Текст книги "Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа"
Автор книги: Иван Андросов-Айанньыт
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 1 (всего у книги 12 страниц) [доступный отрывок для чтения: 3 страниц]
И. Андросов-Айанньыт
Тумаҥҥа симэлийбиттэр
2 чааһа
«Кучан булуута, Омоллоон олоҕо, Дьэргэстэй ыһыаҕа».
Өс хоһооно
Тумаҥҥа симэлийбиттэр
1.
Тойон Кыыл кутуруга, уус киһи чараас ылтаһынтан таптайан оҥорбутунуу сараадыйан, сүүнэ кынаттарын хотоҕойдоро барбах ибирдээн ыла, кыырай халлаан кырсынан талбаарар. Улуу көтөр эриличчи көрбүт хараҕын далыгар мэндээрэр үгүс күөллэр, маамыкталыы сыыйылла хараара дьиримниир Сыа Бүлүү өрүһэ, оҕус алтахтаан хааман иһэн ииктээбитинии, эриллибит-буруллубут үрэхтэр тыраадыстылар. Аан Ийэ айылҕа, «кэрэбин көрүҥ» диэбиттии, күһүҥҥү араас эгэлгэ өҥүнэн оһуордаабыт төгүрүк алаастарын кэриилэрэ, киэҥ сыһыылара, сиикэрэ толоонноро, сэндэҥэрэн көстөр халыҥ сис тыалара, бэс чагдалара, хатыҥ чараҥнара солбулла утум-ситим уһуннулар. Кыраман үрдүктэн талбаара намтаан истэҕин ахсын, сиппэрэҥ ардахха саба баттатан барбах буруолаан унаарар үрэх кытылынааҕы кыараҕас ырааһыйа кэҥээн, ото-маһа ситэн истэ. Сиргэ тэлгэммит араҕас, кыһыл сэбирдэхтэр быыстарыгар уокка кэриэччи салатан хороһо хараарбыт ураһалар дьылҕан мастара, чөҥөрүспүт арааннар хараарыҥнастылар. Саһарбыт от быыһыттан кубарыйа куурбут таба муостара, харахтарын, муннуларын оҥхойдоро дьулааннык оҥоспут чөмчөкө уҥуохтара ыһыллыбыттар.
Ырааһыйа ортотугар илиилэрэ быластыы быраҕыллыбыт хоһуун кыа хаан сыттыктанан сытара. Кини дьиппиэн сирэйигэр уһун хара баттаҕа бураллан, сөрүүн тыалтан үрэллэҥнээн ылара. Уолугунан хайа тардыллыбыт сарыы таҥаһа кытарымтыйа өрө түллэҥнии харбыҥныыра.
Өлүк үрдүнэн суордар, араастаан халаахтаһа, төттөрү-таары көтөн сурдурҕаһаллар. Хаһан эрэ дьон сөбүлээн олохсуйбут, оҕо-уруу саҥата эймэһийбит ырааһыйата киһи кута-сүрэ тохтообот сиригэр кубулуйбут.
Ситэ түүлээн бүтэ илик сур бөрө ойуур саҕатыттан ньылбыйан тахсан, сыт ылан, өрө хантаарыҥнаата. Кини төһө даҕаны кырдьан үөрүттэн үүрүлүннэр, айылҕа адьырҕаҕа анаан биэрбит кырыга уонна уоҕа уоста илигэ өтө көстөрө.
Кыыл куттал суоһаабатын этинэн-сиининэн бүтэйдии сэрэйдэр даҕаны, муннун сиргэ анньан ырааһыйаны тула аа-дьуо сэлбэйдэ. Сыыйа өлүккэ чугаһаан истэ, сэрэхэдийэн этэ тардан дьигиҥнээтэ, тохтоон иһийэн ылбахтаата. Суордар адьырҕаттан көҥөнөн, кынаттарын сууламмытынан суптурута түһүөлээтилэр, убаҕаһынан ыыта, араастаан халаахтастылар. Бөрө иннигэр-кэннигэр түһүтэлээн, улахан тумсуларын хантаччы анньа сохсороҥностулар. Соһуччу сүүнэ күлүк сабардаата, суостаах чаҥырҕааһын иһилиннэ. Уолуһуйбут суордар бурал-сарал ыһыллаат, абыраллаах тыаларыгар тэлиэс-былаас дайбаннылар. Эрчимнээх кынат тыаһыттан тэһииркээбит бөрө ньахчайа түһээт, туора ыстанна. Сонно тута мунна сылластан таҕыста, амырыын аһыылардаах тиистэрэ килэстилэр. Суоһурҕаммыт бөрө, кулгаахтарын ньылатан, өрө хантаарыҥнаата.
Хотой Кыыл күөнтүү көтөн иһэн, күүстээх кынаттарын эрийэ тутан, өлүк таһыгар олоро түстэ. Багдайбыт бэйэтэ суон моонньун уҥуоҕа суохтуу эргитэн, томороон төбөтүн хонтотто. Эриличчи көрө, тымныытык килбэҥниир токур тумсун атытан, ис-иһиттэн суостаахтык чаҥырҕаата. Кэдэйэ-чинэйэ кэтит түөһүн мөтөтөн, кыаҕын көрдөрөрдүү, икки кынатын сараадытан даллаахтанна. Бөрө сүүһүн аннынан ыыс араҕаһынан өһүөннээхтик көрө, иһин түгэҕиттэн ыардык ырдьыгынаата, аһыыларын килэттэ. Ардай аһыылаах баараҕайа уонна дэгиэ тыҥырахтаах улуута утарыта көрсөн, ис туруктарынан күөнтэһиилэриттэн тула иһийэргэ дылы гынна. Бэл, саһарбыт сэбирдэхтэри өрүтэ ыспахтыыр мэник тыал чуумпура уоскуйда. Суордар саҥаларыттан матан, чаллах тиит аллараа мутуктарыгар сахсаҥнастылар. «Дьэ, хайалара кыайар эбит?» – диэбиттии кыҥнаҥнастылар.
Бөрө иһин түгэҕэр кырдьыгыныы, дьигиҥнии, өлүк таһыттан арахсыбата. Хотой даллах гынаат, күүстээх атахтарынан өрө анньынан, саба түспүтүн аһаран биэрэ, кулгаахтарын ньылатан, кутуругун ахтатын анныгар анньан, туора-маары ойуолаата. Хомпоруун Хотой сыыһа харбаан өрө даллаахтанна. Сүдү бэйэтэ имигэстик эриллэ эргиллээт, дэгиэ тыҥырахтарын сараппыт атахтарын иннигэр анньан, таҥнары сурулаан, куотан эрэр бөрөҕө сапта түстэ. Бөрө өлөрүнэн мөхсө, тас уорҕатынан сиргэ күөлэһийдэ. Дуолан охсуһуу холоруктуу сириэдийэ, сары-ору, чаҥыргыыр саҥа өрө оргуйда. Араан күлэ тоҕо сүргэллэн, күнү бүөлүү күдээрийдэ.
Бөрө хотой дэгиэ тыҥырахтарыттан босхолоно сатыы, иһинэн сына, түүрүллэ түһээт, икки кэлин атахтарынан хотой түөһүн тэбээт, кынатын хабыалаан хардырҕатта… Хотой күүстээх тэбииттэн логлу барбыт түүлээх кымааҕын ыһыктан, аҥаар кынатынан өрө даллаахтанан иһэн, бөрө муннун айахтары хам сабардаата. Тыын сирин харбатан, өлөрүнэн мөҕүстэҕин аайы, дэҥиэ тыҥырахтар ытарчалыы ыллар-ылан истилэр. Араҕаһынан сандаарбыт бөрө харахтара кытара өһөн, тыын былдьаһан сурдурҕаата. Иҥиир ситиитин тартаран, тэбиэлэнэн иһэн, иһийэн барда… Улуу Кыыл көҥү тэптэрбит түөһэ кытарымтыйа, бүтүн кынатын сарата чинэрийбэхтээтэ. Дэгиэ тыҥырахтарын араара сатаан, тардыалаһа дьигиҥнээтэ эрээри, сэниэтэ эстэн, төбөтүн көхсүгэр быраҕына чаҥырҕаата. Бүтүн кынатынан күүскэ сапсыммахтыы, хомуччу туппут кутуруга ибигирии тэрэйдэ, олорбутунан өлөн барда…
– Бу иэдээни, бу алдьархайы, – диэн ботугуруу Ньыычык оҕонньор аҕылаабытынан кытылга тахсаат, уолуйбута бэрдиттэн сүһүөхтэрэ уйбакка, тобуктуу түстэ. Кэнниттэн бэйэтинээҕэр үрдүк, модьу уктаах үҥүүнү ыга туппут Үргэн тахсан кэллэ. Түөлбэтигэр туох буолбутун ситэ өйдөөбөккө, биир кэм мэлээриҥнээтэ.
– Абага, бу биһиги түөлбэбитин уот сиэбит дуо? Туох куһаҕан сытай? – диэмэхтии үҥүүтүн ыһыктан, муннун саба тутунна.
– Саҥарба! Алдьархай буолбут! Эн үрэххэ төттөрү түс, ыҥырыаҕым, – Ньыычык ис хоһооно суох энэлийэ, сиигирэн хара өҥнөммүт сарыытын моонньуттан сыыйа тардан ылан, тириппит сирэйин ньуххана, муннугар саба тутунна. Өрүтэ уһуутуу олорбохтуу түһээт, салыбыраабытынан туран кэллэ. Хараҕын уута ыгыллан тахсыбытын быһыта симириктии, барбах буруолаан ылар ураһатын оннугар бадьаалаата. Сууллубут дьылҕан мастары өрүтэ тардыалыы, иһирдьэ киирэн, атаҕынан күлү хаһыйталыы, тула хаамта. Араанын иннигэр тобуктуу түһэн, буор модьоҕотун сэрэнэн таптайбахтаата. Суордар араастаан халаахтаһа сурдурҕаспыттарын кыҥастаһа, онно тиэтэйэ бэдьэйдэ. Икки илиитинэн тэҥҥэ сапсына, суордары үргүтэ, хаһыытаан кыыкынаата. Өлө сытар хоһууну көрөн, хайдах буолуон билбэтэхтии тэпсэҥэлии, атахтарын соһон чугаһыы, хоһуун иннигэр тобуктуу түстэ. Энэлийэр икки, ыллыыр икки ардынан саҥа таһаара, хоһуун ситэ сабыллыбатах харахтарын салыбырас ытыһынан имэрийэ тарта. Өрүс кыра таастарын ылан, халтаһаларыгар баттата уурталаата.
– Абага-аа, кэл, кээл! Тойон Кыыл буркучааны туппут! Тыыннаах быһыыла-аах! – диэн Үргэн ыһыыта-хаһыыта эймэһийдэ. Оҕонньор соһуйан, ходьох гына түстэ. Ыксаабыт омунугар охто сыһа, уолга тиэтэйдэ. Көрбөтөҕүн көрөн, аҕылаан мэҥийэ, таалан турда.
– Өлбүт! Халлааныгар көппүт… Бүтэр уһуга көстүбэт күөнтэһии, хаан тохтуута хаһан тохтуох бэйэккэтэй? – диэн кимиэхэ туһаайара биллибэккэ ботугуруу, нүксүллэн турда. – Ниэн, муннугун саба баанан, биһиги ураһабыт кэннигэр маста тас… Улуу хоһууну, улуу кыыллары араҥастаан, дьабыннарыгар көтүтүөхпүт…
Хаппыт мастары чөмөхтөөн, ол үрдүгэр ордубут дьылҕан мастары сытыары, кэккэлэччи уурталаатылар. Ыһыллыбыт, кэриэрбит сарыылары хомуйан, үрдүгэр тэлгэттилэр. Хоһууну бэрт эрэйинэн сыһан-соһон аҕалан, араҥаска сытыаран, сарыы тобоҕунан сирэйин саптылар.
– Ниэн, биһиги, тыыннаах дьон, сэп-сэбиргэл булунуохпут, үҥүүгүн хоһуун илдьэ бардын… Хайдах сэбэ-сэбиргэлэ суох айанныай, өбүгэлэрэ туох диэхтэрэй? – диэмэхтии Ньыычык оҕонньор уолтан үҥүүнү ылан, сиргэ сытар өрүс тааһыгар уһуктаах төбөтүнэн биллэхтии уурда. Этэрбэһин оһуттан бадаайытын хостоон таһааран, өнчөҕүнэн үҥүү муос төбөтүн тосту оҕуста. Үҥүүнү уонна тостубут төбөтүн хоһуун хаҥас өттүгэр уурталаан кэбистэ. Бэркэ эрэйдэнэн араарбыт Тойон Кыылы, утуйа олорор курдук, төбөтүн хаҥас кынатын анныгар кыбытан, кынаттарын хомуйа тутан, хоһуун төбөтүн үрдүнэн сытыардылар.
– Үрүҥ Аар Тойон сытыы харахтааҕынан, аһыҥастаах аарыматынан сирдэтиннэрээри анаабыт бадахтаах… Үөһэ дойду суолун хомпоруун хотойтон ордук билэр, ама, баара буолуо дуо? – диэн ботугуруу, хотой хотоҕойун көннөрө имэрийбэхтээтэ. – Аһыҥастаах чулуута буоллаҕыҥ… Хоһуун эрэйдээх-буруйдаах сирдээҕи олоҕуттан бүтэһиктээхтик арахсар сырыытын сылдьыбыт ыырдарынан кэрийтэр… – диэмэхтии, хоһуун тилэхтэрин баттаһыннара бөрөнү сытыардылар. Өссө даҕаны буруолуу сытар ураһаттан Үргэн аҕалбыт чохтоох маһын сылбах анныгар анньан, үрдүгэр туос ууран, үрэн бурулатта. Чох кыыһырбыттыы кытара кыыһа сөҕүрүйэн иһэн, туоһу түүрэ харбаан, күлүбүрэччи умайан барда. Өтөр буолбата, араҥас бары өттүнэн уот төлөннөрө быгыалаан, күүһүн ылан, сириэдийэн барда. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр күөх буруо өһөх хара буруоҕа кубулуйан, өрө харбаста.
– Бараахтаатылар…
– Абага, оттон биһиги ханна барабыт? – Үргэн уоттан тэйэ-тэйэ ыйытта.
– Саҥарба! Аар айылҕа быттыгар-хонноҕор хорҕотуо… Эбэ мууһа туруор диэри булан сылдьыахпыт. Кээнньэли дьоҥҥо эрэ түбэспэтэрбит… Эн оту-маһы алдьаппакка, тыаһаппакка, кыра көтөрү-сүүрэри мээнэ эккирэппэккэ, көрө-истэ, сытырҕыы сырыт.
– Оттон били ынырык тиистээх кыыллардаах тимир куйахтаахтарга барбаппыт дуо?
– Туоҕа Боотур илдьит ыыппыт уолбун көрбөтөххүт диэн, бэйэбитин буруйдуо… Бу алдьархайтан тыыннаах орпотоҕо буолуо… Кэбис. Уҥуор дьоммутугар тахсыахпыт. Онуоха диэри тулуй, – Ньыычык аттыгар сытар ураҕаһы ылан, уоту булкуйан, мастары хамсатан биэрдэ. – Ниэн, улаатан булчут, хоһуун буолан, ыраах даҕаны тэлэһийдэххинэ, бу төрөөбүт түөлбэҕин умнума. Таарыйдаххына, туох баарынан, бэлэхтэ-туһахта ууран, ахтан-санаан ааһар буолаар…
Бэлэм астан маппыт суордар араастаан халаахтаһа, абаларыгар бэйэ-бэйэлэрин эккирэтиһэ, арҕам-тарҕам даллаахтаммыттара. Хара буруо быыһынан күһүҥҥү күн күүһүн сүтэрэн, кытарымтыйа санньыйбыта. Аар айылҕа бырастыылаһан эрэрдии суугунаан ыла, соҥуорбут хатыҥнар саһарбыт сэбирдэхтэринэн кыргыс хонуутун саба сатыырдыы, оргууй намылыппыта. Сир Ийэ иһийэ чуумпурбута.
2.
– Ычча даҕаны! Тоҥмоккун дуо, кырдьаҕаас? – диэбитинэн Туоҕа Боотур ураһаҕа киирэн, Лүксүрээн ойууҥҥа быар кууста сүгүрүйэн ылла.
– Ээ, дьыл эрдэ дии. Дьогдьоот күһүн кэллэ дии санаабытым, хаарын аҕалар буолла. Ол гынан баран, биһиги түөлбэҕэ дьогдьоот күһүн буолуо… Баччаларга тоҥнохпунуй, санааны сааһылыырга уонна аал уоту кытта сипсиһэргэ чуумпута ордук. Балаҕаҥҥа аралдьыйарым элбэх ээ, – диэн кэһиэҕирбит күөмэйинэн хоруйдуу, Лүксүрээн араанын уотугар мас эбэн биэрдэ. – Хайа, тугу биллиҥ-көрдүҥ?
– Эчикийэ суох курдук… Түүл-бит билээри уонна эйигин ыытарбыттан санаам ытыллан, сүгүн даҕаны утуйбат буоллум. Эн хаалбаккын ээ…
– Суох, суох. Хайаан даҕаны бардахпына сатанар… Истэр кулгаахтарым, көрөр харахтарым олох күрэниэхтэрин иннинэ дьоммор-сэргэбэр көмөлөһүөм этэ буоллаҕа… Хайа уонна Мукучу Хоһуун эйигинэ суох Сыа Бүлүү эҥээринэн барыа суоҕа.
– Оннугун оннук да, элбэх боотурдары, хоһууннары кытта эн барсыаҥ этэ. Көрө-истэ сылдьыа этилэр. Мукучу Хоһуун эн тиийдэххинэ үөрүө, кэм, билэр кырдьаҕаһа буоллаҕыҥ.
– Чэ, хаалары баран… Иһит эрэ, ити Мукучу Хоһууну субу диэн, үчүгэйдик билбэппин ээ. Көрөр-истэр эрэ этим. Эдэригэр бэйэтин сүрдээхтик кыанар, кэлбит-барбыт, ханнык баҕарар киһини кытта биир тылы булара сөхтөрөрө. Дэлэҕэ даҕаны, Тыгын Тойон бөтөс саастаах уолга боотурдары туттарыа дуо? Манна диэн кэпсээтэххэ, Тыгын Мукучу Боотуртан дьаарханар быһыылааҕа. Ол иһин Бүтэй Бүлүүгэ илдьэ баран, боотурдары дьаһайтаран, кыргыһыыга киллэрбит буолуохтаах. Баҕар, тургутан көрөөрү гыммыта дуу… Дьиҥэр, Мукучу Боотур аҕыйах киһилээх тыыннаах орпутун истибитэ. Ону көрдөттөрө, аҕалтара сатаабатаҕа. Төттөрүтүн, суос бэриммиттии, кэлбит боотурдары өлөттөрбүтэ… Мукучу Боотур киһитэ кини буолан, бачча сыллар тухары орпут боотурдарын энчирэппэккэ, атын биис уустарын кытта уруурҕаһан, тыыннаах сылдьара элбэҕи этэр. Кыйаар дойдутугар көннөрү урааҥхайы хоһуун оҥорботтор. Чахчы бэйэтин көрдөрөн Мукучу Хоһуун аатырдаҕа, – Лүксүрээн тыастаахтык өрө тыына, Туоҕа Боотуру одууласта. – Эн итини эрэ этээри киирбэтэххин сэрэйэн олоробун. Этиэххин этиэҥ, кэпсииргин кэпсиэҥ иннинэ, олоҕу олорбут кырдьаҕас киһи сүбэлиирин иһит. Ону сыта-тура бэйэҥ толкуйдуоҥ, эн эппиккинэн буолуо… Мунньан Дархан, Тыгын Тойон даҕаны урааҥхайдары бииргэ түмэ сатаабыттара ырааттаҕа. Сорохторун күүс өттүнэн даҕаны буоллар, улахан аҕа уустарын кытта биир тылы булаары, сомоҕолоһоору үйэлэрин бараан эрэллэр. Онтон биһиги, билбэт сирбитигэр үктэнээт, чугаһынан-ырааҕынан тута ил-эйэ олохтуу, бэйэбитигэр холбуу сатыыбыт. Бэйэҥ даҕаны этэн аһардыҥ дии…
Олус ыксаары гынныбыт дуу диэн санааҕа кэллим. Олохсуйан эрэр сирбитин көмүскээн сэриилэспиппит, өрөгөйдөөбүппүт үтүө. Өлбүт хоһууннары сиэри-туому тутуһан дьаһайбыппыт, тутуллубут хоһууннары тыыннарын быспакка босхолоон ыыппыппыт, быстыбыт-ойдубут, көмүскэл көрдөөбүттэри сыһыарбыппыт чугаһынан-ырааҕынан тилийэ көттөҕө. Ити биһиги кыргыһы өрө туппаппытын, сиэрдээхпитин, эйэҕэ тардыһарбытын кэрэһилээтэҕэ…
Дьэ, арай маннык гыннахха хайдах эбитэ буолла?.. Биһиги үһүө буолан, кэпсэппиппит курдук, Улахан Эбэҕэ айанныыбыт. Ол диэки кыргыһыыттан тыыннаах орпут хоһууннар кэпсээтэхтэрэ. Куйарха Хоһуун ытык дьонтон көҥүл, сүбэ көрдөөбөккө, ньуолбар тылынан, күүһүнэн өттөйөн, хоһууннары аҕалан, буор сирэйдээтэҕэ… Итиннэ сөпсөһөр түс-бас кырдьаҕастар, айдарыылаахтар аҕыйахтар ини? Онон өлөрө-өһөрө охсуохтара суоҕа. Киммитин-туохпутун, хантан хааннаах, силистээх-мутуктаах дьоммутун тургутан көрүөхтэрэ… Ол эрээри таныар, таныар баарын умнуо суохтаахпыт. Туматтарга, маннааҕы атын даҕаны биистэргэ таныар күүстээх. Ити алдьархай кэннэ өлөрсүү-өһөрсүү, кыргыс иэстэһииттэн саҕаланыан сөп… Онтон биһиги или-эйэни өрө тутарбытын тиэрдэ сатыахтаахпыт. Кыргыһа даҕаны суох, олох баарын итэҕэтиэхтээхпит.
Эһиги Мукучу Хоһууну кытта кэрийэ бараргытын тохтотон эриэ этигит. Санаан көрдөххө, Мукучу Хоһуун, уолҕамчытыгар оҕустаран, сөпкө өһүргэммит. Бу дойдуга аҕыйах ыйы өлөрөөт: «Биһиги сирбит, биһиги баһылыахпыт», – диэбит курдук олохтоохторго өйдөбүл хаалаары гынна быһыылаах… Чэ, итини сыта-тура бэйэҥ тобулуоҥ… Улуу добдурҕа саҕана туохха эрэ тиистэрбит диэбит, кыргыһы өрө туппут биистэр кэлиэхтэрэ-барыахтара. Эһиги баран хааллаххытына, сирбитин-уоппутун ким көмүскүүр? Эргиллэн, тоҥон-хатан кэлбиккит, томторбут хара чоҕунан көрө сытар буоллаҕына хайдах буолаҕыт? Онон сырыыны-айаны тохтотон, тугун-ханныгын билгэлии түһүөҕүҥ. Хата, томторбутугар табанан, атынан өрө сүүрдэн тахсыбаттарын курдук тугу эрэ дьаһаныах баара… Тумус боотурдары чугаһынан-ырааҕынан суол хайдарыахха, айаннаахтар-сырыылаахтар ханан ыырданалларын билэр куһаҕана суох буолуо этэ. Боотурдары ырааппат курдук дьаһайан, булка аттаран, туруортуур киһи. Ас-үөл хаһааныа, түүлээх мунньунуо этибит. Хайдах-туох кыһын кэлиэ биллибэт…
Туоҕа Боотур араан иннигэр илиитин уунан, тарбахтарын сараччы тутан, уоту одуулаан турбахтыы түстэ:
– Этиэх эттэҕинэ сөп курдук. Дагдаҕар Боотурдаах эргиллэн кэллэхтэринэ сүбэлэһиэхпит. Дьоммут хойутаатылар дии санаабаккын дуо, туохха даҕаны түбэспэтилэр ини…
– Туматтартан эйэнэн ойох кэпсэтэн кэлбит киһини истэ иликпин. Туһунан сиэрдээх-туомнаах дьон ини, – Лүксүрээн өрө тыынан ылла. – Хайдах-туох тэринэллэрин ким билиэй, баҕар, кыыстарын биэрэн ыытаары тэрийэ сылдьаллара буолуо? Дагдаҕар Боотур кыыһын аҕалардыы оҥостон барбыта дии. Кини даҕаны барарын тулуйан-тэһийэн күүтэн биэрдэ быһыылаах. Ааспыт сырыыга кыргыһыы буолбатаҕа буоллар, бу сырыыга биһиги даҕаны барсан, саҥа аймахтары кытта билсэн-көрсөн, ил-эйэ олохтоон кэлиэхпит хааллаҕа.
– Чахчыта оннук. Ол гынан баран, кэм баран иһэр. Туйах төннүбэтэҕиттэн ытырыктатыах курдукпун… Ама эрэ буоллар, төннөн кэлбит буолуо этэ. Биитэр уучаҕынан даҕаны тиэйэн аҕалыа этилэр, – Туоҕа Боотур уоттан тэйэн, төттөрү-таары хаамыталыы, икки ытыһынан сирэйин ньухханна. – Дагдаҕар кэпсээбитинэн, кинилэр манна көмөҕө кэлиилэригэр Амака Хоһууннаах Улахан Эбэ суолун быһан, тоһуйардыы бараары хаалбыттар үһү. Куйарха Хоһууну таныардыыр санаалаахтар диэбитэ. Босхолообут хоһууннарбыт кинилэргэ түбэспэтилэр ини? Онон кыргыһыыта суох түөлбэлэригэр төннүбүт буолуохтаахтар этэ даҕаны, Улахан Эбэттэн хоһууннарын таныардаан, атын туматтар кэлиэхтэрин сөп…
– Оннук ээ, Туйах хайа даҕаны түгэҥҥэ эргиллиэхтээҕэ, моһуоктанан кэлбэт. Арба даҕаны, этэҥҥэ эргилиннэҕинэ, булбут хотохоонун туһунан иҥэн-тоҥон ыйыталаһаар эрэ. Аны хотохоону түбэһэ көрдөхтөрүнэ, төһө даҕаны кэм ааспытын иһин, биһигини буруйдуохтара. Кураанах маска хаан аҕыы сылдьыахтара. Эн туох дии саныыгын?
– Ыһыахха арыалдьытынан кэлбит боотуру Хаан Илбис дьаһайбыт буолан, хотохоону билэн, Туйаҕы өлөттөрө сатаатаҕа. Туйах кэллэҕинэ анаан кэпсэтиллиэ… Хаан Илбис ол боотуру хайдах даҕаны соҕотох бохсутар, өлөрөр кыаҕа суох. Тыгын Тойон түөлбэтиттэн ким эрэ көмөлөспүт буолуон сөп. Ол киһини билэн, Тыгын Тойоҥҥо тыллыах баара. Атаҕын анныттан алдьархай ааҥныа… Итинник киһи кини тулатыгар сылдьара кутталлаах, хаһан баҕарар таҥнарыан, тугу эмэ оҥоруон сөп.
– Адырыыс Боотур тиийдэҕинэ, саба барыллаан кэпсиир ини? Тыгын Тойон Хаан Илбиһи сөбүлээбэт, күөх оттоох сиргэ сырытыннарыа суох, күөс хоруота өҥөлөөх киһинэн ааҕара. Сэрэхэчийэн, тугу эмэ тобулуо. Хата, эн инигин Дагдаҕары үүннээн-тэһииннээн, көрө сырыт. Кыараҕас көҕүстээх, кыыла киирэн, хараҕын үүтэ сабыллан, эҥин-дьүһүн буолуо…
– Сөпкө этэҕин… Барар-кэлэр күчүмэҕэй күннэр ыганнар, санааҕа-онооҕо киирбэт гына кэпсэттэххэ сатанар. Бачча ыраах, үрэх баһа дойдуга, дьону олохсутаары аҕалан баран, эн биһиккиттэн биирбит суох буоллаҕына, бу сиргэ тоҕо кэлбиппит симэлийиэ турдаҕа… Кэнэҕэс ыччаттарбыт күрүөйэхтэр аатыран, үйэ-саас тухары сирэй-харах анньыллыах муҥнара буоллаҕа дуу… Лүксүрээн, эн иннигэр буруйдаахпын. Ол эрээри, эйигин айылгытынан билиэ дии санаан, кэпсии барбатаҕым, – диэт, Туоҕа Боотур аҥаар атаҕар тобуктаан, төбөтүн хоҥкутта.
Лүксүрээн аа-дьуо туран, Туоҕа Боотуру икки санныттан өрө тарта.
– Кэбиис-кэбис! Эйигин буруйдуур баар буолуо дуо? Ойууннары барыны-барытын билэ-көрө сылдьар курдук саныыгыт эрээри, биһиги уратыбыт диэн – түүл-бит, алгыс буоллаҕа. Арай Үрүҥ Аар Тойонтон айдарыыланан, кистэлэҥ күүстээх тыллары билэн эрдэхпит… Кырдьан дуу, хайа сах дуу, ойуумсуйаары турукка киирдэхпинэ, эрэйдэнэр буоллум ээ. Көрөр харахтарым, истэр кулгаахтарым сүгүн-саҕын кэлэн-баран биэрбэттэр. Ол кэнниттэн этим-сииним ыараан, сытыганныахпын эрэ баҕарабын… Оо, урут эдэр эрдэххэ, дьон билбэтэҕин билэр, көрбөтөҕүн көрөр, курулуу көтөр үчүгэйэ бэрдэ…
– Дьэ иһит, – Туоҕа Боотур талах олоппоһу Лүксүрээн таһыгар чугаһата, үүс тириитэ бэргэһэтин убахтыы, кэпсээн барда. – Биһиги бу айаммытын Тыгын Тойон бэйэтинэн торумнаабыта…
– Ол иһин даҕаны! Кини киһи тоҕо кулгааҕа, хараҕа бүөлэнэн, бүтүн аҕа ууһа күрээн барарын билбэтэҕин, эккирэтиннэрбэтэҕин дьиктиргээбитим ээ, – дии-дии, Лүксүрээн төбөтүн быһа илгистэ, сэҥийэтин бытыгын имэринэн ылла. – Үөһэттэн ыйаах дии санаан, билэ-көрө, суоллаһа сатаабатаҕым…
– Миинэр миҥэтэ атыллыыта онно төрүөт эрэ буолбута. Тыгын Тойон аҕата Мунньан Дархан кэриэһин толоро сатыырын билэҕин. Ити ылбычча кыаллыбат суол буоллаҕа. Сир-уот, баай былдьаһыыта, уон улуус өстөһүүтэ, атырдьах салаатыныы адаарыһыы, барыҥныыртан барытыттан кирийии… Чэ, тугу үгүһү этэн, итини барытын бэйэҥ да билэҕин. Онон Тыгын Тойон анал сорудаҕынан сир-уот кэҥэтэ, киистээн баай мунньунан, боотурдары куйахтыырыгар, сэп-сэбиргэл оҥортороругар төһүү күүс буола кэлбиппит. Ким элбэх боотурдаах – ол баһылыыр муҥур тойон буолан, аҕа уустарын мунньан, биир күүстээх сутурук курдук оҥоро сатыыр. Кэмэ оннук… Уонна аҕатын Мунньан Дархан кэпсээниттэн, ханна эрэ ыраах баар халыҥ ханыылаах омуктан, сомоҕолостохпутуна эрэ, туруулаһарбытын билэр… Атын улуус бас-көс дьонноро итини, үһү-тамах курдук, күдээринэ истэллэр. Тастан, ыраахтан, Улуу Эбэ баһыттан алдьархай хаһан даҕаны ааҥныа суоҕун курдук саныыллар быһыылаах. Кинилэр олорор түөлбэлэриттэн ордук бултаах-алтаах, мэччирэҥнээх сирдэр суохтарын, хаһан даҕаны булт аччыа, сүөһү, сылгы аҕыйыа, элбиэ суоҕун курдук саныыллар. Күн сиригэр кинилэр эрэ баалларын курдук сананаллар… Тыгын Тойон атын сирдэри баһылаттара ыыппытын иһиттэхтэринэ, хайдах эрэ дьаабыланаллар? Ол иһин биһигини «күрүөйэхтэр» оҥортоотоҕо… Уруттаабыт дьон быһыытынан, үчүгэй алаастары, сыһыылары баһылыахтаахпыт, хото түүлээх бултуохтаахпыт, ууһуохтаахпыт-тэнийиэхтээхпит. Ол туһуттан олохтоохтору кытта биир тылы булан, эйэ дэмнээхтик олорон, уруу-аймах тардыстахпытына сатанар. Оччоҕо эрэ дьон биһиэхэ тардыһыа, быстыбыттар-ойдубуттар, атын даҕаны аҕа уустарыттан кэлитэлээн холбоһуохтара. Элбээтэхпитинэ, кыаҕырдахпытына ким биһигини утары көрүөй?
Онон күрүөйэхтэр буолбатахпыт, төһө даҕаны аҕыйахпыт иһин, Тыгын Тойон кистэлэҥ сорудаҕын толорор аҕа ууһабыт. Биһигини ыыппатаҕа буоллар, атыттары ыытыа этэ… Кэлин кыаҕыран, олохсуйан бардахпытына, Тыгын Тойон аҕа уустарын сомоҕолууругар төһүү күүс буолуохпут. Баҕар, биһигиттэн саҕаланыа – Ил-эйэ! Хайа муҥун, сир үрдүгэр олорор туһуттан кыргыһыахпытый? Дьэ, ситигирдик, – Туоҕа Боотур, ыарахан сүгэһэри түһэрбиттии, суон моонньун күүрдэ, санныларын өрүтэ ыҥдаҥалатан ылла. Уолугун хастан, сарыы саппыйаны хостоон, биһилэҕи кытаахтаан таһааран, Лүксүрээҥҥэ уунна. – Маны көрөр-билэр инигин, Тыгын Тойон: «Күчүмэҕэй күҥҥүтүгэр туһалыа», – диэн туттарбыта.
– Бай! Билэн бөҕө буоллаҕа, – Лүксүрээн биһилэҕи кыҥастаһа, нөрүйэн ылла. – Мукучу Хоһуун көрбүт буолан, сымнаабыт эбит дии…
– Көрдөрбүтүм. Билэр, билинэр эбит, – дии-дии, Туоҕа Боотур биһилэҕин эргичиппэхтээт, саппыйатыгар уктан кэбистэ.
Лүксүрээн тыастаахтык өрө тыына, үөттүрэҕинэн уотун күөдьүтэ, хардаҕастары эргитэлээтэ.
– Дьэ, соһуттуҥ! Чахчыта даҕаны, дьоно-сэргэтэ суох, туос күрүөйэх курдук санаммыт кэмнэрдээҕим, – Лүксүрээн хараҕа көстүбэт буолуор диэри мыттыйда. – Сэрэйэ санаабытым эрээри, иҥэн-тоҥон ырытыһа сатаабатаҕым. Тыгын Тойон улаҕалаах төрүттэрэ дьону салайарга, түмэргэ үтэйдэхтэрэ дуу, хайа уонна айылҕаттан айдарыыта сыттаҕа… Эйигин Тыгын Тойон мээнэ талбатах буолуохтаах. Баардааххын билэн, тылыҥ-өһүҥ дьоҥҥо туһуланнаҕына, ыйааһыннанарын өтө көрөн, күүскүн-уоххун, тулуургун бары өттүнэн тургутан баран, бу айаҥҥа таллаҕа. Чахчыта оннук! Иһит, эн айылҕаттан айдарыыгын, тылгын-өскүн чочуйан, алгыс тылларын кыайа туттаргын… Хааны, ууну, уоту бохсор, тыалы-кууһу, ардаҕы түһэрэр, онтон даҕаны атын иччилээх тыллар алгыска холбостохторуна күүһүрэллэр. Айылгыгынан ол тыллары даҕаны билэр буолуоҥ. Мин дьабыммар букатыннаахтык бардахпына, бэйэҥ хаалыаҥ… Аҕалбыт дьонуҥ-сэргэҥ туһугар моойдоох баскын толук уураҕын, – Лүксүрээн өрө тыына, Туоҕа Боотуру сылыктыырдыы тобулу көрдө.
– Ким билэр… Эйигин солбуйар кыахтаах үһүбүт дуо, ол биһиги? – Туоҕа Боотур Лүксүрээн тылларын сааһылыырдыы, уоту одуулаһан олордо.
– Инникибитин тымтыктанан көрбүт суох эрээри, кэлии-барыы элбиир чинчилээх. Туох-туох буолар? – Лүксүрээн кэпсэтиини атын хайысхаҕа уларытан, сыыйа саҥаран барда. – Тыгын Тойон сабаҕалыырыныы, урааҥхайдар түмүстэхпитинэ, кыахпытын, күүспүтүн көрдөрдөхпүтүнэ эрэ сирбитин-уоппутун харыстаан, олохпутун салгыыр кэммит-кэрдииспит иннибитигэр…
Биирдэ түүл түһээн түҥкүлүйэн, олус уолуйан, куттанан уһуктубуттааҕым, – диэн оргууй саҥара, тарбахтарын саратан, уокка сырайда.
– Арай туран, Сир ийэ туох даҕаны көстүбэт гына сииктээх салгынынан, туманынан бүрүллүбүт. Киһи атаҕын тумсун даҕаны көрбөт үлүгэрэ. Ханна эрэ Улахан Эбэ долгуннара таас дьааҥыга охсуллан биллиргиирэ иһиллэрэ. Биһиги эмиэ даҕаны аттаахпыт, эмиэ даҕаны сатыыбыт, ханна эрэ айанныы сатыыбыт. Маска-окко сыбаныахпыт, үрдүк дьааҥыттан сууллуохпут диэн, айаммыт бытаана сүр. Кимнээҕи кытта айаннаан иһэрбин бу диэн билбэппин, бары күлүк курдук күлүкүчүһэллэрэ. Арай, ханна эрэ Тыгын Тойон бүтэн хаалбыт күөмэйэ кыыкынаан иһиллэргэ дылыта…
Дьэ туран, биллиргиир тыас субу иһиллэр буолла, чугаһаатыбыт бадахтаах эрээри, туох даҕаны көстүбэт. Ким эрэ аллара суулунна быһыылаах, аймалҕан, ньамалаһыы быыһыгар: «Тохтооҥ! Биир сиргэ мустуҥ!» – диэн хаһыы иһилиннэ. Мин тула көрө сатыыбын эрээри, тугу даҕаны көрбөппүн, дьон саҥата, долгун охсуллан биллиргииригэр балыйтаран, иһиллибэт буолла. Үүт туман ортотугар суос-соҕотоҕун хаалбыт курдукпун. Ыксаан, куттанан бардым. Ыһыытыы сатыыбын, хаһыыбын бэйэм истибэппин. Өлөр буоллум диэн, Аан ийэ дойдубун кытта тиһэхпин кэпсэтэн, быыһыгар Үрүҥ Аар Тойонтон көрдөһөн-ааттаһан бардым. Өйүм-санаам түмүллүбүтэ, тылым-өһүм чочуллубута сүрдээх курдуга. Соһуйуом иһин, сирэйбэр сөрүүн салгын билиннэ, ону даҕаспытынан тыал куугунуурга дылы гынна. Өтөр буолбата, инним хойуу тумана сыыйа арыллан, Эбэ киэҥ иэнэ субу нэлэһийдэ. Хопто үөрэ мустубутунуу, үрүҥ күүгэн өрө оргуйа ыһыахтанар. Аллара өттүттэн хара далай уу өрүтэ үөмэхтэнэн, олору сабыта охсо сатыырдыы, биллиргии дьалкыҥныыр. Ыанньыйбыт ыас хара былыты кытта эбэ долгуна силбэһэн, уйаара-кэйээрэ көстүбэт байҕалга кубулуйбут. Эмискэ хара далай иһиттэн долгуҥҥа көтөҕүллэн, сөҕүмэр улахан дүлүҥ тыы күөрэйэ-күөрэйэ аллара тимирбэхтии, икки өттүнэн ууну өрө күдээритэ, субу багдайан таҕыста! Иһигэр уот кугас баттахтарын инчэйбит сүүмэхтэрин быыһынан күөҕүнэн сардыргыырга дылы харахтаах, уу салахайын курдук таҥастаах, үҥүү оннугар көҥдөй тимирдэри туппут бөдөҥ-садаҥ дьоннор адаарыҥнастылар. Долгун саба ыстаҕын аайы, араҕас бытыктарын быыһынан, салгын ылардыы, айахтара оппоҥнуур. «… Өллөҕүм! Уу иччилэрэ илэ көстөн, ыла кэллэхтэрэ» диэн куттанан, эт-этим барыта титирэстээтэ. Көрбөтөхпүн көрөн, тоһоҕоломмут курдук туран хааллым. Биир иччи дуу, илиэһэй дуу, көҥдөй тимири өрө тутан эрэрэ да, этиҥ тыаһа сатараата, чаҕылҕан курбууланна. Төбөм үрдүнэн, орулуос кус кынатын тыаһыныы, күүстээх сирилэс тыас куугунаан ааста…
Ыһыытаабытынан уһуктан кэлбитим… Өр уоскуйан биэрбэтэҕим, илэ-бааччыта сүрэ бэрдэ. Иччилээх түүл курдук ылыммытым. Инньэ гынан, эбэбиттэн дьиксинэ, кыраҕыйа саныыр буолан, биир үксүн эйигин батыһан кэллэҕим… Уу сута дуу, уот кураан дуу буолбатах буоллаҕына, атын алдьархай эбэбитинэн кэлэр эрэ хайыыр…
Иккиэн уоту одуулуу иһийэ чуумпурдулар. Күөдьүйүөхчэ күөдьүйбэккэ наллаан умайа сыппыт уот эмискэ таһыгыраччы тыаһаат, өрө үөмэхтэнэ түстэ. Лүксүрээннээх санааларын ситимэ быһа ыстанан, саҥа аллайа, тэйэн биэрдилэр.
– Бээрэ, Хаан Илбис чахчы баардаах этэ дуо, ханна тиийэн быстаахтаата буолла. Үнүр эппитиҥ курдук, туһалаан барбыта дуу? – Туоҕа Боотур куһаҕан түүлтэн Лүксүрээни аралдьытаары ыйытта, имиллибит бэргэһэтин сахсыйбахтаата.
– Хаан Илбис диэ… Ээ, туһалаабытын, алдьаппытын бэйэтэ даҕаны билбэт ини… Туга кэлбит үһү диэхпин тылым тардар. Улахан тыл баайдаах олоҥхоһут дуу, сээркээн сэһэнньит дуу буолара хааллаҕа. Дьоҥҥо биллээри, аатын ааттатаары ойуумсуйара. Оҕо сылдьан ойууннар үс түүннээх күн кыыралларын утуйбакка истэрэ, көрөрө. Ол кэнниттэн үтүктэн эбитэ дуу, турукка киирэрэ эбитэ дуу, өрө эккирии сылдьара бу баарга дылы. Элбэхтик чыпчыххайдаммыт, мөҕүллүбүт, дьарыллыбыт буолуохтаах. Тылын баайыгар эбии, истибитин умнубатын оҕоккото… Ордук кырыыс тардыытынан, боотурдарга илбис иҥэриитинэн үлүһүйэрэ. Үрүҥ ойууннар дьоҥҥо үтүөнү, аманы, көстүбэт хараҥа күүстэртэн көмүскүү сатыыр эрэ эбит буоллахтарына, Хаан Илбис хара дьайга, хаан-сиин өттүгэр тардыһара. Дэлэҕэ даҕаны итинник ааттаныа дуо? Арыый улаатан баран, хас даҕаны ойууҥҥа кутуруксутунан сылдьыбыта. Биир эмэ иччилээх тылы билэр буолуохтаах. Ааспыт кыргыһыы кэнниттэн, Дагдаҕар Боотурдаах эккирэтээри тииспиттэрин иһин, бэйэтэ өлүө диэбитим… Быркыта суох барда. Тыыннаах даҕаны буоллаҕына көҥүлэ, дьэ, өлбөт үөстээх үөн буолуо! – Лүксүрээн кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн, дьылҕан мас көхөтүгэр быарыкытыттан ыйанан турар дүҥүрүн ылан, сирэйин имэрийбэхтии, хараҕын быһа симтэ…
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?