Электронная библиотека » Коллектив авторов » » онлайн чтение - страница 5


  • Текст добавлен: 5 апреля 2023, 12:40


Автор книги: Коллектив авторов


Жанр: Книги для детей: прочее, Детские книги


Возрастные ограничения: +12

сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 5 (всего у книги 15 страниц) [доступный отрывок для чтения: 5 страниц]

Шрифт:
- 100% +

– Атыны кэпсэтиэҕиІ. Ситии-хотуу аттестатын илиибитигэр тутаат, абааһы адьарай аһын кэпсэтэрбит табыгаһа суох, – Нина иннин биэрбэт.

Ньургун оҕолор күө-дьаа кэпсэтэллэригэр кыттыбакка, санаата атыҥҥа иэҕиллэ олордо. Сып-сырдыгынан саһарчы көрбүт, толбоннурар уһун суһуоҕун кэннин диэки намылыта ыһан Дайаана долгулдьуйа хааман иһэрэ хараҕар көстөн кэлэ турар. Сэмэй баҕайытык туттан туран киһи иһиттэр-истиэх курдук саҥарара минньигэс да баҕайытык иһиллэрэ.

– Ньургун, ханна көтө-дайа олороҕун? Бэйдайхэҕэ күүлэйдии сылдьар кыысчааны саныахтааҕар аттыгар мичилийэ олорор Алинаны көрөр ордук буолаарай? Үөһээ халлаантан сиргэ түс, доҕор, – табаарыһа Мичил атыттар истибэттэрин курдук кулгааҕар сипсийдэ.

– Ээ, бүт, доҕор, – уол табаарыһын өттүккэ аста.

– Лөглөһөн баран олорумуоҕуҥ. Оонньуоҕуҥ, – Мичил дорҕоонноохтук саҥа аллайаат, ойон турбутугар оҕолор иһиттибит-истибэтибит диэбиттии ойон туран сүүрбүтүнэн-көппүтүнэн бардылар. Ол быыһыгар «үҥкүүлээҥ» диирдии музыка тыаһа алааһы биир гына ылан кэбистэ. Кыргыттар үҥкүүлээн араастаан имиллэҥниир кэмнэригэр уолаттар төгүрүччү туран мээчиктээн тиҥиргэттилэр.

– Оҕолоор, күн тахсыытын көрсүөҕүҥ! – диэт, Алина дьүөгэтэ Ниналыын Ньургуну икки өттүттэн ылан, Таптал чараҥыттан үөһэ үрдүк мырааҥҥа тахсар ыллык суолга салайдылар. Уол утарыласпакка кыргыттары батыста. Дайаананы төһө да сүрэҕиттэн ылан быраҕан кэбиспэтэр, Дима кыайбыт-хоппут курдук, сэтэрээбит хараҕынан көрөрүн утарсан, наадыйбат курдук туттарга сананна. Кыргыттарга хардары-таары илиитин биэрэн үөһэ ыттан истилэр. Кэннилэриттэн оҕолор утуу-субуу дабайбытынан бардылар, ботур-ботур кэпсэтэллэрэ, ол быыһыгар симиктик күлэн бычыгыраһаллара иһиллэр.

Бу кэмҥэ илин тыа үрдүнэн халлаан биллэ-биллибэттик кытархай-саһархай өҥүнэн дьурааланан барда. Онтон улам кэтирээн-кэҥээн, күн сардаҥалара күлүмнүү тыкпытынан, көмүс кыырпахтарынан тулатын ыспахтаан, тыа үрдүнэн күн сандаарыччы тыган, күөрэс гынна. Күн таҕыста. Күнү кытта тэҥҥэ айылҕа уһуктан, иһийэн турбут ийэ сир көтөр-сүүрэр саҥатынан туола түстэ.

Уолаттар-кыргыттар эдэр саастарын олоххо эрэллээх бастакы чаҕылхай күннэрэ кыырайан тахсыбытын уруйдуу көрүстүлэр. Кинилэр мэник-тэник оҕо саастарын күнэ ол саҕахха састаҕа. Таҕыста кинилэр олох киэҥ аартыгар үктэммит эдэр саастарын бастакы күнэ, олоххо эрэл санааны угар сып-сырдык сандаархай күн! Бу үөр хараҥаччы курдук туус маҥан ырбаахылаах эдэркээн кыргыттар-уолаттар олохторо эмиэ маннык биир кыырпаҕа суох ып-ыраас буоллун! Олох ыарахаттарын, тыалын-кууһун бу курдук бииргэ туораатыннар, эрчимнээх санаалара хаһан да саппаҕырбатын! Олохторун иккис үрдэлин бастакы күнэ тахсыбытын эттэринэн-хааннарынан, бүтүн дууһаларынан өйдөөн, сүрэхтэрэ үөрүүнэн туолла.

VI

Ньургун хара сарсыардаттан ХИФУ уонна атын үөрэх кыһаларын юридическай салааларыгар докумуоннарын туттаран, балачча сүүрдэ-көттө. Докумуон тутар хамыыһыйалар «Киириэххин сөп эрээри, коммерческайга эрэ хабыллыаххын сөп» диэн хомоттулар.

Эдьиийэ Настя быраата кэлэр буолан, кыра хос куортамнаабытыгар онно олороллор. Төлөбүрүн убайдара уйунар. Онон абыранна. Куорат ыала хаһан аһыылларын-утуйалларын манаан, сирэйдэрин өрө мыҥаабакка бэйэтин дьиэтигэр сылдьар курдук сананар буолан үчүгэйэ сүрдээх. Сарсыардаттан хара киэһээҥҥэ диэри куорат уулуссатын уолаттарыныын балачча кэриимнииллэр да, Дайаананы ханна да көрө иликтэр. Сураҕа, ийэтин кытта иномарканан сылдьаллар үһү. Былыттаахха быкпат, күннээххэ көстүбэт, хаппахчыга хатанан олорор дииллэр. Хаста да суотабайыгар эрийэн, ватсаптаан көрбүтэ да, эппиэт суох. Оҕолор этэллэринэн, кимниин да кэпсэппэт, куорат кыыһа баһа байҕалга, кутуруга куйаарга буоллаҕа. Симкатын уларыппыт, эрийдэҕинэ тоҕо эрэ ыҥырбат. Ээ, чэ, сырыттын, хаһан куорат кыыһын хаппырыыһын ситээри. Тыа дьонун сэнээн эрдэхтэрэ. «Бары кыыл бэйэтин дьүөрэлээҕин кытта сылдьар» диэбиккэ дылы, кини баҕас тыатын кыргыттарын кытта да сылдьыбыта син ини. Дайаана төрөппүттэрин куорат кыахтаах «сис» дьоно дииллэр. Онон ханна ба±арар буоларын курдук, баай дьадаҥыны уруурҕаабат. Бэйэни олус түһэн биэрбэккэ, эрдэттэн тыас хомуммут ордук. Ол эрээри… Дайаананы дьону оннук икки өрүтүнэн арааран көрөрө буолуо диэн санаабат.

Бүгүн докумуоннары тутар ыас хара куудара баттахтаах, хап-харанан чоҕулуччу көрбүт кыыс тоҕо эрэ оонньоһуох санаата кэлэн, бириэмэтин өр баҕайы тутта.

– Уолчаан, чахчы үөрэххэ киириэххин баҕарар буоллаххына, миэхэ үчүгэйдик сыһыаннастаххына табыллар.

– Үчүгэйдик сыһыаннаһан хайдах буолабыт? Үөрэххэ киириигэ ол эн саамай кылаабынайдарынаҕын дуо? – Ньургун ахсарбатах куолаһынан хардарсар.

– Кинотеатрга киинэҕэ ыҥыраҕын, – кэккэлэһэ олорор кыыһа саһарчы көрөн олорон тиэхэлээх баҕайытык иккиэннэрин хардары-таары көрөрүн быыһыгар эппиэттэһэр.

– Чэ, оччоҕо бүгүн киэһэ 9 чааска иккиэҥҥитин «Центральнай» кинотеатрга ыҥырабын, – Ньургун хараҕа дьүөгэтигэр хатанар.

– Суох… Миигин соҕотохтуу ыҥыраҕын. Уонна чахчы билиэт атыылаһан аҕаллаххына биирдэ сөбүлэһэбин. Эн миэхэ билиэт аҕалаҕын, онтон мин эйигин баҕалаах үөрэххэр киллэрэбин, – кыыс күлэрин быыһыгар ыас хара куудара баттаҕын уп-уһун синньигэс тарбахтарынан силэйэ анньыммахтыыр.

– Онтон… оччоҕо кэргэн да ылыахпын сөп буолбатах дуо? – уол да хаалсыбат.

Кыргыттар сирэйдэрэ сырдаан, ис-истэриттэн күлэ-үөрэ олордохторуна, кытаанах баҕайытык көрбүт эдэрчи дьахтар тоһугураан киирбитигэр түргэн баҕайытык умса туттан уруучукаларын үрдүгэр түстүлэр. «Хотуммут чугас да сылдьыбыт эбит» дии санаан, Ньургун мичээрдээн кэбистэ.

– Оччоҕо үөрэххэ киирбит курдук бигэтик сананабын дуо? – уол куудара баттахтаах кыыстан үөннүрэн ыйыппытыгар кыыһа куһаҕан баҕайытык көрөн кэбистэ.

Ньургун докумуоннарын туттаран кабинеттан тахсарын кытта Мичил көрүдүөргэ кыыһыра көрүстэ.

– Туох ааттаах өр буоллуҥ? Дайаананы көрүстүҥ дуо?

– Суох… Дайаана кэлэ сырытта дуо? – уол соһуйар.

– Ити эн тахсыбыт кабинеккар киирэ сылдьыбыта дии. Туохтан эрэ куотар курдук түргэнник, уот ылбыттыы, сүүрэн тахсыбыта. Миигинниин кэпсэппэтэ даҕаны, нэһиилэ дорооболосто эрэ.

– Ыҥырыаххын…

– Киирэрин көрбөтөҕүм. Тахсыбытын эрэ кэннэ көрөн хааллым, – Мичил буруйдаммыттыы хардарар. – Эккирэт ээ, остановкаҕа баҕар турара буолуо.

– Ийэтин кытта массыынанан сылдьар, – Ньургун итэҕэйбэтэр да сүүрүү былаастаан тахсар ааҥҥа ыстанна. Кэнниттэн Мичилэ саппай уобуста. Остановкаҕа ыччат бөҕө тоҕуоруһан турар. Уолаттар араастаан эргийэн-урбайан көрдүлэр да, кыыс көстүбэт.

– Эппитим курдук ийэтиниин сырыттаҕа, – Ньургун мунчаарбыттыы табаарыһын одуулаан турда.

– Кыыс оҕо кыыкынайдааҕар элбэх. Аата биһиги туспутугар олус да күндүмсүйэн эрэр. Эн да киниттэн атын кыыс суоҕун курдук туттаҕын, – Мичил кыараҕас хараҕын быһыччы көрөрүн быыһыгар төбөтүн илгистэр.

– Дайаананы билбэккэ дылы… Бииргэ үөрэммит кыыскын кытта кэпсэтэн тута сатыаххын… Мөлтөх киһигин, – уол табаарыһын сэмэлиир. – Оптуобус кэллэ. Чэ, барыахха.

Ньургун ити киэһээни быһа бэйэтин буруйдана санаата. Кыргыттардыын оонньоһорбун көрөн, уоту ылбыт курдук ыстаннаҕа. Хайыах баҕайыный? Биир күн дьиэтин таһыгар тоһуйан, быһаарсара дуу? Туох диэн быһаарсар? Таптыыбын диэн дуо? Көрсүбэтэхтэрэ да ыраатта. Банкет буолар күнүттэн ыла көрө илик. Хайыы үйэ биир ый буола охсубут. Ийэтэ көрүһүннэриэхтээҕэр кэпсэтиннэриэ да суоҕа. Сураҕа, аттыттан араарбат, иннэлээх сап курдук суксуруһаллар үһү. Боростуой тыа уолун куорат мааны ыала тэҥнээбэттэрэ чуолкай. Чэ, буоллун. Көрөн иһиллиэ. Мин туруоруммут сыалбын олоххо ситиһэн тэйиэм, инникитин кимҥэ да сэнэттэриэм суоҕа. Дайаана төрөппүттэрин этиилэринэн сылдьарга санаммыт, бэйэтэ эргитэ толкуйдуур төбөтө суох буоллаҕына сылдьаргар тиийэҕин. Эһиги миигин сэнээн эриэн ыт элэгэ, күөт ыт күлүүтэ оҥоруоххут суоҕа.

…Дайаана икки хараҕын үүтэ бүөлэнэн, сүүрэр-хаамар икки ардынан тэлээрэн таҕыста. Ийэтэ дьүөгэтигэр барбытынан туһанан, килиэккэҕэ хааллыбыт чыычаах оҕотун курдук, дьиэтиттэн төлө ыстанан тахсыбыта. Университекка тиийдэҕинэ, оскуоланы бииргэ бүтэрбит оҕолоруттан кими эмэ хайаан да көрсүөн сүрэҕэ сэрэйэрэ. Ньургун туһунан оччоҕо тугу эмэ истиэҕин эрэнэрэ. Соһуйуон иһин тута муннуга бэрдэрбитэ. Докумуону тутар кабинекка киирээтин кытта хараҕар Ньургун быраҕыллыбыта. Уол киирэр-тахсар дьоҥҥо болҕомтотун уурбакка, докумуон тутар кыргыттары кытта үөрэ-көтө хаадьылаһа турара. Өссө киинэҕэ ыҥырар быһыылааҕа. Сып-сырдык эрэл кыымнаах киирбит кыыс бөтө бэрдэрэн таһырдьа ыстаммыта. Университет улахан куорпуһун ойоҕоһугар сыста туран, ытамньыйан, тохтоло суох сүүрэр хараҕын уутун сотто туран, Ньургуннаах Мичил ойуоккалаһан тахсан остановка диэки сүүрбүттэрин көрөн, кэннилэриттэн аргыый батыһа барбыта. Уолаттар хаһан оптуобус кэлэн, киирэн барыахтарыгар дылы ыраахтан кэтэһэн турбута. Билигин дьиэтигэр кэлэн баран, хомойо саныыр. Ситэри кэпсэтэн тугун-ханныгын билбитэ буоллар, билигин маннык иннин-кэннин билбэккэ олоруо суоҕа этэ. Төлөпүөннүөн суотабайа суох. Ийэтэ, тыаттан киирээт, төлөпүөнүн былдьаабытын таһынан симкатын тосту тутан баран, бөх биэдэрэтигэр бырахпыта. Онуоха, бэл, аҕата кэлэйбиттии көрбүтэ.

– Иһэр-аһыыр боростуой төрөппүттэрдээҕэр уол туох буруйдааҕый? Эдэр дьон табаарыстастыннар ээ. Хайаан да таптал үһү дуо? Олохторугар оннооҕор буолуоҕу көрсүөхтэрэ турдаҕа. Кыыскын үрүҥ хараҕын өрө көрдөрбөккө, төттөрү өттүгэр самнаран эрэҕин буолбатах дуо? Ама да эдэрдэрин иһин, дьол дьылҕатынан оонньоомо. Тапталы киһи булбат, таптал бэйэтэ булар, – аҕата ийэтиниин кэпсэтэллэрин хоһугар сытан истэн ааспыта.

– Аныгы оҕолору билбэт киһи курдук мээнэни саҥарыма. Оонньообуттара оҕо буоллаҕына – кыыһыҥ инники кэскилэ туох буолуохтааҕын өйдөөбөт хайдах буолбут киһигиний? Оҕоҕо баттатан олоруо, – ийэтэ ытамньыйбыт куолаһа иһиллибитэ.

– Хата сиэннэниэхпит, – аҕата утарсарын тохтоппот. Сэрэйдэҕинэ, икки хараҕа бүөлэниэр диэри үллэ кыыһырбыт ийэтин хаадьылаан, күлэн мүчүҥнүүр буолуохтаах.

Суох… Кини тапталыттан төттөрү түһэр санаата суох. Ити туох буолан, саатар Мичиллиин кэпсэппэтэ. Оччоҕо билиэх этэ. Онтон кини күнүүлээн быһа сытыйан, куотар аатыгар барда буолбат дуо? Дьиҥинэн, ийэтэ суоҕунан туһанан, биирдэ төлө туттаран баран, уолу көрсөн кэпсэтэр түгэни мүччү тутта. Кыыс хараҕын уута иэдэһин устун тохтоло суох сүүрэрин да өйдөөбөккө, тэлэбиисэри өрө мыҥаан олордо.

– Һыллыый, туох буоллуҥ? – эбэтин эйэҕэс саҥата олоххо төнүннэрдэ.

– Суох, бэйэм… – Дайаана түргэн үлүгэрдик хараҕын уутун соттумахтаата.

– Туох ааттаах буоллугут? Ийэҥ хаһааҥҥыга диэри хаппахчыга хатаан олорорго сананна? Бэйэтин да оҕо сааһа баайталым олоххо ааспатаҕа. Үчүгэй киһиэхэ кэргэн тахсан, байылыат олоххо олус тотон, наһаалаан эрэр, – эбэтэ ууламмыт хараҕынан сиэнин имэрийэ көрдө. – Чэ, һыллыый, чахчы сөбүлээбит буоллаххына, мин төлөпүөммүттэн эрийэн көр. Барыбыт айаҕын саба тутуо суоҕа. Уруккуттан да ылан кэпсэтиэххин.

– Эбээ, баһыыба. Көрдүөхпүн, ийэм билиэ диэн куттаммытым. Уонна эйигин эмиэ биэриэ суоҕа дии санаабытым, – кыыс кырдьыгынан билинэр.

– Оҕом сыыһа… – эбэтэ сиэнин сымнаҕастык баттаҕыттан имэрийэр. – Ийэбит ама да күн сиригэр төрөппүт өҥөлөөҕүн иһин олус наһаалыыр. Уолу чахчы сөбүлүүр буоллаххына, тапталыҥ иһин охсус. Таптал диэн дьол, оттон баай диэн күн кырааската эрэ буоллаҕа.

Кыыс эбэтин суотабай төлөпүөнүн ылан, титирэстээбит тарбахтарынан күүскэ ыга баттаан, Ньургун нүөмэрин талла. Ыҥырар гудогу истэн долгуйбутуттан, бэл, күөмэйэ хата кууран, саҥарар да кыаҕа суоҕуттан хаста да түөһүн туттан сөтөллөн ылла…

VII

Үрдүк үөрэх кыһатын киэҥ көрүдүөрүнэн Альбина Акимовна хара тирии плаһа тэлээрэн, үрдүк хобулуктаах соппуоскатынан киэҥ-киэҥник эрэллээхтик үктэнэн, үөрэх чааһын сэбиэдиссэйин кабинетын тоҥсуйан тобугуратаат, ааны тэлэйэ баттаан киирдэ. Остуолга суруксуттуу олорор Андриана Александровна соһуйбуттуу өрө көрө түстэ.

– Дьүөгэм, дорообо! Көрбөтөх да ыраатта, – Альбина Акимовна, дорҕоонноох соҕустук саҥараат, үөрэх чааһын сэбиэдиссэйин утары олорунан кэбистэ.

– Дорообо! Ханна мөҥөн-этэн айаннаатыҥ? – Андриана Александровна эҕэлээхтик ыйытар. – Миэхэ тоҕо наадыйдыҥ? Баччааҥҥа диэри наадыйбат курдук этиҥ.

– Чэ, бүт эрэ. Көрдөөх-нардаах эдэр сааспыт ааспыт Сэргэлээҕи санаарыый. Төһөлөөх элбэх үчүгэй өйдөбүл дууһабытыгар хаалбытай? Ама, барытын умнубатыҥ ини… Биэс сыл биир хоско олорбут дьүөгэҥ биир көрдөһүүтүн ылыныа диэн кэллим. Наадам да солуута суох, эн холгор улахан таһаҕас буолбатах, – дьахтар дьүөгэтин албыннаспыт хараҕынан ааттаспыттыы көрөр. Киэҥник алаарыччы көрбүт хараҕа уунан туолар.

– Ол үлүгэр туохха наадыйдыҥ? Сэрэйдэхпинэ, үөрэххэ киирии дьыалата ини. Кыыһыҥ биһиэхэ санамматаҕа чуолкай. Аймаҕыҥ оҕото дуо?

– Чугаһаттыҥ, ол эрээри, аймаҕым оҕото буолбатах. Дайаана кавалера. Тыаҕа үөрэнэ барда диэбитим дии. Онно булсубуттар. Кыыспын эккирэтэн, иннин-кэннин билбэт оҥордо. Сиртэн көстүбэккэ сылдьан тапталлаахтар баҕастаахтар.

– Бэрт буоллаҕа. Хата, сотору сиэннэниэҥ, – кытарымтыйан көстөр кылгас баттаҕын өрүтэ аспахтыырын быыһыгар дьирбиилээх саһархай хараҕа күлэн мичилийэр. – Сиэн көтөҕүүлээх оҕо бигии олороргун көрбүт киһи баар ини.

– Күлүмэ. Кыыһым уон аҕыс сааһыттан үөрэммэккэ оҕо көтөҕүүлээх олоруон баҕарбаппын. Тустаахха ыарахан. Уол эһиэхэ дьыалатын биэрбит сурахтааҕа. Юридическайга ХИФУ-ну таґынан. Николаев Ньургун диэн.

– Юридическай диигин дуу? Көрүөххэ. – Андриана Александровна остуолугар сытар биэдэмэстэри төттөрү-таары тэлимнэтэн көрөр. – Киирбит эбит. Ону хайыыбыт?

– Тохтотон кэбис. Аармыйаҕа бардын. Ол кэмҥэ кыыһым санаата-оноото уларыйыаҕа. Ааспыкка эбэтин төлөпүөнүн ылан, кэпсэтээри турдаҕына, хата, түбэһэ кэлэммин кэпсэтиннэрбэтэҕим. Эбэтиниин истиэрикэ бөҕө буолбуттара. Киһи да сонньуйар.

– Таптал диэн өрт уота. Ону хаһааҥҥыга диэри саба тутаары гынаҕын? Уоту арыынан умуруорбут суоҕа. Биир сыл начаас ааһыа. Бопсубута буолан, өссө күөртээн биэрбэккин дуо? – Андриана Александровна дьүөгэтин сэмэлээбиттии көрөр. – Эдэр киһи дьылҕатынан оонньуурбут табыгаһа суох буолбатах дуо?

– Чэ, нотация ааҕан бүт. Биир сылы сүтэрэрэ улахан эбит. Аармыйаттан кэллэҕинэ, талбыт үөрэҕэр киириэҕэ, онуоха диэри үрүҥ тураах хара, хара тураах үрүҥ буолуо, – дьахтар аахайбатах куолаһынан хардарар.

– Бэҕэһээ оруобуна бу уолу кэтэхтэн үөрэххэ киллэрэн баран, күнүскүгэ миэстэ баар буолан көһөрбүппүт. Ректор баттыы илик эрэ буолан, устудьуоннааҕы эдэр сааһым доҕорун хаппырыыһын толоробун. Ол эрээри уолу кэтэхтэн үөрэххэ көһөрөбүн. Атыны туруорсума даҕаны. Оҕо олоҕунан олус оонньообот буоллахпыт. Кэлин сэттээх-сэлээннээх буолуо диэн куттанабын, туох да иэстэбилэ суох хаалбат, – үөрэх чааһын сэбиэдиссэйэ тутан турар уруучукатын остуолга тыастаахтык быраҕар.

– Чэ, дьүөгэм, тылбын сыыска-буорга тэпсибэккэ ылыммыккар баһыыба. Мин да үтүөнү үтүөнэн төлүөм. Көрсүөххэ диэри, – Альбина Акимовна киирбитин курдук түргэнник эргичис гынан, хара плаһа тэлээрэн, тахсан барда. Күндү духуута кабинеты биир гына тунуйан, олорон хаалла.

Андриана Александровна, үөрэх чааһын сэбиэдиссэйэ,

тыастаахтык өрө тыынаат, көмпүүтэрин аһан, саҥа биэдэмэһи таһаараары, клавишаларын бэрт үөрүйэхтик баттаан элэҥнэттэ.

…Ленин проспега. Араас өҥнөөх сибэккилэринэн симэммит проспекка Ленин пааматынньыгын аттынан ыччат бөҕө тоҕуоруспут. Бөлөхтөһөн күө-дьаа кэпсэтэ, биирдиилээн соҥуоран да турааччылар элбэхтэр, ол быыһыгар ааһан иһэр дьону түҥнэри көтүөх ролик хаҥкынан төттөрү-таары тэбэн, эргичийэн ааһааччылар бааллар. Ньургун Алиналыын «Центральнай» кинотеатр диэки сэргэстэһэн тэтимнээх соҕустук хааман истилэр. Алина уолу хонноҕуттан туппутугар утарыласпата.

– Ньургун, тоҕо саҥаҕыттан маттыҥ? – кыыс ыйытардыы көрөр.

– Туохтан үөрүөмүй? Эһиги бары күнүскү үөрэххэ тутуспутунан киирдигит. Онтон миэнэ чуолкайа суох, баҕар сарсын эмиэ уларыйыа.

– Кэтэхтэн киирдиҥ буолбат дуо? Мичил эмиэ кэтэхтэн киирдэ. Үлэлии-үлэлии үөрэнэр баҕар ордук буолуо, – кыыс, уол санаатын көтөҕөрдүү, этэр.

– Булан этэҕин. Кырдьык, кэтэхтэн үөрэх мин холбор сөп буолуо. Ол эрээри бэҕэһээ күнүскүгэ киирбит курдук этим. Бүгүн уларыйан хаалбыт. Приёмнайга олорбут кыргыттар бэйэлэрэ да соһуйдулар. Туох эрэ баар. Миигин үөрэххэ киирбэт гына кытаанах илии, кыраҕы харах хонтуруоллуур быһыылаах.

– Баҕар буолуо, – Алина мунаахсыйбыттыы саннын ыгдах гынар.

– Мичил тулуйбакка биэдэмэһи көрө охсоору сарсыарда эрдэ кэлэн, Дайаана ийэтэ ыксаан-бохсоон тахсан иһэригэр ааҥҥа кэтиллибит этэ. Ама, мин дьылҕабын быһаарса сылдьыбыта буолуо дуо?

– Эс. Аньыы даҕаны. Наһаа оннукка тиийбэтэ ини. Ол да буоллар Дайаана ийэтигэр сөп түбэһэн иһэрин сөҕөбүн эрэ, – кыыс сыыһа саҥардым дуу диирдии уолу элэс гынан көрөн ылар.

– Оо, оҕолорбут ол тураллар, – Ньургун саҥа аллайаат, үмүөрүһэн турар табаарыстарыгар илиитин даллаппытынан утары барар.

– Ньургуннаах кэллилэр. Алина кыыс оҕото хантан Ньургуну булан-талан аҕаллыҥ? – Нина идэтинэн дьаһалымсыйар. – Оҕолоор, үчүгэй буолбат дуо, бары тутуспутунан үөрэххэ киирдибит. Ураа! – кыргыттар-уолаттар бары үөрүүлээхтик саҥа аллайаат, хардары-таары куустуһан ылаллар. Ньургун уолаттарынаан күлэ-үөрэ хаадьылаһа турдаҕына, Мичил күүскэ баҕайы өттүккэ аспытыгар өрө көрө түстэ.

– Наада баар.

– Ол үлүгэр туох соһо сылдьар сонуннанныҥ, кэһэ сылдьар кэпсээннэнниҥ? – Ньургун Мичили дьээбэлээхтик көрөр.

– Наадыйбат буоллаххына кэпсээбэппин, – уол кинотеатр кэннин диэки барар. Ньургун табаарыһа таайтарыылаахтык мүчүҥнүүрүн сэрэхэччийэ көрөр. – Чэ, иһит. Дайааналыын мин балтым биир группаҕа түбэспиттэр.

– Ханнык балтыҥ? Эһиэхэ кэлэр кыыс дуо?

– Ленаны этэбин. Оскуолаҕа эмиэ бииргэ үөрэнэ сылдьыбыттар эбит. Аармыйаҕа бардахпытына, Дайаана кини аадырыһынан аадырыстаан суруйарга кэпсэппиттэр. Ол аайы ийэтэ, кини да буоллар, куораты барытын курдат көрөн, бобор кыаҕа тиийбэт ини.

– Онтон Дайаана?… Туох диирий? – Ньургун долгуйбутуттан куолаһа титирэстээн ылар.

– Бүгүн биһиги манна мустарбытын илдьиттээбитим. Кэлиэхтээх. Көр, этиттэрбэтэ даҕаны.

Уулусса нөҥүө маҥан кууркалаах, кыра маҥан суумканы санныгар иилэ быраҕыммыт, өссө тупсубут Дайаана туналыйан турарын көрөн, Ньургун соһуйан саҥатыттан матта.

– Барыаххын, – Мичил үтүрүйэн кэнниттэн аспытыгар эмискэ кыыһы көрбүтүттэн тылыттан маппыт уол иннин диэки аҕыйах атыл оҥорон баран, таалан турдаҕына, оҕолоро туох да буолбатаҕын курдук «Дайаана, кэл манна» диэн күйгүөрэ түспүттэрэ. Бары күөннэринэн анньан, уоллаах кыыһы тиксиһиннэрэ охсоот, Орджоникидзе болуоссат диэки тоҕо анньан, күргүөмүнэн бара турбуттара.

– Ньургун, миигин бырастыы гын. Быйыл сайыны быһа ийэм этэринэн сырыттым. Аны суох… – кыыс куолаһа титирэстээн, уоһа мэрбэҥнээн, сибилигин ытыахча буолла. – Икки өттүттэн хайыта тартаран, олус эрэйдэнним.

– Дайаана, эн туох да буруйуҥ суох. Кылаабынайа, билигин эн манна бааргын, – уол кыыһы санныттан тутан, бэйэтигэр сыһыары тардар. – Мин Мичиллиин күһүҥҥү ыҥырыыга аармыйаҕа барабыт.

– Мин күүтүөм. Эрэн.

Икки эдэр дьон дьолломмут сүрэхтэрэ үөрүүнэн туолла.

Евгения Захарова-Айыы_Санаа (I миэстэ)
Оҕо саас сылаас сайына

I

– Биир, икки, үс! Ким саспатах, бэйэтин буруйа! Мин көрдүү бардым!..

Уһун кыһыны быһа чуҥкуйан турбут бөһүөлэкпит оҕо аймах мааны саҥатынан туолбута истиэххэ тоҕо баҕас кэрэтэй! Сайыммыт барахсан «дьэ, кэлэр кэмнээх эбиппин!» диэбиттии, сандаарыччы тыкпыт күнүнэн дьиримнии оонньобутунан, үөнүн-көйүүрүн таптаабытынан тамнааттаабытынан, сылаас салгынын сайа үрбүтүнэн, «толору былааһы бэйэтин илиитигэр» ылбыта номнуо уонтан тахса күн буолла.

Ыалларбыт Атастыыраптар тэлгэһэлэрэ чэй кэннэ буолла эрэ оҕо оонньуур былаһааккатыгар кубулуйа түһэр. Ыраахтан-чугастан, бэл үрэх нөҥүө биэрэгиттэн, ким тимир көлө миинэн, ким кыра быраат-балыс батыһыннаран, оонньуу-көрүлүү бөһүөлэкпит бу муннугар тоҕуоруһар.

Атастыырап Ньургун – ыал улахан оҕото. Быйыл бэһис кылааһы «түөрт» да «биэс» сыананан түмүктээн, хайҕалга сылдьар. Үөрэх дьыла бүтэн, көҥүлгэ көччүйэр күүтүүлээх кэм кэлбитин куоттарымаары, Ньургун уол уһун күнү таһырдьа атаарар.

Оҕо саас сайына барахсан үчүгэйин! Киһи эрэ күнү супту туох да кыһалҕата суох оонньуу, ыллыы-туойа, үҥкүүлүү сылдьыах кэрэ кэмнэрэ!

* * *

– Биир, икки, үс! Сандал, саһаан кэнниттэн таҕыс! – диэн дорҕоонноох саҥаны кытта тимир биэдэрэни мас ураҕаһынан эрчимнээхтик охсор тыас иһилиннэ.

– Ээ, пахай! Шурик, хайдах инник түргэнник миигин була оҕустуҥ?! Аныгыскы оонньууга «көрдөөччү» буолар чиэскэ түбэстим быһыылаах, – Сандал булуллубут киһи быһыытынан аа-дьуо саһаанын кэнниттэн тахсан, аат эрэ харата, «суут остуолун» диэки хааман кэлэн күөх окко олорунан кэбистэ.

Оттон Шурик уол сымса-сымса атахтара онон-манан сүүрэкэлээн ылаллар. Ол эрэн «суутун остуолуттан» ыраах тэйэ сатаабат. Ньургун обургу быһыйа бэрт буолан, хас-хас көрдөөччүнү фантикка «уган биэрбитэ» буолуой?! Онон Шурик сэрэҕэ атахтарыттан инники сылдьар.

Саһа сытааччылары көрдүүр киһини оҕолор «көрдөөччү» диэн ааттаабыттара. Оонньуу быраабылатынан, «көрдөөччү» түөрт уоҥҥа диэри ааҕыар диэри атыттар саһа охсуохтаахтар. Көрдөөн булбут киһитэ ханна саһа сыппытын, «көрдөөччү» мас ураҕаһынан тимир солууру охсо-охсо, бары истэллэрин курдук доргуччу этэр. Онтукайбыт «суут остуола» диэн ааттаналлар. Булуллубуттар биир-биэс тыла суох тахсан иһиэхтээхтэр. Бастакынан булуллубут киһи аныгыскы оонньууга «көрдөөччү» буолар. Оонньуу быраабылаларын оҕолор толору тутуһаллар; биирдэ эмит мөккүһэн ыллаллар да, түргэнник быһаарсаллар.

Арай эмискэ ампаар кэнниттэн Антошка сырдык сирэйэ көстө биэрдэ. Шурик ону көрө охсоот, «суут остуолугар» сүүрэн тиийэн, тоҥсуйа-тоҥсуйа: «Биир, икки, үс! Антошка, ампаар кэнниттэн таҕыс!» – диэтэ. Булуллубут Антошка табыгаһа суох кэмҥэ өҥөйбүтүн кэмсиннэр да хайыай, Сандал таһыгар кэлэн олордо.

Шурик икки киһини булан, арыый хорсуннура быһыытыйда. Ол эрэн билигин да кыайыыны өрөгөйдүө ыраах.

– Шурик, көрдөө-көрдөө! Оҕолор бары ыраах саспыттара, – диэн Сандал бастакынан булуллубут киһи буолан, доҕорун дьээбэлиир саҥата иһилиннэ. Уола онно эрэ аахайбакка үөмэн-чүөмэн, туох баар быһыйын киллэрэн, оҕуруот күрүөтүн нөҥүө өттүн өҥөйөн көрдө. Дьэ, манна сыталлар эбит сыалай икки киһи! Сардааналаах Мааһыҥка Шурик үөмэн кэлэн, эмискэ өҥөйбүтүттэн соһуйан, часкыһа-часкыһа «суут остуолугар» инники сүүрэ сатаатылар да, уол эгэ кыргыттарга баһыйтарыа дуо?! Кыргыттар барахсаттар чэпчэкитик үктэнэн, булуллубуттар тастарыгар кэлэн олорунан кэбистилэр.

Оонньуу саамай интэриэһинэйэ дьэ саҕаланна.

II

Ыам ыйын бүтэһик күннэрэ… Күөх сайыммыт сааспытын атаара охсон, букатын кэллим диэбиттии, мааны кыыс симэҕин сайбаччы кэппиттии, ылааҥы, сып-сылаас күннэри биһиэхэ бэлэхтиир. Күөх халлааҥҥа күммүт сандаарыччы тыган турар, былыттар чугаһынан да көстүбэттэр. Соҕурууттан дөрүн-дөрүн сылаас салгын үрэн ааһара дууһаны уоскутар, сүрэҕи сылаанньытар.

Оскуола диэкиттэн оҕо аймах үөрбүт-көппүт саҥата иһиллэр. Оҕолор барахсаттар үөрэх сылын этэҥҥэ түмүктээн, өрө көтөҕүллүбүт санаалаах дьиэлэригэр хаамсан иһэллэр.

Бачча сайыҥҥы ылааҥы күҥҥэ ама хайа бэйэлээх дьиэҕэ тэһийэн олоруой?! Эттиин-хаанныын, бэл, дууһалыын киһи салгыҥҥа талаһар. Ол курдук оҕолор көҥүл көччүйээри, көрүлүү сүүрээри, тиэтэлинэн эбиэттии охсоот, оонньуу ыстаналлар.

Төрдүс кылааһы этэҥҥэ түмүктээбит Айаарап Шурик үрэх нөҥүө биэрэгэр, уруут-уруккуттан Заречнай диэн ааттаммыт оройуоҥҥа олорор.

Үс-түөрт сыллааҕыта Заречнайга олох күөстүү оргуйара. Эдэр ыалларга анаан тутуллубут түөлбэ буолан, үксэ эдэр дьон баһылаан-көһүлээн олороллоро. Бииртэн биир саҥа дьиэлэр дьэндэһэн иһэллэрэ көрүөххэ астык этэ. Сайынын устуруус, эрбии сытыы тыастара, оҕо аймах саҥатын кытары хойукка диэри дуораһыйар буолаллара.

Онтон билигин сорох дьиэлэр иччитэхсийэн тураллар, сороҕун олох да көҥдөйдүүн көһөрөн ылбыттар. Эдэр ыал үксэ куорат диэки талаһан, биир-биир көһөн, Заречнай барахсан кураанахсыйа быһыытыйбыт.

Шурик биирдэ эмит урукку атастарын ахтан-санаан ылар: ыала уолун Айхалы, бэртээхэй бэлисипиэттээх Сэмэнчиги, ытанньах да ытанньах Стасигы уонна саамай истиҥ доҕорун Сандаараны.

Сандааралаах Айаараптартан суол нөҥүө олорбуттара. Шурик элбэхтэ түннүккэ олорон, доҕоро таһырдьа тахсарын кэтээбиттээх. Сандаара таҕыста эрэ, таҥна охсоот, уулуссаҕа ыстанара. Киэһэ хойукка диэри кыыс балтылаах быраатын кытта ыаллаах, оскуолалаах, балыыһалаах оонньуур этилэр.

Күһүөрү сайын, атырдьах ыйын ортото, Сандаара дьоно, малларын барытын тиэнэн, куоракка букатын көспүттэрэ. Шуриктаах ыалларын дьиэнэн атаара тахсыбыттара. Уолчаан саамай чугас доҕоро барбытыттан хомойон, хараҕын уутун туора сотто-сотто, массыына көстүбэт буолуор диэри далбаатыы туран хаалбыта. Эһиилигэр Сэмэнчиктээх, онтон Айхаллаах атын сиргэ көһөн барбыттара. Стасик эбэлээх эһэтигэр доҕор буола аттынааҕы дэриэбинэҕэ олохсуйбута.

Шурик саастыы оҕо Заречнайга биир да хаалбатаҕа. Чуҥкуйар, соҕотохсуйар диэн тугун уол онно билбитэ.

Оннук син сыл-хонук ааспыта.

* * *

– Нохоо, ыл, ыксаабакка аһаа! Оонньуу ханна да куотуо суоҕа! – Шурик эбэтэ Дьэбдьиэй эмээхсин, сиэнигэр эбиэт бэлэмнии-бэлэмнии, буойар саҥата иһилиннэ.

– Эбээ, миигин оҕолорум кэтэһэллэр ээ. Түргэнник барыахпын наада.

– Доҕотторуҥ эмиэ саҥа үөрэнэн кэлэн, чэйдии олордохторо дии. Ыксаама, тукаам. Хата таабылгын көрдөр уонна кэпсээ, оскуолаҥ сонунун.

Шурик остуолтан туран, бартыбыалыттан таабылын хостоон ылан эбэтигэр уунна:

– Эбээ, мин сылбын бэркэ түмүктээтим. Нуучча тылыгар уонна математикаҕа эрэ «түөртэнним».

– Оо, оҕом, дьэ маладьыас! Үөрэхтээх киһи буоллаххына, үлэһит да мааныта буолуоІ! Эбэҥ ол аайы үөрэр, дьоллонор эрэ! – диэн баран, эмээхсин сиэнин сүүһүттэн сылаастык сыллаан ылла.

– Чэ, эбээ, мин бардым! Киэһэ кэлиэм, чуҥкуйумаар! – бэрт ыксалынан Шурик, эбэтин кытта бакаалаһаат, оонньуу ыстанна.

Дьэбдьиэй барахсан сиэнэ – сүрэҕин соҕотох мааныта. Иккиэн эрэ олорбуттара хаһыс да сыла буолла. Уол ийэтэ куоракка үлэ көрдүү диэн аатыран киирбитинэн мэлигир. Оҕотугар да, ийэтигэр да наадыйбат. Сыл баһыгар-атаҕар биирдэ эмит төлөпүөнүнэн туоһуласпыта буолан эрийэр. Шурик маҥнай ийэтин ахтан ытыыра, онтон кэнники ыраах сылдьарыгар үөрэнэн хаалбыт курдук. Ол эрэн хайа да эбэ ийэни солбуйар кыаҕа суоҕун уолчаан сүрэҕэ билээхтээн эрдэҕэ.

«Оҕом саатар аҕай оҕолору кытары оонньоотун. Хата Атастыыраптар уолларынаан доҕордоһон абыранна. Оо, чыычааҕым сыыһа төһөлөөх эрэйи көрбүтэй, алтыһар атаһа суох буолан?!» – диэн эмээхсин, ботур-ботур саҥара-саҥара, аа-дьуо иһитин хомуйбутунан барда.

III

– Ньургун, Максим уонна Айсен эрэ хааллылар, Шурик! Кытаат, көрдөө-көрдөө! – Сардаана нарын куолаһынан доҕорун сэргэхситэр.

– Геройдаа, Шурик! – Антошка тыл бырахта.

– Мин билэбиин ханна саспыттарын, – дии-дии, Мааһыҥка улахан кистэлэҥи билэрдии төбөтүн хамсата-хамсата, үөннээхтик көрүтэлии олордо.

Арай уу кутуллан турар буочукаларын кэнниттэн ким эрэ «апчхи» ытырдара иһилиннэ. Оҕолор бары ол диэки көрө түстүлэр. Шурик долгуйан, сүрэҕэ түргэн-түргэнник тэптэ. Ол эрэн ким да тахсыбата. «Бээ, хайыах баҕайыбыный? Эмиэ да Ньургун ытырдарыгар дылы, эмиэ да Максим курдук…» – диэн Шурик толкуйдуу-толкуйдуу үөмэр-хаамар икки ардынан буочукалар диэки чугаһаан эрдэҕинэ, эмискэччи уун-утары Ньургун сүүрэн таҕыста. Уолаттар көрсө түстүлэр.

Дьэ, тыҥааһыннаах киирсии буолла. Хайалара да бэрдин биэрбэккэ «суут остуолугар» тэбис-тэҥҥэ сүүрэн кэллилэр уонна мас ураҕастарын былдьаспытынан бардылар. Икки өттүттэн тардыаласпытынан сиргэ сууллан түстүлэр. Устунан уолаттар охсуһан бардылар. Били баҕалаах ураҕаспыт умнуллан, туора быраҕылынна, ынчыктааһын-айакалааһын ыраатта. Оҕолор тохтото сатаатылар да кытаанахтык тутуспут «бөҕөстөр» онно аахайан да көрбөтүлэр. Максимнаах Айсен «туох айдаана буолла» диэн саһа сыппыт сирдэриттэн тахсан кэллилэр.

Сардаана ыксаан, Ньургун дьонугар тыллыы киирдэ. Өр буолбакка Ньургун ийэтэ тахсан уолаттары араарталаата: «Оҕолоор! Оонньуу аата оонньуу! Син биир ким эрэ кыайар, ким эрэ хотторор. Сутуругунан дьыаланы быһаарсыбат баҕайыта, саҥарар тыллаах буолан баран, тылынан кэпсэтии барыахтаах!» – диэн кытаанахтык быһааран эттэ.

Ньургуннаах Шурик буруйдарын билиммиттии умса туттан турдулар.

– Уолаттар, иллэһиҥ! – МааһыІка доҕотторун диэки эрэллээхтик көрдө.

– Хайдах доҕордуу буолан баран, охсуһа сылдьаҕытый, – диэн Айсен саамай улахан киһи быһыытынан сэмэлээтэ.

– Чэ, илии тутуһуҥ, – Антошка этии киллэрдэ.

Шурик бастакынан бэрт сэрэнэн-сэрэнэн илиитин Ньургуҥҥа уунна. Биирэ өһөспүтүн курдук өсөһөн, умса көрөн турда.

– Ньургун, илиигин уун, Шурик биэрэр дии илиитин, – Сардаана сымнаҕастык Ньургуҥҥа туһаайан эттэ.

– Мин буруйум суох! Кини бэйэтэ бастаан саҕалаабыта! Дьиҥинэн мин бастаан тиийбитим «суут остуолугар», – диэн Ньургун кыыһырбыт куолаһынан санарда.

– Ньургун, ким буруйдааҕын, буруйа суоҕун быһаарсыбакка эйэлэһиҥ! – оҕолор табаарыстарыгар быһааран этэ сатаатылар да, уоллара өчөһөрүнэн өчөһөн турда.

– Эһиги бары Шуригы көмүскэһэҕит! Мин тэлгэһэбэр оонньуу сылдьаҥҥыт мин диэки буолуохтаах этигит! Дьиҥнээх доҕоттор буолбатах эбиккит! – диэн Ньургун доҕотторун соһуталаата.

Син өр ааттаһа сатаан баран, түмүгэр иллэһиини ситиспэккэ оҕолор дьиэлэригэр тарҕастылар.

Шурик доҕоруттан наһаа хомойон, дьиэтигэр тиийиэр диэри хараҕын уулара иэдэстэринэн тохтоло суох сүүрбүттэрэ.

* * *

Сарсыныгар Ньургун доҕотторун кэтэһэ сатаата да, ким да кэлбэтэ. Бэҕэһээ сыыһа быһыыламмытыгар доҕотторун хомоппутугар улахан суолта уурбата. «Атын доҕоттору да булуом», – диэн бэйэтин бэйэтэ уоскутунна.

Киэһэлик Ньургун күүлэтин иннигэр соҕотох чуҥкуйан олорон, ахсыс кылааһы бүтэрбит Мичил, Дима уонна Эдик үрэххэ балыктыы баран иһэллэрин көрдө.

– Ньургун, кэл, биһигинниин барыс, – диэн ыҥырдылар.

Уол уһуннук толкуйдуу барбакка уолаттары кытта барса турда.

Хаамсан иһэн, ону-маны кэпсэтэллэр, дьээбэлэһэн да ылаллар. Улаата быһыытыйбыт оҕолор диэх курдук кэпсэтиилэрэ да атын буолан биэрдэ. Ньургун доҕотторунуун түбэлтэ, көрдөөх түгэннэрин кэпсэтэллэрин, оонньуур, кинигэ, саҥа сурунаал туһунан ырытыһалларын, сасыһа оонньуулларын санаан, иһигэр кыбыста санаата. «Шуриктаахтыын оонньоон бүппүтүм да үчүгэй, аны Дималаах – мин доҕотторум», – диэн улахан уолаттары кытта тэҥҥэ хаамсан иһэриттэн киэн тутунна, астынна.

Үрэххэ тиийээт, уолаттар хахха сири буланнар төгүрүччү олордулар. Тугу эрэ кистиир курдук тутталларын Ньургун сэрэйдэ.

Арай Дима ыстаанын сиэбиттэн сигарета уонна испиискэ хостоон таһаарда. Эдиктээх Мичил ону былдьаһа-тараһа өр гымматылар: биирдиини ылан уматтан баран, табахтаан бусхаттылар. Ньургун хаһан да оҕолор табахтыылларын көрө илик буолан, олус соһуйда, саҥата суох турда.

– Мэ, Ньургун, табахтаа, – диэн баран, Дима тарда олорбут табаҕын уолга утары уунна.

– Суох, – Ньургун соһуйан, кэннин диэки хардыылаата.

– Пахай, уол буолан баран, биирдэ да боруобалыы иликкин дуо? – Мичил киһиргээбиттии ыйытта.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации