Текст книги "Ийэм кэпсиир… (1 чааһа)"
Автор книги: Семен Маисов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 9 (всего у книги 13 страниц)
Чолоһуйа хантан кэлэн эмискэ манна баар буолбута биллибэт. Баҕар, атастаһыкка, уларсыкка бэдэрээккэ, дьаамҥа да сылдьыа. Ыҥыырыгар, сыарҕатыгар сымнаҕас быһыылаах аты хайа баҕарар туттуохтарын сөп.
Мин эбэм, эһэм, ийэм, таайым, ыппыт Маанчык, ынахпыт Тамма борооскутунаан бары өлбүттэрин, бэйэм хайдах-туох сылдьарбын аппар барытын кэпсээтим. Устунан, бэйэм бэйэбин аһынаммын, ытаан бардым… Чолоһуйа барахсан наһаа көрсүө, киһи аһыныах оттомноох дьүһүнэ миигин эбии уйадытар, аймыыр. Кини мин кэпсиирбин чахчы өйдүүр курдук иһийэн турар. Эмискэ-эмискэ тыас таһааран күүскэ ытаатахпына, барыах-кэлиэх сирин булбатахтыы, уҥа-хаҥас көрүөлээмэхтиир, «пуус» гына ис-иһиттэн эҥсэ тыынан ылар уонна эмиэ, күн уотугар нуктаан, төбөтүн хоҥкутан, мин курус кэпсээммин истэр. Ити курдук иэйэн-туойан тууйуллубут санаабын-онообун тоҕо-хоро сүөкээн арыый да чэпчиибин, син сэргэхсийбиккэ дылы сананабын…
Ийэбиттэн кэриэс гынан хаалларбыт малбын, Хочуолу күөлүгэр Хообуйаптарга олорон ийэм иистэнэр холбукатыттан ылбыт, сиидэс өрбөх кырадаһыныгар чөкө эрийэн хооймор суулаан укта сылдьар хаалаах хомуспун хостоон Чолоһуйаҕа көрдөрөбүн.
– Бу ийэм хомуһа дии, билэр инигин? Тыаһын да истибит ахан буолуохтааххын, – диэн хомуспун аппар көөчүктүүбүн, улахан харыстанар маллаах киһи быһыытынан киэн туттубукка дылы дьоһумсуйабын. – Охсон, тардан көрдөр диигин дуо?.. Ээ суох, мин хомуһу отой төрүт сатаан тардыбаппын бэйэҥ да билэҕин дии уонна баран хайдах итинник ыйытаҕын, соруйаҕын?.. Дьэ мин кэпсээтим туох, хайдах олорбуппун, киһи үөрэ истэрэ суох. Аны эн кэпсээ, саҥа иччиҥ төһө бэрдий?.. Көрүҥҥүттэн-таһааҕыттан сылыктаатахха, үтүө сыһыаннаахтар быһыылаах, тотуҥ, эмиһиҥ сүрдээх. Аҥаардас отунан, уунан-хаарынан аһылыктанар аатаҕын хайдах бу курдук куҥнаах сүөһүгүнүй, доҕор? Мин отунан эрэ үссэнэн сылдьыа суохпун. Эн курдук буолбут киһи баар ини…
Чолоһуйаны санаам сайыар диэри көҕүлүн, сиэлин истэри имэрийэн, тарбаан, сиһин таптайан таптаатым. Бэйэтэ да миэхэ имэриттэрэн бэрт көрсүөтүк дыраллан турар. Ат тылынан сатаан этиллибэт минньигэс сыта астыга сүрдээх, үүт-үкчү маннык кэрэ сыты Тээкиччэҕэ ийэбэр сиэл тыытыһан көмөлөһөрбөр билэрим.
Ханна эрэ хотон аана «лип-лап» тыаһаабытыгар, балаҕан халҕана хаачыгырыы аһыллыбытыгар, аны аты кытта бодьуустаһарбын дьон көрөн мөҕүө диэбиттии, халыҥ хомураҕы нэһиилэ оймоон дал таһыгар таҕыстым. Этэрбэһим оһо тобус-толору хаар туолбутун сүөкээтим, кэтиинчэм сэмнэҕин сотобор тардынан, сирийиитэ быһыта баран өҥө бараммыт куллукабын кэтэн, быаларын күүскэ тардан эрийэн баанан кэбистим.
– Манна баар кэмҥэр көрсөр буолуохпут, тугун наһаа хараастан… – диэн ботугураатым, сиэппэр уктубут хомуспун хат нэмийэн өрбөҕүн сыыһыгар болточчу суулаан, баайан хооймор угуннум. Иһинээҕи ырбаахыбын ыстааммар симинэбин, онон хомуһум сүппэтэ эрэбил. Аны билигин мин хооймуттан ким да ийэм хомуһун бэйэтин малын курдук илдьэ барбатыгар баҕас саарбах суох.
Сэрэйбитим курдук, Бөчөөх Өндөрөй, туур-таар сыыҥтыы-сыыҥтыы, балаҕаныттан тахсан далын диэки иһэр эбит. Мин, тыас хомунан, сэмээр тэскилээтим. Атым оол курдук миигин батыһа көрбүтүнэн хаалла…
* * *
Эмиэ үгэспинэн ыал устун хаамаайылаатым, мин «дьолбор», халлаан сылыйан син үлүйэн өлбөт кэмҥэ тиийэн эрэбин. Наар сайын кэлэрин кэтэһэбин, санаабар, сүөһүгэ дылы күөххэ үктэннэхпинэ киһи буолуохтааҕым курдук. Ол эрэн сааскы халлаан кубулҕатырара үгүс, ардыгар тыала-кууһа, силлиэтэ-буурҕата сүрдэнэр. Тибии типтэҕинэ, аччыктаан аат эрэ харата сүөдэҥниир киһиэхэ оннооҕор чугас олорор ыалга тахсар, барар-кэлэр улаханнык ыарыыр. Оннук күҥҥэ, таска тыал улуйар, энэлийэ эҥсиллэр, араастаан иэйэр-куойар тыаһын истэ-истэ, балаҕаҥҥа бүгэн олороргор эрэ тиийэҕин.
Сурах-садьык хоту иһиттэххэ, онно киһи хоргуйан өлбүт, манна ыал ыалынан буруолара сабыллыбыт үһү диэн буолар. Үксүлэрэ, били мин таайым курдук, «ис тиибигэр» хаптаран быстараахтаабыттарын туһунан кэпсииллэр. Ону истэн, мин куттана саныыбын, аны ис тиибэ миэхэ сыстыа, ол өрүһүллүбэт ыарыынан ыалдьыам диэн.
Бэтигэ ыалга хоно сытан сарсыарда сэргэхтик уһуктабын. Ол төрүөтэ – бүгүн эмиэ Чолоһуйаны көрсүөхтээҕим, кэпсэтэ түһэн кэлиэхтээҕим. Атым диэн чугас доҕорум буоллаҕа, оннооҕор буолуох дуона суох сылтах киһини сэргэхситэр, олоххо тардыһыннарар.
Чолоһуйаны хаста да кэлэн көрсүбүтүм кэннэ эмискэ хайдах күөрэйбитэй да, ол курдук мэлийдэ. Хааллан аһыы турбут далыгар били миэхэ кэлэригэр тоҥуу хаары оймообут суола эрэ сытта, ол да кэлин тибии тибэн остор оһон сотору сүтэн хаалла. «Чэ итиччэ биллибит сүөһү кэлин да кэлиэ…» – дии саныыбын. Бүтэй баҕанатын төрдүгэр хооймуттан хомуспун хостоон таһааран көрөн олоро түһэн баран төннөбүн.
Били сэниэлээх баҕайы киһи биир күн ааһан иһэр айанньыт сыарҕатыгар олорсон Бэтиттэн үс биэрэстэ холобурдаах Оҕуруоттаах диэн көлүйэ өтөҕөр олохтоох Чооҥуйдар диэн ыалга бардым. Көлөлөөх киһим боломуочунай эчи эйэҕэһэ-сайаҕаһа да бэрт, биир үксүн ол да иһин олорустум быһыылааҕа. Урут бу эргин кэлбэтэх-барбатах киһи этэ. Онон, баҕар, Оҕуруоттаахха соруктанан барар оҕо диэбит буолуон сөп. Киһим миигин аара суол арахсыытыгар түһэрэн баран үргүлдьү элэгэлдьитэ турда.
Өрдөөҕүтэ ийэбин кытта Чооҥуйдарга сылдьан турардаахпыт. Айан суолуттан туораан, саһаан маһа тиэйбит сыарҕа ыллыга килэритэ хайытан дьурулаппыт холлороонун устун сыыһа-халты үктэнэн охто-охто ыалбар тиийдим.
Чооҥуйдарым хоргуйан букатын иэдэйэн олороохтууллар, күскэччи испит сирэйдээхтэр, кэргэттэриттэн хас да киһи өлбүт. Сиҥэ кутан биэртэрин истим уонна туохтара да суох. Арааһата, оҕолор эрэйдээхтэр өлбүттэр быһыылаах, урут ийэбин кытта сылдьарбар сыры-сыллатааҕы уу ньулдьаҕай оҕолор бааллара тоҕо эрэ көстүбэттэр. Хата ол оннугар эни-мини араарбат буола түөһэйбит Лаҕыр эмээхсин диэн ааттыыр эбэлэрэ дьоройон олорор. Мин дьиктиргиэм иһин, эмээхсин сабыс-саҥа дьэрэкээн ойуулаах сиидэс ырбаахыны лаҕыай буола киртийбит эргэ ырбаахытын таһынан бойбоччу кэппит.
– Коок!.. Уу, бу отон элбэҕин, уу, үүммүтэ үгүһүн, аам… ньээм… амтана минньигэһин… – дии-дии, били саҥа ырбаахыта отон ойуулааҕын ону ичигэстээн сиэн, тииһэ-уоһа баранан ньамньыйбыт айаҕын тыаһа ньамыргыыр.
Лаҕыр эмээхсин Сөдүөт диэн уоллааҕа бэҕэһээ киэһэ мас сүгэ тыаҕа тахсыбытынан биллибэтэх.
Мин киирэрбэр оронугар лигиир сыппыт кийииттэрэ, күөдэл-таһаа курдук бүрүнэ сыппыт суорҕанын иһиттэн бэрт нэһиилэ оронон туран баран, биир кэм:
– Били киһи кэлбэтэ… били киһи биллибэтэ… – диэн үрүт-үөһэ хатылаан муҥатыйан муҥнанар, ытамньыйан ылар. Кийииттэрин аатын истибитим буолуо да, умнан кэбиспиппин, ону ким этигиний диэн ыйыталаһа, туоһулаһан токкоолоһо барбатым.
Күн дьааһыгыртын кэннэ кэлбит киһи хаһан төннүөхпүнүй, ыалбар хоннум. Түүн тоҕо эрэ аанньа утуйбатым. Лаҕыр эмээхсин уһун түүнү быһа үлүгүнэйэн биир кэм бап-баллыгырас, онно эбии үллэҥнэс кулакы быһа сиэн сордоото. Сарсыарда туран сылбырхай ууну кытта эргэрэн амтаннаммыт куллуку тобоҕо буспутун дьиэлээх дьахтар солуурчахха сылыппытын сиэһэн дуомнанан баран эрдэ-сылла, арыый да сэниэлээх эрдэххэ мантан бара охсуохха диэн Бэтибэр төнүннүм. Бу тухары били мас сүгэ тахсыбыт Сөдүөт диэн дьиэлээх киһи биллибэтэ. Кэргэнэ көрдүү тахсыбыт киһи диэн, ол курдук ытамньыйа, сулана хаалаахтаата.
Маҥнайгы омуммар биэрэстэ курдук сири син хаамтым, онтон сэниэм, сырам-сылбам эстэн хаалла. Аны хас хонукка алтан солуурчахха турбута биллибэт балык тобоҕун сиэһэн иһим ыалдьан иэдэттэ… Этим-сииним букатын нукаай курдук, сүһүөхтэрим бэрт дьиктитик, кычыгыланарга дылы дьаралыйа нүөлүйэллэр. Ити-бу сынньанан үс биэрэстэ сири син кээрэтэн Ньоҕоро оҕонньордоохпор кэллим.
Хас да хонон баран Чооҥуйдар эбэлэрэ Лаҕыр эмээхсин кийиитинээн хоргуйан өлбүттэр үһү диэни иһиттим. Тоҕо эрэ Сөдүөтү ахтыбаттар, ол киһи тыаҕа охтубутунан ол курдук суор-тураах аһылыга буолан сытаахтаатаҕа.
Син инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан ыалтан-ыалга хонон-өрөөн, күн-хонук бэйэтин дьаалатынан устан истэ. Ханна да бар – быстыынньа олох.
Биирдэ төттөрү-таары тээспэҥнии сылдьан, санаа киирбиччэ, тэһийбэккэ сугулаан дьиэҕэ кэлэн киирдим. Саатар сээкэйи баллыгыраһан сэргэхсийээри мустааччы элбэх. Эмиэ бэйэбэр холоонноох, хоргуйан хойуорбут көмүскэлээх иэҕэҥнэһэ-куоҕаҥнаһа олорор дьон өрүү баһаамнар. Күнү эрэ кээрэппит, хонугу эрэ тыыннаах туораабыт киһи диэбиккэ дылы, түүл-бит курдук үлүбээй олох… Киирэн лэкэчэк баарыгар олордум… Ол мин кимниин санаа үллэстэн ыаһахтаһар киһи буолуохпунуй, дьон саҥатын, кэпсэлин истээри… Бу олорон көрбүтүм, биир эдэр баҕайы нуучча кыыһа кэлэр-барар, хоско киирэр-тахсар… Урут хаһан да биэлсэр, быраас диэҥҥэ көрдөрбөтөх киһи кимин-тугун билбэппин, баҕар, боломуочунай, хассабыык кыыс буолуо дии саныыбын. Ыксабар ньамньыйан олорор эмээхсинтэн:
– Ити кимий? – диэн ыйыттым.
– Биэлсэр кыыс…
Табаах буруотун быыһыгар ууку-саакы, ньуу-ньаа саҥаны истэн олорбохтоһо түһэн баран, туох да ыйытыга суох биэлсэр кыыс хоһугар сырдьыгынаан киирдим. Ирбинньиктэнэн-сарбынньыктанан түһэн таҥаһым-сабым бүттэтэ суоҕуттан, кириттэн кыбыстарым сүрдээх эрээри, кыһалҕа кыһарыйан санаам харса суоҕа, бэйэм да чобуо соҕус киһи этим. Этэрбэһим иһинэн куобах куллука дуомнаах сыгынньах кэриэтэ атахпар оту эринэн кэтэбин, онтукайым, атаҕым таҥаһа сиигинэн быһытталанан, эриммит отум таска быган сарбынньахтанар.
Саҥа үлэлии кэлбит биэлсэр кыыс остуолугар умса нөрүйэн ытыс саҕа хайа эрэ кинигэни ааҕа олороро.
Мин симмэр түспүт эҥээрэ суох киһи:
– Туох эмэ астааххын дуо, бэрсиэҥ дуо?.. – диэтим.
Ас көрдүүрбүн биллэрэн илиибин айахпар уган көрдөрбүтэ буоллум. Инньэ гыммыппар, бу эрэйдээҕиҥ сулбу ойон туран кыра дьаһамыр ыскаап иһиттэн кытыйалаах эт ылан остуолга уурда. Ону мин түһээн көрөр курдукпун. Миинэ хоргуннаах, эмис баҕайы сылгы этэ буолан биэрдэ. Өссө онно эбии лэппиэскэ эмтэритиллибитин эбии уурда, чэй кутта.
Биэлсэр кыыс бэл мин көрөрбөр эдэрэ сүрдээх, саҥа үөрэҕин бүтэрэн кэлбит быһыылаах. Төһө да эрэйи-кыһалҕаны эҥээринэн тэлэн сырыттар, кэрэ сэбэрэтин сүтэрбэтэх кыраһыабай дьүһүннээх, ис-киирбэх, бэйэтигэр сөрү-сөп уурбут-туппут курдук таҥастаах-саптаах, уот кугас уһун суһуоҕун мөлбөччү өрүммүт.
Эти сиэтим, миини истим, куруускалаах чэйбин киллиргэтэн кэбистим, өссө лэппиэскэни хоонньубар угуннум эҥин. Эппиккэ дылы, хараҕым дьэ сырдаата, хам аччык кэлбит киһи тотуохпар диэри аһаатаҕым үһү. Нуучча кыыһа, сирэй оһох иэдэһигэр сыстан, саал былаатын санныгар быраҕынан быар куустан, мин кимири-хомуру аһыырбын көрөн туран харахтарын уута халыйбытын сөмүйэтин кырыытынан соттон кэбиһэр уонна наһаа ис-киирбэхтик, төбөтүн кыҥначчы туттан, биир кэм мичээрдиир…
Биэлсэр кыыска махтанным. Аата-суола кимин, оҕо буолан, ыйыталаһа хайыы барбат судургу майгылаах, эҥинэ-иктэтэ суох киһи буолан биэрдим. Таска тахсан топпут киһи быһыытынан манньыйбычча, ыксаабакка, наҕылыччы: «Бүгүн хайа ыалга хонобун?» – диэн испэр сыымайдыы-сыымайдыы, ыраах харааран көстөр эбэ уҥуоргу ыалларын диэки бара турдум…
Сорох ыал хоноһону отой көрбөттөр, киһи киирдэҕинэ туох эмэлээхтэрин кистээн кэбиһэллэр, түтүө-татыа тутталлар, кэпсэтэллэр. Ону баалыы барыллыбат, туһугар кыһалҕа кыһайара диэн эмиэ баар суол. Мин наар, өрүү кэлэр-барар дьоннордооҕум. Аны туран кэлин, отой быстарыах курдук буоллахпына биирдэ ас көрдөһүөм диир туспа «хаһаас» ыаллардааҕым. Сугулаантан тахсан баран, ол бүччүм санаабыттан туораан, өртөн сорук оҥосто сылдьыбыт «хаһаас» ыалбар Махчалар диэҥҥэ кэлэн киирдим. Аҕалара Абыраамап Баһылай (Махча) – сэбиэт бэрэссэдээтэлэ. Үс хостоох ампаар дьиэлээхтэр. Дабыыдап Бүөтүр диэн атыыһыт дьукаахтаахтар. Махчалар бэйэлэрэ уоллаах кыыс оҕолоохтор. Миигиттэн кыралар. Дьукаахтара Бүөтүр ойоҕунаан Маарпалыын эмиэ уоллаах кыыстаахтар, отой кыра дьон. Баһылай ойоҕо Даарыйа эдэр дьахтар, ийэбин кытта бэртии этилэр. Ыалым астаах ыал буолан биэрдилэр: лэппиэскэни, буспут собону тотуохпар диэри сиэтим. Киэһэ адарай ороҥҥо типээх тэллэх тэлгээтилэр, нэк куобах суорҕан, кус түүтэ сыттык биэрдилэр. Сарсыардаттан табыллыбыт киһи быһыытынан сурда суох утуйан хааллым.
Сорох хоргуйан өлөр, сорох аһа «дэлэй»… Дьикти олох…
Махча миэхэ сыһыана үчүгэйэ, атыттарга хайдаҕын билбэтим, киһи майгыта туһугар таайыллыбатах таабырын кэриэтэ уустук.
Махчаларга хас да хонон лаппа сэниэлэнэн баран, эмиэ кэринэ, аны Илин Кыргыдайга, Тээкиччэҕэ, онтон салгыы «Чернышевскай» холкуос киинигэр Алааска бардым.
Төһө да үтүө сыһыаннаахтарын иһин наар биир ыалга хорҕойо сытарбыттан кэчэһэбин. Ардыгар биир эмит ыалга хонон олордохпуна, бэйэм курдук хайа эрэ хаамаайы сордоох умналыы киирдэҕинэ холдьоҕон да таһаарар ыаллар бааллар. Ону отой тулуйбаппын, сотору бэйэм тэскилиибин. Дьон майгыта араас: сорохтор сүрдээх хабыр сыһыаннаахтар, бэрт бэтиэхэ, аһара баран быдьар да быһыылаахтар. Кэлин үөрэнэн хаалан киһи түктэри кэмэлдьитигэр, мөкү сыһыаныгар отой кыһаллыбатым, онтукайым сүрдээҕин туһалыыра. Барыны-бары сүрэххэ чугастык ылынан сүөм түһэр буоллаххына уһун сонноммоккун.
Алаас диэн ааттаах күөл өтөҕөр түмсэн эрэр «Чернышевскай» аатынан холкуос ыаллара эмиэ бэйэлэрэ тыыннарыгар-күннэригэр олороллоро. Бэтигэ отучча ыал баара, Алааска сүүрбэччэ эрэ буруо, уоннааҕылар өтөх-өтөх аайы арҕам-тарҕам ыһыллан өссө да ситэри биир сиргэ түмсэ иликтэрэ. Алаас эргин урут кими да кытта сылдьа илигим, Бэти курдук билэр дьонум аҕыйаҕа. Ыал устун төттөрү-таары ускул-тэскил мээндэйдэнэ түһэн баран Боруллуолаах эбэҕэ дьукаах олорор Моотордор, Чохооччулар үөрэлэрин, хохтуларын санааммын балтараа көс курдук сири сатыы хааман тиийдим. Эмиэ сыра-сылба быһынна…
Киэһэ дьиэлээхтэр аһыы олорон кэпсэтэллэрин истибитим, сарсын Алаастан Оттооххо муҥхалыы ааһаллар үһү. Моотор икки Чохооччу оҕонньор икки миэхэ сыһыаннара бэрт эрээри, астарынан эмиэ татымсыйан эрэллэр эбит. «Оттоохтон баҕас сиэхтэрэ, бу үйэҕэ кураанах ыыппатах эбэ, бэл күрэҕэр баһаамы баһааччылар, эгэ туонатыгар…» – дэһэн эрэмньилээхтик саҥарсаллар.
Сарсыныгар кыһыҥҥы кылгас күн лаппа сырдаабытын кэннэ хас да сыарҕалаах аттаах дьон ааһан истэхтэринэ мин барыстым. Дайыыла диэн муҥхалаах киһи атын сыарҕатыгар олорустум. Тибии таҥалай курдук дьапталҕалыы типпит тоҥуу хаарын оймотон, кыыкырдатан-хаахырдатан уһуннук айаннаатыбыт. Хам бааччы, бэрт көрсүөтүк сыарҕа кэннигэр олорон, муҥха үтүмэҕэ хаары ойуулаан дьураа курдук тараадытарын одуулуубун. Лоскуй да былыт сыстыбатах ып-ыраас сааскы күөх нэлэмэн халлаантан күн уота күүскэ сыламната тыгара, сарпа сарадах сырдык сардаҥалар сүүс араас мөһүүрэ кыырпахтарын хаар үрдүгэр күлүмүрдэтэ оонньотоллоро… Кэлиҥҥинэн сыарҕалаах ат нэс, бытаан айаныгар бигэтэн утуктаатым. Илдьирийэн нэк буолбут тииҥ бэргэһэлээх төбөбүн хоҥкутан уум кэлэн утуйан барабын, өссө мээнэ үлүбээй тугу эрэ түһээн ылабын эҥин… Ол эрэн сотору-сотору сыарҕа сыҥааҕа суол оллуругар-боллуругар, очуругар-чочуругар охсуллан дьигиһийдэҕин аайы ходьос гынан көнө түһэбин, сэргэхсийээри тула-мала көрүөлэнэбин. Санаабар бэрт уһуннук сыннаран, кэмниэ-кэнэҕэс, хомнуо-хойут Оттооххо хонукпутугар биирдэ тиийдибит. Муҥхаһыттар Эйэҥ балаҕаныгар тохтоотулар. Биһиги олорбут өтөхпүт тумуһах нөҥүө буолан көстүбэт. Эргэрэн, эмтэрийэн көөрөттүбүт да буоллар син сэнэх соҕус симии оһоҕу оттон балаҕаны сылыттылар. Чохооччуларбыттан өйүө гынан хохту оҕото ылбыппын сиэтим. Баарыын сарсыарда өл хаппыппынан. Тоҕо эрэ сэниэм исиспиттэн букатын эстэн хаалбыт, мэйиим эргийэр, атахпын сыыһа-халты үктээтим да, сүһүөҕүм бокус гынан тобуктуу түһэбин.
Били сайын аайы балыктыыр, сууллан түстэ да тартаран чиччигиниир балыксыт Халый, дьон кэпсэлиттэн иһиттэххэ, быйыл сайын эмиэ үгэһинэн балыктаан, күһүн бултанан барбыт. Ол эрэн уһун кыһыны быһа уорастыйан турбут балаҕан киһи кута-сүрэ тохтуо суох дьэбир салгыннаах, никсик сыттаах. Сааскы халлаан хото сылыйан, күүскэ ириэрэн, балаҕан үрдэ тэстэн, түүнүгүрэн, эркиннэрэ сыырастаан, балык салыҥын курдук ньалҕарыйан-ньолҕоруйан тураллар. Хайа баҕарар дьиэ-уот, бэл саҥа тутуллубут балаҕан киһи олорботор эрэ дьиэ-уот аатыттан ааһар, сонно турбутунан эргэрэр, икки атахтаах иччилиирин эрэ тухары кини сэнэх «сэбэрэлэнэр», сэргэх көстүүлэнэр.
Аргыстарым дьүһүннэрин, муҥхаһыттары, Оттооххо кэлэн баран биирдэ үчүгэйдик көрдүм, бары билбэт, урут харахтаабатах дьонум. Тыыннарыгар-күннэригэр сылдьар сордоохтор ким туох ас дуомнааҕынан бэйэлэрэ үссэнэллэр. Көхсүлэринэн олорон айахтарын тыаһатааччылар да бааллар…
Урут хайа да сылга дэлэйдик, өлгөмнүк сиэтэр эбэбит кыһайыан иһин кураанаҕы куустарда. Бастакы күммүтүгэр күөлбүт төрүт тугу да бэрсибэтэ, дьиктитик мэлийдэ. Иккис күммүтүгэр дуона суох, бэрт кыра куллуку оҕото кэллэ. «Саатар бөдөҥүттэн бэрсибэт…» – дэһэллэр дьонум. Иккилии-үстүү быччыкыны буһаран сиэтибит, миинин элбэтээри олус уулаан кэбиһэн онтубут да уу ньамаан. Мин өлүү быччыкыбын тиис анньынар да уҥуоҕу хаалларбакка түөрэтин өҥүргэстэри үлтү ыстаан сиэтим. Аны туран сорох быччыкы тарыҥнаах. «Эбэ балыга, дьоҕойон, дьүдьэйээри гыммыт дуу, доҕор?..» – муҥхаһыттар ботур-итир кэпсэтэллэр.
Дьиҥинэн, хонон тураат, урукку сыллар курдук «баһан» ылаат төннөрдүү кэлбит муҥхаһыттар абаларыгар: «Баҕар, бүгүн кэлиэ, баҕар, сарсын сиэтиэ…» – диэн хас да хоннулар. Бэйэлэрэ да тото аһаабатахтара ырааппыт сэниэтэ суох дьон сааскы анньыы боруогун үс бүк ааһар халыҥ мууһу бэрт уһуннук сыралаһан тэһэллэр. Биир тардыыттан ордук кыаллыбат. Муҥха ийэтэ тахсар кэмигэр сирэй-харах туран сэргэхсийиэх курдук эмискэ тэтимирбит дьон кураанах ийэ холбойон кэллэҕинэ букатын сүөм түһэн хаалаллар, саҥа-иҥэ төрүт мэлийэр. Мин, балыкка тииһинэр санаалаах кэлбит киһи, дьоҕойон ону-маны тутуспута, соһуспута буолан дуомнанабын. Үһүс күммүтүгэр муҥхалаах киһибит Дайыыла: «Наһаа уччуйулунна, оҕолор иэдэйдэхтэрэ…» – диэн баран хаалла. Мин, балыкка эрэҥкэдийэн, Дайыылалыын төннүбэтим.
Өссө икки күн тартыбыт. Букатын мэлиттэ. Таах сыралаһыы таҕыста. Кэнникинэн сэниэм өһүллэ эстэн хаҕым эрэ сүөдэҥнээтим. Аһара баран айах хамсатан ыстыыр суоҕуттан оргуйбут уунан куртахпын толоробун, сүрэҕим өлөхсүйэн бэл ону да испэт буоллум.
Бэһис күнүгэр муҥхаһыттар, хонон тураат, кыыһырсыбыт, бурайсыбыт дьон курдук, биир-биир тэринэн өтөхтөрүн быстылар. Муҥханы тиэммит биир көлөлөөхпүт отой да мин утуйа сыттахпына онно оҥойбут. Арай туран миигин хаалларан кэбистилэр… Сыарҕа тыаһа эрэ сырылаата… Сатыы киһи суох… Баҕар, ити киһи ылыа, бу киһи олордуо диэн бэйэ-бэйэлэригэр найыласпыттара буолуо. Бүтэһиккэ Ньамах Ньукулай диэн ааттыыр Бааһынай Атыыра диэн сурахха-садьыкка киирбит үтүө Дьөһөгөй оҕотун холкуостан уларсан кэлбит оҕонньор хаалла.
Арай туран Ньамах:
– Бу сордоох баҕас манна сойор ини… – диэн айахтатта.
Инньэ диэтин кытта таска, сэргэҕэ бааллан турар Бааһынай Атыыра тыбыыран тырылатта. Ат тыбыырарын урут иһиттим ини, истибэтим ини, ол эрэн оннук иччилээх, атын аҕай энэлгэннээх эймэһийиини өйдөөбөппүн, бэл туохха да кыһаныа суох, хоргуйан өйүкү-төйүкү олорор киһи этим аһыллан «дьар» гына түспүтэ. Дьөһөгөй оҕото барахсан тугу түүйбүтүн мин өссө өйдөөбөтүм.
– Тугунан үс көс сири тиийиэ диэн «арчылаан» айахтатаҕын? – өс киирбэх инньэ диэтин ат эмиэ иккиһин иччилээх аҕайдык тыбыырда. – Киһи буолуох буоллаҕына киһи буоллаҕа ол, өллөҕүнэ өллөҕө ол… Мин ыырым атын… эргиир… төннүбэппин… Баҕар, дьон ааһыа, баҕар… – дии-дии, Ньукулай тахсан атын сыарҕатыгар олорон айаннатан сиэллэрэр тыаһа иһиллэн баран сүттэ…
Ньукулай тоҕо миэхэ итинник хабырдык сыһыаннаспытын сатаан санаабатым. Ама да тиийиммэт-түгэммэт олох буолбутун иһин, дьон киһилии майгыта суохтарын сөҕөммүн да, хайыам баарай, мин сорбор бары күннээҕинэн сылдьар татым санаалаах дьон түбэстэхтэрэ.
…Иччитэх балаҕан иһигэр соҕотоҕун хааллым… Тыас иһиллээбит курдук уу чуумпу… Симии оһох состуогун иннигэр чөчүөккэ курдук дьоройон олордум, өссө да бу илэ бүрүүкээбит иэдээни итэҕэйиэх санаам кэлбэт… Арай сааскы күн, амырыын алдьархай айаҕын аппытынан ааҥнаабытын билиммэккэ, наар кэрэни, үтүөнү эрэ түстээн, туос түннүк курдат буор муостаҕа сыыйыллаҕас сырдык сардаҥаларын түһэрэн турара… Сибилигин киһи өрүкүтэн тахсыбыт быыла уҥа-хаҥас устаҥныы, өрүкүйэ оонньуура… Уонна тыас иһиллээбит курдук уу чуумпута…
Ким миигин аһыныай, кимэ да, туга да суох киһини? Хараҕым уута халыйан түспүтэ айахпар киирэн, аһыы амтан биллибитэ. Өгдөх гынан күүскэ өрө сыҥан ыла-ыла, тыас таһаарбакка эрэ ытыы олорбутум…
…Сэниэ диэн отой суох… Бэл муус чомпойо ууллан, тыал курдары охсон куурдубут балаҕан хаптаһын халҕана ыараабыта сүр… Таска таҕыстым…
Ити курдук Халый хоспоҕо турарыгар саллырдаан кэлэн, иҥнэйэн түспүт атырыа саайыылаах титирик аан дуомнааҕын үтүрүйэн иһирдьэ киирдим. Адарай лаабыс анныгар, үрдүгэр Халый сытыйан хаалбыт сиикэй дьалтах баһын бырахпытын ичигэстээн сиэтим. Түөрэтэ күөх түүнүк. Хар-хур ыстаабыта буола-буола, дьүккүк гынабын…
Хоспохпуттан тахсан баран сэргэ төрдүн күн уота быһа сиэн моойдоон, хараардан чалбах халыппытыттан умса түһэ сытан дьоҕойон уу оҕото истим.
Үс көс сиргэ Чохооччуларга барар туһунан саныы да барыллыбат. Уҥуор Уоруу көлүйэҕэ олорор Өлөксөндүрүөп оҕонньор өтөҕүттэн көһөн турар. Балтараа көстөөх Бэрэҕэ арай Дьэрсиикэптэр эрэ бааллар. Онно да тиийэр кыах суоҕун төһө да биллэрбин, ханна да охтон өлбүтүм биир дии санаан, муҥхаһыттар суолларын кэннилэриттэн бардым.
Этэрбэспин Махчаларга хоно сытан абырахтаан дуомнаммытым хат силлэн букатын көҥдөй. Ньаппаччы сытыйан оһо хоймостон түһэн хаалан уҥуох сула сотом хоҥоруулара кырыыланан кылбаһа сылдьаллар. От угунньам сыыллан, убаан отой атах сыгынньах курдукпун. Эбэ хобурдаан көҕөрө көрөрө чугаһаан, кэбирээбит хаарын үктээтэххэ сиҥнэн сырылыы, сырдьыгыныы сүүрэр, көмүрүө биир кэм уймалас.
Күн барахсан эбии үөһэ тэмтэйдэ. Сырылатан түһэн сыралҕана сүрдээх. Күөл ортотун син ааһан, дьэргэлгэҥҥэ ордук омуннура багдайан, үллэн көстөр тумуһахха чугаһаатым. Хоргуйан сэниэм өһүллэн туймаарталаан ылабын. Хаар үрдэ эмискэ-эмискэ хаан курдук кытарыҥныыр, кута курдук кутаҥныы хамсыы-хамсыы, эмиэ да кылбаа маҥан буолар, сир-халлаан биир кэм силлиһэн симэлийэн сүтэр… Итирик киһилии иэҕэҥнии-куоҕаҥныы иһэн, хаста да сууллан түһэ-түһэ турдум, хаама сатыыбын да, сир өппөппүн. Санаабар, тумуһахха тиийдэхпинэ өрүһүллэр сир баарын курдук, биир кэм онно дьулуһабын. Этэрбэһим уллуҥа, баһа өрбөх курдук ыгылла сытыйан холлургуу-халлыргыы тыаһыыр…
Ити курдук тэмтээкэйдэнэн иһэн сырам-сылбам отой, букатын өһүллэ эстэн, тобуктуу түһэн аттыах курдук дьүккүҥнээн баран, устунан сытынан кэбистим… Кып-кырылас, дьэп-дьэҥкир көмүрүө хаары бобо ытыһан айахпар уган ыстаан көрдүм да, дьэгдьийиэх быһыы суох…
«Даах!.. Даах!.. Кулук-халык!..» – саҥарса-саҥарса, хайыы-сахха ханыылаһан элбии охсубут тураахтар, суордар, киһи сытарын көрөннөр, үрдүбүнэн эргийэ, элиэтии көтөллөр. Арахсыбакка сээбэҥнээн ыксабар түһэн даадаҥнаһаллар. «Чэ сити, сииллэр, оннооҕор бадарааҥҥа батыллыбыт, тыына-тыбыыра сытар сэниэлээх сылгы хараҕын тыыннаахтыы оҥор көтөрдөр киһи гымматтар…» – дии саныыбын. Суордар дыгдаһан түһэн эчи улаханнарын, үскэллэрин… Ытамньыйан да туһа суох… Хамсаабакка таалыахпын, утуйуохпун олус баҕарабын. Харыһыйарбын харахтарбын кистээн, сирэйбин куоттаран, тииҥ бэргэһэм кулгааҕын быатын түмэ тардыммыта буолан, сүүспүн икки харыларбар ууран төһө өр сыппыппын билбэтим… Арай туран тулабар эргиччи дьон бөҕө мустубут… Түөрэ ойбон тэһэн оҥотон, түөрэйдэрин үктээн, маҥкыларын кэдэҥнэтэ булаан, халлаан диэки хантайан туран, куйуурдаан куоҕаҥнаһаллар-иэҕэҥнэһэллэр… Эмискэ мин ыксабар биир ойбон уута түллэх-үллэх гынаатын кытта, күтүр улахан собо төбөтө быган кэллэ, лапчааннарынан ойбон хайыҥын таһыйа-таһыйа, ыыс араҕас өрөҕөтүнэн үнүөхтээн быһар быһаҕаһыгар диэри күөх хобур мууһугар сынан таҕыста, хайыыта хапсыҥнаата, айаҕа оппоҥноото…
– Һууй!!!
– Аа-ай!!! – диэн бэрт киэҥ хаһыыттан уһугуннум.
Көхсүбүттэн туох эрэ, ким эрэ сүр күүскэ тэбинэн кэбистэ. «Кулук-халык!..» саҥаны кытта кынат тыаһа куһурҕаата…
Ыксабар эттээх аттар туйахтарын тыаһа, сиҥэ уутун бырдааттата ыспахтаан, эрчимнээхтик хобурҕаһан-лабырҕаһан кэлэр тыастара иһилиннэ. Дьон кэпсэтэн ньамалаһаллар…
– Хайа сордоох эбитэ буолла?..
– Оҕо дуу, доҕор?..
Мин, дьон саҥатын истэн, хамсаатым.
– Тыыннаах!..
– Оо, ити… көтөрдөр…
– Ээ, били Кэнээрэптэр кыыстара сытар дии, – диэн икки аргыстан саастаахтара аттыбар кэлэн умса нөрүйэн туран тыл ыһыгынна.
– Бүөтүр балта буолбат дуо?.. – эдэрэ эмиэ биллэ.
Хонноҕум анныттан өрө тардан, өйөөн туруордулар. Ырбаахым эҥэлэйэ барыта сиҥэ уута иҥэн ибис-инчэҕэй. Сууллуо диэн сэрэнэн тула көтө сылдьан тэбээтилэр, эмиэ да таҥаспын ыган эҥин сүпсүгүрдүлэр. Иккиэн сыарҕалаах аттаахтар эбит, ол гынан баран били Эйэҥ балаҕаныгар төннөн таҕыстылар. Өрүү да өтөххө айан дьоно чэйдээн ааһаллара. Илин Кыргыдай, «Чернышевскай» холкуос киинэ Алаас ырааҕа… Хата айан суола буолан, өрүһүллэр быабар түбэһэ түспүттэр. Чиэски, туора сиргэ охтубутум буоллар, өлөрүм чуолкай этэ. Халбаакыттан Илин Кыргыдайга ынах айахтаабыттарын ыла баран иһэллэр эбит. Халбаакы Бүлүү куоратыттан үс көстөөх, биһиги эҥээр– тэн отой ыраах, чиэски сир. Чопчу бу күн түбэһэ кэлтэрэ дьикти… Кырдьаҕаһа Дьөрөөмө диэн оҕонньор, эдэрэ Көстөкүүнэп (Хоноһо) диэн ааттыыр киһилэрэ. Толору ааттарын ыйыталаһан билэр эҥин суох. Ким, туох диэн ааттыылларын, ыҥыралларын хоту.
Көстөкүүнэптээх балаҕаҥҥа киирэн оһох отто оҕустулар, хаар симэн солуурчахха чэй оргута уурдулар. Ибис-инчэҕэй халтаҥ соммун устан баран тарбыйах суулаары ылбыт тэлэгириэйкэлэрин кэтэртилэр. Дьөрөөмө киэһэ ыалга атаҕын таҥаһын куурдунарыгар анньынар ынах этэрбэстээҕин кэтэртэ. Кэтиинчэлээх өссө.
Хоноһолоох аһылыктарыттан сиэстим. Арыылаах лэппиэскэлээхтэр, лааппы чэйэ чэйдээхтэр. Оо, сиикэй арыы амтана минньигэһэ бөҕөтө… Эмискэ тото аһаан аны иһэ дэлби барыа диэн кыра-кыралаан аһаттылар. Сотору дьонум хомунан миигин илдьэ бардылар. Бэйэ-бэйэлэрин кытта айахтара хам буолбакка кэпсэтэр-ипсэтэр, саҥарар-иҥэрэр күө бааччы аргыстарбын кытта бэл суол уһунун билбэтим. Дьөрөөмөм этэрбэһэ сып-сылаас, кубус-кураанах, илийбит атахтарым итийэн-итийэн баран кууран бэрт минньигэстик дьырылыыллар.
Алааска кэлэн, холкуос бэрэссэдээтэлэ Миитэрэй Дабыыдап солбуйааччыта Чэмпэрилиэн Ньукулай диэн киһиэхэ тохтоотулар. Ыаллар халбаакылары чэйдэттилэр. Миигин тоҕо эрэ остуолга ыҥырбатылар. Чэмпэрилиэн Ньукулай уруккуттан да дьэбир майгылааҕынан биллибит киһи этэ. Ону хата Дьөрөөмөлөөх Хоноһо: «Кэл чэйдэс…» – диэннэр бииргэ олорон аһастым.
– Хайа ыалтан кэллиҥ?! – диэн ыйытта дьиэлээх киһи. Арааһата, миигин дьон кэлбитин түбэһэ көрөн эмиэ умналыы киирдэ диэтэ быһыылаах.
Дьөрөөмө оҕонньор:
– Бу собус-соҕотохтуу Оттооххо быраҕан кэбиспиттэр, суолга охто сытарын аҕаллыбыт. Син тиэйэн илдьэллэр эбит дии, төннөллөрүгэр тоҕо илдьэ кэлбэттэрий? Куһаҕаннык гыналлар эбит. Дьоно сээкэйдээх буолуохтара, таҥаһа-саба ханна баран бу сыгынньах сылдьар оҕонуй, доҕор? – диир.
– Ээ, ол хаһан кинини төттөрү-таары мэскэй гынан тиэйэ сылдьыахтарай, айан аартыга сиргэ ким эмит син биир түбэһэ түһүө этэ буо, – Чэмпэрилиэн хоруйа хата судургу.
Холкуос бэрэссэдээтэлин солбуйааччы саҥатын истэн Хоноһо иһэ олорбут чэйигэр чачайа сыста. Дьөрөөмө оҕонньор айаҕар тиэрдэн испит арыылаах лэппиэскэтин тохтотон Чэмпэрилиэни дьиктиргээбиттии, сүрүргээбиттии көрөн ылла. Ыалдьыттар сирэйдэрэ-харахтара хайдах эрэ куһаахарык буолан хаалла. Ол да буоллар бэркиһээбиттэрин тастарыгар биллэрбэтилэр. Мин, хаҕыс сыһыаҥҥа, араас үтүргэҥҥэ «буспут-хаппыт» киһи, Чэмпэрилиэн саҥатыгар төрүт кыһаллыбаппын. Мөкү киһи мөкүтүк сыһыаннаһара ол сонун буолбатах, буолуох буолуохтааҕын курдук. Хата ол оннугар үтүөтүк саныыр киһиҥ хаҕыстык сыһыаннастаҕына хомойон, эрэлиҥ эстибиччэ, сүөм түһэн сөҥүдүйүөххэ сөбө этэ.
Бу күн мин манна хоннум. Чэмпэрилиэн Ньукулай син киһи буолан дьон баарын иһин туттунна быһыылаах, хонорбун утарсыбата. Бу иннинэ хаста да киирэ сылдьыбыппын холдьоҕон таһааран турардаах. Эгэ айах хамсатары тугу эмэни дук гыныа дуо? Хата кэргэнэ Мыыкыйа Маарыйа баара, аһынан, эрэ көрбөтүгэр кэм аһатааччы. Ардыгар тэлгэһэлэригэр чугаһаан иһэрбин көрөн: «Били киһи баар, мантан бар… оо, сордоох оттон… кэлин… кэлин биллээр…» – диэн саба сапсыйан ыытара.
Сарсыарда дьонум ааттаах эрдэ туран чэйдээтилэр.
Дьөрөөмөлөөҕүм баар буоланнар мин эмиэ аһастым. Хоноһо ыаллар тардыбыт астарыттан: «Маны сиэ, итини амсай…» – диэн миигин хадаҕалыыр. Чэмпэрилиэн Ньукулай ону сөбүлээбэтин биллэрэн, көҕөччөр буола кыырыктыйбыт баттаҕын хоппо курдук кэтит ытыһынан имэринэ-имэринэ, миигин кынчарыйар. Ойоҕо эриттэн толлон, тугу да билбэтэх-көрбөтөх киһилии, букатын иэдэс биэрэ сылдьар, төрүт көрүөн да баҕарбатахтыы туттар. Арай Бэти сугулааныгар көхтөөхтөр испэхтээх туруордахтарына, үүт-үкчү ити курдук туттан-хаптан, көрөн-истэн чоҕулуҥнаталларын тэһэ санаан, тиэрэҕэ тиллэр, эмиэ биир дьикти бэтиэхэ майгылаах киһи хата күлүөх санаам кэлэр. «Аны бу кэннэ бу уораҕай боруогун атыллыыр, үтүрүйбүттэрин да иһин манна үктэнэр биллибэт… Кэриэс…» – дии саныыбын.
Дьөрөөмө оҕонньор эрэйдээх этэрбэһин, тэлэгириэйкэтин миэхэ биэрдэ.
– Дьоҕойон кэтэ сырыт, ити да таҥас буолаахтыа дуо, – диир да, миэхэ таҥас.
Дьэкиимэп Сөдүөттээх диэн сүөһүлэрин айахтатан туруорбут ыалларыгар бардылар. Мин хаалсыбатым. «Аны соҕотоҕун хаалбытым кэннэ Чэмпэрилиэн сынньыа…» – дии саныыбын. Бэйэм буоллаҕына хайа эрэ ыалга киирэн ип-ичигэстик, сып-сылаастык, тэллэхтээх, суорҕаннаах ороҥҥо утуйуохпун баҕарарым сүрдээх.
Халбаакылар өтөрдөөҕүтэ төрөөбүт ньирэйдээх ынахтарын ыллылар. Сүөһүлэри сыарҕаларыгар сэтиилэннилэр, дойдулаах дьон дойдуларыгар, өтөхтөөх дьон өтөхтөрүгэр барардыы оҥоһуннулар. Мин ити тухары Дьөрөөмөнү саппай уопсан, кулуннаах биэ курдук батыаккалаһа сырыттыбыт.
Илдьэ кэлбит ыһыктарын барытын да кэриэтэ миэхэ биэрдилэр.
– Бэйэҕит ыһыккыт?.. – си туруохтааҕар ыйытабын.
– Тоҕойуом, биһиги аттаах дьон туох да буолуохпут суоҕа. Көлөлөрбүт баҕас балаҕаммытыгар тиэрдиэхтэрэ, – Дьөрөөмө күн кыһалҕата суох саҥарар.
Саҥа төрөөбүт үчүгэйкээн бэйэлээх, эбириэн өҥнөөх тарбыйах кулгаахтара таллайан, харахтара хараара чоҕулуһан сыарҕа адарайын үөһэ сытар, титириир. Мин ньирэйи аһынан:
– Тэлэгириэйкэҕитин ылбаккыт дуо?.. Тарбыйаххытыгар?.. – диибин.
– Тэлэгириэйкэҕин сон гын, сон да диэхтээн, ити да таҥас суоҕар таҥас ини. Биһиги тарбыйаҕы отунан суулуохпут. Сонуҥ бүтээхтээбит. Уонна халтаҥын, бу дьыбарга аны тымныйан ыалдьыаҥ. Ыарыйдаххына дьэ отой да тэмтэрийэҕин, бэйэҥ нэһиилэ иэҕэҥниир аатаҕын, – Хоноһо тииһин быыһынан сыыйан силлээн «чыырк» гыннаран кэбиһэр, атын арҕаһын имэрийэ-имэрийэ, чэчиэккэтин төһө бөҕө олохтоох эбит диэбиттии түөрэҥнэтэн, анньыалаан көрөр. – Аны ити курдук ыраах, чиэски сиргэ мээнэ хайа түбэһиэх дьону кытта олорсон барсыбат буол, – диэн намыын куолаһынан саҥаран сүбэлиир.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.