Электронная библиотека » Коллектив авторов » » онлайн чтение - страница 4


  • Текст добавлен: 5 апреля 2023, 12:40


Автор книги: Коллектив авторов


Жанр: Книги для детей: прочее, Детские книги


Возрастные ограничения: +12

сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 4 (всего у книги 15 страниц) [доступный отрывок для чтения: 5 страниц]

Шрифт:
- 100% +
Татьяна Находкина-Татыйаана (III миэстэ)
Таптал кыыма сөҕүрүйбэт

Учительскай аанын күүскэ тэлэччи аһан, уон биирис кылаас салайааччыта Валентина Алексеевна тыастаахтык үктэнэн киирэн кэллэ. Кыыһырбытыттан сирэйэ үллэн хаалбыт, тутан турар сурунаалын остуолга күүскэ бырахпытыгар, сурунаал хайа эрэ лииһэ ортотунан хайа барар тыаһа иһилиннэ.

– Кыыһырбыккытын тоҕо сурунаалынан таһаараҕыт? – үөрэх чааһын сэбиэдиссэйэ Елена Егоровна сөбүлээбэтэҕин биллэрдэ.

– Алдьаммыт буоллаҕына абырахтаныллыа, улахан эбит, – Валентина Алексеевна кыыһырбыта ааспат, тохтоло суох илиитин мускунарын быыһыгар төттөрү-таары учительскайы биир гына тилийэ хаамар.

– Валентина Алексеевна, олор эрэ, туох үлүгэрдээх кыыһырдыҥ? Туох буолла? – Елена Егоровна эйэ дэмнээхтик ыйытар.

– Аркадий Анатольевич, ама да ирдэбиллээх учуутал аатырбытын иһин, олус наһаалыыр. Бу үөрэх дьыла түмүктэнээри турдаҕына, Николаев Ньургуҥҥа «иккини» туруорбут. Ньиэрбэм барыта бүттэ. Уол оскуолатын бүтэрдэҕинэ үөрэххэ эбэтэр аармыйаҕа барыа этэ буоллаҕа. Кини да сөбүн иһэр дьонноох буолан эрэйи көрдө. Оҕо кыһалҕатын өйдөөбөттөр, – кылаас салайааччыта, сибилигин Аркадий Анатольевиһы көрсө түстэҕинэ, аахсарга бэлэм курдук туттар-хаптар, идэтинэн бинсээгин тохтоло суох аллара тардыммахтыыр.

– Ньургун Николаев, дьиҥинэн, тылга үчүгэй. Кэпсиир дьоҕурдаах. Мин саныахпар, историческайга эбэтэр юридическайга киириэн сөп, – Матрёна Григорьевна, история учуутала, кэпсэтиигэ кыттар.

– Сөпкө этэҕин. Булкуллар, ол иһин Биир кэлим эксээмэҥҥэ историятын, обществоведениетын эмиэ талбыта ээ, – кылааһын салайааччыта сөбүлэһэн, тохтоло суох кэҕиҥниир.

– Валентина Алексеевна, чэ, уоскуй, киһи наһаа өлөр-быстар проблемата буолбатах эбит. Учуутал үөрэнээччи олус наһаалаабытыттан кыһыйан туруорда ини. Уопсайынан, уон бииристэр учууталлары олус эккирэтиннэрэллэр. Эксээмэннэрэ муннуларын анныгар ыган кэлбитин да кэннэ кыһамматтар. Араастаан таҥна-таҥна уулуссаны эрэ кэриимнииллэр, – Альбина Николаевна, нуучча тылын уонна литературатын учуутала, бэйэтин санаатын биллэрэр.

– Чэ, ол Николаев Ньургун араастаан уларыттар-симэнэр таҥаһа да суох. Булан эттэххин, – Валентина Алексеевна өһүргэнэн, ааны күүскэ тыастаахтык сабан тахсан барар.

– Ама да кылаас салайааччытын иһин, олус көмүскэс. Бэйэтин төрөппүт оҕолоругар итинник өлөн-быстан кыһаныа суоҕа.

– Оннук, ол иһин ити кылаас учууталлары аанньа ахтыбат. Хаардыы хаамаллар.

– Ити быыһыгар кылаас салайааччытыгар, тустаахха, күн ахсын иһэр-аһыыр төрөппүтү кытта алтыһара эмиэ ыарахан. Дьиҥинэн, ыарахан кылааһы ахсыстан ыла сыһан-соһон сүрдээҕин үлэлэстэ. Хайа да учуутал ити кылааһы ылыан баҕарбатаҕа эбээт. Оҕолор төрөппүттэринээҕэр да үгүс бириэмэни атаарар быһыылаах, – учууталлар буолбут айдааны ырытыһан, аймалаһа түһэллэр.

Ити кэмҥэ Аркадий Анатольевич сурунаал кыбыныылаах, илиитэ бүтүннүү миэл буолан киирэн кэллэ.

– Хайа, Аркадий Анатольевич, тыыннааххын дуу? Сибилигин Валентина Алексеевна сиэх-аһыах курдук туттан-хаптан тахсыбыта, – Матрёна Григорьевна күлэ тоһуйар.

– Суох… Оҕолорун көмүскэһэн дьаабыланар ини. Билигин көрүдүөргэ утарыта ааһыспыппыт. Ол иһин ылардаах баҕайытык көрөн ааспыта. Николаев Ньургуҥҥа хайдах да «үһү» туруорар кыаҕым суох. Үөрэппэт. Үөрэтэрэ-ааҕара буоллар «түөркэ» да үөрэниэн сөп. Эбиитин сүрэҕэ суох, – Аркадий Анатольевич тирээпкэ булан илиитин соттор.

– Чэ, уһун перемена бүттэ. Бары да оҕолор тустарыгар буһа-хата сылдьаммыт бэйэ-бэйэбитин кэрбэһэн аҕай биэрэбит. Ньургун үчүгэйдик үөрэниэн дьиэтигэр усулуобуйата суоҕун бэркэ диэн билэбит, олус тутуспакка, үөрэҕин бүтэртэрэн кэбиһиэххэ баар этэ. Онтон кутуруктуу оонньоотохпутуна, бука, эһиил эксээмэн туттара кэлэрин, дьэ, билбэтим. Аармыйаҕа барыа, онтон харахпыт ортотугар, ханна да үөрэммэккэ-үлэлээбэккэ, дэриэбинэҕэ ускул-тэскил сылдьара чуолкай. Онон тугу туһанабыт? – Анна Денисовна, кырдьаҕас учуутал, сөбүлээбэтин биллэрэр.

– Оччоҕуна тоҕо үөрэтэбит? Үөрэппэккэ таһаартаан иһиэҕиҥ ээ, – Аркадий Анатольевич эппитин төлөрүтэр санаата суох.

– Баччааҥҥа диэри билии биэрдэрбит диэн үөрэтэ сырыттахпыт дии. Ол эрээри, оскуоланы бүтэрэллэрэ балтараа ый хаалбытын кэннэ, тутуһар-хабыһар табыллыбат. Оҕо инники дьылҕатын эмиэ өйдүөххэ наада, – Анна Денисовна, кэпсэтии бүппүтүн түмүктээн, улахан тэскэйбит суумкатын ылан, тахсан барар. Кини алын кылаас учууталынан 35 сыл үлэлээн, төһө да билигин 60 сааһын туоллар, оскуола администрацията тохтотуон баҕарбат. Үөрэнээччилэргэ чиҥ билиини биэрэринэн, улууһу ааһан, өрөспүүбүлүкэ биир тарбахха баттанар үтүөлээх учуутала.

Валентина Алексеевна бүгүҥҥү күннээҕи уруоктара бүтэн, арыый уоскуйа быһыытыйан, дьиэтигэр налыччы айаннаата. «Берёзка» чааһынай маҕаһыыҥҥа киирэ сылдьыах курдук туттан иһэн, уулусса нөҥүө Ньургун Дайааналыын сэргэстэһэ хаамсан баран иһэллэрин көрөн, хаамыытын бытаарта. Тутталларыттан-хапталларыттан көрдөххө, сүрдээх истиҥник кэпсэтэ иһэллэр. Бу оҕолор сүрдээхтэр даҕаны, аны аһаҕастык сылдьан эрэллэр эбит буолбат дуо? Дайаана дьоно маны иһиттэхтэринэ туох диэхтэрэй? Аҕата Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр, оттон ийэтэ мээрийэҕэ сүрүн испэсэлиистэринэн үлэлииллэр. Кыыс төрөппүттэрэ иккиэн мантан төрүттээх буоланнар, оскуоланы быйыл манна бүтэрээри кэлбитэ. Үөрэҕэр үчүгэй эрээри тоҕо уон сылы быһа үөрэммит оскуолатын уларыппыта эбитэ буолла? «Түннүк хорохоотторо» кэпсииллэринэн, уолаттар сүгүн сырытыннарбаттар, үөрдээн эккирэтэллэр үһү. Ити ханарытан этэллэр. Оскуола дириэктэрэ – ийэтин бииргэ төрөөбүт эдьиийэ. Ол иһин Биир кэлим эксээмэни үчүгэйдик туттараары кэллэҕэ. Чэ, ол биһиэхэ туох буолуой? Оскуолаҕа үчүгэй оҕолор кэлэллэрэ бэрт буоллаҕа. Үчүгэй да куһаҕаннаах диэбиккэ дылы. Куорат кыыһа тыа уолунуун доҕордоспута буолан баран, кэлин быраҕыа диэн куттанар. Төрөппүттэрэ иһэллэр. Арыгыһыттар уолларын киһинэн аахпаттара чуолкай. Оччоҕуна ити уол иэдэйэр. Валентина Алексеевна санаатыгар буолан, дьиэтигэр кэлбитин да билбэккэ хаалла. Үрдүк кирилиэһи өрө дабайан дьиэтигэр киирээт, сибилигин астаммыт алаадьы сытын эндэппэккэ биллэ. Тас таҥаһын биэсэлкэҕэ ыйаат, оҕонньорун хайҕаабытынан куукунаҕа киирдэ.

– Уу, оҕонньорум барахсан, маладьыас! Алаадьы астаан тоһуйбут. Оҕобут Киэсик кэлэ илик дуу?

– Суох, сотору кэлэр ини. Чэ, аһаа. Сибилигин хобордоохтон тахсыбыт итии алаадьыта сиэ. Гоша эрийэ сырытта. Этэҥҥэ сулууспалыы сылдьар үһү, быыс буллаҕына, киэһэ эрийэ сылдьыам диэбитэ, – аҕалара күннээҕи сонунун кэпсиирин быыһыгар кэргэнигэр итии чэй кутан биэрэр.

– Чэ, оннук эрэ буоллун. Киэһэ пловта буһараар эрэ. Мин үс чааска төрөппүттэрбин ыҥырбытым. Барыллааһын түмүгү иһитиннэриэм уонна Биир кэлим эксээмэммитигэр кыра уларыйыы баарын билиһиннэриэхтээхпин, – дьахтар аһыырын быыһыгар кэпсээн айаҕа хам буолбат.

– Наар кылааһыҥ оҕолорун айдаана. Онтон бэйэҥ оҕоҥ барыллааһын түмүгүн билэҕин дуо? – аҕалара Сэмэн күлэн мүчүҥнүүр.

– Чэ, ээх, тулуйа түс. Оскуоланы бүтэрэллэрэ баара-суоҕа балтараа ый хаалла. Үөрэххэ киирэллэригэр төрөппүттэрэ сүүрүөхтэрэ. Эһиил кылаас ылыам суоҕа. Сынньаныам.

– Холоон ини. Ылбыккын бэйэҥ да билбэккэ хаалыаҥ. Буолан баран, эһиил Киэсигиҥ бэһис кылааска киирэр ээ.

– Чэ, бээ, киһини дьээбэлээн бүт. Бу үөрэх дьыла түмүктэнээри турдаҕына, Аркадий Анатольевич Ньургуҥҥа, төһө эмэ киниэхэ Биир кэлим эксээмэннээҕин үрдүнэн, «иккини» туруорбут. Уол политехническайга туттарсарын билэ-билэ, итинник түктэри быһыыланарын отой сатаан өйдөөбөппүн. Соруйан миигин тарбыыр быһыылаах, – Валентина Алексеевна кыһыытын кэргэнигэр кэпсээн таһаарар үгэстээх. Сэмэнэ бөҕө тирэх, эрэллээх тыыл буолбатаҕына, ким кинини өйүөй, өйдүөй? Сопхуостар ыһыллыахтарыттан ИП буолан, тутууга үлэлиир. Нэһилиэктэрин иһигэр уонна чугас бөһүөлэктэринэн үс буолан, бэйэлэрин холлоругар сөп түбэһэр кыра кээмэйдээх тутуулары дьэндэтэллэр. 40 сыл толору үлэлээн, «Үлэ бэтэрээнэ» буоллаҕына, тохтуур санаалаах.

– «Икки» аайы олус да аймамматаргын, оччоҕо Биир кэлим эксээмэн түмүгэ кэллэҕинэ хайдах буолаҕын? – эр киһи, кэргэнин майгытын билэрэ бэрт буолан, күлэн күһүгүрүүр.

Ити кэмҥэ аан аһыллар тыаһын кытта кыра уоллара Киэсик дьиэ ортотугар биирдэ баар буола түһэр. Сүүрүүнэн кэлбит быһыылаах, тириппитэ-хоруппута сүрдээх, биир кэм буруолаан олорор.

– Хайа, туох алдьархайа буолла? – аҕата ыйыта тоһуйар.

– Суох… Сималыын сырсан кэллибит. Мин кыайдым. Калиткалаах буолан. Сима бүтэйинэн төҥкөйөн киирэр буолан, кыайтарда. Хата, мин кыайдым, – Киэсик сүүһүгэр бычыгыраан тахсыбыт көлөһүнүн илиитинэн туора-маары соттумахтыырын быыһыгар ыстаанын өрүтэ тардыммахтыыр.

– Уу, оҕом сыыһа, хайа бүгүн хаһы ыллыҥ? – ийэтэ уолун сымнаҕастык кууһан, бэйэтигэр тардар.

– Ийээ, учууталым улуустааҕы уруһуй куонкуруһугар мин уруһуйбун ыытабыт диэтэ. Өссө уруһуйдаах буоллаххына аҕалаар диэбитэ. Сарсын уруһуйдарбын барытын илдьиэм, сөп дуо?

Дьоллоох дьиэ кэргэн күннээҕи сонуннарын кэпсэтэн күө-дьаа буолаллар.

II

Ньургун буруус маһынан тутуллубут ыраахтан сандааран турар икки этээстээх дьиэҕэ диэри Дайааналыын аргыстаһан, салгыы бэйэтин уулуссатыгар туораата. Таһыттан көрдөххө, бэрт сэнэх көрүҥнээх, мас хаптаһын олбуордаах дьиэҕэ тиийдэ. Ааны аһан киирэн иһэн, уол хараҕа аҕатыгар, баттаҕа арбайбытынан табахтаан бусхата олороругар хатанна. Дьиэ иһэ ыыс-быдаан буруо. Табахсыт киһи курдук куруутун таҥаһа буруо сыттааҕын абааһы көрөн, кыһыннары-сайыннары таҥаһын тэрээсэҕэ ыйыыр үгэстээх. Кыһынын мэлдьи таһырдьаттан киирбит тымныы таҥаһынан оскуолатыгар барар.

Саҥата суох хоһугар ааста. Куукунаҕа тахсан холодильнигы аһан-сабан көрдө да, тугу да булбата.

– Холодильнигы сап. Тугу өҥөҥнүүгүн? Ийэҥ оһоххо миин ууран эрэрэ. Килиэп баар. Тугу бүтэрэн-оһорон кэлэҥҥин ас көрдөөн тиҥсирийдиҥ? – аҕата Мэхээс өс саҕа буолар.

– Аһаан бүппүт буоллаххына, остуолтан тур эрэ. Күөнтээн баран олороҕун. Дьиэни биир гына табах тарпыккын, таһырдьа тардыаххын, – уол аҕатын быһа-хото саҥарар. Аҕата, «иһээччи», «арыгыһыт» да аатырдар, хата, сымнаҕас буолан абырыыр, тылынан мээнэ суустаһан баран, утуйар аакка барар идэлээх.

– Эн сиртэн сэрбэйэ да иликкиттэн, аҕаҕын саҥардымаары гынаҕын дуо? Бастаан мин курдук үөрэн, идэлээх үлэһит буол, ол кэнниттэн аҕаҕын үөрэт.

– Идэлээх үлэһит буолаахтааҥҥын… Кыһыл дипломнаахпын диигин да, ону көрбүт суох. Үлэлээн үрүлүйбүтүҥ эмиэ көстүбэт, – ийэтин арыгыга быһа сиэппит куолаһа хостон хаахынаан иһилиннэ.

– Оҕом үөрэҕин бүтэрдэҕинэ, куоракка батыһан барар санаалаахпын. Мин тугу баҕарар үлэлиир кыахтаахпын. Ити акаары дьахтары сөбүн 30 сыл тулуйдум. Бэйэтин алҕаһын хаһан да билиниэ суоҕа. Хааллын бэйэтэ… – аҕата улам куолаһа бөлүөстэн, мунна сурдурҕаан, утуйбутунан барар.

– Чэ, мин оскуолаҕа бардым. Хайдах дьаабыланаҕыт? Арыгы атыыламмат, бобуулаах аатырар да, эһиги хантан булан иһэҕит? Түүҥҥү «туочукаҕытын» биллэхпинэ, кэпсэтии атын буолуо, – уол ийэтигэр аадырыстаан кытаанах соҕустук саҥарар.

Уол, спортивнай суумкатын харбаан ылаат, таһырдьа ыстанна. Куруутун итинник. Төрөппүттэрэ истилэр да, кытыйанан-хамыйаҕынан кырбаспытынан бараллар. Иирсээннээх ыал уота тымныы диэн өс хоһоонугар этиллэринии, кинилэр дьиэлэрэ куруутун курус тыыннаах, киһи тохтообот тымныы дьиэтэ.

III

Ньургун оскуолатын иккис кирилиэһин өрө сүүрэн таҕыста. Кылааһын иһэ өрө оргуйан олорор. Нина Моттуева, кылаас ыстаарыстата, тугу эрэ быһааран биир кэм илиитэ күөрэҥнэс.

– Банкекка, оскуолаҕа, кылаас салайааччытыгар бэлэххэ оччоҕо хастыы кыттыһабыт? Мин саныахпар, биэстии тыһыынча солкуобай сөп буолара буолуо. Ол биһиги куорат оскуолаларын курдук уон биэстии тыһыынча солкуобай кыттыһар кыахпыт суох. Онтон Өлүөнэ остуолбаларыгар күүлэйдии барарга туспа кыттыһыахпыт. Ким барыан баҕалаах испииһэккэ суруйтарыҥ.

– Онтон бары барар инибит. Сайаапканы эрдэ түһэриэххэ наада. Былырыыҥҥы уон бииристэр курдук, аҕыйах мөһөөҕү харыстаан, тимир каютаҕа айаннаабат инибит, – Алина Сабарайкина өйдөөҕүмсүйэр. Кини нэһилиэк баһылыгын кыыһа буолан, кылааска наар бас-көс курдук тутта сатыыр.

Ньургун сулбу хааман паартатыгар олороот, хараҕынан Дайаананы булан ылла. Кыыс кэмчиэрийбит көрүҥнээх, сотору-сотору сүүһүгэр саба түһэр баттаҕын сүүмэҕин уһун нарын тарбахтарынан өрүтэ анньыммахтыыр. Кэккэлэһэ Дима олорбут. Кыбыы курдук кыараҕас хараҕа сыырга ымсыырбыт куоска курдук ньалҕарыйан, эбиитин түөһүн мөтөтөн, саннын даратан аҕай олорор. Үчүгэй көстүүлээх уолун көрдөрөр дьүһүнэ быһыылаах. Кыыстан хараҕын араарбат, тугу эрэ кэпсээн бөтүгүрүүр. Төрөппүттэрэ – учууталлар, онон бэйэтин «додо» курдук туттар. Эбиитин тустуук буолан, күүһүмсүйэрин сөбүлүүр. Куруутун бэйэтин тула тустуук уолаттары түмэр, батыһыннарар идэлээх. Бэҕэһээ киэһэ Ньургун сытарын кытта ватсап кэлбитэ: «Дайаанаҕа чугаһаама. Кэпсэтии атын буолуо», – диэн тыллары ааҕаат, Дима буолуо диэн сэрэйбитэ. Сэрэйбитин курдук, чахчы кини эбит. Чэ, туох буолуой? Көрөн иһиллиэ. Дайаана да оннук наһаа чэпчэки, сэлээр кыыс буолбатах. Куорат кыыһа диэтэххэ, тыа кыргыттарынааҕар быдан сэмэй, лоп бааччы, дуоспуруннаах. Ньургун санаатыгар аралдьыйан олордоҕуна, Алина кэккэлэһэ олорунан кэбиһээт, күүскэ баҕайы өттүккэ аста.

– Туох санаатыгар түстүҥ? Харчыгын биэрдиҥ дуо?

– Суох… – уол судургутук хардарар.

– Иэс биэрэбин дуо? Кэлин дьонуҥ биэриэхтэрэ буоллаҕа дии, – кыыс ыга сыстан, кулгааҕар сипсийэр.

– Суох. Убайым бэҕэһээ ыыттым диэн биллэрбитэ. Билигин почтаҕа сылдьан ааһыам.

– Чэ, үчүгэй. Почтаҕа буолан, былыргылыы… карточкаҕа уктарыаххын. Эппитиҥ буоллар, мин карточкабар уктарыаҥ этэ. Дималаах Дайаананы көр эрэ. Үчүгэйдии буолбуттар быһыылаах. Дима уол оҕо, ат кулун буоллаҕа.

Ньургун саҥата суох кыыстан тэйэн, сыҕарыс гынан биэрэр.

– Оҕолоор, бары өйдөөн-дьүүллээн үчүгэйдик иһиттигит ини? Харчыгытын бүгүн-сарсын тиксэриҥ. Онтон билигин бары хаартыскаҕа кэлэктиибинэн түһэбит. Валентина Алексеевнаны ыҥырдым, билигин кэлиэҕэ, – кылаас ыстаарыстата дьаһалымсыйар.

Балачча өр саамылаһан хаартыскаҕа түстүлэр. Уолаттар бары кэннигэр биир эрээт буолан тураҕыт диэбиттэрин үрдүнэн, Дима күүһүнэн Дайааналыын кэккэлэстэ. Ньургун иһигэр кыһыйа санаата. Ити аата Дима кыыска кими да чугаһаппат, күөйэ-хаайа сылдьарга санаммыт быһыылаах. Оттон Дайаана? Уол болҕомтотуттан, эбиитин кылаас итиититтэн иэдэһэ тэтэрэ кыыспыт. Хайдах эрэ мунчаарбыт көрүҥнээх. Кылааһын кыргыттара улаханнык чугаһаабаттар, өскүөрүтүн эрэ кэпсэтэллэр, уолаттар болҕомтолорун ууралларын сөбүлээбэттэрэ биллэр.

Кылаастан бары суугунаһан тахсыыларыгар Ньургуннаах Дайаана кэккэлэһэ түбэспиттэрин туһанан, уол соруйан, Диматтан тэйитэн, кэпсэтиини бэйэтинэн күө-дьаа саҕалаата.

– Аргыстаһабыт дуо? Таарыйа почтаҕа сылдьан ааһыахпыт. Хаһыат бөҕө кэлбит дииллэр.

– Аһа… сылдьыахха, – кыыс уолу тоҥолоҕуттан таарыйан ылбытыгар, астына санаата. Оскуола кирилиэһин түһэллэригэр кыыһы көхсүттэн кылгас түгэҥҥэ өйүү тутан ылла. Кэннилэриттэн Дима кыбдьырына хаалбытын сүрэҕинэн сэрэйэ санаата.

Эмискэ уол уҥа өттүнэн кылааһын кыргыттара сир гынан ситэн аастылар.

– Ньургун, Өлүөнэ остуолбаларыгар эйигин суруйтардыбыт. Онуоха-маныаха диэри харчыгын мин иэс биэрдим, – Алина уолга сыста түһэн, Дайаана истэр гына, кулгааҕар сибис гынаат, кыргыттарын кэннилэриттэн сүүрэ турда.

Уол саҥата суох Дайаананы көрөн ылла. Кыыс истибэтэх курдук туттан: «Туох буолуой? Оннооҕор буолуох буолар баҕайыта», – диирдии, ыгдах гыммытыттан чэпчии быһыытыйда.

– Мин докумуоммун ХИФУ-га биэрэргэ быһаарынным, юридическайга. Күнүскүгэ киирбэтэхпинэ, кэтэхтэн да киириэм. Аны күһүн аармыйаҕа барыам, – Ньургун бигэтик быһаарыммыт киһи быһыытынан кэпсиир.

– Докумуону үс үөрэх тэрилтэтигэр биэриэххэ сөп. Онтон аҕыйах хонуктааҕыта политехническайга барыам диир этиҥ дии, – кыыс уолу сүрдээх сымнаҕастык саһарчы көрөр.

– Ээ, булкулла сылдьыбыппын Аркадий Анатольевич оннубун булларда. Быйылгыттан ыла тоҕо миигин сөбүлээбэт курдук туттар буолбутун сатаан санаабаппын. Дьиҥинэн «иккини» туруорумуон сөп этэ. Уруогу быһа дьаныһан туран, араас боппуруоһунан киирэн-тахсан миэхэ эрэ «2»-ни туруорда.

– Аркадий Анатольевич – мин аҕам тастыҥ убайа. Киһи бэркиһиэх, дьоммор наар ону-маны донуосчут курдук төлөпүөнүнэн кэпсээбит буолар.

– Аркадий Анатольевич миигин тоҕо сөбүлээбэтин дьэ өйдөөтүм. Кинини оннук чычырбас өйдөөх киһи буолуо дии санаабатаҕым. Ол тугу донуостуур буоларый?

– Бэйэм да билбэппин. Кылааһым оҕолорун барыларын кытта табаарыстаһабын, кэпсэтэбин. «Биир суолунан буолбакка, ханан атын суолунан барабын» диэбиппэр ийэм саҥарбатаҕа.

– Чэ, мин бардым. Аркадий Анатольевич оччоҕуна бүгүн эмиэ дьоҥҥор эрийэрэ буолуо.

– Эрийдин. Үктээтэххэ оннооҕор кутуйах «чыып» диир. Кини да буоллар, сымыйаны сэрэйэн көрөн, кэпсээбэт ини, – кыыс ыйытардыы уолу көрөр.

– Арай сымыйа буолбатын, – Ньургун Дайаана илиитин илиитигэр ылан, сылаастык имэрийэ тутар. Кыыс иэдэһэ тэтэрэ кыыһар.

Иккиэн кыбыстыбыттыы симиктик мичээрдэһэн кэбистилэр…

Ньургун уулусса тоҥолоҕун эрийэ көтөрүн кытта бүтэйгэ 5–6 уол кинини кэтэһэн, хороһон олороллорун ытырыктата көрдө. «Эмиэ охсуһан педсоветтанар киһи буоллум быһыылаах», – дии санаан ылла.

– Хайа, доҕоччуок, бэҕэһээ ватсап илдьитин туппатаҕыІ дуо? – Дима түөһүн мөтөтүөҕүнэн мөтөтөн ынан кэллэ.

– Ватсабынан хамаандалыыр ол эн туоххунуй? – Ньургун да хаалсыбат.

– Эн миигинниин хаһан тэҥнэһээригин Дайаанаҕа иҥээҥниигин? «Аҥаара – күрдьэх маһа, аҥаара – таҥара маһа» диэн өс хоһоонугар дылы буолаахтааҥҥын.

– Ол эн туора тотон, аһары байан туох ордуктааххыный? – уол сутуругун хаста да күөрэс гынан Дима малайбыт сирэйин охсуон баҕарда да, санаата көтөҕүллэн иһэр буолан, кыраттан тутунна. Соруйан урут бастаан кининэн охсуһууну саҕалатаары тииһэрин сэрэйэ санаата.

– Тохтооҥ эрэ. Уон биир сыл бииргэ үөрэнэн, ситии-хотуу аттестатын ылаары сылдьан охсуһан, тугу ситиһээри гынаҕытый? Бүтүҥ, охсуһа оонньоотоххутуна, эксээмэҥҥэ киллэриэхтэрэ суоҕа. Хайаан да бииргит сүүйтэрилээх хаалыа, – Алик, бииргэ үөрэнэр уоллара, күрдьүөттэһэ турар уолаттар ортолоругар түстэ.

– Сэрэйдэххэ, сүүйтэриилээх мин хааларым чуолкай. Эн тииһиІ сааҕын миигинэн сууйаргын тохтот, – уолу бэйэтиттэн тэйитэ түөскэ аспытыгар Дима тэмтэрийэн аттыгар турар уолга саалынна.

– Наһаалаама эрэ. Үрүҥ хараххын өрөр көрбөт оҥоруом. Аны биирдэ Дайаанаҕа чугаһыаҥ, бэйэҕиттэн бэйэҥ хоргутуоҥ. Чэ, өрүөллэр, барыаҕыҥ. Биһиги төрүт киһи төрүөхтэрэ, ытык киһи ыччаттара буолабыт. Онтон эн… силиһэ-мутуга суох иһээччилэр ыамаларынаҕын. Ээ, чэ, эйигинниги кытта аахсан да диэн. Сирэйгин быһа охсуом этэ да, илиибин марайдыахпын баҕарбаппын, – Дима хото эппит киһи быһыытынан, сиэбигэр уктан, уулуссаны ортотунан бара турбутун уолаттара эккирэтэн икки өртүттэн сэлэлии сырсан туорахачыйдылар.

– Көрүөхпүт. Тапталы киһи булбат, таптал бэйэтэ булар. Эн биһигиттэн ону ыйытыахтара суоҕа. Төһө да өрөһөлөн. Сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыаҥ, – Ньургун кыһыытыттан кэннилэриттэн хаһыытаан санаатын этэн хаалла.

IV

Сындалҕаннаах эксээмэннэр бүтэннэр, бүгүн оскуоланы бүтэрээччилэр ситии-хотуу аттестатын ылар дьоро күннэрэ үүннэ. Эдьиийэ Настя куораттан Ньургуҥҥа балачча сыаналаах, көстүүлээх көстүүм ыыппыт. Көстүүмүн кэтэн баран, дьиэтин иһигэр төттөрү-таары хаамыталаабытыгар ийэлээх аҕата эрэйдээхтэр: «Тойон көрүҥнэммиккин. Оҕобут үөрэхтэнэн тойон хаан буолара буоллар бу орто дойдуга төрөөбүппүтүн кэмсиниэ суоҕа этибит», – диэтэхтэрэ үһү. Уол сиэркилэҕэ көрүнэн баран, бэйэтэ да астынна. Уопсайынан бу күннэргэ сүргэтэ көтөҕүллэн сылдьар. Эксээмэннэрин ситиһиилээхтик туттартаан, кылааһын салайааччытын Валентина Алексеевнаны улаханнык үөртэ, эбиитин соһутта да быһыылаах. Ити барыта Дайаана өҥөтө, бэйэтэ туттарбат да предметтэригэр уолга көмөлөһөн, бииргэ бэлэмнэммиттэрэ.

Банкеттара киэһэ биэс чааска саҕаланар. Уолаттар киэргэммит дьон быһыытынан ким да иннинэ хойутаабакка тиийдилэр. Кирилиэскэ Дима эҕэлээх баҕайытык ымах гына көрсүбүтүн аахайбакка ааста. Көрүдүөргэ үмүөрүһэн турар уолаттара саҥа көстүүмнээх Ньургуну сонургуу көрүстүлэр.

– Ньургун уол да уол буолбуккун. Бирээмэ, киинэ артыыһын курдуккун, – Алик астынарын биллэрэн, саннын таптайан ылла.

– Кимҥэ киэргэммитэ биллэр. Салгыы күтүөттүү барар таҥаһа быһыылаах, – Дима өссө да элбэҕи дойҕохтуоҕун уолаттара саба саҥаран тохтоттулар.

– Чэ, уолаттар, киириэҕиҥ. Бастаан торжественнай чаас ыытыллыаҕа. Аттестаккытын тутуоххут, – Валентина Алексеевна ыҥырбытыгар бары күргүөмүнэн саалаҕа киирдилэр. Бырааһынньыктыы киэргэммит саалаҕа толору астаах уһун икки остуол тардыллыбыт. Ыраахтан ыҥырар, угуйар тыллаах былакааттар ыйаммыттар: «Үөрэх баар – бараммат баай», «Олох олоруу – Ийэ дойдуга иэһи толоруу». Араас өҥнөөх саарыктары ыйаабыттар. «Выпускник-2015» диэн суругу күлүмүрдэс гирлянданан киэргэппиттэр. Уон биир сыл үөрэммит, дьоллоох оҕо саастара ааспыт, кэрэҕэ уһуйбут, үрдүккэ кынаттаабыт төрөөбүт оскуолаларын, үөрэппит учууталларын кытта быраһаайдаһар күннэрэ үүннэ. Саамай көстүүлээх сиргэ билиигэ-көрүүгэ уһуйбут учууталларыгар махтал тыллара араас өҥнөөх сибэккилэринэн таҥыллан суруллубута харахха быраҕыллар.

Үтүөҕэ-кэрэҕэ уһуйбут,

Үрдүккэ, сырдыкка такайбыт

Киэҥ билиилээх учууталым,

Үөрэппит үтүөҕэр баһыыба!

Төрөппүттэрэ хайыы үйэ кэлбиттэр эбит. Ньургун бэйэтин дьонун астына көрдө, баар-суох мааны таҥастарын таҥнан, дьонтон итэҕэһэ суохтар, өссө эдэр көрүҥнээхтэр. Испэт буоланнар, банкет тэрээһинигэр көмөлөһөн, Валентина Алексеевна махтанарын ааһан, хайгыы аҕай сылдьар. «Мэхээстээх Ааныс көмөлөспөтөхтөрө буоллар суолга охтор эбиппин. Атын төрөппүттэрим үлэлэриттэн орпотулар, онон банкет тэрээһинин Николаевтар дьарамай санныларыгар сүктэрбиппит сымыйа буолбатах», – диэн учительскайга учууталларга бэҕэһээ кэпсии турарын ааһан иһэн, «алҕас» истэн, үөрбүтэ.

Уолаттар уҥуохтарынан линейкаҕа туралларын курдук сааһыланан туралларын кытта кыргыттар киирдилэр. Бары бальнай былаачыйалаахтар, кийиит кыыс курдук кэмчиэрийэ туттубуттар. Эчи кырасыабайдарын, үрдүк хобулуктаах түүппүлэҕэ дугунаннар уһаан хаалбыттар. Ньургун кыргыттар ортолоругар Дайаананы хараҕынан көрдөөн көрдө да, таба көрбөтө. «Ханна бардаҕай?» – диэн элэс санаан ылла.

Оскуола дириэктэрэ оскуоланы бүтэрээччилэргэ биирбиир ситии-хотуу аттестатын, БКЭ түмүгүнэн сертификаттары туттартаабытыгар, кыргыттар үгүстэрэ долгуйан, харахтара уунан туолла. Ньургун дириэктэр илиититтэн аттестатын, сертификаттарын тутан туран тоҕо эрэ долгуйа үөрбэтэ, курус санаа дууһатын хам кууста. Били сирэйдиин-харахтыын сырдаан, үөрэн кэлбититтэн туох да орпото. Кыыс суоҕун сүрэҕинэн сэрэйдэ: «Тоҕо суоҕуй? Дьонноро кэлэллэрин күүтэн, хойутаатаҕа дуу?» – диэн санааҕа түстэ. Ити кэмҥэ туналыйа сырдаабыт Алина кынталдьыйан кэлэн, уолу тоҥолоҕуттан ылан үҥкүүгэ ыҥырбытыгар, музыка тыаһыгар уйдаран оскуоланы бүтэрээччилэр сааланы биир гына эргичийэ сылдьалларын соһуйа көрдө. Ньургун төһө да баҕарбатар үҥкүүлүүргэ тиийдэ. Төрөппүттэрэ уоллара баһылык кыыһынаан үҥкүүгэ киирбитин астынан, харахтарын араарбакка батыһа көрөллөрүн сэрэйэ санаата.

– Ньургун, оскуоланы бүтэрдибит, улахан дьон буоллубут. Биһигини аны туох да туппат… Туохтан санааҥ түстэ? – Алина сүрдээх истиҥник кэпсэтэ сатыыр. Ситэн-хотон, киһи хараҕар быраҕыллар кыыс буолбут, көрө үөрэнэн болҕомтолорун уурбат, харахтарын хатаабат урукку Алиналара буолбатах. Суһуоҕун мөлбөччү өрүнэн кэбиспитэ – өссө үчүгэй көрүҥнүүр, ис-иһиттэн мичилийэ сырдаан бүгүн олус тупсубут. «Алина да Дайаанаттан туох куһаҕаннааҕый?» – диэн толкуйдаан ылбытыттан Ньургун бэйэтин сүөргүлүү санаата.

– Онтон Дайаана тоҕо суоҕуй? – уол кыыстан быһа-бааччы ыйытар.

– Эппэтэҕэ дуо? Бүгүн куораттаабыта дии, – Алина ахсарбатах куолаһынан хардарар.

Ньургун эмискэ сүүскэ оҕустарбыт курдук дөйөн ылла. Хайдах? Күн бэҕэһээҥҥигэ диэри банкекка бииргэ сылдьыах, күнү көрсүөх буолбуттара. Ол икки ардыгар тоҕо уларыйда? Куорат кыыһа буолан икки куобаҕынан тэҥҥэ оонньообута буолуо дуо? Суох, Дайаана хайдах да оннук буолуох туһа суох.

Остуолга олорон саамылаһар кэмнэригэр Ньургун хаста да тахсан барыан санаталаан баран, дьонун санаан тохтоото.

– Күндү оҕолорум, бүгүҥҥүттэн ыла, эһиги улахан олоххо үктэнэн, көҥүл үйэ дьоно буоллугут, илиигитигэр ситии-хотуу аттестатын туттугут. БКЭ-ни куһаҕана суохтук туттардыгыт, баалгыт ортону үрдүнэн. Баҕалаах үөрэххитигэр киирэр кыахтанныгыт. Билиҥҥи сайдыылаах XXI үйэ – үөрэҕэ суох киһиэхэ наадыйбат. Күн сири сырдатар, үөрэх – киһини. Ону умнумаҥ! – итинтэн салгыы учууталлара Валентина Алексеевна сүрдээх истиҥник барыларын характеристикалаан эппитин оҕолор төрөппүттэринээн астына-дуоһуйа иһиттилэр. Ньургун бэйэтин аатыгар этиллибит кылгас характеристикаҕа үчүгэй спортсменын, волейболист быһыытынан улуус сборнайыгар бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьарын, спорткомитет сыаналыырын тоһоҕолоон эппитин сөбүлүү иһиттэ. Дима сирэйин куһаҕан баҕайытык туттан олорорун сэтэрии көрөн ылла. Киэбирбэтин, кини үрдүнэн үрүҥ чыычаах көппөтүн курдук улуутумсуйа туттара саатар аҕыйах кэмҥэ тохтоон эрдин. Дайаана туһунан туох да этиллибэтэ. Манна аҕыйах да кэмҥэ үөрэннэҕэ. Бу өйдөөн көрдөҕүнэ, учууталлара бэйэтигэр олус барар сырдык сиэрэй көстүүмү кэппитэ эдэр көрүҥнүүр эбит. Үөрэппит-такайбыт оҕолорун бэйэтин төрөппүт оҕолоруттан итэҕэһэ суох саныыра, ис-иһиттэн үчүгэйи эрэ баҕарара сирэйигэр-хараҕар көстө сылдьар. Учууталларын предметчик быһыытынан үөрэтэр кылааһын үөрэнээччилэрэ эмиэ олус сөбүлүүллэр.

Алина уол аттыттан арахсыбакка кэпсэтэрин, бииргэ үҥкүүлүүллэрин көрөн, төрөппүттэрэ үөрүүлэриттэн хайдах да буолуохтарын билбэттэр быһыылаах. Баһылыгы кытта хайыы үйэ уруурҕаспыт курдук сананан, сирэйдэрэ-харахтара бэрт сэргэх көрүҥнэммит, тутталлара-хапталлара сыыдамсыйбыт. Хата, сотору төрөппүттэр, учууталлар тарҕаһаннар, оҕолор бэйэлэрэ эрэ хаалбыттарын туһанан, Ньургун дьиэтигэр барарга сананна. Олбуорун калиткатын таһыгар киһи элэҥниирин бэлиэтии көрдө. Ким буоллаҕай? Түргэн хаамыынан чугаһаан кэлбитэ – таһынааҕы ыалларын уоллара Борис ноотоллон турар.

– Хайа, Бориска тоҕо турдуҥ?

– Эйиэхэ сурук ыыппыттара, – кыра уол өрө сыҥсыйарын быыһыгар үс муннуктуу бүк тутуллубут суругу уунна. Ньургун сүрэҕэ эппэйдэ. Дайаанаттан сурук буоларын сэрэйэ санаата. Титирэс илиитинэн суругу арыйан, аҕыйах тыллаах этиини элэгэлдьитэн аахта: «Ньургун, хомойума. Дьонум «барсаҕын» диэн күүстэринэн ылан бардылар. Өлүөнэ остуолбаларыгар хайаан да тиийэ сатыам. Күүтээр. Дайаана». Уол сүрэҕэ үөрүүнэн туолла, долгуйбутуттан Борисканы икки илиитигэр ылан өрүтэ аспахтаат, сиргэ туруоран кэбиспитигэр, уола сүүрэн кроссовкатын тилэҕэ хараарыҥнаан эрэ хаалла. Ол да иһин оннук буолуохтаах этэ. Дьоно кэлэн илдьэ бардахтара. Ол аата кыыстарын миигиттэн куоттардахтара. Чэ, буоллун, кыһыппыккытын эһигиттэн итэҕэс олох буолуом суоҕа. Баҕар, ордуом даҕаны. Тыа дьонун сэнээтэхтэрэ, мин арыгыһыт төрөппүттэрбин истэн, олох да уйаларыгар уу киирдэҕэ. Уол оҕо саадаҕын үстэ ыйаан баран, киһи буолар. Мин да киһи буолуом. Өйүүн Дайааналыын көрсүөхтэрэ… Хайаан да таптыырын туһунан онно этиэҕэ. Дайаана төрөппүттэрэ, Алина, Дима санааларынан буолуо суоҕа. Олох араас харгыстара мэһэйдиэхтэрэ суоҕа.

Таптал диэн ыраас хонууну туорааһын буолбатаҕын Ньургун кытаанахтык өйдөөтө.

V

Сарсын Өлүөнэ остуолбаларыгар барыахтаах этилэр да, Ньургун аккаастаан кэбиһэн, кылаааһын оҕолоро, ордук кыргыттар кыыһырыы бөҕөлөр. Алина хаста да дьиэтигэр кэлэ сырытта. Хас кэллэҕин ахсын төрөппүттэрэ сүпсүгүрүү бөҕө буолаллар, кыыһы ханна олордуохтарын билбэттэр. Уолларын ыытаары араастаан модьуйсалларыттан, хата, күлүөх санаата кэлэрэ.

Бэҕэһээ киэһэ уол банкеттан үчүгэй настарыанньалаах кэлэн, ыллаан киҥинэйэрин быыһыгар оронугар астыммыт киһи быһыытынан тиэрэ түһэн сыппыта. Нухарыйа быһыытыйан истэҕинэ, суотабай төлөпүөнэ тырылаабыта.

– Ньургун, ханна сылдьаҕын? Билигин сиргэ барабыт. Түргэнник кэл, күүтэбин, – Алина атаахтаабыт баҕайы куолаһынан түргэн-түргэнник тылыбыраппыта. Уол суотабайын саҥата суох саба туппута. Сотору буолбатаҕа, аны ватсап кэлбитэ. Диматтан этэ. Хаста да ылымаары гынан баран, «тугу эрийэр эбит» диэн интэриэһиргээн ылбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалбыта. Ватсабын аһан көрбүтүн кэмсинэ санаабыта. Диматтан ол иһин туох үчүгэй сонуну күүтүөҥүй? «Истэн үөр, Дайаана бүгүн киэһэ ийэтин кытта Кытайга күүлэйдии көппүт. Иккиэн кураанаҕы кууспуппут. Кэһэй. Тэҥнээххин көрдөө. Ити эйигиттэн куоттарбыттар. Миигиттэн буолбатах. Һи, һи, һи, киһи да күлэр», – суругу ааҕаат, хараҕа туманныран, буукубалар эккирэһэн ылбыттара. Ньургун кыһыйбытын омунугар ойон туран хаста да Диманы тута барыах курдук туттан баран, кыраттан тутунна. Уол, сымыһаҕын быһа ытыран баран, сутуругунан сыттыгын күүскэ баҕайы түүтэ бурҕаҥныар дылы охсуолаан ылла. Икки чэчэгэйэ итийдэр итийэн хайа барыах айылаах буолла. Итии салгын сирэйигэр саба биэрбититтэн сирэйэ үллэ кытарда. Санаатыгар тууйуллан олордоҕуна, ходьох гына түһүөр дылы эмискэ суотабайа тырылаата.

– Ньургун, биһиги баран эрэбит. Ниналыын эн дьиэҥ аттынан ааһабыт. Эрийдэхпинэ тахсаар, – Алина эйэргээбит куолаһа иһиллибитэ.

Ньургун уһуну-киэҥи саныы барбакка, биэсэлкэҕэ ыйанан турар кууркатын сулбу тардан ылан, санныгар саба быраҕынаат, таһырдьа ыстаммыта. Олбуортан тахсарын кытта кыргыттар мичилийбитинэн бу иһэллэр эбит. Кыргыттарга чугаһаабытыгар Алина хаҥас өттүнэн ойоҕоһугар сыста түспүтүгэр санныгар илиитин уурбутун бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Кыыс үөрэн, махтаммыттыы сандаарыччы көрөн кэбистэ.

Сылын аайы оскуоланы бүтэрээччилэр Таптал чараҥа диэн саха маанылаах маһа хатыҥынан сэлэлэммит ырааһыйаҕа мустан күнү көрсөллөрө үгэскэ кубулуйда. Сайынын күөх солкоҕо сууланан, күһүнүн көмүс сэбирдэхтэрин суйдаан төһөлөөх эдэр сүрэхтэр тапталга билинэн сипсиһэр тылларын истибиттэрэ, бастакы сэмэй уураһыыны көрбүттэрэ буолуой?

Дьэ, бу Таптал чараҥар буолуохтааҕын курдук эмиэ быйылгы оскуоланы бүтэрээччилэр мустан, күө-дьаа буоллулар. Уолаттар мас абырҕалын хомуйан улахан кутаа отто охсубуттар, онтон кыргыттар ыскаатар тэлгэтэ охсон, банкеттарын остуолуттан аҕалбыт астарын тэлгэппиттэр. Бары төбүрүөннээн олорон, күө-дьаа кэпсэтэн бардылар.

– Оҕолоор, оскуоланы бүтэрдибит. Аны улахан дьоммут. Ону уохтаах арыгынан бэлиэтиэххэ буоллаҕа, – оскуолаҕа мөлтөх бэрээдэгинэн балачча биллэр Сеня Терехов кураанах ыстакааны күөрэччи ууммахтаата.

– Араас буолума. Ил Дархан Борисов чөл олоххо ыытар бэлиитикэтин умуннуҥ дуо? Бу бэлиитикэ саҥа сахалары үөскэтиэ, куһаҕан дьаллыкка сыстыбатах ыччат инникитин норуоту олох үрдүк таһымыгар таһаарыа. Чөл олох баар буоллаҕына, кыайтарбат да кыаллыа. Норуот саха омугун быһыытынан өлөн-сүтэн симэлийиэ суоҕа, – Нина Моттуева, кылаас ыстаарыстата, бас-көс киһи быһыытынан дорҕоонноохтук саҥарар.

– Нина, бүгүн баҕас үөрэтэр-иитэр үлэҕин тохтото түс. Эн эрэ билээҕимсийэҕин. Төһөтүн да иһин ити уулуссаҕа иһэн баран, сүөдэҥнэһэр дьоннор баалларын тухары чөл олох олоххо киирэрэ ыарахаттардаах буолара буолуо, – Сеня үчүгэйи кыайа-хото эппит киһи быһыытынан оҕолору чалбах курдук хараҕынан килээриччи көрүтэлиир.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации