Текст книги "Ийэм кэпсиир… (1 чааһа)"
Автор книги: Семен Маисов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 13 (всего у книги 13 страниц)
Салгыы хааман күөл хордоҕойун, угут ууга силистэрэ быһа сытыйан хаппыт үөттэри ааһан үөл талахтаах сиргэ тиийдим. Көрбүтүм, суолбун туора эмиэ киһи хараарар… Кыһыччаан диэн тыла суох уол баара түүрүччү тоҥон, муус кыаһаан буолан сытаахтыыр. Эмиэ быстаран охтоохтообут. Тоҕо эрэ этим тардан куттанным. «Аны мин эмиэ маннык дьылҕаланарым буолуо…» – диэн санаа охсуллан ааста. Сытар уолу атаҕынан эргийэн тумуннум. Күн бэҕэһээ дьон аараабыт айан суолугар биир түүҥҥэ, бэл бу соччо ырааҕа суох сир устатыгар икки киһи быстаран өлбүт. Бу иннинэ биирдиилээн суолга өлбүт дьону хаста да көрөн турабын.
Чохооччу кыргыттара ахсынньы аам-даам тымныытын саҕана Алаастан кэлэн иһэн аара суолга Уйбаныаптар диэн Тэптэрбит күөлүгэр олорор ыаллар сэттискэ үөрэнэр уоллара Туора Күөлгэ баран иһэн үлүйэн, чакылыччы тоҥон сытарын булбуттар этэ. Уол таҥаһын түөрэтин сыгынньахтанан кэбиһэн баран аҥаардас баккынан эрэ эбитэ үһү. Моотор оҕонньор: «Үлүйэн өлөрө кэлбит, өйүн-төйүн сүтэрэн эрэр сорох киһи хараҕар муҥур уһукка тулата барыта кутаалаах уот буолан «итииргээн» ньылбы сыгынньахтанан кэбиһэрэ үһү…» – диэн кэпсиирэ. Ким ону ыатаран, туох билиэ баарай?
Бэтигэ Махчаларга тиийдим. Аара суолга дьон өлүгүн көрбүппүн кэпсээбиппэр истэн эрэ кэбистилэр. Бэтигэ бэйэтигэр хоргуйан уонна ис тиибигэр ыалдьан өлбүт дьон өлүгэ сылбах курдук элбээбит кэмэ.
Аны Элтэкэлэр диэн төрүт быстыынньа ыалга үс хоннум. «Баай ыал тобоҕунан, дьадаҥы ыал баарынан-суоҕунан аһатар» диэн өс хоһоонугар этиллэринии, Элтэкэлэр туохтаах эмэлээхтэрин миигинниин тэҥҥэ үллэстэн аһыыллар. Аспыт да диэн, үтүө күннэр-дьыллар эбиттэрэ буоллар, киһи киһиэхэ аһым диэн кэпсээбэт аһа-үөлэ. Саас сүөһү төрүөҕэ тахсан эрэр кэмэ кэлэн, хоргуйбут киһи санаатыгар өрөһөҕө майгынныыр ынах кэнэҕэскитин быһыта кырбастаан, ону мииннээбитэ буолан дуомнанан эҥин сииллэр.
…Күнүс ылааҥытыйар. Күн көрөр өттүгэр балаҕан
үрүт хаара кыһыны быһа тыалга-кууска чигдитийэн нөрүйбүтэ ирэн таммалыыр, киэһэтин чопчулуур. Балаҕаннарын үрүт хаарын сэниэлээх, арыый да сүөдэҥнэһэр дьон тахсан күрдьүнэллэр.
Ыалбар үс хонон баран аны таһынааҕы ыалга, Уохалар (барыларын хос ааттарынан эрэ билэрим) диэҥҥэ таҕыстым. Баллырдаммыкка дылы саах сыбахтаах туруорбах балаҕаннаахтар. Киирбитим, дьиэ иһинээҕи дьон бары арбы-сарбы, кэри-куру көрүҥнээхтэр. Чэмэлкэй сырдыктан хараҥа балаҕаҥҥа киирэн баран хараҕым дьэ үөрэнэн өйдөөн көрбүтүм, хаҥас диэки дьахтар икки илиитин быар куустан өлөн чиккэйэн сытар. Өссө, соһуйуом иһин, хоонньугар оҕолоох… Били аакка-суолга киирбит Ырыа Дыгыйар ииттибит кыыһа Төккөөлөй Маарыйа эбит. Балтараалаах уол оҕотугар кураанах эмиийин эмнэрбитинэн иккиэн өлөөхтөөбүттэр. Уохаларга дьукаах олорбуттар.
Төккөөлөй урут ыанньыксыттыыр этэ, бэрт сайаҕас майгылааҕа. Кытта төрөөбүтэ суох, аатын ааттатыах соҕотох оҕото кытта өлөөхтөөбүт…
Төккөөлөй Маарыйа аттыгар тиийэн турдум. Дүлүҥ олоппос үрдүгэр, били эппиккэ дылы, бүтүөх бүппүтүн, быстыах быстыбытын кэннэ, хантан булбуттара эбитэ буолла, чохоол түгэҕэр тар оҕото кутан өлбүттэргэ ас ирээттээн уурбуттара бэрт минньигэстик дыргыйар, силбин быһа ыйыстабын. Кып-кыра уол оҕо этэ-сиинэ бурдугунан биспит курдук кубарыйан хаалбыт, ийэтин хоонньугар хам сыстан саһа, кирийэ сатаабыкка дылы кумуйбут. Маарыйа сордоох көрбүтүнэн барбыт быһыылаах, халтаһаларын саба имэрийбиттэр эрээри, уоран кылатан, кыраҕытык сыныйан одуулаһарга дылы. Мин киһи эрэ аһыныах алын уоһун мэрбэппитинэн сытар оҕону көрөн сүрдээҕин аһына санаатым…
Арай бу турдахпына эмискэ таһырдьаттан Хаалаан Кэтириин диэн ааттыыр дьахтардара эрчимнээх аҕайдык курбалдьыйан киирэн кэллэ. Дьиэ уҥа өттүгэр ааста, онтон төттөрү силбиэтэнэн кэллэ да, үөс-батааска биэрбэккэ, миигин түөскэ анньан кибилиннэрдэ. Буор муостаҕа ыарыылаах аҕайдык «лах» гына олоро кэлэн түстүм, кэтэхпин сыҥаһа орон кырыытыгар быһа анньан кэбистим. Сонно тута сүнньүм устун итии хаан сүүрэн түһэрэ билиннэ. Маҥнай утаа бу туох буоллаҕай диэн соһуйдум, онтон кэтэхпэр тириэрдибит ытыһым тилэҕэ, тарбахтарым кыа хаан буолбуттарын көрөн, ыарыыбын тулуйбакка сыҥырҕаан баран устунан ытаатым. Ол ытыы олордохпуна Сөмүйээн Сэмэн диэн эмиэ Уохаларга дьукаах оҕонньор кэлэн, уҥуох сула илиитэ титирэстии-титирэстии, хонноҕум анныттан тардан туруорда.
– Бу эн туох буруйдаах бэйэтэ арыычча сылдьар оҕону түҥнэритэ кэйиэлиигин, доҕор? – диэтэ.
– Ити дьон кэбин кэтээри сылдьан, туох уруута-аймаҕа буолан сыҥсыйар кини?! – Хаалаан Кэтириин хабырдык саҥарар.
– Ону эн билэҕин! – Сөмүйээн улаханнык кыыһыра быһыытыйда.
Сэмэн оҕонньор уҥа диэки сиэтэн аҕалан баран, холто буолбут былаатын суулуу тутан, кэтэхпэр ырдьайбыт бааһым оннун саба баттаан имэрийдэ, хараҕым уутун ытыһын кырыытынан сотон, кыҥначчы барбыт былааппын көннөрөн биэрдэ, лаҕыай курдук муостуйа чэрдийэн, хатыран хаалбыт болторуспут сүһүөхтэрдээх тарбахтарынан икки ытыспын эр-биир туппахтаан имэрийэ олорон:
– Бу баар дии дьолуҥ… – дии-дии, миигин алы гына сатаан, ытыһым ортотун сөмүйэтинэн баттыалыы-баттыалыы: – Хойут элбэх ыччаттаах буолууһуккун ээ дьэ… – диэн ботугуруур.
Сөмүйээн саҥарбыт саҥата, били Өлөксөндүрүөп оҕонньор эппит тылларыныы, тоҕо эрэ эмиэ өйбөр-санаабар умнуллубаттык олорон, иҥэн хаалбыттара. Сир түннүгэ кырдьаҕас оҕонньоттор көннөрү киһи билбэтинэн-көрбөтүнэн туох-туох дьоҕурдаахтарын ким силигин ситэри сыныйан билиэ баарай…
Миигин түҥнэри анньыбыт дьахтар, туһугар киһи ылбычча өйдөөбөт бэрт дьикти майгылаах, уот татакай тыллаах Хаалаан Кэтириин, хайдах киирбитэй да, ол курдук тахсан барда…
Сөмүйээн бэйэтэ бас билэр «аһыттан» өлүүлээн, сиҥэ кутан биэрдэ. Сиҥэ сылбырхай уу буолбатах, хончоҕорбун иҥнэрэн баран Элтэкэлэрбэр таҕыстым.
Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан күнтэн-күнү кээрэтэн син сырыттым. Сотору аргыс көстүбүтүгэр Чохооччуларбар төнүннүм.
Ырыганнаабыт сылгы күөх от бытыгыраатаҕына ордук охторун курдук, саас онно-манна киһи өлүүтэ өссө үксээтэ. Арай ийэ айылҕа барахсан, туох да буолбатаҕыныы, наҕыллык, отун-маһын ириэрэн, сылытан, күн уотунан сыламнатан таһаарбыт көймөстүгэс көй салгына ордук тупсан, эбии ылааҥытыйан, сылыйдар сылыйан, ичигэс илгэ тыына күүһүн-уоҕун сэмээр ыллар ылан, кэлиэхтээх кэм кэллэр кэлэн истэ. Туллуктар халыҥ үөрүнэн биир кэм тырыбынайа, кылбаара көттүлэр.
Хайыы-сахха муус устар саҥата тураах кэлэн дааҕырҕаата. Сотору маҥнай утаа кини аҕай буолан ырааҕынан дьоһумсуйа көппүтэ тохтоон балаҕан таһыгар, балбаах үрдүгэр сохсойон олороро үксээтэ. Дьон: «Быйыл саас хайа да сыллааҕар эрдэ кэлэр чинчилэннэ», – дэһэллэр. Бэл үгүс сыл хаарын-самыырын элбэҕи эт санныларыгар уулларбыт, тоҥхойо кырдьыбыт кырдьаҕастар бу курдук саас эрдэлээбитин билбэттэрин, күн-дьыл эргиирэ дьиктитийбитин түөһэн кэпсэтэллэр. «Арай бэстилиэнэй тыһыынча түмүгэр үс сайын, үс кыһын биирдэ үүнүө…» – диэн түҥ былыргылар түүйбүттэрин, билгэлээбиттэрин баатыгарын ол чугаһаабыт туоһута буолуо дэһэн арааһы ыаһахтаһаллар.
* * *
Боруллуолаах эбэ өтөҕөр биир күн киэһэ дьыбар түспүтүн кэннэ Төрдүс Тоҕус нэһилиэгиттэн, «Свердлов» аатынан холкуостан сыарҕалаах аттаах киһи сыыйылыннаран кэллэ. Чохооччулартан кыһын айахтаппыт сүөһүлэрин аҕалтара ыыппыттар. Ыалдьыт аата Таһарахтыыр уола Ыкынаачай диэн. Борук-сорукка хас хамсаннаҕын аайы көтөөрү гыммыкка дылы эйэҥэлии сылдьар сыҥаахтаах нэк буолбут үүс бэргэһэтин устубутугар өйдөөн көрбүтүм, сааскы салгын харааччы сиэбит сирэйдээх букатын эдэр уол эбит, ол эрээри тыла-өһө кырдьаҕас киһилии лоп бааччы. Өссө «Свердлов» холкуоска сүөһү биригэдьииринэн үлэлиир үһү. Отой хойут хонуктуу кэлбит киһи тута утуйар таҥаһын киллэрэн, уораанын таһаараары, адарай ороҥҥо тарҕаччы тэлгэтэн кэбистэ. Моотор оҕонньор ойоҕо Өкүлүүннүүн Бэтигэ огдообо кыыстарыгар Оппуруоһаҕа бараннар суохтар. Мотуруун кыргыттара, холкуос ыанньыксыттара, сүөһү төрүөҕүн уотаҕата буолан түбүктэн ордубат дьон, Алааска үрдүттэн сылдьаллар, солбуһа-солбуһа, дөрүн-дөрүн эрэ кэлэн, биллэн бараллар. Онон биһиги балаҕаммытыгар үһүөйэхпит, бэйэбит эрэ.
Таһарахтыыр уола типээх тэллэхтээх, саҥа сириллэн тигиллибит куобах суорҕаннаах, силигин ситэрэн кус түүтэ сымнаҕас сыттыктаах. Мин көрдөхпүнэ, бэрт мааны уол. Ыкынаачай дьиэлээхтэри кытта ону-маны баллыгыраһан уһуннук олордо. Кэпсэтиилэрэ үксэ холкуос үлэтин-хамнаһын, быстарбыт, хоргуйбут дьон туһунан.
Ыкынаачай аҕыйах хонуктааҕыта «Свердлов» холкуос киинигэр Айдаҥҥа чугаһаан иһэн киһи охтубутун суол кытыытыгар хаарынан хаһыйан кэбиспиттэрин ыттар хаһан таһааран сии сыталларын чоттообутун кэпсиир.
Хоргуйан суолга быстарбыт сонун буолбатах күннэрэ-дьыллара. Өлбүттэри дьоҕойон аатыгар эрэ харайаллар.
Дьаһалта биир эмэ киһини соруйан ат дуу, оҕус дуу сыарҕатыгар сылбах курдук тиэйэн илдьэн үксүн сиилэс уҥучаҕар үҥкүрүтэн кэбиһэллэр. Бүттэҕэ ол. Өссө «табыллыбыт» киһиҥ оннук хараллар, көмүс уҥуоҕа ханна хаалбыта син биллэр, сорох отой да суор-тураах, ыт-кус аһылыга буоллаҕа ол.
Ыкынаачайдаах кэпсэтэллэрин истэн, испэр сүрдээҕин салла саныыбын. «Аны мин эмиэ ол курдук ыйаахтанарым буолуо…» – диэн куттанабын. Ыалым аах холкуостарын салалтата мөлтөҕүн аһаҕастык саҥарсаллар. Чохооччу сирэй оһох иннигэр талах олоппоско тобук тардыстан олорон, табааҕа бүппүтэ быданнаабыт киһи, кураанах хамсатын си буолуохтааҕар соппойбохтуур.
– Бурдугу, балыгы дьоҥҥо саатар кыралаан өлүүлээн түҥэппэккэ, тыҥырахтаахха тыыттарбакка, үлэһиттэригэр өлүүлээн аһаппакка, салайааччыларыҥ: «Барыта боруон туһа, төрүт тыытыллыбат», – дэһэ-дэһэ, ыскылааттарыгар, ампаардарыгар чып хатаан сытыараллар. Ол эрэн сир-буор аннынан иһиттэххэ, бэйэлэрэ баҕас мэҥийэр дьон быһыылаах. Ким да үҥсүбэт, куттал диэтэҕиҥ. Хата бэйэҕин тугунан эмит олуйан, эрийэн, эргиллибэт, төннүбэт сиргэр түргэнник утаарар дьон ини, – оҕонньор, кэлэйбитин биллэрэн, чыпчырынан ылар.
Ыкынаачай кэпсэли истэн:
– Сүрүн, доҕор… Кырдьык, араас кэпсэл баар, – диир.
– Холкуос үлэһиттэрэ хоргуйан харахтара хойуоран, сирэйдэрэ иһэн сырыттахтарына, дьонуҥ хата сааскы үргэммитинэн анды курдук ыыс араҕас моҕохтоох мотоһоллор, – кэпсэтиигэ аны Мотуруун эмээхсин кыттыһар.
– Биһиэхэ «Свердлов» холкуоска дьэ оннук суох. Бэрэссэдээтэлбит Саабынаба Өлөксөөндүрэ Борокуоппайабына аһы-үөлү эргитэр. Быйыл үүммүт бурдугун көрөн-истэн, сөп-сөп түҥэтэн биэрбитэ. Ол оннугар ыһыытын бурдугун Хампаттан, нолуогун балыгын хамнаабат буонда харчытын сороҕунан Халбаакыттан эбии атыылаһан ылбыта. Муҥхабыт балыгын эмиэ дьонугар дэлэйдик түҥэппитэ, онон баччааҥҥа диэри туох көстөрүнэн уос-тиис тииһинэн кэм этэҥҥэтэ курдукпут.
Дьонум ону-маны кэпсэтэн, сээкэйи баллыгыраһан син олорбохтоһо түстүлэр. Мотуруун мунду булкаастаах тардаах үөрэтин сылыппытын хамыйаҕынан булкуйар, остуолга таас чааскылары аҕалан уурталыыр.
Ыкынаачай:
– Аппын ханна аһатабын? – диир.
– Тыый, тоом, сүөһү далыгар кыбыыттан от ылан тэлгэтэн аһаттаҕыҥ дии… – Чохооччу хардара охсор.
Ыкынаачай тахсан сойбут атын сыбыдахтаан далга ыытан киирдэ.
– Отуҥ күөх баҕайы от эбит дии, көлө абыраныыһык, – уол өйүөлээх мөһөөччүгүн сүөрэн бүтүн лэппиэскэни хостоото, сиикэй ынах арыылаах, үчэһэҕэ буспут хас да лэһигирэс соболоох. – Маны бары сиэххэйиҥ, – аһын ньолбоҕор сирэйдээх остуол үөһэ уурда. Онтон дьиэлээх эмээхсин куппут хатыҥ үөһэ чэйин, итиитэ бэрдин иһин, уоһун сиэтимээри бурулаччы үрэ-үрэ, харахтарын симириҥнэтэн сэмээр сыпсырыйан иһэ-иһэ: – Кэнээрэп Бүөтүр балта бу диэки эргин сылдьар диэбиттэрэ. Хайа ыалга баарын билэҕит дуо? – диэн ыйытта.
– Онтуҥ бу олорор дии, – Мотуруун эмээхсин хомуоһунан нэлэгэрдэргэ үөрэтин кута туран сэҥийэтинэн ыйар.
– Ээ, мин бу оҕону эһиги аймаххыт оҕо буолуо диэммин отой да аахайбаппын, – Ыкынаачай миигин, саҥа көрбүт киһилии, сонурҕаабыт хараҕынан одуулаһар. – Кыра киһи эбиккин дии, мин обургу кыыс буолуо дии санаабытым ээ. Өлөксөөн ийэтэ Саабынаба Маарыйа Кэнээрэптэр кыыстарын хайаан да булан илдьэ кэлээр диэн миигин өссө соруктаах ыыппыта, – Ыкынаачай көрдүөхтээх, өссө булан аҕалыахтаах киһитэ дөбөҥнүк көстүбүтүттэн эгэ-дьэгэ буола түстэ. – Ээ, өстүбэһи, Маарыйа оҕону көрүстэххинэ биэрээр диэн сээкэй ыыппыта… – инньэ диэт, уол таска тахсан сыарҕатыттан маҥан өҥнөөх мөһөөччүк тутан киирдэ. – Дьэ мантыгын аһаа, ордугун сарсын аара ыһык гынан сииргэр илдьэ бараар, – уол мөһөөччүгүн туттаран кэбистэ.
Мин ботуоҥка быатын сүөрэн көрбүтүм, улахан хобордооххо буспут бүтүн лэппиэскэни түөрт гына чиэппэрдээн, сиикэй ынах арыытынан халыҥнык ньалҕаарыччы биһэн баран үрүт-үөһэ дьаптайан укпуттар. Аспытын бары үллэстэн, үөрэбитин сабдыгыраччы иһэн бэркэ аһаатыбыт. Аһыы олорон дьонум эмиэ кэпсэтэн айахтара хам буолбат. Мин ону бэркэ сэргээн истэн олорон, нэчимиэн бурдугуттан буспут минньигэс да минньигэс ирээт лэппиэскэбин мотуйабын, өтөр-наар сиэбэтэх элбэх лэппиэскэбин астына сиэтим.
Чохооччу уонна Таһарахтыыр уола Ыкынаачай аһаан бүтэн баран өссө да наҕылыччы, уостара сөллөн, арааһы ыаһахтаһан уһуннук олордулар. Мотуруун иһитин сайҕаталаата. Онтон сотору, сирэй оһох уота-күөһэ сөҕүрүйүүтэ, дьонум ороннорун оҥостон бары сыттылар. Өтөр үтүктүспүт курдук муннулара тыаһаабытынан барда.
Мин тоҕо эрэ уум кэлэ охсон биэрбэтэ. «Сарсын туох, хайдах дьоҥҥо барабын…» – диэн испэр долгуйа саныыбын. Ыкынаачай кэпсэлиттэн «өҥнүк-тоттук» олорор сурахтарын истэн эмиэ да уоскуйабын. «Итиччэ ыраах, отой чиэски сиргэ баран хаалан баран хайдах төннөн кэлэрим буолуой…» – диэн эмиэ да саарбахтыыбын.
Балаҕан иһэ лаппа хараҥарда. Сирэй оһох чоҕо, уус күөрдүн курдук кытаран, күөдьүйэн кэлэ-кэлэ кыыһа сытта. Ол эрэн кини да улам-улам мөлтөөн сүксү буолан умуллан хаалла. Сөрүүдүйэ оҕуста. Хараҥаҕа кутуйах, тохтоон тыас иһиллэнэн ыла-ыла, тугу эрэ хачыгыратара-кучугуратара иһиллэр. Бииртэн-биир санаа ытылҕаныгар арааһы эргитэ саныы сытан устунан утуйан хааллым…
Сарсыарда ааттаах эрдэ Мотуруун эмээхсин оһоҕун оттон букунайар тыаһыттан уһугуннум. Таас бөдөҥ
үлтүркэйдэрин туоска самаан аттаран тикпит түннүктэринэн көрдөххө, халлаан бүдүк-бадык сырдаабыт. Сотору эһэкээн күөдьүйэн, күлүбүрүү умайан, күлтэйбит дьэс алтан чаанньык оргуйан, үрүҥ чаанынан уһууран, хаппаҕа лабыгыраата. Эмээхсин анал мэчикээҥҥэ уура сылдьар чэриититтэн кымаахтаан ылан чаанньыгар кутта. Чэрии сааскы силигилии тыллан эрэр тыа сытынан балаҕан иһин тунуйан кэбистэ.
Чохооччулаах Ыкынаачай утуу-субуу турдулар. Арай Чохооччу этэрбэһин кэтэн иһэн: «Һоок!» – диэн саҥа аллайа түстэ. Мин соһуйан мэктиэтигэр ходьох гынным. Оҕонньор атаҕын таҥаһын муостаҕа бырахта, онтон өй ылан этэрбэһин айаҕын хам тутан баран, таба тылын курдук эйэҥэлээбит сотолоох куллукалаах аҥаар атаҕынан үөхсэ-үөхсэ үктүөлээтэ. Инньэ гыммытыгар кутуйах чыбыгыраата, таба үктэнэн өллө быһыылаах, саҥата сүттэ. Этэрбэһин таҥнары туппутугар күтүр баҕайы бороҥ өҥнөөх өлбүт кутуйах буор муостаҕа «лис» гына түстэ. Биһиги бары күлүстүбүт. Чохооччу сонньуйан, устунан күлэн абына-табына сэҥийэтин бытыга сэпсэҥэлээтэ.
– Оҕонньор обургу хара сарсыардаттан бултуйбутунан турда ээ… – диир Ыкынаачай. Бэйэтэ таҥнан хачыгырайа охсон тахсан атыгар от быраҕан хабыалатан киирдэ. Мин муннукка турар туос чабычахха уу омурдан ыла-ыла сууннум, былааппынан сирэйбин-харахпын сотуннум.
Чэйдээн бүттүбүт. Таска тахсыбытым, халлаан ып-ыраас, дьэп-дьэҥкир, сөп-сөрүүн, дьоҕойон илин саҕах диэки ытыгыраабыт чараас үрүмэ, итир былыттар, хайа диэки устуохтарын билбэтэхтии, биир сиргэ ыйанан тураллара көстөрө. Илин саҕахтан саҥа тахсан эрэр сааскы күн киһи хараҕын саатырдан сып-сырдыгынан чэмэлийэрэ. Күнүс күүскэ уулларар чинчилэммитэ тута биллэрэ.
Бараары, айаннаары тэринии буолла. Сып-сырдык сарпа сарадах сардаҥалар туос түннүк таастарын курдаттаан буор муостаҕа сараадыччы тыкпыттара ураты кэрэтик ойууламмытыгар дьиэ иһинээҕи сүпсүлгэҥҥэ ытыллыбыт быыл уҥа-хаҥас устаҥныы, ирбинньиктэнэ оонньуура.
Ыкынаачай сыарҕатыгар от тэлгээтэ, ынаҕын сэтиилэннэ. Мин Чохооччуларбыттан барарбыттан хайдах эрэ тардыстар курдукпун. «Свердлов» аатынан холкуоска урут хаһан да сылдьа илигим. Туспа нэһилиэк.
Чохооччу:
– Чэ үчүгэй баҕайытык, этэҥҥэ сырыт. Суол манан алдьаннаҕай, биир эмэ сырыы баар буоллаҕына кэлсиэҥ буо. Алааска, Бэтигэ ынах айахтаабыт дьон уонна сээкэй сорукка да сыбыытаһааччылар өссө да кэлиэхтэрэ, – диир.
Оҕонньор саҥатын истэн, чэчиэккэтин холунун чиҥэтэ тарда турбут Ыкынаачай:
– Маарыйа эмээхсин ыытара биллибэт, кэллэҕинэ бэйэбэр олордуом диэбитэ… Быйыл кыһын Сөдүөччүйэ диэн төрүөҕүттэн аһаах кыра кыыһа ыалдьан өлбүтэ, – диэн кэпсиир.
– Муҥнааҕы… Оттон оннук буоллаҕына, олордор эрэ буоллаллар, саатар эрэ хата өҥ-тот соҕус сиргэ сылдьыаҥ, —
диир Мотуруун.
Урааннаах уһун кыһыны быһа биир балаҕаҥҥа кыстаабыт дьонум миигин атааран бүтэйдэрин айаҕар наҥнаһан турбутунан хааллылар…
Ыкынаачай миигин сыарҕаҕа олорто, буоһаны туттарда, бэйэтэ тыһаҕаһын үүрэн кэннибититтэн батыста. Чохооччулаах кыстык балаҕаннара баар Боруллуолаах эбэттэн үс-түөрт биэрэстэ курдук тэйиччи сытар Сыралта күөлүгэр диэри Ыкынаачай сатыылаата, онтон Сыралта эбэни ортолоон истэхпитинэ, сүөһүлэр кудуччу хаамар буолбуттарыгар сыарҕаҕа олордо.
Күн үөһэ тэмтэйээтин ириэрбитинэн барда. Халлаан ичигэһэ, күн уотун сырала сүрдээх. Дьэргэлгэн биир кэм ирбинньиктэнэн олорор. Ыкынаачай саҥаран баран кэлээр диэбит киһилэрэ быһыылаах, айаҕа хам буолбат. Мин бэлэм кэпсэли истэ эрэ иһэбин, ардыгар олоҥхоһуту күөртүүр киһи курдук сэҥээрэн ылабын.
Икки аҥаар көс курдугу айаннаан Оттоох эбэҕэ киирдибит. Эйэҥ өтөҕөр тохтоотубут. Сүөһүлэр сыарҕалаах оттон сиэтилэр, аппытыгар эмиэ от хаптардыбыт, аара чалбахтан уулуу иһэллэр. Сирэй оһоҕу оттон, солуурчахха сиҥэ уутун баһан чэй өрүнэн чэйдээтибит, ыһык лэппиэскэбитин сиэтибит. Сып-сап өл хабан баран салгыы айаннаатыбыт. Мантан антах мин билбэт, сылдьыбатах сирим-уотум саҕаланар. Уһуннук хоройон олорортон сылайан, ботуоҥкам үөһэ өттүгэстээн да ылабын, көһүйбүт атахтарбын көннөрөөрү түһэн хааман да ылабын. Ботуоҥкабар Дьөрөөмө биэрбит элэйэн тилэҕэ тэстибит ынах этэрбэһэ, били уокка сиэппит ийэм тикпит кэтиинчэлэрим осторо, дьонтон бэриһиннэрбит сээкэй таҥас дуомнааҕым бааллар.
Ыкынаачай этэринии, халлаан бу күн букатын балдыгыраччы ириэрдэ. Бэтириэстээх сыарҕа сыҥааҕа сорох хотоол сиргэ ууну-хаары хааһы курдук ытыйан холдьугуруу сыыйыллар. Аҥаар муоһа төрдүнэн тостубут Ыкынаачай ынаҕа тыһаҕаһынаан кудуччу хаамаллар, арааһа, дойдуларыгар баран иһэллэрин кинилэр эмиэ биллэхтэрэ, сэрэйдэхтэрэ.
Аара сорох күөллэргэ, үрэхтэр баҕарахтарыгар хаһан аһыы сылдьар сылгы үөрэ онно-манна элбэх. Биһигини көрөн олоотоомохтоһон ылаллар. Үөрдэр атыырдара хойуу кутуруктарынан уҥа-хаҥас дэйбиирдэнэн, уһун сиэллэрин үргэҥнэтэ ыспахтаан, көҕүллэрин быыһынан күр-дьүөтээбиттии одуулаһа-одуулаһа, тэбэнэтирэн тойтохоччуйа сүүрбүт кулунчуктаах биэлэрин биир сиргэ торутан, бугуйан баран тула сиэлэн ыһыллаҥхайданаллар, дьэргэлгэҥҥэ араастаан улаатан кэлэ-кэлэ, уҥа-хаҥас устаҥнаһаллар…
Күнүс күүскэ сылыйан уу-хаар лаппа таҕыста.
Ыкынаачай ол-бу диэки хантаарыҥнаан мылаарыччы көрө-көрө:
– Дьэ, Аана, үчүгэйдик көрө-истэ ис, хайа эрэ чалбахтан хайаан да көҕөн көтүө, – диир.
– Ама баччаҕа кэллэҕэй, арыый эрдэ ини…
– Ээ, кэлэн-кэлэн, хомурах көҕөнө чалбах таҕыста да кэлэр. Бэҕэһээ туруйа хаһыытын истибиттэр этэ…
– Ама дуу?..
– Кырдьык, кырдьык… – биһиги сээкэйи буолары-буолбаты ыаһахтаһа, кэпсэтэ иһэбит.
Үрдүк кырдал, сыыр сирэйэ онон-манан ынах эриэнин курдук хараарталаабыт, дөрүн-дөрүн илбийэн ылар сиккиэр тыалга охсуллан, кытыан, отон уктаах халдьаайы саалын харалдьыгыттан ирбит нүөл сир сыта биллэн ааһар. Күөл тумуһахтарыгар түптэ буруотун курдук будьуруйа ытыллыбыт хойуу талахтарга хабдьылар хатанан олорон, үнүгэс үүммүтүн ылҕаан ыбыгыраталлар, ылааҥытыйан нэһирбиттэр быһыылаах, ыксаларынан да аастахпытына үргэн көппөттөр, олорбутунан аһыы хаалаллар, айан суолун эҥэлэйин, күн уота быһа сиэн таһаарбыт кумаҕын хаһан тибилийэ-тибилийэ, таастаан сии-сии, сиигирбит бээдьэй этэрбэстээх атахтарынан түөрэҥэлэһэ хаамсаллар.
Күүппүт, кэтэспит киһи санаабар бэрт уһуннук айаннаан, Киристиэп таҥара саҕанааҕы сааскы күн арҕаа саҕах кэтэҕэр кытара кыыһан киирбитин кэннэ биирдэ, боруор-ириэр буолуута, Быркылаах диэн дьоһуннаах эбэ тэҥкэ тиит тумуһах тыатын мүччү түһээппитин, «Свердлов» аатынан холкуос былыргыта Аартык баай өтөҕөр олорор ыалларын дьиэлэрэ көһүннүлэр. Күнүс нэһирэн, наар соруттара испит аппыт, хонук сиригэр чугаһаан, туйахтарын тыаһа эрчимирэн биир кэм хобургуур. Сүөһүлэр күөх сайыны атаарбыт эбэлэрин ходуһатыгар үктэнэн маҥыраһан ыллылар. Халлаан халлан, дьыбар түһэн тымныйда, кыратык тоҥнум, дьагдьайа быһыытыйдым. Били баарыын күнүс күн оройугар сиккиэр тыалга эрэһэ долгуннарынан эймэһийэ оонньуу сыппыт чалбахтар, үүт үрүмэтинии, чарчыйа тоҥон хааллылар.
Хоочугуратан-хаачыгыратан кэлэн биир ампаар дьиэ айаҕар тохтоотубут. Ыаллар ыттара биһигини тула көтө сылдьан үрэн моргустулар. Ордук биир алаа харахтаах, сэксэйбит түүлээх эриэн ыт сүрдэнэр. Атыҥыраан ытырыа диэн дьиэс-куос тутуннум. Ыкынаачай чоттоото, уолу билэ охсубут ыттар эмиэ да эккэлээн эйэҥэлэһэллэр.
Дьиэттэн, биһиги кэлбиппитин түннүгүнэн көрөн, биир сүрдээх улахан уҥуохтаах, эр киһи курдук дараҕар сарыннаах эмээхсин сүөдэҥнээн таҕыста. Сыарҕа ыксатыгар ыттартан куттанан дьороллон турарбын көрөн:
– Оо, бу муҥнаах хата кэлсибит дии. Тоҥон иэдэйбит буолбаат? Дьиэҕэ киир, тоом. Мин билигин ынахтарбын оннуларын буллартаан, баайталаан баран киириэҕим… – бэйэтэ тиэтэйэ-саарайа, ити курдук чугас далга орулаһа-орулаһа кэйсэн дьирэҥкэлэһэ сылдьар сүөһүлэригэр барда.
Ыкынаачай атын сиэтэн дьиэлээн иһэн:
– Чэ сити курдук… – диэтэ уонна, умса түспүт нэк бэргэһэтин өрө анньына-анньына, көһүйбүт атахтарынан көһүүннүк түөрэҥэлээн, сүөһүлэрин кытта бара турда. Били сэксэйбит түүлээх, алаа харахтаах ыт, бу киһини үрэн да туох ас тахсыаҕын диэбиттии, оҕуруот муннугар чэпчэтинэ түһээт, уол кэнниттэн саппай уопсан ньохоохтоото…
Эмээхсин эппитин хоту саадьаҕай ынах тириитэ бүрүөһүннээх халҕаны аһан дьиэҕэ киирдим. Искэ киирээт, былааппын сүөрэн уһуллум. Хас да кыраһыын лаампатын чэмэлкэй сырдыгар түбүгүрэ сылдьыбыт дьиэлээхтэр болҕомтолоро барыта миэхэ түмүлүннэ. Сүрдээх судургу, бэрт майгылаах дьон буолан биэрдилэр. Тула түһэн ааппынсуолбун ыйыталаспытынан, өрдөөҕүттэн билэр оҕолорун курдук кэпсэппитинэн-ипсэппитинэн бардылар. Бэйэ-бэйэлэрин ыҥырсалларынан ааттарын тута билэттии оҕустум.
– Сөбүлэһэн кэлсэрэ буоллар бэрт буолуох этэ диэбитэ Маарыйа. Хата кэлсибиккин дии, – Маарпа диэн ыҥырар саас ортолоох дьахтардара көх-нэм буолар. – Кэнээрэбэ Маарыйа кыыһа, Хара Өлөксөй оҕонньор сиэнэ буоллаҕыҥ.
– Ыраах айаҥҥа бу дьыбарга тоҥноҕо, – дьиэлээх эмээхсин кийиитэ Огдооччуйа болҕойон ахан баспыттан атахпар диэри дьиктиргээбиттии көрөн турар. Мин таҥаһым-сабым да араас самыы ууруу абыраҕа-ибирэҕэ элбэҕэ, илдьиркэйдэнэн, салбырҕастанан, сарбынньахтанан түһэн сүрдээх көстүү буоллаҕа…
Бу ыккардыгар Маарыйа эмээхсин хотонуттан киирдэ.
– Хайа, тоом, сыгынньахтаныый, итин… – бэйэтэ эмиэ тастан киирбит киһи сонун, былаатын аан чанчыгар көхөҕө иилэн ыйаата. Онуоха чугастан дьүһүнүн-бодотун дьэ үчүгэйдик сыныйан көрдүм: төһө да бөдөҥ, киппэ көрүҥнээҕин иһин сүрдээх оттомноох, номоҕон, ис киирбэх сырдык сэбэрэлээх эмээхсин эбит.
Өс хоту тас таҥаспын, халтаҥ соммун уһуллум. Эмээхсин дьиэ уҥа өттүгэр баран чэй бэлэмнээтэ.
Икки ыал дьукаахтаһан олороллор эбит. Лобоой Ньукулай урукку, арахсыбыт кэргэнэ Маарпа (Силбэх) уолун Ньукулайы (Чукчакыын), иитийэх кыыһа Киристиини кытта уонна Саабынаптар бэйэлэрэ.
Сүөгэйдээх лэппиэскэни мотуйдум, хойуу үүттээх лааппы чэйэ чэйдээх итии чэйи бурулаччы истим, куйуур соботун үөлбүттэрин сиэтим. Маарыйа эмээхсин, мин кимири-хомуру аһыырбын көрөн олорон, аһынан саҥарар:
– Һэ дьэ… муҥнаах… этэ-сиинэ уостан түһэн хачаайытын. Хата хайдах быстаран хаалбакка сылдьаахтаабытай? Кинитээҕэр буолуохтар суолга охтубуттара элбэх ээ. Киһи сырыттаҕына сылдьар диэн итини этэллэр. Хойут киһи төрдө буолаары аан дойдута барахсан араҥаччылаатаҕа. Оттооххо охтубуккун Дьөрөөмөлөөх булан өрүһүйбүттэр этэ дии. Хоноһолоох манна сылдьан кэпсээн ааспыттара. Дайыылалаах дьон да бөҕөлөөхтөр эбит ээ, оҕону сир-халлаан ыккардыгар быраҕан барыы диэн. Ол кэннэ дьэ хайдах санаа баттыгаһа суох олох олорор урааҥхайдарый? Оо, эҥин арааһы киһи истэр. Тиийиммэт-түгэммэт, иннэ-кэннэ биллибэт буолбут, күннээҕинэн кээрэтиллэр саараҥ олох киһи майгытын-сигилитин кытта уларытар.
Сүөгэй сиэбэтэҕим ырааппыт киһи үрүҥ ас үтүөтүн лэппиэскэнэн уймаан аһаатым, дьагдьайбытым тута ааһан хаалла. Маарпа уола Чукчакыын Балаҕаччы оскуолатыгар үөрэнэр үһү. Өрөбүлүгэр кэлэн хонон-өрөөн барар эбит, миигин кытта араа-бараа саастаах. Маарпа бастакы кэргэниттэн үстэ оҕоломмут. Аччыгый уол Сэмэн сэриигэ бараат да сотору өлбүт, бу сыл тохсунньутугар ийэлэрэ хара сурук туппут. Улахан уол Ньыыкан, орто уол Сүөдэр эмиэ боруоҥҥалар. Ньыыкантан өтөрдөөҕүтэ сурук кэлбит. Кыыһа Өрүүнэ кэргэннээх, Балаҕаччы балыыһатыгар асчыттыыр.
Маарыйа эмээхсин буоллаҕына биэс оҕолоох: икки уол, үс кыыс. Улахана Кыра Баһылай ойохтоох, оҕолоох. Холкуос булчута. Айдаҥҥа туһунан олорор эбит. Иккис уол Ылдьаа, кэргэнэ Огдооччуйаны кытта холбоспуттара ырааппыт да, оҕолоро суох. Огдооччуйа кытта төрөөбүт суруһун Баһылай (Баһыычаан) диэни бэйэтин аннынан суруттарбыт.
Икки уол кэннэ утуу-субуу түөрт кыыс төрөөбүттэр. Улахан кыыс Маарпа Балаҕаччы интэринээтигэр сопхуостуур эбит. Кэргэнэ Дьаакыбылап Борокуоппай диэн киһи сэриигэ ыҥырыллан бараат, эмиэ уһаабатах. Иккис кыыс Өксөөн – «Свердлов» холкуос бэрэссэдээтэлэ. Үһүс кыыһа Сөдүөччүйэ уһуннук ыалдьан баран быйыл кыһын өлбүт. Тыккыр Маарыйа диэн ааттыыр кыра кыыһа холкуос суотчута, үстээҕэр ийэлэрэ улаханнык ыалдьан, бэйэтэ этэринэн, аны ийэтэ суох тулаайах хаалыа диэн чугастык билсэр, «эн-мин» дэһэн олорор ыкса ыалларыгар Уйбаныап Дьэримиэйдээх диэҥҥэ ииттэрэ биэрбит.
Лаппа хараҥаҕа холкуос араас иирбэ-таарба үлэтигэр үлэлиир, Маарыйа эмээхсин суруһа Улахан Баһылай, уола Ылдьаа кэлбиттэригэр аны хонук аһылыкпытын собо сиэтибит. Баһылайдаах Ылдьаа иккиэн сүрдээх эйэҕэс-сайаҕас майгылаах дьон.
Утуйуу буолбутугар Маарыйа эмээхсини кытта кус түүтэ бэриинэлээх саха ууһа оҥорбут киэҥ оронугар атахтастыбыт. Мин улаҕа сыттым. Куобах суорҕан сылааһа, сымнаҕаһа бөҕөтө.
…Сарсыарда түннүк чарапчытыгар түспүт чооруостар чыбыгыраһар саҥаларыттан уһуктубутум, дьиэлээхтэр, үлэлээх дьон бары үлэлэригэр баран-кэлэн хаалбыттар. Маарыйа эмээхсин түбүгүрэн ырааппыт, хотонуттан ынахтарын ыан киирбит, хаҥас остуолга хатыҥ ытыгынан күөрчэх ытыйан күрдьүгүнэтэр.
Туран таҥнаары гыммытым, киэһэ устубут таҥаһым суох. Арай талах олоппос үөһэ, суол-суол сааһылаан, саҥа таҥас уурбуттар. Мин төбөм эрэ көстөн, суорҕаммын бүрүнэн ороммор олорорбун көрөн, эмээхсин:
– Тоҕойуом, ити таҥас бэлэмнээбиппин итини таҥын, – диэтэ.
Ылан көрбүтүм, ис таҥас, ыстаан, уһун ырбаахы, халтаҥ сон бааллар, саҥа тигиллибит, бэл кэтиллибэтэх кэтиинчэлээх этэрбэстэр олоппос анныгар өйөннөрүллэн дьоройбуттар.
Сууммутум кэннэ Маарыйа ып-ыраас соттор аҕалан биэрдэ.
– Маны бэйэҥ соттор гын, – диэтэ.
Сотторум ырааһа бэрдиттэн мэктиэтигэр сэрэнэ-сэрэнэ сотуннум.
Остуолга олорон чэйдээтибит. Отоҥҥо буламмыт минньигэс да минньигэс күөрчэх, чэй, эбиитин куртуйах этин хоторон, миинин чохоолго кутан биэрдэ.
Чукчакыын сарсыарда ааттаах эрдэ туран Балаҕаччыга үөрэҕэр барбыт. Нэдиэлэ бүтүүтэ субуота киэһэ биирдэ кэлэр үһү. Үөрэнэр сирэ мантан икки көстөн ордук.
Маарпа кыыһа Киристиинниин, маҥнай утаа симиттибиппит ааһан, күө-дьаа кэпсэттибит. Миигиттэн биир сыл аҕа кыыһы Модут нэһилиэгиттэн аҕалан ииттибит. Эмиэ тулаайах. Эдьиийдэрдээх үһү да, кыайан тиийинэн бииргэ бөрөһөн олорор кыахтара суох буолан, ыал-ыал аайы арҕам-тарҕам ыһыллан хаалбыттар. Быркылаахха кэлэн олорбута хас да сыл буолбут. Киристиини кытта икки тулаайах дьон уот ааныттан сүрдээҕин табыстыбыт…
Дьэ бу курдук мин Саабынаба Маарыйа эмээхсиҥҥэ иитиллэн, киниэхэ оҕо буолан саҥа олохпун саҕалаабытым. Эмээхсиҥҥэ кэлиэхпиттэн хоргуйар, быстарар диэни билбэтэҕим. Үлэҕэ сылдьан күннээҕинэн аччыктааһын, тоҥуу-хатыы диэн ол аахсыллыбат. Маарыйа барахсан букатын бэйэтин оҕотун курдук тутан, сыһыаннаһан, аһыырыттан аһатан, таҥнарыттан таҥыннаран, уруккум курдук, ханна да мээнэ, кумалаан кэриэтэ, ускул-тэскил, атах балай, холкуостан холкуоска, ыалтан ыалга барарым-кэлэрим тохтоон биир сиргэ олохсуйбутум…
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.