Электронная библиотека » Галина Нельбисова » » онлайн чтение - страница 5


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:20


Автор книги: Галина Нельбисова


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 5 (всего у книги 8 страниц)

Шрифт:
- 100% +

– Суох, эдьиийбэр оннук охсууну оҥорор быраабым суох. Оҕолорун туһуттан кыһалҕа бөҕөҕө киирэн олорор эбит, ол иһин даҕаны Иван дойдутугар бараары гыммыт быһыылаах дии санаатым. Ол миэхэ таптала саҥаттан күүдэпчилэнэн буолбатах, ити ыаллар сылаппыттар, – Ольга эдьиийэ уола, кыыһа дьиэ кэргэннэриттэн баран хаалбыттарын, кийиитин, күтүөтүн, сиэннэрин кытта хаалбытын бүгүн истэн, букатын да туспа санаа ытылҕаныгар ылларда.

Евдокияҕа ол быһыыны-майгыны кэпсиэн туттунна.

– Эһиги маннык балаһыанньаҕа көрсүбүккүт кэнниттэн Иван Данилович, кырдьык, Луизалыын хаалара саарбах. Эн эмиэ кини баарын иһин эдьиийбэр барбаппын дии олороҕун. Киһи биирдэ олорор диэн баран Иван этиитигэр сөбүлэс. Эн эмиэ таптыыр, таптатар, дьахтар дьолун билэр бырааптааххын эбээт! – диэн баран, Евдокия этэрбин эттим диэбиттии, көрүдүөргэ тахсан барда.

Ольга уу нуураллык олорбут бэйэтэ маннык санааҕа-онооҕо, толкуйга эрийтэрбититтэн сылайда даҕаны-ы… Ол эрээри, биллэрбэт, көрдөрбөт да курдук тутта сатаатар, бүгүн Иванныын илэ көрсөн кэпсэппититтэн, кини таптыы, сылаанньыйа, манньыйа көрөр харахтарын сылааһыттан сүрэхтиин-быардыын сымнаата, дьоллонно. Ама таптаабыт эр киһитин кэтит санныгар өйөнөн, күүстээх илиилэрин күөнүгэр көмүскэтэн, тапталын сылааһыгар угуттанан олоруон баҕарбата кэлиэ дуо?! Саатар, Иван сааһыран өссө тупсубут ээ! Иван Данилович кини эдьиийиниин буолбакка, атын дьахтары кытта олорботоҕун ньии! Дьэ оччоҕо, Ольга Иваны батыһыах да этэ! Суруйума, кэлимэ-барыма диэхтээтэ… Син биир күүтэр суруктарын, дьэ билигин кэлэн ватсаабы баар-суох чугас дьүөгэтэ, иэйиилэрин илдьитэ оҥоһуннаҕа үһү. Төлөпүөнүгэр ватсаабын аһа баттаабыта: Ивантан сурук бөҕө субуллубут. Ольга бу кыыс оҕо курдук суруктартан долгуйа олорорун, аны ким эрэ көрүө диэбиттии, эргим-ургум көрүннэ.

* * *

Оксана эбиэккэ ийэтигэр кэлэн олорор. Луиза кыыһын көрөн баран, ытамньыйа-ытамньыйа, мунньуллубут санаатын барытын тоҕо тэбээн этэ-тыына сатаата. Иван Данилович түргэн үлүгэрдик миинин иһэ охсоот, хоһун диэки куотта.

– Ийээ, чэ уоскуй, наһаа айманыма. Эн кэлэргин кэтэһэн олорон маннык буккуллубут буолбатахпыт, Максим, мин даҕаны син этэҥҥэ олорбут ыаллар этибит. Биһиги Аркадийдыын бэйэбит быһаарсыахпыт. Арахса, үллэстэ сатыыр туох да баайбыт суох, – Оксана туран, барардыы, тэриннэ.

– Дьэ «маладьыастаргыт», иккиэн тэҥинэн ааппытын ааттатан эрэҕит. Аҕаҕыт барахсан бу манныгы көрүмээри эрдэ бараахтаабыт эбит. Иккиэн тэҥинэн күүлэйдээн турдаххытый. Максимы өссө эр киһи акаарытыйдаҕа диэххэ сөп, сотору төннүөҕэ. Ангелина бырастыы гынара саарбах. Эн, ыал ийэтэ киһи, оҕоҕун быраҕа-быраҕа, бу буола сылдьаҕын. Ол ойохпуттан арахсабын диир эр киһи тылларын итэҕэйэн, кэргэҥҥин кэлэтэн… – Луиза саҥаран талыгыратар да, кыыһа холку.

Оксана саалаҕа киирэн Миланатын кытта тугу эрэ кэпсэттэ. Таайдахха, анараа дьиэтигэр илдьэ бара сатыыр быһыылаах. Кыыһа дьыбааҥҥа умса түһэн өсөһөн сытаахтыыр. Аҕатын быраҕан, барсан да бэрт. Куортамнаан олорбут дьиэлэрин хаһаайыттарыгар төттөрү биэрэн эрэллэр эбит. Ол иһин бэҕэһээ киэһэ Аркадий эмиэ уопсайга хос булунуохпун баҕарабын диэбитигэр, Иванныын саба саҥарбыттара.

Оксана тахсан барбыт тыаһын истэн быһыылаах, Иван куукунаҕа кэллэ.

– Кыыспытын илдьэ пааркаҕа баран хаамсан кэлиэххэ эрэ, сэгэттэй. Ити оҕо салгын сиэн, аралдьыйа түһүө этэ, – Иван Милана уу куттар иһитигэр утах кутан барда.

– Барыахпыт, Иван. Тыын-быар хаайтарыыта буолла дьэ. Эйигин наһаа сылатан эрэбит дии, Иван Данилович. Бу маны барытын Дайаана көрөрө буоллар, эн биһиккини араартыа этэ, – Луиза ороҥҥо киирэн охтуох эрэ курдук санаалаах да олордор, Иванын этиитигэр сөбүлэһэ охсон, иһитин хомуйан барда.

– Саас кэлэн, сайын чугаһаан киһи таһырдьа, айылҕаҕа, салгыҥҥа тардыһар дии. Дойдубун наһаа да ахтыбыт эбиппин. Сайылыкпын сөргүтэн баран, олоро түстэхпинэ эрэ сатаныыһыбын, – Иван Данилович дойдутугар барыан баҕарбытын эмиэ эттэ.

– Эн бардаххына, мин аны күһүҥҥэ диэри Үөттээхпэр барыам. Бу хаһаайыстыбабын көһөрөн. Эн барсыбаккын дуо, ол аата? Үөттээхтэр мин кэлэр сурахпын иһиттэхтэринэ, күтүөт көрөөрү тииһиэхтэрэ. Онтулара Лууйускалара киһитэ суох, бэйэтин хамаандатын кытта көһөн ахан тиийиэ. Соччото суох буолсу дуу. Паахыай, арахсыбыттар быһыылаах дии-дии, дьэ, кулгаахтара уһуур, уҥа-хаҥас хамсыыр эбит. Ольга барсар ини саатар, – Луиза Иван барсыбаппын диэтэ дуу диэн хомойо санаата.

Иван Данилович тугу да саҥарбакка, көхсүн этитэн кэбистэ.

* * *

Луиза Никитична дьэ кыһыны быһа тэринэн дьүөгэтигэр Марианнаҕа Мархаҕа кэлэн хонон олорор. Иван Данилович «сынньанан, мас дьиэ салгыныгар хонон кэлээр» диэн көҥүллээн ыыппыта. Бу күннэргэ, ити оҕолор оҥорбут аймалҕаннарыттан, кырдьык, улаханнык илиһиннэ.

Луиза Марианналыын СГУ-га нуучча тылын уонна литературатын салаатыгар бииргэ үөрэммит күндү кэмнэрин ахтан-санаан астына кэпсэттилэр. Марианна үөрэҕин бүтэриэҕиттэн куоракка хаалан учууталлаабыта. Куораттааҕы таас дьиэтин уолугар биэрэн баран, Мархатааҕы даачатын кыстыыр дьиэ курдук оҥорторон олорор. Күнү быһа устудьуон доҕотторун ахтан, дьиэ-кэргэттэрин туһунан кэпсэтиигэ киирэ иликтэр.

– Эн кэргэн тахсан манна кэлэн эрэргин истэн баран, биһиги соһуйуу бөҕө буолбуппут. Пааркаҕа сылдьаргытын Настя Семенова ыраахтан көрбүт этэ. Дьээдьэтэ кыраһыабай үһү дэспиттэрэ. Маладьыаскын дии, Луизка! Оҕолор улааттахтарына, тэйэн киирэн бараллар, бу үлүгэр тэтимнээх олоххо эйиэхэ болҕомто уурар бириэмэлэрэ да суох. Кырдьар сааскар сиэттиһэр доҕоргун көрсүбүтүҥ наһаа үчүгэй. Оҕолоруҥ хата сөбүлээбиттэр дии, утарсыбатахтар. Бээ, оннук эмиэ буолар, – Марианна остуол хотойорунан астаах остуолугар дьүөгэтин ыҥырда.

– Утуйан абыраннахпыан, Мариша! Күнүс дьиэбэр утуйа сыппаппын ээ. Мас дьиэ салгына олох атын дии, киһи этэ-хаана сылаанньыйан, тэнийэн хаалар эбит.

– Оннук бөҕө. Мин билигин куорат дьиэтигэр биир да хонугу тэһийэн хоммоппун. Чэ кэпсээ, эн оҕолоруҥ иккиэн куоракка бааллар дии?

– Мариша, мин олоҕум итэҕэй-итэҕэйимэ диэбит курдук, бэйэтэ дьиҥнээх сериал. Эргитэ санаан көрдөхпүнэ, бэйэм бэйэбэр сонньуйабын эрэ. Биир эмит ийэҕэ маннык түгэн баара эбитэ дуу, суоҕа дуу. Син алта уонтан тахса сыл олордоҕум дии, биһиги дьиэбитигэр баар быһыы-майгы курдугу, эчи, истэ иликпин, – Луиза «дьэ, төһө эрэ соһуйаҕын» диэбиттии, дьүөгэтин диэки көрбөхтөөтө.

– Тыый, хотуй, ол хайдах? – Марианна кырдьык, соһуйан мөхсөн ылла.

– Чэ, күүскэ тутуһан олор ити устуулуҥ туорайыттан. Мариша, дьиэбитигэр кийииппин, күтүөппүн уонна сиэннэрбин кытта олоробун. Кыыһым уонна уолум иккиэн атын туора дьолу көрдөөн баран хаалбыттара…

– Оо, ол хайда-ах? – Марианна сүрэҕин туһунан түөһүн тутунна.

Луиза дьүөгэтигэр барытын саас-сааһынан кэпсээн биэрдэ. Кимиэхэ даҕаны маннык аһыллан, итэҕэйэн кэпсиир киһитэ суох, санаатын тоҕо тэбээн, баҕар, кыратык даҕаны чэпчээйэмий дии санаата.

– Оо дьэ, эһиги туоххут буруйа кэлиэй оттон… Үчүгэй да сыбаайбалары оҥорбуккут дии, тэрийии, бэрийии бөҕө. Дьэ олохпут тухары кинилэр хайдах олороллорун туһуттан төбөбүт ыалдьар. Ыччаккын дьиэҕэр-уоккар иитэн-такайан таһаарбытыҥ иһин дьэ эйгэ, тулалыыр доҕоттор сабыдыаллара диэн баар. Оксана ол оскуоланы бүтэрбиттэр көрсүһүүлэриттэн тэбилиннэҕэ. Уолу буоллаҕына саастаах, баай дьахтар иирдибит эбит. Ханна гыныаххыный сиэннэргин, кийииккин, күтүөккүн – син биир оҕолоруҥ буоллаҕа дии… – Марианна өрө тыынар.

– Иккиэн туспа бара сатаабыттара. Ону ыыппатахпыт. Хайдах туспа баран олоруохтарай, үлэлэрэ тохтууругар тиийэр. Оксана кыыһын ыла сатыыр. Анараа киһини олох абааһы көрбүт дуу, хайдах, Милана барбаппын диэн баран соһулла сытар. Туох иһин буолуммат. Бэйэтэ да кыратыттан аҕатыгар олус убаммыт оҕо. Аны кийиитим, күтүөтүм даҕаны талбыт курдук үчүгэй оҕолор. Майгыларынан иккиэн көнөлөрө, сымнаҕастара, дьэ ол аатыгар миэннэрэ көрүлээтилэр. Уолбун аһынабын ээ, акаарыны куорат баай дьахтара түҥ-таҥ ыытта. Эр киһи диэн дьикти ээ, бу уолаттарын аһымматын сөҕөбүн. Дьэ муус сүрэх буолан биэрдэ оҕолорун туһугар. Ол дьон аҕаларын суохтуулларын көрө-көрө, киһи эмиэ сүрэҕэ эрэ ыалдьар. Хата эһээлэнэн арыый уоскуйан сылдьаахтыыллар. Кийииппин аһынабын ахан. Төннөн кэлиэ дии саныыбын Максимы, дьэ ону бырастыы гынан, салгыы хайдах ыпсыһан олороллорун билбэппин. Ангелина өсөһө киирдэҕинэ өһөс, арахсабын диэҕин сөп, оччоҕо бу киһи олоҕо алдьаммыт аатыран буорту буолар. Оксанаттан олох кыйаханабын.

– Максим уолаттара игирэчээннэр диэ. Оо дьэ, чахчы уустук балаһыанньа эбит. Саатар иккиэн ээ. Дьиҥинэн, эһиги саҥа ыал буолбут дьон иккиэйэҕин эрэ сынньалаҥнык олоруохтаах кэмҥит этэ буоллаҕа дии. Иван хайдах ылынна ону барытын?

– Онтуҥ эмиэ мээнэ саҥата суох. Санаатын мучумаанын иһигэр тутар быһыылаах. Соһуйан, сөҕөн баран сылдьара чуолкай. Атын, кытаанах майгылаах киһи эбитэ буоллар, биһигини барыбытын дьиэтин хоһун аайы олохтоон илдьэ олоруо этэ дуо? Саатар Максимнаах Оксана иккиэн ипотекаҕа киириэхчэ буола-буола, сылдьан хаалбыттара. Хамнаспыт кыра диэн буолан испитэ. Билигин кийиит бэйэтэ толкуйдаан эрэр быһыылаах, дьиэ-уот оҥостор туһунан. Киһитигэр эрэнэн бүттэҕэ дии.

– Сайын Үөттээххэ бараҕыт дуо?

– Бардахпына сатанар. Оҕолорбун салгыҥҥа сайылатыам этэ. Икки дьиэ турдаҕа дии. Бииригэр, баҕар, балтым олоруоҕа.

– Ээ, балтыҥ, ким этэ аата? Кини ханна баарый оттон?

– Оля манна куоракка «Сарыал» диэн социальнай пансионакка олорбута үһүс сылыгар барда. Биһиги тэлгэһэбитигэр кыра дьиэҕэ олорбута. Дьаакып өлбүтүн кэнниттэн сатаан дьаһанан олорбоккобут, бэйэтин баҕатынан пансионакка киирбитэ. Үнүр кэлэн барбыта, миигин ватсаабынан билсэн кэргэн тахсыбыт диэн кыыһыран, саатан кэлэн көрсүбэккэ олорон баран… – Луиза күллэ.

– Кэргэн тахсыбатаҕа дии дьэ. Саатар, оҕоломмута буолла-ар. Кытаанах кыыс эбит ээ, ис киирбэх бэйэлээх буолааччы дии. Уолаттары бэйэтэ сирэн испит буолуохтаах.

– Оннук буолуон сөп. Саатар, атын сиргэ анатан бар диэбити истибэтэҕэ. Ийэлээх аҕабын көрөбүн диэн Үөттээххэ кэлбитэ. Онно даҕаны кулууп үлэһитэ өрүү дьон ортотугар, сэргэх эйгэҕэ сырыттаҕа дии. Олорон хаалла.

– Оҕолонуохтаах этэ. Мин, кэргэн да барбатарбын, хата харахпын симэн баран, биир уолу булунан син тэнийэн олоробун дии. Ол быһаарыныыбар махтанабын эрэ. Түөрт сиэннээхпин, хата аныгы кэмҥэ оҕолонор кийиит түбэһэн эмиэ дьоллоото. Барахсаттарым, этэҥҥэ эрэ сырыттыннар дии-дии, олоробун. Туох кистэлэ кэлиэй, ол тухары бу барахсан олохпун оҥосто, кэргэн тахса сатаатым ээ. Сатаммата биирдэ да, – Марианна күллэ.

– Мариша, билигин да хойут буолбатах. Кытаат, куорат сиргэ олороҕун дии, барыйаан баар буолуон сөп.

– Ээ, ким билэр… Доо, эн Иван Даниловичкын харыстаа эрэ. Ол соҕотоҕун тоҕо хоту барда? Аны туундаратыгар хаалан хаалаарай? – Марианна дьээбэлэнэн тылын быктарда.

– Дойдулаах киһи сайылыа, барыан баҕардаҕа дии. Оннооҕор мин аҕыйах ый буолаат, Үөттээхпэр төннө сатыы олоробун дии. Сайын чугаһаан истэҕин аайы ол санаам батарбат буолан иһэр… Кырдьык, арай биһигиттэн сылайан куотаары гынна дуу? Куоракка көһөн кэлиэҕиттэн дойдутугар барбатаҕа ырааппыт ээ. Олох курдаттыы тардыһар буоллум диэбитэ, – Луиза дьүөгэтэ эппитин эргитэ саныы оҕуста.

– Луизка, маннык эбит. Оҕолору илдьэн Үөттээххэ олохтуугун, бэйэҥ хоту барсан кэлэҕин…

– Хоту даа? Кийииппин, күтүөппүн, сиэннэрбин быраҕан дуо? Ээ, миигин тоҕо эрэ биирдэ да ыҥырбат ээ… Кырдьык, барсар эбиппин! Оҕолор олорон эриэхтэрэ, – Луиза ити этиллибит санааттан бүтэйдии үөрэн ытыһын таһынан ылла.

– Ээ, мин эбитим буоллар барсабын, соҕотохтуу ыыппаппын. Иһит эрэ, эн оҕолоруҥ тустарыттан ити айылаах түбүккэ түспүт киһи туох-ханнык иннигэр доруобай буолуохтааххын. Дэлэ сынньанан, хоту сири көрөн-истэн аралдьыйан кэлиэҥ дуо?! Ол сырыттаххына, баҕар, ыалларыҥ да тугу эрэ толкуйдуохтара, эйэлэһиэхтэрэ. Эн барытын бэйэҥ быһааран, бэлэми тэлгээн биэрэ, кинилэр тустарыгар быһаара сатыы олорума ээ.

– Кырдьык даҕаны, олус сөпкө этэр курдуккун, Мариша… Ээ, ол эрээри хайдах икки кыһалҕалаах ыалы таах быраҕаттаан кэбиһиэмий… Сатаммат быһыылаах… – Луиза күүскэ үөһэ тыынна.

* * *

Иван Данилович уһун күнү быһа төлөпүөнүн туппутунан сылдьар буолан хаалла. Дьэ олох барахсан, үөйбэтэх-ахтыбатах өттүттэн кинини ити курдук уларытта. Ольгалыын суруйсаллар. Анарааҥҥыта эмиэ эдьиийин иннигэр буруйданан иэдэйиэх курдук. Ол эрээри Ольгата барахсан бу сыллар тухары киниэхэ өйдүүн-санаалыын тардыһыылаах, сүрэҕин түгэҕэр олоҕун сырдатар курус ахтылҕан, таптал чэрдийбэтэх бааһа оҥостон эрэйдэнэ сылдьыбытын дьэ биллэ. Кини эмиэ бу отуттан тахса сылы быһа санаа баттыгын, ааспат, арахпат таптал ахтылҕанын илдьэ кэлбитин мэлдьэһэр кыаҕа суох… Дойдутугар сороҕор тыаҕа бултуу-алтыы сылдьан эмискэ хойуу хаар үллүктээн түһэн бардаҕына, били Дьокуускайга «Полет» маҕаһыын таһыгар биэс этээстээх дьиэ түннүгүттэн иһиллибит ырыа тылларын кулгааҕар субу баардыы санаан кэлээччи. «Снег кружится, летает… Заметает все, что было до тебя…». Иван, онно, кырдьык, бу кэрэ кыыһы көрсүбүт дьолуттан туймаарыйа сылдьар уол, ыраах куоракка, кинини көрдө даҕаны, уун-утары сүүрэн кэлэр Катя кыыс ыллык суолун, кырдьык даҕаны, бу хойуу хаарынан саба бүрүйдэҕим диэн уобарастаан санаабытын өйдүүр. Оттон Оленьката мап-маҥан эгэлгэ оһуордаах үтүлүктээх ытыһыгар хаары тоһуйа оонньуура, хоп-хойуу хаары олордуммут кыламаннарын быыһынан Иваны дьээбэлии, таптыы көрөрө. «Ээ, көппөтүн-көппөтүн сөмөлүөт, хоту даҕаны, Бүлүүгэ даҕаны! Туман түс, түс, өссө хойуутук түс! Мин халлаантан көрдөһө турабын», – дии-дии, халлаан диэки хантайа-хантайа, дьээбэлэнэн эккирээмэхтээн ылара.

Оттон сайын көрсүбүт үс күннэригэр наар пааркаҕа күүлэйдээн тахсыбыттара. Иван оптуобуһа кэлэн быстыбакка пааркаҕа хойутаан тиийбитэ. Үһүс нүөмэрдээх оптуобустан түһээт, буута быстарынан паарка диэки сүүрэн тэлээрбитэ. Сүүрэн иһэн ыраахтан кыыһын көрдүү сатыыра да, ким да көстүбэт курдук этэ. Онтон, доҕоор, паарка ааркатын кэтэҕиттэн Иван көрдөҕүнэ, мап-маҥан былаачыйалаах кыыс, чэпчэки-чэпчэкитик үктэнэн, аргыый дугуйан, мичээрдии-мичээрдии, кини диэки утары хаампыта. Сиккиэр тыалтан былаачыйата тэлээрэ көтөрө, хоп-хойуу баттаҕа буралла оонньуура. Тоҕо эрэ Иван санаатыгар, паарката суугунас хатыҥнардаах Бүлүү кытыла буолан көстүбүтэ, «Хотун Бүлүү оргууй устуо, хатыҥ чараҥ оргууй ыллыа, биэрэк устун көтө-дайа Кэрэчээнэ киирэн кэлиэ! Кэрэчээнэ, кэрэчээнэ, кэрэ, нарын тапталым, Кэрэчээнэ, Кэрэчээнэ, кэскил күүтэр аналым!» диэн ырыа тыллара түөһүн киэптии, үөрүүнэн толоро кутуллубуттара. Ол икки ардыгар «кэскил күүтэр аналым» диэн тыллар түргэн хаамыынан кыыһыгар чугаһаан эрэр Иваны хайдах эрэ хам хараҕалыыр курдук гыммыттара, уол кыһыытыттан аҥаар атаҕынан сири тиҥилэхтээн ылан, мутукка атаҕын саайбыта. Иван Бүлүү кэрэчээнэтэ кини анала буолбатаҕын билээхтиирэ, кини Намҥа күтүөттүү сылдьара…

Оттон Оленька тугу да сэрэйээхтээбэт этэ. Бэйэтэ кэпсээн чыбыгырыырыгар, күлэн-үөрэн сэгэлдьийэригэр буолан, уола сотору-сотору саҥата аҕыйаан хааларын, үөһэ тыынан ыларын өйдөөн көрбөтөҕө. Букатыннаах арахсыылара «Киин» киинэ тыйаатырын таһыгар буолбута. Күһүн Иван үөрэҕэр ааһан истэҕинэ көрсүөх буолбуттара. Ол көрсүһүү буолбат аналлааҕын Иван билбитин иһин, ол кэмҥэ хайыа эбитэй! Кини ити киэһэ оптуобуһунан Намҥа барбыта, Оля 7 №-дээх оптуобуһа кэлбитигэр «дьылыс» гыммыта, оптуобус түннүгүнэн далбаатыы хаалбыт тапталлааҕын мөссүөнэ уол сүрэҕэр олоҕун тухары олорон хаалбыта…

* * *

Бу нэдиэлэҕэ Луизаҕа уола Максим, кыыһа Оксана кэлэн бардылар. Кэргэттэрэ суох кэмигэр кэлэн бараллар. Ол аайы Луиза сүрэҕэ ыалдьар, өтөрүнэн төннүбэт дьон буолбуттар быһыылаах диэн сүрэҕэ кум-хам тутар. Оксана киһитэ кэргэннээх эбит, кини кэпсииринэн, онтуттан арахса сатыы сылдьар үһү. Биир оҕолоох ыал эбит. Ону истэн баран, Луиза эмиэ кыыһын суобаһыгар оонньуу, өйдөтөн этэ-тыына сатаата даҕаны, анарааҥҥыта кулгааҕын таһынан аһарара көстөн олорор. Максим баай-талым олоххо олорон, уойбут-топпут аатырда. Ону ийэтэ уолун тас көрүҥэр булан көрбөтө. Ким билэр: киһи тылыттан иҥнэ сылдьар ньиэрбинэй буолбут. Сауна хотуна кинини кутуругуттан эрийэн эрэр быһыылаах. Бэйэтин үлэтин бырахпыт эбит, ол чүөчэҕэ суоппар буолбут.

Кийиит Ангелина учаастак көрдөһө сатаан эрэр. Бырааттара табаарыстарын кытта түмсэн дьиэ тутан биэриэх буолбуттар үһү. Куоракка хаста да кэлэн бардылар да, Луизаҕа киирэ сылдьыбатылар. Күүлэй тэппит күтүөттэриттэн кэлэйэн бөҕө сырыттахтара.

Иван Данилович дойдутугар барар кэмэ чугаһаан, олох ыллаан киҥинэйэ сылдьар буолбут. Аны төлөпүөнтэн арахпат, күнү быһа суотабайын одуулаан олорор буолар. Тэһийбэт быһыылаах. Дойдутун дьонун кытта сирин-дойдутун, булт-алт туһунан кэпсэтэр үһү. Доҕотторо манна кэлиэҕиттэн үктэммэтэх сайылыгын кини кэлэригэр бэлэмнииллэр. Оһоҕун эҥин саҥаттан оҥорторор дьаһала иһиллэр.

– Сэгэттэй, мин кийииккэ, Ангелинаҕа бэйэм ирээппин биэрэн көмөлөһүөхпүн баҕарабын, – дии-дии, Иван Данилович куукунаҕа киирэн кэлбитигэр Луиза соһуйан бөҕө буолла.

Иван Данилович остуолга кэмбиэр уурбутугар отой да туох диэҕин билбэккэ булумахтанан ылла.

– Ангелинаҕа да? Оо, махта-ал, кыыспыт ону ылынар эрэ суох… Баһыыба, Иван, наһаа да үтүө сүрэхтээх киһигин! – Луиза дэлби долгуйан, киһитин иэдэһиттэн сыллаан ылла.

– Итиннэ биэнсийэбиттэн мунньубут 300 тыһыынчабын биэрдим. Эһээ диэн дьоллообут оҕолорум дьиэлэниэхтэрин баҕарабын. Дьиҥинэн, Ангелина мас дьиэ туттарбакка, таас дьиэҕэ ипотекаҕа киирэрэ ордук этэ. Максим итинник баран хааллаҕына, Ангелина соҕотоҕун эрэйи көрүө дии.

– Мин эмиэ инньэ дии саныыбын ээ, Иван. Чэ, кэмбиэргин кийииппитигэр киэһэ иккиэн биэриэхпит. Онно сүбэлээн-амалаан көрүөхпүт. Иван, эн дойдугар чуолкай барарга быһаарынныҥ дуо?

– Барабын, Луиза, – дии-дии, Иван сис туттан баран, куукуна түннүгүнэн таһырдьаны көрөн турда.

– Оттон миигин тоҕо барыс диэбэккиний? – Луиза бу кэмҥэ барсыбатын билэн да олордор, дьээбэлэнэ таарыйа ыйытан, хата, киһитин бэркэ соһутта быһыылаах.

– Тыый, барсаары гынныҥ дуо? Чэйиий, барыахха, – оҕонньор Луиза оҕолорун быраҕаттаан барсан испэтин бэркэ билээхтиир быһыылаах да, хайдах эрэ олус соһуйбутун биллэрэ сыста. Сүүһүгэр бычыгыраан тахсыбыт көлөһүнүн сотто-сотто, хоһун диэки хаамта.

Луиза тугу эрэ саҥара хаалла быһыылаах, Иван долгуйан икки кулгааҕа бүөлэммиккэ дылы буолла.

Эчи, соһуйдаҕын. Син биир наһаа хаайбата ээ. Ээ, билээхтиир эбээт, Луиза оҕолорун муннартаан баран, дэлэҕэ даҕаны хоту түһэн испэтин. Абыраатаҕыан, кийииккэ көмө анаабыт. Ити аата күһүн төннөр эбит, били Марианна саараабатын курдук, букатын барбат! Кэскиллээҕи саныыр, бэйэм дьонум диэн көмөлөһөн эрдэҕэ дии. Луиза ол санаатыттан ис-иһиттэн чэпчээн, киэһээҥҥи аһылыгын бэлэмнээн барда.

* * *

Ольга арааһы эргитэ санаан төбөтө ыалдьыах курдук буолла. Иван эмиэ илэ көрсүһүөххэ диэн хаайар, элбэҕи, кэскиллээҕи кэпсэтээри баҕарар үһү. Аны сайын барыахха диэн баран тохтообот, суруй да суруй буолар. Ольга онтон барытыттан сороҕор санаата алдьаныах курдук. Дьэ иккиэн даҕаны Иванныын туох майгылаах-сигилилээх дьон буолалларый?! Ольга эдьиийин кэргэнин иирдэн хоту күрээбит аатырар. Тугу да билбэт дьон оннук өйдүөхтэрэ дии. Аата сүрүүн! Ольга ити санаатыттан мэктиэтигэр оронуттан ойон турда.

Саатар Евдокия онно эбии буолан күн аайы «лиэксийэ» ааҕар. Тэрийэн ыытарга бэлэм сылдьар. Ольга бэйэтэ даҕаны улаханнык мунаахсыйа сылдьар. Сибилигин эмиэ өр сылларга сүтэрэн баран сылдьыбыт Иванын көрбүтүнэн куоттарыаҕын сүрэҕэ эмиэ буолуммат. Тапталлара диэн ити буоллаҕа дуу: күннэри-түүннэри Иван туох диэбитин, хайдах көрбүтүн, пансионат фойетыгар кэтит күөнүгэр кистээн, таптал сылаас тыынынан, дьикти иэйиинэн угуттуу олорбутун санаан тахсар. Кыыс оҕоҕо дылы буолан… Сороҕор бэйэтиттэн кэлэйэ саныыр.

Эдьиийэ Луиза кэлэ сырыт дии-дии, ыҥыра сатыыр. Кини кэтэҕэр олох атын будулҕана оргуйарын түһээн баттатыа баара дуо? Саатар ити уоллаах кыыс, иккиэн буола-буола, ийэлэрин эрэйдээн, санаа-оноо бөҕөҕө түһэрэн эрдэхтэриэн. Наһаа атаахтаппыттарын түмүгэ дьэ ити. Ити оҕолору кыахтарын таһынан хааччыйарга умса-төннө түһүү бөҕө буолаллара. Оксана сөбүлээбит куукулатыттан саҕалаан, кэтиэн баҕарбыт былаачыйатын, атаҕын таҥаһын булан биэрэ иликтэринэ куттаан хостон тахсыбат этэ. Уоллара улаатар сааһыгар физмат оскуолаҕа ыытан сыыстарбыттара быһыылааҕа. Оройуон кииниттэн хара үлэни үлэлиир бириэмэтэ суох буолбут, көмпүүтэри эрэ көрөн хам хатанан олорор улааппыт уол кэлбитэ. Дьаакыптаах Лууйуска олохтон тэйэн хаалбыт, бэйэлэрин тоҕо эрэ атыттартан быдан өйдөөхтүк санаммыт уоллаах кыыстарын тула көтөн биэрэллэрэ. Ольга биирдэ эмит санаатын этээри гыннаҕына, эдьиийэ кыыһырбыт курдук туттара. Инньэ диэбэтэр даҕаны, ол Ольгаҕа «Эн хаһан да кэргэннэммэтэх, оҕото суох эрээригин» диэн иһиллэрэ.

Ольга, дьиҥинэн, бу Орто дойдуга кыыс оҕо аналын толорон, таптыан, таптатыан, оҕолонор дьолу билиэн баҕарбатаҕа кэлиэ дуо?! Ол эрээри Иванын сүтэриэҕиттэн ол баҕа санаата барыта хойуу туман кэннигэр саспыт, куоппут курдук буолбута. Иван билиҥҥитин туһунан билиэн баҕарара, ханна тиийбитин, кими кэргэн ылбытын, хас оҕоломмутун… Илэ көрсөр туһунан тоҕо эрэ ыраламмат этэ. Оннук түгэн тосхойуон сөп диэн өйүгэр оҥорон көрбүтэ да суох эбит.

Арай сотору-сотору чымадаан түгэҕэр сытар сыбаайба былаачыйатын, мааны сэлээппэтин санаан кэлэрэ. Сороҕор онтун көрөн олорон ис-иһиттэн уйадыйан ытыыра. Эдьиийэ ыал буолар сайыныгар үчүгэй сыбаайба таҥаһа өр көстүбэтэҕэ. Ольга былаачыйата Луизаҕа оруобуна сөп буолуохтааҕын билэрэ. Биир киэһэ чымадаанын хостоон, былаачыйатын илиитин иминэн имэрийэ олордоҕуна, ийэтэ өҥөйбүтэ.

– Оля, мин эмиэ ити таҥаскын санаатым ээ. Эдьиийиҥ былаачыйата көстүбэккэ эрэйдээтэ дии. Куораттан ылынан кэлэр эҥин диэн суох, тиктэриэм дии санаабыта сатаммата, – диэбитэ ийэтэ, хос ааныгар өйөнөн туран…

Оля хараҕа уунан туола охсубута уонна эппитэ:

– Кэбис, ийээ, бу дьолу аҕалбатах таҥас сыттаҕа дии. Тоҕо кэриэстээн сытыарарбын бэйэм да билбэппин. Эдьиийим маны кэтэрэ сатаммат дии саныыбын, – диэбитэ.

Ийэтэ, кырдьык даҕаны диэбиттии, тугу даҕаны саҥарбатаҕа. Дьэ оннук, нууччалыы, сахалыы бити-билгэни батыстахха, эрдэ ылыллыа суохтаах таҥас ааспат-арахпат харах уутун аҕалбыт буолуон эмиэ сөп. Оля ити кэнниттэн ол чымадаанын арыйан да көрбөт.

* * *

Ольга Евдокиятын сүтүктээн көрүдүөргэ тахсыбыта, киһитэ ханна да суох. Кириэһилэтин диэки хааман истэҕинэ, ханна кэтээн турбута буолла, Трофим Егорович баар буолан хаалла. Уол оҕото, Ольга халаатын уҥа сиэбигэр сакалааты түһэрдэ. Уонна дьон көрүөхтэрэ диэбиттии эргим-ургум тулатын одууласта.

– Оо, Трофим Егорович, кэм да кэһиилээх сылдьаҕын, махтал! – Ольга күллэ.

– Кэлэн иһэр Маай бырааһынньыктарынан! Оптуобус биэрбэттэр дуо, ньургуһун көрө тахсыахпытын баҕарабыт дии. Люция Павловнаҕа эппиппитин кэпсэтиэх буолбута, – диэн кэпсии-кэпсии, Трофим Егорович Ольга таһыгар олорунан кэбистэ.

– Ээ, бэрт буолуо эбит. Кыстыгы этэҥҥэ туораабычча айылҕаҕа тахсар туох да куһаҕана суох буолуо эбит, – Ольга хараҕынан наар Евдокиятын көрдүү олордо.

Трофим Егорович аттыттан туран куотуоҕун эмиэ сатала суох курдук. Чүөчэтэ хайа эрэ хосторго киирбит быһыылаах, кэлэн быыһаабат да буоллаҕа дии.

– Ольга, мин эйигиттэн тугу эрэ ыйытабын дуо? – Трофим Егорович туораттан киһи да ыксыах, илиитин мускун да мускун буолла, ачыкыта аллара түһэн хааларын үөһэ тардынна.

– Ыйытыый, Трофим Егорович, – Ольга төһө кыалларынан холкутук тутта сатаан саҥарда.

Дьиҥинэн, Трофимы аһынан бэйэтэ ыксаата.

– Ити Саха театрыгар үчүгэй испэктээкиллэр буола тураллар. Мин, чэ, туох кистэлэ кэлиэй, сааһырбыт, олоҕу олорбут дьон буоллахпыт, эн сөбүлэһэр буоллаххына, эйиэхэ билиэт ылыахпын баҕарабын, – Трофим Егорович сүүһүгэр көлөһүнэ бычыгыраан таҕыста уонна туох баар хорсунун киллэрэн, Ольганы утары көрөн олордо.

– Трофим Егорович, дьэ бырастыы гын. Улахан махтал. Ол гынан баран билигин тыйаатырдыыр санаам суох, атын элбэх дьарыктаах сылдьабын. Чэ, мин барыым дии, Евдокиям хоһугар ыҥырар, – Ольга ыксаабытын биллэрэн, суотабайын сымыйанан тарбаҕынан тоҥсуйда.

Хоһугар киирэн «һуу» диэн баран, оронугар сытынан кэбистэ. Суотабайын арыйа баттаабыта, Иван эмиэ ньургуһуннаах кырдалга сибидээнньэҕэ ыҥырбыт буолбаат! Бу күннэргэ эттэ даҕаны, кэлэн илдьэ барыах үһү. Ольга халаатын сиэбиттэн сакалаатын хостоон, дьээбэлэнэн, Евдокия туумбатыгар ууран кэбистэ.

* * *

Ольга Евдокиятын утуйа сытар быһыылаах диэн арыый сыбдыйан киирдэ даҕаны, киһитэ утуйа сытыыһы дуо, кинини күүтэн ахан сыппыт быһыылаах. Ольга бакыатын түгэҕэр укпут ньургуһуннарын таһааран туумбатыгар тэниччи уурталаата.

– Чээн, үчүгэйдэриин, – Евдокия оронуттан ойон туран, сандал саас илдьиттэрин көрө охсоору бэттэх кэллэ.

– Туох да ньургуһунунан толору мыраан сирэйигэр олордубут. Ньургуһун көбүөрүнэн хаамтарда дьэ. Кэл эрэ, хаартыскалары көрдөрүүм, – Ольга суотабайын арыйан бүгүҥҥү хаартыскаларын көрдөртөөтө.

– Дьоллооххуту-ун, ньургуһун көбүөрүгэр төкүнүппүт дии дьэ! Ольга, олох барыта сирэйгэр көстө сылдьар, эн тапталтан, аттыгар кини баарыттан муҥура суох дьоллооҕуҥ! Хайдах уонна дьылҕаҥ аҕалбыт бэлэҕиттэн аккаастанаары гынаргын өйүм хоппот! – Евдокия, хаартыскалары көрө-көрө, манньыйа олордо.

– Ээ дьэ билбэти-им, уустук соҕус балаһыанньа дии. Эдьиийим барахсан хоту барсыан баҕара сылдьан баран тохтообут үһү. Дьэ онно Иван улаханнык ыксаабыт быһыылаах. Туох да диэн эппиэттээбитин эппэтэ эрээри, ууга-уокка киирэн тахсыбыт быһыылаах ээ. Дуся, хоту бардаҕына, уонна кэлбэт үһү. Луизаттан ол аата букатын баран эрэр эбит. Дьиэбэр хаалан эриэхтэрэ, ыксаппаппын диир. Онтун билигин эмиэ Луизатыгар кыайан этэр кыаҕа суох. Санаан көрүүй, онно мин буруйдаахпын! Мин үһүс киһинэн көстүбэтэҕим буоллар бу дьон олороллор… – Ольга илиитинэн сапсыйан баран, дириҥник үөһэ тыынна.

– Доҕоччуок, эн онно туох буруйуҥ кэлиэй! Ыйааххыт оннук ыйбытын кэннэ. Олох таҥара бэлэҕин курдук дии, эһиэхэ иккиэҥҥитигэр олоххут киэһэриитэ да буолбутун иһин, бу көрсүһүүнү түстээбитэ. Дьэ оннук, ыйааххыт суоҕа буоллар, дойдугут икки муннугар бэйэ-бэйэҕитин саныы-саныы, ааспатах, арахпатах ахтылҕаҥҥытын саба баттыы-баттыы, кырдьыа этигит. Өссө дьылҕаҕыт эһиги көрсүһүүгүтүн түргэтэппит, эдьиийиҥ нөҥүө аҕалан эн иннигэр туруорбут дии санаабаккын дуо? Ол, этэргэ дылы, куйаар ситимигэр билсиһииттэн, эн Иваҥҥын ханнык баҕарар олох дьолун эмиэ билиэн баҕарар, соҕотохсуйбут дьахтар илдьэ барбыт буолуон сөп этэ, – Евдокия биир тыынынан кутан-симэн кэбистэ.

– Эттэххинэ эмиэ да оннук, – Ольга сонньуйан ылла.

Иван Данилович бэйэтигэр билиэтин ылыммыт. Ольга барар да буоллахпына бииргэ көппөппүт диэн туруорсуулааҕын иһин, киниттэн биир нэдиэлэ хаалан көтөр билиэти ылаары гынар. Сөбүлэһэбин диэбэтэ, толкуйдуом диэн уоскутан араҕыстылар. Эмиэ ити Евдокия этэрин курдук саҥарар, олохпут күһүнүгэр бииргэ буолуохха диир.

Дьэ бүгүн Иванныын били эдэр эрдэхтэригэр остуоруйа курдук көрөр индийскэй киинэлэригэр курдук сырыттахтара үһү. Хоп-хойуу ньургуһуннарынан киэркэйбит мыраан сирэйигэр олорон илдьэ кэлбит өйүөлэринэн астына чэйдээтилэр, кэпсэттилэр. Ольга, кырдьык дьоллооҕо, таптал тылларын сипсийэрдии, кинилэр хойутаабыт көрсүһүүлэрин аан дойду хараҕыттан кистиирдии нуоҕаспыт, нап-нарын ньургуһун көбүөрүгэр Иванын санныгар төбөтүн ууран олороруттан. Бу сүрэҕин-быарын сылаанньытар, дьолунан толорор иэйииттэн аккаастаныан баҕарбатын өссө төгүл өйдөөбүтэ… Ол эрээри, оол, аллара көстөр тиҥиниир-таҥыныыр олохтоох куорат дьиэтин куукунатын түннүгэр эдьиийэ Луиза кини Иванын кэтэһэн, эмиэ кини курдук үчүгэй, дьоһуннаах эр киһини көрсүбүт дьолбун үргүппэтэрбин ханнык диэбиттии, үүттээх чэйин аргыый, холкутук сыпсырыйарын хараҕар оҥорон көрөрө…

* * *

– Ольга, эйиэхэ эбиэт кэннигэр Нина Филипповна киирэ сылдьыан баҕарар үһү. Бибилэтиэкэҕэ көрсөн инньэ диэбитэ. Хайдах эрэ туох эрэ кыһалҕаламмыт дуу, хайдах. Арай көрдөхпүнэ, дэлби ыксаан, ыгылыйан хаалбыт курдук. Аны бу күннэргэ биир эдэр кыыһы кытта фойе дьыбааныгар олороллорун хаста да көрдүм.

– Ээ, ол чүөчэ өссө хаһан эрэ таптал туһунан кэпсэтиэхпит эрэ диэн үлэһиилээх этэ. Эмиэ туспа дьылҕалаах киһи. Биирдэ бэркэ кэпсэтэн ааспыппыт. Эдэригэр кэргэннээх киһини таптаан, онтуттан оҕолоох хаалбыт. Ол оҕотун төрүүр дьиэҕэ хаалларан тахсыбыт. Ол кэнниттэн мэлдьи сулумах сылдьаахтаабыт.

– Оо, барахсаны. Миэхэ майгылыыр киһи эбит дии. Дьэ ол таҥара биэрбитин ылбатаҕыттан кэмсинэр буолуо дии саныыбын, – Евдокия үөһэ тыынан ылла.

– Полиналаах Бааскаҕа таҥас сууйар хос таһыгар кладовкаҕа майгылыыр хос турбутун биэрээри гыммыттар үһү дии. Бааска онтун оҥостон түбүк бөҕөҕө түспүт диэбиттэрэ. Полината тирээпкэтин тутан баран батыһа сылдьар үһү. Барахсаттар, ыал курдук бииргэ олороору баҕа бөҕө. Оттон Трошабытын Клара кыыс хайаан эрэрэ буолла, – Ольга дьээбэлэниэх санаата киирдэ.

– Трошка аҕыйах хонуктааҕыта эйиэхэ сакалаат биэрэ сылдьан, Клараны көрүүһү дуо? Кыыс араас өҥнөөх былааттары санныгар туора быраҕына-быраҕына, остолобуойга киирэр дии, – Евдокия күлэр.

Эбиэт кэнниттэн Нина Филипповна Ольгалааҕы батыһан хосторугар кэлсибитэ. Евдокия хостон тахсан эрээри гыммытын, ыыппатылар.

– Кыргыттар бэйэбит икки ардыбытыгар диэбит курдук кэпсэтии. Эһигиттэн, ордук дьоһуннаах дьонтон дии санааммын, сүбэлэтэр боппуруостаах буолан хааллым, – Нина Филипповна, илиитин мускуна-мускуна, олоппоско олоруммута.

– Таптал туһунан буоллаҕына сүбэлиирбит аҕыйах, – Ольга дьээбэлэнэн икки илиитин кириэстии тутунна.

– Ээ, аны кэлэн, таптал буолбатах. Ол эрээри, син биир сибээстээх, били эйиэхэ кэпсээбит тапталым дуораана диэххэ сөп эбит. Ольга Никитична, бу күннэргэ дьэ мин олохпор күүтүллүбэтэх түгэн буолла. Бастаан наһаа соһуйан, дэлби айманан бараммын, дьэ арыый уоскуйан эрэбин.

– Дьэ эрэ, – Евдокия истиэнэҕэ сыһыара уурбут сыттыгар иттэннэри сытынна.

– Били оҕолонон баран ыалга биэрбит оҕом миигин ир суолбун ирдээн, тоҥ суолбун тордоон кэлэн көрсөн барда! Дьэ киһи олоҕор үөйбэтэҕэ-ахтыбатаҕа итинник кэлэр эбит. Санаабат буолуом баара дуо, мэлдьи саныырым, кыыһым туох идэлээх, туох олохтоох киһи буоллаҕа-ай диэн. Улаханнык кэмсинэрим, буруйданарым даҕаны сааһырдаҕым аайы улаатан испитэ. Сонно төрүүр дьиэттэн оҕото суох кэргэнниилэр илдьэ баартар эбит. Кыыс улааппытын кэнниттэн ийэлээх аҕата арахсыбыттар. Олохторун да тухары иирсээннээхтик олорбуттара диэхтиир. Быһата, эр киһи туора дьахтарга оҕолоннум диэн, арахсан барбыт үһү. Ол таҥнарыыны тулуйбакка, кыайан аһарбакка ийэтэ иһээн-аһаан, бүтэһигэр эми сиэн олохтон баран хаалаахтаабыт. Балыыһаҕа кыайан быыһаабатахтар. Ахсыс кылааска үөрэнэ сылдьар, тулаайахсыйбыт кыыһы ийэтин бииргэ төрөөбүт балта илдьэ олорбут, оскуоланы бүтэртэрбит. Ийэтэ ол иһэн-аһаан, үлэтин-хамнаһын быраҕан, түбэһиэх эр дьону кытта суксуруһан барбытыгар, аны кыыска «ити эн төрөппүттэриҥ буолбатахтар, эйигин оҕо дьиэтиттэн ылбыттара» диэн этэн биэрэн, өссө биир охсууну оҥорбуттар. Майгым-сигилим уларыйбыта диэхтиир. Дьэ онтон, эдьиийэ аах тэрийэн-бэрийэн Дьокуускайга атаарбыттар. Оҕом суруналыыс буолбут, ханнык эрэ сайтка үлэлиибин диэтэ. Кэргэннээх, уоллаах кыыс оҕолоох. Миигин улаханнык сыралаһан булбут. Дьаныардаахтык ирдэһэн, бу «Сарыалга» баарбын билбит. Үс көрсүһүү тухары, ытаһан ыла-ыла, кэпсэтэн биэрээхтээтибит. Кыргыттар, оҕом олох миигин мантан илдьэ барыан, бэйэтин кытта илдьэ олоруон баҕараахтыыр. Аны күтүөтүм миигин көрүөн да баҕарбат үһү. Эйигин аһыммакка бырахпыт дьахтары аҕала сатыыгын диэн, – Нина Филипповна кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан кэпсии олордо.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации