Электронная библиотека » Галина Нельбисова » » онлайн чтение - страница 7


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:20


Автор книги: Галина Нельбисова


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 7 (всего у книги 8 страниц)

Шрифт:
- 100% +
* * *

Оксана үлэтигэр хаҕа эрэ олорон баран, бэҕэһээ түмсүүгэ билсибит дьүөгэтэ Варя кэпсэтэрдээхпин диэбитин саныы түстэ. Варяны кытта ити балаһыанньаны сүбэлэһиэххэ наада. Соччото суох дии, ыллыы-туойа, күлэ-үөрэ сылдьыбыттара, бэрдэ суох балаһыанньалар баар буолаары гыннылар. Киһи үөйбэтэх-ахтыбатах өттүттэн. Кулгааҕар ийэтэ, саҥаһа Ангелина сэрэппит куоластара иһиллэн кэллэ.

Варяны дьиэтигэр ыҥырда. Киһитэ дьэ, олоҕун саҥалыы оҥостубут Оксана хайдах олорорун билиэх-көрүөх баҕата баһаам буоллаҕа, бүтүннүү харах, кулгаах буолан киирэн кэллэ.

– Русланыҥ кэлэ илик эбит дуу, баччааҥҥа диэри? – Варя соһуйар.

– Суох дии, ол иһин ыҥырдаҕым дии, эйигин манна. Дьэ бу кураанах дьиэ сарыыссата буолан олордоҕум. Тэһийбэккэ да иэдэйдим, кыыспын доҕор оҥостоору аҕала сатыыбын да, туох иһин кэлсибэт. Көрүүй, Милана хоһун, Барби дьиэтэ оҥорбуппут дии, – Оксана кыыһын хоһун аанын сэгэтэн көрдөрдө.

– Оок-сиэ, ити бэйэлээҕи сэргээбэт интэриэһинэй кыысчаан эбит дии. Русланы сөбүлээбэтэх дуу? – Варя Оксананы өһүргэниэ дии санаан, сибигинэйэн кэриэтэ ыйытта.

– Ээ, ким билэр, доҕор. Аҕатыгар эрэ хатааста сылдьар кыыс баар. Саҥа ийэлэнэн онно барсара буолуо, – Оксана күллэ.

– Уой, саҥа ийэлэнэн эрэр үһү дуо? – Варя итэҕэйиэхчэ буолар.

– Туох билиэ баарай, аҕата баран хаалбыт чүөчэни манаан олоруо дуо? Сороҕор тиийдэхпинэ син кэпсэтэр, арыт түҥнэри хайыһан олорон чэйдиир. Ийэм барахсан дьэ оннук күтүөтүн, кийиитин оҕо гынаттаан олорор. Барыах да дьону ыыппат быһыылаах, сайын бары тыаҕа, дойдубутугар бараары олороллор. Кийиитэ, күтүөтэ уонна сиэннэрэ буолан, киһи да сонньуйар. Варя, кэпсээри ыҥырдым дии, доо. Арай бүгүн үлэбэ-эр, – Оксана Варяҕа хайдах баарынан кэпсээн биэрдэ.

– Оо, куһаҕан дьыала эбит. Ол Даша дии. Саҥаран көрө-көрө, күл да күл буолар сытыы кыыс баара дии, мин кинини Стасиктыын эрийсэр дуу дии санаабытым ээ. Стасик кэргэнэ суох, суоппар уол быһыылаах. Оттон Витя тутууга үлэлиир. Дьэ били, сүгүн олордубакка ыллатан тахсар уоллара. Биирдэ кыргыттар гитарата суох кэлбитигэр, төттөрү ыыппыттара дии. Даа, бастаан ончу испэт этэ, муорус, сок эрэ иһэрин дьиибэргии көрбүтүм. Онтон кырдьык, холуочуйар эҥин буолбута дии. Оннук эбит, биһиги түмсүүбүт буортулаабыт, хайыыр да кыах суох, – Варя долгуйан имэ тэтэрэн хаалла, ойон туран куукунаҕа төттөрү-таары хаам да хаам буолла.

– Олор эрэ, Варя, киһи мэйиитэ эргийиэх. Хайыыбытый дьэ эн биһи, били мин муннубар харата суох барахсан, ол Дашаны булан мөҕөбүн дуу, хайыыбын дуу? Варя, чэ туох да мөккүөрэ суох эн – кэргэннээх, бэрээдэктээх киһи – ол кыыһы булаҥҥын кэпсэтэ сырыт, Лариса кэлэ сылдьыбытын, туох диэбитин барытын эт. Ватсаабынан кэпсэтиэххит буоллаҕа дии.

– Кэпсэтиэҕим. Барахсаны даа, киһи аһыныах. Доо, эн өйдөөн да көрбөккө сылдьаҕын быһыылаах, мин түмсүү ватсаап бөлөҕүттэн тахсан барбытым. Оҕонньорум улаханнык кыыһырбыта, арахсыах да курдук буолбута. Итиэннэ көрсүһүүлэргэ кэлэрим-барарым да бобуллубута, сылга биирдэ эрэ сылдьарбар көҥүллээбитэ быһыылааҕа. Кырдьык, наһаа элбээтилэр, таах солуута суох кэпсэтии. Ситэн да ааҕыллыбат, көрүллүбэт үлүгэрэ. Уопсайынан, уора-көстө бөлөхтөртөн тахсыталаатым, ол оннугар били оҕолорбун хонтуруоллуурбар быдан элбэх бириэмэ хаалар. Өттүк баттанан туран суотабайдары ууруҥ, уруогу ааҕыҥ диир кыахтанным, – Варя, итии чэйин иһэн сыпсырыйа-сыпсырыйа, кэпсии олордо.

– Сөпкө гыммыккын. Мин эмиэ бөлөхтөн тахсыахха диирбин Руслан туох иһин буолуммат. Өссө даҕаны интэриэстээх быһыылаах, – Оксана өрө тыынна.

– Оксанка, мин били тугу эрэ этэрдээхпин диэбитим дии. Онтубун хайыыбыный? – Варя хайдах эрэ саарбахтыырын биллэрэн сыҥаах баттанан чочумча саҥата суох олордо.

– Тыый, бачча кэлэн баран, кэпсээбэккэ барыаҥ дуо? Таарыйа ону истээри ыҥырбытым дии.

– Оо дьэ, чэ ол гынан баран этэрим сөп дии саныыбын. Этэргэ дылы, биир өлүүгэ сылдьар дьүөгэлиилэр, дьахтар аймах буоллахпыт дии.

Иһит эрэ, Русланыҥ туһунан соччото суоҕу иһиттим ээ. Эн иннигинэ эмиэ биир эдэр кыыһы кытта олорбут үһү. Эмиэ арахсабын, ыал буолабын диэбиттээх эбит. Кэргэнэ бүөрүнэн улахан ыарыһах эбит дии, ол иһин туора күүлэйдиир үгэстээх диэн билээччилэр бааллар. Маннык дьиэ куортамнаан биэрэр үһү. Эйигин эмиэ истибиттэр, бааҥҥа үлэлиир чүөчэлиин билсибит диэн. Хата, бу түмсүүбүт эҥин холбообутун туһунан билбэттэр быһыылаах, инньэ диэбэтилэр.

– Даа? – Оксана сирэйэ кубарыс гына түстэ.

– Наһаа айманыма, дьүөгээ, бу сырыыга баҕар, бигэтик быһаарыммыта буолуо. Наһаа таптаабыт быһыылааҕа дии, күнүүлүөхчэ эҥин буолара дии, – Варя дьүөгэтин сирэйэ уларыйбытын көрөн баран, аны ыксаата.

– Дьэ билбэти-им, Варя. Эйиэхэ диэн эттэххэ, бэйэм да арааһы санаан эрэбин. Сороҕор санаатахпына, хайдах эрэ мааны дьиэҕэ били саппааска олордубут куукулатын курдукпун. Аһатар, таҥыннарар, баҕардаҕына ааһан иһэн таарыйан туһанан ааһар. Кэскиллээххэ тиийэрбит, кырдьык, боппуруос курдук буолан бараары гынна. Москубалыан иннигэр бриллиант таастаах маҥан көмүс биһилэҕи кэтэрдэн барбыта, «помолвкабыт» диэн ааттаан. Кэллим даҕаны, тугу эрэ быһаарыныахпыт диэбит курдук саҥарбыта. Иһит эрэ, саамай туохтан саарбахтыыбыный диэ, кэргэҥҥин кытта араҕыс диэбэт. Биирдэ даҕаны! – Оксана уйадыйан ылла, хараҕын уута тахсыбытын биллэрбэт курдук илиитин көхсүнэн соттон кэбистэ.

– Кэбис, Оксана, араҕыс диирин күүтүмэ. Диэбэтин.

– Син биир арахсабын Аркадийдыын. Хайа да бэйэлээх эр киһи күүлэйдээбит дьахтары туох иһин бырастыы гыммат дииллэр. Сатаан олоруохпут суоҕа. Оҕобун хайдах гынан бэйэбэр чугаһатыахпын сатаан санаабаппын. Ити кып-кыра бэйэтэ миэхэ эмиэ хомойбут ахан быһыылаах, күүспүнэн куустардахпына, эттээх баҕайы, сып-сымнаҕас илиилэринэн кууһаахтыыр уонна атын сири, туора көрөн турар буолар. Дьэ, бу кыһыытыан…

– Бириэмэ көрдөрөн иһиэ. Ыксаама, өйгөр көтөн түспүт хардыыларгын оҥорума. Аркадийы наһаа үчүгэй, көнө киһи диигин дии, оҕотун туһугар, бырастыы гыныа.

– Кини наһаа көнөтүгэр, этэргэ дылы, үрдүгэр үҥкүүлээн манныкка тиийэн олордоҕум дии. Дорҕоонноох соҕустук буойбута-хаайбыта, сэниэлээхтик хамсаммыта буоллар, оннубун булларыахтаах этэ… Ээ, аны бэйэтин буруйдаан бардым дии, чээн…

– Оннук эр киһи эбитэ буоллар, атынтан ытыы олорор инибит.

– Атаҕастаммыт-баттаммыт аатыран диэ. Кырдьыга, Аркадий курдук миигин таптаабыт киһи суоҕа. Оттон мин, кэргэн тахсарбар даҕаны кинини таптаабатаҕым быһыылааҕа. Эмиэ биир акаарыга куттаан, тапталым табыллыбатах аатыран, Аркадийдыын холбоһорго сөбүлэһэн дьоллообутум. Онтум эмиэ ити Руслан курдук элэс-мэлэс көрбүт, эргичийбит-урбачыйбыт уол этэ, – Оксана уруккуну-хойуккуну, эдэр сааһын ахтан улаханнык уйуһуйбут дууһатын уоскутуна сатыы олорбута…

* * *

Иван Данилович бэҕэһээ дойдутугар көппүтэ. Луиза Никитична тугу да гыныан илиитэ-атаҕа барбат буолан хаалла. Аҕыйах да кэм иһигэр киһитигэр улаханнык убаммытын өйдөөтө. Уолаттар эмиэ тэһийбэт-тулуйбат буолан хааллылар. Оҕо саадыттан кэллилэр да эрийэр-мускуйар, тэҥҥэ оонньоһор киһилэрин суохтаатылар. Иван барарыгар: «Оҕолорбун ахтан иэдэйэбин дьэ…» – диэтэ. Оттон, аны санаатахха, Луизаны ахтыаҕын туһунан биир тылы саҥарбатах эбит. Чуумпуран, ырыта санаан көрдөххө, Иван майгыта-сигилитэ аан бастаан көрсүбүт, бииргэ олорбут күннэрин кытта тэҥнээтэххэ, уларыйбыт эбит ээ. Урут отой да көрбөт суотабайын хаһартан ордубат буолта, саҥата суох тугу эрэ толкуйдуурдуу, сытан хаалара элбээбитэ. Ээ, оттон Луиза олоҕо ити оҕолор тустарыттан холорук курдук ытылынна дии, ол кэмҥэ бэйэтигэр бүгэн хаалан, дойдутугар барар санаата күүскэ киирдэ дуу? Хаһан төннүөҕүн эмиэ чуолкайдык эппэтэ.

Луиза балтын Ольганы ыҥырбыта. Арааһа, кэлиэх буолла дуу. Онтубут да саҥата тахсан быстыбат, эмиэ аккаастаныах курдук гынан иһэн, «Иван Данилович дойдутугар барда, күнүс соҕотохпун» диэбитигэр сөбүлэстэ. Бээ, балтыбын алаадьы буһаран сырылатан көрсөр эбиппин.

Ольга эдьиийигэр сотору тиийэн кэлбитэ. Луиза көрдөҕүнэ, балта эдэригэр түспүт курдук буолбут. Арааһа, туох да кыһалҕата суох соҕотоҕун олорбут дьахтар бытааннык кырдьар дииллэрэ кырдьык быһыылаах. Баттаҕын лэппэччи кырыйтаран кэбиспит, улаханнык уойбат, туоратынан барбат да эбит. Ханнык баҕарар эр киһи хараҕын хатыах чүөчэтэ сылдьар.

– Аркадий уоппускатын ылла даҕаны, Үөттээхпит диэки түһүнэбит. Эн тугу быһаарынныҥ, барсар инигин?

– Эдьиий, барсыбат буоллум ээ. Пансионаппыт наһаа улахан тэлгэһэлээх, онно балаҕан тута сылдьаллар. Ол аһыллыытыгар, ыһыахха эҥин тэрээһинигэр баарым наада курдук, – Ольга эдьиийигэр сымыйаны кэпсии олороруттан мэктиэтигэр салгына тиийбэт курдук буолуталаата.

– Ээ, хомолтолоох эбит. Биһиги эйигин барсан дойдутун салгынын ылан сынньанан, чэбдигирэн, абыранан кэлиэ дии санаабыппыт. Муоста кырааската, обуой бөҕөтүн ыллыбыт. Ангелина икки дьиэни сэргэхситэ түһээри былаан бөҕөтө, – Луиза иһигэр Ольга хайдах дойдутун ахтыбатын сөҕө саныы олордо.

– Барбыт дьоҥҥут тугу быһаарынан эрэллэр? – Ольга кытаатан хаалбыт куолаһынан ыйытта.

– Дьэ, туох да биллибэт. Санаабар, ону кэтии-маныы саныыбын. Өссө да туохха эрэ эрэнэбин эрээри, дьонум улам-улам тэйсэн иһэллэр быһыылаах. Оксана сотору-сотору кэлэн барар. Оҕолоох киһи кыыһыгар ымманыйар даҕаны, Милана саатар биир хоно барсан абыраабат. Максим хайдах эрэ сулбуйан, ыран хаалбыт. Урут истэнэн-үөстэнэн бөкүнүҥнээбитэ суох. Сотору-сотору миэхэ бэрэски астатар, кэлэн аһаан барар. Астаабат дьахтарга түбэспит быһыылаах.

– Аны күһүн кийиитиҥ, күтүөтүҥ туспа барыахтара этэ. Сынньанымаары да гынныҥ. Ол эн баран хаалбыт кыыскын, уолгун манаан олоруохтаахтар дуо, өссө да эдэр дьон олохторун оҥостуохтара.

– Ээ, оҕолорбун хайдах сир халлаан анныгар ыыталаан кэбиһиэмий, айыбыын сиэннэрбэр, хайдах атын ийэ, аҕа киириэхтэрэй? Кийииттээх күтүөтүм олох эт хаан оҕолорум курдуктар, ол туһунан билигин саныахпын да баҕарбаппын. Аркадий аһын-үөлүн сатаан бэринэн үлэлиэ суоҕа, кыыһа кинини батыһыа. Хайдах сатаан олоруохтарай? Ангелинам этэҥҥэ дьиэтэ киирдэҕинэ, аа-дьуо сыҕарыйыа буоллаҕа.

– Дьэ сериал курдук ыалларгыт, – диэн баран Ольга уоһун быһа ытырына сыста, били, онно кыттыгаһа суох киһиэхэ дылы, саҥам диэн саҥара олордохпуон диэн мөхсөн ылла. Ыксаан хаалан дэлби итииргээтэ.

– Аны күһүн бары түмсүөхпүт дии. Эһээбит кэлиэ кэһии бөҕөтүн сүгэн, сиэннэрин ахтан, – Луиза Никитична итии үүттээх чэйин эбии кутунна.

– Чэ, мин барыым… – Ольга кэпсэтии тахсыа суох дии санаан, ойон туран барардыы тэриннэ.

– Чэ ээх, туох ааттаах ыксыыгыный эн? Духуопкаҕа бисквит укпутум, ону амсайан барыах тустааххын. Буһара чугаһаабыт, сотору таһаарыахпыт. Сороҕун биэрэн ыытыам Евдокияҕар кэһиилэниэҥ, – Луиза, балта мэлдьи ыксыырыттан соһуйа-соһуйа, духуопкатын одуулуу турда.

* * *

– Эчи минньигэһи-ин алаадьыта. Хата эн биһикки сайын кэлбитин бэлиэтээн хоспут иһигэр алаадьы сиэтэхпит, – Евдокия астына ахан олорор.

– Эдьиийим сирэйин таба көрбөккөбүн куотан кэриэтэ кэллим. Эрэй да баар эбит! Иванын аны күһүн кэлиэ диэхтии олорор, – Ольга настырыанньата суох кэлбитэ көстөр.

Евдокията чэй куппутун омурдан да көрбөккө, антах анньан баран олорор.

– Эбэтэр эһиги иккиэн Луиза иннигэр олорон билиниэххит, кэпсиэххит хаалбыт дуу? – Евдокия Ольганы Иваҥҥар булгуччу бараҕын дии сылдьан, киһитэ эмиэ буорайан кэлбититтэн мух-мах барда.

– Чэ, эрдэ сатаан эппэтэхпит дии, икки куттас. Тута саҥарбатахпыт даҕаны, кистэнэр аакка бардахпыт дии. Саамай улахан буруйдаах мин эбит. Иваҥҥа олох кытаанахтык сыһыаннаһан, саа да тэбиитигэр чугаһатыа суохтаах эбиппин. Билигин кэлэн, тугу эмиэ кыыс оҕо курдук, уоран суруйсан-хайаан, дьыаланы дириҥэттим! Бэйэм бэйэбиттэн сөҕүөх санаам кэлэн эрэр, Дуся-аа… Олоруохтаах этим эбээт дьылҕам хайдах ыйбытынан…

– Эттэххэ дөбөҥ, Ольга-аа… Эдьиийгитигэр эппиккит буоллар, арааһа, эһигини өйдүө этэ. Наар бу биһиги, саастаах дьон, дьон туох диэҕэй диэҥҥэ кэлэн быстарабыт. Оннук сиэргэ-майгыга иитиллибиппит буруйбут буолбатах…

– Сөпкө ииппиттэр. Ити аныгы тэтимнээх олох ииппит дьоно сылдьаллар дии, биир күүлэй түгэнтэн олохторун ыһан-тоҕон, – Ольга бырааттаах балтын туһунан кыһыйан-абаран саҥара сыһан баран, кыбыстан, Евдокияҕа кэпсии илигин саныы биэрэн туттунна.

Өй-сүрэх мөккүөрүгэр түбэһии диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ. Иван дойдутугар көппүт сураҕын истиэҕиттэн тулата барыта кураанахсыйбыт, олоҕо тохтообут курдук буолбутун, саатар, бэйэтигэр мэлдьэһэр кыаҕа суох. Ийэлээх аҕата кинини эмиэ бу Орто дойду олоҕун кэрэтин, ол иһигэр саамай күндүтүн – тапталы билэргэ анаан айдахтара дии… Отут сыл анараа өттүгэр ол баар-суох дьолун, тапталын сүтэриэҕиттэн бу күн баччатыгар диэри тапталлааҕын сырдык уобараһын истэр ылбаҕай ырыатыгар, ааҕар кинигэтин ис хоһоонугар тиийэ алтыһыннары тутан, суоҕу баар оҥорон, ыраах ыҥырар ыратыгар ыпсаран, түлэй түүлүгэр ыҥыран кэлбитэ буруйа үһү дуо?! Кини кыыс оҕо буолан айыллыбыт айылҕатын толорбокко, таптаабыт эр киһитиниин эт-хаан тапталыттан маппытын сыттыгар эрэ кэпсээн, соҕотохсуйар, туоххаһыйар сүрэҕин иэйэр-куойар эҥсилгэннээх ырыатын кистэлэҥ харах уутунан суурайан олорон кэллэҕэ эбээт. Дьон көрдөҕүнэ, арай Ольга Никитична таптал таарымтатыттан буолуохтааҕар, туох да бэйэлээхтэн ымыттыбат таас кириэппэс, эппитэ этириэс, туппута торуоска дэппит өһөс бэйэлээх аҥаардас дьахтар. Кини дууһатыгар табыллыбатах тапталтан хоҥнубатах хомолто, сүрэҕэр чэрдийбэтэх баас буолбут иэйии кистэнэн сыппытын ким билиэ этэй?!

– Ольгаа, хоспут наһаа итии буолла, фойеҕа тахса сылдьыбаппыт дуо? – Евдокия көрүдүөргэ тахсан иһэрин көрөн, саҥата суох батыста…

* * *

Ольгалаах Евдокия сөбүлүүр миэстэлэригэр олоруох буолан истэхтэринэ, Клара тиргиллэн тиийэн кэллэ. Сирэйэ-хараҕа турбут ахан, баттаҕа ыһыллан хаалбыт.

– Көр эрэ, өссө биһилэҕинэн уоруйахтаата дии! Бэйэтэ ханна уурбутун умнан кэбиһэр уонна өссө күрүө намыһахтыы миигин күтүрээбит буола-буола, – Клара кыыһырбыта-тымтыбыта бэрдиттэн тыынын нэһиилэ ылар курдук.

– Тохтоо эрэ, Клара уоскуй, туох диигин? – Евдокия аргыый тоҕоноҕуттан тутан олорто.

– Ээ ити, Федора Степановна ханна эрэ туумбатын түгэҕэр кистээбит биһилэҕин сүтэрбитин дьэ бээһээ өйдөөбүт. Бэҕэһээ мин куоракка тахсан дьүөгэбэр хонон кэллим. Кини санаатыгар, мин онно бараары кэтэн барбыппын эбэтэр арыгылаары ломбардка туттарбыппын. Туох акаары эмээхсинэй ээ, түөһэкээн! Мэлдьи онтун-мантын ханна уурбутун билбэккэ мээрикэйдэнээччи. Билигин да сытара буолуо онто ханна эрэ! Баҕар, отой да манна илдьэ киирбэтэх биһилэҕэ буолуо. Арыгыһыт кыыстаах дии, онто суох гыммытын саҥа өйдөөн кэллэҕэ.

– Чэ, уоскуй, сүтүктээх киһи сүүс аньыылаах диэн мээнэҕэ эппэттэр. Сааһырбыт киһи ханна уурбутун умнубут да буолуон сөп. Кылаабынайа, эн туох да буруйа суоххун, суобаһыҥ ыраас. Күүтэн көрүҥ, көстүөҕэ хоһун иһигэр ханна эрэ уурбут буоллаҕына, – Ольга, муннулаах муҥутаан, Клараттан хайдах эрэ арыгы сыта кэлэр дуу дии санаан, дьиксинэ олордо.

– Люция Павловна кыыһырбыта сүрдээх дии, миигин буруйдуур быһыылаах. Аны уоруйах аатыран үүрүллэн эрэбин быһыылаах бу дьиэттэн. Ити эмээхсин сыбдыйа сытыйан, сыыла сылдьан сыарҕа быатын быһар! Үнүр сүгүн утуппаттар диэн эмиэ үҥсүбүт этэ. Киэһэ сериал көрөллөр диэбит, – Клара төбөтүн иһэ барыта саҥа буола-буола, бураллан хаалбыт баттаҕын хомуйа тута сатыы олордо.

Люция Павловна кинилэр диэки хааман иһэрин көрөн, ойон туран, курбачыс гынан хаалла.

– Дьэ, дьонум сатанымаары гыннылар. Федора Степановна барахсан ытыы олорор. Баҕар, кырдьык ханна эрэ ууран баран умнубута буолуо. Ол эрээри, Кларабыт да сэрэхтэммит. Арыгытын иһэн кэбистэ дии, – Люция Павловна илиитин «нэлэс» гыннарда.

– Ээ, ол иһин даҕаны… Сыт кэлэр дуу дии санаабытым, сыыстарбатах эбиппин, – Ольга төбөтүн быһа илгиһиннэ.

– Иккиэннэрин да киһи аһынар. Ити кыыс, баҕар, ылбатаҕа да буолуо ээ. Ол эрээри, ол аһын аһаабыта куһаҕан эбит дьэ. Чэ, мин барыым, – Евдокия туран хоһун диэки хаамта.

– Оттон эн, Никитична, дойдугар барарыҥ чугаһаан үөрэн-көтөн сырыттаҕыҥ дии. Сайын тыаҕа ааттаах үчүгэй буоллаҕа-а…

– Чугаһаата, тоҕо эрэ улаханнык долгуйбаппын. Эн уоппускаҥ күһүн дуо, Люция Павловна?

– Ээ, күһүн. Кыра өрөмүөн эҥин баар, ону бүтэрэн баран барыаҕым. Полина оннугар хотуммун киллэрэн олохтоотум дии, – Люция Павловна тоҕо эрэ күллэ.

– Ханнык хотуҥҥун? – Ольга соһуйда.

– Былыргы хотуммун, бэйэм гиэнин. Арахсан барбыт кэргэним ийэтин. Сэлээҥҥэ баран эрэрин аймахтарыттан истэммин аҕалан киллэрдим. Ол таҥара оҥостубут кийиитэ эмээхсин төһөнөн сааһыран, ыарытыйан барбыт даҕаны, абааһы көрөн барбыт. Эдэр онтуҥ, биэс уончатын саҥа ааспыт дьахтар. Эмээхсин тыаҕа сатаан олорботун иһин манна киллэрэн илдьэ олоро сатаабыттар. Онтон уолун аахтан тахсан, ыал ыалы кэрийэн үтүөх-батаах сылдьаахтаабыт. Дьэ эдэригэр, кыанарыгар хотун хаан этэ буоллаҕа дии. Өр сыл оскуола дириэктэринэн үлэлээбитэ. Оҕонньоро сопхуос гарааһын сэбиэдиссэйэ этэ. Этэргэ дылы, мин хааммын да испэхтээбитэ. Буруйум диэн, кинилэр уолларыгар кэргэн тахсарбар үрдүк үөрэҕим суох этэ, уонча оҕолоох тыа боростуой ыалын кыыстара этим. Кэргэммин батыһан киирэн кэлбиппэр, кынчарыйа көрбүт харахтарын билигин да саныыбын. Биирдэ да үчүгэйбин таба көрөн хайҕаабакка, хайдах курдук тугу да сатаабаппын, билбэппин-көрбөппүн бэлиэтээн тахсара. Сэлиэнньэҕэ миигин «хайдах тулуйаҕын» диэн наһаа сөҕөллөр этэ, Инна Макаровна хайдаҕын билээхтииллэр буоллаҕа дии. Дьэ онтон оҕолор улаатан, куоракка көһөн киирэн быыһаммытым. Сиэннэригэр эмиэ наһаа кытаанах сыһыаннаах буолан уонна миигин атаҕастыырын көрө улааппыт буолан, уолаттарым эбээлэригэр чугаһаабатахтара. Онтон аҕабыт куорат олоҕор төбөтө эргийэн, атын дьахтарга бардаҕа дии. Дьэ Макаровна баҕарбытын курдук, биллэр-көстөр ыал мааны кыыстарыгар. Онтугар киирэн көрүллэ-харалла сатаабыта кыаллыбатах. Оҕонньорбун арахсыбыппыт кэнниттэн бээһээ саҥа көрдүм. Арахсан айдаарсан баран, соторутугар төттөрү кэлэ сатаабыта дии, ээ ылбатаҕым, миигин да тоҕо сиргэ-буорга тэпсиэхтэрэй, кинилэргэ атаҕастанаары төрөөбөтөх буолуохтаахпын. Дьэ уонна билигин кэлэн хайыамый, көрөр-истэр аналлаах социальнай үлэһит буолан олорон, кырдьаҕаһы кытта тугу аахса сылдьыамый, «Сарыалбар», сылааспар ыллаҕым дии, – Люция Павловна кэпсии-ипсии олордо.

– Оок-сиэ, бүтэһигэр син биир эйиэхэ тиийэн кэлбит. Хаама сылдьар дуо, саҥа киһи баарын өйдөөн көрө иликпит эбит дии.

– Сылдьар, аныгы кэм дьонун сиэринэн тобуга ыалдьан эрэйдиир быһыылаах. Киһи да күлэр, бибилэтиэкэ кыргыттарыгар киирэн «Люция Павловна хотунабын» диэбит үһү, ол аата миэхэ ураты соҕус сыһыан баар буолуохтааҕын өйдөөтүгүт ини диэтэҕэ дии. Макаровна билигин да уобараһын тута сылдьар. Уруккутун курдук баттаҕын кэннигэр чороччу эринэн кэбиһэр уонна ачыкытын аннынан көрбөхтүүр.

– Люция Павловна, эн билигин кэргэннээххин дуу? – Ольга билиэх-көрүөх санаата батарбакка ыйытта.

– Дьэ баар, доҕор. Дьүөгэлэрим сүгүн сылдьыбакка, суорумньунан кэргэммин булан биэртэрэ. Мин дьолбор, үтүөкэн киһи! Оптуобуспутугар суоппардыыр дии, Афанасий Дмитриевич. Кыыс оҕоломмутум киниттэн. Онон, бээ, анараа ыалга маанылаах кийииппин, ааппын сибигинэйэн ааттыыллар, – Люция Павловна үөрэ-көтө кэпсии олордо.

– Ээ, оттон уһун күнү быһа биһигини кытта бодьуустаһаҕын дии, соҕотох дии саныыр этибит ээ.

– Тыый, оттон, «Сарыал» иккис дьиэм курдук буоллаҕа дии. Көрдүҥ дии, ити дьоммутун үүннээн-тэһииннээн иллээхтик-эйэлээхтик олоруохпутун наада. Ол эрээри, Клараттан санаам түһэр дии. Итиэннэ кыайтарбата буолуо, бэйэбит таһаара да иликпитинэ бэйдиэ барыыһы быһыылаах.

– Наһаа ыарахан дьылҕалаах дии, биирдэ аһыллан кэпсээбитэ ээ.

– Биллэн турар, биһиэхэ иҥнэн киһилии олоруон наһаа баҕарабын. Хайдах эрэ эмиэ наркологы кытта сибээстэспит киһи дуу, билигин тахсан барыа даҕаны, урукку хампаанньатыгар төннүө… – Люция Павловнаны остолобуойтан ыҥырар саҥалара иһиллибитигэр туран барда.

* * *

Луиза Никитична, дьэ бэйэтэ этэрин курдук, халыҥ хамаандатын батыһыннаран Үөттээҕи булбута ый аҥаара буолан эрэр. Бастакы нэдиэлэлэригэр суунан-соттон күн солото суох сырыттылар. Хаһан да буоларын курдук, Ангелина сиһин көннөрбөккө икки дьиэнэн сууйан-сотон бүтэрдэ. Өссө кыра дьиэ муостатын кырааскалаан кылбаттылар, обуойун уларыттылар. Онно Луиза Ангелинаны уолаттарын кытта олохтоото. Бэйэтэ Миланатын, Аркадийын кытта улахан дьиэҕэ олороллор. Аркадий сүгүн олоруо баара дуо, олохтоох уолаттары кытта биригээдэҕэ киирэн дьиэ тутуутугар үлэлэһэ сылдьар. Күһүөрү аҕатын аахха баран оттоһуон, бииргэ төрөөбүттэригэр кыстыкка бэлэмнэниигэ көмөлөһүөн баҕарар быһыылаах. Ангелина аны сарсыҥҥыттан оҕо бырааһын солбуйан балыыһаҕа үлэлии барарга сөбүлэстэ. Кыралар күнү быһа үрэх уутугар чомполоноллор, киэһэ утуйалларыгар биирдэ дьиэни булаллар.

Ол быыһыгар уолаттар айан суолун манаан тахсаллар. Аҕабыт кэлиэҕэ диэн ыраланаллар үһү. Максимҥа оннук былаан суохха дылы, манна кэлиэхтэриттэн кэпсэппитэ да ахсааннаах. Хата, Оксана кэлиэн баҕарарын туһунан этэр, кыыһын ахтыбыт ахан быһыылаах. Луиза күн аайы сэмээр күүтэ саныыр, тоҕо эрэ, эппэккэ даҕаны таксинан кэлээрэй диэн. Иван Данилович өр буола-буола, сибээс аһылыннаҕына диэн кэпсэтэр буолла. Кэлин отой эрийбэт буолан хаалла. Манна даҕаны сибээстэрэ оччо үчүгэйэ суох, ол иһин Ольгаттан «куорат киһитэ, эн эрийэ сырыт» диэн көрдөһүөн баҕара-баҕара туттунар. Аны ыалдьан хаалла дуу, тугуй дуу дии санаатыттан ыксыыр.

* * *

Оксана Үөттээххэ бараары маҕаһыын кэрийэн атаҕа үлтү быстан кэллэ. Дьиэтигэр ким да күүппэтин билэр. Руслан бүгүн уолун төрөөбүт күнэ. Кэпсиириттэн иһиттэххэ, тэлгэһэлэригэр улахан бырааһынньык тэрийээри сылдьаллар. Бу күннэргэ онно шатер көрдөһөн киһиэхэ бары төлөпүөннээн, нэһиилэ булла. Оксана соруйан эппэккэ эрэ, сарсын сарсыарда таксига олорон бараары гынар. Руслан хаһан ирдэһэр эбит, дьэ көрүллүө. Сарсыарда барар буруйдаах буолан каартатын хаалларан барбытынан туһанан, оҕолорго кэһии бөҕөтүн ылла. Милана сотору эмиэ төрөөбүт күнэ буолуохтаах. Оксана тэлгэһэҕэ улахан бырааһынньыгы тэрийэр туһунан хараҕар ойуулаан көрөн ыраланар. Бээ, убайыгар эрийэ сылдьыахтаах. Бэркэ сайыһан эрэрэ, Үөттээххэ барсыахпын баҕарабын диэбитэ ээ.

– Максим, бардыбыт сарсын Үөттээххэ! – Оксана убайыгар эрийэн баран эрэрин туһунан омуннаах соҕустук кэпсии оҕуста.

– Эс, эрдэ этиэххин оттон… Эппитим дии, барсыаҕым диэн. Сарсын түргэнэ бэрт дии. Оо дьэ, омуннаах да кыыскын, – Максим соһуйан, биир кэм хайдах да буолуон билбэккэ булумахтанар саҥата иһилиннэ.

– Кэһиим суох эҥин диэн санаарҕаабаккын. Ааҕа бэйэлэригэр кэһиилээхпин иккиэммит аатыттан. Түгэни мүччү тутума барыс, кыайбат буоллаххына, кэлэр-барар бырайыаскын да төлүөхпүн син.

Чэ, кэтэххин тарбана туруоҥ дуо? Ол Зояҕыттан куттанар буоллаххына, туох эмит диэн албыннаа, хайаа, аны кэлэн… Икки миэстэни сакаастыам билигин… Миэхэ дьиэбэр кэлээр, таксига мантан олоруохпут, – Оксана этэн-тыынан баран, суотабайын быһа баттаан кэбистэ. Аҕыйах мүнүүтэнэн «Барсабын» диэн смс кэллэ.

Оксана дэлби үөрэн, ийэтигэр эрийэн этэ оҕуста. Ийэлэрэ үөрээхтээтэ да быһыылаах, долгуйара олох саҥарарыгар иһиллэн олорор.

* * *

Киэһээҥҥи аһылык кэнниттэн бары иһирдьэнэн-таһырдьанан сырсыбыттарын кэннэ, Луиза Никитична иһитин хомуйа сырыттаҕына Оксана Максимныын кэлэн эрэллэрин туһунан эрийдэ. Дьэ, ол соһуччу сонуну дьиэлээхтэригэр иһитиннэриэн наада: Ангелина уолаттарын кытта үрэххэ сөтүөлүү киирдилэр. Халлаан куйааһа дьикти, киэһэ сөрүүн түстэҕинэ эрэ киһи уоскуйар. Аркадий дьэ кэллэ быһыылаах, сөрүүнү баттаһа хойукка диэри үлэлииллэр. Луиза түргэн-түргэнник хамсанан күтүөтүгэр аһылыгын тардан, остуолга ыҥырда.

– Аркадий, Оксаналаах Максим сарсын кэлэллэр үһү, – Луиза Никитична тэһийэн-тулуйан олорумуна, сонунун кэпсии оҕуста.

– Манна да? Кэлэллэр да? – күтүөтэ сөбүлээбэтэх соҕустук иҥиэттэн ылбытыттан Луиза «һык» гына түстэ.

– Оттон ийэҕит кыыһын төрөөбүт күнүн эҥин санаан кэлэрэ буолуо дии, – Луиза ыксаан хаалан иһит соторун имитэ олордо.

– Абытай, итиитэ да бэрт, ас киирбэт эбит. Чэ, махтал ийээ, мин утуйууһубун, – диэн баран, Аркадий хоһугар киирэн хаалла.

Сөбүлээбэтэ быһыылаах. Баҕар, соһуччута да бэрт буолуо. Аркадий дьэ саҥата суох киһи: тугу саныырын, кыыһырарын дуу, үөрэрин дуу, киһи дэбигис өйдөөбөт. Оок-сиэ, аны Ангелинаҕа этэрим баар дии. Кини да уруйдуу түспэт буолуохтаах. Максим арахсар туһунан сайабылыанньа аҕаллаҕына илии баттыыр, эргиллибэт санаалаах сылдьар быһыылаах. Бэйэтигэр этиэм, уолаттарга бу киэһэ этэн аймаабат эбиппин. Луиза Никитична куукуна түннүгүнэн көрбүтэ: сөтүөһүттэрэ субуруһан кэлэн эрэллэр эбит. Чэ, бэйи, оҕолорун сытыартаабытын кэнниттэн Ангелинаҕа этэн көрөрүм буолуо.

Луиза Милананы хоһугар атааран баран, күүлэтин боруогар тахсан олордо. Сөрүүн түспүтэ үчүгэйиэн, тэлгэһэлэрэ көрүөхтэн үчүгэй көстүүлэммит. Икки оҕобутугар анаан диэн Дьаакыптыын олордубут хатыҥнара ситэн-тупсан, силис-мутук тардынан, баараҕадыйан ахан тураллар. Арай, быйыл сайын хаһааҥҥытааҕар да элбэх, араас сибэкки сиэдэрэй көбүөр буолан тэлгэммит. Хаарыаны, бу түгэҥҥэ оҕолорум бука бары этэҥҥэ олорон, иллээх-эйэлээх түһүлгэни төрүттээн мустубут буолбатахтарын… Ийэлэрин сүрэҕин хайытан, кыыстаах уола куоракка муна сырыттахтарын…

– Ийээ, мин билигин кэлэ сылдьыам, – Ангелина дьиэтиттэн тахсан иһэн Луизаны көрөн баран, төттөрү киирдэ. Сотору буолан баран, бакыат кыбыныылаах тиийэн кэллэ.

– Мин тугу эрэ көрдөрөөрү гынабын. Күүлэҕэ киириэххэ эрэ, манна тэлимнэппэт буоллахпыт дии, – диэн баран күүлэҕэ киирбитин, Луиза тугуй ити дии-дии, батыста.

Арай Ангелина бакыат иһиттэн туус маҥан, гипюровай таҥаһы сыыйа тардан таһаарда. Луиза тугу да өйдөөбөккө, илиитинэн таҥаһы харбыалаһан туппахтыы түһэн баран, «С-сыбаайба былааччыйата дии…» диэн хаалла.

– Ити уолаттар ыскаап түгэҕэр сытар чымадаан тимир хатыырын аһа-саба оонньуу олордохторуна өйдөөн көрдүм. Этикиэккэтэ да кырыллыбатах, сабыс-саҥа дии. Өссө итинтигэр паара олус кыраһыабай сэлээппэ баар.

– Ити дьиэҕэ барыта Ольга мала сытар. Киниэнэ эрэ буолан тахсар. Эчи дьиктити-ин, бу да кыыс, эрдэттэн былаачыйа ылан ууруна сыппыт эбит дии, – Луиза сөхпүтэ буоларыгар эрэ тиийдэ.

– Эрдэ ылынар аньыы буолуо дии. Эдьиийбит эйиэхэ тугу да кэпсээбэтэҕэ дуо?

– Суох ээ. Мээнэ аһыллыбат киһи. Эдэр да эрдэҕиттэн биһигини кытта тэҥҥэ сэлибирээччитэ суох. Устудьуоннуу да сылдьан сынньалаҥар эҥин кэллэҕинэ кулуупка тахсыбат этэ. Үөрэхпин бүтэрдэхпинэ Үөттээххэ кэлбэппин, атын сиргэ ананабын диирин өйдүүбүн арай. Онтон эмискэ манна кэлэн баран өйө-төйө суох кулууп үлэтигэр төбөтүн оройунан түспүтэ. Ийэлээх аҕабын кытта хаалабын диэн олорунан кэбиспитэ. Мин ыал буолумаары гынна диэн ыксааммын атын сиргэ баран үлэлээ, дьоммутун кэлэ-бара көрүөхпүт дии сатаабыппын ончу истибэтэҕэ.

– Манна олорон хаалбыт эбит. Эдьиий Ольга кыраһыабай бөҕө дии, наһаа да бэйэтигэр барсыах таҥаһы ылыммыт эбит. Ол аата, олоҕор туох эрэ сатамматах баар быһыылаах… Былааччыйатын ууран сыппытыан, тоҕо да эрдэ ылыммытай, ол иһин сатамматах буолуохтаах. Кыһыылаах да эби-ит… – Ангелина былааччыйаны сэрэнэн-сэрэнэн суулуу тутан, бакыакка төттөрү укта.

– Күһүн сэрэнэн ыйытыахпыт. Оҕолорго ыстарбыккыт диэн улаханнык мөҕүллэрбит дуу. Чэ, сүбэлэһиэхпит. Ол чымадааны ханна эрэ уолаттар тиийбэт сирдэригэр сыҕарытаар. Ангелина, сарсын Оксаналаах Максим кэлэллэр үһү, Оксана киэһэ эрийэ сырытта…

– Ээ. Мин сарсын үлэлии барабын, – Ангелина кытаанах-кытаанахтык быһа баттаан саҥараат, дьиэтин диэки түһэ турда.

Дьэ нөҥүө-маҥаа дьонун ханна олохтууруй ити сарсын?! Оксана урукку бэйэтин хоһугар киириэ, биитэр Ангелинаҕа тахсар дуу? Аркадий кыыһыныын Максим хоһугар бааллар. Максим саалаҕа хаалыа. Луиза уута отой да көттөҕө ити… Саатар, Ивантан туох да биллибэтэ…

* * *

Ольга таксига олорон баран тулуйбакка-тэһийбэккэ кэннин эргиллэн көрбүтэ: «Сарыал» киирэр аанын кирилиэһигэр өйөнөн туран, Евдокията далбаатыы турар. Үөрбүт ахан, астыммыт көрүҥнээх. Атыттар бары тэлгэһэ муннуктарынан-ханныктарынан тарҕаһан, хата кини таксига олорсорун көрбөккө хааллылар.

Оттон тапталлааҕар инньэ хоту күрээри, сөмөлүөт рейсигэр авиапорка киирэн эрэр Ольга Никитична төбөтө ыаҕастаах уу курдук буолбут. Бөлүүн хараҕын симэн көрбөтө, арааһы бары эргитэ санаан эргичийэ-урбачыйа хонно. Дусятыгар да мэһэйдээтэ быһыылаах. Баҕар, киһитэ эмиэ долгуйа сыппыта буолуо, сарсыарда алта чааска тэҥҥэ тура биэрэн, чэй өрбүтүнэн барбыта.

Оок-сии, саатар бэҕэһээҥҥиттэн Үөттээхтэн Луиза эрийэр ээ. Бу эмиэ эрийэн кэллэ. Ольга суотабайын тыаһын иһиллибэт гынан хам баттыы оҕуста. Балта бу буолан эрэрин сүрэҕэ-быара таайаахтыыр дуу? Луиза киниэхэ холоотоххо, түүллээх-биттээх буолааччы. Суоппара эдэр саха уола түбэспит. Бэрт сэргэх көрүҥнээх, ону-маны ыйытыан, кэпсэтиэн баҕарар да, туттунар быһыылаах. Сотору-сотору сиэркилэнэн Ольга диэки көрбөхтөөн ылар. Хайдах бэйэтэй, сирэйигэр тыҥааһына, ыксаабыта оннук айылаах сурулла сылдьара… Оо, авиапорт суолугар киирдилэр. Килиэп кэмбинээтэ, ЯКСМК…

Ээ, мин тугу гына, эдьиийбиттэн кистээн буола-буола, кини оҥостубут олоҕун уоран-талаан ханна баран эрэбиний бу ээ! Иван онно кинини күрүүргэ ыҥыран баран, туох да буолбатаҕын курдук мылаарыйан олорор буолуо ээ! Отут сыл анараа өттүгэр бу Ольгаҕа тугу да эппэккэ сүтэн хаалбыта буолбаат, кинини харах уутунан сууннаран, туох да быһаарыыта суох сибээһин быһа баттаан. Билигин эмиэ кырдьан, чанчыктара туртайан да олордор, ол быһыытын хатылыы олорор! Луиза эрийэ сатыырыгар эппиэттээбэт, аны кини эдьиийэ күүтүүттэн, куоппут эр киһиттэн эрэйи көрүөхтээх! Ольга икки чабырҕайа тэһэ барыах курдук буолбута, хараҕа хараҥарталаан ылла… Хараҕар «Полет» маҕаһыын элэҥнээн ааста. Салҕалас буолбут илиитинэн суумкатын арыйа баттаан, пааспарын быыһыгар быга сыппыт билиэтин харса суох хайыта тыытан кэбистэ. Сэргэхчэй суоппара ону көрөн олорбута быһыылааҕа, соһуйбута бэрдиттэн дуу, хайдах эрэ уруулун туора тута сыһан баран көннөрдө.

– Суоппар-суоппар, уолчаан, манна тохтуу түс эрэ, – диэн илиитин далбаатаммытыгар, массыына тохтоон «хорус» гына түстэ.

– Оо, хайдах буоллубут, эдьиэйкээ, ити хаарыаннаах билиэккин хайыта тыытан кээстиҥ дуо? – уол олус соһуйбут сирэйдээх.

– Саҥарыма-саҥарыма. Тоойуом, ситэритин маннык гын. Көр эрэ, бу абонент баар дии, бу кини итиэннэ миэхэ хаһан да төлөпүөннээн тиийэн кэлбэтин, суруйбутун да иһин мин хаһы-ын да аахпатым курдук оҥорон биэр эрэ, – дии-дии, Ольга уолга суотабайын уунна.

– Эдьиэйкээ, бу Иван диэни дуо? Букатыннаахтык блоктуубун диэ? Оо, ханнык эрэ убайбын кэһэттиҥ буолбат дуо… Ити кумааҕы билиэккин алдьаппытыҥ, дьиҥинэн, көтөргөр букатын да мэһэйдээбэт ээ, көмпүүтэргэ барыта көстө сылдьар. Онон, регистрацияны ааһаҕын. Оччоҕо хайыыбытый, Иваны?

– Кинини-кинини… Cуох гын, суох гын, һуу, чэ махтал. Чэ уонна ситэритин, бу тимир көлөбүтүн эргилиннэри тардан «Сарыал» диэки төттөрү куотуох! – Ольга дириҥник үөһэ тыынан ылла, хараҕын симэн баран массыына кириэһилэтигэр иттэннэри түһэн сытынан кэбистэ…


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации