Текст книги "Туоһахта уонна Лэкиэс"
Автор книги: Василий Гоголев-Уйулҕан
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 5 (всего у книги 15 страниц) [доступный отрывок для чтения: 5 страниц]
УЧЕБКАҔА
Үс күн күнүстэри-түүннэри айаннаан, Лэкиэстээх Уралга, Молотовскай «Юг» диэн станциятыгар, халлаан хараҥаран эрдэҕинэ тиийбиттэрэ. Онтон чугас баар байыаннай лааҕырга сатыы устуруойдатан илдьибиттэрэ. 46-с учуобунай батальоҥҥа мэҥэлэр, үөһээ бүлүүлэр, ньурбалар, өлүөхүмэлэр уонна да атын сирдэртэн ыҥырыллыбыт саллааттары кытары тыһыынчаттан тахса буолан учебкаҕа барар буолбуттара.
Сорохторун Чебаркуль, Бершеть станцияларга тарҕаппыттара. Аҥаарыгар диэри сири хаһан оҥоһуллубут казармаларга түһэрбиттэрэ. Манна өссө күүстээх бэлэмнэнии үөһүгэр түбэспиттэрэ.
Саллааттар хас эмэ суукканы быһа богуоннарга элбэх буолан симиллэн, утуйар-утуйбат пуойаһынан айаннаабыт буоланнар, кытаанахтык утуйа сыппыттара. Арай сарсыарда ааттаах эрдэ, алта чааска:
– Рота, подъем! – диэн сүрдээх улахан хаһыы казарма иһигэр сатарыы түспүтэ. Саллааттар соһуйан ойон туран, борук-сорукка таҥнан хачыгырайбыттара. Барыларын, түптэ-түрүлүөн түһэрэн, таһырдьа сүүрдэн таһааран, 6 ротаҕа арааран устуруойдаппыттара. Лэкиэстээх алтыс ротаҕа түбэспиттэрэ. Иннилэригэр муннун анныгар тор курдук бытыктаах, үллэ кыыһырбыт сирэйдээх-харахтаах сааһыра барбыт майор хааман кэлэн, мөҥөттүүр быһыынан тугу эрэ элбэҕи ордоотообута. Онтон сарсыардааҥҥы марш-бросок оҥорторон дэлби сүүрдүбүттэрэ. Ити курдук саҥа сиргэ кэлэн, Лэкиэс тулатын саҥалыы көрбүтэ. Ырыых-ыраах учебкаларын лааҕырын арҕаа өттүгэр Урал хайалара үөһэ көҕөрүмтүйэн көстөллөрө.
От-мас кураан сайынтан эбитэ дуу, күһүҥҥү чэлгиэнтэн эбитэ дуу, номнуо хагдарыйа хатан барбыта.
Лэкиэстээх бастакы хомуурга түбэспит уолаттар бары да талыы, хара үлэҕэ эриллибит сэниэлээх ыччаттар этилэр. Онон улаханнык ороһуйбакка барытыгар инники күөҥҥэ, ордук сүүрүүгэ, сыал ытыытыгар бастыҥнар ахсааннарыгар киирсэллэрэ. Лэкиэс оскуолатын бүтэрэр сылыгар «ОСОАВИАХИМ» диэн оборуонаҕа, сэриигэ бэлэмниир байыаннай үөрэҕи туйгуннук ааспыта туһалаабыта. Онон сыал ытыытыгар оскуолаҕа сылдьан «Ворошиловский стрелок» значогун мээнэҕэ ылбатаҕын туоһулаан, бастыҥнар ахсааннарыгар киирбитэ. Кыранаата быраҕыытыгар Үөһээ Бүлүү бухатыыра Буучугураска тэҥнэһэр киһи бүтүн батальон үрдүнэн суоҕа. Тааҥканы дэлби тэптэрэр кыранаатаны, төһө да ыйааһыннаах буоллун, олус ыраах уонна анаан оҥоһуллубут хортуон тааҥкалар макеттарын таба кыыратара. Сүүрүүгэ Ньурба Мэҥэдьэгиттэн сылдьар, били Буучугурастааҕы кытары борохуокка сахалары көмүскэспит, бэрт дьикти араспаанньалаах, бэдэр курдук олус чэпчэкитик дугунан хаамар Тигиилээхэп Уйбаан диэн 38 саастаах киһи араас эдэр чулуулары тулуталаабат этэ. Төһөлөөх да ыраах сиргэ сэриитин сэбин-сэбиргэлин сүгэн баран сүүрүүгэ иннин кимиэхэ да биэрбэтэ. Буучугурас 33 сааһыгар, күөгэйэр күнүгэр, сылдьара. Кинилэр иккиэн аҕа саастаах буоланнар, бу эдэр уолаттарга Лэкиэстээххэ тумус туттар, убай курдук дьон буолан абыраабыттара. Биирдэ учебнай батальон үрдүнэн кросска күрэх ыытыллыбыта. Бэйэлэрин бинтиэпкэлэрин, кыранааталарын, ботуруоннарын, кааскаларын балай да ыарахан таһаҕастарын таһынан, «Максим» диэн 7,62 калибрдаах ыстааҥкабай бүлүмүөтү сүгэн баран, биэс биэрэстэ сири тыа быыһынан сүүрэн, эргийэн кэлиэхтээхтэрэ. Онно Буучугурас, Тигиилээхэп Уйбаан уонна Лэкиэс тиһэх уочаратынан бииргэ сүүрэр буолбуттара. Буучугурас бүлүмүөт саамай ыарахан көлөһөлөрдөөх, хаххаланар куйахтаах 43 киилэлээх станина диэнин ылан бэрт чэпчэкитик сүгэн кэбиспитэ. Тигиилээхэп Уйбаан толору уулаах, отучча киилэлээх бүлүмүөт уоһун (стволун), оттон Лэкиэс 250 ботуруон эриллэ сылдьар добуоччу ыарахан лиэнтэтэ угуллубут дьааһыгын сүгэн бэлэмнэммиттэрэ. Эмискэ бэстилиэт тыаһын кытары «Марш!» диэн хамаанда сатараабыта. Ону кытары Буучугурастаах Тигиилээхэп Уйбаан иннилэрин диэки, олох да таһаҕаһа суох дьон курдук, элэс гынан хаалбыттара. Лэкиэс кэннилэриттэн тилэх баттаһа, саппай уопсан, сүүрэн маҕыйан испитэ. Кини да бэйэтин саастыылаахтарыттан эт-хаан өттүнэн чорбойоро. Онтон тыаҕа киирэн хас сүүстэ сылдьыбыт ыллыгын устун сүүрэн иһэн биирдэ өйдөөбүтэ, дьоно иннигэр олох да суох буолан, сүтэн хаалбыттар этэ. Аны ол сүүрэн иһэн, Лэкиэс саппыкыта атаҕын дьуккурутан, содьороҥноон иһэн, силистэн иҥнэн охтон түспүтэ. Оо, кыһыытын, кини бытааран дьоно хотторуу хомолтотун билэллэрэ буолуо дии саныы-саныы, тура эккирээт, сүүрэн содьороҥноон истэҕинэ, арай аттыгар Тигиилээхэп Уйбаан баар буола түспүтэ да:
– Хайа, доҕоор, ыарырҕаттыҥ дуо? Ыл, аҕал эрэ, – диэт, бэрт эрчимнээхтик Лэкиэс ботуруоннардаах дьааһыгын эһэ охсон ылан баран: – Чэ, кытаат, доҕор, – диэт, иннигэр киирэн элээрэ турбута. Лэкиэс сымыһаҕын быһа ытыран баран, кэнниттэн туох баарынан түһүнэн кэбиспитэ да, сиппэтэҕэ. Арай тыа саҕатыгар сүүрэн быыппастан тиийбитэ, ботуруоннардаах дьааһыга бу турар эбит. Ону сүүрэн иһэн тохтообокко харбаан ылаат, тыа иһиттэн уһулу ойон тахсыбыта. Дьонноро оол курдук сүүсчэ хаамыылаах биэтэккэ номнуо тиийэн, сүгэһэрдэрин устан кэтэһэн тураллар эбит. Саллааттар хаһыы бөҕөнөн уруйдуу көрсүбүттэрэ. Лэкиэс биэтэги ааһаатын кытары, чаһылаах турар батальоннарын хамандыыра бириэмэни көрдө. Онтон сөхпүттүү, баһын быһа илгиһиннэ:
– Да вы бойцы! Рекорд установили, орлы! Здорово! – онтон уҥа илиитин өрө уунна. Бары чуумпурбуттарын кэннэ: – Вот, бойцы Рабоче-крестьянской Красной армии, равняйтесь на этих бойцов – якутян. Ведь они не только меня удивили в меткости, охотники, ничего не скажешь. А вот по силе и ловкости тоже на голову выше всех, берите пример. Ах, если бы меня отправили на фронт с такими бойцами якутянами, хотя бы батальон солдат. Мы показали бы фашистскому отродью как топтать нашу Родину. Я думаю, что сибиряки и вы, бойцы из далекой Якутии, достойно защитите нашу Родину! И я в этом уверен на сто процентов! От имени руководства 46-го учебного батальона – «ЮГ» объявляю благодарность!
Лэкиэстээх тугу хардарыахтарын билбэккэ, тэпсэҥнэһэ турбуттара. Ити батальоннарын хамандыырын сатарыыр саҥатыттан тугу эрэ: кинилэринэн киэн туттуу туһунан, Москуба көмүскэлин туһунан – этэрин сэрэйбиттэрэ.
Лэкиэс хайдах эрэ кыбыста санаабыта, ити уруйга-айхалга дьиҥинэн кини улахан кыттыгаһа суох этэ. Оттон бу буулаҕа, убай кэриэтэ киниэхэ охтор күнүгэр санныларын тоһуйбут, сэмэй сахатын дьонугар олус махтана санаабыта. Тиийэн иккиэннэрин илиилэриттэн тутан эҕэрдэлээбитэ, күүстээх кэтит табаҕайдар кини ытыһын сэрэнэн ыгыта туппуттара.
Кэлин хамандыырдара тугу эппитин роталарын хамандыыра, нууччалыы өйдүүр буолан, тылбаастаан биэрбитэ.
Арай биир улахан кыһалҕалара – нууччалыы билбэттэрэ эрэйдиирэ. Ол иһин кинилэргэ бэйэлэрин истэриттэн үөрэхтээх дьону отделение, взвод хамандыырдарынан анаабыттара.
«ЛОШАДЬ КРАСНОЙ АРМИИ»
Бастакы хомуур сэриигэ аттаммытын кэнниттэн дьон-сэргэ арбы-сарбы буолбуттара. Кыайыгас, туруу үлэһиттэрэ сэрии толоонугар бараннар, үлэ үксээбитэ. Аны уот кураан туран, аһыҥа сири, дойдуну харааччы салаабыта. Лэгиэннээҕи биригээдэ тэрийэн ыраах Өлүөнэ эбэ арыыларыгар оттото ыыппыттара. Онон син холкуостарын сүөһүтүн дьыл таһаарар оту оттоон бүтэллэрин саҕана, хонуу биригэдьиирэ Миитэрэй атынан тиийэн кэлбитэ. Отчуттар бары отууларыгар омурҕанныы тахсыбыттара. Миитэрэй, сылбархай чэйин сыпсырыйа-сыпсырыйа, арҕаа сэрии кырыктаахтык бара турарын, Кыһыл аармыйа хорсуннук сэриилэһэрин үрдүнэн өстөөх элбэх куораттары ылбытын, Москуба диэки чугаһаабытын туһунан кэпсээбитэ. Өлүү-сүтүү баһаам үһү диэбитигэр Лэгиэн оргууй үөһэ тыынан ылбыта. Онуоха Миитэрэй Лэгиэн диэки хайыһан:
– Лэгиэн, дьэ эйигин илдьэ барар соруктаах кэлэн олоробун. Үнүрүүн оройуон кииниттэн наарыһынай дьаһал аҕалан ааспыта, – ону истэн, Лэгиэн Лэкиэһин санаан, сүрэҕэ мөҕүл гынан ылбыта.
Дьоно бары кини диэки хайыһа түспүттэрэ.
– Бэй, Лэгиэммитигэр ол тойоттор туохха наадыйбыт баҕайыларай? – дэһэн сүпсүгүрэ түспүттэрэ. Онуоха Миитэрэй көхсүн этитэн баран:
– Өссө икки сыллааҕыта «Кыһыл аармыйа ата» диэн пуонда тэриллибит үһү, ол биһиэхэ саҥа кэлэ сатыыр.
– Бэй, биһиги Лэгиэммит онно туох сыһыаннааҕый? – Бүөтүр соһуйан хараҕа төгүрүйбүтэ. Онуоха Миитэрэй:
– Хайа, киһини сүгүн саҥардыый, доҕор, – диэн Бүөтүрү сэмэлээбитэ. Онтон бары ах барбыттарын кэнниттэн салгыы саҥаран барбыта:
– «Лошадь Красной армии» диэн пуонда тэриллибит үһү. Онно ат хомуйаллар. Аны мээнэ аты ылбаттар, талыы аты ылаллар, саастарыгар эмиэ хааччахтаах, үһүттэн сэттэтигэр дылы саастаах буолаллара ирдэнэр үһү. Саха сирин оройуоннарын холкуостарыттан барыларыттан түһээн курдук хомуйаллар. Онон Лэгиэн, сылгыһыт киһи, үөрдэргэр ханнык сылгылар баалларын билэҕин. Байыаннай кэм ирдэбилэ кытаанах, ону толорорго эрэ тиийэбит уонна манна диэн эттэххэ, уолаттарбыт сэрии толоонугар хорсуннук кыргыһа сылдьаллар. Баҕар, онно тиийэн Дьөһөгөй оҕолоро уолаттарбытыгар күүс-көмө буолуохтара, – дьон Миитэрэй ити кэлиҥҥи этиитин сүрэхтэригэр ыттара истибиттэрэ, чугастык ылыммыттара. «Кырдьык даҕаны» дэһэ санаабыттара. Онон Лэгиэн Миитэрэйи кытары көлүүр аттарыттан арыый да сылбырҕа соноҕоһу ыҥыырдаан барсыбыта. Аара баран иһэн, үөрдэрэ ханан сылдьалларын көрүтэлээн ааспыта. Сарсыҥҥытыгар эбии икки уолу илдьэ, быа-туһах ылынан, үс атынан айаҥҥа туруммуттара.
* * *
Кураан дьыл буолан, от үрэх тардыыларынан син үүммүтэ. Туоһахта үөрүн Сиэллээх биэтиниин бэркэ сайылатан дуоһуйа сылдьара. Биэлэрин барыларын көҥүлүнэн таптаан, дэлби төлөһүйбүтэ. Сороҕор сүһүөҕүн тэнитээри, күлүмэнтэн да тэскилээн, үөрүн күөйэн алааһы эргитэ сүүрдэн ылара. Аттынааҕы алаастарга атын үөрдэр атыырдарын, биэлэрин сыттарын ылан, баран чуҥнаан кэлэрэ. Оччоҕуна анараа атыырдар биэлэриттэн көҥөнөн, сиэллэрин бураллаҥнатан, боотурҕаһан, кини диэки батыччахтыыллара. Туоһахта, хата, онтон толлубата, кини тымырыгар аҕатын Харачаас хаҥыл хаана харылаччы тыгыахтыыра. Биирдэ бэйэтин тургутан, холонон көрөргө санаммыта. Ыаллыы улуус биэс-алта биэрэстэлээх сиригэр баар улахан үөр атыырын кытары сорунан туран күөнтэһэ, утары сиэлбитэ. Оо, Дьөһөгөй оҕолоро барахсаттар, кимиэллээхтик иҥэрсийэн ыла-ыла, эҥил бастарын күөкэйбит модьу төрүттээх моойдорун үрдүгэр, сэлбиллибэтэх сиэллэрин, өрүкүйбүт көҕүллэрин быыһынан хааннааҕынан көрсөн, уоттааҕынан одуулаһан, таныыларынан тарылаччы тыбыыран ыла-ыла, бэйэ-бэйэлэригэр чугаһаабыттара. Быыһыгар тохтоон мэччийбитэ буолаллара да, өстөөхтөрүн хас хамсаныытын кэтээн, чугаһастар чугасыһан испиттэрэ. Туоһахта сытыы туйаҕынан сири табыйталаан ылбыта, ойоҕос-ойоҕосторунан сыстыһыахча буолан тыҥаан турбуттара. Онтон анарааҥҥы атыыр обургу, хатаннык кистии түһээт, икки атаҕар туран кэлбитэ. Туоһахта ону эрэ күүтэн сылдьыбыт буолан, эмиэ утары икки кэлин атаҕар тураат, табыйсан батыгыратыһан ылбыттара. Анарааҥҥы атыыр сааһынан аҕа, элбэх күөн көрсүһүүлэргэ сылдьыбыт буолан, бу чолоҕору кэһэтэ түһэн биэрэргэ санаммыта, сытыы дьураал аһыытынан Туоһахта арҕаһын хайа хадьырыйбыта. Туоһахта арҕаһа аһыс гыммытыттан соһуйан туора ыстаммыта уонна туох баар күүһүнэн икки кэлин атаҕынан тэбэн кууһуннарбыта. Анараа атыыр сыҥааҕын тыаһа «лас» гына түспүтэ. Оттон Туоһахта арҕаһыттан хаан халыйан өрөҕөтүнэн аллара саккыраабыта. Анараа атыыр сытыы дьураал аһыытынан аны сототун тыһын соролуу хадьырыйаары, төбөтүн сундулуччу туттан баран тобуктуу түспүтэ. Туоһахта сототун куоттаран эмиэ тобуктуу түспүтэ. Дьэ ити курдук хаан-сиин буолан, Туоһахта сөбүн ылан, охсуһуу албастарыгар таарыччы уһуйуллан, өйүгэр хатаан кэбиспитэ. Хата, анарааҥҥы атыыр, бу чолоҕорго ити да сөп буолуо диэбиттии, эккирэтэ барбатаҕа.
Туоһахта үөрүгэр сиэлэн тиийбитэ, Сиэллээх биэтэ иҥэрсийэ көрсүбүтэ. Атын да биэлэрэ ороһуйан көрүү-истии, чөрбөҥнөһүү бөҕөтө буолбуттара. Сиэллээх биэтэ кэлэн, арҕаһын оргууй сытырҕалаан, сииктээх муннунан ыарыытын мүлүрүтээри, ньуххайдаан ылбыта. Хата, арыый халымардык таарыйтарбытын көрөн уоскуйбута. Ити итинэн ааспыта. Арай күлүмэннэр хаан сытын ыланнар, Туоһахта арҕаһын буулаабыттара. Туоһахта ииригирбит күлүмэннэри үлтү мэлийэн, тиэйэн, үрэх дулҕаларыгар күөлэһийэн ылара да, дуоннааҕы туһалаабатаҕа. Арай Сиэллээх биэтэ кэлэн арҕаһын ньуххайан абыраабыта. Сытыы аһыынан хайа астарбыт бааһа сотору мүлүрүйэ оспута. Оттон Туоһахта ити охсуһуута киниэхэ олоҕор маҥнайгы улахан үөрэҕэ этэ. Өссө да итинник хабараан хапсыһыылар инники дьылҕатыгар төһөлөөх үгүстүк көрсүөхтэрин үөһэ Дьөһөгөй Айыы эрэ билэн эрдэҕэ.
Лэгиэн икки уолу кытары үс атынан үөрдэрин кэрийтэлии барбыттара. Ол тиийэн, Туоһахтаны ыраахтан көрөн соһуйбута. Арҕаһын хаана көхсүгэр хатан, хараҥа кытархай буолан көстөрүн көрөн:
– Тыый, туох айылаах буолбутай, тыатааҕы тыыппыт дуу тугуй? Ылыҥ, нохолоор, сытыы харахтаах дьон көрүҥ эрэ, – диэн уолаттарыгар соруйбута. Онуоха уолаттара, куттаммыттыы, тула өттүлэрин көрүнэ түспүттэрэ, кырата:
– Оо, саабыт суох дии, аны тыатааҕы бэйэбитин тутара буолуо, – диэт, Лэгиэҥҥэ көмүскэтиэхтии, атын Лэгиэн диэки салайбыта. Онуоха Лэгиэн уолаттарын уоскутаары:
– Эс, тыатааҕы билигин тот, атыҥҥа дэҥнэннэ ини, маска эҥин, – итинник кэпсэтэ-кэпсэтэ алааска киирэн чугаһаабыттарыгар Туоһахта үөрүттэн көҥөнөн, боотурҕаһардыы, сиэлэ үрэллэҥнээн, кинилэр диэки суоһурҕанан кистии-кистии, утары сиэлэн кэлбитэ. Онуоха ойоҕоһунан буолбутугар Лэгиэн көрөн баран:
– Ээ, бу бэдигиҥ Уус Алдан атыырын кытары хабырыйсыбыт буолбаат. Онно Суонда Тураҕаһа диэн аатырбыт атыыр баара. Хата, ол кыайарыҥ улаханнык оһоллооботох. Харачаастан эрэ мэнэкэ атыыр буолуохтаах, тоҕо да онно-манна ыстаҥалаабыккыный, кэһэй, – диэбитэ.
Ол курдук холкуостарын бэрэссэдээтэлин сорудаҕын толорон, биэс соноҕоһу биир далга мунньан хаайбыттара. Сылгылары сэриигэ хомуйалларын Лэгиэн иһигэр сөбүлээбэтэр да, оччотооҕу байыаннай кэм ирдэбилэ кытаанах этэ. Хата, Туоһахта урут быа көхсүгэр түһэ сылдьыбыт буолан, улаханнык моһуоктаабатаҕа. Атын сылгылар да чычаас буоланнар түргэнник сыһыйбыттара. Туоһахта, ат тутааччыларга, баҕар, иччим кэлиэ диэн, сэмээр Лэкиэһин кэтэһэрэ да, тоҕо эрэ биллибэтэҕэ. Арай кини били бастаан Лэкиэһиниин оҕуурданан тутуллуутугар баар саастаах киһини өйүгэр дьэ тутан хаалбыт. Ол киһиттэн хайдах эрэ иччитин Лэкиэс сыта кэлэргэ дылы этэ. Бэл, куоластыын майгынныыра. Уонна эмиэ Лэкиэһин курдук моонньуттан бэрт сылаастык таптайбахтаан ылара, тугу эрэ үлүгүнэйэрэ.
Ол пуонда ирдэбилин быһыытынан сылгылар үһүттэн сэттэ сааһыгар диэри буолуохтаахтара уонна арҕастарын үрдүктэрин эмиэ кэмнээн: мииниллэр сылгы (верховой, кавалерияҕа) арҕаһын үрдүгэ 149 сантымыатыр, дьоҕус пушка соһор (артиллерияҕа) – 151, көлүүр – 142–149 уонна обуос соһооччулар 144 сантымыатыр буолуохтаахтара. Оннук үрдүк ат тарбахха баттанарын, суоҕун быһыытынан Сибиир, Уһук Илин уонна Хоту, Саха сиригэр ол ирдэбилгэ сөп түбэһэр ат аҕыйаҕынан 144 сантымыатырга дылы намтаппыттара. Хас биирдии сылгыны: сааһын, хайдах өҥнөөҕүн – барытын пааспар оҥорон суруйаллара. Онно үөрэхтээх киһи наада буолбутугар Сэгэйик тиийэн кэлбитэ. Кини Туоһахтаны ыраахтан көрөөт да сэрэйбитэ. Лэкиэстэн туох да биллибэт этэ. Кыыс уруккутун курдук мичээрдии сылдьара аҕыйаабыта. Хата, бу Туоһахтаны көрөн долгуйан, эдэркээн сүрэҕэ сүр дьиктитик мөҕүл гынан ылбыта. Оттон Туоһахта, хаһан эрэ билэр уһун суһуохтаах харамайын сытын ылан, Сэгэйиги тута билбитэ. Лэкиэһиниин кини үөрүгэр кэлэ сылдьыбыттарын санаан аһарбыта. Өссө онно Лэкиэһигэр күнүүлүү санаабытыттан сонньуйан ылбыта. Арба уонна туох эрэ кини уостуганыгар майгынныыр тиэрбэс курдуктаах тимири уоһугар даҕайан дьикти кэрэ дорҕооннору таһаарара. Ити санаатын Лэгиэн кэлэн тэһииниттэн сиэтээри ыһан кэбиспитэ. Сэгэйик санаарҕаабыт сирэйдээх Туоһахтаҕа чугаһаан кэлбитэ. Туоһахта кулгааҕын ньылаппытын көрөн, Лэгиэн Туоһахтаны уоскутардыы:
– Ыл, уоскуй, нохоо, Лэкиэһиҥ доҕоро дии, – диэбитигэр Туоһахта уоскуйа быһыытыйбыта. Сэгэйик кэлэн Туоһахта хоҥуруутун сылаас ытыһынан оргууй имэрийбитэ. Онтон Туоһахта өйдөөх харахтарын көрөн эбии долгуйбута. Уйадыйан хараҕа уунан туолан хаалбыта. Уонна Туоһахтаҕа туһаайан:
– Туоһахтаа, эн сэриигэ барар үһүгүн дии, онно баҕар Лэкиэһи көрсүөҥ, оо, эн буолбут киһи баар ини, миигин да сэриигэ ылбаттар… – уолун Лэкиэс доҕоро Сэгэйик уонна уолун оҕо эрдэҕиттэн кутун туттарбыт соноҕоһо Туоһахта көрсүһүүлэрин мэһэйдээмээри, Лэгиэн дьалты баран, табаҕын уурунан оргууй соппойо олорбута. Ити курдук Сэгэйиктээх аттары туох баар ирдэбили тутуһан: саастарын, өҥнөрүн, ханнык нэһилиэгин, холкуоһун – барытын толорон, пааспардарыгар суруйталаабыттара. Пааспар да дэниэ дуо, тэтэрээт лииһин саҕа үөһэ өттүгэр «Паспорт лошади» диэн суруктаах кумааҕы. Онно аттар ааттара, кличкалара диэн сиргэ үгүс ат аата суоҕун быһыытынан, ол кырапааны толорбокко аһаҕас хаалларара. Оттон Туоһахта пааспарыгар «кличка» диэҥҥэ «ТУОҺАХТА» диэн, кичэйэн көстөр гына, улахантан суруйбута. Онон талыыга Туоһахта сиэнчэр өбүгэлээх уонна Харачаас курдук чулуу атыыртан хааннаах буолан, барыларыттан үрдүктэрэ уонна быһый быһыылаах буолан, биир аты кытары «верховой» диэҥҥэ киирсибиттэрэ.
Туоһахта уонна ол атыыр сиэллэрэ, кутуруктара олус хойууларын, уһуннарын иһин сэлбээбиттэрэ. Онон Туоһахта сүүһүгэр баар туоһахтата көҕүлүн быыһынан көстөр буолбута. Ити тухары Сэгэйик Лэгиэннээххэ илии-атах буолан көмөлөһө сылдьыбыта. Онтон баран иһэн төннөн кэлэн Туоһахта аттыгар тохтообута. Чочумча турбахтыы түһэн баран, өй ылбыттыы, былаатын устан суһуоҕуттан хас да сүүмэҕи сэрэнэн быһа тардан ылан Туоһахта сиэлигэр холбуу кулгааҕын кэннинэн, иһирдьэ соҕуһунан кичэйэн өрөн кэбиспитэ уонна, сөллүбэтин курдук, түмүгүн кытаанахтык баайбыта. Онтун Туоһахта сиэлин быыһыгар көстүбэт гына кистии аспыта.
– Туоһахтаа, сэгээр, баҕар, Лэкиэһи көрсүөҥ, оччоҕо мин эмиэ кини аттыгар баар буолуом, – инньэ диэт, хараҕын уутун былаатын уһугунан соттубута. Туоһахта бу кэрэ сэбэрэлээх Сэгэйиги өйдөөх харахтарынан көрөн турбута. Кини Туоһахта диэн аата буоларын өссө урут билбитэ. Оттон Лэкиэс диэни сотору-сотору истэр буолан, иччитин аата буоларын сэрэйбитэ. Күһүҥҥү халлаан ыаһыра барыарбыта. Сэгэйик санаатын ситэн, дьиэтин диэки оргууй хааман бара турбута.
Сарсыҥҥытыгар барыларын бөҕө-таҕа бас быалаан баран, тэһииннэриттэн сэтиилээн, урукку ат сүүрдүүтүгэр айаннаабыт суолларынан илдьэ барбыттара. Туоһахтаны Лэгиэн бэйэтин атыгар сэтиилэммитэ. Оттон икки уолаттара, иккилии аты сэтиилэнэн, Лэгиэннээх кэннилэриттэн батыспыттара. Аара айаннаан иһэннэр, ат илдьэн иһээччи ыаллыы холкуостарын көрсөн суулаһан айаннаабыттара. Ол курдук Ороссолуодаҕа тиийбиттэрэ, доҕоор, улахан анал хааччахха сылгы бөҕө тоҕуоруйбут этэ. 400-тэн тахса ат мустубута туох да сөҕүмэр көстүү этэ. Анал бэтэринээрдэр хас биирдии аты сыныйан көрөллөрө, туох эмэ дьиэктээх буоллаҕына, сыыйан кэбиһэллэрэ. Лэгиэннээх өр кэтэһэн, уочараттара кэлэн, аттарын көрдөрбүттэрэ, хата, бары этэҥҥэ бэрэбиэркэни ааспыттара. Онон аттарын, докумуоннарын барытын илии баттаан туттарбыттара. Лэгиэн сылгыларын диэки көрөн ылбыта уонна Туоһахтаҕа тиийэн:
– Дьэ, нохоо, кытаатан этэҥҥэ сылдьаар, баҕар, иччигин көрсүөҥ, Лэкиэһи. Чэ, ким билэр ол дойду уот холоругар оҕом барахсан ханна эрэ тиийдэ буолла. Саатар туох да сурах-садьык суох.
Уонтан тахса ат көрөөччүлэр солуурга кута сылдьар эбиэстэриттэн иккилии киилэ курдугу иннилэригэр кутан биэртэлээбиттэрэ. Сороҕор от тарҕаталлара, ити курдук саамылаһан нэдиэлэ курдук борохуоттарын күүппүттэрэ. Кэмниэ-кэнэҕэс биир сарсыарда баарса соспут борохуот буруолаан-тараалаан, көөҕүнэччи уһуутаан-ыһыытаан тиийэн кэлбитэ. Аттар соһуйан, сиргэнэн быаларын быһа түһээри тиргиллэ түспүттэрэ. Онтон сыыйа үөрэнэн уоскуйа быһыытыйбыттара. Ат баайарга анаан сиэрдийэлэрдээх баарсаларга хамсыы турар тыраабынан аттары киллэрэн, бэрт эрэйинэн сарсыардаттан халлаан хараҥарыар диэри барыларын сааһылаан баайталаабыттара. Туоһахта бу туох айылаах сүпсүлгэнэ буоларын санаата ситэн таайбата, ол эрээри туох эрэ бөрүкүтэ суох быһыы буолаары гыммытын эт сүрэҕинэн сэрэйбитэ. Улуу эбэ күөкэҥнэс долгунугар үөһэ-аллара биэтэҥнээн, сиэтэн киллэрбит турар сирэ бүтүннүү хамсаан, кытылтан тэйэн барбыта. Аттыгар баайыллыбыт соноҕостор быаларын быһа түһэн ууга ыстанаары дьигиҥнэһэллэрэ, ол эрээри кылгас гына үөрүйэхтик туомтуу баайыллыбыт хатыс быа кытаанахтык төттөрү тардан иһэрэ. Онон тэҥнэһиэхтэрэ дуо, сыыйа уоскуйан, дөрүн-дөрүн дойдуларын кытары бырастыыластаҕа аатыран кистээн дьырылаталлара. Борохуот бастакы улахан баарсатыгар толору аты тиэнэн, иккис баарсатын соһон, түүннэри Өлүөнэ өрүһү өксөйөн, унньуктаах уһун айаҥҥа туруммута. Ый аҥаарын курдук айан кэнниттэн Өлүөхүмэҕэ тиийэн, 35 дьондоспут бэйэлээх боруода аҥаардаах аттары тиэммиттэрэ. Онтон эмиэ балай да өр айаннаан, Ленскэй Мухтуйатыгар тиийэн, 40 сиэнчэр аты уонна Сунтаартан, Ньурбаттан быһа аҕалыллыбыт 70 аты эбии тиэммиттэрэ. Ньурба аттара, аатырбыт Мэҥэдьэк сылгылара буоланнар, бөҕө-таҕа, киһи дуоһуйа көрөр толуу көрүҥнээхтэрэ. Бу кырыктаах сэрии маҥнайгы ыйдарыгар хомуллубут чулуу Дьөһөгөй оҕолоро, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ, биир махтал тылын ылбакка, уодаһыннаах сэрии толоонугар, бүтэһик сэниэлэрэ, тыыннара, сүрэхтэрин тэбиитэ тохтуор диэри иннилэрин диэки дьүккүйэн Улуу Кыайыы туһугар сырдык тыыннарын толук уурар тиһэх айаннара этэ.
Ол курдук 1941 сыл атырдьах ыйыгар «Лошадь Красной армии» пуондатынан Саха сириттэн 570 талыы ат бастакы хомуурга түбэһэн, арҕаа боруоҥҥа ыытыллыбыттара.
(Сводка от августа 1941 г.
1. Якутский – 50
2. Орджоникидзевский – 45
3. Намский – 50
4. М. Кангаласский – 40
5. Чурапчинский – 25
6. Таттинский – 25
7. У. Алданский – 45
8. Олекминский – 35
9. Амгинский – 45
10. Ленский – 40
11. Алданский – 70
12. У. Майский – 30
13. Ньурба – 30
14. Сунтарский – 40
По плану по республике 600 голов).
Барыта 600 ат хомуллуохтааҕа, ол гынан баран ат хомуйуута араас уустуктары көрсөн бытаарара. Сорох оройуоннар «Лошадь Красной армии» пуондатын былаанын толорбокко, Наркомземтан дьаҕарыллаллара. Кытаанах эппиэккэ тардыллаллара. Сылгыһыттар барахсаттар, үчүгэй атыырдарын хааллара сатаан, ыраах киһи тиийбэт үрэх бастарыгар күрэтэллэрэ, ол эрээри сэрии унньуктаах уһун сылларга салҕанан барбыта, онон былаан толоруутугар холкуостар бэрэссэдээтэллэрэ харгыстыыр кыахтара суоҕа.
Ити курдук Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии сылларыгар Саха сириттэн барыта 45 000 тахса талыы аттар сэриигэ ыытыллыбыттара. Кэлин ат ахсаана быста аҕыйаабыта, ол иһин ыраах Дьааҥыттан кытары хомуйбуттара.
Туоһахталаах эмиэ Лэкиэстээх курдук уһуннук айаннаабыттара. Сүүрбэччэкэ ат көрөөччүлэр уонна көмөҕө биир взвод саллааттар аара тохтобулларга аттары аһатарга бэлэмнэммит оту ылан ааһаллара. Биэс уоннуу акка иккилии ат көрөөччүлэр сыһыарыллыбыттара. Кинилэр аттарга от биэрэллэрэ, хастыы да хоно-хоно, дьоҕус да буоллар, өлүүлээн эбиэс биэрэллэрэ. Анал күкүр курдукка уһун быаҕа баайыллыбыт солуурунан өрүстэн уу баһан уулаталлара. Ол курдук күн аайы түбүк бөҕөтүн көрсөөхтүүллэрэ. Хата, уу баһыытыгар саллааттар улахан көмө буолбуттара. Күһүҥҥү халлаан Өлүөнэ эбэ үрдүнэн ыаһыра барыйан, сөрүүн тыал чэлгиэнэ Туоһахта өйдөөх, санньыарбыт харахтарын үрдүнээҕи туоһахтатын арыйан, көҕүлүн, сиэлин үрэлиҥнэтэллэрэ. Бачымах кудук сулустар хас эмэ сүүһүнэн саха сылгыларын ласпайбыт самыыларын дьиктиргээбиттии, «бу туох ааттаах тоҕуоруһуннаран хайа диэки хайыһыннардыгыт?» диэбиттии, дьиримнэһэ одуулуурга дылылара. Үөһэттэн Дьөһөгөй Айыы оҕолорун сайыспыттыы, үөр туруйалар, ыраах хаан тохтуулаах алдьархай адаҕыйбыт сэрии диэннэригэр, эргиллибэт сирдэригэр айаннаан иһэллэрин сэрэтэрдии, лоҥкуначчы хаһыытаһан ааһаллара…
* * *
Бэс ыйын 22 түүнүгэр фашистскай Германия салгыннааҕы сэбилэниилээх күүстэрин (ВВС) 637 бомбардировщиктара уонна 231 истребителлэрэ, барыта 868 сөмөлүөт, саҥа сырдаан эрэр халлааҥҥа хара былыт курдук халҕаһалыы анньан, Сэбиэскэй граница үрдүнэн күпсүйэ, күүгүнүү көппүттэрэ. Куораттар олохтоохторо минньигэс ууларыгар утуйан буккурата сыппыттара. Саҥа оскуоланы бүтэрбит эдэр ыччат түүнү быһа ыллаан-туойан баран, дьиэлэрин диэки саҥа тарҕаһан эрэллэрэ. Сорох тапталлаахтар чуумпу уулуссалар устун оргууй хаамсан иһэннэр, бу туох ааттаах элбэх сөмөлүөтэ кыырай халлаан урсунугар уйдаран, куораттарын ааһа көтөллөрүн дьиктиргии көрбүттэрэ. Бу өлөр өлүү сибиэннэрэ сүүһүнэн туонна буомбаларын тиэнэн, хара дьайдаах алдьархайы адаҕыта, Аан ийэ дойдуну хаанынан ытата, атыйахтаах уулуу аймыы устан иһэллэрин ким да сэрэйбэтэҕэ.
Өстөөх Кыһыл аармыйа кыраныысса чугаһынааҕы 66 байыаннай аэродромнарын уонна хас да куораттарын үстэ төхтүрүйэн буомбалаабыта. Ол халлаантан өстөөх күүтүллүбэтэх саба түһүүтүгэр Кыһыл аармыйа 70 % аныгы байыаннай сөмөлүөттэрин үлтү буомбалаан, күлгэ-көмөргө көтүппүтэ. Бу Сэбиэскэй Сойууска фашистскай Германия улахан сүтүгү, хоромньуну таһааран, Кыһыл аармыйа сэриигэ олох бэлэмэ суоҕун көрдөрбүтэ.
Сэрии саҕаламмыт күнүттэн Үһүс рейх вермахт сэбилэниилээх күүстэрин бөлөхтөрө: «Север», «Центр», «Юг» үс хайысханан, тааҥкабай, моторизованнай дивизиялара, үөһэттэн салгыннааҕы күүстэр, артиллерия уотунан тибилийэн, туох да хараана суох тоҕо анньан, кимэн, бииртэн биир куораттары ылан испиттэрэ. Сыччах түөрт ый иһигэр Кыһыл аармыйа икки мөлүйүөн үс сүүс тыһыынча (2.300.000) саллааттара уонна эписиэрдэрэ билиэҥҥэ түбэспиттэрэ. Авиация, артиллерия, тааҥкабай дивизиялар, тииһигэр диэри сэбилэммит пехота, моторизованнай дивизиялар төһө да утарсыы баарын үрдүнэн, бииртэн биир төгүрүктээһиннэри ситиһиилээхтик оҥорон, билиэҥҥэ түбэһээччи элбээтэр элбээн испитэ. Аны сэрии иннинээҕи сылларга Кыһыл аармыйа кэккэтигэр Маршал Тухачевскайтан саҕалаан орто салайар састаабын кэккэтигэр ыытыллыбыт «чистка» дэнэр, элбэх эписиэрдэри лааҕырдарга репрессиялааһын содула улахан охсууну таһаарбыта. Ону Үһүс рейх разведката төлө туппатаҕа. Ол содулугар Кыһыл аармыйа кэккэтигэр туох да үлүгэр үгүс сүтүк тахсыбыта. Аата-ахса суох сэрии сэбэ урусхалламмыта, өстөөх илиитигэр киирбитэ. Онон Верховнай ставка ыксаллаах балаһыанньаттан хайдах тахсары тобула сатыыра да, ол сэрии бастакы ыйдарыгар кыаллыбатаҕа. Илинтэн Япония милитаристара саба түһээри, Кыһыл аармыйа сорох күүстэрэ Забайкальеҕа түмүллэн олороро. Аны арҕааттан финнэр саба түһэр кутталлара Ленинград оборуонатыгар суоһуура. Верховнай ставка Сибиир, Забайкалье, ол иһигэр хоту Саха сирин, Бурятия, Хакасия, Тыва уонна да атын Сибиир регионнарын күүскэ мобилизациялыырга сорук туруоруммута. Онон Сибирскэй полкалар тэриллэн: Иркутскай, Омскай, Читинскэй уобаластарга, Урал хайатын нөҥүө: «Бершеть», «Чебаркуль», «Юг» байыаннай учуобунай лааҕырдарга күргүөмнээх бэлэмнэниини ааһа сылдьаллара.
Өстөөх «ЮГ» аармыйатын бөлөҕүн генерала Гейнц Гудериан, «Тааҥкабай гений», 2-с тааҥкабай аармыйата вермахт атын аармыйаларын холбоһугун кытары Украина хоту өттүнэн көҥү көтөн, Кыһыл аармыйа күүстээх утарылаһыыларын боҕутан, бииртэн биир дэриэбинэлэри, куораттары ылан, иннин диэки кимэн киирэн испитэ… Дэлэҕэ да этиэхтэрэ дуо, оччотооҕу байыаннай аналитиктар «Иккис Аан дойду сэриитэ – битва моторов» диэн. Ол да буоллар Кыһыл аармыйа сэрии саҕаланыытыгар сөмөлүөттэринэн да, тааҥкаларынан да, атын да тиэхиньикэнэн улаханнык сабырыйтарара. Эбиитигэр өстөөх саба түһэр маҥнайгы түүнүгэр элбэх байыаннай аэродромнары буомбалаан, Кыһыл аармыйаҕа улахан сүтүгү оҥорбута. Бу кырыктаах кыргыһыыга Кыһыл аармыйа аттаах сэриитэ, кавалерия эрэ, күттүөннээх утарсыыны оҥорбута.
Балҕан ыйын бүтэһик күннэригэр элбэх ардах түһэн, суол-иис алдьаммыта. Өстөөх моторизованнай дивизияларын ыарахан тааҥкалара, тиэхиньикэтэ суола суох сиргэ бадарааҥҥа батыллыбыта. Ону туһанан генерал Белов 2-с кавалерийскай корпуһа өстөөх 25-с мотодивизиятын уонна 9-с тааҥкабай аармыйа 48-с тааҥкабай корпуһун үлтүрүппүтэ. Элбэх сэби-сэбиргэли, тиэхиньикэни ол иһигэр 800-тэн тахса массыынаны, матасыыкылы былдьаабыта. Генерал-майор Павел Алексеевич Белов хорсун, сатабыллаах салайааччы этэ. Гейнц Гудериан Белов төбөтүн иһин 100 тыһ. немецкэй маарканы анаабыта. Бу Белов кавалерията Гудериан тимир тиһиликтээх, ыстаал куйахтаах аармыйатын суолугар иккис төгүлүн улахан утарсыыны оҥорбута. Хас кыргыһыы ахсын икки өттүттэн өлүү-сүтүү үгүһэ. Күһүҥҥү тымныылар биллэн барбыттара, оттон сэрии буорах сыттаах, күдэн-таһаан күннэрэ бииртэн биир тургутуулары туһаайан устан испиттэрэ. Ол курдук Верховнай Главнай командование Белов 2-с кавалерийскай корпуһун боруоҥҥа ханна тыҥааһыннаах түгэн үөскээтэ да, онно ыытан иһэрэ.
Гудериан тыылыттан тааҥкаларын, сэбин-сэбиргэлин, саллааттарын толорунан, күүһүн-уоҕун чөлүгэр түһэринэн иннин диэки кимэн испитэ. Ол дьыл кыһын эрдэлээбитэ, алтынньы ортотугар кыстык хаар түһэн, сир-дойду сэрии сэймэктээбит эрэйдээх-буруйдаах иэнин маҥан суорҕанынан кистии бүрүммүтэ. Арай сэрии ыар тыынын урусхалламмыт куораттар дьиэлэрин түннүктэрэ соҥуоруһа одуулаһан, уматыллыбыт дэриэбинэлэр хороһон хаалбыт оһохторо туоһулууллара.
Өстөөх «Север» аармыйаларын бөлөҕө Брянскай боруону тоҕо көтөн киирбитэ. Модун ыстаал куйахтаах тааҥкабай дивизиялар уҥа уонна хаҥас флангаларынан кимэн, Брянскай куоракка, 3-с, 13-с аармыйалары быһа анньан төгүрүктээбиттэрэ. Үһүс рейх уодаһыннаах былаанынан Гудериан 2-с тааҥкабай аармыйата: Орелу, Туланы, Веневы, Кашираны сэриилээн ылаттаан баран, ол туһаайыынан Москубаны хаҥас флангатынан тоҕо анньан, төгүрүктүүр соруктаах иннин диэки тоҕо күрдьэн кимэн испитэ…
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?