Электронная библиотека » Василий Яковлев » » онлайн чтение - страница 2


  • Текст добавлен: 5 мая 2023, 10:00


Автор книги: Василий Яковлев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 6 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Микииппэр оҕонньор, ити курдук «кэриэһин этэн», көлүйэтигэр киирэн, бэлэмнии таарыйа ойбонун тэһэн, атын уулатан баран, үрүйэтин таҥнары, мас тиэйбит суолун устун, айаннатан курулата турда.

Ол суола сотору туоруур, онтон ыла икки-үс көс курдугу бу кыс хаарга саҥа суол таһаарыахтаах. Дьон сылдьыталаатылар ини. Халлаан сырдыа билигин да балачча быһыылаах, хараҥата сүр. Сырдыга эбитэ буоллар, билигин кэннин хайыһан, тиитин көрөн хаалыа этэ. Ол тумус сыыр эргиириттэн ыла көстүбэт буолар. Онтугар билигин баараҕай лабааларын быыһыгар, тымныыттан саһан, туора дойду кыыла «дьиэ» оҥостон олордоҕо.

Систэри быһыталаан, тыаттан киирэн истэххэ, оо, тэҥкэ тиит барахсан ыраахтан да көстөөхтүүрэ. Оол курдук сис оройуттан одуулаатахха, үрэх тардыытыгар, бары тииттэртэн чорбойон, соҕотоҕун кини дьыраллан турар буолара. Сарсыарда тахсар күн аан бастаан кини нуоҕай төбөтүгэр оонньоон тахсара, киирэр күн, саһан баран, саамай кэнникинэн кини чыпчаалын кытардан симэлийэрэ.

Саас көҕөрдөҕүнэ көрүөҥ! Быһата, ийэ хатыҥ курдук лаглайара. Чугастан көрдөххө, бу киистэтэ уһунун, бөдөҥүн! Үтүө үүнүүлээх бурдук киистэтин курдук буолара. Аны сайыныгар туораах анньыа турар. Бу элбэҕин көрүөҥ этэ, тэтэрэн түһэн – дьэдьэни саба ыһан кэбиспит курдук.

Кыһынын хаар хатаҕалаан, кинини ордук үллүйбүт курдук буолара. Аны сааскы, күһүҥҥү тыалларга бу суугунун оҕотун! Сир-дойду кини суугуна буолан дуорайан иһиллэргэ дылыта.

Оҕонньору оҕо эрдэҕиттэн билиҥҥэ диэри, хараҕын саба баайан баран, хара тыа бары да маһын аайы тохтотон ыйыталлара буоллар, кини суугунун, чыпчылыйыы да түгэнэ мунааран көрбөккө таайыа этэ.

Ол курдук, сылтан сыл аайы. Микииппэр оҕонньор өйдүөҕүттэн күн бүгүнүгэр диэри. Кини аҕатын, эһэтин, баҕар, хос эһэтин саҕана кытары буолуоҕа. Тэҥкэ тиит бу күн сиригэр төһө сыл-хонук үүнэн силигилээн турарын ким да билбэт.

Араас сир силигэ чыычаахтара, мас көтөрдөрө – саадьаҕай тоҥсоҕойуттан хара уларыгар тиийэ, туох куртуйахтары, курупааскылары этэ да барбакка – бары тэҥкэ тиити быһа ааспат буолаллара, тохтоон, сынньанан, таалалыы, оонньуу-көрүлүү түһэн ааһаллара. Иэгэйэр икки атахтаахтан бу эҥээрдээҕи баай хара тыа соҕотох баһылыга буолбут, эдэр сааһыттан эмэҕириэр диэри ааттаах сааһыт аатырбыт Собо уола Микииппэр тэҥкэ тииккэ кэлэн түспүт биир эмэ тылбыйар кынаттаахха, төһө да биирдэ айахха угар эт наада буолбут кэмэ буолтун иннигэр, саатын уоһун туһаайбытын өйдөөбөт. Көр, ол курдук ытыктыыра бу сир үрдүгэр тэҥҥэ үөскээн ааһан эрэр тэҥкэ тиитин.

Арай оҕонньор бачча сааһыгар диэри урукку өттүгэр тэҥкэ тиитигэр тылбыйар кынаттаах бииһин ууһуттан тойон кыыл кэлэн түспүтүн өйдөөбөт. Дьэ, онто ити быйыл кэлэн түстэҕэ. Түһээри түһэн арахсыбат гына түстэ. Тэҥкэ тиитин ол кыылга былдьатта оҕонньор аны!

Бу төһө даҕаны тиитэ барахсан туһунан уйаҕас, истиҥ ахтыынан иэйэ ахта истэр, дууһатын түгэҕэр тыбыс-тымныынан атын санаа хаарыйар: ол онно билигин хотой олордоҕо диэн санаа.

Саҥа хаары тыыран, сыарҕата тыаһа-сыма суох ньылбырыйар. Оҕонньор атын тиэтэппэт. Иннигэр түөрт көстөн ордуктаах, күннүктээх айан тоһуйа сыттаҕа.

* * *

Нөҥүө күнүгэр киэһэ Микииппэр оҕонньор нэһилиэк дьонуттан чып кистэлэҥинэн санаалаах кырдьаҕаһын Ньахсаан ойууну аҕалла.

Саҥата-иҥэтэ суох кэлэн, сыарҕатыттан түһэн баран, кырдьаҕаһа таба саҕынньаҕын тэбэммэхтии туран, хараҥата бэрт буолан, туох да көстүбэт этэ, ол-бу диэки олоотоомохтоон баран, кыбыы кэтэҕинээҕи тыа диэки туһаайан, хатан баҕайытык суордуу кыламмахтаан ылла. Онтон, сүрдээх үлүгэрдик үөһүн тартара-тартара, хаста даҕаны ис-иһиттэн кимиэллээхтик хотойдуу чыҥырҕаамахтаата. Ол аата тойон кыылга мин кэллим диэн биллэрбитэ дуу, дорообо биэртэ дуу эбэтэр мантан антах бу тиэргэн, бу дьиэ-уот, бу баараҕай хара тыа – бары мин дьаһалбын истэҕит, мин бас билиибэр киирдигит диэн caҥa аллайбыт быһыыта буолара дуу, биллибэт. Киниттэн ким утары көрөн ону ыйытыай?!

Дьиҥэ, Көстөкүүн кырдьаҕас, айыы кэмигэр киһилии ама аата инньэ диэн, ити саҥатыттан кыйыһыйан, үөрэн-көтөн, дьалкыһыйан киирдэ. Сотору-сотору уҥуохтapa тахса сылдьар уһун кубаҕай сыҥааҕын иннигэр анньан, ол-бу диэки көрөн олопоччуйар, элбэх-элбэхтик ону-маны саҥаран, ол-бу сонуну-сэһэни ыһан-тоҕон көбдьүгүрүүр. Ол аайы саннын байаатынан охсуллар, иилистэн хаалбыт ыас хара баттаҕа дьулаан баҕайытык силир гына хамсаамахтаан ылар.

Оппуос эмээхсин, кырдьаҕас кэлбититтэн үөрэн, ыарыытын да умнан, букатын эдэригэр түспүт курдук, кэлэ-бара, ас тардан элэстэнэ сырытта. Сыалаах эти адьырыччы буһаран бэлэмнээбит, алаадьы оҥорбут хайаабыт.

Остуолга олорбуттарыгар, Көстөкүүн кырдьаҕас кэпсээнин быыһыгар түбэһиннэрэн, Микииппэр оҕонньор эмээхсинигэр тыл бырахта:

– Хайа, доҕоор, били кыылбыт?

– Оо, дьэ баар ахан. Ханна барыа диэтэххиний? Биһиги баспыт уҥуоҕа баарын тухары, хата, арахсыа суох быһыылаах. Арай көмөлөстөххүнэ, Көстөкүүн кырдьаҕас, эн көмөлөһүүһүгүн, абыраатаххына эн абырыыһыгын! Биһиги, бу манна ойдом үрэх баһыгар олорор дьон, туохпутунан да кыайан көмүскэниэхпит суох. Биир-биир сүөһүбүтүн-аспытын барыыһы мантан кыһын. Көр, бэҕэһээ ыппар түһэн көрдө ээ бу баҕайыҥ. Күнүс таһаараммын yҥyox-иҥиэx тобоҕун кутан биэрбиппин тиниктэһэ сытаахтаатаҕына, бу күтүр өстөөҕүҥ баара кэллэ ээ, дьэ сараадыйа сытыйан! Кэллэ да боруоста үрдүгэр түстэ! Даллахачыйан түһэн, бу баҕайыҥ бөдөҥүн-садаҥын, бу хамсаннаҕын күүһүн-күдэҕин?! Сапсынар тыаһа биир кэм сип-силликинэс. Ытым эрэйдээх, ньахчас гынан, сытан биэрдэ. Хата, сыыһа харбаан бистэ. Бу тыҥырахтарын сараадыппытын көpүөҥ! Кыһаннаҕына, тугу барытын хайа тардыыһы, оннооҕор бөтүүк алтан олгуйу хайа тэбэр ааттаах. Aaha түһэрин кытары ытым эрэйдээх, ыстанан туран, миэхэ сүүрэн куймукуччуйан кэлээхтээтэ. Мин ааным тутааҕын харбаан баран турабын. Ыппын өрүһүйэр кэлиэ дуо, хайыыр да кыаҕым суох. Били баҕайы, ол aaha харбаат, эргийэ баттаата да, кэлэн, ытым оннугар түһүнэн кэбистэ уонна тохтоло суох, көрдөрбүтүнэн олорон, аһаабытынан барда. Дьэ, саат-суут суох баҕайыта. Адьас кэрээниттэн тахсыбыт. Өссө сүрдэнэн иһиэ буоллаҕа!

Онтон өй ыламмын, били иллэрээ киэһэ ириэрэ киллэрбит куобахпыттан бысталаан, араас истээн-үөстээн, хобордооххо уган бараммын, олбуорум ааныгар илдьэн уурбуппун, кэннибиттэн кэлэн, начаас икки ардыгар уҥуохтары-байдары охсон кэбиспит этэ. Дьэ, бөҕө куртахтаах кыыл быһыылаах. Бүгүн, таһааран иһэрбин көрөөт, уун-утары көтөн сабдыйан кэллэ эбээт! Уолуйаммын тугу гыныахпын булбакка турдахпына, өйдөнүөм икки ардыгар уонча хаамыы кэлэн, хаарга олорунан кэбистэ. Мин, хобордоохпун сиргэ быраҕаат, төттөрү тэбинним. Дьиэбэр киирэн иһэн, кэннибин хайыһан көрбүтүм, ээ, кэлэн, хайыы үйэҕэ тоҥсуйан эрэр. Дьэ, көр оннук! Саҥарыан тыла эрэ суох дууһа сылдьар быһыылаах. Көрдөрбүтүнэн туран, куттаан, туохпутун барытын былдьаан-талаан ыллаҕына, көҥүлэ буолсу.

– Онон дьэ, Көстөкүүн кырдьаҕас, туох сүбэ-таҥха, күүс-көмө буолаҕын? Абыраа! Көрдөһөбүт-ааттаһабыт! – Оппуос эмээхсин, кэлин тылларын этэригэр куолаһа титирэстээн, ытамньыйан ылла.

Көстөкүүн кырдьаҕас, ити кэпсээни истэн баран, салгыы оҕонньордоох эмээхсинтэн хотойдорун туһунан атын тугу билбиттэрин-көрбүттэрин барытын ыйыталаста. Оҕонньортон бу эргин уйалаах кыыл баарын дуу, суоҕун дуу, ону аан бастаан хас сыллааҕыта көрбүтүн, төһө сотору буола-буола көрөрүн, саамай кэлин хаһан көрбүтүн, туох бэлиэ хамсаныылаахтарын, кини көрөрүгэр тугу гына сылдьар буолалларын эҥин сиһилии сураһан дэлби кэпсэтиннэрдэ. Онно сыһыаннаах урут бэйэтэ билбитин-көрбүтүн эмиэ кэпсээтэ.

Киэһэни онон, ирэ-хоро кэпсэтэн, билбэккэ атаардылар. Көстөкүүн кырдьаҕас, сир ыраах, суол да куһаҕан диэн уонна төннөрүгэр үөлээннээҕин, бэйэтэ да моһуокка ылларбыт киһини, хос-хос түбүгүрдүмээри бэйэтин атынан кэлбитэ. Онон утуйалларыгар Микииппэр оҕонньор, икки аты илдьэн аһатан баран, таарыччы xoнoho утуйар таҥаһын кытта хааһахтаах малын кыбынан киллэрдэ. Xaahaxтaax малын кырдьаҕас ohox кэннигэр уурдарда. Утуйар таҥаһын сылыттаран, yҥa ороҥҥо кыл сөрүө үрдүгэр, дьиэлээхтэртэн эһэ тэллэх эбии уурдаран, сылаас, сымнаҕас таҥаска тиэрэ түстэ да, утуйан хаһыҥыраан хаалла.

* * *

Сарсыныгар Ньахсаан ойуун, соччолоох кэпсэппэккэ-хайаабакка кэтэҕиттэн тардыстан баран, күннүктээн, уҥа ороҥҥо тиэрэ түһэн сытан таҕыста. Таһырдьа кыһалҕатыгар эрэ иккитэ-хаста тахса сырытта.

Киэһээҥҥи уот оттуллубутугар туран, уот иннигэр умса нөрүйэн баран, саҥата суох өөр аргынньахтаан олордо. Оҕонньордоох эмээхсин, хам-түм ботур-ботур тыл бырахсан ыла-ыла, бэйэлэрин түбүктэригэр сырыттылар.

Тоҥ күөс быстыҥа бадахтаах олорон баран, ойуун биирдэ дьааһыйда. Онтон хос-хос дьааһый да дьааһый буолан киирэн барда. Онтун быыһыгар, сотору-сотору:

– Ычча! – дии-дии, этин тартаран, дьигиһийбэхтээн ылаттаата.

Ол олорон, соҕотохто өрө уһуураат, ыстанан турда да, икки илиитин даллаппытынан, ohox кэннигэр түһэн хаалла.

Утаакы буолбата, кыырар таҥаһын-сабын кэтэн, дүҥүрүн тутан, дьүһүн-бодо бөҕө буолан, сирэйэ ханньастан, хараҕын үрүҥүнэн көрөн, баттаҕа бураллан ахан тахсыбат дуо!

Таҕыста даҕаны, тохтоло суох кыыран илгистэн киирэн барда. Эмиэ даҕаны дэгэрэҥ ойон дьэргэстэннэ, сиргэ олоро түһэн лаҕырҕайдаата, сүһүөҕүн үрдүгэр сөһүргэстээтэ, олоппоско олорон умса булкулунна, эмиэ даҕаны уорҕатынан оонньоото, иэнинэн чиэстэннэ. Көҥдөй күөмэйин көхсүн иһиттэн лөҥкүнэтэн, кыаһаанын тыаһа кылырҕаамахтаан, дүҥүрэ лөҥ-лөҥ тыаһаамахтаан кыыран сахсылынна, кутуран куоҕайыктанна. Күлэн алларастаата, ытаан ньырылаата, ытырдан дырдырҕатта, сөтөллөн күпсүйбэхтээтэ, дьааһыйан аппаҥнаата. Ол быыһыгар суордуу кыламмахтаата, мохсоҕоллуу чаачыгыраамахтаата, өксөкү кыыл буолан чаҥырҕаамахтаата.

Бастаан утаа үөрдэрин-сүүрүктэрин ыҥыртаан, абын-хомуһунун уккуйан, иччилэрин ааттаһан-көрдөһөн, көрүү көрүүлэнэн эрэрэ баара, ол икки ардыгар суол аанын тыырар, суонда хаан бэйэлээх суор кыыл буолан, суһуктуйар халлааҥҥа супту сурулаан таҕыста, онтон салгыы, моонньугар мойбордоох мохсоҕол кыыл буолан, кыырай халлааҥҥа кылыбырайа көтө турда, ол көтөн, сүүрэр атахтаахтар, көтөр кынаттаахтар айбыт аҕаларыгар, үҥэр таҥараларыгар, үрдүк сууттарыгар Үрдүк Айыы тойоҥҥо тиийэн, үҥcүү түһэрдэ, көрдөһүү киллэрдэ, ааттаһыы ааттаста. Анараа оҕонньор туох диэбитин, туох дьүүлү-дьүһүнү түһэрбитин уоһунан эппэтэ, «истэрбин иһиттим, ситиһэрбин ситистим» диэтэ да, сир ийэтигэр, силлиэҕэ оҕустарбыт сэбирдэх курдук, тэлбээрэн кэлэн, тэлгэһэтин иһигэр дэгдэс гына олоро түстэ да, yҥa диэки ортоку түннүгүнэн дьиэҕэ ньим гынан хаалла.

Ойуун бэйэтэ бэйэтинэн буолан баран, бу курдук диэн киһилии саҥаран оҥсолуйда.

– Үөдэн көтөрүн кытары өксөкү кыыл буоламмын өлөрсө тахсаары гыммытым кыаллыбата. Үрдүк Айыы тойон, умса көрөн олорор буолан, хотоҕойбун хомунаары хамсаатарбын эрэ көхсүм тэһиинэ көтүрү бараары гынар. «Айыы аймаҕын абааһы бииһиттэн араҥаччылыах буолан, ап-хомуһун ылан, алгыс тылбын истэн бараҥҥын, аны айыы көтөрүн араабылаары гынныҥ дуо, анаҕас баара!» – диэн анараа оҕонньор дьаҕарыйда.

Онон суолум аанын суор кыыл буолан тыыран бараммын, мохсоҕол көтөр буоламмын муҥурун нэһиилэ буллум.

