Электронная библиотека » Иван Андросов-Айанньыт » » онлайн чтение - страница 2


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 17:41


Автор книги: Иван Андросов-Айанньыт


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 12 страниц) [доступный отрывок для чтения: 3 страниц]

Шрифт:
- 100% +
3.

Адырыыс Боотур Дагдаҕардаах атаарбыт сирдэриттэн түүннэри айаннаан, Тоҕус Боотурдаах түөлбэлээн түспүт сирдэригэр нөҥүө күн киэһэтигэр тиийбитэ. Тоҕус Боотурдаах билэр киһилэрин көрөн үөрбүттэрэ. Түүн хойукка диэри Туоҕа Боотурдаах тустарынан, туматтары кытта кыргыһыыны, Хаан Илбис сүппүтүн туһунан кэпсээни истэн, бэркэ астынан утуйбуттара. Сарсыныгар Адырыыс Боотуру аарааҥҥа диэри атааран, сүүрүктээх үрэххэ диэри суолу ыйан арахсыбыттара.

Адырыыс айаннаабытын үһүс күнүгэр кыра сыырдаах от үрэххэ сарсыардааҥҥы туман быыһынан кыыллар муостара адаарыҥныылларын көрбүтэ. Туматтар быһыылаах диэн сэрэхэчийбитэ. Атыттан ыстанан түһэн, тэһиинин тииккэ эрийэ тардаат, куонньалыгыттан ох саатын хостоон, тиит кэннигэр сөрүөстэ кыҥастаспыта. Дьон көстүбэтиттэн, ойуур кыылларыгар түбэспитин сэрэйэн, бултаһарга санаммыта. Төһө даҕаны үөмэр-чүөмэр үктэннэр, тоҥон эрэр сир маһа-ото тыһыргаан, сарсыардааҥҥы чуумпуга улаатан иһиллэрэ. Табалар тугу эрэ сибикилээн хантаарыҥнаспыттара. Ортолоруттан бу эргин дэҥҥэ көстөр, уус киһи чочуйан оҥорбутун курдук, адаархай муостаах туус маҥан таба тамаһыйан тахсан, тула холоруктана, тыына бурҕаҥнаабыта. «Куйарха Хоһууҥҥа дылы кылбаҥнаан түһэн», – диэн санаа Адырыыс төбөтүгэр кылам гынан ааспыта. Охтоох кирсин тарпытынан, маҥан табаны батыһыннаран иһэн, оҕун ыытан кэбиспитэ. Сыт ылаары хантаарыҥныы тохтообут маҥан таба соһуйбуттуу ньахчас гына түһээт, буута быстарынан кылбаҥныы ойбута. Кэнниттэн туман быыһынан кыыллар муостара барбах адаарыҥнаһаат, сүтэн хаалбыттара. «Дьоҕойон кынаттаахтар дуу, хараҕым иирэн, тугу-тугу ыттым?» – диэн ботугуруу, Адырыыс хараҕын соттуммахтыы, тиитин кэнниттэн тахсан кэлбитэ. Түһэн көрүөн дуу, көрүмүөн дуу саарбахтаабыттыы, турбахтыы түһээт, талахтартан тутуһан, аллара түспүтэ. Табалар барбыт суолларын чинчийэн, төттөрү-таары хаамыталаабыта. Окко умньаммыт хааны булан, тарбаҕынан биһэн ылан, тылынан салаамахтаабыта. Хаан онно-манна биир кэмник суол хаалларан таммаланан, тэйдэҕин аайы, сыыйа аччаан испитэ. «Улаханнаппатах дуу, хайыах баҕайыный?» – диэн саныы, Адырыыс иннин кыҥастаһа, тохтуу түспүтэ. «Чэ, бээ, күн да эрдэ, үрэхтэн тахсыбатаҕына ситэн сиир инибин?» – диэн ботугуруу, атын тиҥилэхтээн биэрбитэ.

Кыыл син барбахтаһа иһэн, үөрүттэн хаалан, талахтар быыстарыгар киирэн сытан ылбытын көрөн, үөрэ түспүтэ. Ох саатын бэлэм тутан, сиэллэрэн бидилиппитэ. Таба от үрэхтэн, куоһааҕынан туораан, бэс мастаах сиргэ тахсыбытын чуо булбута. Соҕотох таба суола тыргылла сытарыттан эрэлэ улааппыта. Хаста даҕаны хоноҥноһо туттан, дьоһумсуйан хаамса сылдьар хара улардарга түбэһитэлээбитэ эрээри, кыыллаан сиэри, ааһа турбута. Кыыл ситтэриэхчэ ситтэрбэккэ, халлаан борук-сорукка сууланан, хараҥаран барбыта. Адырыыс аччыктаан, хараҕа суолу араарбат буолан, биир алаас саҕатыгар тохтообута. Атын сыбыдахтаан, өртөөн кэбиспитэ. Бэйэтэ иһирдьэ киирэн, охтубут улахан тиит буордаах силиһинэн хаххаланардыы, иннигэр кутаа оттунан, хонордуу тэриммитэ. Үтэтин тобоҕун хадьырыйаат, ыҥыырын сыттыктанан, хаҥас өттүгэр батаһын уурунан, сулустары кыҥастаһа сытан, утуйан хаалбыта.

Чараас тумарыкка бүрүллэн, күн сылааһын биэрбэккэ, ыйдыы дьэлтэйиитэ, от-мас кырыаланан, тула сырдаан тунаарбытын кэннэ, дьагдьайан уһуктубута. Уккунньаҕын хамсата дьөлүтэ анньыалыы, үрэн бурулаппыта, ол аайы кырачаан кыымнар кыыһырбыттыы, кытара кыыһа кылахачыспыттара. Үрүү салгына тохтоотоҕуна уҕарыйан, буруонан сабына унаарбыттара. Ханна эрэ, түгэххэ саспыт мэник кыымчаан уһуктан, хаппыт сарадахха хатанан, үөрбүттүү өрө күлүбүрээн, доҕотторун уһугуннарардыы, умайан сириэдийбитэ.

Адырыыс уотун көрбөхтүү, бөҕүөрбүт тарбахтарын саратан, ытыһын уокка үппүтэ. «Туох абааһы кыыла түбэһэн моһуоктаата? Аны бу кырыаҕа суола көстүбэт. Тоҕус Боотурдаах ыйан биэрбит суолларыттан тэйдэҕим. Хайдах буолуох баҕайыбыный, төттөрү баран көрөрүм дуу?» – диэн мунаахсыйа саныы олордоҕуна, икки суор киниттэн соччо ырааҕа суох сиргэ, тугу эрэ былдьаһардыы халаахтаһан, эккирэтиһэн сурдурҕаспыттара. Адырыыс итини көрөн, үөрбүттүү ойон турбута. Санаатынан алыкылыы, суордары хараҕын далыттан түһэрбэккэ кыҥастаспыта. Түргэн үлүгэрдик атын тутан аҕалан ыҥыырдаан, уотун маһын туора-маары ыһаттаат, атын үрдүгэр багдас гына олоро түһээт, тиҥилэхтээн кэбиспитэ. Аны суордары сирдьит оҥостон, алаас сыырын үрдүнэн сиэллэрэн сиксиппитэ. Хаар түспүтүнүү кыраһаланан маҥхайбыт сиргэ хараара сытар сири ыраахтан көрбүтэ. Битигирэтэн тиийбитэ, кыыла соторутааҕыта эрэ туран барбыт. Сыппыт сирин таһыгар саахтаан тобугураппыта өссө даҕаны буруолуу сытара. Атын кыыл диэҕин, сыппыт сирин кытыыта хаан буккааһыннаах чараас мууһунан бүрүллүбүт этэ. «Тууй-сиэ! Бэҕэһээ өссө кыратык барбытым буоллар, ситэрим хаалбыт дии… Борук-сорук даҕаны буоллар, маҥхаҥныырын баҕас көрүөм этэ. Олох хоонньоһон эрэ утуйбатахпын буолбаат?» – диэн ботугуруу, кураанаҕынан силлээмэхтии, кыылын суоллаан барбыта. Таба сытан көһүйбүт бадахтааҕа, илин биир атаҕын соһон барбыта тырыыҥкаланан көстөрө. «Аны баҕас ырааппат инигин, маҥай бэйэлээх тириигин сүлэн тэйиэм», – Адырыыс кыыһырбыт омунугар атын үүнүн илгиэлээбитэ. Суордар астарын былдьатаары дуу, аска тиксээри дуу, араастаан куллугураһа, икки өттүнэн көтөн хайбаҥнаспыттара. Кыыла ситтэриэхчэ ситтэрбэтэ, көстүөхчэ көстүбэтэ. Адырыыс иһэ буһа, буугунуу истэ. Эбиитин кыыла көһүйбүтэ ааһа быһыытыйан, түөрт атаҕар үктэтэлээн атаралаабыта кыһыппыта. Ити иһэн, ойуур иһигэр өссө даҕаны тоҥмокко сытар дүөдэни көрөн, уу иһээри, атын холунун чиҥэтээри тохтоон, тыын ыла түспүтэ. Кыыла көнө сүнньүлээҕин сэрэйэн, быһалыырдыы санаммыта. «Чэ, суолугар таба үктэммэтэхпинэ ааһа туруом», – дии саныы, сэндэҥэ ойуурунан балачча сиэллэрэн, биир алаас үрдүк сыырыгар батыгыратан тахсыбыта. Атын хантаччы тарда суол-иис көрө, туора-маары хаамтаран, кыылын суолун булан ылбыта. Таба алааһы кыйа баран иһэн, ойуур быыһынан ыйдаҥардар сир диэки түһэ турбут этэ. «Киэҥ, нэлэмэн сир буоллаҕына, ситэр инибин?» – дии санаат, суолу батыһа сиэллэрэн тамаһыппыта.

Өтөр буолбатаҕа, кыра ырааһыйаны өҥөйөөт, кыылын иһэ хостонон, өссө даҕаны сылаас чаана бургучуйа сытарын көрөн, охтоох кирсин тарда, тула холоруктаппыта. Ырааһыйа ортотугар үүммүт баараҕай тиит таһа кыа хаанынан халыйбыт, үрүҥ субатыгар диэри сирэйдии охсуллубут этигэр кини тостубут оҕо батары сааллан турара. Адырыыс хараҕын муҥунан көрө, суолу-ииһи кыҥастаспыта. Атыттан түспэккэ оноҕоһун туура тардан ылаат, мөҕүрээн эрэрдии, бэлэһэ хайдыаҕынан хаһыытаан тоҕо барбыта. Ата соһуйан, өрө хантаарыҥнаат, ньахчайа түһээт, иннин диэки бырдааттаабыта. Адырыыс онно сөп түбэһиннэрэн, тэһиинин ыытан биэрбитэ. Миҥэ барахсан кулгааҕын ньылатан, аттар барбыт суолларынан түһүнэн кэбиспитэ. Кыра талахтары күөнүнэн тоҕута түһүөлээн, охтубут мастары үрдүнэн көтүөлээн, уҥуоргута дьирбиилэнэн көстөр толоон кытыытыгар биирдэ баар буолбуттара. Атын хантаччы тарда, иҥэһэтигэр туран, хараҕа ылар-ылбат сиринэн икки аттаах киһи айаннатан иһэллэрин көрбүтэ. Атын ол диэки салайаат, туос бөтөрөҥүнэн түһэрбитэ. Аттаах дьон тугу даҕаны билбэккэ сэлбэйэ айаннатан иһэр буоланнар, икки ардылара түргэнник чугасаһан барбыта. Адырыыс быһымах айанын бытаарпакка, саадаҕыттан ох саатын эһэ охсон ылан, ыҥыырын ойоҕоһугар бааммыт кэһэҕиттэн икки муҥур оноҕоһу сыыйа тардан таһаарбыта. Биирин ох саатын сүнньүгэр ууруна, иккиһин уҥа ыырааҕын быыһыгар кыбыта аспыта. Тэһиинин ыһыктан, атын арҕаһыгар хаптайыаҕынан хаптайан, ох саа бэргэнигэр киирбитэ. Кэнникилээн иһэр киһи көхсө бөгдьөйөн көстөр буолаатын кытта, ыҥыырыгар тиэрэ мэтэрийэ, оноҕостоох кирсин тардан, эйэҥэлэтэн иһэн, ыытан кэбиспитэ. Оноҕос киһи көхсүгэр тыастаахтык сааллаат, тэйэн, туора көппүтэ. Киһи соһуйан: «Һук» – диэн саҥа таһаараат, умса баран, атыттан сууллан түспүтэ. Бастаан испит киһи соһуйан, атын хантаччы тарда эргилиннэрэ, хаһыытаан тоҕо барбыта:

– Ытыма, ытыма-аа! Адырыыс Боотургун дуо?! – атын бэдьэҥэлэтэн иһэн, ыстанан түһэн, аргыһыгар сүүрбүтэ.

Адырыыс аатын истэн соһуйан, атын хантаччы тарда, тохтото сатаан туора-маары тардыалыы, дьон таһыгар мэҥитэн кэлбитэ. Кимнээхтэрин билээри, хараҕын бүлтэччи көрө, ыга астарбыта.

– Адырыыс Боотур, уоххун-кылыҥҥын уҕарыт. Биһиги Туоҕа Боотур биитэ Кырамай Боотур дьонобут. Бу эйигин ыҥырар, батыһыннарар дьүһүммүт… – диэбитинэн, бастакы боотур сүрэҕин тутта нөрүйэн ылбыта.

Охтубут боотур төбөтүн илгистэ, түөрт атахтанан бөкчөҥнүү, тэмтээкэйдээбитинэн туран кэлбитэ.

– Күһэҥэм туһалаатаҕын… Хомуруйда быһыылаах, аттан сууллуохха диэри кытаанах охсуу буолла… – дии-дии аҕылаан мэҥийэ, саҕынньаҕын устан, Адырыыс Боотурга көхсүн көрдөрдө.

Төгүрүк күһэҥэ куйах хабыллар хаба ортотунан хомуллан иһирдьэ киирбитэ күлүктэнэн көстүбүтэ.

– Муҥур оноҕоһунан дэгэпчилээбиппэр үөр! Кимҥитин-туоххутун хантан билиэмий, кыылбын өлөрөн, эккирэтэн ыл диэбиттии, оноҕоспун тииккэ саайбыт баҕастааххыт! Ааппын ааттаабатаххыт буоллар, иэҥҥитин хастаан туран, ээххитин этиттэрэрим хааллаҕа… Кыылым аҥаарын, тириитин аҕалыҥ! – Адырыыс бардьыгынаан тоҕо барбыта. – Кырамай Боотур, Туоҕа Боотур диэтигит дуу, сирдээҥ оччоҕо…

– Биэрэн-биэрэн. Түөлбэбитигэр тиийдэхпитинэ, тириитин ыраастаан, куурдан баран тиксэриэхпит, – бастакы боотур киһитигэр көмөлөһөн, атыгар тахсарыгар үтэн биэрбитэ. – Чэ, барыаҕыҥ, мантан чугаспыт, – диэт, ыҥыырыттан тутуһаат, иҥэһэтигэр атаҕын тумсун даҕаны кэтэрпэккэ, ыҥыырын үрдүгэр биирдэ баар буолбута.

– Кырамай Боотур мин кэлэрбин хантан билбитий? – Адырыыс Боотур уоскуйа быһыытыйа көөҕүнээбитэ.

– Туох диэтэххиний? Түүлэ-битэ бэйэтин киэнэ. Эйигин маҥан дьүһүннээх кыылынан ымсыырдан, хараххын баайан, эккирэтиннэрбитэ даҕаны элбэҕи этэр. Онтуката күрэҥ өҥнөөх ээ… Маҥан табаны өлөттөрөрүттэн туттуннаҕа. Оттон кыылыҥ суолун булларбыт, илин-кэлин түспүт суордар кини көрөр харахтара, истэр кулгаахтара сырыттахтара, – диэн кэпсээн күлүмэхтэнэ, бастакы боотур инникилээн ойута турбута.

– Адырыыс Боотур, кыыһырыма. Инибин, Хаҥалаһым дьонун ахтыбычча, туох-ханнык олохтоммуттарын истээри, суолгун муннаран аҕаллым. Хонон, күүстэ-сэниэтэ эбинэн аас. Аарааҥҥа диэри атаарыахпыт, барар сиргин торумнаан биэриэхпит, – дии-дии Кырамай Боотур Адырыыс Боотур уҥа харытын икки илиитинэн үүйэ харбыы, нөрүйэн ыла көрсүбүтэ. – Тыгын Тойоҥҥо кэпсиир гына олохсуйбут түөлбэбин көрөн бар. Хайа, баҕар, хаһан эмэ охсуллан ааһыаҥ турдаҕа. Мааны хоноһо буол, туоххаһыйбыт санаабын дьайҕарыт, – диэбитэ.

Адырыыс Боотур Тыгын Тойоҥҥо тиийэ охсоору ыксыыра даҕаны, Кырамай Боотурга маанылатан, икки хоммута. Үһүс күнүгэр Кырамай Боотурдаах үһүө буолан, суолун аартыгар диэри атааран биэрбиттэрэ.

4.

– Адырыыс Боотуру туппуттар, – диэбитинэн, таһырдьаттан чаҕар уол киирэн, чомпойун туура тардына, көмүлүөк иннигэр аргынньахтаан олорор Тыгын Тойон иннигэр аҥаар атаҕар тобуктуу түһэн, төбөтүн хоҥкутта.

– Кимий ол, хантан кэлбит Адырыыһый? Туппут буоллахтарына киллэрдиннэр, – Тыгын Тойон суостаахтык бардырҕаата.

Чаҕар уол ойон туран, бөкчөйбүтүнэн кэннинэн хааман иһэн, таһырдьа ойдо.

– Ээ, били, сүппүт тумус боотур Күлүк киһитэ этэ, бадаҕа, – сэҥийэтиттэн түөһүн тылыгар диэр сэбирийбит убаҕас бытыктаах, дьүккүччү көрбүт ойуун кыыкынаан саҥара, талах олоппоһун сыҕарыҥнатан, уот сырдыгыттан тэйэн, күлүккэ киирэн, барыҥныы сөҥнө.

– Ол, ол буолуо, хантан күөрэйдэҕэй? – диэбитинэн киирэр аан таһыгар сыҥаһаҕа олорбут Тимирэй Боотур уот сырдыгар таҥалай куйаҕа кылбачыйа лиһиргээн кэлэн, Тыгын Тойон уҥа ойоҕоһугар атахтарын аччаччы соҕус тэбинэн, быар кууста турунан кэбистэ.

Халҕан аана кыыкынаан аһыллан, тымныы салгыны бүрүнэн, үс киһи күлүкүчүйдэ. Инники киирбит киһи кырыаламмыт дуулаҕатын туура тардына, Тыгын Тойон диэки аҕыйах хардыыны оҥороот, аҥаар атаҕар тобуктуу түстэ. Манабыл боотурдар аан икки өттүгэр тураат, үҥүүлэринэн ааны бүөлүүрдүү харсыһыннара, туора-маары туттулар.

– Тыгын Тойон, аҕа ууһум бас-көс дьонугар уруй! – диэбитинэн Адырыыс Боотур дуулаҕатын сүрэҕэр диэки тута, төбөтүн төҥкөтөн ылла. Хараарбыт сирэйигэр саба түспүт баттахтарын икки өттүгэр силэйэн, иһэлийбит иэдэстэрин быыһынан, харахтара кылахачыһан ыллылар. Тыгын Тойон кылгас сонун эҥээрин нэлбэгэйдээн олорон, аа-дьуо эргиллэн, сиһин көннөрө, ньилбэктэригэр тайанна.

– Туох омолуйардаах кэлэн олороҕун? Күлүк Боотур бэйэтэ тоҕо кэлбэтэ, биитэр миигин кырытыннаран, аанньа ахтыбат буолла дуу? – Тыгын Тойон суостаахтык сыыгынаата.

– Туох диэн эттэҥий, Тыгын Тойон. Өлүү-сүтүү аргыстаах, хомолто кэпсээннээх кэлэн олоробун… Тумус киһибитин Күлүк Боотуру араҥастаан, кэлбэт сиригэр атаарбыппыт… Туоҕа Боотур… – диэн эрдэҕинэ Тыгын Тойон бардьыгынаан тоҕо барда. – Тохтоо!!! Ылыҥ эрэ, бу таҥнарыахсыты соҕотохтуу хаайыҥ! Кими даҕаны киниэхэ чугаһатымаҥ! Саҥарар, хаһыытыыр түгэнигэр үөлэн кэбиһээриҥ, баһын быһа дайбаарыҥ… Бэйэҕит эмиэ тыла, кулгааҕа суох буола ньимийиҥ! Кэпсэппиккитин, тугу эмэ истибиккитин билиэм даҕаны, баскытын бэйэм быһа далайыам! – диэн бөтүөхтүү, эргэлээх харахтара кэҥээн, суптурута көрүөлээтэ.

Баар дьон бу уордайан бардьыгынааһынтан соһуйан, өрө ходьох гына түстүлэр. Ойуун өмүрэн татакайдыы, ньилбэктэрин таһына, төбөтүн булкуйа, ис хоһооно суох бэбигирээтэ. Манабыл боотурдар ойон кэлэн, Адырыыска саҥарар түгэни биэрбэккэ, окумалларыттан өрө тардан туруоран, аан диэки дэллэриттилэр. Тимирэй Боотур батаһын сыыйа тардан ылаат, боотурдарын кэннилэриттэн тилиргэччи хааман тахсан барда. Балаҕан иһигэр уу чуумпу бүрүүкээтэ.

– Тоҕо ньимилийдиҥ! Түүлүҥ-битиҥ ханнаный? Тугу сымыйанан көрүүлэнэн: «Күлүк Боотурдаах кыайыы көтөллөөх иһэллэр», – диэн дардырҕаабыккыный? – Тыгын субу туруохтуу өрө өгдөҥөлүү, силэ бырдааттыы бобуллаҥнаата.

Ойуун куттаммыттыы, кэннинэн чинэриҥнии, талах олоппоһун түҥнэри көтөн талҕаланна.

– Оттон… Тыыннаах курдуга ээ… – диэбитинэн, сыҥаһа оронтон убаһа тириититтэн тигиллибит кулуугун харбаан ылаат, таһырдьа дьөгдьөрүйдэ.

Тыгын Тойон өрө уһуутуу, сүрэҕин тутта, бүк түһэн эппэҥнээтэ. «Туоҕа Боотурдааҕы көрсүбүттэр эбит. Дьоҥҥо кэпсээбэтэ ини… Бээ, сарсын соҕотохтуу ыҥыран истиллиэ. Суолун устата сэһэн-тэппэн оҥостон кэлбит буоллаҕына, таҥнарбыт диэн, өлөттөрөн кэбиһэрим дуу… Ол эрээри, тумус боотурдар, атыттар даҕаны сөбүлүөхтэрэ суоҕа. Онто даҕаны суох: «Туоҕа Боотурдаах күрээбиттэр, тумус боотурдаах сүппүттэр, Тыгын Тойон кырдьыбыт…» – диэн саҥа-иҥэ хойдон эрэр быһыылаах. Арай ыарыйдым диэн, ойуун буллаттара ааттаан, кэлбэт сиригэр атаардахпына… Хата, ити сөп быһыылаах», – санаатыгар хоруй булан, өрүтэ тыыммахтыы, сиһин тутта кэдэриҥнээтэ. «Туоҕа Боотурдаах сир кэҥэтэ, саҥа сирдэри баһылыы барбыттарын иһиттэхтэринэ, атын улуустар сир былдьаһан, дьоннорун ыыталыахтара… Туоҕа Боотурдаах, саатар, үс сыл биллибэккэ-көстүбэккэ олордоллор. Ол кэмҥэ үтүө-мааны сирдэр, үгүс саарба миэнэ буолуохтара этэ. Чэ, ол кэнниттэн, баҕар, тиийдиннэр даҕаны… Туоҕа Боотурдаах, сирдээх-уоттаах олохтоох дьон, көрсүөхтэрэ».

Сарсыныгар Тыгын үс атахтаах кыра сандалыга ас тартаран, чаҕардарын тас балаҕаҥҥа үүртэлээбитэ. Манабыл боотурдарын ордооттоон ыҥыран, Адырыыһы аҕалтарбыта. Боотурдар халҕаны тэлэччи аһан, бэйэтэ киирээри гынар Адырыыһы умса анньан тобуктатаат, аан икки өттүгэр, батыйаларын уһун угун харбаммытынан, турунан кэбиспиттэрэ.

Тыгын Тойон сыҥаһаҕа бүрүнэ сыппыт уһун саарба саҕынньаҕын санныгар быраҕынан, туран кэлбитэ. Күрэҥсийбит, убаабыт баттаҕын кэннин диэки имэринэн ыла, хааһын түрдэһиннэрэн, манабыллары сургуччу көрө, күргүйдээн тоҕо барбыта: «Буруйа биллэ илик тумус боотуру хайдах маннык тутаҕыт! Ылыҥ, киэр буолуҥ! Таһырдьа тэйиччи сылдьыҥ, кими даҕаны киллэримэҥ!»

Боотурдар тэпсэҥнэһэ, тахсар ааны былдьасыһан, үтүрүһэ-анньыһа, таһырдьа ойдулар.

– Ааттаах-суоллаах Адырыыс Боотур, хараҥа хаппахчыга хаайтарда диэҥҥин, санааҕар тутума… Ыалдьаммын күнүм-ыйым харааран, олус ыгыллан сылдьабын. Билэр даҕаны киһибин билбэт буолан эрэбин… – Тыгын Тойон субу аҕай көбүөлээбитэ уостан, сүрэҕин туттубутунан ньуолбардаан саҥара, Адырыыс турарыгар көмөлөспүтэ буолла.

– Сандалыга олоруох, аччыктаатаҕыҥ буолуо, дьэ уонна наллаан кэпсэтиэх…

Адырыыс дьиктиргээбиттии көрө, умса баран түһэригэр сиргэ төкүнүйбүт дуулаҕатын, ынтакатын хомуйан, сыҥаһаҕа уурталаата. Холто сонун устан, куйахтарын тиһиликтэрин сүөрэ, атаҕын тэбэнэ, Тыгын Тойону утары олох маска олоро түстэ. Аччыктаабыта бэрдиттэн сандалы хотойуох курдук араас аһыттан, хараҕа мээнэнэн сүүрэлии, симинэн барда. Ситэ ыстаабакка дьүккүҥнүү, күөмэйигэр тура сыспыты кымыһынан утаарда. Тыгын Тойон киһитэ аһыырын сөхпүттүү дуу, сүөргүлээбиттии дуу, сирэйин мырдыҥната көрөн олорбохтоото. Тулуйбакка, көхсүн этиттэ:

– Өлбүт өлбүтүнэн! Күлүк Боотуру аны төнүннэрбэккин… Хорсун-хоодуот боотур этэ. Сиэри-туому тутуһан дьаһайдыгыт ини. Иэстэспиттэрэ буолуо диэн, бүк эрэнэн олоробун эрээри, дьону итэҕэтэр, көрдөрөр гына тугу эмэ дьаһанныгыт дуо?

Адырыыс итини истэн, кымыһыгар чачайа сыһа, хахсайан ылла. Уу-хаар буолбут хараҕынан Тыгын Тойону көрө, дьабадьытынан ньалҕарыйбыт хоргуну ытыһын таһынан сотто, кэпсээн добдугуратан барда.

– Ол баҕайыны ир суолун ирдээн, хааннаах таныарбытын толорон, иэмэхтээх кулгааҕын быһан ылбытым… Көрдөрөр, кэпсиир баҕабын Дагдаҕар Боотур уонна Дуораан Уус ылан хааллылар. Туохха туттаары гыммыттарын билбэтим. «Туматтары бэйэбитигэр тардарга», – дииллэрэ. Дуораан Уус: «Мин ойууннааҕар күүстээхпин. Тыгын Тойоҥҥо бэйэм кэпсиэм», – диэбитэ. Сити курдук, – Адырыыс, буруйдаммыттыы өрө тыына, төбөтүн төҥкөттө.

– Чэ, сөп, тылгын итэҕэйэбин. Эн миэхэ тыыннаах дьон, Туоҕа Боотурдаах, тустарынан омолуй. Хайдахтарый, хайа диэки олохсуйдулар? – Тыгын чороонтон кымыс ыймахтыы, киһитин сирэйин кэтээтэ.

– Хатыыстыыр үрэхтэн күн тахсар сирин диэки, ат үс-түөрт күннээх тура айанныыр сиригэр, ортотугар булгунньахтаах улахан сыһыыга олохсуйан эрэллэр. Икки силбэһик хотонноох уонна туспа эмиэ балаҕан туттубуттар. Сураҕа, кинилэртэн чугас соҕус Мукучу Хоһуун диэн, уруккута эн боотур киһиҥ, олохсуйан, сүөһүлэнэн, сылгыланан олорор үһү. Ол киһи аҕыйах хоһууннардаах билсэ кэлэ сылдьан, ыһыах ыстарбыт этэ. Күрэскэ кыайтаран, үс сүөһүнү кытта биир оҕус биэриэх буолбут. Онтукайдарын аҕала бараары хаалбыттара. Олохтоох туматтар, тигии сирэйдээхтэр, атын даҕаны урдустар үгүстүк кэлэллэр-бараллар эбит. Туоҕалаах сирдэрин-уоттарын көмүскээн, кыргыһан аҕыйаабыттар. Быстыбыт-ойдубут аҕыйах ыал дьон, көмүскэл көрдөөн, сыстыбыттар.

Арба даҕаны, ойуун диэбиккэ дылы… Кэпсиирдээх эбиппин. Мантан барсыбыт Хаан Илбис ойуун, били эн аккын атылыннарбыт Туйах уол көмө көрдүү баран истэҕинэ өлөттөрөөрү, хантан эрэ сыстыбыт тыла суох уолу быһахтаан ыыппыт этэ. Биһиги түбэһэ кэлэн, Туйаҕы быыһаабыппыт… Ол тыла суох уол Туйаҕы өлөрбүтэ буоллар, Туоҕа Боотурдаах имири кыргыллаллара хааллаҕа, – Адырыыс Боотур өҥнөн кэпсиирдээҕин дьэ өйдөөн, төбөтүн өрө көтөхтө.

Тыгын Тойон итини истэн, эрчимнээхтик ойон турда. Адырыыс соһуйан, тиэрэ мэтэрийэн иһэн, эмиэ туран кэллэ. Тыгын Тойону утары көрөн иһэн, тулуйбакка умса көрө нөрүйдэ.

– Ол иһин сэрэйэр, сэрэхэчийэр этим… Ыһыахха сүппүт боотуру бэрт түргэнник суоллаан булбута. Итиннэ туох эрэ баар. Чэ, бээ, биллэн иһиэ… Иһит эрэ, Адырыыс! Туоҕа Боотуру көрсүбүтүҥ туһунан кимиэхэ даҕаны быктарбатыҥ ини? Кырдьыгы эт! Кэпсээбит буоллаххына, син биир хаһан эрэ иһиллиэҕин билэн эрдэҕиҥ…

– Иэгэйэр икки атахтаахха айахтата иликпин. Эйиэхэ эрэ иһитиннэрдим. Туоҕа Боотур сэрэппитэ…

– Итэҕэйэбин. Олор, кэпсэтии баар, – дии-дии Тыгын Тойон сүрэҕин туттубутунан, уһуутуу тыына, олоро түстэ. – Манна олох-дьаһах кэминэн. Өлүү-сүтүү ханна барыай, кырдьаҕастар күн-түүн аҕыйаан иһэбит… Дьэ, мин ыалдьан, моһуогуран олоробун. Ааттаах-суоллаах ойууннарым кыайбакка, чугастан-ыраахтан идэлээх дьону ыҥыртаран туһамматым. «Ыарыы үөрүн буллубут», – дии-дии өрө эккирии иһиттэрин эрэ дарбыйаллар, үтүөрэн барбатым. Итиччэ мөлтөхтөрө дуу, албынныылларын дуу, кырдьыгын дуу билбэккэ олоробун. Онон дьэ, тумус киһим Адырыыс Боотур, абыраатаххына эн абырыыр, үрүҥ тыыммын өллөйөр эн буоллуҥ… – дии-дии Адырыыс Боотуру сабырыччы көрө кыҥастаста. – Кыйаар дойдутун Бүк өрүһүн уҥуор Түннүбэ диэн ааттаах кырдьаҕас аата-суола сураҕырар. Ол оҕонньору аҕалтараары, көрдөһүннэрэ– ааттаһыннара, устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах Хоноһоой олоҥхоһуту тэрийэн ыытаары сылдьабын. Эн кинини арыаллаан барыс… Эйигиттэн ураты ол эҥээр сылдьыбыт, сырыыны сылдьыах, суолу-ииһи торумнуох киһи суох курдук… Этэҥҥэ эргиллэн кэллэххинэ, тумус боотурдары эн илиигэр туттарыам. Күлүк Боотур сүтүөҕүттэн, сүгүн-саҕын дьаһайар киһи көстүбэккэ, дьаалыларынан бараары гыннылар… Чэ, ситигирдик, улахан тымныылар иннилэринэ бардаххытына сатанар. Бүттүбүт. Дьоҥҥо-сэргэҕэ ханна бараргын кэпсээмэ. Ойууннар иһиттэхтэринэ, намыһах аатырымаары, моһуоктаһа сылдьыахтара. Туоҕа Боотурдаах тустарынан умун… Күлүк Боотур өлбүтүн туһунан атыттар иһитиннэриэхтэрэ. Дьаһайыам, миинэр миҥэҕин уларытыахтара, ас, таҥас-сап, туттар сэп-сэбиргэл тэрийиэхтэрэ…

Адырыыс Боотур ойон туран, нөрүс гынан ылла:

– Сөп. Күн сарсын даҕаны барарга бэлэммин, – диэт, сыҥаһаҕа уурбут малларын бүүрэ харбаат, буруйга-сэмэҕэ тиксибэтэҕиттэн үөрбүттүү, тахсар ааны былдьаспыта.

Тыгын сэҥийэтин убаҕас бытыгын имэринэ, түөрт эркиҥҥэ хаайтарбыттыы, төттөрү-таары хааман лиһирдээбитэ. Эмискэ, тохтуу түһэн, халҕаҥҥа тиийэн, тиэрэ анньа, тымныы салгыны эҕирийэ, ордоотоон тоҕо барбыта:

– Ылыҥ! Хоноһоойу аҕала тардыҥ!

Халҕан таһыгар хоочугуруур, атах тэбэнэр тыас иһиллээт, халҕан тэлэллэ түспүтэ. Тымныы туманы бүрүммүтүнэн, кылгас тайах тириитэ саҕынньаҕын быакаччы курдаммыт, орто уҥуохтаах киһи киирэн кэлбитэ. Халҕаны тыастаахтык саба, эргэрбит тугут чомпойун туура тардынаат, сүрэҕин тутта нөрүйбүтэ.

– Кэпсэлиҥ? Кэл манна, уот сырдыгар олор, – Тыгын, киһи тыастаахтык киирбитин сөбүлээбэккэ, көбүөхтээбитэ.

– Тыгын Тойон, баалаама… Туох буоллаҕай диэн ыксаан, сыыһа-халты тутуннум быһыылаах… – киирбит киһи хараҕар саба түспүт баттаҕын, икки илиитинэн өрө анньан хомуйа тутан, баттаҕар баалла сылдьыбыт синньигэс сарыынан эрийэ охсон, ыксары тарпыта. Курун сүөрүнэн, саҕынньаҕын устан, кулун кутуругун курдук быһыыламмыт баттаҕа эйэҥэлии, ытыстарын сууралана, олох маска олоро түспүтэ. Ыйаастыгас кыараҕас харахтарын кырыытынан Тыгын Тойону кыҥастаһа, уоту одууласпыта буолбута.

– Киһиттэн таһынан туттуулаах буолаҥҥын… Соруйаары ыҥыртардым, – Тыгын дьагдьайбыт киһилии туттан, сыҥаһаттан саарба саҕынньаҕын ылан, саннытыгар иилинэ быраҕынна.

– Хайа диэки кэпсээн кэҕийэн, олоҥхолоон онолуйан кэллиҥ? Тугу биллиҥ-иһиттиҥ, ньимилийэн олорбокко, омолуйан ис.

– Суолу-ииһи кэтэһэн, ыраата иликпин… Ээ, Эбэ бэтэрээ өттүнэн аҕа уустарынан оҥойор айаҕым туһугар сырыттым. Дьон-сэргэ олоҕо кэминэн, ханна даҕаны барар-кэлэр санаалара суох быһыылаах. Ол дьон, бэл, сорох боотурдарын саарба булдугар туруортаабыттар үһү. Быйыл баардыҥы диэн үөрсэллэр.

– Иһит эрэ, Хоноһоой, «оҥойор айаҕым» диигин, ол туһугар ханна баҕарар тиийиэххин, ханна баҕарар олохсуйуоххун сөп дуо?

– Тылым, саҥарар саҥам иһиллэрин тухары, кэриимнээн даҕаны айахпын булунуом дии саныыбын…

– «Омоҕой Баай эрдэхтэн, Эллэй Боотур саҕаттан…» – диэни оһуохайыҥ тылыгар үгүстүк туттаҕын. Ити дьон уонна мин өбүгэлэрим, аҕам Мунньан Дархан туһунан үһүйээннэри төһө билэҕин?

– Оҕо эрдэхпиттэн олоҥхону, үһүйээннэри истибитим элбэх буоллаҕа… Бу диэн, дьиҥ кырдьыгын билбэппин эрээри, үчүгэйи, олоххо тардыһар түгэннэри кэпсиир, ама, омнуоланнаҕай?

– Оннугун оннук даҕаны… – Тыгын, Хоноһоой таһыгар олоруохча буолан иһэн, көнө түстэ. – Оттон мин туспунан, Туймаада хочотун хороҕор муостааҕынан, сыспай сиэллээҕинэн толорбутум, кыайыы-хотуу көтөллөөх кыргыһыыларым, хотун ойоҕум, оҕолорум туһунан кэпсиирдээххин дуо? – Тыгын чыпчылыйбакка эрэ киһитин кыҥастаста. Хоноһоой соһуйан, өрө татыаккаланна.

– Ама! Түөлбэм аҕа баһылыгын олоҕун-дьаһаҕын хайдах билиэм суоҕай? Кыргыһыыга сылдьыспыт кырдьаҕас боотурдартан истибиппин үһүйээн оҥорон кэпсиибин ээ… – алҕас эттим диэбиттии, сүнньүн кистиирдии, ньыкыйа түстэ.

– Дьэ, иһит. Эйигин тэрийэн, манабыл киһилээн, Кыйаар дойдутугар ыытаары гынабын. Ону туох диигин? – Тыгын сандалыттан үс атахтаах чороону ылан, Хоноһоойго уунна, – мэ, мантан ыймахтыы түс, онтон хоруйдаар.

Хоноһоой чороону икки илиитинэн ылан, утаппыт киһилии киллиргэттэ, чачайа сыһан тохтоон, харытын таһынан уоһун соттуна, чороону төттөрү уунна.

– Туох диэхпиний, билэриҥ курдук, алаһа дьиэм, хотун дьахтарым, миинэр миҥэм, дьөрү, торбоһум даҕаны суох… Турар бэйэм бу… Ат биэрдэргин, таҥас-сап көрдөргүн, айаннаан бөҕө буоллаҕа… Ол эрээри, оччо ыраах мээнэ барбатым чахчы. Туох сорудахтаах айанныыбын?

– Миэхэ холоотоххо, эн эдэрчи киһигин. Маннык сылдьан, ааппын ааттатар оҕото, уруута-аймаҕа суох, туман курдук симэлийииһикпин диэн, биирдэ эмэтэ долоҕойгор оҕустардыҥ ини… Мин эйиэхэ кэнэҕэһин кэнчээри ыччаттарбыт: «Хоноһоой диэн сээркээн сэһэнньит, айанньыт баара үһү», – диэн уос номоҕо оҥостор, үһүйээннэргэ, номохторго сыстар дьылҕаны бэлэхтээри гынабын… Кырдьыы кими тумнубута баарай, кэнники кэмнэргэ айаны-сырыыны ыарырҕатыах курдукпун. Ыарытыйарбын, бука, иһиттэҕиҥ… Урут, эдэрчи эрдэхпинэ, Кыйаар дойдутугар сылдьан, айылҕаттан айдарыылаах Түннүбэ диэн улахан ойуун ити дойдуга олорорун истибитим. Кинини булаҥҥын, хомоҕой тылгын-өскүн холбоон, уус тылгынан угуйаҥҥын, кыанар буоллаҕына, манна аҕалларгын, – Тыгын Тойон сүрэҕин тутта, саҥарар саҥатын сааһылыырдыы төттөрү-таары хаамыталаата. – Ханна олорорун билбэппин, бука, Бүк өрүс уҥуор буолуо. Хас күнү утутуоххун, хас ыйы өлөрүөххүн этэр кыаҕым суох. Ол дойду хоһуун дьоно айдарыылаах кырдьаҕастарын кистииллэрэ буолуо, сүгүн-саҕын суол ыйыахтара биллибэт. Ойууннар, удаҕаннар, ичээннэр уутуйан олохсуйар, үөскүүр сирдэрэ быһыылаах… Баҕар, ол кырдьаҕас дьабыныгар айаннаабыта буолуо. Оччоҕо төннөн кэлэргэ ыксаайаххытый. Үс хаары санныгытыгар түһэрдэххитинэ биирдэ эргийээриҥ, ону даҕаны, олохсуйа хаалбатаххытына… Омоҕой Баайтан, Эллэй Боотуртан саҕалаан, аҕам Мунньан Дархан уонна мин туспунан сахалыы саҥалаахтарга кэпсээ, олоҥхоҕор хоһуйаар, номохторгор холбоор. Туймаада хочотун аҕа баһылыга Тыгын Тойон кимин биллиннэр! Кэнникитин кэнники үһүйээн, номох гынан, кэнчээри ыччаттарыгар кэпсииллэрин курдук… Урааҥхайдары түмэр күммэр, дуоҕа тутуурдаах боотурдары ыыталаатахпына, биир сомоҕо буолар туһуттан Ил-эйэ аргыстаах түмсэн кэлиэ этилэр… – Тыгын Тойон харахтара уоттанан, туттара-хаптара эрчимирэн барда. Тыастаахтык силлиргэччи хаама, кымыстаах чороонун дьалкыта, уһуутаталаата. Сыыйа уоскуйан, кымыстан ыймахтыы, Хоноһоой аттыгар олоро түстэ. – Ситигирдик. Миинэр миҥэ, таҥас-сап дьаһайтарыам. Аҕыйах саарба, саһыл биэриэм. Ону хайдах туттаргытын бэйэҕит билиэххит… Эйигин Адырыыс Боотур арыаллыа. Ыксаллаах түгэҥҥэ үрүҥ тыыҥҥын өллөйдүө. Дьэ, кэриимнээн, суолгун-иискин, ааккын-суолгун үйэлэргэ хаалларар түгэниҥ үүннэ…


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации