Текст книги "Күрэтиллибит таптал"
Автор книги: Федот Захаров
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 6 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]
– Оттон бу малбын дьоммор хантан ыллым диибиний? – Обун күндү малы ыларыгар ол туһунан санаабыта.
– Бэбэһэ биэрдэ диэ. Киниэхэ дьиэ маһа кэрдэр үһүгүн буолбат дуо, – диэн Топпооску сүбэлиир.
– Дьиэ маһын кэрдэрбэр хаччы ылыах буолбутум.
– Бу малы эбии үлэлээбиппэр биэрдэ диэ. Ону булан эппэккин дуо? Мин туспунан дьоҥҥор да кэпсээмэ. Кэпсиэҥ да сэрэн, – Манчаары эмиэ сэрэтэр. Ол эрээри сирэйэ-хараҕа сымнаҕас.
* * *
Обун Арамаан Бэбэһэ Ыстапааннаахха кэлэн икки хонно. Күнүс тыаҕа тахсан мас кэрдэр. Үһүс киэһэтигэр дьиэтигэр дьэ тиийэн, Бэбэһэттэн уларсыбыт матаҕатын туппутунан киирдэ. Дьоно дьиибэргээбит харахтарынан көрдүлэр.
– Хайа тоҕо ыҥырбытый? Бу тугу аҕаллыҥ? – Тиэхээн саҥата суох олорбохтоон баран ыйытар.
– Оттон Бэбэһэ биэрдэ, – Обун матаҕа иһиттэн ылтаһын тэриэлкэни хостоон ылан остуолга уурталыыр. Суккун сону, бүүчээн ыытын хостуур. Бэбэһэ сүбэтинэн киис тириитин ыалга хаалларбыта. Онуоха-маныаха диэри диэн.
– Тыый, нохоо, суккун сон. Сабыс-саҥа. Бу тугуй, бүүчээн ыыта дуу? – ийэтэ эмээхсин кэлэн бүүчээн ыытын сыллаан көрөр.
– Бу туох ааттаах күндү маллары биэрдэ? Тугу үлэлэттэ? – Тиэхээн эмиэ ыйытар. Соһуйа көрөн хараҕа кэҥээбит.
– Оттон умуһах хастарбыта. Уонна ааспыт сайын киниэхэ от охсубутум дии, – Обун этиэх буолбут тылын этэр.
– Ол умуһаҕы саас, тоҥҥо, хаһаллар үһү дуо?
– Уолбар тутар саҥа дьиэбэр хастарабын диэбитэ. Баран Бэбэһэттэн ыйытыҥ даҕаны.
– Тугу-тугу кэпсээн эрэр киһи буоллуҥ, – Тиэхээн түннүгү көрөн ылар.
Обун санаатыгар, дьоно Манчаарыны кытта сылдьыбытын сэрэйдилэр. Туох эрэ бөрүкүтэ суох быһыыга түбэспит дьон курдук буоллулар. Үөрбүт быһыылара биллибэт.
Сарсыарда туран Тиэхээн инитин олуйан-молуйан ыйытта. Обун төрүт да муҥкук, көнө муҥутаан, ыктаран билиннэ. Барытын кырдьыгынан кэпсээтэ. Дьоно кини кэпсээниттэн сүрдээҕин куттаннылар. Уоллара туох эрэ улахан буруйу оҥорбутун курдук саныыллар. Дьиэҕэ киирэн, көрдөрбүтүнэн туран, баай ыал малын-салын халааһын диэн, икки атах истибэтэх суола. Улахан буруй, айыы, саат-суут.
Тиэхээн күөлгэ баран туутун көрөн кэллэ. Онтон үтэһэлээх балык буһан күнүскү аһылыктарыгар олордулар.
– Тыыллымаҕа бараҥҥын Даркы Дьаакыпка бу малы барытын төннөр. Уонна атаҕар үҥэҥҥин буруйга-сэмэҕэ тиэрдимэ диэн көрдөс, – дьиэлээх дьахтар Ылдьаана санаатын түмүгүн эригэр Тиэхээҥҥэ иһитиннэрэр.
– Оттон оччоҕо Манчаары уолбутуттан ситиһиэ суоҕа дуо? Кимиэхэ да кэпсээмэ диэн сэрэппит буолбат дуо, – Тиэхээн кыынньыбыт сылаас үүттэн сыпсырыйар.
– Кырдьык, ити киһи уолбутун өлөрөн да кэбистэҕинэ көҥүлэ, – эмээхсин эбэн биэрэр.
– Оччоҕо хайдах буолабыт? Торбос сонноох сылдьан эмискэ суккун сонноннохпутуна дьон хантан ыллахтарай диэхтэрэ, – Ылдьаана Тиэхээн диэки көрөр.
– Онуоха-маныаха диэри кистээн кэбиһэр инибит. Оттон бүүчээн ыытын куоракка ыытан атыылаттарыахпыт. Бүүчээн ыыта ыарахан сыаналаах буолуо.
– Бу киһи аны үп сиэри гынна дии. Тыалынан киирбит үп холоругунан тахсар диэн өс хоһооно баарын умуннуҥ дуо?
– Биһи уолбут дьону халаспатах. Көннөрү сирдьит, таһаҕасчыт буолбут. Ол аата үлэлээн ыллаҕа дии. Икки атах оннооҕор буолуох айыыны оҥорор ини.
– Манчаары кэлэн эмиэ уолбутун илдьэ барара буолуо. Бэбэһэ бэдэр мэйии бэйэтэ барсыа дуо, биһи уолбутун уган биэрдэҕэ.
– Бэбэһэ халбархай киһи. Ол уруккуттан биллэр.
Обун убайыттан Тиэхээнтэн уон сылынан эдэр. Оҕо эрдэҕиттэн аҕа туппут киһитэ. Убайа тылынан-өһүнэн даҕаны баһыйар. Уол киэһэ үлэтиттэн кэлбитигэр убайа мас-таас курдук эттэ:
– Аны Манчаары кэлэн онно-манна ыҥырдаҕына олох барсыма. Дьону халыыр, талыыр диэн, үрдүк таҥараҕа айыы, бар дьоҥҥо саат, чолобууда суукка буруй буолар. Манчаары тутуллан хаайылыннаҕына, эн эмиэ хаайыллыаҥ. Оччоҕо ойох ылыах буолбут кыыһыҥ кэлиэ суоҕа. Ону өйдөө. Таһыйдаҕына даҕаны тулуй. Эр киһи буоллаҕыҥ дии.
* * *
Ыаллар сайылыктарыгар көһөн кэлбит саҥалара иһилиннэ. Биир үтүө күн Бүөтүччээн, саҥатык соҕус даба ырбаахытын кэтэн, Бүрүнэйгэ барда. Онно атаһын Охоноон уолу көрсүөхтээх.
Сайылык, алаас эҥин өҥнөөх сир симэҕинэн киэргэнэн, олус тупсубут. Кинилэр кыараҕас ыырдарыгар холоотоххо, алаас сир хонуута киэҥэ, киһитэ-сүөһүтэ элбэҕэ, үтүө дойду буоллаҕа. Күөрэгэй чыычаах саҥата дьырылас.
Алааһы ортолоон эрдэҕинэ ыттар үрдүлэр. Батыһан кэлбит ыта Моойторук кулгааҕын чөрбөттө. Инники иһэн тохтоото. Эргиллэн иччитин көрөн ылла. Иккитэ-үстэ «моҥ» диэтэ. Ити икки ардыгар икки ыт үрэ-үрэ утары кэллэ. Анараа ыттар ыты көрөн сэрэммит курдук туттан чугаһаатылар. Ыкса кэллилэр. Маҥнай сытырҕалаан көрдүлэр. Аргыый кутуруктарын хамнаталлар. Моойторук дьулайбыт көрүҥнээх, кутуругун купчуппут да буоллар, эмиэ сытырҕалыыр.
Күөт ыт арҕаһын түүтүн адаарытан көхсүн тыаһатта, тииһин көрдөрдө. Бүөтүччээн аны ыппын тутуохтара диэн «чөт» диэтэ. Ыттарга чугаһыы хаамта. Мас сытара буолаарай диэн көрүөлээтэ.
Эмискэ ыттар ардырҕаһа түстүлэр да охсуһан булумахтастылар. Моойторук уҥа-хаҥас харбыалаһан иһэн, мүччү ойон, дьиэтин диэки ыстанна. Кутуругун купчуччу туттубут. Дойдулаах ыттар эккирэтэн субуруҥнатан, үрүйэҕэ түһэрэн көстүбэт буолан бараннар, сотору төннөн, тылларын салыбыратан кэллилэр. Кыайбыт-хоппут көрүҥнээхтэр. Бүөтүччээҥҥэ кыһаммакка, дьиэлэрин диэки дыгыйдылар.
Дьиэҕэ киирбитэ – дьукаахтыылар бары кэлбиттэр. Оттон Охоноон уол баара көстүбэт. Бүөтүччээн ыалдьыт быһыытынан уҥа ороҥҥо кэлэн олордо.
– Тугу кэпсиигит? – Бүөтүччээн сиэр быһыытынан аан аһан кэпсэтэр.
– Суох. Эн кэпсээниҥ? – Быргый ийэтэ кыра уҥуохтаах чаҕаарыйбыт эмээхсин кэпсэтэр.
Дьиэлээх эмээхсин туох сонуннаахтарын, хайдах кыстаабыттарын, хас ынах төрөөбүтүн эҥин ыйыталаһар. Бүөтүччээн оҕо киһи быһыытынан хоруйдуур эрэ.
– Манчаары Баһылай эмиэ күөрэйэн ыалга ыалдьыттаабыт үһү. Ону истибиккит дуо? – Быргый Дьөгүөр оһох иннигэр сүгэ ытаһалыы олорон ыйытар.
– Суох. Истэ иликпит. Хайа ыалга сылдьыбытый? – Бүөтүччээн «ыалдьыттаабыт» диэн тылы көнөтүнэн өйдөөтө.
– Хоро нэһилиэгэр Архыып Сүөдэрэп диэн киһиэхэ ыалдьыттаабыт.
– Ол аата хайаабытый? – Бүөтүччээн тыл эҕэтин дьэ сэрэйдэ.
– Хайыай, ыган-ынан туран ампаардарын астарбыт уонна малларын халаабыт. Хата сэрэнэн олоруҥ, эһи ампааргытын алдьатан баайгытын халыаҕа.
– Оҕону хаадьылаама. Манчаары үрдүк өһүөлээхтэри өҥөйөр сурахтааҕа, – эмээхсин үүт кыынньаран ыалдьыкка иһэрдээри көһүйэҕэ кутар.
Бүөтүччээн атаһа суох буолан, кыынньыбыт үүтү иһэн баран дьиэтигэр төнүннэ. Дьиэтигэр кэлэн ытын чинчийэн көрдө. Эмсэҕэлээбэтэх. Арай муннун кырыытын сиирэ ытырбыттар. Моойторук иччитигэр кутуругун куйбаҥнатар, илиитин салаан «ньалып» гынна.
– Хайа туох сонуннаах ыалга сырыттыҥ? – Дьаакып оҕонньор уол киирэрин кытары ыйытар.
– Манчаары ыалы халаабыт үһү, – Бүөтүччээн сонунун иһитиннэрэр.
– Тыый! Кимнээҕи? – Мааппа этэрбэс абырахтыы олорон тохтоон, уолун диэки көрөр.
– Хороҕо Архыып Сүөдэрэп диэн киһиэхэ сылдьыбыт.
– Хайалара буоллаҕай. Сахалыы аатын эппэтилэр дуо? – оҕонньор лаппыйан ыйытар.
– Суох.
– Төһө эмэ таһыллар, көскө ыытыллар да кэһэйбэт, көммөт киһи эбит, – Байбал оһох иннигэр олоппоско олорор.
– Отуора алдьаммыт киһи буоллаҕа. Уонна тугу иһиттиҥ? – оҕонньор сиэниттэн эмиэ ыйытар.
– Уонна тугу да кэпсээбэттэр.
– Бэйи, мин бэйэм бара сылдьыыһыбын. Бу киһи тугу да иҥэн-тоҥон ыйыталаспатаҕа буолуо.
Оҕонньор ыалга баран, саас, өрүс хаайыан иннинэ, куораттан нууччалар тахсаннар, Манчаарыны тутаары уонча хонукка көрдөөн баран, булбакка төннүбүттэр үһү диэн сураҕы истэн кэллэ. Ол аата Манчаары эмиэ күөрэйбит үһү диэн кэпсээбиттэрэ кырдьык эбит.
Уонча хонук ааста. Манчаары туһунан сурах хас нэһилиэк аайы долгун курдук тарҕанна. Хаһан баҕарар сурах-садьык эбиилээх, күүркэтиилээх буолар. Ол ыалы халаабыт, бу баайы таһыйбыт, онно сылгы өлө сытарын көрбүттэр, манна ат сүппүт үһү диэн кэпсээн үллэҥнэтии. Ыалга ыалдьыт киирдэҕинэ туох ханнык иннинэ Манчаарыны сураһаллар.
Баайдар уйаларыгар уу киирдэ. Улахан баайдар ампаардарын үрдүгэр чуолҕаннардаах кыра мэҥэһик ампаар оҕотун туттара охсон, түүннэри-күнүстэри харабыллаах олороллор. Онно-манна ынах, сылгы сүппүтэ элбээтэ. Ону, Манчаарыга балыйтараары, нэһилиэк уоруйахтара бэйэлэрэ сииллэр быһыылаах диэн сэрэйдэллэр даҕаны, ким-хайа иннинэ Манчаарыны ааттыыллар.
Манчаары абаҕатыгар Чоочо баайга өстөнөр үһү, хаһан эрэ киниэхэ ыар ыалдьыт буолара буолуо дэһэллэр. Ыаллар кыра оҕолорун «Манчаары кэлиэ» диэн куттуур буоллулар.
* * *
Бэс ыйын халлаана ардахтаах буоллаҕына, өҥ үчүгэй дьыл буолар. Быйыл ардах сири син бэркэ өҥсүттэ. Сир ийэ барахсан ардах түһэн аастаҕына ырааһырар, салгынныын чэбдигирэр. Ону билбит курдук чыычаах саҥата эмиэ элбиир. Быйыл сайын бырдаҕа аҕыйах буолла. Ону бэс ыйын саҥатыгар халлаан тымныйан бырдаҕа өллөҕө, кэҕиннэҕэ дэһэллэр.
Дьаакыптаах киэһэлик, дьиэлэригэр олордохторуна, эмискэ ыттара үрдэ. Охоноон уол кэллэҕэ буолуо дэстилэр. Баччаҕа кини кэлээччи. Сотору ыт тэскилээн баран тэйиччи туран үрэрэ иһилиннэ. Хайалара кэллэҕэй?
Аан аһыллан, таһыттан кыл дэйбиирдээх, нууччалыы мааны таҥастаах, билбэт киһилэрэ киирэн, уҥа ороҥҥо кэлэн олордо.
– Дьиэлээхтэр, кэпсээҥҥит? – ыалдьыт дьиэни эргиччи көрөр.
– Суох. Эн кэпсээ, – оҕонньор саха киһитин үгэһинэн хардарар.
– Миэхэ да суох. Ким диэн ыалгытый?
– Сахалыы аатым Таһымаан. Нууччалыым Дьаакып Бөтүрүөп диэммин. Эн ким диэҥҥиний?
– Ааһан иһэр киһибин. Хоноору киирдим. Хоннороҕут дуо? – ыалдьыт холур соҕустук кэпсэтэр.
– Оттон… Хонумунаҕын. Биһи кылгас ыалбыт. Ас-таҥас мөкү. Ону кэрэйбэт буоллаххына…
– Туох буолуой. Миэхэ утуйар, сынньанар эрэ орон наада.
Ыалдьыттара остуолга ыҥырыллан аһаата. Үөлүллүбүт мундуттан сиэтэ. Сүөгэй кыынньаран биэрдилэр. Аһаан баран соҕуруу тыа саҕатыгар иһирдьэ соҕус тииккэ атын баайбытын эттэ. Бэрэмэдэй иһиттэн солуурчахтаах эти киллэрэн буһарыҥ диэн соруйда. Дьиэлээхтэр ону дьиибэргии иһиттилэр.
Байбал тахсан, тимир солуурчахха баппакка быга сылдьар, эмис эти киллэрдэ. Ыалдьыттара ол эти барытын буһартарда. Солуурчахха уонна күөс көһүйэтигэр буһардылар.
Дьиэлээхтэр тыллара тахсан туох да диэн ыйыппаттар. Ыалдьыттара чугас эргин кимнээх олороллорун, төһө сылдьыһалларын ыйыталаһар.
Күөс буһан, хоторуллан, аһаары бары остуолга кэлэн олордулар. Эт сиэбэтэхтэрэ быданнаата. Күөх оту сиэн тупсубут эмис сылгы этэ минньигэһэ сүрдээх.
– Аты ыытан аһатарга чугас эргин табыгастаах сир баар дуо? – ыалдьыттара эмиэ ыйытар.
– Арҕаа Таала диэн алаас баар. Аҕыйах мас хаххалаан турар. Онно ыытаар, – наар оҕонньор кэпсэтэр.
– Бүтэй алаас дуо?
– Бүтэй. Тула өттө сис тыа. Күөллээх. Ханна да барыа суоҕа.
– Ыытаар диэмэ. Айан киһитэ сылайдым. Бу эдэр киһи ыытыа буоллаҕа дии. Аатыҥ кимий?
– Бүөтүччээн.
– Эр бэрдэ быһыылааххын. Суулуу эриллибит утуйар таҥаһым баар буолуо. Ону киллэрээр. Мин ампаарга утуйуом.
Оҕонньор «Манчаары буоллаҕа дуу» дии санаата. Сирэйэ-хараҕа, таҥаһа-саба тойон хаан киһи курдук. Манна ким да сылдьыбат, түҥкэтэх сиргэ кэлбитэ, атын күлүккэ баайбыта дьиибэ. Мунан кэлбитэ эбитэ буоллар кэпсиэ этэ.
Ыалдьыт орто уҥуохтаах, киэҥ арылхай харахтаах, модьу-таҕа көрүҥнээх, үчүгэй сэбэрэлээх эдэр киһи. Мааны киһи диэтэххэ, элбэхтик салгыҥҥа сылдьыбыт көрүҥнээх.
Сарсыарда хоноһолоро хойут турда. Кыынньыбыт үүтү истэ. Киэһэ аһылыгыттан ордорбут этин сиэтэ. Буспут эти олорчу, окко суулаан, өйүө гынан илдьэ барыам диэн, киэһэ утуйуон иннинэ эппитэ.
Бүөтүччээн хоноһо атын тутан аҕалла. Хоноһолоро барыан иннинэ уҥа ороҥҥо олорон, дьэ бэйэтин билиһиннэрдэ:
– Мин Манчаары Баһылай диэммин. Сэрэйдэххит буолуо. Улахан суол киһитэбин. Ол эрээри дьадаҥы дьону тыытааччым суох. Онон миигиттэн куттанымаҥ. Мин сылдьыбытым, хонон ааспытым туһунан икки атахтаахха иһитиннэримэҥ. Кэпсээтэххитинэ бэйэҕитигэр куһаҕан буолуо. Утуйар таҥаспын хаалларан барабын. Ампаарга сыттын. Иһиттигит дуо?
– Истэн. Кимиэхэ кэпсиэхпит буоллаҕай, – оҕонньор аллара көрөн олорон аргыый саҥарар.
Итинтэн салгыы Манчаары оҕонньортон ханан, хайдах барыахтааҕын туһунан суол ыйдарда. Дьиэлээхтэр хоноһолоро тахсан барбытын кэннэ дьэ саҥардылар:
– Аатырар Манчаарыларын дьэ көрдөхпүт. Тас көрүҥүнэн киһи бэрдин курдук, – диэн маҥнай Байбал саҥарар.
– Тас көрүҥэ билбэт. Сүөһү эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр диэн мээнэҕэ этиллиэ дуо, – оҕонньор сыҥааҕын убаҕас бытыгын имэрийэр.
– Ити утуйар таҥаһын хаалларан барда дии. Ол аата эмиэ кэлээри гыннаҕа дуу?
– Биһигини кэлэн хонор сир оҥостоору гыннаҕа. Кутталлаах хоноһо буолсу, – Мааппа остуолун хомуйа сылдьан саҥарар.
– Кинээскэ баран тыллаатахха хайдах буолуой? – Байбал аҕатын диэки көрөр.
– Кэбис. Сэрэппитэ дии. Өстүйүө. Дьону батыйатын хаптаҕайынан таһыйар сурахтааҕа. Биһигиннээҕэр буолуохтары бобутуннарбыт киһи. Ол кэриэтин саҥата суох, ньимиликээн буолан, сылдьыбыт ордук. Биһиэхэ туох даҕаны куһаҕаны оҥоруо суоҕа.
– Кырдьык, ити киһи өстөннөҕүнэ, аҕыйах ынахпытын өлөрөн да кэбистэҕинэ көҥүлэ, – Мааппа эбэн биэрэр.
* * *
Оҕонньор Бүрүнэй ыалыгар баран, Манчаарыны тутаары куораттан, сэтээтэл тойон баһылыктаах, нууччалар тахсан көрдүүллэр үһү диэн сураҕы истэн кэллэ. Нөөрүктээйи киһитэ Чүүнү Дьөгүөр сүүрбэччэ киһилээх көрдөһөр үһү. Быргыйдаах соҕотох киһини өр гыныахтара суоҕа, тутан хаайыахтара диэбиттэр.
Эмиэ нус-хас олохторо эргийэн, дьиэ эргиннээҕи түбүктэригэр аралдьыйан, кутталлаах хоноһолорун умнубут курдук буоллулар. Оҕонньор балыкка туулуур. Байбал эмиэ ыраах баар сис күөлүгэр туу көрө барар. Сыма хаһаанарга арыый эрдэ. Билигин наар балык хатараллар. Дьиэ таһыгар балык хатарарга аналлаах үрдүк атахтаах сибиэ3 баар. Үрдэ күн диэки иҥнэри, арыттаах сэрии4 маһа. Мундуну кыратык чиккэйиэр эрэ диэри буһаран бараннар, сибиэ сэриитин үрдүгэр тарҕата кутан күн уотугар хатараллар. Анныгар уот оттон буруоҕа оҕустараллар. Хаппыт балык окко үлэлииргэ өйүө буолар. Элбэҕи хаһааннахтарына кыһыннары сииллэр.
Уонча хонук ааспытын кэннэ хоноһолоро эмиэ кэллэ. Икки аттаах. Сабыс-саҥа өлөрүллүбүт сылгы икки атаҕын ыҥырдан аҕалбыт. Олору муустаах умуһахха уктарда.
Дьиэлээхтэр үөрэ-көтө көрсүбэтилэр. Саҥа-иҥэ, кэпсэтии оччо тахсыбат. Куттаммыт дуу, абааһы көрбүт дуу курдук тутталлара харахха быраҕыллар. Хоноһолоро онно кыһаммат. Уруккуттан сылдьар ыалыгар кэлбит курдук туттар.
Эти эмиэ ыргыччы буһаттарда. Күөс буһара, эт сыта-сымара бэлиэ. Бүрүнэйтэн уот ыла, ынах хомуйа эҥин кэлиэхтэрин сөп. Кыбыстыылаах. Хоноһо ханна сылдьыбытын, тугу оҥорбутун туһунан кэпсээбэт. Дьиэлээхтэр ол туһунан ыйыппаттар даҕаны.
Манчаары хонон баран, биир атын туттаран аҕалан ыҥыырдатта. Эмиэ бараары олорон Байбалга туһаайан сорудаҕын этэр киһи буолла:
– Мин бардым. Аны биэс-алта хонон баран кэлиэм. Эн ити хаалбыт атынан куоракка киирэн таҕыс. Куораттан миэхэ кыһыл арыгыта атыылаһан таһаар. Уонна чэйдэ, саахарда, табахта ылаар.
Дьиэлээхтэр саҥарбатылар. Сөбүлүү истибэтилэр. Манчаары тахсан, чочумча буолан баран, хаппахтаах мас симиири5 тутан киллэрэр. Байбалга уон солкуобай харчыны кытта эмиэ уон бүүчээн ыытын биэрэр.
– Өрүскэ киирэн аты кимиэхэ туттарабын? – Байбал мүччүрүйбэт сорудахтан кыайан төлөрүйбэт киһи буолан хаалла.
– Буор Ылар үөһээ өттүгэр икки биэрэстэ курдук сиргэ Көнтөс Сиидэр диэн киһи олорор. Киниэхэ туттараар. Миигин ыытта диэр. Аккын дьоҥҥо мээнэ көрдөрүмэ. Өйдөөтүҥ дуо?
– Оттон өйдөөтүм.
– Бүүчээн ыытын куоракка уон түөртүү солкуобай атыылыыр сурахтаахтара. Эн уон иккилии да биэрээр. Оччоҕо атыыһыттар үөрүүнэн ылыахтара.
Манчаары тахсыбытын кэннэ саҥата суох олорбохтоотулар. Кэлэн хонон да барара сөп этэ. Аны сорудах биэрдэ.
– Ити киһи биһигини саһар сир оҥостоору гынна дии. Этэҥҥэ олорбуппут сыччах, – диэн маҥнай Мааппа саҥарар.
– Аргыый саҥар, – Байбал, хоноһо ааҥҥа иһиллээн турара буолуо диэбиттии, буойар.
– Түбэһэн баран хайыахпытый. Утары эттэххэ сүгүннүө суоҕа, – оҕонньор аргыый саҥарар.
– Инньэ гынан куоракка киирэн тахсабын дуу? – Байбал аҕатын диэки көрөр.
– Бараргар тиийэҕин. Таарыйа кыра арыы киллэрэн атыылыырыҥ дуу?
– Аны эйигин дьону халыырыгар илдьэ барара буолуо, – Мааппа хаһан да кириэстэммэт бэйэтэ кириэстэнэн ылар.
– Онно баҕас барыам суоҕа. Айыыны оҥорбоппун, – Байбал төбөтүн илгистэр.
Хас да хонук ааста. Байбал куораттан хаппахтаах мас симииргэ кыһыл арыгы, муунта саахар, икки баайыы сэбирдэх табаҕы таһаарда. Чэй суох үһү.
Онтон икки хонук ааспытын кэннэ хоноһолоро дьэ кэллэ. Ыраахтан сылайан кэлбит быһыылаах – киирээт, ороҥҥо кэлэн, чөмөхтүү хомуллубут оҕонньор утуйар таҥаһыгар өйөнөрдүү сытта. Байбалтан хайдах сылдьыбытын, тугу атыыласпытын ыйыталаһар.
Эт буһан, аһаары остуолга олордулар. Манчаары удьурхай хончоҕордорго6 арыгы кутуталаата. Мааппаҕа уонна Бүөтүччээҥҥэ хончоҕор быһаҕастыыта арыгыны кутта. Истилэр.
– Мин туспунан дьоҥҥо туох сурах-садьык баарый? – Манчаары оҕонньор диэки көрөр.
– Ээ, биһиэхэ кытыы сиргэ соччолоох туох даҕаны иһиллээччитэ суох. Арай куораттан нууччалар тахсаннар көрдүүллэр үһү диэбиттэрэ. Чоочо уола Чүүнү Дьөгүөр сүүрбэччэ киһилээх көрдүүр сураҕа эмиэ иһиллибитэ. Хайа тутан ылаайаллар, – оҕонньор бэйэ киһитин курдук кэпсэтэр.
– Көрдөөтүннэр. Бу да буолларбын иннибин-кэннибин көрүнэбин. Мин суолум туһунан, кинилэр суоллара туһунан.
Иккис хончоҕор кутулунна. Ону эр дьон истилэр. Сотору холуочуйбуттара билиннэ.
– Маҥнай туохтан тэмтэрийбиккиний? – оҕонньор аны бэйэтэ ыйытар киһи буолла.
– Кыраттан. Аҕам кырабар өлбүтэ. Уон үстээх уол эрдэхпинэ, саас оппут быстан, ийэбинээн абаҕабар Чоочо баайга баран үс бугул оту көрдөөбүппүт. Ону сайын сүрэҕэлдьээн оттообоккут диэн үнтү күргүйдээн ыыппыта. Онтон ыла Чоочоҕо өстөммүтүм, – Манчаары тобох хаалбыта буолаарай диэбиттии, хончоҕорун иҥнэтэн түгэҕин көрөр. Тугу эрэ өйдүү сатаабыттыы саҥата суох олорбохтоон баран салгыы кэпсиир:
– Сайын чаачар саабар аҕам айатын ырбатын уган бараммын, сылгыларын дьөлүтэ ытыалаабытым. Туттаран ылан таһыйбыта. Онтон уон алталаахпар, мин оттуур ходуһабыттан чугас, өтөх умуһаҕыттан, сүппүт биэ икки атаҕын тириилэри быһа охсон баран аҕалан укпуттарын булбуттара. Чоочо нэһилиэк кинээһэ буолан олорон, миэхэ балыйан, туттаран ылан, таһыйтаран баран сибииккэҕэ7 хаайбыта. Оччоттон туохха да баппат түөкүн аатырбытым. Онтон уон аҕыстаахпар куоракка киирэ сылдьаммын дьаарбаҥҥа, биир атаһым кикпитигэр, дьахтар харчытын былдьаан баран куоппутум. Тутан хаайыыга укпуттара. Хаайыыттан, биир нуучча киһитинээн күрээбиппит. Күрээн да ханна барыахпыный, дойдубар таҕыстаҕым дии. Тутуохтара диэн куттанан ыалга киирбэтэҕим. Ийэм эрэйдээх өлөн хаалбыт этэ. Ол сылдьан хоргуйан барыам дуо, уоран-талаан аһаабытым. Тутан ылан сууттаан көскө ыыппыттара. Баран иһэн аараттан күрээбитим. Эмиэ дойдубар кэлэбин. Тутан сууттаан, оруосканан таһыйан баран Лаамыга көскө ыыппыттара. Онно баран туус үлэтигэр икки сыл үлэлээбитим. Ааспыт сайын ол дойдуттан күрээн кэлбитим. Уонна бу сырыттаҕым.
– Сааһыҥ хаскыный?
– Сүүрбэ аҕыһым.
– Оттон эн, бачча эдэр киһи, аны буруйу оҥоруом суоҕа, көнүөм, миигин сууттаамаҥ диэн чолобууда сууттан көрдөстөххүнэ.
– Син биир итэҕэйиэхтэрэ суоҕа. Дьон кырыы харахтарынан көрөллөр. Эн ити даба баккыгын сулбурутан бараҥҥын умса сыт. Ону мин талах кымньыынан сырбатыым. Төһө ыарыылаах буолар эбитий? Оттон миигин үс хос өрүү талаҕынан түөрт уон биэстэ охсубуттара. Дьон тыйыс сыһыаннарыттан, киһини аһымматтарыттан кэлэйдим, абардым. Отуорум алдьаммыта. Чэ, иһиэх.
– Чолобууда суут уурааҕа кытаанах. Уонна бар дьоҥҥо саат, үрдүк таҥараҕа айыы диэн баар ээ.
– Сааппат сирэйэ суох баайдар бааллар. Биир тоһоҕону туруору анньан үлэлээбэт эрээри кэдэрги байаллар. Кинилэр баайдарын хаҥатаары бүтүн нэһилиэк дьадаҥылара үлэлээн сордоноллор. Уонна баран баайдар дьадаҥы киһини ыкка да холооботтор. Оннук буолбат дуо?
– Таҥара ыйааҕа буоллаҕа дии.
– Мин Лаамыга биир нуучча атастаах этим. Ол киһи таҥара диэн суох, сымыйа үөрэх диирэ.
– Нууччалыы биллиҥ дуо?
– Балкыһан наадабын син кэпсэтэбин. Таҥара баара буоллар баайдары накаастыа этэ. Күн кимиэхэ барытыгар тыгар. Ол кэриэтэ киһи барыта тэҥ буолуохтаах. Ол суох. Нэһилиэк сирин үксүн, үтүөтүн кинилэр бас билэллэр. Сукка эн аҕыйах сүөһүҥ сутуо. Оттон Чоочо баай сэттэ сүүс сүөһүтэ сутуо суоҕа. Дьадаҥылар бары өрө туран, баайдар сүөһүлэрин үллэстэн кэбиһиэ этигит.
– Ол айыыта бэт буолуо суоҕа дуо?
– Ким барыта айыыны оҥорор. Холобур, бу куобах эрэйдээҕи тоҕо өлөрдүҥ? – Манчаары остуолга сытар куобах атаҕын ыйар. – Тириитин сүлэн ылаары, этин сиэри өлөрдөҕүҥ. Ол айыы буолбатах дуо?
– Куобах кыыл буоллаҕа дии.
– Киһи кыыллааҕар куһаҕан. Мин эмиэ үчүгэйбинээҕэр куһаҕаным баһыйар. Ол иһин маннык сырыттаҕым.
– Оттон эн куһаҕаҥҥын саба баттаан, үчүгэйгин көрдөрүөҥ этэ буоллаҕа дии.
– Онно кыах биэрбэттэр. Былдьаан, уоран аһаатахпына эрэ тыыннаах буолар дьылҕалаах киһибин. Уонна тэһийбэппин. Абааһы уола имнэммитин курдук кыдьыгыран кэлэбин. Ол да буоллар мин киһини өлөрбөппүн. Өлөрүөм да суоҕа. Мин таһыйабын эрэ. Миигин сөбүн таһыйбыттара.
Ити курдук элбэҕи кэпсэттилэр. Киһи кэпсэтэн, ынах маҥыраһан билсэр диэн өс хоһооно баарыныы, син бэйэ-бэйэлэрин билсистилэр.
* * *
Хоноһолоро түөрт күнү быһа арыгытын иһэ-иһэ ампаарга сытта. Итирэр гына испэт киһи эбит. Көннөрү холуочуйар эрэ.
Бэһис күнүгэр туран, саатын сүгэн тыаҕа хааман куртуйах өлөрөн аҕалла. Онтукатын үргэтэн, буһартаран сиэтэ. Куртуйах миинэ иһиэн баҕарбыт үһү.
Сарсыҥҥы күнүгэр аттарын туттаран ханна эрэ барда. Дьиэлээхтэр эмиэ нус-хас олохторо эргийдэ. Манчаары баара хайдах эрэ кутталлаах, сэрэхтээх буолан, санаа баттыгар сылдьыбыттара. Уоруйах этиттэн сиэспиттэрэ, тыллаабатахтара, саһыарбыттара, сорудаҕын толорбуттара – түөкүҥҥэ кыттыгастаах курдук буолан хааллылар.
Биир үтүө күн Бүөтүччээн Охонооҥҥо барда. Тиийбитэ, атаһа хата дьиэтигэр баар эбит. Иккиэн нөҥүө алааска олорор Киппиэн диэн уолга бардылар. Онно тиийэн туу көрө таарыйа сөтүөлээтилэр. Уол дьиэтигэр кэлэннэр балык хатарыстылар. Мохсуо бырахса оонньоотулар. Онтон Бүө-түччээн Охоноону кытта Бүрүнэйгэ кэлэн ыал киэһээҥҥи аһылыгар аһаста. Устунан атаһыгар хоно хаалар буолла.
Дьиэ таһыгар эргэ отуу баар. Онно киирэн утуйаары сыттылар. Илиилэрин уунан баттаһа оонньоотулар.
– Хайа ноко, күүһүрбүккүн даҕаны, – Охоноон кыайтаран, илиитин хам баттатар.
– Эн Манчаары туһунан иһиттиҥ дуо? – диэн Бүөтүччээн эмискэ ыйытар.
– Суох. Ыраах, атын нэһилиэктэринэн сылдьара буолуо.
– Эн биһикки улааттахпытына Манчаары курдук баайдары халыахпыт.
– Айыы даҕаны. Хата ойох ылыахпыт диэ. Эн хайа кыыһы сөбүлүүгүн?
– Ээ, суох. Оттон эн?
– Мин дьонум кыра эрдэхпинэ биир кыыһы кэпсэтэн кэбиспиттэр үһү.
– Кими?
– Чэ, биир баар.
– Нуурайы дуо?
– Суох.
– Маайыһы дуо?
– Атын.
– Оччоҕо кимий?
– Оонньоон этэбин. Бүтэйдээххэ баар таҥара дьиэтигэр сылдьыбытыҥ дуо?
– Биирдэ эһэбин кытары айыыбын этээри сылдьыбытым.
– Көрө, таҥара үс сирэйдээх үһү ээ. Аҕа таҥара, уол таҥара уонна тыын таҥара диэн. Инньэ диэн миэхэ Өлөксөй уол кэпсээбитэ.
– Тыын таҥара даа?
– Тыын таҥара.
– Аҕа таҥара, уол таҥара уонна кыыс таҥара буолуо.
– Чахчы тыын таҥара диэн. Үс сирэйдээх буолан тугу барытын көрөр үһү.
– Оччоҕо Манчаарыны эмиэ көрөрө буолуо дуу?
– Көрөн турдаҕа дии.
– Үс сирэйдээх буоллаҕына сирэйэ үс өттүгэр буолуо дуо?
– Баҕар оннук буолуо.
– Оттон таҥара киһи курдук дииллэр дии. Уонна тоҕо үс сирэйдээҕий?
– Ким билэр. Таҥара киһиэхэ маарынныыр буолан баран киһи буолбатах.
– Оччоҕо тугуй?
– Ону мин билиэм дуо.
– Көрө, Манчаары Лаамыга сырыттаҕына биир нуучча таҥара диэн суох диэн кэпсээбит.
– Ону эн кимтэн истибиккиний?
Бүөтүччээн алҕас саҥарбытын дьэ өйдөөтө. Тохтуу түһэн баран оонньоон этэбин диэн, кэпсэтиини атыҥҥа салайан, саас куска тиргэлээн хаһы өлөрбүтүн ыйытта.
* * *
Байбал уолунаан, Бүөтүччээнниин, ходуһаларыгар кэлэн оттообуттара уонча хонно. Оттуур алаастара олорор сирдэриттэн соҕуруу диэки халыҥ сиһи туораатахха кэлэр. Көрдүгэн диэн, ыарҕа быыстаах бүтэй алаас.
Бу сири былыр-былыргыттан бас билэн оттууллар. Дьаакып аҕата Халчаах эдэригэр уу, дулҕа, талах былдьаабыт ньыдьыраан дойдуну анатан ылбыт. Ону саастарын тухары оттуур ходуһа сир оҥостоору, уутун хорон түһэрэн, талаҕын түөрэн кэҥэтэн, тула бүтэйдээн, сыра бөҕөнү көрбүттэрэ. Онтукалара орто үүнүүлээх дьылга, биэс-алта бөдөҥ сүөһү сыл тахсар ото кэлэр, үчүгэй ходуһа сирэ буолбута. Быйыл син бэркэ үүммүт.
Байбал урут биир хотуурунан охсоро. Аны уола улаатан, эмиэ от охсор киһи буолла. Киниэхэ анаан Аһымай ууска эт, арыы биэрэн үчүгэй укулаат тимирдээх хотуур оҕустарбыттара. Икки хотуур түһэр буолан, биирдэ таҕыстахтарына, киэҥ сири охсон нэлэтэллэр. Үлэлииргэ көхтөөх. Бүөтүччээн, оҕо киһи буолан, аҕатыгар тиийбэт охсооччу. Аҕатыттан хаалан иһэр. Сынньана-сынньана илистибэт гына үлэлиир.
Күн үөһэ ойон итии буолла. Сырылатан түһэн куйааһа сүрдээх. Иккиэн даба баккылаахтар. Бүөтүччээн нууччалыы сиидэс ырбаахылаах. Онтуката илдьирийэн бүттэ. Ийэтэ самсыы, тигэ сатаабыта да, икки тоҥолоҕо тырыттан сарымтах курдук буолбут. Нуучча таҥаһа олус кэбирэх эбит. Байбал түүтэ кыһыахтаммыт торбос сонноох. Хата онтуката бөҕө таҥас. Төһө да эргэрдэр тырыттыбат.
Маҥнайгы омурҕаннара буолан, аһыыр сирдэригэр – талах төрдүгэр күлүккэ кэллилэр. Тамахтара хатан, айахтарын иһэ кууран там курдук буолбут. Итииргээн, утатан кэлэн баран сөрүүн ымдааны иһэр диэн үчүгэй да буоллаҕа. Киһи дьэгдьис гына түһэр. Өйүөҕэ анаан аҕалбыт хаппыт балыктарын ыстыыллар.
Төһө да итиитин иһин отчуттар үөрэнэн, «эттэрэ хатан» куйааһы тулуйаллар. Аһыҥа сырдыргыыр, кырылыыр. Чыычаах саҥарар. Киһиттэн арахпат сааҕынас сахсырҕа быыһыгар күйүгэс тула көтөр. Хата куйаас буолан бырдах намыраабыт.
Хоту көстөр намыһах халдьаайы үрдүнэн итийбит салгын дьиримниир. Сир-дойду эмиэ итииргээн, эппэҥнии тыынар, хамныыр курдук. Бэс чаччыгыныара чардыргыыр, ханна эрэ кыырт саҥарар. Ыттара Моойторук аттыларыгар сытан итииргээн тылын салыбыратар. Кулгааҕын таһынан түһээри бытааннык көтөр күйүгэһи сыыһа хабан кэбистэ.
Сибэккилээх окко тойон ыҥырыа кэлэн түстэ. Тугу эрэ тиҥсирийэн, түүлээх эриэн иһэ көбүөхтүүр. Бүөтүччээн иҥнэх гынан, сэрэнэн илиитин уунан, сыыһа тыган кэбистэ. Соһуйбут ыҥырыа көтөн тахсан кыыһырбыт курдук Бүөтүччээни тула көппөхтөөн күүгүнээтэ. Онтон ханна эрэ сүтэн баран, эргиллэн кэлэн, аттынан лоҥкунаан ааста.
Аһаан баран Байбал хотуурдары таптайар. Бүөтүччээн өттүгэстии түһэн сынньанардыы сытар.
– Бачча куйааска Манчаары ханна сылдьара, тугу гынара буолуой? – Бүөтүччээн, Манчаарыны саныы түһэн, аҕатыттан ыйытар.
– Биир эмэ ыал сөрүүн ампаарыгар сытар ини. Биһи курдук от оттоон куйааска буһуо дуо.
Бүөтүччээн «түөкүн буолбут киһи үлэлээн эрэйдэниэ суоҕа этэ» дии санаата. Оттон эһэтэ оҕонньор үлэни дьол диэн ааттыыр. Бүөтүччээн сүрэҕэлдьээбэтэҕинэ, үлэни хайдах да дьол диэҕин тыла тахсыбат. Үлэ барыта дьол буолбатах быһыылаах. Үлэлээн бүтэн, саҥа бугулу кэккэлэтэн баран эргиллэн көрөр, кырдьык, үчүгэй буолааччы. Ол буолуо дуо дьол диэн?
Маҥнайгы омурҕан кэнниттэн куурбут отторун мустулар. Бугуллаатылар. Иккис омурҕан кэнниттэн, киэһэлик, эмиэ кыратык охсо түһэн баран бүтэн дьиэлээтилэр. Моойторук үөрэ-көтө, иннилэригэр түһэн барыста. Кини окко сылдьыһан, түбэстэҕинэ, кус оҕотун эбэтэр куобаҕы тутан биэрээччи.
Ити курдук, күн аайы тиэтэйбэккэ, аа-дьуо үлэлээн, сүүрбэччэ хонугунан ходуһаларын оттоон бүтэрдилэр. Билигин онно-манна кыра-кыратык күөл кытыытын, үрүйэ хонноҕун эҥин охсоллор. Оҕонньор сыл аайы «баҕар эһиил кураан сайын буолуо» диэн эбии оттотооччу.
Биирдэ, атырдьах ыйын ортотун диэки дьиэлэригэр кэлбиттэригэр оҕонньор сонунун кэпсии тоһуйда:
– Манчаары Нөөрүктээйи нэһилиэгэр Чоочо кыыһын Балтардыыр Ыстапаанньыйаны таһыйбыт үһү. Хас да буут арыытын илдьэ барбыт. Чоочо бэйэтэ күүстээх дьону мунньан, күнүстэри-түүннэри харабыллаах олорор үһү.
– Кимтэн иһиттиҥ? – Байбал аһаары остуолга кэлэн олорор.
– Быргыйдаахха бара сырыттым.
– Дьахтары тоҕо таһыйдаҕай?
– Утарыласпыта буолуо. Эбэтэр Чоочо кыыһа диэн өһүөннээн таһыйдаҕа.
– Сүрдээх киһи эбит.
– Ол арыытын аны биһиэхэ аҕалан уурдарара буолуо, – Мааппа остуолга үтэһэлээх балыгы аҕалар.
– Уурдарар ыаллаах буолуо. Киэҥ ыырдаах киһи буолуохтаах, – оҕонньор олоппоһун тутан, аһаары, остуолга кэлэр.
– Манчаарыны туттахтарына аны биһигини буруйдууллара буолуо. Түөкүнү хорҕоппуккут диэхтэрэ.
– Оччоҕо хайыыбыт? Кинээскэ тыллыыбыт дуо? Кэллэҕинэ холдьоҕон ыытабыт дуу? – оҕонньор кийиитин диэки көрөр.
– Мин тугу билиэмий? Арай куттанабын эрэ. Туох эрэ куһаҕан баарын билэбин.
– Арай биһи Манчаарытын билбэтэхпит диэтэхпитинэ? – Бүөтүччээн дьонун хардарыта көрбөхтүүр.
– Ону итэҕэйиэхтэрэ суоҕа. Эн Охоноону манна аҕалбат буол. Аны Манчаары баарыгар түбэһэ кэлиэ, – оҕонньор урут сэрэппитин эмиэ хатылыыр.
– Манчаары эмиэ кэллэҕинэ хорҕотобут дуу? – Бу сырыыга Байбал ыйытар.
– Түбэһэн баран хайыахпытый. Ис-иһигэр киирдэххэ, муҥнааҕы киһи аһынар даҕаны. Куруук сойуолана, саһа сылдьар эрэйдээх олохтоох киһи. Муҥ маһы кэрийбэт, киһини кэрийэр. Кини да киһи буоллаҕа.
* * *
Күһүөрү Манчаары өрүс арҕаа өттүгэр тахсыбыт үһү диэн сурах тарҕанна. Кырдьык, чугас эргин дьону халаабыт сураҕа иһиллибэт буолла. Манчаары кэлиэ диэн харабыллаан олорбут дьон сыыйа-баайа дьиэлэригэр тарҕаспыттара. Хайа отторун оттуохтарын эмиэ наада. Сорохтор икки ыйы быһа кураанаҕы харабыллаан хачаннылар даҕаны. Арай Чоочо баай аҕыйах киһини кэм да тутан олорор.
Обун Арамаан дьиэ маһын кэрдэн бүтэрэн, Бэбэһэттэн сүүрбэ солкуобайы ылбыта. Уон биэс солкуобайга кэпсэтиилээх этилэр. Бэбэһэ кэччэгэй муҥутаан туох буолан дэлэмсийбитэ буолла дэһэллэр. Онон халыым харчытын дьэ барытын төлөөтө. Күһүн хаар түспүтүн кэннэ кыыһын сүгүннэрэн аҕалыах буолла.
Атырдьах ыйа бүтэн, балаҕан ыйа үүннэ. Биирдэ, Обун туу көрө сырыттаҕына, тураҕас аты миинэн Манчаары тиийэн кэллэ. Иккиэлэр.
– Хайа, доҕоор, төһө балыгы бултаатыҥ? – Манчаары атын тохтотон баран ыйытар.
– Оччо киирбэт. Ити эрэ, – Обун тымтайын кыра быһаҕаһынан буолбут балыгын ыйар.
– Хата, манна тохтоон, аһаан барыахха. Үтэһэлээх балык сиэхпин баҕардым.
Обуну сутуруотун, этэрбэһин кэтэрдэн, илдьэ бардылар. Тыаҕа тахсан аттарыттан түстүлэр. Үс үтэһэни оҥорон, уоту тула хороччу анньыталаатылар.
Сотору мундулара буһан, балык сиэтилэр. Култаҕар көбүөрү8 иҥнэтэн кымыс истилэр.
– Мин туспунан дьон тугу кэпсэтэр? – Манчаары аһыы олорон ыйытар.
– Оттон өрүс уҥуор тахсыбыт үһү диэбиттэрэ, – Обун истибитин кистээбэккэ этэр.
– Чэ, бэт эбит. Доҕоор, биһигини кытары барсаҕын, – Манчаары баргыытаан эппитинээҕэр, аргыый саҥарбыта син биир дьулааннык иһилиннэ.
– Суох, – Обун төбөтүн илгистэр.
– Тоҕо?
– Кэбис.
– Эн үнүргү курдук көннөрү таһаҕасчыт эрэ буолуоҥ. Аттары көрүөҥ.
– Син биир куттанабын, – Обун аллара көрдө. Саллан саҥата эмиэ намтаабыт.
– Оттон ити талаҕы көрөҕүн дуо? Итинэн иэҥҥин хастаатахпына хайдах буолуой, – Манчаары саҥата ынырык намыын.
– Чолобууда суут уурааҕынан таһыллыам кэриэтин, эн илиигиттэн таһыллыбытым ордук, – Обун этиэх буолбут тылын эттэ.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?