Дьэ, убайдаатар убайым, доҕордоотор доҕорум! Бииргэ үөскээбит үөлээннээҕим! Үрдүк Айыы тойон оҕонньор эйиэхэ кырыктаах олорор эбит. Оҕо сылдьаҥҥын оту-маһы кумалыыр, оттомо суох оонньуулаах эбитиҥ үһү. Сир-дойду иччилэрэ инньэ диэн үҥсэллэрэ эбитэ үһү. Эдэр сылдьаҥҥын, эргэнэ хара тыаҕын кэрийдэххинэ, икки атахтаахтан иннибэр түһүөх ким баар буолуой диэн элэк-күлүү тыллаах буолар эбитиҥ үhү. Ону Үрдүк Айыы тойон бэйэтэ истэрэ үhү. «Бэйиккэй!» – диэн сааммыта өр буолта үhү. Быйыл буоллаҕына, бу маннааҕы уйалаах көтөрдөр, сүбэлэһэн баран, эмиэ киниэхэ тиийбиттэр. Кыра сылдьаҥҥын уйаларын тыытаҥҥын, онтукаларын алын өттө халтаҥ буолан хаалан, сылын аайы иккилии-үстүү сымыыты баттыыллар үhү да, кэлиҥҥи кэмнэргэ наар биирдии эрэ оҕону көтүтэр буолтар үhү.

Онон Үрдүк Айыы тойон, буруйгун-сэмэҕин мунньан муунталаан, ити эйиэхэ соруйан ыыппыт кыыла сылдьар үһү.

Ону тахсан, ити мин үҥэммин-сүктэммин, ааттаһаммын-көрдөһөммүн, тылын төттөрү ылыах буолла. «Толугун бэйэтэ биллин!» – диир. Этэр: «Үрдүк халлаан көтөрдөрүн атаҕастаабытын быһыытынан мэҥэ халлаантан төрүттээх Дьөһөгөй оҕолоруттан туттуо этэ: хара маҥаас сылгыны. Ол гынан баран, оннук сылгы киниэхэ суоҕун билэбин, онон булуох буоллаҕына, оннук дьүһүннээх ынах да сүөһүттэн тутуннун. Чэ, бэйэтэ биллин!» – диэн.

– Оо, ол харыстыыр кэлиэ дуо! – диэтэ оргууйдук Микииппэр оҕонньор ытамньыйа сыһа-сыһа.

Ньахсаан ойуун, инньэ диэн баран, дьирэлдьийэн туран, ohox кэннигэр тиийэн, арбаҕаһын устан, бэйэтэ бэйэтинэн буолан тахсан кэллэ.

– Дьэ, ону туох диигин, үөлээннээҕим Микииппэр оҕо°нньор?

– Туох диэхпиний? Хаччаҕай маҥаас кунаннаахпыт. Онтубутун туттан көрөө инибит, – диэхтээтэ оҕонньор буруйдаах киһи быһыытынан. – Ол, оҕо сылдьан, оту-маһы тыытар кэмнээх буолуо дуо? Уолҕамчы да санаа ханна барыай, эдэр эрдэххэ. Арай ити уйалаах кыыллары муокастаабыппын отой өйдөөбөппүн. Ымыччы! Ити хайа үөдэн баҕайы эбитэ буолла?

– Баҕар, адьас кыра эрдэххинэ, оҕолору батыһан, сылдьыбытыҥ буолуо.

– Дьэ, баҕар, буолуо. Ону барытын өйдүүр кэлээхтиэ дуо?

– Сарсыарда күн кылахачыйа тахсыыта ол толук биэрэр сүөһүгүт нохтолоох тойон сүрэҕин кытары хайҕaxтaax хара быарын таһааран, тойон сэргэҕит үрдүгэр ууруоххут. Мин буоллаҕына, улуу көтөргө бэйэтигэр Ypдүк Айыы тойон илдьитин тиэрдэн, эмиэ ааттаһан-көрдөһөн көрүөм.

Ол кэнниттэн күн арҕаа диэки санньы тардыстыар диэри биир даҕаны тыынар дууһалаах дьиэ даҕаны, хотон даҕаны иһиттэн быгыа суохтаах.

Улуу көтөр бэйэтэ, санаата кэлэн, ол бэриккитин ылар буоллаҕына – ылыа, суох буоллаҕына – суох. Ыллаҕына, аны үс хонон баран, эмиэ күн кылахачыйа тахсыыта тус соҕуруу бэйэтин дойдутун диэки көтөн күпсүйүөхтээх. Ол үс хонук иһигэр эһиги кинини тугунан даҕаны араабылаамаҥ! Аскыт-үөлгүт тобоҕун, ууну-хаары даҕаны таһырдьа тоҕумаҥ! Кинини тамты көрбөтөх-билбэтэх курдук туттуҥ! Ол сүөһүгүтүн көтөргүт көрбөт сиригэр acтaapыҥ.

Сарсыарда оҕонньордоох эмээхсин эрдэ туран, били оҕус гыныах буолар мaҕaac кунанчааннарын ohox сырдыгар дьиэҕэ киллэрэннэр, cүүhүн охсон сүлэн, астаан кэбистилэр.

Этиллибитин курдук, күн кылахачыйа тахсыыта сүрэхтээх быарын алтан хобордооххо ууран, бастыҥ сэргэлэрин үрдүгэр анньан кэбистилэр.

Ньахсаан ойуун, кыырар таҥаһын-caбын кэтэн, уотун айах тутан баран, тахсан, хотой олорор тэҥкэ тиитин диэки хайыһан туран, кыыран илгиһиннэ, араастаан ааттаста-көрдөстө. Онтон уотугар киирэн, үрүҥ тунах аһын кута-кута, алгыс алҕаан намылытта. Тиһэҕэр аан таһыттан кэтэҕэриин орон диэки түөрэх быраҕан кыыратта. Дьолго, оҕонньордоох эмээхсин кэлтэгэй хамыйахтара, хойуостаҥнаан тиийэн, олоро түстэ, мунньах-ханньах хамсаамахтаан баран, тохтоон хаалла. Үөрүү-көтүү буолан, ойуун үлэтэ-хамнаһа итинэн бүттэ.

Аны күн орто ааһыар диэри дьиэттэн быкпакка улуу көтөр бэриги ыларын дуу, ылбатын дуу күүтүү буолла. Ол эрээри, саҥардыы кэтэһэ санаан эрдэхтэринэ, алтан хобордоох тоҥ чигдигэ сууллан лаҥкыныыр тыаһа иһилиннэ. Ким да тугу да диэбэккэ истибэтэх кулгаах буоллулар, оҕонньордоох эмээхсин күлүктэригэр имнэнсэн кэбистилэр.

Күн орто ааһыыта тахсан көөртөрө: хобордоохторо эрэ түөрэ түһэн сытар, уурбут астарыттан тооромоһу да хаалларбакка көтөрдөрө барытын мэлитэн кэбиспит.

Сарсыныгар Ньахсаан ойуун махталы кытары дойдулаата. Дьиэлээхтэр кыра эт, арыы биэрэн ыыттылар. Араас кэпсээн тарҕаныа, саат-суут буолуо диэн кырдьаҕастара ханна да кэпсээн оҥостуо суох буолан барда.

Оҕонньордоох эмээхсин дьэ сэк буоланнар, алдьархайтан быыһаммыт курдук санананнар, санаалара көнөн, аны болдьохтоох үс хонуктарын күүтэр аатыгар бардылар. Ол устатыгар тойон кыылларын көрдөллөр да көрбөтөҕө буолан, ханна барарын-кэлэрин кыҥастаспакка, дьөрү кини туһунан ахтыһан да көрбөккө, бүтэйдии бэйэ-бэйэлэриттэн санааларын кытары кистэһэ сырыттылар.

* * *

Үс хонуга туоларын сарсыардатыгар Микииппэр оҕонньор, аһаан-сиэн эрдэ бүтэн баран, күн тахсарын күүтэн, чаархааннарын бэрийбитэ буолан, соруйан таһырдьа тахсыбата. Муус түннүгү күн уотун тымныы сарадахтара күндээрдэ салаамахтаан эрэллэрин оҕонньор төһө да көхсүнэн сэрэйдэр, тахса охсубакка, бэйэтэ бэйэтин кытары мөккүһэн, чиҥээн биэрэ сатыы олордо. Ол улуу көтөр aйaҥҥa аттаныытын көрбөтөх да син, аны урут-хойут тахсан, кыл мүччү үргүтэн кэбиһэн, өлүү буолуо. Кинилэргэ ол улуу дьаалы, санаата кэлэн, мантан салалыннын эрэ.

Оҕонньор, үлэтин бүтэрэн, тахсаары таҥнан баран, аны өр баҕайы, аҕала сатыы-сатыы, табахтаан бусхатта. Онтон, дьэ, куобах чомпойун оройугар уурунан, токуччу тарда сылдьар торбос үтүлүгүн ылан, аанын оргууй аһан, аа-дьуо тахсан барда.

Дьаралытан, тымныы гынан баран, бэрт ыраас күн үүммүт эбит. Күн тиит төбөтүттэн арахсыбыта ырааппыт. Оҕонньор, ону-маны көрө турбахтаан баран, бу хас да хонукка ыга баттаан муҥнаабыт ыар сүгэһэрин дьэ хаалларан, бэрт чэпчэкитик сананан, холкутуйан үөһэ тыына-тыына, аа-дьуо таптыыр тиитин диэки дуоһуйбуттуу хайыста.

Хайыһаат, сүрэҕэ «парк» гына түстэ, бу саныы турбут туох баар бары үтүө санаата буорах уота күлүм гынарыныы эмискэ мэлис гынан хаалла. Ол оннугар төбөтүн иһэ бүтүннүү хабыс-хараҥа буоларга дылы гынна, ол хараҥаттан, бэл, кулгааҕа чуҥкунаата. Өйдөнөн, иккистээн көөртө – алҕаһаабатах. Кыыла буолуохсут, «мин бэйэлээҕи ханна үтэйээри гынаҕыт?!» диэбиттии, өтөччү туттан, күн уотун түөһүгэр түһэрэн, дьоһуннаах баҕайытык дьохсоллон олорор эбит.

Микииппэр оҕонньор турбахтаан, тэпсэҥнээмэхтээн баран, балаҕаныгар төттөрү киирдэ.

– Эмээхсиэн, дьэ табыллыбатахпыт, кыылбыт барбатах.

– Туох даа? – диэн эмээхсинэ, истээт, соһуйан өрө халаатыы түстэ.

– Барбатах диибин. Олорор. Күн үөһэ ойон ырааппыт.

– Оо, муҥ да буолар эбит, оҕолоор! Ол хайдах баҕайыный? – эмээхсин, мускуйа олорбут куобаҕын тириитин ньилбэгэр ыһыктан, оҕонньорун сирэйин-хараҕын көрбөхтөөтө.

– Хайдах баҕайыный диэн… Барбатах буоллаҕа, онон бүтэр! – оҕонньор, сохсурҕаланан кэбиһэн баран, аан таһыгар турар олоппоһу ohox чанчыгар coho тардан ылан олорон кэбистэ.

Ол курдук, бүк түһэн саҥата суох олордо.

– Туохпут табыллыбатах буоллаҕай? Толукпутун астымматаҕа буолуо дуо? – диэтэ кэмниэ кэнэҕэс, үөһэ тыынан ыла-ыла.

Эмээхсинэ онно тугу даҕаны хардарбата.

Олорбохтуу түһэн баран, оҕонньорун ыххайбыта буолла:

– Чэ, оттон, итиннэ олоруоҥ дуо? Таҕыс! Үлэҕин үлэлээ!

Оҕонньор, кырдьык да оннук диэбит курдук, хап-сабар таһырдьа тэп гынан хаалла.

Ити күнтэн ыла Собо уола Микииппэр оҕонньордоох эмиэ хат эрэйгэ бардылар. Кыыллара күрдьүктэн арахпат буолла. Киһини көрдөр эрэ, аны тиититтэн ыһыктынан кэбиһэн баран, утары көтөн нэмилийэн кэлэр идэлэннэ. Эбэтэр оҕонньор киирэн ойбонун тэстэр эрэ, кэнниттэн тиийэн, онно олоро түһэр. Баһырҕаска ханнык да аһы таһырдьа бэрдэртэрбэт, кэлэн былдьаан ылар.

Сис былыт кэлэн, эбии хаардаан, төһө да тымныы хото түһэ илигин иһин, оҕонньордоох эмээхсин куттананнар, сүөһүлэрин далга таһаарбат буоллулар. Борооскуларын букатын да таһырдьа быктарбатахтара ыраатта, дьиэҕэ уулаталлар.

Кыылларын сылдьар сирэ диэн күрдьүк, ойбон уонна тиитэ. Дэҥ курдук кыбыыга түһэн олорор буолар. От сыалаан сиир быһыылаах. Онтон атын ханна да сыҕарыйбат. Күннэри-түүннэри үксүн тиитигэр олорон тахсар. Бэйэтэ бултаабыта буолан, кутуйахтаан, куобахтаан айах булунар туһунан өйүгэр оҕустаран да көрбөт быһыылаах. Дьиэлээхтэргэ найыламмыта саарбаҕа суох буолла.

Онон бу кыыл аччыктаан ыксаан, торҕонноотоҕуна, киһини-сүөһүнү былдьыа диэн, оҕонньордоох эмээхсин, сүбэлэһэн баран, албыннаһан, кыра-кыралаан, сэргэ төрдүгэр таһааран, эмиэ ас биэрэр буолан бардылар. Аны кэнникинэн топпотоҕуна, тиитигэр көппөккө олорунан кэбиһэр үгэстэннэ. Эбии ас таһаардахха, киһиттэн күрэнэн, көтүөн сүрэҕэлдьээн, икки кынатын даллаччы быраҕан баран, ойуоххалаан, кыратык сыҕарыйан эрэ биэрэр буолла.

Микииппэр оҕонньор, айыым-харам таайан, бу үөһээ дойдуттан соруйтарыылаах үрдүк ыйаахтаах кыыл соруйан буулаата диэн, санааҕа баттатан, аанньа аһаабат-сиэбэт буолан, биллэ хотторон барда. Ол гынан баран, ол кинилэр обургулар уйаларын хаһан моһуоктаабытын өйдүү сатыыр да букатын туох даҕаны киирбэт. Арай бара сатаан, балыыр буолуо диэх курдук санаталаан ылар. Ону хаттаан, ол дойдуга тахсан, быһаарсан, көлбөрүтүһэн көрөр кэлиэ дуо – суох буоллаҕа.

Аны, кыһалҕатын оҥорон, сохсотугар куобах аанньа киирбэт, айатыгар таптарбат, кылыытын көрөр-хайыыр буолан хаалла. «Байанайым кытары хадьырыйда, аанньа буолбат ыал буоллубут», – диэн биир муҥатыйыы үөскээтэ. Кырынаастыыр эҥин, атын түүлээхтиир кэлиэ дуо – мэлигир. Оҕонньор куобаҕын да быраҕыа этэ да, эбиискэ гынаары ол муҥа.

Кыыллара моҕуһа да сүрдээх. Биирдэ эмэтэ куобах биэрдэххэ, барытын мэлитэн кэбиһэн баран, топпокко көрөн олорор буолар. Дьылларын саҥардыы саҕалаан эрэллэр да, тиҥэһэлэрин аҥаара чугаһаата.

– Манан буоллаҕына, биһиги биэс-алта сүөһүбүт сыыһын сааскыга диэри мэлитииһи, – диэн эмээхсинигэр этэн көрөр да, анарааҥҥыта эрэйдээх тугу гыныа баарай, бэйэтэ нэһиилэ хачыгыраһан сылдьарыгар махтал.

Оҕонньор хас от-мас тиэйэ бардаҕына, тыаҕа сохсотугар, айатыгар таҕыстаҕына, күннүктээн санаата дьиэтигэр буолар – хайдах эрэ олордулар буолла, туох да алдьархай тахсыбата ини диэн. Тардыллан, хойутаан хааллаҕына, сүрэҕэ итийбэхтии-итийбэхтии, оһоҕун үөлэһин кэтиир – кытыаста олорор кыым тахсарын көрө охсоору, уруккутун курдук, эмиэ чоҕо бараммыт, оһохтоох дьиэҕэ тиийимээри.

Кэтэнии-мананыы бөҕөнөн олорор ыал буоллулар.

* * *

Сэтинньи ый эргэтин диэки күүстээх тымныылар түһүтэлээтилэр. Аар тайҕа аҕылас гына тоҥно.

Биир ыйдаҥалаах сарсыарда, халлаан сырдыан иннинэ, эмээхсин таһырдьа тахсаары өлөр хаһыытын түһэрдэ. Оҕонньор муҥнаах оһоҕун отто туран, онно ойон тахсыбыта, эмээхсинэ, охтон балаҕанын сабараанньатыгар быардыы түһэн баран, тураары ырычаахтаһа сатаан эрэр эбит.

Сап-салыбырас буолбут киһини оҕонньор нэһиилэ өйөөн киллэрэн оронугар сытыарда. Эмээхсин эмиэ уруккутун курдук, сүрэҕэ хамсаан, эрэй бөҕөнү көрөн, үс-түөрт хонукка суорҕаҥҥа-тэллэххэ лип сытан турда.

Бастаан утаа наар:

– Балаҕаным үрдүттэн… – эрэ диирэ.

Кэлин арыый кэҥээн баран кэпсээбитэ, били кыыллара балаҕаннарын үрдүгэр хоммут эбит, сэрэйдэххэ, үөлэс сылааһыгар тартаран буолуо, халҕан тыаһыттан cohyйан, балаҕан үрдүн хаарын бүтүннүү суулларан, эмээхсин үрдүнэн бу көтөн барыйан тахсыбыт. Онтон уолуйан, эмээхсин сиргэ умса баран түһээхтээбит.

– Адьас, бу баҕайы сиэри, манаан олорон, үрдүбэр түстэ дии санаатым, – диэхтиир capcыҥҥытыгар, тыгыластыы-тыгыластыы. – Оо, эчи, хас муҥун! Сүрэх да бааһа буолан өлүүһүбүт. Хор, саатар, кини киһини соһуппат гына сылдьыан бэрт буоллаҕа, күнүс да куттуура сөп этэ, киниэхэ…

Микииппэр оҕонньор олоҕун барытын эргитэ санаата бу күннэргэ. Ийэтэ сүүрбэ иккитэ оҕоломмута үhү. Онтон иккиэйэх эрэ ордон хаалтара. Балтынаан. Балта туспа улууска эргэ тахсан барбыта быдаарыйда. Сураҕа, аҕыйах сыллааҕыта өлбүт курдук этэллэр. Хас да оҕолордоох үһү, бадаҕа. Ийэлээх аҕата, Микииппэр отучча саастааҕар, ыал буолбутун кэннэ, биир сылынан быысаһан өлбүттэрэ. Ол аата түөрт уонча сыл буоллаҕа. Онтон ыла бy өтөххө эмээхсининээн иккиэйэҕин олороллор.

Бy дойдуга, үрүйэ-харыйа быыһыгар, от элбэхтик үүнэр. Онон, үлэни-хамнаһы кыайар эрдэҕинэ, урут үгэннээн, кыралыын-улаханныын сүүрбэччэҕэ чугаһыыр сүөһүлэнэ сылдьыбыта. Бу билигин, аччаан, алта-сэттэ сүөһү хаалан турар. Кыайбат-хоппот дьоҥҥо ол да сөп. Сааһыгар бэдэрээккэ да киирбэтэҕэ, бэдэрээккэ киһи кэпсэппитэ да суох. Бэйэтин бэйэтэ хоп курдук көрүнэн, баччаҕa кэллэ.

«Caҥa былаас кэллэ, хамначчыттар былаастара!» – дэһэ-дэһэ сүпсүгүрэллэр. Ол Микииппэр оҕонньорго туох буолуой – кини хамначчыттаабатах киһи, кини былааһа буолбатах. Былырыын сайын, нэһилиэккэ киирэ сырыттаҕына, ыҥыран ылан, саҥа тойоҥҥо киллэрэ сылдьыбыттара. Онтукалара Торулла уолун уола Намыын эбит этэ.

– Оҕонньоор, баайдартан үчүгэй сирдэрин былдьаан ылан, кыра-хара дьоҥҥо түҥэтэн эрэбит. Эйиэхэ сир наада дуо, хайа баҕарар алаастан, хочоттон биэриэ этибит, – диир.

Ол сирдэрин ылан, кини тугу гыныай, xahaн кыайан оттоору дуу, хайаары дуу? Киниэхэ бэйэтин сирэ элбэх. Бэйэтин иннин көрүннэҕинэ, ол да сөп киниэхэ, кырдьаҕас киһиэхэ.

Онто кыайтарымаары гынна быйыл ити. Taҥapa – атаҕастаабыта дуу, хайаабыта дуу – оҕону киниэхэ анаабатах. Эмээхсинэ урут үстэ оҕолоно сылдьыбыта, үһүөн өлбүттэрэ. Оо, кэнники оҕото үчүгэй да барахсан этэ…

Онон эмээхсининээн кинилэр өллөхтөрүнэ, бу өтөх эстэр. Таҥара, оннук атаҕастаан баран, онто итэҕэс буолан, бу туора дойду кыылынан накаастатан эрдэҕэ. Ити кыыл, бачча булан баран, хайаан даҕаны тугу эрэ оҥорон apaҕapa буолуо. Эмээхсинин ити куттаан икки, соһутан икки суорҕан-тэллэх киһитэ оҥорон эрэр. Бэйэтин, оттон атаҕастаабыт буруйдаах кини ааттаах дии, хайдах дьаабылыыр. Тыыннаахтыы тобулута тоҥсуйан өлөрөр дуу, хайыыр?.. Оо, киһи эрэйдээх, олордоҕуна олорор. Кырдьар-буорайар сааһыгар маннык эрэ өлүүгэ-чааска тиксиэм диэбэт этэ.

Ити кыыл буулаабатаҕа буоллар, туох да муҥа-таҥа суох нам бааччы олоруох дьон…

Биирдэ, күн киириитэ, оҕонньор атын аһата сырыттаҕына, тойон кыыла хайдах эрэ дьигис гынан хамсаан ылла, үөһэнэн балаҕан диэки, биир сири тонолуппакка, иҥсэлээх баҕайытык тобулу көрөн олорбохтоото, онтон биирдэ «дук» гынан баран, олорор мутугуттан, кынатын сараппытынан, соҕотохто аллара ыһыктынан кэбистэ, сиргэ чугаһыах курдук гынан иһэн, өрө охсон ылла уонна ол курдук үөһэлээбэккэ эрэ, көтөн налыҥныы турда.

Oҕонньор өйдөөбүтэ, кыыла балаҕантан эмээхсин, кини киэһээҥҥи аһылыгын уура тахсыбытын көрөн, ону кэтэһэн олорон, киниэхэ утары көппүт эбит.

Хотой босхолообутугар өрүсүһэн, Микииппэр оҕонньор, тоҥуу хаары кэһэн, тэҥкэ тиитигэр тиийдэ. Өөр одуулаан турда, тэйиччинэн тула эргийдэ. Бу өйдөөн көрдөҕүнэ, кырдьыбыт, баараҕадыйбыт да эбит тэҥкэ тиитэ. Лабаалара бадьырыттан, бу суоннарын, бу модорооннорун!.. Бэйэтэ, хайдах эрэ, өлбөөрөн, өһөн хаалбыт курдук, көмнөххө баттатан, бэл, нүксүйбүккэ дылы буолбут. Урут, оо, сыбыдыал, намчы, нарын да курдук саныыр этэ. Кырдьыыга кини эмиэ бэринээхтээбит. Тойон кыыл ол иһин буллаҕа кинини. Көһүөркээбитин, баараҕадыйбытын иһин, уруккутун курдук дьылыгыр, имиллэҕэс эбитэ буоллар, кинини булуо, сөрүөстүө суоҕа этэ.

Собо уола Микииппэри эмиэ кырытыннаран, атаҕастаан кэлэн олордоҕо, бу тойон бэйэлээх кыыл. Эдэрин, эрчимин үрдүгэр сылдьара эбитэ буоллар, ону билиэ, толлуо, торуллуо этэ.

Оо, кырдьаахтаабыккыт, Собо уола Микииппэр оҕонньор, тэҥкэ тиит доҕоргунаан иккиэн!

– Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиитим!.. – оҕонньор, иһиллэр гына ботугураан баран, аа-дьуо, умса туттан, кыбыытын диэки саллаҥнаата.

Ити курдук, оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ, күүс өттүнэн үөһээ халлаантан түһэн кэлэн, хос айах адаҕата соҥнонон кэбистэ. Аны, бу сиэмэх кыылы бу дойдуттан ыыта сатыыр туһунан санаабакка, хайдах эмэ гынан этэҥҥэ кыстатар, өлүүнү-алдьархайы таһаарбата буоллар диэн, ол кыбыстыытыгар ыллардылар. Онон, эттэрин-астарын харыстаабакка, ааттаһар-көрдөһөр икки, айах тутар икки аатыгар бардылар. Көтөрдөрө ол аайы эр ылан, киһиэхэ кыһаммат, бэл диэтэр, аска иҥсэрдэҕинэ, дьиэ ааныгар кытта кэлитэлиир буолан истэ.

* * *

Ахсынньы ый аан тумарык тымныыта, сылаас хааннаах бииһин ыбылы харбаан, тиийэн кэллэ. Хотойдоро түүнүгэр үөлэс төрдүн сылаас тыыныттан арахпат буолла. Киэһэ-сарсыарда аһыырыгар, киһи эрэ буоллар, били, урукку бэйэлээх дохсун, хоноҕор көрүҥэ уурайан, аччаан-түүрүллэн, төбөтүн саннын иһигэр ныкыччы тардынан, илибирии-салыбырыы олорор буолан хаалла.

Эмээхсин ону көрдөҕүнэ, сэтэрии саныырын быыһыгар, ханна эрэ ыраах, дууһатын түгэҕэр, бэйэтиттэн да кистээн, аһыныы кыыма кылам гынан aahap. Оттон тэйдэр эрэ, «син киһиттэн ордуга суох, холоон да эрээригин…» диэх курдук абалаах санаата хат күөдьүйэн киирэр.

Ол эрээри оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ ол хорсун кыыл бэйэтин yhуннук сэнэттэрэ барбатаҕа.

Куолутунан, эмээхсин биирдэ сэргэтин төрдүгэр кыылын киэһээҥҥи аһылыгын илдьэн ууран баран, муус уурар лаабыһыгар барыан иннинэ, улахан мууһу көтөҕөн киллэрээри, урут балаҕанын аанын тэлэччи аһан, бэлэмнээн кэбиспитэ. Онуоха тойон кыыла көтөн сабыкыччыйан кэлэн, аһылыгар кыһаммакка, балаҕан иннигэр сабдыс гына олоро түспүтэ уонна икки кынатын токуруччу өрө ыйаан таһаарбытынан, сүр баҕайытык моонньун уһатан умса дьүккүйэн баран, тиэтэл үлүгэринэн түөрэ-маары үктэммэхтээн, ahaҕac аан диэки дьулуруйбута. Икки кынатын уһугунан дьиэ сабараанньатын таарыйыахча буолан иһэн, онтуларын хомуйа тардаат, икки атаҕынан тэҥҥэ ортотугар биирдэ дугунан ылаат, аан модьоҕотугар тиийэн лып гына олоро түспүтэ. Аҕыйах чыпчылыйыы түгэнэ дьиэ иһин эриличчи көрөн ылаат, кини бэйэлээх, кынатын сараппытынан, балаҕан ортотугар биирдэ ыстанан кэбиспитэ – оҕордук даллайбытынан туран эрэн, атаҕын үрдүгэр чээчэлээн, дьиэ иһин сыныйан көрөрдүү, аа-дьуо биир эргиири оҥорбута, онтон толору оттуллубут көмүлүөк ohox уота, өрө бургучуйа олорор туман курдат, уҥа орон сыҥаһатын сырдаттаҕа буолуо – «мин аналлаах миэстэм бу баар эбит» диэбиттии, таҥара олоҕун аннынан, ол үрдүгэр ойон тахсыбыта. Сонно тута эргичис гына уот диэки хайыспыта уонна баҕыырдаах тумсун үөһэ соҕус туһаайан, көрөн эрилиҥнэтэн кэбиһэ-кэбиһэ, хамсаабакка ол курдук соруктаах аханнык олорунан кэбиспитэ.

Эмээхсин, тута кыылын кэнниттэн сүүрэн киирэн, аанын сабаат, ohox чанчыгар тымтык тыыра олорбут оҕонньорун кэннигэр түһээхтээбитэ. Микииппэр оҕонньор, эдэр эрдэҕинэ, тыа кыылын кытары эт илиитинэн киирсэр киһи сорсуннааҕа, сүрэҕин иҥиирэ билигин да баар эбит, өлөр-хаалар күҥҥэ үс бүк киирбэтэ, дьэ, ити буоллаҕына, хайабыт буолар диэн, уһун молойо быһаҕын бобо харбаабытынан өттүк баттанардыы, сутуругун ньилбэгэр ыга баттаан, умса нөрүйбүтүнэн, итини барытын сүүһүн аннынан саҥата суох одуулуу олорбута.

Баһырҕас, сааһын үгэнигэр сылдьар ыт, тайаҕы даҕаны, эһэни даҕаны куттаммакка үрэр бэйэтэ, бу тыҥырахтаах дуоланыттан этэ салаһан, остуол анныттан ойон тахсан, иччитигэр сөрүөстүбүтэ. Онтон эр ылбыт дьүһүнэ буолуо, арҕаһын түүтүн адаарытан, ньылбыйыаҕынан ньылбыйан, оргууй сыбдыйан, caҥa «ыалдьыкка» чугаһаан, ыраахтан туран, моонньун ууннара-ууннара, сытырҕаан көрбүтэ. Онуоха анарааҥҥыта, кини диэки хайыһан да көрбөккө эрэ, хантайбытынан олорон, баһын хамсаппытыгар, кутуругун кумуйбутунан, ohox кэннигэр түһэн хаалбыта.

Ол курдук, бу дьиэ иһигэр ким да тугу да гыммакка, таалан, бэйэ-бэйэни кэтэсиһэн, балачча кэмҥэ бары хамсааһын тохтоон хаалбыта.

Кэмниэ кэнэҕэс оҕонньор, сибигинэйэ соҕус гынан баран, кытаанахтык эмээхсинин соруйбута:

– Бар эрэ, таһаарбыт аскын киллэр!

Эмээхсин тугу диэн булбакка, мээнэнэн чугуруҥнаамахтаан баран, кэннин хайыһа-хайыһа, таһырдьа дьөгдьөрүс гыммыта. Ити икки ардыгар хам сыста охсубут хобордоохтоох ahын киллэрэн, оҕонньоругар уунан баран, саҥата суох, күүтэн турбута.

– Ити курдук тутан туруоҥ дуо, ириэр!

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2
  • 4.4 Оценок: 5

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации