Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 5


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 17:20


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 5 (всего у книги 27 страниц) [доступный отрывок для чтения: 9 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Төһө да арыт-ардыгар тиийиммэт-түгэммэт олоххо сылдьыбыппыт иһин, биһиги, оҕолор улаханнык быста-ойдо ыалдьыбаппыт. Салгына ырааһа, чөл айылҕа барахсан мэлдьи арчылыы, араҥаччылыы турара улахан сабыдыаллаах. Аһылыкпытын да барытын айылҕабыт тугу бэрсэринэн аһаан эрдэхпит. Онон эт-хаан, өй-санаа өттүнэн чэгиэн-чэбдик буоларга ол суолтата улаханын эбээ эмээхсин мэлдьи ахтан, санатан аһарар. Кырдьаҕас дьоҥҥо кыра тумуу-сөтөл, хархах, дьарҕа ханна барыай. Оҕолор бэйэлэрэ сыыһа-халты туттан, сыгынньах сылдьан тымныйан, дэҥ, сыл баһыгар-атаҕар биирдэ эмит ыалдьаллар, ол эрэн дөбөҥнүк, чэпчэкитик аһардаллар. Маарыйа бэйэтэ отоһуттуур, үксэ үүнээйинэн оҥоһуллубут араас эмэ-томо элбэх. Ылдьаалаах бултаабыт ойуурдааҕыларын үөһүн уура сылдьан, быһаҕынан кыра-кыратык кыһан, ууга суурайан иһэрдэр…

Саҥа төрөөбүт тарбыйахтар аҕыйах хонугунан түүлэрэ-өҥнөрө ордук тупсан моторуһан хааллылар.

Сүөһү, хотон, дьиэ ис-тас түбүгүттэн быыс-арыт ордоруннар эрэ эбээ эмээхсин наар иистэнэр дьарыктаах. Сурдьа Баһылай аҕалбыт куобаҕын тириитин мунньан иһэр. Табысхаан «арбаҕаһынан» арааһы бары тигэр. Мин эмээхсинтэн үөрэнэммин куобах тириитин бэрт түргэнник, ньып-ньылыбырас гына имитэн кэбиһэр буоллум. Маҥнай убахтыырбар үөрүйэҕэ суохпуттан тарбахтарым сылайаллара, онтон сотору нэмин табан сатаатым. Эбээ куобах уорҕатын аттаран, өрбөххө сирийэн, сонно уһаппакка, аҕыйах хонук иһигэр сып-сылаас суорҕан тигэн кэбиһэр. Аны тыһын аттаран кулгаахтаах, куондардаах бэргэһэни, кутуругун тиһэн моойторугу (урут тииҥ кутуругунан эрэ моойторук тигэллэрэ буолуо дии саныырым), бырыынчыктаан аттаран, «баттаҕынан» сэлиэччик иһэ кытары тигэр. Маарыйа эмээхсин – табысхаан тириититтэн тугун даҕаны хаалларбат, сыыска-буорга түһэрбэт, уус тарбахтаах, бэрт кичээҥи иистэнньэҥ.

Эбээ эмээхсин, били мин ийэбэр дылы, тарбаҕар лаппа кыахтаах, төһө да сааһырдар, чиргэл күүһүн ыһыктыбакка сылдьар, бэл кинитээҕэр буолуох эдэрдэр кыайбаттарын кыайар, сатаабаттарын сатыыр. Таба, тайах тыһын соҥоһооннуу-соҥоһооннуу эт илиитинэн имитэн этэрбэс, курумуу тигэр. Кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ, Улахан Баһылай оҥорбут сытыары мас талкытыгар, солбуһа-солбуһа, ынах, сылгы тириитин имитэн хоҥкулдьуһуу бөҕөтө. Таба тириитин талкыга баттаныллыбат: кэдэрээни, соҥоһоону туттан илиинэн имитиллэр. Эбээ ынах тириитин ыыһаан куска кэтиллэр уу боруонньатын тигэр, үлэх быһыытынан дьоҥҥо иистэнэр. Тииһинэн ыстыы-ыстыы анньыбыт сиигэ эриэ-дэхси оһуор курдук дьэрэлийэр. Сиигинэн уу өтөн киирбэт, оннук бигэ, тупсаҕай тигиилээх. Ынах иэнин иҥиирин сыыйан, ньилбэгэр хатан, иннэҕэ батар гына сап хаттыгастаан, онон хам тардар. Ол хайа да өрбөх сапка тэҥэ суох бөҕө…

Халлаан хас да хонукка балдыгыраччы ириэрэн, айан суолугар бадараан-идэрээн таҕыста. Дьиэ үрдүгэр нуһараІ хаара үллэччи түспүтэ, бэл, түүн тэстэн чоллургуур. Саҥа кэлбит тураах саҥата ахтан баран истэргэ үчүгэйэ сүрдээх, ол эрэн сотору сонуна ааһа оҕуста. Күнүс күн сытыы сардаҥалара үрүҥ хаартан тэйэн, дьиэттэн таҕыстахха, киһи хараҕын чаҕыл сырдыгынан саатырда оонньууллар. Туллуктар, халыҥ үөр буола сылдьан баран, хоту, төрүүр-ууһуур сирдэригэр, туундараларыгар айаннаан, баран-кэлэн симэлийэн хааллылар. Хордоҕой күөл кытыытын, тыа кэриитин дулҕата халыҥ хаар анныттан хараара быган көстөн таҕыста. Түүҥҥү тоҥот үрдүнэн моҕотой кутуругун хоротон сүүрдэ, доҕор көрдөөн төттөрү-таары сыбыытыыр, онно-манна угуйар саҥата иһиллэр. Чалбах, уу-хаар элбээн, мас-от ирэн көппөйө көөнньүбүт сыта сааскы сииктээх сөрүүн салгыҥҥа холбоһон, эти-сиини, сүрэҕи-быары хаба ортотунан сайа охсон киирэр. Дэгиэ тыҥырахтаахтар баһылыктара, сойуо тумустаахтар тойонноро боруллуо көтөр кэлбитэ ыраатта, уйатын хаардаммыта быданнаата, үрдүк өтөх суон муҥурах тиитигэр суодаллан олорон өйүө гынан кэлбит туллуктарын кыҥастаһар, иччилээх аҕайдык таҥалайын тыаһатан чамырҕатар.

Сылгыһыт уолаттар хааччахха хаайбыт сылгыларын сэлээтилэр. Сэлээбит сиэллэрин, кутуруктарын мунньаллар. Эмээхситтэргэ үллэрэн холкуоска көнтөс, ынах быата хаттараллар. Саас сылгы түүлүүр, ону кырыаччынан тараан ылан лааппыга туттараллар. Аны сорох атастаһыкка кэлбит бэлиэтэммэтэх сылгылары уонна убаһалары барыларын, ийэлэриттэн туспа арааран кыбычаалга хаайа-хаайа, бэчээт ууран дьэрэлиттилэр. «Свердлов» холкуос ууһугар Дарайыы Киргиэлэйгэ «С» буукубалаах бэчээти оҕустарбыттар. Онтуларын кулуһун оттон кытарда-кытарда сылгы өттүгэр баттаан, чуучугураччы сиэтэн бэчээттииллэр. Бэлиэтэммит убаһалары ийэлэригэр холбуу-холбуу, далтан таһаартаан ыыталаан иһэллэр. Быйылгы кыһыны, хаһыыта үчүгэй буолан, этэҥҥэ туораабыттар. Кыһын ойбоҥҥо киирэ сылдьан күөл кытыытын хаарын хаһыйа тэбэн көрдөххө, күөхтүү тоҥон будьуруйбут от өрө ытылла түһэрэ, маннык дьыл сылгы абыранар. Күһүҥҥүтэ да куһаҕана суоҕа, айылҕа барахсан алыс ардаан, муус килиэ гына тоҥорбокко, уһуннук, күүскэ тымныйан баран кыстык хаарын түһэрбитэ. Онон сылгыга, маныытыгар да үтүө күһүн ааспыта.

* * *

Ыам ыйын саҥатыгар дьиэбит анныгар, сылгы хаһыытыгар тахсыбыт ньалыар ууга эрдэлээбит икки көҕөн кэлэн түспүттэрин көрөн, ыалбыт Намыынап Хабырыыл, хатыйыы күрүөнэн хаххаланан, үөмэн киирэн атыырын ытан ылла, тыһытын сыыһан кэбистэ.

Киэһэ өтөхпүт эр дьоно, Улахан Баһылай тимир күрдьэх уктана олордоҕуна кэлэн, күнүскү көҕөттөр тустарынан табах тардан бусхата-бусхата кэпсэттилэр. Биһиги, оҕолор, дьоммут сэһэргэһэллэрин сэҥээрэн истэбит, күн уһаан, сылыйан, көбдөҕү киэптии толорор сааскы көй салгын үчүгэйэ бэрдиттэн хойукка диэри тастан киирбэппит.

Намыынап көҕөнү сыыспыт абата билигин да ааһа илик:

– Кэлэн түһээ ини, ытан ылыллыа, – диир.

Баһылай күрдьэҕин угун кыҥаан көрө-көрө:

– Маҥнай тыһытын ытыаххын, оччоҕо саҥа кэлбит атыыр көҕөн баҕас доҕоругар кэлэн түһүө этэ буо, ханна барыай, – диэн Намыынап абатын-кыһыытын эбии күөртүүр.

– Холбоһон олорор курдук этилэр ээ, санаабар ытааппын кытары иккиэн тас иэннэринэн таралыс гына түһэргэ дылы гыммыттара…

– Курдук диэн… Суос сымыйаны үөтэ олорор, хоһулаабыта да биллибэт… Сааскы бастакы көҕөнү өлөрбүт киһи аатыраары долгуйан, халыкынайан хаалан да сыыста ини, – Өлөксүөйэп Хабырыыл уҥа дьабадьытын чэрин хамсатан күлэ-күлэ Намыынабы хаадьылыыр.

Өлөксүөйэп Хабырыылы, истибэтигэр, Дьабадьы Хабырыыл дииллэр. Хос аатыттан өһүргэнэр. Оҕо сылдьан, саха ууһа охсубут аҕатын быһаҕын туппутунан состуоктан ыстанаары сыыһа туттан сытыы биилээххэ дьабадьытын тэлэ түспүт. Онтон ылата Дьабадьы Хабырыыл диэн «сүрэхтэммит».

– Ээ, киһини суустаама доҕор, – Намыынап, илиитэ салҕалаан, кыайан эрийбэккэ тохпут табаҕын хат, саҥалыы кутта-кутта хардарсар.

Мохуорканы бары саппыйаҕа куттан илдьэ сылдьаллар. Мин Намыынап Хабырыыл дьэрэкээн ойуулаах саппыйатын кэрэхсээн одуулаһабын. Саппыйаҕа адаархай муостаах таба ыстанан эрэрэ маҥан сабынан анньыллан ойууламмыт, таба анараа өттүгэр уһуктара хаардаах очуос таас хайалар уонна күн тахсан кылбайан өрө тэмтэйбитэ көстөр.

Дьабадьы Хабырыыл киэнэ оһуора-майа суох, лаҕыай курдук киртийбит, сыалыһар тириитэ саппыйа.

Улахан Баһылай табаҕы төрүкү тардыбат эрээри, өрө хантайан, хойуу табах буруотун, таныытын хамсатан, сытырҕалаан ылар:

– Аам, тоҕо бэрдэй, табах барахсан сыта, – диэмэхтиир. «Эмиэ да дьикти кэмэлдьилээх киһи» мин испэр дьиктиргии саныыбын.

– Мантан инньэ көтөр биллэн барыа, хомурах куһа хайыы сах кэллэҕэ ити… Кырдьык да сылгыһыт уолаттар Саамыга уонна Барчалыырга хаастары көрбүттэр үһү.

– Кимтэн иһиттиҥ? – Баһылай ыйытар.

– Баарыын күнүс кулун кээспитин харайа Чампый кэлэн барта.

– Ханнык биэ? – Намыынап туоһулаһар, кэпсэтии атыҥҥа көһөр.

– Быралгы МаІан биэтэ…

– Кырдьаҕас биэ тоҕо кээһэрэ буолуой ити…

– Тэптэрбитэ дуу, туох буолта дуу…

– Уолаттар үнүрүүн үүрэллэригэр сүүрдүбэтилэр ини.

– Эс, ону баҕас билэр дьон ини, буос биэни тиэтэтэ сырыттахтарай, аньыыны баран, – Намыынап уолаттарыгар эрэнэрин биллэрэр. – Эдэр оҕолор эрээри такаллыбыт дьон. Тыккаай Ньукулай обургу сүбэлээн-амалаан, ыйан-кэрдэн, билбэттэрин да билэр, сатаабаттаран да сатыыр гынаттыыр оҕонньор буолуо ээ, арааһата.

– Бээ-бээ… тыһы көҕөнү хайдах-хайдах сыыстым диэтиҥ этэй? – Дьабадьы амыдайын Хабырыылы хат хаадьылыыр. Эр дьон күлсэллэр…

– Бу да киһини… – Намыынап холку майгылаах муҥутаан дьээбэҕэ-хообоҕо кыһаллыбат. – Дьэ ити тыһы көҕөнүнэн уһун сааһы быһа суустуур, сордуур эбит… – табахтаан бүтэн, саппыйатын быатын бобо тардан суккуй сонун сиэбигэр чөкө уктан кэбиһэр, эбиитин сиэрин ситэрэн таһыттан таптайан көрөр.

Дьоммут өссө да ону-маны дьиэ эргиннээҕини баллыгыраһа түһэн баран тарҕастылар…

Сарсыныгар Намыынап Хабырыыл, Ынаабы күөлүгэр бурдук сонуогун көрө-истэ бара сылдьан, биир дьоһуннаах хоҥор хааһы өлөрөн кэллэ. Уонча хаас Ынаабы бааһынатын анныгар, сылгы хаһыытыгар тахсыбыт ууга түһэн олороллоругар үөмэн киирбит. Үөмээйитэ соччо суох буолан хаастар киһи бэрийэн иһэрин көрөн, тэһииркээн көтөн тахсан бараннар эргийэн, саа ылар-ылбат сиринэн, син тэйиччи соҕуһунан ааһан ньулуһан истэхтэринэ икки төгүл ытан, күөрэтэн, биири таппыт. Хааһа буоллаҕына сүрэхтэтэн, тэлээрэн тиийэн ойуурга суугунас көмүрүө хаарга чөм түспүтүн, ыта суох буолан, уһуннук көрдөөн баран булбут.

Иһирик ардах түһэ-түһэ, күөл иэнэ хараара иһийэр, уу чуумпу, луҥку түүннэр сатыылаабыттарыгар, тылбыйар кынаттаах, хотоҕой куорсуннаах ууһа тоҕо анньан түркүннээн кэллэ… Күнүс онно-манна бүтэҥитик бүллүргүүр саалар тыастара иһиллэн барда. Мундулуҥда эбэ илин-арҕаа от үрэхтэрин баҕарахтарыгар тахсыбыт киччим ууларга, киэһээҥҥи үөл-дьүөл борукка, хара буорах хойуу буруота үрүҥ тунах курдук унаарыйа сыыйылынна…

Улахан Баһылай сааламмат. Ылдьаа, Маҥан Халдьаайыга холкуос саҥа хотонун маһын кэрдиитигэр баран, суох. Ыалларбыт Хабырыыллаах кус бэрсэллэр. Үлэ быыһыгар, күнүс үөмэн, баһаамы өлөрөллөр.

Бадараан көтөрө лаппа кэлбитин, дөйө тоҥмут көлүйэлэр, көрдүгэттэр туркулара уу анныттан түөрэҥэлэһэн тахсыбыттарын кэннэ Баһылай, үгэһинэн, тиргэлээтэ. Эбэбэр көмөлөһөн күннэтэ кус үргэһэбин, кэлиҥҥи кэмҥэ аҥаардас собонон эрэ аһыы сылдьыбыт дьон, аны эмис куһу эрэ күөстэнэр буоллубут… Бу күһүн идэһэ гынан туттубут борооскуларын төбөтүн Ньукуолаҕа сиэрилэр уҥучах түгэҕэр түһэрбиттэринэн сытар.

Сааскы ыһыы үлэтин түбүгэ күн аайы күөстүү оргуйар. Өксөөн «өлөр да солото суох». Холкуос бэрэссэдээтэлэ киһи үлэтэ «хабарҕатынан».

Бастакы Күүлэт сириттэн Сөкөр Сахаар диэн тимир ууһун аҕалан булуук, боромньу абырахтаттылар. Сөкөр Сахаар – биллэр-көстөр, ыҥырыкка сылдьар тимир ууһа, нэһилиэктэри, холкуостары кэрийэн үлэлиир. Дарайыы Киргиэлэй Сахаарга илии-атах буолан көмөлөһөр. Чахчы дэгиттэр уус сэдэх, онон иккиэн да ыҥырыкка сылдьар дьон…

Тимир ууһун балаҕана күнүн аайы күөрт уотун сырамыттан ип-итиинэн илгийэр, балта тыаһа хара сарсыардаттан лыҥкыныыр. Ыһыы үлэтин сэбиттэн-сэбиргэлиттэн ураты атын да иирбэ-таарба кыра үлэ уустарга элбэх…

Дьөгүөрэйэп таҥараҕа, кырдал саалын эриэн харалдьыктара саҥа сиэттиһэн эрдэхтэринэ, дохсуннук ардыы сырытта, инньэ гынан хотоол да сир суугуначчы кэһиллэр көмүрүө хаара кытары хоос гынан хапсыйан хаалла. Кэлин наар чэмэлкэй күннэр турдулар. Ньукуола буолуо икки хонук иннинэ кэҕэ эттэ. Хайа эрэ маарга, мас кэрдибит сирдэригэр, мутук-итик быыһыгар, ычыкыннаах ойуурга, атыыр хабдьы саҥата биир кэм «хаба-баах…хаба-баах… бэх-бэх-бэх!.. хабык-хабык-хабык!..» хабыргыыр, бэбигириир. Сыллыыр өтөҕүн кэтэҕинээҕи отон уктаах, кытыаннаах кырдалга сылын аайы улар охсор. Хара тыа маанылаах көтөрө кырдьаҕас хара улар, күөх толбонноох түөһүн мөтөтөн, кутуругун саратан, кынаттарын даллатан, кыһыл хаастарын тэрбэтэн, холоонноох эрдэҕэс доҕоругар үтүөмсүйэн, эдэр улардарга суоһурҕанан атын аҕайдык дьоһумсуйан хааман даадаҥныыр, таҥалайын тыаһа чамыргыыр, өтөр-өтөр уһуннук, тохтоло суох охсон лаһыгыратар… Атыыр куртуйахтар кутуруктарын тэрэтэн, тыһыларын кытары өтөхпүт үрдүнэн көтөн куһугурайан ааһаллар…

Муоһа Суох, ардыгар, тарбыйахтаах эрээри ыамыгар хойутуур, туохха эрэ тардыллар. Ынахпын көрдүү сылдьан кырдалга үүммүт ньургуһуннары кэрэхсээн одуулаһабын. Сып-сымнаҕас эминньэхтэрдээх, киһи ытыһын минньигэстик кычыгылатар, саҥа тыллыбыт ньургуһуннары оргууй сэрэнэ имэрийэн саатыыбын. Мундулуҥда эбэни эргийэ барар, быакаччы тарпыкка дылы, быста-быста өрө томтойон тахсар кырдаллар сааллара, тэллэхтэрэ толору ньургуһун чэчигинэн симэнэн тураллара олус астык. Киһи эрэ сүргэтэ көтөҕүллүөх айылаах…

* * *

Мундулуҥда эбэ эҥээринээҕи бурдук бааһыналара саҥа тиэриллэн эрдэхтэринэ, Айдаҥтан Ньукулаайап Ньукулай Ньукулаайабыстаах (Үс Ньукулайдаах диэн ыаллар) биһиэхэ дьукаах көһөн кэллилэр. Аҕалара Быралгы Ньукулай ыһыыга булуук тутар, уола Килэки Болуодьа оҕус сиэтэр. Ыаллар түөрт оҕолоохтор. Болуодьа – улахан оҕолоро, Таалай Ньукулай иккис кылааһы бүтэрбит, үһүс уол Ыстапаан оскуолаҕа киирэ илик оҕо, биһиги Баһыычааммытын кытары араа-бараа, кыыстара Өрүүнэ алтатын ааһан сылдьар. Ийэлэрэ Маарыйа дьиэҕэ олорон холкуоска, уопсайга иһит тигэр, быа хатар. Анал, сүрүн үлэтэ ол. Дьиэбитигэр элбэх оҕолоох ыаллар дьукаахтастылар да, син орун оннугар батан, бэркэ тапсан олордубут. Хастыы да ыал дьукаахтаһыыта, буолуох буолуохтааҕын курдук, сир аайы баар үгэс, кимнээҕэр бэркэ быр бааччы буруо таһаарынныбыт.

Доҕотторум Намыынаптар оҕолоро уонна Дьабадьы Хабырыыл уола Модьу, үөрэхтэрин дьыла түмүктэнэн, өтөхтөрүгэр кэлбиттэрэ. Хайа да үлэҕэ улахан көмө дьоно.

Баһыычаан бииргэ оонньуур оҕолордонон бэркэ табылынна. Урукку курдук наар миигин үлбүрүйэрэ тохтоото, сонун доҕоттордонон аралдьыйара үксээтэ.

Быралгы Ньукулай – дьиибэлээх-дьээбэлээх, элбэх саҥалаах-иҥэлээх, бэрт сэргэх киһи. Букатын мөлтөх, харалҕан харахтаах буолан, тугу эмит көрөөрү гыннаҕына, илиитинэн тутан, муннун анныгар даҕайан көрөр. Киһини кытары кэпсэтэригэр наар харахтарын кыаратан, тонолуппакка одуулаһар. Аҥаардас туттарыттан-хаптарыттан, үөннээх, дьээбэ сирэйиттэн да киһи күлүөн курдук киһитэ.

Үс Ньукулай – Маарыйа эмээхсин бииргэ төрөөбүт балтын уола.

Улахан Баһылай сир тиэрэр, оҕус сиэтээччитэ – мин доҕорум Модьу…

* * *

Күөл кытыыта лаппа кылдьыыланан, килээй муус уу ото быкпыт сиринэн дьөллөн, онон-манан буруу оҕолорун эргичитэн, күн сырамыттан кэбирээн, саркааҕыран, кылыгырыы суккураан курумуулаах киһини киллэрбэт буолан эрдэҕинэ, Ылдьаа күнүс үөмэн кустуу баран баран, Килтэбил диэн күөлтэн саанан ытан, хаһан да харахтаабатах дьикти кыылбытын өлөрөн аҕалла. Онтубут соҕуруу дойдуттан аҕалан ыыппыт андаатар диэн харамайдара ырбыыга устан ньолбойо сылдьарын ытан ылбыт эбит. Тула түһэн, илииттэн-илиигэ бэрсиһэ-бэрсиһэ, эргитэ-урбата көрүү-истии бөҕөтө буоллубут. Ыалбытын Дьабадьы Хабырыылы кытары ыҥыран аҕаллыбыт. Ордук оҕолор сүрдээҕин дьиктиргээтибит. Дьабадьы андаатар ордьойо сылдьар уп-уһун икки илин тиистэрин тыгыалаан көрдө: «Оту кэрбииригэр аналлаах быһыылаах, тоҕо сытыыларай, доҕор, күтүр киэнэ…» – диир. Түүтэ уп-уһун, кип-килэбэчигэс кылааннаах, атыыр андаатар эбит, иссиитин үгэнэ буолан ыыта-дьаара дыргыйан сүрдээх. «Мыыла сытын курдук…» – дэһээччилэр эҥин бааллар. Күтэргэ майгынныыр эрээри лаппа улахан. Биһиги көрдөхпүтүнэ: бурҕаа кутуругун хаптаччы үктээбиккэ дылы, абына-табына түүлээх, мунду уорҕатын курдук хатырыктаах кутуруктаах, кус киэнинии салбахтаах атахтардаах. Саҥа харахтыыр дьоҥҥо бэрт сонун харамай.

Өссө 1940 сыл, Саха сирин совпокомун булт хаһаайыстыбатыгар бэрэстэбиитэлэ алта уон андаатары аҕалан үөскэтэргэ Уйбаныап Охонооһой диэн дойдулаах киһиэхэ бодоччуот туттарбыт. Ол андаатардары Мастаах эбэ таһынааҕы Уодьаан диэн күөлгэ ыыппыттар. Сайын устата кэтээн көрбүттэр. Күһүнүгэр муус тоҥмутун кэннэ Куруотап диэн бэрэстэбиитэл тахсан ол ыыппыт харамайдара муус үрдүнэн барыта сэттэ уонтан тахса уйаны таһаарбыттарын аахпыт. Биирдии уйаҕа ортотунан сэттэлии андаатар диэн быһаарбыт.

Икки-үс сылынан саас, иссэр кэмигэр, уйатыгар сиҥэ уута киирэн, хара көппөҕө сиҥнэн, таска тахсан, бэйэтэ дьаалатынан мэнээктээн, от үрэхтэри бата устан тараадыйан, чугас эргиннээҕи эбэлэргэ хойуутук тарҕанан барбыт…

Ылдьаа булдун сүлбүтэ сыата диибин диэн, биир кэм бырдьайан олорор. Аны туран, бу харамайы сииллэр үһү диэн буолла. «Буолумуна, бачча сыалаах барахсаны, сиэн буоллаҕа…» – диир, билэр ахан былыргыттан аһаабыт аһын курдук, дьукаахпыт Быралгы Ньукулай. Ити гынан андаатар диэн ааттаах харамайбытын, иһин эрэ ылан баран, төбөлөрү майдары эмээхсин эһэ этэ буһарар, туспа тутан уура сылдьар алтан күөһүн түгэҕэр уулаан-хаардаан буһаран кэбистибит. Быралгы: «Сыата сүрүн, бачча үчүгэй аһы очоҕоһун кытары ырытан буһаран сиэххэ…» – диэбитин, саарыы түһэн баран буолумматыбыт: «Баҕар мас көтөрүн иһин курдук ап-аһыы буолуо…» – дэстилэр сорохтор.

Күөс буспутугар уоттан таһааран остуолга аҕалан хотордулар. Баһыычаан, омун-төлөн оҕо, үгэһинэн үлтү хаайан, сүрэхтээх быарын хастыы тартаран ылан, харса суох сиэн сэлибирэтэн иһэн эмискэ тохтоото, мах бэрдэрэн сирэйин эҥин араастаан мырдыччы тутунна, харахтарын үөһэ-аллара хамсатан үрүҥүнэн көрөн эрилиҥнэттэ. Бастакы омунугар хадьырыйан ылбыт куһуогун дьүккүк гынан нэһиилэ ыйыһынна… «Өөх!..» диэн төлө биэрэн өҕүйээт, таска сүүрэн тахсан, үктэлгэ умса түһэн сытан, куртаҕа тиэриллэн тахсыар диэри хотуолаата.

Киһи сытыгар да турбат аһа буолан биэрдэ. Кэлин билбиппит, андаатар икки буутун ыраас этэ эрэ сиэнэр харамай эбит этэ, ону билбэккэ Быралгы: «Мэйиитин баһан сиэниллиэ…» – эҥин диэн төбөлүүн, аһара баран, дьаар таһаарар былчархайдыын кытары күөстээбиппит. Эмээхсин буруолаан бургучуйа сылдьар күөһүн көтөҕөн таһааран, тиэргэн тас өттүгэр таҥнары тутан кэбистэ…

Бу түбэлтэ кэнниттэн сотору Лабааһап Уйбаан диэн биһиги эргин мэлдьи сылдьар боломуочунай куораттан тахсан иһэн, тохтоон дьиэҕэ киирбитин кэннэ халлаан ардаан баран сэллээбэккэ, ыалдьыт самыырга баттатымаары биһиэхэ хоммута. Онуоха кэпсэлгэ-ипсэлгэ сиэттэрэн билбиппит, Лабааһап быйыл саас хас да күөлгэ андаатар диэн харамайдары ыытыспыт дьонтон биирдэстэрэ эбит этэ. Андаатар туһунан, биһиги санаабытыгар, элбэҕи билэр киһи буолан биэрбитэ.

Кый ыраах соҕуруу дойдуттан улуу байҕалы уҥуордаан аҕалан ыыппыт кыыллара үйэтэ кылгаһын истэн баран бары да кэлэйбиппит. Баара-суоҕа үс-түөрт сыл эрэ олорор харамай үһү. «Па-па, оннук кылгас олохтоох сордоох хаһан биһиги аҕыс ыйдаах чэҥ муус кыаһаан дойдубутугар үөскүөҕүн, тэнийиэҕин…» – диэн Быралгы саба-сапсыйан кэбиспитэ. Боломуочунай: «Андаатарыҥ сай устата иккитэ төрүүр, уон биэскэ тиийэ оҕолонор, иккис төрүөҕэ ийэлэрин кытары кыстыыллар… Аны онтубут, ыкка дылы, оҕолоро харахтаныахтарыгар, борбуйдарын көтөҕүөхтэригэр диэри эмиийин үүтүнэн аһатар харамай…» – эҥин диэн, бэйэтэ көрөн чинчийэ сыппыт киһи курдук, үгүһү-элбэҕи кэпсээбитэ.

* * *

Соһуччу хассабыык кыыс аны Ылдьааҕа бэбиэскэ аҕалла. Биһиги киһибит этэ-сиинэ чөл, чэгиэн, онон сыыллыбата чуолкай, сэриигэ ыыталларыгар саарбах суох. Бэбиэскэҕэ өйүүн сарсыарда тоҕус чааска, Бүлүү байыаннай хамыссарыйаатын дьиэтигэр булгуччу баар буолуохтааҕа ыйыллыбыт, инньэ гынан Ылдьаа Айдаҥҥа баар балтын ааҕы көрсүбэккэ, бэл сонуокка сир тиэрэ сылдьар убайын Улахан Баһылайы да кытары быраһаайдаспакка, сонно тута хомунаат, манааҕатын быатын бобо тардан санныгар сүгээт: «Ыйбыт кэмнэригэр тиийэбин дуу, суох дуу», – дии-дии Балаҕаччылаата. Илдьит, ыҥырык эмискэччитэ бэрдиттэн, биһиги Ылдьаабытын ханна эрэ чугас үлэҕэ барар киһилии судургутук атаардыбыт, тыаһы иһиллээбит курдук туран хаалбыт дьонум итэҕэйбэккэ, «бу кырдьык дуо» диэбиттии, бэл сирэй-сирэйдэрин көрсөллөр. Ыалбыт Өлөксүөйэп Хабырыыл кэргэнэ Сөдүөрэ: «Баҕар тугунан эрэ дьиэктээн сыыйыахтара…» – диэн си буолуохтааҕар уоскутар.

* * *

Дэҥ, оһол киһи күүһүттэн-уоҕуттан, кыаҕыттан, үлэҕэ үөрүйэҕиттэн тутулуга суох, хаһан баҕарар тахсыан сөп. Быралгылаах көһөн күккүрээн кэлбиттэрин соторута, сарсыарда саҥа туран эрдэхпинэ, эбэм дьиэтин аанын нэһиилэ аһан, хаҥас ытыһынан агдатын аннын туттан, нэһиилэ тыын быһаҕаһа тыынан киирдэ.

– Айак-кыы… уу-уу… – диэмэхтиир.

– Хайа эбээ, хайдах буоллуҥ?

– Ынахпын ыан бүтэн баран тарбыйаҕы далга таһаараары гыммытым… Муоһа Суох оҕото түҥнэри көтөн, чоҥочоххо баран түһэн ойоҕоспун тоһуттум быһыылаах, бэрт куһаҕаннык тыаһаата, хоймостон хаалбыт…

Дьонум бары һуу-һаа буола түстүлэр. Настаа Огдооччуйалыын эмиэ долгуйа быһыытыйдылар.

– Төһө улаханнык ыалдьарый, оо дьэ… ыа дьэ… – диэмэхтииллэр. Өйөөн оронугар олороругар көмөлөстүлэр. Ырбаахытын арыйан эчэппит сирин көрдүлэр. Хайыы сах күөх баламах буолбут. Ойоҕосторо тостон искэ хоймостон киирбиттэрэ көрүөххэ сүөргүтэ сүрдээх.

Кыралар бары утуйа сыталлар, оҕолор уулара кытаанаҕа, биһиги киирэр-тахсар сүпсүлгэммитигэр отой да кыһаллыбаттар. Дьукаахпыт дьахтар, эргэ хотоҥҥо сылдьыбыт буолан, эбээ охторун көрбөтөх, эмээхсин оһоллонон баран ыҥыра да сатаабатах.

– Балаҕаччыттан биэлсэр аҕалыахха, дьаабы эбит, – Баһылай чыпчырынан ылар.

– Оннук… – Быралгы субу барыах курдук туттар.

– Мин, мин барыам… – эдьиийим Өксөөн сорудаҕынан ардыгар Балаҕаччыга сибидиэнньэ илдьэ баран кэлэрим, онон сылдьа үөрүйэх буолан быһа түһэн тыллана оҕустум.

– Чэ оччоҕо оҕо киһи эн да бар ээ, «оҕо атаҕа – ыт атаҕа» буоллаҕа, – Быралгы харахтарын кыаратан дьонум диэки көрөн ылар.

– Кытаат тоом… – Огдооччуйа эмиэ сөбүлэһэ оҕуста.

Мин иһиттим-истибэтим диэбиттии, ырбаахым таһынан халтаҥ соммун кэтээт, былааппын харбаан ылаат, илдьити тиэрдэ, быраас аҕала диэн ааттаан, сүүрэн тэбинэн хааллым. Мундулуҥдаттан «Калинин» аатынан холкуос соччо ырааҕа суох, сэттэ биэрэстэ. Саас буолан, онон-манан, оҥолох-чоҥолох халаан уута хоммута килэһэллэр, ынах этэрбэспин илитимээри устан санныбар сүгэн кэбиһэбин, киэҥ сиринэн тайаабыт, килээй уулаах сири аастахпына эмиэ анньынабын. Сыккыраан сүүрдэр от үрэхтэр салааларын, охтумаары хахыйахтартан тутуһан, дулҕаттан-дулҕаҕа ыстана-ыстана туоруубун…

Сирбин өр-өтөр гымматым, тэппит атахпын кубулуппакка тибигирэтэн Балаҕаччыга тиийэ оҕустум. Биэлсэр кыыс Валентина Чиэрэсэбэ балыыһа дьиэҕэ туспа хоско олороро. Саха бырааһа эдэр уол баара да хайа ыалга дьукаахтаспытын билбэтим, ол иһин быһа балыыһаҕа тиийдим. Киирбитим биэлсэр ыарыһахтарын көрө олорор. Нуучча кыыһа кэлбитэ баара-суоҕа икки сыл курдук буолбут эрээри, сахалыы хайыы сахха наадатын кэпсэтэрэ, киһини өйдүүрэ. Оттон сорох киһиргэс, дэрдэм майгылаах саха дьоно аармыйаттан, эбэтэр ханна эмит ыраах сирдэринэн тэлэһийэн, баара-суоҕа үс-түөрт сыл эрэ сүтэ түһэн баран дойдуларыгар кэллэхтэринэ, төрөөбүт тылларын төрүт «умнан» кэбиһэн «сору көрөллөрө». Кыргыдайга Кыҥнары Дьөгүөссэ диэн ааттаах киһи баара, соҕуруу куоракка бэтэринээр үөрэҕин бүтэрэн баран, сахатын тылын «умнан» кэбиһэн, Феодосия Кирилловна диэн учуутал кыыһы кытары куораттан дойдутугар тахсан иһэн, көлөлөрө атара сэлиинэн түспүтүгэр: «…Феодосия!.. Феодосия!.. Как это… Ну как это по нашенскому?… Ат бурдуур даа?!. Ат бурдуур даа?!.» – диэн ыйытан хойукка диэри күөрт ыт күлүүтүгэр, эриэн ыт элэгэр баран турар. Кыҥнары Дьөгүөссэ аҕыйах хонукка «тоҥон» баран, биир күн эмискэ «ирбит» сураҕа иһиллибитэ…

Мин дорооболостум, биэлсэр кыыска кэлбит сорукпун эттим. Илдьиппин истэн баран:

– Билигэн кэлээм… си-би-ли-гин… – диэн истэргэ олуона баҕайытык саҥараат, нөҥүө хоско сүүрэн хаалла. Бэйэтигэр сөрү-сөп эттээх-сииннээх, орто уҥуохтаах, бэрт сэргэх кыыс. Ону-маны олоотоомохтоон көрө-истэ турдахпына, үрүҥ халааттаах саха бырааһын батыһыннаран кэллэ. Мин туох илдьиккэ кэлбиппин быраас уол хат токкоолоһон ыйытта. Онтон хоһугар төттөрү киирэн, кыратык тугу эрэ суугуната-сааҕыната түһэн баран, суумка тутуурдаах тахсан:

– Бардыбыт, – диэтэ.

Бырааһым дьыралдьыйбыт уһун атахтарынан киэҥ-киэҥник хардыылаан хаамар, ол иһэн эбэм төһөҕө оһолломмутун, хайдах туруктаах хаалбытын ыйыталаһар. Кэлбитим курдук сүүрүө эбиппин да, бырааспын кытары аргыстаһаары, саппай уопсан кэнниттэн батыһан иһэбин. Бу сырыыга этэрбэстэрбин устубатым. Уулаах сирдэри ырааҕынан тумнан аастыбыт. Аргыһым бэйэбэр дылы ынах этэрбэстээх, илиитигэр туппут маҥан өҥнөөх суумката кыһыл кириэстээх, ол барыта миэхэ сонун көстүү.

Кэлбиппит эбэм оронугар сытар. Эр дьон уонна Огдооччуйа сонуоктарыгар барбыттар. Эмээхсини кытары Настаа уонна дьукаахпыт Маарыйа бааллар. Оҕолор таска оонньуу сылдьаллар. Киһи кэлбитин көрөн искэ киирээри гыммыттарын Быралгы кэргэнэ киллэрбэтэ.

Быраас халтаҥ сонун устан хортууһун кытары көхөҕө ыйаан кэбистэ, сонун иһинэн үөһэ эриммит үрүҥ халаатын түһэриннэ, тааска сылаас уу куттаран илиитин суунна, Настаа аҕалбыт ыраас сотторугар сотунна. Кыһыл кириэстээх суумкатын арыйан, туруйа сототун икки баһын хаптаччы сынньан баран тиэрэн кэбиспиккэ дылы, «иһиллиирин» таһааран, кулгааҕын даҕайан, эмээхсини эргитэ сылдьан, ытыһын сыһыаран илиитин көхсүн тоҥсуйа-тоҥсуйа, кичэйэн көрдө-иһиттэ.

Быраас эбэбин «чинчийэрин» сыныйа одуулаһан турдахпына Настааччыйа тарбаҕын төбөтүнэн санныбын таарыйан имнэммитигэр эргиллибиппэр:

– Аһаа, аһыы иликкин дии, аскын бэлэмнээтим… – диэн сэмээр саҥарда. Баарыын сарсыарда тураат да, остуолга олорбокко сорукка сүүрбүт киһи кырдьыга да аччыктаабыппын. Маарыйалаах кус буһарбыттар. Эмис кус бөтүөнүн мотуйа-мотуйа, быраас туттарын-хаптарын көрөн харахтарым онно. Настааччыйа эмээхсин атаҕар олорон эмиэ бэркэ сэҥээрэн көрөр-истэр.

Балаҕаччы бырааһа эбээ бэгэччэгин тарбаҕын төбөтүнэн баттаан сүрэҕин тэбиитин ааҕар быһыылаах. Онтон икки ытыһын дыргыл сыттаах испииринэн соттон баран эмээхсин ойоҕоһун сэмээр имэрийдэ-томоруйда. Маарыйа хаста да саҥа таһааран айакалаан ылла…

– Сүрэҕэ үчүгэй эбит, уҥа икки ойоҕоһо тостубут, онто искэ бэттибит, ол иһин олус ыалдьар, – уол суумкатын хасыһан, эмин-томун аттаран, суол-суол араартаан туох эрэ суулаахтары хаалларда. – Ыарыыта мүлүрүйэригэр… Сотору үчүгэй буолуоҕуҥ… – диэн быһыта баттыалаабыкка дылы быһаарда, ыйыы-кэрдии биэрдэ.

Быраас остуолга кэлэн киниэхэ бэлэмнээбит астарын аһаата: арыылаах лэппиэскэни, эмис кус этин сыа-сым курдук тутан сиэтэ, итии чэйи астына истэ. Үчүгэй аһы тото аһаан баһыыбалаата, онтон көхөҕө ыйаабыт таҥаһын таҥнан Балаҕаччытыгар барда.

Быраас тахсан барбытын кэннэ Быралгы ойоҕо Маарыйа:

– Ити тоҕо куһун этин сиэн баран «аһыы баҕайы эбит» диэтэ, сөбүнэн да соҕус туустаабытым ээ… – диэн улаханнык мунаахсыйан дьиэ иһинээҕилэри барыбытын күллэрдэ.

Эмээхсин быраас биэрбит эмин, арааһата, сиэбэтэҕэ быһыылааҕа: «Ити оҕо барахсаны омуммутугар таах ыҥырбыппыт… Дэҥ-оһол тахсар ыйааҕын мэлдьи куота көтөр уустук…» – диэн тугу эрэ ыла-ылбычча киһи өйдөөбөтүн саҥаран эрэрэ…

Кырдьаҕас киһи диэтэххэ, Маарыйа эмээхсин бэрт түргэнник үтүөрэн, өрүттэн хаалла. Бэйэтэ билэринэн, сатыырынан, хайа эрэ оту дуу, силиһи дуу итии ууга суурайан иһэрэ, түөһүн, ойоҕоһун бистэ-бистэ имэринэрэ. Сотору хотонугар тахсан үлэлээбитин курдук үлэлээн хачыгырайбытынан барбыта. Эбээ үчүгэйдик оһуор диэри, тарбыйахтары таска Быралгы кэргэнэ биһикки таһаартыыр буолбуппут, аҕыйах хонуктаахха диэри киһиэхэ өйөтөн турбут ньирэйдэр, дьирээлэһэн, өчөһөн түһэн хата сүрдээхтэр. Далга таҕыстылар да тэбиэһирэллэр: кутуруктарын өрө хорото-хорото, орулуу-орулуу сүүрүү-көтүү мааны.

Хайа да сүөһү Ынахсыт Айыыта арчылаатаҕына, үтүө хараҕынан көрдөҕүнэ эрэ этэҥҥэ турар. Сураҕын иһиттэххэ холкуоска уонна биирдиилээн кэтэх ыалга хастыы да тарбыйах тэҥинэн «аҕылыыр» ыарыы буулаан өлөллөр үһү. Биһиги тарбыйахтарбыт, Быралгы кэргэнэ этэринии, «таҥара көмөтүнэн» үһүөн этэҥҥэ сырыттылар. Маҥнай таска тахсыбыттарын утаата «сэргэ төрдүн уутун» иһэн кыратык сыптарыйа сылдьан баран кэлин саахтара хойунна. Ынахтар киэһэ хотоҥҥо киирэн аһыыллар, түүнүн искэ хоноллор, күнүскү өттүгэр куруук далга, көҥүл ыытыллан, күкүргэ симиллибит оту сиэн кирдиэхтэтэллэр. Кыһын хотоҥҥо тураннар самыылара, кыргыс үйэтин саҕанааҕы хоһуун хатырык куйаҕын курдук, лоһугураччы саах буолбут сүөһүлэр, таска тахсаат, дьаалаларынан маска-окко аалынан ырааһыран, түүлэрэ-өҥнөрө тупсан хаалла.

Сандал саас барахсан хайа да тыынар-тыыннааҕы дьэгдьитэр дьэҥкир салгынынан сайа охсор, ураты уһун тыынынан угуттуу кууһар. Хаар ирэн, сир харааран ийэ айылҕа барахсан, кыыдааннаах уһун кыһыны этэҥҥэ туораатым ээ диэбиттии өрө көтөҕүллэн, субу аҕай тыллаары, барыны-бары кэрэхсии кэтээн, сэргии иһиллээн сэгэйэн, өрө чөрбөйөн турарын курдуга… Арай олорор өтөхпүт арҕаа эҥээригэр, Килээҥкий уола Ыачай Ыкынаачай муҥнаах сэриигэ барыан иннинэ туттан иһэн хаалларбыт, өһүөтэ кээһиллибит ампаар дьиэтин холлоҕоһо, хаар, самыыр уута иҥэн, тыал-куус курдат охсон, эркиннэрин күн уота быһа сиэн хараарбыта аас-туор олох, сэрии ыар сыллара билигин да бүтэ, ааһа иликтэрин туоһулуурга дылыта…

Дьэрэмиэйэп таҥара – сааскы ыһыы үлэтин үгэнэ. Бурдук бааһыната күн аайы тиэриллэн хараардар-харааран, кэҥээтэр-кэҥээн иһэр. Биир булуукка икки оҕуһу көлүйэллэр. Дьабадьы Хабырыыл уола Модьу уонна Быралгы Ньукулай уола Килэки Болуодьа уһун күнү быһа оҕустарын сиэтэн сонуоктарын эргийэллэр. Онтуларыгар уолаттар көлөһүн күнэ аахсаллар. Киэһэ кэлэн, сылайдыбыт диэбэттэр, кыралары кытары тэбис-тэҥҥэ оонньууллар. Бырдах түһэ илик кэмэ буолан, бэйэтэ да үтүө күннэр турдулар.

Мин ынах хомуйа, мас сыыстыы сылдьан сонуокка киирэн сир тиэрэллэрин көрөбүн. Тимир булуук кыһын устата дьиппинийбит, силиһэ-мутуга суох сири сиирэ анньан ылан, өрө баһан таһааран тиэрэ быраҕар, нүөлсүйбүт буор сүмэһиннээх минньигэс сыта саба охсор… Саҥа тиэриллэн хараарбыт бааһынаҕа сылгы чыычаахтара түһэн сырсыакалаһаллар, кинилэргэ ханыы буолан хайа эрэ сайыІІы чыычаахтар тугу эрэ булан, итигэстээн сиэн, биир кэм тойтоҥолоһоллор, ыстаҥалаһаллар, ол быыһыгар дьохсооттоһон, боотурҕаһан да ылаллар.

Ньукуолаҕа киһи суола биллэр хаара түһэн баран сонно тута уулунна. Бурдук ыһыллан бүтээтин түһэ сырытта, онон саҥа ыһыллыбыт сиэмэҕэ туох да куһаҕана суох…

* * *

Быралгы Ньукулай дьээбэтинэн, дьиибэтинэн «баппатах» киһи этэ. Биир күн бааһынаттан эрдэ соҕус өтөҕөр кэллэ. Мин Баһыычааннааҕы кытары таска оонньуу сылдьыбытым. Арай, Ньукулай дьиэҕэ киирэн баран төттөрү таҕыста, сирэйэ-хараҕа турбут аҕай:

– Оҕолоор!.. Эбэҕит өлбүт!.. Хайдах көрбөккө сылдьаҕытый! – диэтэ.

Баһыычаан биһикки маҥнай утаа итэҕэйбэккэ таалан тура түстүбүт, онтон дьиэҕэ сүүрэн тиийэн, ааны сэгэтэн турар Быралгы хонноҕун аннынан көрбүппүт, арай, эбэбит эмээхсин оронугар сытар: айаҕын аппыт, быар куустубут, баттаҕа ыһыллыбыт уонна хамсаабат… Ити ыккардыгар Быралгы ситэ көрдөрбөккө биһигини үтүрүйтэлээн аанын саба оҕуста…

Мин Сыллыыр өтөҕөр дьоммор сүүрдүм, Баһыычаан ытаан марылыы-марылыы кэннибиттэн түһүннэ, ол иһэн туохтан эрэ иҥнэн, охтон «сарк» гыммыт тыаһын иһиттим… Киһи кыл түгэнэ кэм иһигэр элбэҕи да эргитэ саныыр, сүүрэн тыбыгырайан иһэн испэр, тоҕо эрэ, «эмиэ тулаайах хааллаҕым…» диэн санаа охсуллан ааста, сүрдээҕин ыксаатым…

Били Килээҥкий уола Ыачай Ыкынаачай дьиэтин муннугар тиийэн иһэн, Быралгы хаһыытыырын истэн, тохтоон, тыын быһаҕаһа тыынан аҕылаһа-аҕылаһа, кэннибитин хайыһан көрбүппүт: киһибит икки илиитинэн далбаатанан ыҥыртыыр эбит, бэйэтэ тиэргэн ортотугар турар:


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации