Текст книги "Илэ барбыттар"
Автор книги: Елена Уран
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 5 страниц) [доступный отрывок для чтения: 1 страниц]
БИЛЛИБЭТ КҮҮС
Айылҕаҕа киһини дьулатар, уйулҕатын хамсатар биллибэт, быһаарылла илик дьикти күүс элбэх.
Кыра сылдьан дьоммун кытта сайылыкка сайылыы барсааччыбын. Сайылыкпыт кырдьаҕас, ытык сиргэ турар. Киһи мээнэ айдаарбат, саҥарбат. Мин онно уруккуттан олорор буолан, барытын билэр этим. Арай сайын аайы үлэлиир лааҕырга атын сиртэн кэлэр оҕолор билбэттэрэ. Биир сайын лааҕырдар сайылыгы аймаан, оҕолору «кырдьаҕас» куттаан турардаах.
Лааҕыр бүтэһик күнэ этэ. Бары үөрүү-көтүү, сайылык олохтоохторугар кэнсиэр көрдөрөөрү бэлэмнэнии, сүүрүү-көтүү бөҕө буолбуттара. Мин ийэбин кытта титииккэ киэһээҥҥи ыамҥа ынах ыы барыстым. Тиийэн оргууй аҕай ынахтарбын ыы олордохпуна, лааҕыр диэкиттэн хаһыы-ыһыы, күлүү-салыы бөҕө иһилиннэ. Дьиҥэ, лааҕыр сайылыктан син балай да тэйиччи турар. Биһиги ийэбиниин соһуйдубут аҕай. Мин оҕо буолан, эмиэ мэниктиэхпин, туох буолбутун билэ-көрө охсуохпун баҕарбытым. Ыксаабыт санаабар, ынахтарбын онон-манан ыан, сороҕун эмнэртээн баран, бүппүт саҕа сананан дьиэлээтибит. Тиийэн суунан-тараанан, аһаан-сиэн баран, лааҕыр оҕолоругар ыстанным. Тиийбитим, оҕолор бука бары таҥастара-саптара дьаабы. Бырааһынньыктааҕы остуолга олорон аһынан тамнааттаспыттар эбит. Мин оҕолору кытта кыратык оонньуу түһэн баран, дьиэбэр төттөрү бардым. Сотору буолаат сайылыгы биир гына муусуканы ыыра ыыттылар. Дискотекалара саҕаламмытынан барда. Ити курдук ол түүн тыас-уус бөҕө буолла.
Сарсыарда турбутум, дьиэм иһигэр ким да суох. Таһырдьа тахсыбытым, бука бары сонньуйбут, соһуйбут курдук мустан тураллар этэ. «Бөлүүн түүн сайылыкпыт „кырдьаҕастара“ лааҕыр оҕолорун куттаабыттар», – диэн кэпсэтэллэрин иһиттим.
Кэлин туох буолбутун оҕолортон ыйыталаһан билбитим. Дьэ ол үлүгэрдээх муусука хайа баран тыаһыы турдаҕына, эмискэ туох эрэ куһаҕан сытыйбыт дуу, аһыйбыт дуу сыт саба биэрбит. Өр-өтөр буолбатах, сыт сүтэн хаалбыт. Үҥкүү-битии эмиэ саҕаламмыт. Арай өйдөөн иһиттэхтэринэ, муусукаларын кытта тэҥҥэ атын хос тыас иһиллэр үһү. Лааҕыр оҕолоро муусукаларын өссө улаатыннарбыттар. Онуоха муусуканы баһыйар дүҥүр тыаһа добдугураччы тохтоло суох тыаһаан барбыт. Лааҕыр иитээччилэрэ түргэн үлүгэрдик муусуканы тохтоторго күһэллибиттэр. Онуоха дүҥүр тыаһа арыый намыраан, иһиллибэт буолбут. Сарсыныгар олохтоох кырдьаҕастар сүбэлээн, лааҕыр оҕолорун илдьэ үрэххэ тиийэн, айах тутан аһаппыттар этэ. Кэлин кэпсииллэринэн, дүҥүр тыаһа муусукаттан быдан улахан тыастаах этэ дииллэр.
* * *
Түөрт кыбартыыралаах учууталлар уопсайдарыгар олоробун. Биһиги кыбартыырабыт күн көрбөт өттүгэр баар. Дириэктэрбит миигин кытта эт саастыы отуччалаах киһи. «Кыргыттар, күннээх өттүгэр көһүөххүтүн баҕарбаккыт дуо?» – диэн ыйыппытыгар, биһиги түргэн үлүгэрдик хомунан, көһө оҕустубут. Сырдык дьиэҕэ киирэн үөрүү-көтүү үксээтэ. Туох үгүс маллаах буолуохпутуй, сууйан-сотон, бэрээдэктэнэ оҕустубут. Арай биир хартыына хаалбытын быраҕаары гынан баран, эркиҥҥэ ыйыыр туохпут да суох буолан, тохтоотубут. «Чэ, барсыа», – диэн, төттөрү ыйаан кэбистибит. Бу хартыынаҕа библияттан ылыллыбыт сюжет ойууламмыт: оруосабай уһун былаачыйалаах, хара дьүһүннээх дьахтар эр киһи төбөтүн батыйанан быһан баран, сыгынньах атаҕынан үктээн турара. Өйдүүбүн ээ, «Юдифь» диэн ааттааҕа.
Биир сыл саабыс дьахтардыын олорор буоллум. Мин кыра хоһу таллым, кини киэҥ хоско олохсуйда. Бу дьикти ойуулаах хартыынабыт кини хоһугар ыйанан турара. Мин куруук эркин диэки хайыһан утуйар идэлээх этим. Арай биир күн ким эрэ кэлэн: «Тур! Сарсыарда буолла!» – диэтэ. Уум быыһынан көрдөхпүнэ, халлаан өссө да сырдыы илик. «Бу дьахтар тоҕо киһини эмиэ эрдэ уһугуннарар?» – диэммин эргиллэ биэрбитим, ким да суох. Иһиллээбитим, киһим утуйан тыынан сурдургуура иһиллэрэ.
Биир күн дьахтарым атын дэриэбинэҕэ дьиэтигэр хоно барда. Киирэр аан аттыгар аһыыр этибит. Онно оһох турара, утары – саабыһым хоһо. Киэһээҥҥи күөспүн өрүнэн соҕотох чэйдии олордохпуна, утары хоско хобулук тыаһа иһилиннэ. Били бииргэ олорор дьукаах дьахтарым кыра уҥуохтаах буолан, үрдүк хобулуктаах атах таҥастарын кэтэрэ. Ол эрэн, киһим суох буоллаҕа. Кутуйах тыаһыырыгар балыйан аахайбакка олордохпуна, арай хобулук тыаһа хостон тахсардыы, аан сабыытын хамсаппакка, бу тоһугураан кэллэ. Мин онуоха муостаны тобулу көрөн олорон, сарылаабытынан остуолтан ойон турдум. Тыас сүтэн хаалла. Туох да сап-салыбырас буоллум. Хайыахпыный, ханна да хоно барар сирим суох. «Дьукаах дьахтарым туохтаах эрэ быһыылаах, соруйан миигин моһуоктуур дуу», – дии санаан баран, утуйан хаалбытым.
Саҥа дьыл саҕана дириэктэрим киирэ сырытта. Бырааһынньыктааҕы сүпсүлгэҥҥэ ачыкы, мааска оҥоһуннубут уонна кырааскалыы олорон кэпсиир: «Бу кыбартыыраҕа туох эрэ дьикти хартыына баар үһү. Манна олорбут икки дириэктэр суорума суолламмыттар. Биирдэрэ массыына саахалыгар түбэһэн, баһа быстыбыт курдук кэпсээбиттэрэ», – диэтэ. Ону истэн, өлөртөн куотунан, биһигини кытта кыбартыыратын атастаспытын эттэ уонна «кыргыттаргар этимэ» диэн буолла. Ити эмиэ соннук ааспыта.
Тохсунньу саҕаланыыта эмиэ соҕотох хааллым. Субуота күн учуутал кыргыттар чугастааҕы дэриэбинэлэригэр бардылар. Соҕотоҕун элбэхтэ хонон турдум да, туох да биллибэтэҕэ ыраатан, куһаҕаны санаабаппын, куттаммаппын даҕаны. «Өрөбүлгэ дьэ уубун хана утуйар инибин», – диэн оҥостон сыттым. Арай сарсыарда эрдэ, халлаан саҥа суһуктуйа сырдаан эрдэҕинэ, ким эрэ баттахпын имэрийбитигэр дьик гынан уһукта биэрдим. Бу имэрийииттэн баттаҕым өрө турарга дылы гынна. Онуоха дьахтар куолаһа: «Тукаам, ыалдьаары гыммыккын», – диэтэ уонна хоспуттан тахсар атах тыаһын иһиттим. Этэрбэстээх дьахтар хаамар тыаһа этэ. Ол тухары куттанан, кэннибин хайыһан көрбөккө, ыбылы сууланан, халлаан сырдыар диэри сыттым. Кырдьык, ол саас тымныйан улаханнык ыалдьыбытым. Өр эмтэнэн нэһиилэ өрүттүбүтүм.
Кэлин кыргыттар дьахтардаах ол-бу куһаҕан түүлү түһүүллэрин кэпсииллэрэ.
Мин биирдэ чаҕылҕан түспүт маһыттан хас да чыыппааны (тырыыҥканы) ылан кэлбитим уонна ол хартыынаны ким да суоҕар оһоххо симэн, чыыппааммын кириэстии ууран баран уматан кэбиспитим. Ол кэнниттэн туох да атын тыаһы-ууһу истибэт буолбутум. Дириэктэрбит биэс уонун туолбакка сылдьан, эмискэччи ыалдьан, бу орто дойдуттан барбыта…
* * *
Ол саҕана тохсус кылааһы бүтэрбитим. Сайын сайылыкка ынах ыабытым. Романтика бөҕө этэ. Сайылыкпыт да дэриэбинэттэн чугас турара. Онон сороҕор, киэһэ ыам кэннэ дьиэбитигэр баран, ас ылан кэлэр этибит. Хас да кыыс буолан олорорбут. Субуота аайы таансылыы барарбыт. Сайын ити курдук этэҥҥэ ааста. Атырдьах ыйа саҕаланна. Биирдэ үс кыыс буолан дэриэбинэҕэ тахсаат, тута төннөрдүү сүбэлэстибит. Киэһээҥҥи ыам кэнниттэн дьиэлээтибит. Дэриэбинэбит улахан, киэҥ. Сайылыкпыт төһө да кытыыга турдар, дьиэбэр икки чаас курдук хааман тиийэбин. Мин дьиэм барыларыттан быдан ыраах турар. Кыргыттарым төннөн иһэн «сылдьаар» диэт, дьиэлэригэр хааллылар.
Дьиэбэр сылдьан, ас-үөл ылан, төнүннүм. Биир кыыспар тиийдим, сайылыкка түүннэри барбат аатырда. Таһырдьа ытыс таһынар ыас хараҥа буолла. Арай ханна эрэ сылгы тыбыырара иһиллэр. Ол быыһыгар бэлисипиэт чуораана тыаһыыр курдук. «Аны бачча хараҥаҕа сылгы үөрүгэр кэтиллэрим буолуо», – диэн куттанным.
Иккис аргыс кыыспар бардым. Дьиэтин таһыгар тиийбитим, уота суох. «Утуйбут дуу, барбыт буоллаҕа дуу», – дии санаатым. Хайыахпыный, тоҥсуйбатым, ааһа бардым. Ол хааман истэхпинэ, эмиэ сылгылар тыбыыраллара уонна били бэлисипиэт чуораанын тыаһа иһилиннэ. Онтон хайдах эрэ куттана санаатым. Тиийиэхтээх сирбэр чугаһаатым. Аны уһун күөлү аастахпына, уулуссабар тиийэбин. Хабыс-хараҥаҕа сэрэх хоту ыллыкпын батыһан истим. Күөлбүн ортолоотум. Билигин кыра сыыры түһэбин, онтон талахтар тастарынан ааһабын… Дьэ, доҕоор, арай сыыртан түһэн иһэн көрбүтүм, сахалыы таҥастаах дьахтар биир илиитинэн уончалаах уол оҕону кууспут, биир илиитинэн атын туппут. Уол былыргы таҥастаах. Миигин көрөн аҕай тураллар. Дьонум салапаан курдук дьэҥкирдэр. Тоҕо эрэ отой куттамматым. Сылайаммын «хараҕым иирэр» диибин. Уун-утары хааман тиийдим. Чугаһаабыппар сүтэн хааллылар.
Салгыы айаным суолунан хааман истэхпинэ, сайыҥҥы ырбаахылаах дьэҥкир кыыс оҕо көһүннэ. Соһуйдум, ол эрэн эмиэ куттамматым. Кыысчаан, суолбуттан туораан, үрдүк от быыһыгар киирэн олорунан кэбистэ. Хантайан миигин көрөн олорбутунан хаалла.
Сайылыгым дьиэтин тэлгэһэтигэр киирээт, дөйүөрбүт бэйэм, тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буоллум, «тугу-тугу көрдүм» диэн ыксаатым, куттанным. Дьиэ иһигэр биирдэ баар буола түстүм. Киирээт, сайылыкка хаалбыт кыргыттарбар кэпсээтим.
Ити сайын уонна эһиилигэр эмиэ атын араас дьиктини көрөн, истэн турардаахпын.
* * *
Былырыын маҥнайгы куурус этим. Сылы быһа уопсайга киирбэккэ гынан баран, үөрэх дьыла бүтэрин саҕана, үс ый хаалбытын кэннэ, дьэ көстүм.
Бэрт баҕайытык бииргэ үөрэнэр кыргыттарбын кытта олорор дьолго тиксибитим. Хоско эбии киирбит киһи буолан, икки этээстээх ороҥҥо үөһэ сыттым. Малбын-салбын хомунан, оннубун булан, уопсай олоҕор син үөрэнэн истим. Онтон балтараа ый курдук буолан баран, түүн аайы биир бириэмэҕэ уһуктар идэлэнним. Доруобуйам айгыраатар айгыраан истэ, бэйэм эмиэ уларыйан бардым. Түүн үөһэ туран баран, халлаан сырдыыта биирдэ утуйар этим. Кэлин арааһы түүһүүр, баттатар буоллум. Бастакы түүлбэр элбэх киһи саҥатын истэрим, ол кэннэ түүлүм аайы дьон саҥата чугаһаан иһэргэ дылыта. Оннук икки нэдиэлэ устата күнүһүм түүн, түүнүм күнүс буолла. Арай биир үтүө түүн дьонум саҥалара иһиллибэтэ. Харахпын арыйа биэрбитим, доҕоор, атаҕым тилэҕиттэн төбөм оройугар диэри хап-хара киһи дуу, дьон күлүгэ дуу төгүрүйэн тураллар эбит. Кутталбыттан хаһыым да тахсыбата, кыайан хамсаабатым даҕаны. Харахпын быһа симэн баран утуйан хаалбыт этим. Ити курдук киэһэ, түүн буолла да, куттанар буолан бардым.
Онтон биир күн ийэм уларыйбыппын көрөн, «кэлэн хонон-өрөөн бар» диэн күүһүнэн ыҥырда. Инньэ гынан, өрөбүллэрбэр дьоммор Хатаска хоно таҕыстым. Төрөппүттэрбэр тахсан атаахтаан, сынньанан син бэттэх кэллим. Түүн утуйарым саҕана куттанар курдук этим да, ийэм сылаастык сырылаччы сыллаан ылбытын кэннэ, куһаҕаны барытын умуннум. Оннук сып-сылаастык ийэм оҥорбут сып-сымнаҕас оронугар утуйан хааллым. Арай ол сыттахпына, илиибин ким эрэ тутан турарын эппинэн-хааммынан сэрэйдим. Уон– на испэр санаатым: «Дьэ эмиэ түүн үөһэ буолбут»… Бэйэбин уоскутуна түһээт, харахпын арыйа биэрбитим, мин саастыы кыыс илиибин эркиҥҥэ хам тутан, биир илиитинэн оройум диэкиттэн өйөнөн, уун-утары тобулу көрөн турар эбит. Хаһыытыахпын эмиэ саҥам тахсыбат, хамсыахпын – сэниэм суох. Санаабар, туох баар күүспүн-уохпун барытын бэйэтигэр иҥэрэ турар курдуга. Ити курдук эрэй бөҕөнү көрдүм. Биирдэ өйдөммүтүм, номнуо сарсыарда буолбут этэ. Тураммын тоҕо эрэ дьоммор кэпсээбэтим, үчүгэйдик хонон турбут киһи аатын ылан, уопсайбар айаннаабытым.
Эмиэ түүн… Эмиэ куттал… Ити кэмтэн ыла кыыс дуу, ким дуу атаҕын тыаһа батыһа сылдьыбыта. Үөрэхпин бүтэрэн сайыҥҥы сынньалаҥмар дойдубар тахсыбакка, Дьокуускайга үлэлии хааллым. Ийэм аах бары сынньана барбыттара. Мин Хатастан сылдьан үлэлиир этим. Саатар доҕотторум бары дойдуларыгар тахсан хаалан, соҕотох олорор буолбутум. Сарсыарда сэттэҕэ тахсабын уонна киэһэ хойут дьиэбэр төннөрүм. Үлэбиттэн сылайан кэлэн, тутатына ороммун булаат, утуйан хааларым. Бу да бириэмэҕэ миигин ити атах тыаһа батыһа сылдьыбыта.
Биирдэ эмиэ таһынааҕы хоско били атах тыаһа иһилиннэ, мин чуумпуран суорҕаным анныгар иһиллээн сыттым. Атах тыаһа улам мин утуйар хоспор киирэн, тугу эрэ көрдүүр курдук гынар, төттөрү-таары кэлэр-барар. Онтон эмискэ тохтуу биэрдэ. Мин суорҕаным анныгар иһийэн сыттым, кутталбыттан сүрэҕим айахпынан тахсыах курдук. Атах тыаһа тура түһэн баран, мин диэки хааман иһэрин сэрэйдим. Суорҕаммын арыйа баттаат, сүр улаханнык часкыйа түһээт, суумкабын хаба тардан ылан, ытыы-ытыы дьиэбиттэн куотан таҕыстым.
Ити күнтэн ыла хаһан да соҕотох хоммотоҕум. Куоракка ыалга хос уларсан олорбутум. Онтон үлэлээн бүтэн, дойдубар, илин эҥээргэ, сынньана тахсыбытым. «Абааһы өрүс уҥуор тахсыбат» диэн кырдьыгы этэллэр эбит. Онтон ыла (быһа саҥарыахпын куттанабын эрээри) киһи сиэринэн сылдьабын. Эккирэппит атах тыаһа сүтэрдэҕэ буолуо уонна төннүө суоҕа диэн эрэнэбин.
* * *
Түөрт дуу, биэс дуу сыллааҕыта эбэ уҥуор оттуур сирбитигэр күрүө тута сылдьыбыппыт. Эбэ бэтэрээ өттүгэр диэри матасыыкылынан кэлэн, уҥуор тыынан туоруурбут.
Биир күн барбах үлэлээн баран, эбиэттии диэн тыа саҕатыгар өтөххө таҕыстыбыт. Өтөхпүтүттэн түөрт тулааһын баҕана, үүт кутар умуһах, улахан ампаар дьиэ онно, тэйиччи соҕус титиик хаалбыт. Син балай да олорон эбиэттээтибит. Таах олоруохтааҕар ону-маны кэпсэтэбит, үлэбитин былаанныыбыт. Хайдах эрэ кэпсэтиибит «былыргы баай дьон харчыларын сиргэ кистииллэр үһү уонна сэргэ туруоралларыгар түгэҕэр харчы быраҕаллар үһү» диэҥҥэ тиийэн хаалла. Убайым, ол кэпсэтэ олорон, өс киирбэх: «Хата сэргэ төрдүн хаһан көрөбүт дуо? Баҕар, кырдьык, харчы баара буолуо», – диэтэ да күрдьэҕин туппутунан, охто сытар сэргэ диэки барда. Мин эмиэ, хайдах эрэ оҕотук санаабар балыйтаран, күрдьэхпин туппутунан кини кэнниттэн батыстым.
Сиргэ охто сытар эргэ сэргэ таһыгар кэлэн, от саба үүнэн хаалбыт тостубут төрдүн көрдөөн булан, хаспытынан бардыбыт. Сүрдээх дириҥ гына хаһыллыбыт эбит, онон син өр букунастыбыт. Кэмниэ кэнэҕэс сэргэбит атаҕын ырычаахтаһан-ырычаахтаһан ороон таһаардыбыт. Онтон дьэ харчы көрдөөһүнэ буолла. Күрдьэҕинэн буору баһан таһаарабыт уонна аргыый «сиидэлээн» көрөбүт. Оннук «сиидэлии» туран, убайым илиитин иминэн буору кытта буор буолан хаалбыт кытаанах баҕайы тугу эрэ булла. Тута кытахха сүүрэн тиийэн сууйдубут. Онтубут, доҕоор, дьиҥнээх былыргы харчы буолан таҕыста. Балай эмэ ыйааһыннаах уонна төп-төгүрүк. Сэриигэ сылдьыбыт эһэбит мэтээлин саҕа улахан. Биһиги үөрүү-көтүү бөҕө. Салгыы тиийэн хаһыахха диэн буолла. Ити курдук икки обургу харчыны булбуппут уонна кимиэхэ да кэпсиэ суох буолан тылбытын бэрсибиппит.
Ити кэннэ уһуннук үлэлээбэтэхпит. Аллара эбэҕэ киирэн, тыыбытыгар олорон күөлбүтүн туораан истибит. Мин кэннибит диэки хайыһан олоробун, оттон убайым утары олорон тыыны эрдэр. Арай күөлбүтүн ортолообуппутун кэннэ, мин көрдөхпүнэ, уу кырсынан туох эрэ хара күлүк курдук биһигини батыһан иһэр. Мин кутталбыттан хаһыытаан бытарыттым. Убайым «туох буоллуҥ» диэн баран, тугу эрэ көрбүппүн сэрэйэн, эмиэ кэннин хайыһан көрдө уонна бэйэбиттэн итэҕэһэ суох куттанна быһыылаах. Үлүбээй эрдэн кулупаайданна. Аны туран, өлүү түбэлтэлээх диэбиккэ дылы, тыал түстэ. Тыыбыт икки өттүнэн уу бөҕөнү баһан киирэн барда. Салгыы хайдах кытылы булбуппутун өйдөөбөппүн. Оннук күүскэ куттаммыт этим.
Нэһиилэ кытылы булан, матасыыкылбытыгар тахсан олорон баран, дьиэбит диэки көтүттүбүт. Убайым матасыыкыла хаһан да алдьаммат, айаннаан иһэн умуллубат бэйэтэ, бу сырыыга дьиэбитигэр тиийиэхпитигэр диэри үстэ дуу, түөртэ дуу алдьанан, моһуогуран тиийбиппит. Дьиэбитигэр киирбиппитигэр дьоммут: «Хайдах буолан кэллигит?» – диэн сураһа сатаабыттара да, биһиги туох да диэн саҥарбатахпыт. Бука, туохха эрэ түбэспиппит сирэйбитигэр-харахпытыгар көстө сырыттаҕа буолуо. Харчыбытын хоско киллэрэн кумааҕыга суулаан баран, остуол дьааһыгар кистээн кэбистибит.
Киэһэ буолла. Биһиги ол күн хайдах эрэ дэлби илистэн, ороммутун эрдэ булаат, тута утуйан хааллыбыт. Арай түүн ортото утуйа сытан, ким эрэ хаамар тыаһыттан уһуктан кэллим. Сытан эрэ иһиллии сатаатым, дьоммут бары утуйа сыталлар быһыылаах этэ. Онтон эмискэ харахпар били күнүскү хартыыналар элэҥнээн аастылар. Убайбын уһугуннардым. Киһим уутун быыһынан эмиэ истэ сыппыт эбит эрээри, аҕам хаама сылдьара буолуо диэн аахайбатах. Ол түүн биллибэт киһи биһигини сүгүн утуппатаҕа. Кэлэр-барар, тугу эрэ көрдүүр курдуга.
Сарсыныгар аҕабыт эрдэ туран, биһигини киирэн уһугуннарбыта уонна бэҕэһээ тугу гыммыппытын туоһуласпыта. Кини, арааһа, тугу эрэ сэрэйэр быһыылаах этэ. Барытын хайдах баарынан кэпсээн биэрбиппит. Аҕабыт туох да диэн мөхпөтөҕө. Арай булбут харчыбытын көрдөөн ылан, дьиэттэн тахсан барбыта. Арааһа, илдьэн уурдаҕа буолуо. Ол күнтэн ыла туох да биллибэт буолбута.
* * *
Ырааҕынан аймаҕым буолан баран, хаан уруутааҕар ордук чугастык саныыр, бэйэбиттэн аҕыйах ый аҕа эдьиийдээхпин. Кини биир дьиктилээх. Ыалга, көстүүнэйгэ буоллун, туох эрэ дьиибэлээх, өлбүттээх сиргэ түбэспит буоллаҕына, түһүүр идэлээх. Ардыгар букатын да баттатан муҥнанар. Биһиги бу дьиэбитин ыла иликпитинэ, наар дьон дьиэтин кэрийбэхтээн да биэрбиппит. Ону ол диэбэт, эдьиийим куоракка кэллэҕинэ, хайаан да биһиэхэ түһээччи.
Биирдэ аппа уҥуор баар икки этээстээх мас дьиэҕэ олордохпутуна, мунньахха кэллэ. Хойукка диэри сэлэһэн, түүн утуйбуппут. Ол сытан түһээтэҕинэ, биэстээх-алталаах уол оҕо кэлэн аттыгар турар үһү. Суорҕанын тардыалыыр эбит. Оннук гына-гына күлэр уонна куотар диир. Оҕо диэтэҕэ буолуо, тоҕо эрэ куттамматах. «Тута сатыыбын, төлө көтө турар», – диир. Онон букатын сынньаммакка турбут этэ. Ол онон ааспыта.
Биирдэ куортамнаабыт хаһаайка эмээхсин кэлбитигэр, ол түүлү саныы түһэн кэпсээччи буоллум. Кырдьаҕаһым саҥата суох олорбохтообута. Хараҕар хомолто күлүгэ сабардаабыта. Ол уол (эдьиийим дьүһүнүн-бодотун кэпсээн биэрбитэ) кини сиэнэ эбит. Алта сыллааҕыта эмискэ иһэ ыалдьан биһиги утуйар хоспутугар сыппыта үһү, салгыы балыыһаҕа киирэн суох буолаахтаабыт. Оһоҕоһо сытыйбытын билбэккэ, биллэрбэккэ сылдьыбыт диэбиттэр. Бэйэбэр да, дьонум да түүллэригэр киирбэт буолара. Дьикти дии. Аны эдьиийбин аһаҕас харахтаах диир кыаллыбат. Киһи киһи курдук. Арай ол түүлүнэн билэр уратылаах.
Иккис түбэлтэ. Куорат хабайар хаба ортотугар диэбиккэ дылы, таас хрущевка дьиэҕэ олордохпутуна, түһээбитэ. «Бүтүннүү иҥиир-ситии буолбут уһун хатыҥыр нуучча хоонньубар киирэ сатаан эрэйи көрдүм», – диэбиттээх. Ону биһиги өссө күлүү гыммыппыт, «успех бөҕө эбиккин» диэн. Онтубут халлаанныын да көппүтэ, сирдиин да тимирбитэ биллибэккэ сүтэн хаалбыт дьиэлээх дьоммут уоллара буолан соһуппута. Дьоно, санааларыгар, «тыыннаах буолуо» дииллэр эбит этэ. Ордук ийэтэ. Оттон мин саныахпар, эдьиийбэр түүлүгэр киирбит буоллаҕына, биһиги кэккэбитигэр суоҕа чахчы.
Сирэйинэн түһүүрэ эрээри, ахсааннаахтык. Арай биир кылааска үөрэммит дьүөгэтин дьиэтэ умайар сылыгар, ол кыыс дьиэтэ умайан күүдэпчилэнэ аҕай турарын түүлүгэр көрбүттээх. Биһиги бастаан ону «тыл-өс, айдаан тахсар сибикитэ буоллаҕа дуу» дии санаабыппыт. Онтубут ол сирэйинэн эмиэ түһүүр эбит этэ.
Сорох сиргэ улаханнык баттатан, букатын да ыалдьан хаалар үһү. Туһунан эрэй…
* * *
Маны чугас доҕорум Дьулус кэпсээбитэ. Бу түбэлтэ кини төрөөбүт дойдутугар буолбут. Биир кыһыҥҥы түүн Дьулус уонна кини икки доҕотторо буолан биир уолларыгар хоно барбыттар. Оскуола дискотекатын кэнниттэн уоллара дьиэтин диэки хааман иһэн: «Дьиэбэр сороҕор олоппос хамсыыр», – диэбит. Ону Дьулус итэҕэйбэтэх уонна эбиитин оскуола оҕото буолан: «Чэ, баран көрүөх», – диэбит.
Дэриэбинэҕэ, бары билэргит курдук, ыал улахан аҥаара хосторун аанын таҥаһынан сапталлар. Саала ортотугар олоппос ууран баран, таҥас сабыы быыһынан көрөн олорбуттар. Син балай да олорбуттар, онтон олоппосторо, эргийээт, охтон түһээтин кытта, хайдах таһырдьа баар буолбуттарын өйдөөбөккө хаалбыттар. Кырдьыгын-сымыйатын билбэппин, ол эрээри киһи итэҕэйэр киһитэ.
* * *
Бу 2011 сыллаахха муус устарга буолбут түбэлтэ. Ол саҕана мин Дьокуускай куоракка «Цех Металлоконструкций» диэн тэрилтэҕэ силиэсэрдии сылдьабын. Туруоруллубут былааммытыттан хаалан иһэр буолан, икки киһини, миигин уонна өссө биир К. диэн уолу, түүҥҥү симиэнэҕэ көһөрдүлэр. Ол иннинэ түүҥҥү симиэнэ диэн суоҕа, бары күнүс үлэлиир этибит.
Дьэ ол курдук киэһэ тоҕус чаастан сарсыарда тоҕуска диэри үлэлиибит. Үлэлиир сыахпыт улахана сүрдээх, билбэт саҥа кэлбит киһи мунан хаалар сирэ. Эбиитин түүн уоту харыстаан арааран кэбиһэллэр, аҕыйах дьуһуурунай лаампа эрэ хаалара. Күнүскүлэр симиэнэлэрин туттаран баран киэһэ дьиэлииллэр, онтон биһиги үлэбит чааһа дьэ саҕаланар. Тугу кистиэмий, түүн 12 чааска диэри үлэлээн баран «эбиэттиибит», баар буоллаҕына «тэс» да гынабыт. Онтон сарсыарда биэс чааска диэри утуйан хаалабыт. Эрдэ туран, симиэнэбит кэлиэр диэри, ону-маны оҥорбута буолабыт уонна үлэбитин тойоммутугар туттаран баран дьиэлиибит. Ол курдук ый үлэлээтибит. Мин оруобуна тоҕус чааска кэлээччибин, бииргэ үлэлиир доҕорум куруук кыратык хойутуур идэлээх этэ.
Биирдэ эмиэ сөпкө кэлэн фрезернэй ыстаныакка үлэбин саҕалаатым. Арай чаһыбын көрбүтүм, бэлиэр киэһэ 11 чаас буолан эрэр да, киһим суоҕун курдук суох. Эрийдим, киһим ылбат. Онтон сотору бэйэтэ эрийэн: «Мин кыһалҕаланным, сатаан кэлбэт буоллум, мин оннубар нэрээккэ илиитэ баттаар», – диэн көрдөстө. Хайыахпыный, сөбүлэстэҕим эрэ дии.
Түүннэри соҕотох үлэлиирбин хайдах эрэ салла саныыбын, куттанабын. Үлэлиир сирим хас да сыахтан турар, олор олус уһун хараҥа көрүдүөрдэринэн холбоһоллор. Аны түүн аайы үс-түөрт чаас диэки ыаллыы, эркин нөҥүө турар сыахха уһанар, тимири тимиргэ охсор дьикти баҕайы тыастар иһиллээччилэр. Аанньа буолуо дуо, устар күнү быһа үлэ күөстүү оргуйар сиригэр тыас-уус хаалан хаалара да буолуо, билбэтим. Дьэ оннук 12-гэ диэри үлэлээбитэ буолан баран, аһаан-сиэн, будильникпын сарсыарда биэс чааска тыаһыырын курдук туруоран баран, утуйдум.
Тымныыта сүрдээх, эргэ тэлэгириэйкэнэн саптан дьыбааҥҥа сытабын. Дьыбааммыт киирэр ааҥҥа уун-утары турар. Мин ыбылы соммунан сууланан, аан диэки көхсүбүнэн хайыһан сыттым. Санаам-оноом улам үдүк-бадык буолан, нуктаан бардым. Арай утуйар-утуйбат икки ардынан сыттахпына, хоспор киирэр аан арыллан кэллэ (ааны арыйдахха-саптахха соччото суохтук хачыгырааччы), тыас-уус тохтоото. Онтон ыарахан кирзовай саппыкы хаамар тыаһа хоһум иһигэр киирэн кэллэ. Мин тоҕо эрэ куттамматым: түһүүбүн да дии саныыбын, эмиэ да бииргэ үлэлиир доҕорум кэлэн киирдэ диибин. Ааҥҥа көхсүбүнэн сыттым, тоҕо эрэ суорҕаммын арыйан, эргиллэн көрүөхпүн толлобун. Атах тыаһа остуол диэки барда (куһаҕан баҕайытык атаҕын соһон хаамар), ньуоска дуу, биилкэ дуу тыаһын истэн ыллым, онтон арай аны мин диэки соһуллан кэллэ да уу чуумпу буолан хаалла. Төһө да көхсүбүнэн сыттарбын, ким эрэ дьөлө көрөн турарын олох сэрэйэбин. Куттанан бардым, сүрэҕим тэбэрэ кулгаахпар иһиллэр. Аны ол кэннибэр турар баҕайы ыарахан баҕайытык тыынан барда (хайдах эрэ мунна бүөлэммит киһи тыынарын курдук). Туох эрэ диир, саҥата олох чуолкайа суох. Тугу эрэ ыйытар курдук… Онтон өссө хатылаата. Мин хамсаабакка сытабын. Тыынара түргэтээн барда, эмиэ туох эрэ диир (хаһан даҕаны истибэтэх тылым, хайдах эрэ тугу эрэ ыйытар курдук). Эмискэ шлакоблогу остуол үрдүгэр бырахпыт курдук, сүрдээх тыас тыаһаата. Мин кутталбыттан салгыы туох буолбутун өйдөөбөппүн. Арай уһуктубутум, дьыбааммар тиэрэ түһэн сытар эбиппин, саптыбыт тэлэгириэйкэм сиргэ сытар. Чаһыны көрбүтүм – иккини ааспыт. «Тугу-тугу түһээбитим буолла?» – дии-дии, чэй сылытан истим, табах тартым. Чэпчэтинээри туалекка түһэн иһэн көрбүтүм, үлэлиир ыстануогум уота холбонон турар эбит. «Хайдах-хайдаҕый, мааҕын сойутар уута бүппүтүгэр барытын араарбытым», – диэн саныы-саныы тиийэн араардым. Онтон эмискэ эркин нөҥүө баар сыахха тимири тимиргэ охсор тыас иһилиннэ. Эрдэ эппитим курдук, биир бириэмэҕэ хас түүн аайы итинник тыас-уус иһиллэр этэ. Бастаан куттанааччыбыт, оттон харабылга эппиппитигэр: «Кыһанымаҥ, куруук иһиллэр», – диэбитэ. Арба, миигиттэн ураты өссө харабыл уол баара. Кини базаҕа киириигэ КПП-га олороро. «Чэ, үлэлэрэ саҕаланна», – диэн испэр күлэ санаан баран, хоспор баран истим. Арай эмискэ киһи саҥарда. Биир сиргэ хам хатанан хааллым. Гараастарга барар көрүдүөртэн иһиллэр. Икки киһи кэпсэтэр курдук. Күлэллэр эҥин. Бэйэм ааппын да истэн ыллым. Хайдах эрэ «мин туспунан кэпсэтэллэр» дии санаатым, саҥаларын киһи өйдөөбөт, чуолкайа суохтук иһиллэр. Көрүдүөр түгэҕэр кыракый гараастарга киирэр эргэ ааннаах. Ол быыһынан хабыс-хараҥа көрүдүөргэ гараас уота көстөрө, киһи дьиксиниэх. Мин бастакы санаам: «Гарааска түөкүттэр киирбиттэр, харабылга баран тыллыахха», – диэн этэ. Хамсаабыппар, саҥа-иҥэ сүтэн хаалла. Онтон эмиэ сибигинэһэн бардылар, саҥалара хайдах эрэ биэдэрэ иһигэр саҥарар курдук бүтэҥитик иһиллэр. Эмискэ ол аан быыһынан уот сырдыгар күлүк көстөн ааста. Мин туох баар күүспүнэн КПП диэки сүүрдүм. Тиийбитим, харабыл уол иһиттэн хатанан баран утуйа сытар эбит. Өр да өр аны ааны тоҥсуйдум. Кэмниэ кэнэҕэс киһим турда: «Туох буоллуҥ?» – диэн дьиктиргии тоһуйда. Мин: «Гарааска дьон киирбит», – диэтим. Киһим истэн баран күлэн эрэ кэбистэ. Соһуйбуппун көрөн, дьэ кэпсээтэ.
Кини аан бастаан харабыллыы киирэн баран, түүн кэрийэ сылдьан, эмиэ дьон саҥатын истибит. Гараас иһэ уоттаах үһү, аан быыһынан хараҥа көрүдүөргэ эмиэ күлүктэри көрбүт. Уоруйахтар киирбиттэр диэн, чугаһаан иһиллээбит, аан быыһынан көрбүт – ким даҕаны суох үһү, саҥа-иҥэ да сүппүт. Ол турдаҕына, ааны ис өттүттэн ким эрэ тэбэн саайбыт. Аан арылла биэрбит да, уол тиэрэ баран түһэн, өйүн сүтэрбит. Өйдөммүтэ, бэйэтин хоһун иһигэр олорор үһү. Онон гарааска киһи саҥата уруккуттан иһиллэр диэбитэ.
Мин саҥабыттан матан турдум. Онтон: «Утуйа сыттахпына, эн киирэ сылдьыбытыҥ дуо?» – диэн ыйыттым. «Суох, кэлиэхпиттэн утуйа сытабын, бу эн кэлэн уһугуннардыҥ», – диэтэ. Дьэ мин онно улаханнык куттанным, дьиэлиэхпин таҥаһым, төлөпүөнүм, харчым – барыта хоспор хаалбыт. Онно харчы да манньаҕа барбаппын. Саҥа үс чаас эрэ буолан эрэр. Ол курдук сарсыарда тоҕуска диэри харабылга олордум. Күнүскү симиэнэ кэлитэлээн эрдэҕинэ, бииргэ киирсэн малбын ылан дьиэлээбитим. Кимиэхэ да бу түбэлтэни кэпсээбэтэҕим.
* * *
Куола диэн сылгыһыт баар үһү. Күһүн үөрүн көһөрөн киллэрээри, миинэр миҥэ атын көлүйэн сылгыларыгар тахсыбыт. Тиийиэхтээх сиригэр тиийэн, үүтээнин оттон, сылгытын үөрүн хаайан, көһөрөргө бэлэмнээбит. Киэһэ чэйдээн баран, утуйардыы оҥостубут.
Түүн утуйа сыттаҕына, атыыр сылгы кистиирэ иһиллибит. Аймалҕан бөҕө, миинэр миҥэтэ ыарыытыттан саҥа таһаарара иһиллэр үһү. Ону истээт, Куола таһырдьа ойон тахсыбыт. Арай көрбүтэ, доҕоор, түөрт сиэрдийэлээх күрүөнү атыыр сылгыта ойон киирэн, атын дэлби ытырбыт, төгүрүйэ сылдьан тэбиэлээн тиҥийэ сылдьар эбит. Куола, ата хаан-сиин буолбутун көрөөт, быыһыы ыстаммыт. Атыырын үүрэн, ата барахсаны уоскутан, аһынан, үүтээнин иһигэр киллэрэн хайдах сатыырынан эмтээбит. Ол кэннэ ата сытан эрэ утуйан хаалбыт.
Түүн үөһэ этиҥ тыаһа лүһүгүрээбит, силлиэ тыаһа өрө өндөйбүт. Үүтээнин аана аһылла биэрээтин кытта, хап-хара күлүк киһи киирэн кэлбит. Куола кутталыттан саҥата суох сыппыт. Ол күлүк киһи субу курдук саҥалаах буолбут: «Бу билигин аҕай, атыыр сылгыҥ кутугар киирэн, түөрт сиэрдийэлээх күрүөнү ойутан, миинэр аккын өлөрө сатаабыппын мэһэйдээн кэбистиҥ. Иннибин биэрэр санаам суох, онтубун ыла кэллим, ханна баарый? Аккын аҕал!» – диэбит. Куолаҕа: «Бу абааһы миигин буолбакка, аппын ыла кэлбит», – диэн санаа күлүм гыммыт. Толкуйдаан баран, хорсун санаатын түмэн субу курдук эппиэттээбит: «Миинэр миҥэ аппын биэрбэппин, бастыҥ доҕорум тэҥэ буолар». Күлүк киһи көһүппэтэҕин истэн, суон куолаһынан: «Оччотугар бэйэҕин миинэр ат оҥостуом», – диэтин кытары, үүтээн иһигэр алдьархайдаах тутуһуу-хабыһыы буолбут. Туста сылдьан Куола, абааһытын лаппа баһыйан, таһырдьа анньан кэбиспит. Күлүк киһи таһырдьа төкүнүйбүт, тыаһа даҕаны иһиллибэккэ сүтэн хаалбыт. Куола «һуу» диэн өрө тыынан уоскуйа сатыы олордоҕуна, күлүк киһи түннүгүнэн өҥөйөн туран: «Арчылааччыларыҥ күүстээх буоланнар кыайдыҥ, аккын хааллардыҥ!» – диэт, сүтэн хаалбыт.
Сарсыарданан Куола баттаппыт киһи курдук уһуктан кэлбитэ, үүтээнин иһэ номнуо сырдаабыт. Ата биир да бааһа суох үүтээн иһигэр турар эбит. Таҥнан, атын таһааран баран, сылгыларын илдьэ дэриэбинэтигэр этэҥҥэ кэлбит.
Кэлин кырдьаҕас дьоҥҥо ол быһылааны кэпсээбитигэр, Куола кыайтарбыта буоллар ата суох хаалыахтааҕын тойоннообуттар. Ити курдук сылгыһыт Куола көстүбэт күлүк күүстүүн тустан турардаах.
* * *
Бу түбэлтэ буолбута ыраатта. Былыргы баай киһи дьиэтэ оччолорго нэһилиэк кулууба буолан турара. Арай биир киһи, киинэҕэ кэлэн баран, утуйан хаалаахтаабыт. Киинэ бүппүтүгэр кинини ким даҕаны уһугуннара сорумматах, бары тахсан баран хаалбыттар. Дьэ ол киһи түүн ортото тоҥон уһуктан кэлбит. Ааны тиийэн анньыалаан көрбүтэ, таһыттан лигиччи хатаабыттар. Эрийиэн, төлөпүөн диэн суох эбит. Оннук төттөрү-таары хаамыталыы сылдьыбыт. Арай кулууп түгэҕин диэки эмискэ туох эрэ тыас иһиллэргэ дылы гыммыт. Чөрөйүөҕүнэн чөрөйөн иһиллээбитэ – атах тыаһа аргыый сырдырҕаан кини диэки кэлэн иһэр эбит! Киинэһиппит уҥуоҕа халыр босхо барыар диэри салыбырыы түспүт. «Кимий?» – диэбитигэр атах тыаһа тохтоон хаалбыт, онтон эмиэ сырдырҕаан хаамар тыас иһиллибит. Тыас чугаһаатар чугаһаан испит. Ону кытары ыараханнык киһи тыынара иһиллибит, бэйэтэ көстүбэт үһү. Онуоха били киһибит хаһыытыы түһэн баран, кулууп аанын күлүүстэри баҕастары тоҕо көтөн тахсыбыт. Кэлин дьон сөҕөр этэ: «Маннык халыҥ ааны хайдах тоҕо көппүтэй?» – диэн.
* * *
Куоракка үөрэх туттарса сылдьан дьиэ куортамнаабаппыт. Бастакы түүнүм этэҥҥэ ааспыта. Иккис күммэр түүн ким эрэ хаамар этэ. Сыыһа иһиттэҕим диэн улахаҥҥа уурбатаҕым. Онтон үһүс күммэр түүн туран чэпчэтинэн баран, илиибин суунан, сиэркилэҕэ көрүнэ турдахпына, кэннибэр быраас курдук үрүҥ халааттаах, мааскалаах киһи турар этэ. Соһуйан, кэннибин хайыһан көрбүппэр туох даҕаны, ким даҕаны суох.
Кэлин биир күн тастыҥ эдьиийбэр хоно бардым. Киирэн иһэн көрбүппэр, куукуна муостатыгар ким эрэ олорор этэ. Күтүөтүм уонна эдьиийим саалаҕа бааллара, кинилэртэн: «Куукунаҕа ким баарый?» – диэн ыйыппыппар, «Ким да суох», – диэтилэр. «Онтон ким эрэ олорор ээ», – диэбиппэр, «куттаама» диэн мөхпүттэрэ.
Бу соторутааҕыта «Атлант» маҕаһыын диэки светофорунан туораары турдахпына, хараҕым кырыытынан көрбүппэр, кэннибэр хара тирии сонноох киһи кэлэн турбута. Онтон дьиктиргээн кэннибин хайыһан көрбүппэр, сүтэн хаалбыт этэ…
Ити курдук, атын дьиэҕэ кэллэхпинэ, куһаҕан тыын баарын сэрэйэн билэбин. Уулуссаҕа хара күлүктэр сылдьар буолааччылар. Араас туора дьон хараҕар мээнэ көстүбэт көстүүлэри көрөр эбиппин.
* * *
Бу түбэлтэ хас да сыллааҕыта буолбута. Биһиги олорор сирбит дэриэбинэттэн тэйиччи турар. Онно икки эрэ ыал буолан олорорбут. Киһи түүннэри мээнэ сылдьыбат сирэ.
Кыһын сүллүүкүттэр тахсар кэмнэрэ этэ. Биир түүн тэлэбиисэр көрө олордум, убайым хоһугар уолаттары кытта көмпүүтэргэ оонньууллар. Түүн оройо ийэм хоһугар ыҥыран ылла. Уонна этэр: «Убайыҥ ханнаный? Таһырдьа сылдьар дуо? Ити түннүгүнэн көр эрэ, дьиэ муннугар тугу саҥарса туралларый?» – диэтэ. Мин өҥөйдүм: ким да суох, туох да сибикитэ биллибэт. Дьон турбут суоллара да суох. Онтон өйдөөн кэлэн: «Ээ, арба, Коля дьиэҕэ, хоһугар, баар ээ», – диэтим. Ол оннук ааста. Сарсыныгар ийэм эттэ: «Бөлүүн утуйа сыттахпына, дьиэ муннугар ыттар үрэн аҕай биэрдилэр. Ол быыһыгар хас да киһи саҥарсар этэ», – диэтэ.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?