Электронная библиотека » Галина Нельбисова » » онлайн чтение - страница 4


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 10:20


Автор книги: Галина Нельбисова


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 4 (всего у книги 8 страниц)

Шрифт:
- 100% +

– Хоту, Иван Данилович дойдутугар, олохсуйан үлэлээбиттэр. Кыыстара бу дьиэни атыылаһан ыҥыртаабыт. Чэ, Ольга киирэн ити көрдөрбүт хоспор сыта түһээр. Пансионакка утуйаргыт буолуо дии. Киэһэ өссө кэпсэтиэхпит, – Луиза балтын хонор дии саныы олорор.

– Суох, утуйа сыппаппын, Лууйуска. Дьиэлиибин. Хоммоппун. Улахан төрүөтэ суох онно-манна хонору сөбүлээбэттэр, хайа, бары таптаабыппытынан куоракка ыһыллан хаалыахпыт дии, – Ольга хап-сабар ойон турда.

– Эс, оттон оҕолор эдьиийбит, икки хонукка көҥүллэппит диэбиттэрэ дии. Киэһэ, баҕар, Оксаналаах кэлиэ этилэр.

– Дьиэлээх киһи барабын. Көҥүллээбэтэхтэрэ ээ.

– Оттон суумкаҥ да улахана. Хоно кэлбит диибин ээ, – Луиза куукуна ааныгар өйөнөн туран, балта таҥнарын соһуйа, сайыһа да көрөн турда.

* * *

– Хайа, Никитична, балтыгар хоммокко кэллиҥ дуо? – Евдокия көрүдүөртэн киирэн баран, Ольгата оронугар плединэн бүрүнэн баран, кумуллуоҕунан кумуллан сытарын көрөн соһуйан бөҕө буолла.

– Ээ, бэйэм да төбөм ыарыйда, анараа дьонум эмиэ тумуулаабыттар, – Ольга оҕо курдук албынныы сытарыттан кыбыһыннар да, инньэ диэн куотунарыгар тиийдэ.

Евдокия култуура бөҕөтө, чуумпуран хаалла, хата, ону-маны ыйыталаһа сатаабата.

Иван да Иван, өссө өйдөөн кэллэххэ, убаастаары гыннахха Даниловичтаах. Хантан билиэ, таайыа этэй Ольга ватсап социальнай ситимигэр кини баар-суох сүтэрбит таптала Ваня кэргэн кэпсэтээри, күтүөт буолан көкөйөн олорбутун?! Арай, ол «Көмүс күһүн» ситимнэригэр кинини эмиэ киллэрэн олордубуттара буоллар, дьахтар буолан, билиэх-көрүөх санаата батарбакка, хаартыскатын көрүө эбитэ буолуо! Билиэх эбит! Ваня ону баара наһаа уларыйбатах. Хап-хара, хоп-хойуу долгуннурар хараҕа баттаҕа күрэҥсийбитэ, сааһырбыт, дьоһуннаммыт бэйэтин өссө интеллигентнэй, кыраһыабай оҥорбут. Баараҕадыйбыт, модьу-таҕа, киппэ көрүҥнэммит. Сибилигин, Иван Данилович эмиэ маннык санаа ытылҕаныгар соһуччу көрсүһүүттэн хайдах буолуон билиминэ сытара, олороро буолуо дуо! Уонна Ваня харахтарын кыымнара уруккутун курдуктар, ол курдук киһини бэйэлэригэр тарда угуттуу, умсугута көрөллөр… Киһини сылааһынан имэрийэ, таптал тылларынан сипсийэ, туохтан барытыттан харыстыырдыы, хоп-холкутук унаарыччы көрөр харахтар киниэхэ эрэ бааллар! Биллэн турар, ол өйө-төйө суох таптаабыт оччотооҕу Оля санаатыгар буолуо. Суох, ону баара, бүгүн эмиэ, Ольга хаста даҕаны Иванныын утарыта көрсөн баран, соһуччу көрсүбүттэриттэн бэйэлэрин буруйдаммыттыы, түп-түргэнник харахтарын халты көрсөллөрүгэр ол барыта баара…

Кинилэр Ванялыын отуттан тахса сыл анараа өттүгэр Дьокуускай авиапордугар көрсүбүттэрэ. Тохсунньу торулуур тымныыта түһэн ахан турара. Куорат бүтүннүүтэ аан туманынан бүрүллүбүт кэмэ этэ. Билигин, киһи да сонньуйуох, 40 кыраадыс тымныы түстэҕинэ, эдэрдиин-эмэнниин тоҥон киирэн барабыт. Оттон, кинилэр ол саҕана, устудьуоннуур кэмнэригэр 40 кыраадыс буоллаҕына, күн аайы түһэр 45–50 кыраадыстан арыый сынньанан ылар курдуктара. Урукку устудьуоннар кыһыҥҥы сынньанар кэмнэрэ тохсунньуга буолара. Ол саҕанааҕы Ванялаах Оля – киин куоракка юридическайга үөрэнэр уол уонна культурнай-сырдатар училищеҕа үөрэнэр кыыс – күн аайы дойдуларыгар көтө сатыыллара даҕаны, туман сүтэн биэрбэккэ, биир нэдиэлэни быһа Дьокуускай авиапордугар хаайтаран олорбуттара. Хата, ол саҕана даҕаны аэровокзалга хонору көҥүллүүллэрэ. Эдэрдэр дьиэбитин булларбыт дии-дии, күн аайы справочнай биллэриитин кэтэһэллэрэ, «Ваш рейс отменяется…» диэнтэн атыны биллэрбэттэрэ.

Эдэр дьон буоллаҕа, онтон санаалара түһүө баара дуо, аэровокзалга хаһыс да күннэрин олохсуйбут устудьуоннар утарыта, уҥуор-маҥаар кириэһилэлэртэн билсиһэн, күө-дьаа, көр-күлүү кэпсэтиини тэнитэллэрэ. Оля үөрэх атын тэрилтэлэригэр үөрэнэр биир дойдулаах кыргыттарын кытта бэрт чөкө сири булан, хас да кириэһилэнэн утуйан, олорон иккис күннэрин аһарбыттарын кэнниттэн хантан эрэ холуочук уолаттар кэлэн күүстэринэн кэпсэтэ, билсэ сатаан сүгүннээбэтэхтэрэ. Дьэ онно дии, ону барытын ыраах нөҥүө кириэһилэттэн көрө түспүт Ваня тиийэн кэлэн кыргыттары быыһаан ылбыта. Ол кэнниттэн Оля аттыттан арахпатаҕа. Авиапорт аһыллан, хаһан кинилэр көтөр уочараттара кэлиэр диэри, Олялыын сиэттиһэн баран арахсыбат, киһи үөрэ, таптыы көрөр паарата буола түспүттэрэ.

Оо, онно Оля дьоллоох да этэ! Түүн аайы уолугар өйөнөн эбэтэр түһэҕэр сонун тэлгээн баран, утуйан хаалара. Уол харыстыыр, таптыыр илиитин сылааһа хас эмэ халыҥ таҥас нөҥүө кыыс этин-хаанын угуттуура, сүрэҕин-быарын сылаанньытара. Бүтэһигэр, иккиэн даҕаны рейстэрэ көтөрүгэр-көппөтүгэр улаханнык кыһаллыбат дьон буолбуттара. Күнүс таһырдьа тахсан, салгын сиэн хаамсаллара, Гагарин аатынан кулууп иннинээҕи сквери сөбүлээн күүлэйдииллэрэ, биирдэ киирэн «Лайнер» рестораҥҥа эбиэттээбиттэрэ.

Биирдэ оннук хаамса сырыттахтарына хап-халыҥ хаар түһэн кыыдамнаан барбыта. Дьэ чахчы ып-ыраас, мап– маҕан, ньуолах хаар түһэр нуһараҥа эдэрдэр сүрэхтэригэр таптал ырыатын матыыптарынан доҕуһуолламмыт курдуга. Ол кэмҥэ «Полет» маҕаһыыны кэккэлэһэ турар биэс этээстээх ханнык эрэ дьиэлэр түннүктэриттэн силигин ситэрэн, туомун толорон диэбит курдук «Снег кружится заметает, заметает все, что было до тебя…» диэн ырыа тыллара кутулла түспүттэрэ. Эмиэ ханнык эрэ иэйиинэн толору сүрэхтээх киһи хаар үҥкүүтүн кытта ханыылаһар ылбаҕай ырыаны холбоммута быһыылааҕа. Ол таптал хаарын туһунан ырыа кинилэргэ анаммыт курдуга. Ваня Оля бэргэһэтиттэн хаары тэбии-тэбии, «Мин эйигин таптыыбын, Оленька…» диэбитэ, күүскэ да күүскэ хам кууһан ылбыта.

Бу сыллар тухары Ольга «Полет» маҕаһыын диэки сырыттаҕына ол түгэни, куоппут тапталын курустук долгуйа ахтан-санаан кэлээччи. Хомойуох иһин, хайдах билсибиттэрин курдук, түргэнник арахсыбыттара. Элбэҕи быһаарсыбакка. Ваня биир лоскуй кумааҕыга ыыппыт суругунан бүппүттэрин өйдөтөн соһуппута…

* * *

– Ангелина, ол аата киһиҥ кэлбэппин диир дуо? – Луиза кийииттээх уола бүгүн көрсөн кэпсэппиттэрин соһуйа иһиттэ.

Киэһэ кийиитэ хайдах сирэйдээх-харахтаах киирэн иһэрин көрөн, туох да үчүгэйи түстээбэт кэпсэтии буолбутун сэрэйбитэ. Ангелина соччо саҥарыан да баҕараахтаабат быһыылаах. Луиза тэһийбэтин-тулуйбатын көрөн эрэ, аҕыйах тылынан ыалы холбуур кэпсэтии буолбатаҕын быһаарбыта.

– Буруйун билинэр үһү. Ол эрээри, биһигиттэн арахсар. Уолаттарыгар алимент төлүүр үһү. Ол дьахтары кытта булсубута ырааппыт эбит.

– Өйүн баайбыттар эбит. Билигин тугу баҕар гыналлар дииллэр, ол дьахтар аһылыгар дуу, арыгытыгар дуу тугу эрэ кутан булкуйда ини. Ханна барыай, сотору үүрүллэн, атах сыгынньах түҥ-таҥ үктэнэн кэлиэҕэ. Ангелина, тоойуом, этэргэ дылы, буолуох буолбутун хайыахпытый, уоскуйа сатаа. Бэйэҥ доруобуйаҥ, оҕолоруҥ тустарыгар. Үйэ саас тухары үгүс дьахтар олоҕор баар буолар кыһалҕа. Өйө хамныы түһэн баран төннүөҕэ, көрөөр эрэ… – Луиза кийиитин көхсүн имэрийбэхтээтэ.

– Ийээ, мин бу ыйы бүтэрэн баран тыаҕа, дьоммор тахсыам. Ыаллыы дэриэбинэҕэ педиатр миэстэтэ тахсыбыт. Балтым оҕо саадын сэбиэдиссэйин кытта уолаттарга миэстэ туһунан кэпсэтиэх буолар.

– Кэбиһиий, Ангелина, мантан, биһигиттэн барар туһунан олох санаама. Хайдах эһигини ыыталаан баран, холкутук олоруохпунуй? Олох күн аайы аттыбар, хараҕым далыгар сылдьыаххытын баҕарабын. Акаарытыйбыт аҕаҕыт кэллин-кэлбэтин, сиэннэрим сыысчааннарын ханна тэйитэлээн кэбиһиэмий. Суулаһан олоруох, аны итинник саҥарыма, – Луиза, кийиитин баттаҕын имэрийэ-имэрийэ, аттыгар олорунан кэбистэ.

Иван Данилович санаата ороһуйбутун Луизаҕа биллэрбэт буола сатаан, киэһэ хостон быкпата даҕаны. Бэйэтэ бэйэтин сааһыланан утуйа сатыыр да, уута кэлэн бэрт. Ити дьахталлар көрөр араас сюжеттаах сериалларын көстүүтэ кини дьиэтигэр илэ киирэн кэллэ буолбаат. Луиза балтын олоҕо итинник салаллыбытыгар, соҕотох буолан пансионакка киирбитигэр буруйдаах бу кини олорорун хантан билиэ баарай! Ити аата, Оля кини олоҕор Иван баар буола сылдьыбытын хаһан да быктарбатах быһыылаах.

Таптаабыта Оляны, кырдьык, күүскэ, дьиҥнээхтик. Дьокуускай пордун вокзалыгар хаайтаран олорон соһуччу көрсүбүтэ. Хоп-хойуу суһуохтарын мөлбөччү өрүммүт, ымыы курдук кып-кыһыл имнээх, кыламаннарын аргыый хамсатан, мэлдьи ыйытардыы көрбүт таас кокуукка курдук кыысчааны көрөөт сөбүлээбитэ. Дьоллоох күннэри атаарбыттара. Үөрэнэр куоратыгар кэлиэҕиттэн кинини таптаан иэдэйбит устудьуоҥка Катя кыыс мөссүөнэ санаатын улаҕатыгар түспүтэ. Кыһыҥҥы сынньалаҥтан кэлэригэр өйүнэн-санаатынан, эт сүрэҕинэн Оляҕа эрэ тардыһар буолбут Ваняны анараа куорат авиапордугар Катя көрсөн, «Ванюшка-а!» диэбитинэн моонньугар ыйааста түспүтэ. Дьокуускайга сайыһан, икки хараҕын уутунан сууна хаалбыт Оля уонна көрөөт сөбүлээн сүрэҕин туттарбыт Ваня уол ахтыһар, таптаһар сүрэхтэрин холбуур, ситимниир далаһанан суруктар буолбуттара. Саас буолбута, киин куоракка үөрэнэр саха устудьуоннара ол дойду кэрэ айылҕалаах күөлүн үрдүгэр балаакка куораты оҥостон көрү-нары көҕүлүттэн тарпыттара. Ванялааҕы, юридическай уолаттарын, медик кыргыттар бөлөхтөрө ыалдьыттата ыҥырбыттара. Күөх дуолга көччүйэ тахсыбыт эдэрдэр уһун түүнү быһа көрүлээбиттэрэ, хаһан да эдэрдэр эйгэлэригэр буоларын курдук, түүҥҥү кутаа суоһугар, гитара матыыптарыныын алтыһа баара эдэрдэр билсиһиилэрэ, соһуччу көрсүһүүлэрэ, букатыннаахтык арахсыылара, сыһыаннарын быһаарсыылара. Катя Ваняны ханна да ыыппаттыы илиититтэн сиэтэ сылдьара… Ол түүн дьылҕалара быһаарылыннаҕа. Дайаана төрүүр ыйааҕар. Акаары да эбит: Катяҕа кырдьыгынан атын кыыһы таптаабытын этэ охсубатаҕын! Бэйэтиттэн кэлэйэн төбөтүн кырбаммытын иһин, туох быыһыа-абырыа баарай.

Ольгалыын эрдэттэн болдьоспуттарынан сайын куоракка көрсүбүттэрэ. Үс дьоллоох, бүтэһик күннэрин атаарбыттара. Ваня Намҥа күтүөт быһыытынан көстүбүт, аны күһүҥҥү сыбаайба күнэ-дьыла ыйыллыбыт кэмэ этэ. Тапталтан тырымныы мичилийбит, сүрэҕэ нарын иэйииттэн дьолломмут Оля уола саҥата суох буолан хааларын, сотору-сотору үөһэ тыынан ыларын, туох эрэ санааҕа ыктарбыт курдук буолан ыларын өйдөөн көрбөт этэ… Оттон уол кыыс иннигэр буруйдаах турарын, бүтэһик көрсүһүүлэрэ буоларын этэр күүһү кыайан булумматаҕа…

* * *

Максим бу күннэргэ хаста да ийэтигэр кэлэн көстөн барда. Луиза Никитична этэ-тыына, өйдөтө сатаата, кыһыытыттан-абатыттан хайдах сатыырынан үлтү мөҕөн көрдө даҕаны, киһитэ маска эппит курдук. «Буруйдаахпын, ийээ. Ол эрээри, бэйэм да билбэккэ сылдьан Зояны таптаан кэбиспиппин. Дьиҥинэн, манныкка тиийиэм дии санаабатаҕым. Уолаттарбын хаһан да быраҕыам суоҕа, дьоммун хайдах дьиэлиир туһунан толкуйдуом» диэннээх. Кини ол «Волна» диэн сауналаах дьахтар икки этээстээх дьиэтигэр олорор үһү. Огдообо үһү. Суох буолбут кэргэнэ баай-тот олоҕу, нэһилиэстибэни хаалларан барбыт дьахтара быһыылаах. Луиза Ангелиналыын итэҕэйбэттэр, сотору үүрүллэрэ буолуо диэн сэрэйэллэр.

– Ангелина, онно-манна сылдьан сэргэхсийэн кэлиэххин. Саҥа киинэ эҥин бөҕө тахсар быһыылаах дии. Дьүөгэлэргэр ыалдьыттаа. Бэйэҕин харыстаныаҥ этэ, түөрт истиэнэҕэ хаайтаран олорон санааҕа-онооҕо эрийтэрэр манан дьыала буолбатах, – Луиза кийиитэ куукунаҕа уу иһээри киирбитигэр этиэх буолбут санаатын эттэ.

– Ээ, киэһэ үлтү сылайан хаалабын. Дьиэбэр кэлбитим ордук. Ити оҕолор боппуруостарыгар сымыйанан эппиэттиирбиттэн сылайаары гынным. Хаһааҥҥа диэри «сэриигэ барбыта» диэбит курдук, онно суоҕу этэрим буолла, – Ангелина куукуна түннүгэр баран турда.

– Оҕолор арыый кыралар, инньэ диэн эрэр буоллахпыт. Күүтэ түһүөххэ… Ангелина, арай Максим эргиллэр түбэлтэтигэр бырастыы гыныаҥ дуу? – Луиза сибигинэйэн кэриэтэ ыйытта.

– Ээ билбэтим, – Ангелина, ыган кэлбит хараҕын уутун кыаммакка, ытаан сыҥсыйа-сыҥсыйа, уулаах ыстакаанын илдьэ хоһун диэки тиэтэйдэ.

Оо дьэ, уоскуттаҕа буола олорон, ону-маны ыйытаммын. Дьэ оннук, алдьаммыт сыһыан силимнэнэрэ саарбах. Максим дьахтарыттан үүрүллэн кэллэҕинэ, майгыта өссө уларыйыа, алдьаныа. Ол чуолкай. Ангелина төһөлөөх хомойон, кэлэйэн сылдьаахтыыра буолуой, ылла даҕаны, тоҕо бырастыы гыныаҕай? Өссө Максим синиттэн тахсан, «ийээ, биһиэхэ бара сылдьыбаккын дуо? Зоя эйигин кытта билсиэн баҕарар» диэтэҕэ үһү. Дьэ суох ини, кийииппинэн, кыыһым кэриэтэ Ангелинам эрэ буола туруоҕа! Оҕолор, уолаттар бааллар ээ, хайдах аҕата суох улаатыахтарай! Оо, акаары да эбит Максим! Ити хайдах итинник уолу иитэн таһаарбыт бэйэбитий Дьаакып биһикки! Уол оҕо аҕатын холобурун көрөн улаатар дииллэр дии. Ама аҕата оннук үтүө холобуру көрдөрбөтөҕө кэлиэ дуо? Дьаакып үлэһитинэн, майгытынан-сигилитинэн хайҕалга эрэ сылдьыбыт дьоһун киһи этэ буоллаҕа!

Саатар, кыыһым эмиэ санааҕа-онооҕо түһэрэр буоллаҕа үһү. Ангелинаҕа кэпсииринэн, биир сылга оскуоланы бүтэрбит выпускниктар түмсүүлэригэр туох эрэ салайааччылара буолбут үһү. Ол мунньаҕа, көрсүһүүтэ бүппэт быһыылаах. Аркадий кыыһын бэйэтэ бэрийээхтиир.

Иван Данилович бу күннэргэ бэйэтин туох эрэ үспүйүөн курдук санана сылдьар. Ымсыырбыт харахтарынан Луизатын суотабай төлөпүөнүн диэки көрөр. Ольга төлөпүөнүн нүөмэрин билиэн баҕарар. Луиза төлөпүөнүн хаалларан баран тэйэ түһэрэ буоллар, түргэнник булан ылыа эбитэ дуу… Туох диэн суруна сылдьара эмиэ биллибэт ээ. Хайаан да Ольганан суруллубатаҕы була охсубат.

– Хайа, Иван, тоҕо баттаххын имэринэ олордуҥ? Сарсын тыйаатырбыт кассатыгар бара сылдьыах эрэ. Премьераҕа билиэт ылыах буолбуппут дии, – Луиза оронугар олорор Иван Данилович аттыгар олордо, төбөтүн санныгар уурда.

– Ээ, сарсын бара сылдьыахпыт. Санаа-оноо буолан сылаарҕаан да эрэҕин быһыылаах, – Иван Данилович Луизатын саннын имэрийбэхтиир.

– Ангелинаҕа эмиэ этэ сатаатым, онно-манна сырыт диэн. Бүтэһигэр ону-маны ыйытааччы буолан кыыспын ытаттым.

– Оо дьэ. Киэһэ соҕотоҕун ханна барыаҕай? Тыйаатырга кийииккин илдьэ бараҕын дуу? Мин боотурдарбын кытта хаалыам, – Иван Данилович күллэ.

– Эмиэ да сөпкө этэҕин ээ, оннук буолуон сөп эбит. Билиэт ыллахпытына, миигин кытта барсыаҕа, – Луиза үөрэ түстэ.

* * *

– Улаханнык соһуттум дуу, Дуся кэпсээмминэн? – Ольга Евдокиятыгар бу күннэргэ олоҕор тахсан хаалбыт соһуччу түгэн туһунан сэһэргээн дьукааҕын улаханнык соһутан, сэргэхситэн да олорор.

– Дьэ, этэргэ дылы, олоро түһүөхпэр диэри соһуттуҥ. Бу күннэргэ бэйэҥ да уларыйбытыҥ көстөр, олоххор саҥа сүүрээн киирбитэ мөссүөҥҥэр баар. Наһаа үчүгэ-эй! – Евдокия манньыйбыттыы, сыҥаах баттанан кэбистэ.

– Ээ, туох саҥа сүүрээнэ буоллаҕай. Былыргы эргиллэн аастаҕа дии. Дьэ, ол эрээри, олус да сөҕөбүн, аата миэнэ буолан баран, бииргэ төрөөбүт эдьиийбин кытта көрсөр ээ! Атын да дьахтар буолуон сөп этэ дии. Киинэ диэн сымыйа, – Ольга, кырдьык, ис сүрэҕиттэн бэркиһээн төбөтүн быһа илгистэр.

– Көрсөн хайдах эрэ кэпсэтиэ эбиккит дии, – Дуся сэрэнэ соҕус аргыый саҥарда.

– Эс, билигин кэлэн тугу кэпсэтиэхпитий! Суох ини… Эдьиийбиттэн кистээн диэ. Санаан көрүүй, биһиги түбэлтэбитигэр кини, мин да аһыллар кыахпыт суох. Эдьиийим саҥа оҥостубут олоҕор мэһэй буолан эрэр курдукпун. Манныкка түбэһиэм эрэ дии санаабатаҕым, – Ольга үөһэ тыынна.

– Мин санаабар, көрсөн кэпсэтиэ этигит. Дьээдьэҥ ол туһунан эмиэ толкуйдуур буолуохтаах.

– Дьэ билбэтим, туох туһунан толкуйдуур тойон эбитэ буолла. Инньэ диэтэҕинэ даҕаны көрсүөм суоҕа. Өссө билигин кэлэн икки сиринэн сүүрэкэлиэ дуо? Өссө эдьиийбиттэн уоран… – Ольга сыттыгын кууһан баран, утуйардыы улаҕа диэки хайыһан кэбистэ.

Евдокия кэпсэтии бүппүтүн өйдөөтө быһыылаах, саҥата суох хаалла.

Оля ол сайын Ванятын кытта көрсөн баран, тугу да сэрэйбэккэ, тапталтан туймаарыйбыт дьоллоох кыыс хаалбыта. Аны сайын, Оля үөрэҕин бүтэрдэ даҕаны, ыал буолалларын хараҕар оҥорон көрбүтэ. Уола кэнники көрсүһүүтүгэр ол туһунан тугу да саҥарбатаҕыттан саарыыр, толкуйдуур эҥин диэн мэлигир эбит. Ыраах, түһээн да баттаппатах, ол эрээри өрүү көрүөн, сылдьыан баҕарар дьүкээбиллээх халлааннаах хоту сирин кийиитэ буолан эрэриттэн муҥура суох үөрэрэ. Биирдэ кинини атахтара сыбаайбаҕа бэлэмнэнээччилэр «Счастье» маҕаһыыннарыгар аҕалбыттара. Атыыһыт кыргыттар киирэн истэҕинэ, аантан тохтото сыспыттара, «Кыысчаан, Загсаттан ыспыраапкалааххын дуо?» – диэн ыйыппыттара. «Суох ээ», – диэн мух-мах бара турар кыыһы аһыммыттара быһыылааҕа, «чэ, киирэн көр» диэбиттэрэ. Оо, онно икки чааһы быһа остуоруйа дойдутугар сылдьар курдук сананан, былаачыйа, фата бөҕөтүн көрбүтэ, сыымайдаабыта. Гипюртан тигиллибит маҥан куруһуба хаймыылаах былаачыйаны олох сөбүлээн кэбиспитэ, кэтэн көрбүтэ, анаммыт курдук олороро. Аны кини эрдэттэн ыра санаалааҕа. Сыбаайбатыгар фата оннугар сэлээппэ кэтиэн баҕарара. Маҕаһыын үрдүнэн биир эрэ сэлээппэ баара, кэтэн көрбүтэ, киниэхэ анаммыт курдуга. «Девочка-а, как тебе все идет! Давай, возьмите справку из Загса, приходите. А шляпка-то у нас последняя», – дии-дии, атыыһыт кыргыттар Оляны сиэркилэ иннигэр эргичиҥнэтии бөҕө буолтара. Оля «Счастье» маҕаһыынтан кынаттаах кэриэтэ чэпчээн, үөрэн-көтөн тахсыбыта. Маҕаһыыҥҥа да туран саныы турбут дьүөгэтигэр Наинаҕа тиийэ охсорго ыксаабыта. Үнүр аҕай кинилэртэн биир курс үөһэ үөрэнэр кыыс сыбаайбалаабытыгар кыргыттар Загс, сыбаайба таҥаһын туһунан кэпсэтии бөҕө буолтара. Онно Наина Загсаҕа үлэлиир эдьиийдээҕин туһунан кэпсээбитэ. Оля таптыыр уоллааҕын, сотору ыал буолуохтааҕын Наина билэрэ. Ис сүрэҕиттэн кыһаллан туран эдьиийигэр тиийэн кэпсэтэн, Загсаттан ыспыраапка ылбыттара, өссө маҕаһыын атыыһыттарын кытта кэпсэтиэх буолбуттара. Иккиэн баран атыыласпыттара.

Ольга сайыҥҥы сынньалаҥар Үөттээххэ барарыгар былаачыйатын кичэллээхтик суулаан, чымадаанын түгэҕэр кистээн, сэлээппэтин анал хоруопкаҕа уган илдьэ барбыта. Арай Ванята сайыҥҥы көрсүһүүлэрин кэнниттэн биирдэ эрэ суруйан баран, сүтэн хаалбыта. Оля күүтэ сатаан баран айманан, уолугар хаста да төлөпүөнүнэн кэпсэтии сакаастаан көрбүтэ да, киһитэ кэлбэтэҕэ… Дьэ онтон дии аҕыйах тыллаах, быраһаайдаһар бүтэһик суруга кэлбитэ… «Оленька, эн биһикки букатыннаахтык арахсарбытыгар тиийдибит. Ыал буолан эрэбин. Бырастыы гын…».

Ол сайын ыарахан да күннэри аһарбыта… Сотору-сотору бу маннык сыттыгар умса түһэ сытан ытаан тахсара. Ийэтэ барахсан көрө сатаан баран ыйыппытыгар, кэпсээн биэрбитэ.

– Чэ, уоскуйа сатаа, чыычаах. Өссө да эдэргин эбээт, оннооҕор буолуох Баанньалар кэлиэхтэрэ дии санаабаккын дуо? – дии-дии, ийэтэ кыыһын уоскута сатаабыта.

– С-суох, итиэннэ кэлбэттэр, – диэн баран, Оля улаҕа хайыспыта.

* * *

Киэһээҥҥи аһылык кэнниттэн Ольгалаах Евдокия фойеҕа олоро түһэллэр. Утуйуохтарын иннигэр хосторун сөрүүкэтээри.

– Кыргыттаар, эһиги аттыгытыгар олоро түһэбин дуо? Мин оҕом саастыы дьон быһыылааххыт ээ, – аҥаар атаҕын соһон хаамар кырдьаҕас эмээхсин кэлэн торуоскатынан устуулу ыйбахтыы турда.

– Олор, олор. Биһиги да наһаа кыргыттар буолбатахпыт, доҕоор. Эн түгэх хоско олороҕун дии? – Евдокия аттыгар турар олоппоһу бэттэх тардан биэрдэ.

– Онно-онно. Ити чүөчэлэрим туох эрэ абааһы сериалларын көрөллөр, онтон түүнү быһа онтуларын ырытыһан утуппаттар. Күл да күл, бэчиэнньэлэрин, хампыаттарын хаҕа хачыгыраан олорор. Уум көтөн хаалар, дьэ эмиэ эрэй. Дьиҥэр, манна куруорт олоҕо буоллаҕа дии.

– Аатыҥ ким этэй, манна куораттан киирбитиҥ да?

– Федора Степановнабын. Ити биир чүөчэбит Кларабыт саатар манна киирэн эргэ бара сатыыр айдааннаах. Ханнык эрэ киһи кэлэрин-барарын манаан суугунаһан тахсаллар, – Федора истэр дьону булан тыынын таһаарарга, мөҥүттэргэ сананна.

Евдокиялаах Ольга бэйэ-бэйэлэрин көрсөн кэбистилэр. Били Трофим Егоровиһы интэриэһиргээбит Клара эбит.

– Ээ, ол киһитэ сакалаат биэрэрэ буолуо. Түүннэри ону сиэн хачыгыратан эрдэхтэрэ, – Евдокия дьээбэлэнэр.

– Биһиэхэ ол иһин сакалаат кэлбэт эбит диэ, – Ольга күллэ.

– Ээ ким билэр, дьээдьэ сакалаат биэрдэ дии иликтэр. Билигин кэлэн кэргэннэнэ сатаатаҕай, чуумпутук олорбокко. Эмиэ даҕаны мин оҕобор Сибиэтиккэҕэ майгылыыр. Мин кыыһым эмиэ биэс уон биэс сааһыгар үктэниэр диэри кэргэн тахса сатыыр да, биир да киһилии киһи киирбэт. Кини кэргэннэннэҕин аайы куукунаҕа көһөн олоро, утуйа сатаан баран, олох да омук күтүөппүттэн абааһы көрүллэн манна киирбитим. Оҕонньорум барахсан учууталлар кэпэрэтииптэригэр киирэн ылбыт кыбартыырата этэ. Биир хостооххо эрэ тиксибиппит, саатар. Кыыспыт туспа барыа диэн санаалаах этибит. Онтубут ханна баарый… Үчүгэй киһиэхэ түбэһэн, кэргэннээх, доҕордоох хаалара буоллар, мин даҕаны анараа дойдуга холкутук айанныам этэ. Акаары эмээхсин, дьэ күтүөтүҥ диэн аҕаллаҕын аайы сэгэччи үөрэн көрсөбүн, дьэ онтуларым араас нүөмэрдэри көрдөрөн барбаттар дуо? Биирдэ хаайыылаах кэлэн ааспыта, итириксит да баара. Хараҕым ортотугар оҕобун сынньаллар эҥин. Биир таджик киһитэ икки-үс сыл син үчүгэйдик олорсон иһэн дойдутугар баран хаалбыта. Дойдутугар ойохтоох эбит, биһиги таах солбуйааччылар буолбуппут. Онтум эрэ сыһыана миэхэ үчүгэй этэ, дьаабылыка, груша сымнаҕаһын аҕалан аһатан-сиэтэн. Сороҕор өссө кыыспыттан кини көмүскүөх курдук буолуталыыра. Оҕом эдэр сылдьан табаарыс уоллаах этэ. Онто Өлүөнэ эбэҕэ балыктыы сылдьан, мотуордаах тыылара түҥнэстэн, суорума суолламмыта. Ол кэнниттэн табыллыбата. Саатар, ол уолуттан оҕо үөскээбитэ, аҕыс ыйдаах итэҕэс төрөөн баран, төннөн хаалта. Оҕобун ол иһин аһынабы-ын, – Дора Степановна куолаһа кэһиэҕирэн ытыахча буолбута.

– Чэ, барыах, Евдокия. Хоспут наһаа сөрүүдүйэн хаалыа, – Ольга үөһэ тыынан баран, хоһун диэки хаама турда.

* * *

Иван Данилович бүгүн дьэ сыалын толорон, Луизата ваннаҕа дуустана киирбитин кэнниттэн, Ольга төлөпүөнүн устан ылла. Хата, элбэх эрэйэ суох булла. «Ольга балтым» диэн сурулла сылдьар эбит. Бэйэтэ бэйэтиттэн сонньуйа, толло да санаатар, хайыаҕай, Ольганы кытта көрсөн кэпсэтиэн ыраланар баҕата баһыйда. Дьэ, ол эрээри, анараа киһи хайдах ылынарыттан салла саныыр. Эмиэ дэлби соһуйан хаалан баран сылдьаахтаатаҕа. Суруйан баран, кэтэһэ сылдьар. Күөх бэлиэ таҕыста, көрдө эрээри, эппиэт илик. Тута суруйан сырылатарыгар эрэл эмиэ суох.

Ольга улаханнык уларыйбатах, сааска баттаппатах көрүҥнээх. Олоҕун оҥостубатаҕа хомолтолоох эбит. Саатар оҕоломмотох. Онно барытыгар буруйдаах бу мин буолуохпун эмиэ сөп. Иван Данилович баттаҕын имэринэн ылла. Ол сайын, дьылҕата быһаарыллан баран, эрдэттэн болдьоспут эрэ буолан Олялыын көрсүбүтэ. Кыыһа тугу да сэрэйээхтээбэтэҕэ, тэбэнэттээхтик күлэ-күлэ, биир кэм эргичиҥнии, күлэ-үөрэ сылдьар киһитигэр туох да диэн кырдьыгы этиэн билбэтэҕэ. Ааспыкка манна көрсүһэллэригэр Оляҕа харахтарын ол кыымнарын арай булан көрбөтөҕө. Улаханнык соһуйбут, кэлэйбит харахтарынан тобулута көрбүтүгэр барыах-кэлиэх сирин билбэккэ булумахтаммыта. Луиза баар ээ өссө, түһээн да баттаппакка эмиэ сылдьаахтыыр. Киһитэ уһун күнү быһа тугу эрэ саныы-саныы, дириҥник үөһэ тыынан ыларын өйдөөн көрбөт. Кыһалҕата элбэх. Дьэ, киһи сатаан санаабат балаһыанньата үөскээтэ. Мантан салҕыы хайдах буолуох бэйэлэрэй?! Луизаҕа хайдах кырдьыгы этиэхтэрэй? Ол туһунан Ольгалыын сүбэлэһиэх тустаахтар. Иван Данилович, бэйэтигэр билинээхтиир, олох отуора алдьанна, дьиэтигэр тэһийбэт да буолан барда. Дойдутун ахтыбытын, ыраас салгыҥҥа, киэҥ дуолга тиийэн санаатын сааһыланыан баҕарарын өссө күүскэ өйдөөтө. Аата ити «Көмүс күһүнтэн» сэргии көрбүт киһитэ Луиза, суос-соҕотох күүскэ таптаабыт кыыһын бииргэ төрөөбүт балта буолан хаалара тугун да дьиибэтэй?! Арааһа, дьылҕа хаан кинилэргэ бүтэһик көрсүһүүнү, таптал кубатын тиһэх хаһыытын иһитиннэрэргэ анаабыт. Арай… Арай Ольга кинини кытта хоту барыстын! Иван Данилович оронуттан туран сис туттан баран, төттөрү-таары хаамыталаата.

– Иван, сиэним эрийэ сылдьыбыт, – Луиза дэлби ыксаабыт көрүҥнээх хоско киирэн кэллэ.

– Милана дуо? Оттон бэйэҥ эрийиий.

– Эрийэ сатыыбын, аны ылбат. Тоҕо эрийээхтээбитэй? – Луиза, тугу эрэ саҥара-саҥара, тахсан барда.

Иван Данилович хаһыатын ылла да, таах буукубалары эрэ көрөр курдук, ис хоһоонун таһааран аахпат эбит. Санаатыгар, төлөпүөнүн манаан тахсар.

– Иван, барсаҕын дуо миигин кытта? Милана «эбээ, кэлэ сылдьаҕын дуо?» диэн баран, ытаата. Оксанаҕа эрийэн көрдүм да, ылбата. Чэ, ыаллар хайдах эрэ буолбуттар, – дии-дии, таҥнан хачыгырайан барда.

– Барсыам, Луиза. Таһырдьа халтырхай бөҕөтө буолбут, – Иван Данилович түргэн үлүгэрдик хомунан барда.

* * *

Луиза Никитична салҕалас буолуор диэри ыксаан, ыгылыйан олорор. Арай тиийбиттэрэ, сиэнэ дьиэтигэр соҕотох олорор. Эбээтэ аах киирбиттэригэр кууһа түһэн баран, ытаан санна ыгдаҥалаан барда. Билигин ыаллара үлэлэригэр сылдьар кэмнэрэ эрээри, сэрэйбит курдук, ыаллара ыһыллан баран олороллор эбит. Кыыс «аҕабын кытта олоробун, ийэм атын дьээдьэҕэ барбыта…» диэбитигэр, эбээлээх эһээ соһуйан олоро түһэ сыстылар.

Луиза Оксанаҕа эрийэ сатаата да, ылбат. Аркадийга эрийбитигэр, чочумча эппиэттээбэккэ гынан баран, көтөхтө.

– Хайа, Аркадий, өйдөөбөтүбүт дии, туох буоллугут?

– Ээ, Оксана барбыта. Бэйэтэ эрийдэ дуо? – Аркадий саҥата иһиттэн нэһиилэ тахсар курдук.

– Оок-сиэ, чахчы даҕаны, бары киинэ дьонун курдук буолбут ыалларгытый, доҕоор! Бу оҕобут ыҥырбытыгар Иван Даниловичтыын эһиэхэ кэлэн олоробут.

– Милана дьиэтигэр баар да? – Аркадий соһуйан, куолаһа дьэ арыый чөллөрүйдэ.

– Бу олорор, биһиэхэ эрийбитигэр кэллибит ээ.

– Ол аата, ийэтэ аҕалан хааллардаҕа, үс хонуктааҕыта көһөрөн илдьэ барбыта ээ, саҥа дьиэтигэр.

– Өссө диэ. Аркадий, илдьэ барабыт кыыһы. Эн киэһэ биһиэхэ кэлээр, – Луиза Никитична бу дьонун эмиэ бэйэтин кытта олортоҕуна сатанарын быһааран олорор.

Иван Данилович диэки көрбүтүгэр, киһитэ «кэҕис» гынаахтаата.

– Мин таҥаһым үксэ онно хаалбыта. Дьээдьэ Руслан дьиэтигэр. Миэхэ онно туспа хос оҥорбуттара эрээри, онно олоруохпун баҕарбаппын. Аҕабыныын дьиэбэр олоруом. Эһиэхэ барсыам билигин, – Милана барахсан мытырыйан бөп-бөкүнүк илиилэринэн онтун-мантын хомунан үрүсээгин сыыһыгар хаалыы олордо.

Дьиэлэрэ ыһыллыбыт-тоҕуллубут ахан. Ыал ийэтэ тахсан барбыт дьиэтэ аанньа буолуо дуо… Оксана хаһаайка быһыытынан баҕас, ылыстаҕына тутан-хабан, бүтэрэн-оһорон, ырааһа, туттара түргэнэ дьикти буолааччы. Оо, эмиэ акаары да дьахтар баар буолар эбит! Ийэтэ хайыа баарай, чыпчырына-чыпчырына, иһигэр үөхсэн эрэ көрөөхтөөтө. Сүрэҕэр хаһан да хамсыа суох сымара таас сытыммытын курдук буолан олороохтоото.

Киэһэ Аркадий кэлэн киэһээҥҥи аһылыгы асаһан баран, дьиэлээри гыммытын Луиза Никитична тохтотто. Хайыаҕай, Иван Даниловичтыын эрдэ сүбэлэспиттэрэ. Күтүөттэригэр «ити кураанах турар саалаҕа кыыскын кытта олоруҥ» диэн эппиттэригэр кэтэмэҕэйдээн баран, хаалаахтаата. Милана туох иһин ийэм аахха барбаппын дии-дии ытыыр, аҕатын моонньугар иилистэ сылдьаахтыыр. Аҕатыныын көрсөн дьэ сэргэхсийэн, күлэн-оонньоон чаҕаарыы бөҕө буолла. Уолаттар эмиэ эдьиийдэрэ кэлэн өрө-таҥнары сырсан, мэниктээн биэрдилэр. Милана бэйэтин сааһыгар наһаа эттээх, ыйааһыннаах даҕаны, эт лахса буолан, мытырыйан олорор. Күллэҕинэ, харахтара да көстүбэттэр. Ангелина анаалыс эҥин биэрэн, көрдөрүөхтэрин, сааһыгар сөбө суох уойара куһаҕан диэн эрэрэ. Ону гыныыһы дуо, убайыттан аҕыйах хонук хаалан, ити буолан хаалан турдаҕа дии ийэкэбит!

Луиза дьоннорун сытыартаан баран, иһит сууйаары кэлбитэ, кийиитэ сууйан бүтэрэн эрэр.

– Эрийэн көрдүҥ дуо, ити дьон ийэлэригэр? – Луиза аптечкатын арыйан туох эмтээҕин көрүннэ.

Бу түүн утуйара эмиэ саарбах быһыылаах.

– Эрийдим. Сарсын кыыһын таҥаһын манна аҕалыах буолла. Ити оскуоланы биир сылга бүтэрбиттэр көрсүһүүлэриттэн саҕаламмыт дьыала эбит. Биирдэ кэпсээбитигэр эппитим ээ, наһаа үлүһүйэн эрэҕин диэн. Үөлээннээхтэр түмсэн, этэллэрин курдук, араас социальнай бырайыактарга үлэлэһэллэрэ үчүгэй. Кинилэр атын өттүнэн халыйбыттар. Өрөспүүбүлүкэ таһымынан саҕаламмыта дии. Ол киһитэ ойоҕуттан арахсан кэлэн Оксаналыын олорор. Тэрилтэлээх, кыахтаах киһи быһыылаах. Үс хостоох дьиэни арендалаабыт үһү. Хаһан эрэ дьоммут кэпсэтэллэрин истибитим. Арааһы бары толкуйдуу-толкуйдуу, көрсөллөр, бырааһынньыктыыллар, таайдахха, ол бөлөх улахан аҥаара соҕотох дьахталлар диэбиттэрэ. Ыал бөҕө арахсар ини дэспиттэрэ. Оруобуна биһиги Оксанабытын таарыйбыта тугун сүрэй. Биһиги кыыспыт онно салайааччыбын дэнэр этэ дии.

– Били биирдэ түүн холуочук кэлэн сүрэхпин хайыппыта… Итинник сылдьыбыта ырааппыт эбит. Ангелина-аа, Дьаакып биһикки оҕолорбутун хайдах иитэммит, манныкка тиийдибит ээ, – Луиза тылын анныгар валидол уктан баран, уоскуйа сатыы олордо.

* * *

– Отуттан тахса сыл анараа өттүгэр, сааһыран баран, алта уоннарын ааспыт дьон маннык балаһыанньаҕа көрсүөххүт диэбиттэрэ буоллар итэҕэйбэппит ээ. Этэбин дии, Үөһэттэн анаммыт көрсүһүү. Эн этэриҥ курдук, бу үйэҕэ көрсүбэтэх дьон, икки аҥыы сылдьан олорон бүтүөхпүтүн сөбө, – Иван Данилович Ольга илиитин көхсүн имэрийэн ылбыта.

– Бээ, эн көнөтүк, дьоһуннаахтык олор, Иван. Таах сибиэ манна кэлэргин көҥүллээммин дии олоробун. Дьонум наһаа өрө-таҥнары хаамсан эрэллэр, сорохтор бу манан иккилиитэ-үстүүтэ аастылар, – Ольга төбөтүн быһа илгиһиннэ, күллэ.

– Оттон буолумматаҕыҥ дии куоракка ханна эрэ көрсүөҕү. Эмиэ да сөп.

– Иван, итиэннэ көрсүбэппит, суруйума-хайаама. Туох да кэскилэ суох дьыаланы эппитим курдук, тохтотуохха. Былыргыны халыҥ былыт саптаҕа, аны кэлэн кыыстаах уол курдук көрсө олордохпутуй. Ситэ этиллибэккэ хаалбыты кэпсэттибит, онон бүттэҕэ. Билигин кэлэн ол отут сыл анараа өттүнээҕини ороон, ким туох буруйдааҕын аахсан туох туһата кэлиэй? Чэ, дьиэҕэр бар, күтүө. Эдьиийим сүтэрбитэ буолуо, – Ольга күлэ-күлэ, дьыбаантан туран хоһун диэки хаама турда.

– Оля-аа, – Иван Данилович кинини ойон туран барыа дии саныы олорботох буолан, соһуйан эрэ хаалла.

Ольга Никитична хоһугар киирбитэ, Евдокията күүтэн ахан олорор.

– Доо, дьэ дьахтар аймаҕы долгутуох ис киирбэх дьээдьэ дии! Наһаа да бэйэ-бэйэҕитигэр барсыах кыраһыабай паараларгыт! – Евдокия сэргэхсийбит, үөрбүт-көппүт.

– Дьон хараҕын дьэ ааллыбыт быһыылаах. Акаарыбын дии, тоҕо эмиэ пансионакка кэл диэбиппиний. Тоҕо даҕаны кыыс оҕоҕо дылы көрсө олордомуй, өйүм бааллыбыта эчи сүрүн баҕаһын! Эн биһигини көрөөрү биирдэ эрэ аастыҥ, сорох сорохтор хастыыта да элэҥнэстилэр, – Ольга күллэ.

– «Сарыаллар» барахсаттар, күн сололоох дьон тугу гынарбыт баарай, билиэх-көрүөх баҕабыт улахана бөҕө.

– Баҕар, биир эбит киһи ыйыттаҕына, туох диэххиний, убайа кэлэн барда диэр. Былыргы тапталын кытта сибидээнньэлии олорор диэбэттэр ини. Син биир дьааххана саныы олордум, аны Иваны билэр дьон да баара буолуо диэн. Хотулар бааллар дии.

– Ээ чэ, силигин ситэрэн, оннукка түбэспэтэргит үчүгэй этэ. Хайа, доҕоор, туох диэн тыллааҕый-өстөөҕүй?

– Туох диэ баарай, ватсаапка тугу суруйсубуппут курдук кэпсэтии буолла. Саамай тиэрэ кэлэ түһэ сыспытым диэн, «аны сайын иккиэн мин дойдубар барыахха» диэтэҕэ үһү. Санаатын күүһүн көрүүй: миигин ыҥырдым да, барсыа диир да, ол аата?! Оттон эдьиийбиттэн кэргэнин уоран барар киһи буолбаппын дуо? Эр дьон санаатыгар, барыта чэпчэки, эдьиийбин быраҕан баран, хоту түһэр үһүбүт. Пьеса суруйуохха сөп дуу, – Ольга кыһыйа-абара санаабыта эмиэ күүскэ киирдэ.

– Бээ, тохтоо, уоскуй! Оо, мин эбитим буоллар, өссө да күһүн буолбатах диэн баран, бачча сыллар тухары сүтэрэ сылдьыбыт тапталлаахпын булан баран күрэһэбин! Ханна да буоллун! Дьон саҥарыа диэҕиҥ, наай гыннар биир ый кэпсэтэ, ырыта түһэн баран умнан кэбиһиэхтэрэ. Биирдэ кэлбит олоххор, суос-соҕотох таптаабыт киһигин кытта дьоллоно түһүүнү бэлэхтээриий бэйэҕэр! Кистээн, уоран диир буоллаххына, эдьиийгин кытта бүөмнээн кэпсэт ээ, – Евдокия олох сүбэлиирдии, тэринэн Ольга оронун таһыгар олорунан кэбистэ.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации