Текст книги "Ийэм кэпсиир… (2 чааһа)"
Автор книги: Семен Маисов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 9 (всего у книги 27 страниц) [доступный отрывок для чтения: 9 страниц]
Бырдах биир кэм кыынньар, онно эбии кырдаайы элбээбит.
Арыы хатыҥ чараҥ тэллэҕиттэн саҕаланан барар ээй онон-манан эриэннээн болбукта уктаах, ол эрэн бу эҥээр соччо астамматах, биир эмэ үүнэн турарын айахпар сиибин. Киис тиҥилэҕэ сиикэй, күп-күөх, аһын төбөтө эрэ тэтэрэн эрэр. Добуоччу улахан хатыҥ хаһан эрэ эмэҕирэн өрдөөҕүтэ сууллубут, төрдө чоройон турар. Ол төбөтүгэр чаччыгыныар уйа туттубут, оҕолоро хайыы-сах тахсан барбыттар, кураанах. Чаччыгыныар уйатын бэрт тупсаҕайдык туойунан сыбаан оҥостубутун кэрэхсээн, дьиктиргээн, чинчийэн көрөбүн. Алын өттө от эбит, онто хатыҥ туоһугар эриллэн аллара намылыйбыт. Быйыл бу уйаҕа төрөөбүтүн туоһута – уйа иһигэр, таһыгар ньуолах түүлэр ыһыл-лыбыттар, сымыыт хахтара тохтубуттар, дэлби тэпсиллибит. Хантан кэлэн үүммүтэ эбитэ буолла, чараҥ ортотугар соҕотох тиит үүммүтүгэр тураах уйата арбайбыт. Арбах, көтөн ханна барбыттара, тиийбиттэрэ биллибэт, биһик буолан улаатыннарбыт тураахтарын оҕотун суохтаан, санаарҕаан санньыйбыкка дылы кыҥнайбыт. Бу турдахпына тиит кэннигэр мутукка кирийэн олорбут тииҥ кутуругун субурус гыннаран тахсан кэллэ, чөрбөйүөҕүнэн чөрбөйбүт ахан, уот кыһыл өҥнөөх. Мултугур кулгаахтарын чөрөтөн иһиллээмэхтээтэ, онтон төргүү мутукка чөкө олорунан кэбистэ уонна икки илин атахтарынан тиит туорааҕын бобуччу тутан, аһаан омурда мултугулдьуйда.
Ардах кэннинээҕи чараҥ иһин ураты дьикти, сүрэҕи-быары эймэнитэ хамсатар көймөстүбүт, дьэп-дьэҥкир, сүмэһиннээх салгынын сытыттан киһи эрэ санаата көнүөх, үөрүөх-көтүөх айылаах. Сир муоҕа илгэ ардах уутун тото иһэн дыгдайа үллүбүт. Самыыр кэнниттэн, түүҥҥү сииктэн, ситэ куура илик сытыы чыпчырхай ыарҕа талаҕа ээйи эргийэ харааран турар. Эгэлгэ чыычаах саҥата биир кэм чып-чыбыгырас, чип-чибигирэс.
Туоспутун өр гымматыбыт, хастаан кэбистибит. Үс түрдьэ буолла. Түрдьэлэрбитин сутуканан баайдыбыт уонна, кэлэн иһэн ылыахпыт диэн, сылгы туйаҕын курдук эргиччи кунаах үүммүт бэлиэ хатыҥ төрдүгэр чөкө ууран кэбистибит.
– Бэркэ да хастанар эбит, – Маарыйа туос хастанара дөбөҥүттэн үөрбүт.
– Борокуоппайап таҥараҕа саамай кэмэ, уотаҕата буоллаҕа. Бэйи итинтиҥ да аҕыйах хонуктаах ээ, – эбэм, төһө чиҥнэр эбит диэбиттии, түрдьэлэрин баттыалаан көрөр.
– Ыраас да эттээхтэр, – мин эмээхсин иһит тигэригэр анаан хастаабыт ып-ыраас, мутук үүтэ эҥинэ суох туостарын имэрийэн көрөбүн.
Эбэм аах сыгынах үөһэ олорон табах тартылар.
– Па, бу быһах төбөтө быга сылдьар эбит дии, – Быралгы кэргэнэ кыыныгар укпут быһаҕын уһуга обургутук сыгынньах биитэ килэпэччийбитин көрөн саҥа аллайар.
– Уу, хотуй, сэрэҕэ да бэрт эбит… ыл, кыыҥҥар туоста уган биэр.
– Бээ-бээ… – Маарыйа туос тэлэн, кэмнээн, кыыныгар эрийэ угар. Быһаҕын аспыта кытаанахтык киирэн кыычыгырыыр, уруккутун курдук быга сылдьара тохтоото.
– Буот, дьэ билигин баҕас сэрэҕэ суох.
– Оскор уктубутуҥ дуо ити?..
– Суох, ыаҕайа иһигэр.
– Дьэ ити сэрэхтээх.
– Өйдөөбөккө атахпар уктубутум буоллар этэрбэспин хайа анньыа эбит.
– Ол этэрбэс диэн, атаххын сиэ буо. Бүдүрүйэн, иҥнэн охтуоҥ хайыаҥ.
– Оннук…
Бу олордохпутуна отон угун устун, кутуругун хоротон баран, биһиги диэки хайысхаланан сүүрэн испит моҕотой сыгынах үөһэ дьон олорорун дьэ таба көрөн хорус гына түстэ, «кимнээхтэрбит бу кэлэн дьоройдулар» диэбиттии моонньун уһата-уһата кыҥнайбахтаата онтон кэлбит сирин диэки төттөрү ойдо.
– Чэ, барыаҕыҥ, болбукталыахха… – эбэм табахтаан бүтэн, сыгынаҕыттан туран сиһин көннөрөн кэдэриҥнээн, иэҕэлдьийэн ылар.
Биһиги бэҕэһээ болбукталаан сиэбит сирбитигэр арыый тиийбэккэ халдьы соҕус бардыбыт. Бу эҥээр барыта ээй дойду. Болбукта үүммүт дьылыгар уонна үүммүт сиригэр өнөрдөөн да астанар эбит. Маар бүтүннүүтэ ньолҕоччу буспут болбуктанан тобус толору. Ситэ буһан хаҕа арахсан сараччы барбыт, онон хомуйарга сыыһа-ото суох. Биирдии ыаҕайаны өр гымматыбыт – толортоон кэбистибит, эбиитин айахпытыгар баҕас тото сиэтибит. Иһиттэрбитин үрүт кылдьыыларынан иччилээн баран өссө өнөрдөөн үүммүт сиргэ түбэстибит, болбукта биир кэм ыыс араҕас.
– Ол, ол… көрүҥҥүтүүй… Маарыйа өссө ону көрүүй… – диэн болбукта хойуутун сөҕөммүн мэктиэтигэр омуннуран ылабын.
– Үүммүт да эбит, – Маарыйа сөҕөр, – оҕолору аҕалан өссө кэлиэххэ баара.
Буспут болбуктаны иһиккэ кутан баран хамыйаҕынан булкуйдуҥ да бэйэтэ «хааһы» буола түһэр. Биһиги оннук «хааһылаан» баран сүөгэйдээх лэппиэскэни кытары сиибит. Сир аһыттан биир ордук минньигэстэрэ болбукта барахсан – үүммүт дьылыгар биһигини, оҕолору, үөрдэр-көтүтэр ахтылҕаннаах бастыҥ аспыт.
Өтөхпүтүгэр төннөрбүтүгэр кэлбит сирбитинэн бардыбыт, аараттан туоспутун сүктүбүт. Биир илиибэр туоспун эрийбит сутука быабын тутан, аҥаарбар ыаҕайабын ыламмын кумаардар сии түстүлэр. Өтөр-өтөр тохтоон тутуурдарбын сиргэ олордон түргэн үлүгэрдик сапсыммахтаан бырдаҕы бултаһан ылбахтыыбын. Маарыйа эмиэ биир кэм дэйбиирдэнэр, хата эбэм эмээхсин кыһаллыбат, халтаҥ өрбөх үтүлүгүн көхсүн бэгэччэгэ көстүбэт гына тардыммыт, биирдэ эмэтэ туоһун сүгэн иһэн үтүлүктээх илиитинэн сирэйин ньухханар. Бырдах киэһэнэн ордук сүрдэннэ, кырдаайы да биир кэм эймэҥнэс.
Дьиэбитигэр кэлэн «һуу» гынныбыт. Уолаттар суохтар. Өрүүнэ эмиэ оҕолору кытары барсыбыт быһыылаах.
Күөлбүт уҥуоргу билиитин туһаайыытынан, тыалга охсуллан сүтэ-сүтэ, ыт үрэр саҥата дуораһыйан иһиллэр. Таалай ытын Соҕотоҕу илдьэ барбыт. Титииктэн Маарпалаах иннилэринэ күөлү быһа тыынан тахсыбыт Модьу биһигини көрөн утары кэллэ.
– Туос сүгэн кэллигит дуо бу? – диэн ыйытар.
– Суох, от сүгэн кэллибит, көрөн туран ыйытыы да бөҕө эбит, – Маарыйа уолу дьээбэлээн тэбис-тэҥ тииһэ кэчигириир. Модьу, Маарыйа күлүүтүгэр-оонньуутугар үөрэммит киһи, күлэн эрэ кэбиһэр.
– Кумаар бөҕөнү аҕалбыккыт дии, – Модьу ноторуускалыы иилиммит ала дэйбииринэн хардары-таары көхсүн сапсыммахтыыр.
– Дьэ бырдах баҕас ардахха «тотон-туолан» баһаамнаабыт быһыылаах, – эбэм үтүлүгүн көхсүнэн сүүһүн көлөһүнүн соттор.
– Сүөһүлэриҥ ырааппат буоланнар соло бөҕөтө ини, – Быралгы кэргэнэ Модьуттан ыйытар.
– Ґөн-көйүүр кэмигэр баҕас суох буо, кэлэр ыйга хаамаайылыахтара турдаҕа ээ. Ыанньыктар абытайа бэрдиттэн түптэлэриттэн ырааппаттар, мэччийэ-мэччийэ кэлэ тураллар, – Модьу мас эрбиир «оҕуска» атаҕын олбуу кээһэн олорон, улахан киһилии дьоһуннаахтык оттомуран кэпсии-кэпсии, биир кэм дэйбиирдэнэр. Ону көрөн эбээ эмээхсин сонньуйар.
– Оҕолор барахсаттар улааталлара түргэнэ, хайыы сах бачча дьон буолан, үлэлээн-хамсаан эрдэхтэрэ, һыы дьэ…
– Улаатан, хата сотору ойохтонор да сааһа кэлэр ээ… – Быралгы кэргэнэ кэм да Модьуну хаадьылыыр.
– Ойохтоноллоро, оҕолоноллоро бэрт буо, – эбэм күлүк сиргэ тиийэн, дьиэ акылаатын суон маһа быга сытарыгар олорон, эмиэ табахтыырдыы оҥостор.
Модьу хаадьыны кулгааҕын таһынан аһарар. Дэйбиирдэнэрин тохтотон, кыҥначчы туттан иһиллээмэхтиир, күөл уҥуоргутун одуулаһар:
– Ити ыт баарыыҥҥаттан үрэр… Суон маска ытыардаҕа. Уолаттар онтуларын кыайан бултаабакка сырыттахтара… Мин Харабылым сүппүтэ үс хонно, арааһата Арыылаахха Хабырыылга барбыт быһыылаах. Хабырыыл Харабылы куруук аһата сылдьааччы, ол иһин санаата да баран хаалар. Дьирики үрдэҕинэ бултааччыбын ээ, ынахтарбын көрдүүрбэр доҕор да буолара бэйи туһа.
– Дьэ ол аата улахан иччитигэр бардаҕа диэ, – эбэм хамсатын баһыттан чубуугун тууран ылан, быһаҕынан мас сыыһын кыһан баран, анньыалаан чоҕойун ыраастыыр.
– Кэлэр ини, барда да биир барыы буолааччыта суох, – Модьу санаатын этэр. – Хайа… ыт саҥата дьэ тохтоото… Бултарын «тохтоттулар» дуу… аккаастаан бартара дуу… Килэки ыта булдун үрэ олорон киһи ыҥырда да кэлээччи, мин ытым Харабыл оннук буолбатах, кэлэн да хаалбытыҥ иһин уһун күнү быһа үрэн лаҕыйбыта соҕотох, ыҥыраргын истибэт. Бу саас, бурдук сирэ тиэрэ сырыттахпытына, Саамыттан киирэр үрэх уҥуор уһун күнү быһа үрбүтүгэр, аҕам дьиктиргээн, туох ааттааҕы дьаныһан үрдэ диэн сааланан барбыта, тиийбитэ ыта хаппыт куруҥахха кырынааһы таһааран баран үрэ олорор үһү.
– Ону хайаабыт? – Быралгы кэргэнэ уолу кытары «оҕуска» сэргэстэһэн олорон токкоолоһор.
– Тугу? – Модьу өйдөөбөккө ыйытар.
– Кырынааһы…
– Сайыҥҥы бэлиэлээҕи хайыай, маһыгар олорбутунан хааллаҕа дии!
Маарыйа биллэр да суолу сыыһа ыйытан уолтан «сэмэлэннэ».
– Ээ… суох-суох ыты этэбин… ыты, ытын хайаабыт… аҕалбыт дуу?
– Кырынаас диэн баран бу обургу көннөрө оҕустаҕа түргэнин… Ыта хааллаҕа дии…
– Ыт диэрибин алҕас бэлиэлээх диэтим ээ.
– Кырынаас диэн баран ии-и… – уол иннин биэрбэт. Арааһата Маарыйа хаадьылаабытын иэстэһэ сатыыр быһыылаах.
– Һуох кырынааас диэрибин… тууй сиэ… ыт, ыт диэрибин, алҕас…
– Ыы-ы, кырынаас диэн баран…
– Бу да дьон, аны иирсэллэрэ буолуо, – эбэм мөккүөрү истэн күлээри табаҕын буруотугар чачайан хахсыйа-хахсыйа сөтөллөр.
Мин дьиэҕэ киирэн ымдаан куттан истим, утаппыппын. Таска төттөрү тахсыбытым Модьу дьиэтигэр тиийэрэ чугаһаабыт, ол оннугар Биэрэни көтөхпүтүнэн Сөдүөрэ иһэр.
– Хата оҕо көрөөччүгүт оҕотун сүтэрэ сыста.
– Туох даа..
– Таҥас убахтыы сылдьан умнаммын, уолаттары батыһан барбытын көрбөккөбүн туома иирэ сыстым.
– Уолаттар илдьэ барбыттар дуо?
– Арааһата, хайдаҕа дуу.
– Батыһыннарбыттара буоллар тоҕо суолларын ортотугар быраҕан кэбиһиэхтэрэй, илдьэ сылдьыа этилэр буо, уонна күөлү эргийэллэригэр кыра оҕону адаҕа оҥостубатылар ини, бырдаҕа да бэрт дии, – Таалайдаах Биэрэни батыһыннарбатахтарыгар эрэнэн санаабын этэбин. Биэрэ быры-быллаҕар иэдэстээх сирэйин бырдах сиэн бүттэлээх сир ордубатах. Ньуххан да ньуххан.
– Эмиэ да оннук ээ, ол эрэн барбыта ырааҕа бэрт дии.
– Хантан буллуҥ?
– Илин Бастан, ыллыктан туоруо суохтаах этэ ээ. Оҕолору батыһан таҕыста ини, инньэ дии саныыбын. Баран иһэн өссө көрбөтүм, ыксал-тиэтэл, сүүрэн кыаһалыктаныы диэн онно, кэлин киһи да күлэр, онтон төттөрү кэлэн, баҕар Булуҥ Күрүө суолунан хааман хаалта буолуо диэн онно харбыалаһан иһэн оҕо ытыыр саҥатын иһиттим… Арай кыыһым, суолтан наһаа ырааҕа суох, сэппэрээк быыһыгар бу лэкэйэн олорор эбит, ытаан баарын биллэрбэтэҕэ буоллар отой да таба көрүө суох эбиппин хата, иэдээн…
– Онно олорбокко бара турбут буоллун… – Быралгы кэргэнэ куттаммыт киһилии Сөдүөрэтин көрбөхтүүр.
– Оҕо диэн оннук бөҕө буо, хараҕыҥ далыттан сүтэриэҥ, араарыаҥ кэрэх, – эбэм Биэрэни одуулаһар. – Бырдах сиэн бүтэрээхтээбит дии.
Дьэ ити курдук, биһиги суохпутуна тахсыбыт биир күн сүпсүлгэнэ этэҥҥэ ааспыт.
Куурбут илимнэрбитин Маарыйалыын хотоҕостоон хомуйан баран ситимиттэн баайан ыйаан кэбистибит. Үөскэ киирэн от охсон сүгэн аҕалан тарбыйахтарбын аһаталаатым, ыаҕастарбар уу баһан таһааран атыйахха кутан уулаттым. Күннээҕи ииспэрэй-тааспарай үлэҕэ күн кээрэнэ охсоро түргэн.
Сорох түптэлэр умайбыттарын, инчэҕэй кии аҕалан сабыта быраҕаттаатым, хойуу буруо бургучуйа ытыллан тахсан күөх халлааҥҥа өрө унаарыйда. Ыстапааннаах талах «аттарын» мээнэ «мэччиппиттэрин» мас эрбиир «оҕус» ачааҕар өйөннөрө уурталаатым. Ол сылдьан эргэ хотонтон ат адаҕатын аҕалан күрүө баҕанатын уҥучаҕар укпуттара быган турарын көрөн, ороон ылан, төттөрү илдьэн турбут сиригэр ыйаан кэбистим. Баһыычааннаах хотон иһигэр долборугу кыйа ииппит талах чааркааннарыгар биир бороҥ кутуйах иҥнибит. Уолаттар кутуйахтарын кутуругун мунньаллар. Хотон муннугар дүлүҥ үрдүгэр кыра кумааҕы туртайан сытар, тиийэн арыйан көрбүтүм сэттэ кутуйах кутуруга сууламмыт. «Ахсыстара ити сыттаҕа» диэн чааркааҥҥа иҥнибит кутуйаҕы араараары гынан баран тохтоотум, бултаах дьон бэйэлэрэ бэрийиэхтэрэ.
Эбэм уҥучаҕар киирэн ыаҕайа ортотунан сүөгэй халбыйан таҕыста. Үүтү да үөрүйэх, сатыыр киһи халбыйар. Сорох дьахтар киэнэ уп-убаҕас чөчөгөй эрэ курдук буолар.
Дьирикиһит уолаттар отой хойут, киэһээ ыам буолуон эрэ иннинэ, биирдэ кэллилэр. Ыстапааннаах Баһыычаан, кыра ыамайдар диэтэххэ, убайдарын Таалайы батыһан олорор күөллэрин иилии-саҕалыы эргийэн кэлбиттэр, утатыы бөҕөтүн утаппыттар. Дьиэҕэ сырсыакалаһан киирээт, сойбут, толору уулаах алтан чаанньыгы, өрүсүһэн икки дьабадьыларынан сүүрдэ-сүүрдэ киллиргэтэн, бүтэрэ сыстылар. Тиритэн-хорутан, бырдах дэлби сиэн, сирэйдэрин үлтү ньаҕайданан биир кэм боролуһуу.
Таалай хаппыт мутугунан бырахпыт күрдьүгэһэ таптаран өлөн баран «өлүү болдьохтоох диэбиккэ дылы» лабааҕа ыйанан хаалбыт, онтун ыттан ылаары ыстаанын мутукка хайа тардан кэбиспит. Алдьаммыта маҥнай утаа ама да эбитэ үһү, онтун кэлэн иһэн окко-маска иҥиннэрэн, тартаран отой да дьэллэччи кэҥэппит – өттүгүттэн саҕалаан сототун ортотугар диэри этэ көстө сылдьар, бырдах баҕас сии сатаабыт, биир кэм быдьыгыраан олорор.
Ордук Ыстапааннаах Баһыычаан, «киэҥ сиринэн» тайаан сылдьан бултаабыт дьон быһыытынан, бүгүҥҥү сындалҕаннаах сырыыларын туһунан өрүсүһэ-өрүсүһэ сиһилии кэпсииллэр.
– Солоҥдо туһунан кэпсээриий, – Ыстапаан элбэх саҥалаах Баһыычааныгар илиитинэн имнэнэр.
– Солоҥдо туһунан буолар ээ, остуоруйа кэпсээри гыммыт киһиэхэ дылы, саатар «туһунан» ээ, – Таалай хончоҕорго куттан иҥсэлээхтик ыйырбахтаабыт үүтүн сыата муннун анныгар биһиллибитин ырбаахытын бэлэнньигинэн сотто-сотто, баһын быһа илгистэ-илгистэ күлэр.
– Кө-кө-көрөн, доҕор… – Баһыычаан кэлэҕэйдиир. – Кып-кыһыл сол-сол-солоҥдо, бөдөҥө бөҕөтө.
– Көннөрү да солоҥдо буолбатах ээ, сол-сол-солоҥдо, дьэ дьикти солоҥдо эбит доҕор… – Таалай кэм да уолун Баһыычааны дьээбэлээн күлэ сытар.
Талах олоппоско тобуктаан олорор Баһыычаан хатыҥ хамыйах остуолга сытарын ылан, аҥаар хараҕын симэн кыҥыы-кыҥыы, Таалайы быраҕардыы оҥостор, дугдуруҥнуур.
– …Чэ тохтоо, кэпсээ… – Таалай киһи эрэ буоллар толлубут курдук туттар.
– Солоҥдону саҥа көрдүм, бэлиэлээхтээҕэр төһө эмэ улахыы-ын, – Ыстапаан сөҕөр.
– Соҕотох син обургу тииккэ таһаарбыт, экчиргэлээн да туһата суох, бырахпыт маһыҥ тиийэр эрээри ыран, мөлтөөн хаалар. Саатар тииҥ курдук биир кэм лабааттан-лабааҕа ыстаҥалыы, сүүрэкэлии сылдьар, ыппыт ол аайы үр да үр. Син уһуннук сырыттыбыт, – Таалай ууну эмискэ наһаа испит быһыылаах иһин имэриммэхтиир.
– Ээ, ол иһин да, күөл билиитин уҥуор үрбүтэ дуо? Билии баар сириттэн чугас? – мин күнүскү ыт саҥатын тэһэ санаан ыйытабын.
– Онно… Истибиккит дуо?
– Истэн, өр баҕайы үрбүтэ дии.
– Соҕотох икки дьирикини бэ-бэ-бэйэтэ тутта! – Баһыычаан эмискэ төлө биэрэн ытын хайгыыр.
– Хас дьирикилээххитий?
– Сэттэ…
– Аҕыс буолуоҕун Таалай бырахпыт күрдьүгэһэ сиргэ түһэн баран хороонун иһигэр киирэн хаалбыта.
– Мас анна хоп-хойуу талахтаах этэ, Соҕотох онтон мэһэйдэтэн сыыһа хабан кэбиспитэ, – Ыстапаан кэпсээни ситэрэн биэрэр.
– Дьирикилэргитин ханна уурдугут? – үнүр биир күрдьүгэһи күрүөҕэ ыйаан баран дьиэҕэ киирбиттэрин кэннэ хайа эрэ хаамаайы ыт сиэн турар.
– Хотоҥҥо, – Ыстапаан хардара охсор, – таарыйа чааркааҥҥа биир кутуйах иҥнибитин араардыбыт.
– Сорох дьирики суон маска тахсан баран отой түспэт. Хайдах да тарбыы, быраҕаттыы сатаан баран ааһа турабыт, – Таалай ыстаанын хайдыбыт тэллэҕэһин самыы тутан көрөр. – Ийэм мөҕөрө буолуо, – дии-дии кэтэҕин тарбаммахтыыр…
Киэһээ ыам бүппүтүн кэннэ, сылабаарга чэй оргута сырыттахпына, ыттарбыт Кыраһалаах Маанчык кэллилэр, кустаабыттара ала бэлиэ, түүлэрэ-өҥнөрө киртийбит. Бэҕэһээ киэһээҥҥи уонна күнүскү балык уҥуоҕун уулаан-хаардаан куһаҕан чабычахха кутан таһааран аһаталаатым, ыттарбын эр биир имэрийтэлиибин. Миэхэ аһыы да туран астарыттан көҥөнөн боотурҕаабаттар. Ол оннугар атын дьоҥҥо көһүүн соҕустар. Туора, билбэт киһилэрин ытырыытын ытырбаттар эрээри, ардыгар арҕастарын түүтүн туруоран, көхсүлэрин күрдьүгүнэтэн сөбүлээбэтэхтэрин биллэрээччилэр, киһи аайы мээнэ элэҥ-сэлэҥ көтөн эккэлээн илин-кэлин түспэттэр. Маанчык маҥан түүтэ онон-манан кус хаана буолбут, ордук сирэйэ бүттэтэ суох, арааһа соруйан да биспиттэр быһыылаах, киһи илиитинэн ньаҕайдаабытын курдук. Кыраһа хабыалаан түһэн аһыыра боро, түргэнэ сүр, чабычахтаах аһын бүтэрэн ньылҕаарыччы салаан кэбистэ. Маанчык аһыырыгар ыксаабат, аа-дьуо, аргыый-наллаан, амтанын билэн аһыыр – ити кини анаан быһыыта. Ыттар иһиттэрин кураанахтаабыттарын кэннэ, чабычахтары ылан күрүө аанын баҕанатын анныгар түҥнэри уурталаатым. Бу кэмҥэ Килэки оҕуһун сиэллэрэн таһынньахтатан кэлэн тиэргэн таһыгар дьорос гына ыстанан түстэ, дөрөтүн күрүө тоһоҕотугар иилэ тардан баайда.
– Оҕускун тоҕо сүүрдэҕиний?..
– Дьонум көрбөттөрүгэр Ньалтааскыны сиэллэрэн көрдүм. Оҕус сиэлэрэ куһаҕан да эбит, киһи сууллуох курдук, искин-үөскүн үлтү ытыйан түһэн. Нэһиилэ тутуһан кэллим… Ээ, бэттэх тиэтэттим, ама суолу быһа сүүртэмий, – Килэки икки куулга үллэрэ укпут куһун холбуу баайан бэрэмэдэйдии оҕуһун сиһигэр быраҕан аҕалбытын түһэрдэ.
Уол тэскэччи көтөҕөн иһэр добуоччу «истээх» куулларын көрөн:
– Кускут баһаам дуу? – диибин.
– Сарсыҥҥы, өйүүҥҥү күөс баҕас баа-ар, – өлгөмнүк бултаан кэлбит киһи сиэринэн уол санаата көтөҕүллүбүт.
Кыраһалаах Килэки күөх кырыска ууран сүөрэн эрэр кустаах куулларын сытырҕалаан көрдүлэр, өрө ыстаҥалаһан уолу тула көтө сылдьан эккэлээн кутуруктара эйэҥэлээтэ.
– Кумаара ама сиргэ – дьиэҕэ киллэрэн сүөкүөххэ, – мин инники түһэн дьиэ аанын арыйан биэрэ оҕустум.
Намыынаптар тиэргэннэригэр сылдьыбыт Ыстапааннаах Баһыычаан убайдара кэлбитин көрөн сырсан мэтэҥэлэһэн кэллилэр. Маарыйа дьиэҕэ Таалай ыстаанын абырахтыы олорор, уол бэйэтэ ынах эриэнин курдук самыы ууруу абырахтардаах өрбөх суорҕанын хонноҕун анныгар диэри тардынан баран, сыҥаах баттанан сытан, эбээ эмээхсин күөрчэх ытыйарын одуулуур. Биһиги киирбиппитигэр:
– Килэки кэллэ! – диэн аймана түстэ.
– Хайа, тоом, хойукка диэри сырыттыгыт дии, – эбэм күөрчэҕэр болбукта кутан баран эмиэ ытыйан сирдьигинэтэр.
– Күммүтүн алдьатымаары киэһээҥҥэ диэри охсон баран биирдэ кустаатыбыт. Улахан Баһылай, аҕам, Огдооччуйа уонна Настаа буолан биһиги кустаан тахсыахпытыгар диэри оҕустулар.
Килэки куулларын сүөрэн муостаҕа таҥнары тутта: аҕыйах кус оҕотун аахпатахха барыта сара эбит. Үксэ моонньоҕон, ол быыһыгар көҕөн, тыйаах, халба, мороду, чыркымай саралара бааллар. Барыта, тумустааҕынан, отуттан тахса кус.
– Багаан да кут эбии-ит… – эбэтэ күөрчэхтээбит ытыгын туттарбытын салыы олорбут Биэрэ кэлэн сөхтө.
– Кыайбыккыт дии, – Маарыйа иннэтин сабын түмэн баран, тииһинэн быһа кэрбии-кэрбии, саҥа аллайар.
– Кырдьык өлгөм булт, – эбэм кэлэн кустары сыымайдыыр.
– …Уу, сара охтубут да эбит, ходуһаҕа оттуу сылдьан көрдөххө баарын баар этэ эрээри, күөлгэ киирэн ытынан кута саҕатынан барбыппытыгар от быыһыттан дьэ устан таҕыстылар ээ, салаҥ элбэх сара бөҕөтө, туспа үөрдүүллэр эбит, биир кэм умсаахтаа да умсаахтаа, кута сиэлин быыһынан сылыпыччыһыы. Умсаах саралара бааллар да кыайан ылларбатылар, икки эрэ баара буолуо. Кыраһалаах кус оҕото бөҕөнү туттулар быһыылаах. Кыраһа аҕалан биэрэр уонна тутта да эккэлээн биллэрэр, оттон Маанчык тута-тута баран иһэр – төһө кус булуллубакка хаалбыта биллибэт. Хабырыыллаах сааларынан биирдиитэ эрэ ыттылар. Кусчут ыттаах киһи сааланыа да суох. Күөлбүтүн хаҥас эҥээринэн баран баран, билиитигэр тиийбэккэ төнүннүбүт, түргэн баҕайытык кустаан таҕыстыбыт, – Килэки биир тыынынан кутан-симэн кэпсиир.
Ити ыккардыгар Таалай абырахтанан бүппүт ыстаанын суорҕан иһигэр кэтэ охсоот тура оҕуста, кыра уолаттары кытары кустарын наардаатылар: көҕөнү көҕөҥҥө, моонньоҕону моонньоҕоҥҥо.
– Бу туох куһуй? – Ыстапаан биир бөдөҥ, кытарымтыйан көстөр түүлээх куһу тумсуттан өрө ыйаан тэйгэтэн таһааран эргичиҥнэтэр.
– Ити күлтэн… күлтэн диэн кус. Маанчык туппут этэ, хата түбэһэ көртүм. Кырдьык да биир күлтэннээхпитин эппэтэхпин. Бөдөҥүнэн көҕөнтөн кырата суох, моонньо кылгас, лыкаҕар буолан кыра курдук. Сара дии, бу… – Килэки күлтэн обот түүтэ үргэммитинэн халыҥ сыата кылбайарын көрдөрөр.
– Саарбыт сайыҥҥы кус өҥө-дьүһүнэ сааскытын курдук буолуо дуо, уларыйан эрдэҕэ, – Маарыйа тыл кыбытар.
Биэрэ күөрчэҕин салаан бүтэрэн баран өссө бистэрээри эбэтигэр уунар. Маарыйа дьоно кэлэллэригэр ас бэлэмниир, сэмээр кыынньа турар соботун миинин субу-субу уһун уктаах хатыҥ хамыйаҕынан булкуйан биэрэр. Уолаттары кытары кустарбытын чинчийэн өссө да олоро түстүбүт.
– Тоом, сылабаарыҥ оргуйта дуо? – эбэм ыйытар.
– Ээ, сылабаардаах этим дии! – куска аралдьыйан чэй оргута туруорбуппун да умнубуппун… Тахсыбытым саҥа оргуйан бургучуйа турар, хаппаҕар баар «чыычааҕынан» үрүҥ чаан уһуурар.
– Итии, итии мэһэйдээмэҥ! – сылабаарбын, көтөҕөн мадьалытан киллэрэн, остуолга сытар тимир бодунуос үөһэ уурдум. Субу оргуйбут сылабаар уутунан эбэм чэйин саҥалыы кээстэ. Лааппы чэйин минньигэс сыта дьиэ иһин тунуйда.
– Тоҕойдоруом… Аанаа, кустаргытын таһааран уҥучахха тарҕаччы уурталааҥ, сарсын сиэхпит, ээ арба да Сөдүөрэлээхпитигэр бэрсиэхпит, – эбээ эмээхсин, бөдөҥүттэн талан, уонча куһу Баһыычааннаах Ыстапааҥҥа туттартаан, таһааран биэрэллэригэр соруйда.
Намыынаптар, Өлөксүөйэптэр дьукаахтаһан олорор буоланнар бэйэлэрэ да элбэхтэр. Туох эмит бултанна да бары уос-тиис үллэстэбит.
Таалайдыын кустарбытын уҥучахха түһэрэ сырыттахпытына дьоммут кэллилэр. Үрүмэтийэ кыынньыбыт ыыс араҕас хоргуннаах мииннээх собобутун астына сиэн баран, аны болбукталаах күөрчэх мотуйдубут.
* * *
Охсубуппут төрдүс күнэ, сарсыҥҥыттан мунньуу. Аҕыс киһи тэҥҥэ охсор буоламмыт, түөрт күн иһигэр баһаам сири биирдэ килэс гыннардыбыт. Ото ситэн, бастанан өссө хойдубукка дылы. Хадьымалбытыттан отуубут лаппа ыраатта, хаамыылаах.
Огдооччуйа, хонуу биригэдьиирэ киһи, куруук биһигини кытта бииргэ сылдьыбат. Сир быалыы отчуттарыгар Арыылаахха барар-кэлэр, биһиэнин эмиэ быалыыр. Ким төһөнү охсубутун, мунньубутун икки миэтэрэ усталаах сир быалыыр анал ачарбааһынан кэмниир.
Эппит үөрэнэн сынньаммакка кудуччу охсобут. Кэҥэс сири манастыырдаан, элийэн ыла-ыла, бүтэрэн иһэбит. Кэрчик бүттэҕин аайы хотуурдарбыт суоллара холбоһоннор хадьымал кэҥээтэр кэҥиир. Хас биирдиибит хотуурун суола, киһи дьүһүнэ хатыламматын курдук, тус-туһунан. Ордук киэҥ, бастарыылаах суоллаахпыт – Улахан Баһылай, отун илэчититтэн кыһыйан ып-ыраастык, наллаан, бытааннык охсор. Оттон суола киэҥ эрээри эбиитин түргэнник барааччыбыт – Кыра Баһылай. Ыраахтан көрдөххө хааман иһэр киһи курдук. Саамай кыра суоллаах – Огдооччуйа, ол эрэн бастаран охсор буолан түргэн. Килэки үрдүк гына охсор, ардыгар отун төрдүн арҕастаан эҥин кэбиһэр. Быралгылаах Хабырыыл хотуурдарын холбоспут суола да көстүбэт, хадьымаллара ырааһа сүрдээх.
Халлаан сирилэтэн түһэн куйаас да куйаас…
Кыра Баһылай кэрчигин бүтэрэн баран, тыаттан күөл саҕатыгар диэри бэрт уһун саҥа манастыыр хайытта. Мин бэйэм кэрчикпин бу кэмҥэ бүтэрдим уонна Баһылай кэнниттэн түһүнэн кэбистим. Иннибэр иһээччи «буускап» хотуурун тыаһа «сыып-сыып» гына астыктык сыыбыргыыр. Ис-испиттэн кыдьыгыран, харса суох охсуох санаа кэллэ. Баһылайтан хаалбатарбын диэн дайбаабытынан бардым. Хотуурум куһаҕана суох хотуур, былырыын Улахан Баһылай охсо сылдьыбыт аҕыстаах хотуура. Саҥа таптааһыннаах буолан сытыыта да бэрт. Бэйэм киэнэ эллээһинэ халыҥаан хаалбытын Кыра Баһылай: «Дьиэҕэ таһааран наллаан таптайыллыа», – диэн сүгэн тахсыбыта. Киэһэ соло булбакка ситэ кылааннаабатаҕа, ол иһин: «Тапталлыбыт бэлэм хотууру маны илдьэ бар, бу да куһаҕана суох буолуо», – диэбитин сүгэн кииртим. Уһуннук охсо сылдьыбыт хотуургун уларыттаххына маҥнай утаа илииҥ үөрэниэр диэри табыгаһа суох курдук, онтон син биир нэмин табаҕын, хата бастакы хотуургар көстөххүнэ аны онтуҥ «хайдах эрэ курдук» буолар.
Сөп соҕус гына суолланан, инним диэки дьүккүйэ-дьүккүйэ бастара охсон, Кыра Баһылайтан соччо хаалбакка истим, ийэ-хара көлөһүнүм сарт түстэ…
Баһылай хонноҕо аһыллан, тохтоон көрбөккө биир кэм дайбаан, кэмниэ-кэнэҕэс, хотуурун тимирэ күн уотугар килэпэччийэ оонньоон, манастыырын хайытан түмүктээтэ, эмчиирэлээх атаҕынан күөл саҕатынааҕы ууну чаллырҕаччы кэһэн, төттөрү иэҕэн, киэҥ-киэҥник элийбэхтээн нэлэс гыннаран баран, бэттэх эргилиннэ… Санаатыгар буолан тулатыгар баары барытын умнан испит быһыылаах, кэнниттэн охсон иһэрбин билбэтэх – миигин көрөн, соһуйан саҥа аллайда:
– Хайа, Аана!.. – диэн баран охсон кэлбит суолбун итэҕэйбэтэхтии көрдө. – Тоҕо сүрэй… охсоруҥ! – сүрдээҕин сөхтө.
Бу кэмҥэ мин хотуурум суолун Баһылай суолугар тэҥнээн кэбистим.
– Һуу!.. Һаа!.. Уу-тай!.. – тыын быһаҕаһа тыынан эппэҥнии-эппэҥнии соһуйбут Баһылайы көрөн мичээрдээбитинэн аҕылыы турдум.
– Һи-һи… дьэ кыыскын дии… Тоҕо сүрэй хотууй… – Баһылай кэккэлэһэ кэлбит суолбутун, күн уотуттан саатан, кулун үтүлүгүн уоһунан илиитин таһааран, ытыһын сүүһүгэр даҕайан чарапчылана-чарапчылана көрөн сөҕөр. – Кыра кыыс оҕо диэтэххэ кырдьык да охсоҕун ээ, үөрэннэххинэ, ситтэххинэ били эбэҥ курдук охсор дьахтар буолууһуккун, – миигин тоҕо эрэ саҥа көрбүт киһилии одуулаһар.
Хотуурум угун баһын, бырдьыгыныы сытар сииктээх хадьымалга батары тирээн, тайах курдук тутуһан туран төҥкөҥнөөн сиспин имитэн ылабын.
Баһылай бурууһунан хотуурун «тыыр-таар» гыннаран сытыыланна, кулун кутуруга дэйбииринэн эҥил баһын сапсыммахтаан кумаарданар, сүүһүн көлөһүнүн үтүлүгүн көхсүнэн соттор:
– Абыта-аа… сырылатан, сырбатан түһэн дьэ куйаарда ээ… – хордоҕой үрдүнэн хопто тэлээрэ көтөрүн одуулаһар, онтон, ис киирбэхтик санньыччы туттан, миигин одуулаан туран: – Дьэ Аанаҕын дии, таайыҥ бокуонньук Бүөтүр барахсан охсор да киһи этэ, ону баппытыҥ буолуо, хайаан да, – диир.
Баһылай төттөрү охсон барбытыгар, манастыырын урукку хойуу отугар иккис хотуур суолун ото холбоһон, бэйэтэ субурҕал курдук субуллар. Бу эҥээр, хойукка диэри уу хонон, сирэ сииктэнэн ордук өнөрдөөн үүммүт. Ходуһа сиппит ото балаһа тыал үрдэҕинэ биир кэм, киэҥ эбэ долгунун курдук, долгулдьуйа, күөгэлдьийэ оонньуур… Үөскэ кураҕаччы кылыһахтаах саҥата кылыгырыыр, кыптыый тыыраахылар тэкээхтэһэллэр…
Мин хотуурум хотор буолан сытыылана сатаабаппын, таптааһыммын харыстыыбын. Куруук аалан кикирийэ сырыттаххына эллэммит тимирэ уһаабакка бүтэн хаалар.
Куйааран күүгэс эмиэ өрө турбут. Иннибэр иһэр Баһылайы көрдөхпүнэ такымыгар, санныгар күлүмэн бөҕөтө түһэн, мустан хараарар. Испэр «ити мустан олордохторуна барыларын биирдэ саба охсон кэбиспит киһи…» дии саныыбын. Бэйэм илиибэр, атахпар мустубут күлүмэннэри тарбыйах үтүлүкпүн устан, эмискэ сабыта охсон өлөртүүбүн. Син элбэҕи ныһыйар курдукпун да аҕыйыах эрэ быһыылара биллибэт. Күн оройо буолан бырдах кыната кууран соччо суох, ол оннугар кырдаайы баҕас дьэ дэлэй. Бэс күлүмэнэ, сулардыы баана сылдьар былаатым быыһынан киирэн, баттахпар иилистэн бадьыыстыыр. Эмискэ аһыс-аһыс гыннаран быһыта ыстыыр, ону былаат бүтэй ибили баттыалаан бултаһабын.
Охсо сырыттахха, хамсанар-имсэнэр буолаҥҥын үөн-көйүүр ама курдук, оттон тохтоотуҥ да биир кэм эймэнэн, хойдон кэлэр. Баһылай төттөрү барарыгар аа-дьуо, хат-хат далайан, суолугар оту хаалларбакка хаһыйан оҕуста, миигин наһаа түһүөлээн сылайыа диэтэ быһыылаах. Манастыырбытын иккиэн тэҥҥэ бүтэрдибит. Баһылай арыый инники кэлэн ойо охсон хадьымалга тэҥнээн көмөлөстө.
Кэннибин хайыһан көрбүтүм, ыппыт охтуу көбүс көнө манастыыр, түөрт хотуур суола субулла сытара астыга сүрдээх… Бу кэмҥэ Настаа күөһэ буһан чэйгэ ыҥырда. Итиитэ бэрдиттэн, тиритэн киһи көлөһүнэ таҥас бүтэй өтөн тахсар. Эр дьон халтаҥ соннорун көхсө «тууһуран» кылбайан олорор. Мин халтаҥ сонум көхсө эмиэ итинник, дьээбэрэн тылым төбөтүнэн салаан көрдөхпүнэ кырдьык да туус курдук ап-аһыы.
Халлаан сууйбукка дылы ып-ыраас… Ооҕуй оҕус ситимин кытаахтаан баран биир кэм тараадыйа көтөр. Күн уотугар сүүһүнэн ситим кылапаччыйар. Тыыраахылар ооҕуйу бултаһаннар үөрдээн тэлээрэллэр… Эбэ ийэ уута күн уотугар дьэргэлгэннэнэ күлүмүрдүүр.
Хааман иһэн хантайан көрбүтүм – үөһэ да үөһэ, көстөр-көстүбэт кыраман үрдүккэ, биир сиргэ кулугуламмыкка дылы, икки элиэ элиэтии көтөллөр.
– Итиччэ үрдүктэн хайдах көрөллөрө буолуой? – аргыстаһан иһэр дьоммуттан ыйытабын.
– Тугу тоом? – Хабырыыл өйдөөбөккө ыйытар.
– Оол сылдьар элиэлэри этэбин, эбэм элиэлэр итинник кый үөһэттэн кутуйаҕы тэһэ көрөн ылаллар үһү диэччи…
– Ээ, элиэни этэр эбиккин дуу. Айылҕалара айбыта оннук буоллаҕа. Хас биирдии харамай тус-туһугар бэйэтэ ураты айылгылаах, дьиктилээх.
– Төһөтүн да иһин, кыырай халлаантан кып-кыра кутуйах сүүрэ сылдьарын таба көрөллөрө сүрүн, – мин сөхпүтүм син биир ааспат.
– Дьэ сытыы харахтаах көтөрдөр, – Хабырыыл чөм-чөм үктээн хааман иһэн аҥаар хараҕын симэн баран кэдэйэ-кэдэйэ элиэлэри одуулуур.
– Абалаах кинилэр харахтарын харах гыммыт киһи баар ини, – кэннибитигэр кылатарынан кыһалҕалаах Быралгы элиэлэри ордугургуур саҥата иһиллэр, ол иһэн дулҕаттан иҥнэн умса туруйалаан ылар. – Ити баар дии, биһиги буоллаҕына оннооҕор бүтүн чаан олгуй саҕа дулҕаны көрбөккө… – диэн бэйэтэ-бэйэтин кытары мөҕүттэр.
«Оол элиэлэр курдук үөһэ да үөһэ элиэтии көтө сылдьан сири-дойдуну көрбүт киһи баар ини, дэлэ үчүгэй үһүө…» испэр күөх халлаан киэҥ урсунугар көҥүл көччүйэр көтөрдөргө олус ымсыырабын.
Хааман истэххэ хадьымал охсуллубут отун төрдүттэн уу бырдаҥалыыр, бөлүүҥҥү силбигэ быһыылаах. Маҥнай охсубут сирбит кэнчээрилээбит. Аҕыйах хонук иһигэр диэтэххэ мэнээк быкпыт.
Отуубутугар кэлбиппит Настааччыйа соботун киһи ахсын ирээттээн, күөх от үргээн хоторбут.
Кыраһа чугастааҕы уот сиэбит куруҥуттан, хойуу ычыкын баарыттан бороҥ өҥнөөх бэйэ куобаҕы тутан аҕалбыт. Сибилигин кэлбит быһыылаах, кэлтэгэй отуу анныгар күлүккэ аҕылыы сытар.
– Кыраһа куобах туппут, – Настааччыйа сонунун кэпсиир.
– Аны куобах… – мөлтөх харахтаах Быралгы булду көрөөрү тула-мала мэлээриҥниир.
– Оол, ол… отуу күлүгэр сытар…
Ньукулай куобаҕы эргичиҥнэтэ сылдьан тутан-хабан сылыктыыр:
– Бэйэ эбит, атыыр куобах… – атыырын, тыһытын быһаара охсор. – Иччилэрим наар биир аһылыктан, хайа кустан салтахтара диэн, аһын уларытан, аны куобах тутан аҕалбыт, – Быралгы ынах тириитэ саппыйаан этэрбэһин уста-уста, онто да суох кыараҕас харахтарын үүтэ көстүбэт буола-буола, дьээбэрэн саҥарар.
– Кыраһа барахсан «кэһиилээх» ыт диэтэҕиҥ, – Кыра Баһылай отуу күлүгэр сытар ытын эйэргээбит харахтарынан көрө-көрө хайгыыр. – Дэҥ ыт «кэһиилэнэр», мин ыты иитинним ини, ииттибэтим ини, ол тухары арай бу Хабырыыл аҕата Мордьоһун оҕонньор ыта Баһырҕас «кэһиилэнэрин» өйдүүбүн.
– Билиҥҥи ытыҥ да үчүгэй буолба-ат? – Быралгы Хабырыылтан ыйытар.
– Харабылы этэҕин дуо?
– Онтон атын эмиэ ыттааххын дуо?..
– Харабыл кыра булдугар син, улаханыгар ыттарга көҕүйэн дьоҕойон үрсэр, соҕотоҕун түбэстэҕинэ хайыа эбитэ буолла.
– Эдэр ыт буо, идэтэ биллэн иһиэ, сорох ыт дьоҕура отой да кырдьан эрдэҕинэ эмискэ аһыллааччы, – Кыра Баһылай санаатын этэр.
– Ээ, эдэр, иккитин саҥа ааһан сылдьар. Соҕотох ыттаах куһаҕан, өллө да бүттэ. Булчут ыт кырдьыан иннинэ, ыт оҕото ииттэн бииргэ сырытыннаран такайтаран иһэр ордук. Ол биһиэхэ икки ыт элбэх курдук, дьон түөртүү-биэстии ыты ииттэллэр буолба-ат… Түөстэрэйбин дэҥнээн кэбиһэн быйыл бөдөҥ булка табыллыбатым, – Хабырыыл былырыын алҕас саанан дэҥнээн өлөрбүт ытын аһыйар.
– Түөстэрэй курдук тайахчыт ыт дьэ сэдэх буолуо, – Улахан Баһылай урут Хабырыылтан уларсан илдьэ сылдьан хаста да тайах өлөрбүт ытын хайгыыр. – Сордооҕуҥ кырдьан уоһа-тииһэ да бүтээхтээбит этэ дии.
– Кэлин төрүт да таас дьүлэй буолаахтаабыта, ол эрэн, төһө да истибэтэр, муннунан сыт ылан бэйи үрээччи. Оттон куһу баҕас, мэктиэтигэр өрүскэлэһэ– өрүскэлэһэ, өлүөр, букатын сабыстыар диэри таһаара сылдьыбыта. Бэл күһүн, атыыр ыт диэтэххэ, буһук саҕана кытары төһө да куһу аахтара ылааччы.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?