Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 12


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 17:20


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 12 (всего у книги 13 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Бабаадай чөркөйү эбэтэр соҕотох куһу ыппат. Үөр кус кута саҕатыгар тиксэ сытарын түбэһэ көрдөр эрэ, дьыгынаал ыстаанын эмэһэтэ холбуҥнаан, үөмэн кыапарыйан киирэн, тоҥ күөс быстыҥа хоһулаан баран биирдэ эрэ били баҕайытын төлө сөтөлүннэрэр. Дьэ ол оннугар дьээбэ оҕо дьээбэтэ өтөн киэһэ үөл-дьүөлгэ, борук-сорукка тэлгэһэ таһыгар үүнэн турар чаллах тииттэргэ сэмээр сыбдыйан кэлэн түспүт хахханнары, балаҕан халҕанын сэгэтэн баран, ытан бурҕас гыннарар. Саа уоһуттан курбуу уот субуруйар, хара буорах буруота ытылла түһэр… Бабаадай тутуһан туран сыыһа сылдьыа. Сыыспат…

– Ыл, Аана, кытаат, сүүр! Аҕала оҕус!.. – диэн омуннуран ахан миигин соруйар.

Оччону истибит киһи чаллах тиит анныгар сытар хахханы сүүрэн тибигирээн тиийэн аҕала охсобун. Ийэлээх аҕата уоллара тугу да бултууругар төрүт кыһамматтар. Хабытайданан түһэн, сүрэх-бэлэс муҥутаан, сай устата көлөһүн күнэ бөҕөнү аахсар улахан туһа киһитин туох диэхтэрэй, мөҕө, сэмэлии барбаттар. Уонна Бабаадай уол өлөрбүт хахханын аны туран сыа-сым курдук тутан түүтүн үргээн, атахтарын, төбөтүн, кынаттарын быһыта охсон, иһин ороон баран солуурчахха уган мииннээн, буһаран бурулутан кэбиһэр. Хаххан түүтэ сахсайан көрдөххө эрэ олорор оҕо саҕа багдайар. Дуона суох эттээх. Ол эрээри күһүҥҥү эмис хаххан минньигэһэ сүрдээх, амтана үүт-үкчү улар этин курдук, туох да ыыта, дьаара суох. Бабаадай буһарбыт күөһүн эдьиийдэриниин эҥинниин бары бииргэ сииллэр. Арай Чохооччу: «Кутуйаҕы аһылыктанар көтөрү санаам буолбат», – диэн сиэбэт.

* * *

Балаҕан ыйын эргэтэ Исийээнэп таҥара күнүн эрэ иннинэ кыстык хаар үллэччи түстэ. Бу иннинэ хотуттан тыалыран былытырдаҕына кыратык сирин туртатан эрэ кыыдамнаан ыла-ыла астан хаалара, уулларан кэбиһэрэ. Саҥа хаар барахсан олохтоохтук нусхаччы, намылыйа түһэрэ туспа кэрэ көстүү. Ол эрэн аас-туор дьыл туга-ханныга биллибэт, сэрэйдэххэ да үчүгэйинэн үөппэт кыыдааннаах кырыа кыһына кэлэн иһэрэ куту-сүрү курустук кутугуната хамсатан куттуура, олох уонна өлүү кыл бэскитэ хайа диэки кыҥнайыан тымтыктанан көрбүт суоҕа, таба таайар кыаллыбата.

Күөл мууһа чарчаччы тоҥно. Киһини уйбат. Моотордоох илимнэрин эстилэр. Эбэ үрэҕэ сүүрүктээх буолан хойукка диэри тоҥмокко сытта. Оҕонньоттор ону туһанан үрэхтэригэр туулууллар, ардьалыыллар. Быччыкы мэнээх киирэр. Чохооччу оҕонньор туутуттан наар күөнэҕи эрэ ылар. Күһүн буһук саҕана мунду уонна күөнэх тус-туһунан үөрдээн устар. Сорох оҕо дьон күөнэҕи мундуттан араарбаттар. Эмис күөнэх барахсан ураты амтаннаах эттээх, минньигэс мииннээх. Күөнэх уонна мунду тус-туһунан бөлүөхсэр буоланнар күһүн тууга наар мунду эбэтэр күөнэх эрэ киирэр. Ол эрэн сороҕор уһуннук сыппыт тууга буккуһара да ханна барыай?

Чохооччу оҕонньор туутун көрөн кэллэҕинэ:

– Хайа, туох киирбит? – диэн ыйытабын.

Күөнэх киирбит буоллаҕына, оҕонньор:

– Дьэ бу сырыыга баҕас күөнэх… – диэн хардарар.

Күөнэх мундутааҕар кыра, өрөҕөтө көҕөркөй, тарбаҕыҥ сүрэҕинэн баттыалаан көрдөххүнэ этэ-сиинэ сыа курдук сып-сымнаҕас.

Чохооччу бастакы кырпай хаар түһүүтэ уларын тоҥуутун сөргүтэн кыл туһах иитэлээбитин, булду көтөр сиэҕэ диэн, сороҕор күҥҥэ хаста да кэрийэн көрөр. Улары биирдиилээн син ылар. Уһун кэрбэҥҥэ үөр түстэҕинэ арыт табыллан бултуйар, улардар хатыйыы тоҥууну кэрийэ сылдьан хас айах аайы иҥнэллэр. Оччоҕо кыргыттара кэлэллэринэн-баралларынан Бэтигэ лааппыга туттаран чэйгэ, табаахха мэнэйдэһэр. Тэптиргэтиттэн, сохсотуттан куобах ыллаҕына уонна кыра мас көтөрүн күөстэнэн сиибит.

Тымныы тыйыс тыынынан ыбылы ылан, эбии сэтэрэн, бэргээн истэ. Мин сөп буола-буола чугас эргин хаамаайылаан, кэринэн, хастыы да хонукка хонон-өрөөн кэлэбин. Били сайын Моотор оҕонньор миэхэ анаабыт боскуйатын сүөһүлээх дьоҥҥо Чохооччуларга биэрдим.

Ыалым миэхэ күтүр баҕайы тымтайга тоҥмут мундуну: «Бу маны быстарыкка бэйэҥ аһыҥ курдук хаһан баҕарар сиэр», – диэн анаатылар. Ардыгар ыалтан аччыктаан, хоргуйан кэллэхпинэ, онтум үөһэ түһэбин, ыал ас буһарарын кэтэспэппин, кыһын сирэй оһох мэлдьи уоттаах, сүгэлээх тахсан харыстааммын кыра-кыралаан эмти охсон киллэрэн мииннээн бурдьугунатабын. Сороҕор элбэтээри олус убатан уу судураан да гынан кэбиһэбин.

Тымтайдаах мундум Моотордор хоспохторугар дьоройон турар, испэр улахан хаһаас астаах киһи курдук сананабын…

Туу, ардьа уган, илим үтэн үссэнии уурайаатын кытта сүөһүтэ суох, холкуос үлэтин кыайа-хото үлэлээбэт аһаах, кыаммат дьонноох ыал сонно тута сайын, күһүн хаһааммыта буолан дуомнаммыт хохтуларын, лыыбаларын үөһэ түстүлэр. Сотору холболор түгэхтэрэ көстөн, күкүрдэр астара көҕүрээн бардылар. Сонно тута эмиэ сут саҕаланна. Арҕаа турбут сотору бүтүө диэбит сэриилэрэ бүтүөх быһыыта эрэ суох, сурах-садьык хоту иһиттэххэ, хата эбии сэтэрэн, үлэни-хамнаһы кыайар тэтиэнэх дьон үксэ да бэбиэскэ тута-тута ыҥырыллан баран бүтэн эрэллэр.

Өтөрдөөҥҥө диэри эриэ-дэхси эрэһэ долгуннарынан эймэнэ, тымныы тыйыс тыыныгар бэринимээри үрүҥ күүгэнинэн үллэн-баллан, хотуттан үрэр көһүүн тыалга кытылларын биллиргэтэ-баллырҕата таһыйа сыппыт улахан эбэлэр кытта киэҥ киэлилэрэ килээй мууһунан чаалыччы көрөн, күөх халлааны кэтит ньуурдарыгар күлүк түһэринэн көҕөрөннөр, күннэтэ ыраас муустара халыҥаатар халыҥаан истэ. Сотору күрэх муҥхата саҕаланна. Куораттан «Восток» диэн тэрилтэ, дьон ааттыырынан, «ырыыптириэстэр», холкуос-холкуос аайыттан дьону түмэн муҥхалаатылар. Салайааччылара Модут нэһилиэгин киһитэ, Күндээрэп Хабырыыл диэн саас ортолоох киһи. Огдооччуйа диэн кэргэннээх. Маҥнай утаа Иччилээххэ муҥхалаатылар. Күрэххэ чугас эргин олорор дьон кэлэн кыттыһаллар, ону бопсубаттар. Дьон үксэ сатыы. Күндээрэп Хабырыыл сарсыарда аайы Алаас таһынааҕы ыалтан сыарҕалаах атынан сирилэтэн ааһар. Сыарҕаҕа төһө киһи олорсуой, нырыыһыт эрэ элбэх.

Мин күннээҕинэн ыалы кэрийэ сылдьан ким тугу дук гынан бэрсэриттэн атын ас булунар албаһым муҥхаҕа барсан, балык сиэттэҕинэ, онно өлүү үллэстэн тииһиниэхтээҕим эрэ.

Тээкиччэҕэ Муттуйдарга хас да хонон баран, күрэх сураҕын истэн, Боруллуолаахпар төнүннүм. Сол нөҥүө күнүгэр сарсыарда, халлаан ылааҥытыйбычча, Иччилээххэ төһө да чугаһын иһин эрдэ киирдим. Наһаа эрдэлээн хаалан, үөл-дьүөлгэ Чохооччулар тоҥон турар балаҕаннарын таһыгар муҥхаһыттары кэтэһэн олордум, хотон иһинэн-таһынан бэлиэлээх олуктаан ойуолаабытын эҥин чээччэйэн көрдүм, үөскэ киирэн, бэҕэһээҥҥи түһүү-тахсыы чардааттар оннуларынан тээспэҥнээтим…

Уһуннук кэтэһиннэрбэтилэр, сотору холкуостан уларсыбыт эттээх аттарынан «ырыыптириэс» дьоно тоҕо астаран кэллилэр. «Боруон туһа диэн балыктыыр дьоҥҥо көлөлөрү бэлэмниигит» диэн үөһэттэн дьаһаллаах холкуос салайааччылара бастыҥ аттары тутан бэлэмнээбиттэр быһыылааҕа. Сылгы да, ынах да сүөһү, икки атахтаахха аас дьыл ааҥнаабытын курдук, айах өттүнэн татымсыйыыны билбэтэ. Холкуостаахтар хара көлөһүннэринэн сүөһү кыстыыр ото хото оттоноро, төрүөх да тахсара. Арай кинилэр үрүҥ сөлөгөйдөрүнэн өрүһүллүбэккэ өлбүт, сырдык тыыннара быстыбыт үгүһэ.

Күһүҥҥү күрэх муҥхатын саҕанааҕы муус чараас, муҥхаһыттар өр-өтөр гыммакка баҕадьыларын түһэрдилэр. Күндээрэп Хабырыыл бэйэтэ көрөн-истэн эппиэдэйдиир.

«Восток» тэрилтэ үлэһиттэрэ бары тэтиэнэх, кэлбит-барбыт сылбырҕа туттуулаах дьон. Хас да дьахтар баар. Оттон биһиги, уос-тиис тииһинээри киирбиттэр – кыаммат оҕонньор, эмээхсин, дьахтар. «Ырыыптириэс» дьоно хоноһолоохтор сыарҕаҕа олорсон кэлбиттэр. Сааскы, туона муҥхата эбитэ буоллар, ойбону сэниэлээхтик, кыайа-хото, курдурҕаччы алларыах биһиэхэ суох. Кыанар эр киһи да кэмчи. Бу күһүн сэрииттэн эмсэҕэлээн кэлбит, хаҥас атаҕа сототун ортотунан суох «Чернышевскай» холкуостан Уйбаныап Бүөтүр диэн баар да, анньыыны тутуохтааҕар буолуох, арыт-ардыгар бэйэтэ өйөтүүнү, туора көмөнү эрэйэр киһи. Ол эрэн таах көрөн олорбот, чигдини үүттээн эрэрдии чүүчүгүрэччи үктээн түөрэҥэлээн баттыгынан хаама сылдьан быаны-туһаҕы көннөрөн эҥин көмөлөһөн дуомнанар.

Оҕонньоттор нырыы хахыйаҕын быспыттарын биһиги күөлгэ сүгэн киллэрдибит. Аттары күөл кытыытыгар талахха баайталаан кэбиспиттэрэ оол курдук сыарҕаларыттан от быраҕан биэртэрин сии тураллар.

Харса суох нырыылаан ууну буккуйабыт, ыһыы-хаһыы арааһа, эккирээн ылыы да баар, ойбонтон ойбоҥҥо көһөбүт. Киэҥ сиринэн тайаан, өр ньамалаһан, нырыылаан тахсыы чардаакка чугаһаатыбыт. «Бэлиэҕэ» олорор киһи далбаатыыр. Инньэ гынаатын ойбон алларааччылар бэрт кудуххайдык, сымсатык муҥха айаҕын диэки кэллилэр, биһиги кинилэри батыһан нырыылаан «түмэн» иһэбит.

«Бэлиэҕэ» олорор киһи балык ааһан «бэлиэ» биэрэрин көрөр. Чороох мас курдук кыра хахыйахтары икки өттүн быһах төбөтүнэн хайыта анньа-анньа лабаа кыбыталыыллар. Онтуларын синньигэс, дьураа курдук ойбон аллара-аллара ууга туруору угаллар. Балык кэллэҕинэ, ол лабаалары таарыйан муҥха айаҕын диэки ааһар. Собо бөлүөхсэн, халҕаһалыы анньан кэлэн лабааны таарыйан илигирэттэҕинэ, хамсаттаҕына «бэлиэҕэ» олорооччу саҥата суох далбаатаан биллэрэр. Элбэх балык лабааны искэ соһон илдьэ да барыан сөп.

Кулгаах ойбоннор тастарыгар икки өттүнэн муҥха кынаттара ортолуу тахсыахтарыгар диэри үстүү нырыыһыт тохтообокко буккуйаллар.

Кэтэһиилээҕэ, күүтүүлээҕэ дьэ саҕаланна – муҥханы таһааран бардылар. Тахсыы чардаат ыксатыгар үгүс дьону тоҕуоруһуннарбаттар. Чараас муус ардыгар, тыр-тыр тырдыргыы-тырдыргыы, дьураалана хайыттан бүтэҥитик тыаһыыр.

Муҥха кынаттарын самахчыт тэҥнии тутан ээр-сэмээр тардан барыаҕыттан уҥа-хаҥас кынаттарга иҥнибит собо биллэн барда. Хас да саҕаһыт муҥханы сыҕарытан биэрэллэр. Чардаат үрдүгэр өҥөйө туран икки киһи лэкээлээх маһынан собону ыытымаары таастыган ситимин баттыыллар. Муҥха ийэтэ кэллэ… Собо, быччыкы, ыыс-араҕас өрөҕөтө кылбаҥнаан, биир кэм өрө кыынньан олорор. Солбуһа-солбуһа улахан кыл сүүрүнэн сыарҕа үөһэ турар куорамҥа эстилэр. Ол гына-гына тыаҕа соһон таһааран эрдэ ыраастанан бэлэмнэниллибит дулҕа атырыата сиргэ куталлар. Муус тостуо диэн үөскэ майдааннамматтар. Собо туох да баһаам кэлбит, кыралаах да, бөдөҥнөөх да. Балыкка ыгыллан, киэҥ харахтаах муҥха ийэтэ бэл мундулаах.

Муҥханы тэбээн-сахсыйан, сааһылаан чөкө дьаһайан баран балык үллэстиитэ саҕаланна. Истээх кыл сүүрүнэн, бастакы таһаарыы дэлэйдик сиэппитинэн диэн, туох да дьирээлэһиитэ суох иккилии толору сүүрү үллэһиннибит. Миигин, оҕо диэн аахсыбакка, улахан дьону кытта тэҥҥэ ирээттээтилэр. Самахчыттарга уонна саҕаһыттарга талыллыбыт биэстии бөдөҥ собону ордук өлүүлээтилэр, ол былыргыттан тутуһуллар, кэһиллибэт үтүө үгэс.

Муҥха ийэтэ толору кэллэҕинэ «эһэр балык», быһаҕаһынан буоллаҕына «баҕадьа аххата», онтон кыраны «күөс буһарар» диэн ааттыыллар. Биһиэнэ муҥха ийэтин ортотунан собо кэлбит. Ордубут балыгы түөрэтин тарҕатан, тоҥорон кэбистилэр. Суордар бэлэм аска тииһинээри үөһэнэн халаатыы көтөллөр. «Кулук-халык!» – диэн хатан аҕайдык саҥарсаллар.

Иччилээх эбэбит барахсан көмүс хатырыктааҕыттан өлгөмнүк бэрсэн үөрүү-көтүү баһаам. Кыл хаабар кутуллубут өлүү балыкпын тарҕаһыы буолбутугар санныбар уурдаран хаамаары гыммытым ыарахана бөҕө. Ол да буоллар ас сүгэн иһэр киһи санаата күүстээх, бөҕөх. «Дьиэ да чугас, баччалаах аһы сынньана-сынньана тиэрдиллэр ини…» – дии саныыбын.

Баҕадьаҕа бэйэм бараллаата биир да кыыс оҕо суох, арыый обургу уолаттар эрэ бааллар. Муҥха салайааччыта Хабырыыл Күндээрэп мин кыл хаабын кытта бодьуустаһа сылдьарбын таба көрөн:

– Хайа, бу муҥнаах кыайбакка турар… – диэт, үөс-батааска биэрбэккэ балыкпын атын сыарҕатыгар быраҕан, бэйэбин: – Сыарҕаҕа олор! – диэн соруйда.

Саатар эрэ үөрүүнү кытта олорсон, ыалбар Моотордорбор тиийдим. Эмис собону сонно тута үрдүгэр түһэн хатырыктаат, сирэй оһоххо сырдьыгыначчы үөлэн сиэтибит, ол кэннэ аны мииннээн буһардыбыт. Күө-бааччы сэһэн-сэппэн, кэпсээн-ипсээн аргыстаах дьоро киэһэ үүннэ…

«Ырыыптириэстэр» үс күн салгыы Иччилээҕи тартылар. Мин түөрт күн хаалсыбакка сырыттым, ол тухары эбэбит мэнээх сиэттэ. Хас киэһэ аайы Күндээрэп балыкпын, бэйэбин сыарҕатыгар тиэйэн тахсар, онон бэркэ табылынным.

Бэһис күннэригэр муҥхаһыттар, сир уларыйан, Иччилээхтэн балтараа көстөн ордуктаах Хочот эбэҕэ аттаннылар. Ырааҕа бэрдиттэн, халлаан халла-халла, түүн сулустарынан дьирибинэйэн эбии тымныйан, таҥаһым онно дьүөрэтэ суоҕуттан, хайыы-сахха «эн-мин» дэһэн билсэ охсубут муҥхаһыттарбын төһө да сайыстарбын, барсыбатым.

Күндээрэп сарсыарда Хочокко баран иһэн Моотордорго таарыйда. Мин барсыах эбиппин да таҥаһым халтаҥыттан хаалар буолбуппун истэн баран:

– Барыма-барыма. Итиччэ ыраах сиргэ уһун күнү быһа хаһан сылдьыаххыный. Аны туоххун эмэ иһэлитэн, үлүтэн кэбиһиэҥ, тымныы бэйэтэ да эбии сэтэрбит. Кыл хааҕын аҕал, мин ирээккин, эбэбит сиэттэҕинэ, аҕалыам, – диэн иһиппин илдьэ барда.

Кырдьык да, эппитин курдук, муҥхалыылларын тухары баҕадьаҕа сылдьыбыт дьон төһөнү үллэстэллэринэн соччону аҕалан биэрэн истэ. Көһө-көһө, хас да эбэни үлэ-хамнас оҥостон, дьаныһан туран тартылар. Ардыгар кыайан сиэппэтэҕинэ, аҕыйах да быччыкы, куллуку буоллун, Хабырыыл син биир өлүүлээн аҕалар. Түмүгэр балыгым мунньуллан син баһаам хаһаастанным. Ыалларбыттан үөрэ, хохту, мунду эбинэммин, соҕотох оҥойор айахпар баҕас син аһаан сырыттым. Ол быыһыгар биир эмэ билэр ыалбар хонон-өрөөн кэлэбин.

Күндээрэп салайан сылдьыбыт муҥхата Өктөөп күнүн иннинэ уурайда. «Балык өллө», – диэтилэр. Онон күрэх муҥхата тохтоото.

Сэтинньи ый саҥата, сааскы кулун тутар ый курдук, кубулҕатырара үгүс. Тыйыс тымныынан эҥсэ туран ардыгар халлаан халыҥ былытынан ыаһыра, ыадаста бүрүллэн сылыйар, маһын-отун эбии көмнөҕүрдэн, хаардаан намылытар, чэҥинэн бүрүллэн испит халҕан мууһа ууллан килэрийэн буор муостаҕа халыйар. Дьэ маннык күннэргэ кэринэргэ ордук табыгастаах, аргыс көһүннэҕинэ, эбиитин көлөлөөх түбэстэҕинэ өссө бэрт. Үксүн чугастыы Илин Кыргыдайга «Чернышевскай» холкуос ыалларыгар Алааска барабын-кэлэбин.

Олох үтүргэниттэн сир уларыйан хайа эрэ дьаҕа баһыттан көһөн кэлбит, урут харахтаабатах да дьоммун көрөбүн, балаҕаннарыгар да сылдьабын. Биир оннук ыалга, Нөдүүһэптэр диэҥҥэ, хас да хоннум. Астарынан татым ыаллар эрээри, дьиэлээх киһи Чуруку Уоһук киһи эрэ сэргээн, кэрэхсээн истэн олоруох айылаах кэпсээннээх-ипсээннээх буолан, онон «тотон», тардыллан, уһаан-тэнийэн хааллым. Ойоҕо Балбаара холкуоска ыанньыксыттыыр, күн солото суох. Дьаакып диэн уоллаахтара Бүлүү куоратыгар саҥаһыгар олорон оскуолаҕа үөрэнэр үһү. Чуруку бэйэтэ буоллаҕына Туора Күөлгэ бабаарына тута сылдьан тобугун хаппаҕын сүгэнэн охсунан улаханнык аһааҕыран хаалбыт. Холкуостан уларсыбыт оҕуһунан оттук мас тиэнэн аҕалан, өлүөр атаҕын үөһэ тула холоруктаан эргичийэ сылдьан, быһыта сынньан, хайытан, балаҕанын иһигэр өрөһөлүү кыстаан баран, бэллэйбит ынах этэрбэһин устан, уһун күнү быһа харыыта суох оттуллар сирэй оһоҕун иннигэр киһи этэ дьар гыныах айылаах искэ оҥхойон киирбит килэрийэ оспут чэрин оннун, харахтарын быһа симэ-симэ, биир кэм имэринэн бэрт уһуннук олорор. Бэл соҕотоҕун сылдьан баһын иһэ барыта саҥа киһи эгэ тастан ыалдьыттаах буоллаҕына, тугу этиэҥ баарай – айаҕын аппыта соҕотох. Сэрэйдэххэ, үөрэхтээх быһыылаах, арааһы бары ыатаран куолулуур.

– Отут сыллаахха баартыйа киин кэмитиэтэ уонна сэбиэскэй бырабыыталыстыба тыа хаһаайыстыбатын хоммуунатын салгыы тэрийиитин тохтотон, үлэлээн аһаан-таҥнан олорор хоммууналары холботолоон, аны тыа хаһаайыстыбатын артыалларын тэрийэргэ дьаһал таһаарбыттарыттан сылтаан… – эбэтэр: – Сүүрбэ түөрт, сүүрбэ тоҕус сылларга сир эрипиэрмэтэ ыытыллан, дойду үрдүнэн уонунан, сүүһүнэн тыһыынча кыктаар сир кулаахтартан, орто бааһынайдартан былдьанан түҥэтиллиэҕиттэн… – диэн силэ бырдаҥалыы-бырдаҥалыы, уутугар-хаарыгар киирэн, куораттан тахсыбыт уот айах тыллаах боломуочунайдар курдук араатардаан барда да, эн Чурукуну тохтотуом диэн санаммаккын даҕаны.

Уоһук, бэйэтэ этэринии, араас «бэлиитикэни» лэбэйдиирин мин биир бэйэм кумаар дыыгыныырын, сахсырҕа сааҕыныырын курдук истэбин. Хата ол оннугар былыргы араас үһүйээннэри, иччи, абааһы туһунан эгэлгэ кэпсээннэри кэпсиирэ дьэ ол миигин сэҥээрдэр. Кэпсээччи да тыла-өһө тууһа-тумата, ылыннарыылааҕа, тупсаҕайа бэрт. Ардыгар биир эмит тастан киирбит ыалдьыт Чуруку «бэлиитикэтэ» наһаалаан бардаҕына: «Кэбис, доҕор, олустаама, «эркин кулгаахтанаарай», били бииҥ кэбин кэтээйэҕин…» – диэн үүнэ-тэһиинэ суох барбыт киһилэрин куолутун тохтотоору саба сапсыйаллар.

Чуруку Уоһук Холо Миитэрэй диэн убайдааҕа холкуостан үүрүллэн, саас ойоҕунаан, оҕолорунаан Амах күөлэ диэҥҥэ хоргуйан өлбүттэр. Биир үксүн онтон да сылтаан Нөдүүһэптэр, балык уу дириҥэр талаһарыныы, дьонноох сиргэ көспүттэр. Миитэрэй холбоһуктааһын саҕана барыта отучча ынах уонна сылгы сүөһүнү артыалга холбообут. Ону буоллаҕына өссө сэрии иннинэ, түөрт уон сыл күһүнүгэр, холкуостан таһааран кэбиспиттэр. Амахха, Тыытыйыҥда үрэҕин хайа эрэ хонноҕор тыйдаах биэ хаһан аһыы сылдьаллара көстүбүтэ сылтах буолбут. Бэйэтин чугас ыаллара, өссө аймахтара: «Миитэрэй холкуоска холбооботох, кистээн тутан турар сылгыта көһүннэ», – диэн тыллаан, үҥсэн биэрбиттэр. Ити кэннэ туох да атын буруйдааһына суох бырабылыанньа мунньаҕын уурааҕынан Нөдүүһэби холкуостан үүрбүттэр, хата хаайыыга утаарбатахтара дьикти. Онон Холо Миитэрэй, отучча сүөһүнү артыалга холбоон былдьатан баран, ойоҕунаан, биир уонун ааспыт кыыһынаан уонна сыры-сыллата биэстээх-түөртээх икки уолунаан сир-халлаан ыккардыгар хаалан, муҥур уһукка тиийэн, түөрт уон икки сыл сааһыгар дьиэ-дьиэнэн хоргуйан өлбүттэр. Дьиҥэ, ол үрэх баһыгар көстүбүт тыйдаах биэ Миитэрэй сүппүтүнэн ааҕа сылдьыбыт, быралгытыйбыт биэтэ эбитэ үһү, ону инньэ диэн этинэ сатаабытын истэ барбатахтар. Миитэрэй бурдук сирин хорутарыгар булуук төһө дириҥинэн айанныахтааҕын кэмниир анал маһын этэрбэһин оһугар мэлдьи укта сылдьара, онтутун «холом» диэн ааттыыра үһү. Ол иһин Холо Миитэрэй дэммит, отой кэлин иҥмит хос аата эбитэ. «Холо ынаҕа» диэн холкуоска бэрт үүттээх, төрөл сүөһүлэр баалларын туһунан кэпсэтэллэрэ.

Сэрии да бара турдар, кыһарҕаннаах да күннэр-дьыллар кэллэллэр, холкуоска ынах, сылгы сүөһү өлөрөн Өктөөп өрөгөйдөөх күнүн бэлиэтииллэр. Арааһата, «үөһэттэн» оннук дьаһал да баар быһыылааҕа. Сылгыларын этин холкуостаах дьоҥҥо биирдии-иккилии киилэнэн түҥэтэллэр. Ынах, сылгы иһин кырбаан, буккуйан саламааттыыллар, онтуларыттан кимиэхэ баҕарар бэрсэллэр. Дьахталлар ааҕар балаҕаҥҥа астыыллар, киирбит дьон онно аһыыллар. Кэлиэх айылаах киһи барыта кэлэр. Саламаакка уочарат бөҕөтө. Көҕөн көттөҕүнэ көппөх оргуйарыныы, мин эмиэ, саламаакка тииһинээри, кулууп дьиэҕэ киирбитим, киһи диэн тууга булумахтанар мунду курдук. Чохооччуларбыттан илдьэ кэлбит мас кытыйабын туппутунан аска уочараттаатым. Хамыйах, луоска диэн тэрилбин умнан ылбатахпын: «Чэ бэйи, убаҕас аһы баҕас иҥнэрэн да иһиллиэ», – дии саныыбын. Ол турдахпына дьон өссө эбилиннэ. Кэнникинэн үтүрүһүү, анньыһыы, уочарат иннэ-кэннэ биллибэт да буолан барда. Элбэх, үгүс саҥаҕа-иҥэҕэ үөрэммэтэх киһи дүө-даа да буоллум, дьон быыһыгар кыбыллан нэһиилэ турдум Сирэй оһохтору асчыттар отто сатаабыттар быһыылаах, итиитэ, ыгыллыбыта сүр. Онно эбии биир күтүр баҕайы тимир оһох кытаран турара дьиэ иһин үрэн кэбиспит. Оҕонньоттор, эмээхситтэр киҥир-хаҥыр саҥарсаллар. Кэмниэ-кэнэҕэс удьаа тутуурдаах асчыт дьахтарга тиийэн кытыйабын дьэ ууннум. Биир толору хамыйаҕы кутан биэрдэ. Бурдуктаах саламаат сыта дьырылаан минньигэһэ диибин диэн… Кытыйалаах аспын тутан тахсан иһэн туймаарталаан сүһүөхпүн сүтэрэн охто сыстым. Ол курдук киһи тыына-быара ыгыллыах айылаах. Дьон быыһынан кыбылла-кыбылла мүччү түһэн, бүччүм соҕус муннук сиргэ тиийэн, хамыйаҕа-майа суох киһи аһым хойуутун тарбахтарбынан көмөлөһүннэрэн, убаҕаһын иҥнэрэн сэлибирэтэн, иһиппин салаан ньалҕаарытан кэбиһэн баран, сиэрин ситэрэн, итии аһы аһаан сүүһүм көлөһүнэ бычыгыраан тахсыбытын сонум бэлэнньигинэн сотто-сотто, түннүк анныгар турулус-ирилис көрүөлэнэн чөкө олордум. Саламааттарын биирдэ эрэ кутан биэрэллэр, онон иккистээн саараммаккын. Кэлээччи-барааччы үгүс, биир кэм тэпсилгэн. Ньуу-ньаа араас саҥа элбэх… Арай туран көрбүтүм, били удьаанан ас кутар дьахтары атын асчыт солбуйда. Мин, эҥээрэ суох киһи, кытыйабын туппутунан тиийэн куду астым. Өс киирбэх толору удьааны сэлибир гына кутан кэбистилэр. Аны ким эмит бу оҕо иккиһин бэриһиннэрдэ диэҕэ диэн кулууп остуораһын хоһугар дьөгдьөрүс гынан хааллым. Ааҕар балаҕан аҥаар өттүгэр кыра хос оҕото баарыгар Мардыйа Маарыйа диэн остуорас эмээхсин Араайа диэн кыыһынаан олороллор. Хоско киирэллэр-тахсаллар. Эппэҥнээбиппин аһаран, олорбохтоон уоскуйа түһэн бараммын Мардыйаттан тимир луоска уларсан саламааппын бу сырыыга тиэтэйбэккэ, сэмээр, наҕылыччы, амтанын билэн сиэтим. Өссө Араайа кыыстыын асчыт дьахталлар остуораска сууттара киллэрбит кытахтарын түгэҕин кэһээн эбиннибит. «Киэҥ иһит кэһиэхтээх диэн манныгы этэллэр», – дии-дии, Араайа күлэн мыттыйар. Саламаат кэһиэҕэ кырдьык да минньигэһэ сүрдээх.

Сотору аһаан бүтэн луоскабын «сэлип-салып» салаан баран остуолга хаалларан тахсан бардым.

Халлаан лаппа тымныйан, киһи тыына бурҕаҥнаан эрэрэ. Элбэх дьонноох итии дьиэттэн тахсыбыт киһиэхэ салгына ырааһа, чэлгиэнэ сүрдээх. Тото аһаан имим хаана кэйэн итийбэхтиир. Ол эрэн халтаҥ, чараас таҥастаах буолан сонно тута, ойбонтон уулаабыт сылгы курдук, ис-испиттэн дьигиһийэн этим-сииним дьагдьайан барда. Чуо Чохооччуларбар түһүннүм…

Сэтинньигэ халлаан ылааҥытыгар эмиэ хаамаайылаатым, Арҕаа Кыргыдайга, Бэтигэ эҥин бара сырыттым. Мээнэ, бэйдиэ, төрүт билбэт да ыалларбар киирэн тахсабын. Сыһыан араас. Эҥин-эгэлгэ майгылаах дьон бары бааллар… Өссө сир харатыгар биирдэ Бэти эҥээр ыаллары кэринэ сылдьан киэһэ борук-сорукка Тарыыр диэн дьоҕус көлүйэҕэ ойдом олорор ыалга киирбитим, арай ыйдаҥалаах түүҥҥэ дылы ыһыырынньык тунаархай сырдыгар били олоҥхоҕо кэпсэнэр абааһы уолаттарыгар лаппа майгынныыр килэрийбит-халарыйбыт, хаан-сиин буолан ньалҕарайдаммыт, кырыыламмыт уҥуох-сула сирэйдээх икки эр киһи балаҕаннарын ортотугар сүөһү өлөрөн тиэрэ көтө сыталлара. Миигин көрөөт, сибиэни харахтаабыт дьон курдук, өрө татыахайдана түспүттэрэ. «Бар! Киэр! Таҕыс!» – диэн күлүмэнтэн көмүскэнэн эрэрдии сапсыммахтаабыттара. Тута халҕаны эһэ охсон «лап» гына сабаат, тыас хомунан тилэҕим хараарбыта. Кэннибиттэн киһи тахсан: «Моорук… Моорук… Моорук…» – диэн ыты ыҥырар саҥата иһиллибитэ. Баҕар, күрүөйэхтэр, баҕар, уоруйахтар эбэтэр аһыырдарынан быстарбыт, синнэригэр түспүт дьон буолуо. Билбит суох. Чохооччу кыыһа Кутуйах Мотурууҥҥа кэпсээбиппин: «Ээ, бэйэлэрин томуйахтарын дьонтон көҥөөн, кистээн сиэтилэр ини», – диэн кэбиспитэ. Тарбыйах, борооску буолбатах, улахан сүөһү этэ диэн мунаара санаабытым да, таспар таһааран мөккүһэ барбатаҕым.

Биир күн Алаас сугулааныгар оҕонньоттор сээкэйи ыаһахтаһалларын, эгэлгэ кэпсэли истэн, онон саатаан бэркэ сэргэхсийэн баран күнүс дьукаахтарбар төнүннүм. Боруллуолаах эбэ тыа быыһынан сэндэҥэрэн, элэгэлдьийэн көстүбүтэ. Моотор оҕонньордоох олорор өтөхтөрүн иилии-саҕалыы эргиппит боотулу бүтэйдэрин айаҕар кэлэн баран, тоҕо эрэ эмискэ тэһэ санаан ытыспынан сонум түөһүн бигээбитим, арай били ийэм хомуһа суох!.. Сонум тимэхтэрин төлөрүтэн, ис сиэппин харбанан көртүм, өрбөххө суулаан сылдьыбыт, ийэм барахсантан кэриэс-хомуруос кэриэтэ хаалбыт тэрилим мэлийбит… түспүт… сүппүт… Сүрдээҕин ыксаатым, ыгылыйдым… «Ама хайдах итинник? Эс, ама хайдах?..» – дии-дии, төһө да суоҕа көстөн турарын үрдүнэн сиэппин, бурдук туорааҕын көрдүүр киһи курдук, дэлби хаһыстым. Аһара баран сонум ис-тас сиэптэрин түөрэтин чүүччэйдим. Баҕар, ыстааным иһинэн этэрбэһим оһугар сылдьаарай диэн, онно суоҕун сэрэйдэрбин да, барыбын бары чинчинним… Суох!.. Ийэм хомуһа мэлигир!.. Ханна түспүтэ биллибэт. Ийэм барахсан сылаас ытыһынан тутан, тарбаҕынан бигии таарыйан, харах харатын курдук харыстаан илдьэ сылдьыбыт хомуһа ханна эрэ сүппүт. Сөрүүн салгынтан дьагдьайан, өссө тоҥуох курдук буолан испит бэйэм ыгылыйан эмискэ үлүгэр тиритэн көлөһүнүм сарт түспүтэ. Төһө да бэйэм сатаан оонньооботорбун, хаамаайылыы сылдьан, ыалга баран, ыалтан кэлэн иһэн, суолтан туораан тахсан дьон көрбөт сиригэр хомуспун ботуччу тутан олорон саатыырым. Оччоҕо, санаабар, күн сиригэр кэлэн көрсүбүт эрэ күндү киһим, ийэм барахсан ытыһын сылааһа илэ бааччы биллэргэ дылы буоларыттан хайаан да ытыырым… Ытыырым уонна харахтарым уута халыаннык халыйбыттарыттан көхсүм иһэ кэҥээн олус диэн дьэгдьийэрим. Ол курдук таалан бэйэм бэйэбэр иэйэн-туойан баран, өрүтэ уһуутаамахтаат, хомуспун сэрэнэн аҕай хаатыгар уган, суулаан, хооймор кичэнэн кэбиһэрим…

Сүтүкпүн көрдөөн, бүтүннүү харах иччитэ буолан, Боруллуолаахтан Алааска төттөрү түһүннүм. Бастакы омуммар сүүрүү-хаамыы ыккардынан көс аҥаара сири бэрт түргэнник кээрэтэ оҕустум, сугулааҥҥа сырыттым, икки-үс ыалга киирэн таҕыстым… Онтон төттөрү Боруллуолаахха суол хас оллурун-боллурун, мутук-итик хараара сытарын түөрэтин кыраҕытык сыныйан хат төнүннүм да, хомус көстүбэтэ… Төттөрү-таары чуучугураан, халлаан лаппа хараҥарыар диэри тэпсэҥнээтим… Суох… Ийэм дьүрүһүтэ эймэнитэр эйээркэй тыастаах этигэн хомуһа таһы-быһа сүттэ… Күнүс Алааска бар-туом эрэ аһаабыт бэйэм аччыктаан сэниэм төрүт эһиннэ… Хараҥаҕа өтөх саҕатыгар бүтэй аанын ыксатыгар үүммүт чаллах тиит лоппоруттан тахсан эрийэ-буруйа барбыт силиһин хаардаан баран ол үөһэ олорон, ыалым ыттара Баһырҕас эккэлии-эккэлии эйэҥэлээн кэлбитин имэрийэ-имэрийэ, этэрбэһим тилэҕинэн хаары хаһыйа, көмүскэм уута сэмээр сүүрэ уһуннук сөҥнүм…

«Хомуспун, баҕар, ким эмит булуо, оччоҕуна хайаан да төннөрүө, бэйэтэ да бэлиэ хомус…» – диэн санаабын алы гынабын. Миэхэ ийэм кэриэһин кэриэтэ мал этэ ээ. Онтон эмискэ били Оттоох эбэҕэ биһиги ыксабытыгар олорбут Өлөксөндүрүөп оҕонньор барахсан: «Ийэҥ кэннигэр кэриэһэ эн хааллыҥ», – диэбитин тэһэ санаан, хайдах эрэ уоскуйдум.

Чохооччу ойоҕо Мотуруун киэһээ ыамыгар хотонугар тахсан бэттэх кыбыытыгар татыахайданан кэлбитигэр, туох да буолбатах киһи курдук, сыа хаары ытыһан ытаабыт-соҥообут сирэйбин-харахпын ньухханан сууммута буолан баран балаҕаҥҥа сүөдэҥнээтим. Арай Баһырҕас туох да кыһалҕата суох биир кэм үөрэн эккэлиир…

Улахан, бытарҕан тымныылар түһэн бардылар. Үчүгэй ичигэс таҥаһа суох киһи таска да быгыах үлүгэрэ буолбатах. Биирдэ эмит хаарын халыҥатаары былытырдаҕына, аны тыала-кууһа, буурҕата сүрдэнэр. Түүн утуйа сытан уһугуннахха, хараҥаҕа тыал тыаһа улуйар, биир кэм куугунуур, энэлийэ эҥсиллэр, тыа маһын кыыкынатар-хаахынатар. Тугу эрэ туура тардан, көтүтэн илдьэ барыах айылаах тэлибирэтэр-талыбыратар. Ардыгар уум кэлбэккэ арааһы бары санаан, үөһэ тыына, уһуннук эргичиҥнии сытабын. Түүҥҥү санаа киһи эрэ кутун-сүрүн кутугуната хамсатан туоххаһытара, санньыардара сүрдээх. Үксүн дьонум ааҕы кытта Тээкиччэ өтөҕөр олорбут кэммитин саныыбын. «Оо, хайдахтаах курдук үчүгэйдик олорбуппутуй, дьонум бары… бары бааллара ээ. Билигин кумалаан кэриэтэ ким тугу дук гынан бэрсэринэн, биир эмит аһынар сүрэхтээх, үтүө санаалаах «сээн» диэбитинэн ыал устун ускул-тэскил сырыттаҕым…» – диэн санаам түмүллэн, устунан уйадыйан, сэмээр ытаан сыҥыргыыбын. Ол курдук өөр-өр сытан баран устунан тыал тыаһыгар бигэтэн утуйан хааларым…

Бииртэн биир күн-хонук, ый кээрэнэн бүттэр бүтэн, аастар ааһан иһэр. Хоргуйан өлбүт дьон сураҕа син биир субу-субу иһиллэр. Кэлбит-барбыт, киирбит-тахсыбыт сорох суолга охтон быстарбытын, ханна эрэ ыаллыы холкуоска дьиэ-дьиэнэн, ыал-ыалынан имири эстибитин туһунан кэпсэтэллэр.

Кыһалҕалаахха, кыпчыттарбыкка сыл эргиирин тыйыс эҥээрэ – аам-даам түптэлэс туман аргыстаах ахсынньы, ыыс-быдаан бытарҕан, тоһуттар тохсунньу ыйдар ааһа көттүлэр, онтон ыйдартан эрэ кылгастара олунньу мүччү түһэн куота оҕуста. Күн лаппа уһаабыта билиннэ, халлыбыт, дьыбардаах киэһэ арҕаа саҕах кытара кыыһара тубуста. Бэл тохсунньу ый эргэтигэр тураҕас сылгы тура кыыһар дэнэр эбит буоллаҕына, олунньуну сылы кудуххайдык айаннатар ылааҥы ыйа диэххэ сөп.

Ыыс-быдаан тымныыларга Боруллуолаах өтөҕүн балаҕаныттан быкпатах бэйэм ардыгар кубулҕаттаах-дьибилгэттээх, энэлийэ эҥсэр, халыҥ хаар тибии ытылҕаннаах эрээри, күнүс үксүн угуттуу сыдьаайар күн уотун сырдык сардаҥаларыгар дьэргэлгэнинэн дьиримниир кулун тутар ый саҥатыттан эмиэ, үгэспинэн, хаамаайылаатым. Төһө да икки ыал дьукаахтаспыттарын иһин биир сиргэ уһуннук хорҕойор тус бэйэбэр салгымтыалаах. Боскуйам атастаһыга тымтайдаах мундум, Күндээрэп өлүүлээбит муҥхатын балыга бүппүттэрэ быданнаата. «Сааскы киһи салбаммытынан» дэнэр, сут сыл ордук сууһарыылаах күннэрэ-хонуктара үүннүлэр. Киһи хоргуйан өлөрө кэлиҥҥинэн буолуох буолуохтааҕын да курдук иһиллэр ынырык кэмэ кэллэ… Сутаан, уҥуох сула, дьүһүн-бодо буорайан, дьүдьэйэн, күөдэл-таһаа суорҕаҥҥа-тэллэххэ, уорааннаах балаҕаҥҥа хонуктарын ааҕа сытар дьону көрөр сонун буолбатах. Сорох балаҕаҥҥа кыайан көмөр-харайар кыахтара суоҕуттан өлбүт эрэйдээхтэри онуоха-маныаха диэри диэн хоспохторугар, ампаардарыгар да сытыарар ыаллар бааллар. Холкуос салалтатыттан дьаһал күүтэн муҥнаналлар. Айах хамсатан аһыыр ас суоҕуттан аһааҕыран, кыра да тумууттан-сөтөлтөн сылтаан өрүттүбэккэ ыалдьан үрүҥ тыыннара быстыбыт оҕолору да, улахан да дьону ыал кэринэ сылдьан эт харахпынан элбэҕи көрдүм.

Кулун тутар эргэтин саҕана суолум ортотугар Тээкиччэҕэ хонон туран баран Бэтигэ бардым. «Кэринэр кэм үссэнэр» диэбиттии, мин «дьолбор», хата эрдэ хаамаайылыыр үөрүйэх үөскээн, хайа холкуоска хайа ыал туох хайдах олорорун билэр буолан син айах хамсатан аһыыбын. Очоҕос Уйбаан кымаахтыырыттан кыбыстар, толлор, симиттэр диэн мэлийэн турар. Баара-суоҕа уон иккилээх кыыс оҕону биир үксүн оҕо да диэн аһыналлар. Төһө да кыһарҕаннаах кыһалҕаттан бэл үтүө майгы сатарыйар аас-туор күннэрэ-дьыллара саба бүрүүкээтэллэр, киһилии сигилилэрин сүтэрбэтэх ыал үгүс…

Күн биллэрдик уһаан, үрдүк мэҥэ күөх халлаантан сарпа сарадах сырдык сардаҥаларынан сандаарыйа, чэмэлийэ оонньуура. Соммор тыкпыт күн уотун илиим көхсүнэн таарыйдахпына, угуттуур сылаас биллэр буолбут этэ. Дьөрөөмө оҕонньор этэрбэһэ тигиитэ үчүгэйиттэн син баһаам тулуктаста. Баспар Лобоой кийиитэ биэрбит былаатын баана сылдьабын.

Айан суолун устун хааман, Инньээн диэн киэҥ эбэҕэ киирдим. Манна кэлэн тибии тибэн суол сорох сиринэн букатын оспут. Оймооһуннаах. Тибии тумнубут чигдитэ оҥолох-чоҥолох хаспах курдук хараарар. Эбэҕэ киирэн ортолуу хааман иһэн көртүм, биир оннук суол ырааһыгар киһи сытар. Ыксатыгар кэлбитим, билэр киһим, Куондара Борокуоппай диэн оҕонньор эбит. Кэргэннэммэтэх, оҕоломмотох, кимэ да суох оҕонньор. Тээкиччэҕэ олорор эрдэхпитинэ Куондара өрүү сылдьааччы. Күлүүлээх-оонньуулаах, элбэх саҥалаах-иҥэлээх кырдьаҕас этэ. Дьиэ-уот туттан, биир сиргэ түптээн уһуннук олохсуйан олорботох киһи. Тииһэ суох айаҕын энньэҥнэтэ-энньэҥнэтэ, көмүскэтин иһигэр түспүт киэҥ харахтара чоҕулуйан, мутук үүтүн курдугунан тонолуппакка көрө-көрө, күлэ-үөрэ олороро бу баарга дылы… Олус харааһынным. Ойуун кыаһаанын курдук тырыттыбыт торукуо сонун көхсүгэр ботуоҥкатын сүкпүтүнэн сытаахтыыр… Өлбүт киһи этэ сойдо да, быта таска тахсар үгэһинэн, оҕонньор эрэйдээх хайыы-сахха килээй мууһунан чаалыччы көрбүт харахтарын халтаһатыгар мукуу бэргэһэтин иһиттэн хаар үрдүгэр ыһыллан арбайбыт баттаҕын быыһыттан үргэҥнээн тахсыбыт тоҥмут быт, буораҕы ыспыкка дылы, биир кэм хараарар. Тохтоон тура түһэн баран салгыы бардым. Куондара эрэйдээх хаалла, хайдах гыныахпыный. Биһиги эҥээр диэки иһэн бөлүүн охтоохтообут…


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации