Текст книги "Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа"
Автор книги: Иван Андросов-Айанньыт
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 12 страниц) [доступный отрывок для чтения: 3 страниц]
5.
Сарсыардааҥҥы дьыбар үүт тураана сыыйа сайҕанан, сыһыы саҕатынан кырыанан бүрүллүбүт тииттэр, хатыҥнар туналыстылар. Кэнчээрилээбит хонуута онон-манан көҕөрбөхтүү, маҥан кырыанан үллүктэнэн, кэтит үрэхтии субуллар. Томтор сыырыттан чараас тумарыкка сууланан, ындыылаах аты сэтиилэммит аттаах үс киһи аллара түһэн, күөрэйэн эрэр күнү көрдө-көрбүтүнэн, кылабачыйар хаар кырпайдаах тумарык утахтарын түөстэринэн тэлэн, тыыннара бурҕачыйа, хаамтаран хоочугураттылар. Лүксүрээн ойуун куобах түүтэ бэргэһэтин көхсүгэр түһэрэн, ыыс араҕастыйбыт уһун, убаҕас баттаҕа күкээриҥнии, атын хардыытыгар сөп түбэһиннэрэн, дүҥүрүн оргууй охсо, суол тэлэн инникилээтэ. Кэнниттэн дуулаҕалара, күһэҥэлэрэ тымныыттан барбах килбэҥнэһэ, тэһииркээбит аттарын хантаччы тарда, боотурдар тамаһыттылар. Хаалбыт дьон сыыр үөһэ тоҕуоруһан, аттаахтар чоҥуорбут ойуурга киириэхтэригэр, дүҥүр тыаһа тымныыга баттатан, симэлийэ сүтүөр диэри соҥуоран, туран хааллылар. Төбөлөрүн хоҥкутан, өлбүт киһини тиһэх суолугар атаарардыы, ис туруктарын аймалҕаныгар хам баттаттылар.
«Лүксүрээн бу дойдуну булуоҕуттан, биһиги туспутугар санааҕа-онооҕо ылларан, кырдьыбыт ээ. Бүтэһик айаным диирэ, хайдах-туох сылдьаахтыыр… Бэйэм барбаккабын…» – Туоҕа Боотур өрө тыынан ылла. Хаста даҕаны хаһыытаан, дьонун төннөрүөхтүү, салгыны эҕирийэ уһуутаталаан ылла.
Лүксүрээн хайа күн атын үрдүгэр олоруоҕуттан биир кэм, ис-хоһооно суох кигинийэ туойа айаннаппыта. Иһиллэр-иһиллибэт тойук араастаан охсуллар күрүлгэн суккуллар тыаһыныы, быстыбакка энэлийэрэ. Тойук үссэнэр эрэ кэмнэригэр уонна утуйар чуумпуруу иннинэ тохтоон ылара. Түүнүн ынчык икки, энэлийии икки ардынан салҕанара.
Биирдэ сарсыарда аһыы олорон, Бэлэс Боотур аргыый ыйытта:
– Кырдьаҕаас, айаммыт былаһын тухары ити туох туһунан туойар буолаҕын?
Лүксүрээн хатыҥ уруттан кыһыллан, харатыҥы кыһыл өҥнөммүт, үрдүгэр харыйа иннэлэрэ, отон сэбирдэхтэрэ дагдайа сылдьар убаҕаһы үрэн бурулута, аргыый саҥарда:
– Күн сиригэр олорбут олоҕум тойуга…
Айаннаабыттара бэһис күннэрин киэһэтигэр уҥуоргута борук-сорукка симэлийэ сүппүт улахан эбэ кытылыгар тахсыбыттара.
– Кэллибит. Бу эбэ уҥуор бааллара, – диэбитинэн уһун айан устата биир тылы саҥарбакка испит Нүһэрги Боотур кэһиэҕирбит күөмэйин чөллөрүтэ, ыстанан түһэн, кырыарбыт атын муннун сууралаата. – Хайыыбытый?
– Аргыара суох сиргэ, ойуур иһигэр тохтуоҕуҥ. Сарсын сырдаатаҕына ыҥырсан көрүөхпүт, – Лүксүрээн атын эргитэн, кэлбит сирдэринэн төттөрү хаамтарда.
– Бэрт сөп. Мантан түүн аны эбэни туораары муна сылдьыахпыт. Хата, хонорго анаммыт курдук, чугас улахан бэстэр түөрүллэ сыталлара. Кулуһуннуурга даҕаны мас баардыҥы быһыылааҕа, – Бэлэс Боотур атын соруйа, Лүксүрээни ойоҕоһунан бидилитэн, иннигэр түһэн, сиэллэрэн сикситтэ.
Нүһэрги Боотур үүт тураан эбэ киэҥ киэлитин кыҥастаһа турбахтыы түһээт, атын сиэтэн, дьонун батыһан бадьаалаата.
Үс муннуктуу түөрүллэн сууллубут сыгынахтар ортолоругар тэттик ураһаны туруоран, хаардаах кумаҕынан хайдылар. Ис өттүгэр харыйа лабааларын тэлгэттилэр, үрдүгэр таба тэллэхтэрин үллүйдүлэр. Ортотугар араан оҥостон, кутаа оттон, хаары уулаатылар. Аара бултаан, тутатына үргээбит эрдэҕэстэрин үөрэҕэстээн үөллүлэр. Өйүөлэриттэн хаппыт эттэри киллэрэн, уулаах көһүйэлэригэр уктулар. Өтөр буолбата, ураһа иһэ сылыйан, үөлүллүбүт эрдэҕэс сыата сырдьыгыныы тохтон, минньигэс сытынан тунуйда. Эттээх көһүйэ оргуйан бидилийэн, чараас сиигинэн өрө бурҕачыйда. Лүксүрээн ойуун үөһэ ыйаабыт дүҥүрэ сиигин көтүтэн, куойата хачыгырыы лүһүргээн ылла.
«Хайа үөдэн буоллуҥ? Күүһүн ыла түстүн, аһатаары олоробун», – дии-дии Лүксүрээн мөҕүттэн ботугуруу дүҥүрүн ылан, сиэҕинэн соппохтоот, имэрийэн ылла. Тобугар ууран төҥкөйө, кулгааҕар даҕайан олорбохтоото.
– Туох иһиллэр? – Бэлэс Боотур үтэһэлээх эти ылан үрбэхтии, сибигинэйэн ыйытта.
– Тоҕуоруспуттар, аһаары-сиэри уос-тиис соттоллор үһү… – Лүксүрээн кимиэхэ туһаайара биллибэккэ, дүҥүрүн оннугар ыйыы, куойатын иһиттэн үрүҥ сиэл ылан, аттыгар уурунна. Тугу диэҕин билбэккэ олорор Бэлэс Боотур үтэһэлээх этиттэн быһа тардан ылла. Бэргэһэтин кэннигэр сиэлийэ, кутааҕа нөрүйэ, мас ылан, кытарбыт чохтору бэттэх тардыталаата. Уоһун иһигэр ботугуруу, кытара кыыспыт чохтор үрдүлэригэр этин уурда. Бэлэмнээбит сиэлин уокка кээһэн, сыт-сымар таһаарда.
– Чэ, аһыаҕыҥ, сарсын Эбэ кытылыгар сиэр-туом толоруохпут. Уҥуортан оннук айылаах туох даҕаны биллибэт. Ол эрээри, аттары Эбэ кытыытыгар киллэримэҥ. Сыбыдахтаан эрэ кэбиһиҥ. Биир түүн туох даҕаны буолуохтара суоҕа. Сарсыарда Эбэ кытылыгар киирдэхпитинэ ыыталыахпыт, – дии-дии, Нүһэрги Боотур эт хостуурга анаан кыччайбыт уһуктаах мутугунан көһүйэттэн эти тобулу анньан таһаарда. Этин үрбэхтии, тииһинэн ытыран тарда, быһаҕынан элийэ быһан, ыстаан онньоҥнотто. Бэлэстээх Нүһэрги кутаа суоһуттан тиритэн ньалҕаарыстылар. Тас таҥастарын устан, имири-хомуру аһаан кимириттилэр. Өтөр буолбатылар, күннээҕи сылаалара киирэн, сыҥааҕырдаан бардылар. Лүксүрээн этэрбэстэрин устан, дьылҕан мастарга кыбыта анньыталаат, куобах түүтэ суорҕанын бүрүнэн, сытынан кэбистэ. Нүһэрги Боотур кутаа сырдыгар батаһын сыгынньахтаан, эргим-ургум тута, быһаҕын өнчөҕүнэн биитин көннөрөрдүү сууралаамахтаата. Сытар сирин улаҕатыгар сыгынньахтыы анньаат, төбөтө тэллэҕэр сыстаат, мунна хаһыҥыраан барда. Бэлэс Боотур сөҕүрүйэн эрэр уокка уккунньах уура, киирэ-тахса, аттарын сыбыдахтаан, диэли ис өттүттэн маһынан баттатан, утуйар оннун булла.
Күүһүн ылан эрэр күһүҥҥү ыас хараҥа, сарсыҥҥы күн хаһан даҕаны үүнүө суоҕунуу, уккунньаҕы сабырыйа барыйбыта. Сарсын, сарсын туох буолар…
Үөл-дьүөл буолуута, Лүксүрээн сөтөллөн хахсыйа, кырыаламмыт бэргэһэтин кытыытын соттуммахтыы, туран кэллэ. Сыыгыныыр уккунньаҕы мутугунан тэһитэ кэйиэлии, эргитэ-урбата, бэс киһиргэһин уурталаата. Уот ону хабан сирдьигинии, онон-манан быгыалыы, кыһыл тылынан салаамахтаан иһэн, тачыгыраччы күлүбүрүү умайан, ураһа иһин сырдатта. Лүксүрээн уотун көрө, үөһэ ыйаабыт дүҥүрүн ылан, уокка сырайа тута эргичиҥнэттэ. Дүҥүр тириитэ тыҥаан, кыра да таарыйыыттан тыас таһааран, иһиллэр-иһиллибэттик ньириһийбэхтээтэ. «Бээ, бээ, ыксаама… Хоммуттаргын хоҥнор, киртэн-хохтон ыраастан», – диэн ботугуруу, дүҥүрүн сахсыйбахтыы, сирэйин имэрийбэхтээтэ.
– Боотурдар, уһуктуҥ, туруҥ! Улуу Эбэ иччилэрин айах тутан, алгыс этиэхпин, көрүү көрүүлэниэхпин көстүүлээх сиргэ кутаата оттуҥ.
– Кырдьаҕаас, хайдах-туох буолуох курдукпутуй? – Бэлэс Боотур олоро түстэ.
– Түүл, бит-билгэ ханна барыай? – Лүксүрээн көхсүн этиттэ. – Үтэн-анньан көрүөхтэрэ. Кэтиэхтэрэ-маныахтара. Араас албаһынан хараххытын иирдэн, көстүбэт айа кылыытын таарыйтара сатыахтара… Сыалаах-арыылаах аһы сыгынньах тарбахтаргытынан таарыйаайаҕыт. Сэпкитин-сэбиргэлгитин аттыгытыгар чугас тутаарыҥ. Аттары түһүүлэммит ураһабыт таһыгар баайан хоннорооруҥ. Ити миҥэлэрбититтэн улаханнык куттанар кыыллара. Үөһэттэн айдарыылаах Дьөһөгөй оҕолоро дурда-хахха буолуохтара… Туох эмэ буолаары гыннаҕына, бэлиэ биэриэм. Бука ис туругу тургутуһан, үтүһэн-анньыһан, күрэстэһэн эрдэхпит… Миигин көрөөрүҥ-харайаарыҥ. Бэлэһим хаттаҕына, саҥам иһиллибэт буоллаҕына, айахпын атытан, сылаас уута кутаарыҥ… Тоҥон, токуччу тартарбыт даҕаны буоллахпына, куттанымаҥ. Араан иннигэр эргитээриҥ-урбатаарыҥ. Үөһээ айан хаһан баҕарар тымныы буолар… Олох мөлтөөбүппүн көрдөххүтүнэ, Бэлэс Боотур хайдах этигиний? Бааргынан-суоххунан хаһыытаан тоҕо бараар. Миигин эрэ сиэри, кыылын-сүөлүн туһаайан олорбут ойуун, онтон кута ыстаныа… Кыыла-көтөрө, кылгас даҕаны кэмҥэ, күрэнэн ылыа. Дьэ, оччоҕо кэпсэтии атын буолуо… Нүһэрги Боотур уоххун-кылыҥҥын үүннээн-тэһииннээн тутаар. Батаһы, кылыһы кылбаҥнатаҥҥын, өлүүнү бэйэҕэр ылыныаҥ… Сатабылыҥ, күүһүҥ-уоҕуҥ иннигэр. Тургутуһуу хайдах барбытыттан дьылҕабыт тутулуктаныа… Элэтэ.
Эбэ кытылыгар, көстүүлээх сиргэ, кутаа отуннулар. Лүксүрээн дүҥүрүн уокка сырайа, көрдөһөн-ааттаһан ботугуруу, үрүҥ сиэли уокка биэрэн сырдьыгынатта, сыт-сымар таһаарда. Тилэҕэр тиийэр-тиийбэт үрүҥ сарыыттан тигиллибит ойуунун таҥаһын тилэри кэтэн, дүлүҥ үрдүгэр таба тэллэҕэр олбохтонон олорон, аргыый аҕай дүҥүрүн охсон, лүҥсүйэ онолуйда. Дөрүн-дөрүн өрүтэ уһуутуу ойон туран, дүҥүрдээх, былаайахтаах илиитин өрүтэ уунаҥалыы, илгистэ бэдьэҥэлээтэ. Ол аайы көхсүн күһэҥэтигэр кутаа уота кытарымтыйа ирбинньэхтэннэ. Түөһүн эмэгэттэрэ эйэҥэлэстилэр, кыаһааннара охсуллан кылырҕастылар. Таҥаһын сарбынньахтара өрө-таҥнары сахсаҥнаан, улуу кыыл кынатын сапсынарыгар маарыннастылар. Бэлэс Боотур көрдөҕүнэ, Лүксүрээн ойуун илэ-бодо уларыйан, Тойон Кыылга кубулуйан, таҥалайын чаҥырҕата өрө көбүөхтүү даллаҥалаата. Эмиэ даҕаны маҥан атыыр сиэлэ буралла, кистээн дьырылатарга дылы гынна…
Борук-сорук, дүҥүр тыаһыттан үтүрүйтэрбиттии, сыыйа сырдаан, эбэ киэҥ киэлитин бүрүйэ сабардаабыт хаар тумарык сайҕанан барда. Уҥуоргу кытыл арыллан, хаарынан бүрүллүбүт лаппаҕар мыраан анныгар тордохтор хараара хоройон көһүннүлэр.
– Оок -сиэ, тоҕо сүрэй! Кырдьаҕаспыт илэ бараары гыннаҕа дуу… – диэн ботугуруу, Бэлэс Боотур тэйэн биэрдэ.
Нүһэрги Боотур хараҕын муҥунан көрөн, турукка киирэн, дүҥүр тыаһыгар сөп түбэсиһэн, тобугун үрдүгэр накыҥныы дьигиҥнээтэ.
Этиҥ этэринии лүһүгүрүүр дүҥүр тыаһа ырааттар-ыраатан барда. Тула уу чуумпу сатыылаата, бэл, кутаа намыраан, барбах сыыгыныы төлөннүрдэ. Эбэ киэҥ иэниттэн тыаһа суох тайааран, сүүнэ улахан хаар эбэ көтөн кэлэн, сиргэ олоро түстэ. Эҕэрдэлэһэн эрэрдии улахан төбөтүнэн нөрүйбэхтии, ыыс араҕаһынан дьэрэличчи көрбөхтөөтө. Бэлэс Боотур куонньалыгыттан ох саатын хаба тардан таһааран, сулумах ох ууруна охсон, кирсин тардан кычыгыратта.
– Ытыма, ытыма-аа! Билэ-көрө атын киһи сылдьар! – диэбитинэн Лүксүрээн ойуун сүр эрчимнээхтик ойон туран, дүҥүрүн күүскэ дарбыйда. Хаар эбэ нахчас гынаат, көтөн күпсүйдэ. Тэйиччинэн эргийэ талбааран, Эбэ үрүҥ тумарыгар киирэн симэлийдэ.
– Хаарыан ас барда, – Бэлэс Боотур ох саатын санньытан, хаар эбэни хараҕын далыгар киллэрэ сатаан кыҥастаста.
– Кэлиҥ эрэ, тыынна ыла түһүөҕүҥ, – Лүксүрээн аҕылаан бөтүөхтүү, тиритэн сүүмэхтэммит баттахтарын кэннин диэки силэйэ, бэрт ыараханнык олбоҕор олордо. Дүҥүрүн тобугар уурунан, сирэйин ытыһынан соппохтоото. – Көр эрэ, көрүҥэ маҥанын иһин, хаанымсах, эдэрчи ойуун эбит… Оттон биһиги тэҥҥэ кырдьаахтааммыт… Иннибитигэр-кэннибитигэр элэҥниирдэрбит кулгаахтара, харахтара бүөлэммитэ сүрүн. Биитэр кырытыннаран, дьабыҥҥа аттанарбын билэн, бытаардахтара дуу… Улахан ыҥырыынан, көрдөһүүнэн кэллэхтэрэ үһү, – диэн ботугураамахтаан ыла, тыастаахтык өрө тыына кыыкынаата.
– Көрүҥ-көрүҥ! Ол тордохтор диэкиттэн туох буруота дуу, тумана дуу бурҕачыйарый? – Бэлэс Боотур өссө үчүгэйдик көрөөрү, күөл диэки киирдэ. Нүһэрги, көрөөрү буолбакка, истээри, дуулаҕатын туура тардан, ынтакатын уҥа кулгааҕын өрө анньа, ытыһын холбоччу тутта.
– Ээ, ити ыҥырыыбытын истэн, туматтар истэхтэрэ. Табаларын уонна бэйэлэрин тыыннара бурҕачыйар ини…
– Һа, таах кэлсибиппин дуу… Туһалыам, таарыччы тыыммын таһаарыам дии санаабытым. Маннык кэпсэтии тахсыан билбитим буоллар, кэлсиэ даҕаны суох эбиппин, – Бэлэс Боотур хомойбуттуу туттан, икки өттүнэн иэҕэҥнээн ыла, ох саатын куонньалыгар симиннэ.
– Бээ, Бэлэс Боотур, ыксаама, ити ис кыахпытын көрдөрдүбүт. Аны эн хаһыыгынан итини бигэргэтэн көр. Былыр-былыргыттан билиҥҥээҥҥэ диэри бары омук өһүн дьоно дуорааннаах саҥалаахтан саллаллар, улахан күүстээх киһинэн билинэллэр. Уоскун-тиискин оҥоһун, күөмэйгин чөллөрүт. Хомуһунум хомуллубут буоллаҕына, билиигэ кэлэн иҥниэхтэрэ. Эн, ону туһанан, хантан хааннаахпытын, кимтэн кииннээхпитин кэпсээ, – Лүксүрээн, сэниэтэ эстибиттии, төбөтүн хоҥкутан, уоту тобулу одуулаан олордо.
– Ыһыытаары кэлбитим… Ыһыытаамына, – дии-дии, Бэлэс Боотур дэгдэс гына түстэ. Өҥө-дьүһүнэ биллибэт буолбут тииҥ кутуруга нээлбитин суон моонньуттан субуйа тардан ылан, чугас турар талахха иилэ бырахта. Сыыҥтаан-хаахтаан силлээмэхтии, кытыл диэки дьулуруйда. Эбэ уҥуоргу өттүнэн үрүҥ тумарык чугаһаан испитэ. Эмискэ, билиигэ кэлэн, өрө бурҕачыйа түллэҥнээтэ. Табалар хаамсан хоочугураһаллара, дьон кэпсэтэн ньамалаһара улаатан иһилиннэ.
– Оһо-оһо-оо, Кучан эбэттэн Туоҕа Боотур дьоно иһэби-иит! Халыҥ аймах тардыыта, силиһэ-мутуга – Тыгын Тойон-то-оон! – Бэлэс Боотур баппаҕай курдук ытыстарын холбоччу тутан, ыһыытаан доргутта. Сарсыардааҥҥы дьыбарга күтүр улахан көҥкүлэс саҥа, көҥдөй тиити охсуолуурдуу, быһытталана дуораһыйа, ыраахха диэри сатараата. Үлүгэрдээх үөгүттэн тула өттүлэрэ дьигиһийэргэ дылы гынна. Талахтар быыстарыттан үөр ыалыкы үргэн кырыаны бурҕаҥната өрө кылбаҥнастылар, хатыҥ мастарга ытарҕаламмыт куртуйахтар өрө көтөн күлүбүрэстилэр. Тэйиччи хаһан аһыы сылдьыбыт аттар, кулгаахтарын чөрөҥнөтө, өтүү быаларын хантаччы тарда, тула сиэлэ хаһыҥырастылар.
– Хааҥҥа суудайбаппыт, ил-эйэ эҥээрдээхпи-иит! Араан тула олорон олохтоох тылы булларбыт диэн иһэ-би-иит! Оо-һо-оо, – Бэлэс ыраах эҥсиллэ дуораһыйар бэйэтин хаһыытыттан астыммыттыы сис туттан, икки өттүнэн иэҕэҥнээн, төттөрү-таары хаамыталаата. Бэркэ чэпчээбит быһыынан дьонугар таҕыста.
Табалаах дьон өрө булумахтанан, көстүбэт эркиҥҥэ иҥнибиттии, өрө-таҥнары тамаһытаат, төттөрү ойуттулар. Сарсыардааҥҥы дьыбарга табалар уһуурар хойуу сылаас тыыннара, тоҥ салгыҥҥа бурҕачыйа тарҕанан, ыйанан хаалла. Кэнники иһээччилэр, туохтан эрэ куттаммыттыы, кылгас уктаах үҥүүлэринэн уучахтарын моонньуга, кэлин атахха охсуолуу, атахтарынан тэбиэлээн тиэтэтэ, инникилии сатаан хороҕулдьуттулар.
Эбэ кытылыттан мырааҥҥа диэри нэлэһийбит ырааһыйаҕа одоҥ-додоҥ туруоруллубуттартан ойуччу багдайан турар ураһа таһыгар тиийэн үөмэхтэстилэр. Маҥанныҥы дьүһүннээх уучахтан, үҥүүтүгэр тирэнэн, саҕынньаҕын таһынан муос куйаҕын кэппит эдэрчи киһи бэрт чэпчэкитик ойон түстэ. Тэбэнэн-сахсынан, куйахтарын муостара халыгырыы, өттүктэрин сууралана, диэли арыйан иһэн, иһирдьэ мэлис гынна.
– Чугаһаппатылар! Сүрдээх күүстээх дьон иһэллэр. Аҥаардас хаһыыларыттан киһи кута көтүөх курдук… Ол эрээри кыргыһы өрө туппаппыт дииллэр. Туох сүрдээх кыыллара эбиттэрэ буолла? – диэмэхтии, биир кэм өрө эккирии турда.
– Хастарый, туох таҥастаах, сэптээх-сэбиргэллээх дьонуй? – диэбитинэн, араан таһыгар тэлгэтиллибит эһэ тириитигэр өттүгэстии сыппыт уһун сула оҕонньор олоро түстэ. Сыт ылаары гыммыттыы сүһүөхтээх, субуруйбут улахан муннун таныыларын тартаҥнатта, тыастаахтык сыҥырҕаата. Уҥуоҕар-иҥиэҕэр холооно суох модьу харыларын хардары-таары сууралаамахтанна.
– Ох көтөр сиригэр кыайан киирбэтибит. Эбэҕэ түһэр Үрүкчүк үрэх, көрөн турдахпытына, сылбырхай уунан сүүрдэн барда… Онтон биир кыыл үөгүлээн, табаларбыт үргэн, куоттартыы сыстыбыт… Үһүөлэр, иккитэ тимир куйахтаахтар. Көхсүлэригэр кэппит сабыылаах алаҥаалара аһара улаханнык көстөр. Биир маҥан таҥастаах, маҥан баттахтаах ойууннаахтар. Ол хомуһуна дуу, үөдэн дуу харахпытын ииртэ быһыылаах…
– Ыл эрэ, Мэдэйэ ойууну уонна Куолакы Хоһууну ыҥыртаа.
Хоһуун, киирбитин курдук түргэнник, тахса ойдо. Оҕонньор туран, тыыллыммахтаан ылаат, араанын уотун сөргүттэ.
– Олиндя, туох ыксалай? – диэбитинэн, кэҥэс харахтара мээнэнэн сүүрэлээбит, кыра соҕус уҥуохтаах, түргэн-тарҕан туттуулаах эдэрчи киһи киирэн кэллэ.
Кэнниттэн үрдүк уҥуохтаах, ыйаастыгас харахтара үтэн тахсыбыт иэдэстэрин уҥуохтарын түгэҕэр кылахачыспыт саас ортолоох хоһуун, кылгас үҥүүтүн тайахтаммытынан, баар буолла. Бэргэһэтин кэннин диэки силэйээт, диэл таһыгар, атахтарын үрдүгэр олоро түстэ. Тайах түнэтигэр тиһиллибит муос куйахтара халыгыраһан ыллылар. Төбөтүн хантаччы соҕус туттан, кылгас үҥүүтүн атахтарын үрдүгэр сытыары ууран, сиһин кэдэтэ иһийдэ.
– Мэдэйэ ойуун, тугу билэ-көрө сылдьаҕын? Эбэ уҥуор кимнээҕэ биллибэт дьон тохтообуттар…
– Хайдах билиэм суоҕай? Хаар эбэ буолан көтөн тиийбиппин, дуорааннаах тыаһынан үүрдүлэр… Ыраахтан силистээх-мутуктаах саха урааҥхайдара. Били, Куйарха Хоһууну буор сирэйдээбиттэр иһэллэр… Төһө даҕаны кырыйдар, үөһэттэн айдарыылаах ойууннаахтар. Атахтарын сотолоро, илиитин харылара кыа хаантан кытарымтыйан көстөр боотур баадаҥныыр. Хагдаҥ эһэни хаһыытынан куоттарар, бүтэй эттээх киһи түөрэҥкэлиир… Сүгүрүйэ, көрдөһө буолбакка, тэҥнээхпитин курдук кэпсэтэ иһэбит дииллэр даҕаны, ол боотуртан өлүү тыына аргыйда… Чэ, мин даҕаны баарбын, билэн-көрөн иһэр инибит.
– Хайдах-туох көрсөбүт, ол билэҥҥин, тугу тобуллуҥ? – Суор Тумус өссө даҕаны уоттаах харахтарынан Мэдэйэ ойууну өтөрү-батары, үөһэттэн аллара көрөн түһэрдэ.
– Эйэлээхтик иһэллэр. Ол эрээри, сирбитин-дойдубутун баһылыырдыы санаммыт урдустар. Кинилэри нөрүйэ, хары тутуһан, уруйдаан-айхаллаан көрсүмүөҕүҥ. Дойдулаах, сирдээх-уоттаах дьоҥҥо кинилэр сүгүрүйдүннэр… Эн кинилэри ыраата барбыт Көчүгэн оҕонньордоох улахан тордохторугар түһэр, ол кураанах турар. Киһи көрбөтөҕүн көрөр, истибэтэҕин истэр, сытыы-хотуу, сахалыы билэр хитэни асчытынан анаа. Куолакы Хоһуун хитэнэ бэрт этэ, – дии-дии, диэл таһыгар кэпсэтииттэн ымыттан даҕаны көрбөккө олорор Куолакы Хоһууну сэтэрээбиттии көрөн ылла. – Тордоххо туох буоларын, тугу кэпсэтэллэрин истэ-билэ олоруо этибит. Онтон атыныгар кыттыһыма. Айылгылаах дьон бэйэбит кэпсэтиэхпит… Күн иккис утуйуутугар хайдах арахсарбытын биллэриэм. Оччоҕо быһаарыныыны эн ылыныаҥ. Бүгүн киэһэ тордоххо дьону мус. Көрү көрдүннэр… Ким кыаҕын көрдөрбүт, кэпсэтиини иилиэ-саҕалыа, – диэн ымах гынаат, эргичийэ түһэн, тахсан барда.
– Куолакы Хоһуун, сэргэх инигин? Уолгунан ураһаны дьаһайтар, аста буһартар. Көчүкэн ураһатын түүннэри-күнүстэри кыраҕытык манат. Хайа даҕаны түгэҥҥэ, үһүс күн төрөөһүнэ, бэлиэ биэриэм. Оччоҕо, тахсыбат гына манаан туран, дьылҕан мастары быһыта охсон саба түһэрэҥҥит тутаттаарыҥ. Онтон көрүөхпүт …
– Уолбун онно-манна сыһыарыа суох этиҥ, – Куолакы Хоһуун сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, умса көрө иэҕэҥнээн ылла. – Мэдэйэ миэхэ таала кырыыламмыта ыраатта. Куйарха Хоһуун дьабыныгар көппүтүгэр кини буруйдаах! Баайга-дуолга ымсыыран, эдэр хоһууннары өлүү айаҕар аспыта… Мин тылбын истибэккэ, Амака Хоһууннаахха саба түһэн, таныар бөҕөтүн тарта дии… Эн кинини олус өрө тутума, баспытынан хаамарын оҥостор, – диэбитинэн, көрүҥэр холооно суохтук, өндөйөн иһэн, атахтарыгар дьирэс гына тура түстэ. Нөрүйэн ылаат, тахсан барда.
– Кэлбиппитин биллилэр, айанныаххайыҥ, – Лүксүрээн дүҥүрүн сахсыйа туран, Нүһэрги көмөтүнэн, атыгар олордо.
Бэлэс Боотур ыһыытаан тыынын таһааран, биир кэм бэдьэйэ сылдьан, атын ыҥыырдыы оҕуста. Ыксал тирээтэҕинэ түргэнник ылардыы, ыҥыырын хаҥас өттүгэр батаһын иҥиннэрдэ. Куонньалыгыттан ох саатын сулбу тардардыы, хаппаҕын тиһиликтэрин сүөртэлээн, охтоох кэһэҕин ыҥыырын уҥа өттүгэр ииллэ. Нүһэрги Боотур хайыы үйэ хаана оонньоон, кымньыытын оннугар батаһын сыгынньахтыы тутан, кыргыһыыга киирэрдии, дуулаҕатын сыҥаахтарын ыксары баанна.
Лүксүрээн ойуун инникилээн, дүҥүрүн аргыый охсон ыла, бүппэт тойугун кигинэйэ, хаамтара турда. Билиини туораан эрдэхтэринэ, уонча табалаах хоһуун өрө мэҥитэн кэлэн, ох саа ылар-ылбат сиринэн, икки өттүлэринэн сиэллэрэн хороҕолдьуттулар. Итини көрө-көрө Нүһэрги Боотур тииһин хабырына, батаһын иэдэһинэн атын самыыга охсо хантаһытта. Түөлбэҕэ чугаһаан истэхтэринэ, улахан түгэһэк кэппит тымтык саастаах уол оран уучаҕынан бурҕачытан кэлэн, тула холоруктатта. Тайах маһынан ыйа далбаатана, иннилэригэр түһэн тамаһытта. Өтөр гымматылар, ураһалар көстүтэлээн бардылар. Иһирдьэ киирдэхтэрин аайы, бөдөҥ бэстэр, улахан сыгынахтар кэннилэриттэн тайах тириитинэн тиириллибит халкы куйахтаах, алаҥаалаах хоһууннар өҥөлдьүстүлэр. Табалаах уол биир обургу тордох таһыгар чугаһаан иһэн, тайах маһыгар чиэстэнэн ойон түһээт, оранын ыытан кэбистэ. Уол боотурдары илиитинэн ыҥыра, тордоххо киирэн хаалла.
– Аттары сыбыдахтаабакка, тордох кэннигэр баайталааҥ, – Лүксүрээн сөтөллөн кыыкыныы, эргим-ургум көрө атыттан түһэн, дүҥүрүн быарыгыттан ыҥыырга иилэн, тэбэннэ-сахсынна.
Эмискэ үрдүнэн сүүнэ хаар эбэ тыаһа суох талбааран иһэн, дүҥүр «лүһүгүр» гыммытыгар, икки кынатынан таһынан эрэрдии суускайданан, өрө күпсүйдэ. Лүксүрээн соһуйан: «Һуу, һуу!» – диэмэхтии, чохчос гына, өттүктэрин охсунна. Хаар эбэ уҥа-хаҥас хаймаҥныы, бэстэр быыстарынан тэлээрэ турда.
– Бу маҕай аллааҕы көр! Куппун көтүтэ сыста… Дьэ ити буоллаҕына, күрэстэһэн даҕаны көрдөхпүт… – Лүксүрээн дүҥүрүн ылан, куйах курдук түөһүгэр ыксары тутан, тордох диэки бадьаалаата. Боотурдар саадахтарын кэтэн, ындыыларын сүгэн, оҕонньордорун батыстылар.
Итини кэтээн турбут хоһуун, алаҥаатын туппутунан, бэс кэнниттэн чиккэс гына ойон таҕыста. Эргиллэ түһээт, багдайбыт ураһа диэки сүүрэн элэстэннэ.
Кинилэр кэлэллэрин кэтэспиттии, тордох сылаас салгынынан илгийэ, буспут эт сытынан дыргыйа тоһуйда. Тордуохтаах мастарга ыйаммыт буор көһүйэлэр кытыыга тардыллан, сыыйа бургучуйаллар. Хайыы үйэ тириппит, уһун баттаҕын биир гына өрүммүт уолчаан, тыла суохтуу биир кэм ымаҥныы, кэҕиҥнии, тайах дарпытыгар үтэһэ маһынан сыалаах эти хоторон өрөһөлөөтө.
– Бэрт дьоҥҥо кэлбиппит дуу, тугуй?! Бу уол чоҕулуччу көрөн, хараҕа тоҕо сытыытай? – Нүһэрги Боотур атаҕын тэбэнэ, астан хараҕын араарбакка, ыйыллан хаалбыт дуулаҕатын сыҥааҕын быатын сүөрэ, сөҥөдүйдэ.
– Сыалыһар быарыныы ньалҕаарыйымаҥ, тулаҕытын кэтэнэ-манана сылдьыҥ. Дьон кэллилэр диэн, сиэр быһыытынан көрсүбэтилэр… Буолары-буолбаты мээнэ кэпсэтимэҥ, төгүрүччү кэтииллэр, иһиллииллэр… – Лүксүрээн тордох иһин эргиччи көрө, хаҥас диэки тэлгэнэ сытар таба тириитигэр тиийэн, атахтарын үрдүгэр олордо. – Бу өттүгэр түһүүлэниэҕиҥ, киирэр-тахсар дьону көрөр гына, – Лүксүрээн тайах дарпытыгар эт хоторо сылдьар уолу саҥата суох илиитинэн ыҥыран, дарпыны аттыгар тардарга ыйда.
Тордох иһигэр араан уота күлүк түһэрэн ирбинньэхтэниэр диэри иэгэйэр икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх быган көрбөтө. Бэлэс Боотурдаах аттарын тордох кэннигэр көһөрөн баайталыы, тулаларын көрдүлэр-иһиттилэр. Лүксүрээн араан таһыгар аргынньахтыы олорон сиэл кээһэ, сыалаах эти уура, уоту кытта кэпсэтэн ботугуруу, турукка киирээри көрдөстө, ааттаста.
Хараҥарыыта тордоххо дьон мустан барда. Киирбит дьон бэргэһэлэрин кэннин диэки сиэлийэ, Лүксүрээннээххэ нөрүйэн ыла, эркини кыйа тэлгэтиллибит тириилэргэ чөм түһэн истилэр. Икки хоһуунунан арыаллатан, тилэҕэр охсуллар түгэһэк сонноох Олиндя-Суор Тумус сүһүөхтээх муннун хантаччы тутан киирэн кэллэ. Хоноһолор ханан олороллорун көрдүүрдүү, тула мэлээриҥнии, сыт ылардыы хантаарыҥнаан иһэн, Лүксүрээннээҕи көрөн тоҥхос гынаат, киниэхэ анал бэлэмнэммит олбоххо ааста. Сонун нэлэккэйдэнэн, үрүҥ тугут тириититтэн тигиллибит кулуук бэргэһэтин устан, тобугар уурунна. Суһуох гына өрүммүт күрэҥсийбит уһун баттаҕын кэнниттэн тардан, түөһүгэр түһэрдэ. Муннун хантатан, ыйаастыгас харахтарын симириктэтэ, Лүксүрээннээҕи одууласта.
Таһырдьа хоочугуруур, тилигириир тыас иһиллээт, сүтэн хаалла. Өтөр буолбата, бурҕачыйар тымныы салгыны кытта эһэ тириитин атаҕын тилэҕэр диэри бүрүнэ быраҕыммыт орто уҥуохтаах киһи ойон киирдэ. Эргим-ургум курбачыйа, араан иннигэр тобуктуу түстэ. Икки илиитин өрүтэ уунаҕалыы, киһи билбэт тылынан саҥара, уокка тугу эрэ ыспахтаан, өрүтэ күлүбүрэттэ. Тордох иһин туймаардар сыт тунуйа көттө. Көрөн олорооччулар харахтарын уута бычалыйыар диэри сыҥааҕырдаан бардылар. Бүдүк-бадык быыһынан харахтарын ньуххана, кыҥастаһа сатыы олордулар. Мэдэйэ ойуун ол аайы хамсаныыта, туттуута-хаптыыта түргэтээн барда. Ойон туран, арааны эргийэ үллэрэҥнээтэ. Кутаа барбах сырдыгар илэ-бааччы уот кыһыллыҥы өҥнөөх эһэ өрө үллэҥэлии түстэ. Тула олорор дьон суугунаһа, илиилэрин иннилэригэр ууна умса түстүлэр. Эһэ суостаахтык кылана, сыт ылан хантаарыҥнаата. Илэ-бааччы саллайбыт баһын илгистэ, аһыыларын килэҥнэтэ, суос бэринэн ыардык ырдьыгынаата. Лүксүрээн ойууҥҥа субу саба түһүөхтүү, иннигэр хоруйбахтыы, аҕылаан мэҥийэ түллэҥнээтэ. Эргичийэ-урбачыйа эһэтин төбөтүн кэннигэр сиэлийэ, суордуу кыланна, алыкылаан тоҕо барда. Илиилэрин даллаппытыгар диэл таһыгар турбут хоһуун хаҥас илиитигэр төгүрүк дүҥүрү, уҥа илиитигэр эһэ баппаҕайа бааллыбыт былаайаҕы туттараат, дьон кэтэҕэр түстэ. Лүксүрээн ойуун ону көрөн, түөһүн туһунан дүҥүрүнэн харыстанардыы тоһуйа, ойуун хас хамсаныытын кыраҕытык кэтээтэ.
Мэдэйэ ойуун дүҥүрүн тобугурата, бэрт чэпчэкитик өрүтэ эккирии кутуран куллугуруу, кыыран ыһыллаҥнаата. Ол быыһыгар араас көтөр-кыыл саҥатын үтүктэн ылаттыы, дьүһүн кубулуйа сатыырдыы даллаахтанна, эриэн үөннүү эриллэҥнээтэ. Дарбыйар тыаһа улам улаатан, икки атаҕар тэҥҥэ эккирии сахсылынна, турукка киирэн тиэрэ кэдэрийэ, умса нөрүйэ туруйалаата. Араан иннигэр хоруйа түһээт, даллах гыммытыгар умайан күлүбүрүү турбут кутаа, ардах түһэн эрэринии, сыыгыныы сөҕүрүйэн, буруо-тараа тордох иһин толордо. Бүдүө-бадаа быыһынан икки буолан көстө бүгүллэммэхтээтэ. Бэлэс Боотур буруоттан ууламмыт хараҕынан көрдөҕүнэ, хаар эбэ тэлиэс-былаас сапсынан, күлүбүрүү кылбаҥнаата. Кыараҕас тордоххо хаайтаран, ытыс таһынардыы даллаахтанан иһэн, сиргэ олоро түстэ. Иһиирэ чыыбыргыы, икки өттүнэн иэҕэҥнээн хааман иһэн, сүтэн хаалла. Бэлэс Боотур хараҕым иирэр дуу дии саныы, хараҕын дьүккэтэ ыалдьыар диэри кыҥастаһа сатаата. Дьон өрө көтөҕүллүбүттүү алыкылаан хаһыытастылар. Лүҥсүүр сыыйа намыраан, бүтэһигэр тобугураан, ырааттар-ыраатан симэлийдэ. Ойуун ыараханнык тыына, Суор Тумус таһыгар олоро түстэ. Илбиһэ кыайан тахсыбакка, өрүтэ уһуутаталаата. Сыыйа чуумпуран, үллэрэҥнээбит бэйэтэ харбыйан барда.
Имик-самык барыйда, уу чуумпу сатыылаата. Эмискэ Лүксүрээн дүҥүрэ, тугу эрэ иһиллиирдии дуу, тугу эрэ ыҥырардыы дуу, тохтуу-тохтуу дуораһыйбахтаата. Араан кутаата күүһүн кыайан ылбакка, барбах төлөннүрэн ылар сырдыгар маҥан сарыы соно кытарымтыйа, ыыс араҕас баттаҕа ыһыллаҥныы туналдьыйда. Охсорун быыһыгар дүҥүрдээх илиитин өрүтэ ууммахтыы, арааны тула, күн тахсыытынан үстэ эргийдэ. Үрүҥ Аар Тойонтон көрдөһө-ааттаһа, үгүрүөлүү-үгүрүөлүү, умса хоруйбахтаата. Дүҥүрдээх, былаайахтаах илиилэрин былас быраҕан илибирэттэ. Тойон Кыыллыы чаҥырҕыы, үөһэ даллаахтанна. Көрдөһүү сиэрэ-туома ситтэ бадахтаах, дүҥүрүн умуллан эрэр кутаа үрдүгэр сирэйинэн тутан, аргыый лүҥсүйдэ. Ол аайы өһөн эрэр уот, дүҥүр тыаһын батыһардыы, өрүтэ үөмэхтэнэ, өрө күлүбүрээтэ. Тордох иһин сырдата, барыгылдьыспыт күлүктэри эркиҥҥэ үтэйэ, сылаас салгынынан илгийдэ. Дүҥүрүн кулгааҕар даҕайа, алгыс этэн, тойук туойан куллуһутта. Куойатыгар кыбыппыт сиэлин ылан уокка уурда, этэрбэһин оһуттан кытыан таһааран, сирдьигинэччи сиэтэ үттэ. Уот үөрбүттүү сырдьыгыныы, тордох иһин минньигэс сытынан тунуйда. Лүҥсүүр улааттаҕын аайы, Лүксүрээн бэдьэҥэлиирэ эрчимирэн, өрүтэ көтүөккэлээн барда. Кыаһааннара бэйэ-бэйэлэригэр охсуллан кылырҕаһа, уот сырдыгар араастаан эйэҥэлии кылабачыстылар. Ис хоһооно суох энэлийии былаастаах тойук быыһынан, Тойон Кыыл таҥалайын охсуна таҥнары сатыылаан, субу чаҥырҕаата. Ону даҕаспытынан таһырдьа, ким эрэ охсон ыларыныы, тордох тириитэ лүһүргээмэхтээтэ. Мэдэйэ ойуун соһуйан, олбоҕор өрө эккирии, дүҥүрүнэн төбөтүн хаххалана ньыкыйда. Тойон Кыыл тордоҕу эргийэ чаҥыргыыра ыраатан эрдэҕинэ, аттар туйахтара тоҥ сиргэ битигирэстилэр. Тордох тула хаһыҥыраһа, кистээн дьырылаттылар. Мустан олорооччулар умса түһэн, кулгаахтарын саба туттан, дьигиҥнэһэн бардылар. Дүҥүр тыаһа намыраан, аттар туйахтарын тыаһа хабырҕаһа тэйдэр-тэйэн, бара турдулар. Лүксүрээн ойуун уоттаммыт хараҕынан тордоҕу кэриччи көрө, аа-дьуо олбоҕор тиийэн олордо. Өссө даҕаны лүһүргүүр дүҥүрүн уоскутардыы имэрийбэхтээн ылла.
Мэдэйэ ойуун, туох эрэ ыарахан сүгэһэри санныгар ууруммуттуу, бэрт ыараханнык туран кэллэ. Киирэригэр эҕэрдэлэспэтэҕиттэн эбитэ дуу, ытыктабылын биллэрэн дуу сүгүрүйэн ылла. Атахтарын сиринэн соһон, дүҥүрүн санньытан, диэл диэки харбаста. Кини кэнниттэн үтүрүһэ-анньыһа, мустубут дьон таһырдьаны былдьаста. Бүтэһигинэн Олиндя оҕонньор, тугу эрэ этиэхтии тэпсэҥнээмэхтии, нэлэккэйдэммит сонун түөһүн сөрүү тардына, нүксүйбүтүнэн тахсан барда. Лүксүрээн ойуун өрө тыынаат, көнөтүк туттан, олорбут сиһин босхо ыытан, ынчыктаамахтаан ылаат, тобуктарын түөһүгэр хомуна тардына, сытынан кэбистэ.
– Ити сула, сүһүөхтээх муннулаах баһылыктара быһыылаах, «Олиндя, Олиндя» диэн сибигинэһэллэрэ. Чахчыта даҕаны суор, суор тумсун курдук муннулаах буолан… Хайа, хайдахпытый? – Бэлэс Боотур токуллан сытар Лүксүрээнтэн ыйытта.
– Этэҥҥэ! Бу киэһэ биһиэнэ, ол эрээри манаһан хонооруҥ. Миҥэлэрбит тугу эмэ сибикилээтэхтэринэ биллэриэхтэрэ, – диэн сибигинэйэ, этин тартара, утуйан мунна биир тэҥник сурдурҕаан барда…
Сарсыҥҥы күнүгэр Бэлэс Боотур эрдэ туран, аттарын сыбыдахтаан, үөскэ киллэртээтэ. Кэлэ-бара тула өттүн көрүөлүү сатаата эрээри, биир даҕаны манабыл хоһууну булан көрбөтө. Ол эрээри этинэн-сиининэн кыраҕытык кэтииллэрин сэрэйдэ. Тордоххо тэбэнэн-сахсынан киирбитэ дьоно туран, кинини кэтэһэн олороллоро.
– Хайа, кырдьаҕаас, хайдаххыный, түүл-бит тугу кэпсиир? – диэбитинэн, Бэлэс ынтакатын уста охсоот, Лүксүрээни кыҥастаста.
– Бээ, ыгылытыма. Бэҕэһээ ис турукпутун, кыахпытын тургутустахпыт, оонньоон көрдөрдөхпүт… Бүгүн хайа буолар? Сурах-садьык тыала буолбатах буоллаҕына, аат ааттаан киһи киириэ… Ити эдэр ойуун бэтэрэнэн соҕус сырыылаах бадахтаах… Аба-хомуһуна харах баайыытынан муҥурданара дуу, миэхэ сүр баттатан дьаабыланара дуу… Ол эрээри эдэрдэр баһа суох буолаллар, иннибэр айа тардыан, кэннибиттэн ох ыыттаҕына даҕаны көҥүлэ…
Диэл сыҕаллан арыллан, Олиндя-Суор Тумус тыаһа суох киирэн кэллэ. Бэргэһэтин көхсүгэр силэйэ, томороон улахан үтүлүктэрин устан, бэйэ-бэйэтигэр охсуолаата. Дьон хараҕын таба көрбөккө мэлээриҥнии, араан таһыгар тиийэн, атахтарын үрдүлэригэр чөм түстэ. Уоту одуулуу, кэһиэҕирбит күөмэйинэн саҥаран барда:
– Бу сирдэр биһиэннэрэ! Эһиги бу сиргэ үктэниэххититтэн алдьархай эрэ ааҥныыр. Түһүүлэнэ сытар хоһууннары уһун ууларыгар утуппуккут… Куйарха Хоһууну бохсутан бараҥҥыт, онно сөп буолбаккаҕыт, кулгааҕын быһаҥҥыт, өбүгэлэригэр тиийбэт оҥорбуккут… Эһигиттэн сылтаан, Амака Хоһууннааҕы кытта атааннаһан, өрүс нөҥүө куоттартаатыбыт. Таныарга киирдибит. Ылсар-бэрсэр, көмөлөсүһэр биис уустарбытын тэйиттигит… Аата суох айдаан, кэмэ суох иэдээн тоҕо тардылынна. Онон, кыа хаан үрүйэлии уста илигинэ, мантан дьүгэлийиҥ! Тутуллубут хоһууннары ыыталаабыт үтүөҕүтүгэр эһигини мантан тыыннаах ыытабыт. Иэс итинэн бүтэр… Эһигинэ суох бачча тухары олорон кэлбиппит, олоруохпут даҕаны. Дьүгэлийиҥ! Мин тыыннааҕым тухары, бу сиргэ сүгүн олоруоххут суоҕа, – этиэхпин эттим диэбиттии, сыт ылаары гыммыттыы, муннун хантатан, ойон турда.
– Эн эттиҥ, биһиги иһиттибит. Аны эн иһит, – Лүксүрээн сиһин көннөрөн, илиилэринэн ньилбэктэригэр тайанна. – Ыраахтан силистээхпитин истэн-билэн олордоҕуҥ. Тыгын Тойон диэн кимин, үһү-тамах да буоллар, билэн эрдэҕиҥ.
Бүтэй Бүлүү өлөрсүүтүн барытын биһиэхэ сыбаама! Ураһалаах хоһууннары кэлбит-барбыт урдустар кыргыбыттар этэ. Куйарха Хоһуун кыргыһы бэйэтэ саҕалаабыта. Аҥаар кулгааҕа суох дьабыныгар көппүтэ бэйэтин буруйа… Ойуунуҥ итини бэркэ билэр. Кэпсээн биэрэбин дуу? Амака Хоһууннуун көмөлөсүһүөх, көмүскэсиһиэх буолбуппут…
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?