Текст книги "Эргитимэ миигин хаар үҥкүүтүгэр"
Автор книги: Галина Нельбисова
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 8 страниц)
Дьэ, ФЭИ кыраһыабай кыыһын кэргэн ылан дьолломмута уһун үйэтэ суох буолсу дуу, хайдах? Оксана бу кэнники кэмҥэ наһаа уларыйда, ыра санаатынан ханна эрэ ыраах дайар, ардыгар кэргэнин, кыыһын да өйдөөн көрбөт курдук муораны тобугунан курдук сылдьыан баҕартыыр. Иккиэн син тэҥ ыралаах буолаллар этэ да, билигин Оксана ол туоларыгар санаатын да уурбат курдук буолбут. Былырыын сайын выпускниктар көрсүһүүлэрэ диэҥҥэ сылдьыаҕыттан барар-кэлэр ыыра кэҥээн, интэриэһэ тосту уларыйан ахан сылдьар. Ол выпускниктар тэриммит ватсаап бөлөхтөрүгэр туох эрэ иилиир-саҕалыыр хотуннара үһү. Ончу илэ дуоһунаһы сүкпүт киһи курдук суотабайга сыстан олорон, кими эрэ дьаһайар, иһиттэххэ, дьону ханна эрэ бырааһынньыкка, көрсүһүүлэргэ түмэр. Үнүр ийэтэ Луиза Никитична төһө эрэ соһуйда, куттанна буолла кыыһын түүҥҥү сырыытыттан. Иван Даниловичтан да кыбыстыбыт ахан буолуохтаах. «Төлөпүөҥҥэ олороҕун диэмэ, Аркадий, ийэм ватсаабынан билсэн эргэ барбытын умнан кэбистиҥ дуо? Олохпут бары боппуруоһун быһаарар тэрилбит дии» диэн силбиэтэнэн эрэрэ ааспыкка. Ол быыһыгар өссө ийэтин сэмэлиирдээх ээ.
* * *
Луиза Никитична Үөттээхтэн дьүөгэлэрэ киирбит сурахтарын истэн сэргэхсийэн сылдьар. Сарсыарда эрдэ туран хас да салааты оҥорон элэгэлдьиттэ. Халадыынньыктан бэрэскитин таһааран ириэрэ уурда. Күнүс оҕолор суохтарына кэлэн барыахтаахтар. Иван Данилович эмиэ куотарым дуу диэбитин тохтотто.
– Миигин көрөөрү кэлэллэр диэтиҥ дуу, хайдах гынан хайҕанар курдук оҥостобун? – Иван Данилович сүгүн буолбат, дьээбэлэнэр.
– Ээ дьэ, киһи сирбэт уола буоларгын бэйэҥ да билэн олордоҕуҥ буолуо, оҕонньор дьиэлээх. Иван, эдэр сылдьан чахчыта кыыс бөҕөтүн ытаппытыҥ буолуо ээ, – Луиза эмиэ дьээбэлэһэн, үтэн-анньан көрөргө сананна.
Бээ, күнүүлүү да саныыр ээ. Онно-манна элбэх киһилээх сиргэ, тыйаатырга да сырыттахтарына, киһитин дьахтар аймах сэргээбиттии көрөрүн-истэрин бэлиэтии көрөр. Көҥөнүөн баҕарар, былдьатар санаата суох.
– Ээ, эдэр, уолҕамдьы сылдьан, кыргыттар барахсаттары ытаппытым да баар буоллаҕа дии. Ону билинэбин.
– Оттон таптал диэни баар дии саныыгын дуу, бу сааһыран, дьоһуннанан олорон?
– Олох интервью буолан барда дии. Чэ бэйи, баар бөҕө буоллаҕа дии, сэгээр. Бу олоҕу тыынныыр иэйии буоллаҕа эбээт. Хоспор баран сыта түһүүм, былыт баттыыр дуу, сарсыардаттан утуктаабытынан турдаҕым үһү, – Иван Данилович үүттээх чэй куттан, бүлүүһэҕэ бэрэски уурунан баран, хоһун диэки хаамта.
Эчи ыйыттахпын даҕаны, били кыыс оҕоҕо дылы, «эйигин эмиэ наһаа таптыыбын, Луиза» диэн тыллары истээри баҕардаҕым дуу?! Луиза бэйэтиттэн күлэ, сонньуйа санаата. Тоҕо баҕарыа суоҕай, бэйэтигэр эрэ кистээн билиннэҕинэ баҕарар ээ, ону баара киһитэ инньэ дии илик.
Сотору дьүөгэлэр айманан-сайманан киирэн кэллилэр. Куустуһуу-сыллаһыы, күтүөтү кытта билсии, дьиэни көрүү кэнниттэн дьэ уоскуйан чэйдээн эрэллэр.
– Тамара, онон эйиэхэ махталлаах эрэ киһи олордоҕум дии, күүскүнэн билсиһии бөлөҕөр киллэрэҥҥин бу куорат ыала буолан олорорбор.
– Куорат эрэ ыала буолуоҥ дуо, кылаабынайа, олоҕуҥ күһүҥҥүтүн бииргэ көрсөр доҕордоох буолбутуҥ хайдахтаах үчүгэйий! Бээ, доҕор, миэхэ да эппиэтинэс этэ, оҕонньорум Дьууруй буойан бөҕө. Ыал ийэтин, Лууйусканы ханна эрэ ватсаап ситимин киһитигэр биэрэн ыытан эрэр үһүгүн диэн… Соло буолан суотабайбын ыллым да, ону санатааччы, – Луиза Үөттээххэ ыкса ыала, кинини ватсаапка билсиһии бөлөҕөр киллэрбит Тамара «килийиэнэ» үчүгэйдик, этэҥҥэ олохсуйбутуттан үөрэн ахан олорор.
– Астыык. Киһиҥ олох көстүүлээх бөҕө эбит. Онно-манна сынньалаҥ биэчэрдэригэр, оһуохайга илдьэн былдьатаайаҕын, сэрэнээр, – Агафья дьээбэтигэр сибигинэйэн саҥарда, сэрэтэрин биллэрэн сөмүйэтин чочоҥнотто.
– Биирдэ «Көмүс күһүннэр» биэчэрдиибит диэн ыҥыра сылдьыбыттара. Иван буолумматаҕа.
– Сөпкө гынар. Эһиги билигин бэйэ-бэйэҕитин булсубуккут, туспа ыалгыт, биэчэргэ ыҥырдахтарын аайы барбаккыт сөп. Мин атын аатынан син биир ити бөлөхпөр баарбын дии, баҕар, ити кыргыттарбар эмиэ көмөлөһүөм диэн. Саамай баппатым-иҥмэтим, ирдэбиллээҕим Лида, били балыыһаҕа сиэстэрэлиир чүөчэ. Авабар ханнык хаартыскабын уурабын, тоҕо миигин ким да өйдөөн көрбөт дии-дии, бэйэбин сууттуох курдук буолар, – Тамара билигин да билсиһии бөлөҕөр дьонун көрө-истэ олорорун кэпсиир.
– Лида миэхэ суруйа сылдьыбыта. Ситигирдик, уопуккуттан үллэһин, хайдах билистигит диэбит курдук, – Луиза күллэ.
– Оляҥ кэлэн күтүөтүн билистэ дуу? – Агафья ыал буоларыгар Луиза саамай куттаммыт киһитин – балтын саныы түстэ.
– Соннук кэлэ сылдьа илик. Бастаан тумуу элбэх, харантыын, барары-кэлэри сөбүлээбэттэр диэбитэ, онтон оҕолор кэлбиттэрин истэн тохтоото.
– Дьэ, сиэннэр абыраммыттар эмиэ, эбээлэрэ кэлэн биэрэн. Максим ыраах үлэлии барбыта үчүгэй дии, дьиэлэниэ этилэр дии, – Тамара чаһытын көрүнэр.
– Тамара Семеновна, чаһыгын көрүнүмэ. Кэпсээҥ дьэ, Үөттээх сонунун, – Луиза духуопкаттан буруолуу сылдьар бөрүөгү таһааран остуолга уурда, дьүөгэлэригэр итии чэйи кутуталаата.
* * *
Ольгалаах Евдокия киэһээҥҥи аһылыктарыгар олорон аа-дьуо үүттээх чэйдэрин сыыйа олордохторуна аттыларыгар эмиэ соторутааҕыта саҥа киирбит дьахтар олорунна. Бэрт сэргэх көрүҥнээх киһи эбит, баттаҕа эриллибиккэ эҥин дылы, тыҥыраҕа маникюр бөҕөлөөх.
– Кыргыттар, соһуйумаҥ, мин Клара диэммин. Эн Ольга Никитичнаҕын, оттон эйигин билбэппин, – дии-дии, бэркэ наҕылыйан кэпсэтээри гыммыт киһи сиэринэн олорунна.
– Евдокиябын. Ээ, эн саҥа киирбитиҥ дуо? «Сарыалы» төһө сөбүлээтиҥ? – Евдокия бэркэ сэҥээрэн сыҥаах баттанан кэбистэ.
– Ээ, сөбүлээн буоллаҕа дии. Мин курдук, дьиэтэ-уота суох, таһырдьа хааман хаалбыт киһиэхэ ырай олоҕо. Бары да олохторугар арааһы көрсүбүт дьон хаамса сылдьаллар быһыылаах. Кэпсэтинньэҥ бэйэлээх буоламмын баппаппын, сорохторун күүспүнэн да саҥардабын быһыылаах, – Клара күллэ.
– Бүгүн биһиги уочараппыт кэллэ дуо? – Ольга наһаа утуктаабыт курдук, туран баран хаалыан баҕаран баран, туттунна.
– Кыратык сүбэлэһээри эҥин гынабын. Кыргыттар бэйэбит икки ардыбытыгар, – Клара хараҕынан имнэнэн ылла.
Ольгалаах Евдокия бэйэ-бэйэлэрин диэки көрсөн баран мичээрдэһэн кэбистилэр.
– Кыргыттар, этиҥ эрэ, манна ыал буолуохха сөп дуу? – аны киһилэрэ көнөтүнэн соҕус ыйытыылаах буолан олох да соһуталаата.
– Бээ, оттон киирбитиҥ ый да буола илик дии, кэргэн бараары гынныҥ дуо? Манна, ити этэриҥ курдук, араас кыһалҕаҕа түбэспит, олорор дьиэтэ-уота суох хаалбыт дьон тохтуур сирдэрэ. Анала оннук. Ыал оҥортуу-оҥортуу, туспа хос биэрэр кыахтара суох ээ, – Ольга илиитин «нэлэс» гыннарда.
– Бээ, тохтоо, Полиналыын кэпсэтэбин. Кинилэр Бааскалыын ыал буолаары сылдьаллар. Өссө манна саахсаны аҕалыахтаахтар, оччоҕо сокуонунан кэргэннии буолабыт, бииргэ олордоллор диэбитэ. Өссө биир ыал баар үһү буолбат да, остолобуойга киирбэттэрин иһин көрө иликпин, – Клара санаатын этэн баран тэйэр киһи буолан биэрдэ.
Ольга көхсүн этитэн эрэ хаалла.
– Мин, тугу кистиэмий, кыргыттар, олоҕум үчүгэйин аһыы ууга абылатан бараабыт эрэйдээхпин. Аны кэмсиммитим иһин хайыамый, оннук олоххо тэбиллэн хаалбыппын кэлин өйдөөбүтүм. Ырааҕынан аймаҕым кыыс вокзал таһыгар буккулла сылдьарбын булан ылан, наркологическай диспансерга киллэрбит этэ. Дьэ онно хааммын ыраастатан, эмтэнэн сирэйим сырдыы түспүтэ. Онтон Кангаласка иһээччи дьахталлары чөлүгэр түһэрэр киин диэни булларбыттара. Үс ый онно олорбутум, туох да үлэһит кыыс аатыран, олох «звездалара» буола түспүтүм.
Ол иннигэр Тарас диэн уола хааны кытта билсибитим. Кинини биһиги эйгэбитигэр «Тааҥка Тарас» диэн ааттыыллар этэ. Дьиҥинэн, майгытынан туох да куһаҕана суох, аһыныгас бөҕө, үтүө сүрэхтээх киһи. Оҕо дьиэтигэр иитиллибит уол, онон иннин солонор туһугар, кырдьык, тааҥка курдук барар быһыылаах. Кинини көрсүөм иннигэр доҕотторум диэн ааттаах элбэх киһини кытта сылдьыбытым. Ханна түбэһиэх хонон, онтон үүрүллэн, мантан холдьоҕуллан. Тарас миигин ол дьонтон туспа тутан бэйэтэ билэринэн, көмүскүү, харыһыйа сылдьар буолбута. Дьэ ол Кангаласпыттан Тараспар ыксааммын тахсан хаалбытым. Хата, арыгыбын эмтэммитим. Киһим быраҕыллыбыт эргэ дьиэни сөргүтэн, оһох оттон, ас буһаран көрсөөхтөөбүтэ. Дьэ оннук ыал буола оонньоон олорон испиппит. Мин испэт буолбуппуттан оҕо курдук үөрэрэ, бэйэтэ кыайан бырахпакка сылдьыбыта.
Биир үтүө киэһэ ыал аатыран олорор дьон ыалдьыттаммыппыт. Куоракка Оҕо дьиэтигэр бииргэ олорбут табаарыһын илдьэ кэлбитэ. Сыллаһан, куустуһан тиийэн кэлбит холуочук атастыылары хайыамый, сылаас аһы аһатан, чэйдэтэн баран хос курдук хаппахчыбытыгар киирэн утуйан хаалбытым. Арай уһукта биэрбитим, доҕоор: ыыс-быдаан буруо, күлүбүрэччи умайа турар дьиэҕэ сытар эбиппин. Хаһыытаабытынан таһырдьа ойбуппун эрэ өйдүүбүн. «Скорай» массыынатыгар укпуттар үһү. Дьонум быыһамматахтар этэ, – Клара халаатын сиэҕинэн халыс гыммыт хараҕын уутун соттон кэбиспитэ.
Ольгалаах Евдокия чочумча саҥата суох олорбуттара.
– Кыргыттаар, олох салҕанар. Бу барахсан манна киирэммин сэргэхсийэн, дьэ киһилии олороору, тэҥнээх дии санаабыт эр дьоммун көрүтэлиибин дии. Ол көҥүллэнэр дуу? – Клара бэрт сэргэхтик атын тиэмэҕэ көһөн быыһаабыта, күллэрбитэ даҕаны.
– Бээ, кими таба көрдүҥ, Кларочка? – Евдокия дьээбэҕэ тиллэн ыйыта түспүтэ.
– Оттон ити Трофим Егорович диэн ачыкылаах, интеллигентнэй көрүҥнээх киһи хаамыталыыр дии. Мэлдьи хаһыат, кинигэ кыбыныылаах бибилэтиэкэҕэ ааһан иһэр буолар, – Клара ойон туран хааман көрдөрдө.
– Оо дьэ, күлүүлээх кыыскын, буо, оруобуна итинник хаамар. Итинтиҥ занятай ээ, тыыппаккын, – Евдокия, Ольга диэки көрө-көрө, ыгыста-ыгыста күлэргэ барда.
– Санятай да? – Клара төбөтүн хам тутунна.
– Суох, суох, Евдокия Федотовна дьээбэлиир. Турар бэйэтэ ити сылдьарын курдук. Кэпсэтэ сылдьыаххын бэйэҥ, – Ольга туран барардыы ойон турда.
– Кыргыттаар, остолобуой сабыллар. Бары тахсабыт, – хата остолобуой үлэһитэ тахсалларыгар дьаһайан, фойе диэки хаамыстылар.
* * *
– Ити кыыс хата дэлби күллэрдэ, сэргэх киһи. Эдэр быһыылаах, биэс уонун туолла эрэ, суох, – Евдокия иккиэннэригэр суорат кутуталыыр.
– Кэргэн тахсар айдааннаах эбит дьэ, Люция Павловнаны эмиэ сылатар киһи кэлбит быһыылаах. Иһиттиҥ, Полиналааҕыҥ өссө саахсаланаары гыммыттар.
– Олох буоллаҕа эбээт, били этэргэ дылы, инь уонна янь айылҕатынан тардыһыыта баар буола турар. Олоҕун халтай ыыппыт эдэр дьахтар дьэ көнөн, өйө-санаата уларыйан, олоҕор доҕордоох буолуон баҕарара өйдөнөр. Хата эн Трошкаҥ болҕомтоҕо ылыллыбыт буолбаат, били сакалааппыт атын сир диэки хайыһаары гыммыт, – Евдокия Ольгатын дьээбэлиир.
– Ээ, бардын. Эдэр дьахтары кытта өйдөһөрө буоллар, бэйэтэ абыраныа этэ.
– Бээ, эн этэҕин, сарсыарда укуолбун ылан, сиэстэрэттэн кэлэн иһэммин фойеҕа дьээдьэлэр бильярдыылларын көрөн олоро түспүтүм. Били Савва Семенович кэлэн аттыбар олордо, кэпсэтэ сатаан бөҕө буолла. Арай, эрийсэр эҥин курдук, – Евдокия саһыгыраччы күлэн ылла.
– Оо, диэ, эмиэ ыраахтан чуҥнуу сылдьан баран, чугаһаатаҕа дуу.
– Онтон барахсан олоҕун кэпсээбитин кэнниттэн дэлби аһынным ээ. Суорумньунан билсэн ыал буолбут. Оҕолоро хара бастакыттан ол талбыт дьахтарын сөбүлээбэккэ бөҕө буолбуттар. Савва алта уоммун туоллум диир, ол кэргэнэ, кэпсииринэн түөрт уончалаах эрэ үһү. Өссө икки уол оҕолоох. Биирэ устудьуон, иккиһэ оскуола оҕото. Бу Сааба хайаабытый диэриий, бэйэтин тэлгэһэтигэр олорбут дьиэтин көтүрэ баттаан баран, аҕыйах ый устатыгар икки этээстээх дьиэни тутан таһаарбыт. Күһүн дьиэлэригэр үөрэ-көтө киирбиттэр, өссө малааһын сахсааныгар сөп түбэһиннэрэн, дьахтарыныын саахсаламмыттар. Онно дьахтар аймахтара, дьүөгэлэрэ эрэ сылдьыбыттар. Сааба өттүттэн ким да кэлбэтэх. Арааһа, бырачыастаабыт быһыылара. Олорон барбыттар да, оҕонньору батарбаттара биллэн барбыт. Дьахтар уолаттара кэпсэппэттэр да үһү, улахан уол өссө суоһурҕанаары гынар буолан барбыт. Онтон кыс ортото Саабаны үүрэн кээспиттэр. Дьиэтин туттаары кирэдьииккэ киирбит быһыылаах. Буолуох буолтун кэннэ кыргыттара суутунан эҥин сүүрэкэлэһэн көрбүттэр да, туһа суох быһыылаах. Бу тухары бэйэтин оҕолорун кытта сыһыана олох мөлтөөбүт, «акаарыгар сырыт, хайдах да буол» диэбиттэр үһү. Ол иһин, балта манна олохтообут.
– Тоҕо бэрдиий, эмиэ тэлэбиисэргэ көстөр сериал курдук дии ээ. Уонна кэһэйбэккэ, эмиэ ыал буолар кандидат көрүнэр дуо, ээ?
– Муҥнааҕы аһынан да олордорбун эмиэ инньэ диэтим ээ… Тылыттан-өһүттэн иһиттэххэ, билигин да уһун ырбаахылаахтары көрөн кылатар эбит, – Евдокия эмиэ күллэ.
– Дьэ буоллахпыт ол, сиэр-майгы алдьаммыта сүрдээх: ол түөрт уончалаах дьахтар аҕатын курдук киһини албыннаабыт дии. Сахалыы эҥин санаан аньыырҕаабата тугун сүрэй, улаатан эрэр оҕолордоох эҥин эрээри…
– Чэ, суораппытын иһэн баран утуйуох, этэргэ дылы, аан дойду очурун-чочурун эн биһикки көннөрбөппүт син биир, – Евдокия сытаары сыттыгын көбүтүннэ.
* * *
Оксана үлэ кэнниттэн дьүөгэлэрин кытта «Момент» кафеҕа олорор. Кыргыттар кэпсээннэрэ баһаам, Сардаана Испанияттан бу көтөн кэлбит.
– Оксанка, бу көрдөхпүнэ, эн убайыҥ олорор эбит дии. Максим! Ол эрээри, өйдөөбөтүм: атын дьахтардыын олорор. Саҥаһыҥ буолбатах, – дии-дии, Вера саала түгэҕин диэки ыйан соһутта.
– Бэлиэр хараҕыҥ иирэр дуо, хотуй? Убайым туундара түгэҕэр, Анаабырга сылдьар, – Оксана күллэ.
– Ээ чэ, кэлиий, манна эргийэн. Ити эн олорор миэстэҕиттэн көстүбэттэр, – Верка, түгэх диэки ыйа-ыйа, тонолуппакка көрөр.
Оксана, аара олоппоһу сууллара сыһа-сыһа, Верка олорор миэстэтиттэн ыйар сирин диэки көрө түспүтэ: доҕоор, кырдьык, убайа бу олорор. Оок-сиэ, тугун сүрэй, вахтовайга барбыт ааттаах киһилэрэ куоракка баар эбит буолбат дуо?! Оксана кыргыттара тохтото сатаабыттарын истибэтэ, саала түгэҕэр хайдах баар буолбутун өйдөөбөккө да хаалла.
Убайа, биллэн турар, Оксананы көрөн баран, сирэйэ уһуу түстэ, мэктиэтигэр кубарыйбыкка дылы буолла. Аттыгар илиитинэн далбаатана-далбаатана, тугу эрэ кэпсии олорбут билбэт дьахтара эмиэ тугу да өйдөөбөккө, дөйбүт курдук олордо.
– Кэл, Максим, кэпсэтиэххэ.
– Бу аата тугуй? – Оксана убайын илиититтэн сулбу тардан тахсар аан диэки илтэ.
– Зоя, билигин кэлиэм. Балтым Оксана, – дии-дии, Максим балтын батыста.
Иккиэн гардероб таһыгар дьыбааҥҥа олордулар.
– Дьэ эт эрэ, хайдах буола сылдьаҕыный, Максим?
– Докумуонум сатамматаҕа, ол иһин кыайан барбакка сылдьабын, – Максим илиитин мускуна олордо.
Балтын сирэйин таба көрбөт даҕаны.
– Мин бэйэм бэрээдэгим мөлтөөн, киһини үөрэтэр быраабым суох да буоллар, улаханнык соһуттуҥ, Максим. Ити туоҕуҥ олороруй, ханнык дьахтарый?
– Ити доҕор дьахтарым Зоя. Оксана, мин олох буккуллан сылдьабын. Миигин баһаалыста, саатар, эн өйдүү сатаа. Мин Зояны кытта ыал буолан олоробун диэххэ сөп. Дьоммор хайдах да сатаан эппэккэбин, вахтовайга үлэлии барыы туһунан толкуйдаабытым. Ийэбэр, Ангелинаҕа да хайдах этиэхпин билбэтэҕим. Таптыыбын ити Зояны… Олорбуппут ыраатта.
– Оо дьээ, акаары-ы, саастаах дьахтар угаайытыгар киирэн биэрбиккин быһыылаах дии, – Оксана кыһыытыттан убайын уолугар түһэн ылла.
Биирдэ өйдөөбүтэ аттыларыгар кафе харабыла «Тохтооҥ, туох буоллугут!» дии турар эбит.
– Оксана, өссө төгүл этэбин, бырастыы гын, дьоммор бэйэм чиэһинэйдик билинэ барыаҕым. Эн тугу да этимээр.
– Акаарыгыҥ да эн, уол оҕолордооххун буолбат дуо, туоххунан толкуйдуу сылдьаҕыный ээ?! Сарсын төннөҕүн дьоҥҥор: кэлбэтэххин истиэм да, барытын кэпсээн биэриэм. Дьахтаргар тиийиэм, билигин, – Оксана убайын куттаабыта буолан баран, остуолугар төннөргө тиийдэ.
– Хайа, өр да буоллуҥ, Максим эбит дуо? – ыйан биэрбит киһи, Верка, ыйыта тоһуйда.
– Кини, кини, докумуона сатаммакка барбакка сылдьар эбит дии. Мин ону истибэккэ сылдьабын, Анаабырга олордоҕо дии саныыр этим. Чэйиҥ, онон аны сайын ханна барабыт диэтибит, кыргыттаар, – Оксана настарыанньата түһэн хаалбытын билиннэ, аатыгар эрэ эҕэ-дьэҕэ буола сатыы олордо.
* * *
Бүгүн Иван Данилович төрөөбүт күнэ. Хата, өрөбүл күҥҥэ түбэһэн, Ангелина Луизаҕа сарсыардаттан ас астыырыгар көмөлөһөн, эбиэккэ остуол тула олордулар. Оксаналаах бары кэллилэр. Иван Даниловичка бииргэ устудьуоннаабыт табаарыһа Юрий Ильич кэргэниниин Жанна Андреевналыын кэллилэр. Саалаҕа олорон кэпсэтэ олороллор. Уолаттар Петялаах Павлик эһэлэрин былдьатан сааланы өҥөйөн олороллор. Луиза балтын Ольганы ыҥыран көрдө да, ыалдьыт элбэҕин истэн баран, туох иһин буолуммата.
Юрий Ильичтээх дьэ саҥа кийииттэрин Луизаны көрүү-истии бөҕө буоллулар. Жанна Андреевна сирэйин олоруутуттан көрдөххө, Иван Даниловичтара маннык улахан «хаһаайыстыбаҕа» түбэспититтэн соһуйда, сөбүлээбэтэ да быһыылаах.
– Ити ыалдьыт чүөчэҕит бачча элбэхпитин сөбүлээбэтэ быһыылаах, ити уолаттар, хаһыытаһа-хаһыытаһа, сүүрэллэриттэн икки кулгааҕын саба туттар, – Оксана оруобуна ону таба көрбүт.
– Павлушалаах Петушок эһээтэ суох олох мүнүүтэҕэ да сатамматтар. Барахсан бэйэтэ сымнаҕас буолан мөҕөттөөбөт, ол иһин көҥүл көрүлүүллэр. Аны сайын хаһан буола охсор, аҕабыт кэллэр эрэ, туспа барыа этибит, – Ангелина бэрт холку куолаһынан сыыйбытыгар, Оксана, мэктиэтигэр, сүрэҕэ хам тутан ылла.
– Уолаттар буоллаҕа, эр киһи эйгэтигэр наадыйаллар. Аҕаларын суохтуулларын онон таһаараллар. Иллэрээ күн аҕаларын кытта суотабайынан кэпсэтэн баран, уйан киһи Петушок ытыы сыспыта буолбат да. Сыҥсыйа-сыҥсыйа, дьыбаан муннугун илиитинэн мускуйа олорор этэ, оҕом сыыһа. Чэ, кыргыттар, кэлиҥ остуолу хомуйа түһэн баран, торпутун ууруохпут, дьоммутун ыҥырыахпыт. Бараары ыксаабыттар быһыылаах, – Луиза кийииттээх кыыһын соруйда.
– Төһө бэркэ үлэлии сылдьар үһү ол харчы өлөрө барбыт киһигит? – Оксана ис иһиттэн кыынньан олорон ыйытта.
– Этэҥҥэ быһыылаах. Оҕобун эмиэ аһына саныыбын ээ: син дьонун, инникитин санаан сылаас дьиэттэн тахсан бардаҕа. Киниэхэ майгылаабат, – Луиза барахсан уолун аһына саныырын биллэрэр.
Оксана ити түгэҥҥэ билбитин олох «пал» гыннара сыһан баран, арыый да туттунан хоско куотта.
Бу кэмҥэ саалаҕа туспа кэпсэтии буола турара. Таайбыт курдук, Ильичтээх Иван Данилович билиҥҥи олоҕун оччо сэргээбэтэхтэрин биллэрбиттэрэ. Ордук майгытынан бэрт бириинчик киһи Жанна Андреевна кыра оҕо курдук толлоччу туттан баран олорорун тохтоппотоҕо. Остуолга дьон көрөрүгэр өссө туттуна сатаабыта.
– Мин Юра нөҥүө, Ваня эйиэхэ, дэлэлээх сүбэлии сатаабатаҕым. Оҕото-уруута суох дьахталлар элбэхтэр, оннугу талыҥ диэн. Дайаананы да сөҕөбүн ээ, аҕатын бу үлүгэр интэринээккэ хаалларбытын көрүө этигит! – Жанна үгэһинэн сирэйин мунааһыс гыннаран баран, түннүгү одуулаан олорбута.
Эр дьон чочумча саҥата суох олорбуттара.
– Чэ, Жанна, киһибитин төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлии кэлэн баран, үлтү сэмэлээн бараары гынныбыт дии. Барыта этэҥҥэ буолуо, Иваннаах Луиза бэйэ-бэйэлэрин сөбүлэспит буоллулар да, бүттэҕэ дии. Оҕолор туспа ыаллар дии, дьиэлэнэн-уоттанан тарҕаһыахтара, – Юрий Ильич дьыбаантан ойон туран, өрө-таҥнары хаамыталаата.
– Оннук ээ, Луиза үчүгэй киһи. Ийэ буолан баран ханна бараахтыай, оҕолоро киһи-хара буолалларын туһугар кыһаллаахтыыр. Ити моторуспут уолаттар кини биһиккини олох абылаан баран сылдьаллар, – Иван Данилович Павликтаах Петятын санаан манньыйан хаалла.
– Чэ, кэбис, эһиги иккиэн түөһэйбиккит. Эр дьон эрдэ түөһэйэр дииллэрэ кырдьык эбит. Юра, дьиэлиэххэ, айуу-айа, ити оҕолор айдааннарыттан төбөм үллэн хаалла, – Жанна Андреевна икки чэчэгэйин тутта-тутта, аан хос диэки барда.
Төрөөбүт күннээх киһи тордун амсайарга куукунаҕа ыҥырар саҥаны истэн тохтууругар тиийдэ.
* * *
– Аркадий, хайдах гынабын? – Оксана кэлэн, кэргэнин таһыгар дьыбааҥҥа олордо.
– Тугу этэҕин? – Аркадий кини ыксаабыт, хайдах эрэ тыҥаабыт сирэйдээҕин көрөн соһуйда.
– Максим ханнык даҕаны вахтовайга барбатах. Ааспыкка кафеҕа көрсүбүтүм.
– Оо, пахай! – Аркадий соһуйан хаалан, икки тобугун охсунан ылла.
– Хаһааҥҥа диэри кистии сылдьыахпыный, этиэхпин наада дии кырдьыгы Ангелинаҕа, ийэбэр. Иллэрээ күн бырааһынньыгы буортулаамаары саҥарбатаҕым уонна эрэйдэммитим. Этэр буоллаҕым дии, эн санааҕар? Чэ, саҥаран иһиий, саатар, эмиэ ньимийэн баран олордо! – Оксана кэргэнигэр хаһыытаан ылла.
– Этэҕин, Оксана… Кырдьыгы истибиттэрэ ордук. Туох эрэ дьаһал ылыллыан наада эбит дии. Хайдах буола сылдьарый, арыгылаабыт дуу тугуй?
– Ону билбэппин, барбатаҕым, дьоммор кыайан эппэтэҕим диэбитэ, – Оксана убайа атын дьахтарга иирэн буккулла сылдьарын кэргэнигэр этиэн туттунна.
Оксана хоһугар киирэн суотабайын эргичитэ-урбачыта олорбута. Ангелинаҕа суотабайыгар суруйан көрөрө дуу, сатаан сааһылаан саҥарыа да суох быһыылаах. Бачча киэһэ, утуйан сынньанаары олорор киһиэхэ этэр дуо? Үлэтин кэмигэр эмиэ сатаммат ээ, оҕо бырааһын курдук эппиэтинэстээх үлэлээх киһиэхэ… Ол кэриэтин, саҥаһым бу киэһэ билбитэ ордук. Ийэбэр сарсыарда эттэҕинэ сөп. Мантан түүн ону иһиттэҕинэ иэдэйэр. Таҥара көмөтүнэн, ийэбит аттыгар Иван Данилович курдук доҕордоммута үчүгэй да эбит. Дьэ, бииртэн биир нүөмэри биэртэлиэх оҕолор дии, бу кинилэр, убайдаах балыс. Оксана сымыһаҕын быһа ытырбыта. Уонна саҥаһыгар суруйан сылыбыратан баран, хараҕын симэн, дөйбүт курдук чочумча олорбута.
Оттон анараа дьиэҕэ бөрүкүтэ суох сонуннаах сурук тоҕо көтөн киирбитэ. Эдэр ийэ, дьахтар киэһээҥҥи нуһараҥ олоҕун үрэйэн… Ангелина уолаттарын кууһан, остуоруйа кэпсии сытан, Оксана ыыппыт суругун көрөөт, оронтон хайдах ойон турбутун өйдөөбөккө да хаалбыта… Уолаттар туох эрэ диэн бууннаан иһэн, уулара баһыйан утуйан буккураспытынан барбыттара.
Куукунаҕа Луиза тугу эрэ гынар тыаһа иһиллэрэ. Маннык сирэйинэн, соһуччу истибит мөкү сонунун илдьэ куукунаҕа тахсан кэлиэн баҕарбатаҕа. Күөмэйигэр туох эрэ кэлэн бүөлүү сытыммыт курдук буолбута. Ытыан иһин, мэктиэтигэр хараҕын уута хаппыт курдук, биир таммах кыайан түспэтэҕэ. Сүрэҕин иһэ ап-аһыынан нүөлүйэрэ. Ангелина, дьиҥинэн, кинилэр икки ардыларыгар сыһыаннарыгар туох эрэ улаханнык алдьаммытын билбитэ, сэрэйбитэ ыраатта. Кини онноҕор туох эрэ итинниккэ майгылыыр сонуну истиэм диэн сэрэйэр курдуга, онтун сүрэҕин ханнык эрэ хаттыгаһыгар хам баттыы сатыыр санаалааҕа. Максим уруккутун курдук буолуо, киниэхэ, оҕолоругар сымнаҕастык, сылаастык сыһыаннаһыа диэн тулуурдаахтык күүтэ сатаабыта. Ханна баарый, киһитэ, күн түүн тэйдэр-тэйэн, кинилэртэн ыраатан испитэ. Луиза Никитична куоракка көһөн кэлээт, кинилэр дьиэлэригэр баар салгыны тута атыҥыраабыта быһыылааҕа. Оо, билигин хайдах этиэх бэйэтэй? Ийэлэрэ киэһэ куукунаҕа хаалан суотабайы хасыһан тахсар, ол Максимҥа эрийэ сатыырын Ангелина сэрэйэр.
Ангелина үтүө да ыалга кийииттии киирбит дьоллоох. Бу билигин эбээ сылааһыгар сууланан олордохторо дии. Тойоно Дьаакып баарыттан кинилэр эрэ этэҥҥэ олороллорун тухары кыһаллан биэрээхтииллэр. Тойоно Яков Сидорович олохтон барар күһүнүгэр игирэ уолаттар саҥа төрөөбүттэрэ. Ангелина куоракка оҕоломмута, онтон Максим Үөттээххэ илдьитэлээбитэ. Дьаакып этэллэрин курдук, күнэ ааҕыллан, олох мөлтөөн сытаахтыыра. Ангелина медик буоларын быһыытынан төһө кыалларынан тойонун ыарахан күннэригэр аттыгар буола сатаабыта. Луизалыын иккиэн боболлорун үрдүнэн, оҕолоруттан быыс буллар эрэ тойонугар киирэн кэлэ турара. Быстыан биир күн иннигэр Дьаакып Ангелинаны ыҥыртаран ылбыта.
– Ангелинаа, эн курдук биһиги аймаҕы тэнитэр аналлаах икки уол оҕону тэҥинэн төрөппүт кийииттээх буоламмын бу олохтон холкутук баран эрэбин. Махтал, эйиэхэ… Баар-суох уолбутун эн курдук киһиэхэ туттараммыт Луиза биһикки эмиэ наһаа үөрэбит. Ити биһиги киһибитин кытаанахтык тута сатаа, биһи, эр дьон, олохпут хайдах салаллара эһигиттэн тутулуктаах. Атаахтатан кэбиспиппит дуу, туох эрэ, мин харахпар уолум улаатарын атыннык ойуулаан көрөр этим. Ээ, кып-кыра дьоммут ытыыр саҥаларын манньыйа истэбин ээ, кинилэр ээ, биһиги аҕа ууһун салгыы утумнуох дьон. Чэ, үчүгэйдик, эйэлээхтик олоруҥ, ийэҕитин хараххыт харатын курдук харыстааҥ, – дии-дии, Яков Сидорович кэһиэҕирэн хаалбыт, сэниэтэ суох куолаһынан аргыый сибигинэйэ сыппыта.
Ангелина тойонун тиһэх тылларын санаан кэлэн, хараҕын уута дьэ тахсыбыта, ким да истибэтэр ханнык диэн күүскэ ытыы-ытыы, сыттыгар умса түспүтэ.
* * *
Луиза Никитична уола куоракка баарын, барыларын албыннаан атын олоҕунан олорорун истиэҕиттэн олоҕун отуора алдьанан сылдьар. Аатыгар эрэ дьонугар ас буһарбыта буолар даҕаны, онтун амтанын да билбэт. Утуйарыгар биир эрэй, валерьянка иһэн утуйа сатыыр да, сороҕор эрэ көмөлөһөр. Ол аймалҕанын кийиитигэр биллэрбэт буола сатыыр эрээри, соччо кыаллыбат быһыылаах. Ангелиналыын иккиэн төлөпүөннүү сатыыллар даҕаны, киһилэрэ төлөпүөнү ылбат. Арай, ити Оксана бүгүн эппитинэн, бу күннэргэ Ангелинаны кытта ханна эрэ кафеҕа көрсөн кэпсэтиэх буолбут үһү.
Туох диэн быһаарсаллара эбитэ буолла, Ангелина санаа-оноо бөҕөҕө түһэн сылдьаахтыыр. Дьэ үчүгэйдик өйүн ытыйбыт дьахтар көстүбүт. Сауна дириэктэрэ диэн дуоһунастаах дьахтар үһү. Куорат кытыытыгар коттеджтаах, бадаҕа, Максимтан сүүрбэччэ сыл аҕа үһү. Бэйэтэ оҕолордоох. Луиза ол дьиэ аадырыһын булан барабын диирин, саараама, дьоно көҥүллээбэттэр. Иван Данилович даҕаны кэнники күннэргэ сылаарҕаата быһыылаах, үксүгэр сытан тахсар. Кэмсинэн эрэр дуу, Луизаны талбытын…
Оксана эрийэр. Луиза салҕалас илиитинэн төлөпүөнү хабан ылла.
– Хайа, сэгээр, убайыҥ туох диир? – Луиза ыксаан хаалан бокуойа суох ыйыппытынан барда.
– Ийээ, эн уоскуй эрэ. Максимнаах Ангелина бэйэлэрэ көрсөн кэпсэтэр буолбуттар диэн быһаарбытым дии. Ольганы аҕала сылдьабыт дуо, пансионаттан?
– Балтыбын да? – Луиза ыксаан хаалан, мэктиэтигэр кэлэҕэйдээн ылла.
– Оттон Аркадийга эппит этиҥ дии, эдьиийгитин аҕалаарыҥ диэн. Ол иһин бүгүн Ольгалыын кэпсэтэ сырыттым, сарсын кэлэн ылыаххытын сөп диэтэ.
– Оо… Аҕалабыт буоллаҕа дии, оччо кэлээри гыммыт киһини. Бээ, хата бириэмэ баар эбит, бэйэ бодобун тардына түһүөм этэ буоллаҕа. Ангелиналыын сүбэлэһэн остуолбутун бэлэмниэхпит. Эн кэлэ сылдьаҕын дуо?
– Суох, ийээ, солом суох. Аркадий аҕалыаҕа, хонорун-хоммотун эдьиий бэйэтэ билэрэ буолуо. Саҥа күтүөтүн сэргээтэҕинэ, баҕар, хаалыа… – Оксана дьээбэлэнэр.
Бээрэ, ол кыыска тугу буһаран аһатыахха? Сылгы хаанын буһарыахха наада эбит. Бэрэскилээн да хоноро буоллар, балта дьиэ аһын аһаан астынан барыа этэ. Көрсүбэтэхтэрэ да ырааппыт, көрөн-истэн, сэмэлиирэ, сэргиирэ биир буолан дьэ кэлиэҕэ. Иван Даниловиһы, дьэ чуолкай, сирбэт буолуохтаах. Хата, анарааҥҥы да атын киһини кытта көрсөн, сэһэргэһэн, сэргэхсийиэ этэ. Тыыннаах сүтүктээх дьон сиэринэн бу дьиэҕэ тыҥааһыннаах салгын сатыылаабыта балачча буолла.
Ыкса ыаллара Луизалаах Ольганы Никиитэ хара, маҥан кыргыттара диэн араараллара. Луиза хара кыыһынан ааттанан сааһырдаҕа, ол аата кини ийэтин өттүн баппыт. Оттон Ольга маҥан кыыһынан ааттанан, кыралара дэтэн, мааныланан да улааттаҕа. Аҕатын өттүттэн аймаҕы батан, Луизаҕа холоотоххо, маҥан субалаах, киэҥ харахтаах. Майгыларынан эмиэ атын-атыттар ээ. Бииргэ төрөөбүттэр диэтэххэ, этэргэ дылы, биир хартыынаны көрөн туран, араастаан ойуулуур дьон. Луизаны боростуой, кимниин баҕарар сайаҕас диэн хайҕыыллар. Ольга сэргэҕэ киирдэҕинэ кими да чуҥкуппат эрээри, сороҕор бэйэтэ-бэйэтигэр бүгэн, кынтаччы улаатымсыйан хаалар. Аччыгыйбыт олоҕун оҥостубата диэн ийэлээх аҕалара бу олохтон барыахтарыгар диэри санаарҕыыллара. Луиза балтын син аттыгар илдьэ сылдьан көрө-истэ сатаата. Баҕар, кэргэн тахсыаҕа дии санаан, дойдугуттан тэлэһийэн, атын сиргэ үлэлээ дии сатаабытын истибэккэ, Үөттээххэ кэлэн хаалбыта. Биэнсийэҕэ тахсыар диэри идэтинэн кулуупка үлэлээбитэ. Төрөппүттэрэ тыыннаахтарыгар кинилэри кытта олорон, кыыс оҕо сылааһыгар олоруу диэн хайдаҕын биллэрбитэ. Ийэтэ ол тухары кыыһын туспа ыыта сатыыра, ыал буолбутун көрөн баран ол дойдуга холкутук бардарбын диэн санаалаах этэ. Ольга ийэлээх аҕата суох буолбуттарын кэнниттэн киинтэн оттуллар уопсай дьиэҕэ олохсуйа сатаабыта. Хаһан да буоларын курдук, дэриэбинэ баппат-иҥмэт уолаттара сүгүн олордубатахтарыгар Луизалаах тэлгэһэлэригэр кыра дьиэ тутан илдьэ олорбуттара. Арааһа, уруккуларын курдук олоруохтара этэ, Дьаакып барахсан аҕыйах сыл иһигэр үтүөрбэт ыарыыга ылларан олохтон барбатаҕа буоллар… Эбэтэр Ольга дьиэтигэр хаалбыта, эбэтэр эдьиийигэр көһөн киирбитэ буоллар. Луиза балтын кытта олорон ватсаап билсиһии кулуубугар киирэрэ саарбах этэ. Ол эрээри, Луиза кэмсиммэт, хайдах эбитэ буолла, «Көмүс күһүннэр» саамай үчүгэй «уолларын» илдьэ бардаҕа дии… Ити санаатыттан Луиза мүчүк гынан ылла.
* * *
Луизалаах Ольга киирэр ааҥҥа чочумча куустуһан турдулар. Күтүөт Аркадий «ыксыыбын» диэн баран төттөрү ойон эрэрэ.
– Чэ, бу маннык олоробут. Оля, эн уойбут курдук буолбуккун дии, – Луиза балтын батыһыннаран сааланы көрөн тахсан истэхтэринэ, Иван Данилович утуйар хоһуттан тахсан кэллэ.
Арай киһилэрэ аҕас-балыстыылары көрөөт, кэннинэн, чинэрийэн, мэктиэтигэр тэмтэрийэ сыста.
– Оо, – диэн бэйэтинээҕэр атын куолаһынан саҥара-саҥара, илиитин Ольгаҕа уунна.
– Оо диэн соһуйа туруоҥ дуо, ситэритин Ольга диэ. Балтым дии, – Луиза күллэ.
– Иваммын. Иван Даниловичпын, – Иван Данилович көлөһүнэ бүтүннүү сарт түспүтүн спортивнай бүрүүкэтин сиэбиттэн былатыагын таһааран соттумахтаата.
– Олус бэрт, – Ольга кып-кыһыл буолбут сирэйин көрдөрүмээри, суунар хоско дьылыс гынна.
Аата, буолар да эбит! Булан-булан, талан-талан, Луиза түбэспитэ баара! Били, уһун үйэлэнэн ону-маны көрөн эрдэҕим диэбиккэ дылы! Ольга хайдах эрэ салыбыраан хаалбыт илиитинэн сирэйин бокуойа суох тымныы уунан таптайа турда. Дьэ иэдээн, тугу да билбэтэх-көрбөтөх киһи куукунаҕа тахсыахтаах буоллаҕа дии… Ваня… Кинини харах уутунан сууннарбыт, түүнүн көстөр түүл курдук көстөн баран куоппут, сүппүт хоту сир уола, илэ бэйэтинэн!
Оттон Иван Данилович утуйар хоһугар куотан, түннүгүн форточкатын арыйан, хаһыатынан сапсына олорбута. Инньэ отуттан тахса сыл анараа өттүгэр бу Дьокуускайга быстах көрсөн таптаан иэдэйбит кыыһа Оля, Оленька дии. Буолар да эбит, тыыннаахпар биирдэ эбит көрөн аһарбыт киһи диэн санаан кэлээччи. Луиза бу олороллорун тухары балтын аатын син ааттаан кэллэҕэ дии, кини киһи кулгааҕын таһынан аһаран испит эбит. Өйдөөбүтэ да буоллар, чуо мин Олям диэн сонно саныы сылдьыа этэ дуо, аан дойдуга Оля элбэх диэхтээҕэ.
– Хайыа, ханна бааргытый? Чэй сойдо, – тугу да таайан да көрөөхтөөбөт Луиза дьонун ыҥыртыы, остуолун бэрийэ сырытта.
Луизалаах Ольга эбиэттээн баран, куукунаҕа иккиэйэҕин хаалан олордулар. Луиза уола Максим вахтовайга барабын диэн албыннаан, атын дьахтары кытта олорорун «чып» кистээтэ. Сарсыарда Ангелинаҕа эмиэ эппитэ, «эдьиийбитигэр тугу да кэпсиэхпит суоҕа» диэн.
– Иван Данилович кэргэнэ ханнааҕы эбитий, туох идэлээҕий? Хас оҕолоох ыаллар эбитий? – Ольга билиэх-көрүөх баҕата батарбакка ыйытта.
– Соҕуруу куоракка үөрэнэ сылдьан ыал буолбуттар диэн өйдөөбүтүм. Нам кыыһа, Екатерина диэн. Биир эрэ оҕолоохтор. Ол кыыстара Дайаана Польшаҕа көһөн, бу дьиэҕэ соҕотох хааллаҕа дии. Хотуттан манна кэлбиттэрэ аҕыйах сыл буолбут ээ. Кэргэнэ кырасаабысса эбит, ону мөккүспэппин, – Луиза күллэ.
– Ол аата, үөрэхтэрин бүтэриэхтэриттэн хоту үлэлээбиттэр дуо? – Ольга «дьэ, туох буолбутун түһээн да баттаппакка олорор эдьиийбин доппуруостаан ахан эрдэҕим…» дии саныы-саныы, ыйыталаһа олордо.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.