Текст книги "Туоһахта уонна Лэкиэс"
Автор книги: Василий Гоголев-Уйулҕан
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 4 (всего у книги 15 страниц) [доступный отрывок для чтения: 5 страниц]
ААРА АЙАҤҤА
Лэкиэстээх биир нэһилиэктэн тохсуо буолан ыҥырыллыбыттара. Ол курдук бары тутуспутунан, оройуон киинигэр байыаннай хамыыһыйаны ааспыттара. Оччотооҕу күөгэйэр күннэригэр сылдьар эр бэртэрэ, тоҥ маһы булгу тардыах курдук, бөҕө-таҕа көрүҥнээхтэрэ, от-мас үлэтигэр эриллэн улааппыт буоланнар, эт-хаан өттүнэн чиргэллэрэ, чэгиэннэрэ. Хамыыһыйаны ааспыттарын кэннэ иккис күнүгэр, түөртүүр ыам саҕана, атын нэһилиэк уолаттарын кытары таһаҕас тиэйэр массыынанан Аллараа Бэстээххэ илдьибиттэрэ.
Массыыналар суол буорун өрө бурҕатан, күн арҕаа саҕахха тэмтэйэ санньыйыыта, Өлүөнэ эбэ үрдүк мырааныгар тиийэн кэлбиттэрэ. Өлүөнэ эбэ киэҥ, модун көстүүтэ иннилэригэр туох да куһаҕан сибикини түүйбэттии, наҕыллык уста сытара. Уҥуор ырыых-ыраах дьоллоох Дьокуускай куорат дьиэлэрэ бытыгыраһан тумарыктыйан көстөллөрө. Массыыналар аллара сыыйыллар суолунан сотору Буор Ылар диэн ааттаах сиргэ тиийэн чугас-чугас тохтообуттара. Сэриигэ барааччылары массыынаттан түһэллэригэр соруйбуттара, барыларын биир кэккэҕэ устуруойдаппыттара. Саллаат олоҕун саҥа билэн эрэр эдэр дьон саҥата суох турбуттара, арай сирэйдэрэ күн уотугар тыйыстык дьиппиэрэ кыыһан ылара. Байыаннай таҥастаах киһи арҕаа кырыктаах кыргыһыыга Сэбиэскэй аармыйа хорсуннук сэриилэһэрин, ол да буоллар өстөөх кимэн киириитэ соһуччутун уонна олус уодаһыннааҕын туһунан иһитиннэрбитэ. «Сэбиэскэй норуот чулуу уолаттара, ньиэмэс халабырдьыттарын утары биир ньыгыллык, хорсуннук туруулаһан сэриилэстэхпитинэ, кыайыы биһиэнэ буолуо», – диэбитэ. Онон бүгүҥҥүттэн ыла бары байыаннай бэрээдэгинэн, хамаанданан сылдьалларын тоһоҕолоон эппитэ. «Ким байыаннай бэрээдэги, бирикээһи толорбот, көҥүлэ суох байыаннай лааҕыртан күрээтэҕинэ, дизертир буолар уонна байыаннай кэм сокуонунан трибуналга туруо, ол аата үгүс кэпсэтиитэ суох ытыллар», – диэн дьулаан ыстатыйаны билиһиннэрбитэ. Онтон: «Вольно!» – диэн хамаанда биэрбитэ. Өссө да дөйүөрэн турар тыа уолаттарыгар: «Тарҕаһыҥ!» – диэн тылбаастаан, дьэ өй ылан тарҕаспыттара. Ити курдук сотору-сотору массыыналарынан, сорохтор атынан маҥнайгы хомуурга түбэспиттэр кэлитэлээн испиттэрэ.
Аллараа Бэстээххэ сэриигэ барааччылары биир сиргэ түмпүттэрэ, араас таҥастаах-саптаах, күөгэйэр күннэригэр сылдьар уоланнар төттөрү-таары хааман-сиимэн адаарыҥнаһаллара. Лэкиэс бииргэ ыҥырыллыбыт уолаттарыныын бары тутуһан сылдьарга сүбэлэспиттэрэ. Оннук санааларыгар да бөҕөх буоларга дылы эбит. Бары да нууччалыы билбэттэрэ улаханнык моһуоктуоҕуттан санааҕа ылларбыттара. Арай Лэкиэс син онон-манан удумаҕалатар курдуга. Взвод, рота хамандыырдарынан үөрэхтээхтэри анаталаабыттара. Онон олор салалталарыгар киирбиттэрэ.
Сарсыныгар «Красный» диэн дьоҕус борохуотунан Лэкиэстээҕи трюмҥа, палубаҕа толору симэн Даркылаахха туораппыттара. Оннук ол борохуот хаста да кырыммыта. Оттон туораабыттары устуруойдата-устуруойдата сатыы хаамтаран, куорат киинин диэки Жорницкай уулуссаҕа баар кэҥэс олбуордаах мунньар пууҥҥа аҕалтаан испиттэрэ. Нуучча, саха, араас да омуктар киһи киһитин билсибэт үлүгэрэ этэ. Киэһэ барыларын устуруойдатан баран толуу, байыаннай таҥастаах нуучча эписиэрэ сэрии туһунан кылгас иһитиннэрии оҥорбута. «Түөкүннүү уоран саба түспүт фашистскай халабырдьыттары уодьуганныахпыт, Сэбиэскэй аармыйа ньыгыл күүһэ өстөөҕү кыайыаҕа», – диэн доргуччу эппитэ-тыыммыта. «Онно, бу сэриигэ ыҥырыллыбыттар, эһиги, хорсуннук кыргыһыахтааххыт», – диэн тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Үгүстэр алаастарыттан саҥа тэлэһийбит, нууччалыы саҥаны бастакыларын истэр буолан, эписиэр тугу эппитин өйдөөбөтөхтөрө. Ол эрээри кини сорунуулаах сирэйиттэн-хараҕыттан туох эрэ сүдү суолталаах хамаанда бэриллэн эрэрин сүрэхтэринэн таайбыттара.
Баарсаларын күүтэн хас да хоммуттарын кэннэ, Даркылаахха биэрэккэ киллэрбиттэрэ. Онно эмиэ кэтэһии буолбута. Арай туох эрэ сүпсүлгэн турбута. Сэриигэ барааччылар биир сиргэ үөмэхтэспиттэрэ. Лэкиэстээх эмиэ ол диэки тиийбиттэрэ, Бүлүү умнаһын күүстээхтэрэ хапсаҕайдаһаллар үһү диэн сурах сэргэхсийиини таһаарбыта. Призывниктар төгүрүччү симсэ үмүөрүспүт бөлөхтөрүн быыстарынан биир дойдулааҕа хапсаҕайдьыт Тириипэнниин үтүрүһэн, түһүлгэ баар сирин диэки чугаһаабыттара. Буучугурас бөҕө диир киһилэрэ араас ааттаахтары, ол иһигэр саһаан холобурдаах нуучча, татаар бухатыырдарын, уҥа-хаҥас быраҕаттаабыта. Отуччатын ааһан эрэр, ортону үрдүнэн уҥуохтаах, кыһаан киһи этэ. Түөрт кырыылаах харылардаах, кэтит дараҕар сарыннаах, көхсүттэн үргүлдьү тахсар модьу сүнньүлээх, күүстээх көрүҥнээх, быһый быһыылаах, уоттаах сытыы харахтарынан батарыта көрбүт эр бэрдэ этэ. Дьэ, кырдьык, астык тустуулаах хоһуун, бэдэр курдук сылбырҕатык, иҥиирин тыаһа өрө лачыгырыы түһэрэ да, көрүөх бэтэрээ өттүгэр утарылаһааччылара сири булан бурҕас гына түһэллэрэ. Арай биир сүүнэ нуучча охтон баран, алҕас дии-дии, иккитэ киирэн холоспута. Онтон кыһыйан түксү дииллэрин үрдүнэн, курданарыттан үөһэ өттүнээҕи таҥаһын ньылбырыта тыытан, сиэх-аһыах көрүҥнээх үсүһүн киирбитэ. Дьон хаһыы бөҕөтө, биир кэм күүгэн оргуйан олорбута. Буучугурас утарсааччытын кытары өрө батыгыратан, тутуһан өрө холоруктуу сылдьыбыта. Анараа киһи табаҕайынан Буучугурас сүнньүн сабыта саайталаабыта. Онтон кыһыйан, Буучугурас хаптас гынаат, киһитин икки такымыгар түһээт, түүтэх мээчик курдук салгыҥҥа өрө көтөҕөн таһаарбыта уонна аарыма мөхсө сылдьар лөкөйү санатар утарылаһааччытын кулахачыппытынан, түһүлгэ ортотугар сүүрэн батыгыратан киирэн, тоҥ иэнинэн сиргэ эпсэри бырахпыта. Киһитэ түһүүтүн омунугар сир ньиргийэргэ дылы гыммыта. Бурҕайбыт буору бүрүнэн били киһи дөйөн сыппыта. Буучугурас илиитин өрө көтөхпүттэрэ, призывниктар хаһыылара биир кэм өрө ньиргийэн олорбута. Дөйөн сыппыт киһи өндөйөн, бу туох ааттаах күүгээнэ буолла диэбиттии, тулатын көрүммүтэ. Онтон өйдөнөн, туран буорун-сыыһын тэбэнэн баран, кыбыстыбыттыы, төбөтүн нөрүччү туттан, түһүлгэ таһын диэки байааттаҥнаабыта. Лэкиэстээх Тириипэн Буучугураһы сөҕө, дуоһуйа көрбүттэрэ, оттон биир дойдулаахтара Үөһээ Бүлүүлэр бөҕөстөрө хабараан хапсыһыыга соргута тосхойбутуттан харахтарыгар астыныы, киэн туттуу суһума сыдьаайара.
Кэмниэ-кэнэҕэс Даркылаахтан хара буруонан бургучуйбут, атыыр оҕус айаатаан лоҥкунатарын курдук көөҕүнээн, улахан бэйэлээх «Советская революция» диэн түөрт баарсаны соспут борохуот устан күллүргэтэн, сыыгынаан-сааҕынаан кэлэн, чугас дьаакырын түһэрбитэ, тырааптары тэлгэппиттэрин кэнниттэн борохуоттан хас да байыаннай таҥастаах дьон кытылга түспүттэрэ. Взводтарынан, роталарынан наардаан, хаһыы, хамаанда, түптэ-түрүлүөн түһэрэн барыларын тиэйбиттэрэ. Ити курдук, Мэҥэттэн, Чурапчыттан, Тааттаттан, Амматтан, Намтан, Горнайтан, Бүлүүттэн, Сунтаартан, Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн икки тыһыынчаттан тахса призывник бииргэ айанныыр буолбуттара. Лэкиэстээх, мэҥэлэр, иккис баарсаҕа түбэспиттэрэ, кинилэри кытары үөһээ бүлүүлэр, ньурбалар айанныыр буолбуттара. Олор истэригэр били Үөһээ Бүлүү бөҕөһө Буучугурас баара. Ону көрөн, Лэкиэстээх Тириипэн үөрсүбүттэрэ.
Дьэ борохуот ыраах айаҥҥа аттанаары, күүһүн-күдэҕин түмүнэрдии, хоройбут үөлэһиттэн хара буруонан уһааран, буруолаан-тараалаан, хаста да сөтөллөн ыла-ыла, хаһыытаан көөҕүнэппитэ. Ол аайы кытылга мустубут атаарааччылар ыһыы-хаһыы, ый-хай бөҕөтүн түһэрэн айманаллара. Дьокуускайтан сэриигэ аттанааччылар кытылга далбаатаһа турааччыларга тугу эрэ хаһыытаан хардарсаллара. Арҕааттан ардаҕа суох халҕаһа былыттар аргыый устан кураанаҕынан этиҥнээн лаһыгыраппыттара, сэрии толоонугар аттанан иһээччилэр дьылҕаларыгар хара дьайдаах уот сэрии илдьитэ буолан иһиллибитэ… Призывниктары толору симинэн, хара буруонан уһааран, хаһыыран-ыһыыран, борохуот сүүрүгү өксөйөн, уһуутаан ыла-ыла, долгуну хайа силэйэн уста турбута.
