Электронная библиотека » Галина Нельбисова » » онлайн чтение - страница 6


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:20


Автор книги: Галина Нельбисова


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 6 (всего у книги 8 страниц)

Шрифт:
- 100% +

– Оо, кэбис, ол кэргэнэ сөбүлэспэтин үрдүнэн хайдах барыаҥый онно. Мантан, хаарыаннаах «Сарыалгыттан» тахсан барыаҥ даҕаны, киирэриҥ уустук буолуо дии, Филипповна, – Ольга онтон атыны соччо тобулбата.

– Дьэ долгутуулаах даҕаны көрсүһүү буолбут дии, Нина Филипповна. Оҕоҥ үөрэхтээх, өйдөөх кыыс буолан, эйигин көрдөөн буллаҕа дии. Кэргэнэ сөбүлээбэтин үрдүнэн. Бээ, кырдьык олох кутталлаах, аны эн тускуттан эдэр ыалыҥ иирсэн туруохтара дии, – Евдокия Нина кэпсээнин наһаа харааста иһиттэ.

– Бастакы көрсүһүүбүтүгэр кыыһым олус кытаанах этэ. Дьоно наһаа үчүгэй, бэрт сонун Любава диэн ааты биэрбиттэр эбит. Онтон мин олоҕум кэпсээнин истэн баран, дьэ улам-улам сымнаата. Хаан-уруу аймахтарбын билсиэм этэ диир, өссө саамай соһуппута, аҕабытын булбаппыт дуо диэн, – Нина, төбөтүн быһа илгистэн ыла-ыла, күллэ.

– Любава… Тыый, наһаа үчүгэй аат дии. Таптал оҕото диэн билбит курдук сүрэхтээбиттэр эбит, бэйэлэрэ даҕаны икки аҥыы барыахтарын иннигэр таптаһан холбоспут ыал буолуо дии. Дьэ олох очура-чочура эҥин араас, онно-манна тиэрдэр. Нина Филипповна, санаан көрүүй, эйиэхэ олоҕуҥ соһуччу дьолу эмиэ аҕалбыт буолбаат! Кыыстааххын, талбыт курдук икки, өссө уоллаах кыыс, сиэннээххин! Биллэн турар, ырыта санаан көрдөххө, кыыс олоҕун отуора алдьанан, төрөппүттэрин сүтэрэн, аны ол иитиллибит оҕоҕун диэн этэн биэрэн, дьиҥнээх төрөппүт ийэтин буларга сананнаҕа дии, – Евдокия үөһэ тыынар.

– Мин эмиэ инньэ дии саныыбын. Төрөппүттэрэ этэҥҥэ олорбуттара буоллар, баҕар, ким даҕаны иитиллибит оҕоҕун диэн этэн биэрбэтин, мин баарым туһунан түһээн да баттаппат. Оннук санаатахха, эмиэ уустук дьэ, – Нина Филипповна эмиэ илиитин мускунан барда.

– Нина Филипповна, бара-кэлэ сатаабаккын, бу дьиэҕэр олорбутуҥ курдук олороҕун. Кимиэхэ да мээнэ кыыһым кэлэр диэн кэпсии сылдьыма. Миэстэ былдьаһыктааҕын билэҕин дии. Кыыстаах эбиккин диэхтэрэ дии. Салгыы хайдах буоларгытын кэм көрдөрөн-биллэрэн иһиэ буоллаҕа дии, – Ольга пансионакка киирии уустугун саната олордо.

– Оннук ээ. Чэ, кыргыттар, сынньаныҥ, утуйуҥ. Үтүө сүбэҕитигэр махтанабы-ын, – дии-дии, Нина тиэтэйэ-саарайа тахсан барда.

* * *

Максим ийэтин аахха баран кэллэ. Уолаттарын наһаа ахтыбыт даҕаны, ийэтэ, Ангелина даҕаны оҕолорун кытта билигин көрсүһэрин сөбүлээбэттэр. «Туох диэхпиний, сэриигэ барбыта диэбитим. Көстө-биллэ сатаама. Эһигини быраҕаттаан барбытым диэн аһаҕастык билинэргэ бэлэм буоллуҥ дуу?» – диэбитэ Ангелина мас-таас курдук. Максим киһи эрэ буоллар тугу да саҥарбата, кэтэҕин тарбанан эрэ хаалла. Ангелина мэлдьи буолбатах эрээри, итинник өсөһүн киллэрдэҕинэ иннин биэрээччитэ суох. Ол эрээри, Максимҥа сыһыана өрүү да сымнаҕас этэ. Сүтэрэн баран сыаналаабытын иһин…

– Макс, хайа дьоҥҥор баран кэллиҥ дуо? Уолаттарга кэһиибитин биэрдиҥ дуо? – Зоя саҥа-иҥэ бөҕө буолан таһырдьаттан киирэн кэллэ.

– Ээ баран кэллим. Уолаттар суохтар этэ. Оонньуурдарын хааллардым, киэһэ дьыссааттан кэллэхтэринэ көрүөхтэрэ.

– Ыттары аһаппатаххын дуу, тугуй, миигин көрөн өрө мөхсүү бөҕө буоллулар. Аччык буоллахтарына итинниктэр. Кэлээр эрэ, наһаа үчүгэй пицца аҕаллым, – Зоя остуол тардан кэллэ-барда.

– Ээ, отой даҕаны умнан кэбиспиппин, ыттар диэннэр баалларын, – Максим төбөтүн харбанна.

– Хаһаайыстыбаны көрөөр диэн хаалларбытым даҕаны, тугу да гымматаххын дии. Ити гараж туруохтаах сирин түргэнник ыраастаныллыахтаах, эчи эппитим хас да хонно, – Зоя саҥата өссө элбээн, кыыһырыах курдук буолан барда.

– Оо, эмиэ пиццабытын сиибит дуо? – Максим сыыһа саҥаран кэбиһэн эмиэ мөҕүллэ сыста.

– Сиэбэккэҕин бэлэм аһы. Сорох эр дьон кимнээҕэр асчыт буолаллар, хомойуох иһин, эйиэхэ ол суох эбит. Мин эйигин наһаа асчыт буолуо дии санаабытым.

– Лябоп отой да бүтэн эрэр дуу? – Максим дьээбэлэннэ.

Зоя сүүскэ тыкта.

– Таптыыбын, нохоо. Ол-бу буолан көр эрэ. Пиибэ иһэҕин дуо? – Зоя, икки өттүгүнэн оонньуу-оонньуу, халадыынньыгын диэки хаамта.

– Дьэ ол үтүө дьахтар тыла. Чэ, бүгүн романтическай киэһэ буоллун. Тапталлааҕыҥ сарсыҥҥыттан үлэлиэ да үлэлиэ, – Максим албыннаһардыы оҥоһунна.

– Максик, чэ, эн биһикки тапталбыт туһугар көтөҕөн кэбиһиэххэ! Гарааһы туттара охсуохха наада. Эн бэйэҥ ол тутууну салайан ыытыахтааххын. Манна биригээдэлэр араастаан үлэлээччилэр, аҥаардас дьахтар диэн сэнииллэрин билэбин. Оннооҕор оҕонньорум доҕотторо ааттаахтар ол-бу буолааччылар. Эн кинилэри тойон хааҥҥын киллэрэн, ордук-хоһу тутталларын буойуохтааххын. Мадам Зояны билигин атаҕастаан көрдүннэр эрэ, харабыла курутуой. Дии, Макс? – Зоя Максимы моонньуттан хам кууста.

– Дьоммор этиэхпин наада дии. Кырдьык, эн сүбэлээбитиҥ курдук, уолаттарбыттан биирин бэйэбитигэр ылабыт да? Оччоҕо, буруйум да арыый чэпчиэм этэ. Биир уолбун бэйэм букатын ылыам этэ. Хайаларын ылыахпын сөбүй ээ, Петушок баранаагы дуу, Павлуша мэнигийээни дуу… Ээ, арааһа, Павлик ордук. Петушок ийэтин курдук өһөс иҥин. Мин оҕом Павлик эби-ит, – Максим пиибэтин улахан куруусканан түһэртээн холуочуйбут курдук буолла.

– Эн ол дьиэҕэ боппуруостаргын түргэнник быһаарын диэн эппитим эмиэ ыраатта. Хайдах эрэ наһаа бытааҥҥын дии! Мадам Зоя түргэн-тарҕан туттунуулаах, киириилээх-тахсыылаах уолаттары идеал оҥостор диэн өйдөнөр гына эппэтэҕим дуо? Оҕолоргор, ийэҕэр бараҕын-бараҕын, туох да быһаарыыны ылбакка кураанах сыыгынаан кэлэҕин. Дьиҥнээх эр киһи буола иликкин дуу тугуй, эйигин билигин да сыыҥкын сотуохха наада дуо?! – Зоя эмискэ хаһыытаан баран, остуолу охсубутугар Максим кэтэҕин эрэ харбанан хаалла.

* * *

Максим көһөн барбыт чүөчэтэ Зоя Луизалаах Иваны төрөөбүт күнүгэр ыҥыра сытар. Дьэ суобаһа да суох дьахтар баар буолар эбит! Өссө Ангелиналыын саамай кыыһырбыттара-абарбыттара диэн, игирэлэри арааран, Павлигы бэйэтигэр ыла сатыыр. Дьахтара этэн-тыынан ыытар быһыылаах, Максим арааһы бары туруорсан соһутар буолан барда. Игирэлэри хайдах араартыахтарай, өссө ийэлэриттэн тэйитэн атын дьахтары кытта олорор эр киһиэхэ биэриэхтэрэй?! Луиза оҕолорго аҕалара атын сиргэ олоро барбытын туһунан сэрэнэн быһаарыахха диэн кийиитиниин сүбэлэһиэн баҕарар. Аҕата суох курдук сананыа суохтаахтар, төһө кыалларынан сибээстээх улаатыах тустаахтар.

Луиза киэһээҥҥи аһылыгар хортуоппуй хастыах курдук буолан истэҕинэ, бай, Үөттээхтэн Тамара Семеновна эрийэн тиийэн кэллэ.

– Никитична, үтүө күнүнэн! Соһуттум дуу? Этэҥҥэҕит дуо, хайдаххытый? – дии-дии, Тамара Семеновна күллэ-үөрдэ, ол эрээри куолаһыгар туохтан эрэ долгуйбута, ыксаабыта иһиллэр.

– Соһуттуҥ диэххэ. Этэҥҥэ кыстаатыбыт, – Луиза оҕолорум эмиэ миэхэ бааллар диэн кэпсиэх курдук гынан иһэн нэһиилэ туттунна.

– Чэ бэрт. Дьэ мин ити «Көмүс күһүнүнэн» дьону холбооттооччу буоламмын дьиэбиттэн бэйэм үүрүллэрим кэллэ дии, доҕор. Иһит эрэ болҕойон, били балыыһаҕа үлэлиир сиэстэрэ Лида баара дии. Ааспыкка кэпсэппиппит, олох миигин кимниин эрэ холбоо диэн баран батыһа сылдьар диэн. Күнү быһа бибилэтиэкэҕэ кэлэн олорон сылатар этэ отой. Онтубун дьэ ыал оҥордум диэн эмиэ куоракка атаарбытым. Суоппар киһилиин билсэн өйдөстүм, сөбүлэстим диэн кыыһым олох дьиэрэҥкэйдии сылдьар буолан хаалта. Мин эмиэ эһиги холобургутун харахпар көрөммүн, үөр да үөр. Ол икки ардыгар кыыһым үлэтиттэн уурайан, дьиэтин атыылаан баран куоракка көһөн хаалбыт. Иһит эрэ, дьэ уонна куһаҕан киһиэхэ түбэспит үһү. Манна Үөттээх оргуйан олорор. Сирэйбэр да эппэтэллэр, бары миигин буруйдуур курдуктар. Ол киһитин кытта холбоһон иһэн арахсыбыт, олорор сирэ, үлэтэ да суох хаалбыт үһү. Хайдах буолбутун үчүгэйдик билбэппин. Билигин главпочтамт уопсайа диэн дьиэҕэ биир билэр кыыһыгар кыбыллан олорор үһү. Олох эйигиттэн улахан көрдөһүүлээх тиийдим. Баһаалыста, Иван Даниловичтыын ити уопсайга тиийэ сылдьыҥ, Саввинова Лидияны ыйытаҕыт? Суотабайын нүөмэрин уларыппыт, төлөпүөнүн атын киһи ылар.

– Оо дьэ, кыһалҕа эбит дии, доҕоор. Сөп-сөп, долгуйума, Тамара Семеновна, барытын билсэн баран биллэриэҕим. Дьоҥҥо үтүөнү оҥороору аны буруйга тиксээри гыммыккын дии. Дьэ, арааһынай абоненнар эбиппит ол аата «Көмүс күһүҥҥэ».

– Бөлөхтөн таҕыстым, бүттүм. Кэбис, эппиэтинэһэ, куттала да бэрт эбит. Эһигини эрэ санааммын уоскутунабын. Чэ, күүтүөм, Лууйуска, – Тамара суотабайын түргэн үлүгэрдик баттыы оҕуста.

«Бээ, онно Иван Даниловиһы батыһыннаран барбат буоллаҕым дии. Барсыа да суоҕа, киэһэ Ангелинаҕа этэн көрүөм. Сарсын киэһэ үлэ кэнниттэн бара сылдьыбыт киһи» дии саныы-саныы, Луиза киэһээҥҥи аһылыгын бэрийэн барда. «Уу, Таҥара көмөтүнэн диэбит курдук, миэхэ үтүө киһи түбэспитиэн…» Луиза инньэ дии санаан баран, бээ, булумньум баар дуу, суох дуу диэбиттии, хоһу баран өҥөйөн көрдө. Киһитэ оронугар олорон туох эрэ кумааҕытын бэрийэ олорор. Луизаттан өссө соһуйда, кистиэх курдук гынан испитэ сатаммата быһыылаах.

– Хайа, Иван, ити туох саппыыскатын имэрийдиҥ?

– Сэгэттэйиэм, билиэтим дии.

– Ээ, көтөр билиэтиҥ. Дьэ астыммыт сирэй олороҕун, сиэркилэҕэ көрүн эрэ, – дии-дии, Луиза дьээбэлэннэ.

* * *

Ангелина хотунун кытта главпочтамт уопсайыгар кэлсэн баран, аадырыстаан тиийбит Лидаларын көрсүбүтүн кэнниттэн дьиэтигэр төнүннэ. Лидияны хоһуттан ыҥыртарбыттарыгар сүүрэр-хаамар икки ардынан тиэтэллик кыра фойе дьыбаанын диэки кэллэ. Луизаны билэн, моонньугар ыйааста түстэ, ытаан санна ыгдаҥалаан барда.

– Уоскуйууй, Лидочка, чэ саас сааһынан кэпсээ, сүтэрбиттэр дии эйигин, – Луиза Никитична Лиданы хайдах уоскутуон билбэккэ, ыксаата.

– Ээ, туох да үчүгэй кэпсээним суох, Никитична. Арай, бэйэм акаарыбыттан кэмсиммитим иһин, билигин кэлэн тугу булан ылыамый?! Тамара Семеновна эйиэхэ биллэрдэ дуо? Барахсаттарым сыбаайбаҕа ыҥырыы күүтэ олорон, отой атыны истибит буолуохтаахтар. Суотабайым нүөмэрин уларыппытым, кимниин да кэпсэтиэхпин баҕарбатаҕым. Ол кэргэн тахсаары мэҥийэн кэлбит киһибин Альберты кытта «Көмүс күһүҥҥэ» билсибитим. Эһиги Иванныын бөлөххө баар эрдэххитинэ, кини суоҕа, кэлин киирбитэ. Киһи хараҕа быраҕыллар уола хаан киирэн кэлбитигэр уруттаан суотабайыгар суруйбутум. Били бэйэлээх боотурбун атыттар илдьэ барыахтара диэммин, бөлөхтөн таҕыс, иккиэн эрэ суруйсуохха дии сатаабыппын истибэтэҕэ, барыларын кытта оонньоһо-оонньоһо, онно олорбута. Дьиҥинэн, бөлөххө түөрт уончалаахтар бэрт аҕыйахпыт ээ. Аны санаатахха, ити этэр альфонстара буолара эрдэттэн биллибит эбит. Ону бу кулгааҕа-хараҕа бүөлэммит чүөчэ биллэ суох. Дьэ кэмниэ кэнэҕэс бөлөхтөн тахсан, бэйэбэр суруйар буолла. Вахтовай ньыманан үлэлиибин, самосвал суоппарабын диир. Мин сиэстэрэ идэлээхпин истэн баран үөрүү бөҕө буолла, дьэ вахта үлэтиттэн баас-үүт бөҕө буолан кэлээччибин, сиэстэрэ кэргэннэнэн, онтубун оһорунан абыранар эбиппин диир. Онтон Дьокуускайга үс ыйдаах сынньалаҥмар кэлэн эрэбин, киирэ тарт диэн ыҥырда. Дьиэлээхпин, онно хаалыаҥ, аныгыскы симиэнэбэр барыам иннинэ саахсаланыахпыт диир. Барытын туох да уурбут-туппут курдук, кэпсээн-ипсээн талыгыратар. Мин, акаары, кимниин да сүбэлэһии суох, барытын кистээн кэриэтэ, Үөттээххэ дьиэбин атыылыы охсон, үлэбиттэн уурайан манна киирэн хаалбытым. Арай киирбитим, хаартыскатыгар баар курдук бөдөҥ-садаҥ, дьэ, этэргэ дылы, күөгэйэр күнүгэр сылдьар киһи көрүстэ. Икки хостоох дьиэтэ диэн 17-с кыбаарталга эбит. Иҥнэччи түһэн хаалбыт икки этээстээх мас дьиэҕэ аҕалла. Туох кэлиэй, мин көрдөхпүнэ, өтөрүнэн дьахтар илиитэ сыстыбатах дьиэтэ. Акаары, өссө онтон үөрэ санаатым. Дьэ хас да күнү быһа тобуктаан сылдьан түннүктүүн-үөлэстиин сууйан-сотон килэбэчитэн кэбистим. Киһим күнү быһа ханна эрэ сылдьар, сүтэр-иҥэр, киэһэ «Ыллаа, миэхэ, сиэстэрэм!» диэн дьээбэлэнэн, ыллаан-туойан күлүбүрээбитинэн киирэн кэлэр. Бу быстах дьиэбит, аныгыскы сырыыга кэлиибэр элбэх харчыны аҕалыам, куорат киинигэр биир хостоох таас дьиэҕэ кубулутуохпут диэн кэпсээн ыһар-тоҕор. Мин ас астаан, аны ваахтаҕа барыахтаах киһибин аһатар аакка бардым. Барыан иннигэр саахсаланыахтаахпыт, аҕыйах киһини ыҥыран эрэстэрээҥҥэ биэчэрдиир былааннаахпыт. Альберт этэринэн. Ол сылдьан биир үтүө күн Саахсаҕа кэлэрбитигэр-барарбытыгар бэйэбит үчүгэй массыыналаахпыт ордук, эн дьиэҥ харчытын онно туттан эриэххэ диэн хаайан хаһаас кэмбиэрбиттэн 300 тыһыынчабын үктэтэн ылла. Ол күн массыына ырыынагар барбыт аатырбыта, киэһэ үлтү илистибит, ньиэрбинэйдээбит сирэйдээх төннөн кэллэ. Сөптөөх массыына суох эбит, кыратык күүтэбит диэн буолла. Ол тухары күн аайы Саахсаҕа сайабылыанньа биэриэх аатырабыт да, туохха эрэ мэһэйдэтэн хаалан иһэбит. Мин сэмээр эрэстэрээҥҥэ ыҥырар дьоммун испииһэктиибин: Үөттээхтэн биллэн турар, Тамараны, балыыһабыттан аҕыйах кыыһы, куораттан эйигин Иваҥҥынаан. Дьэ онтон, доҕоор, биир киэһэ киһим кэлбэтэ… Арааһы бары санаан, илэ хааман хоннум. Аны ханна да эрийэн ирдэһиэхпин билбэппин, кимим да диэн миигин билиһиннэрбитэ суох. Арай хомуот түгэҕэр сыппыт 200 тыһыынчам эмиэ мэлийбитин көрөн баран, дьэ төбөҕө охсуллубут курдук буоллум. Бэйэм бэйэбин аһынан ытыы-соҥуу сырыттахпына, ааммын собонуоктаабыттарыгар үөрэн өлө сыстым. Ааммын арыйа баттаабытым, доҕоор, хас да кытай эриэн баул суумкаларын соспут эдэр дьахтар өттүк баттанан турар. Тугу даҕаны өйдөөн ыйыта да иликпинэ, дьиэ ортотугар биирдэ баар буола түстэ. Мин ыйытыам буоллар ыйыппакка, саҥарыам буоллар саҥарбакка аппайан турабын. Арай ол туран, хараҕым кырыытынан көрбүтүм, ыарахан эбит. Оҕолоноро чугаһаабыт курдук.

– Эн кимҥиний? – диэтим кэмниэ кэмнэҕэс.

– Альберт кэргэнэбин.

– Кэргэнэбин даа? – мин хараҕым муҥунан көрбүтүм быһыылааҕа.

– Эппэтэҕэ дуо, эйиэхэ? Куортамнаһан олорор дьахтар баар буолуо, эн киирдэххинэ тахсан барыа диэбитэ. Үлэтигэр ыҥырбыттар дии, миигин манна аҕалан олохтообокко да ыксаан барда. Итэҕэйбэккин дуу тугуй, хайдах-хайдах көрөҕүнүй киһини? – дии-дии, пааспарын таһааран үҥүлүтэн эрэрэ.

Икки хараҕым уута «сарт» түһэрин кистии сатыы-сатыы, суумкабар сээкэйбин хаалыы быраҕаат, таһырдьа куоппутум. Ол киэһэ урут медицинскэйгэ бииргэ үөрэммит кыыспар тиийэн хоммутум, кини бу уопсайга дьүөгэтигэр аҕалбыта. Манна абааһы көрүллэ ахан олороохтуубун. Кыргыттар бэйэлэрэ түөртэр, хаһан тахсан барарбын кэтэһэллэр, – диэн Лида туох кыһалҕаҕа түбэспитин кэпсээн баран, киһи эрэ аһыныах, уулааҕынан-хаардааҕынан көрөн олордо.

– Оо дьэ, сэрэниэх да эбиккин. Ол туох-ханнык буоларгыт биллибэккэ сылдьан, дьиэҥ харчытын эҥин киниттэн ыраах тутуохтаах этиҥ. Дьиэҕин атыылыы да охсубутуҥ түргэнэ, ким да бопсо сатаабатаҕа дуо? Олох кутталлаах дойду эбит ватсаап бөлөҕө. Тамара Семеновна буруйданан бөҕө буолаахтыыр. Кини, дьиҥинэн, кэскиллээх дьыала дии санаан, Үөттээҕин кыргыттара олохторун оҥостоллоругар көмөлөһөөрү туруннаҕа дии, – Луиза Лида кэпсээнин сөҕө-махтайа иһиттэ, үөһэ тыынна.

– Луиза Никитична, тугунан эбит көмөлөһөр кыахтааххын дуо? Билигин ханнык сирэйбинэн дойдубар төннүөхпүнүй? Үлэм миэстэтэ былдьаһыгынан барбытын истэн эрэ хаалбытым. Манна кыргыттар ханнык эмэ балыыһаҕа, саатар, санитарка миэстэтин көрдөһө сатыы сылдьаллар. Баҕар, ол сылдьан сөбүлэттэхпинэ, сиэстэрэ да үлэтэ тахсан хаалыа дии саныыбын. Билигин олорор сирим суох. Никитична, эн миигин дьиэҕэр илдьэ барбаккын дуо, билигин да барсыам этэ, – Лида сибилигин хоһугар сүүрэн баран, хомунан кэлиэх киһи курдук ыксаабыттыы тутунна.

– Дьэ, Лидочка дьиэбэр илдьэрим хайдах да кыаллаахтаабат. Оҕолорум бары арендалаһан олороллор этэ, билигин онуоха-маныаха диэри бары миэхэ бааллар. Үс ыал буолан олоробут.

– Ээ… – Лида хомойон хаалаахтаата.

– Ыл, төлөпүөнүҥ нүөмэрин манна суруй. Үөттээхтэри кытта сүбэлэһиэхпит, дьахтар сэбиэтин эҥин хамсатан бастаан хос дуу, биир хостоох дьиэни дуу арендалыыргар көмө булбут киһи. Билигин туттан эрэргэр бу үс тыһыынчаны биэриим, – Луиза суумкатыттан харчы хостоон, Лида халаатын сиэбигэр суулуу аста.

– Оо, махтал, Никитичнаа, бу кыргыттарбын кытта аска да кыттыһар кыаҕа суох олоробун. Иэхэйбиин, билигин бородуукта маҕаһыыныгар сүүрэр эбиппин, – Лида сирэйэ-хараҕа сырдаан, үөрэн мылаарыйда.

– Дьэ кытаанахтык албыннаппыккын. Кэргэним Иван Данилович юрист дии, эн балаһыанньаҕын кэпсээн көрүөм, сүбэлэтиэм. Ол киһийдэххин булан ылан, миэрэҕэ тардар кыах баар дуу, суох дуу? Ол эрээри, саарбах буолуо дии саныыбын. Туох да кумааҕыта-тойо суох бэйэҥ баҕаҕынан биэрбит харчыҥ буолан тахсар. Ааһан иһэр киһи, кимиҥ да буолбатах. Оо, эрэй да эбит, – Луиза Никитична, Альберты мөҕүттэ-мөҕүттэ, тахсан барда.

* * *

Оксана киһитин күүтэн түннүктэн арахпат. Бүгүн эмиэ хойутаата. Эмиэ туох эрэ дьыаланы ыпсараары, дьону кытта эрэстэрээҥҥэ олорбут аатыран кэлиэҕэ. Киэһэ кэргэнигэр, анараа дьиэтигэр сылдьан кэлэр дуу? Оксана ити санаатыттан олус ыксаан, кыыһыран-абаран кэллэ. Дьэ бу Руслан куортамнаан биэрбит дьиэтин үлтү сууйан-сотон, бэйэтин баҕатынан оҥорон-тутан олорор. Бастаан наһаа астынар этэ. Кыыһыгар Миланаҕа анаабыт хоһун олох остуоруйа дойдутун курдук оҥорон үөрбүтэ-көппүтэ, төһө эрэ дьоллонор дии санаабыта даҕаны, анарааҥҥыта үрүсээгин кууһан баран, «аҕабар барабын» дии-дии, биир устуултан хоҥнубат этэ.

Руслан аны сайын кэргэниттэн сокуоннайдык араҕыстаҕына, саахсаланан баран, Испанияҕа күүлэйдиэ барыах буолаллар. Оксана сэмээр маҕаһыыннарга сылдьан сайыҥҥы таҥаһын-сабын көрүнэр. Дьэ дэлэй олох диэн атын буолар эбит: каартаҕар баһаам харчылаах сылдьан, дьахтар киһи маҕаһыыннары кэрийэн, таптаабытын тардара, төһө баҕарар атыылаһара дьол буоллаҕа дии. Ол эрээри Руслан каартатын биирдэ эмит уларсар ээ, улаханнык иэйдэҕинэ «туохта эмэ ылынаар» диэн хаалларан барар. Дьэ ол күн Оксана күннүүр. Үнүр суобаһырҕаан оҕо маҕаһыыннарын кэрийэн, кыыһыгар араас таҥаһы-сабы ылбыта. Онтон биир маҕаһыыҥҥа киирэн баран, бэйэтэ бэйэтиттэн сөхпүтэ: арай Аркадийыгар анаан тугу эрэ ылыах киһи курдук сибиитэрэни эргим-ургум тута турар эбит. Суох буоллаҕа дии, ылан илдьибитин да иһин, ол киһи ыраах элээрдэр ини. Саҥарыа да суоҕа. Киниттэн атын киһи сирэйигэр быраҕан баран, ол тирээпкэтинэн сырбаталаан биэриэ этэ. Оксана сонньуйан ылла.

Суотабайа тыаһыы түспүтүгэр, үлтү түһэрэ сыһа-сыһа, харбыалаһан ылбыта Руслан эбит.

– Оксаночка, чыычаах, бүгүн мин кыайан кэлбэт буоллум. Утуйан хаал, күүтүмэ. Маргаритаҕа аймахтара кэлбиттэр, биһиги арахсан олорорбутун билбэттэр. Артыыстыырбар тиийэбин, – Руслан аргыый сибигинэйэн кэриэтэ саҥарар.

– Кэлбэтиҥ наһаа элбээри гынна буолбатах дуо, саатар эрдэ этиэххин! – диэн баран Оксана суотабайын хам баттаан, оронун диэки быраҕан элээртэ.

Кырдьык, Руслан анараа дьиэтигэр хаалара элбээн эрэр эбит ээ. Кэргэнэ бүөрүнэн ыалдьан, эдэр эрдэҕиттэн ыарыһах эбит. Биир уол оҕолоохтор. Онтулара Миланаттан биир сылынан аҕа, иккис кылааска үөрэнэр. Кэпсииринэн, коттеджтарыгар көмөлөһөр, хаһаайыстыбаларын көрөр дьонноохтор. Руслан кэргэммэр арахсарым туһунан этиэм диир даҕаны, тоҕо эрэ бытаан. Аны дьиктитэ диэн Оксананы хаһан да ыксаппат эбит ээ, кэргэҥҥиттэн сокуоннайдык арахсан, эн биһикки саахсаланарбытыгар бэлэм буолуохтааххын диэн. Тоҕо ээ?!

Выпуск кыргыттара Оксанаҕа бэйэтигэр суруйуу бөҕөлөрө. Хаһан ыал буолаҕыт, ханнык эрэстэрээҥҥэ сыбаайбаҕа күүлэйдиибит диэн. Кырдьык, ийэтэ этэрин курдук, этэргэ дылы, бөлөххө өрө-таҥнары тутуһуу элбээбит быһыылаах. Оксаналаах курдук кэргэннээхтэр да пааралаһан эрэллэр. Саамай бастакы, куһаҕан холобуру көрдөрбүт Оксана буолан эрэр… Үнүр Руслаҥҥа этэн көрбүтэ, бөлөхтөн тахсыахха диэн. Кырдьык, бириэмэтэ да тиийбэт буолан эрэр, онно барыахха, манна кэлиэххэ диэн ити сололоох кыргыттар туруорсуулара да элбээри гынна. Руслан бөлөхтөн тахсарга тоҕо эрэ буолумматаҕа, сотору-сотору көрсүһүүлэргэ тиийэн кыраһыабай «сулус» аатыран эргичиҥниирин ордорор эбит, быһыыта…

* * *

– Оксана, тоҕо ыҥырдыҥ дьэ? – Максим балта Оксана «Момент» кафеҕа кэлэ сырыт диэбитигэр, тиийэн кэллэ.

– Убайбын көрүөхпүн баҕардаҕым дии. Бэҕэһээ ийэм аахха тиийэ сылдьыбытым. Эйигин ийэҥ сүтэрбит этэ, саатар төлөпүөнү сүгүн ылбат диир. Ыл, бу менюну көр, сакаастан туохта эрэ. Мин эппитим, аҕалыахтара, – Оксана убайыгар менюну уунна.

– Ээ, мин улаханнык аһыахпын баҕарбаппын, – Максим кэтэҕин тарбанна.

– Чэ ээх, мин төлүөҕүм. Бизнесвумен кэргэнэ буолан баран, харчыҥ суох быһыылаах, – Оксана күллэ.

– Ийэм аах тугу кэпсииллэр?

– Эйигин игирэлэрин аҥаардыы сатаата диэн кэлэйэллэр. Хайдах буолаҕыный, акаары, игирэлэр диэн айылҕаттан биир ситимнээх төрөөбүт дьон. Бэйэ-бэйэлэриттэн кыратык да тэйистилэр ыалдьан барыахтарын сөп. Ол эн дьахтарыҥ хаһан атын оҕону көрүөн-истиэн, Павлигы илдьэн муннараары гынаҕын? – Оксана убайыгар кыыһырарын эмиэ таһаарарга сананна.

Хата, киһитэ ойон туран, куттаан барара буолуо дии санаабыта, син олорон хаалла. Максим уруккута буолбатах, хайдах эрэ кута-сүрэ тостубут курдугун дьиксинэ одуулуу олордо.

– Дьоммут Үөттээххэ бараары тэринэллэр. Эбээлэрэ сиэннэрин илдьэ сайылыы барар, баҕар, эдьиий Ольга барсар үһү. Биһи дьоммут Аркадий уонна Ангелина онно сайылыы барсаллар, – Оксана сонньуйан ылла.

– Эчи хаарыаны, мин эмиэ сайын чугаһаан истэҕин аайы, Үөттээҕи ахтарым улаатан иһэр. Хайаан да бара сылдьыам этэ. Саас куска бара сатаабыппын көҥүллээбэтэҕэ.

Зоя икки массыына киирэр улахан гарааһын туттаран эрэр, уруккуну көтүрэн баран. Онно прорабтыыбын. Дьиҥинэн, ханна да ыытар санаата суох.

– Айыкабын, ол дьахтар этэрин хаһааҥҥыттан биир тыла суох истэр буолбуккунуй? Ангелинаҕа хаһыытаан сүрдээх этиҥ дии. Киһи уларыйар да эбит дии. Ангелина ипотекаҕа киирэн эрэр эбит, аны кыһын тутуллан бүтэр дьиэҕэ. Ийэбит, Иван Данилович, бырааттара харчынан көмөлөспүттэр үһү. Бастаан учаастак ылан, мас дьиэ туттараары гынан баран тохтообут, – Оксана сонунун кэпсиир даҕаны, убайа улаханнык сэҥээрбэт, мин ону билиэхпин баҕарбаппын диэбит курдук, иҥиэттэн кэбиһэ олорор.

– Оттон эн хайдах олороҕун, балтым? – Максим истэ сатаан баран, кэпсэтии тиэмэтин уларыта сатаата.

– Бэйэм көрдөөн барбыт олохпор олордоҕум дии, – аны Оксана бу кэпсэтиини сөбүлээбэтэхтии тутунна.

– Хайдах ол аата, куһаҕаннык олороҕун дуо? Эн улаханнык сыыстардыҥ быһыылаах, кыысчаан. Ити Руслан диэн киһиҥ куоракка баппат албын-түөкэй киһи үһү, Зоя билэр эбит. Эрдэтинэ балтыгын быыһаа диир саҥата баара. Атаҕастаабытын истиэм да, дьэ сэрэннин, – Максим сирэйин мырдыччы тутунна, саанарын биллэрэн сутуругун күөрэҥнэтэн ылла.

– Чэ-чэ, ээх, эн Зояҥ ону хантан билээҕимсийдэ? Төлөпүөннээн сүгүн да олордубат дуу? Ким эрэ этэн биэриэ өссө, эдэр дьахтары кытта «Момеҥҥа» олорорун көрбүппүт диэн. Чэ, убаай, олордохпут дии, били саха өһүн хоһооно баара дии, көмүс кытахтан хайаабыттар эрэ диэн, – Оксана көхсүн этитэн ылла.

– Көмүс кытахтан төкүнүйбүттэр үһү диэн. Оо, – Максим үгэһинэн илиитэ кэтэҕэр барда.

– Максим, убаай, үчүгэйдик толкуйдан. Икки уол оҕо аҕата суох улаатара диэн олус куһаҕан. Хойутаан өйдөнөн төттөрү кэлэ да сатаатаххына, эйигин Ангелинаҥ бырастыы гынара биллибэт. Ити Зоя эйигин туһанан-туһанан баран, үүрэн кэбиһиэн эмиэ сөп. Эдэр уолу иирдибит аатыраары бэйэтин эйгэтигэр өҥнөнө сылдьар дии саныыбын. Эн ону ырытан көр, тугун-ханныгын өйдөөн да эрэҕин быһыылаах, сирэйгиттэн-хараххыттан көрдөххө. Бэйэм да бэрдэ суох быһыыны оҥоро сылдьан, үөрэтии бөҕөбүн дуу…Киһи да сонньуйуох… Ханна бараҕын билигин?

– Оттон дьиэлиэм этэ дии…

– Олорон эрдин. Дьоммутугар барыахха, аара маҕаһыыҥҥа киирэн оҕолорбутугар ас ылыахпыт, – Оксана убайын ийэтин аахха илдьэ барарга сананна.

Кини ыксаабат. Руслан кэргэммин суһаллык эмтэтэр буоллум диэн, Москубаҕа көппүтэ нэдиэлэ буолла.

* * *

Луиза Иванын кытта пааркаҕа дьаарбайа сылдьаллар. Аны аҕыйах хонугунан Иван дойдутугар көтүөхтээх, онон настарыанньата үчүгэй бөҕө. Луиза Үөттээххэ барарыгар кыралаан бэлэмнэнэ сатыыр. Кийиитэ, күтүөтэ иккиэн уоппускаларын ыллахтарына, тэҥҥэ айанныырга быһаарыннылар. Луиза үс кыра оҕону кытта таксига олороро уустук курдук эбит.

– Дьэ, Иван, сайылыккын дэлби хаартыскаҕа түһэрэн ыытаар эрэ. Кэпсииргиттэн сылыктаатахха, үтүөкэн дойду быһыылаах. Ити оҕолор этэҥҥэ олорбуттара буоллар, эйигин кытта хоту дойдуну көрө барсыахтааҕым хааллаҕа дии. Көрүүй, үтүө да күн үүммүт. Халлааҥҥа биир да былыт суох дии! – Луиза үөһэ диэки хантайан, айылҕа тупсубутуттан үөрэ-көтө олордо.

– Хаартыска ыытыаҕым дьэ элби-их элбэҕи. Эн эмиэ сиэннэргин кытта дойдугар сайылаан абыраныаҥ турдаҕа дии. Петушоктаах Павлуша төһө эрэ сүүрэкэлэһэн, көтөн-мөҕөн биэрэллэр. Милана мөдөөт киһи дьэ, аа-дьуо быллайан сылдьыа. Бээ, бырааттарын наһаа көрөр ээ. Син сыыһаны оҥороору гыммыттарын өйдөөн көрөн буойбут, тохтоппут буолар.

– Оҕом сыыһа аҕата Үөттээххэ барсыбаппын, бэйэм аҕабар, эһээҕэр барыам диэбитигэр ытаан бөҕө буолла. Онно илдьэ бара сатыырын эмиэ буолуммат. Ийэтэ иллэрээ күн кэлэ сылдьан илдьэ бара сатаабыта, аккаастана сытар. Аркадийын кытта тугу эрэ этиһэн эрэллэрэ. Киһи көрө-көрө сүрэҕэ ыалдьар дьоно, ити иккиэн итинник арахсан баран хаалаллара буолуо дуо? Ангелина Үөттээххэ барыахпыт иннигэр аҕалара букатын арахсан барбытын, өйдөтөн этиэхпит диэн эрэрэ. Ыйыт да ыйыт буолан, ийэлэрин эрийэллэр ахан дии. Көрүүй, ити талбыт курдук үчүгэй кыыс, уол кийиит, күтүөт буолан киирдэхтэрэ дии, миэннэрэ буккулла сылдьаллар. Үөттээхтэр дьэ ыйытан бөҕө буолуохтара. Өссө эйигиттэн саҕалыахтара, кэргэн тахсан барбыт киһиҥ ханна баарый диэн. Онтум бу хоту күрээри көкөйөн олордоҕуҥ дии, – Луиза Иван санныгар төбөтүн ууран, күн уота көрөрүттэн хараҕа саатан симириктии олордо.

– Хоту уолу, айылҕа оҕотун, дьиэҕэ хаайбат эбиккин, көҥүл, туундара ыҥырар эбит диэн куотунан көрөөр, – Иван Данилович күллэ.

– Били балтым кыыс туох дии олороро буолла? Бу күннэргэ барсарын-барсыбатын этиэхтээх. Кини барыстаҕына кыра дьиэтигэр бэйэтэ олоруоҕа, биһиги, интэринээттэр, улахан дьиэҕэ олорон көрүөхпүт, – Луиза хараҕар тэлгэһэтигэр сайыҥҥы олохторун астына ойуулуу олордо.

Иван Данилович эмискэ ойон туран «дьиэлиэх, Луиза» диэбитигэр, күн уотуттан сылаанньыйан нуктуу быһыытыйбыт бэйэтэ соһуйан, ходьох гына түстэ.

Иван Данилович Луизалыын маннык иккиэйэҕин хааллахтарына, хайдах эрэ олус ыксыыр, долгуйар буолан иһэр. Ольга кини кэнниттэн хоту көтүөхтээх. Иван бу күннэргэ пансионакка сөмөлүөккэ билиэтин илдьэн биэриэхтээх. Улаханнык сырата барана сыһан, Ольга барсар туһунан быһаарыныыга кэлбитэ. Биллэн турар, бу бэйэтэ, Луиза Никитичнаҕа улахан охсууну оҥорорун билэр, онтун ырыта санаатаҕына олус ыксыыр. Итиэннэ төттөрү кэлбэтин сатаан эппэккэ, куттас эр киһи быһыытынан дьаһанан эрдэҕэ. Эчи сүрүн, эдэр эрдэҕиттэн оннук майгылаах буолан тахсар эбит. Үнүр Луиза суоҕуна кыыһын Дайаананы кытта кэпсэппитэ. Кыыһа эмиэ улаханнык соһуйбута, иһигэр айманан да хаалбыта быһыылааҕа. «Тугуй, аҕаа, тапсыбатыгыт дуо, Луиза Никитичналыын?» – диэхтээбитэ. «Чэ, оннук курдук, кырдьар сааспар дойдубар олорорум бары өттүнэн ордук эбит», – диэн эппиэттээбитэ. Былыргы тапталбын көрсөн, уол оҕолуу таптаан, онтубун батыһыннаран эрэбин диэҕин тыла тахсыбатаҕа. Луиза оҕолорун кытта дьиэбитигэр хаалан эрдиннэр диэн кыыһыттан ыйыппыта. Саамай куттаммыта ол этэ, аны хоту барыаҥ иннигэр дьиэттэн таһаартаа диэҕэ диэн олус да сэрэхэдийбитэ. Бэйэтэ соторунан кэлбэт да быһыылаах, тылын тамаҕыттан иһиттэххэ, поляк да күтүөттэнэн хаалыан сөп үһү. Онно табаарыс уола баарын туһунан эрдэ эппиттээх. «Кыыс оҕо – омук анала» диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Дьэ, хаалара да буолуо.

Оо, Иван Ольгатыныын сиэттиспитинэн бииргэ кырдьаллара буоллар, ама олох толору дьолун билбэтим диэх этэ дуо?!

* * *

– Оксана Яковлевна, эйигин хотун ыҥыртарар, – биир эдэр кыыс ааны өҥөйөн этэн баран, бэрт түргэнник элээрэн хаалла.

Оксана туох да буруйум суох этэ, тоҕо эмиэ ыҥырдаҕай дии саныы-саныы, хотунун хоһун тоҥсуйан киирэн кэллэ. Оксана киирэн кэлбитигэр, Юлия Михайловна мэктиэтигэр «чынас» гына түстэ, сирэйэ тыҥаан хаалла. Арай хотунун утары устуулга бэрт чөкө, куйа көрүҥнээх эдэр дьахтар олорор эбит. Илиитигэр былатыактаах, арай өйдөөн көрбүтэ, дэлби ытаабыт быһыылаах, хараҕа дьолточчу иһэн хаалбыт.

– Оксана Яковлевна, бу эн ааккын ааттаан кэлбит. Ким да бу баан үрдүнэн эйигин булан биэрэ охсубатах, приемнайга ытыы олорорун бу киллэрдим. Выпусниктар түмсүүлэрин эн салайаҕын дуо? – Юлия Михайловна бачча киирэн биэрбитин кэнниттэн, олох сууттаан эрэр курдук күүскэ-күүскэ саҥарталаата.

– Оннук түмсүүлэр араас сылларынан элбэхтэр. Оттон наһаа да быһаччы салайбатарбын, түмсүү культурнай-маассабай сектора диэни сүрүннүүр общественнай үлэлээхпин, – Оксана хотунуттан куттанан хаалан, кэлэҕэйдии-кэлэҕэйдии, хоруйдаата.

– Оччоҕо наһаа култуурунай маассабайдаабыккын, саамай тэрийээччилэрэ эн үһүгүн. Чэ, бу эйигинниин кэпсэтээри кэлбит Ларисаны илдьэ бар. Ханна эрэ фойеҕа олорон быһаарсыҥ. Бүттүбүт, – Юлия Михайловна аан диэки ыйан кэбистэ.

Оксана соһуччу ыалдьытын батыһыннаран фойеҕа муннукка турар кыра дьыбааҥҥа олордулар.

– Хайдах, кыра оҕо курдук тэрилтэҕэ кэлэ сылдьаҕыный, суотабайынан эрийэн кэпсэтэр, болдьоһор диэни билбэккин дуо? – Оксана хотунуттан мөҕүллүбүт кыһыытын-абатын билбэт дьахтарыгар таһааран хаһыытаан ылла.

– Суотабайыҥ нүөмэрин ким да биэрбэтэҕэ. Кэргэним Витя эйигин бу бааҥҥа үлэлиир диэбитин өйдөөн хаалбыппын. Ол иһин кэллим, – дьахтар ытыахча буолла.

Оксана Витя диэн кинилэр бөлөхтөрүгэр ким буолуон сөбүн толкуйдуу олорон билэн ылла. Ээ, наһаа үчүгэйдик гитаранан ыллыыр, онон бөлөххө эмиэ мэлдьи күүтүүлээх уол. Кэргэннээх этэ. Бу олордоҕо.

– Туох баарый, саҥар оттон, – Оксана уоскуйан быстыбакка, эмиэ күргүйдүүрдүү улаханнык саҥарбытын өйдөөбөккө да хаалла.

– Витя оскуоланы бүтэрбиттэр бөлөхтөрүгэр киирэн баран, атын дьахтарга баран хаалла. Күүтэн-күүтэн, дьэ соһуччу оҕолонор буолбуппут кэнниттэн соҕотохтуу хаалларда. Эһиги бөлөххүтүгэр киириэҕиттэн бээтинсэттэн саҕалаан, нэдиэлэ ортотуттан даҕаны кафеларынан, эрэстэрээннэринэн сылдьар буолбута. Биһиги ыал буолбуппут бэһис сылыгар барда. Күүскэ иһэрин-аһыырын билбэккэ, кэргэн тахсыбыт этим. Ол эрээри, таптыырым бэрт буолан элбэҕи тулуйан баччаҕа кэлбитим, арыгытын эмтэтэн бырахтарбытым. Онтум эһиги түмсүүгүтүгэр киирээт, арыгытын иһэн кэбиспитэ. Дьиэтигэр түүн кэлэн өссө айдаарар этэ.

– Ол онно биһиги түмсүүбүт, бу мин буруйдаахпын дуо? Түмсүүгэ элбэхтэр, ханна мусталларын мин барытын билбэппин даҕаны. Иһээри истэҕэ дии! – Оксана бу дьахтар кинини тэрилтэтигэр булан кэлэ-кэлэ, саҥара олороруттан эмиэ кыһыйан-абаран кэлбитин туттуммата.

– Миэхэ ол дьахтар аатын-суолун, ханна олорорун булан биэриҥ, баһаалыста. Витя мин билиҥҥи балаһыанньабын, оҕо күүтэрбин билиэҕин баҕарабын, – Лариса кып-кыра, чөп-чөкө бэйэтэ эмиэ ытаан, санна ыгдаҥалаан барбытыгар, Оксана аны аһынан кэллэ.

– Хантан билэбин сүүһүнэн киһиттэн кини кимин, ханна олорорун? Биһигини тугу да гыммакка күн аайы бырааһынньыктыы сылдьаллара буолуо дии саныыргыт итиччэ дуо? Чэ, бүт, уоскуй, кыргыттары кытта сүбэлэһэн, булан биэриэм. Эн саатар ол дьахтарын аатын билбэккин дуо?

– Даша диэн быһыылаах, – Лариса былатыагын таһааран иһэн хаалбыт харахтарын туора-маары соттубута.

– Чэ сөп, буллум даҕаны, суотабайгар эрийэн биллэриэм. Лариса, эн биһиги түмсүүбүтүн үрдүттэн барытыгар буруйдууруҥ сыыһа, биһиги элбэх атын уопсай үтүө дьыалаҕа бырайыактардаахпыт. Билэҕин дуо, өрөспүүбүлүкэ таһымынан тэриллибит хамсааһын! – Оксана сөмүйэтин чочоҥнотто.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации