Текст книги "Ыйдаҥа түүн"
Автор книги: Евдокия Иринцеева
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 8 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]
Сураҕа эбээ Лөкүөрүйэ инники кэргэнэ артыыс эбитэ үһү. Онто өлбүт быһыылаах. Туох артыыһын Ира хантан билиэй. Билигин ыйытыаҕын эбэтэ суох, атыттартан сураһан да диэн, ханныктаах да кэпсэл эбиилээх-көҕүрэтиилээх буолара биллэр, онон саарбах сурахха кини наһаа умсугуйбат.
Ол артыыс эриттэн эбиммитэ буолуо дуу, биллибэт, Лөкүөрүйэ ырыатын-тойугун таһынан, ыттары дрессировкалыыра. Мээнэ иитэн-такайан диэн буолбатах, киһи сатаан билбэт дьыалатыгар тугун эрэ табара, олус бэркэ үөрэтэлээбит буолара. Эмээхсин итинник кыдьыктааҕын билэллэрэ буолуо, билэр дьоно биирдэ эмэ киниэхэ анаан ыттары бэлэхтиир идэлээхтэрэ. Ира билэринэн, кэһиигэ кэлбит биир тэллэх, биир лаайка ыттардааҕа. Онтуларын кытта киһилии кэпсэтэрэ дьиктитэ бөҕө.
– Иҥнэрэҥнээ-ханньараҥнаа эрэ! – диэтэҕинэ, тэллэх ыт араастаан иҥнэрэҥниир, хойбороҥнуур.
– Үҥкүүлээ! Хочоруҥнаа! – диирин кытта, анарааҥҥыта икки кэлин атахтарыгар тирэнэн эмиэ араастаан хамсанар, эргийбэхтээн ылар.
– Голос! – диэтэр, үрэн ньаҕыйар.
Ол икки ардыгар лаайкатыгар туһаайан:
– Аччыктаатыҥ дуо? – диэн ыйытар.
Оччоҕо ол ыта сытынан кэбиһэр. Арааһа «ач– чык иһим бу баар» диирин быһыыта буолуо, икки илин атахтарын кумунан, үөһэ такытан баран, ол-бу диэки көрүөлүү сытара бу баарга дылы…
Тэллэх ыта Аамка диэн ааттааҕа, оттон лаайката Лаапа. Ол Аамка диэн туох тылын, суолтатын Ира билигин да билбэт. Эбэтин ахтан саныырыгар наар «тоҕо ыйыталаһан хаалбатах муҥмунуй» диэн хараастааччы даҕаны.
Лаапаны оҕонньор аһары маанылыыра. Тоҕо диэтэххэ, кини баар-суох сирдьитэ, харабыла этэ. Хойут Ньукулай оҕонньор көрөрүнэн биллэ мөлтөөбүтэ. Ол иһин халыҥ таастаах ачыкылаах буолааччы. Куруук сүгэ сылдьар үрүсээктээх маҕаһыыныгар бородуукталаһа барар үлэлээх. Лаапата кини иннигэр түһэн, кутуругун хойбоҥното-хойбоҥното, урут түһэр, сотору-сотору тохтоон иччитин күүтэр. Барахсан оҕонньор кини кутуруга хамсыырынан сирдэтэрин сэрэйээхтиир этэ ээ.
Биир күн, сиэннэрэ кыыс ыалдьыттыы кэлби– тин маанылаан минньигэһинэн хатаҕалаары, сарсыардаттан тэринэн Ньукулай кырдьаҕас Лаапатыныын аргыстаһаннар, эмиэ маҕаһыыннарыгар барбыттар. Тыаны туораан, сыыртан түһүүгэ оҕонньор бүдүрүйэн охтон, хаһан сахсынан-тэбэнэн туруор диэри, көһүлүөгүн онно түһэрэн кэбиспит. Хата этэҥҥэ, эчэйбэккэ тиийэн, ыларын ылан, атыылаһарын атыылаһан баран төлөһөөрү гыммыта баара, көһүлүөгэ биир да сиэбигэр суох үһү. Ол мучумааннана, көрдөнө-тирбинэ турдаҕына, таһырдьаттан лааппыга ыала Ылдьаа оҕонньор киирбит:
– Дугаар, Ньукулай, ытыҥ тугу эрэ ытыра сатыыр, миигин чугаһаппата, – диэбит.
– Ии, бараххаммын көр, ол мин сүтүкпүн соскойдостоҕо, – диэн, таһырдьа тахсыбыт.
Онтуката чахчы. Лаапа оҕонньор көһүлүөгүн ытыра сатыыра халтарыйан мүччү түһэ турар. Ол иһин, бу өйүн көр, муннунан анньыалаан, төһө эмэ сыҕарытан, субу маҕаһыын аттыгар чугаһаан кэлбит ээ!
Ити кэмҥэ маҕаһыыҥҥа барбыт Лаапалаах Ньукулайы дьиэҕэ уһаатылар диэн күүт да күүт. Сиэн кыыс, ол аата Ира, минньигэһин сии охсоору түннүгүнэн тахсыах айылаах, кэтээ да кэтээ. Эбэтэ оҕонньорун кэлэр кэмин ааста диэн дьиксинэр. Ол иһин бара сатаан Аамкатын соруспута:
– Тахсан көр эрэ, Чүк иһэр дуо, – диэн ааны арыйан таһырдьа таһаарбыта.
Ити эмиэ «ноо»-лоох. Ньукулай оҕонньор, тоҕото эбитэй, Мөһөөччүк диэн хос ааттаах. Эбэтэ ыттарын кытта итинник быһалыы, кылгас-кылгастык соруйталаан, кэпсэтэр идэлээҕэ. Сотору буолаат, кэлбитин биллэрэн ааны таһыттан тарбаан, Аамка киирбитэ. Кини кутуругун кумуччу туттан аа-дьуо киирдэҕинэ, ол аата чугаһынан бэттэх оҕонньор көстүбэт диэн буолуохтааҕа. Оттон бу сырыыга, кутуруга куймаҥалаан аҕай, иһирдьэ соҕотохто баар буолбутун, эбэтэ үөрэ көрсүбүтэ: «Оо, Аамка маладьыас!» – диэн саҥа аллайбыта уонна сиэнигэр «эһэбит субу чугас кэлбит эбит» диэн сүпүлүөрдээбитэ.
Тэллэх ыт диэн Мөһөөччүк оҕонньор Аамкаларын соччо-бачча баардыылаабата. Үксүн эмээхсинэ көрбөтүгэр хаадьылыыр, оҥостон олорон күлүү гынар кыдьыктааҕа.
– Аамка! – диэн кытаанахтык ыҥырара иһиллээччи.
Ардыгар эмискэ тэһэ кэйдэрбиттии:
– Чүк! Кэл манна! – диэн ыҥырар. Ол аата «Миэхэ кэл, Мөһөөччүк ыҥырар» диир быһыыта.
Онуоха Аамкалара дэйбиир курдук кутуругун муостаны биир гына соспутунан тиийэн кэлэр. Чугаһаабыт ытын: «Көр эрэ», – диэт, ньааҕынаппытынан таһырдьа анньар. Итиэннэ мүчүк гына-гына, тугу да гымматах киһи, уу чуумпутук олорор. Кыһын буоллаҕына, сотору буолаат, ыт айманар, ааны тарбыыр саҥата хойдон барар.
– Һэ, һэ, эн да тоҥноҕуҥ ини, төһө да көп түүлэн, – дии-дии, эһэтэ баран ааны арыйар.
Били Аамка муҥнаах тараччы тоҥон, омунугар тыҥырахтара муостаҕа тоһугураан, халтарыйа– халтарыйа, уҥа-хаҥас харбыалаһар. Оҕонньор ону көрөн:
– Ээ, бодоҥ баара, өйүттэн тахсыбыт дии, бу ичигэскэ тоҥмут аатыран, – диэн тыл ыһыктар.
Аамка ону истэр быһыылаах, аахсан ньаҕыргыы да барбат, кумуччу туттан, кутуругун куймаҥната-куймаҥната, оһох кэннигэр түһэр. Ити киэһэни быһа кини онтон тахсыбат, олох туруулаһан туран иттэр быһыылааҕа.
Бары да бэрт көрүдьүөс эбиттэр, бу санаатахха. Итинник хаадьылаһан син олордохторо эбээт. Биир киһи үйэтигэр балачча саастарын толорон, Ира устудьуоннуу сырыттаҕына, кырдьаҕастар эрэйдээхтэр утуу-субуу бараахтаабыттара. Онон эбэлээх эһэтин тустарынан олус сырдык өйдөбүллээх улааппыта. Оҕо сааһын биир саамай сырдык күннэрэ ол эргэ олбуордаах, кэҥэс тэлгэһэлээх, таһыттан сыбахтаах, олус сылаас-ыраас дьоҕус дьиэҕэ аастахтара.
* * *
– Хайа, кэллиҥ дуо, оҕом сыыһа, хайдах сырыттыҥ, этэҥҥэҕин дуо? – ийэтэ, Ира киирээтин, куолутунан төрдүттэн туоһуласпытынан, чэй кутаары ол түбүгэр түспүтэ.
Аҕалара күн баччатыгар диэри олорбот, үлэтигэр сырыттаҕа. Кыыһа куоракка сырыытын тиһэх сонунун дьонтон истибитэ Арыпыана сирэйигэр-хараҕар көстөрө. Ол иһин элбэҕи тугу да токкоолоспокко бэйэтиттэн истээри сэмээр күүтэрэ биллэр.
– Маама, көрүстүм. Максим наһаа үөрдэ, холбоһуохха диэтэ. Онон мин сыбаайбата суох саахсаланар буоллум. Эһиги барбаккыт биллэр, онно элбэх киһини киллэрбэттэр даҕаны. Барыта бобуу, хаайыы курдук эрээри… мин син биир быһаарынным, саамай кыраһыабай сүктээччи кыыс мин буолуом…
– Оо, муҥнаахпын даа… – Арыпыана, аны алҕас тугу эмэ сиирэ-халты тыллаһыам диэбиттии, илибирэс тарбахтарынан былаатын уһугун кэтэҕиттэн булан аҕалан, уоһун саба тутунна.
– Муҥнаах буолбатах, дьоллоох диэ ээ.. – Ира көх-нэм буола сатаата да, сылайбыта өттө, аанньа аһаабакка хоһугар киирэн сытта.
Иһит хомуллар тыаһын иһиллии сытан кини нухарыйа быһыытыйда. Ийэтэ оргууй аҕай тыаһа суох сыбдыйан киирэн кыыһа саптыбыт суорҕанын өрө тардан кичэйэн сапта уонна атаҕар олордо. Син биир истэр диэн, оҕотун атахтарын имэрийэ-имэрийэ, саҥалаах буолла:
– Тоойуом, дьылҕа диэн араас. Киһи көһүппэтэх өттүттэн олоххо ол-бу охсуу элбэх. Тулуурдаах эрэ буол. Максим чахчы эйигинниин ыал буолар санаата ааспатах, дьоммун иитиэм, киһилии ыал буолуохпут диэн санаан холбоһуох диэбит буоллаҕына, ылыммытыҥ сөп. Сүрэҕиҥ сытар, ис кутуҥ ылынар буоллаҕына. Ол эрээри сөбүлээбэт, эбэтэр бэйэҕин албыннанан, дьон ол-бу диэн саҥарыа эрэ диэн быстахтык санаммыт буоллаххына, ону тохтотуохха сөп. Аһынар сатаммат. Аһыннарааччы барыта өйдүө биллибэт. Мин үөрэн халлааҥҥа да ыттыбатарбын, эн быһаарыыгын өйүөҕүм. Аҕабыт туһа туспа. Эн кинини эмиэ өйдөө. Оҕону иитэн улаатыннарбыт киһи, хаһан баҕарар, салгыы уу нуурал үтүө эрэ буолуон баҕарар. Ону күүппүтүгэр кинини буруйдаама. Онтон ордук саҥатын-иҥэтин бэйэҥ билэн улааппытыҥ…
Мин төрүөхтээх оҕоҕун аһын диэм этэ, хата. Кыра барахсан кэлиэ дии, элбэх түбүгү эрэйиэ. Аҕатын ыйыталаһан барыа, онно туох дииргин билиҥҥиттэн бэлэмнэн. Бэйэм кэммэр мин ыарахан буолан үөрбүппүөн, аҕаҥ эмиэ хайдах да гыныан, ханна да туруоруон-олордуон билбэт гына үөрээхтээбитэ. Төрөөбүппэр көрүөҥ этэ, омун-төлөн бөҕө буолбуппут… Ити буоларын түүйбүт курдук. Ханна баарый, сонно иһэ ыалдьыбыта да, эрэй бөҕөнү көрөн, төннөөхтөөбүтэ. Ол кыһыыта, кутурҕана иккиэммитин буораппыта. Хата хойут, отут сааспар тиийэн баран эйигин булан, кып-кыһыл кыыстанан, арыый бэттэх кэллэхпит. Онон оҕо олус кичэл көрүүнү эрэйэр. Чаҕыйыма, Сырдык биһикки көмөлөһүөхпүт буоллаҕа. Эбэ буолар үөрүү, сиэн оҕону күүтүү. Мин билиҥҥиттэн дьоллоох курдук сананан олоробун. Оттон эн, оҕом барахсан, аттыгар эккэлии көтөр Максимыҥ суох да буоллар, кэнэҕэскигин санаа, барыта этэҥҥэ буолуо. Бу эрэһэ кэм аастар эрэ, атын сырдык ыраас кэмнэр үүнүөхтэрэ диэн эрэн. Чэ, кытаат, санааҕын түһэримэ, соҕотохсуйума, – диэн туран, кыыһын төбөтүттэн имэрийэн, сыллаан-сыллаан баран, киирбитин курдук чуумпутук тахсан барбыта.
Ира итини барытын истэ сыппыта. Харахтарын уута сыттыгын ибис-инчэҕэй буолуор диэри илиппитэ. Ийэтэ тахсыбытын эрэ кэннэ халтаһаларын туора-маары соттон баран, өрө сыҥпыта.
Оо, ийэм барахсан, эн этэриҥ курдук буоллаар? Миигин таптыырыҥ тухары «оҕом эрэ этэҥҥэ сырыттын» дииргин истэн улааттарбын да, хайдахтаах да түгэҥҥэ аттыбар баар буолуоххун билэбин эбээт. Тоҕо ытыыбыный? Эргэ барааччы булгуччу ытыыр дииллэр. Соҕотох кэмин, кыыс сылдьыбыт дьылҕатын кытта арахсар түгэнигэр хараастыбытын быһыытынан. Оттон мин ол онтон ытаабаппын. Тоҕо эрэ, сүрэҕим тэбиитэ оннук айылаах түргэтээбитэ суох, долгуппутун эмиэ кыайан өйдөөбөппүн. Туох эрэ тымныы аҥылыйар. Хантан? Туохтан? Билбэппин… Ол иһин ытыыбын…
Ира Дьокуускайтан кэлбитэ хас да хоммутун кэнниттэн, кулуубугар үлэлии сырыттаҕына, бэрт дьикти түбэлтэ буолла. Быыс кэтэҕэр олорон урут туттуллубут реквизиттэрин сааһылаан дьаарыстыы сырыттылар. Арай көрөөччү саалатыгар киирэр аан диэкиттэн остуорас Баала саҥата бап-баллыгырас. Туох буоллаҕай диэн худрук Маша сыанаҕа тахсан туран ыһыытаата:
– Баала, туох буоллугут, туох айдаанай?
– Ээ, манна биир киһи сатаммата, киирээри гынар, – диир.
– Кимий? Ыыт ээ, оттон! Кэллин бэттэх, – Маша күүтэ сатаата да, Баала тугу эрэ быһаарсара бүппэтэ.
Онтон эмискэ хааһах саҕа суумкалаах, от күөҕэ киэпкэлээх эдэр киһи хаһыакка сууламмытын бэркэ харыстаан түөһүгэр ыга тутан, күлбүтүнэн киирэн кэллэ.
– Мин… Кынтайаараба Иринаҕа кэллим, – диэтэ.
Итини барытын илэ хараҕынан көрөн турбут, эт кулгааҕынан истибит Маша: «Ээ, Макспыт диэн бу буоллаҕа», – диэн иһигэр быһаара охсубута. Оттон Баала: «Хайыы үйэ хат кыыска хайалара сананар бэйэккэтэй», – диэн билэ-көрө сатыыра баһыйан, тута быһаарсаары балкыспытынан барбытын ити кыыс сүгүннүө баара дуо, быһа хаһыыран тохтоттоҕо үһү диэн, иһигэр кыйахана турбута.
– Кынтайаараба Ирина диэн манна эһиэхэ үлэлиир буолуохтаах, мин ыраахтан кэллим, илдьити тиэрдээри. Баһаалыста ыҥырыҥ эрэ, – эдэр киһи эппитин кубулуппатаҕа, сыана диэки ыга анньан кэлбитэ.
Ити икки ардыгар Ира бэйэтэ тахсан кэлбитэ, үөрбүт-көппүт киһини билбэтэҕэ, хаһан да харахтаабатах буолан, тоҥкуруун соҕустук:
– Туох наадалааххыный? – диэн эрэ ыйыппыта.
– Мин Максим быраатабын, икки эрэ ыйынан кырабын ээ. Ийэлэрбит бииргэ төрөөбүттэрэ, Егор диэммин да, бары Лаҥ-Лаҥ диэн ааттыыллар, – күө-дьаа, күлэ-үөрэ, тылыттан таайдахха бэрт киириилээх-тахсыылаах, сытыы-хоту киһи бадахтаах, тута биир тылы була охсон, билсэн, сэлэһэ, сүбэлэһэ охсубуттара.
Кыра кулуубу эргийэ сонун тилийэ көтө охсубута. Онно-манна хосторго, иһирдьэ-таһырдьа сылдьааччылар бары сэҥээрбиттэрэ, Ира кэргэн барар уолун аймахтара билсиһэ кэлбиттэр диэн тэҥҥэ үөрбүттэрэ, сөбүлээбиттэрэ. Ордук Лаҥ-Лаҥ диэн хос аат олус чугас буолан хаалбыта. Тоҕотун, ити гынан баран, ким да ыйыта да сатаабатаҕа.
Массыыната субу төннөр кыһалҕалаах буолан, Егор кыыс дьонугар таарыйбатаҕа. Аныгы сырыыга булгуччу дьиэҕэр кэлиэм диэт, сорудаҕы толорбут киһи быһыытынан тилир гыммыта.
Кини эппитинэн, Максим хаайыыга да сыттар, кэргэн ылыах буолбут кыыһын кытта холбоһорго санаммытын истэн, ийэтэ барахсан кийиит кыыска диэн тэрийэн кэһиитин ыыппыт. Уол оҕото ээ, Егор өссө сибэкки булан өйөөн-убаан, букатын илиһиннэрбэккэ, тигинэтэн аҕалан Ираҕа туттаран олус долгуппута. Санаатыгар Максим киниэхэ анаан бэйэтэ ыыппыт курдуга. Ол иһин киэһэ дьиэтигэр тиийээт, уолга сурук суруйан барбыта. Кини дьоно, кийииттэрин көрбөккө да сылдьан, үөрэ ылыммыттарыттан соһуйбутун, үөрбүтүн үллэстибитэ. Буолбут түбэлтэни сиһилии ойуулаабыта, Лаҥ-Лаҥҥа уонна ахтылҕаннаах Максыгар эмиэ махтаммыта.
Суол алдьанара субу чугаһаабытыгар Ира эмиэ куораттаабыта. Бу сырыыга кини Хатаска олорор, үлэлиир, урут бииргэ үөрэммит кыыһын доҕор оҥостон, ЗАГС-ка киирбит сайабылыанньаларын ыйыллыбыт болдьоҕо туолуута, тэринэ тиийбитэ. Ира куруук бастыҥ, үчүгэй хаачыстыбалаах буоларыгар дьулуһар майгыта бу да сырыыга бэриммэтэҕэ.
Үнүр хаайыыга саахсаланарга барыта ыла-биэрэ, боростуой буолуохтааҕын сэрэппиттэрин үрдүнэн, син биир олоҕун бэлиэ түгэнин уратытык атаарарга кытаанахтык санаммыта. Биэрбит толуоннарынан «Туйаара» маҕаһыыҥҥа баар, ыал буолааччыларга анаммыт атыы-тутуу муннугуттан Максимҥа олус үчүгэй твид көстүүмү, соруочуканы, түүппүлэни атыыласпыта. Хаалтыс ылаары гынан баран «бу көстүүм саппаас кырадаһыныттан баанчык тигиэм, ол ордук көстүөҕэ» дии санаан тохтообута. Бэйэтэ кэтиэхтээҕин дьиэтигэр тиктэн кэлбитэ. Балачча биллибит иһин ханан да биллэрбэт гына, бэрт табыгастаах быһыылаах, тэлээркэй, муус-маҥан былааччыйатын олус сөбүлээбитэ. Итиэннэ баттахха анньынар ободуогу, чараас таҥаһынан эрийэн баран, бүүс-бүтүннүүтүн таҥас икки, куруһуба икки сыыстарынан олус нарын сибэккилэри оҥорон хам тикпитэ көрүөхтэн кэрэ киэргэл буолан тахсыбыта. Дьүөгэтэ Лиэҥкэ ону сөҕөн ытыстарын тэс гына охсубута. Бэйэтигэр мээрэйдэнэн баран:
– Ира-а, тарбахтаах да кыыскын эн, өйдүүгүн, миэхэ фатанан сэлээппэ оҥорбуккун? «Куба» диэн ааттаабытыҥ үкчү этэ буолбаат?! Сыбаайбаҕа кэлбитиҥ буоллар бэйэҥ истэн үөрүөҥ этэ, кыыс бары «хантан атыыласпыккыный» диэн ыйыталаһыы бөҕө. Сүктэр кыыс таҥаһын ыраахтан эрэ көрөллөрө буолуо диэбитим, хата үҥкүүгэ эргийэ сырыттахха кыыс аймах сүгүннээбэтэҕэ дии, устан ылан мээрэйдэнээри баҕа бөҕө. Колям нэһиилэ тохтотолообута. Мин киһиргээн бөҕөбүн, маннык кэрэ көстүүнү дьэ сатыыр дьүөгэлээхпин диэн. Илиитин иһиттэн, тугу да туттун, барыта хамсыы-хамсыы тахсар. Кырдьыга да оннук, сэлээппэбин билигин да ууруна сытабын. Хойут кыыһым эргэ бардаҕына кэтэрдиэм.
– Ол саҕана атын ирдэбиллээх буолуохтара ини. Биһиги саҕана суоҕа бэрдэ. Ол да фатаны хантан ыллым диэбиккиний?
– Хайа, «Холбос» маҕаһыыныттан! Икки фата баар да, атыыламмат диэбитэ атыыһыт кыыс. Хоруопкатын тугунан эрэ быһа кырыйаннар быраактаммыт үһү. Ону Зина эппитэ, итини ылыахха уонна Ираҕа көрдөрүөххэ диэн. Көрдөспүппүтүгэр, нэһиилэ уссуоҥкалааннар, атыылаабыттара. Сүүрэн аҕай кэлбиппит, эн тутан көрөн баран оройго уурунар сэлээппэтэ оҥоруоҕуҥ диэбитиҥ. Наһаа соһуйбуппут, кимнээх эрэ утарбыттара… Өйдүүгүн?
– Өйдөөмүнэ, бу да кыыс! Дэлэгэй иэннээх фаталар этэ дии. Каркааһыгар уолаттарынан синньигэс боробулуоха булларбыппыт. Онтон атына диэн чэпчэки буоллаҕа. Кырдьык, бэркэ табыллыбыта. Оттон мин фаталаммаппын, ол иһин сибэккинэн киэргэттим, бүрүчүөскэҕэ син мээнэ көстүө. Хата, Ленка, хаартыскаҕа түһэрэргэ аппараатта булаар эрэ, саатар биирдэ түһүөхпүт.
Итинник кэпсэтэн, болдьоһон бараннар, сарсыҥҥытыгар ЗАГС-тан тиийэн, докумуону толорор үлэһиттэрин илдьэ холуонньаҕа барбыттара. Лиэҥкэ, сытыы-хотуу бэйэккэтэ, тылыттан маппыта, сутурук саҕа сирэйин аҥаара, харах иччитэ буолан, быччайыаҕынан быччайбыта.
Ира бу манна инники кэлэ сылдьыбыт буолан соһуйбат. Күлүүстэри тыастаахтык халыгыратан, киһи куйахатыгар киириэхтии кыычыгырыыр-лиҥ– киниир тимир ааннары утуу-субуу арыйаннар, атаарар үлэлээх харабыллар кинилэри иннилэриттэн-кэннилэриттэн арыаллаан, эрийэ-буруйа көрүдүөрдэринэн хаамтаран, кыргыттары иһирдьэ аһардылар. Биир хоско киирбиттэригэр, онно олорор дьуһуурунай аҕалбыт сээкэйдэрин ылан, барытын чүүччэйэн көрдө. Максимҥа анаммыт таҥаһы аттыгар турар иккис киһиэхэ ууммутугар, анарааҥҥыта ону туппутунан тахсан барда.
Иралаах Ленаны атын сиргэ илтилэр, баанньыкка киирэр аан хоско маарынныыр кыра холлорооҥҥо «таҥныҥ» диэн хааллардылар. ЗАГС үлэһитэ атын хоско ааста. Сиэркилэ да, туох да суох. Ира сып-сап былаачыйатын кэттэ, баттаҕын көннөрүнэн ободуогун анньынна. Ону Лиэҥкэтэ көннөрөн биэрдэ. Судургута бөҕөтө, итинэн бүттэ. Сүктэр кыыс симэнэр сүпсүлгэнин бэйэтинэн бэркэ билэр дьүөгэтэ хайдах эрэ харааста быһыытыйда. Иһигэр: «Ира киһиттэн эрэ мааны, кэрэ кыыс, кини сыбаайбата сиэдэрэй буолбатаҕына сөҕүмэр кыраһыабайдык ааһыахтааҕа эбээт… Дьылҕа арааһы да көрдөрөн…» – диэн олус курутуйда да, биллэрбэт буола сатыы турда.
Ыҥырыахпыт диэн баран тоҕо эрэ уһаатылар. Ордук Лиэҥкэ барыах-кэлиэх сирин булбата. Ира бэҕэһээни быһа кинини соһуйаайаҕын диэн сэрэппитэ аҕай да, син биир хайдах эрэ нүһэр, тыйыс дойду салгынныын атын, тыынарга ыарахан… Оттон Ира холку бэйэлээх. Кэҥэриитигэр сүүтүк оҥууларын курдук бытархай хараҥа туочукалар бытыгыраан тахсыбыттара, кини ыарахан сылдьарын бэлиэтиир буолбакка, бу таҥнан турар таҥаһыгар ордук дьүөрэлии көстөрүн, кыыһы олус киэркэтэллэрин соһуйа көрдө эрээри, саҥарбата. Киһи кэмпилимиэнниирин даҕаны тардынар сирэ ээ…
– Проходите, невеста и свидетельница! – эмис– кэ ааны тиэрэ баттаан, улахан баҕайытык харабыл киһи ордоотообутугар, кыргыттар ходьох гыннылар.
Иһирдьэ киирдилэр. Максим маҥан соруочукатын, баанчыгын, кура суох бүрүүкэтин, түүппүлэтин кэппит, бинсээгэ суох. Дьиибэргии санаатылар да, ыйыта сорумматылар. Лиэҥкэ, эрдэттэн үлэспиттэрин курдук, аппараатын ылан эдэрдэри кыҥаата, илии баттыылларыгар түһэрээри күүтэн турда. ЗАГС үлэһитэ дьахтар элбэҕи, үөрүүлээҕи тугу да эппэтэ. Олус тымныытык, судургутук, туох да өрө көтөҕүллүүтэ суох тугу эрэ добдугураата. Соһуйбутун ситэри кыамматах Лиэҥкэ, дьүөгэтин туһугар хараастан, хараҕын уута халыс гынна…
Итинник Ира Кынтайаараба ыал буолбута. ЗАГС мааны саалатыгар магнитофоҥҥа, саамай улаханыгар туруоран, Мендельсон вальсын холбооччулар. Онно доҕуһуоллатан кыыстаах уол сиэттиспитинэн, күөх хаймыылаах кыһыл көбүөр устун хааман киирэн, Сэбиэскэй Сойуус былааҕын анныгар турар эппиэттээх үлэһит дьоҕус остуолун иннигэр тохтуу биэрэллэрин Ира элбэхтик долгуйа-ымсыыра көрбүттээҕэ. Онуоха саамай киэн туттуулааҕа: «Бу күнтэн ыла Сэбиэскэй Ийэ дойдуга өссө биир дьиэ кэргэн ячейката үөскээтэ. Ол – эһиги», – диэн, эмиэ да эппиэтинэһи санатардыы, эмиэ да сорудахтыыр курдук, кинилэргэ эрэ туһаайыллар тыллары истэр дьикти буолара.
Оттон Иралаах Максимҥа ким да инньэ диэбэтэ… Биһилэх кэппэтилэр… Уураһыҥ да диэбэтилэр… Эҕэрдэлээччи эмиэ суох. Барыта тымныы, кытаанах. Туох да үөрүүтэ суох. Хата кэргэннии буолар сибидиэтэлистибэни туттардылар.
Онтун Ира илдьэ кэлбитэ. Мантан ыла кини «кэргэннии балаһыанньата» суолталаах, ханнык баҕарар кырапааҕа «кэргэннээхпин» диэн суруйар бырааптаннаҕа. Аны пааспарын уларыттарыа, саҥа араспаанньатынан илии баттыыр буолуоҕа. Кыыс арааһы саныыр, оҕо төрөөн… бу кини үһүс төгүлүн араспаанньата уларыйдаҕа. Бастаан Петровтарга төрөөтөҕө. Онтон дьонугар иитиигэ кэлэн Кынтайаараба, итиэннэ эргэ баран Тэптиргээнэбэ буолла. Итинник, үһүс төгүлүн. «Туох ханнык үһүстээх, ханнык эрэ таҥара кинигэтигэр кырдьаҕас суруксуттара түөһэйбитэ дуу, тугу эрэ бутуйан, олохпун барытын булкуйан, сотору-сотору араспаанньа уларытар дьаабыта», – диэн, үһүстээн эргэ барарыгар биир дьүөгэлэрэ дьээбэлэнэн күлбүттээҕэ. Эмиэ да сөп ээ, туох диэн ытаныай, кистэниэй, буолбут буоллаҕа эбээт…
Бу маннык, сыһыаннааҕы да, сыһыана да суоҕу аҥаар кырыытыттан эргитэн саныы-саныы, Ира оптуобуһунан дойдулаан иһэр. Киһи тобус-толору, хата бу сырыыга олорор миэстэлээх. Ааспыкка, нэһиилэ кыбыллан киирэн, түөрт чааһы быһа дьирэччи тэбинэн туран, айаннаан тиийбитэ. Онно холоотоххо бу сырыыга бэрт бөҕө. Санаатыгар баттатан ситимэ суох толкуйа ыһыллан хаалар. Одоҥ-додоҥ ол-бу барыта кини төбөтүгэр кииртэлиир. Ол быыһыгар оптуобус дьонун ньамалас саҥата хуух-хаах курдук иһиллэр. Ира сокуонунан эрэ, кэргэнэ буолбут Максимын кытта үс күн устата бииргэ биир хоско олорон иһэр. Итиэннэ, буруйдамматаҕына, бэрээдэгэ үчүгэй буоллаҕына, кинини аныгыскы көрсүһүүгэ эмиэ көҥүллүөхтэрэ диэн, ол дойду сокуона суруллан, эркиҥҥэ ыйанан турар. Онтон ордук эрэйиллибэт. Онон, хайыаххыный, таларыҥ суох. Мантан ыла эдэр ыал хатыылаах боробулуоха нөҥүө-маҥаа маарыннаспат олохторо икки аҥыы суолунан устуо турдаҕа…
* * *
Оттон дьиҥ иһигэр, ити кэнниттэн икки сыл устата Иралаах Максим көрсүспүт түгэннэрэ быстар аҕыйаҕа. Кыыс кэллэҕин ахсын, «Свидание не разрешается» диэн, төттөрү ыыталлара. Тоҕотун ким да быһаарбат. Буруйданан сытар да дииллэр, «ему не положено» диэн кэбиһэллэр да, бүттэҕиҥ. Сурукка ыйытан эмиэ туһа тахсыбат. Хаайыы ис олоҕун таска таһаарар, биллэн турар, көҥүллэммэт. Онон Ира биири санаан кэбиспитэ, үксүн аҕалбыт аһылыгын хаалларан баран төттөрү дойдулууруттан соһуйбат, хараастыбат да буолбута. Максимын аһынарыттан чэрдийбит сүрэҕэ кыра аайы мээнэ-мээнэ тэппэт да курдук быһыылааҕа…
Ити кэмҥэ кыыстаммыт үөрүүтүн балтын, ийэтин кытта үллэстибит дьоллоох. «Эһэ» диэн ааттаммыт аҕата, кыра киһини наһаа сирбэтэҕэ эрээри, ымманыйа таптыыра эмиэ көстүбэтэ. Кини куруук кэмчи тыллааҕын бары билэр буоланнар, күүстэринэн «эһэтэ, оҕо эһэтэ» диэн ааттыыр идэлэммиттэрэ.
Ира үлэтигэр тахсыбыта быданнаата. Ийэтэ оҕотун көрөрүн иһин өр олоро сатаабатаҕа. Харчы хамнаска кэлэрэ уустугурбут кэмнэрэ тыҥаабыттара. Ол да буоллар хамнас суотугар аһы-таҥаһы атастаһыы, билиҥҥилии быһаардахха, «бартер» диэн өйдөбүл киирбитэ. Онуоха-маныаха диэри тэрилтэ тэрилтэни кытта дуогабардаһан уонна саҥа үөдүйэн эрэр эргиэмсиктэри кытта билсиһэн, илии тутуһан, үксэ мэнэйдэһии курдук дьиктитик дьаһаныы сир аайы бэрт сыыдамнык тэнийбитэ. Кулууптар Дьааҥыттан куобах тиэммит массыына кэлэн ааспытыгар куулунан ылан үллэстибиттэрэ. Ол оннугар кинилэр салалталара күһүҥҥү үчүгэй собонон төлөспүтэ. Куораттан кэлэн «Бууш буута» диэн хойутуу ааттаммыт, куурусса уҥа эрэ атаҕынан толору симиллибит 15-тии киилэлээх, дьааһыктаах бородууксуйаны сыҥалаабыттарыгар, хата толкуйдаах эрэттэр, уруккута оройпуоҕа соҕотуопкаҕа үлэлээбиттэр тус хонтуруолларынан, оройуон киинигэр отоҥҥо атастаспыт сурахтара ыаллары тилийэ көппүтэ.
Итинник аһыыр-таҥнар кыһалҕа син биир туох эрэ албастарга, толунар туһугар тугу эмэ тобуларга тиэрдэр эбээт. Тэрэпиискэ, таҥас дьыалата атын хартыына этэ. Эр киһи сиэптээх килиэккэ ырбаахытын сыаната ыйыллыбат, ол оннугар бөдөҥ баҕайы буукубаларынан «2 куобахха биэрэбин» диэн эриличчи суруллубут буолар. Кыыстарыгар дьууппа ылаары, тыа сиригэр барытыгар кэриэтэ арылла охсубут «Арбааттартан» биирдэстэригэр сылдьыбыт дьон кэпсиир, аны туохтан да соһуйбаккын, сыанатын оннугар «3 бытыылка мас арыыта», эбэтэр «куул аҥаара хортуоппуй». Булан ыл, онон ким төбөтө хайа диэки салалларынан, төһө сатыырынан, аҥаар кырыытыттан атастаһыы, мэнэйдэһии баар буолан, син мээнэ олохторун дьаһанарга тиийдэхтэрэ.
Инньэ гынан «хамнастаах» үлэһит Ирина Тэптиргээнэбэ төттөрү-таары кэлэрэ-барара үксээбитэ. Сотору-сотору аттынааҕы тыалары кэрийэн гостуруолларга бараллара, кэнсиэрдэри тэрийэллэрэ. Саҥаттан саҥа ырыа айыллан, сыанаҕа ыллыырга сонун уонна ураты көстүүмнэри айыы-тутуу биһирэнэр кэмнэрэ кэлбиттэрэ. Эдэркээн дьахтар, оннооҕор оҕо сылдьан сатыыра, билигин баҕас түүннэри иистэнэр көҥүлүнэн бэркэ туһаммыта.
Оҕото ытаатаҕына эбэтэ турар, уопсайынан даҕаны Арыпыана сиэнэ кыыска ылларбыта. «Үкчү бэйэҥ курдук. Чарааһа, холкута, ытаһа суоҕа», – диэн эбэ барахсан бүөбэйдэһэрин быыһыгар кыып-кыра кыыһын таптаан ымманыйар.
Сырдыктара атын нэһилиэккэ кэргэн баран ыал буолан ыраатта. Онон хам-түм көрсөллөр. Эһэтэ дэтэн биэнсийэҕэ олоруо арыый да илик аҕалара, айаҥҥа сылдьара эмиэ элбээн, сылайара-сылааргыыра да үксээтэ. Ол да буоллар оҕо төрөөбүтүгэр тулалыыр эйгэ уларыйыахтааҕын курдук ылынан, уруккуттан уу нуурал олохтоох Кынтайаараптар, туохха да үҥсэргээбэккэ, кими да мөҕүттүбэккэ, баары баарынан дьаһанан, кыра киһи эрэ күннээҕи кыһалҕатынан сирдэтэн, күө-дьаа, үөрэ-көтө олорбуттара.
Быыбар буолаары турдаҕына биир үтүө күн кулууптан, аҕыс киһи буолан, дьоҕус биригээдэ тэринэн, тэйиччи нэһилиэккэ кэнсиэрдии барбыттара. Ира бу айаҥҥа салайааччы эппиэтинэстээх. Онон сарсыардаттан төлөпүөнүнэн ханна тиийэн, хайдах тэринэн, хаска кэнсиэрдээн, төһөҕө бүтэн төттөрү хоҥноллоругар тиийэ, өссө биирдэ быһаарсан, эрэх-турах сананан айаннаан иһэллэр. Кини ырыатын байаанынан доҕуһуоллааччылар, үксүгэр даҕаны кыыс үрдүк куолаһын таба сатаан, ситэри оонньообокко, ханнык эрэ түгэҥҥэ булкуллан, тиэрэ-маары нуоталары ылан мэһэй буолааччылар. Онно кини үөрэнэн хаалбыт буолан кыһаллааччыта суох. «Куонкурус буоллаҕай» диэн күлэн кэбиһээччи.
– Ира-а, ити күппүлүөтү мин хатылыым эрэ, хос ырыатыгар көмөлөһүүй, кэннин диэкитин кыайан өйдөөбөтөхпүн ээ, – диэн былырыыҥҥыттан көрдөһөн байааннатар уоллара Миисэ Хоруу көрдөһөр.
Нэксиэни нэксиэ диэбэттэр буоллаҕа, күлүү-оонньуу быыһыгар таарыччы кыра эрэпэтииссийэ буола оҕуста. Син бөрөөтүлэр быһыылаах. Уол байаанын син биир туппутунан олорон, тарбахтарынан хонуопкаларын даҕайталаан, тыаһа суох оонньообута буолан, эрчиллэ олордо. Миисэ Хоруу маладьыас ээ, «гитараҕа көһөн хааламмын, байааммын умна быһыытыйбыппын» диир идэлээх. Ол да гыннар бэркэ оонньуур. Кулууп бэйэтин аккомпаниатора, «маһы да охсон муусуканы таһаарыахха сөп» диэн тыллаах Уйбаанабыстара сааһыран, ыарытыйар буолан хаалла. Онон айаҥҥа букатын да сылдьыспат.
Биригээдэ дьоҕус оптуобуһа киэһэлик кулууп таһыгар кэлэн тохтообутун, маҕаһыын аттыгар килиэп уочаратыгар турааччылар, көрө охсон, кэпсэл-ипсэл кэҥии түстэ. Кэнсиэр билиэтэ бүппүт, биллэриини устубуттара ырааппыт. Онон бүгүн туох дьоллоохтор оройуон киин кулуубун ырыаһыттарын истиэх буоллахтарай дэһии ырааҕынан ыырданна.
Кэҥэс сиртэн кэлбит артыыстар буоллаҕа дии, бэрт дьоһуннук туттан-хаптан, кулууп дьоҕус дьиэтигэр киирэн саамыланан бардылар.
– Үс кыыс миигин кытта барсар! – маннааҕы уораҕай уопуттаах харабыла Дуомуна аантан туран үөгүлүүр. – Киэһээҥҥэ диэри сынньаныаххыт, дьиэм киэҥ, сытан да ылыаххыт. Миэхэ урут Марыына Попуоба бэйэтинэн кэлэн тохтоон ааспыттаах, бэлэхтээбит былаатын көрдөрүөм, – диэн ыҥырыытын күүһүрдэн биэрдэ.
Кыргыттар истэригэр былдьасыһыы суох, эрдэттэн ким кимниин барсара биллибит буолан, мөккүөргэ тиийбэт.
– Та-ак, оттон миигин кытта үс уол диэбиттэрэ, – биир аҕамсыйбыт киһи эмиэ ыҥырда.
– Оттон миигин кытта… биир кыыс, – диэтэ, таһырдьаттан субу киирэн, бөтүөхтүү турар эдэр уол.
– Эс! Иккибит ээ, – эппиэттээх киһи Ира соһуйда.
– Суох, Мира Егорова диэн суруйбуттар…
– Хайа?! Оттон мин? – Ира наһаа соһуйда.
– Эн, Ирина Кынтайаараба-Тэптиргээнэбэ миигин кытта барсаҕын, – көөҕүнэс саҥа дьон кэнниттэн иһиллибитигэр, бары ах баран, ол диэки хайыһа түстүлэр.
Бай! Илэ бэйэтинэн Лаҥ-Лаҥ турар! Уол, күлэн ыттайан, бу тымныыга тиритэн-хорутан, сонун нэлэккэйдэнэн, бэргэһэтин кэтэҕэр анньынан, омунугар тириппит баттаҕа буруолуу турар.
– Дорообо, Ира! Бардыбыт, дьоммут күүтэн аҕай олороллор, – диэтэ.
Ира Максимын дойдута бу Ымыйа буоларын эрдэттэн билэрэ эрээри, кини дьонугар хаһан да сылдьыбатах буолан, бэйэтинэн билсиһэргэ тоҕо эрэ ыксаабатаҕа. Максим кэллэҕинэ дии саныыра. Ону, хата, бу Лаҥ-Лаҥ барахсан хантан истэн булан ылбыта баарай?
Ып-ыраас хаары өрүтэ хаһыйталаан, икки өттүнэн наһаа да үчүгэй чөмчөйбүт күрдьүктэри оҥорбуттар. Ол быыһынан хаамар хайдах эрэ хаар дойдуну санатар эбит. Итини Ира хайгыы истэ. Кини олоҕор, били уруккуттан ыраламмыт, баҕалаах кыһыл көбүөрүнэн хаамар уһун көрүдүөр суоҕа, ол оннугар хата бу көбүс-көнө, икки өттүнэн хайа курдук күрдьүллүбүт хаар үллүктээх ыллыгынан хааман иһэрэ бэрт баҕайы. Бу хаар суол балачча улахан тэлгэһэлээх, кырааскалаах, улахан бэрээндэлээх дьиэҕэ тиэртэ.
Киирбиттэрэ, ас минньигэс сытынан туолбут аан дьиэҕэ киһи толору. Ира соһуйан кэннинэн чинэрийээри гыммытын Лаҥ-Лаҥ тоҥолоҕуттан тутан ылла уонна оргууй сибигинэйэн: «Барыта чуоккай, чугуйума… Барылара биһиэннэрэ», – диэтэ уонна, кыыс сонун уһулан көхөҕө ыйыы охсон баран, дьон диэки туһаайан бэрт дорҕоонноохтук:
– Дьээ-эрэ, дьэрэкээннэр, дьиэлээхтэр! Билсэн кэбиһиҥ, биһиги Ирабыт, Сардаана сиэммит ийэтэ. Максим сыыһа туттубатаҕа буоллар бэйэтэ билиһиннэриэхтээҕэ да, олохпут оҥоһуута оннук. Чэйиҥ, остуолга олоруоҕуҥ, аа-дьуо билсиһиэҕиҥ, – диэн дьаһайда.
Лаҥ-Лаҥ Максим дьонугар Тэптиргээнэптэргэ чахчы чугас аймах буолара тута көстөр. Күннэтэ киирэ-тахса, ылса-бэрсэ олорор аймахтыылар атыттар буоллаҕа, туох да туспа чымаадыс суох. Кийиит кыыһы бары да билбиттэрэ ырааппыт дьон, аҕата кытаанаҕын истэн, чугасаһа сатаабатахтарын Максим ийэтин балта, Лаҥ-Лаҥ ийэтэ кэпсээтэ. Сиэн кыыһы Сардаананы көрүөхтэрин баҕаралларын билиммиттэригэр Ира наһаа үөрдэ. Баччааҥҥа диэри кини эмиэ хайдах эрэ бу аймах иннигэр буруйдаах курдук санаммыт сүгэһэрэ сүттэ, кыыс чэпчээтэ. Онон оҕотун хаан аймахтарын кытта, санаабакка да сылдьан, чэпчэки, истиҥ баҕайытык билсиһэн хаалла. Чахчы олох оонньуута буолбатах дуо? Аймахтара, аны сайын сынньалаҥҥа, бука бары да манна кэлээриҥ диэн, ыҥырдылар, маанылааннар «бу сиэммитигэр, бу эйиэхэ, бу эбэтигэр, оттон бу эһэтигэр» дии-дии, бэлэхтэрин туттардылар.
Ира үөрэн-көтөн, сайын уоппускаҕа булгуччу кэлиэх буолан тылын биэрэн, киэһэ кэнсиэргэ ыҥыртаата. Хааһах саҕа кэһиилээх суумкатын Лаҥ-Лаҥ сүкпүтүнэн Ираны кулуубугар диэри атааран биэрдэ.
Бу киэһэ сүрэхтиин долгуйбут кыыс дьахтар, дьиктитик сүргэтэ көтөҕүллүбүт Ирина Тэптиргээнэбэ, хаһан да иэйбэтэҕин иэйэн, иччилээхтик имэҥирэн, эттиин-хаанныын аһыллан туран, ыллаан лыҥкынатта. Кини ырыатын тыллара, күөмэйиттэн холкутук көтөн тахсар дорҕоонноро, иһийэн турбут эргэ кулууп самнархай эркинин курдары ааһан таһырдьа, тымныы будулҕаҥҥа уйдаран үрдүккэ, ыраахха көтө турдулар. Ол туран Миисэ Хоруу бу сырыыга үрдүк нуоталарын букатын сыыспакка, чиҥник чуо баттаталаан, кыыс нарын дьэҥкир куолаһын өйөөн-убаан өрө анньан, киэргэтэ лыҥкынаппытыгар махтана санаата, уоттаах харахтарынан уол диэки хайыһан симириҥнээн ылла.
Кини төбөтүгэр хаһан да көрбөтөх көстүүлэрэ элэҥнээтилэр. Ира бүгүн дьолломмут, сырдык үөрүүтүнэн кынаттаммыт көтөр дорҕоонноро былыттары уҥуордаан, хайалары быыһылаан, таас дьиэлэри нөҥүөлээн, хатыылаах боробулуоханан күрүөлэммит, салгын да өтөн киирбэт никсик сыттаах хараҥа уораҕайыгар, наараҕа токуллан сытар доҕоругар тиийэрин, сүрэҕин тэһитэ кэйиэлээн туруора сатыырын өтө көрөн бэйэтэ уйадыйан, моонньоҕон харахтара сиигирэн, туманныран ыллылар…
Ытыс тыаһа намыраабата. Ира бу киэһэ ыллаата. Көрөөччүлэр ыҥырдахтарын аайы сыанаҕа тахсан истэ, ис-иһиттэн көтөҕүллэн, арыллан, хайдах эрэ бүтэһигин ыллыыр киһилии, тохтоло суох толорон истэ. Миисэ Хоруу тириппит сүүһүгэр сар түспүт көлөһүнүн бөдөҥ таммахтара чэчэгэйинэн сүүрэн сыҥааҕын диэки саккыраһалларын көрөн, кыыс дьэ өйдөннө. Сөп буолууһу, атыттар эмиэ ыллыахтара…
– Ирка-а, «звездный час» оҥордуҥ дии, наһаа да маладьыаскы-ын! —кыргыттар оптуобуска олороот, кэнсиэрдэрин кэпсэлигэр түстүлэр.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?