Ити курдук Лэкиэстээх унньуктаах уһун айаны көрсөн, аара алаастарыттан ырааппатах дьон Өлүөнэ эбэ хотун араас сөҕүмэр көстүүлэрин көрө сөҕөн айаннаабыттара. Ордук өрүс хаҥас кытылын үрдүнэн барыарбыт суорба очуостар анныларынан устан иһэн, бу сүдү үрдүк очуостар сүүһүнэн аарыма таас дьон кэриэтэ, кинилэргэ кыайыыны-хотууну алҕыырдыы, чуумпутук, дьиппиэрэ атаара хаалбыттара. Биир күн өрүһү туора сөҕүмэр таас тумус көстүбүтэ. Онуоха нууччалар: «Пьяный Бык, пьяный Бык!» – дэһэллэрин истэн, Лэкиэс сөҕө санаабыта. Айылҕаҕа араас да дьикти көстүүлэр баалларын саҥа билэн, бэркиһии испитэ. Аара тохтоон, борохуоттарыгар оттор мастарын тастараллара. Баарсалартан уочаратынан, бэйэ-бэйэлэриттэн чугас туран хардаҕастары бэрсэллэрэ.
Лэкиэстээх ыаллыы нэһилиэктэрин киһитэ Өндөрүүс диэн кинилэртэн лаппа аҕа саастаах киһи баара. Кини түүллээҕинэн биллибитэ, ол курдук сэриигэ ыҥырыллыбыттар эрдэттэн кэпсэтэн баран, аттыгар тиийэн хоноллоро, бэйэлэриттэн туох эмэ таҥас эбэтэр туттар малларын, табахтаах мөһөөччүктэрин эҥин биэрэллэрэ. Оччоҕо ол киһи ол таҥастарын дуу, малларын дуу төбөтүн анныгар сыттанан хонон турара уонна сарсыарда «тыыннаах эргиллиэҥ» эбэтэр «эргиллиэҥ суоҕа» диэн этэрэ. Лэкиэс биир дойдулаахтара хас да киһи ыйытан баран, сорохтор куһаҕаны этитэн, соргулара тостон, арбы-сарбы буолаллара. Биир күн доҕоро Тириипэн Лэкиэһи: «Өндөрүүстэн ыйытыахха», – диэн хаайбыта. Ол курдук киэһэ Тириипэн Өндөрүүскэ илдьэ сылдьар саппыйалаах табаҕын уларсыбыта. Өндөрүүс ол саппыйаны сыттанан хоммута. Сарсыныгар Тириипэн Лэкиэстиин чугаһаан ыйыппыттара, онуоха Өндөрүүс сирэйигэр туох эрэ дьэбир күлүк көстөн ааспыта, кылгастык «суох» диэн хардарбыта. Уолаттар чочумча ах баран, саҥата суох тэпсэҥнэһэ турбуттара. Тириипэн Өндөрүүс хардатын ылымматтыы, кытар гынан баран, киэр хаампыта. Онтон Лэкиэс, өй ылбыттыы, Өндөрүүс диэки көрөөт:
– Өндөрүүс, итини эн хайдах барытын билэҕиний, оттон бэйэҕин билэҕин дуо? Эн дойдугар эргиллэҕин дуу, суох дуу? – диэбитигэр Өндөрүүс, куруук күлэ-үөрэ сылдьар бэйэтэ, сирэйэ күлүгүрэн ылбыта уонна бүтэҥитик:
– Суох, – диэбитэ. Лэкиэс итини истэн соһуйбута. Онтон киһитэ санныттан таптайа-таптайа, эмиэ сирэйэ сырдаан кэлбитэ уонна:
– Быраатым Лэкиэс, дьэ ынырыктаах уот холоругар түбэһэбит бары, үгүспүт эргиллибэт дойдутугар баран иһэбит, – онтон чочумча Лэкиэс хараҕын утары көрөн тура түһэн баран: – Эн эргиллиэҥ, эйигин бэрт дьиктитик быыһыахтара. Ол эрээри өлөр өлүү син биир куруук кэтии сылдьыа, быраатым эрэ буолларгын бэйэ бодоҕун тардына сылдьаар, – диэн баран, Лэкиэһи санныттан таптайбыта. Лэкиэс итини истэн, этин сааһа арыллан, бэрт дьиктитик дьигиһийэн ылбыта. Өндөрүүс барахсан дьиҥинэн хара буорунан хараҕа толору симиллэн, хара тыын былдьаһар тиһэх түгэнин сэрии буолбут сураҕын истиэҕиттэн билбитэ. Ол да буоллар «биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай, биир саха ханна охтубатаҕай?» диэн кытаанах санааны ылыммыта. Өллөр да, анныгар өстөөх үөрүттэн сууһарбахтаан баран охтуоҕун, Үрдүк Айыылара анаабыт ыйаахтарыттан төлө түспэтин билэрэ. Кини Лэкиэс сүргэтин көтөҕөр санааттан:
– Оо, Үрүҥ Аар Тойон, бу эдэр киһини араҥаччылаар дуу, – диэн ботугураабыта…
Саха араас айдарыылаахтара, үтүө-мааны талыы ыччаттара Ийэ дойдуну атыйахтаах уулуу аймаабыт алдьархайтан, дурда-хахха буола, көмүскүү аттанан иһээхтээтэхтэрэ. Лэкиэс Өндөрүүс итини барытын хантан билэрин иһигэр таайа сатаабыта да, санаата хоруйун булбатаҕа. Арай Өндөрүүс былыргы өбүгэлэригэр ойуун баар буола сылдьыбытын сэрэйэ санаабыта. Ити итинэн ааспыта, оттон Өндөрүүс уруккутун курдук дьон санаатын көтөҕөн, араас мүччүргэннээх үһүйээннэри, түгэннэри кэпсии-ипсии, күллэртии сылдьыбыта.
Ол курдук Покровскайга, Өлүөхүмэҕэ тохтоон, эбии тыһыынча кэриҥэ сэриигэ ыҥырыллыбыттары ылан ааспыттара. Дьэ онно киирбиттэр: кур холуочук, итирбит да призывниктар – киэптээн тиэриллэҥнэһэн баарсалар палубаларын толорон кэбиспиттэрэ. Аны бары тыыллаҥнаһан төрөллөрө да бэрдэ. Ол курдук хас да күн устубуттара. Аһылыктарын тимир миискэлэргэ кутан биэрэллэрэ, дьэ ол уочаракка куруук ол нууччалар маатыралаан бардырҕаһа-бардырҕаһа быһа киирэллэрэ. Лэкиэс кыһыйдар да, тулуйарга эрэ тиийэрэ. Арай биир күн эмиэ маат-муут буолан, ас түҥэтэр сир диэки тоҕо силэйэн баран иһэн, биир Үөһээ Бүлүү уолун түҥнэри дайбаан түһэрбиттэрэ. Ону көрөөт, Буучугурас уонна хас да толуу уолаттар буолан, тулуйбакка, палубаҕа ойон тахсыбыттара. Тахсан иһэн, Буучугурас:
– Мээнэ быгыалаһымаҥ, бэйэбит быһаарсыахпыт! – диэн хаһыытаат, аан холуодатын табаҕайынан «лас» гына охсон ааспыта, тарбахтарын суола оҥхоччу олорон хаалбыттара. Ол ойон тахсан, сүр сымсатык хаптас гынаат, саһаан холобурдаах маҥнайгы киһини атаҕыттан «лап» гыннаран, өрө көтөҕөн бачыгыратан таһаарбыта да, ол киһинэн атын киэбирбиттэри тоҕута сабаабыта. Анараа дьон бастаан мааттыы-мааттыы сутуруктаһан иһэн, палубаҕа Буучугураһы кытта тахсыбыт уолаттартан бары үрэл-тарал тамнаммыттара. Буучугурас атыыр оҕус курдук сүүнэ киһини икки атаҕыттан эргитэ сылдьан баалкылаабыта, онтон салланнар, атахха биллэрбиттэрэ. Оттон Буучугурас илиититтэн ыһыктан кэбиспит киһитэ палуба ортотугар тиийэн таралыс гына түһэн баран, дөйөн сыппыта. Чочумча буолан баран түөрт атах буолан аттаан турбута, муннуттан, айаҕыттан кэлбит хаанын ытыһын көхсүнэн сотто-сотто, дьонун диэки содьороҥнообута. Ити хапсыһыыга Бүлүү бөлөх дьоно дуулаҕа күүстээхтэрин көрдөрбүттэрэ. Дьэ онтон ыла бэрээдэк олохтоммута. Ким да саха саллааттарын атаҕастаабат, өрө көрбөт буолбута. Дьэ ити курдук унньуктаах, араас быһылааннардаах айаннаан, Өлүөнэ баһын диэки чугаһаатахтарын аайы, өрүс синньээтэр синньээн испитэ. Кэлин тиһэҕэр ыйы кыайар-кыайбат айаннаан, Усть Кут бириистэнигэр тиийэн, барыларын биэрэккэ сүөкээбиттэрэ. Бу Саха сириттэн букатыннаахтыы арахсар түгэн тирээбитин, аны манна хастара эргиллэн кэлэрин-кэлбэтин сэрэйбиттии, саастаах өттүлэрэ эбэҕэ сүүрэн киирэн сирэйдэрин суунан, уутуттан дуоһуйа ыйырбахтаан ылбыттара. Кэтэһэн турар табаар тиэйэр массыыналарга икки маҥнайгы баарсаларынан кэлбиттэри олордуталаан, Мальтаҕа айаннаан талыгыраппыттара. Өр баарсанан устар салгымтыалаах эбитин Лэкиэс массыынаҕа олорон баран биллэ. Ол эрэн дойдутуттан тэйдэр тэйэн, ыраатан иһэриттэн эмиэ да хайдах эрэ ытырыктата саныыр. Дойдутугар атаара хаалбыт ийэтин, аҕатын, Сэгэйигин, Туоһахтатын аны хаһан эрэ көрсөр дуу, суох дуу? Чэ, ол эрээри эр киһи буолан кыргыс аарыктаах айааннарын арыйан аттанан эрдэҕэ эбээт. Дьылҕатын инники торумун үөһэ Үрдүк Айыылар билэн олордохторо.
Мальтаҕа тиийбиттэригэр барыларын взводтарынан, роталарынан устуруойдаталаабыттара. Бары араас таҥастаах-саптаах дьон кэчигирэһэн турбуттара. Хас да байыаннай таҥастаах дьон иннилэригэр бэрт тиэтэлинэн хааман кэлбиттэрэ. Олортон биирдэстэрэ майор званиялаах киһи арҕаа сэрии олус кырыктаахтык, улахан сүтүктээхтик бара турарын, Кыһыл аармыйа хорсуннук сэриилэһэрин үрдүнэн өстөөх баһыйар күүстэрэ үгүс куораттары сэриилээн ылан, Москубаҕа чугаһаабытын туһунан кылгас иһитиннэрии оҥорбута. Онон манна Мальтаҕа кылгас байыаннай строевой бэлэмнэнии ааһыахтарын, онтон сорохторун Читинскэй уобаласка «Чебаркуль», сорохторун Уралга Молотовскайга «Юг» уонна «Бершеть» байыаннай лааҕырдарга сүрүн бэлэмнэниини барыаххыт диэн билиһиннэрбитэ. Иккис киһи взводтарынан, роталарынан наарданалларыгар дьаһайан, хамаандалаан сатарыппыта. Взводка 48, ротаҕа 6 взвод 288 буолан син өр саамылаһан арахсан турбуттарын кэннэ, барыларын ньылбы сыгынньахтаналларыгар, баанньыктаналларыгар сорудахтаабыттара. Уочаратынан сууммуттарын кэннэ, байыаннай таҥас түҥэппиттэрэ. Ити курдук Лэкиэс ийэтэ тикпит бөҕө-таҕа этэрбэһиттэн араҕан, ыарахан, кытаанах хобулуктаах саппыкы диэни кэппитэ. Саллаат олоҕун, быыллаах, буорах, буруо сыттаах суолларын кини аны бу атах таҥаһынан тэлиэхтээҕэ.
Хас күн аайы уҥа-хаҥас хайыһарга, устуруойунан хаамарга эрчийэллэрэ. Дьэ бары түҥ-таҥ үктэнэн хааман, дайбанан мөҕүллүү бөҕөтүн мөҕүллэллэрэ. Хата, нууччалыы билэр хас да учууталлар бааллара, хамаандалары тылбаастаан абырыыллара. Айаҕалыы сатаан, взводтарыгар син хамаанданы ылынар Лэкиэһи, Тигиилээхэп Уйбааны, Буучугураһы уонна өссө үс киһини, алтыаннарын, үс взводка иккилии гына үллэрбиттэрэ. Инники уонна кэнники киһи илиилэригэр уһун ураҕас туттаран баран, ортоку сылдьааччылары эмиэ онтон тутуһуннаран биир тэҥҥэ дайбанан, үктэнэн строевойунан хаамарга үөрэппиттэрэ. Күн аайы хастыы да көһү сүүрдүү-көтүтүү уҕараабакка барара, сэрии сэбин бэрийэллэрэ, окуопа диэн ааттаах сири хастараллара. Таас, буор былаастаах кырыһы икки ытыс аҕа тимир күрдьэҕинэн киһини саннынан буолуор дылы дириҥнээх, уһун субурҕалыы хастараллара. Хаһарга ыарахана да, сэниэлээх уолаттар тулуппаттара. Онтукайдара уһун, дириҥ буолара. Ону таһынан сэрии араас албастарыгар тиһигин быспакка уһуйаллара.
Нэдиэлэ курдук буолан баран, барыларын устуруойдатан, сатыы хаамтаран тимир суол станциятыгар илдьибиттэрэ. Лэкиэс онно тимир ыллыктар устун уһуутаһа-уһуутаһа субуллар уһун пуойастары сөҕө көрбүтэ. Ортотугар киэҥ ааннаах табаарынай богуоннарга үс дьаарыс хаптаһын тэлгэммит эбит. Онно дьэ барыларын лыык курдук ыга симэн, пуойас «пуус» гынан итии паарынан тыыммахтаан ыарырҕатан ыһыытаан ыла-ыла, тус арҕаа айанын саҕалаан барбыта. Онтон сотору күүһүн ылынан кудуххайдык айаннаан көлүөһэтин тыаһа биир күдьүс лыһырҕаан олорбута. Куораттарга биэс, уон мүнүүтэлээх тохтобулларга богуонтан түһэн уочаратынан итии уу ыла сүүрэллэрэ. Хас станция аайы бэлэм оргутуллубут итии уулаах кырааннаах баахтар анал сиргэ кэчигирэһэн турар буолаллара. Отделениеҕа биирдии бухааҥка килиэп биэрэллэрэ. Биир станцияҕа тохтообуттара, кэккэлии ууруллубут тимир суол релсэлэринэн пуойастар лиһигирээн ааһаллара, тыас-уус, суугун-сааҕын киһи төбөтүн таһаарыах үлүгэрэ этэ. Биир тохтобулга Лэкиэстээх Тириипэн оргуйбут уу ыла барар уочараттара кэлэн, иккилии хочулуогу ылан богуоннарыттан аллара ойон түспүттэрэ. Тиэтэлинэн тимир релсэлэр ортолорунан шпалалартан шпалаларга ойуолаан, оргуйбут уулаах баахтарга сүүрэн тиийэн, уочараттаһан ууларын ылаат, төттөрү ыстаммыттара. Эшелоннарыттан хааллахтарына, олох да иэдэйиэхпит диэн саллаллара. Төннөллөрүгэр итии уулардаах хочулуоктардаах буоланнар дьалкытымаары ол мучумааныгар, туох да тыас-уус ортотунан богуоннарын диэки баран испиттэрэ. Арай ол истэхтэринэ, богуоннар аһаҕас ааннарынан саллааттар тугу эрэ далбаатыы-далбаатыы, мааттыы-мааттыы кинилэр диэки хайыһан хаһыытаһаллара, тугу эрэ нууччалыы күргүйдүүллэрэ да, туох туһунан хаһыытыылларын өйдөөбөтөхтөрө. Сирэйдэрэ-харахтара турбута сүрдээҕэ, тыый, пуойаспыт бараары гыннаҕа дуу, ону тиэтэтэллэр дии санаан рельсэлэр ортолорунан ойуолаан испиттэрэ. Лэкиэс инники сүүрэн иһэн арай биирдэ иннин көрө түспүтэ, доҕоор, сүүнэ улахан пуойас, көлүөһэлэриттэн уот сардырҕаан, киһи куйахата күүрүөхтүү чускуйбутунан, бу бэрис гына түспүтэ. Лэкиэстээх соһуйан хаалан, атахтара сиргэ сыстыбыттыы, бүтэһик тыыннарын эҕэрийэн эрэ хаалбыттара. Арай Лэкиэс күүстээх охсууттан атаҕа адаарыйан туора эһиллэн эрэрэ, ол көтөн иһэн Тигиилээхэп Уйбаан ыксаабыт сирэйин көрөн хаалбыта. Көтүүтүн уоҕар тохтоон турар пуойастарын көлөһөтүгэр төбөтүнэн охсуллан дөйөн хаалбыта. Биирдэ өйдөнөн кэлбитэ – баһа биир кэм ыаҕастаах уулуу дьалкыйар, бэрэбээскилэммит эбит. Бай! Олох да атын богуоҥҥа сытар эбит, аттыгар хомуруйан хаалбыт Тириипэнин хочулуога турара. Лэкиэс өйдөммүтүн көрөн, Тигиилээхэп Уйбаан үрдүгэр нөрүйэн хочулуок түгэҕэр ордубут, номнуо сойбут ууттан иһэрдибитэ. Онуоха аттыгар олорор нуучча саллаата:
– Вот и очнулся наш герой! Эй, солдатик, ты че, глухой чтоли? Че, с поездом решил пободаться? – диэбитигэр саллааттар күлэн тоҕо баран, алларастаспыттара. Онуоха Уйбаан өһүөннээх хараҕа уоттааҕынан чаҕылыҥнаһан төбөтүн өндөппүтүгэр бары ах барбыттара.
– Ити тоҕо күлэллэрий, туох дииллэрий, оттон Тириипэн? – диэн Лэкиэс кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан Уйбаантан ыйыппыта.
– Баҕайылары ким билиэй, куһаҕантан тэбиэһирэр дьону абааһы да көрөбүн, – диэн хоруйдаабыта Уйбаан.
– Дьэ, доҕор, ыт буола сыстыҥ дии, – диэбитэ Тигиилээхэп аргыһа. Уонна туох буолбутун кэпсээн барбыта.
– Саллааттар аһаҕас аан туорай хаптаһыныгар өйөнөн туран, утары иһэр пуойастан сэрэтэн хаһыы-ыһыы бөҕө буолбуттарын истэн, бу Уйбаан сылбырҕа эр бэрдэ буолан, ол саллааттары үрдүлэринэн ойон түһэн, эйигин туора садьыйбыт. Дьэ үрдүктэн да ыстаммыт, ээ мин өлөрөбүт да диэбиттэрин иһин, ыстанар кыаҕым суох, ыстаннахпына да, ити үлүгэр тимир ыллыктарга хоолдьукпун тостү түһэбин, доҕор. Бу Уйбааныҥ төһө да аҕам киһи буоллар, эйигин өрүһүйээри, бэйэтэ ыт буола сыста дии. Онон тыыннаах хаалбыккар бу Уйбаан сылбырҕата, кыаҕа эйигин быыһаатаҕа, – Лэкиэс ах баран, доҕорун санаан, оҕо туҥуй сүрэҕэр ыттаран умса туттубута. Онуоха Тигиилээхэп Уйбаан:
– Чэ, уоскуй, тоҕойуом, доҕоруҥ аны суох, кыл-мүччү эйигин эрэ туора хаһыйбытым. Доҕоргуттан туох да ордоохтооботоҕо. Дьэ амырыын алдьархай диэтэҕиҥ… – Лэкиэс доҕорун аһыйан, хараҕа сиигирэн ылбыта. Ону көрдөрүмээри, түҥнэри хайыспыта. Уонна оргууй өрө тыынан баран, кэһиэҕирбит куолаһынан:
– Махтал, Уйбаан, – диэн ботугураабыта.
Ити быһылаан кэнниттэн Лэкиэс өр саҥата суох сөҥөн сылдьыбыта. Оо, Уйбаан быыһаабатаҕа буоллар, доҕорун Тириипэни кытары ол пуойас тимир көлөһөлөрүгэр илдьи мэһийиллэн, кырамтата да ордуо суох эбит. Кэлин ону санаан этэ тардан, иэнэ тымныйталаан ылбыта. Оттон Уйбаан Лэкиэһи аһыммыта, бу олох диэни ситэ билэ да илик уолаттар инники дьылҕаларын өллөйдүүллэригэр Үрдүк Айыылартан көрдөһө санаабыта.
Ол курдук уот сэрии быһылааннаах айанын амырыын аартыга Лэкиэһи маҥнайгы ыар тургутуутунан көрсүбүтэ.
Ити курдук аара икки күн хонууга күнүскү аһылык тардыллыбытыгар түһэрэн аһаппыттара. Оо, итии миини иһэр үчүгэй даҕаны. Лэкиэс дьиэтигэр ийэтэ буһарбыт сэлиэйдээх миинин санаан, силин быһа ыйыста-ыйыста испитэ.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?