Текст книги "Барыта алҕас этэ…"
Автор книги: Евдокия Иринцеева
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 9 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]
Итинник этэн баран, холкутук төбөтүн төҥкөтүө, сылаастык нөрүйэн Маайыс кэрэчээн иэдэһиттэн сыллаан ылыа, кыыс оҕо ыраас тириитин ураты кэрэ килбик сытын муннунан… билиэ, дууһатынан долгуйа сэрэйиэ. Көр, ол эрэ кэнниттэн ийэлээх аҕатыгар ыстаныа, чугас дьонугар ыалдьыттыа, барыларын көрсөн ахтылҕанын таһаарыа.
Итинник санааттан манньыйан ыла-ыла, син биир долгуйбута ааһан биэрбэт уол, кумааҕытын-докумуонун илиитигэр тутарын кэтэһэ таарыйа, саадка холууптары килиэп тоорохойунан күндүлээн иллэҥ кэмин бүтэрээри тиэтэйэ-саарайа ыстанна. Бу иһэн саныыр: кини, киһи аҥаара киһи, соторутааҕыта манна кэлбитэ, кэлээскэнэн сыннаран өр да ити пандуһу тахсара, көрбөт харахтарынан уһуннук да одуулуу сатыыра. Пахай, ол барыта ааспыта, билигин этэҥҥэ буоллаҕа, аны наар үтүөнү эрэ ыралыахха.
Ньээҥкэтэ эмээхсин бүгүн күнү быһа ытаата, ол кинини атаарарыттан буолуо дуо, баччалаах ыраахха кэлбит саха уола олус бэркэ эмтэн туһанан, үтүөрэн баран эрэр дьолуттан үөрээхтиирин быһыыта. Виталийга убанан, үөрэнэн хаалбычча, ахтар да буолан барбыт эмээхсин туруулаһан туран, уол киниэхэ хонон-өрөөн дойдулууругар тылламмыта уонна ээҕин ылбыта.
Виталий, кыратык чирэстэһиэх курдук гынан иһэн, бу бачча тухары киниэхэ кыһаммыт, үтүөкэн санаалаах нуучча баабыскатын хомотумаары бэриммитэ, балыыһаттан тахсан булгуччу таарыйыах буолан тылын биэрбитэ. Уол бу кини сытар кэмигэр дьоно хаста да кэлэ сылдьыбыттарыгар кинилэри эмиэ ньээҥкэ Вера Ивановна көрсүбүтэ, маанылаабыта.
Аан бастакынан көтөн кэлбит холуупка Виталий улахан тоорохойу бырахта уонна күлэн мүчүйдэ: оонньоон, эн Маайыстан сурук аҕалбыт үһүгүн, ол иһин сылайбыт үлэһиккэ – улахан куһуок!
Кини итинник өр оонньуу олордо да, чаһы барахсан ыйара хамсаан да бэрт…
…Маайыс кыраныысса таһыгар үлэлээбит болдьоҕун нэһиилэ тулуйда быһыылаах. Кэнники кэмҥэ бурҕачытан түһэн барыларын да соһутта, кыыс, көр, ол оннук тиэтэйбитэ. Ол эмиэ төрүөттээх, кини төннөр кэмэ чуо Виталий балыыһаттан тахсар кэмин кытта хатыспыта. Кыыс олус үөрбүтэ, булгуччу ити кэмҥэ онно баар буолуон баҕарбыта. Бачча сыл тухары сөбүлүүр сүрэх иэйиитин иҥэрэн итинник ыраахха кистиир кэмчиэрийбит да кыыска манан соҕус буолбатах этэ. Виталий доруобуйатын эрэ туһугар болҕомто уурулларын туһугар, тугу да уустугурдумаары, кини бэйэтин туһунан хаһан да тугу да биллэрбэтэҕэ. Уол аралдьыйбакка, долгуйбакка биири санаан, кичэйэн эмтэнэригэр ол олус наада диэн Владимир Евгеньевич тута эппитэ. Ити кырдьык да оруннааҕа.
Кыыс да туох да мэһэйэ суох үлэлээтэ. Киһи барыта кытай дуу, кэриэй дуу кырасаабыссатын үлэҕэ ыыппыт ураты албастаах Россия чиновниктарын сөҕөллөр: үлэһиттэри нууччалар хантан баҕарар булаллар. Бастаан утаа кыыс сахабын диэн этэ сатыыра да, ону бу дойду балачча үөрэхтээхтэрэ да санаалара хоппот: ыраах Сибиир түгэҕэр сытар сир төрүт олохтооҕо дии санаабаттар. Ол иһин кэлин хаһан да омугун быһаара сатаабат, туох да диэтиннэр, саҥата суох сөбүлэһэр идэлэммитэ.
Маайыс куруук Виталийы саныыр. Оо, кини үөрүө этэ, кыыһы көрдөр, бука, харахтара чаҕылыйыахтара буолуо. Тоҕо эрэ итинник саныыр. Уол соҕотохсуйарын киниттэн атын ама ким билиэй?
Кырдьык, килииникэҕэ кимниин билсиэй? Уонна бэйэтэ да улаханнык эмсэҕэлээбит буолан оннук кэпсэтинньэҥэ суох, наар үтүөрэр эрэ суолга төрүт халбаҥнаабакка турунан бары этиини толорор, олус кыһанар диэн Владимир Евгеньевич куруук этээччи. Володя да маладьыастаата, кыыска олус көмөлөстө, кини кистэлэҥин бу кэрдиис кэм устата арыйбата. Онон барыта табыллыах курдук.
Маайыс сүүрэн тиийиэ, бу сырыыга кыбыстыа суоҕа, уолу соһутуо! Кууһа түһүө уонна олус долгуйан, саадка сиэтэн таһаарыа, Виталийы ыскаамыйаҕа олордуо, бэйэтэ дирижер курдук иннигэр туруо. Уонна сэрэниин-сэрэнэн дьиҥ иһигэр хайдах быһыылаахтык бу килииникэ көстүбүтүн кэпсиэ. Оччоҕо Виталий сөҕүө, үөрүө да үөрүө, хайдах да махтаныан билиэ суоҕа, кининэн наһаа да киэн туттуо. Кууһан ылыа… Онтон, баҕар, уураатын?.. Ээ, суох, уураабатын ээ, оччотугар кыыс наһаа симиттиэ. Көннөрү көтөҕөн ыллын уонна ыга кууһан баран эргичийдин! Буот, кырдьык оннук буоллун, оччоҕо Маайыс киниэхэ ыга да ыга сыстыа этэ, сирэйин кини санныгар кистиэ буолуо. Ээ, суох, сатаммат эбит… аны Виталий итиччэ элбэх эпэрээссийэ кэнниттэн арыый да мөлтөһүөр туруктааҕа буолуо дии? Оччотугар, чэ, кини таах кууһан эрэ ыллын, ол да бэрт дии! Оттон Маайыс, киниэхэ куустаран туран, хаһан да илэ көрбөтөх сирэйин одуулуо, сөмүйэтинэн сирдэтэн барытын тутан көрүө уонна истиҥник эҕэрдэлиэ, уолу сөбүлүүрүн да туһунан, баҕар, этиэҕэ…
Мэник санаа муокастыырыттан кыбыстан Маайыс тэтэрэн хаалла, малын хомуна туран, аттынааҕы түннүгүнэн ыраах баар саҕаҕы одууласта. Чаһыта ырааппыт. Кыыс килииникэҕэ сүүрдэ.
Көрүдүөр устун таах элээрэн киирдэ, доктор Владимир Евгеньевич кэбиниэтигэр тыастаахтык көтөн түстэ. Володя кыыс олус тупсубутун, килэбэчигэс сурунааллартан мичилийэр, сибилигин эрэ күҥҥэ хараарчы сыламнаан тахсыбыт тас омук дойду кыыһын курдугун астына көрдө, үөрэн мүчүк гынна. Чугаһаан кэлэн төбөтүн төҥкөтөн нарын илии көхсүн бытыктаах уоһунан ибир гына уураан ылла. Кыыс нарын илиититтэн дыргыйар ыраас тирии сытыттан туймааран ыларга дылы буолла. «Оо, кэрэтиэн да, мин тапталым! Бу сылларга сөҕүрүйүөхтээҕэр өссө иитиллибит, итийбит сыһыаным кини сүрэҕин сылааһынан илгийиэ дуо? Ээ, эчи даҕаны… арай эттэрбин ылыныа дуо, Маша?» – ити санаа кинини үүйэ-хаайа тутта.
Маайыс Владимир Евгеньевич кэбиниэтигэр уһаабат чинчилээх, наадатын тиэтэл соҕустук тоҕо тэбээтэ, сирэйэ-хараҕа турбута дьикти. «Долгуйбут аҕай, ама даҕаны, биирдэ эрэ көрөөт, киһини… буолаары буолан… эчэйиилээх ыарыһах киһини, итинник таптыыр дьоһун буоллаҕай? Алҕаһыыра буолуо, Виталий да билигин кинини туох дии саныыра биллибэт ээ…» – диэн Владимир Евгеньевич эмиэ да кыыһы тоҕо эрэ аһына санаата.
Кыыс төлөбүрүн барытын бүтэрбитин чуолкайдаан өссө төгүл ыйыталаста. Уонна манна иэһим суох ини диэбиттии, олус тиэтэйэн, уол палаататын ыйдаран, Владимир Евгеньевичкэ истиҥник махтанаат, таһырдьа ойдо.
Маайыс сүрэхтэрэ тиҥ-тиҥ тэбэн хаҥас көрүдүөр диэки түһүнэн кэбистэ. Владимир Евгеньевич хоһугар чочумча турбахтаата, олус долгуйда. Кыыс тугу да сэрэйбэккэ тыастаахтык сабан тахсыбыт аанын саҥата суох одуулаамахтаата, сүр ыараханнык үөһэ тыынна уонна, синим биир диэбиттии туттан, кыыс кэнниттэн оргууй таһырдьа таҕыста.
…Виталий оботтоох холууптарыттан кэлэйэн, кинилэри хайдахтаах да килиэп тоорохойо хаһан да тоторуо суоҕун кэмниэ кэнэҕэс итэҕэйэн, ытыстарын тэс-тэс тэбээн баран, оргууй аҕай туран, киирэн тэлэбиисэр көрөөрү килииникэ диэки барда, киҥинэйэн иһин түгэҕэр, ийэтэ мэлдьи ыллыыр ырыатын тылларын саныы-саныы, ыллыы истэ:
Кыптыыйдыы туттубут
Кылбаарар кынаттаах,
Элэйбэт-сылайбат
Эйэ-дьол холууба,
Көҥүлү-эйэни
Көхсүгэр сүгэҥҥин,
Үгүс да куораты
Үрдүнэн көтөҕүн…
Үрдүк кирилиэһи аҕыйахта атыллаан соҕотохто дабайан таҕыста уонна көрүдүөр диэки туһулаан хааман истэ. Бай, бу тугуй? Уол сүрэҕэ мөҕүл гынна. Хайдах-хайдаҕый? Оол диэки, тэйиччи, оруобуна Маайыс курдук үрдүк курбуу уҥуохтаах кыыс хантан эрэ тахсан, кини иннигэр киирэн элэстэнэ турда. Көхсүнэн да буоллар, туга эрэ кинини санатарга дылы. Ити икки ардыгар уолу Вера Ивановна көрсө түстэ уонна:
– Виталя, саараама даҕаны, эн биһикки массыынабыт оруобуна икки чааска кэлиэ, куотаайаҕын эрэ, – диэн мичээрдии-мичээрдии киниэхэ туһаайан эттэ, оонньоон дьарыйбыта буолан, сөмүйэтин чочоҥнотто.
Уол итиниэхэ кыл эрэ түгэнэ аралдьыйа охсубут курдуга да, били кыыһы хараҕын далыттан сүтэрдэ. Ол икки ардыгар кыыс аны төттөрү иһэрэ көһүннэ. Оо, бу дьолу! Чэй эрэ, кини дии? Оттон кини ээ, бу иһэр буолбаат, киниэхэ бэйэлээх бэйэтин дьоло?! Оо, түүл дуу, илэ дуу, күүттэрдэҕэ уһунуон! Маайыс кыыс чараас кылгас былааччыйата тэлээрэн, синньигэс биилэ имиллэҥнээн, чэгиэн бөтөҕөлөрдөөх уһун көнө атахтарын кэрэтик да уурталаан, чэпчэкитик да дайан киниэхэ уун-утары бу иһэр! Кими эрэ көрдүүр кэриэтэ ол-бу диэки көрүөлүүр. Бука, кинини, Виталийы буолуо ээ?
Уол сүрэҕэ аһый гынна, харахтара кэҥээтилэр, көхсө курбуулаппыт курдук көнө түстэ, түөһүн иһигэр сып-сылаас сүүрээн соҕотохто итий гынна уонна күүһэ баарынан: «Маайыс! Тоойуом!» – диирдии оҥостон салгыны күүскэ эҕирийэн эрдэҕинэ, иннинээҕи хостон маҥан халааттаах киһи утары таҕыста. Итиэннэ кыыһы харбаан ылаат, ыга кууста быһыылаах… тохтоло суох уураан-сыллаан барда. Виталий айаҕын аппытынан, атыллаан испитинэн салгыҥҥа ыйанан хаалбыт курдук буолла. Көрбүтүн итэҕэйбэккэ, хараҕынан Маайыһы кэтии сатаата да… кыыс эр киһи көхсүттэн көстүбэтэ. Виталий тыҥатын муҥунан эҕирийбит салгынын тыастаахтык төттөрү таһаарда уонна харахтарын үрүҥ туман бүөлээбититтэн мунан төттөрү барда, дьалты хаамта.
Виталий саадка баран уоскуйуо дуо, саҥата суох күлүккэ олордо, салҕалас буолбут илиилэрин тохтоло суох мускуйар, сутуругун ыарыылаахтык хам тутар. Саныы сатыыр, көрбүтүн итэҕэйбэт буола сатыыр.
Владимир Евгеньевич! Хайдах-хайдаҕый? Хантан билсэллэрэ буолуой? Тоҕо баҕас дьылҕа кининэн оонньообута, элэктээбитэ ыарыытай? Аата, түбэһии да буоларыан, абакката… Ол эрээри мин киниэхэ туох диэн бырааптаахпын диэмий? Миигин Маайыс да билбэт, мин да кинини чахчыта билбэппин. Дьиҥнээх талааннаах киһитин билэн итиччэ өйдөөх кыыс таптаабыта буолуо. Мин туорайдаһар санаам да, быраабым да суох… эппитим курдук, киниэхэ махтаныам уонна умнуом буоллаҕа дии. Маайыс кэрэтэ кэрэтинэн кини өйүгэр хаалыа, кинилэр дьоллоох эрэ буоллуннар.
Оттон Виталий дойдулуо. Баҕар, Маайыс түөрт сыллааҕыта манна, киниэхэ, ити Владимир Евгеньевичкэ, да кэлбит буолуон сөп буолбат дуо? Ким билиэй? Ээ, дьэ буоллаҕа, бэйэм да өйбөр оҥоро сатаабыт иэйиибин итэҕэйэн мөлтөөн биэрбитим да баар диэн хара күүһүнэн бэйэтин сэмэлэммитэ буола сатыы олордо.
Виталий докумуоннарын ылан, палаататын эргиччи көрөн субу тахсаары турдаҕына, аан аһылынна уонна хайдах эрэ дьиктитик көрбүтүнэн Маайыс киирэн кэллэ. Уол көрбүтүн итэҕэйбэтэ, оо, айылҕа эйиэхэ эрэ анаабатах кыыһын чочуйар да буолар эбит! Үп-үрүҥ тиистэрэ кэчигирээн, күн уота саһарчы сыламнаабыт эриэккэс кэрэ дьүһүнүгэр ордук да бэлиэтик көстөллөр, тэтэркэй уостара сэгэйбиттэр, кип-киэҥ харахтара чоҕулуччу умайбыттар, үөрүүнэн туолбукка дылылар. Кыыс үрдүк түөстэрэ эппэҥнии тыыналлар, синньигэс биилэ ол аайы өссө имигэстик, куустарыах айылаахтык угуйар курдук хамсаан ылар. Виталий кыыс тарбахтарын одуулуон туттунна эрээри, быыс булан көрө оҕуста: ханан да биһилэх, ытарҕа, ол-бу түөскэ кэтэр киэргэл суохха дылы. Арааһа, уопсайынан киэргэли кэппэт эбит диэн кини быһаарда.
– Виталий, дорообо, – кыыс сэрэнэн саҥа аллайда.
Уол бэйэтэ да соһуйуон иһин тугу да саҥарбата, тымныытык көрөн эрэ кэбистэ.
– Хайа, Виталий, хайдаххыный?.. – уу чуумпуга кыыс хайдах эрэ түргэн баҕайытык самныбыт куолаһынан иккистээн ыйытта.
– Барыта этэҥҥэ, мин таҕыстым бу, дойдулаатым, – диэтэ уонна тохтоло суох суумкатын урдүгэр түстэ.
Кыыс талбааран туран хаалла, ах барда, хайдах да буолуон билбэтэ. Маайыс төбөтүгэр сүүстэ оҥорон көрбүт хартыыната сааһыламмыт бэрээдэгин кэһэн, ханан да өйдөммөт гына соҕотохто ыһыллан, былыт курдук үрэллэн-симэлийэн хаалла.
Оттон Виталий хараҕын бүөлүү охсубут туманы быыһынан субу турар кыыһы аттынан ааһан эрэр курдуга уонна чабырҕайдара: «Чыычааҕыам, тапталыам, далбарым оҕото, дьоллоох эрэ буолаар дуу…» – диир кэриэтэ биир кэм тиҥийэн эрэллэрэ…
Виталий туохтан эрэ куотан эрэрдии, суһал соҕустук сулбу хааман ааны былдьаспыта, кини кэнниттэн ньээҥкэтэ Вера Ивановна барахсан нэһиилэ тилэх уопсубута. Бэлэм массыынаҕа олоро биэрээт көтүтэ турбуттара. Уол баҕарбытын-баҕарбатаҕын иһин, бу көбүс-көнө уулуссанан төтөлө суох сыыйылыннарар түргэн массыына кинини сатаан эппэтэх тапталыттан, дууһатыгар иитиэхтээбит аҥаарыттан туура тутан тэйитэн испитэ…
Оттон онно – кураанах кэҥэс палаатаҕа – кураанаҕы кууспут, туох буолбутун билигин да арааран өйдүү илик Маайыс эрэйдээх суос-соҕотоҕун туран хаалбыта. Кыыс мунан, сибилигин аҕай ааһа охсубут түгэни төттөрү тардан, барытын кэрчик-кэрчик эргитэ саныан баҕарбыта. Уол субу туран барбыт маҥан сабыылаах оронугар олорбута, санаатыгар иэйбит киһитин сылааһа кытта илгийэн кэлэр курдук, сыттыгы ылан иһигэр ыксары тутан ыга кууспута уонна онно саба түһэн, иһиллибэтэр ханнык диэбиттии, ытаан саннылара дьигиҥнээн барбыта. Ама даҕаны, күүттэ да этэ кини… бу көрсүһүүнү, тоҕо баҕас тымныытай Виталий кинини көрсүбүтэ. Ол аата тугуй? Ол аата, ол аата кини бэйэтэ кыыстаах… эбэтэр били Анята баар эбит… Оо, тоҕо да субу түгэн итинник эргийдэҕэй?!
Кыыс эбии хоргутан уйа-хайа суох барда. Саатар, кини тоҕо да итиччэлээх уустук үлэтин бүтэрэ охсон, тиэтэйэн бөҕө кэлэн хаалбыт абаккатай? Оччоҕо, баҕар, уол хаҕыс харахтарыгар хатаныа, эрэйбит-иэйбит санаатын киэр хайыһыннаран, сүрэҕин ооккото толугуруу мөхсүө да суох этэ буоллаҕа. Хомойбут, күүтүүлээх күндү көрсүһүүттэн маппыт намчы бэйэлээх кыыс бу табыллыбатах түгэни, атаҕастаммыт дьахтардааҕар лаппа ыарыылаахтык ылыммыта… уһун түүннэргэ, хараҥа киэһэлэргэ дууһатыгар уйалаан, кистээн иитиэхтээбит истиҥ иэйиитэ кирдээх буорга тэпсиллибитин курдук санаабыта. Ыарыылаахтык тэппэхтиир сүрэҕэр хоргутуу хаҕыс кыыма кытта баара: аата, оҕолоор, саатар, кэпсэтиэн дуу? Тоҕо куотта? Туохха өһүрдэ? Ама, миигин ааспыкка сэрэтиитэ суох сүппүтэ диэн итиччэлээх буруйу сүктэрдэҕэ дуу?! Кыыс туох да диэн харда ылар кыаҕа суоҕа. Уол барбыта.
…Виталий бу түүн утуйбата. Саҥата суох эркин диэки хайыһан чуумпутук сытта. Дөрүн-дөрүн, Вера Ивановна алҕас истибэтэр ханнык диэн, иһин түгэҕиттэн дириҥник үөһэ тыынар. Арай, төһөлөөх эмэ сыранан эргиллибит, чөллөрүгэр түспүт харахтарыттан сэрэтиитэ суох кыбыстыылаах көмүскэ уута балачча өлгөмнүк тохтор… Тапталыам, ымсыырдар ыарыылаах, көөчүктэнэриҥ күндү да бэйэлээх буоллаҕа! Маайыас, баччалаах кэрэ кыыс, биир саха уолан дьылҕатыгар анамматах да буолаҥҥын? Эн курдук талыы кэрэчээнэни хаһан уонна хантан көрсөөхтүөй? Оннук баҕа аны суох да эбит… Бүгүн Виталий дууһатыгар таптала туойар уран ырыатын чараас кыла итинник ыарыылаахтык быһыннаҕа. Кини өссө сарсыардаттан саҥа олоххо үктэммиттии үөрэн-чэпчээн күнү көрсүбүтэ баара, ааспыт аймалҕаннаах олоҕун анарааҥҥы доҕуһуола буолан, Маайыс антах хаалыстаҕа…
Оо, саатар, эрдэ да көрдөөбөккө дуу, көрдөппөккө дуу?! Оччотугар туох эмэ уларыйыа этэ дуо? Уол була сатаан арааһы толкуйдаабыта… Билигин кэлэн кыбыста санаата: кини илиитэ-атаҕа толору быччыҥнаммытын биирдэ өйдөөн көрөн, илиитинэн бигээн көрбүтэ уонна санаабыта – арай манна Маайыһа баар да буолбат, кыыс нарын тарбахтарынан кини түөһүн, саннын оргууй таарыйан моонньуттан кууһан, үрдүк түөстэринэн киниэхэ ыксары сыстан сып-сылааһынан тыынан илгийдин?! Төһө эрэ дьоллоохтук сананыа эбитэй? Сотору кини мантан тахсыа уонна тапталын ооккотун булуо, сэрэнэн-харыстаан чэпчэкитик кууһуо уонна кимиэхэ да көрдөрбөккө, ханна да халбарыппакка, күүстээх киһи сиэринэн көҥөммүттүү уураан ылыаҕа. Ити санаатыттан кини ис-иһиттэн долгуйбута, илиитэ-атаҕа саҥа хаанынан кутуллубуттуу итийэн-ирэн чиргэл буола охсубута, быччыҥнара күүрбүтэ.
Билигин сиппит-хоппут эр киһи эрээри, уол оҕолуу санаа оонньуутун эрэ хоту итинник оҥорон көрөн манньыйбытыттан сонно кыбыстан-хоргутан саҥата суох, хараҕыттан тохтор таммахтары билбэтэҕэ буола сыппыта. Абаккатыан, кини Маайыһа атын киһи анала эбит, били маҥан халаат барыахтаах сирин бүөлүү туран, кини тапталын көрдөрбүтүнэн күрэппитэ, иэйиитин ыйыппакка да илдьэ барбыта…
…Оттон Маайыс уол сыттыгыттан, эмискэ тугу эрэ булбуттуу, төбөтүн чөрөс гыннараат, соһуйбуттуу сулбу тардан одуулаабыта. Хараҕын уутуттан илийэ охсубут сыттык табын эҥээрин оргууй имэрийбитэ уонна эбии хараастан, сыллыы-сыллыы, итийбит иэдэһигэр даҕайбахтаабыта.
Виталий, мин эйигин таптыыбын эбээт, быһыыта… Мин хаһан да, кими да маннык истиҥник санаабатаҕым, кимиэхэ да маннык күүскэ тардыспатаҕым. Эн саҥаҕын, күүтэн-күүтэн эт кулгаахпынан бүгүн истибит дьоллоохпун, эн урукку сэбэрэҕэр төннөрбүт көрүҥҥүттэн үөрдүм даҕаны, долгуйдум даҕаны этэ. Эн харахтаргын мин бүгүн аан бастаан утары көрдүм? Оо, тоҕо баҕас тымныыларай? Тоҕо баҕас миигиттэн ыраахтарай? Эн үрдүк бэйэҕин, киппэ таһааҕын мин аан бастаан көрдөҕүм, туохтан барытыттан тэйэн, сиэри-сэмэни да аахсыбакка, эйиэхэ чугаһаан кууһан ылыахпын чугаһаппатыҥ… Мин да акаары, баҕар, тута сүүрэн тиийбэккэбин? Оччоҕо, ама даҕаны, төттөрү анньыаҥ этэ дуо? Мин эйиэхэ эрэ, эдэр сааһым эриэккэс, саамай кэрэ өйдөбүлүгэр, кистэлэҥ күүтүүлээх киһибэр өөр да өр ыраахтан айаннаан тиийэн кэлбитим. Эн дьиҥ чахчыны: хаһан эрэ мин толкуйдаан-тобулан таһаарбыт тус бэйэм кистэлэҥмин билбэтиҥ дьэҥкэ эрээри, саатар, киһилии кэпсэтиини бэлэхтиир кыаҕыҥ суоҕуттан соһуйдум диэн, Маайыс санаатыгар, киниэхэ эрэ туһаайан, сүрэҕинэн сипсийбитэ.
Кыыс харахтарын уута иэдэстэринэн сып-сылаастык тохтообокко эрэ сүүрбүттэрэ. Мунна бүөлэнэн, салгыны сатаан эҕирийбэккэ кычыгылаппыттара. Бу түгэҥҥэ бу тапталын аһыйан, ону кутуруйан ытыыр, уу-хаар баспыт Маайыстан кэрэ сир үрдүгэр суохха дылыта. Хоргуппут кыыс ыган таһаарбыт дьэҥкир таммахтара, чөмчүүк таастыы утуу-субуу мөлбөһөн түһэн, кэрэчээн харахтарын өс-сө тупсараллара, оҕолуу толлойбут уостара, туус амтаныттан соһуйан, ибир-ибир хамсыыллара…
Оччотугар, эн тускар мин холкубун, билигин ханнык бэйэлээх бачча кэрэ дьүһүннээх, бөдөҥ-киппэ саха уоланыгар хараҕа хатаныа суоҕай? Аня да буолбатаҕына, Виталий талбыт атын кыыһын доҕор оҥостуо, үөрэ-көтө кэпсэтии-сэһэргэһии түгэнин Маайыска буолбакка, атыҥҥа аныа турдаҕа… Оо, дьылҕам, кытаанахтык да мин диэки көрдүҥ? Тапталым туоһута соҕотох: мин кинини, Виталябын, бэйэ бодотугар төннөрдөҕүм уонна кини киһилии сэбэрэтин илэ көрөн бэйэбэр өйдөбүнньүк хаалларыннаҕым… Оттон утуйбатах түүннэрим, эйигин санаатахпына, ахтан кэллэхпинэ тэтэрэр имнэрим, эмискэ итиинэн туола түһэр түөстэрим… тапталы эрэйэллэрэ, эйигин күүтэллэрэ омнуо буолбатах эбээт, сыччах эйигин эрэ сөбүлээбит сүрэҕим атыҥҥа кимиэхэ да сыҕарыйар санаата суох. Ол барыта – өйгө оҥорон көрүү, бэйэни албыннаныы эбит буоллаҕа. Алтыспакка арахсан ыраахтан ахтыбыт аҕыйах сылым аһыы амтанын маннык биллэҕим, алҕаһаабыт даҕаны буолларбын, буруйдаах бэйэм эбиппин диэн өйдөөтөҕүм. Быраһаай, мин ыраас ырам, сырдык сулус оҥостубут толкуйдаах-талааннаах, миэнэ буолбатах эриэккэс уоланым…
Маайыс ытаабыт харахтарынан тула көрбүтэ, оргууй турбута, сэрэниин-сэрэнэн сыттыгы имэрийэ-имэрийэ оннугар уурбута, орон сабыытын оргууй чиккэччи тардан көннөрбүтэ, ол аттыгар турар туумба кытыытын нарын синньигэс тарбахтарынан сотон ааспыта уонна, мэктиэтигэр куччаабыкка дылы буолан, суумкатын илиитигэр тутан, аат эрэ харата палаататтан тахсыбыта…
Оо, тоҕо да интернет илимигэр киирбитим буолла? Тоҕо да, тыллана-тыллана, уолу булбутум буолуой? Маннык эрэйдэнээри? Маннык өйдөһүмээри? Ол эрээри хоргутуу диэн суох буолуохтаах. Виталий миэхэ тугу да эрэннэрбэтэҕэ эбээт. Арай, урут тута манныгы былаанныахха диэн кинилиин сүбэлэспит буоллун? Оччоҕо ылыныа этэ дуо? Саарбах. Мин кини оннугар эбитим буоллар – ылыныам суоҕа этэ. Ол да иһин мин барытын киниттэн кистээбитим, бэйэм эрэ быһаарбытым. Ол аата бу түгэҥҥэ сыыспыт буоллахпына – мин сыыһам, табыллыбатах буоллахпына – мин табыллыбатахпын…
Көрүдүөр устун бытааннык хааман, кыыс аһаҕас ааҥҥа чугаһаабыта, били профессор Владимир Евгеньевич кэбиниэтигэр чуумпутук киирбитэ, тыаһа суох кытыыга көстөр кириэһилэҕэ олорбута, сирэйин саба туттан ытаан барбыта.
Владимир Евгеньевич кыыс киирбитигэр соһуйан ойон турбута. Мааҕын көрүдүөргэ кини кыыһы харбаан ылаат, омуннаах соҕустук таптыырын сибигинэйэ-сибигинэйэ, быстах-быстахтык элбэҕи да эттэ этэ. Профессор буолбут киһиэхэ, тастан көрдөххө, солуута суох курдук буолуо да, дьиҥэр, Владимир Евгеньевич бачча сылларга, кырдьык, таҥара оҥостубут кыыһа бу Маша эрэ этэ ээ. Кини, ыытан кэбистэхпинэ куотуо диэбиттии, куттанан күүскэ да туппут быһыылааҕа. Биирдэ өйдөммүтэ Маша:
– Да что с тобой? Успокойся! – диэн кыйахаммыттыы, киэҥ харахтарынан кини диэки көрбүтүгэр, омунугар онтон уот сардыргыыр курдуга.
Онтон кини, дьэ, өйдөөбүтэ: соччо табыгаһа да суох сиргэ, килииникэ көрүдүөрүгэр буола-буола, эчикийэ быһаарсыан да баҕарбыта баара. Кыыс илиилэрин төлөрүтэ биэрэн сэниэлээхтик садьыйбыта, өһүргэнэн сабыччы көрбүтүгэр кыра оҕо курдук толлойбут уостарыттан букатын да ууллан, умайан хаалбыт имэҥин кыаммакка, аны уураан ылбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалбыта. Онуоха Маша кыыһырбыта, кэбиниэккэ ойон киирбитэ уонна биир тыынынан Виталийы эрэ таптыырын туһунан субуруппута. Атыны истиэн да баҕарбатаҕа. «Мин эйигин сөбүлүүрүм буоллар, бэйэм да эппитим ырааппыт буолуо этэ», – диир даҕаны, дьиҥэр Маша оннук сытыы кыыс буолбатах, оннооҕор ити уолга да биллэрбэккэ сылдьыбыта уһунуон? Этиэ баҕас сымыйа ини… Оттон Маша кинини таптаабатын, дьиҥэ, Владимир Евгеньевич билэн бөҕө буоллаҕа… Ол да буоллар, баҕар, «дьол хараҕа суох» дииллэрин хоту санаатын өссө биирдэ эттэҕэ дии, оо, дьэ сордоох баара, ити ыарыылаах кырдьыгы кыыстан истээри…
– Значит, супруга моя – моя жизнь и любовь к моей науке… – диэбитэ кини аат харата уонна оннугар баран, үөрүйэхтик олорбута, ачыкытын таһааран өөр да өр кыһанан-мүһэнэн ыраастаабыта…
Оттон билигин Маша аны төттөрү кэллэ – хайдах гыныах баҕайыный? Кыыс ытыырын кини аан бастаан көрдө, ыксаата. Куруук саха омук тоҥуй да, кытаанах да норуот диэн иһигэр сөҕөрө, төһөлөөх түһүүлээх-тахсыылаах кытаанах тургутуулаах үөрэҕи-дьарыгы бу нарын кыыс ааспыта буолуой? Ол тухары кини биирдэ самныбыт дьүһүнүн, саппаҕырбыт сэбэрэтин, буолаары буолан ытыы олорорун, дьэ көрбөтөх кырдьыктааҕа. Ону баара, хайдаҕый бу? Маша, кини сүрэҕин чопчута Машенька ытаабыт дии! Кэрэ кыыһы, көр, ытаан да кэҕиннэрбэккин, мэктиэтигэр өссө тупсубукка дылы буолбут.
Владимир Евгеньевич кыыска тиийэн аттыгар тугу да гыныан билиминэ турбахтаата, онтон өй ылан уу аҕалан иһэрдэ сатаата уонна саҥата суох тобуктаан олорон кыыһы сымнаҕыыс-сымнаҕастык кууста, оҕону ааттыыр курдук кылабачыгас хара баттаҕыттан имэрийдэ. Кыыс утарсыбата, өссө иэйэ-куойа ытаата, көмүскэтиэх оҕолуу кини санныгар саба түстэ. Владимир Евгеньевич онтон эр ылла быһыылааҕа, кыыс сирэйин сэгэтэн көрдө, кытарбыт харахтарын, кэрэчээн муннун одуулаата уонна сэрэнэн-сэрэнэн уураан барда…
Маайыс маннык ураты истиҥ сыһыаны дуу эбэтэр эр киһи сымнаҕас сылаас эрээри, эмиэ да күүстээх илиилэрин чахчы күүппүт быһыылааҕа. Чуо бу диэн ким билиэ баарай, арай кыыс оҕоҕо айылҕа барахсан анаан ураннаан чочуйбут эдэркээн этэ-сиинэ, үрдүк түөстэрэ, имигэс таһаата, сымнаҕас самыыта, таарыйдахха тэтиҥ мас сэбирдэҕинии тэлибирии эриллиэх айылаах көхсө-иэнэ тапталга таалалыахтарын баҕарбыттарын билиммэтэллэр даҕаны, кэрэхсиир киһиэхэ бэриниэхтэрин, кыратык хайҕатыахтарын, чахчы да сөхпүккэ көөчүктэниэхтэрин баҕараллара эбээт, быһыыта. Тапталын төттөрү астарбыт хоргутуута, иэйиитин үллэстиэх буолбут киһитин таҥнарыыта ыарыылаах да этэ. Ол иһин кыыс тугу да утарсыбатаҕа быһыылааҕа.
Маайыс эр киһи сэниэлээх илиитигэр бигэнэн, уһун кыламаннарыгар ыйаммыт таммахтар нөҥүө тугу да көрөр кыаҕа суоҕа. Кыыс иннигэр кинини чахчы таптыыр киһи турара – кини сэрэнэн, иһиллиир кэриэтэ харыстабыллаахтык имэрийэр илиилэриттэн илгийэр сылаас сүрэххэ тиийэ биллэргэ дылыта. Маннык имэҥнээхтик кууһуон куруук күүппүт эдэркээн сүрэх санаата табыллан, дууһата арыллан испитэ… Кыыс ханна эрэ үрдүккэ көтүөхтүү даллаҥныах курдук буолбута, хаһан да эр киһиэхэ куустарбатах, ким да имэрийэр илиитин араара үөрэммэтэх бэйэтэ бу эмискэ салаллыбыт саллыылаах дуу, саргылаах дуу быһыыга-майгыга бэйэтин салайынар кыаҕыттан тахсыбыт курдуга…
– Моя маленькая Машенька, нежность моя, пичужка ты моя, долгожданная… – Владимир Евгеньевич долгуйан уларыйан хаалбыт кэһиэхтээх куолаһынан тохтоло суох сибигинэйэн барбыта, харахтарын симэн, кыыс минньигэс сытыттан туймаарыйан, сирэйин кини күөкэҕэр моонньугар, хойуу ньаассын баттаҕар кистии анньыбыта.
Эмискэ Маайыс көхсүгэр тымныы уунан саба ыстарбыт курдук этэ бүүс-бүтүннүү тымныйан ылбыта, дьик гыммыта. Икки чанчыгар күкээриһэ үүммүт ньалака баттахтара өрө тураат, биир кэм аһый-аһый гынарга дылы буолбуттара. Онтон ыраахтан да ыраахтан ханна эрэ кэтэҕэр: «Кэби-ис, атын дии, атыны аналым диигин дии, хотуой?! Бу туох буоллуҥ?!» – диэн ким эрэ ыһыыта дуораһыйарга дылы гыммыта.
Маайыс дьэ өйдөммүтэ, Владимир Евгеньевич илиитин киэр анньыбыта, ойон турбута уонна чэпчэки бэйэлээх чараас ытыһынан нөрүйбүт киһини иэдэскэ саайбыта. Онуоха киһи соһуйан ходьох гыммыта уонна тута буруйданан кыыстан бырастыы гын диэн ааттаспыта. Эппиэт биэрэр кыаҕа суох эппэҥнэһэ турар икки эдэр сүрэх барахсан, хайа-хайаларыгар да таптал имэҥэ кирийэн, иһиттэн таһаара сатыыр бары иэйиилэрин эмискэ тымныы өй саба туппута. Дьиҥ иһигэр – уол да, кыыс да – ыраас өйдөрүнэн бэркэ билэллэрэ: кинилэр иккиэн таптыыллара, тапталга баҕараллара, ол эрээри нөҥүө-маҥаа үүммүт ынах муоһунуу, кинилэр силбэһэр кыахтара суоҕа. Кыыс бэйэтин атын киһиэхэ аныан баҕарара, онон кини бу киһи сүрэҕин тэбиитин, ыарыылаахтык ыттарар муҥун таайар да, ылынар да кыаҕа суоҕа. Оттон уол хайдах да гынан кыыстан харданы ылбатын эмиэ бэркэ өйдүүрэ.
Саҥата суох соҥуоран турбахтаабыттара, онтон кыыс оргууй уол сирэйин имэрийбитэ уонна:
– Бырастыы гын, махтанабын эн миэхэ сыһыаҥҥар, ол эрээри мин эйигин таптаабаппын… Ытыктыыбын эйигин… Эйигиттэн атын чугас, эн курдук бэриниилээх доҕор миэхэ суох эрээри, мин эйиэхэ кэргэн буолар аналым суох… Бырастыы…
– Маша, мин билэбин, эн буруйуҥ онуоха суох, мин таптыыр киһи бэйэм эрэ билэбин… Оҕо эрдэхтэн иитиэхтээбит иэйиим ырата эн эрэ… Миигин боппоккун, төһөнөн тардыстабын, соччонон таптыам, буруйдаабаппын мин эйигин, туохха даҕаны. Доҕор? Доҕордуу буолуох диириҥ тухары миигиттэн бэриниилээх доҕору булуоҥ суоҕа, мэлдьитин күүтүөм, көстөн ааһаргар көрдөһүөм уонна… онтон атыҥҥа санаммаппын. Куттаныма, мин эйигин атаҕастыыр да, самнарар да санаам суох… – Владимир Евгеньевич чуумпутук эргиллэн түннүккэ баран көхсүнэн турбута.
Маайыс итинник арахсыбыта. Ол күнү быһа киниттэн курус санаа кытаанах кыллара арахпакка, сотору-сотору сүрэҕин быһыта кымньыылыыр курдуктара.
Нөҥүө күнүгэр кини ордук оттомурбут, кимниин да үөрэ-көтө сэлэспэт көрүҥнээх били хас да сыллааҕыта ыраах үлэҕэ атаарбыт тэрилтэтигэр киирэн кэлбитэ уонна түргэн үлүгэрдик, көрбөккө кэриэтэ, кумааҕыга сайабылыанньа суруйбута, тахсан барбыта.
Ол кэнниттэн бу куоракка кини уһаабатаҕа, Маайыс биэс күнүнэн аны букатын атын сиргэ саҥа сорудахха, улахан-уустук үлэҕэ анатан сөмөлүөтүнэн өрө көтөн тахсыбыта. Кини кэннигэр барыта хаалбыта – ааспыт кэрчик олоҕо, таптала, ырата. Кураанахсыйбыт дууһаны уоскутуо буолуо арай үлэ… Сыччах үлэ эрэ?.. Саҥа күннээх, саҥа түбүктээх, саҥа дьонноох билбэт сиригэр тиэрдэн олохтуу охсоору түргэн сырыылаах сөмөлүөт былыты быыһынан сундулуйа көппүтэ.
…Виталий дойдутугар кэлбитэ. Кэри-куру уол иччитэхсийбит дьиэҕэ кэлиэм, ким миигин күүтүөй дии санаан уку-һуку кыбартыыратыгар киирбитэ… доҕоор, сып-сырдыгынан тыкпыт күннээх, ып-ыраас хомуллуулаах дьиэ ыһаарыламмыт хортуоппуй күөх луук эбииликтээх сытынан дыргыйа көрсүбүтэ. Уол соһуйбута. Кини дьиэтин, киһи үөрүөх, уурбут-туппут курдук, хаһан да манна босхоҥ-кыаммат киһи олоро сылдьыбатаҕын курдук, оҥорон-киэркэтэн кэбиспиттэр этэ.
Ийэтэ-аҕата, дьоно-сэргэтэ тоҕо ааҥнаан кэлэн эҕэрдэ тылларын эппиттэрэ, үөрүүгэ кыттыһаары ыаллара киирбиттэрэ. Сөҕүү-махтайыы, ирэ-хоро сонуну үллэстии кэнниттэн көрсүһүү остуола бүтүүтэ, уол дьонугар махтанан тыл истиҥин-иһирэҕин эттэ. Онуоха түргэн бэйэлээхтик ийэтэ хараҕыттан уу-хаар баһа оҕуста:
– Тоойуом, биһиги буолуо дуо, баччалаах өрөмүөнү… оттон үлэҥ дьаһайда барытын, күн сарсын да таҕыстаргын сирбэт былааннаах олороллор ээ.
Уол ити күн дьонугар-сэргэтигэр олус махтана, сарсын хайаан да үлэлии, саҥа олоҕун маІнайгы кэрдииһин дабайа барыан санаан, үөрэн мүчүйэ сытан, утуйан хаалла.
…Маайыс саҥа дойдуга кэлэн үлэлээбитэ иккис ыйа. Үөрэнэ таарыйа бастаан утаа син балачча киэҥ сиринэн кэрийдэ. Уоскуйа да быһыытыйда. Манна кини омук тылын билэр буолан туохтан да иҥнибэт, туга да хааччахтаммат. Бииргэ үлэлиир дьонунуун бодоруспута ыраатта. Кыыһы да сөбүлээтилэр. Бачча кэрэ эдэр кыыс кэргэнэ суоҕуттан соһуйбут да, сөбүлээбит да баһаам. Алтыһааччылар арай кини туһунан тугу да билбэттэрин кэриэтэ. Онтон-мантан ыйыта сатаатылар эрээри, дьоппуон кыыһыгар маарынныыр, сүрдээх холку, оттомноох уонна үрдүкү кылаастаах үлэһит кыыс уруккутун-хойуккутун туһунан ылы-чып, ким да, тугу да эппэт. Арай, олус кэрэхсээччилэр сири аннынан, хасыһан-хасыһан билбиттэрэ, бу кыыс омугунан саха дэнэр үһү. Ол хотугу дойдуга олохтоох, сүрдээх тулуурдаах омук буолан буолуо, Мари дэнэр кыыс мичээрдиирин мичээрдиир эрээри, олус тоҥуй буоларын быһыытынан, кими да чугаһаппат, ис санаатыгар киллэрбэт туох эрэ тутар күүстээх.
Ааспыкка дьоно, кыыс били Питергэ кэлэн барарыгар, Дьокуускайга кэлиэ диэн кэтэспиттэрэ да тиийбэтэҕэ. Суһаллык атын сиргэ барар буоллум диэбитэ. Ону итинник эппиэттээх үлэлээх кыыһы дьоно даҕаны бэркэ өйдөөбүттэрэ, соһуйбатахтара. Уонна кинини ким ирдиэй?
Бэйэтэ бэйэтигэр сырыттаҕа. Үлэтигэр толоруохтаах сорудаҕын эІкилэ суох кыайар, идэтин бэркэ баһылаабыт кыыһы бары да манна сөбүлүүллэр. Сөҕөллөр уонна маанылыыллар. Сэҥээрэр эдэр дьон сылдьар тухары мэлдьи да баар буолааччылар. Олортон биирдэрэ бу маннааҕы олохтоох омук уола сири-дойдуну кэритэр сорудахтаммытыттан олус үөрбүтэ, кини кэрэчээн кыыһы мэлдьи да илдьэ сылдьыан баҕарар буолбута ыраатта.
Кыыс кини аттыгар куруук баар буолан иһэр уолга эмиэ үөрэммитэ ыраатта. Күннэтэ көтөх муҥунан кэлэр сибэкки дьөрбөтүттэн соһуйбат даҕаны. Бу дойдуга ол саҕа баай суоҕун быһыытынан сиэдэрэй сибэккини көннөрү болҕомто быһыытынан эрэ ылынар. Кэмпиэтинэн-сакалаатынан күндүлүүргэ бу эргин үөрүйэҕэ суохтар. Ол оннугар киэһэ-сарсыарда чэйгэ, кофеҕа ыҥырар идэлээхтэр. Кыыс онно барбат, наар сылайдым, сынньаныам диэн куотунар албастаах. Ол иһин кинини тоҥуй диэн бары билэллэр. Јссө сөҕөллөр, эр дьону кытта тэҥҥэ биир офиска үлэлиир улахан сололоох кыыс хайаларыгар да болҕомтотун уурбата сүрүкэтэ бэрт. Дьахталлар – иҥээҥнэһэр уолаттар ийэлэрэ, күнү супту тугу да үлэлээн дьарыгырбат, хоп-сип хаалара барахсаттар, тойон эрдэрин ыйыытынан кийиит көрдүүр кыһалҕалаахтар – сөбүлээбит кыргыттарыгар чугаһыы, билсэ сатыыр, иҥэр-тоҥор идэлээхтэр. Ол эрээри кинилэри Маайыс эмиэ чугаһаппат. Ытыктабыл бэлиэтин барытын тутуһан үөрэ-көтө сэһэргэһээт, суһал үлүгэрдик тыас хомунар идэлээх. Ол дьахталлар ханнык эрэ кинилэр истибэтэх да омуктарын кыыһа бу норуот тылыттан ордон өссө итэҕэлин бэркэ билэрин, абыычайдарын тэҥҥэ ытыктыырын сөҕө саныыллар уонна кийиит гыннахтарына, ааттара-суоллара өссө үрдээн, тутуллара аатыран тахсыахтааҕын быһа суоттанан, Маайыһы сэҥээрэллэрэ өссө күүһүрэргэ дылы буолар. Ардыгар ийэлэр икки ардыларыгар күнүүлэһии да баар буолуох курдук: хайаларын уола хас сибэккинэн соһутта, хайдах атаарда, ханна сырытта.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?