Электронная библиотека » Семен Маисов » » онлайн чтение - страница 11


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 17:20


Автор книги: Семен Маисов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 11 (всего у книги 13 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Окко киирбит кэннэ наар Моотордорбор эрэ хонобун, Чохооччуларга дэҥ, ардах түстэҕинэ эҥин, биирдэ эмит баран кэлэбин. Моотор туулуур, ардьалыыр, эмиэ да илимниир, мин ону батыһа сылдьан көрөбүн. Уйака диэн күөлгэ оттуур. Сайын онно көмөлөстүм. Төһө да сүөһү ииттибэтэр, кыһын уостаабатар от хаһан да хаалбат, аска-үөлгэ да атастаһыахха, таҥаска-сапка да мэнэйдэһиэххэ сөп. Оҕонньор литиэпкэ хотуурунан охсор, мин мунньуһабын, от кэбиһэригэр бугул онно харбаһабын. Маҥнай ходуһаҕа киирдэх утаа итии-буһуу курдук да, үгэспинэн, кэлин этим-сииним үөрэнэн «балык» буолан төрүт кыһаллыбаппын. Омурҕаҥҥа үксүн үтэһэлээх мундуну кытта маҥхааһай чэйин иһэн бурулата-бурулата, Моотор баас оннун курдук күн уота быһа сиэн килэритэ чэрдиппит сирэйин өрө мыҥаан олорон, киһим сэһэнин-сэппэнин истэбин. Лааппыбыт чэйэ бүттэҕинэ чэрии логлорутан, ардыгар хатыҥ үөһүн аҕалан онон хараардабыт. Оҕонньор «дьиҥнээх» чэйи аҕаллаҕына, ону иһээри, хаһан омурҕан буоларын кэтэһэбин. Амтана минньигэһэ бэрт. Моотор сэһэнэ-сэппэнэ тахсар-тахсыбат күннээх, сороҕор уһун күн устата ууну омурдубут курдук дьэбирсийэн хаалар, оччоҕуна сээкэйи ыйыталаһан да туһа суох. Наар тугу эрэ саныыр быһыылаах, санаа баттыктаах. Баҕар, кулаак гыныахтарын иннинээҕи үтүө олоҕун эргитэ саныыра буолуо, хара көлөһүнүнэн муспут баайа халдьаайы хаһыҥыныы таах халтайга хаалбытыттан сөҥүдүйэн, абатыйан да эрдэҕэ. Урут биһиги эргин киэҥник биллибит Уйбаныап баайы баайын-дуолун уоппустаан ылбыттарын кэннэ оҕонньор саһыл дьаатын сиэн өлөн турар…

Ол эрэн, төһө да тылыттан матан ардыгар иэдэс биэрдэр, Моотор үтүө оҕонньор.

Ылдьыын таҥара күнэ ааспытын кэннэ Чохооччулаах Моотор олорор күөллэригэр Иччилээххэ, Боруллуолаахха уонна Сыралта, Харбалаах диэн көлүйэ күөллэргэ тыыларыгар олорон кута кыйа устан бэйдэҥнэтэн, кытылынан ыттарын батыһыннара сылдьан сара кустаатылар. Сараччы уойбут сараны тымтайынан бултаатылар. Үксүн ыт туппутун бэлэми хомуйаллар. Онтон салгыы, кус оҕото өссө бөдөҥөөбүтүн кэннэ, аны тиргэлээтилэр.

Эмис сара сыата-хоргуна ыстаан ыллаҥнаттахтарын аайы дьабадьыларынан сүүрэн түһэрин сөмүйэлэрин кырыытынан өрө ньиккэрийэн сэлип гыннаран кэбиһэ-кэбиһэ, иэйбит-куойбут оҕонньоттор санаалара кэлэн арааһы бары ыаһахтаһаллар, дьиэлээх дьахталлар онно кыттыстахтарына сэргэхсийии эбии сэтэрэр. Сай устата Моотор икки сыллааҕыта буолбут түбэлтэни хаста да хатылаан кэпсээтэ. Ол Бөтүрүөп таҥара саҕанааҕы уот куйаас күн Уйака күөлүн чүөмпэ көлүйэтигэр түркүннээн түспүт, супту уулуур соппоҥ күлүмэнтэн, хараантан хара тордох курдук хараарар кумаартан куотан баһа эрэ быга сытар атыыр тайаҕы саата-таймата суох аҥаардас хотуурунан бултаабытын туһунан кэпсэл. Ол күн Моотор кыра мунньуулааҕын субурҕалаан, бугуллаан эрдэ бүтэрэн баран, туулууругар кута сулуйар саха хотуурун сүгэн иһэн, мэктиэтигэр салгын да киирбэт бэрт бүтэй, хойуу чэчинньиэр хатыҥынан өрө анньан үүммүт тулалаах көлүйэ баарын си иһиэхтээҕэр өҥөйөн көрбүт. Арай, доҕоор, субу иннигэр атыыр тайах төбөтө эрэ быган, икки кулгааҕа таллайан көлүйэҕэ түһэн сытар эбит. Кытаанах үктэллээх чай кытыллаах эрээри, эмискэ супту түһэн дириҥиир көлүйэ буолан, Моотор оҕонньор үөмэн кыапарыйан киирэн батылла сытар тайах киһиттэн куттанан саҥа орҕостон эрдэҕинэ хотуурунан хабарҕатын хоругун быһа дайбаан кэбиспит. Ол үрдүнэн атыыр тайах аарымата ыарыыланан, тыын былдьаһан суптураа бадарааныттан түөһүллэн тахсан аҕыйахта ойон баран, хаана чаккырыы сүүрэн, байааттаҥнаамахтаат, чугас сууллубут. Моотор сонно кыылын иһин эрэ хайытаат, Боруллуолаахтан баран Чохооччуну аҕалбыт. «Хата түһэ сыппыт көлүйэтиттэн бэйэтэ тахсан биэрэн эрэйдэммэтэхпит», – диэн Чохооччу үөлээннээҕин кэпсээнин мэлдьи силигин ситэрэн түмүктүүрэ.

Моотор оҕонньору кытта түөрт оту кэбистибит. Уйака эбэ холкуос сылгыта сайыннары-кыһыннары дугуйданар күөлэ, онон отторбутун урукку эргэ бүтэйдэрин сөргүтэлээн күрүөлээтибит. Биир боскуйа оту Моотор миэхэ биэрдэ.

– Сээкэй хохтуга, лыыбаҕа мэнэйдэһэҥҥин туттаар, – диэтэ.

«Бэйэлэригэр кэлэ-бара, хоно-өрүү сылдьар киһиэхэ эмиэ тоҕо от анаатаҕай?» – дии санаатым да, таспар таһаарбатым. Моотор, сүөһүтэ суох киһи, олус үлүһүйэн оттуу сатаабат. От хото ситэн, сүмэһиннэнэн турар кэмигэр, хара күөх, саары саҕанааҕы сөлөгөйдөөх эрэ оту оттоот, эрдэ уурайар. Иккис Ыспааһап таҥара, хотуур ортотун да иннинэ мин эмиэ туос иллэҥ буола түстүм, оҕонньору батыһан саппай уопса сылдьан, «итини аҕал, маны тут» диэтэҕинэ көмөлөһөбүн, сорук-боллур сүүрэбин. «Тоҕойум» диэн тылы иһиттим да, сэк гына түһэбин.

Ыалым кыһыннары-сайыннары тохтообокко түүлүүр, туура тартахха мэлдьи туллан түһэ сылдьар сэксэйбит түүлээх, кырдьан, сабыстан эрэр ыттарын Баһырҕаһы кытта оонньуубун. Онтум да сааһыран, эдэр ыт курдук, мээнэ элэҥ-сэлэҥ түһэн сүүрбэт-көппөт, үксүн балаҕан хайыҥар наар сытан, утуйан тахсар.

…Сир аһыттан туох ханнык иннинэ эрдэ ситээччилэрэ ыыс араҕас болбукта ньолҕойо буһан угуттан туллан түстэ. Јтөхтөр үрдүк арҕастарыгар, кэриилэригэр хаптаҕас өнөрдөөн үүммүтэ аһа хойуута бэрдиттэн умнастара хоҥкуйан кытара кыыстылар. Толоон сирдэр, ээй кытыылара халлаан өҥө сиидэһи тиирэ тардан кэбиспит курдук күөх сугунунан тунаҕыран турдулар, күннэтэ бииртэн-биир сир аһын эгэлгэтэ буһан, ситэн истэ.

Тыал курдук санаалаах оҕо киһи биир күн ыллым да, Бэтигэ бардым. Дьоммор эттим.

Айан суола баар эрээри, от саба үүнэн омооно эрэ сүтэ-сүтэ орҕочуйар. Сир аһын тала сылдьан ичигэстээн сиибин. Буһа илик отону кытта курдурҕатан көрдүм, ол эрэн аһыыта бэрдин иһин тибиирэн кэбиһэбин. Ол-бу от-мас очурун-чочурун көрө-истэ син барбахтастым. Биир хайа эрэ салаа ыллыгы батан иһэн суолбуттан туораан син өр соҕустук мээнэ, бэйдиэ бэйдэҥнээн сир астаан сии сырыттым. Ыт тиҥилэҕэ буһан минньигэһэ бэрдин иһин наар ону борсоннум. Кумаара, кырыдаайыта сүрдээх да, соччо кыһаллыбаппын. Отунан, хатыҥ сэбирдэҕинэн дэйбиирдэнэбин. Дьирики чыбыгыраатаҕына, тииҥ куһугураатаҕына, онтон-мантан бочугурастар көтөн тилигирээтэхтэринэ кэрэхсии көрөн тура түһэбин. «Пыыт-пыыт…» – дии-дии, кукаакылар миэхэ доҕор буолан аттыбыттан арахсыбакка батыһан тэлээрэллэр. Сугун абаҕатын иһиттэн, мин санаабар, күтүр улахан, хайыы-сах бэйэлэрэ-бэйэлэринэн буола ситэ охсубут улар оҕолоро: эриэн эрдэҕэстэр, хара улардар – тыастаах аҕайдык сапсынан, көтөн күпсүйэн тахсан титириктэргэ сахсас гына хатана түһэллэр, түүлэрин-өҥнөрүн оҥостон, кутуруктарын тэрбэтэн дьоһумсуйан чоноһоллор…

Арай бу сылдьан туһаайыыбын, хайысхабын сүтэрэн кэбистим, саатар былыттаах. Суол көрдөөн төттөрү-таары сүүрэкэлээтим… Устунан мээнэ хааман отой да таһы-быһа мунан хааллым… Халлаан бөлкөй-бөлкөй ыанньыйбыт халыҥ хараҥа былыттарын устаҥната оонньотон баран биир кэлимсэ силбэһэн бүрүллэн, хаппахтанан хаалла. Аны силигин ситэрэн этиҥ этэн лүһүгүрэтэн барда, уот курбуу чаҕылҕаннар халлаан иэнин хайа суруйан сандаарыҥнастылар. Тыалырда. Өрө хантайдахпына, мастар төбөлөрө, миигин сэмэлиирдии, төгүрүччү нөрүһэн иэҕэҥнэһэ-куоҕаҥнаһа, араастаан иэйэ-туойа хаахынаһан хоҥкуҥнаһарга дылылар. Сотору буолаат дохсун ардах ыаҕастаах уунан, дьэ эбэтээ, курулаччы кутта. Мин муммуппуттан сүрдээҕин ыксаатым, уолуйдум. Саатар этиҥэ, чаҕылҕана сүрдээх, хараҥа тыа иһигэр турар киһи мэктиэтигэр күлүгүм күлүгүлдьүйэн, хас дэлби баран сатараатаҕын аайы тиҥилэхтэрим доргуйан ыларга дылылар. Ардахтан саһар, хорҕойор да өй суох, харса суох инним хоту дьүккүй да дьүккүй… Ынах этэрбэспин ууга сытыйан, кыһайа үктүүрбүттэн сиигинэн барыа диэн харыстааммын быаларыттан баайан баран эҥил баспар сүгэн кэбистим.

Төһө өр сүүрбүппүн билбэтим, син барбахтастым. Сотору дохсун ардах сэллээтэ, устунан аһынна, ол эрэн халлаан син биир, барбатах балык миинин курдук, ыаһыра лүҥкүрэн турда…

Хас да киэҥ толооттору, чэчинньиэр хатыҥнартан тутуһан, дулҕаттан дулҕаҕа ыстана-ыстана, уулаах-хаардаах маардары туораталаатым…

Бу иһэн арай биир быытыкаа тыымпы көлүйэ оҕотугар киирэн кэллим. Кус оҕолоро устан тараадыйаллар, ийэлэрэ тыһы кус көҥөнөн бөҕө, сотору миигиттэн күрэнэн бары арҕам-тарҕам ыһыллан хойуу от быыһыгар киирэн саһан, кирийэн хааллылар. Көлүйэ тулатынааҕы от-мас дэлби чаачахай курдук тэпсиллибит. Дулҕа төбөтүн сиэлэ үлтү ныһыллыбыт. Мин дьон тэпсибит сиригэр кэллим диэн сүрдээҕин үөрдүм, сэк гына түстүм. Ыллык суол хайаан даҕаны баар буолуохтаах дии санаан харса суох, дулҕаттан иҥнэн умса-төннө түһэн охто-охто, көлүйэбин эргийэ бардым. Сорох дулҕа миигин түөһүм тылынан, хата быыһа-арда уута суох, кытаанах үктэллээх, кус иигэ-сааҕа дэлэй. Ортолуу эргийэн иһэн көрбүтүм, арыы курдук инчэҕэй бадараан баарыгар арай бэйэм курдук атах сыгынньах киһи суолун оһон эрэр омооно бөҕөтө. Мин испэр: «Ол иһин да дьоннор сылдьаллар эбит… Кус оҕолообут буоллахтара…» – дии санаатым. Бу сылдьан түбэһэ көрбүтүм, биир дулҕа үлтү ныһыллыбыт отун үрдүгэр кус куртаҕа бөҕөтө сытар, биэс хас куртах баар быһыылаах. «Кус буһаран сиэн, иһин ороон баран кээстэхтэрэ. Тоҕо ала чуо куртаҕын эрэ бырахтахтарай?» – диэн дьиктиргии санаатым. Чэйдэммит оллоонноро баара буолаарай диэн тула-мала көрбөхтөөтүм да суох.

Дьонум ааҕы кытта бары бииргэ Тээкиччэ өтөҕөр олорор эрдэхпитинэ, куобах кулгааҕын, быарын, халба кус тылын, дабыдалын, эһэм Өлөксөй күһүн кырпай хаар түһүүтэ туһаҕыттан ылбыт уларын куртаҕын, халатын сыатын сиикэйдии сиирбит. Ону санааммын, аччыктаабытым бэрдиттэн дулҕа төбөтүгэр сытар кус куртахтарын тииспинэн быһыта тыытан кур-хар ыстаан курдурҕатан кэбистим. Саннын байаатынан арбаҕар баттахтаах киһи төбөтө ууттан быган олорорун курдук сиэллээх биир дулҕаҕа быардыы түһэн сытан көлүйэбиттэн утаҕым ханыар диэри уу иһэн киллиргэттим… Утаҕым ханна эрээри, аччыктаабытым ааспата. Сотору били тыын быһаҕаһа тыынан, хааман, сүүрэн тириппитим ааһан, аны түүҥҥү сөрүүн салгынтан тоҥон, эт-этим дьагдьайан киирэн барда. Дохсун ардах түспүтүттэн силбигэ да бэрт. Толооттор, маардар үрдүлэринэн ээр-сэмээр түптэ буруотунуу үрүҥ тунах устан киирдэ. Сыыйа-баайа сиик көтөн тыа иһэ үүт туманынан бүрүллэн хаалла. Ойуур ото-маһа самыыр уутун тото иһэн, мутуга-лабаата харааран, санньылыйан, намылыйан турда. Чуумпурда. Барбатах балык миинин курдук бүдүө-бадаа былыттаах халлаан лаппа боруорсуйда, устунан хараҥарда…

Көлүйэбин хаста да төхтүрүйэн иилии-саҕалыы эргийдим эрээри, ыллык омоонун да булбатым. Биир дулҕа төбөтүгэр олорон муммуппуттан куттанан, үгэспинэн, дьоммун санааммын ытаатым… Син уһуннук олордум. Аны ытыыр саҥабын ол-бу кыыл-сүөл истиэ диэн эмиэ да дьаахханабын, тардынабын. Сотору күнүскү сылаам таайан, түүҥҥү хаҕыс, сөрүүн салгынтан тоҥон, титирээн саҥам да кыайан тахсыбат буолла… Көлүйэм бэрт дьоҕус этэ эрээри, бэл кини уҥуоргута көстүбэт хойуу тумана түстэ. Онтон тэскилээн, тураммын мээнэ хаамтым, балачча тэйдим быһыылаах. Санаабар кырдал сири көрдүүбүн. Сотору санаам хоту үрдүк соҕус томторҕоноҕо кэллим. Биир суон тиит төрдүгэр лоппоруттан тахсыбыт силис үөһэ олордум. Били санныбар сүгэ сылдьыбыт этэрбэспин дьэ кэттим, кэм кураанах соҕус. Этим-сииним нүөлүйэ дьаралыйан утуйуохпун баҕарарым сүрдээх да, уум тоҕо эрэ кэлэн биэрбэт. Ону-маны санаан уһуннук олордум… Ханна эрэ хараҥа тыа быыһыгар, түлүк ууну мэлдьэһэн, тохтуу-тохтуу, түүҥҥү чыычаах саҥата симиктик «чии-иит, чии-иит, чии-иип, чии-иип…» диирэ иһиллэр. Мин ону истэн олорон нухарыйан бардым, устунан, тобуктарбын түөспэр кумутан, халтаҥ соммунан төбөбүн бүрүнэн, тииппэр өйөнөн утуйан хааллым…

…Арай туран түүл түһээтим. Түһээтэхпинэ, тиитим хойуу мутукчалаах араҕас, күөх, кыһыл бөдөҥ сиппит туораахтардаах лаглаҕаркаан төргүү лабаатыгар үчүгэйкээн да үчүгэйкээн дьэрэкээн өҥнөөх чыычаахтар олороллор. Кинилэртэн сырдык сардаҥа сүүс араас мөһүүрэ уоттарынан саҕылла оонньоон сандаарбыт ахан. Чубугураһан тугу эрэ саҥарсаллар, тиит лабаатын биэтэҥнэтэллэр… Илэ курдук… Эмискэ, мин соһуйуом иһин, биир чыычаах умса нөрүйэн, тарбыйах кыламанын курдук уһун кыламаннарын чапчык-чапчык тэрбэлдьитэ хамсатан, көҕүллээх төбөтүн кыҥнаҥнатан, буспут моонньоҕон курдук харахтарынан миигин одууласта, чубугураата уонна киһилии:

– Муммуккуттан куттаныма, турдуҥ да сирэйиҥ хоту бар. Суолуҥ итиннэ чугас баар… – диэтэ уонна эмиэ чубугураата…

Мин, ким эрэ ойоҕоско имнэммитин курдук, ходьос гына түһээт, уһуктан кэллим. Бэҕэһээ ыаҕастаах уунан курулаччы кутан ардаабыт былыттаах халлаан ханна да суох, тыалырбыт. Күн, сырдык сардаҥаларынан сири-дойдуну бүтүннүү сабардаан, илин саҕахтан тэмтэйэ ойон тахсан эрэр. Кыл түгэнэ кэм ааспыт курдук эрээри, сурда суох дьиктитик, уһуннук утуйбуппун. Эгэлгэ араас чыычаах саҥата күрүлүү күйгүөрэн ырааппыт. Бөлүүҥҥү хойуу туман көтөн, симэлийэн, от-мас барыта сууммукка-тарааммыкка дылы намылыйа дьэгдьийбит, сэргэхсийэ тырымнаабыт. Ханна эрэ тураах оҕолорун саҥата иһиллэр, суор хоҥсуотуур. Түүлбэр көрбүт чыычааҕым саҥатын санаабытынан, тиэтэйэ-саарайа инним хоту бардым. Кукаакылар, үгэстэринэн, миэхэ доҕор буолан, талахтан талахха хатана түһэ-түһэ, иннибэр-кэннибэр тэлээрэллэр. Кыһыл бэргэһэлээх хара киргил: «Хайа, иһэр дуу, суох дуу?» – диэбиттии, тиит кэнниттэн өҥөйөн көрө-көрө, көтөн тилигириир…

Туһаайыыбын сүтэримээри, ыраах дьоройбут бэлиэ хатыҥы көрбүтүнэн инним хоту, тэппит атахпын кубулуппакка, сүүрэр-хаамар ыккардынан дьүккүстүм. Син барбахтастым, онтон эмискэ, хойуу бөлкөй ыарҕаны мүччү түһээт, соһуйуом иһин, айан суолугар көтөн түстүм. Бүгүн буолбатах буоллаҕына, күн бэҕэһээ дьон ааспыт суоллара дьэрэлийэ сытар. «Хайыы, чахчы илэ түһээбиппин… Бу чыычааҕыа…» – диэн түүлүм түһүн олус диэн сөхтүм.

Суолга киирэн ыксаабыт, ыгылыйбыт санаам дьэ уоскуйда. Ат туйаҕын суола дэлэй, сатыы да киһи этэрбэһин суола баар. «Баччалаах тэпсилгэн суолга киирэн баран аны туораан да бэрт, дьонноох сири баҕас булаа инибин…» – дии санаатым. «Хайа диэки барабын?» – мунаахсыйан тура түстүм. Онтон суолум уҥа хайысхатын тутуһан, оҕо киһи сиэринэн, бастакы омуммар сүүрэн ыллым эҥин, ол быыһыгар тохтоон суол кытыытыгар үүммүт ыт тиҥилэҕин ичигэстээн сиэтим, сииктээх сиргэ былдьыгырыы сытар муох быыһыттан умса түһэ сытан уу истим. Аҥаардас сир аһыгар куртаҕым аһыйар, курулуйар, тииһим кыйар. Аччыктаабытым сүрдээх. «Балык дуу, эт дуу сиэбит киһи», – дии саныыбын.

Сотору айан суола өссө биир баарыыҥҥытааҕар тэпсилгэн суолга киирэн холбосто. Эмиэ мунаахсыйдым, сынньанан олоро түстүм. Тыал сэллээбитигэр, ардах кэннэ буолар үгэһинэн, кумаара, бырдаҕа эбии сүрдэннэ.

Арай ол олордохпуна тэйиччи дьон кэпсэтэн ньамалаһар саҥалара иһилиннэ. Мин ойон турдум, кулгаах иччитэ буолан иһиллэнним.

Оол курдук суол эргииригэр үүммүт хойуу сиһиктэр кэтэхтэриттэн икки аттаах киһи тахсан кэллилэр. Аттарын тиҥилэхтээн сиэллэрдилэр…

Билэр дьоммун көрөн сүрдээҕин үөрдүм: Дьолтокуойап Мииккэ кыыһын Хоорбох Ылдьаананы кытта эбиттэр. Мииккэ холкуос отчут-масчыт хара үлэһитэ, кыыһа суотчуттуур.

Дьонум миигин көрөн соһуйдулар, аттарыттан түстүлэр. Бэҕэһээ сарсыардаттан атах балай хааман, ардахха ибили сытыйан, уруккуттан да таҥаһым-сабым төрүкү мөлтөх киһи онно эбии окко-маска тырыта тыытыллан, эмиэ да дьукку-икки түһэн, ытаан-соҥоон, кумаарга, бырдахха быһа сиэтэн тыытырыйан турарбыттан мунан сылдьарбын тута сэрэйдилэр быһыылаах.

– Хайа, бу хантан, ханналаан иһэҕин? – диэн ыйыттылар.

Сулардыы баана сылдьыбыт, күн уота быһа сиэн

өҥө-дьүһүнэ көстүбэт сиидэс былаатым дуомун сүөрэммин сирэйбин-харахпын сотуннум. Ылдьааналааҕы көрсөн үөрбүтүм сүрдээх. Бэтигэ бараары муммуппун, атах сыгынньах дьон суолун көрбүппүн, дулҕа төбөтүттэн кус куртаҕа булан сиэбиппин, ханан, хайдах эргийэ, тэлэһийэ сылдьыбыппын сиһилии кэпсээтим. Мииккэ истэн баран:

– Ол көлүйэҕэ киһи сырыырҕаабат, тиийбэт сирэ.

Ити эҥээр дьөрү саһаан да кэрдибэттэр, лаппа ырааҕынан эргийэн онно кэлбиккин. Боруллуолаахтан буола-буола… – диир.

– Муҥнааҕы… Хата суолу таба тайанаахтаабыт дии, – Ылдьаана аһынан саҥарар, төбөбүн имэрийэр, дьүһүммүн көрөн, тоҕо эрэ эмискэ-эмискэ саҥа таһааран күлэр, былааппын көннөрөн баайан биэрэр.

Мин биир тиит төрдүгэр утуйан олорон, түһээн, дьикти үчүгэй араас дьэрэкээн өҥнөөх чыычаахтары көрбүппүн, биир чыычаах суолбун ыйан киһилии саҥарбытын кэпсээбиппэр дьонум сүрдээҕин сэҥээрдилэр.

– Хойут үтүө ыччаттаах буолуоҥ. Оҕолоруҥ куттара суолуҥ хайысхатын ыйан биэрдэхтэрэ, дьоллоох киһи этигэн ымыылаах баҕайыта, – диэн Мииккэ, атын тэһиинин чиҥэтэн ыксары тарда-тарда, мин түүлбүн тойоннуур.

Кыыһа Хоорбох Ылдьаана эмиэ:

– Кырдьык дьикти эбит… – диир.

– Дьон тиэстибэттэр диигин да, көлүйэҕэ хата кус оҕолообуттар ахан этэ ээ…

– Ээ, ол атын киһи… эһэ кус оҕолообутун кэпсиигин.

– Эһэ даа?.. Оттон кус куртаҕа?..

– Ол лэппэрдээн оҕонньор мустаҕа… Собону сииригэр, тэстэн хабыргыы тыаһыырын сөбүлээбэккэ, хабаҕын ичигэстээн кэбиһэр үгэстээх, бэл мунду, күөнэх киэнин кытта. Хата тыатааҕыны кытта кус үллэстэн, уос-тиис тииһиммит киһи диэн эн эбиккин, – Мииккэ эриэ-дэхси саһархай тиистэрин килэтэн күлэр.

«Тыый!.. Бука, эһэ кэлэн билигин били мин хоммут тиитим төрдүн тиҥсиринэн эрдэҕэ», – диэн кэмниэ-кэнэҕэс, хомнуо-хойут дьэ салла саныыбын… Мииккэ миигин бороҥ өҥнөөх атыгар мэҥэһиннэ. Ылдьаана миҥэтэ кугас ала өҥнөөх биэ. Мииккэ ардыгар сиэллэрэр.

– Охтоойоҕун, сэрэнээр, ыксары тутуһан ис, – диир.

Ата лэхсиэтэ сүрдээх, иҥэһэтэ суох киһи охтуох курдукпун, иһим кычыгыланар. Өтөр-өтөр ыстааным сотото өрө ньыппарыллан тахсан сыгынньах сотолорум кырыылана килбэҥнэһэллэр. Куйаас, сыралҕан күн үүнэн күлүмэн эймэҥнэс. Бороҥ ат сымалаҕа иилистибит хойуу, уһун кутуругун үргэҥнэтэн субу-субу уҥа-хаҥас дэйбиирдэнэн ылар, онто мин атахтарбын кычыгылата таарыйар.

Соноҕос ат хардаран түһэн хааман таһынньахтатара түргэнэ сүрдээх. Ылдьаана кэннибититтэн иһэн өтөр-өтөр сиэллэрэн мэтэҥнэттэҕинэ эрэ биирдэ ситэр. Толоон, сыһыы сирдэр элэгэлдьийэ көтөн кэннибитигэр хаалан истилэр…

Аргыһым Мииккэ Дьолтокуойап, Күүстээх Лобоой курдук, эмиэ аакка-суолга киирбит бөҕө эрээри, саха киһитин сытыары, сэмэй майгытын үгэһинэн ол ураты кыаҕын-уоҕун улаханнык көрдөрбөтөх киһи. «Хайа да хаҥыл, өрүтэ сүргэҥнээбит айаас сылгы Мииккэ туттаҕына-хаптаҕына, мииннэҕинэ, киһи ураты кыаҕын Дьөһөгөй оҕото барахсан эмиэ бэйэтин туспа айылгытынан өтө таайан, эндэппэккэ сэрэйэн, баһыйтарарын билэн, төрүт мөхсүбэтэ үһү», – диэн кэпсэтэллэрин истэрим.

Күүппүт санаабар син уһуннук айаннаан, күн арҕаа хоҥкуйан эрдэҕинэ Бэтигэ Махча Баһылайдаах тэлгэһэлэрин айаҕар кэлэн тохтоотубут.

Дьиэ иннигэр иҥнэйбит сэргэҕэ көлөһүннүрбүт сиэр ат бааллан турар. Мииккэ миигин атыттан көтөҕөн түһэрдэ. Атахтарым туома аччаччы көһүйэн хаалбыттар. Сиргэ түһэн баран сүһүөхпүн булбакка тэмтэрийэн охто сыстым. Ылдьааналаах аттарын сэргэҕэ баайан, тэбэммитэ-сөхсүммүтэ буолан баран бары дьиэҕэ киирдибит. Мин бэйэм да бу «хаһаас» ыалбар кэлиэхтээҕим. Дьиэлээх киһибит Махча Баһылай кэтэҕэриин ороҥҥо кэтэх тардыстан сытар. Миэхэ өрүү бэрт сыһыаннаах. Ойоҕо ис киирбэх дьүһүннээх (эйэҕэс майгылаах дьон дьүһүннэрэ мэлдьи, куруук да кэрэтийэн көстөр, дэлэҕэ «киһи майгытынан, көтөр кынатынан» диэн өс хоһооно үөскүө дуо?)Даарыйа оһуордаах-мандардаах мас кытахха хатыҥ лаппаакынан лэппиэскэ тиэстэтэ охсон либиргэтэ турар. Дьукаахтара атыыһыт Бүөтүр Дабыыдап үлэтиттэн кэлэ илик быһыылаах. Оҕолор эмиэ суохтар.

Даарыйа миигин көрөн:

– Хайа, бу эрэйдээх хантан кэллэ ити айылаах тыытырыйан-тыыпырыйан? – диэн саҥа аллайда.

– Ити биһигини кытта… Мунан баран хата өлүө суох быатыгар суолу булбут, инньэ Ыарыкчаан күөлүн ойоҕоһугар турарын мэҥэстэн аҕаллыбыт, – диэн Мииккэ хардарда, мин ханан тэлэһийэн муна сылдьыбыппын кэпсээтэ.

Махча эмиэ хантан эрэ ыраахтан кэлэн баран сиһин көннөрөн, сылаатын таһаара сыппыт быһыылаах, дьон кэлбитигэр туран күө-дьаа кэпсэтэн барда. Даарыйа чэйдэтээри түбүгүрдэ.

Махча Баһылайдаахха икки хоннубут. Күнүс дьиэҕэ улахан киһи суох, оҕолор эрэ. Мииккэлээх соруктарын ситэн төнүннүлэр.

– Төннөргөр эмиэ мунан хаалаайаҕын. Суолгуттан туораама, ыллык суолу эҥин батыма… – диэн сүбэлээтилэр, эйэҕэс дьон муҥутаан иккиэн кыыһынаан эр-биир төбөбүттэн имэрийэн ымманыйан баран аттарын миинэн тиэтэйэ-саарайа хаамтаран сэксэлдьитэ турдулар.

Даарыйалаахха өссө хас да хоннум. Онтон чугас эргин билэр ыалларбын кэрийэн сырыттым. Ыал барыта наар балык аһылыктаах, ол да сайын кэлэн бултанар, кыанар өттө. Кыһалҕа туохха үөрэппэтэҕэ баарай: дьахталлар, обургу оҕолор кытта тууһут, илимньит буолбут кэмнэрэ.

Маарсыйар диэн оҕонньордооххо хонон баран сарсыарда собо миинэ иһэн бурулата олордохпуна, миигиттэн арыый да аҕа саастаах ыалым кыыстара Балбаара Илин Кыргыдайга биир дьахтар сатыы бараары сылдьарын кэпсээтэ. Мин ыйыталаһан билбитим, Чохооччу кыыһа Чөккөй Мотуруун эбит. Сатыы туох эрэ сорукка кэлбит, холкуос бэрэссэдээтэлэ Алампадьыыстап Ньукулайдаахха-Ураанньылаахха баар үһү. Алампадьыыстаптарга биирдэ эмит сырыттахпына холдьоҕон таһаараллара, ол иһин көрсө барбатым.

Күнүс Маарсыйар оҕонньордоох тиэргэннэригэр олорон көрбүтүм, Алампадьыыстаптаах дьиэлэрин таһыгар оҕолор оонньуу сылдьаллар. Тулуйбатым, онно бардым. Түөрт-биэс оҕо баар. Бүтэй тас өттүгэр сүрдьүгэс быыһынан умса нөрүйэн көрөн туран, сөмүйэбин чочоҥнотон Ураанньы Ньукулай кыра кыыһын уончалаах Маарыйаны ыҥырдым. Таҥаһым-сабым да куһаҕаныттан, кириттэн кыбыстан оҕолору кытта оонньуур санаа, баҕа суох. Улахан дьон уустук майгылара ол туһа туспа, оттон оҕолор миэхэ сыһыаннара үчүгэй. Баары баарынан, суоҕу суоҕунан судургу дьон. Бэйэм да кыра эрдэхпиттэн сорукпун кэпсэтэр чобуо майгылааҕым.

Маарыйа ыҥырааппын тута сүүрэн кэллэ, миэхэ холоотоххо, таҥаһа-саба да мааныта, ийэлээх, көрөр-истэр, сууйар-тарыыр киһилээх, эбиитин оскуолаҕа үөрэнэр, бэйэтэ да сиртэн-буортан тэйбиккэ дылы чэбэр кыыс ырааһа сүрдээх. Тумустаах, сайыҥҥы тирэҥсэ этэрбэстээх эҥин. Миэнэ хантаччы барбыт, оһо ньаппаллыбыт ынах этэрбэс.

– Илин Кыргыдайтан кэлбит Чөккөй Мотуруун баар дуо эһиэхэ? Баар буоллаҕына, тахсан көрүстүн, – диэтим.

Кыыһым онуоха илиибиттэн состо:

– Бэйэҥ киирэн көрүс, кэпсэт.

– Ийэҥ, аҕаҥ… мөҕүөхтэрэ… – дии-дии, өчөстүм, ол да буоллар дьиэҕэ Маарыйалыын кииристим.

Кыыһым бэгэччэкпиттэн, бүлгүммүттэн соһон да кэриэтэ киллэрдэ. Чөккөйүм хата баар эбит, дьиэлээхтэри кытта чэйдии олорор. Миигин көрөн соһуйда.

– Хаһан кэлбиккиний?

– Уонча хонно.

– Оҕонньордооххо хаһан бараҕын?

– Баҕар, бүгүн, баҕар, сарсын…

– Хата аргыстаһыахпыт…

Били урут: «Тэк!.. Тэк!.. Атын, атын ыалга бар!» – дии-дии, саба сапсыйан, үүрэн, холдьоҕон таһаарар ыалларым санаалара көнөн олорор кэмнэрэ быһыылаах, соһуйуом иһин чэйдэттилэр. Кинилэр санаалара самныбытыттан эбэтэр сайбытыттан арыт-ардыгар сырдык тыын быһаарыллар «улуу» дьоно. Лэппиэскэлээхтэр, үөлүллүбүт соболоохтор уонна өссө ынах эттээхтэр. Аска өс суох, тото аһаатым. Сонно чэйдээн бүтээт Чөккөйбүн кытта сатыы Алааспытыгар бардыбыт. Мотуруун сиппит-хоппут, сааһын үгэнигэр, дьэтигэр сылдьар дьээбэлээх-хооболоох дьахтар, эйэҕэс-сайаҕас баҕайы майгылаах. Сэргэх аргыстаах киһи суол уһунун билбэт. Били тыаҕа муна сылдьан тугу да сэҥээрбэт буола ыксаабыт бэйэм арааһы бары сонуннук көрөн-истэн сэргэҕэлии, оҕо киһи сиэринэн, үгэспинэн, кыраҕытык сыныйа истим. Субу-субу эриэн күрдьүгэс кутуругун хоротон баран сүүрэр, икки омурда култайыар диэри тугу эрэ айаҕар дэлби симиммит буолар. Хорос гынан кэлин атахтарыгар олоро биэрэн ол-бу диэки олоотоомохтуур, көрүөлээмэхтиир. Эмискэ үлүгэр тииккэ тииҥ куһугураан тахсар, чыпчаххайынан салгыны куһуйан эрэргэ дылы, сытыы тыҥырахтардаах тиҥилэхтэрин тыаһа сүрдээх. Чөрбөйөн, дьэргэйэн түһэн сэргэҕэ бөҕөтө. Онно-манна тиит, үөт лабааларыгар тэллэйи хаһаанан кыбыталаабыта көстөллөр. Сугун абаҕатын быыһыттан, арбах анныттан, сөкү иһиттэн бороҥ куобахтар онньоҥхолуу ойуолууллар, мас көтөрдөрө тилигирэһэллэр. Халлаан куйааран аһыыка буута чачыгырыы тыаһыыр, тэмэлдьигэннэр араастаан хойуостаҥнаһаллар, илибирии-талыбырыы, сардьыгынаһа-сырдьыгынаһа тэйбэҥнэһэллэр. Сыһыы, хонуу силигилии сиппит ото, симэҕэ, чээлэй чэчигэ, сатыы дьону сэмэйдик сэҥээрэн, сиккиэр тыалга хоҥкуҥнаһа, долгулдьуйа хамсаан кэннибитигэр хаалаллар. Дьэрэкээн ойуулаах кинигэ лииһин арыйар курдук бииртэн-биир саҥа кэрэ көстүү арыллан иһэр…

Баччаҕа өрүү буоларыныы, ханна эрэ субан туруйалар хаһыытаһаллара, дөрүн-дөрүн күүскэ силбиэтэнэн ылар сайыҥҥы сайаҕас тыалга охсуллан, ситэн, силигилээн ахан турар от-мас мутукчатыгар, сэбирдэҕэр иҥэн, симэлийэн, бэрт ыраах дуораһыйан, сүтэ-сүтэ иһиллэр… Сууйбут курдук ып-ыраас халлааҥҥа оол курдук оҕо киһи сытыы хараҕар эрэ көстүөххэ айылаах үрдүктэн-үрдүккэ элиэлэр кынаттарын быластаан эргийэ көтөллөр…

Хайыы-сахха үөрдүһэ охсубут кустар күөлтэн-күөл ыккардыгар от үрэҕи бата, сиһи быһа соруктаах аҕайдык сулукуччуһан ааһаллар.

«Оо, санаа баттыгаһа суох үтүө олохтоох киһиэхэ кэрэ да күннэр үүнэн турдахтара…» – диэн испэр арааһы саныыбын. Оннооҕор бу мин курдук, сыһыы ортотугар ойдом үүммүт хахыйахха дылы кимэ да суох төгүрүк тулаайах хаалбыт оҕо киһи ийэ айылҕа барахсан бу айылаах сүрэҕи-быары өрүкүнэтэ хамсатар үтүө көстүүтүн сэргэхсийэ сэҥээрэбин. Оо, арай дьонум бары этэҥҥэ, өлүөр баар буоллуннар, хара кырыыстаах сэрии буолбатах буоллун, үтүө да олох буолуо этэ ээ…

…Балтараа көс курдук барбыппыт кэннэ сэндэҥэ мастаах тэҥкэ тыа быыһынан Тээкиччэ күөлэ кылапаччыйан көһүннэ. Тээкиччэ өтөҕөр киирдибит. Мин туруорбах балаҕаным оол курдук буор сыбаҕа көөрөттөн, эркиннэрэ, сутаан өлбүт сылгы ойоҕоһун курдук, атыгыраан, элэтэ соҕотох хаалбыт тыыннаах иччитин хараара чөҥөрүспүт түннүктэринэн ыраахтан сайыһа көрбүккэ дылы наҥналлан тураахтыыр…

Мискээйэптэргэ кэлэн киирдибит. Аппаҥалык эмээхсин уонна Огдооччуйа бааллар. Өл хабан аһаатыбыт. Төһө да сут, аас дьыллар кэлтэрин иһин, сайын аата сайын, кыһыҥҥы курдук кыһыччы күннэр буолбатах. Кытыйаҕа суорат кутан биэрбиттэрин сэлибирэтэн кэбистим, үөлүллүбүт мунду сиэтим. Чэйдэрэ хатыҥ чэриитэ. Лэппиэскэ диэн күндү ас суох ыала.

Талах оҕустарын харсыһыннаран оонньуу олорбут Ыстапаан, Чөккөй Мотуруунтан кыбыстан, быыс кэннигэр киирэн саһан хаалла. Көстөкүүн уҥа атаҕын сототун хоҥуруутун сүгэнэн охсон дэҥнэнэн кэбиһэн балаҕаныгар баар, сирэй оһох иннигэр эчэппит атаҕын дыраччы тэбэн олорон, көбүс-көнө саастаах маһы тыыран туу маһа тырыыҥкалыыр. Кыраҕа кыйыттыбат холку киһи ону-маны ыйыталаһан, ыаспайдаһан хата сэһэнэ-сэппэнэ, саҥата-иҥэтэ дэлэй. Мин мунуом иннинэ кинилэргэ хонон ааспыттааҕым. Ол иһин Огдооччуйа:

– Хайа, тоом, төннөн иһэҕин дуу? – диэн ыйытар.

– Ээ, төннөн иһэбин… – муммуппун тоҕо эрэ кэпсээбэтим.

– Хата аргыстаһан сири билбэккэ кэллибит, ону-маны кэпсэтэн, – Чөккөй Мотуруун көх-нэм буолар.

Аһаан, сээкэйи баллыгыраһа түһэн баран салгыы бардыбыт.

Тээкиччэ өрүү да өнөрдөөн үүнэр ходуһатынан хаамсан иһэн көрдөххө, от бөҕө оттоммут, кэбиһиллибит, өссө да оттуу сылдьаллар. Оол курдук ыраах оҕус сиэтиилээх икки оҕо кыдамаһыттарга отторун тартаран аҕалан биэрэ тураллар. Кинилэртэн тэйиччи хадьымал иэнин биир гына, сорох сиринэн тэллэх баттаһа хойуутук бачыгыраабыт бугуллары биир хара бэкир киһи отун кураанахтаан, сүөкээн кэлбит оҕо оҕуһун сыарҕатыгар харса суох тиэйэн үллэҥнэтэр.

Күөл арҕаа эҥээригэр элбэх отчут көстөр: сорох охсор, сорох мунньар. Эбэ кытыытыгар, үөһүгэр, дьонноох сиртэн тэйэн, кус эгэлгэтэ хараара устар. Илин култукка оҕонньоттор маарылааннар, эрдиилэрин салбаҕынан ууну таһыйан күппээрдэллэр…

Биһиги киэһэ сөпкө соҕус, хонукпутун баттаһа, Иччилээх эбэбитигэр кэллибит. Чохооччу эмээхсининээн, улахан кыыстарынаан балаҕаннарыгар бааллар. Ыалбар хайдах муна сылдьыбыппын кэпсээтим. Аһыы олорон сэһэргэһии барыта мин муммутум, ханан-ханан тэлэһийэн, эргийэ көтөн Ыарыкчаан күөлүгэр тиийбитим туһунан буолла. Үөлүллүбүт мундуну, буспут быччыкыны, Чохооччу тиргэлээн ылбыт куһун тото-хана сиэн, үүт аннылаах хатыҥ үөһэ чэйи иһэн аһаатыбыт. Дьонум арыый атын туһаайыыны, тиэрэ хайысханы тутуһан барбытым буоллар, отой да таһы-быһа, уҥуох-тирии мунуохтааҕым туһунан кэпсэтэллэр, миигин аһынан сололоро суох…

* * *

Моотордорбор, Чохооччуларбар, үксүн бу икки ыалга, хонон-өрөөн күһүҥҥэ этэҥҥэ тиийдим. Оҕо киһи ол-бу сорук-боллур аайы омуннуран ойоро-тэбэрэ үгүс – ыстаан, ырбаахы тырыта-хайыта көтүллэн, онуоха эбии уоттуйан, хайа самыы ууруу абырахха төрүт мөлтөөтө. Бэйэм да илии туппайа суох олордохпуна барыта санаа аалыыта буолан санньыйарым үксүүр, ол иһин соругу иһиттэхпинэ, саатар эрэ аралдьыйа түһээри, үөрэн сэк гына түһэбин. Урааннаах уһун кыһыны быһа дьиэҕэ бүгэртэн саллан, саатар самаан сайын көҥүл көччүйэн хаалаары, оҕонньору, эмээхсини, дьону батыһан саппай уопса сылдьан илии-атах буолан, «сээн» да дэттэрээри, сээкэйи көмөлөһөбүн.

Арыый да сэнэх, кыһыҥҥы өттүгэр кэтэр таҥастарбын: хара торукуо соммун, тииҥ бэргэһэбин, этэрбэстэрбин куллукаларын, кэтиинчэлэрин кытта – чөкө суулаан, сэбэһэ быанан баайан ууран кэбиспитим Моотордор хатырык үрүттээх хоспохторун иһигэр ынах тириитинэн сабыллан турар. Улахан баайдаах киһи курдук онтубун сөп буола-буола сиигирэн сытыйыа, түүнүгүрүө диэммин, чэмэлкэй күннээх халлааҥҥа таһааран куурдабын. Тэстибэт хоспоххо турар таҥас туох буолуой, кураанах. Хата, тугун сөбүлээн эбитэ буолла, тигээйи уйаланан хаста да онно тиктэрэн кыратык моһуогурдум.

Сайын, этэрбэстэрбин харыстаан, атах сыгынньах сайылаатым. Бэл Тээкиччэҕэ дьоммун кытта олорор эрдэхпинэ бэйэм баҕабынан атах сыгынньах сайылыырым, онон үөрэммит үөрүйэҕим, ол эрэн хаһыҥ түстэр эрэ олооччубун анньынарым. Оттон Чохооччуларынан, Моотордорунан сайылыырбар Дьөрөөмө биэрбит этэрбэһин эрэ ардыгар кэтэрим, кэлин үксүн атах сыгынньах сылдьыбытым. Тилэхтэрим муос курдук чэрдийэ-чэрдийэ быһыта ыстаналлара, ол ыарыыта киһи силиитигэр тиийэ дьаралыйара. Халыҥ чэр ырдьаччы хайдыбыта аны оһо охсон биэрбэтин оҕото сыттаҕа. Сотом бөтөҕөтө кытта хатыра-хатыра быһыта ыстанан хаан оҕуолуура. Оччоҕуна туоһу хастаан сутуканан баайан дьоҕойон дьону үтүктэн отоһуттаммыта буоларым. Аны туохха эмит ыксаан, ыгылыйан иһэн, ыырааҕым быыһын, тарбахпын от-мас чоройо сытарыгар, силискэ-мутукка тэптэхпинэ ыарыыта абытайа диэн сүрдээх. Хаһыҥ түһэн, сир кырса кырыа сиигинэн кырымахтана бүрүллэрэ, оччоҕо, атахпын сылыта түһээри, сүөһү саҥа сааҕар үктэнэрим, ииктээн баран ол да үөһэ тура түһэн ыларым…

* * *

Мотуруун эмээхсинниин дьонтон уостатар сүөһүлэрин туруорар хотоннорун сыбаатыбыт. Былырыыҥҥы сүөһү ноһуомун биир сиргэ халыҥ баҕайы гына мунньан балбаахтаабыттара иһэ инчэҕэй эбит, ону өссө эбии уунан суурайан илитэ-илитэ уһаты күрдьэҕинэн либиргэтэбит.

Күн уота быһа сиэн хап-хара буола килэрийбит сирэйдээх Чохооччулар уоллара Бабаадай уһун сайыны быһа холкуос отчуттарын кытта тэбис-тэҥҥэ оттоһон баран, күһүн үөрэҕэ саҕаланыа аҕыйах хонук хаалбытын эрэ кэннэ биирдэ дьиэтигэр кэлэн, бэйэтэ этэринии, «сынньана» түһэр. Саҥалаах-иҥэлээх, сүрдээх куолдьар киһи. Миигиттэн икки-үс сыл аҕа. Оттуу сылдьан хайа эрэ киһиттэн төлө ыһыгыннаран бэриһиннэрбит балбааҥка сибиниэс эмтэркэйин быһаҕынан бысталаан, хобордооххо хатайдаан, мэкэчитэн, бөкүнүтэ түһэн баран саа ииттэн кустуур. Чохооччу хараҕа мөлтөөн сааламмат, биир уостаах, өксөкү төбөтө моһуоннаах сомуоктаах саатын уола сэп гыммыта хас да сыл буолбут. Саа иитиитэ көстүбэтиттэн, кэмчититтэн үксүн таах көстүү эрэ буолан эркиҥҥэ ыйанан турар тэрил.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации