Текст книги "Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит"
Автор книги: Василий Яковлев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 1 (всего у книги 6 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]
Василий Яковлев. Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит
Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит
Былыргы икки улуус ыпсыыта буолан, ыдьырыйа сабардаан сытар арҕас систэр кырбааттарын быыһынааҕы, аата-суола биллибэт биир кыракый үрүйэ хонноҕор, баай хара тыа бары отуттан-маһыттан соҕотоҕун уһулуччу чорбойон, үтүө бэйэлээх, баараҕай улахан тэҥкэ тиит, халлаан уорҕатын таарыйар курдук, ыраахтан көстөн, бэлиэ баҕайытык үүнэн, хоройон турара.
Тэҥкэ тиит анныттан, кыстык угун саҕа кыракый балаҕан элээмэтиттэн бу кинини кытары үрдүгү былдьаһан куоталаһа сатыырдыы, тохтоло суох күөх буруо өрө хоройон тахсан, күһүҥҥү халлаан чэбдик уорҕатыгар тэнийэ, симэлийэ тарҕанар.
Онтон атын чугастааҕы биэс-алта көс иһинэн киһи xapaҕap быраҕыллар атын туох эмэ бэлиэни, икки атахтаах баар сибикитин булбаккын.
Икки атахтаахпыт да диэхтээн, бу балаҕан сыыһыгар иккиэйэхтэр – Собо уола Микииппэр оҕонньор эмээхсининээн.
Оҕонньор, сомоҕо олоппоско балтараа чиэппэрдээх уһун молойо быһаҕын умса баттаан олорон, талах уктаах саары буолан хаалбыт эргэ игиитин дуомунан аалан мүлүктүүр. Эмээхсин, сып-сап курдук туттан, хаҥас диэки иһит-хомуос бэлэмниир, кыл күлбүһэҕинэн обургу соҕус чараас чугууннааҕын сууйан эргичиппэхтиир.
– Чэ, мин тиҥэһэбин уулатан тахсыым, – диир оҕонньор бэрт наҕыллык, холто буолбут сарыы сонун иһин түгэҕинэн кутаччы курдана-курдана. – Тоһуйа иһиккин-хомуоскун тahaapaap. Сүгэни кытары… Иккиэннэрин, – диэн, ааны аһан туран, эргиллэн эбэн эттэ.
Бүгүн халлаан дьэ тымныйбыт. Өҥөйө адаарыһан турар куула тииттэр быыстарыттан ып-ыраас күн тырымныы оонньоон тахсан иһэр. Бу иннинэ, бэҕэһээ-иллэрээ күн, кыстык хаар саҥа түстэ. Онон былыттаах нуһараҥ күннэр турбуттара. Бокуруоп ааспыта түөрт-биэс хонно, ол тухары кыстык, дьэ, бу саҥа кэллэҕэ. Дьыл быйыл хойутаата, онон мантан антах тымныйара буолуо. Собо уола оҕонньор эмээхсининээн бүгүн ол иһин идэһэлэрин өлөрөргө быһаарыннылар.
Уулаабыт cүөhү хаана кэлимтиэ буолар, онон өлөрүөх иннинэ идэһэни уулатан таһаарар ордук. Тиҥэһэлэрэ быйыл үчүгэй аҕай, онон сөп соҕус идэһэ буолар ини, куобах быыстарайдаатахха. Бу аҕыйах сылтан бэттэх сэрии туран, дьыл-күн уларыйан, аны бэйэни кэтэнэ соҕус аһаан-таҥнан олордоххо табыллар. Сэрии сут-кураан содуллаах диэн былыргылар этэр буолаллара.
Оҕонньор, санаатыгар аралдьыйан, ойбонун тэһэн, ыраастаан, тиҥэһэтин уулатан тахсан иһэн, кыбыытын кэтэҕэр турар тэҥкэ тиитин саҥа санаан, көрөн ылла. Көрөөт, соһуйан, дьик гына түстэ.
Били кыыла эмиэ кэлэн олорор. Эмиэ кини таптыыр тиитин төргүү мутугар кэлэн түспүт. Хайдах ааспат-арахпат баҕайыный ити? Барымаары гынар буоллаҕа дуу? Булбута син хас да хонно эбээт. Бүгүн үhүc күнэ дуу? Кини киһи былыкка-хаарга баттатан, сөҥөн олордоҕо дии санаабыта. Бүгүн баҕас бачча ыраас халлаан күн кини аттаныан сөп этэ, дойдулаах киһи дойдутун диэки. Toҕo муодатай ити?
Көтөр-сүүрэр барбыта быдаарыйда. Кини барыахтаах кэмэ ааһан эрдэҕэ. Туллук өйүөлэнэн, туллугу кытары аргыстаһан айанныыр диэччилэр, онтукалара Бокуруоп иннинэ төннөн ааспыттара.
Оҕонньор, олбуорун баҕанатыгар тиҥэһэтин баайа ту ран, кэннин хайыһан, кыылын эмиэ көрөн ылла. Кини далтан сүөһүтүн таһаарарыгар олороро эбитэ дуу, кэнниттэн кэлэн түспүтэ дуу? Киһиттэн толлубат баҕайы дуу, тугуй?
Дьиэттэн эмээхсинэ, иһит-хомуос тутуурданан, таҥкынаан тахсыбытыгар өс саҕа буолла:
– Хайа, бу тоҕо сыгынньаҕын сарайан таҕыстыҥ, тутан биэрбэккин дуо?
– Кэбис-кэбис! Бэйэҥ да оҕус ээ, баҕанаҕа сөрүү тардан бapaҥҥын, – дии-дии, эмээхсинэ дьиэтигэр дьөгдьөрүйдэ.
– Күтүр өстөөх… Хайа туһалаахха… Урут тутара ээ. Быйыл туох буолтай? – диэн, эмээхсинин мөҕө-мөҕө, оҕонньор сүөһүтүн охторуохха сөптөөх caҥa сир көрдөөмөхтөөтө.
Күрүөҕэ сыһыары турар кыайары хантаччы туттарбакка эрэ соҕотоҕун сатаан таба охсоро биллибэт. Урукку эбитэ буоллар син да этэ. Урукку эбитэ буоллар, икки сүгэлэнэн-хайаан тарбачыһыа суоҕа этэ. Эт эттиир сүгэтинэн тос гыннаран кэбиһиэ этэ. Билигин оҕонньор онтун астыммакка, маска туттар сүгэтинэн, арыый улахан дуу дии санаан, охсор санаалаах. Билигин урукку буолбатах, урукку аны ааһан эрдэҕэ эбээт!
Оҕонньор, олбуорун xaҥac диэки ааныгар тиийэн, сүллүгэстэрин түһэртээн баран, эт эттиир сүгэтинэн тоҥ буору сиритэ-хайыта дайбаан, чугуун олордор оҥхойун таһаарда. «Саатар тахсан иһит-хомуос сыҕарытыспат буоллaҕa үhү!» – диэн саныы-саныы, чугуунун, хобордооҕун аҕалтаата.
Тиҥэһэтин сиэтэн кэлэн, баһын томторуктуу эрийэ көтөн ылан баран, баҕанаҕа аҕалан, моонньун сөрүөһүннэри кирис өтүүнэн ыбылы тардан кэбистэ. Toҕo эрэ туой дубук-дабык туттар, аҕылыыр, ыгылыйар…
«Туох үөдэн буоллум, оҕолоор?» – диэн кыратык уоскуйа түһэн баран, хап-сабар идэһэтин эмискэ сүүскэ саайар. Тиҥэһэ эрэйдээх икки илин атаҕынан сөһүргэстии түһэр, охтуо эбит да быата ыыппат, хантаччы тута сылдьар. Оҕонньор, лаппыйан, иккистээн саайар, быатын төлөрүтэр. Cүөhү кырыытынан түһэн, түөрт атаҕын түүрэ тартаран, аҕыйахта салгыны хаһыйбахтаан хаалар.
Хаана чугууҥҥа балачча сүүрбэхтээбитин кэннэ, эмээхсин, дьэ таҥнан, алтан олгуйдаах, хомуостаах-тойдоох тахсан кэллэ.
– Дьэ, ити туох буолаҥҥын, кыыс оҕоҕун киллэрэҥҥин дьиэҕэ сүүрэ сылдьаҕын? – диэтэ оҕонньор.
– Күтүөр, оттон сааһыран истэҕим аайы кэбирээн иһэбин. Тулуйан көрбөт буолан хааллым. Чыычаахтарбын аһынарым, таптыырым да бэрт, доҕор, оҕо туттан кэбиһэбин быһыылаах.
Микииппэр оҕонньор илиитин салааһына кэм да баар эбит, имигэс-имигэстик туттумахтаан, бокуойа суох салыкынатан, начаас үлүгэр сүөһүтүн иһин хостуу охсон кэбистэ. Арай биирдэ алҕас туттан, ханнын быһах уһугунан таарыйан кэбиһэн, эмээхсиниттэн мөҕүллэн ылла.
Ол туран тоҕо эрэ санаата били тиититтэн арахпата. Иккитэ-хаста, кэннин хайыһа охсон, көрөн ылаттаабыта, кыыла кинилэр диэки харах буолан баран хамсаабакка сөҥөдүйэн олорор.
Ону бэлиэтии көрөн, эмээхсинэ эмиэ сэмэлээтэ:
– Хайа үөдэн буолан элэпэччийэн хаалла, оҕолоор? Тугу маныыгын итиннэ?
Микииппэр туох диэҕин булбакка, мух-мах барбахтаан баран, өй ылан:
– Ээ, Баһырҕаспын көрөбүн ээ. Ханна түһэн хаалла? – диэтэ.
– Күтүөр, оттон дьиэҕэ хаалбатаҕа дуо?! Билигин тахсыһаары гыммытын таһаарбатым. Күтүр, түөһэйээри гыммыт дуу, оттон быһах сытыылыырыҥ саҕана, соторутааҕыта бэркэ таптаһан, кэпсэтэн эрэргит дии.
– Ээ, арба, оннук этэ дуу… – диэтэ оҕонньор быһаарыыта суох. – Хата, киирэн таһаарбаккын ээ, манна сээкэй илии-атах салаһыа этэ, бачча астан-үөлтэн.
Оҕонньор, аны тула көтө сылдьан, атахтарын иҥиирдээн дьырылатта, сүһүөхтэрин бысталаата, ол туран биирдэ, сындааһын иҥиирин быһа анньан кэбиһэн, эмээхсинин хаһыытатта. Бэйэтэ да аһыйда. Аны субатын ыытымаары киччириһэбин диэн тириитин хас эмэ сиринэн бааһырдан кэбистэ. Онон эмиэ санаата алдьанан барда. Хайдах буолан бүгүҥҥү хамсаныыта наар илии таһынан буола турарый? Ыгылыйара бэрт. Туохтан бу айылаах ыгылыйарый бу кини?
Баһырҕас тахсан, ээр-сэмээр кэтэһэ сылдьан, икки иччитэ туох быстаҕы-остоҕу быраҕан биэрбиттэрин харайа сырытта. Тотто да быһыылаах, кэнникинэн салбана-салбана, сытынан кэбистэ. Ханныларын сааҕын, маҥырыырын эҥин олбуордарын таһыгар быраҕаттаатылар. Оҕонньор олору биир сиргэ чохчолоото.
Эмээхсин иһин ырытан бүтэриитэ, оҕонньор, сүөһүтүн астаан бүтэрэн, ампаарын иһигэр сабыс-саҥа сыа хаары кылбаччы кутан баран, этин миэстэ-миэстэ салаасканан тиэйэн илдьэн, тарҕата быраҕаттаата. Төбөтүн, тириитин, туйахтарын харайталаата. Истэрин үксүн дьиэҕэ киллэрдилэр, үчүгэйдик, уу сылытан-хайаан, наҕылыччы ыраастаатылар.
Ол икки ардыгар эмээхсин, үөc тардары уган, кыра күөһүн уокка уура оҕуста. Оҕонньор таһырдьа тэлгэһэтин ыраастаата, ол-бу хааны-сиини, куһаҕаны хомуйталаата, иһити-хомуоһу дьиэҕэ таһыталаата. Ол сылдьан хараҕын тиититтэн араарбата. Кыыла, хам-түм төбөтүн хамсатан, тумса килбэс гынан ыла-ыла, олорор.
Киирэн, оччо саҥата-иҥэтэ суох, уку-сэки соҕус ahaaтылар. Күн киэһэрэргэ барда. Онон оҕонньор тиэтэйэ-саарайа далыгар тахсар, сүөһүлэрин уулатар, эмээхсин иһин өрүсүһэр, сууйар-тарыыр буолла.
Оҕонньор тахсыах буолта – ааныгар Баһырҕаһа кэлэн, кэннинэн ыга анньыллан олорор эбит. Ону мөҕө-мөҕө, халҕанынан курулаччы үтүрүйэн, таһырдьа тахсыбыта, арай ыта aтaҕap сөрүөстэ сылдьар, кутуругун кумуччу туттубут, иһиллэр-иһиллибэт гына иһигэр ыйылаамахтаан ылар.
– Баҕайы, хайа үөдэн буолтуй, доҕоор? Дэлби ону-маны маҕыйан, иһэ адаарыйдаҕа дуу тугуй? – дии-дии, аанын сэгэтэн баран, ытын атаҕынан үтүрүйэн, иһирдьэ анньан кэбистэ.
Чигдитигэр аҕыйах атылы oҥopooт, cohyйан, чохчорус гына түстэ. Олбуорун хаҥас өттүттэн, хаар бөҕөнү сахсыйбытынан, күтүр бэйэлээх көтөн быластаан тахсыбат дуо?
– Оо, айыым таҥарам! Бу күтүрү, бу күтүрү! – дии-дии, чохчорус гына-гына, икки илиитинэн өттүгүн таһыйа турар эбит Микииппэр оҕонньор биирдэ өйдөнөн кээлтэ.
Һуу! Сүрэҕэ мөхсүбүт, уйулҕата хамсаабыт да эбит. Бу туох айылаах буолан бачча соһуйдаҕай, уолуйдаҕай? Бачча сааһыгар диэри урут маннык дьаабыламмытын өйдөөбөт этэ эбээт! Туох эмэ битэ-билгэтэ буолуох бэйэтэ дуо?.. Пахайбын да! Үтүө көтөр ааттаах буолан баран, аны элиэҕэ-тураахха дылы киһи бырахпыт куһаҕанын хомуйса сылдьар дуу? Күтүр, туох аанньа кэмэлдьилээх баҕайы сылдьар үhүө, итинник буоллаҕына… Оо, айыым таҥарам! Аанньаҕа өҥөйбөтө быһыылаах бу хара түөкүн мин тиэргэммин! Аанньанан арахсан биэримээри булла быһыылаах!
Оҕонньор, аҕылыы-аҕылыы, олбуорун ааныгар өйөнөн турда.
Ол икки ардыгар тойон кыыла, ырааппакка санньы көтөн нэлимнээн кэлэн, иннин күөйбүт курдук, далга барар суолун чэригэр дагдас гына олоро түстэ.
«Бу күтүрү, доҕоор! Ити хайдах-хайдах буолар быһыытай? – дии санаата оҕонньор, ону көрөн туран. – Аны уҥуох туттараары сыҥалана сылдьар баҕайы эбит буолбаат!»
Былыр инньэ диэни истэр этэ. Ол онтон, хайдах эрэ, арыый чэпчии быһыытыйда: «Бэйи, ити буоллаххына, хайыыр эбиккиний, мин эйиэхэ оргууй чугаһаан көрүүм. Оттон сыҥаланан олорор күннээх буоллаххына, саабын таһааран көрүөм буоллаҕа».
Микииппэр, оргууй сүллүгэс быыһынан кыбыллан, олбуорун аанын тахсаатын кытта кыыла, саараабыт курдук дугдуҥнаамахтаан баран, көтөн налыҥнаан тахсан, били урукку тиитин төргүү мутугар тиийэн, суодас гына хатана түстэ. Уонна моонньун ньыкыччы тардан, төбөтүн бүтүннүү көхсүгэр эргитэн баран, хамсаабакка кинини одуулуу олордо.
«Бөрүкү уҥуох туттарарга кыһаллыбат тойон ээ, быһыыта…» – диэн саныы-саныы, оҕонньор, далыгар тиийэн, cүөhүлэрин таһаартаата. Кыбыы иһигэр, аҥаар муннукка долборук оҥорон, онно тутан турар, миинэр атын сиэтэн таһааран, ойбон диэки сукуҥнаата.
Атын уулатан тахсан иһэн көөртө, көтөрө мааҕын түспүт мутугар хамсаабакка олорор. Киһи чугаһаан иһэр диэн бэрт кыһаллыах быһыыта биллибэт. Кыбыы иһигэр киирдэххэ, тиитэ онтон чугас, саа эрэ тэбиитэ бадахтаах да, дьэ, кини ол курдук кыһаллыбат. Ньылбыйыаҕынан ньылбыйан баран, лыксыйан олорор. Атыгар кыратык от быраҕан биэрээри оҕонньор атырдьаҕынан, санаатыгар, куттанар эбит дуу, суох дуу диэн, холуон соҕустук хамсаныталаан ылла да, анараата дьигис да гынан көрбөтө. Үөһэ баҕайы сараадыйан тахсыбыт атырдьахтаах да от кинини куттаабата. Ол курдук, тойон кыыла олорбут сиригэр олорон хаалла.
Оҕонньор, сүөһүлэрин киллэрэн, баайталаан баран, балаҕаныгар ааһан, саҥата суох, кэтэҕиттэн тардыстан, оронугар сыппахтаата. Эмээхсинэ, хаан кутан, буһара охсоохтообут.
– Хайа, оҕонньоор, ыарыйдыҥ дуу тугуй? Дьэ, баар суох дьоро киэһэбитигэр тоҕо тылгыттан маттыҥ? – диэн эмээхсин аһыы олорон, санаата батарбакка ыйытта. – Этэҥҥэ олорор буоламмыт, син бэйэбитин көрүнэн, сүөһүлээх-астаах аатыран, бу идэһэ өлөрүннэхпит диэн бу киэһэни быһа испэр үөрэ сылдьабын. Бээ, быйыл ыал эрэ идэһэлэммэт дьыла буоллаҕа буолуо бука.
– Сол! Мээнэ саҥарбакка сүгүн олор! Бар, хата, уоккар аста биэр! – оҕонньоро быһаарыыта суох хадьыаскаланан кэбистэ.
Киэһэ оронун эрдэ булла. Эмээхсинэ утуйарыгар ытын таһаараары гыммытыгар бардьыгынаан тоҕо барда:
– Хоннун дьиэҕэ! Таһаарыма!
– Анньыа-аньы! Күтүр, утуйан оҥторбокко сытар эбит дуу аныаха диэри. Бу үйэҕэ таһырдьа хонор этэ дии оттон. Эккин-аскын барытын харайбытыҥ буолбат дуо? Баҕайы, хайа-хайа үөдэн буолтуй, оҕолоор? – дии-дии, эмээхсин аанын хатаан халыгыратта.
* * *
Сарсыныгар Микииппэр оҕонньор эрдэ турда. Аанньа утуйбакка эт-этэ бүтүннүү көһүйбүт, төбөтө дьалкыҥнас. Уотун оттон, чэйин өрөн баран, тахсан хонук маһын эрбээтэ. Тымныы күүһүрбүт, тыас-уус уорааннаммыт. Сулустар дьиримнэстэр. Халлаан сырдыыра буолбут, Үргэл apҕaa тыа төбөтүгэр санньыйбыт. Ити аата бу унньуктаах, аҕыс ыйдаах кыһыҥҥы хонуктан эмиэ биир хонугу көҕүрэттэхтэрэ. Ол устатын тухары эмиэ хонук ааҕан кылахтаһар, ыйы, сулуһу кэтиир-маныыр дьарыгар түһүөхтэрэ буоллаҕа. Ыарыыга-сүтүүгэ, ол-бу дьаллыкка ылларбакка, быйыл кыһыны этэҥҥэ туорууллара буоллар…
Баҕайы кыыл бөлүүн ханна эмит дьүгэлийдэ буолла, суоҕа буолла?..
Оҕонньор, хонук маһын салааскаҕа соһон аҕалан, балаҕанын аанын тэлэччи аһан туран, иһирдьэ тамнааттаата. Дьиэ иһэ туман оргуйда. Эмээхсин, туран тэмтэриҥнээн кэлэн, ол хардаҕастары ohox кэннигэр кыстаста.
Суунан-тараанан, хаһан аһаан-сиэн бүтүөхтэригэр диэри, халлаан күндээриччи сырдаата. Caҥa xaap түһэн, бу тыа ыалыгар caҥa түбүгү-садьыгы үөскэттэ. Оҕонньор отун-маһын тиэйиэ, сохсотун туруоруо, туһахтарын бэрийиэ, эмээхсин хотонун сыбыахтааҕа. Онтон да атын, син тус-туһугар үлэ-хамнас тиһигэ суох күөдьүйэн тахса турдаҕа эбээт, бачча кыстык кээлтин кэннэ таах олорор диэн кэлиэ баара дуо?
Оҕонньор таһырдьа тиитин көрбүтүнэн тахсыбыта, кыыла олорор. Туох сатананый, доҕоор! Баатыгарын итиннэ олорон эрэ чөккүйэн хаалбыт буоллаҕа дуу? Чуҥнаан, били бэҕэһээ идэһэлэрин куһаҕанын быраҕаттаабыт чөмөҕүн тиийэн көрбүтэ, туох да суох гына имири сотон кэбиспит. Суолуттан көрдөххө, сарсыарда дьаһайбытыгар сөп. Баһырҕас эрэйдээх онно чугаһаабатах даҕаны.
Собо уола оҕонньор ону көрөн бу кыыл кини ордуутун барбат гына булбутун биллэ.
Далыгар тиийэн, сүөһүлэригэр от тарҕатан баран, оҕонньор, дараҕар муостаах ала оҕуһун миинэн, мас тиэйэ таҕыста. Кэнниттэн Баһырҕаһа батыста, иллэҥ кыайар тугу гыныай? Балаҕана, күрүөтэ-хаһаата көстүбэт буолтун кэннэ, сол курдук тиитэ барахсан куолутунан сайыһа, атаара хаалаахтаата.
Ити курдук бу Микииппэр оҕонньор киһини билэр буолуоҕуттан сэттэ уончата буолуор диэри, кинини хас төгүллээн атаарбыта, эҕэрдэлии көрсүбүтэ буолуой, ол баараҕай улахан тэҥкэ тиит? Ол тухары сааһырбыта, кэхтэ барбыта биллибэт. Син биир чэбдигин курдук чэбдик, кэрэтин курдук кэрэ.
Бу лиҥкир сис ортотугар соҕотоҕун үөскээбит, соҕотоҕун киһи-хара буолбут кырдьаҕас киһи аата-ахса суох элбэх тииттэртэн ол соҕотох тиити таптыы, доҕор тутта үөрэнэн хаалбыт. Урут, эдэр кэмигэр, ыраах нэһилиэккэ, айаҥҥа эҥин сылдьан, уһаан-тардыллан баран, төннөн иһэн аан бастаан ол маһын көрдөҕүнэ, чэпчии, сүргэтэ сылаанньыйа түһэрэ: ол аата дьиэтэ-уота, кэргэнэ бары этэҥҥэ буоллахтара, этэҥҥэ олордохторо. Ол туһунан ыраахтан далбаатыы, үөрэ кэпсиир курдуга тиитэ барахсан. Туохтан эмэ хараастар, мунчаарар күннээх буоллаҕына, санаатыгар, тиитигэр үҥсэрэ, аһыытын-абатын суланара. Оччоҕо кэҥээн, сэргэхсийэн кэлэрэ.
Бу аар тайҕа ортотугар бэйэ-бэйэбитин өйдөһөр ибис-иккиэйэхпит диэн санаатыгар тиитин ымыы оҥосторо.
Ханнаный онто билигин? Тойон кыыл дугуйданар тиитэ буолан хаалла. Бу үс-түөрт хонуктан бэттэх арай кини туһунан өйдөөн кэлиэ эрэ кэрэх, хайаан даҕаны даҕаспытынан тойон кыыл туһунан санаа киирэр.
Хайа дойдуттан кэлбит баҕайы буолла? Айаннаан иһэн, хойутаан хаалан, быстарбыт баҕайы эбитэ дуу, ыалдьан кэлэн олорор дуу? Кинилэр да ыалдьар эттээх үөдэннэр инилэр? Бэйэбэр дылы кырдьан моорук буолбут кыайар эбитэ дуу? Оччоҕо кырдьыбыт кыыл yҥyox туттарыахтаах этэ диэн буолар…
Чэ, ханныгын да иһин чугастааҕы көтөр буолбатар сөп. Бу эҥээр Аабылаан сиһигэр биир уйа баарын билэр да, бу олортон буолбатах. Быйыл олор биир оҕону көтүттүлэр быһыылааҕа. Олор бу көтөрдөөҕөр быдан дьоҕуска дылы буолан көстөллөрө.
Бу кыыл дьэ муода моһуоктаах кыыл буолар буолла. Аны кэлэн, бачча тымныыга ылларан баран, барбат. Соруйан булаары булла дуу? Былыр, бэрт өрдөөҕүтэ, биир ыалы буулаан, ыттары-мааскалары[1]1
Мааска – куоска.
[Закрыть], сүөһүлэри-бэйэлэри имнэри эспитин туһунан аҕата оҕонньор кэпсиир буолара. Оттон адьас соторутааҕыта, өссө кини төрөөбүтүн кэннэ курдук, Бадаам уола Маппый оҕонньор таайа ааҕы буулаан, үстээх кыыс оҕолоохторун харахтарын ортотугар былдьаабытын, уончалаах уоллара тартарар ыарыынан ыалдьан өлбүтүн туһунан истэрэ. Оо, оннук эрэ буолбатын. Туох айыыны-буруйу оҥорон, кырдьар сааһыгар билигин кэлэн, оннукка түбэһэр үhүө кини?
Собо уола оҕонньор ити санаатыттан бэйэтэ куттанна, иэнэ саласпахтаата.
– Буулуур кыыл түбэспэтэх буоллар үчүгэй этэ. Айыым таҥарам! Оннук эрэ буолбатын… – диэмэхтээтэ.
Биир суон куруҥаҕы охторон, бысталаан, бүгүн иккитэ кырынна. Үсүһүн тахсыа эбит да, ордук хараҥаҕа ылларыыһыбын диэн итиэннэ этэ-хаана дэлби көһүөркээн, оҕонньор буолбата, иһигэр кыылыттан да сибиэркии санаата быһыылаах.
Киэһэ күөс буһарын күүтэ, уотун иннигэр саҥата суох аргынньахтыы олорбохтоон баран, эмээхсинэ хотонуттан ынаҕын ыан тахсыбытыгар, көхсүн этиппэхтээн баран, сөҥ куолаһынан:
– Эмээхсиэн, тугу билэн-көрөн олороҕун? – диэтэ.
– Суох! Атын күтүр! – диэн эмээхсинэ соһуйан татыаккалыы түстэ. – Тугу биллэрээри-көрдөрөөрү гынныҥ? Бу күтүр хайдах-хайдах буолар, оҕолоор! Хата, киһини куттаатаҕа үһү! Туох буолан дэлбэритэ ыстана олорор?
– Ити кыбыыҥ кэтэҕэр баар улахан тиити өйдөөн көрөҕүн дуо?
Эмээхсин, оҕонньорун дьиктиргээн, балачча саҥарбакка гынан баран, оонньуу оҥостубатын билэн, хоруйдаата:
– Билэн. Онно туох баарый?
– Тойон кыыл арахпат буолла ээ, эмээхсиэн, онтон.
– Тойон кыыл да? – эмээхсин, эмиэ соһуйан, хаһыытыы түстэ.
– Кэлэн олорбута бүгүн төрдүс күнэ бүттэ.
– Бу симиэт оҕонньоро уон араас буолан эрдэҕин көр эрэ! Иирээри гыммыт дуу, киһинэн оонньуур дуу? Бу бачча кыс хаар ортото ол хантан кэлбит кыыл олорбут үhүө?! – эмээхсин, оҕонньорун мөҕөн кутаалаамахтаан баран, кэлин сымнаата. – Сорох күнү быһа киирэр-тахсар да, суох, көрбөппүн дии. Хайа, хараҕыҥ иирэрэ буолаарай?
Оҕонньор эмээхсинэ этэрин истибэт курдук кэпсии олордо:
– Барбат кыыл булбут быһыылаах. Санаа-оноо бөҕөҕө баттаттым. Түүн аанньа утуйбат буоллум. Түүл-бит да бөрөкүтэ суох. Хайдах-хайдах кыстаан туораахтыырбыт буолла быйыл?
– Айыыны caҥapбa, күтүөр! Эн биһигиттэн, аны кэлэн, туохпутун булан сиэри манаан олорор үһүө? Барардаах-кэлэрдээх буоллаҕына, бараа-кэлээ ини.
Онтон киэһэ оҕонньор муннунан да, айаҕынан да тыыммата. Арай утуйарыгар таһыттан Баһырҕаһын ыҥыран киллэрдэ. Аанын хатыы туран:
– Күнүс киһи cyoҕap, сэрэнэн, далгар хараххын быраҕа сылдьыаҥ этэ. Ытыҥ хааллаҕына, ыккын эмиэ көрө сырыт, – диэтэ. – Уонна, бaҕap, түбэстэххинэ, куттуу, дьаҕарыйа, боотурҕаһа сылдьаайаҕын… Бу икки атахтан кини күлүгүн быһа хаампыт суох буолуо. Дэлэҕэ көтөр кынаттаахтар ыраахтааҕыларынан аатырыа дуо? Сырыттын талбытынан. Биһигини бэйэбитин эрэ тыыппатын. Сүөһүбүтүн-аспытын аймаабата буоллар абырыа этэ.
* * *
Сарсыныгар Микииппэр оҕонньор эрдэлээн, атах тардыстаары, атын көлүнэн, сохсо туруора тахсан баран, хараҥа буолтун кэннэ ыкса киэһэ киирдэ. Өссө тыа быыһынан балаҕана элэҥнээн көстөр сиригэр кэлээтин оһоҕун үөлэһин одуулуу сатаата да, тоҕо эрэ кыым кытыастыбат. Түннүккэ даҕаны уот-күөс баар сибикитэ биллибэт. Ону төһө да атыҥырыы санаатар, сыарҕатын туруохтаах сиригэр, кыбыытын айаҕар аҕалан тартарда. Атын сыбыдахтаата, тиистээх кымньыытынан кырыатын соппохтоото. Ол туран тиитин көрбөхтөөтө да, xapaҥa буолан, хараҕа тугу да быһааран араарбата.
Дэлби дьагдьайан, тиэтэйэ-саарайа дьиэтин ааныгар тиийэн, үгэһинэн кырыатын илбиммэхтээн, ыт үтүлүгүнэн сыарҕаҕа кэтэр сылгы тыһа этэрбэһин тэбэммэхтээн, «таарк» гына сыыҥтаамахтаан баран, атын сэбин-сэбиргэлин туппутунан, дьиэтигэр тарыллаҥнаан киирбитэ, дьиэтин иһэ хабыс-хараҥа, дьар курдук. Оҕонньор сүрэҕэ мөҕүллэҥнээн ылла. Баҕыаран хаалбыт тарбахтарынан оһоҕун чанчыгын харбыалаан, сыпсы булан, чох тарыйбахтаата. Оттуллубута быдаарыйбыт, аҕыйах кыһыл туораахтаах күл эрэ хаалбыт. Илиитин иминэн кыс муннуктан хардаҕастары ылаттаан, ohoҕop уурталаан эрдэҕинэ, эмээхсинэ оронугар эргийэр тыаһа суугунаата.
– Хайа, дьэ кэлээхтээтиҥ дуу? Өр да буоллуҥ!.. – диэтэ ынчыктыы-ынчыктыы. – Мин бу мааҕын күнүс охтубуппунан сытабын. Сэниэм суох букатын.
– Ол аата тyox буоллуҥ?
– Били кыылбыт сүрэхпин хайытан өлөрө сыста. Сарсыарда ээр-сэмээр көрүөлээн көөртүм да, ол балайданаммын таба көрүөм дуо, суохха дылы этэ. Өссө барбыт буоллаҕа диэх курдук санаабытым. Күнүс, чэйбин иһэн баран, сүөһүлэрбин уулата үүрэн киллэрбитим, арай ойбонноругар чугаһаан баран тураллар. Сиргэммит курдук үмүөрүһэллэр. Туох буоллахтарай диэн тиийэн көөртүм, доҕоор, били кыылбыт бэйэлээх бэйэтинэн ойбон бүүрүгэр олорор аҕай эбит ээт. Сүөһүлэргэ боотурҕаан, түөһүн өтөтүөҕүнэн өтөтөн баран, айаҕын аппаҥнатар. Бэрт кэбэҕэстик туораан биэриэ суох быһыылаах. Бу күтүрүҥ айаҕа киэҥин! Уонна кып-кыһыл, букатын тугу барытын биирдэ ыйыстан кэбиһиэх айылаах. Мин соһуйаммын ханна баарпын-кээлпин билбэт буолан хааллым. Арай биирдэ өйдөнөн кээлтим, кылана аҕай турар эбиппин. Кыылым, оол курдук көтөн намсыҥнаан тиийэн, били эн этэр тииккэр олорунан кэбистэ.
Мин уҥуох-уҥуоҕум халыр босхо, сүрэҕим эппэҥнэс, уолукпун тахсан бүөлээри хаайар. Төбөм буоллаҕына хайа бараары үллэҥнэс, мэйиим дэлби эргийэр. Сэниэм эстэн хаалбыт. Ойбоммун нэһиилэ сүүрдээн, сүөһүлэрбин уулаппыта буолан, баайталаан баран, бу кэлэн охтубутум да, оннук сытабын. Аны сүрэҕим дэлби өлөхсүйэр. Утатан ыксаан сытабын, чэ, уута аҕала тарт ыл!
Чаанньыктан тымныы уу кутан аҕаалтын, эмээхсинэ биир тыынынан түһэрдэ. Илиитэ сап-салҕалас, эт-этэ илибирэс. Өссө көрдөөн ылан истэ.
– Һyy! Абыранным даҕаны. Көхсүм кэҥээтэ даҕаны, – диэмэхтээтэ хаста эмэтэ. – Туох сордоох кыыла булла буолла? Сүөһүгэ бэриниэ суох. Өссө кыра сүөһүгэ боотурҕаан да турдаҕына көҥүлэ буолсу мантан антах. Дьэ уонна бу өйүн-мэйиитин эн көрүөҥ! Ойбоҥҥо уу баар диэн билэн, apaaha, уу иһэ киирбит быһыылаах. Эн тэһэн баартыҥ кэннэ балачча тоҥмут ээт, мин сүүрүнэн нэһиилэ алдьаттым. Көр эрэ, ону икки-хас сиринэн тумсунан тобулута охсубут. Apaaha, уулуу олордоҕуна, сүөһүлэр тиийдилэр быһыылаах. Бу өйүн-мэйиитин! Төрүт киһи курдук баҕайы сылдьар быһыылаах. Оо, уолуйдум, куттанным даҕаны! Адьас илэ сиэхсит кэлэн олорорун курдук санаатым. Туох үлүгэрин ити мин харахпар оннук сүрдэнэн-кэптэнэн көһүннэ буолла? Ыарахан тыыннаах баҕайы сылдьар ээ быһыыта. Ону кыайан уйбаккабын, бу айылаах кэбилэнним ини бүгүн…
Уот тигинэччи умайбытын кэннэ, эмээхсин нэһиилэ саллаҥнаан туран, ынахтарын сыппайа таҕыста. Урут тымтыгын бэйэтэ уматан киллэрэн, хотон тулааһынын хайа барбытыгар кыбытан, сырдатынар буолара. Бу сырыыга оҕонньоро, батыһан киирэн, тутан биэрдэ.
– Ыл эрэ, оҕонньоор, өйдөөбүччэ, ити Салбырҕаскын бигээн көр эрэ. Өрүү иэппэт буолан хаалла. Уолаары гынна дуу, хайа үөдэн, – диэтэ, бастакы ынаҕын ыан бүтэрэн, иккиһигэр көһөрүгэр. – Мин күн аайы талкыйабын да, өрүү билиннэрбэт. Тыыллан да биэрэр кутайан, эмээхсин киэнэ матаҕата да улахана бэрт.
Оҕонньор, тымтыгын баҕанаҕа кыбытан, саҥата суох ыаммыт ынах иһин, тиийэн, бигээмэхтээн көрдө.
– Һa! Бүөрдээбит дии.
– Э‑һээ! Айылааҕа оннук буоллун. Ол иһин быйыл эрдэ соҕус буолуохтаах этэ, – эмээхсин үөрэ түстэ, чэпчээбит курдук буолла. – Соморойуҥ, дэлби кылгыахтаан, аанньа уулаабат. Apaaha, тииһэ кылыа буолбут дуу ханнык эрэ. Көрөн, аалан биэриэҥ этэ.
– Ээ, ол былырыыҥҥыттан кыайан уулаабат. Оҕонньор кырдьаахтаатаҕа даҕаны. Аны саас арыый кыайар-хотор эрдэххэ, кунаны айааһаныллыа этэ. Оччоҕо үйэбитигэр тиийэр оҕустаныа этибит.
– Маҥаас кунанчааны дуо? Маҥаас кунанчаан, дьэ, оҕус бөҕө буолан тахсыа, доҕор!
– Соморойу аны сайыҥҥыттан кур ыытыахпыт. Дьыл-уот үчүгэй буоллаҕына, икки-хас сыл уотуохпут.
Ити курдук ону-маны баллыгыраһан, киирэн чэйдээтилэр. Бүгүн ньыха киэһэ – эт сиэбэт киэһэлэрэ.
Эмээхсин, оҕонньоро кэлэрин кытта балачча кэҥээн, дьэгдьийэн, тыл-өс киһитэ буола түстэ. Аны хотон иһинээҕи кэпсэтиилэрин салҕаан, аттарын сааһын, ыттарын сааһын ырыттылар, быһаарыстылар.
Түмүгэр, саҥата суох олорбохтоон баран, эмээхсин үөһэ тыынан ылла:
– Эрэйдээхтэр бааллара төһө сылга-хонукка бараарыбыт, баайбыт-дуолбут сыыһын барытын ырыттахпыт үhү. Киһи да күлэр ээ. Бүгүн оттон ити биир кыыл дьүһүнүн көрөөрү, сиргэ охто сыстым буолбат дуо, мин. Уонна баран ханна уһун уоппун оттуох баҕайыбыный бу?
– Чэ, бээ, алыс айманыма! – оҕонньор эмээхсини намыратардыы оргууйдук саҥарар. – Кини даҕаны айыы кыыла ини, баҕар айыынан арахсыаҕа. Таҥара да кыыла буоллаҕына, күн таҥара көрөн-билэн олорор ини. Туохпут иннигэр атаҕастатар-баттатар үhүө!
– Бэйи эрэ, оҕонньоор! – эмээхсин, туох эрэ өй киирэн, оҕонньорун диэки сыҕарыс гынна, аны ким эмит истиэ диэххэ айылаах сибигинэйэн киирэн барда. – Хайа, аны кыылбыт манньа дуу, толук дуу эрэйэр кыыл сылдьара буолаарай? Биир эмэ кырдьаҕаһы ыҥыран, сүбэ-таҥха оҥостон көрдөхпүтүнэ? Баҕар, көннөрү үтүө да тылы ылынаарай?
– Ким билэр, доҕоор! Чэ, бэйи, туох-ханнык буолан иһэр? Көрүллүөҕэ! – диэтэ оҕонньоро, толкуйдаан, балачча олорбохтуу түһэн баран.
Сытан баран, эмээхсин утуйан биэрбэтэ, быһа ынчыктаан, айалаан-дьойолоон таҕыста.
– Төбөм аҕай!.. – диэмэхтиир, этэ уот курдук да, – Ычча да ычча!.. – дии сытар.
Оҕонньор уотун дэлби отунна, була сатыы-сатыы, эмээхсинин барынан бары үллүйдэ, төбөтүн кэлгинэ сылдьар былаатын, тымныы ууга илитэн аҕалан, ыга тардан көрдө. Күттүөннээх көмө буолбата.
Оттубут уоттара бараныыта эмээхсин, арыый нухарыйыах курдук буолан иһэн, аны баттатан киирэн барда. Тоҥолохтуу-тоҥолохтуу, оҕонньоро ыҥырбытыгар нэһиилэ уһугунна. Онтон эмиэ өр утуйбакка эрэйдэннэ. Чэй аҕалтаран истэ, аны тиритэн, уу чаккырас буолан, үллүктэрин барытын ыллылар.
Ол курдук сытан, оҕонньор утуйан хаалбыт. Биирдэ эмээхсинэ өлөр хаһыытын хаһыытаабытыгар уһукта биэрдэ.
– Һуу! Бу туох үлүгэрэй! Туох накааспын накаастаата! Бар дьон абырааҥ! Оҕонньоор! Оҕонньоор! Һуу! Һуу! – дии-дии, илиитинэн далбаатана-далбаатана, хаһыытыы, өрө мөхсө сытар эбит.
Оҕонньор эргиллэ баттаан, эмээхсинин илиитин хам кууһан ылла уонна суос бэринэн бардьыгынаан тоҕо барда:
– Бэйи, аргыый! Туох үлүгэрэй, бу! Акаары киһи киэнэ барыта киһиттэн таһынан… Чэ, утуй булгуччу!
Эмээхсин, тоспун ыллым ээ диэххэ айылаах, ньим баран хаалла. Оргууй илиитин төлөрүтэн, аҕылыы-аҕылыы харбыйан хаалбыт түөһүн имэриммэхтии сытта.
Онтон эмиэ, түүн төһөтүгэр эбитэ буолла, ый-хай буолан уһугунна:
– Оҕонньоор, ыл, абыраа! Оҕонньорум оҕотоо, өрүһүй! Бу илэ сиэхсит, илэ-бодо кэлэн, тыыммын ылаары гынна. Ыл да-а, тура тарт! Уоккун отто оҕус! Һyy!
– Бээ-бээ, оргууй! Бардым-бардым, – оҕонньор эрэйдээх этиттэрбэккэ даҕаны атах сыгынньах, баркынан эрэ оһоҕор сүүрэн бадьаалаата.
Тиийэн, тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, салҕалас илиитинэн уот оттон хачыгырайда.
Эмээхсинэ биир кэм, тыынын былдьаһан өрө хаһыҥырыы-хаһыҥырыы, эппэҥнии, өрө уһуутуу сытта:
– Һyy! Бу тыыммын-быарбын ыган, бу сордоон эрдэҕин көрбөккүөт! Ээй! Киэр! Киэр буола тарт! Һyy! Һyy! Оҕонньоор, уоккун-уоккун!
– Отуннум-отуннум. Оргууйдаа! – оҕонньор, холумтаныгар умса түһэн сытан, уотун үрэн сирилэппэхтээтэ, ол быыһыгар бэйэтэ бэйэтигэр ботугуруур. – Өлүү эбит, доҕоор! Моһуогураары гынна эбээт бу эмээхсин.
Уот умайбытыгар эмээхсин оронугар туран олордо. Бураллан хаалбыт баттаҕын, төбөтүн кэлгиэтин иһигэр симмэхтээн, көннөрүммүтэ буола сатаата.
– Һyy! Хараҕым дьэ арыый сырдаатаҕа үhү. Бy күтүр өстөөх илэ-бодо кэлэ турар буоллаҕа үhү. Бэрт аанньанан араҕыа суох кыыл быһыылаах. Эчи, ааспата-арахпата да бэрт, харахпын симнэрбин эрэ кэлэ турар. Ыл эрэ, оҕонньоор! Эр киһи дуома буоллаҕыҥ, туох алгыстаах, туомнаах этигиний? Эһэҕин, айах тутан, ааттаһан-көрдөһөн көрбөккүн ээ?
Собо уола Микииппэр оҕонньор, туллаххай этэрбэһин быатын соспутунан сылдьан, чохообуллаах арыыны кытта лэппиэскэ тооромоһун аҕалан, холумтаҥҥа уурда, онтон ohox кэннинээҕи муннугу хасыһан-хасыһан, сылгы сиэлин сүүмэҕин булан аҕалла. Бэйэтэ, оһоҕун хаҥас чанчыгар талах oлоппоһу тардынан, уотун иннигэр умса нөрүйэн олорон, алгыс алҕаан ботугураабыта буолла.
– Аал уотум иччитэ Бырдьа Бытык, Сээркээн Сэһэн, Хатан Тэмиэрийэ тойон, – эһэтин үс хара бараан күлүгэр сүһүөхтээх бэйэтинэн сөһүргэстээн, хоолдьуктаах төбөтүнэн хоҥкуйан, үҥэн-сүгүрүйэн туран көрдөһөр.
Иэримэ дьиэтин иччитин иэнигиттэрбэтин, аал уотун амньыраттарбатын, үрүт өттүттэн үргүөрү биллэрбэтин, алын өттүттэн аргыары таһаарбатын, сымыыттааҕар бүтэйдик, балыктааҕар кэлэҕэйдик, уу нуураллык олорбут уһун олохторун уйгуурдубатын, дьаҥы-дьайыҥы таарыйтарбатын, ыарыыны-сүтүүнү ыаллаһыннарбатын диэн тойон эһэтиттэн тобуктаан, тоҥхойон олорон, тулаайах бэйэтэ көрдөһөр-ааттаһар. Айах тутан айхаллыыр:
– Аһаан-сиэн, сырдаан тур! Үөрэн-көтөн, мүчүйэн тур! Уруй буоллун! Тускул буоллун!
Инньэ диэн баран, уотугар Микииппэр оҕонньор үс сиргэ ас биэрэр, сиэл быраҕар.
Онтон үөттүрэҕин ылан, оронун иннинэн сири үс төгүллээн күөйэ көтөн баран, дьэ, нус-хас буолбут курдук сананан, сытынан кэбистэ. Уйгууран хаалан, онтон сарсыарда утуйбата даҕаны, эмээхсинэ, уһукта-уһукта нухарыйан, арыый намыраан, кэм сынньаммыт курдук буолла.
Дьэ, ити курдук, түүннэрин бэрт кыһалҕалаахтык, кыбыстыылаахтык туораатылар оҕонньордоох эмээхсин.
* * *
Эмээхсинэ, кэм арыый сэргэхсийэн, атаҕар туран, хотонун үлэтин бэйэтэ көрөр буолан хаалла. Кыыллара арахсыбата. Арахсыахтааҕар, эбии эр ылан, киһиттэн өрүү да күрэммэт буолан истэ. Күрдьүктэн арахпат. Сээкэй ас тобоҕун, уҥуох-иҥиэх тооромоһун таһааран тохтохторуна, манаан олорон, тута көтөн сабдыйан кэлэн, харахтарын ортотугар тоҥсуйбутунан барар буолла.
Онон иккиэн сүбэнэн, дойду сиртэн киирэн, биир эмэ кырдьаҕаһы көрдөһөн таһаарарга кэпсэттилэр.
Аҕыйах хонукка оҕонньор, эмээхсинин ыарыылыы-ыарыылыы, хас да хонуктаах отун-маһын бэлэмнэнэн баран, биир сарсыарда эрдэ туран нэһилиэктиир гына тэриннэ.
Oҕонньop атын көлүйэн бэлэмнээн, барар таҥаһын таҥнан баран, суорат сии олорон, эмээхсинигэр эттэ:
– Чэ, эмээхсиэн, үчүгэйдик олор. Сарсын киэһэ эргиллэн кэлэ сатаан көрүллүө. Ньахсаан оҕонньору көрдөһөн көрөр санаалаахпын. Таба тутабын дуу, суох дуу?
– Оо, ол Ньахсаан кырдьаҕас буолунан кэлиэ үhү дуо? Уонна, хайа, ойууннаан уурайбыт ааттаах этэ дии, былырыын бассабыыктартан дьарыллан.
– Уурайбат. Киһи ырбаахыны устан быраҕарын курдук бэрт дэбигис босхоломмот дьыалата буолуо эбээт. Наай гыннар, дүҥүрүн бырахта ини. Хайа, оттон бииргэ үөскээбит үөлээннээҕим буоллаҕа дии, тылбын ылынар ини. Кинини элбэхтик мискийбит урут суох… Хата, бээрэ, кыайыах буолларгын, борооскуларгын дьиэҕэ аһатыаҥ-уулатыаҥ этэ. Таһырдьа таһаарбатаргын ханнык. Ити баҕайы, киһи барбытын биллэҕинэ, тугу-тугу оҥороро биллибэт. Талах иһиккин абырахтаабытым, кууран-хатан, дьэ бэрт буолбут. Ыккын дьиэҕэр тут, наадатын эрэ эттэҕинэ, таһаара сырытыннараар. Уонна утуйаргар оронуҥ иннигэр сыпсыгын ууран хоноор, ымыы буолуо этэ.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?