhара хамсаныаҥ суох этэ, – диэн, аҕа киһи быһыытынан, Өрүүнэ кийиитин аһыннар да, сүбэлии олорбута.

Халлаан киэһэрэн, борук-сорук буолан, утуйууга бэлэмнэнэн, кыра дьон ороннорун булбуттара. Туллук ат оонньуурун илдьэ сытаары салҕанан долбууртан ылбыта. Онтон Сталин мэтириэтин анныгар кэлэн хантайан туран, өр одуулаһан баран:

– Күөрэгэй, ити Сталины тоҕо «Күн» дииллэрэ буолуой, мин көрдөхпүнэ күҥҥэ отой да маарыннаабат дии, – диэн Туллук саҥаһын эриирдээх боппуруоһунан үүйэ-хаайа туппута.

Күөрэгэй тугу булан хоруйдуон билбэккэ сыттаҕына, ийэтэ Өрүүнэ:

– Тукаам, Туллуок, саҥаскын араабылаама, бэйэтэ да сылайан сөп буолан сытар, – диэн уолун буойбута.

Туллук ити дьиктиргиир боппуруоһун иннин-кэннин билэн тэйэр санаалаах:

– Оччоҕо эн эт, – диэн аны ийэтин эрийэн турбута.

Онуоха Күөрэгэй оргууй Туллукка туһаайан:

– Сталин диэн сэбиэскэй норуот, бу биһиги бары аҕа баһылыкпыт буолар, кини биһиэхэ барыбытыгар үчүгэйи баҕарар уонна куруук көмөлөһөр, – диэн тиийимтиэтик быһааран биэрбитэ.

Туллук оронугар баран сыппыта. Онтон сотору дьааһыйан ылан баран:

– Оттон оччоҕо мин икки аҕалаахпын дуо? – диэн, мунааран, бэйэтиттэн-бэйэтэ ыйытына сытан, мас атын хам кууһан, куобах суорҕан сылааһыгар сууланан, нухарыйан барбыта.

Кыараҕас түннүк нөҥүө тыаһа суох хараҥа халыйан Хайахсыт үрдүнэн сабардаабыта. Туллук түһээтэҕинэ, Сталин кэлэн, төбөтүттэн имэрийэн ылар, көтөҕөн ылан Күннэйи уонна кинини түһэҕэр олордуталаан баран, сахалыы намыын куолаһынан туох эрэ туһунан туойар. Туллук көрдөҕүнэ, остуолларыгар ас-бөҕө тардыллыбыт. Арааһа убайа Сүөдэр Сталинынан кэһиитин ыыппыт быһыылааҕа. Онтон Сталин кинилэри түһэрэн баран, дьиэлэрин таһыгар тахсан, киһи хараҕа саатыах айылаах күн курдук сырдаатар сырдаан, Туллук мас атын миинэн, ыраах сүтэн хаалбыта. Уолчаан мас атын былдьатан, кэнниттэн ытыы-ытыы, балта Күннэйдиин сүүрэ сатаабыттара. Сэниэлэрэ эстэн, түгэҕэ көстүбэт далай хараҥаҕа, төбөлөрүн оройунан умса баран эрэллэриттэн соһуйан, хаһыытаабытынан уһуктан кэлбитэ.

Онтон ата илиитигэр баарыттан уоскуйан, аны ыыппатарбын диэбиттии кууһан, эмиэ нухарыйан барбыта. Дьиэлэр үрдүлэринэн түлэй бараан түүнү иһиллээбиттии, ый былыт быыһыттан быган, түннүгүнэн сэмээр дьиэ иһин таайтарыылаахтык одууласпыта…

* * *

Арыы үрдүк хордоҕойугар кэбиhиилээх оттор кэчигирээбиттэр. Баһылай биригээдэтэ оту хотуулаахтык оттоон, санаалара көтөҕүллэ сылдьар. Лөгөнтөй кырдьаҕас кэмиттэн кэмигэр хотуурдары таптайан, кыраабыллары тииhээн иһэр. Инньэ гынан үлэ, атахтаммакка, хотуулаахтык барар. Аанчык Даайалыын бугул түгэҕин харбыыллар. Баһылайдаах хас да буолан от кэбиһэ сылдьаллар. Ньукуус бугуллары бэрт чэпчэкитик түллэх гыннаран таhаара-таһаара, кыдаматын күөрэччи тутан, түскэ быраҕаттыы сырытта. Лөгөнтөй, оллоонун уотун күөдьүтэ сылдьан, көр, аҕатын туйаҕын хатарар киhи тахсыыhы, оннук чинчилээх диэн, сиэнин астыммыттыы одууласпыта. Отуу уота солуурчахтаах собону сотору кэминэн оргутан бидилиппитэ. Лөгөнтөй күнүскү омурҕаҥҥа дьонун ыҥыртаан далбаатаата. Сиэнигэр чэй сойута кутан бэлэмнээтэ. Лөгөнтөй чугастааҕы элгээҥҥэ илимнээн, харарҕаатахтарына собо сиэн абыраннылар аҕай. Бу өрүс сир собото бөдөҥ да буоллар, Дьоҥкуудай эбэ хотун соботугар амтана ырааҕынан тиийбэт. Алаас сир күөлүн собото барахсан минньигэһэ сыттаҕа дии. Күүстээх үлэҕэ сылдьар дьон хараҕа наадыйан бөҕө буоллаҕа дии. Күһүҥҥү саарбыт кус тиргэҕэ иҥнэн тилигириирэ, оо, астык суол буоллаҕа, ити дьарыгы Ньукуус үчүгэйдик баһылаата. Онон сөп-сөп тотуохтарыгар диэри кус сииллэр.

Отчуттар оллооннорун аттыгар үүммүт улахан аар хатыҥ күлүгэр мустан, омурҕанныырдыы төбүрүөннээн олорунан аһаан бардылар.

– Быйылгы кыстыгы туоруур оттоннубут быhыылаах, – итии чэйин сыпсырыйа-сыпсырыйа, Баhылай кэпсэтиини саҕалаата.

– Син илин-кэлин түсүһэр инибит, доҕор.

– Баччалаах үүнүүнү сомсон баран, доҕор, оннук буолбат дуо? – Баһылай Ньукулайтан ыйытта.

– Тыый, туох диэн эттэххиний. Ол гынан баран, тиэйиитэ да син моһуоктаах соҕус буолара буолуо ээ.

– Оннугун оннук да, күрүөлэммит хаһаас хаһан да хаалбат хаһаас буоллаҕа дии. Улуу добдурҕа түһүүтэ, хаар чарааһына биэстии сыарҕанан таһан, син үөтэлиэххэ сөп ини, доҕор, – диэт, Лөгөнтөй астыммыттыы дьонун кэриччи көрбүтэ.

– Сарсыҥҥыттан мин Ньукуустуун күрүө сиэрдийэтин охторо тахсыахпыт, – диэн бас-көс киһи быһыытынан Баһылай дьаһайбыта. Ити курдук отчуттар оллооннорун буруота ыраахтан унаарыйан, көҕөрүмтүйэ сыыйыллыбыта.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации