Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 8


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 17:20


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 8 (всего у книги 27 страниц) [доступный отрывок для чтения: 9 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Баһылайдаах субурҕал таҕыста да иккиэн саба түһэн бугуллаан иһэллэр. Субуунан сытар оту ардах баттаата да хааһы оҥорон кэбиһэр, куура охсон биэрбэт, устунан лааҕыран, сытыйан хаалар. Хара көлөһүнүҥ хааллаҕа ол.

Халлаан биир кэлимсэ былытынан бүрүллэн ыаһыра лүҥкүрэн хаалла. Тыал сэллии-сэллии күүһүрэр, дөрүн-дөрүн сып-сылаас салгын сайа охсон ылбахтыыр. Ардахтан өрүсүһэн, оппутун сытыппакка ылаары биир кэм сүүрүүнэн, сүр тиэтэлинэн сылдьан туттумахтаһабыт. Субу ардах түһээри ыксатан турдаҕына киһи бэйэтэ да ис-иһиттэн имэҥирэн туран үлэлиир, туттуу-хаптыы диэн мааны, олорон тыын ылан сынньанар да түгэн суох.

От үрдүгэр сылдьар Быралгы сиидэс былаата тыалга тэлибириир, арыт былаатын уһугун тыал буруйан сирэйин саба оҕустаҕына илгистэн көннөрөн биэрэр. Харса суох кыдамалыы турар Хабырыыл сүүһүн көлөһүнүн тарбыйах үтүлүгүн көхсүнэн субу-субу хаһыйа соттумахтыыр. Отчуттар үксүлэрэ да, ордук оҕонньоттор, көҕүс өттө түү, ытыс өттүн түүтэ ис диэки тигиллибит тарбыйах тириитэ үтүлүктэрин илиилэриттэн араарбаттар. Үтүлүктээх үлэлээтэххэ киһи илиитэ хатырбат, аалыллан хабыллыбат, кэнникинэн өссө ытыһыҥ сымныыр. Маарыйа эмээхсин: «Куруук үтүлүктээх сылдьар буол, оччоҕо киһи сылаата тахсымтыа», – диир. Сорох дьон үтүлүгэ илии быктарар «уостаах», сорох киэнэ бэгэччэккэ иилинэр анал быалаах. Үтүлүккэ үөрэнниҥ да кэлин отой араарбакка кэтэҕин. Кырдьаҕастар табахтаары, ону-маны кэпсэтээри, сэһэргэһээри гыннахтарына, биитэр омурҕан кэмигэр аһыылларыгар куруук тарбыйах үтүлүктэрин үөһэ олорор үгэстээхтэр.

Баһылайдаах, төһө да тыал ыһан бадьыыстаатар, ардах хоппотун диэн бугулларын бөдөҥ гыннылар. Мунньалларыгар тыалга үрдэрэн түргэн үлүгэрдик эрийэ тутан субурҕаллыылар, чомойдоох кыраабыллара кылбаҥнаан олорор. Кыра Баһылай бугулун тэллэҕин икки өттүттэн эрийэн таһааран баайталыыр, оччоҕо ыһыллара арыый аматыйар. Чугас онно-манна көтүллүбүт күрүө тоһоҕото, эбэтэр киһи илиитигэр биллэр эттээх соҕус мас сытар буоллаҕына онон баттаталлар. Тыалланан-куустанан үөнэ-көйүүрэ суҕараан бэл оҕустар били куйааһырҕаан аа-дьуо сүөдэҥнэспиттэрэ уурайан, сэргэхсийбиттэр.

От харбаан харбыалаһа сылдьан көрдөхпүнэ: Күүлэлээх эбэ эрэһэ долгуннарынан эймэһийэ оонньуур, бэтэрээ тыал охсор өттүнээҕи кытыла үрүҥ күүгэнинэн оргуйар. Тыыраахылар күүстээх тыалга оҕустаран биир сиргэ тарыкынайа-тарыкынайа ойоҕосторунан элиэтээмэхтииллэр.

От үөһэ сылдьар Быралгы:

– Манан, манан уур!.. – диэн Хабырыылыгар отун хааһын толорторо сатаан, ыйан-кэрдэн биэрэн хаһыытыыр.

Хабырыыл уһун уктаах кыдаматын бөдөҥ, чиҥ бугулга «күр» гына анньан киллэрэр, чомойун уҥа-хаҥас эрийбэхтиир, тохтубут оту ачааҕар кыбыта анньар уонна өссө күүскэ төхтүрүйэн анньан баран «һык!» диэт бугулун өрө баһан таһаарар. Оҕолор түбэһэ кэлбит кэмнэригэр, сороҕор, атырдьаҕын угун төбөтүн үктэтэр.

– Манан ини?!. – Хабырыыл Быралгытыттан ыйытар.

– Сөп, сөп… итинэн ортотугар, иһигэр элээрдэн кэбис… – Быралгы дьаһайар саҥата тыалга охсуллан сүтэ-сүтэ иһиллэр.

– Элээрдэбит эрэ, суох эрэ… – Дьабадьы Хабырыыл бугулун тыал баарыстаан сүһүөҕүн сүтэрэн тэмтээкэйдээн ылар.

Хас кэрискэ туолла да аны ортото томтойуор диэри бугул быраҕыллар онтон эмиэ саҥа хаас ууруллар.

От түстэнэн бүтэн эрдэҕинэ кыратык ибирдээн ылла. Тыал мэһэйдээн син уһуннук кэбистибит, омурҕанныыр кэм лаппа ааста. Халлаан ардыырыгар саарбахтааһын суох буолла. Күөл уҥуоргутуттан саба халыйан иһэр былыт өссө ордук ыаһыра хараарда, тыал эбии күүһүрдэ. Оппутун бүтэрээт Баһылайдаахха мунньууга көмөлөһөөрү үөскэ харбыаластыбыт, аһыыр, омурҕанныыр санаа кимиэхэ да суох…

Сотору күөл уҥуоргута тумарыктыйан барда. Ардах ээр-сэмээр устан бэттэх кэллэр-кэлэн, маҥнай аҕыйах бөдөҥ таммах иэдэспэр түспүтэ билиннэ, онтон эбилиннэр эбиллэн, күүһүрдэр күүһүрэн күүстээх курулас ардахха кубулуйда, күөл уҥуоргута тута көстүбэт буола түстэ. Мунньуу бэрт кыра хаалан баран кыайтарбата, хата субурҕалламмыт оту сыыһа-халты бугуллаан бүтэрдибит. Ыаҕастаах уунан курулаччы кутар ардахтан сонно атахпытыттан баспытыгар диэри уула сытыйдыбыт. Били ынах тыһа эмчиирэм ньалбаччы барда. Дохсун ардах ситэ бастаммыт өнөр оту онон-манан эриэннээн сууллара оҕуста. Ходуһа хотоол сирдэрэ килэс гыннылар, курулас ардах тобулу түһэн уу үрдэ ыдьыгырас хабаҕынан устаҥныы оонньоото.

Таалай, оҕо оҕото өтөн, үөрүүтэ-көтүүтэ үксээбит, били оҕуска кыайан ыттыбат бэйэтэ, сүүрэн мэтэһийэн кэлэн хотоол сиргэ турар оҕуһун үрдүгэр быардыы түһээт миинэн кэбистэ. Убайын Килэкини кытары ырыа-тойук аргыстаах өтөхтөрүн диэки таҥкыччахтата турдулар. Итиччэлээх үскэл аарыма оҕустар ити кыра ыамайдарга бас бэринэн хайа туталларынан, салайалларынан сылдьалларын көрдөххө киһи сонньуйар, аһара баран аһынар даҕаны.

Мин дьоммун кытары аргыстаһан бардым. Хаамыы-сиимии тиэтэлэ. Дьиэбитигэр тиийиэхпитигэр диэри ардах кыратык да сэллээн көрбөккө курулаччы түстэ.

Маарыйа эмээхсин сирэй оһоҕун тигинэччи оттон кэбиспит, чэйэ оргуйбута ырааппыт. Кыра алтан чаанньыкка лааппы чэйин кээспитэ сыта бэрт минньигэстик дыргыйар. Таҥаспытын ыктан, уларыттан кэрээдэлэргэ ыйаталаатыбыт. Сотору уот суоһуттан инчэҕэй таҥастар сииктэрэ көтөн тунаарыйдылар. Быр курдук сылаас дьиэ иһэ ходуһаттан тахсыбыт дьон көлөһүнүн сытынан тунуйда. Эмчиирэлэрбин уот суоһуттан тэйиччи, өһүө тоһоҕотугар ыйаталаан кэбистим. Чараас өрбөх кэтиинчэлээх кураанах этэрбэһи кэппиппэр атахтарым кууран хааллылар, сып-сылааһынан дьырылаатылар.

Уолаттар эрдэ кэлэн чэйдээн бүппүттэр. Килэки Намыынаптарга доҕоругар Модьуга тахсыбыт. Таалайдаах адарай орон анныттан оонньуурдаах эргэ чабычахтарын соһон таһааран саараан ырааппыттар. Куобах баһын уҥуоҕун супту оборон кылбаччы сиэн баран сыҥааҕын уҥуоҕун үрдүгэр уурдахха үүт-үкчү аттаах киһи баран иһэрин курдук. Холус туттууттан үксүгэр икки аҥы силлэн хаалар, ону уолаттар сабынан баайан киһилэрин чөлүгэр түһэрэллэр. Ыстапааннаах миҥэлээх дьоннорун араастаан сүүрдэн-көтүтэн, сыарҕалаан, мас-от тиэйэн бэркэ саарыыллар. Ардыгар Биэрэ кыыс тиийэн ат үөһэ дьоройон олорор киһилэрин хамыйаҕынан хаптаччы охсон кэбиһэн айдааны тардар.

– Эбэтээ-э… кыыһыҥ оонньоппот, – Баһыычаан үгэһинэн үҥсэр.

– Оҕоҕун оонньотууй, – убайдарыттан мөҕүллэн эбэтигэр тиийэн турар Биэрэни эмээхсин тэскэҕэр иэдэһиттэн сыллаан ылар.

– Мин оҕом буолбатах ээ… – Баһыычаан кыккыраччы аккаастыыр. Чэйдии олорбут дьон күлсэбит.

– Чэ кэл, – Таалай топ-топ тойтоһуйан утары тиийбит Биэрэҕэ, – эн манан оонньоо сөп… – диэн албыннаһан баран, аҥаар муоһа тостон, иккис муоһа элэйэн хомуолай буолара чугаһаабыт талах оҕуһун уунар. – Ити эйиэнэ, бу биһиэнэ, эн маны тыытыма сө-өп… – аттаах дьоннорун ыйар.

– Ы-һыы… – Биэрэ бэйэтэ бас билэр улахан оонньуурдаммыт киһи быһыытынан сөбүлэһэр.

Эбэм аах үчэһэҕэ, состуокка анньан собо үөлбүттэр, онно эбии хаптаҕаска буламмыт күөрчэх сиэтибит. Таска ардах тыаһа биир кэм курулуур.

– Бу ардах дохсуна тоҕо сүрэй, – Кыра Баһылай түннүк нөҥүө биир кэм тунаарар ардахтан саллан саҥа аллайар.

– Күүстээх, дохсун ардах наһаа уһаабат ини, – Быралгы билгэлиир.

– Ким билэр ардаабатаҕа ыраатта, Бөтүрүөп иннинэ түспүтүнэн, – Улахан Баһылай кэпсэтиигэ кыттар.

– Кэм тура түстэ дии…

– Куура илик оту сиэтэ.

– Саҥа охсуллубут «тыыннаах» от өссө туох да буолуо суоҕа, икки-үс күн хаппыт от ол хаалыа, – Улахан Баһылай охсуутун аһыйар. – Сааҕыначчы хаппыт от ардах кэнниттэн куурбутун да иһин өҥүн, сөлөгөйүн сүтэрэр.

– Кыра тардыы хаалла буолбат дуо, – Быралгы соччо сүтэрэрэ суох киһи быһыытынан тыллаһар.

– Биһиэхэ суоҕун иһин дьон киэнэ сиэниэ буо, аҥаардастыы ачыаһыран охсооччулар үгүстэр ини, – Улахан Баһылай, хаһалаах соботун бэрт минньигэстик сэлибирэтэн сии-сии, уҥуоҕун ып-ыраастык кылыгыраччы уҥуохтуу-уҥуохтуу, санаатын этэр.

– Аҥаардастыы охсор куһаҕан, сөп буола-буола, төһө да кураанын иһин оту хомуйан иһэр ордук, – Кыра Баһылай хончоҕордоох чэйин иһэн бүтэрэн Маарыйаҕа уунар.

– Оннук бөҕө буо, – Ньукулай сөбүлэһэр.

Быралгы кэргэнэ Баһылай чааскытыгар чэй кутар, ол сылдьан бүтэһик үчэһэлээх балыгын эргитэн биэрэр, уотугар эбии хаппыт хардаҕастары быраҕаттыыр, кэлэн-баран элэстэнэн, эһэкээнигэр сыраллан дэлби буспут, иэдэстэрэ тэтэрэн хаалбыттар, бастыҥалыы бааммыт сиидэс былаата холкутаабытын икки илиитин кэтэҕэр тиэрдэн бобо тардар.

– Сарсын охсобут буо?

– Охсон… Наһаа түспэт буоллаҕына…

– Күрүөлэри тутуохха баар этэ, – Быралгы аһаан бүтэн уотун иннигэр кэлэн талах олоппоско олорон табахтыырдыы оҥостор.

– Икки күрүө төһө буолуой, билигин аны оҕустахпытына эрэ мунньуу тахсар, ити тардыллыбакка хаалбыт кыра от саҥа охсуутааҕар өссө хойут кууруо, үүммүт буолан эҕэһэтэ да хойуута бэрт, арай эргитэн биэрдэххэ түргэнник сараҕадыйара дуу. Күрүөбүт сылын аайы эргэ маһынан, абырахтанан тутуллар, быйыл баҕас саҥа сиэрдийэлэннэҕинэ сатанар. Тыабыт тэйиччитэ, хас да күннээх үлэ буолар ини.

– Оҕустар маһы соһуохтара-аа… – Быралгы көхсө киэҥ.

– Сарсын түспэтэҕинэ туос хастаныллыа, билигин саамай уотаҕата, – эбэм дүлүҥ олоппоско олорон сиһин угуттуу-угуттуу сарсыҥҥы күнүн сыымайданар.

– Билигин кырдьык да туос хастыырга табыгастаах кэм. Сытыы быһах төбөтүнэн үөһэ-аллара иилии эргитэн баран усталыы соттуҥ да бэйэтэ түрдэс гынаат, мэктиэтигэр сиргэ кэлэн түһэр кэмэ. Нэмин куоттардахха сыстыбыт туоһу хастыыр тус-туһугар бадьыыс ээ.

– Оннук.

– Охсуу буоллаҕына сарсын үлэ кэннэ, киэһэ, саралаан тахсыахпыт, – Кыра Баһылай убайын диэки ыйыппыттыы көрөр.

– Сөп буо… Тыы илдьэ киириэхпит… Үөстэн били улахан тыыны ылабыт дуо… Бээ, ол эрэн ол баҕайы ыарахана бэрт дии… били, кыра дьаһамыр тыыны илдьэ барыллыа. Онтубут эргэ хотон иһигэр сытан бу курааннарга сахсайан да хаалла ини, саас туттуллубатаҕа. Хата ону таһааран кэбиһиэххэ баар этэ, ардахха сиигирэн дьиппинийиэн…

Тастан Килэки сүүрэн киирдэ, кинини саппай уопсубутунан аны Огдооччуйа дьорос гына түстэ, хара уу буолбут.

– Ычча-уу!.. Һуу!… – Огдооччуйа ойбонтон уулаабыт сылгы курдук дьигиһийэн ылбахтыыр. – Арыылаахха сир кэмнии сырыттахпына оҥордо ээ… – оһох кэннигэр тиийэн быаҕа ыйанан турбут таҥаһын ылан собуруокка кэтэҕэр уларытынна.

– Килэкии-и, били хотоҥҥо сытар тыыны таска таһааран кэбиһээр эрэ, олордьу уураар, – Быралгы уолун соруйар.

– Тоҕо таһаараҕыт ол тыыны?

– Сарсын баҕар кустуохпут.

– Оо, хата!.. Сара сииһикпит дии, – уол үөрэн куруускаҕа куттубут чэйин биир тыынынан ыйырбахтаат: «Сибилигин!..» – диэт таска ойор.

– Бу да киһи омунун, хара самыыр ортотугар, – Маарыйа иһиттим ини, истибэтим ини диэбиттии таска тэп гынан хаалбыт уолун кэнниттэн батыһа көрөн хаалар.

– Ардах бастакы дохсуна ааста ээ.

Омурҕаннаабатах буолан баарыын сарсыарда хатырыктаан, үөстээн илдьэ киирбит тымтайдаах собобутун төттөрү таһаарбыппыт.

– Мантыбытын киэһэ сиэхпит, – эбэм бэлэм балыгы күөс буһарар алтан кытаҕар кутан кэбиһэр. – Уубут аҕыйаабыт эбит дии…

– Мин уу баһыам, – диэт, халтаҥ сон кэтээт, былааппын бастыҥалыы баанан баран, икки туос ыаҕаһы тоҕонохторбор иилинэн таска таҕыстым. Ардах арыый сэллээбит, ити ыккардыгар былыт ыһыллан онон-манан тараадыйбыт, ол эрэн билигин да тохтообокко ээр-сэмээр иһириктээн түһэр. Күрүө маһыгар өйөннөрүллүбүт оргуһуоҕу ылан, ыаҕастарбын ситии быаларыттан иилээт, күөлбэр киирдим. Оол курдук, чугас соҕус, бурдук бааһынатын бэтэрээ өттүгэр, уолаттар миинэн кэлэн баран ыыппыт оҕустара ардахха кыһаллыбакка мэччийэ сылдьаллар. Кытыан чурумчуларыгар бааллыбыт дөрөлөрүн оҕустарын муоһугар эрийэн кэбиспиттэрэ кэҥэриилэрин устун ураанньыктанан көстөллөр.

Далаһалаан киирэн, ыаҕастарбын сомсортоон, уу баһан таһааран балаҕан дьиэҕэ мас уһаакка куттум, иһиппин толороору хаста да кырынным.

Самыыр сэллээтэр-сэллээн тохтоон хаалла. Халлаантан аллара түспүт туман курдук былыттар тиэтэйбиттии, кудуххайдык усталлар. Дөрүн-дөрүн тыалыран ылар.

Киэһээ ыамҥа ынахтарбыт тоҕо эрэ кэлбэтилэр. Эбэм кэтэспэлии түһэн баран биһигини көрдөтө ыытта. Ардах кэннэ буолан силбигэ сүр, ол иһин этэрбэстэрбитин устан сүгэн кэбистибит. Атах сыгынньах сылдьа үөрүйэх буолан хайабыт да кыһаллыбат. Доҕотторум Маарпа, Морууса, Аана араа-бараа саастаах дьон, кэпсэтэн-ипсэтэн сэһэммит-сэппэммит киэр инньэ.

Баран иһэн ардыгар хаптаҕастаан да сиибит. Ол сылдьан биир ээйгэ болбукта бөҕөтө үүнэн, дэлби буһан ахан ньолҕойон турарыгар түбэстибит. Сап-саһархай өҥнөөх болбуктаны тотуохпутугар диэри борсоннубут. Ардах астыбытыгар бырдах биир кэм өрө кыынньан таҕыста. Үлэҕэ буһан-хатан «муостуйан», «балык» буолбут оҕолор ону соччо баардылаабаппыт.

Сотору ээйбититтэн тэйэн, син киэҥ сиринэн эргийэ тайаан баран, ынахтарбытын Сыллыыр өтөҕүн кэтэҕиттэн, тыа иһиттэн, боруу үүммүт көрдүгэнэ баарыттан буллубут. Сүөһүлэр хата туох да кыһалҕата суох бөскөччү тотон баран, билигин да сөп буолбакка, күп-күөх борууну сиэн тордурҕата сылдьаллар. Ынахтарбытын үүрэн, ньуу-ньаа буолан, Сыллыыр өтөҕөр кэллибит, сүөһүлэр били иччилээх, абааһылаах дэнэр ампаар ыксатынан бардылар. Халлааммыт киэһэрэн, былыттаах буолан лүҥкүрэн хаалла. Чыпчырхай быстан куус гына салгыны курбуулаан, ынахтарбыт нэһирээри гыннахтарына, эбэтэр туора бардахтарына сүнньүлэрин көннөрөбүт.

Өтөх эргэ ампаарын ойоҕолуу өнөрдөөн үүммүт хаптаҕас уктара, сиэмэлэрэ дьэҥкэрэн көстүөхтэригэр диэри кытара буспут хойуу астарын уйбакка, сиргэ намылыйан хоҥкуйбуттар. Минньигэс болбуктаны тото мэҥиэстибит оҕолор хаптаҕаска кыһаллыбатыбыт.

…Арай доҕоор, өтөх сиксигинэн ааһан истэхпитинэ, ампаар иһигэр киһи да, сүөһү да саҥатыгар маарыннаабат ынырык куһаҕан саҥа көөхүнээбэт дуо… Эмиэ да хаһыы, эмиэ да орулааһын курдук… Ынахтарбыт, мэктиэтигэр сыптарыйа-сыптарыйа, кутуруктарын хороппутунан өрө тэбэ-тэбэ, туос бөтөрөҥүнэн түстүлэр. Биһиги куттанан саҥа аллайаат сүөһүлэр кэннилэриттэн ыстанныбыт… Маҕыйа-маҕыйа сүүрүү кытаанаҕа манна буолла… Боруорбут халлаан анныгар самнайан турар эргэ ампаар иһиттэн санаабытыгар илэ абааһы сулбу ыстанан тахсан саппай уопсан, тилэх баттаһа субу сырсан иһэргэ дылы…

Тэппит атахпытын кубулуппакка кэдэйэ-кэдэйэ түстүбүт, бу иһэн кэннибин хайыһан көрбүтүм ханнык да сырсан иһэр абааһы суохха дылы, хата оол курдук лаппа хаалбыт Морууса кыыс:

– …Күүтүҥҥүтүүй!!! Күүтүҥҥүтүүй!!! – диэн баарынан суоҕунан хаһыытыыр.

– Тохтуохха!.. Морууса хаалбыт дии!.. – диэтим.

Кыргыттар көстүбэт мэһэйтэн иҥнибит курдук дьирэҥкэлэһэ түстүлэр.

– Тоҕо күүппэххитий!.. Ии-ий!.. – ытамньыйыар диэри ыга куттаммыт Морууса сүүрэн мэтэһийэн кэлэн аттыбытыгар тыын быһаҕаһа тыынан тохтоото, кэннин хайыһан көрбөхтүүр.

– Туох да суох!.. Суох!.. Куттаныма!.. – Аана балтын Моруусаны уоскутар.

– …Күүппэккэ сүүрэ-сүүрэ!.. – Морууса биһигини мөҕүттэр.

– Оттон тэбис-тэҥҥэ иһэр курдук этиҥ дии…

– Иҥнэн охтон хааллым дии!..

– Туохтан?..

– Туохтан буола-буола!.. Хаһырыаҕа атахпын үктээн!..

– Оо, дьэ!..

– Оо, дьэ!.. – Морууса кыыһыран уоһа толлойо-толлойо эдьиийин үтүктэр.

– Ити туох буолуой? – Маарпа сирэйэ-хараҕа туран дьүһүнэ кытары уларыйан хаалбыкка дылы.

– Билбэтим…

– Хаһыытаабыта дии-и!.. – Морууса атаҕын мутукка тэһэ үктээбитин ыарытыйан дьэ көрдө.

– Атаххын өлөрдүҥ дуо? – Маарпа балтын бэрбээкэйиттэн ылан туора тардан тилэҕин кыҥастаһар. – Ээ, кыра эбит.

– Абааһы буолуо дуо? – Аана ким эрэ истиэ диэбиттии сибигинэйэ соҕус, тула-мала көрүөлэнэ-көрүөлэнэ, биһигиттэн ыйытар.

Эдьиийигэр кыыһыран хааһа түрдэстибит Морууса:

– Ону мин билэр үһүбүн дуо! – диир.

Аана:

– Куһаҕан күтүр ини, аанньаҕа хаһыытыа, куттуо дуо.

– Оннук… – мин сөбүлэһэбин.

Сүүрэн кэлэн тохтообут сирбититтэн «абааһылаах» ампаарбыт ыраах харааран көстөр. Ампаар аана тэлэччи аһаҕаһа, иһинээҕи хараҥата киһини ордук куттуур. Санааҕар ол ыас хараҥа иһигэр туох эрэ баарга дылы. Оол курдук ыраах ыаһырар моойторук олуктаах ампаар: «Дьэ бэйи, аныгы сырыыга баҕас куотуоххут суоҕа…» – диэбиттии, үрдүгэр сабырыйа үүммүт эрбэһин оттоох чарапчытын аннынан сүргүччү одуулаһан хамсыырга дылы.

– Көрүҥҥүтүүй оҕолор, ампаар хамсыыр курдук… – мин саныы турбуппун таспар таһаарабын. Доҕотторум бары ампаар диэки хайыһа түһэллэр.

– Куттаама эрэ эн!.. – Морууса харахтарын кэҥэтэн чоҕулуччу көрбүт ахан.

– Ама хамсаатаҕай… – Аана ньолойо-ньолойо одуулаһар.

– Аны ампаарбыт бэйэтинэн сырсара буолуо, – Маарпа куттаммыта ааһан, били бэйэтэ куттамматах киһи курдук дьээбэлэнэр.

– Бүт эрэ эн! – Морууса ытыһынан эдьиийин окумалга тап гына охсор.

– Барыаххайыҥ, уһуннук сырыттыбыт. Ынахтарбыт тиийдэхтэрэ…

– Дьоммут кэтэһэн кэлтэгэйдэрэ буолта буолуо.

Тиэтэйэ-саарайа дьиэбитигэр харбыаластыбыт. Ол иһэн «дэриэтинньик кэннибититтэн кэлэн сэрэппэккэ сиэ» диэн субу-субу хайабыт да эргичиҥнэһэн, кэтэнэн, көрүөлэнэн ылабыт. Морууса бу сырыыга мэлдьи иннибитигэр сылыпыччыйар.

Ынахтарбыт хотоннорун далын иһигэр киирбиттэр. Үргэн, уйуһуйан кэлбиттэрин көрөн, биһиги суохпут иһин эбэм дьиктиргээбит. Хоту Күөл диэкиттэн «ойуурдааҕы» куруук кэлэ-бара сылдьарын иһин, «аны эһэ моһуоктаабыта буолуо» дии санаан дьиксиммит, ону хата ынахтарбыт кэннилэриттэн тута соҕус кэлэммит уоскуйда. Хоту Күөл диэн аакка-суолга киирбит улахан эбэни Килтэбили ааттыыллар. Килтэбил – былыр өрдөөҕүтэ олорон ааспыт улахан хомуһуннаах, аата мээнэ ааттаммат сүдү ойуун.

Тугу истибиппитин дьоммутугар кэпсээбиппитигэр улаханнык сэҥээрбэтилэр, буолуох-буолуохтааҕын курдук иһиттилэр.

Намыынаба Маарыйа киирэ сырытта:

– Оҕолор куттанан ахан кэллилэр… – Настааччыйа Маарыйаҕа кэпсиир.

– Кыргыттар туох эрэ саҥатын иһиттибит дииллэр, – тастан киирбит Маарыйа мин диэки көрөр. – Ордук Морууса кута көтө сыспыт.

– Аһаҕас эттээх киһи баар буолааччы: киһи истибэтин истэр, көрбөтүн көрөр, оннук буолуоҕун кыргыттар ама хайдах түөрэ бары аһаҕас кулгаахтаныахтарай… – Настаа чахчы дьиктиргээн ыйыталаһар.

– Ити ампаар былыргыттан туохтаах эрэ ээ. Өрдөөҕүтэ сылгыһыт Тыккаай Ньукулай ахсынньы аам-даам тымныытыгар сыарҕалаах атынан манна кэлэн иһэн ампаар иһигэр кулуһун уота умайарын көрбүт этэ. «Сып-сырдык, бэл өтөх хомураҕын ыраахха диэри сырдатар курдуга, атым эмискэ сиргэнэн ойуутугар чуут сыарҕаттан эһиллэ сыспытым» диэн сөҕөн, көрбүтүн итэҕэйбэккэ кэпсээччи.

– Дьэ тэмтэргэн буолуо эбит.

– Сыарҕаттан эһиллибит Тыккаай улуу сах куттаммыт сирэйин-хараҕын көрбүт киһи баар ини, – Быралгы хамсатын соппойо-соппойо, кыараҕас харахтарын симириҥнэтэн кэпсэтиини сэҥээрэр.

– Бу да киһини… – Настааччыйа сонньуйар.

– Аттыын киһилиин харахтыыр буоллахтарына отой да кырдьык илэ эбит, – дьахталлар кэпсэтэллэрин саҥата суох истэн олорбут Улахан Баһылай дьиктиргээбитин биллэрэр.

– Ардыгар ампаар таһынан ааһан истэххэ дьон кэпсэтэн баллыгыраһар саҥата бөҕөтө иһиллэр… сороҕор күлүк курдук киһи омоонун көрөллөр үһү, – диир Быралгы кэргэнэ сэмээр соҕус, сибигинэйэ былаан.

– Ону эн истибитиҥ дуо? Бу обургу «дьэлтэркэй» кулгаахтаах эбит буолба-ат… – Быралгы дьээбэлэнэн, ойоҕун саҥа көрбүт киһилии куттаммыттыы одуулаһар.

– Мин диэтим дуо, дьон диэтим дии, – Маарыйа кэргэнин кынчарыйан ылар.

– Ээ оннук дуу, – Быралгы табахтаан бүтэн хамсатын баһын холумтан маһыгар топ-топ охсуолаан күлүн тэбиир. – Дьон эһэ арҕаҕын иһигэр алаадьылаан сиир үһү диэхтэрэ… Ардахтан саһан ампаар иһигэр хорҕойбут борооску орулаабытын иһиттилэр ини. Бары аһаҕас эттэнэн-сииннэнэн бардахпытына сатаммаппытыгар да тиийэбит дии.

Ынахтар хойутаан кэлэннэр, уку-сакы буолан, киэһээҥҥи аһылыкпытын хойут аһаатыбыт.

– Сүөһүлэр билиҥҥэттэн сүтэллэр, тэллэй үүннэҕинэ отой да кэлииһитэ суохтар, – эбэм ынахтарын мөҕүттэр.

– Муоһа Суох оҕото сытыыта бөҕөтө, бэҕэһээ ийэтэ эрдэ кэлбитин дал быыһынан тахсан эмэн кэбиспит этэ. Томторугуттан отой иҥнибэт. Туос томторугу ньыҕаччы анньан кэбиһэр. Бадаардаах томторугу кэтэртэххэ сатаныыһы.

– Онтугут баар дуо, бүтүн ини? – Улахан Баһылай сирэй оһох уостан эрэр үдүк-бадык сырдыгар чаалбаан араамата килэпэччийэн көстөр таҥара мэтириэтин саҥа көрбүт киһилии сонурҕаабыттыы одуулаһа-одуулаһа ыйытар.

– Баар-баар, быйыл ол томторук туттулла илик. Кырдьаҕас ынах эрээри кэллэ да бүтэйгэ сыстан биэрэн бэйэтэ эмнэрэн кэбиһэр. Томторугуттан маҥнай иҥнэр этэ ээ, – эбэм кэм да Муоһа Суоҕун мөҕүттэр.

– Тэлибис гыннахха оттон хайдаҕый? – мин эбэбиттэн ыйытабын.

– Па, эгэ тэлибистэн иҥниэ дуо, бадаар эрэ туттаҕына тутуо. Чомой синньин тэһэ кэйдэҕинэ кини да буоллар туран биэрбэт ини.

– Уу, собом барахсан минньигэһин, – Быралгы уҥа ороҥҥо сытан эрэн, аҥаар илиитинэн кэтэх тардыстан баран, аҥаарынан иһин имэринэ-имэринэ күөх боллоҕун иччитигэр махтанар, – эбэбит барахсан үтүө да соболоох ээ, үрдүттэн буола-буола.

– Сөбө этэ… – Кыра Баһылай сөбүлэһэр.

– Сөп буолбакка, сөтөҕөйө кэлиэ дуо һэ-һэ, – Быралгы амтаннаах аһын, хаһалаах собону сиэн бэркэ астынан санаата сайбыт.

Биэрэ аһаат да, кыра киһи сылаата таайан, оһох иннигэр талах олоппоско олорон төбөтө хоҥкуҥнаан барда. Мыс курдук тарбахтарыгар бэйэтин анал хамыйаҕын бобуччу туппутун утуктаан төлө туппута муостаҕа тыастаах аҕайдык лоһугур гына түспүтүттэн соһуйан, ходьох гынан баран, хороонуттан тахсыбыт бурҕаа курдук тула-мала мэндээриччи көрүөлээтэ. Биһиги күлсэн ыллыбыт.

– Ээ оҕом барахсан утуктаабыт, – ийэтэ Настаа Биэрэни көтөҕөн ылан хаҥас илдьэн сыгынньахтаан утутан кэбистэ.

Баһыычаан эмиэ утуктаан турулус-ирилис көрбүт. Бүгүн киэҥ сиринэн тэлэһийэн улаханнык бултуйбут: үс дьирикилээх, икки маттаҥаалаах. Эдьиийин Огдооччуйаны кытары атахтаһан утуйаллар.

– Бу уол баттаҕа уһаабыт, сарбыйарга сөп буолбут, – Огдооччуйа Баһыычаан бэскитин тутан көрөр.

Баһыычаан баттаҕын тараҕайдыы, иннигэр кыра көҕүл оҕото эрэ ордорон кырыйаллара. Быралгы этэринии, уол мэниктээн олустаатаҕына, ол көҕүлүттэн тутан, соһон тирилэтэн аҕалан таһылларыгар табыгастаах үһү.

Мин бүгүҥҥү сырыыбын санааммын тоҕо эрэ уум хойукка диэри кэлбэтэ. Санаабар Сыллыыр өтөҕүн ампаарын аана тэлэччи аһыллыбыта көстөр, ыас хараҥа иһиттэн хара бэкир, күлүк киһи тахсан кэлэр курдук. Дьонум бары утуйан ырааттылар быһыылаах, эр дьон муннуларын тыаһа араастаан бардьыгыныыр, хардьыгыныыр. Эмээхсин өргө диэри субу-субу сөтөллөн хахсыйа сытан баран дьэ түлүк уутугар утуйан хам барда. Баһыычаан түһээн үлүгүнэйэр, ыҥыранан ылар, мөхсөн эргичиҥниир. Ханна эрэ муннукка кутуйах тугу эрэ тохтуу-тохтуу тарбаан хочугуратар. Дьиэҕэ киирбит бырдахтар дыыгынаһан ааһаллар. Түүҥҥү ардах, дөрүн-дөрүн күүһүрэн кэлэ-кэлэ, курулатар тыаһын истэ сытан утуйан хааллым.

Сарсыарда турбуппут халлааммыт былыттаах, ол эрэн ардах астыбыт. Илбийэн ааһар тыаллаах, сөрүүн күн буолбут. Улахан Баһылай илимнэрин тардан таҕыста.

– Дьэ бүгүн баҕас тыала, сөрүүнэ – охсуу күнэ үүммүт, – тымтайдаах соботун тутан киирэн холумтан иннигэр уурар. – Ити биир илими эстим, Маарыйа хата ыраастаан кээһээр, уһуннук сытта да өрдүйэ буолан хаалар, инньэ гынна да туппат.

Кыл илимнэр ууга уһуннук сыттахтарына ньамаҕыран сытыйаллар, ол иһин Баһылай күн аайы илимнэрин таһааран куурда-куурда эр-биир солбуһуннара үтэр. Турбут дьон күөлтэн субу тэлибирээн тахсыбыт собону хатырыктаан, үөстээн кэбистилэр. Бэҕэһээ ордубут үөлүллүбүт балыгы кытары күөрчэх сиэтибит. Эбэм туос ыаҕастаах суоратын, хомуоһунан баһан, киһи аайы үллэрэн кутаттыыр. Суораты бүтэһиккэ сиибит.

Аһаан бүтэн эрдэхпитинэ тастан үгэһинэн Дьабадьы Хабырыыл сүөдэкис гына түстэ:

– Бүгүн охсуу ини, – саҥарбытынан киирэн талах олоппоско олороот, табахтаары мохуоркалаах саппыйатын сиэбиттэн хостоото.

– Охсон, – Быралгы суоратын сиэн бүтэрэн кытыйатын ньалҕаарыччы салаан баран остуол үөһүн диэки үтэн кэбиһэр. – Сууйуо да суоххутун сөп, итинтэн ордук ырааһырара да биллибэт.

Эрдэ буолан оҕолор бары утуйа сыталлар. Кыра саҥаҕа, тыаска-ууска кыһаллыбат дьон.

Таалай иэдэһигэр хас да бырдах түһэн тотон олороллорун көрөн тиийэммин кымаахтаан ылаттаатым, уолум отой ымыр да гыммат. Бырдах түркүннээн түспүт кэмигэр дьиэ аанын чанчыгар түптэ түптэлиибит. Бэҕэһээ умнан уматыллыбатах, сиэнэн бүппүт киилээх чугуун аан ыксатыгар кэриэрэн турар. Чугууну таска көтөҕөн мадьалытан тахсан иҥнэри быраҕан төкүнүтэ сылдьан күлүн сүөкээтим, эргэ хотоҥҥо сүүрэн тиийэн кураанах кии аҕалан симним. Бу сылдьан көрбүтүм бэҕэһээ уолаттар ыыппыт биир оҕустара Ньалтааскы дөрөтө сөллөн чоҥочоххо эриллэн баран дэлби бырдахха сиэтэн турар. Тиийэммин ситии быата чаачахайданан хаалбытын арааран, суон муостарын төрдүлэригэр эрийэн, баайан кэбистим. Оҕус «дьон да бөҕөҕүт» диэбиттии төбөтүн илгистимэхтээтэ, өрө тыынан ылардыы силтэллибит сииктээх муннун «пуус» гыннарда.

– Аһаабакка иэдэйбиккин дии, төһөҕө эриллибитиҥ биллибэт ээ.

Ньалтааскы аа-дьуо, оол курдук, күөл саҕатыгар аһыы сылдьар доҕорун диэки даадаҥхайдаан иһэн, суон моойдоох төбөтүн эргитэн, мин диэки махтаммыттыы көрөн ылла. Кэлин атахтарын такытан, таллаҕар кулгаахтарын ньылата-ньылата, бырдахтанан тэбиэлэммэхтээтэ.

– Доҕоро иҥнибитин көрө-көрө эппэккэ, хата бэйэтэ туох да буолбатаҕын курдук аһыы сылдьар, – ыраах сүөдэҥниир Ураанньыны одуулаһа-одуулаһа мөҕүттэбин…

Ат тыбыырбытыгар эргиллэн көрбүтүм Айдаҥтан Өксөөн кэлэн атыттан түһэн сэргэҕэ баайан эрэр эбит. Оҕустарбын кытары бодьуустаһа сылдьан, киһи кэлбитин көрбөтөхпүн. Эдьиийбэр сүүрдүм.

– Хайа тоом, ити үөскэ бачча эрдэ тугу гынаҕын? – Өксөөн эр киһилии модьу-таҕа, кытаанах илиилэринэн хам кууһан ылан илигирэппэхтээтэ. Ити кини таптыыр, эйэргэһэр быһыыта.

– Ээ, бэйэм таах, көннөрү… – кимэ да суох тулаайах буоламмын биир эмит киһи ымманыйан таптаата да уйадыйар үгэспинэн харахтарым ууланан кэллилэр… Оҕус дөрөтө сөллүбүтүн эппэтим, аны уолаттары мөҕүөхтэрэ дии санаатым. Саас ыһыыга сылдьан бараннар үргүлдьү от үлэтигэр көлүллэр оҕустары харах харатын курдук харыстыыллара. Дэлби кичэйэн көрөн-истэн, уулатан, аһатан илдьэ сылдьаллара.

– Дьонуҥ?

– Аһаан бүтэн эрэллэр. Бүгүн охсоллор.

– Охсоллор… – Өксөөн тоҕо эрэ хатылыыр. Бу кэмҥэ эр дьон дьиэттэн таҕыстылар.

– Хайа, холкуоспут бэрэссэдээтэлэ бэйэтинэн кэлбит, хонтуруоллуу сылдьар быһыылаах, – Быралгы Өксөөнү көрөн саҥа аллайа түстэ.

– Хонтуруоллуу… Бу Быралгы күн оройугар диэри утуйан бырылата сытар эбит дии…

– Мин көрдөхпүнэ күммүт саҥа да тахсан тэмтэйэн эрэр кудук дии…

– Һө-һө-һө!.. – Өксөөн эр киһилии суон куолаһынан күлэн күһүгүрэтэр. – Оккутун хайастыгыт, ардахха былдьаппатыгыт дуо?

– Уонча бугул курдук хаалта, – Кыра Баһылай үктэлгэ олорон этэрбэһин быатын баанар.

– Ыл нохоо, тыыгын күрүө таһыгар таһааран кээс, оҕуһунан состоруллуо, – Быралгы уолун Килэкини соруйар.

– Сип-сибилигин, – Килэки тыытыгар ойор. Мэлдьи сүүрүүнэн сылдьар үгэстээх уол саҥата эмиэ быһыта баттыалаабыт курдук түргэн.

Эбэм иһит сууйбут кытыйалаах уутун таһааран тоҕо ыһар.

– Өксөөн туох сонуннааххын? – кыыһа куруук кэлэ-бара сылдьар буолан, эбэм саҥа туох эмит сонун баар буолла да мэлдьи истэ олорор.

– Үнүргү кэннэ сонун суох, арай куораттан от үлэтин хонтуруоллуу Айдаҥҥа боломуочунай кэлэн барбыта.

– Боломуочунайыҥ тугу туойар? – диир Быралгы.

– Улахан һоо-ох.

– Кырата?..

– Дойду сирин улуустара курааннаан, аһыыка сута туран, отторо кыайан үүммэтэх диир. Биһиги эҥээр от үүнүүтэ ханна да үчүгэй. Арыылаах да, Лүксүгүн да сирдэрэ куһаҕана суохтар, үүммүттэр. Субуокка көрдөрөрүнэн Намыынап Хабырыыл биригээдэтэ бэркэ иһэр. Хабырыылыҥ көрөн-истэн, халлаанын туругун хата билэ сылдьар, отторун ардахха баттаппатахтар. Охсууларын элбэппэккэ тута хомуйан иһэллэр… Сэрии да туһунан сурах куһаҕана суох, өссө сотору бүтүө диэн кэпсэтэллэр…

– Түөрт сыл буолла бүтэ сатаабыта… – Быралгы улаханнык ахсарбатахтыы туттар.

– Мантан инньэ Ыстахаанабыскай күннэр чуолкай ааҕыллыахтара.

От үлэтин кэмигэр уон хоно-хоно түмүк тахсар. Нуорматын толорбут киһи бириэмийэ ылар: киилэ аҥаара сиикэй арыы, уон биэс солкуобай харчы. Сүрдээх дьоһуннаах көмө курдук киһи саныыр. «Аныгы уон хонукка хайаан да нуормабын эбии куоһардарбын» диэн өссө ордук күүркэйэн туран үлэлиигин. Үлэ көҕө сүрдээх. Ордук элбэҕи охсубут, мунньубут киһи түмүккэ «Ыстахаанабыс» аатын ылар.

– Бүгүн барсыма, хаал, атыны түбүгүрүөхпүт, – диэн эбэм окко ыыппата.

Баһылайдаах тыыларын оҕустарын сыарҕатыгар тиэйэн, Килэки оҕуһун самыытыгар ороннуу олорон, Күүлэлээхтэригэр аттаннылар. Таалайы сынньаннын диэн уһугуннара да барбатылар. Булчут ыттар, Кыраһалаах Маанчык, иччилэрэ бултаары гыммыттарын сэрэйбэт бэйэлээх буолуохтара дуо, сааны көрөн өрүтэ ыстана-ыстана эккэлээһин, сүүрүү-көтүү сүр.

Килэкигэ бэйэтигэр улахан оҕус Ньалтааскы бөлүүн дөрөтө сөллөн аһаабакка хоммутун эппитим, ол иһин түүнү быһа мэччийбит Ураанньыны көлүйэн илдьэ барда.

Быралгы кэргэнин Маарыйа, оттон Маарыйа эмээхсини эбээ, эбэбит диэн ыҥырабыт.

Маарыйалыын Баһылай таһаарбыт илимин күрүө тоһоҕотун устун субуруччу тардан баран отун, ньамаҕын ыраастаатыбыт. Баһылай илимэ уһуна сүрдээх – балтараа сүүс таастыганнаах, харах харатын курдук харыстаныллар тэрил. Убайым кэпсиирэ: «Урут бачча таастыганнаах, таҥыллыбытынан саҥа кыл илими өҕүрүмэр оҕуска атастаһаллара үһү», – диэн. «Дьэ кырдьык сыана эбит» мин испэр сөҕө саныыбын. Ол эрэн кыл илим оҥоһуута күннээх-хонуктаах сыралаах үлэлээҕин иһин «эмиэ да сөп ээ» диэн сөпсөһөбүн.

Маарыйа түбүгүрэ сылдьан, мин иһиттэхпинэ, биир кэм «ныы-ыы, ныы-ыы-ыы, нуу-уу-уу…» диэн ыллыыр. Маҥнай ыйыырбытыгар ибис-инчэҕэй илиммит салгын охсон, сараҕадыйан, кууран хаалла. Ыраастаан бүтэн эрдэхпитинэ оҕолор турдулар. Баһыычааннаах Ыстапаан үктэлгэ сүүрэн тахсан, биһиги диэки көрөн туран, ииктээн тыктардылар, саат-суут суох дьоно. Таалай арыый «бөдөҥ» киһи буоллаҕым буолан балаҕан кэннигэр дьөгдьөрүйэн тиийэн «чэпчэтиннэ». Дьиэ иһигэр Биэрэ ытыыр саҥата иһиллэн баран тохтоото, арааһата эбэтэ айаҕын аһынан «бүөлээтэ» быһыылаах. Сотору лэппиэскэ тооромоһун туппут Биэрэ кыыс тээһэрийэн тахсан мас эрбиир оҕус үөһэ ыттан туран биһигини одууласта, кумаар сиэн тэскэҕэр иэдэһин ньуххайданар. Дьэрэкээн бөтүүк хаһыытаан хахаарбытыгар сэргээтэ, хотон диэки хайыһан туран турулус-ирилис көрбөхтүүр:

– Эдиий, эдиий хаа-хаах, хаа-хаах һаҥарда!.. – диэн «улахан» сонунун кэпсээтэ. Мин Биэрэни көрөн сонньуйан баран устунан күллүм.

Былыт ыһылынна, күөх халлаантан чэмэлкэй күн лоскуй былыттарга саһа-саһа «мин бу баарбын дии» диэбиттии чэмэличчи тыкта. Соҕуруулуу-арҕааттан кыра сиккиэр тыал илгийдэ…

Хотоҥҥо киирэн уонча сымыыты ыаҕайаҕа хомуйан таҕыстым. Түптэлэрбин сөргүттүм, биир түптэ күрүөтүн үөһээ маһын ынахтар аалынаары түһэрбиттэрин, дьиэбит таһынааҕы үөт тумуһахтан талах быһан аҕалан атахпар үктээн туран эрийэммин көпсө оҥорон баран, баайан кэбистим. Түптэлэр улахан ардах диэтэххэ умуллубатахтар, сыыгынаан, көрдүгэннээн умайа сыппыттар, инчэҕэй кии аҕалан томточчу мустум, аҥаардас кураанах кии буоллаҕына түргэнник умайан бүтэр.

Күнүскү ыам кэннэ, аһаан баран, үс буолан чугас тыаҕа болбукталыы, туостуу таҕыстыбыт. Биэрэни Хабырыыл кэргэнигэр Сөдүөрэҕэ хааллардыбыт. Биһиги бэҕэһээ болбукталаан сиэбит Боруулаах көрдүгэммит бэтэрээ өттүгэр наар хатыҥынан сэлэлии үүммүт хойуу чараҥнаах. Уруккаттан туостуур сирдэрэ эбит, онон-манан хастаммыт бөдөҥ хатыҥнар көстөллөр. Эбэм этэринэн лоскуй-лоскуй, аабылаах хатыҥ ойуурдар мантан саҕаланан Быытталлаах диэн күөлгэ диэри сиэттиһэн бараллар үһү. Сиэттиһэллэрэ диэн биир арыы хатыҥ ойуур бүппүтүн кэннэ, абына-табына хахыйахтар үүнэн атын хойуу чараҥ тыаҕа тиийэллэрин ааттыыр. Киһи эрэ үлүһүйэн туос хастыы сылдьыах курдук. Сытыы быһаҕынан соттуҥ да, мэктиэтигэр түрдэс гынаат, хоҥнон кэлэр. Туос хастанара бэйэтэ кэмнээх. Ол кэмэ ааста да этигэр сыстан хаалар. Суон, мутуга суох хатыҥ туоһа дөбөҥнүк көстө охсон биэрбэт. Иһит тигиллэригэр сөптөөх бастыҥ туоһу эмээхсин бэйэтэ сэрэнэн хастыыр. Ыраас эттээх хатыҥҥа түбэстэхпинэ эбэбин ыҥырабын.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации